banner banner banner
Тулаайах оҕо
Тулаайах оҕо
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

Тулаайах оҕо

скачать книгу бесплатно

Таһырдьа тыас тилигирээбитэ. Холомо дьиэлэ аһылла түһэрин кытта, Даҕанча иһирдьэ биирдэ баар буолбута, араанын таһыгар силис тыыра олорор эһэтин иннигэр бултаабыт булдун тоҕо сүөкээн кэбиспитэ.

– Көр эрэ, бу мин бултаабыппын!

Эдэр булчут бултуйбут киһи үөрүүтүнэн үөрэн чаҕылыйара. Бакамда тыыра олорбут силиһин түһэҕиттэн ылан киэр уурбута, сүр чэпчэкитик ойон турбута.

– Алакыы! Алакыы! Алакыы!

Араанын эргийэ сылдьан үс төгүл алакыылаабыта, үс төгүл суордаабыта. Саха урааҥхайдар бултуйдахтарына уокка ас биэрэр уонна алгыыр сурахтаахтара. Туматтар инньэ гыммат этилэр, кинилэр абааһы-таҥара диэни итэҕэйбэттэрэ, онон үөрүүлэрин ити курдук тастарыгар таһаараллара.

Бултуйбут дьон быһыытынан, үөрэ-көтө ас астаан барбыттара. Чоҥку охсубуттара, эт эттээн олгуйга буһарбыттара. Тура-олоро, күөстүү-астыы сылдьан, хайдах бултаабытын өрүкүйэн туран киниэхэ кэпсиир Даҕанчаны Бакамда таптаабыт, астыммыт харахтарынан көрөн олорбута. Сиэнэ ыыстаммыт түнэ сону тиирэ кэппит дараҕар санна, түөрт илии кэтит тирии курунан ыга тардыммыт синньигэс биилэ, дьабала этэрбэһэ, кырдьык даҕаны, уон сэттэ саастаах уу ньулдьаҕай оҕоҕо ончу маарыннаабат, сытыы-хотуу туттунуулаах сиппит-хоппут хоһуун буолбут этэ. Аҕатын Үрэни батан, туматтардыы иҥиир-ситии, сула таһаалааҕа, үрдүк уҥуохтааҕа, ийэтин утумнаан дьирикинэйдэрдии сымса, түргэн хамсаныылааҕа. Күн уота харааччы сиэбит дьирикинэйдэрдии кэтит сирэйигэр туматтар уордаах харахтара сабыччы көрбүт этэ, тартаҕар мунна, саҥа хараара тортуйан көстөр бытыга, толору уоһа эрдээх, ол гынан баран оҕолуу көрсүө, намыын көрүҥү биэрэллэрэ.

Бакамда сиэнэ бултуйан киирбитигэр уонна кинини көрөн олорон үөрүөн үөрэрэ – туйах хатарар киһилэннэҕэ. Баай Хара тыа маанылаах кыылын түргэн атахтаах атыыр лөкөйү охторуу булчукка барытыгар – эдэргэ даҕаны, кырдьаҕаска даҕаны – олус үөрүүлээх суол буоллаҕа! Уол оҕо орто дойдуга арай атыыр тайаҕы бултаатаҕына хараҕа туолар, санаата астынар диир буолаллара.

Аарыма лөкөйү хайыһарынан ситэн бултааһына Даҕанча этэ-хаана ситэн-хотон эрэрин көрдөрбүтэ. Бачча саас, быстан-ойдон олордохторуна, ас-таҥас кырыымчык кэмигэр бултуйуута кини дьолуолаах табаҕайдаах бастыҥ булчут буолуоҕун сабаҕалыыра. Оттон уол өлөрбүт тайаҕыттан үгүс эти сүгэн киириитэ кини долоҕойдоох туттуулаах, кыайыгас-хотугас киһи буолуоҕун эрэннэрэрэ.

Эһэтэ оҕонньор, хаҥас диэки баран, кыһан мунньубут сигиритин аҕалан дэпсэҕэ куппута.

– Чэ, тукаам, аһыах. Буспут буоллаҕына хотор.

Даҕанча араан үрдүгэр ыйанан оргуйан дэбилийэ турар эттээх күөһү таһааран дэпсэҕэ уурбута уонна икки салаалаах мас атаранан этин хоторбута. Буспут эт, миин минньигэс сыта тунуйбута. Эһэлээх сиэн, быһахтарын ойутан таһааран, аһаабытынан барбыттара.

Кинилэр аһыы олорон маннык кэпсэппиттэрэ:

– Мин ити Туманнаах Түбэҕэ киирэр аартыкка турар бэлиэни кэнники кэмнэргэ кэлэ-бара куруутун хараҕым далыттан таһаарбат буоллум. Тоҕо эбитэ буолла, ол харахпар быраҕылыннаҕын аайы хайдах эрэ хааным оонньуур. Дьон кэлэр-барар аартыгар мээнэҕэ туруоруллубатах бэлиэ быһыылаах.

Сиэнин ити тылларыттан Бакамда дьэбидис гына түспүтэ, тугу да саҥарбакка өр таалан олорбохтообута. Онтон дьиктэмин иһэ олорбут мас чохоотун киэр уурбута.

