banner banner banner
Сааскы кэм
Сааскы кэм
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

Сааскы кэм

скачать книгу бесплатно


Онуоха Миитэрэй саҥата аан оронтон кэбигириир: «Түөкүн оонньообутун дьүһүнэ ини оттон. Кини курдук кынаттаах буоллар, киһи эрэ даҕаны өрө көтөн дьурулуо этэ».

– Ээ суох, доҕор, кэбис, оонньообот. Түөрт сымыыттан ордугу сымыыттаабатыттан абаланар дьүһүнэ ити. «Чуккумай кус, миигиттэн улахана суох да, уон икки сымыыты сымыыттыыр. Миэнэ түөрт эрэ буолар» диэн саатан, үлтү түһэн өлөөрү гынар ээ.

Сэһэргэһии буолар. «Түөрт да оҕо сөп, наһаа сомсуһар эбит» диэн сорохтор үгүрүөнү сэмэлииллэр. Сорохтор аһыналлар. Микиитэ аһынааччыларга холбоһор, үгүс оҕолору батыһыннаран чучугурата сылдьар үчүгэй буоллаҕа. Онтон көтөрү уопсайынан кэпсэтэллэр. «Ураанай кус уйатыгар биирдии сымыыты хаалларан истэххэ, түөрт уон сымыыты сымыыттыыр үһү» дэһэллэр. Ураанай кус оҕонньоругар тиийэн: «Эмиэ табыллыбатыбыт. Чэ эрэ…» диэн иһэр бэйэкэтэ буоллаҕа», – диэн Миитэрэй сэрэйэр.

Ол туһунан өр кэпсэтэллэр. Элбэхтик күлэллэр. «Оҕонньорго туох буолуой, эрэйэ – сымыыттыыр киһиэхэ буоллаҕа» диэн түмүктүүллэр.

Ити устатыгар мөлтөөтөр мөлтөөн иһэр уот сырдыга дьиэ эркиниттэн, сыҥаһаттан, остуол атаҕыттан хастанан оһох диэки сыҕаллан иһэр. Хараҥа улам хойдон иһэр. Онтон күөх төлөннөрүнэн чыпчылыйбахтыыр кыһыл чохтор эрэ хаалаллар, холумтаҥҥа турар хампархай чаанньыгы эрэ тунаархайдык сырдаталлар.

– Чооруос чыычаах төбөтө кыһыл ээ, доҕоттоор, – диир Даарыйа эмээхсин саҥата. – Ити маннык. Былыыр-былыр чооруостаах күүдээх күүстэрин холбоон бииргэ кыстыырга сүбэлэспиттэр. Күүдээх бытаны, сардаананы, бурдугу хаһааммыт. Чооруос мас дабаххайын, эрбэһин туорааҕын хаһааммыт. Кыһын ортотугар дылы күүдээх хасааһын иккиэн сиэн бүтэрбиттэр. Онтон чооруос хасааһыгар киирбиттэрэ, дабаххайы да, эрбэһин туорааҕын да күүдээк аһаабат астара буолан биэрбит. Күүдээх ыксаабыт.

– Эн миигин албыннаабыт эбиккин, хара түөкүн! – диэбит.

– Мин эйигин албыннаабатаҕым, бэйэм аһыыр астарым. Бу көр ээ! – диэбит да чооруос бэйэтин хасааһын тоҥсуйан тобугураппытынан барбыт.

Күүдээх абаланан чооруос үрдүгэр саба түспүт. Охсуһуу буолбут.

Чооруос түөһүн күүдээх хайыта тыыппыт уонна куйахатыттан ойо ытырбыт.

Күүдээх хомурҕанын уҥуоҕун чооруос тосту тоҥсуйбут.

Онтон ыла чооруос түөһэ кыһыл эбирдээх уонна төбөтө кыһыл түүлээх буолбут. Онтон ыла күүдээх хомурҕанын уҥуоҕа тостон баран оспут курдук бөлтөгөрдөөх буолбут.

Үҥсүү барбыт.

Көтөр кынаттаах ыраахтааҕыта Хомпоруун Хотой эппит:

– Мин киһибин Чооруоһу атаҕастаабыттар.

