скачать книгу бесплатно
Ол кэмҥэ ортоку улахан холомоттон хайаларыттан да үрдүк уҥуохтаах курбуу курдук киһи курбачыйан тахсыбыта, дьону силэйэн, уолга кэлбитэ уонна уоттаах сытыы харахтарынан уолу батары көрбөхтөөн баран, ыйыппыта:
– Эн кимҥиний?
– Мин тумаппын, – Даҕанча хардарбыта.
– Бай! Бай! – анараа киһи соһуйан түһэҕин охсуммута.
Тула турааччылар хаһыытаһа түспүттэрэ: сибилигин аҕай быһыта-хайыта сынньан, сэймэктээн кэбиһэргэ бэлэм турбут дьон тосту уларыйа охсубуттара.
– Ол иһин даҕаны!
– Тумат эрэ итинник дьорҕоот буолуон сөп.
– Тоҥ биис буолуон сатаммат!
– Бэйэбит хааммыт, бэйэбит киһибит эбит!
Айдаан намыраабытыгар уһун синньигэс дьиэрбэлдьийбит киһи эмиэ ыйыппыта:
– Аатыҥ кимий? Эн хантан кэллиҥ? Ханна бардыҥ?
Даҕанча киниэхэ хардара охсубатаҕа; үгүс дьон моргуоругар уонна дэбигис саныы охсорго үөрэммэтэх буолан, тугу этиэн тыл булбакка, үҥүүтүн утары туппутунан тэпсэҥнии турбута. Онуоха эбии бу дьон дэбигис уларыйа охсубут сыһыаннарыгар сөп түбэһэр гына кини түргэнник уларыйа охсубатаҕа – өлөрсөөрү-сүтэрсээри өрүкүйбүт өһөҕө тута сойон биэрбэтэҕэ. Кэлбит киһи хоруй ылбакка тула төгүрүйэн турар дьоҥҥо:
– Улахан холомоҕо илдьиэҕиҥ! – диэбитэ.
Даҕанча буоллаҕына, тула өттүттэн үмүрү түһэн үтүрүйэн илдьэ барбыттарыгар эмиэ туох алдьархайга илдьэллэрэ буолла диэн, тыынын охсуһуута суох биэрбэккэ, эрдээх санааны ылынан, былдьаан ылбыт үҥүүтүн угун кытаанахтык ыксары туппута.
Хаан таһаарыы
Холомо иһэ киэҥ-куоҥ этэ, ортотугар турар арааҥҥа уккунньах имик-самык умайара. Араан нөҥүө кэтит сэксэ үрдүгэр быраҕыллыбыт хардаҥ эһэлэр тириилэригэр олорор үс оҕонньоттортон ортокуларын көрөөт, Даҕанча этэ тардан дьигиһис гына түспүтэ: араҥастаан уҥуох тутан кэлбит били кини эһэтэ Бакамда оҕонньор хаар маҥан баттахтыын, уҥуох-тирии сирэйдиин, быһаҕас көмүскэтин түгэҕэр түспүт хап-хара, өссө да умуллубатах, өссө да уоттаах харахтардыын – илэ бэйэтинэн субу кинини тонолуппакка супту одуулаан олороро. Ол эрээри атына диэн – кинини одуулаан олорор оҕонньор баһыттан атаҕар диэри кыһыл соһо кырааскалаах таҥастааҕа.
Оҕонньор сытыы, барыны-бары чинчийэ, сэргии көрөр харахтарынан Даҕанчаны баһыттан атаҕар диэри таҥнары көрөн түһэрбитэ.
– Хаан таһааран хоһууҥҥа холуйуохтаах киһибитин бохтоппут дьолуолаах табаҕайдаах бу эн кимҥиний?
Кэтит сэксэҕэ олорор кыһыл таҥастаах оҕонньор саҥата холку этэ, эһэтин саҥатыгар олус маарынныыра. Арай арыый бытааҥҥа уонна намыыҥҥа дылыта. Таһырдьа хаалбыт дьон айдааннара манна бүтэҥитик иһиллэрэ, Даҕанча чуумпу сиргэ, холомо иһигэр киирэн өйүнтөйүн булбута.
