banner banner banner
Төлкө
Төлкө
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

Төлкө

скачать книгу бесплатно

Хос иһэ уу чуумпу. Харытыана эмээхсин хараҕын уута остуолга таммалыыр. Лэгиэнтэй атыыһыт да улаханнык уйадыйан олорор быһыылаах. Маайа хараҕын уутун эмиэ кыаммат. «Оҕо диэн – төрөппүттэр сүрэхтэрин чопчута» диэн тыл номоҕун өйдөөн кэлэр. Кини бу ыарахан буолуор диэри оҕо туһунан санаабат да этэ. Оттон билигин, дьон оҕо туһунан кэпсэттэхтэринэ, долгуйа истэр.

Лэгиэнтэй атыыһыт, хараҕын уутун туора соттон кэбиһэн баран, эмиэ кэпсээнин салҕаан барар:

– Оҕобут өлөрүгэр Харытыана эмиэ ыарахан этэ. Оҕобутун таһаарар күммүтүгэр… итэҕэс… өлбүт оҕо түспүтэ. Олох, сатамматаҕына, оннук наар аанньа буолан иһэр быһыылаах. Ол кэнниттэн бу кэргэним харааччы иирэн хаалбыта. Мин бэйэм да, итирик киһи курдук, иннибин-кэннибин билбэт буолан сылдьарым. Тугу да гыныахпын булумуна, оҕом аһыытын арыгы аһыытынан сууйа, аһара сатыырым. Арыгы аргыһа – хаарты… Арыгылыыр буолан баран, аны хаартыһыт буолбутум. Ол сылдьан, биир түүн ааппын билбэт буола байарым, иккис түүнүгэр – кэтэр да таҥаһа суох сыгынньаҕын хааларым. Хаарты диэн оннук…

Маайа кэпсээни атыҥҥа аралдьытаары ыйытар:

– Оннук дьон… Хайдах бу курдук байбыккытый?

Лэгиэнтэй атыыһыт саҥата суох кини диэки кыырт хараҕын курдук төгүрүк хараҕынан көрөн дьэрэлитэн ылар. Харытыана эмээхсин, остуол аттыттан туран, бэйэтин хоһугар киирэн хаалар. Кини быһыыта хайдах байбыттарын туһунан кэпсээни истиэн саатар дуу, кыбыстар дуу быһыылаах.

– Баай да диэн, оҕото суох буолбут кэннэ туох наадалаах баҕайы эбитэ буолла?! Өллөхпүтүнэ, ким ылан сиир-аһыыр… Халлаан былытын курдук, аны мээнэ ыһыллан хаалар дуу?.. – Лэгиэнтэй атыыһыт Маайа диэки эмиэ көрөн төгүрүҥнэтэр. – «Хайдах байбыккытый?» – диэн ыйытаҕын… Бу дойдуга киһи хара көлөһүнүнэн сатаан байбат кэмэ кэлэн турар… Чэ кэпсиим… Арай биир түүн Төхтүр дьаамын ыалларыгар арыгылыы-хаартылыы олордубут. Онно Тайҕаттан Дьокуускайдаан иһэр биир саха киһитэ баара. Мин даҕаны, кини даҕаны иэл-тиэл соҕус холуочук этибит. Эбии арыгылаабыппыт. Онтон киһим, уонча муунта кыһыл көмүс кутулла сылдьар мөһөөччүгүн ыстаанын иһиттэн хостоон таһааран баран: «Маны сүүйэн ыл!» – диэбитэ… Сүүйэн да диэн, булкулла итирэн хаалбыт сордооҕу… Сүүйэн ылбытым…

Лэгиэнтэй атыыһыт, бу кэпсээниттэн улаханнык кыбыстыбыт курдук, Маайа диэки көрүтэлиир. Кырдьыга, кини маны бу Маайаҕа эрэ, били өлбүт оҕолорун ахтыбытыттан уйадыйбычча, кэпсээтэ. Итини барытын киниттэн уонна Харытыанаттан ураты ким да билбэт этэ.

