banner banner banner
Тулаайах оҕо
Тулаайах оҕо
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

Тулаайах оҕо

скачать книгу бесплатно


Ньырбачаан убайа Өрөгөчөй, оччоҕо саҥа туран эрэр ийэтин курдук, муус маҥан, наҕыл, намыын уолчаан, аһыы охсон, аллараа күөл кытыытыгар киирбитэ. Ньырбачаан убайыгар, куолутунан, кутурук маһа буолбута. Оччотооҕуга, дьоно баарына, убайа үчүгэй, аламаҕай да этэ – мэлдьитин кинини илдьэ сылдьара, саататара, бииргэ оонньуура. Ол сылдьан булт араас ньыматыгар үөрэтэрэ. Кинилэр бииргэ сырыттахтарына Ньырбачаан тиһигин быспакка быһа ыаһыйалаан ыйытан тахсара: хас кыыл-сүөл суолун көрдүн, хас көтөрү-сүүрэри көрүстүннэр. Оттон аҕата өлүөҕүттэн убайа куруутун оонньуур да, дьаарбайар да санаата суох дьэбин уоһуйа сылдьар.

Ол киэһэ убайа кыырыктаах үҥүүтүн эрэ ылбыта уонна туруору сыырынан аллараа сиэҥҥэ түспүттэрэ. Оо, онно куһа-хааһа хойуутун! Бу балыга үксүн! Көтөр кынаттаах бииһэ, өй-мэйдээх тулуйбат айдаанын тардан, кытыыттан быстыбыт луоҕалыы ууга хараара усталлара, кинилэртэн үргэннэр, күөл үрдүнэн былыт курдук күүгүнүү көтөллөрө. Оттон балык буоллаҕына күөскэ куппуттуу көймөстө оонньуура. Олус бөдөҥ соболор чычаас, дьара ууга, систэрэ хараара-хараара, иэннэринэн ууну лаһыйаллара. Ол дьикти көстүүнү балачча көрөн турбахтаат, убайа Өрөгөчөй биир талыы собону тутан ылбыта уонна тула эргитэн Ньырбачааҥҥа көрдөрөн баран, аргыый сэрэнэн ууга төттөрү уурбута.

Күөл кытыытын кэрийбэхтээн, барытын астына көрөн-билэн баран, Ньырбачаан убайынаан киэһэ тордохторугар тахсыбыттара – кырдал устун тордох бөҕө туруоруллан бачыгыраабыт этэ. Барыларыттан бастаан харахха быраҕыллан, саамай ортолоругар кинилэр дьоннорун маҥан тордохторо туналыйара. Кини уҥа ойоҕоһугар сааһын тухары Маҥан Мэкчэ кэйэр муоһа, охсор туйаҕа буолбут, үрдүк уҥуохтаах хара бэкир Чымпа туох да ойуута-мандара суох үрдүк тордоҕун туруоруммут. Кини уола, Ньырбачааны кытта саастыы, аҕатыныы өһөс хааннаах, курбуу курдук, сааһыттан ойуччу үрдүк уҥуохтаах Богдуу уол киирэ-тахса сылдьара. Кинилэр хаҥас өттүлэригэр Ойуу Нэлэкэ ойуун араас сарбынньахтаах, ононманан дьэрэкээннээх киэргэллээх тордоҕо түспүт.

Бастаан-көстөөн сылдьааччы үс киһи тордоҕун тула, төгүрүччү, түөрт уонча араас быһыылаах-таһаалаах, араас өҥнөөх-дьүһүннээх тордохтор тоҕуоруйбуттар. Убайын батыһан иһэн Ньырбачаан доҕотторо Ниччалаах Ньөөкү ханна тохтообуттарын хараҕынан көрдүү истэ. Ничча аҕата Үҥкээн бэйэтин дьоҕус тордоҕун сиэн үрдүгэр, Бакана уонна Алымдьы икки ардыларыгар түһэриммит этэ. Оттон Ньөөкү аҕата Сахсаа самнаххай тордоҕо кырдал саамай көнө сиригэр, Ампэрэ, Сэкинэ, Хопоо тастарыгар көстөрө.

Үлэлэрин-хамнастарын бүтэрбит, аһаан-сиэн санаалара көммүт дьон быһыытынан, бары мустаннар тордохтор иннилэригэр сиэттиһэн баран хайыы үйэҕэ үҥкүүлээн эрэллэрэ. Сиртэн сиргэ көстөх аайы куруутун ылланар буолан, үҥкүү ырыатын тылларын билбэт киһи суоҕа.