– Мин Даҕанчабын, Үрэн хоһуун уолабын, – диэн хардарбыта кини.
– Туманнаах Түбэҕэ олорор тумат хоһууна Үрэн буоллаҕа, – оҕонньор аргыый сыыйбыта. – Ол Үрэн хоһуун эмиэ кэлистэ дуо?
– Суох, кини өлбүтэ, – Даҕанча быһаччы эппитэ. – Үрэн хоһууну Маҥан Мэкчэ диэн тоҥ биис хоһууна тахсан өлөрөн киирбитэ үһү.
Уол ити тылларыгар холомо иһигэр кинини кытта киирсибит туматтар бэйэ-бэйэлэрин көрсөн ылбыттара.
– Эн соҕотоҕун кэллиҥ дуо? – уҥа олорор суон оҕонньор ыйыппыта.
– Соҕотоҕун.
– Тоҕо кэллиҥ? – аны хаҥас олорор кыра, көтөх оҕонньор туоһуласпыта.
– Тоҥ биис хоһууна Маҥан Мэкчэ аҕабын өлөрөн-өһөрөн баран хааннаах илкээнини хаалларан киирбит. Ол ону – тоҥ биис чуоһун – батыһан хаан өс иэстэһэ кэллим.
Туматтар көхсүлэрин этиппэхтээбиттэрэ, сыҕарыҥнаһа, тэпсэҥнэһэ түспүттэрэ. Арай үс оҕонньор эрэ хамсаабатахтара.
– Ол Туманнаах Түбэҕэ баар Өксүөннээх Өлөөн өрүһэ мантан бэрт ыраах дойду буолуохтаах этэ, – диэбитэ ортоку олорор оҕонньор уолу тонолуппакка көрөн олорон. – Сирэйгиттэн-хараххыттан көрдөххө бэрт эдэр киһи эбиккин. Эн хайдах бу дойдуну – биһиги ордуубутун булан кэллиҥ? Ким эйигин сирдээтэ?
– Суох, миигин ким даҕаны сирдээбэтэ, – Даҕанча хардарбыта. – Мин Бакамда диэн ааттаах эһэлээх этим, кини миэхэ суолбун ыйан биэрбитэ, сүбэлээбитэ. Эһэм эппитэ: «Түҥкэтэх үрэҕи туттаххына кини арҕааттан илин сүүрэ сытар Киэҥ Кэллээмэ өрүскэ түһүөҕэ. Онно туматтар бааллар, кинилэргэ тиийэн мин биибин Арчикаан хоһууну бул. Кини эйиэхэ көмөлөһүөҕэ», – диэн. Мин ол Арчикаан хоһууну көрдүүбүн.
Бу сырыыга ортоку олорор оҕонньор көхсүн этиппитэ, эһэтин тириитигэр иэҕэҥнээн ылбыта.
– Ол Бакамда хоһуун биитэ Арчикаан хоһуун диэн мин буолабын, – диэбитэ оҕонньор уонна икки өттүнээҕи дьонун ыйаттаабыта. – Оттон бу Мэлмэнэй уонна Илээҥки ичээн диэн буолаллар. Кырдьык, биһиги Бакамдалыын үгүс хаардар анараа өттүлэригэр арахсан турабыт. Киниттэн Өксүөннээх Өлөөн былаһын тухары аатырбыт Үрэн хоһуун диэн үтүө киһи төрөөбүтүн истибитим. Эһэҕин Бакамданы уҥуох тутан кэллиҥ дуо?
Даҕанча төбөтүн төҥкөппүтэ.
– Бэйэтин баҕатын курдук уҥуох туппутум.
Холомо иһигэр сахсырҕа саҥата иһиллэр уу чуумпута буолбута. Ким даҕаны өр кэмҥэ тугу да саҥарбатаҕа.
– Сөпкө гыммыккын. Ол аата дьиҥнээх тумат хаана эн тымыргынан сүүрэр эбит. Эһэҕин, мин инибин, үөҥҥэ сиэппэккэ өбүгэлэргэ ыыппытыҥ, дьэ, ол бэрт сөп.
