banner banner banner
Биһиги Аан Дархаммыт
Биһиги Аан Дархаммыт
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

Биһиги Аан Дархаммыт

скачать книгу бесплатно


Татыйык диэн к?нд? сэгэрбит,

Арылхай кустукпут Максиммыт.

Нап-намыын сиэн кыыспыт Марина,

Кыракый чуорааммыт Катюша,

Тирэхпит, эрэлбит, тапталбыт –

О?олор этэ??э буоллуннар.

К???мм?т кэлбитин к?рс??э,

До?оруом, сиэрдээхтик олоруох,

Бар дьоммут алгы?ын ылынан,

Эппиэттээн сылаа?ы сыдьаайыах.

С?рэх сылаа?а, санаа иэйиитэ толору этиллэр и?ирэх тыллардаах, т???н?н судургу, боростуой да, соччонон исти? б?т?н ыал оло?ун историята, харахха арыллар хартыына хо?ооно ама ханнык к?н? санаалаах, сытыары майгылаах саха ки?итин кутун туппат, долгуппат буолуой? Ким?э да биллэ-к?ст? сатаабатах, куруук к?л?ккэ сылдьыбыт саха омук сэмэй далбар хотуна дьи?нээх сахалыы у?ун-киэ? санаалаах, уйа?ас-нарын куттаах-с?рдээх, сытыары-сымна?ас к?н? майгылаах дьиэ кэргэн амарах ийэтэ, эбэтэ буоларын аныаха диэри истибит-билбит а?ыйах буолуо.

Дора Никитична, ?й?-санаата а?ыллан, туох да и?нигэ?э-тутулуга суох чугас дьонун, сиэттэрин ту?унан салгыы кэпсиир. Кини дьиэ кэргэттэрин, оло?ун ту?унан исти? ахтыыта би?иги барыбыт олохпут, историябыт сор?ото. Бас-к?с дьоммут дьиэ кэргэттэрин, хаан уруу аймахтарын бэйэбитигэр сы?ыара, чуга?ата тутан к?р?рб?т би?иги дьиэтээ?и эйгэбит сы?ыанын ситимниир, б???рг?т?р.

– Улахан сиэммит уон а?ы?ын туолан эрэр, 11-?и б?тэрдэ, ??рэххэ киирээри сылдьар. Орто сиэн пиэрибэйи б?тэрдэ, а?ы?а буолан эрэр. Кырабыт, уолбут о?ото, ???гэр сылдьар. Уол, Михаил диэн ааттаах, – Дора Никитична тэтэрээтин арыйбахтыы, эмиэ да ыты?ынан имэрийэ олордо.

«Ыал ийэтинэн, эр ки?и дьахтарынан» диэн сахалар мээнэ?э этиллибэтэх, киэ? ?йд?б?ллээх ?с номохтоохпут. ?ск?т?н би?иги бас-к?с ки?ибит – бастакы президеммит холоонноох до?орун, оло?ун аргы?ын сахаттан атыны талбыта буоллар, кини норуотун дьи?нээх уола, патриота буолуо этэ дуо диэн олохпут бы?ыытын-майгытын, омукпут иэрэ?-саара? санаатын сиэрдээх ыйытыыта ??ск??р. Коммунистическай идеология, сэбиэскэй тутул ханнык да конституциятыгар, сокуоннарыгар суруллубатах национальнай республикалар бастакы сэкирэтээрдэрэ хайаан да улахан омуктан ойохтоох буолуохтаахтар диэн ???-бадах курдук кистэлэ? эрээри, олоххо бигэтик туттуллар ?гэс ??скээн сылдьыбыта биллэр. Ону туо?улуур холобурдар ааспыт олохпутуттан к?ст?лл?р? ?рт?н буолбатах.

Ыал ийэтин итии чэйин астына и?эн, сахалыы сайа?ас кэпсээнин дуо?уйа истэн, ыалдьыт, бэйэтэ эмиэ ыал ийэтэ, б?г???? к?ннээ?и ?г??? билбитэ туохха т?м?лл??н с?б?н и?игэр бу?ара, ырыта-сыымайдыы олордо.

Кини иннигэр олорор саха ыалын к?нн?р? дьахтарыттан, ийэтиттэн, эбэтиттэн туох да атына суох, ??ттээх итии чэйдээх, исти?, сылаас тыллаах-?ст??х, сахалыы бы?ыылаах-майгылаах, ?йд??х-санаалаах уонна саамай ки?иэхэ чуга?а санаата-оноото, кы?ал?ата эмиэ дьиэ и?инээ?и, о?о-уруу, кэргэн, аймах-билэ, хаан уруу дьонун тула иэйэр-куойар, хо?оон айар а?а?ас куттаах-с?рдээх Дора Никитична киниэхэ, боростуой суруналыыска, итэ?эйбит оло?ун кэпсээнэ норуот духуобунай баайа-дуола, олох оскуолатыгар бу?уу-хатыы ча?ылхай холобура буолар.

Туох суо?ай кини олорон кэлбит чэпчэкитэ суох уустук, ?рд?ккэ дьулуурдаах, тулуурдаах оло?ун суолун сырдык, киэ? аартыгар? Утуу-субуу ??рэхтэрин б?тэрэн, тапталларын, олохторун холбоон ыал буолан, ?лэ ????гэр, олох муудара?ыгар у?аарыллыы. Бу судургу ааттаталаа?ыннаах Дора Никитична биографиятыгар саамай уустук, ыарахан миэстэнэн, араа?а, олох оскуолатын муудара?ын к?ннэтэ к?рс?р ыарахаттарын чиэстээхтик туораа?ын б?ппэт-бараммат т?б?ктэрэ буолуохтаах. Бэйэтэ хо?оонугар хо?уйбутунуу, ?лэттэн ордубакка дьиэтигэр к?ст?бэт кэргэнин, дьиэ-уот ха?аайынын эр ки?и ?лэтэ, о?о иитиитэ барыта кини намчы санныгар с?ктэриллибитэ. Маны барытын, бэйэтэ этэринии, «кириэпкэй со?ус», ол эбэтэр о?о эрдэ?иттэн ?лэ?э-хамнаска эриллибит уонна спордунан дьарыктаммыт буолан тулуйбута. Бэйэтин тустаах ?лэтэ, ону та?ынан нэ?илиэнньэ оло?ун-дьа?а?ын бы?аарсар ким да ыйаа?а-дьа?ала суох киниэхэ со?номмут эбээ?инэ?э, дьон ордугургуур хатыылаах тыла-???, дьиэтээ?и ?лэ, о?о-уруу к?р??тэ-истиитэ – бу барыта мунньуллубут эт-хаан, ?й-санаа, ньиэрбэ ыар с?гэ?эрин уйуу диэн дьи?нээх олох оскуолата, кытаанах экзамена, муудара?а буолбатах дуо?

