скачать книгу бесплатно
Кырыыстаах таас
Василий Николаевич Егоров
Ааптар бу айымньытыгар Халыма кы?ыл к?м???н кимнээх ха?ан, хайдах арыйбыттарын уонна чинчийбиттэрин ту?унан номохторго, докумуоннарга оло?уран сэ?эргиир. Кы?ыл к?м??? к?рд????н, чинчийии ?лэлэрэ ?г?с ыарахаттардаах, к?ч?мэ?эйдэрдээх, м?чч?ргэннээх. Сырыыны-айаны кыайар дьулуурдаах, идэлэригэр ?й-санаа ?тт?нэн у?улуччу бэриниилээх дьон ?лэлэрэ-хамнастара рома??а си?илии кэпсэнэр.
Тумарча
Кырыыстаах таас
Аан тыл
Сахабыт сирин киэ? нэлэмэн киэлитигэр би?игиттэн, а?ыйах ахсааннаах олохтоох омуктартан, ураты т???л??х элбэх араас омук дьоно кэлэн ?лэлээн-хамсаан, олох олорон, сири-дойдуну чинчийэн-??рэтэн, баайын-дуолун ту?а?а та?ааран, урукку Сэбиэскэй Сою?у, Арассыыйа Эбэ Хотуну бар?аппыттара, байыппыттара буолуой? Бу ?тт?нэн ыллахха, к??стээх хамсаа?ын Алдан кы?ыл к?м??э а?ыллыа?ыттан – ааспыт ?йэ с??рбэ?ис сылларыттан ыла са?аламмыта. Оччотоо?у «Алданзолото» трест кылаабынай геологынан ?лэлээбит эдэр геолог Юрий Александрович Билибин эрчимнээх туруорсуутунан, 1928 сыллаахха ма?найгы Халыматаа?ы экспедиция тэриллибитэ. Бу экспедиция балтараа сыллаах ?лэтин т?м?г?нэн, а?ыйах сылынан «Дальстрой» трест олохтоммута. Мантан ыла Саха сиригэр к?м?с промышленно?а к??скэ сайдыбыта.
Дойдубут бу кэминээ?и историята, оччотоо?у далаа?ыннаах ?лэ-хамнас, ГУЛАГ тэриллиитэ, т?? тай?а кистэлэ?ин курдук, баччаа??а диэри тыытыллыбакка, арыллыбакка сытар. Бу ?р?? да, хара да ?р?ттээх ?с к?л??нэ дьон оло?ун устата сал?анан барбыт кэм – б?т?н эпоха – би?иги республикабыт ааспыт ?йэтээ?и историятыгар биир саамай улахан миэстэни ылар. Онон бу салаа хайа эрэ ?тт?нэн сырдатыллыбакка хаалара дойдубут ааспыт кэминээ?и оло?ун ??рэтии итэ?э?ин бы?ыытынан билиниллиэхтээх.
1982 сыллаахха тахсыбыт «Кырыыстаах таас» сэ?эн история бу кистэлэ?ин сэгэтэн к?р?? эрэ бы?ыытынан суруллубута. Сэ?эн тахсыбыта ?йэ чиэппэрэ ааспытын кэннэ, бу тема?а иккистээн эргиллэн, кыах тиийэринэн, доруобуйа т??? к???лл??р?нэн салгыы ?лэлэ?эн к?р??х санаа к??рэйдэ. Олохтоохтору ?р? к?т?хп?т?х к?м?с промышленно?ын сайыннарыынан сибээстээн, б?т?н Илин Сибиир киэ? иэнин тухары т???л??х элбэх ки?и дьыл?ата т?стэммитин, т???л??х дьон у?уо?а урусхалламмытын ситэри ыатарар кыах кимиэхэ да бэриллибэт. Ону арыйарга хас да уонунан кинигэ – эпопея суруллуон наада. Ол биир ки?и кылгас ?йэтигэр кыаллыбат. Онон урукку сэ?эммин рома??а кубулутан, Халыма к?м???н былааннаахтык чинчийэн арыйбыт у?улуччулаах учуонай Ю.А.Билибин уонна кини соратнига, Магадан куораты т?р?ттээбит В.А.Цареградскай ма?найгы экспедицияларын ту?унан са?алаа?ыны аа?ааччылар бол?омтолоругар та?аарарга холоннум.