– Ким хаалларбыт бэлиэтин мин хантан билиэмий, – диэн дьиэс-куос буолбута.

Ол эрээри сиэнэ дэбигис арахса охсор санаата суох быһыылааҕа.

– Эн миэхэ үчүгэйдик кэпсээ эрэ: мин туох дьонноох этибиний? Мин аны кыра оҕо буолбатахпын.

Бакамда бу сырыыга букатын тугу да саҥарбатаҕа.

– Мин аны улааттым, аҕам ким этэй? Ийэм ким этэй? Мин кинилэр тустарынан истиэхпин баҕарабын.

Оҕонньор балачча сөҥүдүйэн олорбохтоон баран, дьэ, саҥарбыта.

– Эн миигиттэн итинник ыйытыах тустаах этиҥ, ону мин күүппүтүм. Эйиэхэ барытын кэпсиэм. Ол гынан баран ону билиэҥ иннинэ мин эйиэхэ атыны кэпсиэхпин баҕарабын.

– Ол тугу?

– Куула олгуйга бүгүһүн биир эһэ арҕах хастан бүкпүт этэ.

Даҕанча, оччо үтүө булт сураҕын истээт, хараҕа уоттана түспүтэ.

– Кырдьык дуо? Оттон ону тоҕо урут миэхэ эппэтэххиний?

Оҕонньор сиэнин ити туттуутун-хаптыытын олус сөбүлээбитэ, көмүскэтин түгэҕэр түспүт харахтара эмиэ сырдаан кэлбиттэрэ.

– Ол гынан баран, суолуттан көрдөххө, аарыма күтүр быһыылааҕа, дьон биһигинниктэрэ кыайан бултаабат кыылбыт курдук көрбүтүм ээ.

Даҕанча эһэтин ити сэнэнэр тылларын букатын сөбүлээбэтэҕэ тута сирэйигэр биллибитэ, туматтардыы уордаах хараҕын сабыччы көрбүтэ.

– Эн көрдүҥ буолбат дуо, хайдах курдук мин улуу лөкөйү охторбуппун. Хардаҥ эһэ да булт буоллаҕа дии.

– Кэбис, тукаам, инньэ диэмэ, – оҕонньор сиэнин буойбута, – эһэ тайах-таба буолбатах, суостаах кыыл буолар.

– Суостаах буоллун, мин киниттэн куттаныам суоҕа, миэхэ кини ханна баарын ыйан эрэ кулу.

Бакамда сиэнин хорсун-хоодуот саҥатын, сытыы-сымса көрүҥүн сөбүлүү көрө олорон сөбүлэһэрдии саҥарбыта:

– Чэ сөп. Оччоҕо сарсын иккиэн тыаҕа тахсыахпыт, мин эйигин сирдиэҕим. Оттон бу киэһэ сэпкин-сэбиргэлгин үчүгэйдик көрүн, оҥоһун уонна утуй, сынньан.

Аһаан-сиэн бүтэн баран ол киэһэ оҕонньордоох хайыһардарын оҥостуммуттара, быһахтарын, үҥүүлэрин сытыыламмыттара уонна эрдэ утуйбуттара.

Ыкса күһүн хаар түһүөн эрэ иннинэ кинини куруутун атаҕастыыр, туутун уоран көрөн моһуоктуур аарыма кыыл куула хотоолго арҕах хастыбытын Бакамда оҕонньор бэлиэтии көрөн кэбиспитэ, ол гынан баран уолҕамчы сиэнигэр тугу да кэпсээбэтэҕэ. Тоҕоостоох түгэҥҥэ кини ону туһаныан баҕарбыта, ол дьэ, тиийэн кэллэҕэ, кэм-кэрдии, дьэ, ситтэҕэ.

Арҕахтаах эһэ диэн аакка киирбит адьырҕа кыыл буоллаҕа. Кини обургу күүһэ-уоҕа, суоһа-суодала, онуоха эбии түлэй уутуттан соһутан туруордахха киҥэ-наара дэлэ эр сүрэхтээх киһи утары киирсэргэ соруммат буолара. Бакамда оннук уордаах кыылынан – арҕахтаах эһэнэн сиэнин эр санаатын, күүһүн-күдэҕин холоон көрөргө санаммыта. Ыраах улуу Илин өрүскэ олохтоох саталлаах саха урааҥхайдар боотурдарын кыргыска анаан хара харахтаахха көрдөрбөккө, хаптаҕай кулгаахтаахха иһитиннэрбэккэ иитэллэрин кини истэрэ. Ол сахалар кыргыс үөрэҕэр үөрэтэн бүтүүлэригэр боотурдарыгар ойуунунан илбис иҥэртэрэллэр уонна тыыннаах киһини өлөрөн сэбин-сэбиргэлин хаанныыллар диир буолаллара. Оттон туматтар эмиэ кыргыһыыга баралларыгар умайар уот кыһыл таҥаһы таҥнан баран хаан таһаарар сүллүүрү оҥороллоро. Бакамда Үрэн хоһуун туматтарыттан соҕотоҕун ордон хаалан баран, сиэнин бэйэтэ билэринэн ииппитэ, кини ойууна суох, кыргыс сэбин хаанныыр да киһитэ суох. Ол да гыннар сиэниттэн төһө үтүө киһи тахсыбытын билээри, хол холуурга, кини сэбин-сэбиргэлин хаанныырга анаан биир суолу хаһааммыта: ол арҕахтаах эһэ этэ. Кини сарсын сиэнэ Даҕанча хайдах бултуурун көрүөҕэ уонна хоһуун тахсыбытын дуу, тахсыбатаҕын дуу билиэҕэ. Атын омуктар хоһууннарын кытта күөн көрсөр, күрэс былдьаһар күүстэммит-уохтаммыт дуо? Холун этэ хойдубут, сиһин этэ сиппит, буутун этэ буспут дуо? Бачча сыллар тухары эрэйдэнэн ииппититтэн-үөрэппититтэн туох эмэ хаалбыт дуо? Араас санаалар киирэннэр оҕонньор ол түүн аанньа утуйбатаҕа.