Кэргэннии, до?ордуу Дора, Михаил Николаевтар эт-хаан, ?й-санаа, бы?ыы-майгы ?тт?нэн биир иитиилээх, тэ? сайдыылаах дьон буоланнар, бэйэлэрин омуктарын саамай ?ч?гэй хаачыстыбаларын: норуокка, дойдуга бэриниилээх, чиэ?инэй, с?рэхтээх, ?лэ?ит буолууну, эппиэтинэ?и, тулууру, сэмэй бы?ыыны – барытын и?эринэн, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн, ?й???н, норуоттарын, дьоннорун-сэргэлэрин ту?угар ?т?мэн ?г??? о?оро, ?лэлии-хамныы сырыттахтара. Суруйар ки?и иэ?э, ?лэтин-идэтин соруга маны барытын туох баарынан, тугу да уларыппакка, энчирэппэккэ норуокка, аа?ааччыга тиэрдии буолуохтаах.

Иккис т???мэх

?р? к?р??

Хорсун хардыылар

Михаил Ефимович олох укулаата, ба?ылыыр система тосту уларыйар, урукку ы?ыллан, са?аны олоххо киллэрэр тыырыллыбатах суолу тэлэр уустук, ыарахан кэмнэригэр куруук ааспыт историяттан тирэх, б?г???? к?н боппуруостарыгар эппиэт к?рд??чч?…

Ыраахтаа?ы былаа?а, олохтоох баайдар саха дьада?ытын талбыттарынан баттаан-?ктээн олороллорун к?р? улааппыт, бэйэтэ алын дьада?ы ара?аттан эрэйи-кы?ал?аны э?ээринэн тэлэн ки?и-хара буолбут Былатыан а?а к?л??нэ саха ??рэхтээхтэриттэн атын, са?а кэм?э т?р??б?т, атын ?й?нэн-санаанан салайтаран, уоттаах-т?л?нн??х ?р?б?л??сс?йэ суолун тутуспут ки?и буолар. Тустаах кэм ирдэбилэ, олох уларыйыыта-тэлэрийиитэ дьи?нээх ча?ылхай личностары ол курдук инники к????э та?аарар, сайыннарар, история хаамыытын иилэ?эр-са?ала?ар эппиэтинэ?и с?ктэрэр.

Кулаковскай интеллигенция?а ту?аайан суруйуон сыл иннинэ т?л?нн??х Былатыан Ойуунускай уон сэттэтин туолбута. Кини сыылынай марксистар сабыдыалларынан ?й?н-санаатын, эдэр эрчимин сытыы кылаассабай охсу?уу идеяларыгар анаабыта. Учуутал семинариятыгар бииргэ ??рэнэр до?оро Максим Аммосовтыын ыччат лидердэрэ, ?р?б?л??сс?йэ буолан са?а былаас олохтонуутугар эдэрдии эрчиминэн ?лэлээн, эдэркээн саастарыгар б?т?н уобала?ы салайар дьон буолбуттара.

1921 сыллаахха кулун тутар 20 к?н?гэр Москва?а Кремль дыбарыа?ыгар бассабыык партия Х съе?э а?ыллыбыта. Съезкэ Саха сириттэн Ойуунускай уонна Барахов кыттыбыттара. Бу мунньахха к?р?лл?б?т ?г?с боппуруостары сэргэ партия национальнай политика боппуруо?ун туруорбутун Ойуунускай олус ??рэ, би?ирии истэн, ахтыытыгар маннык суруйбута: «Ол кэнниттэн турбута партия икки сэбиэскэй былаас икки омук омугу баттаабат, урут баттаммыт омуктар партия ыйбыт социализм ыллыгынан ?р? к?т???ллэн сайдалларын ту?унан. Национальнай боппуруос ту?унан большевик партия политикатын билээт, автономия ылар санааны сананныбыт Барахов би?икки…

Омскайга кэлэн баран, Сибнац суут ?лэ?итин Плич диэн табаары?ы кытта с?бэлэ?эн баран (муус устар 9 к?н?гэр этэ), табаарыстарбын Бараховы, Агеевы кытта с?бэ та?аардыбыт автономия кэлэрин ту?унан. Бука барыбыт саха норуотугар автономия кэлэрэ с?п диэммит миигин дакылаат о?орорго анаатыбыт. Онон муус устар 13 к?н?гэр бу дакылааты суруйаммын Сибнацка биэрдим…»

Ахтыыны аахта?ын аайы ол тыйыс дьыллардаа?ы бы?ыы-майгы эйгэтигэр киирэн ?й?гэр о?орон к?рд?…

…Т??рт к?н? бы?а т??ннэри-к?н?стэри ?лэлээн, дакылаатын б?тэрэн сарсыарда Пличкэ илдьэн туттарбыта. К?н иккис а?аарыгар Пличкэ икки?ин киирэн дакылаатын ту?унан ыйытала?а сылдьыбытын с?б?лээбит уонна ?й?б?л бэлэмнии таарыйа Чуцкаевы кытта кэпсэппит буолан биэрбитэ. Онон сарсын иккиэн ол ки?иэхэ тиийиэхтээхтэр. Дьэ туох диэн тыллаах-?ст??х ки?и буолар…

Былатыан уйу?уйан хойукка диэри, уута кэлэн биэрбэккэ, оронугар эргичи?нии сытта. К?н-дьыл аа?ара т?ргэнэ с?рдээх, иэрэгэй ойуун курдук, эргичи?нээн, элэ?нээн олорор.

Икки сыллаа?ыта саас Казанка дэриэбинэтиттэн сыылкаттан Максимныын аргыста?ан кэлиэ?иттэн ыла ?лэ ????гэр сылдьаллар. Кэлэн и?эн аара Иркутскайга бэрт элбэхтэ мунньахтаабыттара. Сибиир ревкома Саха уобала?ын Иркутскай к?б??р?нэ?э холбоон оройуон о?орон кэбиспит этэ. Ону бырачыастаан, бу ал?ас, сыы?а диэн м?кк??р буолбута.

