скачать книгу бесплатно
– Бииргэ ??рэммит дьон этибит дии. Онон…
– “О?о сааскытын сана?ыаххыт” этэ, ээ? Сымыйаны лахсыйа турума. Эн то?о манна хара?аны сырайданан кэлбиккин сэрэйбэтэ буолуо диигин дуо? – Дьэримиэй ???лл?б?т с????хтэрэ к?н?, акыллыбыт бэйэтэ чинэйэ т??эргэ дылы гынна. – Ньукууска суох. Уонна чой мэйиигэр с?ппэттик хатаа: кини эйиэхэ мэлдьи суох буолуо. Эн кинини букатын умун. Э?иги икки суолгут – туспа! Оттон билигин ?т?л?г?? бу сытар, аан ити баар – самантан киэр буол!
Валерий абатыттан сал?алас илиитин ?т?л?гэр уунна. Ол илиитэ бэйэтэ да ?йд??б?т?нэн сутурукка кубулуйан эрэрин бэлиэтии к?р?н, тарбахтарын сараччы тута о?уста. О?онньору кулгаах тааска ча?ылыннаран т??нэрэн т??эриэн ба?аран кычыгыламмыт илиитин ?т?л?гэр батары баттаата уонна аатта?ар, эккэлэс куола?ынан аргыый ботугураата:
– Дьэримиэй о?онньор, мин э?иэхэ ха?ан да?аны ку?а?аны о?орбутум суо?а… Эн да миэхэ…
– С?п… С?п… Сибилигин дь?гэлийэ эрэ о?ус. Эн манна сылдьыбата?ы?, мин эйигин к?рб?т???м буоллун. Ньукуу?у эрэ тыытыма. Ньукуу?у эрэ онно-манна с?р??м?. Кинини уккуйар сураххын истиэм да – ?т??н? к??т?мэ. Кырдьа?ас дии санаама: тыы??ынан иэстиэм.
Бырастыыта-быра?аайа суох хал?ан “лип” гынна.
Валерий абарбытын омунугар, тыа?ыам диэн сэрэнэрин умнан, олбуор кэлииккэтин аанын тэбэн саайбыта ла?ыгырыы т?стэ. Олбуортан ойон та?ыста. Кы?ыыта-абата кыынньан, уулуссанан сандаарбыт т?нн?к диэки сутуругунан дугдуруйа-дугдуруйа, бабыгыраата:
– Баш-ша-быык-тар! Шуолас-тар! Бэйи, кэпсэтиллиэ!
Оо, кини билигин, сатанара буоллар, сутурук курдук японскай гранатанан ити т?нн?г? т??? ?л?гэр ??р??нэн то?о быра?ыа этэй!
Валерий сирэйин хоту харбыала?ан и?эрин уулусса т?рд?гэр, дьахтар манастыырын чуга?ыгар, тиийэн баран эрэ ?йд??т?. Уо?ун и?игэр ботугураан ????стэ. Кини военкомат ?лэ?итэ ки?иэхэ сылдьыахтаах. Кини Дьокуускайга кэлиэн а?ай иннинэ ол ки?и сулууспатын соруда?ынан ханна эрэ барбыт этэ. Б?г?н Испирдиэ?кэ кинини кэлбит, к?рд?м диэтэ дии. Кэлбит буолла?ына, хайаан да к?рс??ххэ наада. Т?ргэнник. Ол ки?иттэн элбэх тутулуктаах.
Тииттээхэптэргэ киирэн табыллыбата?а Валерий санаатын т??эрбэтэ, куттаабата, киниэхэ чугуйар, т?нн?р, саара?ныыр бы?ыыны ??скэппэтэ. Хата ордук ?с???ннэрдэ, харса-хабыра суох о?ордо. Кини ол байыаннайын кытта уопсай тылы булуох тустаах. Булгуччу! Атын суол суох. Ону ситистэ?инэ ол-бу Тииттээхэптэр с?б?л??ллэрэ-с?б?лээбэттэрэ диэн улахан суолтата суох. Кинилэри кэлин, арыый кыа?ырдахха, хайдах ба?арар турку сы?аа?ыныы иэ?иэххэ с?п. Билигин ?р? к?р?н ?гд?р??н?сп?ттэрэ хойут, санаа хоту ?р?-та?нары тутар са?ана, хата бэлэм сылтах буолуо?а.
