скачать книгу бесплатно
– Дамыйаан дуу?.. – эмээхсин сибигинэйэн Микиитэттэн ыйытар, кып-кыһыл кыараҕас харахтарынан уҥа орон диэки одуулаһан симириктиир.
Микиитэ күлэн кыччыгыныыр. Эмээхсин онтон саарыах курдук гынан эрдэҕинэ, Миитэрэй: «Эһиги тугу биллигит?» – диэн сөҥөдүйэн кэбиһэр. Онуоха Даарыйа эмээхсин дьэ чахчы итэҕэйэн, сэһэргэһэргэ оҥостор, уол күлэрин буойан харытын туппахтаан имнэнэ-имнэнэ, аргыый турар уонна аттынааҕы олох маһы туппутунан уот диэки тэйээриҥнээн иһэн, этэр:
– Балаҕан бараахтара, хотон хоптолоро биһиги тугу билиэхпитий! Дамыйаан, чэ, тукаам, сыыйа-сыппайа сээкэйдэ сэһэргии түһэн…
– Миитэлэй… Миитэлэй, – диэбитинэн, хотонтон Өлөксөй уол сүүрэн тахсан Миитэрэй атаҕын кууһа түһэр.
Эмээхсин олох маһын туппутунан тохтуур, ол-бу диэки көрүөлүүр уонна бэйэтин уоскутунардыы: «Чэ, кэлбиччэ иттэн да барыым», – диэн баран, уот кытыытыгар олорунар.
Миитэрэй киһини үтүктүбүтэ табыллан үөрэ-көтө чылаарыҥныы-чылаарыҥныы сыгынньахтанан, атаҕар иилистибит уолу адаҕа курдук соһо таппытынан уот иннигэр кэлэн турар. Эмээхсин уокка ойоҕостуу олорон ытыстарын ититэр. Ол курдук саҥата суох олорбохтоон баран, бэрт эйэлээх куолаһынан, уолуттан ыйытар:
– Бу «дьону үтүктэр идэбиттэн хаһан эмэ өһүргэс тахсыа» диэн саныырдаах буолаҕын дуо, доҕор, Миитэрэй Харалаампыйап?
– Оннук санаабат буолабын! – диэн түргэнник хоруйдаан кэбигирэтэн кэбиһээт, Миитэрэй кыҥнах гынар, аллараа уоһун энньэтэн, арыттардаах уһун тиистэрэ атыгыраһан көстөллөр.
– Ээ… Ону баара мин «Киһини өһүргэтэн иирээн тахсыа» диэн санаан аһарардаах буолабын эбээт.
– Тыый, сатаабат эрээри үтүгүннэххэ кыыһырыахтара эбитэ ини! Үнүрүүн Дамыйааннаахха сылдьан үтүктэн көр бөҕө. Дамыйаан күлэн уҥа олорор. Бэркэ тахсыбыта.
– Чэ, ол эрээри, сэрэнэн оонньуур үчүгэй буолуо суоҕа этэ дуо, доҕоор? – диэн ыйытан унаарыйар ийэ.
Онуоха уола бэрт улгумнук сөбүлэһэ охсор.
– Сэрэнэн-сэрэнэн, ол баҕас, бодуруобуна бэлэм!
Миитэрэй атаҕын кууһан өрө хантайан турар кыра уол үтүктэр:
– Эйэнэн-эйэнэн, уобуна эбэм!
Бары күлсэллэр, балаҕан иһигэр айдаан-күйгүөн диэлийэр.
