скачать книгу бесплатно
– Оттон дьахтар эр киһитээҕэр тоҕо үчүгэй дьүһүннээҕий?
– Үчүгэй дуо? Ким билэр… Эр дьон ордуктар буолбат дуо?
Мөккүһэн бараллар. Аҕа үчүгэй дьүһүннээх эр дьону ааҕар. Уол үчүгэй дьүһүннээх дьахталлары ааҕар. Онтон аҕа салҕар, хотторор.
– О, чэ үгүс да саҥалаах киһи буоллаҕыҥ ээ, – диир.
Атын сааһыт көрсө түһэр, кинилэр кэпсэтиилэрин истэ кэлэн, күлүү гынан ааһар.
Уол өйдөөн көрбүтэ: дьиэлэриттэн атын сир диэки баран эрэр буолаллар, соһуйа-өмүрэ түһэр.
– Хайа, бу ханна бардыбыт?
– Тыый, оттон бултуу сылдьабыт буолбат дуо?
– Кэбиэс, дьиэбитигэр барыахха. Кус өлөрдүбүт дии!
– Манна ханыы көһүннэҕинэ куһаҕан буолуо этэ дуо? – диэн аҕата мунааран турар.
Мөккүһүү буолар уонна Микиитэни аны «сааһыгар» илдьэ сылдьыа суох буолан баран Дьөгүөрдээн дьиэтигэр төннөр.
Дьиэтигэр чугаһаат, Микиитэ өрө тарбачыһан аҕатын хоонньуттан куһу оруу тардан ылар, түүтүн өҥүн ньалҕарыччы имэрийэн кэбиһэр: «Көрөө!» – диэн хаһыытыы-хаһыытыы, куһун өрүтэ ууммахтыы-ууммахтыы, балаҕанын диэки тэбинэр. Ханнык эрэ куһаҕан туора ыт дьиэтийбитэ атаҕар сөрөнөн Өлөксөй, охто-охто, убайыгар утары сүүрэн кулупаайданар.
Киэһэ, Микиитэ утуйбутун кэннэ аҕата «уоран» дьиҥнээхтик кустуу барар. Сарсыарда Өлөксөйдөөх Микиитэ уһуктубуттара: икки ардыларыгар эҥин кэрэ ойуулардаах төбөлөөх атыыр кустар сытар буолаллар.
Эдьиий
Үгүс уолаттардаах Такыйаах оҕонньор сэниэ ыал. Сөдүөччүйэ балта Ылдьаана – Такыйаах кийиитэ. Кыһын уонна сайын биирдиитэ Сөдүөччүйэ улахан уолун батыһыннаран балтыгар хоно барар.
Кими барытын соһуйа-үөрэ көрсөр үчүгэй майгыннаах Такыйаах оҕонньор төбөтүнэн балаҕан үрдүн тоҕу анньыах курдук суодахыс гына ойон турар уонна быһыытыгар, улаханыгар сөбө суох нарыннык ньаамыргыыр:
– Ноу, аны бу дьон тиийэн кэллилэр дуу?
Кини ойоҕо, кылгас уҥуохтаах, лаһыккыччыйбыт, сүр омуннаах, эрчимнээх эмээхсин өрө татынньахтыы түһэр:
– Һэ, аны ходоҕойум кэллэ. Һы, бу киһи балачча улаатан тоотойбут доҕор! Дьэ хайдах олороохтуугут?
Байбал уонна Сэмэн диэн лиҥкинэһэ сиппит, ойох ыла илик, бэрт күүстээх чэгиэн дьон, Микиитэни илиититтэн-атаҕыттан чырбаччы тардаллар. «Тустуохха! Көмөлүөххэ!» диэн айманаллар.
Саамай кыра уоллара Охонооһой, Микиитэттэн эрэ аҕа, тыла айаҕар баппатах курдук бөҕүөстүгэстик саҥарар уол, чахчы улаханнык үөрэр, бэрт ыраах тэбэр мас саатын өҥнөр, ыстаанын өрүтэ тардыммахтыыр:
– Дьэ, оонноон-көлүлээн хааллахпыт! – диэмэхтиир.
