banner banner banner
Утатыы
Утатыы
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

Утатыы

скачать книгу бесплатно

Утатыы
Andrey Gelasimov

Биллиилээх суруйааччы, литература эйгэтин үрдүкү бириэмийэлэрин лауреата Андрей Геласимов «Год обмана», «Рахиль», «Степные боги» уонна «Жажда» айымньылара үгүс омук тылыгар тылбаастанан, Европаҕа, аан дойдуга аатырдылар. Оттон «Год обмана», «Дом на Озерной», «Жажда» диэн билиҥҥи кэми итэҕэтиилээхтик көрдөрөр кэпсээннэринэн уус-уран киинэлэр уһуллан, киэҥ сэҥээриини ылбыттара.

Күндү ааҕааччы, биир дойдулааҕыҥ Андрей Геласимов аар-саарга аатырбыт айымньыларын төлкөлөөх төрөөбүт тылгынан ааҕар, ийэ тылыҥ байҕал баайын, кэмнэммэт кэрэтин өссө төгүл итэҕэйэр кыахтанныҥ.

Дорогой читатель! Вашему вниманию предлагаем сборник перевода избранных произведений всемирно известного писателя Андрея Геласимова, лауреата многих престижных литературных премий. С его именем связывают возрождение великой русской литературы в России. Его произведения переведены на множество иностранных языков и с успехом экранизированы.

Андрей Геласимов

Утатыы

Утатыы

Арыгы барыта халадыынньыкка баппатаҕа. Бастаан туруору укпутум, онтон үрүт үрдүлэригэр сытыары сааһылаабытым. Бытыылкалар иһирдьэ дьэҥкир балык курдук дьапталлыбыттара. Кирийэннэр, лыҥкынаспат да буолбуттара. Ол эрээри уонча бытыылка син биир баппатаҕа.

Өссө урут ийэбэр бу халадыынньыгы бэйэҕэр ыл диэххэ баара. Миигин уонна ыалым уолчааны олус эрэйдиир. Хас түүн ахсын бу чиччик холбонон өрө тирилээтэҕин аайы, истиэнэ нөҥүө оҕо ытыыр. Уонна мин арыгым сырыы аайы барыта баппат. Баҕайы, кырата бэрт.

Ньаҕайдана сытыйбыт баара.

Ол иһин ыскаап үрдүгэр уурарга тиийдим. Уонна түннүккэ. Муостаҕа эмиэ. Биир тылынан эттэххэ, наар буоларын курдук. Биири суунар хоско, кирдээх таҥас угуллар иһитигэр уктум. Эҥин араас буолар түгэнигэр.

Арыгыбын барытын итинник оннун булларааппын кытта, ким эрэ ааҥҥа кэлэн тыаһатан тылыгыратта. Бастаан аһыахпын баҕарбатым, тоҕо диэтэххэ хойута бэрт, ол да буоллар син биир арыйдым. Ольгаттан ураты онно атын ким да суоҕа биллэр. Оннооҕор ийэм сыл аҥаарыттан ордук кэмҥэ киирэ сылдьа илик. Төлөпүөнүнэн эрэ кэпсэтэбит.

– Эйигин эмиэ сүпсүгүрдэрбин баалаама, – диэтэ Ольга. – Никиитэм эмиэ айдаан бөҕө. Өссө төгүл абыраа. Кинини бэйэм хайдах да сатаан уоскуппатым.

– Туох диэтэххиний! – диибин мин.

Кууркабын кэттим уонна таҕыстым. Бэл ааммын аһаҕас хааллардым.

– Дьэ эрэ, манна ким утуйуон баҕарбатый?

Уолчаан дьигис гына түстэ уонна сибиэни көрбүттүү миигин одууласта. Бэл оонньуур кубиктарын мүччү тутта.

– Ким манна ийэтин тылын истибэтий?

Кини миигин көрөр уонна саҥарбат. Арай харахтара бүлүүһэ саҕа буоллулар.

