скачать книгу бесплатно
С?м?л??т, дьиги?ийбэхтээт, аллара ы?ыктынан салгы??а охсуллумахтаан ылла. Намтаа?ы??а бардылар, ол аата, чуга?аан эрдэхтэрэ. Иллюминаторынан ???с гынна. Со?ордук, ?л??нэ ?рд?нэн к?т?н и?эллэр. А?ыйах дьиэлээх-уоттаах Бэстээх учаастагын аа?а охсубуттар, иннилэригэр Баахынай мыраана, онон-манан ордон хаалбыт хаарбах тутуулар, дуобат курдук, чочору?ан к?ст?лл?р. Ок-сиэ, бу дойду ы?ыллан-то?уллан б?пп?т. Урут элбэх ки?илээх-с????лээх б?д?? учаастактар этилэр дии. Хомсомуолга ?лэлиир эрдэ?инэ, хайы?арынан походтуу кэлэллэрэ, элбэх субуотунньуктары тэрийэллэрэ…
Дьон-сэргэ ырыынак сы?ыаныгар киириигэ бэлэмэ суох олорон биэрэн иэдэйдэ. Бэйэни салайыныы, к?р?н?? боппуруо?ун дэбигис ылынымаары гынна. Олус бытаарыы та?ыста, дьон ?й?-санаата уларыйбата с?рдээх. Урут сопхуос са?ана на?аа бэлэм?э ??рэнэн, ким эрэ кэлэн дьа?айарын-тэрийэрин, хамнас биэрэрин кэтэ?э ??рэнэн хаалбыттар.
С?м?л??т, сыыйа намтаан, ?л??нэ ха?ас мыраанын ?рд?нэн ыраах сырдаан к?ст?р бачымах курдук хойуу тутуулардаах Эдьигээн б????лэгин ту?аайбытынан супту сурулаан аллара диэки т??эн истэ. Мыраан ?рд?нээ?и хардьа? тыа ньирээйи мастара ки?и хара?ар чуолкайдык к?ст?р буоллулар. Ол Стрекаловка ?рэх с?нньэ, сиэдэрэйдик иэ?иллэн, ?р?? к?м?с м????рэлии к?л?м?рдээн к???ннэ. С?м?л??т, б????лэги ?рд?нэн балай да аа?а к?т??т, у?а ?тт?нэн ?р? ханарыйан т?тт?р? эргилиннэ. Эбэ модьо?о мыраанын ?рд?нээ?и сэдэх тутуулардаах аэропорт хонуутугар т??эн, у?ун бетон суол устун тилигирэйэ с??рдэ.
Эдэр учуутал
Олунньу са?атынаа?ы сарсыардаа??ы дьыбардаах халлаан ?р?? былытынан сабыллан турбут чараас б?р??т?н сэгэтэ тарпыт курдук, илин са?ах иитэ ?р?с ?рд?нэн к?м?с кытах дуйунуу су?уктуйа сырдаан эрдэ?инэ, Стрекаловка ?рэх сырыынньа хаа?ын баты?а чуо?успут дьо?ус тутуулардаах эргэ дьиэлэртэн биирдэстэриттэн хачаайы к?р??нээх эдэр кыыс тахсан хайы?ар кэтэ турар. К?н?н тура-тура т??к??н??н, ким эрэ олус кэ?этэн кэбиспит быатын хат с??рэн, хааты?катын т?б?т?гэр с?п т?бэ?эр гына кыаратан баайталаата. Балай да ?р бодьууста?ан хайы?ардарын кэтэн кэлгиэ быаларынан кириэстии тардыталаан баанан баран, икки торуоскатынан сэрэхтээхтик тайанан, ?рэх эниэтин намы?ах сирэйинэн аллара диэки анньынна. Мууска киирэн ?рэх с?ннь?н баты?а тыырыллыбыт суолунан холкутук сыыйа тэбэн барбахтыы т??ээт, т?тт?р? иэ?иллэн сыыры ?р? та?ыста. Дьиэлэр кэтэхтэринэн кытылы баты?а эрийэ-буруйа сыыйыллар килэркэй суолу туту?ан олорор сирин ту?аайыытыгар эргиллэн кэлиэр диэри чаас чиэппэрэ холобурдаах аа?а о?уста.