Сүүрэр атахтаах ыраахтааҕыта Хахай кыыл эппит:

– Мин киһибин Күүдээҕи атаҕастаабыттар.

Икки ыраахтааҕы тыл тылларыгар киирсибэтэхтэр. Онтон Хомпоруун Хотой туран, көтөр кынаттаах тоҕус бииһин ууһун Сытыы Кырбый суорумньуһутунан күөйтэрэн аҕалтарбыт уонна Суор Суруксукка бирикээс биэрбит:

– Халыҥ сэриини испииһэктии оҕус! Хааннаах кыргыһыы тахсаары гынна!

Онуоха Хахай кыыл туран, сүүрэр атахтаах аҕыс бииһин ууһун Сур Бөрө сонордьутунан хомуйтаран ылбыт уонна Саһылыкаан Албыҥҥа ыйаах ыйбыт:

– Ааттаах аармыйаны ааҕа оҕус! Алдьархайдаах айдаан тахсаары гынна!

Хомпоруун Хотой таас дьааҥы чабырҕайыгар тахсан даллаарыс гына олоро түспүт да, таҥнары көрөн олорон, таҥалайын таҥсынан дьаҕырыйбытынан барбыт. Хахай кыыл улуу тумул тумсугар «адьырыс» гына ыстанан тахсыбыт да өрө көрөн туран, ынырыктык ырдьыгынаан ыкпытынан барбыт.

Чооруостаах күүдээхтэн төрүөттэнэн, аан дойду көтөр кынаттааҕа бары, аан дойду сүүрэр атахтааҕа бары улуу кыргыһыыны аһаары гынан эрдэхтэринэ Микиитэ утуйан барар…

Кэмниэ кэнэҕэс, уутун быыһынан иһиттэҕинэ, эмээхсин саҥа кэпсээни бүтэрэн эрэр буолар:

– Туруйа туран, онтон өһүргэнэн, боҕурҕана муҥнааҕы хаптаччы тэпсээн-тэпсэн кэбиспит…

– Эмээхсиэн, түксү! Ньаллырҕаама! Иирээри гынныҥ дуу? – диэн эмээхсин улахан уола Сөдүөт бардьыгыныыр саҥата бобуллаҥныыр.

Эмээхсин кыратык да өһүргэммэт, дьэ эбии холкутуйан этэр:

– Ээ суох, доҕоор! Аньыы даҕаны… Микиитэ утуйда дуу?

– Утуйда дии, бадаҕа, – диир Сөдүөччүйэ улаҕа диэки хайыһан кыра уолун таптайа сытан. – Чэ, кэпсээ, эмээхсиэн, утуйааччы утуйдун, истээччи иһиттин ээ.

Микиитэ: «Суох, утуйа иликпин, өссө кэпсээ» дииргэ дылы гынар да саҥата иһиллибэт. Орон оргууй күөгэлдьийдэр күөгэлдьийэн талбаарыйан барар. Онтон куттанан, ийэтин кулгааҕыттан тардар. Онуоха ийэтэ эргиллэн, сылаас тыына кини сүүһүгэр охсуллар, кыайан этиллибэт тапталлаах, сымнаҕас сытын уола билэр… Ол уоскутар, үөрдэр, дьоллуур. Ийэтин муннун бобо тутар. Ийэтэ тыынара кини ытыһын кычыгылатар. Онтон күлэ-күлэ Микиитэ утуйан хаалар…

Даарыйа эмээхсин ити курдук көтөр кынаттаах, сүүрэр атахтаах, үөн-көйүүр, сүөһү-ас, икки атахтаах, хамсыыр-харамай, сир-халлаан тустарынан тус-туспа хаһан да бараммат, салгыппат кэрэ, дэлэгэй кэпсээннэрдээх.

Кини туох да ааҕан сиппэт үгүс араас көрүдьүөстээх, уустук хоһуйуулаах, таабырыннаах. Онно кыра улаатар. «Тоҕус былас ураа лаҥкыр муостаах улуу дойду оҕуһунабын» диэччи таайыллыыта – таракаан буолан хаалар. Онно куһаҕан киэркэйэр. «Уу саарыстыбатын ньадараал тойоно муора хааһыгар тахсан кыһыл көмүс чыыннаах-хааннаах түөһүн имэринэ сытар үһү». Ити баҕа.