Лэгиэнтэй атыыһыт үөһэ тыынар. Тутан олорбут көмүс биилкэтин остуолга уурар уонна, икки ытыһынан төбөтүн бобо тутан, икки хараҕын быһа симэн, бүк түһэн олорон, бэрт өрдөөҕүтэ буолан ааспыт түүнүн өйдүүр. Кини иннигэр ааспыт күннэр, дьыллар туманнарын ортотуттан Төхтүр дьаамын ыалларын дьиэлэрэ көстөргө дылы… Бу түүн Ааныска эмээхсиннээх балаҕаннарыгар арыгылааһын буолар. Арыгы кэнниттэн хаарты мэтэйдэнэр. Лэгиэнтэй сүүрбэччэ солкуобайдааҕынан остуоска баан тутар. Остуол үрдүгэр аҕыйах сыа чүмэчи имик-самык умайар. Ол сырдыгар оонньуу олорор дьон сирэйдэрэ кып-кыһыл өҥнөнөн көстөр. Дьиэ иһэ чаркааскай табах буруотунан унаарыйар.

Бу түүн Лэгиэнтэй, итиригэр тэптэрэн, хаартытын көрдөрөн олорон көтүтэр, тиэрэ өттүгэр уурар этэ. Ону ким да өйдөөн көрбөт. Кини дьонун барытын сүүйтэлиир.

Харчылара бараммыт дьон туораан биэрэллэр. Саҥаттан-саҥа дьон табах силиһин кырбыылларыттан быһаҕынан быһыта кэрдиллибит, ортотун сылабаар турбатын уоттаах чоҕо түһэн дьөлүтэ сиэтэлээбит остуолугар кэлэн олороллор. Кинилэр өр буолбаттар – сүүйтэрэ-сүүйтэрэ тэйэн иһэллэр.

Албыннаан сүүйэн ыла олорор харчытын Лэгиэнтэй тугун харыстыай – арыгы ыллартарар. Ол курдук, арыгылааһын быыһыгар хаарты оонньуута, хаарты оонньуутун быыһыгар арыгылааһын. Итирэллэр-кутураллар.

Дьон барыта итирэн охтубутун кэннэ, көмүстээх тайҕаттан куоракка киирэн иһэр киһи кэлэн остуол аттыгар олорунар.

– Хаартылыах! – диэн баран ол киһи, күрдьүөттээбит оҕус курдук, хараҕын муҥунан көрөн кэбиһэр.

– Суох, оонньообоппун, – диир Лэгиэнтэй хайдах эрэ дьулайан.

Тайҕаттан сылдьар киһи Лэгиэнтэйи, уолугуттан харбаан ылан, ороҥҥо тиэрэ баттыыр:

– Оонньообот буоллаххына – ыт курдук өлөрөн кэбиһиэм!

– Туохтааххыный?.. Харчыгын барытын сүүйтэрбитиҥ буолбат дуо?

Тайҕа киһитэ Лэгиэнтэй хабарҕатыттан илиитин ыһыктан кэбиһэр уонна кини аттыгар ороҥҥо олорор. Тугу да саҥарбакка эрэ, ыстаанын тимэхтэрин төлөрүтэр. Өр соҕус ыстаанын иһин хаһыспахтаан баран, добуоччу улахан мөһөөччүгү сулбу ойутан таһааран, Лэгиэнтэй сирэйин иннигэр ыараҥнатар:

– Сүүй!.. Байыаҥ!.. Бу барыта – кыһыл көмүс!

