скачать книгу бесплатно
Кырдьаҕас хоһуун кэс тыла даҕаны өһүллүбэт, уларыйбат ыар модун санаатын курдук быһаччы, судургу этэ. Туматтар тыйыс сиэрдэринэн, уйадыйыы, харах уута тохтуута диэн суох буолбута. Даҕанча эһэтин кэриэс тылын истэн туран баран эмиэ судургутук:
– Сөп, эһээ, мин эн эппиккин толоруом, – диэбитэ.
Ол кэнниттэн саҕынньаҕын арынан олорор оҕонньору сытыы муос уһуктаах үҥүүнэн сүрэххэ түһэн өлөрөн кэбиспитэ. Хаан чоккуруу сылдьар үҥүүтүн халлаан диэки өрүтэ уунаҕалыы-уунаҕалыы:
– Алакыы! Алакыы! Алакыы! – диэн хаһыытаабыта. Араҥастан ыстанан түһээт, эһэтэ эппитин курдук, анныгар уот анньан кэбиспитэ. Тууспан кутаа тииттэр чыпчаалларыгар диэри харбаспыта, бэрт сотору Бакамдаттан, кини араҥаһыттан туох да хаалбакка, өрүкүйэр буруо буолан үөһэ көппүтэ, өбүгэлэрин дойдутугар барбыта.
Бу Орто Аан Ийэ дойдуга букатын кэлбит диэн суох, өлүү диэн Айгыр Силик Айылҕа хотун оҥоһуута буоллаҕа. Ол гынан баран киһи барахсан Аламай Маҥан Күн сырдыгын аҕыйах да кэмҥэ көрөн ааһаахтыыр! Ол мутугунан быраҕар муҥур үйэлэригэр сорохтор үтүөнү-үйэлээҕи, сырдыгы-сыаналааҕы оҥорон бараллар… Оттон Бакамда кэнниттэн хаан өс хааллаҕа. Ол хаан өс төһө өр барыай? Төһөлөөх ыччат дьон сырдык тыыннарыгар туруой?
Иккис түһүмэх
Кэриими ситэрэ
Тоҥ биис чуоһа
Аҕыс иилээх-саҕалаах, атааннаах-мөҥүөннээх Аан Ийэ дойдуга уол оҕо барахсан ортотунан курданан, уһугунан дугунан сылдьарын усталаах туоратыгар оччоттон баччаҕа диэри эрэй бөҕөнү эҥээринэн тэлэргэ, муҥ бөҕөнү муннунан тыырарга ананан айыллар буоллаҕа эбээт. Оччоттон баччаҕа диэри уол оҕо барахсан күн күбэй ийэтин көмүс күөмчүтүттэн, киэҥ киэлититтэн төлө көтөн тахсан күөх окко күөлэһийэ түһүөҕүттэн Орто Дойду олоҕор оннун булуор диэри киһи-хара буолар кэриимин ситэрэ кини охсордоох-оҥкулаах Орто Аан Ийэ дойдуну уһаты-туора сыыйбахтыа турдаҕа, киэҥ сирдэри тилэҕинэн тэнитиэ, айдам аартыктары атаҕынан аймыа буоллаҕа. Ол да иһин саталлаах саха урааҥхайдар уол оҕо ат кулун үс дойду кэриимин ситэрэн, үс төгүл саадаҕын курданан эрэ баран олоххо оннун булунар, киһи-хара буолар дииллэрэ. Ол сылдьан кини уораҕайдаах санаалаахтары кытта умсарсыа, кырыктаах санаалаахтары кытта кыдыйсыа, өһүөннээх өйдөөхтөрү кытта өлөрсүө. Ханна тиийэн улуу дойду урдустарыттан, дириҥ дойду дьилбиттэриттэн боҕуттан уһун уҥуоҕа урусхал, кылгас уҥуоҕа кыдьымах буолуоҕун ким билиэй? Ким инникитин тымтыктанан көрбүтэ баарай?
Даҕанча үс үрэх тардыытын араарар үрдүк сискэ тиийэн кэлбитэ. Тыа ортотугар ала-чуо үрдээн турар чурбука тэллэҕэр тиийэн кэлиитигэр лиҥкир мастаах түҥ тыаҕа тула чуҥкунуур чуумпу сабардаабыта, сымнаҕас ыарахан эһэ дэпсэлии тууйа, ыга баттаабыта. Тугу эрэ күүппүттүү, көтөр кынаттаах айдаана хам барбыта, сүүрэр атахтаах эмиэ кирийэн ылы-чып саспыта.
Эмискэ тыал түспүтэ. Хам бааччы турбут тииттэр уһуктаах төбөлөрө иэҕэҥнээн ыһаллан-бураллан ылбыттара, хойуу лабаалар сапсынан барбыттара – түҥ сис куугунуу, иҥиэттэ түспүтэ, Баай Хара тыа иһин түгэҕиттэн ынчыктаан, ыҥыранан ылбыта. Салгыҥҥа хаппыт мутуктар, кур туораахтар көппүттэрэ. Күрүс тыал балаһата сиртэн кураанах сэбирдэхтэри хабан ылан эргичитэн кулахачыппыта.
Былыттар улам харааран, ыаһыран, халлаан ортотугар мустан барбыттара. Күн орто борук-сорук буолбута. Онтон бөдөҥ таммахтар түһэн тобугураппыттара.
Эмискэ халлааны хайа суруйан, намтаабыт уулаах былыттарга чаҕылҕан чаҕылыйбыта. Этиҥ бастаан, кыракый чай таастары лачыгырата оонньуурдуу, уулаах адаархай былыттары аргыый имэрийтэлээн ылбыта – кыра-кыратык чачыгыраан көрүтэлээн баран тохтотолоон хаалбыта. Онтон эмискэ күүрэн кэлбитэ: күрбэ таастары хайаттан төкүнүтэлээн кэбиспиттии, былыттан былыкка лүһүгүрүү сүүрбүтэ. Бэйэтиттэн бэйэтэ тэптибиттии улааттар-улаатан, халлаантан хайаны сиргэ сууллары аспыта аллараа түһэн ыараханнык тэйиэккэлииринии, сир дьигиһийиэр, бары-барыта өрүтэ эккирии түһүөр диэри дириҥник, иҥсэлээхтик лүҥ-лүҥ гына лүҥсүйбүтэ.
Этиҥ соруйарын олус улгумнук истибиттии, тута ардах күүһүрэн ыаҕастаах уунан куппута. Чаҕылҕан быыстала суох сандаарара, этиҥ быыстала суох этэрэ. Ардах хойуу ситимин быыһынан чугастааҕы тииттэр күлүктэрэ арыычча барыһан көстөллөрө. Бэрт сотору оҥкучах сирдэргэ уу халыйбыта, онтон туола охсон таһынан баран, эниэ устун будулхай сүүрээн буолан таҥнары курулаабыта.
Быыстала суох сааллар этиҥтэн сир титириирэ, чаҕылҕан дапсыыра хараҕы саатырдара. Үөһэттэн түһэр уу күүстээх күрүлгэн буолан таастан тааска охсуллан таҥнары курулуура. Дохсун уох, дьулаан күүс төлө барбыта тула көрүлүүрэ. Туохха да туолбат-топпот, Аан Ийэ дойду мин эрэ туспар айыллыбыта диэн санаалаах иэдьэгэй эттээх икки атах Айгыр Силик Айылҕа хотун амырыыннаах күүстэригэр холоотоххо олус да отоххун ээ! Ол да иһин өркөн өйгүнэн өттөйөн эрдэҕиҥ. Оо, ону сатаан туһанарыҥ эбитэ буоллар даа!