– Чэ, хомун, – диибин мин. – Ийэҥ тылын истибэт буоллаххына, миигин кытта олоруоҥ. Биир эрэ оонньууру ылыаххын сөп.

Уолчаан саҥарбат итиэннэ айаҕын наһаа улаханнык атар.

– Ханныгы илдьэ барабытый? Массыынаны дуу эбэтэр бу киһини дуу? Бу туруусуктаах кимий? Супермен дуо? Чэ, супермеҥҥын илдьэ бар.

Кини Ольга диэки хайыһар уонна сибигинэйэр:

– Мин утуйуом. Ийээ, мин билигин бэйэм утуйа барыам.

Мин этэбин:

– Дьэ, маладьыас. Барытын начаас өйдөөтүҥ. Аны биирдэ эмэ итинник гыныаҥ даҕаны – мин кэлэн эйигин дьиҥнээхтии илдьэ барыаҕым.

Аан таһыгар Ольга миигин тохтотто:

– Чэй иһэҕин дуо? Мин сибилигин аҕай көөнньөрдүм.

Мин этэбин:

– Ааным аһаҕас хаалбыта. Туох барыта буолуон сөп…

Онуоха кини:

– Эн бырастыы гын, мин мэлдьи көрдөһөрбүттэн. Көннөрү кини… эйигиттэн эрэ куттанар… Оттон миигин төрүт истибэт буолла.

Мин сонньуйабын:

– Өйдөнөр. Мин кини оннугар эбитим буоллар өссө күүскэ куттаныам этэ. Сааһа хаһай?

– Биэһэ. Түөрт сыл уонна уон ый.

Мин этэбин:

– Мин өссө итиннээҕэр улаханнык куттаныам эбитэ буолуо.

Оттон кини өссө биирдэ көрдөһөр:

– Бырастыы гын… Бука диэн, кыыһырыма сөөп.

Чочумча саҥата суох турабыт, онтон этэбин:

– Барыта үчүгэй. Наадыйдаххына – өссө киирээр. Мин аны наар дьиэбэр олорор буолуом. Үлэлээн бүттүм. Харчыбын барытын ыллым.

Кини мин диэки көрөн баран этэр:

– Эмиэ үс ый арыгылыыгын дуо?

Мин этэбин:

– Хантан ылан инньэ диигин? Таах дьиэбэр олоробун – тэлэбиисэр көрөбүн.

Кини эмиэ мин диэки көрөр уонна мичээрдиир. Ол эрээри онто олус курустук көстөр.

– Сөп чэ, өссө төгүл миигин бырастыы гын. Бэйэҥ да киирээр – туох эрэ наада буоллаҕына. Кырдьык, чэй иһиэххин баҕарбаккын дуо?

Дьиэбэр сиэркилэ иннигэр тиийэн өр турабын. Миигиттэн туох тахсыбытый диэн көрөбүн.

Өскөтүн оччолорго Серега алҕаһаабатаҕа уонна миигин умайбыт БТР-га бүтэһигинэн хаалларбатаҕа буоллар. Ол эрээри кини миигин бүппүт дии санаабыт этэ. Онон бастаан атыттары хостообут. Ким өссө хамсыыры.

Онон, билигин оҕолору эрэ куттуубун. Ольга маннык ыаллаах буолан абыранар.