Сибиир ревкомун ыйаа?ынан Максим Аммосов Дьокуускайга бэрэстэбиитэл бы?ыытынан кэлбитэ. Кэлээт, уопсай салайыыны бэйэтин илиитигэр ылбыта, оттон киниэхэ уокуруктарга, улуустарга, нэ?илиэктэргэ былаа?ы олохтоо?уну, кинилэр ?лэлэрин с?р?ннээ?ини анаабыта. Ревкомнары тэрийии, продразверстка, сир т??этигин курдук уустук соруктары та?ынан ?сс? саханы Бодойбо к?м???н ?лэтигэр тутан ыытыы курдук сыы?а дьа?ал тахсан улахан бутууру ??скэппитэ.

Сайын биир сарсыарда Былатыан са?ардыы туран эрдэ?инэ т?рмэттэн т?л?п????э ы?ырбыттара. Кэпсэппитэ, Амма улуу?ун ревкомун б?т?нн??: Сэмэнэп-Дэхсилээхэби, Уйбаан Емельяновы, Мэхээлэ Дьоскуоскайы-Тыытыйба?ы, Уйбаныап-Кралины – милииссийэ начаалынньыга Зедгенизов диэн ки?и тутуталаан ылан хаайталаан кэбиспит эбит. Ревкомун дьонун босхолотон баран кэпсэтэн билбитэ, сир т??этигин с?б?лээминэ, Амма баайдара Ксенофонтов, Белолюбскай Зедгенизовы кигэннэр ревкомнары хаайтаран бараннар, бэйэлэрин дьоннорун Артемьевы уонна Божедоновы олордуталаабыттар. Баайдар бэйэлэрин сирдэрин охсуллубут оттору кытары т?тт?р? былдьаан ылбыттар. Туох буолтун миэстэтигэр бы?аарса Амма?а тахсыбыта, Артемьев, Ксенофонтов, Белолюбскай са?ан хаалтар. Божедоновы ы?ыртаран, ревком дьыалатын дьонугар т?тт?р? туттарбыта. Зедгенизовы туттаран ылан, хаайан олорон доппуруостаан баран, куоракка атаарбыта. К?рээбит дьону, этиллибит болдьох и?игэр кэлбэтэхтэринэ, сокуон та?ыгар биллэриллэллэр диэн дьа?ал биэрэр. Оттон ревком ?лэ?иттэрэ та?астара-саптара м?лт???н к?р?н уонна хас да улуус мунньахтарыгар урут к?рд???? киирбитинэн кы?ы??ы итии та?ас тутуурун к???ллээн баран Дьокуускайга т?нн?б?тэ.

Кы?ыныгар ЧК-лар туран партия комитетыгар Ойуунускай на?аалаабыт, итии та?а?ы кимтэн да к???лэ суох хомуйтарбыт, дьону сокуон та?ыгар биллэрбит диэн дакылаат т??эрбиттэрэ. Бэрт ?р м?кк??р буолар, партия комитета ?й??р: итии та?ас тутуура саамай с?пт??х уонна ол дьону сокуон та?ыгар биллэрбитэ эмиэ с?п, кулаак бастаанньата буолбутун хайдах дьа?айбакка киириэй диэн буолар. ЧК дакылаатынан Сибиир ревкомуттан кини ревкомтан, партия комитетын бюротуттан, бары эбээ?инэ?иттэн у?уллар, бары матырыйаалларын, бэйэтин к?р??гэ-дь??лгэ партия Сибиирдээ?и бюротугар ыыта охсу? диэн бирикээс кэлэн, т?птэ-т?р?л??н ???э т??эн хомуммутунан барда?а дии.

Сарсыардаа??ы дьаамынан бараары докумуоннарын, кумаа?ыларын бэрийэ сырытта?ына, ?лэлиир хо?угар убайа Никиитэ киирэн кэлбитэ. Сирэйэ-хара?а суулбут, ?т?л?г?н, бэргэ?этин устан ыскамыайка ?рд?гэр быра?аат, остуол утары турар олоппоско олоро т?сп?тэ.

– Дьэ, Былатыан, эрэпкиэммиттэн уурат диэн этээри анаан кэллим, сатаан ?лэлиэ суохпун. Нэ?илиэгим дьоно бары да?аны кырыы харахтарынан кынчыатыы к?р?р буолан эрэллэр.

– Ноо, сатаммата диэн туох баарый? Ол баайдартан хай?абыл истээри гыммыты? дуо? Ким сирин-уотун бэйэтин ба?атынан туран биэриэй? Уураах туолуутун сити?э сатыахха. Дьон са?атын-и?этин хоту сырыттаххына, кырдьык, сатаан ?лэлиэ? суо?а.

– Оттон ол сирбитин а?ыс айдаанынан, то?ус моргуорунан ?лб?гэ бы?ыытынан т??этиннибит да, дьэ харахтарын аалларааччылар а?аардас баайдар эрэ диэтэ?и? дуу? Кыра-хара да дьону? и?игэр араастар бааллар, бээ, – Никиитэ инитэ элэккэй, эрчимнээх бэйэтэ хайдах эрэ уларыйбыт арбы-сарбы к?р???н, тыйыс тылын-???н аты?ырыы к?рб?тэ.

– ?р?б?л??сс?йэ ханнык да дьыалата айдаана-моргуора суох барбат. К?н-дьыл аа?ыа, айдаан сыыйа симэлийиэ, олох да?аны сыыйа оннун булан и?иэ.

Никиитэ симиттэ бы?ыытыйан, инитин сирэйин-хара?ын чинчилиирдии одууласпахтаабыта, ки?итэ кумаа?ыларын хомунан остуолун дьаа?ыктарын тилир-талыр а?ан-сабан талыр?атарын са?ата суох к?р? олорон, хамсалаах саппыйатын та?ааран, табах уурунан хамсатын оборон соппойбохтообута.

– Былатыан, хайа, ?лэ?-хамна?ы? хайда?ый? Бу ханна эрэ хомуна?ын дуу, тугуй?

– Хомунан. Сууттана, дь??ллэнэ бараары, – Былатыан, кумаа?ыларын суумкатыгар симэ туран, дьуххатык хардарбыта.

– Бай, ол ханна?

– Со?уруу дойдуга, ы?ыттарбыттар.

– Оо, ?л?? эбит, до?оор, ол туох дьыала?а и?инни??

– Бы?айын Амма баайдара к?рээбиттэрин дьа?ырыйбытым, итии та?ас хомуурун к???ллээбитим и?ин маннаа?ылар ??с?б?ттэр.