Революция иннинэ да, сэбиэскэй да кэм?э, к?н б?г?н да?аны кы?ыл к?м?с ыар тыынын сабыдыала би?иэхэ, олохтоох омуктарга, ?т??н? о?орбутунаа?ар араас содулу а?албыта улахан. Онон «Кырыыстаах таас» диэн аат хайа да кэм?э суолтата с?ппэт.
Ааптар
1.
Сиридикээн ?рэ?э икки иэдэс хайатын таас чанчыктарыттан хардарыта тэбинэн, Халыма эбэ хоту??а халдьыгыраччы с??рдэр. Кыара?ас ыллык суол ?рэх то?ойдорун таас харгыларынан бы?ыта охсор.
Л?к?й Л?г?нт?й к?хс?н и?игэр ки?инэйэн ыллыы и?эн, устунан нухарыйыах курдук буолан барда. Т?б?т?н т??к?чч? т??эрэн, икки ?тт?нэн биллэрдик и?нэ?нээн ылла.
Эмискэ ата тохтуу биэрдэ. Ки?и т?б?т?н оройунан баран и?эн, арыычча ?р???ннэ. Со?уйбута бэрдиттэн суолун-ии?ин ?йд??н к?р?ммэтэ. Кыбдьыгырыы т??ээт, атын холурдук бы?а ти?илэхтээбитигэр, ата кэннинэн чинэри?нээтэ. Онтон эмискэ иннин диэки дь?кк?йб?т?гэр туох эрэ бы?а ыстанар тыа?а и?илиннэ. Л?к?й туох эрэ б?р?к?тэ суох бы?ыы тахсыбытын сэрэйэн, эргиллэн к?рд?. Та?ха?ар муостаах хара ма?аас ынах с?б?лээбэтэхтии ??стээ?инэн та?нары к?р?н кэби?ээт, ба?ын бы?а илги?иннэ уонна сырааннаах муннун «пуус» гына тыа?атта.
– Балай Ма?аас, бэрт с????, бу т??н сиргэ хоннорору? буолуо. Б?г?н к?ннээххэ бэркэ миигин эрэйдээти?, – Л?к?й ?с са?а буолан, атыттан адаарыйан т??эн, ына?ын быстыбыт быатыттан сиэтэн а?алан, атын кутуругар холбоммут быата быстыбытын с??рэн, икки т?б?т?н ыйылыннары тардан, сал?аан кэбистэ. Онтон ынах с????гэр кириэстии тардыллыбыт томторук быатын чи?этэн аччары?а турда?ына, ата уулаары олом ортотугар киирдэ. Иччитэ атын буойан к?рд? да – ту?алаабата. Т??? да кыйаханнар тэ?нэ?иэ дуо, ууну кэ?эригэр тиийдэ. Ч?м-ч?м ?ктэнитэлээн киирэн, атын тэ?иинин ылаары т??к?йд?. Ып-ыраас уу т?гэ?э курдаттыы дьэрэлийэн сытар. Араас ??н??х таас бытархайдарын быы?ыгар ытыс са?а дьикти таас к?н ча?ылыгар уотту?у кы?ыл ???нэн толбоннуран к???ннэ. Л?к?й ону улаха??а уурбата. У?ун ?йэтигэр бу дойду таас ?рэхтэригэр, хайаларын сирэйдэригэр итиннээ?эр буолуох араас дьэрэкээн ойуулаах, ыраас сырдык ??н?рд??х, онноо?ор муус курдук дьэ?кир таастары к?рд? ини, к?рб?т? ини. Ол да буоллар, тэ?иинин атын ата?ыттан араара таарыйа били таа?ы харбаан ылбыта, таа?а ыбыс-ыарахан эбит.