* * *

Тутуу техникумугар киирбитим кэннэ, биһигини барыбытын таһырдьа биир кэккэҕэ туруорбуттара уонна үөрэх сэбиэдиссэйэ эппитэ: «Эһиги аны – тутуу салаатын сирэйэ буолаҕыт. Аҕаларгыт аатын түһэн биэримэҥ». Ол эрээри – биһиги кими түһэн биэриэхпитий? Үөрэх сэбиэдиссэйэ тугу да билбэт этэ. Аҕаларбыт оннугар дьиэбитигэр ханнык эрэ Эдиктэр кэлэллэрэ-бараллара. Биллэн турар, соҕотох буолааччылар. Онно, төһө да ардах түһэн бардар уонна мастар сэбирдэхтэрэ суйданнар, үөрэх сэбиэдиссэйэ биһиэхэ барыбытыгар, киниэхэ утары турааччыларга, туһаайан саҥарбыта. Ол иһин хомуур ахсааҥҥа эппитэ. Оттон биһиги кини иннигэр туран тымныыттан титирэстэспиппит – ким даҕаны линейка маннык уһун буолуо диэн сэрэппэтэҕэ. Ол иһин кууркаларбытын үөрэнэр кылааспытыгар хаалларбыппыт. Уонна, биллэн турар, ким даҕаны табах ылбатах этэ. Ол гынан баран, кини барыбытыгар бииргэ туһаайан эппитэ, баҕар, сөп да буолуо ээ. Ким билиэй – ол кэмҥэ хас биирдиибит куукунатыгар номнуо дьээдьэ Эдик олороро буолуо дии.

Ийэм этэрэ: «Сирэйгин адьас мырдыҥнатыма, Эдуард Михайлович биһиэхэ көмөлөһөр. Кини суоҕа буоллар, эн биһикки ханна баар буолуохпутун билэҕин дуо? Эн аҕаҕыттан син биир туох да туһа суох. Арахсыахпыт да иннинэ, арахсан да баран – кини биһиэхэ силлиир эрэ. Билэҕин, биһиги ханна тиийбит буолуохпут этэй?»

Оттон мин билбэт этим. Итиэннэ Эдуард Михайлович миэхэ Эдуард Михайлович буолбатах этэ. Кини миэхэ өссө дьээдьэ Эдик да буолбатаҕа. Кини миэхэ – ким да буолбатах этэ. Мин оннооҕор, ийэбэр тугу эрэ этээри гыннахпына, «кини» да диэбэт этим. Таах ыҥыранарым уонна баспын булкуйарым. Ол эрээри ийэм өйдүүрэ. Ол да буоллар сырыы аайы: «Сирэйгин мырдыҥнатарыҥ наадата суох», – диирэ.

Онтон мин, ийэбин уонна аҕабын кытта сайын күн уотугар сыралла барарбытын, аҕам өрүү күҥҥэ сыраллыбытын ордук биллэрэр муус маҥан тураҕас ыстаан кэтэрин, тоҕо диэтэххэ, кини этэ күҥҥэ наһаа үчүгэйдик уонна түргэнник хараарарын саныыбын. Оттон төбөтүгэр сүрдээх үчүгэй киэпкэлээх уонна араас өҥүнэн толбоннурар ачыкылаах буолааччы. Кини биһигини кытары чараас суорҕаҥҥа хаһан да бииргэ олорооччута суох. Эргийэ хаама сылдьааччы, эбэтэр аттыбытыгар турааччы, биитэр мээчиктээччи. Ханнык эрэ күн уотугар сыраллыбыт кыргыттары кытары күлээччи-салааччы. Оттон ийэм биһикки күнтэн хаххалыыр тэллэй анныгар бүгээччибит.

Ийэм этэрэ: «Костя, эйиэхэ мин тириим тиксибит. Маннык тириилээх киһи күҥҥэ сыраллара сатаммат. Сирэйиҥ наһаа элбэх эбирдээх. Кэл, мин эйигин мааһынан сотуом. Сирэйиҥ тириитэ бүтүннүү соролуоҕа».

* * *

Ольга аанын тута арыйбыта, арааһа, Никитатын утута да илик быһыылааҕа.

– Ол эрээри чэй иһэр эбиппин дии санаатыҥ дуо? Дьэ оччоҕо маладьыас. Киир, куукунаҕа аас. Мин билигин Никитканы сытыарыам.

Мин кинини көрүдүөргэ күүппүтүм, онтон кини оҕотун хоһуттан тахсыбытыгар, чэй иһиэхпин баҕарбаппын диэбитим.