Дьэ Миитэрэй итинник киһи. Дамыйаан Охонооһойоп диэн, аҕыйах сүөһүлээх эрээри, бэрт ыраастык туттан олорор, бэрт мааны таҥастаах-саптаах, дьон ытыктыыр киһилэрэ баар. Миитэрэй ол киһини үкчү үтүгүннэ. Сарсын, өйүүн, ол анараа өттүгэр кимнээхтэри үтүктүөҕүн ким билиэй кинини. Иирэ талах курдук имигэс кыыстан бүдүгүрэ кырдьыбыт эмээхсиҥҥэ диэри, быыкаайык уҥуохтаах хабдьыгыраабыт оҕонньортон саһаан үрдүк лоҥкунаабыт тойон киһиэхэ диэри кини барыларын үтүктэр. Ону ааһан, быстах-быстах ол-бу киһилии саҥаран, көрөн, силлээн; «бытыгын» хамсатан, ыстаанын өрүтэ тардыммахтаан ылыталыыр. Ол ахсаан буолбат. Ким да тус бэйэтин кыра да туспата кини кыраҕы хараҕыттан куоппат. Артыыстыы талааны киниэхэ айылҕа ийэ дэлэгэйдик иҥэрбит киһитэ.
– Хайа, тукаам, өрүү мэлийдиҥ дуу? – Даарыйа эмээхсин, ытыстарын ититэн баран, көһүйбүт тарбахтарын мускуна олорон ыйытар.
– Мэлийэн, кырынаас, ыт баара, эмиэ тарбаан эспит. Биир лааскайы эрэ аҕаллым.
Эмээхсин үөрэ түһэр:
– Ыы, тукаам, лааскайыҥ – кырынаас балта эбээт! Чэ, аһата оҕус: «Үөргүн-сүүрүккүн үүрэн-түрүйэн аҕал» диэ.
Сүөгэй салааһынын көрдөөн баран булбакка, кытыйа кытыытыгар ымньаммыт тартан тарбаҕын төбөтүнэн ымньаан ылан лааскайын муннугар сото-сото, Миитэрэй алгыыр:
– Чэ, доҕоор, аһаа-сиэ, кытаат. Миэхэ өлөҥҥүн бу абыраннаххын көрбөккүн дуо!
– Ээ, кэбис, доҕор! «Бэйи, оонньоомуум эрэ» дии санаабат бэйэкэҥ буоллаҕа дуу?
– Санаан-санаан… Эдьиийгин, Түгэх хочоҕо баар кырынааһы чааххааммар киллэр эрэ. Үөргүн-сүүрүккүн барытын мин чааххааннарбар үлтү үүрэн киллэр… Төһө үөрдээх күтүр эбитэ буолла… Атыыр эбит дуу? Ойохтоох буоллаххына…
– Ээ, кэбис, тукаам…
– Уо, алҕас, – Миитэрэй лааскайын эргим-ургум тутан одуулаһар, онтон Өлөксөй көлөһүннээх сыгынньах иһин диэки эмискэччи дуктуруйар.
Уола «өкчөс» гына түһээт, күлэн быыһыгырыыр уонна лааскайы көрдөөн тарбачыһар. Миитэрэй биэрбэт, уол ытаан барар. Миитэрэй тулуйбат, хараҕын кырыытынан эмээхсин диэки көрбөхтөөн баран, чыпчылыйбахтаан Микиитэҕэ имнэнэр уонна булдун уолга туттаран кэбиһэр. Уол өрө сыҥсыйан кэбиһэ-кэбиһэ, одуулаһар, лааскай тоҥ харахтарын тарбаталаан көрөр, онтон лааскай тумсугар сотуллубуттары салаан «ньалып» гыннарар. Миитэрэй күлэн «кыык» гынаат, уолтан лааскайы былдьаан ылар:
– О, кыра да наада тойоно!
– Кими эттэҥий? – диэн эмээхсин сэргэҕэлиир.
Миитэрэй быһаарыыта суох хоруйдаан куотар:
– Э, бу оҕону эттим ини…
Булдунан оонньууру кырдьаҕастар сөбүлээбэттэр.
Эмээхсин аргыый туран оронугар төннөр. Онно тиийээт, кэпсиэн-ипсиэн ордук баҕарбыкка дылы буолар.
– Кырынааһы, сүрэхтээх быарын ылан ыйыстан кэбистэххэ, чааххааҥҥа бэркэ киирэр диир буолаллара былыргылар.
Хаһааҥҥыттан эмэттэн уокка турбут чаанньыгы таһааран Миитэрэй чэй иһэр.