Гэсу, гэсу, гэсугэр!
Гэсугэри ыллыаҕыҥ!
Орто туруу дойдуга
Олох биирдэ бэриллэр.
Ыллаан иһиҥ, ыччаттар,
Оонньоон иһиҥ, доҕоттоор!
Гэсу, гэсу, гэсугэр!
Гэсугэри ыллыаҕыҥ!
Үрүҥ түүлээх үөрдүспүт,
Хара түүлээх ханыыласпыт
Үтүө-мааны дойдуга
Олохсуйар буоллубут.
Гэсу, гэсу, гэсугэр!
Гэсугэри ыллыаҕыҥ!
Төрүүр-үөскүүр оҕобут
Төлөһүйдүн, улааттын!
Таптыыр таба көлөбүт
Тарҕаан, элбээн иһиэхтин!
Гэсу, гэсу, гэсугэр!
Гэсугэри ыллыаҕыҥ!
Тула хара буҕарга
Туран тахсан бултуохпут,
Ити сытар далайга
Илимниэхпит, кустуохпут.
Гэсу, гэсу, гэсугэр!
Гэсугэри ыллыаҕыҥ!
Тоҕус үйэ тухары
Тохтообокко туойуоҕуҥ!
Аҕыс үйэ тухары
Ахсаабакка аатырыаҕыҥ!
Гэсу, гэсу, гэсугэр!
Гэсугэри ыллыаҕыҥ!

Үгүстүк ылланар буолан, үҥкүү ырыатын Ньырбачаан эмиэ өйүгэр хатаабыта.

Эр дьоннортон арай Атаҕа Суох, үҥкүүлээбэккэ, тордоҕун иннигэр соҕотоҕун согдьоллон турара. Ньырбачаан аҕата Мэкчэ хоһуун, тириинэн саба тардыллар аанын аһан баран, үҥкүүлээччилэри көрөн олороро. Кини атаҕын үрдүгэр олороро, ох кирситтэн, үҥүү угуттан тарбаҕым халтарыйыа диэн, арыылаамаары, кэргэнэ Мукуча быһан биэрбит этин ытыһын көхсүгэр уурдаран ылан сиирэ. Кини аттыгар кыырыктаах үҥүүтэ уонна кэһэхтээх оҕо бэлэм сыталлара. Өрөгөчөй үҥкүүлүүр дьоҥҥо тахсаары гыммытын аҕата тохтоппута.

– Тохтуу түс уонна иһит мин тылбын, – диэбитэ кини сөҥ куолаһынан.

Өрөгөчөй тахсан биир саастыы оҕолору кытта үҥкүүлүөн баҕата бэрт быһыылааҕа да, аҕатын тылын истэн, тиийэн эһэ олбоххо кэккэлэһэ олорбута. Уоттаах харахтарынан Мэкчэ хоһуун уолун чинчилиирдии көрөн ылбыта. Өрөгөчөй, кырдьык да, киһи мыыммат эр бэрдэ буола үүнэн эрэрэ: торум курдук хара бытык кини эрдээх ыас араҕас сирэйин өссө модьу көрүҥнүүрэ, кэккэлэһэ олорбутугар аҕатыттан моонньоох баһынан куотан үрдээн көстүбүтэ, онуоха эбии аҕатыттан быдан үскэл, халыҥ этэ. Мэкчэ хоһуун уолун тас сэбэрэтин көрөн олус астыммыта. Кини саҥата суох тордохтор иннилэригэр үҥкүүлүү сылдьар дьону ыйан баран:

– Ити үҥкүүлүү сылдьаллар, – диэбитэ.

Өрөгөчөй тугу да хардарбатаҕа, сирэйин биир да тымыра тардан көрбөтөҕө.

– Дьон үөрдэхтэринэ эбэтэр кыргыһаары гыннахтарына үҥкүүлүүллэр, – Мэкчэ хоһуун уолугар быһаарбыта. – Мин саллар сааһым тухары үгүстэри кытта өлөрүстүм, бэттэри кытта харсыстым. Сороҕор күүспүнэн кыайан, сороҕор өйбүнэн сүүйэн биирдэ да кыайтарбатым. Инньэ гынан, бу кыра, дьоҕус дьоммун баччааҥҥа диэри этэҥҥэ аҕаллым. Мин тоҕо эрэ алаҥаабын тардарбар илиим салҕалыыр буолан эрэр, ыытар охторум сороҕор булду булбаттар. Эн миигин солбуйар кэмиҥ субу кэлэн эрэргэ дылы көрөбүн.