Булчуттар сарсыарда эрдэ турбуттара. Сып-сап аһаат, хайыһардарын анньынан, бултарыгар тахсыбыттара. Хомурах хаар үрдүнэн аргыый сыыйа тэбэн куула хотоолго киирбиттэрэ. Оҕонньор хотоол ортотугар баар балачча үрдүк томтор сири көрдө-көрбүтүнэн чуо барбыта. Онтон сүүсчэкэ хаамыыны ситэ тиийбэккэ тохтообута. Манна булчуттар хайыһардарын устубуттара. Даҕанчаҕа эһэтэ сибигинэйбитэ:

– Оол көстөр мэндир үллүгэс анараа, күн диэки өттүнэн айахтаах буолуоҕа. Эргийэн онно баран көр. Бүө маста ыл.

– Суох, эмиэ тугун маһай, – Даҕанча утары сибигинэйбитэ.

Сиэнэ туттуута-хаптыыта сыыдамсыйбытын, хараҕа уоттаммытын Бакамда астына көрбүтэ. Даҕанча сигэ кэлгиэлээх һэлии муоһа уһуктаах кылгас модороон үҥүүтүн туппутунан мастар быыстарынан элэҥнии турбута. Бакамда сүгэн испит алаҥаатын ылбыта, нимчикатыттан сулумах кустугу талан, онно туора ууран бэлэмнии тутан баран, сиэнин кэнниттэн аргыый аҕай сыҕарыйан испитэ.

Даҕанча толлугаһа суох буолан биэрбитэ: тэйиччи турар сэппэрээктэр быыстарыгар баар арҕахха чуо барбыта. Ону Бакамда эдэрэ бэрт буолан сэрэҕэ суох диэн сэмэлии да, куттана да санаабыта. Арҕах айаҕа дэбигис көстүбэт, урут көрбүт эрэ киһи кини иччилээҕин билэр гына, тахсар сирэ кытыан быыһынан кырыарбытын булчуттар иккиэн бэлиэтии көрө охсубуттара.

Даҕанча чэпчэкитик, сымсатык, тыаһа суох хаамара, арҕах айаҕар түргэнник тиийэ охсубута. Сиэнэ, дьирикинэй хаана, эһэтэ омнуолуу санаабытын курдук, оттомо суох буолбатах эбит этэ: аһаҕастык арҕах айаҕар турбакка, тоҕоостоох сир булан, сөп соҕус суон тиит кэннигэр туран арҕах иһин болҕойон одууласпыта. Эһэ дьон кэлбитин билбит сибикитэ тута биллибитэ: сир анныгар бэрт дириҥ, суостаах саҥа ньирилээбитэ. «Уһуктаары сэргэх сытар эбит буоллаҕа. Оттон уһуктаҕас эһэни өлөрөр күчүмэҕэй», – дии санаабыта Бакамда. Арай куттамсах, албын саха урааҥхайдар, эһэттэн толлон, аатын ааттаабакка, Тыатааҕы эҥин диэн араастаан ханарытан, албыннаан ааттыыллар уонна утуйа сыттаҕына өлөрбөттөр, хайаан да уһугуннаран эрэ баран өлөрөллөр үһү диэн кини истэрэ. Оттон туматтар куттамсах буолбатахтар, оннук акаарытык быһыыламматтар, хайа сатанарынан, хайа чэпчэкитинэн, ордугунан бултууллар.

Сотору суостаах ырдьыгынааһыны кытта эһэ төбөтө арҕах хайаҕаһыттан быган кэлбитэ. Харахтара өс-саас уотунан умайан чоҕулуһаллара, дьабалдьыта суостаахтык ыртайан, мунна сылластан, үрүҥ аһыылара килэйэрэ. Күөн көрсө, күрэс былдьаһа оҥостон кэлбит Даҕанча арҕах иннигэр турарын көрө түһээт, иһин түгэҕиттэн мэҥийэн сөтөллөргө дылы гыммыта да, күөх чалахайынан уол сирэйигэр саба тибиирбитэ. Ити эһэ албаһа этэ: кини утарсааччытын сирэйин-хараҕын саба тибиирэн, көрбөт оҥорон баран үрдүгэр түһүөхтээҕэ. Ол албаһа бу сырыыга табыллыбатаҕа – Даҕанча халбарыс гынан тиит кэннигэр түһэ охсон биэрбитэ, эһэ чалахайа тиити бүрүйэ түспүтэ. Кыра эрдэҕинэ сыгынньахтыы туруоран эһэтэ кыһыл чоҕунан тамнаан, хатыылаах оноҕоһунан ытыалаан аһарарга үөрэппитэ киниэхэ аан бастаан туһалаабыта. Бакамда, алаҥаатын бэлэмнии тутан, итини көрөн туран сиэнин эмиэ хайгыы санаабыта.

