скачать книгу бесплатно
– Саҥаас, Өрүүнээ!
– Эһээ…
– Мин эһиэхэ соруйан хоно кэллим.
– Хоно да? – Мэхээлэлээх Өрүүнэ соһуйан, иккиэн тэҥҥэ саҥардылар.
– Ээ, хоно! Хоннорумаары, холдьоҕоору гынаҕыт дуо? Хоммут-сылдьыбыт дьиэм буолбат этэ дуо? Бу аһы мыынымаҥ: иһэн кэбиһиҥ.
Мэхээлэ үөрэн, өрө көтө түстэ:
– Бу оокком дьүһүнүн! Ол иһин да, миигин хайдах өрүү умнан кэбиһиэ эбитэй! Чэ, үрүүмпэлэри… Ээ, доҕоор, Өрүүнээ, бу чааскылары сайҕаталыы охсон аҕал. Даайыас, сылабаары тиэтэт. Чэ, туттумахтааҥ! – Мэхээлэ эрдэттэн итирбит курдук буолла, үөттүрэҕинэн уотун кэйиэлээтэ уонна хаппыт мутугу муннукка чохчолообутун аҕалан ыга симэн биэрдэ.
Арыгыларын иһэн, Мэхээлэлээх Өрүүнэ холуочуйдулар. Даайыс аккаастаммытын, ыххайан туран иһэттилэр. Кыыс төбөтө туймаарыйда, нухарыйыах курдук буолуталыы олордо.
Кэпсэтии аанньа тахсыбата. Мэхээлэ бэрт үксү дьабыгырыа эбит да, Сыллай үөмтэлээбэтэ, быстах-остох биирдии тылы тамнааттаан биэрэ олордо. Онтон эмискэччи ойон туран, курун аллара баттанна уонна эттэ:
– Чэ, утуйуохха!
– Даайыас, таҥаскын Лухаҕа биэр, – диэтэ Мэхээлэ.
– Оо, кэбис, ылбаппын, – диэн Сыллай ордоотуу түстэ. – Мин атыттар курдук ньүдьү балай киһи буолбатахпын. Баарыһына таҥаһын былдьаабат киһибин. Бу арбаҕаһы тэлгэниэм, болтуобун саптыам, атын таҥастарбын сыттаныам, онон бүтэр.
Көхөҕө ыйанан турар Мэхээлэ арбаҕаһын ыйыыр быатын быһа тардан ылла. Мэхээлэ аһыйан, үөһүн тартара түстэ.
Сыллай чуулааҥҥа киирдэ. Сотору муннун тыаһа баччыгынаан барда.
Даайыс чуулаантан утуйар таҥаһын суулуу тутан таһаарбытын дьоно мөҕө тоһуйдулар.
– Эҥин буолан сөрүөҥнээҥ, ханна күрүүгүн?.. Убайыҥ буолбат дуо, хотуой! – диэн кыбдьырыммытынан Мэхээлэ ойон тиийдэ, Даайыс кыбынан турар таҥаһын мүччү тардан ылан чуулааҥҥа киллэрэн «тарк» гына бырахта.
– Эҥин араас буолума, – диэн киҥинэйдэ Өрүүнэ.
– Оҕом муннун тыаһын! Хата итиччэ утуйан баран, эйигиннээҕэр буолуох сарыыссаҕа бэйэтигэр да уһуктубат киһи буолуо. Бу дьахтар, орону оҥор. Утуйуохха. Оҕом, көр, сүрэҕэ чугас эбит ээ…
Сарсыарда уһуктубуттара, Даайыс дьонун оронун аттыгар сиргэ көһөн тахсан ытаан сурдургуу сытар эбит.
Сыллай хайы-үйэҕэ баран хаалбыт.
Өрүүнэ оронуттан өндөйөн аргыый ыҥырда:
– Даайыс…
– Сиэн барда… «Ооккоҕут!» – диэн баран Даайыс күүскэ ытаата.
Ити күнтэн ыла Даайыс тосту уларыйда, күлбэт-оонньообот буолла. Кини туохха да кыһаммат, тугу да сэҥээрбэт, халыҥыар эттээх уостарын ньимиччи туттан баран, уутугар аҥаарыйбыт курдук, туймаарыччы көрөн сылдьар буолла.