– Оннукка туматтар эрэ тыйыс, модун санаалара тиийэр, оннукка дэлэбинэ омук ычата тиийбэт, – суон оҕонньор Мэлмэнэй эмиэ хайҕаабыта. – Инньэ гынан таптыыр, ытыктыыр да дьоннорун хаарга-самыырга хаалларан, сиргэ-буорга көмөн, сытытан үөн-көйүүр аһылыга оҥорооччулар.
Даҕанча туох да саҥата суох истэн турбута.
– Бу мин уолум Дьэрбэ хоһуун диэн, – кини Даҕанчаҕа аан бастаан холомоҕо киирбит, аттыгар турар үрдүк уҥуохтаах киһини ыйан көрдөрбүтэ. – Кини туматтарга Үс Бэлиэлээх хоһуун. Үрэн хоһуун уола Даҕанча, биһиги хоһуун оҥостоору гыммыт киһибитин олус дэбигис боҕутуннарбыккыттан көрдөххө, бэрт дьороҕой туттуулаах, дьолуолаах табаҕайдаах эбиккин. Ким эйигин итиннэ үөрэттэ?
– Эһэм Бакамда.
– Ол иһин даҕаны, мин кини дьолуолаах туттуутун эндэппэккэ сэрэйбитим…
Арчикааны суон Мэлмэнэй быһа түспүтэ:
– Биһиги, туматтар, куруутун кыргыһабыт, биһиги үтүө хоһууннары бэйэбитигэр сыһыаран илдьэ сылдьааччыбыт.
– Бу Киэҥ Кэллээмэ өрүскэ үгүс хоһууннаах, үгүс дьонноох биис ууһа кыайар уонна баайы-дуолу ылар, – Илээҥки кинини бигэргэппитэ.
– Ол иһин куруутун дьон тардыһабыт: ким биһиэхэ хоһуун буолуон баҕалаах хорсун сүрэхтээҕи биһиги хоһуун гынабыт. Эн биһиэхэ хоһуун буол.
– Туматтар сарсын эн аҕаҕын өлөрбүт тоҥ биистэргэ бараары оҥостон олоробут, онно эн барыс.
Арчикаан икки өттүгэр олорор оҕонньоттор Даҕанчаны хоһуун гынаары хаайан барбыттара. Кинини саҥата суох тонолуппакка одуулаан олорор Арчикааны көрөн баран:
– Сөп, барсабын, – диэбитэ Даҕанча.
– Эн аҕаҕын Үрэн хоһууну умсарбыт тоҥ биистэр Киэҥ Кэллээмэ эбэ хотун сүнньүгэр буур тайах буолан айаатаатылар, хардаҥ эһэ буолан часкыйдылар. Кинилэртэн ордук ким да суоҕун курдук туттуннулар, наһаа сананнылар. Туматтар ону тиийэн суртарын суулларан, уоттаран умуруоран, баайдарын илдьэ кэлиэхтэрэ.
Ол кэнниттэн Илээҥки ичээн сааһыгар сөбө суох чэпчэкитик ойон турбута, тула турар туматтары соруйбута. Туттуута-хаптыыта сыыдамсыйбыта.
– Чэйиҥ эрэ, котокулар! Саҥа киһини хоһуун оҥорорго холоон көрүөхпүт. Илээҥки ичээҥҥэ этиҥ. Тэрили бэлэмнээҥ.