Бултуур сэби-сэбиргэли араастаан чуолкайдык хоһуйан таабырынныыр. «Сири аннынан силлирики уоруйах баар үһү». Муҥха, баҕадьы. «Абааһы кыыһа түөһүн түүтүн таарыйтарбат үһү». Айа. «Суола биллибэт сур соноҕос баар үһү». Тыы.

Дьиэ иһинээҕи дьон бары таайаллар. Таабырына таайыллыытын кини улам-улам чэпчэтэн иһэр. Туохха сыһыаннааҕын маҥнай этэр. Онтон баайдарга эрэ баарын дуу, дьадаҥыларга да баарын дуу этиэҕэ. Онтон: «Чэ, оҕолорбор этэрим кэриэтэ эттэхпинэ», – диэн сибилигин ханна баарын этэн, таайтарар. Сытыы кылыс өс хоһооннорунан, тыл дэгэттэринэн икки атахтаах араас дьиэктэрин курбуулаталыыр. Киһиргиир туһунан «Ат сүүрдэҕинэ ыт хаалсыбат» диэҕэ. Иҥсэрэр туһунан «Оҕус сымыыта түһэрин саһыл кэтэспит» диэҕэ.

Нэһилиэк, улуус баайдарын үрдүк арҕастарыгар Даарыйа эмээхсин ыардык тайаныталаан ааһар. «Күтүр баай окко сытар ыт курдук ээ… Киргиэлэй Дьөгүөрэп баайынан бэйэтэ да туһаммат, дьону да туһалаабат». «Баайга биэрэр кумахха ииктиир кэриэтэ – утары иҥэн иһэр… Даарыйа Сыҕаайап эмээхсин ампаара бар дьон үбүгэр хаһан туолуой?!» «Баай оҕото бардам, тот оҕото дохсун… Сыллай Луханы көрбөккүт дуо?» Сүөдэр Бэһиэлэйэп баай соҕотох уолугар Лухаҕа сааһын тухары сүппэт хос аат иҥнэҕэ ити.

Ол эрээри кырдьаҕас Даарыйа саамай таптыыр суола остуоруйа. Манна кини идэтэ ордук сытайан көҥүллүк көрүлүү көтөр.

Кини остуоруйатыгар бэрт элбэх эрэйи, атаҕастабылы, муҥу туораан, уһугар тиийэн дьадаҥы байар, мөлтөх күүһүрэр, акаары өйдөнөр, дьүдэх киэркэйэр. Манна «Күн ыраахтааҕытааҕар» умнаһыт оҕонньор ордук өйдөөх буолан тахсар. Манна «үрдүк сололоох» тойон уола ойох ылыах буолбут мааны кыыһын илбирийбит таҥастаах кулут уол ылан дьоллонор. Манна талаары гыммыт уон икки ороспуонньугу соҕотох дьахтар өйүн күүһүнэн баһыйан тутуталыыр. Манна сэттэ бырааттан саамай көйгөлөрө, акаарылара кэнники бастыыр, баһылыктыыр. Муҥу-сору, батталы сүкпүт тулаайах кыыс туругурар, кырыктаах маачаха мааны кыргыттара буорайаллар.

Бу остуоруйаларга туохтан да бөҕө быһыы доҕордоһуу буолар. Доҕор алдьархайга түбэспитин быыһаары дьулуспуттар оргуйа турар уот сымала байҕалы дьулайбакка туорууллар, халлааҥҥа харбаспыт суорба таас хайаны чаҕыйбакка дабайаллар.

Уонна туох чугутуой доҕордоһуу дьулуурун!

Бу остуоруйаларга саамай сырдык, ыраас суол таптал буолар. Уоттаахтык таптаһар сүрэхтээхтэри түөрт уон түөрт «тимир чугуун» халҕаннаах хараҥа хаайыы да кыайан хаайбат, сэттэ уон сэттэ былас дириҥ түүнүктээх түрмэ да кыайан тохтоппот, хараҥа баттал дириҥ дьуоҕата ол дьону кыайан тумнарбат.