Лэгиэнтэй, бу киһи көмүһүгэр ымсыыран, хараҕа кэҥии түһэр. Сиэбиттэн хаартытын ылбытын бэйэтэ да билиминэ хаалар. Эмиэ имик-самык чүмэчи уотугар иккиэ буолан хаартылаан бараллар. Саҥата суох, илиилэринэн уонна харахтарынан: «Сабыыта биирдии мөһөөк!.. Көмүс уон сабыыга барар!» – кэпсэтэн кэбиһэллэр. Лэгиэнтэй атыыһыт маҥнай утаа иккитэ барар. Бу киэһэни быһа оонньоон ылбыт харчытыттан мөһөөккө тиийбэт харчы хаалар. Икки хараҕын быһа симэн баран быһар. Кини икки хаартыны уурар… Онтукалара иккиэн эрэ бардахтарына, сүүйтэриэхтээх. Алын хаартыта сирэй баран тахсар. Кини, хаартытын көрбүтэ буола олорон, барбыт хаартытын аллара түһэрэн кэбиһэр. Иккис хаартыта, хайа муҥун, ылан тахсар.

– Баар! – хаартытынан остуолу сырбатар.

Итирик киһи кини албыннаабытын өйдөөбөт. Иккис ууруутугар, үсүһүгэр эмиэ иккилии хаартыны ууран сүүйтэлиир. Киһитэ кини албынныырын букатын билбэт, өйдөөбөт. Ол курдук, сарсыарданан, тайҕаттан сылдьар киһи көмүһүн «сүүйэн» ылар.

Көмүһүн сүүйтэрбит киһи, Лэгиэнтэйтэн биир иһит арыгы атыыта харчыны көрдөөн ылан баран, тиийиэх буолбут куоратыгар тиийбэккэ эрэ, эмиэ көмүс көрдүү Тайҕаҕа төннөр.

«Албыннаабатаххына, сүүйбэккин», – дии саныыр Лэгиэнтэй. Онтон ыла кини хаарты оонньуурун быраҕар. Аны ол көмүһүн эргитэн харчы оҥорор уонна: «Баайдар да албыннааһына суох байбаттар», – дии санаан, аны эргинэн барар.

Баччааҥҥа диэри кыра, дьадаҥы киһи эрэйдэнэрин бэйэтэ билбит буолан, тыа киһитэ хаһан тугунан тутуурун, туохха кыһанарын курдаттыы көрөн, ону туһанан бэркэ диэн барыстанар, байар.

Лэгиэнтэй атыыһыт хараҕын аспыта – Маайа кини кэпсээнин ситэ истээри көһүтэн олорор.

– Онтон ыла бу дьиэлэнэн-уоттанан олордохпут ээ… Бу баай кэриэтэ оҕолорум бааллара буоллар… – диэн иһэн, Лэгиэнтэй атыыһыт ах баран хаалар.

– Билигин үчүгэйдик олорор буолбаккыт дуо?

– Баай, баай… истиэххин баҕарар буоллаххына – баай курдук куһаҕан суох быһыылаах… Биир солкуобайыҥ икки буоларыгар дьулуһаҕын. Биир харчыны барыстанар иһин – ийэлээх аҕаҕын атыылыах курдук буолаҕын… Кини эйигин сүгүн утутара, олордоро диэн кэлиэ баара дуо?!. Төһө байан иһэҕин да – соччонон өйгүн киниэхэ сүүйтэрэн, былдьатан иһэҕин… Арыт саныыгын ээ: муспут үбүм-баайым киммэр хаалыа диэн бу курдук дьулуһабыный? – диэн. Уонна, сонно тута биэс харчылаах барыс киириэх эрэ буоллаҕына, барбыккын, атыыласпыккын эбэтэр атыылаабыккын билиминэ хаалаҕын.

Маайа Лэгиэнтэй атыыһыт кэпсээнин, төһө да болҕойон олорон иһиттэр, сатаан өйдөөбөт. Кини баай ыал кыыһа эрдэҕинэ, баай хантан кэлэригэр, хайдах хаҥыырыгар букатын да кыһаммат этэ. Эгэ билигин, ыал хамначчыта буолан баран, ону хантан билиэ баарай?!