Даҕанча, дьирикинэйдэр хааннара, этиҥнээх ардах иһэр сибикитин этинэн-хаанынан эрдэттэн билэн, модун килиэ сымара таас хаспаҕар кирийэн олорон күүппүтэ. Хаһааҥҥыта ханнык күүс хаспыта биллибэт кыракый хаспаҕар киирэн олорон кини эрэх-турах санаммыта уонна ити амырыын күүс дуолан оонньуутун дьулайа даҕаны, соһуйа даҕаны көрөн олорбута. Даҕанча эмиэ урут кыра эрдэҕинэ, эһэтин түһэҕэр олорорун саҕанааҕытыныы, кып-кыра, олус мөлтөх, туох да көмүскэлэ суох курдук санаммыта. Кинини биир этиҥ сааллыыта, биир чаҕылҕан дапсыыра, биир сомоҕо таас күн сириттэн соҕотохто сүтэрэр кыахтааҕа. Бу түҥ сискэ кини өлөр хаһыытын ким истиэй? Ким билэн кинини суохтуой? Тыал быһа охсубут сэбирдэҕинии, сиргэ түспүт таммахтыы иҥэн-сүтэн бэрт дэбигис суох буолуон сөбүн санаан кини ычата кыратын бэркиһии олорбута.
Ол икки ардыгар ардах, эмискэ саҕаламмытын курдук, эмискэ аста охсубута: сүллэр этиҥ түҥ тыа үрдүнэн улам ыраата лүһүгүрүү турбута, чаҕылҕан сандаарара эмиэ тохтообута. Былыт сотору дьайҕарбыта, тииттэр уһуктаах төбөлөрүн быыһынан күөх халлаан көстүбүтэ. Онон намыһах уулаах былыттар ааспыт этиҥи эккирэтэн түһэ турбуттара. Сотору күн барахсан күлүмүрдээбитинэн тахсан кэлбитэ, уорастыйбыта ааһан, ардах кэннинээҕи торҕо күөҕүнэн көрбүт тыаны сырдаппыта.
Даҕанча саспыт хаспаҕыттан тахсан тыыллаҥнаабыта, эргиччи көрүммүтэ. Сис тыа хас сэбирдэҕэ, мутукчата барыта сабыс-саҥа сууммут, ыраастыйбыт, кирэ-хаҕа барбыт этэ. Ааһар тыалтан илибириир мутуктартан ыраас бөдөҥ таммахтар сиргэ түһэллэрэ. Сир сымнаабыт, ууну испит таба муоҕа үктээтэххэ дыгдаҥнас буолбут этэ. Салгын дьикти үчүгэй сытынан аҥылыйара: онно баара саҥа тыллан эрэр мутукча сыта, Даҕанча быһааран билбэт салгыҥҥа тарҕаммыт эҥин араас сыта-сымара. Арай кини дьирикинэйдэрдии сытымсах таныыта итини барытын олус сөбүлээн этигэр-хааныгар иҥэрэрэ. Сымнаабыт мутуктар атах анныгар тостубакка имиллэллэрэ эрэ, Даҕанча сөрүүн, хойуу таммахтары сүгэн турар мутукчалары, сэбирдэхтэри сэрэнэн тумнан, тыаһа суох аргыый аҕай үктэнитэлээн, үөһэ чурбукаҕа ыттыбыта.
Айан көтөрө тохтоон ааһар бэлиэ сири чуо булар, эмиэ ол кэриэтэ Даҕанча таас чомчоҕойго тахсыбыта. Кини, хайа өргөһүгэр тахсан, барар сирин үөһэттэн таҥнары көрбүтэ. Ол көрдөҕүнэ бииртэн биир дьикти көстүү арыллан нэлэһийбитэ: сааскы тумарык быыһынан ырыых-ыраах сиртэн сир арыллан, дьааҥыттан дьааҥылар дьапталлан, үрэхтэн үрэхтэр үөскээн муҥура-уһуга биллибэттик эҥсиллэн-эҥээттэн, чуораадыйан-тунааран соҕуруу, күн аннын диэки түһэн бара турбуттара. Харах ыларынан Баай Хара тыа барахсан хараҥа күөх кэрискэтэ хайалар сирэйдэрин күөх торҕонон саба бүрүйэн турара. Улуу Дьааҥылар быыстарыгар кыһыҥҥы силлиэлэр типпит, уулбакка сытар хаар хомурахтар кылбаһаллара. Хайалар синньигэс аппаларынан күнтэн күүс ылбыт күйгүөрбүт сүүрээннэр аллара тэбинэн күн уотугар күлүмнүү оонньууллара, аллараа киирэн добун үрэхтэргэ кубулуйан дэбилийэ-долгуйа усталлара. Үрэхтэр хочолоругар хайыы үйэҕэ хаар ууллан, сыһыы-хонуу көҕөрөн эрэрэ. Күөх мууһунан күлтэччи көрөн олорор күөллэр кытыылара уу буолан күн уотугар күлэ-оонньуу дьиримнэһэллэрэ. Ирбит сииктээх буортан күөх от бытыгыраабыт, оттон кырдалларга ньургуһун аппыт этэ. Үрэхтэр өнньүөстэрин кэрийэ симсэ үүммүт талахтар бүөрдэрэ бөскөйө тыллан тунаарыйан көстөллөрө. Сылаас кэм, тот кэм, үгүс аһылыктаах өҥ кэм кэлэн иһэрин биллэрэ, олортон дьикти үчүгэй саас сыта тарҕанара.
Таастан тааска охсуллан барылыыр-бирилиир күрүлгэн, чыычаахтар ырыалара, кыыл-сүөл саҥата-иҥэтэ кыһыҥҥы улук ууттан уһуктан эрэр Айгыр Силик Айылҕа барахсан айдаана барыта тиллии, тыыннаах буолуу кэрэ дьикти ырыата-тойуга, үҥкүүтэ-битиитэ буолан Даҕанча дууһатын толорбута, кутун-сүрүн сүүйбүтэ.
Сааскы кэрэ кэм – үөскэх тыллыыта, олох туругуруута өлүү-сүтүү диэни экчи мэлдьэһэрэ. Күн көрөн чаҕыллан турдаҕына, сэбирдэх тыллан сипсиһэн эрдэҕинэ, тыын быстара, олох сарбыллара ама хайдах сатаныай?! Ол хайдах да санааҕа баппат, олоххо дьүөрэлэспэт, ону кут-сүр ылыммат. Даҕанча үүнэн-тыллан эрэр этэ-хаана айылгылаах кэмҥэ сөп түбэһэн үөрүү-көтүү, өрө көтөҕүллүү кинини тиирэ киэптээбитэ, кини ханна, тугу гына баран иһэрин таһы умнубута.
Даҕанча сүгэһэрин устан, этиҥнээх ардах кэннинээҕи дьикти ыраас салгыны түөһүн муҥунан эҕирийэ тыынан, олоро түһэн сынньанарга санаммыта. Ол эрээри кэннин диэки эргиллээт, сонно тута ойон турбута: тоҥ биис илкээнитин көрө биэрбитэ.
Чочумаас түҥкэтэх өттүгэр таас быыһыгар тыал-куус эрийэн бүк-тах үүммүт муҥур төбөлөөх суон бэһэ турара. Кини күн өттүгэр Даҕанча бэркэ диэн билэр куорсуннаах оноҕоһо хороллон турара. Тоҥ биис хоһууна манна эмиэ тохтоон суостаах бэлиэтин хаалларан барбыт этэ. Куорсуннаах оноҕос, урукку кэм илдьитэ, уолга кини ханна баран иһэрин тута өйдөппүтэ: Даҕанча тоҥ биис чуоһун таба тутуһан иһэрин билбитэ.
Тулатааҕы эйэлээх эйгэ үөдүппүт нус бараан, эйэҕэс санаалара, сырдык иэйиилэрэ киэр үүрүллүбүттэрэ, кэлэр төрүөххэ кэһии гынан хаалларбыт өс-саас эркээйитэ уолу инники угуйбута, Даҕанча ууруох буолбут сүгэһэрин эмиэ ылан, олорон сынньаммакка, хойуу сэппэрээктэр, талахтар сиҥнэри үүммүт кэдээл халдьаайытынан кыыллар тэпсибит ыллыктарын устун аллара киирбитэ.