Ыас харанан мэндээриччи көрбүт харахтаах, кэтит соҕус маҥан сирэйдээх, көнө уһун уҥуохтаах Ылдьаана кинилэри олус таптыыр.
Арай кубаҕай дьүһүннээх, ньаамырҕаан саҥарбыт хатыҥыр, ыарыһах Уйбаан – Ылдьаана эр тойоно – кинилэри абааһы көрөр, дьэбидийэ түһэр, кэпсэппэт, киэр хайыспахтыыр.
Эр тойоно көрбөтүгэр халты харбатан, эдьиийигэр тугу эмэни биэрэн ыытаары Ылдьаана дьулуһар. Кинилэр чахчы дьиэлиэхтэригэр диэри хайаан да кэтэһэргэ Уйбаан ылынар. Күрэстэһии буолар.
Ылдьаана, ыарыһах эриттэн быдан күүстээх эрээри, киниттэн куттанар. Тойон кыыһыран баран сэниэтэ суохтук хайысхаланан ааһан эрдэҕинэ, кини халбарыс гынан, оһох күлүгэр сөрөнө охсор.
Киэһэ аһылык кэнниттэн Сөдүөччүйэни кытта Уйбаан дьэ кэпсэтэр:
– Хайа бии ыларбын аҕаллыҥ ини. Аҕал эрэ, бэрт өр туттугут ээ, – диэн ньыымырҕаабытынан, холбоҕой уҥуох ытыһын утары уунар.
– Аҕалбатым дии, туохпут да суох ээ…
Хаһан эрэ ылбыт икки солкуобайдарын Уйбаан иэстээн муҥнуур.
Кини улаханнык күөдьүйэн, кыыһыран-абаран барбат, уурайан да хаалбат, тохтуу түһэ-түһэ: «Дьэ уурайда ини», – диэбит кэннэ, эмиэ ньыымырҕаабытынан барар. Ол ордук илиһиннэрэр.
– Аҥаардас ыларгытын-аһыыргытын эрэ өйдүүр эрэйдээхтэргит. Утары уунары умнубут сордоохторгут, – диир, киэр хайыспахтыыр, тугу эрэ көрдүүр курдук дьиэ сирин өҥөлдьүйэр. – Сүрэ бэркэ дылы буолуо эбит сирэйдээх дьоҥҥо… «Уолаттарым» да? Күлэбин даҕаны! Эн уолаттарыҥ улаатыахтарыгар диэри мин умуһахтанаа инибин. Мин сүүрбэ сылга иэс түҥэтэр баайа суох киһибин. «Уолаттарым» буолаахтаан, күлэбин даҕаны! Эн уолаттарыҥ да диэн… Ким билэр…
Киэһэни быһа ити курдук эрэй.
Микиитэ тыына-быара ыксыыр, бу дьиэттэн аны кыайан тахсыбат гына хаайтарбыт курдук сананар, балаҕан үрдэ күөгэлдьийэ-күөгэлдьийэ намтаан иһэргэ дылы… Ыраахтааҕы төбөлөөх икки манньыаты остуолга лоһурҕаччы уурталаан баран: «Мэ, сиэ! Түксү ньыымырҕаама!» – диэн ыгыта көбүөлээт, Иҥиэччэ уонна Илгиэлимэ диэн икки бухатыыр бырааттан хайаларын эрэ курдук, хаҥас харытын таһынан оһоҕу тоҕо садьыйан кэбиһэн тахсан барыан баҕарар… Манньыат суох, Уйбаан уурайбат. Ырбаахы бүтэй тоноҕоһун уҥуоҕа субуллан, уот кытыытыгар токуччу туттан олорор Уйбаан хаһан да турбакка, тохтообокко сэниэтэ суохтук саҥара олоруох курдук.