Миэхэ көннөрү кини сиэркилэни ханна ыйатыан баҕарарын ыйан биэриэн наада этэ. Билигин хаһан сааллыар диэри туруоҕа. Тоҕо диэтэххэ, хойута бэрт, Никита номнуо утуйаары сыттаҕа дии. Онон, биллэн турар, истиэнэни лүҥсүйэр сатаммат. Онуоха эбии өссө – ыалларбыт бааллар. Ол эрээри бу этээскэ миигиттэн уонна Ольгаттан ураты биир оҕонньор эрэ олорор. Кини дьүлэй. Ол да буоллар оттон – Никита. Онон, сарсыарда ыйыыр ордук. Билигин сиэркилэни көннөрү ханна эрэ ууруохха наада.

Кини саҥата суох миигин көрбүтэ уонна муннук диэки ыйбыта. Таҥас ыйыыр сир аннын. Оттон атын истиэнэҕэ номнуо сиэркилэ ыйанан турара. Үкчү маннык төп-төгүрүк. Ол эрээри миэнинээҕэр арыый улахан этэ.

Мин сиэркилэни ууран баран, эппитим:

– Ити ийэбиттэн хаалбыта. Кинилэр көспүттэрэ ыраатта да, сорох-сорох малларын умнубуттара… Ити акаары холодильнигы эҥин. Арааһа, эн Никитаҥ утуйарыгар мэһэйдиир быһыылаах.

Кини эппитэ:

– Суох, мэһэйдээбэт.

Мин аан хоһу эргиччи көрбүтүм уонна өрөмүөннэнэр кэмэ кэлбит диэбитим. Онуоха кини мүчүк гыммыта уонна ону сиэбим уйуммат диэн хардарбыта.

– Эн төһөнү көрдүүгүнүй?

Мин этэбин:

– Мин аныгылыы өрөмүөнү оҥоробун. Баай дьоҥҥо. Саҥа бакыат түннүктэр, хосторго тиирэ тардыллар үрүт – араас ол-бу.

Кини син биир ыйытар:

– Дьэ ол да буоллар – төһөнүй?

Мин этэбин:

– Чэ оттон, аҕыс уон, сүүс тыһыынча. Сороҕор сүүс сүүрбэ да буолар.

Кини сөҕөр:

– Буолар да эбит!

Оттон мин этэбин:

– Харчылара баһаам. Бэйэ-бэйэлэригэр киһиргээн тарбахтарын баттаныахтарын наада.

Кини эмиэ мичээрдиир:

– Уустук олохтоох дьон диэтэҕиҥ.

Мин эмиэ мүчүк гынабын:

– Дьэ, кырдьык, судургута суох.

* * *

Мин ол курдук – ким кими албыннаабытын кыайан быһаарбатаҕым. Генка Пашканы дуу, эбэтэр төттөрү эбитэ дуу. Биллэн турар, кинилэр иккиэн бэйэ-бэйэлэрин «албыннаата» дииллэр этэ. Миэхэ биир-биир джибинэн кэлэллэрэ уонна этэллэрэ: мин кинини хайдах да албынныыр кыаҕым суоҕа, эн ону билэҕин. Этиий – эн ону билэҕин буолбаат.

Оттон мин билэбин диирим, тоҕо диэтэххэ, мин кинилэргэ «суох» диир кыаҕым суоҕа. Бииригэр даҕаны, иккиһигэр даҕаны. Ол эрээри, кырдьыга хайдаҕын билбэт этим. Дьиҥэр – кырдьыгын билиэхпин да баҕарбат этим. Аата, наадалаах этэ? Эн кимниин эрэ биир БТР-га умайдаххына – сорох-сорох түгэннэри адьас атыннык көрөр буолаҕын. Кинилэр көннөрү олус табыллыбыттара. Серега кинилэри арыый эрдэ хостотолообута. Бастаан кинилэри, онтон дивизия ыстаабыттан тоҕо кэлбитэ өйдөммөт капитаны, кини кэнниттэн БТР-ы ыытар Михалиһы, онтон прапорщик Демидовы уонна саамай бүтэһик миигин.