Өрөгөчөй, аҕатын ити да тылларыттан ымыттан көрбөккө, саҥата суох олорбута. Мэкчэ эмиэ уолун ити туттунуутун сөбүлээбитэ – хоһуун санаатын, үөрүүтүн-хомойуутун таһыгар таһаарара табыллыбат.

– Дьэ, ол иһин эйиэхэ бу төрүөбүт төрүт дьонуҥ күн сиригэр буору бааһырдан олороллорун иһин туоххун да харыстаабакка охсус. Ол эн олоҕуҥ бастыҥ дьулуһуута буолуох тустаах. Чэ, мин тордоҕум кэриэһэ – Өрөгөчөй уолум, ону умнума.

Ити кэнниттэн Мэкчэ хоһуун өр буолбатаҕа. Кинини уола Өрөгөчөй солбуйбута, бу түөрт уон ураһа тоҥ биистэр баһылыктарынан буолбута.

Кинини, аҕатын хорсунун ытыктаан эбитэ дуу, эбэтэр кыайыгаһын-хотугаһын иһин эбитэ дуу, ону Ньырбачаан билбэт этэ, дьон баһылык оҥостуммуттара.

Аҕата өлбүтүн кэнниттэн сотору буолан баран, биир сааскы ылааҥы киэһэ аргыый аҕай тордох сарыы аанын сэгэтэн, хаар маҥан баттахтаах, өссө да уота умулла илик сытыы харахтардаах, кылгас быыһык саҕынньахтаах кыра оҕонньор киирэн кэлбитэ. Бу Ойуу Нэлэкэ ойуун диэн оҕонньортон оҕолор, дьахталлар олус куттаналлара, оттон улахан эр дьон бары ытыгылыы көрөллөрө.

– Тугу билэн-көрөн сылдьаҕын, Өрөгөчөй хоһуун? – диэбитэ кини намыын, синньигэс куолаһынан. – Түүл-бит бөрүкүтэ суох буолла ээ.

Өрөгөчөй хоһуун, кырдьыга, ойууну соччо итэҕэйбэт этэ – булт бултуурга, өстөөхтөрү сойуолуурга ойууннартан туһаммытын кини билэ илигэ. Уот иннигэр, эмиэ аҕатын курдук, өттүк баттанан олорон, кини бу өбүгэ саҕаттан ытыгыланар дьону – ойууннары утарар табыла суоҕун өйдөөн, ойуун тугу этэрин истээри сирэйин кини диэки эргилиннэрбитэ.

– Эдэр хоһуун, билэҕин дуо, бу биһиги олохсуйан олорор сирбит биһиги урут көһө сылдьыбыт мас чопкобутугар букатын маарыннаабат, сырыы-айаан ортотугар баар сир, – диэбитэ Ойуу Нэлэкэ.

Өрөгөчөй хоһуун, биир да тылы хардарбакка, ойуун оҕонньору тобулу көрөн олорбута. Ойуун этэн испитин салҕаабыта:

– Мантан тус илин, күн кылбайа тахсыытын диэки бардахха, эн ийэҥ удьуордара сырдык-маҥан хааннаах, эйэҥнэс эмиийдээх эмис тала кыргыттардаах улуу хоролор диэн бааллар. Кинилэртэн элбэх хаардар-самыырдар анараа өттүлэригэр эн аҕаҥ, Маҥан Мэкчэ обургу биир бэрт кыыстарын уоран-талаан кэлэн ойох оҥостуммута. Ол эн ийэҥ Мукуча этэ. Эн, бу ийэҕин батаҥҥын, хоролордуу үрүҥ субалааххын, үөскүлэҥ таһаалааххын.

Өрөгөчөй хоһуун онно да тугу да саҥарбатаҕа.

– Ийэҥ аймахтара бэрт төрүт-уус дьоннор. Ол гынан баран кыыстарын тоҥ биистэргэ былдьаппыттарын сөбүлээбэккэ олорор буолуохтаахтар. Охсуһуу дьолуолаах аартыга төһө да тиксиһиннэрбитин иһин, эн ийэҥ урууларын кытта хаан таһаарсар, харба былдьаһар эрэ буолаайаҕын. Аҕаҥ оҥорбут буруйун көннөрсөрүҥ буоллар бу биһиги кыракый аймахха ордук буолуох этэ.