Холомоҕо киирбит туматтар тахса ойбуттара. Даҕанча боҕутуннарбыт хоһууна быһыта көтүтэлээбит үс өркөннөрүн иккистээн чиккэччи тардан баҕаналарга баайбыттара. Даҕанчалааҕы буоллаҕына оннуларын атастаһыннаран, охтубут хоһууну өркөн анараа өттүгэр, оттон уолу буоллаҕына холомоҕо киллэрбиттэрэ. Араан оннугар суон баҕана турара, онно таба маамыктатынан чороччу кэлгийэн кэбиспиттэрэ. Илээҥки ичээн бэйэтигэр сөбө суох улахан дүҥүрү охсон дирбийэ-дирбийэ, туос тордуйаҕа кутан аҕалан Даҕанчаҕа тугу эрэ иһэппитэ. Ичээн иһэрдибит убаҕаһа тэллэйтэн оҥоһуллар, киһини өйүттэн таһаарар, көннөрү илэ өйүнэн сылдьар киһи оҥорбот, хоһуун бастакы харса суох хорсун быһыытын оҥорторор утах буоларын уол билбэт этэ. Балык салыҥын курдук, хойуу сыыйыллаҕас убаҕаһы иһээт, Даҕанча эмискэ титирии-дьигиһийэ түспүтэ, уҥуох-уҥуоҕа босхо барбыта, уоһа ыпсыбат буолбута. Илээҥки ичээн дүҥүрүн оҕустаҕын аайы кини тыаһа этин сааһынан киирэн кычыгылатара, уҥуох уҥуохтара барыта кыйара. Даҕанча хамсыан-имсиэн, сүүрүөн-көтүөн баҕарара. Ол иһин, илимҥэ иҥнибит сордоҥ курдук, өрө мөхпүтэ, айаҕыттан күүгэн тахсыбыта. Онуоха икки эр бэртэрэ уол кэлгиллэн турар маамыктатын быһаҕынан быһа баттаабыттара, илиитигэр үҥүү туттарбыттара. Даҕанча, эмиэ бастакы хоһуун курдук, кылана-кылана, өрүтэ көтүөлээн холомоттон ыстанан тахсыбыта, күөнүнэн үс өркөнү сытыйбыт тирбэҕэлии быһыта түспүтэ. Сүрэ тостон, өлөргө ананан утарылаһа соруммакка өһөн турар киһини үҥүүтүнэн өтөрү түспүтэ. Кыа хаан ыһылларын кытта сэлэлии бэлэм турбут тумат хоһууннара, кыргыстарын сэбин хааннаатахтара аатыран, өлбүт киһини үҥүү-батас аһылыга оҥостуммуттара. Хоһууннар ити туттууларын өйдүүр-өйдөөбөт өлбөөдүччү көрөн турбахтаан баран, сэниэтэ суох охтон түспүт уолу Арчикаан холомотугар илпиттэрэ.
Ол кэнниттэн туматтар бары түһүлгэҕэ тахсан кутаа оттон, ону тула хааннаах үҥүүлэрин өрүтэ анньа-анньа кыргыс үҥкүүтүн үҥкүүлээбиттэрэ, илбис ырыатын ыллаабыттара.
Тунаах мудан!
Тунаах мудан!
Аас күдэрик!
Аас күдэрик!
Көҥдөй охпут көччүйэр
Күүрүүлээх илбис күннэрэ үүннүлэр.
Кыырыктаах үҥүү кыдьыгырар
Кырыктаах кыргыс сахтара кэллилэр.
Тунаах мудан!
Тунаах мудан!
Аас күдэрик!
Аас күдэрик!
Туман курдук халыйар
Тумат омук диэн биһиги буолабыт.
Тоҥ биистэри торутуохпут,
Тордохторун суулларыахпыт, суох гыныахпыт.
Тунаах мудан!
Тунаах мудан!
Аас күдэрик!
Аас күдэрик!
Урут тэгэчэн эмиэ!
Урҕа дьэргэл эмиэ!
Сүндү үйэн сулгур
Обот чанчыыл таталҕа!
Тунаах мудан!
Тунаах мудан!
Аас күдэрик!
Аас күдэрик!
* * *
Сарсыҥҥытыгар намыһах былыттаах буһурук күн үүммүтэ. Кыһыл таҥастаах хоһууннар таас куоллараанынан үөһэ тахсан, тыа иһигэр киирэн хаалбыттара. Кинилэр баралларын кытта холомолор бачыгыраан турар кырдаллара кураанахтана түспүтэ, уу чуумпу сатыылаабыта. Холомолорго хаалбыт оҕолор, дьахталлар ылы-чып барбыттара.
Ортоку улахан холомоҕо соҕотоҕун тыстаах баттахтаах эһэтин тириитин үрдүгэр Арчикаан оҕонньор тиэрэ түһэн сытан арааһы саныыра.