Дьоно кинини «олоҕун булларар» кыһалҕаҕа киирдилэр. Кыһыныгар олоҕо көһүннэ. Икки ойоҕо өлбүт, үрэх баһын оҕонньоругар күүстэринэн биэрдилэр. «Күүстэринэн» диэн… «Ити оҕонньорго бараҕын» диэбиттэригэр Даайыс саҥарбата, ханнык эрэ кини билбэт дьахтара кимиэхэ эрэ барар буолбутун истибит курдук аахайбата. «Ону миэхэ тоҕо этэҕит?» диэбиттии Өрүүнэ диэки көрөн кэбиһээт, тахсан барда.
Оҕонньор дэгиттэр барыыстаах күтүөт: улахан халыымы кэрэйбэт, үгүс энньэни эрэйбэт киһи эбит. Онон, үөрүү-көтүү, тиэтэйии буолла.
Кыараҕас харахтарын сүүрэлэҥнэтэн кылахаччытар, тэллэстигэс уостаах, уҥуох-тирии бэйэтин күндү түүлээҕинэн сууламмыт оҕонньор Даайыһы бэргэһэлээн кэллэ. Дьиэ иһинээҕи дьон бары, туох эрэ дохсун күүстээҕи албыннаан тутуох курдук, дьиксиммит дьүһүннээхтэр, ботугураһан кэпсэтэллэр. Саҥата-иҥэтэ суох, тиэтэйэ-саарайа киэһээ аһылыгы аһаатылар да, Мэхээлэлээх кэтэҕэриин оронтон хаҥас диэки көһөн суугунастылар. Кинилэр оннуларыгар орон оҥоро охсубукка күтүөт оҕонньор сытта. Сытаат, күрдүргэччи сөтөллүбүтүнэн барда. Быыһы арыйан, хойуу бөлөнөҕүнэн силлээн дьиэ ортотугар тамнааттыы сытта. Утуйар кэм иннинэ утуйуу буолла.
Симэлийэн эрэр уот иннигэр Даайыс соҕотоҕун хаалан, тымтык төбөтүнэн күлү булкуйа олордо.
Күтүөт күрдүргэччи сөтөллөр уонна сөтөлүн кытта үөхсэн киҥинэйэр.
Маҥнай Өрүүнэ олох мастан испиискэни түһэрэ-түһэрэ, ырбаахытын кэтэн, оһоххо кэлэн уоттаах чоҕу ылан табахтаата. Ол туран бэрт киҥнээхтик бэрт өр тугу эрэ ботугураата. Онтон Даайыс сирэйигэр сыпсыны дугдуруйан баран, оронугар төнүннэ.
Даайыс күлү булкуйа олордо. Хараҥа оһох диэки ыган истэ. Балачча өр буолан баран Мэхээлэ туран таһырдьа таҕыста. Онтон киирэн оһоххо иттэ уонна табахтыы туран, бэрт кырыктаахтык киҥинэйдэ: «Туох буолбут дэриэтинньигий, доҕор!.. Эҥин буолан сөрүөҥнээбиккин, хата!..» – диэн кыбдьырыммахтыы турда.
Оһоххо өһөн эрэр уоттаах чохтор эрэ хааллылар. Даайыс күлүн булкуйа олордо. Онтон тутан олорор тымтыгын эмискэччи тоһута кумалаан оһоххо бырахта уонна сулбу хааман тиийэн таҥас быыһы харытын таһынан арыйа охсон халбыс гыннаран киирэн хаалла. Мэхээлэ аргыый биэтэҥнии турар быыһы одуулаһан турбахтаан баран оронугар өкчөрүйдэ.
Даайыс тоһута кумалаан бырахпыт тымтыга эмискэччи умайан күлүбүрээн, дьиэ иһин сырдата түһээт, умуллан ньимис гынан хаалла. Хараҥа ордук хойунна, чиҥээтэ.