Биирдэ Ылдьаана тулуйбата: ынаҕын ыан хотонтон тахсаат, ыаҕастаах үүтүн Уйбаан иннигэр дьалкыччы ууран кэбистэ, суруйа тардыталаммыт синньигэс хаастара түрдэс гыннылар:
– Эн уурайымаары гынныҥ ээ, ол икки солкуобай иннигэр бараҥҥын соҕотох ынахтарын былдьаан кэл! Сирэйиҥ сааппат ээ, сатана уола!..
Бары соһуйдулар. Уйбаан хайдах буолуон билбэккэ ол-бу диэки көрбөхтүү түстэ. Онтон Такыйаах оҕонньор ылгынынан кулгааҕын хаста-хаста, сүрдээх эйэлээх куолаһынан эттэ:
– Тукаам, Ылдьаанаа, «сатана уола» диэтиҥ дуу, эн?
– Диэтим…
– Ол сатана диэн мин аатым буоллаҕа дуу?
– Хайдах?..
– Ити киһи аҕата – мин буолбат этим дуо?
Кэпсэтии атыннык салаллан таҕыста. Аны Ылдьаана тугу этиэн булбата, ыаҕастаах үүтүн харбаата да, таһырдьа ыстанна.
– Бу тымныыга ити оҕо эмиэ ырбаахынан таҕыста ээ, – диэтэ оҕонньор. Онтон олорбохтоон баран уолугар эттэ: – Уйбаан, кырдьык, олустаары гынныҥ. Киһи саҥаран баран уурайар баҕайыта. Бу да барахсаттар хантан булан биэриэхтэрэй? Эн уурай. Көр эрэ, ол дьааһыгы… – Оронун баһыгар турар кыһыл уонна хара кырааскаларынан туорута сотуллубут эргэ дьааһыгы ыйа олордо. – Онно харчы элбэх. Кинилэр иэстэрин эйиэхэ мин төлүөҕүм. Эн уурай.
– Ама мин дьадаҥы буруйдааҕым иһин, сыл баһыгар-атаҕар кэллэхпинэ… – Сөдүөччүйэ бөтөн хаалан кыайан саҥарбата.
– Ээ, Сөдүөччүйээ, кэбис доҕор… Уурайда эбээт… – диэтэ оҕонньор.
Ол курдук сыттылар. Ылдьаана уот кытыытыгар иистэнэ хаалла. Балачча буолан баран кини кэлэн, тугу эрэ суулуу тутан аҕалан сыттыктарын анныгар уга-уга, обургутук саҥарда:
– Сыттыккыт намыһах буоллаҕа буолуо…
Онтон Микиитэ утуйан эрдэҕинэ, хараҥаҕа, ийэтэ сыттык анныттан тугу эрэ оруу тардан ылла да, таҥныбытынан барда.
– Ийээ, ханна бардыҥ? – диэн уола аймана түстэ.
Ийэтэ тоҕоноҕунан аста уонна сибигинэйдэ:
– Бачча оҕо тугун акаарытай, доҕор!.. Эдьиийиҥ кистээн биэрбит эргэ ырбаахытын кэтэбин. Чэ, хаһыытаа!
Кыра, хатыҥыр Сөдүөччүйэ бэйэтин илдьиркэй ырбаахытын иһинэн үрдүк уҥуохтаах дьахтар ырбаахытын хос кэтэн баран, көрдөрүмээри, өрө тардынан бобо курдаммыта, киһи күлүөх суон буолан сарсыарда турда.
Баралларыгар Ылдьаана бэрт кыра бурдугу уонна аҕыйах кырбас эти киллэрэн биэрдэ. Уйбаан кэтэһэн олордо.
Микиитэлээх кунаннарын сыарҕатыгар олорон дьиэлээтилэр. Ылдьаана быар куустан, сэргэ төрдүгэр ырбаахынан туран хаалла. Уйбаан сонун бүрүнэн тахсан аан аттыгар тохтоон турда.
Сирдэрин ортолообуттарын кэннэ, олорон иһэр отторун аннынан ханнык эрэ куһаҕан таҥаска сууланан бобо тардыллыбыт уонча муунта туораах бурдугу оруу тардан ылан, Сөдүөччүйэ «илэ ылбыт» бурдугар, этигэр холбоон кэбистэ.