– Арба, эрэпкиэмнэри хаайталаабыттар этэ дии. Ону дьа?ырыйбыкка туох сыы?а баар ????

– Баар ??? дьэ, былааспын та?ынан туттубут, на?аалаа-быт ???б?н…

Никиитэ, эмиэ са?ата суох баран, хамсатын умна?ын арааран, бы?ах у?угунан ыа?ын ыраастаан бодьууста?а олорбута.

– Ха?ан барды??

– Сарсын.

– Кирдик да с?пк? этэ?ин, хайа му?ун муннубутуттан сиэттэрэ сылдьыахпытый? – мунаарбыт курдук тохтуу т??ээт, быраатын диэки кылап-халап к?р?н ылбыта. – Оттон эйигин на?аа улаханнык дь??ллээбэттэр ини?..

– Туох билиэ баарай? Ба?ар, бэйэбин саа уо?угар туруоруохтара.

– Оо, ?л?гэрин, до?оор, ама оннукка тириэттэхтэрэй?

Былатыан, убайын сирэйэ-хара?а а?ара суулбутун к?р?н, а?ыммыттыы м?ч?к гыммыта. Кыйахаммытыгар тэптэрэн олус туруору са?арбытын ?йд??б?тэ.

– Чэ, Никиитэ, ити ?ск??р?т?н этэбин, с?рэххэр олус чугастык ылыныма. Барыбытын ытыалаан кэбистэхтэринэ, са?а олохпутун ким тутуой, ким ?лэлиэй-хамныай?

– Э-ээ, оттон оннук ээ, – убайын сирэйэ-хара?а сырдыы т??эргэ дылы гыммыта. – Чэ, Былатыан, этэ??э сылдьан к?р??хт??, мин хаалан ?лэлээтэхпинэ сатаныы?ы.

Никиитэ, ?т?л?ктээх бэргэ?этин ?рд?гэр т??эн, сорунуулаахтык хамсанан, та?ырдьа тилир гынан хаалбыта. Былатыан, к??ннь?б?т санаата уостан, хо?ун и?игэр т?тт?р?-таары хаамыталыы сылдьан, убайын хайгыы санаабыта. Эрэйдээх, эмиэ хаана тардан, кинини ?й??н нэ?илиэгин бастаахтарын кытта тиниктэ?э т?нн??хт??т? эбээт.

Бары уларыйыы, са?а оло?у туругурдуу ревкомнар эрэ тыйыс, эрдээх ?лэлэринэн ыытылла турда?а. Уостуу тахсыбатар, этэ??э эрэ буоллар ханнык…

Омскайга Барахов, Фреерман буолан аргыста?ан кэлбиттэрэ. Са?ардыы олохторун булунан нам-нум буолан эрдэхтэринэ, Москваттан Ярославскай кэлбит, Ойуунускайы ы?ыттарар ??? диэн су?ал сурах и?иллэн со?уппута. Былатыан ону ??рэ да, дьиксинэ да со?ус истибитэ. Маннаа?ылар дь??ллэригэр мин туспар дурда-хахха буолар ини диэн эрэх-турах санаа ??скээбитэ. Иккис ?тт?нэн, алыс ордук-хо?у туттан, дьону-сэргэни т??рэйдээ?ин курдук к?р??, м????-этиэ диэн дьиксиммитэ.

Ярославскай, кинини дьэ?кир таас ачыкытын курдат эбии улааппыкка дылы буолбут киэ? эрилкэй харахтарынан тонолуппакка супту одуулаабытынан, утары туран кэлбитэ. Хойуу хара бытыга ибирдиириттэн сылыктаатахха, биллэ-биллибэттик м?ч??нээт, кини дьо?ус илиитин икки кэтит баппа?айдарынан бобо тутан илигирэппэхтээн ылбытыгар, Былатыан ыйыллыбыт санаата ???ллэн, тута чэпчии т??эргэ дылы гыммыта.

– Туох айдаанын тарты?? Си?илии кэпсээ, – Емельян Михайлович холку намыын куола?ынан ыйыппыта.

– Сир ?ллэ?игин с?б?лээминэ, Амма улуу?ун баайдара бу ааспыт сайын Зедгенизов диэн милииссийэ начальнигын, уруккуттан бэйэлэрин кутурук ки?илэрин кигэннэр, т??рт нэ?илиэк ревкомнарын туттаран хаайыыга уктаран бараннар, кинилэр оннуларыгар бэйэлэрин дьоннорун туруортаабыттара уонна урукку бэйэлэрин сирдэрин охсуллубут оттору кытта т?тт?р? былдьаталаан ылбыттара. Ону тахсаммын миэстэлэрин буллартаата?ым дии, – Былатыан туох буолбутун баарынан, кы?ыытын-абатын кыатана со?ус да буоллар, омуннаах со?устук то?о-хоро кэпсээн биэрбитэ.

– Ол миэстэлэрин буллараргар конкретно туох миэрэлэри тутунну??

– Кинилэр туруортаабыт дьонноруттан дьыалаларын былдьаан ылан урукку ревкомнарга т?нн?рб?т?м. Зедгенизовы тутан доппуруостаан баран Дьокуускайга утаарбытым. Бэйэм хаалан, баайдар сирдэрин дьада?ыларга т?тт?р? ?ллэрбитим, к?рээбит баайдары этиллибит болдьоххо кэлбэтэхтэринэ, сокуон тас ?тт?гэр биллэрбитим. Ревкомнарым кэтэр та?а?а суох сылдьалларын к?р?н, кы?ы??ы итии та?ас хомуурун ыыталларын к???ллээбитим.

– Да-а, крутые дела развернулись у вас, – Ярославскай эмиэ биллэ-биллибэттик м?ч??нээн ылбыта.

Онтон Бараховы ы?ыттаран ыланнар, партия Сибиирдээ?и кэмитиэтин бюротун мунньа?ар Ойуунускай дьыалатын ту?унан дакылааттатан баран Слепцов-Ойуунускайтан ЧК буруйдаа?ынын устарга, ууруулаах куоластаах делегат бы?ыытынан партия Сибиирдээ?и III конференциятыгар кыттар делегация састаабыгар киллэрэргэ уонна Б?т?н Россиятаа?ы бассабыык партия Х съе?игэр с?бэ куоластаах делегатынан Москва?а ыытарга диэн уураах ылыммыттара. Онон, алдьархайтан ас та?аарыммыт диэбиккэ дылы, эбиитин Москва?а тиийэн съезкэ кыттан, Ленини илэ бэйэтин к?р?н, тылын-???н, ордук национальнай политика ту?унан этиитин олус би?ирээн, онтон сиэттэрэн автономия боппуруо?ун туруорса, б?т?н норуот дьыл?атын бы?аарар дакылаат суруйан, ону туруула?а бу кэлэн сытта?а. «Уол о?о биир к?н ат ?р???т?гэр, иккис к?н ат уор?атыгар» диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ.