Баҕар, кинилэр наһаа табылланнар, кэлин бэйэ-бэйэлэрин албыннаспыттара буолуо ээ. Билбэппин. Харчы – ынырыктаах мал. Мин кинилэр оннуларыгар буолуохпун төрүт баҕарбаппын. Саатар, бу сырыыга.

Арай арыый эрдэ эбитэ буоллар, син даҕаны. Серега умайбыт БТР-га киирэр кэмигэр.

Оттон харчы диэн харчы, харчы кинилэри араарбыта. Кыттыгас биисинэстэрин ыт тоҕо көппүтэ, оттон мин хаста да бэйэм иһэрбинээҕэр элбэх арыгыны ыларбар тиийбитим.

Тоҕо диэтэххэ, кинилэр арыгыны сылгы уулуурун курдук иһэллэрэ. Фрязиноларыттан кэлэллэрэ уонна мин бэйэбэр атыыласпыт арыгыбын иһэллэрэ. Ол эрээри иккиэн өрүү тус-туһунан кэлээччилэр. Бэл бэйэ-бэйэлэрин кытары көрсө түһүмээри, эрдэ төлөпүөннүүллэрэ. Оттон мин иккиэннэрин кытта иһэрим. Мин ким кими албыннаабытыгар төрүт кыһаллыбат этим. Кинилэр миигинниин бииргэ умайбыт көннөрү Пашка уонна Генка этилэр. Кинилэр иккиэн хаһан эрэ мин хоруорбут эт курдук буолбакка, сирэй курдук сирэйдээхпин билэр этилэр.

Аармыйаҕа ыҥырыллан бииргэ сыл аҥаара уонна бүтүн ыйы быһа Чечняҕа сылдьыбыппыт.

Оттон дьиэ өрөмүөннээһининэн дьарыктанарбар чуолаан Генка миэхэ өй укпута.

– Тугу сордоноҕун? – диэбитэ кини. – Эн, биирдэ баран эттэххэ, тутааччыгын дии. Тутууга сыһыаннааҕы барытын билэҕин. Миэхэ дьиэбин оҥорон биэр. Мин үчүгэйдик төлүөм. Онтон өссө оҥорторооччулар көстөн иһиэхтэрэ.

Дьиэ оҥорторооччулар көстүбүттэрэ. Өссө хас да куоракка. Бастаан, кырдьык, төлөпүөнүнэн соҕотоҕун үлэлиибин диэтэхпинэ, соһуйааччылар, онтон көрсөн баран тоҕо соҕотоҕун үлэлиигин диэччилэрэ суох. Тоҕо наһаа өр өрөмүөннүүрбүн өйдөөччүлэр. Ыксыыр дьон атыттары кэпсэтээччилэр.

Уонна оттон, дьүһүнүммүн-бодобун сөбүлээбэтэхтэр.

* * *

– Эһиги сирэйгитин көрүнүҥ эрэ, – диэн үөрэх сэбиэдиссэйэ биһиэхэ черчение уруогар хаһыытаабыта. – Эһиги көннөрү көрүҥ эрэ бэйэҕитин. Хараххытыгар ханнык да санаа кыыма суох. Мин иннибэр бараан үөрүн курдук олороҕут. Эһиги барааннар курдук дар акаарыларгыт. Аҥалаларгыт! Үүнэр көлүөнэбит!

Кини аттыбар туран мин уруһуйбунан далбаатанара. Төбөм үрдүгэр илиитигэр тутан турар кумааҕыта илибириирэ. Мин остуол сирэйин көрөн олорон төһө сил таммахтара түспүтүн аахпытым. Бастаан биир, онтон өссө. Олору таарыйымаары, сыҕарыс гыммытым, онно кини дьэ хам барбыта. Миигин көрбүтэ, өрө тыыммыта, лииһи бүк туппута уонна эппитэ:

– Дириэктэргэ бардыбыт. Малгын ыл.

Эмиэ барыбытын кэриччи көрбүтэ.

– Атыттар салгыы үлэлиигит. Уонна дьэ кылаастан тахсан көрөөрүҥ эрэ.