Уонна туох тохтотуой таптал күүһүн!

Бу остуоруйаларга туохтан да күүстээх, тугу да хотор айар күүс уоттаахтык баҕарыы буолар. Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин оҕото суоҕуттан муҥатыйан ытыы-ытыы, сир симэҕин үргээн дьиэтигэр аҕалан сыттыгын анныгар уурбута саннын хараҕар диэри түспүт куударалаах баттахтаах кыыс оҕо буолан хаалбыт үһү ээ… Күүстээх баҕарыыттан, дьиҥнээх муҥатыйыыттан тахсыбыт харах уута сир симэҕэр тыыннаах сиик буолан түспүт эбит.

Уонна тугу кыайбат, тугу айбат буолуой дьиҥнээхтик баҕарыы!

Кырдьык кимиэхэ да балыйтарбат, сырдык туохха да хаххалаппат, ньургун сүрэх туохтан да, кимтэн да дьулайбат.

Куһаҕан харахтаах, хатыҥыр, кыра эмээхсин хаҥас диэки боруҥуй муннукка күөдэллэммит нэк ортотугар киэбэ эрэ боруйан олорон, куобах тыһын, кулгааҕын имитэ-имитэ, кэрэтик кэпсээн унаарыйар, дьиэ иһинээҕи дьон болҕомтотун барытын бэйэтигэр тардынар.

Балаҕаҥҥа сылаас уоттаах сыбыы оһох уонна кэрэ кэпсээннээх Даарыйа эмээхсин саамай наадалаахтар, кинилэрэ суох сатаммат.

Кини остуоруйалыыр, кэпсиир. Остуоруйа ханна тиийэн олохтон арахсарын Микиитэ билбэт. Хантан ыла кини олоххо холбоһорун кини эмиэ билбэт. Олох уонна остуоруйа быа икки утаҕын курдук холбуу өрүллэн бара турар быһыылаахтар.

Олох курдук остуоруйаттан остуоруйа курдук олох буолан барар.

Быыкаайык балаҕан иһэ кэҥээтэр кэҥиир, үрдээтэр үрдүүр, киэркэйдэр киэркэйэр. Истиэнэ быыстарынан чэҥ муустара килэриһэн тураллар диэтэҕиҥ дуо? Суох! Остуоруйа дыбарыаһын үрүҥ көмүс эркиннэрэ күлүмүрдэһэллэр… Сиргэ бөх-сыыс ыһылла сытар диэтэҕиҥ дуо? Суох! Кыһыл көмүс кырадаһыннара кылбаҥнаһаллар… Таһырдьа буурҕа тыал улуйар диэтэҕиҥ дуо? Суох! Кырыктаах маачаха хара тыаҕа муннарбыт тулаайах кыыһа Үрүҥ Үкэйдээн ытыыр… Сибилигин кини киирэн кэлиэҕэ. Киирээт, Микиитэ кэтит түөһүгэр сүүһүн өйөөн туран ытыаҕа, ытыырын быыһыгар этиэҕэ: «Миигин аһыннаххына эн аһыныаҥ, харыһыйдаххына эн харыһыйыаҥ…»

Кырдьыга да оннук.

Микиитэ үҥкүрүс-күөлэһис гына түһэр да, толооҥҥо өлбүт кулун буолан хаалар. Икки оҕолоох суор кэлэн тиит төргүү мутугар түһэр. Оҕо суордар иҥсэлээх харахтарынан кулуну одуулаһан турулуҥнаһаллар уонна быыстала суох айманаллар:

– Ийээ, ийээ! Ас-таҥас, уйгу-быйаҥ! Тоҥсуйа охсуохха, тоҕута тардыахха!

Кырдьаҕас суор сүрдээх сэрэхтээх, албын, кини түҥнэри хайыһан олорон куолайын төрдүнэн куллургуура иһиллэр:

– Икки атах буолуо, саха урааҥхай буолуо. Эргийэ көтүөххэ, эрэлин билиэххэ!