Дьиэтигэр киирэн сыыйа-баайа суунан-тараанан, о?ох ?рд?гэр турар сылаас чаанньыктан чэй куттан сулбу-халбы а?ыы т?стэ. Б?л??н ?с чааска диэри тохсус кылаастарга химия уруогар бэлэмнэммит тэтэрээтин, учебнигын туумба ?рд?ттэн хомуйан бартыбыалыгар угунна. Та?а?ын уларыттан ?лэтигэр тахсаары туран ча?ытын к?р?мм?тэ, сэттэ а?аар буолан эрэрэ.
А?ыйах хаамыылаах сиргэ турар улахан оскуола дьиэ?э киирбитэ, ким да кэлэ илик эбит. Учуутал хо?угар киирэн сонун, бэргэ?этин ыйаат, ойо?оско турар сиэркилэ?э к?р?нэ, та?а?ын-сабын к?нн?р?нэ т?стэ уонна к?р?д??ргэ тахсан кэрийэ сылдьан кылаастары к?р?тэлээтэ. Паарталар, остуоллар туруулара бэрээдэктээ?ин, дуоскалар ыраастарын, барыларыгар миэл, тирээпкэ баарын астына к?р?н т?нн?н киириитигэр атын учууталлар утуу-субуу кэлитэлээбитинэн бардылар.
– Здравствуйте, Анастасия Яковлевна. Вы, как всегда, первая. Сейчас по пути заходила в интернат, грязновато живут ребята. Что-то долго болеет наша воспитательница. Кстати, с сегодняшнего дня Ваша очередь ее заменить, – быйыл са?а ананан кэлбит орто оскуола дириэктэрэ Марианна Евгеньевна Фрейберг, учууталыскай аанын а?аат, дьа?айбытынан барда.
– О, Настенька молодец, каждое утро зарядкой занимается и на лыжах ходит. И когда все успевает? – барыларыттан а?а саастаах, ?р? ба?аарыйбыт улахан са?алаах нуучча тылын учуутала Зоя Дмитриевна Головина олохтоох миэстэтигэр остуол ба?ынаа?ы олоппоско олоро т?стэ. – Как на фронте, всегда подтянутая ходит, молодчина.
Зоя Дмитриевна – фронтовичка, т?гэн тосхойдор эрэ сэрии ту?унан бииргэ ?лэлиир дьонугар, о?олорго да?аны куруук кэпсии сылдьарын с?б?л??р.
Оскуола ?лэ?иттэрин а?аарын кэри?э Воронеж, Ярославль курдук со?уруу??у куораттартан кэлитэлээбит сымна?ас килиимэттээх дойду дьоно этилэр. Инньэ гынан, тыйыс айыл?алаах у?ук хотугу сир тымныытыгар ??р?йэ?э суохтара таайан, ?кс?лэрэ сонноох сылдьан уруоктарын ыыталлара. Арай дириэктэрдэрэ Марианна Евгеньевна, Тиксиигэ т?р??б?т олохтоох ки?и сиэринэн, сонун устан, хара?а к??х к?ст??м?н та?ынан халы? т?? былаатын санныгар б?р?нэн сылдьара. Кини а?ата Евгений Фрейберг Тиксиигэ аан ма?най метеостанцияны тэрийэн ?лэлэппит ки?инэн биллэр. Кыы?ын т?р??б?т сирин аатынан Тиксии диэн с?рэхтээбитэ сибидиэтэлистибэтигэр сурулла сылдьар ???. Кыы?а ону пааспар ыларыгар Марианна диэн уларыттарбыт. С?рдээх дьа?аллаах, ыпсарыылаах тыллаах-?ст??х ки?и. Та?ас-сап кырыымчык кэмигэр маннаа?ы экспедициялары кытта кэпсэтэн интэринээт о?олорун барыларын хааты?калаата, тэлигириэйкэ булан кэтэрдитэлээтэ. ?сс? Анастасия Яковлевна Дьокуускайга иккис оскуола?а ??рэнэр кэмигэр интэринээт о?олоро бары формалаах буолалларын, уолаттар хара сукунаттан тигиллибит киитэллээх, оттон кыргыттар баартыктаах сылдьалларын ту?унан кэпсээбитигэр барыларыгар оннук форма тиктэртээбитэ. Сиэрин ситэрэн ?сс? эмиэ сукунанан сааскы сон уонна муоданы ?т?ктэн молниялаах бэлбиэт куурка тиктэрэн, бы?ата, маанытык та?ыннартаабыта.