Түҥкэтэх өрүс устун
Түҥкэтэх өрүс Баай Хара тыаны хайа суруйан, Чачыгыр Таас Дьааҥылары тоҕо солоон, тус соҕуруу, күн аннын диэки түһэн бара турара. Даҕанча тоҥ биис хоһуунун илкээнитэ ыйбытын батыһан өрүс төбөтүнээҕи таас куолларааҥҥа киирбитэ.
Хойуу тыаны бүрүнэ үүммүт бүгүллэх систэр мөгүөннээх арҕастара дириҥ хапчаан эркинин кэннигэр саһаллара, аллараа хапчаан түгэҕэр сүүрүгүрэр уу таастан тааска ыстанар күрүлгэн буолан күүгэннирэ устара. Күүстээх сүүрүк сүргэлэрин көтөҕөн эбитэ дуу, эбэтэр кини тугу эмэни аҕаларын кэтэһэллэрэ дуу, чугастааҕы тыа көтөрдөрө манна мустубут этилэр; күрүлгэн тыаһын баһыйаары, куоластарын муҥунан хааҕырҕаһан кэпсэтэргэ дылылара.
Даҕанча айаннаабытын төрдүс күнүгэр хайатын хапчаана кэҥээн, сыҕаллан бастаан киэҥ, нэлэккэй аппаҕа кубулуйбута, онтон айанньыт намыһах хочоҕо тахсыбыта. Үрэҕэ эмиэ кэҥээбитэ, сүүрүгэ уоскуйбута, обургу өрүскэ кубулуйан күн аннын диэки долгуйа устубута. Уол өссө соҕуруу барбытыгар кини хас да салааламмыта, бэрт үгүс арыыламмыта.
Симилэҕинэн, араас талахтарынан сиҥнэри үүммүт кытылларга кус арааһа дэлэй этэ, ыраас хордоҕойдорго улардар охсоллоро, талахтар быыстарынан саҥа түүлээн эрэр элэмэс куобахтар элэҥнэһэллэрэ.
Саас уу тахсарын кытта көтөр кынаттаах үөрэ ким да кинилэри тыыппат, үргүппэт, дэлэй аһылыктаах хоту сиргэ тардыспытынан барбыттара. Оттон Улуу Маҥан Дуол, уйаара-кэйээрэ суох күөх торҕону тэнитэ тарпыт курдук, күөх дуолга кубулуйуута, үтүмэн үгүс күөллэрэ ууллан күлүмүрдэһиитэ көтөр кынаттаах бииһэ төрүү-ууһуу Айгыр Силик Айылҕа барахсан төрдө-төбөтө көстүбэт, уһуга-уҥуоргута биллибэт өлбөт-сүппэт Улуу Эргиирин толоро ол онно көҥү түспүттэрэ. Көтөр кэлиитэ өрүс эстэн күрүлүүр-барылыыр кэмигэр аҕыйах хонук устата буолара. Түүннэри-күнүстэри өй мэйдээҕи тулуппат кус-хаас саҥата улам намыраан, билигин, Даҕанча устар кэмигэр, букатын чуумпурбут этэ. Ол да буоллар Түҥкэтэх өрүс тардыытыгар, кини элгээннэригэр, ууларыгар хаалбыт кус дэлэйэ, тыаһа-ууһа суох соҕотоҕун иһэр киһини бөрүкү улахан куттал дии санаабаттара, киниттэн букатын да үргүбэттэрэ. Даҕанча өйүөтэ бүппүтэ быданнаабыта, ол иһин кинилэртэн эмистэрин тааһынан быраҕан, маһынан эпчиргэлээн ылан үөлэн сиирэ. Ол гынан баран өрүс кытыытынан айанныыр олус ыарахан этэ: талаҕа олус хойуута, сылбаҕа олус үксэ. Онуоха эбии кини хаста да халаан уутун баһыгар тахсыбыт балыгы бултаһа сылдьар эһэлэри көрөн аһартаабыта. Даҕанча ыран, сылайан иһэн арҕахтан аччыктаан тахсыбыт кыыллары ырааҕынан тумнан ааһыталаабыта.
Өрүс мунньубут сылбахтарын таһыгар биирдэ кураанах маһы хомуйан кутаа оттон, кус үөлэн сии олорон уол олус бытаанын, ити курдук айаннаан сири үөтэлэппэтин туһунан санаабыта. Ол олорон эһэтин сүбэтин өйдөөн ылбыта. Кини таһыгар баар сылбахха өрүс сүүрүгэ уонунан, сүүһүнэн да буолуо, сылларга муспут эгэлгэ үгүс маһа кыстанан сытара. Сааскы кыдьымах үлтү солоон, ньылбы кыһыл этин эрэ хааллартаабыт, булгурута сынньыталаабыт этэ.
Даҕанча аһаан бүтэ охсон, ойон туран аттыгар кыстана сытар сылбахтан сөп буолуо диэбит тиитин талан ылбыта уонна үҥкүрүтэн ууга киллэрбитэ. Дүлүҥ кинини уйбута буолан баран эргичиҥнии сылдьара. Даҕанча, эһэтэ сүбэлээбитин курдук, иккис дүлүҥү киллэрэн бастакытыгар талах сигэнэн эпсэри баайбыта. Дүлүҥнэр кинини уйбуттара уонна мөхсүбэт буолбуттара. Даҕанча уһун ураҕас ылан үөс диэки анньыммыта. Кини бастаан бытаан сүүрүктээх өрүс салаатынан устубута. Барбахтыы түһэн баран уол, эр ылан, улам иһирдьэ сүрүн үөскэ киирэн барбыта.
Сүрүн үөскэ сүүрүк күүстээх этэ, уол олорон иһэр дүлүҥнэрин хабан ылан түргэн-түргэнник элэгэлдьиппитэ. Кытыыга, сылбах кыстаммыт арыыларыгар, чычаас кумах чаардарга сыбаан кэбиһээри гыннаҕына, Даҕанча уһун ураҕас маһынан анньынара. Ол эрээри ураҕас тиийбэт сиригэр кэллэҕинэ, дүлүҥнэри сүүрүк хайа талбытынан тутара, араастаан түҥ-таҥ эргичиҥнэтэрэ. Эрэй киһини үөрэтэр, уол сылбахтан сааскы көмүөл мууһа тырыыҥкалаабыт маһыттан хайа тардан ылан эрдии оҥостубута. Билигин онон салайан, дириҥ да сиргэ талбытынан устар буолбута.
Даҕанча өрүс устун устарга үөрэнэн, кини майгытынсигилитин билсэн истэҕин аайы симилэҕи, аабылааны кэтэн сатыы айанныырдааҕар ордугун өйдөөбүтэ. Биллэн турар, түргэн сүүрүккэ түөрэккэй дүлүҥ үрдүгэр айанныыр кутталлааҕа. Даҕанча, эдэр хорсун киһи, кутталлаах да буоллар түргэнин ордорбута.
Күүстээх сүүрүк бурууларга эриллэ-бурулла, мастар саҕаларыгар охсулла, күүгэннирэ устара. Даҕанча бастаан утаа ону бэркэ чаҕыйа-дьулайа көрбүтэ, онтон улам үөрэнэн, ахсым өрүс бары кубулҕаттарын-дьибилгэттэрин эрдэттэн таайан иһэр этэ. Кини аччыктаатаҕына, сылайдаҕына, тохтоон аһаан, сынньанан ааһыан баҕардаҕына арыылары тумнан ааһар салаалартан биирдэстэрин эмэ тутуһара. Онно, сааскы чуумпу уу баһыгар, балык дэлэйдик тахсара. Балыктар эмиэ, ыар муус сүгэһэр хаайыыларыттан босхолонон, өрүс сылбархай саҥа уутун устун хонууга тахсыбыт халаан төбөлөрүн былдьаспыттара. Онно бууттаах бил балык кыра балыгы эккирэтэн чычаас уу ньуурун түүрэн бүгүллэҥнэтэн ылара, сытыы, сымса сиэмэх быйыттар, ойуу дьэрэкээн алыһардар элэҥнэһэллэрэ, сордоҥнор сундулуһаллара. Ол аайы сыыс балык, бытархай тааһы таммалаппыттыы, сүүһүнэн хайысханан куотан ирбинньиктэһэ дьирибинэһэллэрэ.