Эргийэ көтөн иһэн, оҕо суордар тулуйбаттар, кулун хараҕын тоҥсуйа охсоору төбөтүгэр түһэллэр. Микиитэ биир оҕо суору саба харбаан ылар, биирдэрин кутуругун туура тардан хаалар да, үҥкүрүс-күөлэһис гына түһэр, бэйэтэ бэйэтинэн, эр бэрдэ буолан хаалар. Ийэ суор айдаарар-айманар, Микиитэ иннигэр-кэннигэр түһэр, иэйэр-туойар:

– Эппэтэҕим дуо, сэрэппэтэҕим дуо?! Оҕобун ыыт, талбыккын ыл. Сорум-муҥум, муҥум-сорум!

Оҕо суор иэрбэҥ-таарбаҥ көрбүт харахтарыттан сылаас уу таммалыыр, Микиитэ модун түөһүгэр хатыылаах атахтарынан тирэнитэлиир.

– Арай өлбөт мөҥү уутун аҕалларгын хайыам эбитэ буолла, – диэн Микиитэ сөҥөдүйэн кэбиһэр.

– Атынна ыл. Тугу барытын биэрэбин…

– Суох! Атыны ылбаппын!.. Оччоҕо! – Суор оҕотун моонньун булгу эрийээри гыммыта буолан, Микиитэ тарбаҕын сараадытар.

– Тохтоо, – диэн өлөрдүү сарылыы түһээт, ийэ суор илин халлаан сиксигин диэки көтөн быластана турар.

Микиитэ аҕыс салаалаах аал дууп маска өйөнөн олорон суор оҕотун аһынан имэрийэр: «Ийэҥ билигин кэлиэ. Мин эйигин ыытыам. Эрэйдээх, акаарыҥ сүрдээх ээ», – диэн ботугуруур. Өр-өтөр гыммат, ийэ суор «өлбөт мөҥү уута» диэн мунду хабаҕын курдук күөгэлдьигэс хаалаах дьэҥкир ууну тумсугар тутан аҕалан биэрэн, оҕотун ылан барар.

Микиитэ ол ууну Үрүҥ Үкэйдээн өлбүт ийэтин уоһугар таммалатар. Өлбүт дьахтар имэ тэтэр гынар, уоһа ибир гынар. «Мин оҕом Үрүҥ Үкэйдээн ханнаный?» – диэн ботугураабытынан, хараҕын көрөн кылбаарыс гыннараат, күн уотуттан симириктии түһэр. Мичээрдээбитинэн олорор, ол-бу диэки көрөр, онтон туран кэлэр, уонна улам кэҥээн, эҥсиллэн киирэр алаас сир үрүйэтин устун таҥнары хааман, муус маҥан ырбаахыта тэлээриҥнии турар. Ырыых-ыраах, үрүҥ үрүмэччи курдук, туох эрэ киниэхэ утары эймэкэччийэн иһэн, өрө күөрэс гынар да, хотун дьахтар түөһүгэр хатана түһэр. Дьэ көрүстүлэр эбээт, ахтыспыт кыыстаах ийэ!.. Омуннуран бөтүөхтүү-бөтүөхтүү, үөһэ тыыммахтыы-тыыммахтыы, Үрүҥ Үкэйдээн кэпсиир саҥата кыҥкынаан иһиллэр: «Ийээ, Дьөгүөрдээннээх Сөдүөччүйэ улахан оҕолоро Микиитэ диэн киһи бэрдэ, саха бастыҥа баар. Эйигин ол киһи тилиннэрдэ эбээт». Ийэ хотун Микиитэ толбонноох ньуурун көрөөрү, баһыттан атаҕар диэри махтанаары-баһыыбалаары эргиллэ хайыспыта: Микиитэ ханна да суох… Микиитэ Айыы аймаҕар, күн улууһугар тиийэн тыл эттэ, саҥа саҥарда: «Өрөгөй-талаан буолла, дьол-соргу туолла! Отут омук оонньуутун оонньуоҕуҥ, отут омук көрүн көрүлүөҕүҥ!».