Ол икки ардыгар эһэ ырдьыгынаабытынан арҕаҕыттан тахса ойбута. Онно көрдөххө Баай Хаар тыа адьырҕатын бастыҥа, моонньугар мойбордоох туос ала, хардаҥ эһэ киэнэ бэрдэ эбит этэ. Кини обургу, өрө баргыйа түһээт, уол үрдүгэр биирдэ баар буолбута. Маннык түбэлтэҕэ үҥүүнү көрдөрбүтүнэн өтөрү түһүстэххэ эһэ күүстээх баппаҕайынан үҥүү угун тосту охсоро, биитэр туора садьыйара. Өрө сүгүллүбүт сымара таас курдук ынырык кыылтан Даҕанча кэннинэн тэйэ, чугуйа барбатаҕа, иннин диэки, эһэҕэ утары хардыылаат, Бакамда дьирикинэйдэр эһэни бултуур албастарыгар үөрэппитин курдук, үҥүүтүн угун халтарыйбат гына сиргэ бигэтик тирээн баран, кэтит сытыы биитин хонноҕун анныгар кыбынан, кистээн бэлэм турбута. Ол дьирикинэйдэр албастара чахчы куттаҕаһа суох хорсун буолууну, түргэн, сыысхала суох сымса туттууну эрэйэрэ. Кыратык да уолуйуу, дух-дах буолуу тыыҥҥар туруон сөптөөҕө.

Эһэ икки кэлин атаҕар өрө туран, айаҕын үөлэс курдук атан, сытыы сойуо тыҥырахтардаах икки илин баппаҕайын сарбаппытынан уол үрдүгэр саба түспүтэ. Даҕанча онуоха тас иэнинэн тиэрэ барбыта. Охтон эрэр киһини хам баттаан кэбиһэргэ санаммыт адьырҕа сүрэҕин туһунан киһи хонноҕун анныттан үҥүү сытыы һэлии муос төбөтө соҕотохто кылбас гына түспүтэ. Эһэ ону өйдөөн көрбөккө да хаалбыта – үҥүүгэ өтөрү түһэн, хараҕаланан, бэйэтин күүһүгэр тэриттэн киһини үрдүнэн уҥуор барбыта. Ол икки ардыгар Даҕанча эһэ атаҕын аннынан сылыпыс гынан кэннинэн тахсыытыгар балтараа харыстаах саха быһаҕынан эһэ иһин, түөһүн тылыттан самаҕын туорайыгар диэри, тэлэ тардан кэбиспитэ. Эһэ соҕотохто налыс гына түспүтэ, өлөр тиһэх өбүгэтин ырыатын ыллаабыта.

Бакамда эһэ сыыһа-халты туттардаҕына ытаары бэлэм илдьэ турбут алаҥаатын өрүтэ анньыалыы-анньыалыы соргу көтөҕөн:

– Алакыы! Алакыы! – диэн тыа сатарыйыаҕынан үс төгүл үөгүлээбитэ, үс төгүл суордаабыта. – Мин сырам таах хаалбатах: көрөн астынным, үөрдүм! Кырдьык да, дьороҕой туттуулаах, дьолуолаах табаҕайдаах үтүө булчут буолбуккун. Дьэ, эрэ, ол буоллаҕына эһэ көхсүн хааныттан тоҕуста ытыһан ис! Сирэйгин, түһэххин суун! Кини курдук күүстээх-уохтаах, кини курдук суостаах-суодаллаах, уордаах-кылыннаах буолуоҕуҥ!

Ити кэнниттэн эһэ көхсүн сылаас хааныттан сиэнигэр тоҕус ытыс хааны иһэрпитэ, сирэйин, түһэҕин сууйбута.

Бултуйбут дьон эһэлэрин эттээн-астаан баран кутаа оттунан аһаабыттара. Үөлүллүбүт эмис эти элийэ быһан сии олорон Бакамда сиэнигэр:

– Төннөрбүтүгэр Туманнаах Түбэни көрөн ааһыахпыт, – диэбитэ.

– Онон тоҕо төгүрүйэбит? – уол эһэтиттэн ыйыппыта.

– Тиийдэхпинэ кэпсиэҕим.

Аһаан бүтэн баран булчуттар эһэлэрин этин бысталаан ыраас хаарга тэнитэ уурбуттара, кыыл-сүөл тыыппатын диэн, тириитинэн саба тарпыттара. Кинилэр күн дьааһыгырыыта сөп соҕус ыарахан сүгэһэрдээх төннөр суолларын туппуттара.