Хаһан эрэ бэрт өрдөөҕүтэ соҕуруу сырылас куйаас дойдуттан туралларын саҕана, бука, киҥ-хаан маннык хойдо, өһүөннээх өһөх маннык оргуйа илигэ эбитэ буолуо. Туох модун күүс кинилэри төрөөбүт-үөскээбит төрүт ордууларыттан ылан хоту бырахпытын кини билбэт. Ол эрээри сиртэн сиргэ көһөн хоту сыҕарыйан истэхтэрин аайы күннэрэ кылгаан, түүннэрэ уһаан иһэрин курдук кинилэр улам киэҥ көҕүстэрэ кыараан, саныыр санаалара татыарыйан иһэрэ. Буолумуна даҕаны, уһуну-киэҥи өйдөтө барбат, айахха угар, санныга таҥнар күннээҕи кыһалҕа барыны күлүктүүрэ.
Бука, ол да иһин эбитэ дуу, Мэлмэнэйдээх Илээҥки киксэриилэрин итэҕэйэ охсон, инитэ Бакамда Чэмпэрэ өлбүтүттэн киниэхэ кыыһыран, бэрт аҕыйах дьонноох арахсан хоту Өксүөннээх Өлөөҥҥө түспүтэ.
Чэмпэрэ уонна Бакамда суох буолалларын кытта, Мэлмэнэйдээх Илээҥки дьоҥҥо истэригэр саһа, баттана сылдьыбыт хара дьайы уһугуннарбыттара: босхо атын дьон баайыгар-дуолугар, аһыгар-үөлүгэр иҥсэ туматтар түөлбэлэрин кууспута. Ыаллыы олорор биистэри кытта урукку курдук сыһыан аны уурайбыта, кыргыһыыгаөлөрсүүгэ кубулуйбута – туматтар дьону булт гынан барбыттара, баайдарын-дуолларын булумньу гынан үллэстибиттэрэ. Киэҥ Кэллээмэ эбэ хотун үүт тураан олоҕо үрэллибитэ, охсуһуу-этиһии олохтоммута. Ким да кими да эрэммэт-итэҕэйбэт буолбута.
Арчикаан кырыйда, кини тугу да гынар кыаҕа суох, ону өһөн эрэр харахтарынан одуулуура эрэ. Икки оҕуруктаах санаалаах оҕонньоттору кытта уола Дьэрбэ утарылаһар кыаҕа суоҕа. Даҕанча кэлиитэ киниэхэ урукку, кичимэ санаатын уһугуннарбыта: икки эдэр хоһууннар Дьэрбэлээх Даҕанча эмиэ урукку кини Бакамда курдук, Мэлмэнэй иҥсэтигэр, Илээҥки уодаһыныгар эдэр-чэгиэн өйү-санааны сатаан утары туруоруохтара буолуо дуо? Туматтар олохторун хааннаах ыллыктан туоратыахтара дуо?
Уу чуумпу ортотугар сэргэстэһэ уҥа диэки турар холомоҕо тугу эрэ оҕо ийэтиттэн ыаһыйалаһан ыйытар хатан саҥата Арчикаан санаатын быһан кэбиспитэ.
– Ийээ, тоҕо кыһыл соҥҥун кэттиҥ?
– Дьоммут булуулана бардылар, суохтар. Кинилэри солбуйаары.
– Ийээ, тоҕо алаҥаалаах нимчикаҕын ыллыҥ?
– Дьоммут суоҕар тыыммытын мананаары.
Хаҥас холомоттон атын оҕо ытыыр саҥата иһилиннэ.
– Ийээ, ийээ, өссө аһыам этэ, топпотум.
– Дьоммут ас аҕаллахтарына, оччоҕуна тото аһыахпыт. Тулуйа түс.
– Дьоммут хаһан кэлиэхтэрэй?
– Сотору.
Үһүс түһүмэх
Илбис түүнэ
Хара суор халаахтыыр
Түҥ хараҥа түүн тууйа сабардаан тиийэн кэлбитэ. Уулаах ыарахан былыттар, түүлээн эрэр таба кыыл өрөҕөтүнүү, быһытталана-быһытталана, сиргэ тиийэ халыйбыттара, куттаммыттыы хаптайа дьылыйбыт тордохтор урааларыттан иҥниэх курдук намылыспыттара. Эмпэрэ сыыр анныгар сытар күтүр улахан күөл хараҥа кытылларын кырбыыр тыаһа бүтэҥитик биллиргээн иһиллэрэ.