Даҕанча улахан балыгы бултаспат этэ. Бууттаах били дуу, сордоҥу дуу сыгынньах илиигинэн тутуоҥ суоҕа. Даҕанча ол иһин һэлии муоһуттан кыһыны быһа эһэтэ чочуйан оҥорбут күөгүтүнэн кыра балыгы хаптаран ылан тута үөлэн сиир этэ. «Ама, күөххэ киһи аччыктыы сылдьыа дуо?!» диэн ийэтин дьоно дьирикинэйдэр этэллэригэр дылы, булчут киһиэхэ ас бастыҥа Күөх Далайга, Баай Хара тыаҕа тардыллан турара. Даҕанча, айаҕар кыһаллыбакка, айаннаан испитэ.
Күндэлэс күн, сырдык түүннэр, тула уһуктубут, уйгуурбут тыа-хонуу суугуна, көтөр-сүүрэр саҥата, өрүс дохсун сүүрүгэ уйулҕатын көтүтэн, Даҕанча били куттал туһунан эһэтин сэрэтиитин таһы умнан кэбиспитэ. Алдьархайга эмискэ ыы муннунан кэтиллэн эрэ баран, дьэ, өйдөөбүтэ.
Уол дүлүҥүнэн устубута төрдүс хонугар барбыта. Намыһах хаптаҕай кытыылардаах сөкү бадылҕах сирдэр ааспыттара быданнаабыта, сороҕор арҕаа, сороҕор илин өттүттэн үрдүк мырааннар өрүскэ ыган кэлитэлиир буолбуттара. Кинилэр анныларынан өрүс дириҥ, туруору кыһамнары тоҕо суурайан ааһыталаабыта субу аҕай быстан киһи үрдүгэр түһүөх айылаах таҥнары өҥөйөн барыһан турар буолаллара. Оннук сирдэргэ айана олус түргэтиирэ, туруору эркин тааска үлтү түһүөхтүк дьэргэйэ устара.
Биирдэ күнүс оннук өрүс хайа сүүрбүт кэлтэгэй хайатын мүччү көтөөт, Даҕанча сылбах кыстаммыт харыйалаах үрдүк арыыны көрө түспүтэ. Өрүһэ кини икки өттүнэн икки салаа буолан түһэрэ. Уол күнүс аһыы илигэ, инньэ гынан, кытыыга тахсан кумахха таалалаан сытыан уонна уот оттунан аһыан баҕарбыта, сыгынаҕын бытаан сүүрүктээх уҥа салаа диэки салайбыта.
Уҥа салаа киэҥ уонна чычаас этэ, онон-манан харгылар эрилкэй долгуннарынан кэрэлэнэ сыталлара. Даҕанча кумах кытыыга чугаһыах буолан иһэн уһун уктаах атараны туппут дьэрэкээннээх таҥастаах киһини көрө биэрбитэ. Соһуччута бэрдиттэн уол, анньынан иһэр ураҕаһын ыһыктан, олоро түспүтэ. Дьэрэкээннээх таҥастаах киһи эмиэ соһуйбута, тугу эрэ улаханнык хаһыытаан сатарыппыта. Даҕанча, киһи хаһыытыттан ходьох гынаат, ойон турбута уонна ураҕаһынан харса суох үөс диэки анньынан барбыта. Кытыытааҕы киһи кини хаһыытыгар хардарбакка, туох да саҥата суох, куотан эрэр киһини эккирэтэрдии туттубута. Оччотооҕу кэмҥэ куруутун да оннук буолара: куотан эрэри эккирэт, эккирэтэртэн куот. Куотан эрэр киһи хайаатар да туох эрэ куһаҕаны оҥорбутун дуу, оҥороору сылдьарын дуу курдук.
Уһун атаралаах киһи өссө улаханнык хаһыытаабыта, сонно тута тыаттан биэс-алта киһи сулбу ыстанан тахсан кытыынан төттөрү-таары сүүрэкэлэспиттэрэ. Даҕанча сыгынаҕын хаҥас арыы диэки салайан харса суох анньынан испитэ. Күүстээх сүүрүк чугаһаабыта буолан баран, иннигэр кэтит баҕайы харгы кэрэлэнэ сытара. Онно сүүрүк үллэ-үллэ түһэрэ, кумаҕы ытыйан будулутара. Даҕанча кытыыга сырсыакалаһар дьон уу сэптээхтэрэ буолуо диэн куттаммыта, оччоҕо дүлүҥэ кумахха олордор эрэ ситэн ылаллара чуолкай этэ. Ол эрээри кытыы дьон кинини уунан эккирэппэтэхтэрэ, сыгынаҕа чаарга олорботоҕо, харгыны мүччү түһэн, үөс сүүрүккэ оҕустаран түргэн-түргэнник элэгэлдьийбитэ. Кытыытааҕы дьон кыһыыларыгар ыраатан эрэр уолу оҕунан ытыалаабыттара – биэс-алта ох кэлэн Даҕанчаны сыыһа-халты түспүттэрэ. Ох саа далыттан тахсаат, Даҕанча сыгынахха хатаммыт түүлээх оноҕоһу ылан кытыы дьоҥҥо көрдөрөөрү үөһэ ууммута, ортотунан тосту туппута уонна ууга киэр илгибитэ. Ол кэнниттэн бэйэтин үҥүүтүн ылан, үөһэ ууна-ууна, күөмэйин муҥунан үөгүлээбитэ:
– Муҥур илиилэр! Тумат хоһуунун эһиги кыайан тутуоххут дуо? Алакыы! Алакыы! Алакыы!
Тумат уолун өрөгөйдөөх хаһыыта ой дуораана буолан кытылтан кытылга охсуллан бара турбута.
Даҕанча дьирикинэйдэри көрсүөҕүттэн бэттэх бэркэ сэрэнэн, тула өттүн кыраҕытык кэтэнэ испитэ, эһэтин сэрэтиитин, дьэ, өйдөөн, сыгынаҕар абырҕалынан, отунан-маһынан хахха оҥостон саһан айаннаабыта. Күнүһүн кини ол хаххаттан тахсыбат этэ, онно сытан бэркэ болҕойон икки кытыыны кэтэһэрэ.
Өрүс уҥа өттүнэн сотору-сотору үрдүк мырааннар ыга үтэн кэлэллэрэ. Кинилэр утарыта киэҥ нэлэмэн хонуулар көстүтэлиир буолбуттара, онно, хаҥас кытылга, Даҕанча хаста да ыраах буруону көрүтэлээн аһартаабыта. Киэһээҥҥи чуумпуну аймаан, ол диэкиттэн туох эрэ кини билбэт сүдү улахан кыылын хаһыыта иһиллитэлээбитэ. Ол хаһыы дуораана мыраантан мырааҥҥа охсуллан ынырыга сүрэ бэрдэ, Даҕанча куйахата түрүтэ тардан ылбыта. Кини тайах-таба, эһэ-бөрө хаһыыларын эндэппэккэ билэрэ. Оттон бу хайаларын да хаһыытыгар маарыннаабат, өссө улахан, суостаах этэ. Баай Хара тыаҕа эҥин дьикти кыыллар баар буоллахтара дии санаабыта уол.