– Ар-дьаалы, эчи, сибиниэскэ дылы буолан, то?о ыараханай? – Л?к?й с?хп?ччэ са?а аллайда. Кыракый таас маннык ыарахан буоларын урут билэ илигэ. Онуоха эбии толбоннуран к?ст?р кы?ыллы?ы ??н???? ордук муодар?атта. Ылыан дуу, ылымыан дуу саарыы турда?ына, этэрбэ?ин сиигинэн ата?ар тымныы уу билиннэ. Онуоха эрэ ?рэх ортотугар турарын дьэ ?йд??т?. Атын сиэппитинэн бокуойа суох у?уоргу кытыыны былдьаста. Туруору со?ус эмпэрэ сыыры ?р? дабайан, хагдарыйбыт кырыстаах кураанах сиргэ тохтоото. Илиитэ иллэ?э суо?ун ити икки ардыгар умунна. На?ылыйан чэпчэтиниэн санаан и?эн, тутуурдаа?ын ?йд??н сиргэ силлээтэ. Ханна ууруон саараабыттыы ол-бу диэки к?р?тэлээтэ. Эмискэ хара?а ы?ыырыгар хапсыччы быра?ыллыбыт бэрэмэдэйигэр хатанна. Соччолоох бы?ааран ?йд??б?кк?, таа?ын бэрэмэдэй а?а?ас муннугунан и?ирдьэ т??эрэн кэбистэ.
Л?к?й сурулларынан, Омуо?ап Л?г?нт?й, Буйу?да ?р?скэ олохсуйбута уонтан тахса сыл буолла. Бу и?нэ?нээн хаамар ?рд?к у?уохтаах, кытархай хааннаах, кимистигэс с????н аннынан сабыччы к?рб?т, кэтит н?кс?г?р к???стээх, бэйэтин лаппа кыанар к??стээх-уохтаах а?амсыйа баран эрэр ки?и. Сайын аайы икки чороччу улаатан эрэр уолаттарын баты?ыннара сылдьан, оту хото оттуур буолан, биэс-алта с????н? сыл та?аарынар. Бы?аас Сэйимчээ??э олохтоох Сиидэр кинээс Дьокуускай улахан атыы?ыта Кушнарев бирикээсчитиниин Уола?а айаннаан и?эн, Буйу?данан кэлэн ааспыттаах. Онно Л?к?йг? биир улахан с????н? уостатыах буолан, к???н ону эрдэ кэлэн ыларыгар мас-таас курдук этэн барбыта. Ол ына?ы бу холбонон истэ?э.
* * *
Буйу?да ?р?с к?н? хонуулаах киэ? хочотун биир хонно?ор хойуу мастаах сиргэ буор сыбахтаах кыра бала?ан турар. Тэлгэ?э?э оонньуу сылдьар икки уол а?алара ынах холбонуулаах и?эрин к?р?н, утары сырсан б?т?р??н???н кэллилэр.
– Туох ааттаахха ?р? мэ?и?эн кэллигит, сэрэни? ына?ы ?рг?тт?г?т! – Л?к?й о?олорун таптаабыт хара?ынан ??рэ к?рд?р да?аны, суо?ур?аммыта буолла.
– А?аа, бу ына?ы би?иэхэ биэрдилэр дуо? Па-хыый, муо?а то?о токурай? – диэн кыра уол, сирбит санаатын биллэрэн, ча?аарыйа т?стэ.
– Ээ, акаары, хайа билигин ??т?н истэххинэ сириэ? суо?а. Хата, бар, ийэ?ин ы?ыр, кэлэн бу с????н? далга киллэрэн баайдын, к?рээн хаалыа?а. Онтон эн, улахан бэдик, аты сыгынньахтаа, – а?алара далын ааныгар атын тохтотон, тэ?иинин уолугар биэрдэ. Бэйэтэ бэрэмэдэйин санныгар иилинэ быра?ан, к???йэн хаалбыт ата?ын нэ?иилэ сы?арытан, дьиэтин диэки хааман алтахтаата.
Сотору кэргэнэ Алааппыйа киирэн кэллэ. Ки?итэ сылайан сынньана сытарын а?ыммыт хара?ынан имэрийэ к?р?тэлээтэ.
– Хайа, Л?г?нт??й, кытарах ына?ы биэрбиттэр дуу, син сириннээх эбит ээ, ыаппахтыы?ы.