Аргыылап т?нн?н таас Реальнай аттынан туораан, казначейство дьиэтин чуга?ыгар кэлэн тохтоото. Ахсынньы анысханнаах тымныыта обургу аан туманынан оргуйан, бэл иннигэр ууммут илии? к?ст?бэт ?л?гэрэ буолан ?ч?гэй. Дьон к?р??хтэрэ, билиэхтэрэ диэн куттал суох.
Валерий т?нн?ктэрэ ыстаабан сабыылаах, сарайыгар т?сп?т хаарга самнары баттаппыкка дылы намы?ах дьиэни кэтээн, и?иллээн турда. Туох да са?а-и?э биллибэт. Кини наадалаах ки?итэ манна хос куортамна?ан олорор буолуохтаах. Олбуор кэлииккэтин анньан к?рд?. Сабыылаах. Иккитэ-?стэ к??скэ тэбиэлээтэ. Ыт ?рэн маргыйда. Тимир сыап кылыр?аата.
– Кимиэхэ наадалааххыный? – сотору олбуор и?иттэн эмээхсин дьахтар са?ата нууччалыы ыйытта.
– Военкомат ?лэ?итэ Соболевка.
Эмээхсин кэлииккэтин аста.
– Ыалдьыттаах дуо?
– Суох бы?ыылаах. Суох, суох. Ба?аалыста.
Кэ?эс куукуна?а баар буоллулар. А?а?ас билиитэ аана сып-сылаа?ынан илгийбэхтиир. Куукунаны о?ох уота эрэ сырдаппыт. Билиитэ аанын чуга?ыттан атына барыта хара?а.
– Эраст Константинович, эйиэхэ, – диэт, эмээхсин у?а диэки хара?а?а киирэн с?тэн хаалла.
Ха?ас диэки хал?ан тыа?аата. Аан сырдыгын с?рдээх кэтит сарын б??л?? турда.
– Дорообо, Эраст Константинович, мин штабтан, – диэтэ Валерий и?иллэрдик доргуччу.
– До… рообо… Ханнык…
Валерий, ки?итин ситэ са?ардыбакка, ойо?о?унан кы?арыйан, и?ирдьэ атыллаата. Анараа??ыта, дьиибэргээн, аанын тутаа?ын туппутунан киниэхэ эргилиннэ. Валерий кини дь???н?н удума?алатан билэрэ. Лаампа сырдыгар кы?айан к?р?н баран: “Кини… миэхэ ?кч? ойуулаан кэпсээбиттэр эбит”, – дии санаата. ?рд?к, искэл, сонто?ор муруннаах, ч???р?тт?б?т харахтаах, ньылаарыччы тарааммыт уба?ас баттахтаах т?р?л нуучча ки?итэ. Ха?алаах бы?ыылаах. Ма?ан ырбаахытын та?ынан иэннэриктэммит.
– Табаарыс, эн… – дьиэлээх ки?и с?б?лээбэтэ?ин биллэриэхтии са?аран эрдэ?инэ, Валерий кулгаа?ар сыста т?стэ:
– ?т?? киэ?э, тойон штабс-капитан.
Анараа??ыта с?р сылбыр?атык эргиллэ биэрэн хал?аны ыга тарта, ыалдьытын ?рд?гэр саба н?р?ллэн туран суостаахтык сибигинэйэн бардьыгынаата:
– Ким?иний?
– Эн до?ору? буолабын, тойон штабс-капитан.
– Манна ханнык да штабс-капитан суох. Манна Облвоенком отделын начальнига баар. Аадырыскын ал?а?аабыккын, табаарыс.
– Мин ал?а?ааччым суох, тойон штабс-капитан.
– Штабс-капитан манна суох диибин дии… – дьиэлээх ки?и быыппа?ынна. – Ки?илии тылы ?йд??б?т буоллаххына, ?йд?т?р сири начаас булларыам – ЧК-ны! Онно к?рд??б?кк?н ылыа? – симилиэс буулдьаны!..
– Аргыый тиэриллэ?нээ!.. Чэ эн до?ору? буолумуум да?аны. Эн до?оттору? до?ордоробун. Оччо?о син биир эн до?ору? буолан тахсабын буолбат дуо?
– Кимнээ?ий ол… мин до?отторум?
– Пепеляев генерал ту?унан истибити? ини? Кини…
– Шантажист… Провокатор… – дьиэлээх ки?и килбэчигэс тирии тобуктаах галифетын сиэбиттэн к?т?р бэйэлээх, бар т??лээх сутуруктарын сулбурута тардыталаата.
– Ч?т! Молчать!..
