скачать книгу бесплатно
– Ыык…
Аргыылап кириэстэнэн сапсынан и?эн сиргэ силлээтэ: кини абаа?ыны да, та?араны да итэ?эйбэт этэ. Итэ?элэ, ??эр ?рд?к эмэгэтэ атын: ?п-баай, к??с-к?дэх.
О?онньор т?б?т?н сыттыгар уураатын кытта халта?алара ыпсы?ан бардылар.
2
Ытыс та?ынар ыас хара?а?а аллаах ат айаннаан халы?ытан истэ. Чэпчэки ха?ыапка сыар?а, кыара?ас омоон суол ???лл??лэрин аайытын тииттэргэ охсуллан ?р?тэ кыырайан, суол кырсын хам-т?м таарыйан ыларга айылаах. Суонда т?нн?б?тэ икки чаас кэри?э буолла да, ат айанын бы?ыах чинчитэ биллибэт. О?онньор ол и?ин да ку?а?ан к?л?н? миинэр ми?э о?остуо дуо? Хата кы?ы??ы т??н у?уна абырыы?ы. Сарсыарда чуга?аан эрэр да, халлаан кэм да хабыс-хара?а. Бу ойо?ос суол сотору айан суолугар холбо?уохтаах. Улахан суолунан икки к?с кэри?ин айаннаабыт кэннэ ха?ас туоруур суол кэлиэхтээх. Ол устун а?ыс-сэттэ биэрэстэни бардахха, ыал баар буолуохтаах. А?ата о?онньор былыр-былыргыттан иэс-к??с биэрэн сыл та?аарар ыала. Валерий онно тиийэн атын сынньатыа, бэйэтэ утуйуо. Киэ?э хара?арыыта эмиэ суолугар турунуо. Кы?ыл да, ?р?? да ол туора ?рэх ба?ыгар тугу сии тахсаллар ??? – онно тиийбэттэрэ чахчы.
Бытарытан тымныыта с?рдээх бы?ыылаах. Хара?ата да бэрт. Сир-дойду оттуун-мастыын, ыас хара халлаанныын б?т?нн?? эпсэри то?он хаалбыкка айылаахтар. К?л???ннэммит ат самыыта, ма?ан кырыанан б?р?ллэн, биллэ-биллибэттик турталдьыйар. Т??? да тымныы буоллар, Валерий то?уох чинчитэ биллибэт, кыара?ас суол ойо?о?унаа?ы тииттэри, сирэйгэ-харахха анньыллар лабаалары а?ара сатаан, м?хс?н хата дэлби тириттэ.
Кырдьыга, Солобуда чуга?а улахан сэрэхтээх сир. Сирин-уотун, тумнар суолун билбэт ки?и то?уурга кэтиллэ т?стэ?инэ да к???лэ. Кы?ыллар кэтэбиллэрэ сылдьар сирдэрин аа?а к?тт?м ини диэн эрэнэ санаан, Валерий э?э-дьэ?э буолла. “Чэ, дьоллоохтук айаннаа, Ийэ дойдугун коммунистар диктатураларыттан босхоло?ор ?рд?к миссия?ын чиэстээхтик толор!” – диэбитэ Пепеляев генерал арахсарыгар уонна у?а-ха?ас иэдэ?иттэн ?стэ уураан ылбыта. Били??итэ генерал соруда?а туолуох курдук: бачча ыраах сири ?ч?гэйдик кэллэ, мантан да антах этэ??э буолар ини. “?рд?к миссия…” Чахчыта оннук. А?ам о?онньор эрэйдээх, былыргы ки?и сиэринэн, тэлгэ?этиттэн тэйиччини кыайан эргитэ санаан к?рб?т ээ. “Эйигиттэн атын ки?ини булан ыыппаттар ??? дуо?” – диэхтиир. Талан-талан, с??мэрдээн-с??мэрдээн ыыттахтара дии. Ону ?йд??б?т. Дьи?инэн кини киэн туттуон с?п этэ. Кэлин ?йд???э. Кэлин, Дьокуускайга ?р?? былаа?а туругурда?ына, Саха сирин б?т?нн??т?н би?иги бас биллэхпитинэ. Онно дьэ к?р?лл??: Саха сирин салалтата ким илиитигэр киирэр? Ким бу бар?а баай хотугу кыраай а?а ба?ылыга буолар? Оччо?о, ба?ар, Валерий Аргыылап ?т??тэ-???т?, ордуга ахтыллар кэмэ кэлээрэй? Т???т?н да и?ин билигин дьон кэннигэр с?р??стээччилэри, былаа?ы ?ллэстэр кэм кэллэ?инэ, тэргэн тэбиитин да са?а сиргэ чуга?атыллыа суо?а. Дьа?абылы охсу?уу уотун ортотунан ааспыт, ?л?р?-тиллэри к?рб?т дьон бэйэлэрин илиилэригэр ылыахтара. “Кэлин бэйэбит былааспыт туругурда?ына, бу к?ч?мэ?эй к?ннэргэ ким хайдах бы?ыыламмыта, тугу-ханныгы гыммыта бэски хара?ар ыйаныа?а, – диэбитэ саха ?р?? этэрээтин командира Мэхээлэ Артемьев. – Кыайыы кэнниттэн бэлэм?э мээтиргиэм диэн ким да?аны саарамматын!” Оннук буолуохтаах. Онтон атын буолуон сатаммат”. Генерал да?аны Валерийы кытта кэпсэтэригэр эмиэ оннук санааны быктарбыта. “Саха сирин кэскилэ бу э?иги буола?ыт. Саха сирин э?иги дьа?айыаххыт”, – диэбитэ. “Онон, о?онньоруом, саарба?алаама: тиитин охтордорбут эрэ, тии?ин бэйэбит ичигэстиэхпит! Ол-бу ВЯОНУ* тойотторун, уобалас “управляющайа” Куликовскайдары э?ин ?рд?гэ ытыарар биллибэт…”
Итини та?ынан Валерий и?игэр чып кистэлэ? былааннаах: Пепеляев Дьокуускайы сэриилээн киирэрин былаа?ы бэйэ илиитигэр ылан к?рс??ххэ диэн. Чэ, холобура, генерал кэлэрин кини Саха правительствотын ба?ылыга биитэр Саха уобала?ын губернатора дуу аатыран то?уйдун? Генерал бэйэтэ Саха сирин ба?ылыга буоларга суудайбата чахчы. Кини сыала атын, киэ?, улахан – Сибиир, Россия, т?м?гэр ?р?мэччи ма?ан атынан Спасскай боруотанан Москва Кремлигэр киирии. Онон, ?ч?гэй к?м?н? тэрийэр эрэ буолла?ына, Валерий Аргыылап да Саха сирин а?а ба?ылыгынан ананарын кини утарсыа суо?а. Дьи?э Валерий ол и?ин бу кутталлаах сырыыга улгумнук с?б?лэммитэ.