Анастасия Яковлевна институт кэнниттэн биология уонна география учуутала идэлээх бу дойдуга быйыл са?а кэлэн ?лэлээн эрэр. Эмиэ кини курдук ??рэ?ин са?а б?тэрэн Воронежтан кэлбит Смирнов Борис Иванович диэн кыра у?уохтаах эдэркээн физрук уол, Анастасия Яковлевна хайы?ардыыр сура?ын истэн, ??сэргээн эрэрдии му?атыйбыт куола?ынан барыларын диэки кылап-халап к?р?тэлии-к?р?тэлии:
– А ребята у меня не хотят лыжами заниматься, никто меня не слушается. Уеду отсюда, – диэтэ.
– Ок, ки?ибит кэллэ-кэлээт куотардыы о?остон эрэр дуу? – математика учуутала Иннокентий Афанасьевич Герасимов, элэктээбиттии, к?лэ т?стэ.
Ону с?б?лээбэтэх курдук, кэргэнэ Марфа Дмитриевна, саха тылын учуутала, эрин диэки хатыылаахтык к?рб?хт??т, уолу алы гынардыы, ньуолбардык са?а аллайда:
– Да ты что-о, Боря, не надо… Вот Анастасия Яковлевна поможет тебе.
– В самом деле, Борис Иванович, мы все поможем тебе, – оскуола заву?а Матрена Петровна тыл кыбытта.
Онуоха элбэ?и аахпыт-билбит, уопуттаах салайааччытын ыллыктаах тылын-???н ?й??н, Анастасия Яковлевна барыларыгар ту?аайан этии киллэрдэ:
– Точно, давайте отныне каждое воскресенье все кататься на лыжах. Боря будет руководить нами.
– Кырдьык да?аны!
– Я поддерживаю Настю.
– Да, покажем пример детям.
– С?п этэ.
Уруокка киириэхтэрин иннинэ кылгас мунньах а?аардаах кэпсэтии т?м?гэр учууталлар ?р?б?л к?н сарсыарда уонтан биир чаас устата хайаан да бары хайы?ардыы тахсар ту?унан бигэтик кэпсэти?эн, кылаастарынан тар?астылар.
* * *
Б?г????ттэн ыла у?уннук ыалдьыбыт интэринээт иитээччитин оннугар ?лэлиэхтээх Анастасия Яковлевна, улахан кылаас уолаттарын хо?угар киирэн, кэккэлэ?э турар ороннор иннилэринэн хаамыталыы сылдьан, муннук ороннорго ч?м?хт???н олорор о?олортон, кэпсэтии та?ааран, с?бэлэ?эр бы?ыынан интэринээт оло?ор-дьа?а?ар туох итэ?эс-бы?а?ас баарын, инники ?тт?гэр хайдах дьа?анар ба?алаахтарын ?тэн-анньан ыйытала?а сатыыр.
Ма?ан са?алаах хара?аты?ы от к???э былаачыйалаах, ханан да кир-хох сыстыбатах кылбаа ма?ан т??сэ?кэлээх, уурбут-туппут курдук бы?ыылаах-та?аалаах, киэ? арылхай харахтаах эдэркээн учуутал кыыс сэрии кэмигэр хойутаан ??рэммит ?рд?к? кылаас сорох сиппит-хоппут уолаттарын кытта а?ыйах сылынан быыса?ар, эгил-тэгил тэ? саастыылаахтара этэ.
– О?олоор, воспитательгыт ыалдьар кэмигэр мантан инньэ кинини мин солбуйуохтаахпын. Директорбыт Марианна Евгеньевна сарсыарда аайы э?игини к?р?н бэрэбиэркэлээн киирэр. Кирдээхтик олороллор, режими аанньа тутуспаттар диир. Ону туоратарга тугу о?оробут, режими хайдах туту?абыт?
Ким да тутатына хардарбата. Хосторо тымныы буолан ?кс?лэрэ тэлигириэйкэлээх да буоллаллар, то?мут курдук кумуччу туттан, иннилэригэр чараас былаачыйанан эрэ турар эдэркээн учууталларыттан кыбыстыбыттыы, кэмчиэрийэн олордулар.