Үрүҥ көмүс дыбарыас иһигэр үөрүү-көтүү буолар. Сылгы сыатын, саламааты, сүөгэйдээх дьэдьэни, көбүөрдээх лэппиэскэни сиэ да сиэмэ буолаллар. Көр-нар, ас-үөл ортотугар, дьон саҥата туой: «Микиитэ уол, эр бэрдэ, элик туйгун!» – дэһэллэр.

– Һыччыай, кэл, үөрэҥ тобоҕун ис, – диэн баран ийэтэ кэтэҕиттэн сыллаан, Микиитэни өлөрдүү соһутар. Балаҕан ньалҕарыйа ууллубут муус түннүгэ эккирээмэхтээн ылар.

Күнүскү бэс үөрэттэн ордорон кэбиспитин сылытан ийэтэ остуолга ууран биэрэр.

Ону иһэн баран улам тардыллан эмиэ аптаах тыл сүүрүгэр оҕустаран, уол устубутунан барар.

Аны тиит кумалааныгар тоҥсоҕой уйаламмытын булар. Кумалаан айаҕын бүөлүү хаптаһыны саайан кэбиһэр уонна бэйэтэ тиит анныгар саһан сытар. Сотору соҕус буолаат, ийэ тоҥсоҕой тиийэн кэлэр да уйатыгар кыайан киирбэккэ, төттөрү көтөр. Онтон эмиэ кэлэн хаптаһыны тардыалыы сатаан баран, кыайбакка төннөр. Бэрт өр буолан баран, тумсугар от салаатын туппутунан үсүһүн кэлэр. Кэлээт, кумалаан хаппаҕын төлө тардан ылар. Сонно Микиитэ часкыйбытынан ойон турар. Соһуйбут тоҥсоҕой отун салаатын сиргэ ыһыктан кэбиһэр. Ол күүстээх от салаата. Микиитэ ону сиэн, аан дойду бастыҥ күүстээҕэ буолар. Түөһүн быччыҥнара дыыгынаһа күүрэллэр, охумаллара, бууттара ыараан бараллар; чабырҕайдара умайаллар…

Атаҕастабыллаах, аптаах маачахалар, кырыктаах ыраахтааҕылар, ийэни-аҕаны сиэччи абааһылар, быһыта оҕустах аайы утары үүнэ турар уон икки төбөлөөх эриэн кыыллар… О, дьэ билигин Микиитэ эһигини кытта кэпсэтэрэ буолуо. О, кини дьэ…

– Эмиэ хараҕын тиэрэ-маары көрдө! – диир ийэтэ.

Дьик гына түһээт, Микиитэ кыараҕас, боруҥуй балаҕанын иһигэр буолан хаалар…

– Иллэрээ сыл тойоммут аахха Сүөдэрикээн кулуба Уйбаан суруксуттуун хоммуттара. Онно Уйбаан суруксут сурук ааҕан дьэргэлдьийбитэ. Ону үтүктэн оҕом хараҕын дьэргэлдьитэр буолан хаалбыта…

Сөдүөччүйэ итини кимиэхэ да сэһэргээбэт, оҕотун буруйун чэпчэтээри бэйэтигэр быһаарыы бэринэрдии саҥара олорор. Икки мааны дьон, кырдьык, хонорго дылы гыммыттара. Хаптаһын быыс тумсунан быган көрдөххө, уҥа ороҥҥо сурук ааҕар киһи баарга дылы этэ. Маҥнай, баҕар, үтүктүбүтэ да эбитэ буолуо.

Оттон манна, аан дойду бастыҥ күүстээҕэ киһи, саамай мүччүргэннээх сырыыга, чэгиэн эт сэймэхтэнэр, хатан бүлтэс үлтүрүйэр тиһэх охсуһууга киирээри силбиэтэнэн эрэр этэ… Хааннаах харахтарын тиэрэ-маары эргичиҥнэппэккэ, буордааҕынан-сыыстааҕынан булкуйталыы көрбөккө, хайыаҕай? «Биир сымыыт ханна сытыйбатай, биир уол оҕо ханна өлбөтөй!» диэн бөҕө санааны ылынан, сүдү өстөөҕү кытта өлөрсөн, хаһыытаһа-хаһыытаһа хаппар куҥтан харбаһар кэмэ тирээн кэлбитэ эбээт… Мичээрдиэ, уйаргыа баара дуо?!