Ойуу Нэлэкэ тохтуу түспүтэ, сэксэйбит убаҕас бытыгын имэринэн ылбыта уонна эмиэ саҥаран барбыта.

– Улуу хоролор анараа өттүлэригэр күүстээх саалаах күп омуктар олороллор. Онтон өссө илин бу эбэ устун уһуннахха бэрт дэлэй уулаах, кытыытыттан киирэн көрдөххө, сир-халлаан ыпсыһар киэҥ иэннээх Улуу Илин өрүскэ тиийиллэр. Улуу Илиҥҥи өрүһү өрө уһуннахха, саһыл курдук ньуолбар, саталлаах саха урааҥхайдарга тиийэҕин.

Өрөгөчөй ойуун ити тылларыгар кини диэки көрөн ылбыта.

– Сахалар халыҥ, үгүс дьон. Кинилэр биһиги курдук көһө сылдьыбаттар, биир сиргэ олороллор уонна ураа муостааҕы иитэллэр, нэлим сиэллээҕи көрөллөр-харайаллар. Ураа муостаахтарын үүтэ-арыыта биһиги табабыт киэнинээҕэр быдан ордук, оттон нэлим сиэллээхтэрэ биһиги табабытынааҕар быдан күүстээх, быдан түргэн.

Эн аҕаҕын өмүтүннэрэн, сэрэппэккэ сиэбит тигиилээх сирэйдээх дьирикинэй омуктар тус арҕаа күн кылбайа киириитин, Күөл Сүүрүҥдэ диэки түстүлэр.

Өрөгөчөй аҕатын өлөрбүт омуктар ааттарын истэн, хаана дьэбидис гына түспүтэ. Ойуу Нэлэкэ онно кыһаммакка салгыы кэпсээбитэ.

– Ол кинилэр улахан кутталлара суох. Хата, бу эбэ ыһыытыыр баһыгар олохтоох омуктар кутталлаахтар. Ол курдук, Анысханнаах Анаабыр өрүстэн маҥан таба түүтэ ахсааннаах майаат омуктар Өксүөннээх Өлөөҥҥө кэлэн олохсуйдулар. Кинилэр чугас ыаллыы олорор халыйар туман курдук халыҥ үгүс ахсааннаах тумат омуктары үтүрүйдүлэр. Эн кинилэртэн сэрэн, кинилэр аһынар диэни билбэт дьон. Майааттардыын хара тыаларыгар баппакка, онтон быгыалаан, үгүс бултаах-астаах үрэхтэргэ, күөллэргэ тахсыталаан эрэллэр үһү диэн истибитим.

Ойуун Өрөгөчөйү өтөрү көрбүтэ.

– Бу алларааҥҥы устан мэндэйэ сытар эбэни өксөйөн тус арҕаа диэки түстэххэ, тоҕус хонук томточчу туолуутугар олус улахан күөлгэ тиийэҕин. Ол күөл кытыытыгар соҕурууттан көһөн кэлэн саталлаах саха урааҥхайдар олохсуйбуттара быданнаата. Ону баара бэрт соторутааҕыта, күн саҕахха саһыытын саҕана, үллэр туман курдук үгүс тумат омуктар кырган кэбистилэр. Үлтү кырбастаан, үөрэ сэмнэҕэ оҥорон, кырамталарын киллэрэн улуу күөлгэ куттулар. Онтон ол улахан күөл аата Кырамда диэн буолла.

Оҕонньор көмүскэтин түгэҕэр өһөн эрэр харахтарынан, туох диир эбит диэн чинчилиирдии, эдэр хоһууну көрөн кэбиспитэ. Өрөгөчөй онно да хаанын хамсаппатаҕа, сымара таастыы тыйыһырбыт иэдэстэригэр биир да тымыр ибир гынан көрбөтөҕө, олорбутун курдук олорбута.

– Алдьархай аарыктаах аартыга арылыннаҕа, аны сабыллыбат.

– Сөп, – диэбитэ Өрөгөчөй хамсаабакка олорон чиҥ куолаһынан, – уонна туох диигин?

– Хааннаах айахтаах хара суор халаахтаатаҕына хаан тохтуо.

Ньырбачаан ити кэпсэтииттэн соччолоох тугу да өйдөөбөтөҕө. Ойуу Нэлэкэ дэбигис киһи өйдүүр гына кэпсээччитэ суох. Кини эмиэ, хоһуун-баһылык курдук, тылын иһитиннэрэр күүстээҕэ. Ойуун тоҥ биистэр төрүттэрин Кыырт Мохсоҕолу кытта ситимниирэ, Мохсоҕол удьуордарын бииргэ түмэрэ. Ойуун туох эмэ суолталаах сонуну ким-хайа иннинэ истэрэ уонна хоһуун-баһылыгы кытта хайаатар да сүбэлэһэрэ. Ол да түгэҥҥэ кини сүбэлии, сүбэлэһэ киирэн тахсыбыта.