– Кырдьык, дьиэ?ит та?а, кирилиэскит, к?рдь?кк?т кирдээх, умывальниккыт аннынаа?ы бааххыт то?уллубакка толору турар. Бэйэ?ит оскуола?ытыгар, дьиэ?итигэр куруук телогрейканан сылдьаргыт к?р?рг? ?ч?гэйэ суох.
– ?лэбит элбэх…
– Маспытын-уубутун бэлэмниибит.
– Дьиэбит тымныы, – онтон-мантан симик са?алар одо?-додо? и?илиннилэр.
– Анастасия Яковлевна, эн хайдах то?моккунуй? – тэлигириэйкэтин э?ээрин с?р?? туттан олорор Коля Софронов кэмчиэрийбиттии ыйытта.
– Мин сарсыарда аайы эрдэ тураммын зарядкалыыбын, хайы?ардыыбын уонна хайдах то?уохпунуй?
Дьи?инэн, кини оскуола?а барарыгар былаачыйатын и?инэн чараас куопта кэтэрэ. Хаты?ыр буолан онтукатын билиннэрбэт этэ, билигин онтун эмиэ кэтэн турара.
– Тыый, хайдах онно барытыгар бириэмэ? тиийэрий?..
– Режими туту?абын.
– Оччо?о хата режим?ин кэпсээ эрэ.
– Только барытын, сарсыардаа??ыттан са?алаан… – сэргэ?элиир са?а-и?э арыый элбээн, кэпсэтии с?ннь?н булуох курдук буолла.
– Мин сарсыарда алта а?аарга туран зарядкалыыбын уонна 15 м?н??тэ устата хайы?ардыыбын. Суунан, а?аан бараммын сэттэ а?аарга оскуола?а баар буолабын. Эбиэккэ диэри э?иги смена?ытыгар химия?а, биология?а уруок биэрэбин. Эбиэттэн киэ?э иккис смена?а ботаниканы ??рэтэбин, юннаттар куру?уоктарын, агитационнай ?лэ ыытабын. Нэдиэлэ?э т??ртэ киэ?ээ??и оскуола?а ??рэтэбин. Ол кэнниттэн дьиэбэр кэлэн сарсы??ы уруоктарбар бэлэмнэнэбин.
– Уонна алта а?аарга тура?ын?..
– Туран.
– Онно уу? ханар дуу?
– Ханар. Урут студенныы сылдьан да?аны хойукка диэри дьарыктанар, эрдэ турар этибит. Инньэ гынан ??рэнэн хаалбыппын.
– Тыый, оччо?о би?иги бириэмэбит ?г?с ?тт?н утуйан тахсар эбиппит дии, – учууталларын кытта, уруккуларын курдук, кэмчиэрийэ, кыбыста тутталлара сыыйа симэлийэн, бэйэлэрин тэ?нээхтэрин курдук, с???н-махтайан, бэрки?ээн кэпсэтиигэ бары а?а?астык кыттан бардылар.
Анастасия Яковлевна бэйэтэ да?аны, исти? сы?ыан, чугаса?ыы тыына ??скээбитин билинэн, и?нигэ?э суох холкутук са?аран-и?эрэн салгыы кэпсээбитинэн барда:
– Мин эмиэ, э?иги курдук, оскуоланы б?тэриэхпэр диэри интэринээккэ олорбутум. Онно бэйэбитин дьа?анар сэбиэттээх, бэрэссэдээтэллээх буолар этибит.
– Ханнык оскуола?а ??рэммиккиний? Ол сэбиэттэри ким тэрийэр, туох ?лэни ыытар этилэрий? – тэлигириэйкэлээх уолаттар ортолоругар со?ото?ун толстовканан олорор, ?р?к?йб?т хара куударалаах басты? ??рэнээччи Миша Николаев эрилкэй киэ? харахтарынан бол?омтолоохтук к?р?тэлээтэ.
– Дьокуускайга иккис оскуола?а ??рэммитим. Барытын ??рэнээччилэр бэйэбит испититтэн бэйэбит талан тэрийэрбит. Алталыы-сэттэлии ки?илээх спортивнай, ха?аайыстыбаннай, санитарнай, культмаассабай сектордар сэбиэттэрин таларбыт. ?сс? ха?ыат та?аарар художниктардаах, редколлегиялаах буоларбыт. Олор салайар этилэр. Хостор аайы ыстаары?алар баар буолаллара, кинилэр дьу?уурунайдары аныыллара. Барытын бэйэбит к?р?нэр, о?орор этибит. Ким да, хайа да учуутал кэлэн бэрэбиэркэлээбэт этэ.