Сарсыарда күтүөттэрэ дьон иннинэ туран уот отунна. Кини хаартыга улаханнык сүүйтэрбит киһи курдук хайдах эрэ кыайтарыылаах дьорҕооттук туттан, саҥата суох аһаан-сиэн бүтээт атын көлүнэн баран хаалла. Барарын кытта дьиэлээхтэр сэргэхсийэ, саҥара-иҥэрэ түстүлэр. «Аныгы чыыр-чаар силлээбит уолаттардааҕар ордук буолуо». – «Биир кыыс оҕону кырытыннарыа суох киһи дуо?» – «Биһиги да кыыспыт манна диэн эттэххэ…» – диэмэхтииллэр.
Ыкса киэһэ күтүөт оҕонньор хас да иһит арыгыны аҕалла. Үөрэн-көтөн арыгылаатылар. Итирии саҕана таайыгас киһи өйдүүр одоҥ-додоҥ кэпсэтиилэрэ таҕыстылар.
– Миэхэ түгэҕэ дьөлөҕөстөөх үрүүмпэ баара буоллар… Кылын тойоммор арыгы кутан биэриэм этэ. Былыргы сиэр оннук буолар этэ. Ол хайдаҕый? – диэтэ күтүөт уонна остуолга быардыы түһэн Мэхээлэ муннун анныгар тэллэстигэс уоһун тоһуйда.
– Хайтаҕый диэн… Эн да уолан уол буолбатаххын!
– Мин буолбатаҕым биллибит киһи буоллаҕым! Собообут собулҕаҕар үппүн-аспын тоҕо тардан ылбыккын, хоруоскаһыт.
– Туох да?.. Бу сөрүөстэ сытыйбыт үөхтэрэн сордотон эрдэҕин истиҥ эрэ! Абыым-абам! – Мэхээлэ тэриэлкэлээх тоҥ эти сиргэ тоҕу хаһыйда уонна кыыһы кырбаары ойон турда…
Үһүс сарсыардатыгар күтүөт дойдулуура буолла. Кини бырастыылаһар кэмигэр Даайыс сүтэн хаалла. Кыбыыга, хотоҥҥо, Молоохторго көрдөөтүлэр. Көстүбэтэ. Күтүөт атын тумана хочону туораан субуруйан эрдэҕинэ, Даайыс Амма сыырын анныттан тиийэн кэллэ. «Саакка-суукка уктуҥ» диэн мөҕө тоһуйдулар. Даайыс саҥарбата.
Сааһыары күтүөт ойоҕун сүгүннэрэ оҥостон киирдэ. Кини ыалдьара бэргээбит, өкчөччү тартаран хаалбыт, сүрэ тостубут. Сыарҕаҕа олороругар Даайыс көнө, уһун ортоку тарбаҕын төбөтүнэн кэмчи хараҕын уутун хаһыйталаан кэбистэ.
– Хочону туоруоххар диэри кэннигин хайыһымаар. «Сүрэ-кута дойдутугар хаалан, эрин дойдутугар кыыс дьоллоохтук олорбот» диэн былыргылар аньыыргыыр буолаллара, – диэн сүбэлээн дьабдьылыйда Мэхээлэ.
Хочо хордоҕоһун туораан улахан күөл дулҕалаах сөкүтүгэр киирэн иһэн Даайыс сыарҕаҕа туора олорунан, кэннин диэки хайыһан истэ.
– Ити күтүр кэмэлдьитэ түҥнэритин көр!.. Киһи буолуо суох баҕайы, – диэт, Мэхээлэ балаҕаныгар дьулуста.
– Ээ, чэ ээх! – диэбитинэн Өрүүнэ сэргэ төрдүгэр хаалан Даайыһы батыһыннары көрөн турда.
Эр тойоно дойдутугар тиийээт, турбат охтуутун охтубут. Даайыһы ыҥыран ылан, аттыгар олордон баран, киниэхэ кэлиэн иннинээҕи «аньыытын» туһунан ыаһыйалаан ыйытар, дар уҥуох илиитинэн кырбыыр идэлэммит.