Халааннаан турар сааскы өрүс мэндээрэн киэҥ этэ, сорох сирдэринэн наһаа кэҥээн, уҥуоргу тииттэр ырыыхыраах кыччаан-аччаан көстөллөрө. Уол ааһан иһэр кытыл тыатын бэркэ сиһилии одуулаһара. Ол курдук айаннаан иһэн биирдэ, күн ортотун саҕана, өрүс эргийиитигэр инники ыраах туох эрэ хараарыҥныырын көрбүтэ. Бастаан тайах өрүһү туораан истэҕэ дуу диэх курдук санаан иһэн, дьирикинэйдэр сэрэх хааннара имнэнэн, хайдах эрэ этэ тардан, сыгынаҕын тоҕой кэннигэр таһаарбыта. Тоҕой хойуу үөттэринэн күлүктэнэн көрдөҕүнэ, хамныыр харата тайахтан букатын атын буолан биэрбитэ; уһуктаах тумустаах улахан мас тыы сүүрүктэн иҥнибэккэ, түргэн үлүгэрдик өрүһү туораан эрэрэ. Кэтит мас тыыга муостаах бэргэһэлээх икки киһи олорон иһэллэрэ. Бастакыта, торум курдук бытыктаах киһи, алаҥааны туппут этэ. Кинини утары олорор эдэр киһи кэтит салбахтардаах эрдиинэн эрдинэн элэҥнэтэрэ, ол аайы тыы олус түргэнник дьулуруйара. Эрдэ сэрэнэн тохтообутуттан уол олус үөрбүтэ: кини бытаан, нэс сыгынаҕын тыы адьас тэһиппэккэ ситэ баттыах эбит этэ. Оччоҕо Даҕанча сыгынаҕын кытыыга тарпыта уонна бэйэтэ тахсан талах быыһыгар саспыта. Кини кимнэрэ-туохтара биллибэт, хайдах быһыылаахтарын-майгылаахтарын удумаҕалаан да көрбөт дьонугар көстүөн чаҕыйбыта. Уол бу дьон үгүс буолалларын, өлөр кутталлаахтарын этинэн-хаанынан сэрэйбитэ, күнү быһа хойуу талах быыһыгар саһан сыппыта.
Киэһэрэн барыыта били кини уйулҕатын көтүппүт, алардар тииттэрин бастарынан дуораһыйбыт, ханнык да кыыл саҥатыгар маарыннаабат дуолан хаһыы эмиэ сатараабыта, уол кирийиэҕинэн кирийбитэ. Күн киириитэ сөрүүн буолбута, сиик түспүтэ. Чуумпурбут, уоскуйбут хотоол устун аһыы сыттаах буруо тарҕаммыта, бэрт хойуутук үрэх үрдүн үллүйбүтэ, саһан сытар уол муннун кычыгылаппыта.
Даҕанча, сытар сириттэн чуҥнаан, ханна туох баарын балачча удумаҕалаппыта. Уҥа диэки алаҥа сиһин курдук токуруйа иилии сытар күөл өрүһү кытта силбэһэр төрдүгэр холомолорго маарынныыр үгүс дьиэ көстөрө. Били тыылаах дьон онтон сылдьар быһыылаахтара. Чаачар курдук күөл олус киэҥ көнө хонууну иилии түһэн сытара, онно күөл үрдүгэр дьиэлээх омуктар иитэр бэрт үгүс кыыллара мэччийэ сылдьаллар этэ. Даҕанча үрүҥ, хара ойуулаах, эриэн дьүһүннээх икки муостаах кыыллары аан бастаан көрбүтэ. Кини тайахтартан намыһах, ол эрээри табалардааҕар улахан этилэр. Таба, тайах курдук, тыаҕа тахсыбакка, наар сыһыыга сылдьан хонууга үүнэр оту кирэллэрэ. Тас көрүҥнэриттэн көрдөххө, сымнаҕас, нэс быһыылаахтара, таба-тайах курдук, тэһии буолбатах этилэр, эһэ курдук, киҥнэрэ да суоҕа. Даҕанча били эһэтэ киниэхэ кэпсиир, саталлаах саха урааҥхайдар сүөһүлэрэ – ынах диэн буоллаҕа, оччоҕо тумулга олохсуйан олорооччулар кинилэр буоллахтара диэн таайбыта. Кини олус сонурҕаан өссө сыныйан көрөөрү, ынахтарга сыыллан ыкса киирбитэ. Чугаһаан баран арааран көрбүтэ манна улахан ынахтар, кыракый оҕолоро да бииргэ сылдьаллара. Тэйиччи олус күүстээх көрүҥнээх кыыл күлтэйэн турара. Ол күтүр баһын ньолбоччу туттан баран иһин түгэҕиттэн мэҥийэн алардарга, мырааннарга ыраах дуораһыйан охсуллуор диэри айаатаан лаҥкынаппыта. Даҕанча соһуйан, икки кулгааҕын саба туттан, хараҕын быһа симэн сиргэ умса түспүтэ. Кэмниэ-кэнэҕэс хараҕын аспыта кыыла кини диэки, туох буола сылдьар киһиний диэбиттии, кынчарыйбыттыы көрөн баран тэйэ хаампыта. Даҕанча онтон уоскуйуох курдук буолан, бу дьикти кыыллары эмиэ көрө-истэ сыппыта. Даҕанча манна, дьэ, билбитэ били кини уйулҕатын көтүппүт хаһыы бу саха урааҥхайдар иитэр кыылларын хаһыыта буоларын.
Сонурҕаабыт уол ол курдук сыттаҕына, сип-синньигэс атахтардаах, чаҕылыччы көрбүт эп-эриэн ынах оҕото тиийэн кэлбитэ, кинини ыкса чугастан көрөөрү Даҕанча онно сыыллыбыта. Кини бары туттунуута барыта ынахтаах саха урааҥхайдар киэннэриттэн букатын атынын, сүөһүнү сиргэтиэхтээҕин хантан билээхтиэй? Ынах, киһи курдук хаампат, сиринэн сыыллар харамайы көрөөт, сиргэнэн өлөрүнэн орулаабыта уонна оҕотун быыһыы ыстаммыта. Ынах орулуурун кытта сүөһүлэр бары чөрбөс гына түспүттэрэ, ордук сэргэхтэрэ, сымсалара – борооскулар, тиҥэһэлэр саба сырсан кэлбиттэрэ, сиргэ хаптайан сытар Даҕанчаны төгүрүйбүттэрэ. Даҕанча ыксаабыта, кэннинэн сыылаҥхайдаабыта. Ол икки ардыгар ыарахан-ыараханнык сүүрэн, ынахтар ыадалыһан кэлбиттэрэ, сиргэ сытар киһини муостарынан үөлээри дугдуҥнаспыттара. Били эйэ нэмнээх чуумпу кытылы эмискэ сүөһүлэр орулаһыылара, сиргэнэн сырсан тигинэһиилэрэ толорбута.
Уһуктаах төбөлөөх дьиэлэр диэкиттэн ыттар үрбүттэрэ, дьоннор саҥалара аймаласпыттара. Даҕанча айдааны тарпытын, алдьархай буолбутун билбитэ: ойон туран, дьоҥҥо көстүмээри, бөкчөйөн баран ынахтар быыстарынан тыаҕа түспүтэ. Кини кэнниттэн сүөһүлэр, үүрдүбүт, кыайдыбыт оҥостон, эккирэтэн тиҥинэспиттэрэ. Даҕанча кинилэртэн куотан талахтары-үөттэри ортотунан харса суох иннин диэки ыстаммыта. Сотору сүөһүлэр кэнники хаалбыттара, ол эрээри кинилэри аны ыттар солбуйбуттара. Ыттартан куотар уустугун Даҕанча сэрэйэрэ. Ол гынан баран кини быыһаммыта: чалыгыр уулаах таас үрэҕи кэһэн туораан, үөһэ тыаҕа тахсыбыта. Саҥаларыттан иһиттэххэ, ыттар, үрэххэ кэлээт, тохтоон хаалбыттара, дьон даҕаны хаһыытаспахтаан баран ах барбыттара. Кинилэр, бадаҕа, ханнык эрэ тыа кыыла сүөһүнү тарда киирэн баран куотта дии санаабыттара.
Даҕанча соһуччу түбэспит быһылааныттан быыһанан баран уоскуйан биэрбэтэҕэ, тыа үөһүгэр киирэн суон тиит төрдүгэр олорон, туохха сыыспытын аттара санаабыта: биллибэт-көстүбэт барыта атын киһиэхэ куруутун кутталлаах буоларын, соһуччу алдьархайы аҕаларын кини аан маҥнай билбитэ, эһэтин сүбэтин өйдөөбүтэ.
