banner banner banner
Нимкакич
Нимкакич
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

Нимкакич

скачать книгу бесплатно

Нимкакич
Платон Ламутский

Кинигэҕэ эбээн поэта уонна прозаига, «Сир иччитэ» диэн бастакы эбээннии роман ааптара, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, педагог Платон Афанасьевич Степанов-Ламутскай сахалыы суруйан хаалларбыт «Нимкакич» диэн поэмата киирдэ. Суруйааччы историческай матырыйааллары көтөҕөн, ырытан эбээн норуотун былыргы историятын уус-уран суруйууга киллэрбит бу айымньытыгар норуотун үөскээбит төрдүн үөрэтиигэ туспа көрүүтүн тиэрдэр. Поэма ааптар хайдах суруйбутунан бэчээттэннэ.

Кинигэ П.А. Ламутскай төрөөбүтэ 100 сылын көрсө тахсар, ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.

Платон Ламутскай

Нимкакич

П. Ламутскай «Нимкакиһын» ураты суолтата

Платон Афанасьевич Степанов-Платон Ламутскай – эбээн бөдөҥ поэта, суруйааччыта – төрөөбүтэ 100 сылын туолла. Кини төрөөбүт тылынан элбэх хоһоон, поэма, оҕолорго аналлаах кинигэлэри биэрбит, Саха сиригэр уонна нууччалыы тылбаастанан Россияҕа киэҥник биллибит поэт.

Псевдонимын «ламут» диэн эбээннэри нууччалыы ааттаабыттарыттан таһаарбыт быһыылаах. Сахаларга Лаамы – Охотскай муора аата. Кырдьыга да, кини төрүттэрэ Охотскай муора кытылларыттан тэнийэн, хотугулуу илин түһэн, билигин эбээн диэн ааттанан, көһө сылдьар былыргы биистэн тахсыбыт. Платон Афанасьевич норуотун түҥ былыргытын, үгэстэрин, олоҕун илгэтин бэркэ мындырдаан хомуйбутун, үөрэппитин түмүгэр «Сир иччитэ» диэн эбээн бастакы романын бэчээттэппитэ.

Мин 90-с сылларга Саха сиринээҕи кинигэ издательствотын кылаабынай эрэдээктэринэн үлэлиир кэммэр Ламутскай романа издательствоҕа сахалыы тылбаастанан (тылбааһы биллиилээх прозаик уонна тылбаасчыт Петр Аввакумов оҥорбута) киирбитэ. Ол иннинэ эбээн суруйааччыта Андрей Кривошапкин бастакы романа бэчээттэнэргэ мэктиэлэнэн киирбитэ, уочаракка сытара. Андрей Васильевич учууталыгар, ытыктыыр киһитигэр – Платон Ламутскайга бэйэтин уочаратын туран биэрбитэ. Кырдьаҕас суруйааччы итинник норуотун бастакы романын ааптарынан ааттаммыта. Андрей Кривошапкин, эдэр киһи быһыытынан, ити үтүө быһыытын түмүгэр Ламутскай романа уочарата суох быһа бэчээттэнэр, ааҕааччыга тиийэр кыахтаммыта.

Платон Афанасьевич төрөөбүт тылын тэҥэ бииргэ олорор сахаларын тылын бэркэ баһылаабыт киһи этэ. Ол курдук, сахалыы уус-ураннык маннык этэрэ: «Уонна, доҕоттоор, эһиэхэ эбии тугу баҕарыамый? Баҕарыам этэ эһиэхэ ол уулуу турар оҕус хараҕын курдук үтүө доруобуйаны!» Итинник уратытык, уу сахалыы этии кини сахалары кытта алтыһан олорбут Ламыҥха ууһуттан төрүттээҕиттэн эбитэ буолуо. Дьиҥ саха да киһитэ итинник уобарастаахтык, адьас харахха көстөрдүү этэрэ биллибэт. Мин кинини кытта кэлин эрэ сылларыгар алтыспытым да, кини киһи уонна суруйааччы быһыытынан умнуллубат сэбэрэтин ончу умнубаппын: кыра уҥуохтааҕа, арылхай харахтааҕа, ураты оонньуулааҕа-күлүүлээҕэ.

Биирдэ Саха сирин суруйааччыларын сойууһун съеһигэр киниэхэ ыраах Халыматтан, Березовкаттан, кэлбит суруйааччы быһыытынан тыл биэрдилэр. Платон Афанасьевич бэрт дуоспуруннаахтык, лоп бааччы хааман тырыбынаҕа таҕыста. Арай тырыбынаттан киһибит сүүһэ эрэ көстөр. Онтон эттэ: «Бээрэ, бу мин турабын дуу, олоробун дуу?.. Арааһа, сатанымаары гынным…» – диэн тырыбына ойоҕоһугар туран эрэ тыл эппитин өйдүүбүн.