Генералтан сорудах ылаат, Валерий командирыгар Артемьевка тиийбитэ. Барар буолбутун этэн эрдэ?инэ, анараа??ыта саба са?арбыта: “Билэбин. Кэпсээмэ. Тылгын кыана тутун. Эн бараргын ким да билиэ суохтаах”. Дьокуускайга кими ыытары, араа?а, кини бэйэтэ ыйбыт бы?ыылаа?а. “??рэн аллайыма. Ы?ыахтаан эрэр буолбатаххын”, – диэбитэ уонна Дьокуускайга кими-кими кытта кэпсэтиэххэ с?пт????н ыйыталаабыта. Ити эрээри кини биир да?аны б?к эрэнэр ки?итэ суох кэриэтэ эбит этэ. “Билигин хайдах санааламмыта буолла – билбэтим. Сэрэнээр…” – диэн буолан испитэ. Т?м?гэр тиийэн, интеллигенция санаатын иирдибит бассабыыктары, албын тылга киириммит саха ??рэхтээхтэрин ??хсэн, тии?ин быы?ынан сыыйбыта: “Чо-орт!..”
Валерий бу омос к?р?рг? соччо суо?а-суодала суох эрээри, дьи?эр дьэбир майгыннаах, кытаанах санаалаах хаты?ыр ки?иттэн улаханнык саллара, киниэхэ с?р?н баттатара. Артемьев ха?ан да ы?ыытаан-ха?ыытаан силбиэтэммэт, охсон-тэбэн бырда?алаабат этэ. Ол да буоллар кини, тымныы хара?а хара?ынан хайдах эрэ барыны барытын самнары к?р?рг? дылы буолан, ордук дьулааннаа?а. Валерий Артемьевтыын биир дойдулаахтар – Амма улуу?ун дьонноро. Артемьев уолтан саа?ынан да а?ата, билиитинэн-к?р??т?нэн да быдан ба?ыйара. Кини Дьокуускайдаа?ы учительскай семинарияны ?рд????тэ б?тэрбит, хас да сыл учууталлаабыт ки?и этэ. Ол и?ин эбитэ дуу, кинилэр биир этэрээккэ сырытталлар да кыайан до?ордоспотохторо. Итиэннэ до?ордо?уохтарын и?ин с?пт??х т?гэн да суо?а: наар сэриилэ?ии, то?уйсуу, наар айан – эккирэтии биитэр эккирэттэрии. Ити билигин Валерий Саха сирин ба?ылыыр ту?унан ыраланар да, кырдьыга, Артемьевтаах, бастарын у?уо?а б?т?н буолла?ына, ол ?рд?к соло и?ин тиистэринэн-ты?ырахтарынан т?с??эллэрэ чахчы. Ити эрээри оччотоо?у билиэ. Маннык к??рээннээх к???э-дьылга ки?и ??йбэтэ?э-ахтыбата?а буолуон с?п…
Суол сыыры ?р? ыттан барда. Араа?а, улахан суол мантан а?ыйах биэрэстэ хаалла?а. Хара?а да?аны арыый убуу бы?ыытыйда, тыа биир кэлим хара истиэнэ кэриэтэ саба барыйара уурайан, биирдии тииттэр тус-туспа к?ст?р буолан истилэр. Ат айана биллэ бытаарда. Валерий тыын ылан саалын, бэргэ?этин кырыатын соттон суураланна. Хара?а иннин, хара?а суолу, одуула?а сатыыр да, санаата кэннигэр, генералы кытта кэпсэтиитигэр иэ?иллэн т?нн? турар.