– Оо, на?аа ?ч?гэй эбит дии!
– Кырдьык да?аны, би?иги эмиэ инньэ гыммаккабыт…
– Би?и да?аны тэринэрбит то?о сатамматый? – Миша, барыларын санааларын т?мэрдии, бы?аччы эттэ.
Анастасия Яковлевна, ??р??т?н кистээбэккэ, ?р???сп?тт?? тыл к?т?хт?:
– Чэ оччо?о сэбиэппитин талыа?ы?.
О?олор, тута с?р??н дьыала?а эмискэ киириэхтэрин толлубут курдук, кэмчиэриспиттии к?л?м алла?ан, сирэй-сирэйдэрин к?р?ст?лэр. Чочумча тохтуу т??ээт, Миша та?ыгар олорор, эмиэ куударатын ха?ас ?тт?гэр кэлтэччи тарааммыт Володя Федотов симиктик тыл быктарда:
– Ээ, би?и эмиэ бэйэбит…
– Кырдьык, би?иги эмиэ бэйэбит талыннахпытына?..
– С?п-с?п, инньэ гыныаххайы?.
– Анастасия Яковлевна, эн баран сынньан.
Учууталлара к?лэ т?стэ. Кэпсэтиитэ табыллан, ис-и?иттэн ??рэн, астыммыт бы?ыынан ыты?ын ыты?ыгар тэс гына охсон, сууралаамахтаан ылла.
– Чэ с?п, кытааты?, хомуну?! – эргичис гынан тахсыахтыы хос и?ин кэрийэ к?р?н и?эн, хара?а о?ох та?ыгар сытар турба?а баайыллыбыт туох эрэ улахан к????? тимирдэргэ и?иннэ. – Бу тугуй, о?олоор?
– Ити Миша штангата, к?н аайы дьарыктанар, – Коля Софронов киэн тутта хардарда.
– Оо, дьэ маладьыас, Миша, табаарыстаргын эрчийдэ?и? дии. Зарядкалаа?-хайаа?, дьон онноо?ор тымныы уунан, хаарынан сууналлар, ол и?ин тымныйбаттар, ыалдьыбаттар.
Оскуола
Дириэктэрдэрэ, сарсыарда а?а?ас уруоктаах буолан, суо?а. Анастасия Яковлевна ахсыстарга биологияны ??рэтэн баран учууталыскайга киирбитигэр, Марианна Евгеньевна кинини хайдах эрэ сирэйэ-хара?а сырдаан, ??рэ-к?т? к?р?стэ.
– Ну, здравствуй, мадонна, ходишь, уроки даешь, а там ребята сами… – тугу эрэ ситэ са?арбакка м?ч??нээн кэбистэ. – В общем сама посмотришь после уроков.
«Тыый, тугу о?орбут буоллахтарай?» – диэн Анастасия Яковлевна у?ун перемена?а диэри икки уруок устата и?игэр ааллара, дьиксинэ саныы сырытта. ???с уруок б?тээтин кытта интэринээтигэр с??рэн тиийбитэ, хара?ар дьиэ та?ыттан ыла са?алаан к??ппэтэх атын хартыыната арылынна. Кирилиэс та?ынаа?ы ки?и хара?ын аалар ара?ас ??н??х муус-хаар, кир-хох суох буолбут. И?ирдьэ киирбитэ, суунар хос ып-ыраастык сууйуллубут, урукумуонньук аннынаа?ы баах тобус-толору кирдээх уунан билгийэн турар бэйэтэ кубус-кураанах килбэйэн олорор. Хостор, утуйар ороннор бары тупса?ай ба?айытык хомуллубуттар. Икки хо?унан олорор кыра кылаастар о?олоруттан ыйытала?а, кэпсэтэ-хайгыы т??эн баран, эдэр учуутал с?ргэтэ к?т???ллэн, дьиэрэ?кэй а?аардаах оскуолатыгар т?тт?р? элэстэнэн та?ыста.