* * *

Маайа төрөөбүтэ ый аҥаара ааһыыта Лэгиэнтэй атыыһыт оҕону куоракка киллэрэн Предтеченскэй таҥара дьиэтигэр сүрэхтэтэр. Кини «сүрэхтээбит аҕа» буолар. Сэмэн диэн ааты биэрэллэр. Сүрэхтээбит аҕата оҕоҕо анаан хас да кыракый ырбаахыны тиктэрэр, утуйар биһигин, тэллэҕин, суорҕанын, сыттыгын – барытын кини тэрийэр. Оннооҕор Сүөдэргэ – оҕо аҕатыгар – «бэлэх» диэн кыһыл саһыл тыһа бэргэһэни, хара таба тыһа күрүмүнү уонна истээх сону ылан биэрэллэр. Оттон Маайаҕа – оҕо ийэтигэр – халлаан өҥүн курдук өҥнөөх солко ырбаахыны, хара сукуна сону атыылаһаллар.

Лэгиэнтэй атыыһыттаах, бэйэлэрэ оҕолоро суох буолан, Сүөдэрдээх оҕолоругар олус убаналлар. Оҕо тэллэҕин илитэн ытаан марылаатаҕына, Лэгиэнтэй атыыһыт уонна Харытыана эмээхсин буоланнар оҕону хайдах уоскутуохтарын, саататыахтарын булбаттар.

Сүөдэрдээх Маайа бу Лэгиэнтэй атыыһыттаахха иккис сылларыгар эмиэ үлэлиир буоллулар.

Хайа ийэ сүрэҕэ үөрбэтэҕэ баарай, Маайа сүрэҕэ күннэтэ аайы үөрүүнэн туолар. Кини санаата көтөҕүллэн, оҕотун утутаары киэһэ аайы, биһигин бигии-бигии, ыллыыр:

«Утуй, сынньан, оҕоккоом!
Бигэн, нуктаа, биэбэкээм!
Устар күнү билбэккэ,
Үөрэ-көтө оонньообут
Үрүҥ көмүс сибэккиҥ,
Үүнэр күнү көһүтэн,
Уһун түүҥҥэ утуйда.
Э-ээ-э!.. Э-ээ-э!..
Бигэн, нуктаа, биэбэкээм!
Утуй, сынньан, оҕоккоом!
Кэлэр саҥа күннэргэ
Кэрэ, чэгиэн кэскилгин,
Киһи-хара буоларгын
Кэрэлиирэ тыалардыын
Кэтэһээхтээн чуумпурда.
Э-ээ-э!.. Э-ээ-э!..
Утуй, сынньан, оҕоккоом!
Бигэн, нуктаа, биэбэкээм!».

Сэмэнчик уол ийэтин ырыатыттан, биһиги хамсатарыттан мичээрдии сытан утуйан нухарыйан барар.

II

Лэгиэнтэй атыыһыттаах бэрт үгүс ыалдьыттаах, хоноһолоох ыал. Ол да буоллар Маайа оҕотунаан, Сэмэнчиктиин, аҕалара айаҥҥа баран эмиэ тулаайахсыйан олороллор. Маайаны били Дьаакыбылап кулубалаах хотонноругар сылдьарын саҕанааҕытын билэр киһи ол эрэ дьахтар бу сылдьар диэх буолбатах. Таҥаһа ырааһа, уҥуоҕа көнөтө, кырасыабайа харахха чуо быраҕыллар.

Арай биир киэһэ саһыл тыһа истээх хара сукуна сонноох, турбут-олорбут сытыы быһыылаах, саар-тэгил орто уҥуохтаах, мэктиэтигэр килэбэчийэн көстөр хара баттахтаах эдэр соҕус саха киһитэ хоноһолоноллор.