Ити кэмтэн ыла убайа Ньырбачаантан букатын да кэриэтэ тэйбитэ, урукку курдук оонньуура-күлэрэ мэлийбитэ. Кини мэлдьитин дьэбин уоһуйа сылдьара, Ньырбачаан кэлэн уруккутунуу сыстаҥнаан бардаҕына, ыарахан илиитинэн төбөтүттэн имэрийэрэ уонна аргыый, булгуччулаахтык халбарыччы анньара. Ойуу Нэлэкэ киирэ сылдьыбытын кэнниттэн убайа тордоҕун иһигэр умуһах хастыбыта, онно тоҕус буур тириитин укпута.

Хара суор эмиэ халаахтаабытыгар Ньырбачаан, Ойуу Нэлэкэ тылын өйдөөн, куттана санаабыта уонна убайыттан көмүскэл эрэйэрдии, уһугуннараары тардыалаабыта. Убайа кини үрдүгэр ыарахан илиитин уурбута, онуоха Ньырбачаан, уоскуйбута буолан, нухарыйан барбыта.

Ньырбачаан түүлэ

Ойуу Нэлэкэлиин Ньырбачаан убайын кэнники кэпсэтиитэ маннык этэ.

Биирдэ эмиэ, куолуларынан, эр дьон ханна эрэ баран өр буолан кэлбиттэрэ. Бу сырыыга таба, тайах этиттэн ураты атын сүгэһэрдэрэ суоҕа. Ол киэһэ Ойуу Нэлэкэ эмиэ Ньырбачааннаахха киирбитэ. Кини сэҥийэтин маҥан сэксэгэр бытыга өрө тахсан иннигэр тоһуйбутуттан көрдөххө, бэрт дьоһуннаах кэпсэтиини кэпсэтэ анаан-минээн киирбит быһыылааҕа. Эр дьон эһэ даппыларга араан икки өттүгэр утарыта, атахтарын анныларыгар хомуйа тардан, олорбуттара. Ойуун, «чыырк» гына силлээн баран, кэпсэтиини ыраахтан саҕалаабыта.

– Хотоку, эн аҕаҥ Мэкчэ хоһуун эр сүрэхтээх киһи этэ.

Ньырбачаан убайа Өрөгөчөй ойуун ити тылларыгар дьоһуннаахтык:

– Оннук, – диэбитэ.

– Өбүгэ үгэһинэн кини өстөөхтөрүн өһүөннэһэр буолара. Өстөөхтөргө Маҥан Мэкчэ хааннаах илкээнини хаалларара.

Бу сырыыга Ньырбачаан убайа тугу да хардарбакка эрэ дьэбин уоһуйбута.

– Эн, кини уола, бу Мохсоҕол уолаттарын түөрт уон тордохторун сытыы кылыһа Өрөгөчөй хоһуун, өһөхтөөх өйдөөх буолуохтаах этиҥ. Тоҕо эн өбүгэҥ үгэһин кэстиҥ, өстөөххүн Тураах Тарбаҕын ыытан кэбистиҥ?

Өрөгөчөй онуоха уоттаммыт харахтарынан Ойуу Нэлэкэни утары көрбүтэ уонна өйдөөрөй диэбиттии, бытааннык саас-сааһынан саҥарбыта:

– Улуу кырдьаҕас, Нэлэкэ Ойуун, мин эһиги курдук уһун олоҕу олорботоҕум, эһиги курдук олох мындырын билбэтэҕим да иһин, мин туох диирбин болҕойон иһит! Олох, тыыннаах буолуу уонна өлөрсүү-өһөрсүү диэн иккиэн уун-утарылар, бука, кинилэр хаһан да биир буолуохтара суоҕа. Оттон, мин санаабар, бу сир үрдүгэр, күн анныгар үөскээбит, үүммүт айылҕа сиэринэн олоруохтаах, дьиҥнээх бэйэтин өлөр күнүгэр өлүөхтээх, хагдарыйар кэмигэр хагдарыйыахтаах. Ким да кинини кэмин иннинэ туура тардыа, суох оҥоруо суохтаах. Мин аҕам Маҥан Мэкчэ, улуу хоһуун, охсуһуу-өлөрсүү, былдьаһыы-талаһыы үктэллэнэн олорбут эбит буоллаҕына, онтон биһиги уурайыах тустаахпыт. Сир үрдэ киэҥ эбээт, кини булдаалда, аһа-үөлэ барыбытыгар тиийэр буолбат дуо? Тоҕо, туох иһин өлөрсөбүт-охсуһабыт? Тоҕо, туох иһин күнтэн сүтэрсэбит?