Ити тыллар сибигинэйэн эрээри, ки?ини со?утар, самнарар с?р дьарымталаахтык, сытыы кылы?ынан бы?ыта баттаан кэби?эрдии эрчимнээхтик этилиннилэр. Дьиэлээх ки?и ах баран, били сутуруктарын ?тт?гэр сы?ыары туттуталаан чынайа т?сп?т?н ?йд??б?кк? да хаалла.
– Бы?ахта а?ал!
Дьиэлээх ки?и остуол дьаа?ыгыттан б?лг? тутуу бы?а?ы ыла охсон биэрдэ. Валерий сонун тэллэ?ин муннугун к?т?рдэ, онтон биэтэскэ сы?ыары тигиллибит ма?ан та?а?ы к?т?р? тардан уунна:
– Аах!
Соболев та?а?ы тэниччи туппутунан кыра?ыын лаампа диэки т??к?йд?. “Эра! – диэн суруллубут онно чэрэниилэнэн. – К???т. Тиийиэхпит. Хайдах к?рс?р? маны тиэрдэр ки?и этиэ. Кини тыла – бирикээс. Август Р.” “Эра… Эра… Бэйи… Август… Ах даа!.. Кини. Чахчы кини! Кини туруору буукубалаах буочара. Полковник Рейнгардт”. Балтараа сыл устата элбэхтэ ?л?р-тиллэр бы?ылааныгар бииргэ т?бэ?испит ки?итэ. Пермь куораты Пепеляев сэриилэрэ ылалларыгар, Кы?ыл Армия?а сулууспалыы сылдьан, иккиэн бииргэ т??нэри эргийбиттэрэ. “Эра…” Соболевы итинник кини эрэ ааттыыра. Ону кыыс о?о?о дылы ааттыыгын диэн бастаан ???ргэнэ истэрэ. Кэлин ??рэнэн хаалбыта. Кинилэр Красноярскайга арахсыбыттара. Соболев онно, тифкэ ыалдьан, госпитальга хаалбыта. ?т??рэн баран буруйун билиммит, сэбиэскэй былаа?ы ылыммыт военспец бы?ыытынан бу кырыыстаах тымныылаах сир у?уга дойдуга т??кэлийэн кэлбитэ. “Хайа хайалыын тиксиспэт, ки?и ки?илиин булсар диэн мээнэ?э эппэттэр эбит. Мин манна баарбын полковник хантан биллэ?эй? Ол эрээри билиминэлэр. Хата манна, Якутскайга, туох буоларын курдаттыы к?р?-истэ сылдьаллар ини. Биир ки?илэрэ бу тиийэн кэллэ дии. Ыыппыт агеннара ?сс? манан эрэ б?ппэтэ?э чахчы. Рейнгардт элбэхтэ кэ?эйбит киитэрэй т??к?н. Кини т??рэккэй суолга киирэн биэриэ суохтаах этэ. Пепеляев похода чахчы кыайыынан б?т????н биллэ?э дуу? Быстах, албын мэ?иэни хабыан сатаммат…”
Ахсааннаах чыпчыл?ан и?игэр Соболев т?б?т?гэр араас санаа булумахтаста. Кини, у?ата-тэнитэ барбакка, сип-сибилигин иккиттэн биирин бы?аарына охсоро наада этэ. Урукку штабс-капитан бассабыыктары, кинилэр диктатураларын ис с?рэ?иттэн абаа?ы к?р?р?. Сэбиэскэй былаас суулларын ту?угар кини оло?уттан уратытын барытын биэрэрин да?аны кэрэйиэ суох этэ. Ити ту?угар кини кыргы?ыыга да?аны киирсэргэ бэлэмэ. Ол эрээри бу кыргы?ыы кыайыынан т?м?ктэниэ?ин бигэтик билэр буолла?ына. Кы?ыллар кыайтараллара чахчы буолла?ына. Оттон туга-ханныга биллибэт суолга… Кини ааспыт ?тт?гэр элбэхтэ кэ?эйдэ. Дьолго, кэ?эйдэ эрэ. А?ыс-сэттэ сыл устата сэриигэ сылдьан, Соболев ти?э?эр тиийэн саамай кылаабынайа тыыннаах ордор эбит диэн санаа?а кэллэ. Ити да гыннар ?рд?к ?р?г?йг?, албан аакка тиксэр суолтан туора туран хаалар эмиэ да кы?ыылаах буолуохха дылы. Итиэннэ с?г?н туора туруоруохтара суо?а баар. “К??рээннээх к?ннэргэ туора турбуту?”, – диэн ол кыайбыт-хоппут дьон эйигин биир буулдьа а?ылыга о?ордохторуна да?аны к???лэ.