Сибиир ревкомун бэрэссэдээтэлэ Смирнов Москва?а сылдьар кэмэ этэ, оттон партия Сибиирдээ?и кэмитиэтин бюротун са?а сэкирэтээрэ Яковлев ?лэтигэр кэлэ илигэ. Онон Чуцкаевка с?бэлэ?э киирбиттэрэ. Былатыан Саха сирин оло?о б?г???? к?ннээххэ хайда?ын, дьо??о-норуокка, ??рэхтээххэ-??рэ?э суохха туох бы?ыы-майгы баарын, сэбиэскэй былаас турбутун кэнниттэн туох ту?уттан Оросин уонна тохсунньу саагыбардара ??скээбиттэрин си?илии кэпсээн биэрбитэ. Сибнац ?лэ?итэ Плич уонна Барахов истэ олорон с?б?лэ?эллэрин биллэрбиттэрэ.

– Мин урут да?аны саха норуотугар автономия кэлэрэ с?п диэн этэр этим. Олорор сирдэрэ бэрт табыгастаах, Саха сирин большевик партията к??стээх, онон салалтата суох буолуо диэххэ, куттаныахха сатаммат, – Плич сахаларга эрэллээ?ин, ?й??р?н а?а?астык эппитэ.

Кини этиитин хаба тардан ылан, Барахов:

– Автономия билигин кэлэрэ наадалаах, кэмэ бэрт то?оостоох. Национальнай боппуруос ата?ар турбата?ына, кэ?ээн-у?аан хаалла?ына, саагыбардар ??ск?? туруохтара. Ба?ар, б?т?н норуот да?аны ?р? туруон с?п, – диэн эбэн биэрбитэ.

Барыларын санааларын истэн баран, Чуцкаев Саха сиригэр аналлаах паапканы арыйан, докумуоннары бэрийбитинэн барбыта. Ытыллыбыт уонна к?ск? анаммыт дьон бириигэбэрдэрин аа?ан билси?эн баран, Дьокуускайтан кэлбит телеграмманы к?рд?рб?тэ. Ону аа?ан билбиттэрэ, букатын да?аны кинилэри утары ис хо?оонноох буолан со?уппута: автономия ту?унан Сибнац боппуруо?у туруорарын бассабыык партия Саха сиринээ?и тэрилтэтэ с?б?лээбэт, к?н-т??н аайы саагыбардар тахса тураллар, партия к???э м?лт?х, сэбиэскэй былаас дири?ник олохсуйа илик диэн. Дьэ «бабат» дии т?сп?ттэрэ.

– Саагыбардар тахса туралларын, сэбиэскэй былаас дьон санаатын ?сс? да тута илигин ту?унан с?пк? этэллэр. Ол гынан баран автономия боппуруо?а онтон тутулуктаах курдук саныыллара сыы?а, онон автономияны биэриини кэпсэтиигэ ити этиилэр бол?омто?о ылыллыа суохтаахтар, – Былатыан туруорсар боппуруо?уттан харыс да халба?наабат кытаанах санааны ылыммытын, сирэйэ-хара?а тыйы?ырбытын к?р?н, Барахов кинини тута ?й??н тыл эппитэ.

– Автономияны ?й??б?т, норуот ба?атын утары санаалаах дьону Саха сириттэн атын дойдуларга ыытан ?лэлэтэр с?п буолуох этэ. Ону э?иги ?йд??рг?т?гэр ба?арабыт, – диэн т?м?ктээбитэ.

Эмискэ б?р??кээбит ты?аа?ыннаах т?гэни балай да са?ата суох а?арбыттара. Чуцкаев, эр хааннарын ылыммыт саха дьонун чинчилиирдии эр-биир хардарыта одуулаан к?рб?хт?? т??ээт, эйэ дэмнээхтик хардарбыта:

– Чэ с?п, би?иги сорох дьону к?р?н манна ы?ыртыахпыт. Ыам ыйын ма?найгы к?н?гэр манифест тахсарыгар с?б?лэ?эбин.

Урутаан эттэххэ, ол дьыл манифест (амнистия) тахсыбата?а. Манифест автономия ылыныллыбытын кэннэ ма?найгы бастаанньа дьонугар тахсыбыта. Онуоха таарыччы 1921 сыллаахха тохсунньутаа?ы саагыбарга холбоспут дьон кытта амнистия?а хабыллыбыттара.

Саха автономиятын боппуруо?ун к?р??гэ аналлаах Сиббюро мунньа?а 1921 сыллаахха муус устар 26 к?н?гэр буолбута. Дакылааты Былатыан бэйэтэ о?орбута.

– Сибиир ревкомун председателэ табаарыс Смирнов хайа да кыра омукка автономия кэлэрин с?б?лээбэтин истэ-истэбин, саха?а автономия кэлэрин ту?унан дакылаат о?орон эрэбин. Большевик партия ыйыытынан советскай былаас Октябрь ?р?б?л??сс?йэтын ма?найгы к?ннэригэр аан дойду кырахара омуктарын к?м?ск??р, ара?аччылыыр, омук омугу баттаабат политикатын ылынна, онон хайа да омук к???л?н тутара, автономия ылара т?р?т эбээ?инэс буолуохтаах диэн эппитэ. Саха уобала?а буолла?ына, бырааба аччаан, Сибревкомун ууруутунан Иркутскай губерния?а холбонон оройуон буолан хаалла. Онон советскай былаас национальнай политиката ата?ар турбакка саагыбардар ??ск?? тураллар, – итинник, бэрэссэдээтэл аадыры?ыгар хомуруйсуулаах со?ус киэ? киирии тыллаан, дакылаатын чаас кэри?э аа?ан, Былатыан маннык ба?а санаанан т?м?ктээбитэ: – Саха автономиятын и?игэр Охотскай муора би?иги диэки биэрэгэ киириэхтээх. Оччо?о сибээс баарын бы?ыытынан партия ?лэтэ, советскай былаас ордук т?ргэнник ата?ар туран, салаллан-дьа?аллан и?иэх тустаах.

