скачать книгу бесплатно
– Хайа, Миитэрээй, эһиги кэллигит дуу? – диэтэ нарын кыыс.
– Кэллибит ээ, Маайыас… Кэллибит дии… Аны күн аайы көрсүһэр буолуохпут.
– Чэ, оччоҕо дорообо, Миитэрэй.
– Дорообо, Маайыас! – Миитэрэй түүтэх отун туора илгэн кэбистэ, харытынан кыыс моонньун сөрүү кууһан ылла.
– Тыый даа! – кыыс төлө мөҥөн, балаҕаҥҥа киирэн хаалла.
– Киир диэбитим ээ! – Микиитэ диэки кырыктаахтык көрөн кэбиһэн баран, Миитэрэй оҕуһун быатын харбаан ылла.
Микиитэ, өлөрдүү өһүргэнэн, дьиэҕэ сүүрдэ…
Ити курдук биир күһүҥҥү күн Дулҕалаах хочото киһинэн-сүөһүнэн дэлэйэ түстэ.
Аптаах тыл
Өлөксөй уол үгүстүк ыарытар. Кини кыайан ытаабат, чыпчылыйбат буолуталыыр. «Бу түүн барыыһык… Оҕоҥ чугаһаабыт», – дэһэн ботугураһаллар.
Аҕыйах хонугунан оҕо эмиэ сэниэтэ суохтук кыыкынаан ытыыр уонна сылаас сиҥэни айаҕар кутан биэрдэххэ, ыйыстар буолан барар.
Астара суох.
Кириэн оттоох үөрэни сарсыарда иһэллэр. Бэс сутукатын ууга буһаран баран, быыкаайык тар тооромостору холбуу ытыйан, күнүс биирдэ аһыыллар. «Таҥара тугу биэрбитинэн» киэһэ аһаан утуйаллар. Таҥаралара үксүгэр сылбархай чэйи эрэ биэрэр. Хаппаҕын тутааҕа туллубут хампархай алтан чаанньыкка сылбархай чэйи иһэн утуйаллар. Утуйдахха, хоргуйбут биллибэт.
Микиитэ эбэтэ Баһыахтыыр Балбаара дьонуттан туспа олорор. Кини уот тыллаах, куһаҕан харахтаах, наһаа күүстээх эмээхсин. Майгытынан бардам буолан, сыл аайы баайтан баайга уларыйа сылдьан хамначчыттыыр. Быйыл Бэһиэлэйэптэргэ олорор. Кини сорҕотугар көрдөһөн, сорҕотугар, арааһа, «ыйыппакка» да ылан, быыкаайык тоҥ үүтү хоонньугар уктан киллэрэр. Оччоҕо күннүүллэр.
Табах аһыы сытынан аҥкылыйбытынан сиэннэрин ууруу-сыллыы охсоот, таһырдьа элэс гынан хаалар. Эмээхсин тахсарын кытта үүттэн быһаҕынан эмти охсон ылан, ууга суурайан, ыалдьар оҕолоругар иһэрдэллэр, Микиитэ чэйигэр үрүҥнүүллэр.
Ол курдук өлүөхчэ өлбөккө сылдьан, Өлөксөй хааман түөрэҥэлээтэ. Онтон, «тимэҕэ сөллөн», уол улам килэрийэн-молоруйан улаатан барда.
Сылдьыбыт эрэ дьон бары кинилэр балаҕаннара кыараҕаһын, куһаҕанын сөҕөллөр, манна хайдах сатаан олороллорун бэркиһииллэр.
Микиитэ онтон өһүргэнэр. Балаҕаннара үчүгэй. Дүлүҥ мастары хайыталаан баран, суорбакка эрэ туруору кэккэлэппит саркаахтаах эркинигэр киһи илиитэ бааһырар уонна таҥас, алдьаммытынан иилистэ-иилистэ, тырыттар. Ол эрэ куһаҕан.
Балаҕаннара үчүгэй. Өссө быйыл Эрдэлиирдэр диэн дьукаахтаахтар.
Молоохтор дойдулара Дулҕалаах хочото – нэһилиэк уһуга дойду. Киэҥинэн нэлэһийбит Амма өрүс уҥуоргу сыырын иилээн турар үрдүк хайалар кэтэх өттүлэригэр туспа нэһилиэк олорор. Икки нэһилиэк сылдьыһар бэрибиэһигэр – Дьөгүөрэптэр аартыктарыгар – өрүс уҥуор-маҥаар хаһыытаһаллара бэрт ыраас киэһэлэргэ эрэ манна дуораһыйан иһиллэр. Күһүн Бэһиэлэйэптэр көһөн киирдэхтэринэ уонна, өрүс мууһа туран, кыһыҥҥы суол аһылыннаҕына, чуумпу Дулҕалаах эмиэ арыый сэргэхсийэ түһэр.