Сарыы тордохтор саамай ортокуларыгар тыстаах-баттахтаах хара эһэ даппытын үрдүгэр сытан, Ньырбачаан утуйан биэрбэтэҕэ. Кини, тордохтор тастарыгар төһө да чуумпутун иһин, аллараа күөл араастаан түллэҥнии, иҥсэлээх долгуннарынан өрүтэ көбүөхтүү сытарын иһиллиир этэ. Бу үөһэ кырдалга чугунаабыт чуумпу уонна алларааҥҥы күөл бааллыра сытара хайдах эрэ кини уутун уйгуурпута. Ньырбачаан уот өттүгэр убайа Өрөгөчөй хоһуун, бу түөрт уон ураһа тоҥ биистэр баһылыктара, саннын байаатыгар тиийэ түспүт ыас хара баттахтаах, сааһын өрөгөйүгэр сылдьар эдэр киһи, тиэрэ түһэн утуйа сытара.
Ханна эрэ ыраах хараҥа тыалар үрдүлэринэн хара суор халаахтаан ааста. Бачча түүн эмиэ туох суора сылдьар?
Ньырбачаан сааһа уона эрэ этэ. Аҕата, ийэтэ өлүөхтэриттэн ыла кини убайынаан иккиэйэхтэр. Дьонуттан мэлийэн баран, убайа бу дойдуттан барбакка уһуннук олорбута. Бары да, бу үгүс балыктаах, өлгөм бултаах кэбэри сөбүлээннэр, барыахтарын баҕарбаттара. Күөл, өрүс олус эмис үгүс балыктаахтара, хара тыалара үгүс бултааҕа. Бу дойдуга кэлиэхтэриттэн ыла үөр табалара үксүү турбута, кыра оҕолоругар тумуу да киирбэт буолбута. Баҕар ол иһин эбитэ буолуо, биир сиргэ уһуннук тэһийэн-тулуйан олорбот дьон уһуннук тохтообуттара. Ньырбачаан ону хантан билээхтиэй? Арай киниэхэ манна, бу түргэн сүүрүктээх өрүс, ыраас уулаах улуу күөл икки ардыларыгар сыыйа тардыллыбыт үрдүк кырдалга оонньуурга, сүүрэргэ-көтөргө үчүгэй эрэ этэ.
Ньырбачаан ийэтин үчүгэйдик өйдүүр, кини сылаас, сымнаҕас илиилэрин, аһыныгас аламаҕай харахтарын. Сиртэн сиргэ көһөн тиийэн тордох туруорарга кини ийэтэ Ньырбачааны, тоҥмотун диэн, сирэйэ эрэ көстөр гына таба тириитигэр кичэйэн суулуура уонна таба наартатыгар олордоро. Тордох туруоруллан, иһигэр уот оттуллан сылаас буоллаҕына, иһирдьэ киллэрэн сыгынньахтаан аһатара-сиэтэрэ. Ийэтин эйэҕэс харахтара, төгүрүк маҥан сирэйэ Ньырбачааҥҥа хайдахтаах күндү этилэрий?! Кыыс уһуннук сыҥсыйан тыастаахтык өрө тыынна уонна тэллэҕэр эргийдэ.
Ийэтин санаппыт эйэҕэс санааны үтүрүйэн, кини хараҕар аҕатын дьэбир мөссүөнэ бу көстө түстэ. Сэксэлдьийбит чэпчэки, түргэн хамсаныылаах Мэкчэ хоһуун бэйэлэрин дьонун ортотугар өйүнэн-санаатынан, саталынан ураты киһи этэ. Ол иһин кинини бары баһылык оҥостоллоро, ким да кинини утары көрбөт буолара. Эмиэ уолун Өрөгөчөй курдук, саннын байаатыгар тиийэ түһэр ыас хара баттахтаах, элэгэлдьигэс түргэн харахтардаах хара бараан киһи, субу ойон туруохха айылаах сэргэхтик туттан, тордох ортотугар тэлгэммит эһэ даппытыгар олороро бу баарга дылы. Баһыттан атаҕар диэри ханан да кыырпах да саҕа мэҥэ суох муус маҥан таба тириитэ таҥастаах буолара. Ол иһин буолуо, кинини өстөөхтөрө Маҥан Мэкчэ диэн ааттыыллара. Кини кыырыктаах үҥүүтүн уонна алаҥалаах нимчикатын аттыттан хаһан да араарбат этэ.