Олунньу ый саагыбарын дьонугар амнистия о?о?уллара буоллар, партия да агитациятыгар, советскай былаас да ?лэтигэр бэрт улахан к?м?л??х буолуох этэ. Онон манифест тахсыах тустаах.

Дакылаат б?тэрин кытта Хотимскай диэн ки?и далбаатаммытынан ойон туран, харса-хабыра суох утары тыл этэн барбыта:

– Бу сахалар, син биир дьоппуоннар курдук, империалистическай ?йд??х-санаалаах, улахан кутталлаах норуот. Автономияланнахтарына, онно тирэ?ирэн, советскай былаа?ы утары сэрии тэрийиэхтэрэ, Япония?а холбо?уохтара. Автономия бэриллэрэ с?б? суох.

Былатыаннаах Исиидэр сирэй-сирэйдэрин к?рс?н кэбиспиттэрэ. Дьыалалара б?р?к?тэ суох хайысхаланаары гыммытыгар Былатыан бэйэтин сэмэлэнэ санаабыта, дакылаатын олус толоостук са?алаан кэби?эн, тойотторун ???ргэттэ бы?ыылаах. Смирнов, ону бигэргэтэрдии, кумаа?ыларын остуол ула?атын диэки ха?ыйа анньан баран, икки илиитин холбуу тутан олорон, холку эрээри кытаанах куола?ынан сыыйан са?арбыта:

– Табаарыс Слепцов-Ойуунускайы саха диэммин убаастаан эрэ дакылаатын б?тэттэрдим. Итинник тыл-?с сатаммат, Дьокуускайга баар коммунистар автономия кэлэрин с?б?лээбэт эбиттэр. Мин да санаабар, автономия биэрэр эрдэ буолуо. Оттон бу Слепцов-Ойуунускай табаарыс, бы?ыыта, саха ??рэхтээхтэрин, саха баайдарын илиилэригэр билиэн тутуллан сылдьар ки?и бы?ыылаах, – Смирнов, с?м?йэтинэн дь?л? ??тт??рд??, Ойуунускайы т????н тылынан супту ыйбахтаабыта.

Былатыан ???ргэнэн ойон турбутун бэйэтэ да?аны билиминэ хаалбыта:

– Табаарыс Смирнов, дьыала ис дьи?ин билбэт эрээри, бас-баттах ки?ини буруйдуургун эрэ билэ?ин. Саха баайдарын сокуон та?ыгар этэн буруйдана сылдьаммын аны кинилэр билиэн илдьэ сылдьар ки?илэрэ аатырда?ым. Дьыалабын, бэйэбин быгы?ын ы?ыттаран ылан, соторутаа?ыта дь??ллээбиккитин умна о?устугут дуо?

Эти?ии а?аардаах м?кк??р ?р? к??дь?йб?т?н намырата сатаан, Барахов, Агеев тыл этэн к?рб?ттэрэ ту?алаабата?а. Куоласка туруорууга икки ки?и автономия бэриллэрэ с?п диэбиттэрэ, иккитэ с?б? суох диэннэр, куоластара тэ?нэ?эн хаалбыта. Онон автономия боппуруо?а а?а?ас Москва?а барбыта.

Мунньах кэнниттэн уку-сакы тар?а?ан, Плич кабинетыгар киирэн с?бэлэ?ии буолбута. Онно кэнники арай Дьокуускайга тиийэн, автономия боппуруо?ун с?п дэттэххэ эрэ бу боппуруос ата?ар туруу?у диэн т?м?ккэ кэлбиттэрэ…

Саха сиригэр судаарыстыбаннас олохтонуутун туо?улуур бу с?д? докумуон кэлин хайдах олоххо киирбитин Ойуунускай бэйэтин ахтыытыгар маннык суруйбут: «Ол бириэмэлэргэ Максим Аммосов Москва?а сылдьан автономия барарын с?б?л??б?т, онон Якутскайга олохтоо? диэн ыйдарбыт. Онон бу боппуруос Якутскайга партия ма?найгы конференциятыгар туруоруллан, онно бэрт а?ыйах куола?ынан автономия кэлэрэ с?п дэммитэ.

Браташ онуоха диэри с?б?лээбэккэ, Степан Васильевы кытта бииргэ сылдьан баран, конференция са?ана тиийэн т?тт?р? агитация о?орон, автономия кэлэрэ с?п диэн куоластаата. Ол сайын мин ?л??х?мэ?э ?лэлээбитим, онон автономия ту?угар бэрт к??стээхтик норуокка да?аны, партия да и?игэр ?лэлээбитим. Онон ?л??х?мэ делегацията бука барылара автономия кэлэрэ с?п диэн куоластаабыта».

…Михаил Ефимович ирдэ?эн, хасы?ан туран саха норуотун историятын дьаны?ан ??рэтэн ??йбэтэх ?тт?ттэн ?г?с ?йг?-санаа?а кэлбитэ. Т?р??б?т омуга т?? былыргыттан к?н б?г?н?гэр диэри олорон кэлбит историятыгар буолан ааспыт с?р?н сабыытыйалары, олорго сы?ыаннаах биллэр-к?ст?р дьонун олохторун, ?лэлэрин-хамнастарын, м?кк??рдэрин-туруула?ыыларын ??рэтэн, ырытан билэн баран биири бигэтик ?йд??б?тэ: саха дьоно к???лгэ тарды?ыылара, бэйэни салайыныыга дьулу?уулара, государстволаах буолар ту?угар турунуулара барыта ??н??-сайдыы и?ин, инники кэскилгэ дьулу?ууттан тахсар эбит диэн. ?б?гэлэрбит бэйэлэрин айар-тутар дьо?урдарын, кыахтарын толору ту?аныахтарын, олоххо киллэриэхтэрин куруук ба?араллара. Ол инниттэн, ?с ?йэ тухары саба ?ктээн турбут колониальнай батталтан т?л?р?йэр санааттан, национальнай босхолонуулаах хамсаа?ы??а саха норуота кыттыбыта. Маныаха ханнык да?аны сепаратизм т?р??тэ суо?а. Биир эрэ ба?а санаа баара – к???лл?к тыыныы, к???л сайдыы суолун тобулуу. Ол и?ин Саха сиригэр автономияны ылыныы Ойуунускайга, Аммосовка уонна кинилэр соратниктарыгар суолтата олус улахан этэ. Бу иннинэ ханнык бы?ыыга-майгыга олорон кэлбиппитин умнуохха сатаммат. Дьи?инэн бу иннинэ Александр I туора урдустарга аналлаах устаабынан ыраахтаа?ы чиновниктара салайан кэлбиттэрэ. Онноо?ор, сахалары к?с омуктарынан аа?ан, Степной Дууманы тэринэллэрин боппуттара.