“Хайыахха? – Соболев харааччы мунан багдаллан турда. – Бу азиаты сибилигин ??рэн та?аардахха? Ол-бу кутталлаах сибээскэ киирсибэтэххэ? Оччо?о бу дьиккэри? тута дьонугар биллэриэ. Оччо?о кы?ылларга букатыннаахтык эргийбиккэр тахсар, кэлин били кытаанах иэстэбилгэ т?бэ?э?ин. Кэбис… Рейнгардт, ы?ыыт атамаана, бука, билэн холбосто?о. Пепеляев хайаан да кыайарын эрэнэн. Оччо?о билигин аккаастаан кэби?эр хайдах да сатаммат. Оо, хайыах му?уй?.. Сатана дьэбириэйэ умнубатах соруон”. Кини санаабата?а буоллар, Соболев, били??итин курдук, ылы-чып олорон бу айдааннаах к?ннэри а?арыа этэ. Уонна, Пепеляевтаах куораты ыллахтарына дьэ кинилэргэ холбо?уо этэ. Ону баара… “Хайыахханый? Чэ билигин с?б?лэммитэ буолуохха. Соччо куттала суох бытархай сорудахтарын толоруохха да с?п. “Кини тыла – бирикээс”, – диэбит дии. Бу азиат тылын. Олус кыаллыбат суолу этэр ????? Эттэ?инэ да ылыныллыа суо?а. Чэ бэйи, хайда?а-туга к?ст?н и?ээ ини… “До?ору? буолабын”. До?ор курдук к?рс?рб?р тиийэбин. Инньэ диэн хайыахпыный? Атын хайыыр да?аны кыа?ым суох…”
Валерий дьиэлээх ки?ини кэтээн к?р? турда. Кырдьыгы кистээбэккэ эттэххэ, Соболев бастаан ЧК-ны э?ин ахтыбытыгар кини улаханнык дьиксиммитэ. Ки?и и?ин эриэнин туох билиэ баарай. Полковник Рейнгардт суругун биэрэригэр: “Ол-бу буолан куйба?наары гынна?ына, дьа?ырыйа т??ээр. Кини куттамсах. Уонна кы?ылларга ис с?рэ?иттэн ылынан ?лэлээбэтэ биллэр. Кы?ал?аттан сылдьара буолуо. Онон кини чаа?ыгар саарба?алаама”, – диэбитэ да, ону бигэтик эрэнэр к?ч?мэ?эй этэ. Бу сылларга ки?и санаата араастаан уларыйыан с?п. Соболев да?аны чахчы кы?ыл диэки эргийиэ?ин то?о сатамматый? Итинник саарбахтыы саныы туран, ки?итэ били бастаан кыы?ырбыта, быыппастыбыта улам симэлийэн, сирэйэ улам марбастан, ньэлгэйэн, сымнаан барбытын к?р?н, Валерий к?хс? кэ?ии т?стэ.
– Тойон штабс-капитан, ыалдьыты? сыгынньахтанарын к???лл??? дуу?
– Ба?аалыста. Прошу… То?о?о ити баар. Итиэннэ миигин, ради бога, Эраст Константинович диэ, – Соболев истиэнэни ыйан хара?ынан имнэннэ уонна ыалдьытыгар олоппо?у сы?арытан биэрдэ, бэйэтэ оро??о олордо.
Валерий илиитин ууммутунан кэллэ:
– Чэ, Эраст Константинович, билигин дорооболо?ордуу дорооболо?уох.
Илии тутустулар.
– Кими кытта билсэр чиэстэнним? – Соболев илиитин араарбакка олорон ыйытта.
– Такыров… Петр Петрович.
– Дорообо, табаарыс Такыров.
Валерий ки?итэ илиитин кытаанахтык ыга туппутугар букатын холкутаата. Бу чахчы бэйэ ки?итин илиитэ.
– Чэ с?п. Онуоха-маныаха диэри “табаарыстар” да буолуох. К??тэрбит да?аны ахсааннаах хонук хаалла.
– Август Яковлевич… онно дуо? – Соболев бы?аарыыта суох аан диэки садьыс гынна.
– Полковник Рейнгардт генерал Пепеляев дружинатын бастаан и?эр батальонун командира. Саха сирин коммунистартан босхолуур ?рд?к чиэс аан бастаан киниэхэ тиксиэ?э.