Түүн үөһэ ааспытын, ыттар үрэллэрэ тохтоон, тула барыта чуумпурбутун кэннэ, Даҕанча, саспыт ойууруттан аргыый аҕай тахсан, сыгынаҕар тиийбитэ, ууга анньан киллэрбитэ уонна үөскэ, түргэн сүүрүккэ салайбыта. Өрүс сүүрүгэ сыгынаҕы уҥуоргу кытыыга охсубута, уол хаҥас кытыл хара сыырын хараҥа дьураатынан күлүктэнэн иһэн арбаҕын быыһыттан уоран көрдөҕүнэ, халаан уута ылбат үрдүк тоҕойго уһуктаах төбөлөөх холомолор тастарыгар хойуу буруо буруолуура, сииктээх салгыҥҥа үөһэ тахсыбакка, хонууну үллүйэ тарҕанара. Буруолар тастарыгар ынахтара лөһүгүрэһэн сыталлара.
Даҕанча сэрэҕэ өссө күүһүрбүтэ, булчут дьирикинэйдэртэн утумнаабыт сытыы хараҕа кинини үгүстүк быыһаабыта. Хаста да тыылаах балыксыттары эрдэ көрөн саһан абыраммыта. Түҥкэтэх өрүс орто сүүрүгүнэн баар үүнүүлээх хочолорго сахалар хойуутук олохсуйбут быһыылаахтара: бэрт ыраахтан кинилэр атыыр оҕустарын айаатааһына, ынахтарын маҥырааһына, ыттарын үрүүлэрэ киэһээҥҥи, сарсыардааҥҥы чуумпуга ууга ой дуораана буолан дуораһыйан ааһыталыыра. Ол да буоллар айаннаан иһэр уол кинилэр харахтарыгар көстүбэккэ ити сирдэри ааһыталаабыта. Түҥкэтэх өрүс аллараа өттүгэр, эһэтэ ыйбытын курдук, икки өттүнэн үрдүк мырааннар ыган кэлэннэр, улам хонууга, өрүһэ кыараҕастыйан сүүрүгэ түргэтээбитэ, киһи кута-сүрэ тохтообот сирэ буолбута. Дьон манна олохсуйбатах этэ.
Даҕанча онтон, дьэ, холкутук өрө тыыммыта – куруутун саһары, кистэнэри кини эдэр дохсун быһыыта тулуйбата, сөбүлээбэтэ. Ууттан быган күүстээх сүүрүккэ оҕустаран илигириир тииттэр төбөлөрүгэр кэтиллимээри, уол болҕомтотун наар онно уурбута. Ол да гыннар иккитэ хаста маска тартаран, сыгынаҕа түөрэ эргийэн, тымныы ууга чомполонон ньылбы сытыйан тахсыталаабыта, кытыыга кутаа оттон куурдуммута. Ол курдук буолуохтааҕын эрдэ таайан, Даҕанча сүгэһэрин сигэнэн сыгынаҕар кытаанахтык баайан уонна бэйэтэ сыгынаҕар хатаастан улаханнык эмсэҕэлээбэтэҕэ.
Күүтүүлээх туох барыта эмискэ, соһуччу кэлээччи. Арай биирдэ киэһэлик Даҕанча букатын да күүппэккэ истэҕинэ, биир тоҕойу эргийэ түһэрин кытта, иннигэр өрүс кэтит иэнэ арыллан нэлэс гыммыта – ыраах, уҥуоргу кытыы тииттэрэ кырылаһан көстүбүттэрэ. Уол Түҥкэтэх өрүс улахан өрүскэ түһэр сиригэр тиийэн кэлбитин тута билбитэ. Кини иннигэр Киэҥ Кэллээмэ нэлэһийэ сытара. Даҕанча кумах кытылга сыгынаҕын астарбыта уонна кытыыга ойон тахсыбыта.
Бэрдьигэстээх Дэбэндэ
Даҕанча өрүс кытыытынан аһаҕас кумаҕынан барыаҕын дьулайбыта, сыыры өрө дабайан бэрдьигэс хойуутук үүммүт тыатыгар тахсыбыта. Били эһэтэ Бакамда эппитин курдук, Түҥкэтэх өрүс Киэҥ Кэллээмэ эбэ хотуҥҥа түһэр төрдүгэр баар Бэрдьигэстээх Дэбэндэ буоллаҕа дии санаабыта уонна онно олорор тумат биистэрин көрдүү, өрүһү кэрийэ баран испитэ. Эһэтэ эппитэ кырдьык буоллаҕына, тумат биистэрэ куһу, балыгы бултаары, табаларын үөнтэн күрэтэн, өрүс чэлгиэнигэр сайын аайы тохтуур, тоҕуоруйар сирдэрэ мантан чугас буолуохтаах этэ.
Бэрдьигэстэр быыстарыттан улардар көтөн тилигирэһэллэрэ, бочугурастар быычыгыраһаллара, сэргэх туртастар мастар быыстарынан элэҥнэһэллэрэ. Айаннаан иһэр уол кинилэргэ кыһаммакка, соруктаах аҕайдык иннин хоту өрүс хааһынан хааман испитэ. Эмискэ тыал уларыйан салгын өрүстэн охсубута. Даҕанча билигэс муннугар буруо сыта субу баардык саба биэрбитэ. Соһуччута уонна чугаһа бэрдиттэн уол бэрдьигэстэр быыстарыгар хаптас гыммыта уонна тыаһа суох иһийэн сыппыта. Ол оннук тутуһан турар чугастык уот сиэбит балыгын уҥуоҕун бэлиэ хабархай сыта ыы муннугар аспыта. Сэппэрээк быыһыгар бүкпүт уол кирийиэҕинэн кирийэн сыппахтыы түспүтэ, ол эрээри чугаһынан киһи баар сибикитэ биллибэт этэ, арай ханна эрэ тэйиччи үгүс дьон күүгээнэ тохтообокко сири түгэҕинэн аймалаһа дуораһыйан иһиллэрэ. Даҕанча билиэн-көрүөн баҕата кинини өр сытыарбатаҕа: бэрдьигэс быыһынан аргыый үөмэн иннин хоту сыылбыта. Балачча барбахтаабытын кэннэ эмискэ хаххаланан иһэр сэппэрээгэ арылла биэрбитэ – сыыра быһа ыстаммыта, икки тиит устата үрдүктээх таас эркин буолан туруору аллара түспүтэ. Даҕанча иннигэр дьикти көстүү нэлэс гыммыта: туруору таас сыҥаһа анныгар киэҥ көнө кытыл өрүһү кырыйа тардыллыбыта, онно таас эркинтэн тэйиччи, ох саа оноҕоһо кыайан ылбат сиригэр бэрт үгүс буор холомолор бачыгыраһан олороллоро. Холомолор ортолоругар хонууга, өрүс үрдүгэр, киирэн эрэр күн сардаҥатыттан өссө ордук кытарымтыйан көстөр кыһыл таҥастаах дьон үөмэлэһэ сылдьаллара. Даҕанча, көрбөтөҕүн көрөн кирийиэҕинэн кирийэн, хаптайыаҕынан хаптайан, сири кытта сир буолан баран, ол дьикти көстүүнү кэтээн көрө сыппыта.
Даҕанча иннигэр аллараа кытылга бөлүөхсэн үөмэлэһэ сылдьар уот кыһыл таҥастаах дьон кини көрдүүр, ыйдаран кэлбит, үллэр туман курдук үгүс тумат омуктар буолалларын билбитэ, ол эрээри киириэн чаҕыйбыта. Кини бачча үгүс дьону сааһын тухары харахтыы илигэ уонна бу дьон кинини хайдах көрсөллөрүн билбэт этэ. Даҕанчаҕа дьирикинэйдэр сэрэх хааннара эмиэ уһуктубута: кини көҥүлүн сүтэрэн, үрүҥ тыынын атын киһи илиитигэр туттаран кэбиһиэн тардыммыта. Оттон алларааҥҥы бөлөх дьоҥҥо киирдэҕинэ оннук буолуохтааҕын этинэн-хаанынан сэрэйбитэ. Уол, көрдөөн булбут туматтарыгар киирбэккэ, сыыр үрдүттэн кинилэри чуҥнаан көрөргө санаммыта.