“Саха сирин кэскилэ бу э?иги буола?ыт…” Пепеляев ити тыллары – Валерий с?рэ?ин уйадыппыт, уйу?уппут тыллары – адьас туох да саарба?а суохтук, бигэтик эппитэ. Итиэннэ кимиэхэ эмэ буолбатах – киниэхэ, со?отох киниэхэ ту?аайан эппитэ. Кэлэри, кэнэ?эскини дьи? чахчы ?т?р? к?р?н турар ки?и бы?ыытынан. Пепеляев ол-бу кураанах дарбааннаах тылларынан чабыламмыт, сирэй-сирэйгэ анньы?ан сэриилэ?эри сатаабат, уоран, то?уйан ?л?р?р? эрэ сатыыр, кимэн киирэри билбэт, куотарга улгум корнет Коробейников, подпоручик Деревянов э?ин буолбатах. Кини аата-ахсаана биллибэт ?г?с кыргы?ыыга сылдьыбыт бойобуой генерал. Колчак са?ана Пермь куораты кы?ыллартан ылан аатырбыт легендарнай герой. Кы?ыллар бы?аарыылаах т?м?к кимэн киириилэрин са?ана тифтээн ыалдьан хаалбыт этэ. Кини ыалдьыбата?а буоллар, ба?ар, сэрии атыннык салаллыан да син эбитэ буолуо. Бары-барыта дьа?алтатыттан ээ. Политическай охсу?уу да?аны, сэриилэ?ии да?аны. Убайын Виктор Пепеляевы, Колчак правительствотын премьерин, бассабыыктар Колчагы кытта бииргэ ытан баран, ойбонунан Ангара муу?ун анныгар уган кэбиспиттэр ???… “Генерал Пепеляев Сибииргэ эрэ буолбатах, б?т?н Россия?а, ону аа?ан омук правительстволарыгар эмиэ биллэр буолуохтаах. Маннык улахан ки?и кэнэ?эскитин ?йд??н, т?гэ?ин тургутан к?рб?кк?, санаабычча бас-баттах кэлбэтэ?э чахчы. Итиэннэ убайын суолун баты?ыан да?аны ба?арбата дьэ?кэ. Оннук буолуон биллэр, то?о да кэлиэх этэй. Чэ, бы?ата, би?иги дьолбутугар к?ст?б?т ки?и…
Пепеляев армиятыгар со?отох да генерал буолбатах ээ, элбэхтэр: генерал Ракитин, генерал Вишневскэй, полковниктар Леонов, Андерс, Рейнгардт, Шнапперман, Иванов, Варгасов… Эчи, ки?и аа?ан сиппэт. Саха сирэ айыллыа?ыттан итинник улахан байыаннай чыыннары харахтыы илик. Итиччэ ба?ырхай чыыннаах-хааннаах дьон дьэ ама хайдах быстах дьыала?а турунуохтарай? Пепеляев кыайарыгар кытаанахтык эрэнэр, кыайарын бэркэ диэн билэр, ол и?ин саарба?а суох: “Саха сирин кэскилэ бу э?иги буола?ыт”, – диэн этэр буолла?а дии. Уонна кини итинэн Саха сирин дьа?абылын э?иги илиигитигэр туттарыам диэн этэр. Онон, а?аа, бигэтик эрэниэххэ. Эрэнэр диэн ?сс? кыра – бары к????нэн-кыа?ынан к?м?л????ххэ наада. Оттон генерал би?иэхэ эрэннин. Би?иги кинини т??эн биэриэхпит суо?а!”
Халлаан биллэ сырдаата. Хаар ?рдэ боруоран к?ст?н кэллэ. ?рд?к хордо?ой сир буолан ото-ма?а сэдэхсийэн барда. Суол мантан адьас чугас буолуохтаах. Валерий, муо?атын чиккэччи тардан, атын аргыый хаамтарда уонна сонно тута ар?ааттан биэс-алта ат сиэлэн чыбыр?атар туйахтарын тыа?ын и?иттэ. “Кы?ыллар патруллара бы?ыылаах, кэлбиттэрэ тугун ыраа?ай”, – диэн муодаргыы санаан эрдэ?инэ, ?л?? т?бэлтэлээх, ата тыбыыран тарылатта. Валерий винтовкатын харбаабытынан сыар?аттан ыстанан т?стэ уонна, ойон тиийэн, атын муннун сиэ?инэн саба тутта.
Туйахтар тыастара чуга?аата.
– До?оттоор, ат тыбыырар дуу, тугуй? – диэтэ эдэр саха са?ата. – Э?иги истибэтигит дуо?
– Нет… – хойуу куолас нууччалыы к????нээтэ.
– Ээ, кэннибитигэр Ерема хаалан и?эр, кини ата тыбыырбыта буолуо, – диэтэ атын са?а.
Бэттэх омоон суол т?рд?гэр кэллилэр.
– До?оттоор, бу суолунан бара сылдьабыт дуо? – били эдэр саха ча?аарыйда.
Валерий тарба?ын саатын чыыбы?ыгар чуга?атта. Сымы?а?ын бы?а ытыран ибир да гыммакка и?ийэн турда. Ата, тыа?а суох ньимийэр наадатын билбиттии, т?б?т?н иччитин хонно?ор умса анньан, биллэ-биллибэттик тыынан сурдур?атта. Валерий хара?ын кырыытынан икки ?тт?н к?р?н баран: “Кыбычыын да сиргэ киирэн хаалбыппын, суол чуга?ыгар эрдэттэн сэрэниэххэ баар эбит”, – диэн бэйэтин м???т?ннэ. Ол эрээри эргиллэн т?нн?р баараа. Т?нн?р? сатаммат. Т?н?ннэ?инэ дьэ ?л?р. Ханна да гыммакка, быччаччы тутан ылыахтара. Иннин диэки м?чч? к?тт???нэ эрэ быы?анар. Суолтан бу диэки та?ысталлар эрэ, ытыалаан субурутан биирдэрин-иккилэрин охторуохха уонна бу арыый сэндэ?э сиринэн бы?а ойутан улахан суолга к?т?тэн киирэн тэптэрэ туруохха. Итинник бы?аарыныы Валерий ?й?гэр начаас иккэрдигэр к?л?м гынна.
– Туох эмэ суола баар дуо? – к????нэс куолас ыйытта.
Аттан т??эр тыас и?илиннэ. Этэрбэстээх атах омоон суол диэки кэллэ.
– Са?а суол суох.
– Ээ, оччо?о барыа?ы?, – дэстилэр са?алар.
Туйахтар тыастара илин диэки чыбыр?а?а турдулар. Сотору атын аттаах ки?и кэлэн ааста. “Били хаалбыт Еремалара буолла?а”.
Валерий тымныы сиэ?инэн кырыарбыт кыламанын туора соттон кэбистэ, дири?ник э?ирийтэлээн ???э тыыммахтаата уонна, атын с????н имэрийэ-имэрийэ, сиэлин силэйэн, сылаас моонньугар сирэйинэн саба т?стэ. Ол курдук турбахтаан тыын ылан баран, сыар?атыттан от а?алан атын хабыалатта. Онтон, улахан суолга киллэрэн ар?аа хайы?ыннараат, муо?атынан бы?а биэрдэ.