Оҕонньордоох батыһыспытынан саҥата суох айаннаан испиттэрэ. Аргыый аҕай хааман бастаан иһэр Бакамда ону-маны эргитэ саныыра. Кини бу түгэни күүппүтэ ыраатта, ол эрээри тиийэн кэлбитэ эмиэ да соһуччу. Сиэнинээн иккиэйэҕин нус-хас, бүтэй барааннык олорон ааспыт уон алта сыллара биир күрүс элэс гынан аастаҕа, эчи, түргэнин эбитин! Чуумпу сыллар этилэр. Чуумпу олох диэни сааһыгар билбэтэх оннооҕор Бакамда онно үөрэниэх курдук буолан испитэ эбээт! Куруутун өс-саас өһүөнүн эккирэтиһэр, кыргыһар-өлөрсөр оннугар нус-хас олорор ордук эбит буоллаҕа. Ол гынан баран Бакамда ити сыллар тухары сүрэҕин түгэҕэр сүһүрэ сылдьыбыт сырҕан бааһын – өһүн-сааһын сиэнигэр кэриэс гынан этиэхтээҕэ. Дьэ, ол тиийэн кэллэҕэ.

Туманнаах Түбэҕэ киирэр аартык ааныгар кэлбиттэригэр, Даҕанча хараҕа хатанар бэлиэлээх тиитин анныгар оҕонньор сүгэһэрин түһэрбитэ уонна умса туттан сөҥөдүйэн турбахтаабыта. Уол эмиэ, эһэтин үтүктэн, сүгэһэрин түһэрэн баран өрө хантайан, тиити көрөн турбута. Сүдү улахан чаллах тиит күн диэки өттүнэн улаханнык хайа суоруулааҕа, ол хабыллар хаба ортотугар кини кэлэ-бара сылдьан көрдөҕүнэ санаатын мэлдьи тыытар батары ытыллыбыт куорсуннаах оноҕос чоройон турара.

– Дьэ, көрөн кэбис, – диэбитэ көнө түһэн баран Бакамда, – бу аата буолар үйэ-саас тухары өс-саас бэлиэтэ хааннаах илкээни диэн. Кинини ардах суурайан, тыал милкийэн хаана кубарыччы куурбут. Улуу хоһууннар өстөөхтөрүн өһөрөн, саастаахтарын дьаһайан баран хаалларар бэлиэлэрэ…

– Ол иһин даа, сэрэйбит эбиппин… Оттон ким бу бэлиэни хаалларбытай? Хаһан? Тоҕо?

– Бу хааннаах илкээнини тоҥ биис хоһууна Маҥан Мэкчэ охсубута, эн аҕаҕын Үрэн хоһууну өлөрөн баран. Эн аҕаҥ хаанынан бу хайа суорбут тиитин кырааскалаабыта, эн аҕаҥ борбуйун иҥиирин быһа ыппыт оноҕоһун ити тииккэ хатаан хаалларбыта. «Мин бэйэлээх дьоһун сурахпыттан, албан ааппыттан куттамматах ити мин охсубут хааннаах илкээнибинэн ирдээн эккирэттин, Үрэн хоһуун иһин хаан өс ситистин!» – диэн илдьит хаалларбыта. Ол илдьитин эйиэхэ этэр кэмим кэлбит быһыылаах, холуҥ этэ хойдубут, буутуҥ этэ буспут. Туматтар үгэстэринэн, саас-үйэ тухары иэстэһиллэр хаан өһү ситис!

– Эн итини тоҕо урут миэхэ кэпсээбэтэххиний?

– Уу ньуулдьаҕай эрдэххинэ соруйан кэпсээбэтэҕим: мөлтөх, куттаҕас, сыраан киһи буолан бараҥҥын ону истэн тугу туһаныаҥ этэй? Аҕаҥ туйаҕын хатарар үтүө киһи тахсыбыккын бүгүн эрэ көрдүм.

Эһэтин ити тылларыттан Даҕанча ах баран саҥатыттан матан турбахтыы түспүтэ: истибэтэҕин истэн, билбэтэҕин билэн улаханнык соһуйбута. Баран тииккэ тиийэн саҥата суох, хайа суорууну имэрийэн көрбүтэ: суох, хаһааҥҥыта эрэ аҕаммыт аҕатын хаана биллибэт этэ – чэрдийбит баас оннук курдук, күн уота харааччы сиэн кэбиспит. Онтон тииккэ батары ытыллыбыт куорсуннаах оноҕоһу сулбу тардан ылбыта уонна муодарҕаабыттыы эргим-ургум тутан көрбүтэ. Ох төбөтө тимир этэ, ырба курдук биилээх икки салаалааҕа.

– Саха урааҥхайдар оҥорбут охторо, – эһэтэ быһаарбыта. – Кинини сэлэмэ кустук диэн ааттыыллар. Үрэн хоһуун куотан үрүйэни үрдүнэн көтөн, уҥуор үктэнэ түһүүтүгэр ити оҕунан борбуйун иҥиирин быһа ытан, онон боҕутуннаран өлөрбүттэр этэ.