Ойуу Нэлэкэ Өрөгөчөй эппитин сөбүлүү да истибэтэҕэ, өйдүү да сатаабатаҕа.

– Өрөгөчөй хоһуун, эн ити оҕо санааҥ этэр. Былыр-былыргыттан икки атахтаах баар буолуоҕуттан охсуһууөлөрсүү бу аан дойдуну тутан турар. Ким бастаан охсубут – ол соргулаах, ким оҕустарбыт – ол сордоох. Бу аан ийэ дойдута кыайбыт – дьоло, кыайтарбыт – соро. Саас-үйэ тухары оннук этэ, оннук даҕаны, оннук буола да туруо.

– Суох, эн этэриҥ курдук буолбатах – аан дойдуну охсуһуу туппатаҕа, тутуох да туһа суох. Кинини олох тутан турар. Олох диэн куруутун баара, баар да буолуо, оттон охсуһуу – ол түгэн, быстах ааһар суол…

– Кыргыһыы-охсуһуу ааспат, кини мин киһи буолан ону-маны өйдүөхпүттэн баара, билигин да баар. Мин төрүөм да иннинэ охсуһуута суох олорботохтор эбит, өлбүтүм да кэннэ син биир өлөрсүөхтэрэ.

– Ытык кырдьаҕас, ол оҥойор айаҕын ииттээри, тыыннаах буолаары соҕотоҕун бултуу-алтыы сылдьар, биһиэхэ туох да куһаҕаны оҥорботох тумат уолун Тураах Тарбаҕы күнтэн сүтэрэммит үтүө аакка тиийиэ этибит дуо? Соргубутугар соргу, дьолбутугар дьол эбиллиэн мин билбэтим.

– Эн дьахтардыы аһыныгас санааҥ биһигини өлүүгэ эрэ тириэрдиэ, Тураах Тарбах тиийэн дьонугар этэн биэриэ, өлүүнү сирдээн аҕалыа.

– Суох, оннук буолуо суоҕа. Туматтар даҕаны хараттан үрүҥү араарар буоллахтарына, кыргыһардааҕар эйэлээхтик олорор ордугун өйдүөхтэрэ.

– Эн оҕо санааҥ атыттар уодаһыннарын кыайан өйдөөбөт: кырдьык инньэ гынар даҕаны буоллаххына, атыттар өйдүөхтэрэ үһү дуо? Албына буолуо диэхтэрэ, итэҕэйиэхтэрэ суоҕа.

– Суох, ытык кырдьаҕас, эн этэриҥ курдук буолуо суоҕа.

Өрөгөчөй саҥатыгар ханнык да халбаҥнааһын иһиллибэтэҕиттэн Ойуу Нэлэкэ сааһыгар холооно суох чэпчэкитик ойон турбута уонна эмиэ:

– Хара суор халаахтаатаҕына хаан тохтуо, – диэн баран тахсыбыта.

Ойуун тахсыбытыгар Ньырбачаан убайыгар сыста түспүтэ.

– Убаай, ити тоҕо кыыһырар Ойуу Нэлэкэ? – диэн киниттэн ыйыппыта. Өрөгөчөй балтын кууһан ылан аттыгар олорпута уонна төбөтүттэн имэрийбитэ.

– Ити бэйэтэ, – диэбитэ кини, мичээрдээн кэбиспитэ, – бадаҕа, куһаҕан сулуктаны сиэбит быһыылаах, кыһаллыма.

Ол эрээри убайын таба хараҕыныы көрсүө, киэҥ харахтара санаарҕаабыттыы Ньырбачааны үрдүнэн тугу эрэ ырааҕы, көстүбэти одуулаһаллара…

Ньырбачаан убайын кууһан, улаҕатыгар сытан түүл түһээбитэ.