– Ол аһы сиикэйдии аһыыбын дуу, ийээ? – диэн ыйытар, балачча өр саҥата суох олорон баран.
– Тугу эттэҥий?
– Ол кырынаас сүрэхтээх быарын.
– Ээ… Сиикэйдии буолбакка.
Миитэрэй илгистэн кэбиһэр, чахчы мунаарбыт, бэркиһээбит быһыыланар уонна этэр:
– Кини сүрэҕэ-быара диэн дьоҕус да буолуо этэ. Үчүгэйдик дьүккүйэн кэбистэр… Чахчы туһалааҕын билбит киһи…
– «Бэркэ туһалыыр» диир буолаллара.
– Бодуруобуна бэлэмнэнэн баран боппуруобуйдаан да көрүллүө. Муосабыт буосса буолуо, – диэн Миитэрэй «нууччалыыр». Кини мунаардаҕына нууччалааччы.
– Айаларгын көрбөтүҥ дуу?
– Көрөн, доҕор! Хас да куобах кылыыбын көрөн, туораан чонойбут. Биир сыыстаран бурҕаттарбыт.
– Куобах этин сылгы этин кытта холбуу буһардахха, куобах айаҕа кииримтиэ буолар сурахтааҕа. Кини сылгы инитэ эбээт. Үкчү сылгы курдук.
Миитэрэй чэйин иһэн бүтэн турар, чаанньыгы толорон эмиэ уокка уурар уонна этэр:
– Ээ, куобах үүт-үкчү сылгы курдук. Барахсан сиэлэ-кутуруга намылыйан!
Куобах сиэлэ-кутуруга намылыйбытыттан бары күлсэллэр.
Эмээхсин саҥата суох күлэн, кэтэҕэ титирии олорбохтоон баран, этэр:
– «Солуута суох саҥарабын эбээт» дии санаабат бэйэҥ буоллаҕа дуу? Куобахтаах сылгы ини-биилэр. Былыыр-былыр сылгы киһиэхэ сүөһү буола илигинэ, куобахтаах сылгы бырааттыылара үһү. Арай биирдэ…
Даарыйа эмээхсин ааҕан ситиллибэт кэрэ кэпсээннэриттэн биирдэстэрин кэпсээбитинэн барар.
Хотонтон Маайа тахсар. Кини аҕыйах саҥалаах. Өлөксөй уол сотору-сотору: «Маамуо!» диэн хаһыытаатаҕына, Маайа үтүктэн «Эһуо!» диэн кэбиһэ-кэбиһэ, дьиэ иһигэр ону-маны үлэлии, бүтэрэ-оһоро сылдьар. Эбэтэр уола ытаатаҕына, Маайа ыраах сылдьан: «Нохоо, Өлөксөөй, тохтоо эрэ бу!» – диэн чаҕаарыйар. Уол оччоҕо уурайан хаалар. Киэһэ «кырдьаҕас булчуттар» Микиитэ эһэтэ уонна дьукаах Сөдүөт чат тымтай түгэҕэр быыкаайык ньоҕор балыктаах кэлэллэр. Оҕолорго биирдии обургу мундуну сиэптэригэр уктан аҕалаллар.
Сөдүөччүйэ ыалтан кэлэр. Былаатын төбөтүгэр биир куһуок саахары түмэ баайбытын ылан, Микиитэ хайа эрэ сыталынан дьиэ дьонугар барытыгар үллэрэр. Дьон «өлүү саахардарын» сөмүйэлэригэр сыһыаран ылан, тылларын төбөтүгэр ууруналлар. Быыкаайык кыһыллыбыт чэйи тэрэпиискэҕэ суулаан аҕалбытын икки дьукаах аҥаардаһан чаанньыктарыгар кутуталаан кэбиһэллэр.
Үөрүү-көтүү, ас-үөл. «Дьоро киэһэ».