Бу хоноһо дьиэ иһигэр киирэн таҥаһын саҥа сыгынньахтанан эрдэҕинэ, Лэгиэнтэй атыыһыт хап-сабар Маайаны соруйар:

– Чэ, чэйдэ туруор, Уйбаан Сэмэнэбис тоҥон кииртэ буолуо!

Таһырдьаттан киирбит киһи, ытыгынан ытыйан эрэр курдук, икки ытыһын сурдурҕаччы имэрийтэлии-имэрийтэлии мичээрдиир уонна сөҥ соҕус куолаһынан этэр:

– Халлаан да тымныы… Соччо тоҥуутун тоҥмотум буолан баран, итии чэйтэн киһи аккаастаныа суох.

Маайа бу киһи киирдэ-киирээт чэй туһунан саҥарбытын сүөргүлүү истэр. «Ханнык эрэ хабарҕатынан тыыммыт, оройунан көрбүт киһи быһыылаах», – диэн санаа кини өйүгэр охсуллан ааһар.

– Дьэ, Уйбаан Сэмэнэбис, үҥсүүҥ-харсыыҥ дьыалата быйыл хайдаҕый?.. – диэн Лэгиэнтэй атыыһыт ыйыппытын Маайа хос иһиттэн тахсан иһэн бэркэ дьиктиргии истэр. «Бурдугуҥ-отуҥ хайдаҕый?» – диэбиккэ дылы «үҥсүүҥ-харсыыҥ буолан», – дии саныы-саныы сылабаар туруора барар.

Маайа төрөөбүт сиригэр, Бүлүүгэ, Баскасов диэн сааһын тухары дьон иннигэр үҥсүүнэн дьарыктанар киһи баара. Ол киһи атаҕастаммыты-баттаммыты көмүскэһэн үҥсэр идэлээҕэ. Кини «үҥсэргэ» ылыммыт дьыалатын төрдүгэр тиэрдибэккэ эрэ хаалларбат этэ. «Бу ыалдьыппыт, баҕар, оннук киһи буолаарай? – диэн санаа Маайа өйүгэр көтөн түһэр. – Оччоҕо Дьаакыбылап кулубаны утары үҥсүһүннэрбит киһи! Ол эрээри, кэбис, ол баай ыал, улуус кулубатын хардыытын хаһан ситэн кырдьыгы булаары…»

Маайа хос иһиттэн тахсыбытын кэннэ Уйбаан Сэмэнэбис Лэгиэнтэй атыыһыттан ыйытар:

– Ити туох дьахтарый? Хантан көһүннэ?

– Ити биһиги дьиэбит үлэһитэ дьахтар.

Уйбаан Сэмэнэбис соһуйар, дьиктиргиир.

– Итинник бэйэлээх үчүгэй дьүһүннээх барахсан буолан баран, тоҕо ыал хамначчыта буолбут муҥай?.. Ханнык баҕарар баай ыал уола үөрүүтүн кытта кэргэн ылыах кыыһа сылдьар дии!

Лэгиэнтэй ыалдьытын диэки көрөн кэбиһэр:

– Туох диэн эттэххиний? Бэйэтэ кэргэннээх, оҕолоох дьахтар дии.

Уйбаан Сэмэнэбис, олорбохтуу түһэн баран, Лэгиэнтэй атыыһыттан ыйытар:

– Кэргэнэ ханнаный?

– Миэхэ үлэлиир… Билигин мин таһаҕаспын, Аанньаахтан Маачаҕа киллэрэн, Сараапап атыыһыкка туттара сылдьар… Аны саас биирдэ кэлиэҕэ.

– Ол киһи хантан көһүннэ?

– Кинини эн да өйдүүрүҥ буолуо… Били биир кэмҥэ миигин кытта сылдьар эдэр уолчаан баара дии… Оттон, доҕоор, били Дьаакыбылап кулубаттан күрээн кэлэн олоро сылдьыбыт?!. Ол-ол! Былырыын сайын, биир күн… киэһэ кэргэннээх киирэн кэлбитэ. Онтон ыла ити биһиэхэ олороллор. Оҕоломмуттара, – диэн Лэгиэнтэй атыыһыт Сүөдэрдээх Маайа тустарынан кэпсиир.