– Ити хантан кэллэ? – диэн айманаат, өссө арааһы булаары Микиитэ оту харбыалаата.
– Эй, хантан кэлиэй! Оттон эдьиийиҥ эрэйдээх биэрдэҕэ дии. Бу оҕо акаарыта тугун сүрэй, доҕор! – диэн баран, Сөдүөччүйэ кунанын кымньыылаата.
Уот
Быйыл сүрдээх өҥ дьыл буолла. Бар дьоҥҥо бурдук-от дэлэйдэ. Молоох уола Дьөгүөрдээн Лэглээрин быйыл кыһын туспа буруо таһаарарга сорунан сылдьар. Нэһилиэк биэдэмэһинэн сааһын тухары киниэхэ ыйыллан турар эбэтигэр – Дулҕалаах хочотугар баай сүөһүтүн сүөһүлээн быйыл бэйэтэ ыал буолан кыстыаҕа. Сүөһү көрөр хамнастарыгар түөрт арсыын бумаһыай таҥаһы эрдэттэн «садаакка» ылан, улахан уолларыгар болтуо тиктэрдилэр. Микиитэ ону ортотунан быакаччы курданан баран: үтүөмсүйэн өҥөнөн көрүммэхтии сылдьар. Күһүөрү Дьөгүөрдээн уолунуун Амма уҥуор хас да хонукка оттуу тахсан иһэн, тойонун аахха сылдьан, икки таба тириитин, биэс сүүс харчыны, биир эргэ баата сону ылан, кыһыҥҥы хамнаһын барытын аахсан ааста. Чоҥолох көлүйэ кытыытыгар, ходуһаларын саҕатыгар, «от отууну» тутан кэбистилэр. Олохсуйдулар.
Икки-үс күнү силбиһэ ардах түстэ. Отууларын ыкса айаҕар уоттаннылар. Иккиэйэхтэр да айдааннара, көрдөрө сүрдээх.
Ардах кэнниттэн маҥнайгы кураан күҥҥэ Микиитэ, куолутунан, чэй оргута урут таҕыста. Аҕата ходуһаҕа үлэлии хаалла.
Сайын бүтэр ордук ылбархай, ордук ыраас, «дьахтар күннэрэ» саҕаланнылар быһыылаах. Күөх торҕо халлааҥҥа сардаҥалаах күн мичэлийдэ. Охсуллубут от үрдэ киһи атаҕар саҥа хаардыы курдурҕаата. Онон-манан атын отчуттар туртаҥнаһаллар. Сытыылаары өрө туппут хотуур килбэс гынан ылар.
Микиитэ кыра мас тобоҕунан уот оттон, уулаах солуурчаҕы «оллооҥҥо» ииллэ. Маа бэйэлээх саллар сааһыгар аан маҥнай кэппит саҥа болтуотун түөрт муннуктуу суулаан баран таһырдьа уурда. Бэйэтэ эбии мас көрдүү, чугастааҕы арыы талахха киирдэ. Тугу эрэ ыллыыр, ыстаҥалаан тиийэн кураанах мас бытархайын сулбу тардан ылар. Түөһэ холку, төбөтө сырдык, хараҕа сытыы, туох да кыһалҕа суох, киниэхэ барыта үчүгэй…
Арай ханна эрэ бэрт элбэх сылгы сүүрэр туйаҕын тыаһа тибигирээтэ, ханна эрэ сүүнэ улахан таҥаһы тыалга сахсыйан күлүбүрэттилэр. Микиитэ дьиибэргээн, арыы талах иһиттэн сүүрэн тахсаат, хомуйбут маһын тоҕо ыһыктан кэбистэ…
Кини отуута умайан, кутаа уот кынаттарынан өрүтэ сапсынан, киэҥ халлаан оройугар уһуутаан эрэр эбит. Сүүрдэ… Охто-охто, сүүрдэ.