Эмпэ үрдүгэр тиийэ ыкса үүммүт хойуу сэппэрээк быыһыгар кинини ким да таба көрүөн сөбө суоҕа, оттон үөһэттэн кытыл аллараа кэрдииһигэр бачыгыраһан олорор буор холомолор уонна кинилэр тастара эдэр булчут сытыы хараҕар бу баардык ырылыччы көстөллөрө. Кытархай өҥнөөх таастар дьапталҕаларын сытыы быһаҕынан быһа баттаабыттыы, туруору эркин өрүһү бата киһи хараҕа ылбатынан илин-арҕаа субулла турбута. Киэһээҥҥи салгынтан эрэһэлэнэ долгуннурар өрүс икки туруору таас эркин икки ардыларынан кытылы батыһа кэккэлии лагларыспыт кэтит олохтоох буор холомолортон саамай улаханнарын таһыгар кыһыл сонноох дьон сэлэлии туран баран үҥкүүлээн барбыттара. Уҥа илиилэригэр кылгас уктаах үҥүүлэри өрө туппут этилэр. Ырыаларын хоһооно иһиллибэтэр да, Даҕанча көрдөҕүнэ, кини дорҕоонугар сөп түбэһиннэрэн бары биирдик тэҥҥэ үҥүүлэринэн далбаатанан, өрүтэ уунаҕалаан ылаллара. Тыал охсон сороҕор эмискэ улаатан кэлэр, сороҕор намыраан, иһиллибэт буолар ол ырыа ис хоһоонун биир эмэ тылын арааран истээри, туох туһунан ылланарын билээри уол иһиллэһэн муҥнана сатаабыта. Кини, аллараа ыраах баар дьоҥҥо аралдьыйан, тулатын умнубута.
Эмискэ кэннигэр мутук тостубут тыаһыттан этэ тардан дьик гына түһээт, Даҕанча бэдэр курдук сымсатык тура ойбута. Ол эрээри хойутаабыт этэ: кини иннигэр алаҥаатын субу ытарга бэлэмнии тутан, кылгас кыһыл сонноох хоһуун киһи уһуктаах төбөлөөх бэргэһэ анныттан сытыы харахтарынан уол хас хамсаныытын барытын бэрт кыраҕытык кэтэһэн турара.
– Хамсаама ончу! – диэбитэ кини суостаахтык. – Үҥүүгүн бырах!
Даҕанча төбөтүгэр маҥнай бу кини иннигэр турар, кинини аан бастаан көрөр уонна киниэхэ тосту-туора сорудахтары биэрэр дьоҕус уҥуохтаах хоһуун тылын истибэт, киниэхэ бэриммэт дохсун санаалар күлүмнэспиттэрэ: туора ойоот, хойуу бэрдьигэстэр быыстарыгар элэс гыныахха сөп этэ. Ол эрээри иннигэр турар хоһуун дьэрэкээннээх кыһыл таҥаһыттан көрдөххө, алларааҥҥы туматтар хомолоруттан буолара саарбаҕа суоҕа; оттон Даҕанча туматтарга кэлбитэ эбээт, хаһан эрэ син биир кинилэргэ киириэхтээҕэ. Ол иһин көҥүлүн күөмчүлэтэн эрэр тумат ордуос, дохсун санаатын утарылаһар табыгаһа суох диэн дьирикинэйдэр сэрэх, мындыр санаалара баһыйбыта.
Иэмэх курдук имигэстик иэҕиллэ өҕүллүбүт алаҥаа сиһин, хара быарын ортотунан кыҥаан турар көнө оноҕос сып-сытыы уһуктаах төбөтүн, алаҥаа кирсин субу аҕай төлө ыһыктыахха айылаах сыҕарыйан эрэр синньигэс тарбахтары уол элэс көрөн аһарбыта уонна тутан туран үҥүүтүн сэппэрээк быыһыгар бырахпыта.
– Бар! – хоһуун холомолор диэки ыйбыта.
Даҕанча, төбөтүн санньыччы туттан, таас эркини кэрийэ бастаан барбыта. Алаҥалаах хоһуун кини һэлии муоһа уһуктаах, талах сигэлээх олус модороон үҥүүтүн ылан муодарҕаабыттыы эргим-ургум туппутун хараҕын кырыытынан көрөн аһарбыта.
Кинилэр батыһыспытынан, Даҕанча арыый инники, кыһыл дьэрэкээн таҥастаах хоһуун киниттэн арыый хаалан, кэнники, быста турар таас эмпэни кэрийэ барар ыллык устун сэппэрээк быыһынан хаҥас диэки балачча өр айаннаабыттара. Кыараҕас ыллыгы саба, үмүрүччү үүммүт хойуу сэппэрээк быыһыгар элэс гынан, Даҕанча кэнниттэн батыһан иһэр хоһуунтан хаста да мүччү туттарыан санаталаабыта. Кини ол ахсым санаатын хас сырыы аайы ханнык эрэ биллибэт күүс тохтотон испитэ. Ол күүс уолу туппут хоһуун холку быһыыта эбитэ дуу? Кини эйэ дэмнээх тас көрүҥэ дуу? Сиэдэрэй кыһыл дьэрэкээн ойуулаах сонноох, киис кыыл тириитэ бүүрүктээх үрдүк бэргэһэлээх дьоҕус уҥуохтаах хоһуун сытыы оноҕоһунан уол көхсүн хараҕын кыҥаабакка, эйэ дэмнээхтик хаҥас илиитигэр уол үҥүүтүн тутан, уҥа илиитигэр бэйэтин алаҥаатын илдьэ арыый хаала соҕус иһэрэ.
Ол икки ардыгар кинилэр аллараа кытылга киирэр таас куоллараан ыллыкка кэлбиттэрэ уонна онон аллараа киирэн барбыттара. «Аны билигин уһаты-туора хамсыыр кыах суох», – дии санаабыта Даҕанча уонна көҥүлүн сүтэрэн күһэллиигэ киирэн эрэр киһи быһыытынан, бачча тухары көҥүллүк көрүлээн, талбытынан тарайан үөскээбит Баай Хара тыатын диэки көрөн ылбыта.
Биир сатыы киһи эрэ арычча батан сылдьар кыараҕас туруору ыллык устун аллараа түһэн, холомолор турар кытаанах кырдалларыгар үктэммиттэрэ. Кырдал кумахха хаптаччы тимирбит лоһуор чай таас ардайдааҕа, олор быыстарынан бэрт убаҕас, иинэҕэс от быгыталаабыт этэ.
Үөһэттэн түһэн кырдалга үктэнэллэрин кытта, кыһыл таҥастаах үҥкүүһүттэр кинилэри көрө охсубуттара, сырсан кэлэн төгүрүйэ көппүттэрэ. Даҕанчаны тула кэтитсинньигэс, маҥан-хара, бытыктаах-бытыга суох дьиктиргээбит араас сирэйдэр өҥөҥнөспүттэрэ, онтон-мантан соһуйбут-өмүрбүт саҥалар иһиллибиттэрэ.
– Акаана!
– Акаана бултуйбут дии!
– Кими эрэ аҕалбыт?
– Бу кинини хантан бултаатыҥ?
Киһини булт гынарга үөрүйэх – киһи кыыллаах дьон соһуйуулара, үөрүүлэрэ, ордук санааһыннара ол хаһыыларга иһиллибитэ. Сорохтор кэлэн Даҕанчаны тула көтөн бу киһи, киһи турар диэн кыратык да тардыммакка, эргичиҥнэтэ сылдьан туппутунан-хаппытынан, көрбүтүнэн-истибитинэн барбыттара.
– Кимий бу? Тоҥ биис дуо?
– Тоҥ биис буолбатах, дьирикинэй дии.
– Дьирикинэй буолбатах, майаат буолуо.
– Суох, суох, сэбиттэн-сэбиргэлиттэн көрдөххө, сартыал быһыылаах.
– Бэйэ, тохтооҥ, Акаана саҥардын!