Ол курдук умуннара умсугутар кырдьаҕас эмээхсин холку тыллара. Сырдык, сылаас барыта эмээхсин олорор чэҥнээх хараҥа муннугуттан кэлэргэ дылы…

Даарыйа эмээхсин, Микиитэ, Өлөксөй буоланнар күнүс балаҕаҥҥа үһүөйэҕин хаалаллар. Уот умуллан бардаҕына, мас сыыһын быраҕан күөдьүтэ-күөдьүтэ, кинилэр арааһы кэпсэтэллэр, арааһы биттэнэллэр-билгэлэнэллэр.

Кылгас тымтык төбөтүн хайытан туора мас кыбытан киэптэтэн баран, холумтаҥҥа туруору анньаллар. Туорай мастарын саамай ортотунан уматаллар уонна этэллэр: «Сыҥаах ойуун, биттэнэн-билгэлэнэн кулу, дьоммут балык аҕалыахтара буоллаҕына – хаҥас диэки түс; мэлийэн кэлиэхтэрэ буоллаҕына – суол айаҕар түс!» Уот быһа сиэн эрэр туорай маһа хайа эмэ диэки кыырайан хаалар. Ол эрээри туорай мас аан диэки ыстаннаҕына, туохха эмэ баайсан хат биттэнэллэр, хайаан да хаҥас диэки түһэрэн арахсаллар. Ол аата, «үтүө ыра» диэн буолар.

Киэһэтигэр дьонноро кураанах кэлэн «үтүө ыра» сымыйа буолара бэрт үгүс да, кинилэр сыҥаах ойууннарыттан кэлэйбэттэр, сарсыныгар эмиэ биттэнэллэр.

Даарыйа эмээхсин Микиитэлиин кыттыгас «халандаар» хаптаһыннаахтар. Хаптаһыннарын ортотунан сэттэ төгүрүк үүт кэккэлэспит: ол нэдиэлэ хонуктара. Ону тас өттүнэн отут төгүрүк үүттэн эргийбиттэр; ый хонуктара. Быаҕа баайыллыбыт икки төгүрүк мастар хонук аайы үүттэн үүккэ сыҕарыйан иһэллэр. Онон бүгүн хайа күнүн, ый хаһыс хонугун билэллэр, дьон кинилэртэн ыйыталлар.

Итини ааһан, чугастааҕы «Дьоро киэһэни» – эт сиир киэһэни, чугастааҕы «таҥараны» ааҕар, – хонук ахсаанынан кэрдиистэммит тымтыктаахтар. Хонон турдахтарын аайы биирдии кэрдииһи тоһутан иһэллэр.

Ону барытын тус толорооччу Микиитэ. Эмээхсин оронугар олорон куобах тыһын, кулгааҕын имитэн илиилэрэ булкуллумахтыырын тохтоппокко эрэ, ыраахтан салайар. Өлөксөй уол хороҥ оту уматан табах тардан оппоҥнуур, оһох көмөрүн сиэн хаачырҕатар уонна, «Ынах ойуун» диэн үтүктэ-үтүктэ мэһэйдэһэн, убайын киэҥ көхсүн кыаратар.

Халандаар бэрээдэктэнэр, бит-билгэ ситэр. Киэһэлик Даарыйа эмээхсин үлэтиттэн сынньанар, үс атахтаах төгүрүк остуолун бэйэтин диэки сыҕарыта тардынан ытыһынан соппохтуур. Уонна этэн унаарытар:

– Чэ, кэл эрэ, доҕоор, бу диэки.

Микиитэ үөрэ-көтө ойон тиийэр. Кинилэр хабылык хабаллар, дурда эргитэллэр, эрилээҥкилииллэр.

Мээлэ сүүйсэллэр. Кинилэр ылсар-бэрсэр, сүүйсэр-сүүйтэрсэр үптэрэ-баайдара – остуоруйа.