Ол сытан ойуун аҕалтаран кыырдарбыт. Ойуун кыыра сылдьан «таарыччы туһалаан» Даайыс үрдүгэр кэлэн түспүт. Даайыс хаһыытаабытынан уҥан охтубут. Абааһы уола сөрүөстэ сылдьарын туппут киһи буолан дьаабыланан баран ойуун эппит: «Ойоххун абааһы уола булбут. Ол иһин эйигин абааһы көрөр эбит. Аны дьэ таптыыр буолуоҕа».
Нөҥүө киэһэтигэр Даайыс соҕотох ырбаахынан дойдутугар күрээбит. Икки түүн, биир күн айаннаан, дойдутун булбут. Бэһиэлэйэптээххэ барбакка, чуо Дьөгүөрдээннээххэ тиийэн кэллэ.
Бэргэһэлээх эриттэн күрээн сылдьарын туһунан мааны эмээхситтэртэн үөҕүллэн кэлэн ортоку тарбаҕын төбөтүнэн хараҕын уутун хаһыйан кэбиһэ-кэбиһэ, уоһа титирээтэ.
Хас да хонон баран Мэхээлэ Бэһиэлэйэп дьөгдьөрүс гына ойон киирдэ, Дьөгүөрдээҥҥэ баайыллан дьабалдьыларын ыттараҥнаппытынан барда:
– Дьөгүөр Миитэрэйэп Лэглээрин, киһи бэргэһэлээх ойоҕун күрэтэн ылбыккын. Бу сыыһа быһыы. Миигин эппэтэҕэ диэйэҕин. Бу иннигэр тойон иннигэр туруоҥ… Бу дьахтар, эн аны биһиги дьиэбитигэр сылдьаҥҥын ааты алдьатаайаҕын…
– Сылдьар санаам суох, – диэтэ Даайыс иһиллэ-иһиллибэттик.
– Туох даа! – Мэхээлэ өһүргэнэн чаҕылла түстэ. – Мин бөлөнөхпөр улаатан кубаҕай маҥан буолтуҥ, үтүө киһиэхэ ойох барбытыҥ.
– Үтүө киһигин…
– Туох даа! Сирэйгин үлтү охсон… – Мэхээлэ сахсарыс гына ойон тиийбитигэр Даайыс дьигис да гыммата, өссө хайдах эрэ мичээрдиэх курдук туттан баран сүрдээх холкутук эттэ:
– Сынньыаххын саныыгын дуу? Мин үтүө киһи бэргэһэлээх ойоҕобун ээ, оҕо буолбатахпын.
Мэхээлэ ити тылтан улаханнык салынна, сиэрин эрэ ситэрэн хотоойута суохтук айдаарбахтаан баран таҕыста.
Сарсыҥҥытыгар Дьөгүөрдээн икки уолун батыһыннаран бэйэтин эбэтигэр Дулҕалаах хочотугар оттуу киирдэ. Кинилэр ходуһаҕа үс хонон баран ыкса киэһэ таҕыстылар. Арай балаҕаннарын өһүөтүн устатын тухары туос сылгылар саайыллыбыттар. Ол сылгылар араастаан туттан, сиэллэрэ-кутуруктара охсуллубуттар. Сорохторо сиэлэн тамаһыйан эрэллэр, сорохторо туоруу хаамаллар, күөлэһийээри сытан, төбөтүн ньолбоччу туттан эрээччи эмиэ баар, сорохтор тугу эрэ ыйытар курдук бэттэх диэки туора хайыспыттар. Сылгылар ойоҕосторугар сымса кулуннар күөххэ көрүлээн бырдаҥалаабыттар.
– Даайыс Эрдэлиир Миитэрэйи кытта сибилигин Таатталаата. «Эрэ эккирэтиннэриэм» дии сытар үһү. Даайыс эһигини көһүтэ сатаан кэбистэ. Бүгүн күнү быһа ити сылгылары кырыйан саайталаата: «Оҕолорго бэлэхтиибин», – диир. Арыый эрдэ да соҕус кэлээхтээбэккин, – дии тоһуйда Сөдүөччүйэ.
– Кини барарын биһи хантан билиэхпитий… – диэн хомойбуттуу саҥарбытынан Дьөгүөрдээн туос сылгылары одуулаһан өрө хантайан турар уолаттарыгар барда. – Букатын тыыннаах курдуктар… Дьэ нарын тарбах!