Кыһыл, араҕас, маҥан үөрбэ уоттар өрүтэ уунаҥныы-уунаҥныы төбөлөрө иэҕиллэн ойоҕосторун саламмахтаан ылаллар, бэйэ-бэйэлэрин быһыта хадьырыһа-хадьырыһа тэйсэллэр, эмиэ холбоһо-куустуһа түһэллэр. Отуу ойоҕосторуттан, аллараттан, сүүһүнэн кыракый кыһыл кыымнар быгыалаһаллар, сүүрэкэлэһэллэр, уот чиэрбэлэр түрдэҥнэһэн-чиккэҥнэһэн бырдаҥалаһаллар. Отууну тула тыһыынчанан уот үрүмэччилэр дьиримнэһэ көтөллөр. Дьэс алтан, кыһыл көмүс, үрүҥ көмүс кыырпахтара ыһыллаллар. Ол икки ардыгар отуу өндөйдөр өндөйөн, чоҥойох көлүйэни үрдүнэн күрүлүү көтөн барыах курдук, нэлим кынатынан киэҥ халлаан өрөһөтүн халты охсуталыах курдук.
Микиитэ, охто-охто, сүүрэн иһэр.
Икки киһи уулаах чаанньыктарга сүүмэх оттору уган ыла-ыла, отууттан тэйиччи, күөх кэнчээри бүөлүү үүммүт хадьымалыгар сахсыйаллар.
«Отуу ойоҕосторун тиэритэ хаһыйталаабаккалар», – дии саныыр Микиитэ сүүрэн иһэн…
Отуутугар сүүрэн кэлбитэ, кини бумаһыай болтуота умайан мөхсө сытар эбит. Тыыннаах курдук… Часкыйбытынан эһэ тардан ылла да көлүйэ уутугар ыстанан кэбистэ. Түөһүн тылыгар диэри ууга туран, күлүбүрүү умайар болтуотун уу иэнигэр таһыйар… Уу иэнэ килэриччи тоҥон кытааппыт курдук. Хара көмөрдөр ыһыахтаналлар…
Ким эрэ отуута умайар. Тугу эрэ дьон кэпсэтэллэр:
– Уол акаарыта! Итиччэ уол! – дэһэллэр.
Муруннара, айахтара, харахтара барыта булкулла сириттибит сирэйдэр өҥөҥнөһөллөр, кэтит тиистэр килэҥнэһэллэр.
– Бачча бэдик! Акаарыта тугун сүрэй!
– Бу үлүгэри көрдүгүт дуо, доҕоттоор! – диэтэ Дьөгүөрдээн саҥата.
Уол өйдөнө түстэ. Аҕата атырдьаҕы туора кыбынан турар эбит.
Чохчойбутунан өлбүт ханнык эрэ сүдү кыыл кур дьардьаматын курдук, отуу кэриэрбит мастара атыгыраан хаалбыттар. Чооруос уоттар ол мастары өрүтэ хааман догдороҥноһоллор. Ордон хаалбыт оллооҥҥо быыкаайык алтан солууччах оргуйан эйэҥэлиир.
Микиитэ ньылбы сытыйан баран, болтуотуттан ордон хаалбыт биир сиэҕи хаҥас харытыгар биллэҕи ууран турар эбит…
– Уол куһаҕана! Итиччэ уол! – дэһэ-дэһэ, үс-түөрт киһи ыраатан мадьардаһа-кыпсыҥнаһа турдулар.
Киппирийээн Дьөгүөрэп ойоҕо Харытыана диэн эдэр дьахтар утары мылаллан олорор эбит. Кини төп-төгүрүк маҥан сирэйигэр төгүрүк хара харахтара – чааскы бүлүүссэтин түгэҕэр икки хара буруону үҥкүрүҥнэппит курдуктар.
Харытыана ааттаах тыллаах, наһаа күлүүк. Үөһээ уоһун киэр үтүрүйэн туора үүнэн тахсыбыт ордьоҕор тиистээх этэ. Күлэрэ үксэ эмиэ бэрт, ордьоҕоруттан саатара эмиэ олус. Онон, Харытыана хаҥас илиитэ айаҕын саба туттарыттан орпот буолар этэ. Ордьоҕор тииһэ аттынааҕы икки ыалын илдьэ саҥардыы түһэн хаалбыт. Онон, сааһын тухары кыбыһыннарбыт өстөөҕүттэн быыһанан, Харытыана чэпчээн, күлүбүрүү көтө сылдьар кэмэ.