Силипиэн оҕонньордоох диэн сэниэ ыал биир кыыстара «дьүһүнүнэн мөлтөх» буолан эргэ барбакка сылдьыбыт. Сааһыары Миитэрэй ол кыыһы ойох «кэпсэттэ». Халыым төлүүр баайа суох киһи. Ол иһин энньэ да кыра. Эриэн тыһаҕастаах хара ынаҕы Миитэрэй Амма мууһунан дьурулаабыт суол устун үүрэн аҕалла. Бэйэтин балаҕанын дьоно үөрэн, оттон баай ыаллара Бэһиэлэйэптэр көрүдьүөс оҥостон сыыр үрдүгэр бөлүөхсэн тоһуйдулар.
– Сүөһүлэри күөйүҥ! Тоҕо түһэн куотан хаалыахтара!
Сүүсчэкэ сылгыны-ынаҕы үүрэн халытан иһэр киһи быһыытынан, кини ыраахтан хаһыытыы, үтүлүгүнэн талбаатыы истэ. Көтөх хара ынах туораан тахса-тахса, күөйтэрэн эмиэ суолга киирэн, албыннаан, хоротуута суохтук сүүрэн хаадьараҥныыр. Эриэн тыһаҕас, ынах иннигэр-кэннигэр түһэ-түһэ, сүүрэн моһурҕайданар. Миитэрэй соруйан хаала-хаала, сүүрэн кэлэн ынахтаах тыһаҕаһын үтүлүгүнэн охсуталаан кэбиһэр да, туора ыстанан хаарга кылыйталаан ылар.
Сүүрэн-көтөн, күөйэн-хаайан тыһаҕастаах ынаҕын хотоҥҥо киллэртээтэ. Онтон бэйэтэ дьиэҕэ ойон киирдэ, бокук-бокук гына-гына, үтүлүгүн-бэргэһэтин тэбэммэхтээтэ, тириппит сүүһүгэр сыстыбыт баттаҕын өрө анньынан кэбистэ уонна эттэ:
– Көр, уол оҕо дьоллоох, таҥара баайдаах! Ынах сүөһүнү аҕалан хотон муҥунан хаайан лиһигирэтэн кэбистим буолбат дуо?
Баары-суоҕу барытын мунньан, иһит-иһити барытын тэбээн, солуурчахха саламааттаатылар. Үөрүү-көтүү буолла.
Аһаабыт-сиэбит, Миитэрэйи үгүс оҕоҕо, элбэх баайга алҕаабыт кэннэ Даарыйа эмээхсин хараҥа муннугуттан кэпсээн эҥээрийдэ:
– Элиэ көтөр тоҕо кулуннуу кистиирин билэҕит дуо, доҕоттоор? Былыыр-былыр элиэ Улуутуйар улуу тойон сылгыһыт уола эбитэ үһү. Улуу тойон киниэхэ эрэ сылгытын үөрүн итэҕэйэн халлаан сырдык сыһыытыгар сылгылатара үһү. Арай биирдэ сылгы сылгылыы барбыта икки хоммут да, элиэ кэлбэтэх. Улуу тойон ытырыктата санаан элиэни бэйэтин чуҥнаппыт. Элиэ «сылгыһыт» биир бастыҥ кулуну уоран сии олорорун көрөн төннүбүттэр.
Үһүс күнүгэр элиэ кэлбит. Улуу тойон кинини бэйэтигэр ыҥыртаран ылбыт. Улуу тойон сылгыһыт уолунаан бу курдук кэпсэппиттэр:
– Хайа, нохоо, ханна сырыттыҥ?
– Сылгы сылгылыы.
– Сылгыларыҥ бары бааллар дуо?
– Биир кулун сүттэ.
– Көрдөөтүҥ дуо?
– Үс түүннээх күн көрдөөтүм.
– Буллуҥ дуо?
– Көстүбэтэ.
– Кырдьык дуо?
– Кырдьык…
Онуоха Улуу тойон олустук уордайбыт.