– Ти?э?э о?у?у биэрээри тииспитин к?рд???н, ити ына?ы ыллым. Ол о?ус айа?ар оппут да тиийэрэ биллибэт. Хайа уонна ити ыччаттар ?ссэнэллэригэр эбии буолуох этэ буолла?а дии.
– С?пк? санаммыккын. Бэйэбит икки ынахпыт уолан эрэллэр. Ити с????т?н уо?угар тугу биэриэх курдугуй?
– Биэс арсыын даба сыы?ын уонна кыра чэй, табах биэрдэ. Ону бэрэмэдэйгэ укпутум.
Алааппыйа хап-сабар бэрэмэдэйи ха?ыспытынан барда. О?онньорун кэ?иитин биир-биир оротолоон сыллаан, имэрийэн к?р?-к?р?, сэрэнэн остуолга уурталаата. Онтон таа?ы булан со?уйан са?а аллайда.
– Пахай, бу эмиэ туохпут таа?ын ы?ырдан кэлли?? Ба?айы, эчи, ыараханын!
– Ээ, ити аара ?рэхтэн булбутум. О?олор оонньуохтара.
– Аата о?олоор, оттон итиннээ?эр буолуох араа?ынай таастары чабычах му?унан илдьэ сылдьаллар дии. Ол ?рэх, хайа таа?а баранан, эн да?аны харамна?ан т??э??ин.
– Дьэ, тылгын ыстаама, – Л?к?й атын тугу да диирэ суох буолан, суо?ур?анан кэбистэ. Та?ырдьаттан уолаттар ?р?к?нэ?эн киирэн остуолга ууруллубут табаардары омуннаахтык ??рэ к?рд?лэр. Онтон били таа?ы хаба тардан ыллылар. Былдьа?а-былдьа?а, с???? б??? буолла.
– Айыккабын, то?о ыараханай?!
– Ноо, кылабачыйар дии!
– Ээ… э, мин т?г?р?к таастарым ордуктар!
– Хата, бэрбээкэй быра?ар о?остуохпут… – о?олор к?р?н-истэн, сирэ-тала о?устулар.
– К??г?нэ?имэ?. Бары?, та?ырдьа тахсан оонньоо?, – диэн ийэлэрэ остуолун хомуйа туран, уолаттарын ??ртэлээтэ. О?олор таастарын туппутунан та?ырдьа элэс гынан хааллылар…
2
Аан тэлэччи а?ыллаат, сабылларын кытта, туман быы?ыттан кырыарбыт быы?ык са?ынньахтаах, куобах бэргэ?элээх эдэр ки?и чэпчэкитик дэгэйбэхтээн, дьиэ ортотугар биирдэ баар буола т?стэ. Остуолга утарыта хабылыктаан м?кк??э турбут уолаттар утары сырсан кэллилэр.
– Оо… Миитэрэй! Миитэрэй кэллэ! Иэхэйбиин! Кэпсээн истиэхпит.
– Тохтоо? эрэ, ки?ини сыгынньахтаты?, – Л?к?й сыар?а ыла?а буолуо диэн сонос то? тала?ы суора олорон, киирбит ыалдьыты уолаттарыттан итэ?э?э суох сэ?ээрэ к?рд?. Туран, ма?ын ардьаах ?рд?гэр туора уурда. О?о?ор мас эбии уган к??дь?тэн биэрдэ.
– Хайа, Миитэрэй, тугу билли??
– Суох, э?иги кэпсээ??ит.
– Суох.
– Т??? бэркэ олордугут?
– Кэммитинэн олоробут…
Миитэрэй, орто курбуу у?уохтаах, сырдык хааннаах, с??рбэтиттэн эрэ тахсыбыт эдэр ки?и, Сиидэр кинээскэ сылгы?ыт уолунан сылдьар. Ыалдьыт сыгынньахтана охсон, то?мут бы?ыынан о?оххо сыралынна.
– Ыччыы, ычча! Халлааммыт бытарытан т??эн то?о тымныытай? Аара э?иги курдук ыаллар суоххут буоллар, то?он ?л?? эбиппин.