– А ну-ка, теперь расскажи, моя красавица, как тебе удалось совершить культурную революцию? – Марианна Евгеньевна, Анастасия сирэйэ-хара?а сырдаан киирбитин к?р?н, куолутунан к?лэ-оонньуу кэриэтэ, ыйытта.
– Барытын Миша Николаев тэрийбит ???, бары мустан мунньахтаабыттар. Хас да сектор сэбиэтин, хостор ыстаары?аларын бэйэлэрэ талбыттар уонна тута дьа?анан ?лэлээн-хамсаан барбыттар, – Анастасия Яковлевна ??рэ-к?т? бэ?э?ээ??и к?рс????т?н ту?унан си?илии кэпсээн биэрбитигэр дириэктэрэ тэ??э ??рсэн, с???-махтайа и?иттэ. Урут атын оскуола?а итинниги к?рс?бэтэх, билбэтэх эбит буолла?а.
– Оказывается, детям самим надо давать власть.
Итинтэн сиэттэрэн, олох-дьа?ах, ?лэ-хамнас ту?унан киэ?ник хабан кэпсэтиигэ баар учууталлар бары кытыннылар.
– Дорогие коллеги, нам как-то надо оживить работу кружков. До сих пор они существовали формально, только на бумаге. Каждый специалист должен проводить практическую общественно-полезную работу на занятиях кружков по своему предмету. Как вы на это смотрите?
– С?п буолуо, – математик Иннокентий Афанасьевич ылбат-биэрбэт икки ардынан и?иэтиннэ.
– А как это должно выглядеть на деле? – Зоя Дмитриевна чуолкайда?ааччы буолла.
– Ну вот, вам, например, как преподавателю русского языка и литературы ставить хотя бы по праздникам пьесы, сценки из произведений классиков силами учащихся и населения.
– Вот как? Впрочем, почему нельзя? Можно.
– Вот и хорошо, таким же образом нужно поступить и в кружке по якутскому языку. Немного иначе обстоит дело по истории, биологии, математике. Но и тут можно проводить интересные занятия, главное, детей надо заинтересовать, привлечь их внимание к активной деятельности, – Марианна Евгеньевна учууталлары ??рэтэр-иитэр ?лэ?э угуйар ?т?? ба?ата, ?й-санаа кылын таарыйар исти? тыла-??? барыларын к???л??ргэ, бэйэтигэр чуга?атарга дылы гынна. – Вот буквально вчера произошло чудо. Благодаря Анастасии Яковлевне, интернатчики наши совершили, так сказать, культурную революцию. Все убрано, чисто, любо смотреть.
– Это Миша Николаев все организовал, я просто рассказала им из опыта своей интернатской жизни.
– Вот и чудесно, поделись и с нами своим опытом. Ты, кажется, окончила вторую школу в Якутске?
Анастасия Яковлевна, кэмчиэрийэ со?ус да тутуннар, кэпсээнин бэрт ыраахтан са?алаан сэ?эргээбитинэн барда.
Оччолорго иккис оскуола дириэктэринэн Роман Михайлович Поскачин диэн кип-киэ?инэн куруук чинчилиирдии к?р? сылдьар, ?р? тарааммыт баттахтаах, ордоотуу со?ус улахан са?алаах, у?ун ньоло?ор сирэйдээх хаты?ыр кыра ки?и ?лэлиир этэ. Кини н?кс?чч? со?ус туттан, киэ?-киэ?ник, чи?ник хардыылаталаан к?р?д??р устун хо?угар аа?арын т??? да?аны толло к?рд?лл?р, дьи?инэн, кини о?о?о да, ?лэ?иттэригэр да?аны бол?омтолоох, сымна?ас сы?ыаннаах ки?инэн биллэрэ. Учууталлар, интэринээт иитээччилэрэ ?кс?н эр дьон буолаллара. Биирдэ да?аны ??рэнээччилэрин м???н-этэн кирдиэлэппиттэрэ, т??рэйдээбиттэрэ диэн суо?а, т??? кыалларынан ?й??-убуу, с?бэ-ама биэрэ сылдьаллара. Николай Васильевич Егоров, Алексей Герасимович Захаров, Федот Васильевич Попов, Николай Дмитриевич Соловьев курдук учууталлар, интэринээт иитээччилэрэ: кыргыттарга Иван Лукич Лукшин, уолаттарга Василий Лукич Сенькин – ?г?с о?о ?й?гэр-санаатыгар ха?ан да умнуллубаттык и?эн хаалбыт, ?йт?н с?ппэт дьон буоллахтара.