М.К.Аммосов «Саха автономиятын тутуу тезистэрэ» диэн ?лэтигэр автономия с?р?н сыалынан к???л сайдыылаах экономика буолар диэн суруйбута… Олохтоох усулуобуйа уратыларын учуоттаан, култуураны былааннаахтык сайыннарыы буолуохтаа?а. Бэйэ государстволаах буолуута, т??? да т?р?т сили?э-мутуга кэрдилиннэр, норуот хара?а а?ыллыытыгар, у?уктуутугар улахан суолталаммыта. Са?а ??скээбит республика салайааччылара маны таба к?рб?ттэрэ. «Норуот и?игэр хаатыйаламмыт кута-с?рэ, ?й?-санаата т?л? к?т?н са?а олоххо тардыспыта. Саха сирэ экономика, культура балысхан сайдыытын иннигэр турар. Саха автономиятын иннигэр норуот материальнай, духовнай к????н сайдыы, бар?арыы суолунан салайыы соруга турар», – диэн М.К.Аммосов бэйэтин ахтыытыгар эппитэ. Саха сирин салалтата, автономияны ылаат, 1922 сыллаахха са?а бырааптары, кыахтары ту?анан, РСФСР тас эргиэ??э народнай комиссариатын н???? Лондо??а кы?ыл к?м???нэн ?с м?л?й??н солкуобайга т??лээ?ин батарбыта уонна а?аарын бэйэтигэр ылары ситиспитэ. Инньэ гынан ылбыт харчытыгар Россияттан уонна омук сириттэн араас табаар, эмп-томп, ??рэх тэрилэ, инструмент атыыла?ар кыахтаммыта. Бу холобур Саха сирин баайа республика бэйэтин бас билиитэ буолбутун туо?улуур. Маны та?ынан, республика стату?унан ту?анан, олохтоох салалта Москва былаа?ын структураларыгар, урукку курдук Иркутскай, Сибревком, Сиббюро н???? буолбакка, бы?а тахсар кыахтаммыта. Кредити, харчынан к?м?н? Москваттан бы?а ылар буолбута. Ол эрээри ??н??-сайдыы бэйэ кыа?ар, норуот к????гэр эрэ тирэ?ирдэххэ сити?иллиэхтээ?ин республика салалтата ?ч?гэйдик ?йд??рэ. Ону туохтан са?алыахха с?б?й? Маныаха эдэр салайааччылар инникини ?т? к?р??лэрэ ки?ини с?хт?р?р.

«…Бастатан туран, Саха сирэ бэйэтин ис кыа?ын билиэхтээх, – диирэ М.К.Аммосов, – кини айыл?атын баайын, дьонун кыа?ын, бэйэтин историятын, культуратын билиэхтээх. Са?а оло?у тутарга, инники кэскили о?осторго, та?аарыылаах к??стэри сайыннарыыга суолу буларга Саха сирэ бэйэтин урукку оло?ун уонна били??итин ?ч?гэйдик билиэхтээх, ??рэтиэхтээх».

Ки?и с???р? баар, саха салайааччылара Саха сирин о?орумтуолаах к??стэрин, айыл?атын баайын киэ? далаа?ыннаахтык чинчийиигэ Москваны тылларыгар киллэрбиттэрэ буолар. Наукалар академияларын Дьокуускайдаа?ы анал комиссията тэриллибитэ. Чинчийэр ?лэ?э ССРС икки с??стэн тахса б?д?? учуонайдара кыттыыны ылбыттара. Кинилэри биллиилээх специалистар, академиктар С.Ф.Ольденбург, В.Л.Комаров, А.Е.Ферсман, Ф.Ю.Левинсон-Лессинг, В.В.Радлов, В.В.Бертольд уонна да атыттар салайбыттара. Саха сиригэр наука тэрилтэлэрэ баар буолбуттара. Республика музейа, библиотеката са?ардыллан ?лэ?э киирбиттэрэ. Холбо?уктаах киэ? чинчийии т?м?г?нэн айыл?а баайын уонна о?орумтуолаах к??стэри ту?а?а та?аарыыга бы?аччы с?бэлэрдээх наука ?лэлэрин уонна чинчийиилэрин 58 тома суруллубута.

Бастатан туран, ??рэхтээ?ин та?ымын ?рдэтии соруга турбута. Аммосов ?сс? 1919 сыллаахха бэлиэтээн турардаах: «…норуоту ??рэхтээ?и??э ?п кэмчилэниэ суохтаах, уобаластаа?ы нэ?илиэнньэ оскуола уонна оскуола та?ынаа?ы ??рэхтээ?ин ситиминэн эргиччи хабыллыахтаах». Би?иги дьолбутугар, оччотоо?у салайааччылар ??рэ?и ?р? тутуулара саамай с?пт??х хайысха этэ. Онноо?ор саамай ыарахан 20-с сыллардаахха с????нэн саха ыччата киин университеттарга, институттарга ??рэммитэ. Ол т?м?гэр бэрт сотору култуура та?ыма ?рд?к кэрдиискэ тахсыбыта. Былыр-былыргыттан биллэринэн, ?т?? ?гэстэрдээх, айар дьо?урдаах, ?рд?к духовнай баайдаах норуот табыгастаах усулуобуйа?а ?г?с талааннаах дьону та?аарар. Ол курдук, кылгас кэм и?игэр ча?ылхай талааннаах суруйааччылар, артыыстар, художниктар, музыканнар, наука, норуот ха?аайыстыбатын араас салааларын ?лэ?иттэрэ баар буолбуттара.

Эмиэ онуоха маарынныыр хартыына би?иги б?г???? к?ннээх олохпутугар к?ст?р. Музыка ?рд?к? оскуолата а?ыйах сыллаа?ыта а?ыллыбыта эрээри, кини ??рэнээччилэрэ хайыы-?йэ?э аан дойду, Россия та?ымнаах бириистэргэ, дипломнарга тикситэлиир буоллулар. Ол эрэ буолбатах, ??рэх, искусство, наука араас к?р??нэригэр ыытыллар олимпиадалар, конкурстар, к?рэхтэ?иилэр кыайыылаахтара а?ыйа?а суохтар. Онон этиллиэх тустаах: ?ск?т?н 20-с сыллардаахха би?иги салайааччыларбыт сайдыы ????гэр ??рэхтээ?ини туруорбатахтара буоллар, саха норуота атын дьыл?аланан, билигин атын та?ым?а турар буолуо этэ. Кинилэр саамай с?пт??х хайысханы талбыттара, ол и?ин би?иги кинилэргэ махталбыт му?ура суох.