– Бачча халлаан тымтан турда?ына, ы?ыыр акка тымныы б??? буолаахтаата?а дии. Бу хантан и?э?ин?
– Э?иги эргин сылдьыбыт Улахан Элэмэс ??р?н к?рд?м. Аллараа Быйыттаах т?рд?н диэки салаллыбыт. Б?р?л?р тыыттахтара буолуо диэбитим, хата, этэ??элэр эбит.
– Бу к???н Хоболоох т?рд?гэр турара. ?йд??х сылгы. Хаара халы?ыыр кэмигэр Киэ? Хочо диэки тиийээччи. Кэм тиэргэнин чуга?а буолла?а дии, – Л?к?й иистэнэ олорор Алааппыйа?а эргилиннэ.
– Ыл эрэ, бу дьахтар, чэйгин кут. То?он кэлбит ки?и итиитэ киллэрдин.
– Маа?ыын сарсыарда нууччаларга сылдьан а?аатым. Дьэ, минньигэс астаах дьону к?рд?м. Барбах курупчаакы лэппиэскэтинэн эмсэхтэнэллэр эбит. Бу атаспар Уйбааскыга кэ?иибин а?аллым, – Миитэрэй остуолга олорон сиэбиттэн ?р?? бурдук лэппиэскэтин ку?уогун кыра уолга уунна.
– Иэхэйбиин! – диэт, Уйбааскы кэ?иини э?э охсон ылла. Миитэрэй диэки ??рб?т харахтарынан махтаммыттыы к?р?тэлээтэ. Убайыгар к??ч?ктээн кы?ытта.
– Сыччыай, ыл убайгар кыратык бэрис, амсайдын, – Алааппыйа дьэс алтан чаанньыктан чэй кутуталаан биэрэ олордо.
– Ол хайа бэйэлээх нууччалара хантан кэлбиттэрэй?
– Дьокуускайтан кэлбиттэр, иккиэлэр.
– Но, ол туох идэлээх, тугу к?рд?? кэлбит дьонуй? – Л?к?й сэ?ээрэн хонос гына т?стэ.
– Бу к???н Дьокуускай улахан атыы?ыта Кусунарыап бирикээсчигин кытта ындыы к?т???н кэлбиттэр. Сэйимчээн утары эбэ бэтэрээ э?эригэр атыы?ыт т??лээх тутар дьиэтэ баара дии…
– Ээ, оттон баар, с??нэ дьиэ.
– Онно кыстаан олороллор. Тойонноро Ыспаак Алын Халыма?а т??лээх хомуйа барбыт, онон билигин иккиэлэр эрэ. Аны саас т??лээх туттара Уола?а киирэллэр ???.
– Дьэ, т??? табаары а?алан эргиннилэр буолла? Хата, а?ыйах тии?нээхпин эйигинэн ыытан чэйгэ, табахха эргитии?ибит, – Л?к?й ыйытардыы дьахтарын диэки к?рд?.
Алааппыйа с?б?лэ?эн кэ?ис гынна, Миитэрэйтэн элэктээбит куола?ынан ыйытта:
– Ол нууччалары кытта, хата, эн хайдах сатаан кэпсэтэ?ин? Сорох ?л?р?б?т да диэтэхтэринэ ?йд??б?т ини.
– Ээ, до?оор, ол дьону? олох уу сахалар эбит. Ол и?ин ыалдьыттыыр, айгыстар буолла?ым дии. Ханна эрэ со?уруу дойдулаахтар ???. Бодойбо?о к?м?с ?лэтигэр сылдьыбыттар. Манна эмиэ кы?ыл к?м?с к?рд??р санаалаахтар эбит. Миигиттэн ыйытала?аллар.
– Бээрэ, ол би?иги дойдубутугар к?м?с к?ст?б?т ??? дуо?
– Суох буолла?а дии. Бара сатаан санааларын этээхтииллэр бы?ыылаах.
– Ээ, оннук буолаахтаамына. Бу ?л?гэр тыйыс дойдуга туох к?м??э ??ск?? буолла?ай? – Л?к?й санаатыгар кы?ыл к?м?с сылаас, баай айыл?алаах со?уруу омук дойдуларыгар эрэ баар буолуон с?п курдуга.