Даҕанча ох ханна да кыларыйан көрбөтөх сытыы кылаанын тарбаҕын төбөтүнэн таарыйан көрбүтэ.

– Эһэм Бакамда, дьэ, соһуччу сүрдээх суолу кэпсээтиҥ. Ол иһин даҕаны, кэнники кэмнэргэ бу бэлиэ таһынан аастаҕым ахсын тоҕо эрэ хааным оонньуур буолбута. Ол буоллаҕына, мин аҕам өлүүтүн туһунан сиһилии билиэхпин баҕарабын.

Ити кэлин өттүттэн уол эһэтиттэн ол урукку ааспыт быһылааннаах күн туһунан бэркэ болҕойон истибитэ. Оҕонньор тугу да көтүппэккэ кэпсээбитэ, ийэтин Майынчы да туһунан умнубатаҕа.

– Чэ, билигин барыах, – диэбитэ Бакамда, сүгэһэр маһын ылан кэтэ-кэтэ. – Оҕу оннугар ууран кэбис. Хааннаах өс ситиһиллиэр диэри хайа суоруу баас буолан оспокко туруоҕа, хаан өс ситиһилиннэҕинэ кини ортотугар хараҕалана ытыллыбыт ох тостон түһүөҕэ, ону кытта хайа суоруу үмүрүччү оһуоҕа.

Даҕанча, ийэ-аҕа диэни билбэккэ улааппыт буолан, билигин эрэ истибит ийэлээх аҕатын туһунан букатын туспа дьон курдук саныы испитэ. Туора киһи туһугар сааһын тухары билбэтэх, баҕар, сааһын тухары түбэсиһэн көрсүө да суох дьонун кытта өлөрсөрүн туһунан өйдүүрсаныыр этэ. Эһэтэ кыра оҕо эрдэҕиттэн ыла кэпсиир урукку хоһууннар тустарынан умсулҕаннаах да үһүйээннэригэр кини биир суолу кыайан өйдөөбөтө – тоҕо, туох иһин өлөрсөллөрүн. Кини бастаан иһэр эһэтиттэн ол туһунан билигин эмиэ ыйыппыта.

– Эһээ, дьон тоҕо кыргыһаллара-өлөрсөллөрө буолуой?

– Иҥсэттэн, – Бакамда быһаччы быһаарбыта. – Орто Аан Ийэ дойдуну тутан турар иҥсэттэн. Атын дьон босхотун халаары.

– Оттон иҥсэрбэккэ олордохторуна?

– Дьон оннуктар, ону хайдах да гыммаккын: эн халаабатаххына, эйигин халыыллар.

– Биһиги кими да халаабакка, иҥсэрбэккэ олоробут дии.

– Биһигини ким да билбэт. Билэллэрэ буоллар сүгүн олордуохтара суоҕа этэ.

Сиэнэ уол саҥата суох барбыта, кини эһэтин этиитин эргитэ саныы, муна-тэнэ испитэ: «Хара тыа баай ээ, ол гынан баран тоҕо өлөрсөллөр, былдьаһаллар», – дии саныыра кини.

Оттон Бакамда санаата букатын атын этэ. Кини, кырдьыга, сиэниттэн атыны күүппүтэ: аҕатын туһунан, хааннаах илкээни туһунан истээт, өс-саас уотунан умайа түһүөхтээх этэ. Хата ол оннугар туох эрэ солуута суоҕу тылласта. Барар дуо хааннаах өһү ситиһэ? Ити барыта дьирикинэйдэр хааннарыттан. Аҕатын, туматтар хааннара баһыйбыта буоллар атыннык туттуо этэ, Бакамда кийиитэ Майынчыга эмиэ кыыһырара. Ол быыһыгар эмиэ даҕаны атын санаа киирэн тахсара: Даҕанча кыра оҕо эрдэҕинэ этиминэ бэйэтэ сыыста дуу? Оччоҕо, бука, кини тылыттан тахсыа суоҕа этэ. Оттон билигин, туматтар үгэстэринэн, аҕатын иһин тоҥ биистэртэн хаан өс ситиһэ барыа дуо?

«Уҥуохпун тутан бар»

Даҕанча буур тайаҕы уонна сырҕан эһэни бултуоҕуттан ыла улахан санааҕа ылларбыта. Кыылларын этин холомотугар таһар кэмигэр, эһэтин Бакамда хааннаах илкээни туһунан кэпсээнэ кини өйүттэн тахсан биэрбэтэҕэ. Онуоха эбии сааскы ичигэс, үтүө күннэр, уһуктан эрэр Айгыр Силик Айылҕа барахсан кини уутун уйгуурдубуттара, уйулҕатын көтүппүттэрэ – эдэр уолу ыраах ыырдар ыҥырбыттара, туспа дойдулар угуйбуттара. Даҕанча түбүктээх түүллэригэр, сырҕан эһэ арҕаһын түүтүн адаарыччы туппут курдук, күн аннын диэки тэлгэнэ тардыллан уһаан-кэҥээн бара турар Баай Хара тыа бэрт үгүстүк киирэрэ. Кини дьолуолаах ыллыгын хайа хаампыт, тэлэн кэлбит улуу хоһууннар уһун суолларын оймуон, кэтит ыллыктарын тыырыан баҕарара күн-түүн күүһүрэн испитэ, кыараҕас бүтэй холомоҕо тэһийбэт буолбута.