Со?уруулуу илин тииттэр быыстарынан кы?ы??ы к?н кытара дьэлтэйэн тахсыыта Валерий улахан айан суолуттан туораата. Туораабыт суолунан ?т?р?нэн тыынар тыыннаах сылдьыбатах, б?тэйэ о?он хаалбыт. “?ч?гэй эбит, – Валерий ??рэ к?рд?. – О?онньордоох бэйэлэрэ эрэ б?гэн олордохторо”. ?р гыммата, от ?рэх с?ннь?гэр сыстыбыт кыракый чо?олох алааска айаннатан сирилэтэн кэллэ. У?уоргу тыа са?атыгар турар туруору бала?а??а чуга?аан и?эн хайдах эрэ дьиибэргии к?рд?. Бала?ан ??лэ?иттэн буруо тахсыбат. Далга с????-ас чинчитэ биллибэт. Тэлгэ?э хаара к?рдь?лл?бэтэ?э ырааппыт.
Валерий, атын к?нт???н сэргэ?э эрийэ быра?аат, бала?а??а барда. Ааны аспытыгар хал?ан хаахынас тыа?а иччитэх то? дьиэ т?гэ?эр тиийэ э?силиннэ. Валерий ааны ы?ыктан кэбистэ, тула к?р?ннэ. О?онньордоох кыстаан и?эннэр сэрииттэн дьаадьыйан к?ст?хт?р?. Кыс мастара турар. Кыбыыга от тобо?о к?ст?р. “Туй-сиэ! Ичигэскэ сынньана т????м диэбитим бу баар!” Валерий кы?ыйан сиргэ силлээтэ. Утуйбата?а иккис т??нэ. Кыратык нуктаан ылла?ына сатаныы?ы. Ата да?аны или?иннэ?э. Билигин, бачча к?р?л??р к?н?с, айанныыра табыллыбат. Киэ?э хара?а буолуор диэри манна тохтууругар тиийэр. Итинник санаат, Валерий атын дьиэ к?л?гэр, тилийэ хотон аанын чуга?ыгар тартарда. Булгуппата, хомуутун, сэдиэлкэтин быаларын эрэ холкутатта. Туох билэр, ба?ар, эмискэччи тэбиннэрэр кы?ал?ата тириэ?э…
Ха?ыапка сыар?атын дьаа?ыгын а?аат: “Оо, о?онньор барахсаны!” – диэн ??рэн са?а аллайда. Бу а?ы-??л?: лэппиэскэни, алаадьыны, арыыны, эти – ийэтэ укпут буолуохтаах этэ да, то?о эрэ ийэтин ахтыбата, а?атыгар махтанна.
Мас к?т???н киллэрэн, к?м?л??г? к??д?чч? отунна. Чаанньыгын оргута уурда. Бэйэтэ уокка сыламнаан, халта?алара силбэ?эллэрин кыатана сатыы олордо. Кэнникинэн нухарыйан барда. О?охтон кы?ыл чох ыстанан ыты?ын к?хс?н а?ыппытыттан у?угунна. Чэйэ оргуйан к?рэ? паарынан а?ыластаабыт. Сылыта уурбут алаадьыта, буспут этэ онон-манан кэриэртэлээбиттэр. Чэй куттунан а?аан барда. Куруускаттан хойуу чэйи омурдан и?эн: “Били дьэдьэннээх с??гэйи ылбаккабын, сыар?а?а сытыа этэ буолла?а”, – диэн кэмсинэ санаата. Тотон, ирэн-хорон та?ырдьа та?ыста. Кыбыыттан от к?т???н а?алан атыгар биэрдэ. Анньыыга маарынныыры к?рд??н булбата, инньэ гынан эргэ туос ыа?айалары, былыргы ?йэтинээ?и мас кэлиини булан киллэрэн холумта??а кэккэлэтэн хаар уулаата: барарыгар атын уулатаары. Итиэннэ аанын хатанан, саатын кыбынан о?ох иннигэр мас адарайга сытта. Сытта да т?б?т? туймааран барда… Ол туймаархай уутун быы?ынан: “Кы?ыллар кэллэхтэринэ, ааммын аспакка эрэ, хотонунан аппар ыстаныам”, – дии санаан а?арда.
Киэ?э хара?арыыта эмиэ айа??а турунна. Иккилии к?с кэри?э бара-бара, атын хаптарда. Бэйэтэ эмиэ то? буспут этинэн, алаадьытын тобо?унан ?ссэннэ, хаары уобалаан тама?ын илитинэ истэ. Аара сыккырыыр тыыннаа?ы к?рс?бэтэ. Арай айанын тухары т?й??рэ то?мут иччитэх хара тыа суолу кы?арыйа хара?а истиэнэ буолан субуллар. Ха?ан эмэ от ?рэхтэр толоонноругар, алаастар сы?ыыларыгар киирдэ?инэ эрэ икки ?тт? арыый кэ?ии т??эн ылар.
Т??н? бы?а тугу да к?рс?бэккэ айаннаан, Валерий устунан холкутуйан барда. Бэ?э?ээ т??н ыгылыйбыта аа?ан хаалла, ханна эрэ дьоннор бааллар, кыргы?аллар э?ин диэн ки?и соччо итэ?эйиэ да суо?ун курдук буолла. Кэннэ, иннэ, тулата б?т?нн??тэ кураанах, иччитэх. Ыбылы то?он хайыта барар сиртэн, дэлбэритэ ыстанар мутуктан ураты туох да дор?оон и?иллибэт. Им-ньим. Онон Валерий на?ылыйа бы?ыытыйда. Онуоха эбии иллэрээ т??нтэн булгутуллубакка айаннаабыт ата сылайбыта билиннэ.