Кэлии-барыы мөлтөх, сурах-садьык олус хойутаан, кубулуйан тиийэр дойдута.
Ханна эрэ ыраах омук ыраахтааҕыларын сэриилэрэ турбут. Таҥара дьиэтигэр аҕабыыт, нэһилиэккэ кинээс этэллэринэн, «биһиги үтүө санаалаах ыраахтааҕыбыт бар дьонун аһынара бэрдиттэн сэриилэспэккэ олоруо үһү».
Амма нэһилиэгин киинигэр, Кыымнаайыга, хас да сыл биир бүдүгүрбүт биэссэр оҕонньор олорбута. Ол оҕонньор туох эрэ күүстээх ыарыыга ыалдьан, бэйэтэ кыайан эмтэниэ суох буолан, куоракка киирбитэ. Онно, куорат луохтуурдара «ыарыытын үчүгэйдик көрөөрү иһин хайыппыттарын» тулуйбакка, өлөн хаалбыт сураҕа иһиллибитэ.
* * *
Молоохтор балаҕаннарын туора дьон биирдэ хайҕаабыттара.
Арай биир киэһэ Молоохтор балаҕаннарын аана киэҥник тэлэллэн аһылынна даҕаны, уһун бараан сону сөрүү туттубут, күп-күөҕүнэн тэрбэччи көрбүт «Буоста нууччатын» кытта үс ини-бии баайдартан убайдара уонна дьадаҥылара Мэхээлэ, орто бырааттара Киргиэлэй Дьөгүөрэптэр уонна хас даҕаны атын мааны сахалар балаҕаҥҥа туола түстүлэр.
Олорботулар.
Үгэс быһыытынан, «Тугу иһиттиҥ?» дэсиһии кэнниттэн, Мэхээлэ Дьөгүөрэп эттэ:
– Сөдүөччүйэ-э, бии үнүргү иһит арыгыгын бу тойоҥҥо биэр. Иһиэҕин баҕарар. Төлүөҕэ.
Сөдүөччүйэ сүр улгумнук таһырдьа таҕыста.
– Оо дьэ, сүрэ бэрт дии! Манна син дьиэбит диэн олороллор дии! – диэтэ ким эрэ.
Мэхээлэ Дьөгүөрэп сөбүлээбэтэх быһыынан, ол киһи диэки көрүтэлээн кэбистэ уонна түргэнник саҥаран бөтүгүрээтэ:
– Олорбокко, ханна барыахтарай, доҕор? Ордук суох буоллаҕа…
Бары ах баран турдулар. Онтон Киргиэлэй Дьөгүөрэп, кулун кистиирин курдук, дьырдьыгыначчы күллэ уонна эттэ:
– Бу дьиэҕэ биир күн олорбут киһи биир сыл оҥорбут аньыыта бырастыы буолар…
Ону бары сөбүлүү түстүлэр.
Нуучча бэргэһэтин устан, куударалаах чачархай баттаҕа өрүкүйэ түһээт, уҥа ороҥҥо тиийэн дьоһуннаахтык олорунан кэбистэ. Балаҕаҥҥа ымсыырар быһыылаах, Микиитэни одуулаһар. Уол сыгынньах киинин ытыһынан саба туттан баран, хаҥас диэки чугуҥнуур. «Биһигини үүрэн таһааран баран, дьиэбитигэр бэйэтэ олороору гынар» дии саныыр. Нуучча сири тиҥилэхтээт, хаһыытыы түстэр эрэ, хотоҥҥо ыстанар өйдөөх.
Сөдүөччүйэ иһит арыгыны киллэрэн, Мэхээлэҕэ биэрдэ.
– Чэ, чэ, тахса охсуохха! Сүрэ бэрт. Дьэ дойду! – дэһэ-дэһэ, ыалдьыттар тахсан бардылар.
Балаҕан иһигэр тымныы тумана күөгэлдьийдэ.
Нуучча, доҕотторуттан хаалан, Микиитэ лаглаҕай гына ымынах буолбут иһин диэки сөмүйэтинэн суптурута ыйыталаан баран, эттэ:
– Сууйда надо. Мин мыло биэрдэ.
– Мыына ньынаада, – Сөдүөччүйэ илгистэн кэбистэ. – Миэхэ бурдук, килиэп наада… Баранчаактар ис хапсыыла, – оҕолорун диэки ыйыталаата.