– Нахаа, отуугун уматан бараҥҥын тоҕо туймааран хааллыҥ? – диэтэ.
Оччо кыайыылаах киһи сэргэхсийиэ эбитэ үһү! Микиитэ, атын сир диэки хайыһан, дьэ хамсаата, тура көһүйэн хаалбыт эбит.
– Ээ, бу сордоох болтуотун сиэҕин тутан турар дуу, хайа үөдэний! – диэн Харытыана чаҕылла түстэ. – Болтуоҥ сиэҕэ дуо, ныхаа?
Айаҕын аппакка эрэ, Микиитэ «ыы» диэтэ уонна харытын көннөрү тутан көрдөрдө.
– Чэ ыл, ныхаа, сиэххин кэтэн кэбис, бэрт таҥас буолбут дии! – Ол бытааһах күлэн таҥалайа кытыаһынна эбээт, доҕоттор!
Күлээн-күлэн баран эмискэччи уоскуйда, хара оҕуруо харахтарынан ол-бу диэки дьиибэргээбиттии көрөн эргичиҥнэттэ уонна эттэ:
– Дьэ бу алдьархай, доҕоор! Чэ, бу чэйгитин иһиҥ, миигиттэн көҥөнүмэҥ, мин бардым. Уолан баранна дии!.. Алҕас саҥаран кэбистим дуу, хайдах-хайдаҕый? Бэйэтэ аһыйан турар сордооҕу. Улааттаҕына өһүөннээн өлөрүө. Чэ, онно тиийэр да биллибэт! Киһи оонньоотоҕун аайы эҥин буолан! Түксү, оннооҕор киһи өлөр баҕайыта…
Ити курдук сирбитэ-хайҕаабыта, сэтэрээбитэ-аһыммыта биллибэттик этэн-тыынан тыгыластаан бүтээт, Харытыана күөлү кытыытынан тиэрэ дайбаан сабыахайдана турда.
Барбахтаат, эргиллэ түһэн хаһыытаата:
– Чэйгитин иһиэҥ! Уолан хаалла ээ! – эмиэ кэдирги дайбаан сабыахайдаан, көлүйэ күөлү эргийэ көтөн иһэн чугурус гына тохтуу түстэ, күөл диэки ыйа-ыйа хаһыытаата: – Дьөгүөрдээн, Дьөгүөрдээн! Балык оонньуур ээ. Балык, балык, баҕа эҥин буолбатах. Туута уган кэбис! Туута ук! Миэхэ бэрсээр. Чэйгитин иһиҥ…
Хойуу бугуллар быыстарынан кыһыл сатыын ырбаахыта умайбахтыы турда.
– Киһи кыыһырар эрэ, өстөммөт киһитэ. Абырыыра-алдьатара аҕастыы-балыстыы киһи. Бүгүн кырылас өстөөҕүҥ, сарсын өлөр дьүөгэҥ. Сүрдээх эйэҕэс, наһаа аһыныгас ээ, ол гынан баран.
– Чэ, тукаам, кэл, чэйбитин иһиэххэ, хайыахпытый?
Уолбут солуурчаҕы Дьөгүөрдээн оллоонтон ылан сиргэ уурда.
– Биир сыллааҕы көлөһүммүт умайан хааллаҕа ити дии. Сиэптээҕим эбитэ буоллар, сатаатар харчым бэйэбэр буолуо этэ. Отуу маһыгар кыбытан кэбиспитим…
Уоттан ордон хаалбыт биир тимир куруусканы кэриһэн сылбаххай чэйдэрин иһэ, күөл бүүрүгүн үрдүгэр сукуһан олордулар.
Отуу биир ойоҕос маһа тосту сиэнэн хачыр гына сиргэ түһээт, буруолуу сытта…
Оҕус