– Өлөрдүҥ. Уордуҥ. Сымыйалаатыҥ. Үс төгүл халыҥ буруйу, хараҥа аньыыны оҥордуҥ. Үс төгүл хара кырыыстаах эн буол! Сааһыҥ тухары кулуннуу кистии сырыт! Элиэтии көтө көрдүү сырыт! Суолга охтубут собулҕаны тоҥсуйа сырыт!
Онтон ыла элиэ кулуннуу кистиир, былыр бэйэтэ уоран сиэбит кулунун көрдөөн элиэтиир, собулҕаны тоҥсуйар.
Бэрт элбэҕи кэпсээтэ Даарыйа эмээхсин бу киэһэ. Бу киэһэ оһох уота өргө диэри күүдэпчилэнэ умайда, күллэ-салла, кыһыл чохторунан тамнаатанна. Уоттарын кытыытыгар бары үөрэ-көтө олордулар. Бүтэр уһугар Даарыйа эмээхсин Манчаары Баһылайы кэпсээтэ. Кини Манчаарыта хас кэпсээтэҕин аайы саҥа айыллар, үтүө майгыта, ньургун сырыыта саҥаттан саҥа арылла турар Манчаары. Мэлдьи сонун, мэлдьи эдэр, мэлдьи туйгун Манчаары Баһылай. Ол иһин соргу көтөҕүллүбүт уһулуччу үөрүүлээх бастыҥ «дьоро» киэһэлэргэ эрэ айыллан кэпсэнэр. Даарыйа эмээхсин оронугар олоро түһэн, илдьирийбит даба ырбаахытын тиэтэллээхтик кэтэн сарымахтанна, илбирийбит нэк суорҕанын түүрэ тардан бэйэтигэр ыга куустан өйөннө уонна аргыый-аргыый икки өттүнэн иэгэҥнии-иэгэҥнии сүһүөх-сүһүөх этэн барда:
– Тоҕустуу түптүрдээх түүнүктээх түрмэни
Төлүтэ көппүтү,
Аҕыстыы хаппахтаах хараҥа хаайыыны
Хайыта тэппити
Манчаары туйгуну билэҕиэт, доҕоттоор?
Толоону-томтору тумнара сабардыыр
Тоҥуу хаар иэнинэн
Тоҕустуу хаамыынан чүөмчүлээн бырдааттыыр,
Быыппастар быччыҥнаах
Быһыйкаан даҕаны атахтаах дэһэллэр.
Бардам баай тэриммит ыаҕастаах күлүүһүн
Көтүрү тардыбыт,
Дохсун баай эрэммит болгуолаах олуурун
Тоһута анньыбыт
Ньыгылкаан даҕаны ытыстаах дэһэллэр.
Адаҕа тимиртэн, сатара кымньыыттан
Таҥнары көрбөтөх,
Кылырдыыр чыыннардаах кырыктаах тойонтон
Толлору билбэтэх
Уот чолбон даҕаны харахтаах дэһэллэр.
Ырыаҕа ылланар Манчаары Баһылай
Дьоһуннаах сураҕа:
Күүстээхтэн туйгуна, быһыйтан бастыҥа,
Төлөннөөх сүрэҕэ, —
Эр бэрдин төлөннөөх сүрэҕэ дэһэллэр.
Сирэйдээх үтүөтэ, уҥуохтаах көнөтө
Манчаары Баһылай,
Суохтааҕы халаабыт, мөлтөҕү муҥнаабыт
Буруйа суох этэ…
Сүрэхтээх ырааһа – Манчаары дэһэллэр.
Батыйа күөрэтэн баайдары уолутан
Булбутун барытын:
Кылааннаах түүлээҕи, өрүөллээх харчыны
Бар дьоҥҥо түҥэтэн,
Суохтаахха түҥэтэн үргэҥниир дэһэллэр.
«Сүһүөхпүт сүүрээнин, харахпыт ууларын
Уулааннар уойаллар,
Баай үбэ барыта – бар дьоммут сүмэтэ…
Манчаары аатыгар
Туһаныҥ, доҕоттоор», – диир үһү дэһэллэр…
Тордуохтаах тумустаах тойон кыыл дойдута —