Араас санаалар көймөстүбүт, биир эмиэ утуйан биэрбэккэ эрэйдэммит түүнүн сарсыардатыгар Даҕанча эһэтигэр эппитэ:

– Иитэн-аһатан улаатыннарбыт эһэм Бакамда, иһит эрэ этэр тылбын. Мин кэнники кэмҥэ утуйар уум көттө, тэһийбэт буоллум. Ити хааннаах илкээнини эккирэтэн барабын. Аҕам өстөөхтөрүгэр тоҥ биистэргэ тиийэн өс-саас ситистэрбин диэн барабын.

Бакамда сиэнин ити тылларын истэн эгди буола түспүтэ: ол аата туматтар хааннара кыайдаҕа, туматтар хааннара саҥартаҕа.

– Оҕом, сиэним Даҕанча, ситинник эрэ тыллары эйигиттэн күүппүтүм. Бар, өстөөхтөртөн өһү ситис, Үрэн хоһууну иэстэс. Оттон бараргар мин уҥуохпун тутан бар.

Даҕанча эһэтин саҥатын олус соһуйа истибитэ. Кырдьыга, кини туматтар, кырдьаҕас киһини ыраах, ыарахан айаҥҥа соһон боҕуу гыммакка өлөрөн, уҥуох тутан баралларын билэр эрээри, ол туһунан букатын санаабатах эбит этэ, мах бэрдэрэн, саҥата суох олоро түспүтэ.

– Оттон эн миигин кытта барыстаххына? – диэбитэ кини.

– Суох, мин уһун айаны кыайбаппын, эн ылыммыт санааҕын толороргор боҕуу эрэ буолуом.

– Оччоҕо эт-ас бэлэмнээн хаалларыым, эн мин кэлэрбин кэтэс.

– Суох, суох, тукаам, мин өбүгэлэрбэр аттанар кэмим кэллэ: эйигиттэн көрдөһөр көрдөһүүм диэн, биһиги туматтар үгэспитинэн, мин уҥуохпун тутан бар. Эн билигин барар сириҥ олус ыраах, ол дойдуттан тыыннаах эргиллэн кэлэҕин эрэ кэлбэккин – мин онно тиийэр кыаҕым суох. Өбүгэлэрим дойдуларыгар барбакка, бу хоту муус-чэҥ дойдутугар соҕотоҕун хаалан үөн-көйүүр, кыыл-сүөл аһылыга буолуохпун баҕарбаппын.

Үгүс үйэлэртэн хаалбыт үгэс күүстээх, оҕонньор этэн баран эҕирийбэтин Даҕанча билбитэ. Ити кэнниттэн иккиэн арахсан аҥыы-аҥыы айанныыр суолларыгар оҥостон барбыттара. Даҕанча, эһэтин этиитинэн, тыа ортотугар аҕыс атахтаах араҥас оҥорбута. Араҥас аллара өттүгэр кураанах маһы мунньан чохчолообута. Бакамда тайах, эһэ этин үөлэ-үөлэ хатаран сиэнигэр өйүө үлүктэ бэлэмнээбитэ. Кини ол сылдьан Даҕанчаҕа сүбэлиирэ, суолун ыйара.

– Сиэним Даҕанча, биһиги бу дойдуга аны силис тардан чэчириир кыахпыт суох буолла. Саамайдар баһылыктара Эмчээгин да, майааттар баһылыктара Энэгэй да манна кэллэхтэринэ биһигини күнтэн сүтэриэхтэрэ. Эн Кэллээмэ эбэҕэ киирэн олохсуй. Сир-уот уларыйдаххына, баҕар, киһи-хара буолуоҥ, үөскүөҥ-ууһуоҥ, кимнээҕэр чэчириэҥ.

– Оттон мин ол Кэллээмэ эбэҕэ хайдах гынан тиийиэмий? – Даҕанча эһэтиттэн ыйытара.

– Күнүскү күн аннын диэки бараар, мас киилин кэтэҕин батыһаар. Суолуҥ үс гыммыттан биирин барбытыҥ кэннэ, үс үрэх тардыытын араарар таас хайаҕа тиийэн кэлиэҥ. Ол таас хайаттан үс үрэх саҕаланан тус арҕаа, тус илин, тус соҕуруу түһүөхтэрэ. Уҥа илиигинэн бардаххына, тигиилээх сирэйдээх дьирикинэй омуктарга тиийиэҥ, онон барыма. Оттон хаҥас илиигинэн бардаххына, саһыл курдук албын саха урааҥхайдар улуу өрүстэригэр киириэҥ, онон эмиэ барыма. Үс үрэхтэн ортокутун тутус. Ол Түҥкэтэх үрэх, ыппыт охтуу, тус соҕуруу түһүөҕэ, барар сиргэр чопчу тиэрдиэҕэ.