Тааттаҕа ыраах уруута дьадаҥы дьахтарга Даайыс аҕыйах хоммут. Кини ханна эрэ барбыт. Биир кэпсээнинэн, көмүс үлэтигэр Бодойболообут. Иккис этэринэн, хаама сылдьар нууччаны батыһан куораттаабыт. Ханнык эрэ оскуолаҕа остуорастыыр курдук эмиэ этэллэр.
«Киһи буолбатах киһийдэх» дэһиспэхтээн аҕыйах хонукка ньамаарыһан баран, Даайыһы умнан кэбистилэр. Арай Молоох уола Дьөгүөрдээннээх өргө диэри өйдүү, дьонтон сураһа сырыттылар. Даайыс сүттэ.
ИККИС ТӨГҮЛЭ
ЭРГИЧЧИ ЭРЭЙ
Инчэҕэй тирбэҕэ быстыбат.
Саа
Субуруччу кураан дьыллар буолуталаатылар. Амма сааскы уута хочоҕо, күөл онно ходуһаҕа улаҕата көстүбэт килиэ халаанынан тэлгэммэтэ. Дьөгүөрдээн ыарытыган буолла. Лэглээриннэр олохторо кытаатан истэ.
Кыһын баайдарга «көһөннөр» хамначчыт буолаллар. Сайыныгар баайдар «бэдэрээттэрин» оттуу-оттуу, бэйэлэрин буор сыбахтаах быыкаайык балаҕаннарыгар олороллор. Саамай дьоллоох кэмнэрэ буолар. Микиитэ эбэтэ, хараҕынан арыччы боруттар даҕаны сүрдээх баабый үлэһит, Баһыахтыыр Балбаара кыһыннары-сайыннары баай хотонуттан тахсыбат.
Куобах наһаа мэнээктээтэ.
Күһүҥҥү сарсыарда Дулҕалаах хочотун дэлэй дулҕаларын быыстара туртаҥнас куобах буолар. Бөлөх-бөлөх күрүстээн ойон мохоолоон иһэн куобахтар олоро түһэллэр. Атын бөлөх ситэн ааһар уонна тэйиччи баран эмиэ олоро түһэр, уһун сымса кулгаахтарын чөрөҥнөтөр. Ол кэмҥэ үһүс бөлөх ситэн ааһар. Ол курдук бөлөхтөһө наардаһан бары ханна эрэ илин диэки көһөллөр. Илин диэки Түгэх диэн киэҥ хочо баар. Ол хочо анараа кырыытынан, көөрөнөн түһэ турар эмпэрэ хара сыыр аннынан Амма үрэх эргийэн тоҥолохтуу охсуллан ааһар. Көс куобахтар онно тиийэн, мууһа тура илик Амматтан иҥнэн: Түгэххэ сөҥөн симсэллэр.
Лэглээриннэр туһахтыыллар. Амма сыырын кэрийэ барар чагда тыаҕа быһыттыыллар. Микиитэ эһэтэ Молоох Миитэрэй оҕонньор онно маастар. Ыаллартан көрдөһөн уонна сылгы аалыммыт маһыгар хаалар кылы хомуйан бары туһах хаталлар.
Хаһан да арахсыбатах арбаҕаһын куругар чохороон сүгэни анньынан, ачаахтаах тайах маһыгар бэрт элбэх туһаҕы иилинэн баран кырдьаҕас оҕонньор тыа диэки салтаҥныы турар. Хамсыыр тииһин түөрэҥнэтэн кэбинэ-кэбинэ, ханна эрэ көмүскэтин түгэҕэр кыласпыт мөлтөх кыараҕас харахтарынан икки өттүн оҥой-саҥай көрөн кэбиһэ-кэбиһэ, кини хас төҥүргэһин, хас ыллыгын барытын билэр тыатыгар сылдьар. Туһаҕыттан куобаҕы ылан ыараҥнатан көрөр, эмиһин билээри, самыытын, быттыгын туппахтыыр уонна мас сүгэһэригэр баанан кэбиһэн баран, кэбинэ-кэбинэ, бэрт аргыый хаама турар. Кини куруук тугу эрэ көрдүүр курдук туттар уонна тайаҕын төбөтүнэн мас бытархайдарын туора хаһыйталыыр.