Интэринээккэ хайдах бэйэлэрин к?р?нэн-дьа?анан олорбуттарын та?ынан куру?уоктары, ордук спортивнай, культмаассабай, юннатскай ?лэлэри, ураты к?хт??хт?к салайбыт Степан Павлович Петров, Василий Лукич Сенькин курдуктары Анастасия Яковлевна улахан махталынан бэлиэтээн а?ынна. Физрук Степан Павлович бэйэтэ эрчийбит о?олорунаан Иван Петровтуун, Дмитрий Саввиновтыын хайы?арга хамаанданан к?рэхтэ?иилэргэ хас да сыл устата республика?а миэстэлэспиттэрэ, бастаабыттара. Оттон Василий Лукич араас краеведческай, туристическай походтары тэрийэрэ, гербарий хомуйтарара.
– Вот тебе и карты в руки, организуй юннатский кружок, – дириэктэр, этэргэ дылы, эдэр учууталын тылыттан хабан ылла.
Анастасия Яковлевна, дириэктэрин соруда?ын т??? да эмискэ дьа?ал курдук со?уйа и?иттэр, эй да, ээх да диэн хардарбата, симиктик мичээрдээн эрэ кэбистэ. Сорудах бэрилиннэ да туолуохтаах, туох да диэн утары этэр, у?атар-кэ?этэр сылтах суох буолан биэрдэ. Уруоктарын быы?ыгар к?н? бы?а туохтан са?алаан ?лэлиирин эрэ ту?унан толкуйдуу, мунаара сырытта. У?ун мунаах-тэнээх санаа кэнниттэн институкка ??рэппит учуутала Василий Николаевич Дохунаев ньыматынан арай пришкольнай учаастак тэрийэн о?олорунан бэйэлэринэн араас ол-бу ??нээйи ??ннэттэрэн, к?р??-харайыы ?лэтин тэрийэн к?рб?т ки?и диэн т?м?ккэ кэлбитэ.
Киэ?э дириэктэрин кытта санаатын ?ллэстэ киирбитэ, заву?а Матрена Петровналыын тугу эрэ кэпсэтэ, с?бэлэ?э олороллоро.
– Мы как раз сидим обсуждаем, кого выбрать секретарем комсомольской организации и в учком. Кого можно, как вы считаете? – Марианна Евгеньевна, кэтэ?эн олорбут курдук, эдэр учууталыттан ыйыта то?уйда.
Анастасия Яковлевна, эмиэ урукку интэринээттээ?и оло?ун холобуруттан ?йд??н, тута хардарда:
– Обычно у ребят бывают свои лидеры, они сами должны выбирать.
– Это мы понимаем, – Матрена Петровна, эйэ?эс, холку бэйэлээхтик мичилийэн кэби?ээт, этиитин сахалыы т?м?ктээтэ: – Би?иги санаабытын этии эрэ бы?ыытынан киллэрэр кыахтаахпыт.
– Биллэн турар, Миша Николаев секретарь, оттон Шадрин Юлий дуу, Софронов Коля дуу учком буолуохтарын с?п.
– Вот и хорошо. Можно сказать, что мнения наши совпадают, – Марианна Евгеньевна, астыммыттыы, к?лэн ылла. – Вы, кажется, по какому-то делу пришли?
– Я по поводу юннатского кружка.
– Ах, да-да. Ну и с каким предложением?
– Что если пришкольный участок создать?
– Да-а? И чем же там заниматься?
– Школьники сами бы занимались овощеводством, сажали бы картошку, морковь…
– Ой, хорошо-о бы, а будет ли расти? – Матрена Петровна чахчы сэргээбит бы?ыынан унаарытта.
– А почему бы и нет? Хорошая идея, – дириэктэр бы?а т??эн са?а аллайда. Тугу эрэ толкуйдуу т??ээт, салгыы са?арда: – Только надо подобрать участок с хорошей почвой.
– Арба да?аны, эргэ ат дала баар ээ, киэ? ба?айы. Вот заброшенное стойло лошадей за общежитиями учителей.