Микиитэ илиитэ имигэс, хараҕа сытыы, үксүн кини сүүйэр. Оччоҕо үһүөн үөрэллэр: Микиитэ саҥа остуоруйаны истэн баайын хаҥатынаары, эмээхсин Микиитэ «дьоллоох, бааттаах киһи» буоларыттан, Өлөксөй дьоно үөрэллэриттэн. Даарыйа остуоруйалыырыттан хаһан да салгыбат, сүүйтэриини төлүүрүн хаһан да уһаппат.

Микиитэ сүүйтэрдэҕинэ – урут киниттэн истибит остуоруйатын төттөрү кэпсээн биэрэр. Остуоруйалыы олорор Микиитэни эмээхсин хаһан да тохтоппот, кэрэхсэбилин кыратык да мөлтөппөт, сүүйүүтүн бэрт дьоһуннаахтык ылар киһи.

Остуоруйа бүппүтүн кэннэ Микиитэ ханна, тугу бэйэтиттэн эбэн эппитин, тугу көтүппүтүн эмээхсин ыйар. Сөпкө эбиллибити «ылыналлар», сыыһаны быраҕаллар, көтүтүллүбүт сирдэри толороллор.

Кинилэр сүүйсүүлэрин атын дьон истэн туһаналлар. Эмээхсиннээх уол сүүйсүүнү хайа сатанар үгүс киһи истиэн баҕараллар, өссө «истэ түс эрэ» диэн сорохтон көрдөһөллөр.

Туһанааччы туһаннын: бараммат баай!

Саха тылын дэлэгэй баайын, оһуордаах уустугун бу эмээхсин бас билэр, ким барыта түөһэ уйарынан ол баайтан ылан туһанар. Тыл баайа онтон дьадайбат, хата ордук дэлэйэр, үрдүүр, кэрэтийэр.

Тыл бытархайдьыттара, тирбэҕэһиттэрэ эрэ кистэнэ, кэмчилэнэ сатаахтыыллар. Умнаһыттарга, кинилэргэ, ким ымсыырыаҕын, кинилэри ким ордук саныаҕын, бөхтөөх сиэптэрин бүүрэ харбаналлара буолла!

Суох, Даарыйа эмээхсин баайа хааччаҕа, бүтэйэ суох үксүүр, үүнэр.

Дьиэ таһыгар киһи атаҕын тэбэнэрэ иһиллэр. Өлөксөй уол куттанан «Маамаа!» диэн хаһыытаабытынан хотоҥҥо, Сөдүөт ойоҕо Маайаҕа сүүрэр.

Эмээхсин бэркэ сэргэхсийэр, тымныы туманынан аргыйа турар ааны одуулаһан олорон, ботугуруур:

– Киммит кэллэҕэй… Сээкэй сонуннаах саха урааҥхай буоллар үчүгэй этэ.

Аан киэҥник тэлэллэ түһэр да, эмээхсин бэйэтин кыра уола Миитэрэй, намыһах уҥуохтаах бэйэтэ, бэрт үрдүк киһилии, ааҥҥа наһаа төҥкөйөн киирэр. Чонойуоҕунан чоноччу туттан, тобуктарын бокуппакка дьоролдьуйан иккитэ-үстэ атыллаат, кини тохтуу түһэр, ийэтин диэки сүр киэҥинэн күрдьэччи көрүтэлиир, ханна да суох бытыгар сыстыбыт кырыаны «сыыйа тардыталаан» сиргэ «илгитэлиир», ханна да суох саал былаатын сүөрүнэн, сототугар охсунан баран уот иннигэр аҕалан «ыйыыр». Дьэ уонна эрэ бэргэһэтин устан, тарбахтарын төбөтүнэн тутан, уҥа ороҥҥо илдьэн аргыый түһэрэн кэбиһэр.

Даарыйа эмээхсин эйэҕэстик эҥээрийэр:

– Ыалдьыт, тугу иһиттиҥ, доҕоор, туох сонуннааххын?

– Суох! – диэн муннунан соҕус дириҥник кигинэйэн кэбиһээт, Миитэрэй орон аттыгар сото кэбиһэн туран, хамсаҕа табах уурунар.