Валерий т??н ???э лаппа ааспытын кэннэ суол кытыытыгар турар иччитэх ?т?хх? тохтоон, бэйэтэ чэйдээн, атын сынньатан аа?арга бы?аарынна. Сэрии буолан, суол атта иччитэхсийбитэ эмиэ да ?ч?гэйгэ, эмиэ да ку?а?а??а дылы. Валерий эмиэ хаар анныттан мас хомуйан о?ох оттунарга, то? хаартан ууланарга тиийдэ. Сыар?атын отун, биирдэ хабыалатыыны эрэ хаалларан баран, барытын атыгар биэрдэ. Б?г?н тиийэн тохтуохтаах сирэ мантан т??рт к?ст?н эрэ ордук. Онуоха сынньаммыт ат биирдэ эмэтэ хабыалаттахха да тиийэр ини.
Валерий о?о?ун тигинэччи отунна, чэйэ оргуйарын к???тэн, уокка сыламнаан мас кыстыыр ба?ана?а к?хс?нэн ?й?н?н олордо. Олордо да, мунна хаччыгынаабытынан барда.
Кини т??? ?р утуйбутун бэйэтэ да билбэтэ, то?он, титирээн у?угунна. К?м?л??к харда?астара умайан б?тэн, чохторо онон-манан кыламнаан, холумтан к?рэ? к?л?нэн б?р?ллэ сытар. Валерий, та?ырдьаны ???с гынан к?р??т, ыксаата: халлаан хайыы-?йэ ??л-дь??л буола сырдаан эрэр эбит. Хойутаабыт да хайыа?ай, манна, суол ортотугар олорон хаалыа дуо, барда?ына эрэ сатанар. Кини, онтун-мантын тиэтэлинэн хомунаат, та?ырдьа тилигирэйэн та?ыста.
Валерий к?с кэри?ин барыыта адьас сырдаата. Эрдэ турар ыал к?н?ск? а?ылыктара чуга?аан эрдэ?э. Кини, аара ханна да тохтообокко, а?атын ??лээннээ?э Уордаах Уо?ук о?онньордооххо бы?а тиийэргэ бы?аарынна. Уордаах оло?о мантан ?с к?с кэри?э. Бу диэкинэн кы?ыллар суох буолуохтаахтар. Со?уруу диэки, Майа?а Павловскайга ордууланар сурахтаахтар. Ол да буоллар Валерий к?н сырдыгар т?бэ?эн хаалан, на?ылыйбакка, су?аллык айаннатан дьиги?иттэ.
Кини санаатыгар аралдьыйан и?иллээбэккэ истэ?инэ ойуур суолун то?ойуттан эмискэ иннигэр аттаах ки?и баар буола т?стэ. Утары кэлбит ки?и атын туора тардан тохтотто. Чугастаа?ы ки?и бы?ыылаах. Бэрт м?к? ат сэптээх, от-мас тиэйэр мара сыар?алаах. Валерий, ?р???йэн атын салайбакка, сыар?атын анараа ки?и киэнин кытта хабыры?ыннарда.
– Кэпсээни?? – эргэ нэк бэргэ?эни сабыччы кэппит ки?и, умса т??э сылдьар куондарын ?р? сы?айа-сы?айа, э?эрдэлиир-ыйытар иккэрдинэн сэлибирээтэ.
– Суох… Эйиэнэ?.. – Валерий, т??? да сулбуччу аа?а туруон ба?ардар, хардарарыгар тиийдэ.
– Миэхэ да мэлигир. Бу ханналаан и?э?ин?
– Ээ, бу диэки…
– Туох соруктанан и?эр ки?игиний?
– ?р?пк??мнэр сорудахтарынан, – диэтэ Валерий уонна: “Сатана, ыаспыйалаан т??эн. Аны суол ортотугар кини доппуруостуура итэ?эс эбит!” – диэн и?игэр ????стэ. Ситэ сэ?эргэспэккэ бара турда?ына ордук сатаныа суохха айылаах.
– Тыый, оччо?о арахсар суолгун аа?а кэлбиккин. Би?иги улахан ?р?пк??мм?т бу со?уруу баар ээ. Эн онно наадалаах инигин?
– Ээ, суох, бу диэки, – Валерий бы?аарыыта суох иннин диэки сапсыйда.
– Бэйи, бу эн хайалара эти?? Хара?ым таптыы к?р?р да билбэтим ээ.
– Ээ… Алтаммын…
– Алтаннары билэр ахан дьонум. Эн онно…
Валерий кистээн атын муо?атынан соруйда. Ата т??эн кэбистэ.
– Туу!.. Туу!.. Хайа, бу с???? туох буолла?! – Валерий атын, тохтото сатаан тардыаласпыта буола-буола, эбии к??скэ охсуолаата.
“Алтаммын диэн айахтатан т?бэ?э сыстым. Ыт баара Алтаннары билэр эбит дии! – диэн санаата кини ыраатан, арыый холкутуйан баран. – Урукку эбитэ буоллар, итинник илбириискэ суол ортотугар к?рс?н силиэстийэлии оонньуо суох этэ. Билигин аны аа?а к?т?тэри? да сатаммат, тохтоон ылахтастаххына табыллар. Дьиккэр, атым сиргэммитин итэ?эйбитэ дуу, суо?а дуу”.
Валерий табах уурунан тарта. Иэдээни м?чч? т?ст?м диэн холкутуйа санаабыта ити к?рс???? кини алдьархайын са?аланыыта эрэ эбит. Хамсатын таба?а ситэ тардылла илигинэ кэннигэр, ыраах толоон са?атыгар, алта-сэттэ ы?ыыр аттаах ки?и тэбиннэрэн и?эллэрэ к???ннэ. Ол дьон, далбаата?а-далбаата?а, тугу эрэ ха?ыыта?алларын арааран и?иллии барбакка, Валерий атын бы?а биэрдэ. “Ити чахчы сэрии дьоно, кы?ыллар”, – диэн ыгылыйда кини, муо?атынан харса суох ?р?т-?рд?гэр сабыы-сабыы. Суол хата ойуур и?игэр киирэн абыраата. Тэйбэхтээн баран, и?иллээтэ. Аттаахтар т?нн?бэтэхтэр, эккирэтэн и?эллэр эбит. Тыастара ?сс? чуга?аабыттар. Соруйан анаан-минээн эккирэтэллэр бы?ыылаах. Араа?а, били нэк бэргэ?э сатана, уорбалаан, тыллаабыта буолуо. Валерий ата та?ыыр бэрдиттэн му? кыраайынан т??э сатыыр да, сири соччо хороппот, к???э м?лт??б?тэ биллэн барда. Кэлин диэки туйахтар чигдигэ хабыллар тыастара улааттар улаатан истэ. ?л?? т?бэлтэлээх, тыа баранан, суол эмиэ ?рэх толоонугар киирдэ. Валерий толоону са?ардыы ортолоон эрдэ?инэ эккирэтээччилэр у?уоргу тыаттан субу ойутан бачымахта?ан та?ыстылар.