Даҕанчаны илдьэ кэлбит дьоҕус хоһуун дьонугар кинини хайдах туппутун кэпсээбитэ:
– Кинини тыаттан, бэрдьигэстэр быыстарыттан туттум, эһигини уоран кэтээн көрө сытар эбит.
Даҕанча манна эрэ кэлэн кинини аҕалбыт хоһуун саҥата-иҥэтэ, туттара-хаптара эр киһиттэн атынын, дьахтар буоларын билбитэ. Таҥаһа-саба сиэдэрэй, Акаана диэн аата ону чуолкайдык туоһулууллара. Тула төгүрүйэн турааччы кыһыл таҥастаах дьон уолга онтон соһуйар түгэн биэрбэтэхтэрэ – сирэйдэрэ-харахтара туран, өһөхтөөхтүк көрөн-истэн, улам үмүөрүһэн кини диэки дьулааннык сыҕарыҥнаһан барбыттара.
– Ол аата тоҥ биис буоллаҕа. Кинилэр биһигини кэтэтэ ыыппыт киһилэрэ!
– Хаанын көрүөххэ!
– Хаанын таһаарыахха!
– Хаанын! Хаанын!
Даҕанча бары өттүттэн хаан тахсарын күүтэн илбиһирбит сирэйдэри-харахтары, тугу эрэ хаһыытаан оҥоҥноһор айахтары эрэ көрөрө. Ол барыта киниэхэ, урут бачча үгүс киһини көрбөтөх, бачча үгүс саҥаны истибэтэх, онтон дөйбүт, соһуйбут киһиэхэ, ханнык эрэ ынырык түүл курдук этэ. Кини, ыттар хаайбыт бөрөлөрүнүү, ким саҥарар да ол диэки тула эргичиҥнии турбута. Даҕанча оннооҕор бу кини тула үөмэлэһэр дьон хас биирдии тылларын өйдүүрүн, кини курдук эмиэ туматтар буолалларын, бэл диэтэр кинини тутан аҕалааччы ханнык да хоһуун буолбатаҕын, Акаана диэн кыыс булт кэрийэ сылдьан киниэхэ түбэһэ түспүтүн эҥин үһү-бадах курдук өйдөөбүтэ буолан баран, онтон соһуйар да кыаҕа суох төйө таалан турбута.
– Тоҥ бииһи били биир суолбутугар туттуоҕуҥ! – диэбитэ сирэйигэр баас оруннаах сааһырбыт киһи.
– Кэнгэдэ хоһуун сөпкө этэр. Хата, кырдьык, инньэ гыныаҕыҥ.
– Кыргыс сэбин хаанныахпыт!
– Хаан таһаарыахпыт! Хааны! Хааны!
Сирэйигэр чэрдээх киһи соруйбута:
– Бэнчимэ! Күнэгэ! Икки өттүттэн ылыҥ!
Кытарар уот кыһыл таҥастаах кылгас үҥүүлээх икки эр бэрдэ ыстанан кэлэн айдаантан алаадыйан турар Даҕанчаны икки оҥкумалыгар түспүттэрэ. Даҕанча ханна илдьэллэрин букатын да сэрэйбэккэ, кэчэспэккэ даҕаны, соһоллорун хоту дэллэрийэн испитэ. Кинини чугас баар суон баҕаналарга үс сиэл быа туора тардыллыбыт холомоҕо илдьэн аан утары туруоран кэбиспиттэрэ. Уол уонна холомо икки ардыгар куоллараан тахсар гына, икки аҥыы силэлээн сэлэлии туруммуттара. Тугу эрэ улаханы күүтэрдии, айдаан-куйдаан соҕотохто нам барбыта, бары холомо дьиэлин диэки хайыспыттара. Даҕанча кинини эмискэ төйүппүт үгүс киһи күйгүөнэ ах баран, дьэ, өйүн-төйүн булуммута уонна эмиэ туох буолаарай диирдии, холомо аанын кэтэспитэ. Кини холомоттон сулбу ыстанан тахсыах тугу баҕарар күүтэрэ: өйүн-төйүн булунан, эһэтэ кинини эрчийэрин саҕанааҕы курдук, бары иҥиирэ-ситиитэ барыта күүрэн дыгынаан бэлэм турбута.
Оттон холомо иһигэр буоллаҕына туох эрэ тыаһа сири түгэҕинэн дириҥник, иччилээхтик ньиргийэрэ, ким эрэ суордуура, таҥалайын таҥсыйан чаҥыргыыра. Онтон эмискэ киһи олус улаханнык кыламмыта, холомо тирии дьиэлэ тэлэллэ түспүтэ уонна баһыттан атаҕар диэри кыа хааҥҥа түһэн тахсыбыттыы, кыһыл киһи, үҥүүтүн биитэ кылбайбытынан, ньылбы ойон тахсыбыта. Суордуу кылана-кылана өрүтэ көтүөлээбитинэн үс сиринэн тардыллыбыт үс өркөнү быһыта түспүтэ, сэлэлии турар дьон кэккэлэрин кэрийэ сүүрбүтэ. Онтон холомо ааныгар утары туох да сэбэ-сэбиргэлэ суох соҕотоҕун чороллон турар Даҕанчаҕа ойон тиийбитэ. «Быһыыта хоһуун буолар киһи таҕыста, ол аата кини батаһын хаанныырга миигин анаабыт буоллахтара», – диэн санаа уол төбөтүгэр күлүм гынар кэмигэр холомоттон ойон тахсыбыт киһи ыстанан кэлэн уолу үҥүүнэн аспыта. Хоһуун сэбэ-сэбиргэлэ суох хам-бааччы турар киһини, үтэһэҕэ үөлэр собо курдук, мэнээк үөлэн кэбиһиэм дии санаабыт бадахтааҕа – туох баар күүһүнэн сытыы уһуктаах үҥүүтүнэн уолу хара быарга өтөрү түспүтэ. Ол эрээри кураанах салгыны супту анньан, туруйалаан тиийэн үҥүүтүнэн лоһугурас таас былаастаах кыһыл кумаҕы батары саайбыта. Бакамда сиэнин аһарарга кыра оҕо эрдэҕиттэн үөрэппитэ таах хаалбатах этэ – тумат хоһуунун биилээҕиттэн кэбэҕэстик халбарыс гынан биэрээт, сыыһа туттан туруйалаабыт киһини эт сутуругунан эҥил баска охсон ньиргиппитэ. Ол кэннэ ходуллубут оттуу умса барбыт киһиттэн үҥүүтүн сулбу тардан ылбыта – Даҕанчаҕа туматтар кыргыһар-өлөрсөр илбистээх хааннара уһуктубута, ити буоллаҕына хаан – хааҥҥа! Үгүстэн үгүс охтуо, аҕыйахтан аҕыйах охтуо! Кини таах туран биэриэ суоҕа!
– Чугаһаан холоон көрүҥ эрэ! – үҥүүтүн өрө тутан туран үөгүлээн бытарыппыта, кыргыһыыга ыҥырар уордаах хаһыы чуумпурбут алардар үрдүлэринэн дуораһыйбыта: – Алакыы! Алакыы! Алакыы!
Хоһууннара таба тутуннаҕына Даҕанчаны үҥүү-батас оҕунуоҕа оҥостон, кини хаанынан түһэхтэрин суунаары бэлэм турбут туматтар уол хаһыытыттан чугурус гына түспүттэрэ. Суох, кинилэр соҕотох киһиттэн толлон чугуруйбатахтара. Кыргыһыыга буспут-хаппыт, өлөллөрүнсүтэллэрин утуйарга холуур сэрииһит дьону дьулатар уустук этэ; кинилэр бу кимэ биллибэт уол туматтардыы хаһыытаабытыттан уонна ордук кинилэр кыргыһыыга киирэргэ ыҥырар үөгүлэриттэн соһуйан тохтуу биэрбиттэрэ. Онтон-мантан өмүрбүт-соһуйбут хаһыылар иһиллитэлээбиттэрэ:
– Тугуй бу? Хайдах-хайдаҕый?!
– Тумат буолбат дуо?! Биһиги хааммыт!