Уйбаан Сэмэнэбис Лэгиэнтэй атыыһыт кэпсээнин саҥата суох истэн олорор. Кини бу дьахтар ыал хамначчытыгар эргэ тахсыбытын билигин да сатаан санаабат.

– Төрдө-ууһа биллэр дуу? Ханна төрөөбүт үһүнүй?

Лэгиэнтэй атыыһыт Маайа Бүлүүгэ эрэ төрөөбүтүн билэр. Бу сыллар усталара кини хаста да дьахтар дьонун туһунан кэпсэтэн көрөөрү ыйыталаһан көрбүтэ да, Маайа, ол туһунан букатын кэпсээбэккэ, кэпсэтиини атыҥҥа халбарытан кэбиһэрэ. Онон Маайа дьоно кимнээхтэрин бэйэтэ да билбэт буолан, Лэгиэнтэй атыыһыт ыалдьытыгар үгүһү кыайан кэпсээбэт.

– Дьэ дьикти эбит! – диир Уйбаан Сэмэнэбис. – Таҥара итинник үчүгэй, нарын ньууру биэрбитин сатаан туһанымына, ыал хамначчытыгар да эргэ тахса турбута баар… Атын омук кыыһа эбитэ буоллар, кинээскэ дуу, графка, баай атыыһыкка дуу кэргэн тахсан, хаарыска, солкоҕо суулана сылдьыа этэ.

Лэгиэнтэй атыыһыт тугу да саҥарбат. Кини эмиэ үөрэҕэ суох хараҥа киһи. Атын омуктарга хайдах буолалларын кини хантан билээхтиэ баарай.

Сылабаар кыынньан, Маайа ыалдьыты уонна дьиэлээх тойонун ыҥыртыыр. Аһыы олорон соччо улахан кэпсэтии тахсыбат.

Маайа дьон аһаан бүппүттэрин кэннэ остуолу сууйар-сотор, иһити-хомуоһу хомуйар. Лэгиэнтэй атыыһыт кэргэнигэр киирэр – Харытыана бу күннэргэ ыарытыйан сытар. Уйбаан Сэмэнэбис Маайалыын хос иһигэр иккиэйэҕин эрэ хаалаллар.

– Мин эйигиттэн биир суолу ыйытаары гынабын… Бука диэн өһүргэммэккэр көрдөһөбүн, – диир хоноһо.

Маайа кини диэки соһуйбут курдук көрөр уонна тоҥуй соҕус куолаһынан хардары ыйытар:

– Тугу кэпсэтээри гынаҕыный?

Уйбаан Сэмэнэбис, кэпсэтээри гыммыт суола олуонатыттан тыла аанньа тахсымына, кырдьык даҕаны халы-мааргы соҕустук ыйытар:

– Төрөөбүт сиргэр дьонуҥ аах бааллар дуо?

Маайа эмиэ дьиктиргээн кини диэки көрбөхтүүр, туох да диэн булбат. «Тоҕо миигиттэн ону ыйыталаһар киһиний?» – диэн саныы түһэр. Кэпсэтимээри, өһүргэтээри, кыыһырбыт куолаһынан хардарар:

– Бааллара буолуо… тыыннаах буоллахтарына. Билбэппин.

Уйбаан Сэмэнэбис өһүргэммэт. Кини, эбии лаппыйан, ыйыталаһан барар:

– Мин дьон иннигэр үҥсэр идэлээх киһибин… Онон бэрт элбэх киһини билэбин. Баҕар, эн дьоҥҥун билэрим буолаарай? Кинилэр ханна олохтоох дьонуй?