Үгүс да үгүс оонньуурдар: араас бэйэлээх табалар, тайахтар, саһыллар, куобахтар, кустар, хаастар – бары тыыннаах курдук хамсыыллар, сүүрэллэр, көтөллөр. Ол гынан баран оҕолор оонньуохтарын сөп, дьиҥнээх кыыллартан кыралар этэ. Ньырбачаан олус диэн үөрэр. Кини таһыгар куруутун бииргэ оонньуур Үҥкээн кыыһа көрсүө, намыын Ниччи, Чымпа уола Богдуу уонна үгүс саҥалаах Сахсаа уола бөдөҥ төбөлөөх Ньөөкү – бары чохчоһон тула олорон Өрөгөчөй оҥорор оонньуурдарын көрөллөрө. Өрөгөчөй үөрүйэх илиитигэр саха ууһа охсубут сытыы быһаҕа килбэҥниирэ: оонньуурдар оҥоһуллаат, түһэн сүүрбүтүнэн-көппүтүнэн бараллара. Ол аайы Ньырбачааннаах олус үөрэллэрэ: Ньөөкү бырдах сиир бөдөҥ, сыгынньах төбөтүн тарбана-тарбана Өрөгөчөй илиитин хас хамсааһынын көтүппэккэ, муннун өрө сыҥа-сыҥа одуулаһара, Ничча хас кыыл ойон түстэҕин аайы үөрэн кыракый чараас ытыстарын таһынара, оттон Богдуу буоллаҕына тутаары сыыһа-халты харбыыра.

Ийэлэрэ-аҕалара иккиэн баалларына ити кинилэр үгэстэрэ этэ: хаар уулуннар, эрэ ким да көрбөт сиригэр хонууга баран, Өрөгөчөй кистээн буорга көмө сылдьар һэлии муоһун хостоон ылан, араас оонньуурдары оҥорорун таптыыра. Оттон кинини батыһа сылдьар оҕолор тулалыы туран, ону көрөллөрө, бүтэрдэҕинэ ылан оонньууллара. Ньырбачаан убайа муостан арааһы быһан оҥорорун олус диэн сөбүлүүрэ – кини муоһу уонна сытыы быһаҕы туттаҕына утуйарын да, аһыырын да умнара. Ол гынан баран ити дьарыгын туора дьонтон, ордук аҕатыттан, олус кистиирэ. Аҕата кини хоһуун буолуохтаах уола ол курдук солуута суохха күнүн-дьылын сүтэрэрин сөбүлээбэтэ эрэбил этэ.

Кыыллар кэннилэриттэн Ньырбачаан убайа хатыҥыркаан кыысчааны оҥорбута. Кини сип-синньигэс моонньун хаймыылыы түспүт уп-уһун, хап-хара баттаҕын үс сүүмэхтэрэ синньигэс биилигэр диэри намылыспыттар этэ. Ыйаастыгас харахтара, көп хаастара, сүһүөхтээх үрдүк мунна, чараас уостара кинини ис киирбэх, ол эрээри букатын туспа көрүҥнүүллэрэ. Ньырбачаан хаһан да, ханна да харахтаабатах оһуордаах-ойуулаах соннооҕо, эмиэ кинилэр тордохторугар кимиэхэ да суох иннинэнкэннинэн намылыспыт кылыгырас көмүс симэхтээҕэ, куорсуннаах хороҕор бэргэһэлээҕэ, ойуумандар этэрбэстээҕэ. Ньырбачаан бу дьикти, хаһан да көрбөтөх кыыһын хара маҥнайгыттан тас көрүҥүттэн олус диэн дьулайа, толло, ол эрээри сөбүлүү көрбүтэ.

Убайа ити кыыһы һэлии муоһуттан кэнники улаатан баран оҥорор буолбута. Биир сайын кини аҕатынаан уонна Чымпалыын бэрт уһуннук сүтэ сылдьыахтарыттан ыла, урукку курдук, оҕолору мунньан олорон оонньуура тохтообута. Убайа кистээн хоонньугар укта сылдьан, бэйэтиттэн араарбакка тугу эрэ бэркэ кичэйэн оҥорорун Ньырбачаан бэлиэтии көрбүтэ. Өрөгөчөй оҕолор көннөрү оонньуурдарын өр гыммакка түргэнник оҥороро. Ол гынан баран кини кэнники оонньууру уһуннук да уһуннук оҥорбута. Ньырбачаан тоҕо кистиирин муодарҕаан, убайа утуйа сыттаҕына хоонньуттан ылан тугу оҥорорун уоран көрбүтэ уонна олус диэн муодарҕаабыта. Тоҥ биистэр тордохторугар кини курдук, киниэхэ майгылыыр да кыыс суоҕа.