Оттон Үөһээ Халыма Арыылааҕар ыытыллыбыт хотугу норуоттар түмсүүлэрин дьонун кытта оскуолаҕа көрсүһүүгэ киһибит эбээн оҕолоругар сахалыы тыл эппитэ. Кинини биһиги бөлөхпүт сүрүн киһитэ норуодунай поэт Күннүк Уурастыырап олус ытыктыыра. Киэһэ интэринээккэ хоннорбуттарыгар, харабыл дьахтардыын эбээннии кэпсэттэ. Онуоха дьахтара: «Ээ, бу киһи албыннаан саҥарар, кинини мин өйдөөбөтүм», – диэтэ. Мин эттим: «Платон Афанасьевич, хайа, доҕоор, төрөөбүт норуотуҥ дьоно эн тылгын өйдөөбөт эбит дуу?» Платон Афанасьевич маннык холкутук хардарда: «Эбээн тыла элбэх диалектаах. Бу Үөһээ Халыма эбээннэрин тыла, кырдьык, биһиги, ламыҥкылар, тылбытынааҕар улахан уратылаах. Ону этэр». Ол иһин, быһыыта, оскуолаҕа сахалыы саҥарбыт эбит.

Олунньуга балачча тымныы этэ даҕаны, Платон Афанасьевич бэргэһэтин сэгэтэн, көлөһүн бачыгыраабыт кэтит сүүһүн маччата сылдьара. Кини Березовкатыттан Орто Халыманан эргийэн хойутаан кэлбитэ уонна, көрсүһүүлэр бүтэ иликтэринэ, Орто Халыматыгар эрдэ көппүтэ.

Мин биир түгэҥҥэ Ламутскай «Эвен икэн» диэн хордуон тастаах дьоһун хоһооннорун уонна поэмаларын кинигэтин, эбээн тылын билбэтэрбин да, эрэдээктэр быһыытынан бэчээттэтэн таһаартаран турабын. Буукубанан көрөн. Ол бэрт эрэйдээх мындыр үлэбэр миэхэ Андрей Васильевич Кривошапкин уонна Варвара Григорьевна Белолюбская-Аркук көмөлөһөн тураллар. Мин эбээн суруйааччыларыттан Василий Лебедеви уонна Василий Кейметинов-Баргачааны кытта билсэр, доҕордоһор этим. Билигин Аркугу, Нулгынэты кытта билсэбин.

Ааспыт 2019 сыл балаҕан ыйын 17 күнүгэр миэхэ, Ойуунускай музейыгар, эбээннии, сахалыы, нууччалыы хоһоон, кэпсээн кинигэлэрдээх Анатолий Платонович Степанов кэлбитэ. Кини аҕата сахалыы суруйан хаалларбыт «Нимкакич» диэн обургу поэматын: «Аҕам 100 сылыгар, эһиил, бэчээттэппит киһи», – диэн миэхэ аҕалбыта. Дневникпэр маннык суруллубут: «Поэманы билиһиннэрэ, аахтара аҕалла. Балачча халыҥ. Ааҕан эрэбин. Сахалыы суруллубут да, үгүс эбээн тыла баар. Олору быһаарбыт киһи. Холобур, өрус диэн тыл баар. Ол, арааһа, биһиги өрүспүт буолбатах быһыылаах. Ааҕааччыга, саха ааҕааччытыгар, быһаарар сөп. Айымньытын түҥ былыргыттан саҕалыыр. Онно жужан бииһэ ахтыллар. Ону кылгатан жуан диэн суруйар. Былыргы түүрдэр бааллар. Урукку, билигин биллибэт холбоһуктар ааттара элбэх». Итинник бэлиэтэммиппин. Уолугар төннөрөрбөр элбэх тылларга сноска, быһаарыы биэрэр наадатын ыйбытым.

Мин бэйэм, «Быралыйбат былыргы» (2005), «Умнуллубат урукку» (2015) уонна ити икки кинигэҕэ киирбит уонна киирбэтэх былыргы тыллар, ааттар тустарынан «Хаппаргар хатаа» (2015) кинигэлэри бэчээттэппит киһи быһыытынан, Платон Афанасьевич төрүттэрин төрдүн поэматыгар сырдаппытын, бэрт элбэх историческай матырыйаалы көтөхпүтүн, ырыппытын, аан бастаан уус-уран суруйууга киллэрбитин кэрэхсии аахтым. Эбээн кырдьаҕас поэта уонна суруйааччыта Платон Ламутскай «Нимкакич» поэмата бэчээттэнэн таҕыстаҕына, ааҕааччылар сэҥээриэхтэрэ дии саныыбын. Эбээн норуотун төрдүн үөрэтиигэ Ламутскай туспа көрүүтүн, бука, сыаналыахтара.