Ыраах ханна эрэ эмиэ суор халаахтаабыта.
Суор – куһаҕан көтөр. Кини собулҕаны тоҥсуйар эбэтэр кыаммат, көмүскэлэ суох буолбут кыылы булан, бастаан тыыннаахтыы хараҕын оҥон баран, тобулута тоҥсуйан сиир. Ньырбачаан суору сөбүлээбэт этэ. Кини туох эрэ хаан тахсыах, бөлүөх уобуох буоллаҕына сырыыргыыр диир буолара ийэтэ. Оттон мохсоҕол оннук буолбатах, букатын атын. Кыырт мохсоҕол күүһүнэн сабырыйан, хотоҕойунан хотон аһаҕастык булдун тутар. Кини собулҕаны хаһан да тоҥсуйааччыта суох, итии хаан аһылыктаах. Кинилэр аҕаларын ууһун бары кырдьаҕастара кыырт мохсоҕолу олус ытыктыыллара. Биирдэ Ньырбачаан ону ийэтиттэн ыйыппытын: «Тыый, улаханнык саҥарба! Кини биһиги төрүппүт буолар», – диэн буойан кэбиспитэ. Ийэтэ эрэйдээх билигин баара буоллар ньии! Ньырбачаан үөһэ тыынна, эмиэ эргичис гынна.
Тордох ортотугар оттуллубут уот умуллан, кыһыл чохтор эрэ кытара сыталлара. Араан анараа өттүгэр иикээртыга хатарылла ыйаммыт илээҥки сыта дыргыйара. Уулаах былыттар субу чугаһаан, намыһаан, холомо ураатын быыһынан элэҥнэһэн ааһаллара көстүбэт буолбута быданнаабыта. Билигин түүлээх мэҥкэрэ иһинии, түлэй хараҥа этэ. Ньырбачаан хараҥаттан куттана санаан, убайын өттүгэр сыстыбыта уонна уоскуйбут курдук буолбута.
Төттөрү-таары көһө сылдьыбыт чопчоколоруттан бу киэҥ айааҥҥа кэлбиттэрин Ньырбачаан бэрт чуолкайдык өйдүүр. Кинини ийэтэ таба мэҥкэрэҕэ уган аҕалбыта. Оҕо маҥнай бу урут көрбөтөх киэҥ айаанын муодарҕаабыттыы тула көрбүтэ. Уҥа өттүлэригэр түргэн сүүрүктээх ыраас уулаах улахан өрүс устан доллоһута сытара. Оттон хаҥас өттүлэригэр киэҥ күөл мэндээрэрэ.
Мэкчэ хоһуун дьонун – түөрт уон ураһа тоҥ биистэри күөлтэн өрүскэ түһэр сиэн төрдүгэр түһэртээбитэ. Манна ыраас кырдалынан үөмэн кэлэр, эбэтэр сиэни кэһэн туораан биллэрбэккэ, өмүтүннэрэн, саба түһэргэ бэрт уустук этэ. Өстөөхтөр өскөтүн күүс уонна ахсаан өттүнэн баһыйан кырдалынан тоҕо ааҥнаан киирэр түбэлтэлэригэр, өстөөхтөргө кураанах тордохтору хаалларан баран, сиэн хааһыгар киирэн биллибэтинэн ньылбыс гынан хаалыахха эмиэ сөбө. Үгүстүк кыргыспыт – кыайыы өрөгөйүн, кыайтарыы муҥун да билбит кырдьаҕас хоһуун Маҥан Мэкчэ итини барытын санаан-өйдөөн түспүт сирдэрин талбыта.
Бары тордохтору туруорбутунан барбыттара. Мэкчэ хоһуун уолугар Өрөгөчөйгө эппитэ:
– Бу сир – үтүө сир. Ити арҕааҥҥы хара буҕарга тахсан бултуохпут, алларааҥҥы айааҥҥа табабытын мэччитиэхпит. Эн киирэҥҥин өллүүнэни көрөн таҕыс.