Ити Бокуруоп буолуор, кыстык хаар түһүөр, баай үлэтигэр көлүллүөхтэригэр диэри.
Онтон кыһыны туораан сааскы Ньукуолуҥҥа «кэпсэтиилээх кэмнэрэ» туолар, бэйэлэрин балаҕаннарыгар көһөн күккүрүүллэр. Аҕыйах хоноот «тойоттор» туу сүгэн от үрэххэ күөнэх балыктыы бараллар.
Ол эрээри саамай эрэйдээх, саамай кыра туһалаах эрээри, саамай кэрэ бултааһын – сааланыы.
Дьөгүөрдээн кыбыммытынан улааппыт, кытта кырдьан эрэр, киһи эрбэҕэ эргичийэр киэҥ уостаах «кэтириинискэй доруоптаах». Доруоп маһа хайыттан тус-туспа барыталаабыта сигэнэн, тирбэҕэнэн, ньаалбаанынан үүйүллүбүт. Мас хамсаны умсары туппут курдук болтоҕор сомуоктаах, буспут дьэдьэн курдук кыһыл алтан сыаллардаах. Дьон этэллэр:
– О, доҕоор, бу сааҥ куттала бэрт ээ, уураттаххына сөп буолсу!
– Дьэ, бэйэм да ууратаары сылдьабын… кырдьык, сүрэ бэрт, – диир Дьөгүөрдээн.
Хонуктар ааһаллар. Дьыллар ааһаллар. Саа маһыгар сигэ, тирбэҕэ, ньаалбаан эбиллэн иһэр… Сааланыы уурайбат.
Сааларын тыаһын бары билэллэр. Атын саалар дар гына сатаҕайдык сатарыыллар, кинилэр киэннэрэ ыараханнык «лүҥ» гынаат, дорҕооно алларанан бытааннык тарҕанан барар. Сааскы күөл кытыы лаҥхатынан Микиитэни батыһыннаран иһэн Дьөгүөрдээн нүрүс гына түһэр, такыс гына кэннинэн сапсыйан кэбиһэр уонна, торбос үтүлүктэрин окко түһэртии-түһэртии, күөлтэн тэйэ үөмэн тахсар. Микиитэ лаҥха от быыһыгар олорон хаалар. Аҕата бөкчөччү туттан күөлү кэтэҕинэн эргийэн тиийэн, тоҕонохторунан, тобуктарынан тирэнэн «ат буолан» супту киирбэхтээн иһэн, налыйан, быарынан сыыллан барар.
Күөл кытыытыгар халыйбыт ньалыар ууга от быыһыгар бүкпүт икки көҕөнү билигин Микиитэ да көрөн олорор. Кур лаҥхаттан дэбигис араарыллыбат курдархай өҥнөөх тыһы көҕөн тумсунан от силиһин тардыалаһар, илин өттүн бүтүннүү ууга тимиччи баттанан, кыһыл такымнарын таһаарбахтыыр, ньыхаччы туттан өрө хантайа-хантайа, аһаан-сиэн энньэрэҥниир. Моонньун ортотунан эргиччи синньигэс үрүҥ сурааһыннаах кутуругун төрдүттэн өрө иэҕиллибит күөхтүҥү хара түүлээх, ууга ала буолан көстөр, айылҕа ийэ араас дэлэгэй кырааскатынан күтүрүмсүйбэккэ күндүлээбит кэрэттэн кэрэ атыыр көҕөн бэркэ сибиэккиир, сотору-сотору өрүтэ олоотоомохтуур, эргичийбэхтээн ылар, көстүбэт өстөөҕөр суоһурҕанан бэлэһин төрдүттэн кэһиэхтээхтик, кырыктаахтык хаабырҕаччы саҥарталыыр. Ол кэмҥэ Дьөгүөрдээн хамсаабакка кирийэн кэбиһэр, түүтэ бараммыт арбаҕаһа чачархай лаҥхаҕа симэлийэн сүтэн хаалар.