Билиҥҥи хараҕынан көрдөххө, сорох сирдэргэ ситэ сырдатыллыбатах, чочуллубатах түгэннэр баалларын да иһин, ааҕааччы эбээн кырдьаҕас суруйааччытын көрүүтэ киэҥин, дириҥин, мындырын өйдүө. Бу айымньы, баҕар, эбээн норуотун былыргы историятын уус-уран ойуулааһын бастакы холонуутун да быһыытынан кэрэхсэтиэ. Эдэр чинчиһиттэргэ, суруйааччыларга саҥа санааны угуо, Саха сирин биир айымньылаах литературатын кэриҥин кэҥэтиэ, ураты жанрынан байытыа.

Николай Винокуров-Урсун,

поэт, кириитик, кыраайы үөрэтээччи,

СӨ П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата

Нимкакич[1 - Нимкакич – номох.]

Маҥнайгы сүһүөх торума

Өбүгэлэри быһа охсуу (холуйуу)

Хаһан эрэ, ханна эрэ

Кыыл киһи икки ардынан

Ҥивэничэн өбүгэлэрдээх,

Иҥаричан төрүттээх

Өлө-өлө тиллибит,

Тимирэ-тимирэ күөрэйбит.

Ийэ буор дойдуларын,

Үөскээбит алаастарын

Быраҕан кэбиспиттэрэ

Быданнаабытын кэннэ,

Былдьаһыктаах үйэлэргэ

Үтүрүйтэрэн-үтүрүйтэрэн,

Үҥүүлээх батыйаҕа

Кэйдэрэн-кэйдэрэн,

Эвэскэн уус удьуордара

Хантан эрэ күөрэйтэрэ.

* * *

Үһүйээн, номох сураҕынан

Иһиллэр ээ киэҥник:

Соҕуруу дойду сылааһыгар,

Дьоллоох күн уотун анныгар,

Төгүрүк ыйдаах күөх уйгу

Лиҥкинэс мастарын быыһыгар,

Киэҥ истиэбин иэнигэр,

Оччолорго киэҥ сурахтаах

Эвэскэн судаарыстыбата

Туругуран ахан турбут,

Атыттары ымсыырпыт

Диэн номох баара эбитэ үһү.

* * *

Ол маннык эбитэ үһү:

Наһаа былыр Азияҕа

Гууннар биис уустарын

Бастакы сойууска Модэ —

Улахан деятель түмпүтэ.

Сүрүн уустар сүөһүлэнэн,

Сорох бараан мэччирэҥинэн

Биир күҥҥэ манна истиэпкэ,

Иккис күҥҥэ ол хайаҕа

Көһө сылдьан бытарыйар,

Мөлтөх да тэрээһин буоллар,

Киэҥ сири тилийэ сабардаабыт,

Модэ сойуус баара киэптээбит.

* * *

Бу судаарыстыба иһигэр

Эвэскэннэр эмиэ бааллара.

Ол иһин биис уустара,

Сэриигэ хотторбут биис буолан,

Гууннар кулуттарын курдук

Даан төлүүртэн куоппаттара,

Харахтарын өрө көрбөттөрө.

* * *

Ол эбиитигэр

Хас да үйэлэр усталарыгар

Гууннар баһылыктара Модэ

Хоту-соҕуруу походтары

Тэрийтиирэ, байаары.

Ол походтар дьалхааннара

Эвэскэннэр олохторун

Огдолутан барбыта.

Гууннар баһылыктарын иннигэр,

Жуаннар[2 - Жуан – номоххо биллэринэн: жужан.] сирэйдэрин ортотугар

Эвэскэннэр аймахтарыныын

Кыыл курдук көстөллөрө.

Ол иһин кырыктаахтык:

– Сэрииһитэ бэрт кыыллар,

Ураһаларыгар баттыахха,

Талыахха, кыдыйыахха! – диэннэр,

Эвэскэн түһүлгэтин

Биир-биир кыдыйар буолтара.

* * *

Ити Эвэскэн биис тарҕаһан,

Сир устун барыах эбиттэр.

Онуоха

Үҥүү-батас күүһүнэн

Омуктарга кыайтаран,

Сир устун үүрүллэртэн,