– Билсэргин-билсибэккин билбэтим… Бүлүү диэкилэр этэ… – Маайа бу кэпсэтэ туран: «Саатар, оҕом да ытаабат ээ, бу киһиттэн куотуохпун», – дии саныыр да, хата, Сэмэнчик ытаабат.

– Хайа бүлүүлэрий?

– Орто Бүлүү.

– Орто Бүлүү, – Уйбаан Сэмэнэбис онно олохтоохтортон кимнээҕи билэрин өйдүү сатыыр. Суох, кини онно олохтоохтортон кими да билбэт эбит. Арай биирдэ суукка сылдьан, Капитонов кинээс нэһилиэгин ыаллара сүөһүлэрин мэччитэр сайылык алаастарын күрүөлээн ылбытын туһунан үҥсүү баарын истибиттээҕэ. Ону өйдөөн, кини Маайаттан ыйытар: – Мин соҕотох Капитонов эрэ кинээс туһунан истибитим… Ол киһини билэр этиҥ дуо?

Маайа, ама, Капитонов кинээһи билбэттээх буолуо дуо. Кырдьык, кини дьонун аахха олордоҕуна, оннук үҥсүү күөдьүйэ сылдьыбыта. Ол эрээри баай кинээһи дьадаҥы дьон эрэйдээхтэр хаһан кыайыахтара баарай, «Арыылаах» диэн нэһилиэк ыалын сайылык сирэ барыта Капитонов кинээс бас билэр ходуһата буолбута.

– Билэбин… Оннук кинээс баар, – диир Маайа.

– Эн дьонуҥ аах ааттара кимнээҕий?

– Харатаайаптар.

– Кимнээх да-а? – диэн Уйбаан Сэмэнэбис соһуйа түһэр. Кини «Каратаев» диэн ааты урут истибит аата этэ. «Ол гынан баран Орто Бүлүү Каратаева – улуус кулубата сурахтааҕа. Оттон бу дьахтар ол Каратаевтарга туох да сыһыана суох буолуохтаах, кини ыал хамначчытын кэргэнэ, бэйэтэ – ыал хамначчыта», – дии саныыр.

Маайа бу киһи кини аҕатын араспаанньатын истэн соһуйбутун дьиктиргиир: «Ама, мин дьоммун билэр киһи буолуо дуо?» Кини, Уйбаан Сэмэнэбис соһуйбут хараҕын-сирэйин көрбөхтөөн баран, этэр:

– Харатаайап Сэмэн Уйбаанабыс диэн киһи кыыһабын.

«Суох, хайдах да оннук буолуор сатаммат», – дии саныыр Уйбаан Сэмэнэбис. Кини истэринэн, Сэмэн Уйбаанабыс диэн Орто Бүлүү улууһун кулубатын ааттыыллара. Баҕар, киһи биир ааттааҕын оҕото буолаарай?

– Мин истэрбинэн… Сэмэн Уйбаанабыс Харатаайап диэн ол улуус кулубатын ааттыырга дылы гыналлара дии… Эн дьонуҥ ол кулубалаахтан атын дьон буоллахтара дии?

Уйбаан Сэмэнэбис, Маайа Харатаайап кулуба төрөппүт кыыһа буоларын истэн, соһуйуу бөҕөнү соһуйар.

– Хайдах?.. Кэргэниҥ ыал хамначчыта… – диэн иһэн, кини харбыт курдук, айаҕын атан баран турар.

– Итиннэ киһи соһуйара туох да суох, кэргэним ыал хамначчыта буолтун кэннэ, мин бэйэм, эмиэ ыал хамначчыта буолбакка, ханна барыамый? – диир Маайа. Итинтэн салгыы кини хайдах эргэ тахсыбытын, Дьаакыбылап кулуба Сүөдэри хайдах тэрийэн ыыппытын, киниэхэ хайдах сымыйа биэксэллэри биэрбитин барытын сиһилии кэпсиир.