Соболев ойон турда:
– Т?р?т умнан олоробун. Кыратык закускалыах. К?рс?сп?ччэ.
Валерий кинини илиититтэн тардан т?тт?р? олорто.
– Кэбис, мин манна ?р буолуом суо?а. Т????? патруллар тахсыахтарын иннинэ т?сп?т сирбэр тиийдэхпинэ сатанар. Ити суруккун аахты? дии?
Соболев то?хос гынна.
– Итэ?эйди??
– Даа.
– ?йд??т???
– ?йд??н.
– Оччо?о сибилигин та?ааран о?оххо бырах.
Соболев са?ата суох куукуна?а та?ыста.
Валерий аан быы?ынан к?р?н турда.
– Сурукка этиллибитин курдук, мин тылым эйиэхэ – бирикээс, – диэтэ Валерий эмиэ утарыта олорбуттарыгар. – Ол мин бирикээ?им буолбатах. Полковник Рейнгардт да бирикээ?э буолбатах. Сибиир добровольческай дружинатын командующайа генерал-лейтенант Пепеляев бирикээ?э. Мин ону тиэрдээччибин эрэ. Онон байыаннай ки?и бэйэ? бэркэ билэри? буолуо: бирикээс дь??ллэ?иллибэт, бирикээс толоруллуохтаах.
“Азиат!.. Дикарь!.. И?ит эрэ бу хапта?ай мурун тылын-???н! Хайдах сэнэбиллээхтик, баламаттык кэпсэтэрий миигин, дворянины, ыраахтаа?ы офицерын кытары!” – диэн Соболев и?игэр кыынньан кэллэ. Ол эрээри, онтун биллэрбэккэ, с?б?лэ?эр бы?ыынан то?хо?нуу олордо. Бу азиат, бэйэтэ этэрин курдук, связист, генерал Пепеляев бирикээ?ин тиэрдээччи эрэ. Почтанан кэлэр сурук кэмбиэрин кэриэтэ. Сурук ис хо?ооно хайдах да буолбутун и?ин кэмбиэргэ кыы?ыра сылдьыа? дуо? Син ол курдук.
– Билэбин…
– Мин эйиэхэ бирикээ?и тиэрдиэм иннинэ биир суолу бы?аарыах тустаахпын. Генерал Анатолий Николаевич Пепеляев да?аны, полковник Август Яковлевич Рейнгардт да?аны эйигин ?р?? армия идеалларыгар бигэ бэриниилээх, советскай былааска хаан ?ст??х ки?инэн, бы?ата, бэйэлэрин ки?илэринэн аа?аллар, – Валерий ки?итин хара?ын утары к?рд?. – Оннук дуо?
– Оннук.
– Мин эйигин ти?э?эр тиийэ итэ?эйиэхпин с?п буолла?а дии?
– Ол эн бэйэ? дьыала?! – Соболев ???ргэнэн, к?м?л??ктэн уот ыстанарын курдук, ойон турда, икки илиитин галифетын сиэбигэр батары баттаан, хос и?игэр т?тт?р?-таары хаамыталаата. Онтон Аргыылап иннигэр саба н?р?йэн туран, м?лт?х актер сцена?а са?арарыныы бобулла?наата: – Эн… дворянины, офицеры кытта кэпсэтэргин умнума!
– Олор, Эраст Константинович, – диэтэ Валерий аргыый эрээри, кытаанахтык, модьуйардык. – Билигин ол-бу аайыттан сылтанан ???ргэнэн ыста?ала?ар кэм буолбатах.
Ки?итэ ал?ас тылластым диэн буруйдаммыт, ча?ыйа бы?ыытыйбыт чинчитэ биллибитэ буоллар, Соболев эбии ???ргэнэн тиргиллиэх этэ. Оттон билигин кини ити кыйахаммытыттан т?р?т кы?аллыбатах тымныы, дьэбир са?аттан айахха бэрдэрдэ, кыы?ырбыт уо?а хайдах эрэ эмискэ м?лт??н, ?с киирбэх оронугар т?тт?р? б?к т?стэ.
– Дворянины, офицеры кытта кэпсэтэрбин билэбин. Билбэтим буоллар, манна кэлиэм суох этэ. Ону тэ?э… – Валерий ки?итэ халты к?р?н эрэр хара?ын то?уйан батары к?рд?. – Ону тэ?э большевистскай облвоенкомат отделын начальнигын кытта кэпсэтэрбин эмиэ билэбин.