1923 сылтан ыла Алдан кы?ыл к?м???н ту?а?а та?аарыы ?лэтэ са?аламмыта. Бу иннинэ Алдан уонна Т?мт??н кы?ыл к?м???н Амур уобала?ын дьоно хостууллара. Кинилэр 1895–1923 сыллардаахха 16 тонна кы?ыл к?м??? хостообуттара. Сахалар бу ?лэ?э ылсаннар, 1923–1924 сылларга 4,5 тоннаны, оттон 1925 сыллаахха 9,5 тоннаны сууйбуттара.

Саха АССР правительствота республика норуотун ха?аайыстыбатын т?рд?ттэн уларытар генеральнай былаан о?остубута. Хайа промышленно?ын олохтоо?ун, суолу тутуу, сибээ?и сайыннарыы, тыа ха?аайыстыбатын механизациялаа?ын, массыына-трактор пааркаларын элбэтии боппуруостара турбуттара. ?п-харчы олохтоох тэрилтэлэртэн, киинтэн, бэл омук инвестициятынан да?аны киирэр этэ. Саха сирэ, оччотоо?у кэм сыанабылынан, элбэх ?б? кы?ыл к?м??? хостоо?унтан уонна т??лээхтэн киллэрэрэ. К?м??? та?ынан платинаны уонна исландскай шпаты хостоо?ун, тимир рудатын промышленно?ын сайыннарыы са?аламмыта. Тимири Япония?а уонна Дальнай Востокка та?аарар былааннаахтара. Дальнай Восток Крымтан тиэллэр туу?унан хааччыллара, ол и?ин ону Кэмпэндээйи туу?унан толору хааччыйар былааннаахтара. Япония эмиэ бэйэтин м?лт?х хаачыстыбалаах туу?ун оннугар атын дойдулартан ?ч?гэй туу?у а?алар ханаалы к?рд??рэ. Саха сирин тас ?тт?гэр балыгы, тутуу ма?ын та?аарар санаалаахтара, Американы кытта оннук кэпсэтии ыытылла сылдьара. М.К.Аммосов Саха сиригэр тимир суолу а?алар ту?унан боппуруо?у к?т??? сылдьара.

Били??и кэминэн сыаналаатахха, с?д? былааннар туруоруллубуттара уонна утуу-субуу олоххо киирэн испиттэрэ. Республика к???л сайдыытын далаа?ына к????рэн, кэ?ээн и?иитин со?уруу тоталитарнай систиэмэ киин былаа?ын барыны бары бас билэр, талбытынан дьа?айар, былаанныыр политикатыгар баппатын, с?п т?бэспэтин курдук ылыммыттара.

Саха интеллигенцията, ?л??х-быстыах быатыгар, киин былаас политикатын с?б?лээбэтин олус а?а?астык биллэрбитэ. БСК(б)П НЭП утары ыытар дьайыыларын, демократия к???л?н хааччахтаа?ыны, национальнай политика?а сы?ыаны уларытыыны, тоталитарнай режим олус к????р??т?н бырачыастыыр б?л?х тэриллибитэ. П. В. Ксенофонтовтаах «Младо-якутская национальная советская социалистическая партия середняцко-бедняцкого крестьянства (конфедералистов)» диэн ааттаналлара. Кинилэр Конституция?а этиллэр быраабы к?м?скээ?ини, демократия дьи?нээхтик сайдыытын, уопсастыба, политика, экономика уонна норуот маассатын актыыбына?а ?рд??р?н турууласпыттара. С?р?н сыалларынан Саха АССР суверенитетын, к???лл?к сайдыы быраабын кэ?этии этэ. Бу хамсаа?ын салайааччыта П.В.Ксенофонтов хаан тохтуулаах саба баттаа?ын иннинэ киэ? тай?а т??кэтэх ыырын и?игэр эппит ти?эх тылларын маннык т?м?ктээбитэ: «История би?иги дьыалабыт кырдьыгын бигэргэтиэ…» Павел Васильевич этиитин история кырдьык, олус хойутаан да буоллар, бигэргэппитэ. Оччотоо?у 1927–1928 сыллардаа?ы Саха сирин салалтата уонна интеллигенцията хабырдык, киэ? далаа?ыннаахтык репрессияламмыта. Уон сыл буолан баран, 1937–1939 сылларга, тутулуга суох к???л ?й?-санааны репрессия катога ?сс? т?г?л ?лт? мэлийэн ааспыта…

Саха чулуу уолаттарын хорсун турунууларын ?йд??н-санаан кэллэр эрэ, Михаил Ефимович туох да буолбутун и?ин, хайдахтаах да эрэй-му?, быстах кэмнээх былаас т??рэйдээбитин и?ин норуот ортотуттан т?р??б?т дойдуларын дьыл?атын ту?угар эттэринэн-хааннарынан, с?рэхтэринэн-быардарынан дьи?нээхтик ыалдьар, са?аттан-са?а бас-к?с дьон ??нэн тахса туралларынан киэн туттар. Кинилэр олус уустук кэм?э Саха сирин экономическай, социальнай-духовнай сайдыыта, т??? да Максим Кирович Аммосов са?анаа?ы курдук т?ргэн тэтиминэн барбатар, кэм иннин диэки тохтообокко сы?арыйа туруохтаа?ын туруула?а сатаабыттара. Михаил Ефимовичка ?сс? атын ыйытар санаа киирээччи… «Конфедералистар тыыннаах хаалар уонна бэйэлэрин идеяларын к?м?ск??р кыахтаахтара дуо? Таба суолу талар кыах баара дуо?» Биллэн турар, баара. Тыыннаах хааларга саамай эрэллээ?инэн к????н-кыа?ын ылынан эрэр систиэмэни билинии, кини ирдэбиллэригэр бас бэринии этэ. Оттон кинилэр атын суолу тутуспуттара. Ол гынан баран репрессия к?л???этэ син биир интеллигенция ?рд?нэн барыахтаах этэ. Ол эрээри к?дь???э суох охтубуттара диир сыы?а. Т??? да уонунан сыллар ааспыттарын и?ин, кинилэр ыспыт сиэмэлэрэ таах хаалбата?а. А?а к?л??нэ ба?а санаата олоххо киирбитэ.