Түҥкэтэх үрэх таас кырбааттартан өрө тэйэ сытар сирдэрин ааһан, аллара киирдэххинэ, үрэҕиҥ балачча кэҥиэ, дэбилкэй сүүрүктээх дохсун өрүскэ кубулуйуо. Кини икки өттө сатыы киһи эрэйинэн айанныыр мас аабылаана буолуо. Ол иһин өрүс сылбаҕыттан бэйэҕин уйар сөптөөх суон сыгынах булунан, онно олорон айаннаа.

Түҥкэтэх үрэх үөһээ сүүрүгүн, булду эккирэтиһэ, дьирикинэйдэр бэрт үгүстүк быһа охсон ааһаллар. Эн кинилэртэн бэркэ диэн сэрэн. Кинилэр быстан-ойдон сылдьар, эбэтэр аҕыйах ахсааннаах дьоҥҥо кыырт курдук саба түһээччилэр. Оттон Түҥкэтэх үрэх аллараа сүүрүгүн диэкинэн хаҥас диэки Тыаһыкыт, Тылгыны, Мастаах диэн улуу күөллэр бааллар, ол онно саха урааҥхайдар улуу өрүстэриттэн тахсан олохсуйбуттара ыраатта. Эн кинилэр харахтарын далыгар киирбэккэ айаннаа.

Күнүһүн бүк сирдэргэ тахсан утуй, түүнүн сыгынаххар арбаҕынан саптан уһун.

Ол курдук айаннаан, этэҥҥэ буоллаххына, Киэҥ Кэллээмэ эбэҕэ тиийиэҕиҥ. Ол өрүскэ, Киэҥ Кэллээмэҕэ, бэрт үгүс биистэр – хоролор, дьирикинэйдэр, туматтар, саха урааҥхайдар бары симсэ-үтүрүһэ, бэйэ-бэйэлэрин баайдарыгар иҥсэрсэ олороллор. Үгүс хааны тохпут, охсуһууга-өлөрсүүгэ үөрүйэх Киэҥ Кэллээмэ урдустарын кытта соҕотоҕун кыайан туруулаһыаҥ суоҕа – соҕотоҕун тоҥ биистэргэ тиийдэххинэ, Маҥан Мэкчэ үҥүүтүн-батаһын аһылыга буолуоҕуҥ. Ол иһин ол онно, Киэҥ Кэллээмэ эбэҕэ, Бэрдьигэстээх Дэбэҥдэ диэн сиргэ олохтоох туматтарга тиий. Эн кинилэри умайар уот кыһыл таҥастарынан эндэппэккэ билиэҕиҥ. Онно Арчикаан диэн хоһуун баар буолуоҕа. Эн киниэхэ тиийэн мин ааппыттан көрдөс.

Даҕанча эһэтин тылларыттан эгди буолбута.

– Сөп, эһээ, инньэ гыныаҕым.

Бакамда өбүгэлэрин дойдуларын тоҕо эрэ күн аннын диэки баар, сып-сырылас сылаас тыаллаах, уйаара-кэйээрэ биллибэт киэҥ тунаар дойду диэн өйүгэр оҥорон көрөрө. Кини онно барыахтаах этэ. Күн анныгар уһуннук олорон бу дойдуга оҥорорун бүтэрбит, иэһин төлөөбүт, өбүгэлэрин дойдуларыгар аттанара уолдьаспыт киһи быһыытынан, айанын тэриирин тэринэр айдааныгар түспүтэ. Кини туох баар таҥаһын-сабын, сэбин-сэбиргэлин барытын араҥаһын үрдүгэр муспута, илдьэ барарга санаммыта. Оннуга да сөпкө дылыта – бу дойдуга кини кимнээх буолан кимиэхэ хаалларыай? Сиэнэ айанныыр ыраах дойдутугар бэйэтин кытта сигэ кэлгиэлээх, һэлии муоһа уһуктаах модьу үҥүүтүн уонна сүгэһэр маһын эрэ ылыаҕа, онтон атын киниэхэ наадата суох.

Даҕанча өйүөтэ бэлэм буолбута, оҕонньор эмиэ тэринэн бүппүтэ – эһэлээх сиэн арахсар кэмнэрэ тиийэн кэлбитэ. Кытаанах, аһыныгаһа суох кэм сиэринэн, Даҕанча төһө да иһигэр харааһыннар ону таһыгар таһаарбакка эрэ, араҥас үрдүгэр тыстаах баттахтаах эһэтин тириитин тэлгээбитэ. Бакамда буур тайах тириититтэн тигиллибит уһун, бэрбээкэйинэн охсуллар саҕынньаҕы кэппитэ уонна араҥас үрдүгэр тахсан эһэ тириитигэр олорбута. Уҥа өттүгэр имигэс уһун быалаах үҥүүтүн уурбута, оттон хаҥас өттүгэр – алаҥалаах нимчикатын.

Бакамда тахсан эрэр күнү утары көрөн олорон сиэнигэр Даҕанчаҕа кэриэс-кэс тылын эппитэ.

– Туматтар, биһиги, тоҕус киһи үйэтин тухары хаан өһү ситиһээччибит, Маҥан Мэкчэттэн аҕаҥ иһин хаан өһү ситис! Өстөөххүн өлөр, саастааххын самнар! Эттим, бүттүм, иэскин толор, үҥүүгүн хааннаа!