– Мин…
– И?ит! Мин эйиэхэ ти?э?эр тиийэ эрэнэрим с?б?н дуу, сыы?атын дуу чопчутук билэрим наада. Ону миигиттэн бэйэм тириим харысхала эрэйэр буолбатах: со?отох мин биитэр миигин кытта иккиэйэх-????йэх ки?и ?л?р? суолтата суох. Ону миигиттэн дьыала ту?а, би?иги уопсай охсу?уубут ту?а эрэйэр. ???ргэнэн тэлэкэчийиэх иннинэ итини ?йд??ххэ наада.
– Чэ с?п. Бырастыы гын, – Соболев аргыый хардарда.
– Эйиэхэ кыра да саарбахтыыр санаа суох буолла?а дии?
– С-суох…
– Эн бэйэ? дьыл?а?ын, олоххун б?т?нн??т?н генерал Пепеляев дьа?алыгар биэрэр буолла?ы? дии?
– Даа!
– ?ч?гэй. Билси?иибит олус у?аатар да, барыта дьэ?кэрдэ диэххэ с?п. Эраст Константинович, бэйэ? да билэри? буолуо: Пепеляев командующайдаах Сибиир добровольческай дружината бу к?ннэргэ Дьокуускайы ту?улаан и?эр. Дружина 800 ки?илээх. Олортон ?кс?лэрэ старшай офицердар: генерал Вишневскэй, генерал Ракитин, полковниктар Андерс, Леонов, Рейнгардт, Сайфуллин, Вандышев, Иванов, Самойлов, Шнапперман, Сивко… Чэ, бы?ата, полковник ???э полковник, майор ???э майор. Итилэртэн ?г?стэрин эн билэр буолуохтааххын. Дружина?а олохтоох ?р??нэр этэрээттэрэ холбостулар.
– Билэбин. Кы?ыллар агентуралара ку?а?ана суохтук ?лэлиир.
– Хомойуох и?ин, оннук. Ол эрээри онтукалара да кинилэри быы?ыыра биллибэт. Саха сиригэр сэбиэскэй былаас самнара ахсааннаах хонук хаалла.
– Кы?ылларга эмиэ к?м? к??с со?урууттан кэлэ турар.
– Буоллун. Илинтэн и?эр к???? утары туох да?аны туруула?ыан сатаммат. Генерал Пепеляев ыраахтан силистээх. Кини кэннигэр Америка, Англия уонна Япония тураллар. Бу ?с ааттаах баай государство к?м?т? тохтоло суох к????рэн и?иэ?э. Дьокуускай дьи?инэн Пепеляев большевизмы утары крестовай походугар бастакы пуун эрэ. Кини б?тэ?ик сыала – Сибиири у?уордаан Москва Кремлигэр киирии. Чэ итини барытын эн бэйэ? да ?йд??г?н. Эйигин агитациялыы сатыыр наадата суох.
– Та?ара биэрдин!.. – Соболев ???э тыынна, кириэстэнэн сапсынна.
– Та?ара бэлэм кыайыыны а?алан биэриэ суо?а. Барыта бэйэбититтэн тутулуктаах, Эраст Константинович. Эн, мин, би?иги бары туох-баар кыахпытынан б?т?нн??т?нэн ити улуу кыайыыны сити?эргэ к?м?л????хтээхпит.
– Оннук-оннук.
– Дьэ билигин мин этэрбин ?ч?гэйдик ?йд??н и?ит. Ол генерал Пепеляев эйиэхэ сирэй бирикээ?э. Бастакынан, эн кы?ыллар Пепеляевы утары операцияларын былаанын куоппуйатын булуох тустааххын.
– Хайдах?! Командующай штаба военкоматтан туспа…
– Хайда?а – эн дьыала?. Онуоха мин орооспоппун. Булан миэхэ тиксэриэхтээххин. Оччо?о Пепеляев кы?ыллар хас хардыыларын ?т? к?р? олоруо?а. Байыаннай ки?и бэйэ? да ?йд??р инигин, ити былаан Пепеляев илиитигэр хайа кыалларынан эрдэ тиийэ охсуохтаа?ын?
– ?йд??н да… – Соболев ???э тыынна. – Суох… суох…
– С?п. Аны икки?э. Кы?ыллар этэрээттэрин и?игэр бэйэ дьоннорунан агитацияны к????рдэн, ол этэрээттэр Пепеляев диэки эргийэллэрин сити?иэххэ наада. Маныаха туттуллар прокламацияны, ы?ырыыны мин эйиэхэ сотору тиксэриэ?им.
– Дьэ саарбах…