– Тохтоо! Тохтоо! Ытыахпыт!
Валерий к?б??хтэс буолбут атын тохтоло суох кымньыынан сабаата.
– Тохтоо!
Эмискэ ?рд?нэн, ойо?о?унан суйуласпыт ыйылас тыастар и?иллээттэрин кытта толоон кытыытынаа?ы то? тииттэр сиритэ ыстанан та?ыр?астылар. Валерий, ньыкыйа т??ээт, “буулдьалар…” диэн ?йд??н эрдэ?инэ кэннигэр саалар тыастара дэлбэритэ бардылар. Сыар?а эмиэ тыа и?игэр ньимис гынна. Ол да буоллар куотарга эрэмньи аччаата. Эккирэтээччилэр лаппа чуга?аатылар. Валерий ата т?р?т у?а бы?ыытыйда, сэниэтэ суо?унан ?к?ч??н?? сатыыр. “Аныгыс ытыыларыгар бэйэбин ытыахтара биитэр ситэн тутан ылыахтара, – диэн кини ыксаата. – Тыыннаахтыы бэриниэм суо?а. Син биир ?л?р??хтэрэ. Ол кэриэтин ?г?стэн ?г?с охтуо, а?ыйахтан а?ыйах… Биирдэстэрин эмэ сууллардахха, атыттара, ба?ар, дьулайан эккирэтиэхтэрэ суо?а… Чэ синэ биир…”
Валерий саатын харбаан ылла, бэлэмнэнэн кэннин хайы?ан истэ. Эккирэтээччилэр, ойуур то?ойун эргийэ к?т?тэн, к?н? суол т?рд?гэр утуу-субуу кутулла т?ст?лэр. Валерий бастакы ки?ини, ол ки?и т????гэр туох эрэ кытарарын, сыалыгар киллэрээт, чыыбы?ын тарта. Саата эстибитин ?йд??н иннинэ били ки?итэ атыттан та?нары хойуо?унна. Кини, кэнники булумахтаспыт аттары, дьоннору ту?улуу-ту?улуу, ?л?б??й утуу-субуу т?л?тэ тардыталаата. Суол эргийиитигэр туораан и?эн эрэ тула ?тт?нэн буулдьа сырдыргыырын биллэ. Тииттэр хаххаларыгар киирэн баран, бинтиэпкэтигэр са?а обуойманы угунна, бэргэ?этин сэгэччи анньынан ???э тыынна. “К?рд??б?кк?т?н ыллыгыт ини…” – диэн ????ннээхтик ботугураата. Эккирэтэр дьон били до?ордоро табыллыбыт сиригэр тохтоотулар бы?ыылаах, тыастара и?иллибэт буолла. Валерий, сир ыла охсоору, муо?атын ?рд?гэр т?стэ. Ма?най муо?атынан, онтон кымньыытынан ?р?т-?рд?гэр сабаата. Онуоха ата, уруккутун курдук, хардыытын т?ргэтэппэтэ. Хата ордук бытаарарга дылы гынна. Валерий, нууччалыы маатырылаан ??хсэн бардьыгынаат, кымньыытын далайан самыыга т??эрэн эрдэ?инэ, ата итирик ки?илии у?а-ха?ас байаатта?наан ылла уонна с??рб?тэ с??рб?т?нэн и?эн суол кытыытыгар, хаарга, умса баран т?стэ. Валерий, со?уйбучча дуу, к?б??хт?? сытар ат самыытын иккитэ-?стэ куу?уннарда. Туох-ханнык буолбутун ол эрэ кэнниттэн ?йд??т? бы?ыылаах: суолу туора тардыллыбыт сыар?атыттан чигдигэ ыстанна.
Ат ха?ас т????ттэн итии хаан ?р? тыган буруолуур. У?а быттыгын анныгар хаар эмиэ ?????рэ хараарбыт. Кырыарбыт ойо?о?о т??р?ллэ-т??р?ллэ дьиги?ниир. Валерий, туруоруон ба?арбыттыы, ат т?б?т?н эргилиннэри тарта уонна, кы?ы??ы бу?урук халлаан к?л?г?н т??эрбит, умуллан эрэр мэндээркэй хара?ы к?р??т, ы?ыктан кэбистэ. Итиэннэ, суолга ойон тахсан, иннин диэки тэбинэ турда. Ат туох-баар к????н мунньунан т?б?т?н ?нд?т?н иччитин к?хс?н ааттаспыттыы баты?а к?рд?. “Истээрэй…” диэбиттии, и?ин т?гэ?иттэн а?ала сатаан и?эрсийбитэ буолла да, биир да дор?оон айа?ыттан тахсыбата. Тураары гыммыттыы, тыынын былдьа?ан ?н??хтээтэ уонна, аа-дьуо нуо?айан, т?б?т? хаарга батары т??эн барда…
Сыар?алаах ата к?ст?бэт буолбутун эрэ кэннэ Валерий саатын сыар?атыгар хаалларбытын ?йд??т?. Абатыттан кыланан ыллар да, т?нн??н дьулайда. Икки хара?ын саба т??эр к?л???н?н туора соттон кэби?э-кэби?э, тохтоло суох иннин диэки с??рэн истэ. Сотору суол ойо?о?угар кыракый алаас к???ннэ. Анараа са?ахха быыкайкаан кыстык угун са?а бала?ан ??лэ?инэн к??х буруо унаарыйар. Бэттэх, суол чуга?ын диэки, к??л баар бы?ыылаах: с????лэр то?уоруспуттар. Валерий ?й?гэр суол устун бардахпына субу сотору ситэ баттаан ылыахтара диэн санаа кылам гынна. Соччо тугу да бы?аарына илигинэ атахтара бэйэлэрэ к??л диэки барар ыллыгынан туораан та?ыстылар.