– Миитэрээй, кы?ыл к?м?с хайдах буоларый? – улахан дьон кэпсэтиилэрин сэ?ээрэн истэ олорбут Уйбааскы тулуйумуна чап гыннарда.
– Билбэтим, до?оччуок, к?рб?т суох. Сэрэйдэххэ, к?н курдук ча?ылы?нас, сиэдэрэй ини, – Миитэрэй мунаарбыттыы на?ыллык хардарда.
– Оттон ити а?ам а?албыт таа?а кылбачыгас уонна с?рдээх ыарахан этэ ээ.
– Ханнык таас? – Миитэрэй сэргэ?элиэх курдук буолбутун, Алааппыйа саба са?аран кэбистэ.
– Бу уол да?аны ча?кынаан т??эн. Эмиэ били бэйэлээхтэрин ыатаран эрэр дии. ?с кы?ыны бы?а мэ?эй-та?ай буолан сордообута оттон…
– Арба да?аны онтукабыт ханна баарый? То?о эрэ к?рб?т???м ?р буолла ээ, – Л?к?й дьонун уорбалаабыттыы кэриччи к?р?тэлээтэ. У?ун дьиппиэр к?р??н? улахан уол тулуйбата.
– Ийэм билэр, – диэтэ.
– К?р эрэ, бу сара?ын миигин уган биэрдэ дии. Дьэ, бэйикэй, кэпсэтиэхпит, – Алааппыйа уолугар кыы?ырбыта буолла, онтон салгыбыттыы эригэр хатылла т?стэ.
– Эн да?аны о?о?о дылы солуута суох ол-бу б??? мунньаахтаа??ын, ол малы? мэлийбитэ. Туой ки?и сылдьар сиригэр тэскэйэн сытар буолла?а. Хаста да?аны хара?а?а атахпын бы?а тэбэн, ыксаан к?рдь?ккэ та?ааран бырахпытым. А?ыйдаргын тахсан к?рд?? ээ.
Л?к?й тугу да са?арбата. М?ч??нээн эрэ кэбистэ.
3
Саас. Хаар ууллан, сир-дойду уунан килэйдэ. Кус-хаас ?гэннээн кэлэн турар кэмэ. Л?к?й Л?г?нт?й туукка саатын с?гэн, хас да?аны б?д?? кустаах дьиэтигэр кэллэ. Тэлгэ?э?э кураанах сири булан балачча сытыйбыт ынах этэрбэ?ин бы?а?ынан кы?ыйа турда. Ха?ас ойо?о?унан, чалбах са?атыгар, бадараа??а туох эрэ ара?асты?ы сырдык хара?ар к?ст?н аа?арга дылы буолла. «Чалбах хара?а ча?ылыйар ини» дии санаата. Т??к??н??р?гэр санныттан саата сулбуруйан т?стэ. Ону ?р? садьыйабын диэн, биир ку?ун сиргэ м?чч? тутта. Уо?ун и?игэр ??хсэн ботугуруу-ботугуруу, булдун ылаары к?рб?тэ, били, бу к???н Сиридикээнтэн булан а?албыт таа?а ?сс? ордук ыраа?ырбыкка дылы буолан ча?ылыйа сытар эбит. Л?к?й ону то?о эрэ ??рб?т курдук к?рд?. Ылан арба?а?ын э?ээригэр сууралаан ыраастаата уонна дьиэтигэр илдьэ киирдэ. Кустарын остуолга кэккэлэччи уурталаан кэбистэ. Та?а?ын устан ыйаат, к?м?л??гэр икки-?с умуллан эрэр харда?ас хаалбытын эргитэ тутуталаата. Уот иннигэр модороон о?о?уулаах талах олоппос турарыгар куолутунан аргынньахтанан кэбистэ. Мутук хамсатыгар табах уурунан тардан унаарыта олорон, хайдах эрэ этэ-хаана ирэн к?ннь??рб?ччэ, айыл?а?а араас да дьикти таастар бааллар ээ диэн с??? саныы олордо. Бу сайын от охсо сылдьан дэлби итииргээн, ?р?с эмпэрэтигэр истиэнэ курдук туруору, дьураа-дьураа тус-ту?унан таастарынан дьапталлыбыт хайа сирэйин анныгар чэй ?р?нэн с?р??к?? олорон, о?о сутуругун курдук мото?ор, араас ойуу б???л??х, адьас сибилигин хамсаан барыахтыы тыыннаах кэриэтэ таа?ырбыт ??н? булан эмиэ о?олоругар а?алан биэрбитэ. Дьиибэтэ диэн, ол «??нэ» ки?иттэн ?рд?к сиргэ хайа дьаптал?а таа?ын быы?ыгар кыбыллыбытын нэ?иилэ арааран ылбытыгар, сыппыт сирэ ойуута ойуутунан о?ойон хаалбыта. Бу хантан кэлбит ??н дуу, туох дуу ха?аа??ыта итиччэ ?рд?ккэ ыттан баран таа?ыран хаалбытын Л?к?й бэйэтин хара?а ?й?нэн толкуйдуу сатаабыта да, кыайан тобулбата?а.