Кыыс убайын илиититтэн ыстанан тахсаат, үҥкүүлээбитинэн барбыта. Кыыс үҥкүүтэ эмиэ Ньырбачаан хаһан да истибэтэх да, көрбөтөх да үҥкүүтэ буолбута. Бу биллибэт кыысчаан хаҥас илиитигэр төгүрүк иһиттээҕэ. Ону уҥа илиитигэр баар кэдэгэр кыракый маһынан охсо-охсо ыллаабыта. Кыысчаан ырыатын Ньырбачаан кыайан өйдөөбөтөҕө. Кыысчаан өрүтэ эккирээн имиллэҥнээтэҕин аайы иннигэр-кэннигэр кыаһаанныы иилиммит симэхтэрэ араастаан ирбинньиктэнэ бэйэ-бэйэлэригэр охсуллан дьикти, хаһан да иһиллибэтэх кыыгынас тыас айаан иһин толорбута.

Биллибэт кыысчаан ыллаатаҕын, эккирэтээҕин аайы кыра бэйэтэ улам улаатан, саҥарар саҥата саталанан испитэ, симэхтэрин тыаһа кытаатан чыҥкынас буолбута. Оттон быыкайкаан төгүрүк иһитин тыаһа кимиэллэнэн, сири түгэҕинэн ньиргийбитэ.

Убайа Өрөгөчөй куруутун санаарҕаабыттыы көрбүт табалыы киэҥ хара харахтара уоттанан, кыыс хас хамсаныытын ааҕа өрө мыҥаан олороро. Оттон Ньырбачаан доҕотторо кыыс тойугуттан толлон – Ничча Ньырбачааҥҥа сыстыбыта. Ньөөкү Богдууга чугаһаабыта.

Оҕолор оонньуурдара ханна эрэ эмискэ мэлис гынан хаалбыттара. Кинилэр оннуларыгар хантан кэлбиттэрэ биллибэт – килбэчигэс тимир куйахтаах дьон кутулла түспүттэрэ уонна кыыһы тула туран үҥүүлэрин өрүтэ уунаҕалыы-уунаҕалыы өрө көтөҕүллүүлээхтик үҥкүүлээн барбыттара. Ньырбачаан кинилэр тойуктарын төһө да өйдөөбөтөр, бу өлөрсүүгэ аналлаах өһөгөй үҥкүүтүн эндэппэккэ билбитэ уонна куттанан уһуктан кэлбитэ.

Алакыы! Алакыы!

Ньырбачаан уһукта биэрбитэ, тордох иһэ ытыһы таһыйар ыас хараҥа этэ. Таһырдьа кимнээх эрэ үөр таба курдук сырсан тигинэһэллэрэ, өрүһүспүттүү тугу эрэ саҥаран ньамалаһаллара. Убайын харбыалаан көрбүтэ – сыппыт оннугар суоҕа, тыаһыттан иһиттэҕинэ, тура охсубут.

– Ити тугуй? – Ньырбачаан куттаммыттыы сибигинэйэн убайыттан ыйыппыта.

Убайа Ньырбачаан эһэ даппытын кытта биирдэ түүрэ харбаан ылбыта, бобо кууһан туран сүүһүттэн сыллаабыта.

– Өстөөхтөр кэллилэр, хамсаабакка да, айдаарбакка да саһан сыт, – диэбитэ кыыс кулгааҕар уонна били тоҕус буур тириитин тэлгээн бэлэмнээбит умуһаҕар уган баран хаппыт тайах тириитинэн саба тарпыта. Онтон кэтит сытыы котокоонун лыҥкыр гына субуйа тардан ылаат, кыыртыы саҥарбытынан таһырдьа ыстаммыта.

Ол икки ардыгар тордохтор тастарыгар айдаан-куйдаан, тыас-уус сүрдэммитэ: дьон сырсан тигинэһэр атахтарын тыаһа, аҕылаһыы-ынчыктаһыы, дьахтар айманыыта, оҕо ытаһыыта айааны толорбута. Ол айдааны баһыйан, убайын Өрөгөчөй эрчимнээх саҥата иһиллэн ааһара:

– Үҥкээн! Сахсаа! Чугуйумаҥ! Сэкинэ, Алымдьы! Манна миэхэ кэлиҥ! Дэбэҥдэ! Сиэн хааһыгар!

Убайын саҥата ханна иһиллэр да онно котокооннор тимиргэ охсуллан лыҥкыныыллара, дапсы лабыргыыра күүһүрэ түһэрэ.