?т?р??э-?т?р??э уулуу турбут ынахтар сиргэнэн ?рэл гына т?ст?лэр. Валерий манна тохтоон тыынын ылан эрэ баран биллэ: са?ынньахтаах и?эрин, ол и?ин олус к?йм?ст?б?т?н, тириппитин. Кини са?ынньа?ын устан элитэн и?эн кэннигэр кыра?а хаарга кэлбит суола дьэргэйэ сытарын к?р?н, уолуйан, хайыан да билбэккэ турда. Ол туран уулаан б?тэн ойбон аттыгар салбанан сыраана сынньылыйбыт чурумчулаах о?уска хара?а и?нэ т?стэ. К?р??х бэтэрээ ?тт?нэ кини о?ус ?рд?гэр ыстанан та?ыста, муо?угар эриллибит быатын ???лэ тарта уонна бала?ан кэннигэр сэндэ?э тииттэр быыстарыгар к?ст?р дал диэки с???? орох суолунан салайан ти?илэхтээн кэбистэ. О?ус улгумнук ходьо?олообутунан барда.
Валерий кыбыыга ыкса кэлэн, о?у?ун быатын муо?угар эрийэн баайаат, о?ус самыытыттан к?р?? ?рд?гэр ойон та?ыста, онтон соторутаа?ыта с??кэммит окко ыстанан кэбистэ. Итиэннэ ол оту дь?л? ха?ан и?ирдьэ киирэн, кыракый дь?л?????нэн та?ырдьаны одуула?ан, бэстилиэтин угун бобо тутан кирийэн олордо.
?р-?т?р буолбата: ?с аттаах ки?и кинини суоллаан к??лгэ киирдилэр. Са?ынньа?ын ылан сахсыйбахтаатылар. Суолун к?рд??н эргичийдилэр. Биирдэстэрэ ойбону буккуйда. Онтон ????н тугу эрэ кэпсэтэн, ойбон тула турбахтаат, бала?ан диэки барар суолу т??к?й?н к?р?-к?р?, бэттэх хаамтылар. Бука, с????лэригэр ойбон алларан тахсыбыт дьиэлээх ки?и суолун буллулар бы?ыылаах. А?ыйахта хардыылаан и?эн, били ойбону буккуйбут ки?и дьонугар тугу эрэ эттэ, бэтэрээ??и суолу уонна, т?нн?н, айан суолуттан ойбо??о туораабыт ыллыгы ыйа-ыйа, ?т?л?ктээх илиитэ к??рэ?нээтэ. Бала?а??а кэлэн киирдилэр. Сотору биир намы?ах у?уохтаах, бэргэ?этин кэтэ?эр ньыппаччы ууруммут ки?и тахсыста: к?рэ? паарынан тыына-тыына, сонун бобо тутан туран, тугу эрэ са?арар. Кы?ыллар ол ки?ини кыра?а?а хаамтаран к?р?-к?р? т??к??н?ст?лэр.
Ол турдахтарына аара хаалбыт дьонноро кэллилэр бы?ыылаах. Биир ки?и сыар?алаах аты муо?алаан ойо?олообут. Икки?э ы?ыырдаах атыгар икки сыбыдах аты холбоммут. Валерий бэйэтин сыар?атын биллэ.
Ампаар кэнниттэн улахан та?а?ас сыар?атын а?алан биир аты онно к?л?йд?лэр уонна, от тэлгэтэн баран, били кини сыар?атыттан икки ки?ини к?т???н онно к???рд?лэр. “Мин…” – дии санаата Валерий. Кы?ыллар эмиэ ч?м?хт???н тугу эрэ сэ?эргэстилэр. Онтон били икки сыар?а, икки ы?ыыр аттаах ки?и кэлбит суолларын диэки бардылар, икки ы?ыыр аттаах ки?и айан суолунан ар?аа тэбиннэрдилэр.
Валерий отугар умса т??эн, тугу да санаабакка, нухарыйбыт курдук чочумча олордо. Онтон дьэ ?й?-т?й? улам дьэ?кэрэн барда. Бэстилиэтин хоонньугар угунна. Кини тиийиэхтээх сирэ мантан икки к?с кэри?э буолуохтаах. Билигин суолга тахсара табыллыбат. Хара?а?а бардар ордук буолуо этэ да, манна сотору ынахтарын а?ата кэлиэхтэрэ баар. Дьэ кы?ал?а. Арай то?уу хаарынан барарга тиийиллэр. Чэ туох буолуой. Мантан тахсан барбыт суолун эрэ к?рб?т?лл?р.
От-мас к?л?гэр ?ктэнэ сатыы-сатыы, Валерий кыбыы кэтэх ?тт?нэн ойуурга та?ыста. То?уу хаары оймоон, айан суолун ойо?олуу ар?аа диэки бардар баран истэ. Хаар халы?а с?рдээх: ки?и ахтатыгар тиийэр. Онуоха эбии арыт ки?и кыайан тумнубат лаа?кыта иннин бы?а т??эр, арыт ыт мунна баппат ыркыйыгар киирэн хаайтаран хаалар, арыт туруору сыырдаах дири? аппа барар суолун к??йэ субуллар.