Нуучча чыпчырынан, илгистэн кэбистэ. Тугу эрэ бэйэтин тылынан саҥарда уонна таһырдьа ыстанна.
Сыарҕалар тыастара дьиэ таһыттан тэйиэр диэри ким да саҥарбата.
– Ити нуучча төлүөбэтэҕинэ да, көҥүлэ киси… – дьукаах Сөдүөт оһоххо хардаҕаһы эргитэ туран, уоту көдьүттэ. Онтон балачча буолан баран, эбэн эттэ: – Күтүр хараҕа көҕөрөн түһэн, сүрэ бэрт, доҕоор!
Нуучча хараҕын истээт, бары саҥарбытынан бардылар.
– Мэхээлэ бэрдэрдэ дии… Хайа үлүгэрий. Баарбын-суохпун барытын мунньан, ыллартарбытым, – диэтэ Сөдүөччүйэ.
– Мэхээлэ эмиэ хантан билэ охсубута эбитэй? – Эрдэлиирдэр ийэлэрэ Даарыйа эмээхсин хаҥас муннукка күөдэл курдук нэк оронуттан тыл быраҕан эҥээрийдэ.
– Тыый, кининэн ылларбытым дии!
– Ээ… Куоратчыт таһаарбытыгар, Даарыйа эмээхсиҥҥэ илдьэн биэрэн сээкэйи туһаныам дии санаахтаабыта… – диэн, Даарыйа эмээхсин кимиэхэ эрэ туора киһиэхэ кэпсиир курдук эҥээрийбэхтээтэ.
– Суох, дьэ ити нуучча төлөөбөт! – диэтэ Сөдүөт сүрдээх эрэмньилээхтик. – Иһэн баран, таһы умнан кэбиһиэ буоллаҕа дии. Төлүөн саныыра буоллар, Балааҕыйа эмээхсинтэн ылыа этэ. Ол эмээхсиҥҥэ кини тотор арыгыта баар ини.
– Ити, кырдьык, дьиибэ… – Даарыйа эмээхсин мунаара олордо. – Чугас баар лааппыттан ылбат, хата, Сөдүөччүйэ эрэйдээх кинээс дуу, аҕабыыт дуу, Балааҕыйа эмээхсин дуу таарыйдахтарына толук туттуом диэн булунаахтаабыт биир иһит арыгытын таба көрбүт. Төлөөбөтөҕүнэ иэдээн…
Улахан кинээс Уйбаан Сыҕаайап хотуна, уонча бууттаах, харалҕан харахтаах Балааҕыйа эмээхсин, эмтиэкэттэн чугас, Эргиттэ алааска лааппыланан олорор. Нуучча, чугаһыгар баар мааны дьон лааппыларыттан ылбакка, сэттэ биэрэстэлээх сиргэ дьадаҥы дьахтар биир иһит испиирдээҕин эккирэтиһэн кэлбитэ, кырдьык да дьиибэ.
– Ити нуучча хата төлөөбөт! – Сөдүөт өссө ордук эрэмньилээхтик саҥарда.
– Төлүөҕэ! – диэтэ Миитэрэй.
– Көрдөөтөххө, үлтү бардьыгынаан таһаарыаҕа.
– Таһаарыа суоҕа-а!
– Бэрт киһи, эн баран ыга тутан ылаа инигин?
– Ылыам, доҕор!
– Кэбиһиҥ даа, мөккүһүмэҥ! – диэн эҥээрийдэ ийэлэрэ.
Нуучча арыгыны төлүүрүн дуу, төлөөбөтүн дуу туһунан балачча өр дьүүллэстилэр да, оччо быһаарбатылар. Нуучча төлөөбөтөҕүнэ, Мэхээлэттэн иэстииргэ сөптөөх диэн түмүктээтилэр. Сөдүөччүйэ сарсыарда тураат «итиитинэ» ирдэһэ барыах буолла.
«Нууччалар бары биир дьүһүннээхтэр» дэһистилэр, иэстээх киһитин кини буларын мунаардылар, ол киһи араас бэлиэлэрин өйдүү сатаатылар.
Кинилэр дьиэлэригэр олорор киһи аньыыта бырастыы буоларын туһунан истибит сонунун кэпсээри гына-гына, быыс булбакка тэпсэҥнии туран баран, Микиитэ ийэтин кууһа түһэн чанчыгынан сигэнэ-сигэнэ, эттэ:
– Ийээ, биһиги дьиэбит үчүгэй дьиэ буолбат дуо?