Онтон көҕөн уоскуйар, үтүөмсүтүк күөкэҥнээн, ньыхаҥнаан кэбиһэ-кэбиһэ, тапталлаахтык, имэҥнээхтик түөһүн төрдүттэн курдургуур, кэрэ түүтүн-өҥүн сахсатан баран курдурхай хотунун тула устумахтыыр. Хотун ууна сатыы-сатыы дьөлүтэ тоҥсуйбута буолан атаахтыыр. Ол кэмҥэ түргэн-түргэнник дьулуруйан, Дьөгүөрдээн чугаһаамахтаан хаалар.
Микиитэ хараҕын атыыр көҕөнтөн араарбат. Тыһы куһу мыынан, кини аҕата ыппат.
Сааһыт аргыый өндөйөр, саатын маһын уҥа санныгар тириир… Микиитэ сүрэҕэ тэбэрэ, тыынара, күөл хомуһа сыыгыныыра барыта тохтуу түһэр… Саа өрө кэҕийэн кэбиһээт, тунаархай буруонан төлө тыынар, атыыр көҕөн ууга тимис гынар, саа тыаһа дэлби ыстанар. Уол, охто-охто, сүүрэр. Ол тиийэн биир сиргэ өрүтэ ойо-ойо, тэпсэҥэлии-тэпсэҥэлии: «Түргэнник, түргэнник! Куотуоҕа, куотуоҕа!» – диэмэхтиир.
Аҕата күлэн, онон-манан ордуталаабыт түөрэҥэлэс уһун тиистэрэ атыгыраһаллар, куруук ыалдьан уу-хаар аллар харахтарын эрбэҕин көхсүнэн соттумахтыыр уонна этэр:
– Ээ, бу киһи омуна тугун сүрэй, доҕор!..
Ууга киирэн, куһун ылан ыараҥнатан көрөр, төһө эмиһин чинчийэн, моонньун туппахтыыр, онтон кус кутуругун төрдүгэр үүнэр биир чөмөх ньуолах «обот» түүтүн быһа тардан быраҕар.
Кини саатын бэрт өр сотор, угунуохтуур, иитэр. Микиитэ кэрэ атыыр көҕөнү араастаан тутар-хабар, кынаттарын тэниҥнэтэр.
Булдунан оҕо оонньоотоҕуна, сааһыты булт көһүппэт буолар үһү. Дьөгүөрдээн онтон куттанар. Оҕо оонньуурун буойан хомотуон эмиэ кэрэйэр. Онон мичээрдээн кэбиһэн баран, «Байанайын албыннаан», көрбөтөҕө буолан, атын сир диэки хайыһар.
Ол туран, күөлү үрдүнэн көтөн сундулуйбут тыһы көҕөнү Микиитэ өйдүү түһэр.
– Аҕа-а, тыһыта баран хаалла дии.
– Барымына… Итинник ээ. Кини өлбүтэ буоллар, бу эрэйдээх аһыйан иэйэн-туойан эргийэ көтө сылдьыа этэ. Кини бардаҕа ити!
Дьөгүөрдээн тыһы кустан кэлэйэн илиитинэн сапсыйар уонна уола куһунан оонньуурун алҕас көрөн кэбиһээт, эмиэ киэр хайыһа түһэр да илиитин туора уунар.
– Ээ, аҕал эрэ, доҕоор, бу булду… Барыахха, – куһу ылан арбаҕаһын сиэҕин төрдүгэр куду анньан кэбиһэр уонна торбос үтүлүктэрин булуталыыр.
Эмиэ хаамсаллар.
– Аҕаа, атыыр кус тоҕо үчүгэй дьүһүннээҕий?
– Тыһы кус таптыы көрдүн диэн!
– Оттон тыһы кус тоҕо куһаҕан дьүһүннээҕий?
Аҕата тугу этиэн булбакка мунаарар, муннун туора соттумахтыыр, ол-бу диэки көрбөхтүүр уонна этэр:
– Кырдьык даҕаны… Оттон, атыыр кус дьүһүнүгэр кыһаммат ээ, хотуна оҕолорун үчүгэйдик көрөр буоллун да киниэхэ добуолун.