Валерий, ма?ыйа-ма?ыйа, к????н му?унан иннин диэки дьулуруйа сатыыр да, кэннин хайы?ан к?рд???нэ, дуоннаах сири хоруппатах буолар. К?с а?аарын кэри?ин эрэ барда эрээри, к???э ???ллэ бы?ыытыйда, ийэ-хара к?л???нэ та?нары саккыраата. Аччыктаата. Тугу эмэни ?ссэниэ?ин туох-баар а?ылыга б?т?нн??тэ сыар?атыгар хаалбыт. Валерий ч???ч?к ?рд?гэр олорон сынньанна. Хаары ыты?ан ылан хаппыт тама?ын илитиннэ. Ол олорон устунан утуктуох курдук буолан барда. К?хс?гэр сыстыбыт ырбаахыта аны муус тымныынан хаарыйталаата. Кини уутун а?аран илгистэн кэбистэ, нэлэккэйдэммит сонун ыга тимэхтэннэ уонна эмиэ тус ар?аа то?уу хаары кэ?эн ньо?оохтуу турда.
Ааттаан кэлбит ыалын, бу дойду сис баайа Уордаах Уо?ук, алаа?ыгар сордонон-сордонон киэ?элик син тиийдэ. Сэрэнэн тэлгэ?э?э чуга?аабата. Кы?ал?аланан тиэстэр сир кэтэ?эр, кыс балбаах быы?ыгар, сытта. Т?тт?р?-таары сыбыытаа?ын элбэх да, о?онньор бэйэтэ к?ст?н быстыбата. Арай биирдэ эмээхсинэ тахса сырытта, ону ы?ырбытын, таас дь?лэй му?утаан, дь??ллээн-дьаабылаан истибэккэ, у?а-ха?ас олоору?наан баран т?тт?р? киирдэ. “Дьиэтигэр суох му?а дуу”, – диэн то?он ыксаан саара?наан эрдэ?инэ, борук-сорук буолуута Уордаах дьэ та?ыста.
– Уо?ук!.. Уо?ук!.. – о?онньор чуга?аан эрдэ?инэ Валерий сибигинэйэ былаан ы?ырда.
– ?ук!.. Туох к?т?р!.. – о?онньор т?л?р?тэн испит ыстаанын иитин ыга туттубутунан со?уйан чинэрийдэ.
– Уо?ук, куттаныма… Мин… кэллим…
– Ким?иний?..
– Аргыылап Миитэрэй уолабын. Бэлиэрийбин. Куттаныма, бэттэх кэл.
– Ким… даа?
– Аргыылаппын. Бэлиэрийбин.
Уордаах, хайыан да билбэккэ, турбахтаата. Т?б?т?н кы?нах-и?нэх гына-гына, одуула?а сатаата.
– Куттаныма. Манна кэл.
О?онньор, ыстаанын тимэхтэнэ-тимэхтэнэ, аа-дьуо чуга?аата.
– Дорообо, Уо?ук.
– Ээ, кырдьык, Бэлиэрий эбиккин дуу? – Уордаах ?р? тыынна. – Хата ки?ини куттааты?.
– Мин-мин. Дьиэ?эр туора ки?и суох ини?
– Артыамыйабы кытта барбыт сурахтаа?ы? дии, – о?онньор, хардарбакка, бэйэтэ утары ыйытта. – Хайдах бу балбаахха кэлэн симиллэн хааллы?? Эмиэ кыайтаран ы?ылынныгыт дуу?
– Кыайтарбатыбыт. Кыайаарыбыт диэн сылдьабыт.
– Кыайар ки?и тахсан киирэр сиргэ сытар ??? дуо?
Валерий маннык т?бэлтэ?э ???ргэнэр ту?ата суо?ун санаан, о?онньор э?элээх ыйытыытын кулгаа?ын та?ынан а?арда.
– Ычча! ?р да к??ттэрди?.
– “К??ттэрди?” буолан… ?лэхтээххэ дылы…
– Тымныыта бэрт ээ, – Валерий дьиги?ийэн ылла.
– Кы?ын буолан баран тымныйымына. Кыньараал и?эр дииллэрэ чахчы дуо? – Уордаах, со?уйбута аа?ан, аны барытын токкоолоон ыйытар ки?и буолла.
– Чахчы. Мин Дьокуускайдаан и?эбин. Ол кыньараал соруда?ынан. Аппын аара кы?ыллар ?л?рд?лэр. Бу т??н эйиэхэ хонон баран, сарсыарда куораттыам. Миигин туора ки?и к?рб?т???нэ сатанар.
– Кы?ыллары? баты?ан кэлбэттэр дуо?..
– Кэлиэхтэрэ суо?а. Мин манна ойуурунан, то?уу хаарынан кэллим. Суолбун с?тэрбит буолуохтаахтар.
– Чэ, лаппа хара?арарын к???тэ т?с, аны ки?и хамначчыттарыттан да куттанар кэмэ кэлэн турар. Мин сотору тахсыа?ым.
Валерий, то? тары сиэбит ыт курдук, титирээн, тии?э лы?ыгыраан, балбаах быы?ыгар ?сс? да ?р сытта.
Сарсыарда кинини куоракка Уордаах Уо?ук бэйэтэ илтэ. Халлаан ?сс? сырдыы илигинэ туран атын сыар?атыгар ?р???л?? от тиэйдэ. Валерийын от и?игэр сытыарда, бэйэтэ ???э тахсан олордо. О?онньор айанын устатын тухары ыйытара эрэ диэн Пепеляев, кини т??? сэриилээ?э, туох санаалаа?а, ха?ан манна кэлэрэ…
К?н????рэх ?л??нэ муу?ун устун халы?ыттылар. Уордаах Пепеляев кэллэ?инэ улуу?ун дьонуттан кимнээ?и туттартыа?ын ту?унан дой?охтуу и?эн ах барда.
– Хайа?аскын сабын. Кэтэбиллэр и?эллэр.
Хас да ат туйа?ын тыа?а утары кэллэ.
– Огоннёр, куда бардаа? – нуучча олутта?ас са?ата и?илиннэ.