– Үчүгэйэ да суох буоллар син олордохпут дии…
– Ити дьон этэллэр ээ…
– Тукаам, хайҕаан эппэттэр, саҥарба, – диэтэ Даарыйа эмээхсин хаҥас диэки хараҥа муннуктан. – Куһаҕан дьиэҕэ аньыылаах киһи олороро буоллар, манна баайдар олоруохтара этэ. Аньыы үксэ кинилэргэ баар.
Эмээхсин тылыттан Микиитэ «баайдар үгүс аньыылаахтар» диэн өйдөөтө. Ол да иһин тастарынааҕы баай ыалларыгар – Бэһиэлэйэптэргэ сотору-сотору аҕабыыт кэлэр эбит буоллаҕа…
Сарсыныгар Сөдүөччүйэ бурдук, саахар, куһаҕан баҕайы сыттаах хап-хара мыыла уонна «токууккай» диэн үрүҥ бурдук аһын аҕалла. Бары нууччаны хайҕаан айдаардылар.
«Токууккайын» Микиитэ тоһута тута-тута, дьоҥҥо түҥэттэ.
– Кыһын хаардаахха туох барыта маҥхайар, сайын хараҕа туох барыта хараарар. Балыктар уу курдук дьүһүннээхтэр, көтөрдөр от-мас сэбирдэҕин курдук түүлээхтэр. Оттон киһи – аһылыгын курдук. Нууччалар маннык аһы аһааннар, үрүҥ сирэйдээхтэр, – диэн Даарыйа эмээхсин кэпсээн эҥээрийэ олордо.
Эрдэлиирдэр төрдүөлэр: ити кырдьаҕас эмээхсин, кини улахан уола Сөдүөт диэн өкөҥнөөбүт хатыҥыр, ордуос майгыннаах-сигилилээх киһи, ол киһи ойоҕо Маайа уонна эмээхсин кыра уола Миитэрэй – кыра уҥуохтаах, икки өттүнэн чылаарыҥныы-чылаарыҥныы тиэрэ тэбэн хаамар сүүрбэччэлээх, хап-хара киһи. Миитэрэй үтүө майгыннаах, куруук бэһиэлэй, ону ааһан айылҕаттан артыыс. Бэйэтэ сэдэхтик, кылгастык күлэр; кинини тула күүгүнэс күлүү, айдаан буолар. Ол курдук нэһи сэргэхситэр, улугу уһугуннарар көрдөөх аҕыйах тыллары бэрт дөбөҥнүк этэн кэбигирэтэн кэбиһэр. Миитэрэй кими эмэ үтүктэн туттан-хаптан, көрөн-истэн таһырдьаттан киирэр, ону дьиэҕэ олорооччулар бары таайан айдаара тоһуйаллар. Бар дьон таптаан, киниэхэ эһэтин хос аатын иҥэрбит. Онон, кини биллэр аата Эрдэлиир Миитэрэй.
Маайа бастыҥ үтүө майгыннаах, аҕыйах саҥалаах саха нарын дьахтара, кини олус балыйтардаҕына хап-хара харахтарын чанчыктарынан соҕус тэрбэлдьиччи көрүтэлээн кэбиһэр уонна төбөтүн кыҥначчы тутта түһээт: «Чэ, ити!» – диэн тэбис-тэҥ, ып-ыраас тиистэрэ кэчигирэһэн көстөллөр. От охсооччу, бурдук быһааччы бастыҥа. Сүрдээх нарын, ыраас дьахтар, кини аттыттан кир-бөх халбарыйан, сыҕаллан биэрэр курдук.
Сөдүөтү ийэтэ олус таптыыр. Маайаны Өлөксөй уол наһаа таптыыр, «маамам» диэн ааттыыр. Хантан булбут тыла буолла? Микиитэ саамай бастыҥ доҕоро Даарыйа эмээхсин.
Эмээхсин – саха норуотун умсулҕаннаах дэлэгэй тылын бастыҥ баһылыга. Кини сүрдээх элбэх таабырыннаах, өс хоһоонноох, сэһэннээх, остуоруйалаах. «Сүрдээх элбэх» диэн этэр тутах, кыайан ааҕыллыбат, куруук сайда, дэлэйэ турар, бараммат баайдаах киһи.
Олоххо, айылҕаҕа баар бары эгэлгэҕэ барытыгар кини уустук быһаарыыны биэрэр. Хаҥас муннук борук-соругар оронноох. Онно куобах тыһын, кулгааҕын имитэ-имитэ, кып-кыараҕас кыһыл харахтарын ыттаҥнатан кэҥэтэн көрө сатыы-сатыы, бэйэтин баҕатынан, арааһы сэһэргээн эҥээрийэ олорор киһи.
– Кыһын сайыннааҕар тоҕо уһун буолбутун билэҕит дуо, доҕоттоор? – диир кини. – Көр ол маннык ээ. Былыыр-былыр, сылгы, ынах кыыл сылдьар кэмнэригэр, оҕус уонна атыыр мөккүспүттэр.
Оҕус эппит:
– Сайын муннум уута сүүрэр. Муннум кыһыйар, муннум сытыйар. Сайын кылгас буоллун.
Атыыр эппит:
– Кыһын атаҕым сылайар. Атаҕым тоҥор. Атаҕым ыалдьар. Кыһын кылгас буоллун.
Мөккүһэн баран этиспиттэр. Этиһэн баран охсуспуттар. Оҕус атыыры үөһүн тоҕо сиэлийэн кэбиспит. Атыыр түҥнэри холоруктуу түһээт, оҕуһу тииһин көтүрү тэппит.
Түөрт атахтаах бииһин ууһа мунньустан дьүүл аспыттар. Оҕус мөссүөнүн алдьаппытын иһин атыыры ордук буруйдааҕынан аахпыттар. Онон, оҕус баҕата туолан, сайын кылгыырыгар эппиттэр.
Онтон ыла сайын кылгаабыта үһү. Оҕус тоҕо сиэлийэн кэбиһэн, онтон ыла сылгы үөһэ суох буолбут. Атыыр көтүрү тэбэн кэбиһэн, онтон ыла ынах сүөһү инники үөһээ тиистэрэ суохтар…
Дьиэлээхтэр бары оҕуһу мөҕөн айманаллар, кини куһаҕаныттан кыһын уһаабытыгар абаланаллар. «Күтүр, муннум сытыйар» буола-буола! Сытыйдар, күлүккэ сыттын ээ», – дэһэллэр.
Киэһэ утуйуох иннинэ Даарыйа эмээхсин таһырдьаттан киирэн иһэн, кыра уолугар Миитэрэйгэ этэр:
– Тукаам, оҕускун киллэриэҥ дуу? Тымныы олустаабыт ээ.
Миитэрэй хамса чубууга дуу, айа элбэрээгэ дуу оҥорбутун кыратык да тохтоппокко олорон, чахчы абаламмыт куолаһынан этэр:
– Тоҥмохтуу түстүн, дьиккэр баара!
Бары соһуйаллар. Арай Даарыйа эмээхсин өссө эбии холкутуйан эҥээрийэр:
– Ол туох толкуйтан, ханнык майгынтан соҕотох кунаҥҥын токуччу тоҥорор толкуйдаммыккын иһитиннэриэҥ эбитэ буолаарай?
– Кыһыны тоҕо уһаппытай! Мунна кууран абыранан турдаҕа дии!
Бары күлсэллэр. Уоллаах эмээхсин эрэ күлбэттэр, кинилэр оҕустарын аһынан киллэрэри дуу, өһүөннээн тоҥоро түһэри дуу сүбэлэһэн эйэҕэс сытыы тылларынан күрэстэһэ оонньууллар.
Кэнники, дьарыктаммыт сээбэһин оҥорон бүтэрэн, ньилбэгиттэн мас сыыһын тэбэнэ туран, Миитэрэй этэр:
– Бэйи, эрэйдээҕи киллэриэххэ даҕаны. Кини төрүөн ыраах инниттэн кыһын уһун этэ дуу… Буруйа да кыра соҕус эбит.
Оҕус киллэриллэр. Бары сыталлар.
Оһох уота улам мөлтөөн, балаҕан иһэ боруҥутуйан барар, уҥа эркиҥҥэ ханнык эрэ бороҥ күлүктэр эйэҥнэһэллэр. Дьиэттэн быыһамматах хотоҥҥо дөрүн-дөрүн кырдьаҕас ынах ыараханнык үөһэ тыынан буугунаталыыр, дьиэ таһыгар тохтубут оту итигэстээн сии сылдьар субан сылгылар туйахтара тоҥ чигдигэ хоочугурууллар.
Уу чуумпу ортотуттан Даарыйа эмээхсин холку саҥата эҥээрийэ түһэр:
– Ити үгүрүө чыычаах, халлааҥҥа өрө дьурулаан тахса-тахса, тоҕо таҥнары дыыгынаан түһэрий? Ону билэҕит дуо, доҕоттоор?