Кини к?ннээ?и ?лэ-хамнас т?б?г?ттэн орто?уна ха?ан эмэ быыстатан син ону-маны ??тэн, ыры?алаан саныыр т?бэлтэлэрдээх буолааччы. Б?г?н эмиэ к?хс? ирэн, санаата манньыйан, нухарыйыах курдук буолан эрдэ?инэ, Алааппыйа уолаттарынаан хотонноруттан киирдилэр.
– Кинээ?и? ына?ын ха?ан илдьэн биэрэ?ин? ?рэх уута хаайа илигинэ илдьэн кэби?иэх хаалла?а.
Эмиэ сыппах бы?а?ынан сулуйаары гынна диэн, Л?к?й эрдэттэн суос бэриннэ:
– Мээрилээмэ. Буруйугар эн туруо? суо?а.
Киэ?элик кустарын бу?аран а?аары олордохторуна, аллараттан т??рт ы?ыыр аттаах нуучча дьоно кэлэн, кыракый бала?ан и?э туолан хаалла. Мааны та?астаах, кугас сулардыы бытыктаах эдэр ки?и, тойонноро бы?ыылаах, сымна?ас куола?ынан дьиэлээхтэри кытта дорооболосто. Биир аргы?ыгар, хара бытыктаах, кэтит сарыннаах улахан ки?иэхэ, ту?аайан тугу эрэ эппитигэр, анараа??ыта Л?к?й диэки к?р??т, мичээрдээн баран, уу сахалыы са?арбытыгар дьиэлээхтэр сэргэ?элээн ч?рб??н??? т?ст?лэр.
– Бу Охотскай атыы?ытын ?лэ?итэ. Кини Халыма устун ындыынан сылдьы?ар суолу-ии?и ??рэтэр. Би?иги сарсын бу ?рэ?и ?кс?й??хп?т. Бу т??н манна хонуо этибит.
– Ээ, оннук ини, оттон хонон бары?. Хата, эн сахалыы билэр ки?и баар эбиккин дии, сонунна кэпсээ.
– Кэпсээтэххэ сонун баар б??? буолла?а дии. Дьэ, киэ?э на?ылыччы сэ?эргэ?иэхпит.
Итинник а?ыйах тылы бырахса т??ээт, ?с ки?и аттарын сыгынньахтыы та?ыстылар. Тойонноро тутан киирбит тирии б?р????ннээх обургу хапта?ай дьаа?ыгы у?а оро??о илдьэн уурда. Сонун, сэлээппэтин устан ыйаары ол-бу диэки к?р?тэлээн к?рд? да, иилэри булбата. Аан ба?ана?а икки мас то?о?о баарыгар дьиэлээхтэр та?астара ыйанан тураллар. Хоно?о тугу да гыныан билиминэ, дьиэлээх ки?и диэки к?р??т, мичээрдээн ылла. Онтон ?й ылбычча, дьаа?ыгын а?а баттаан, холбуу баалла сылдьар ат боккуоптуур то?о?ону сулбу ойутан та?аарда. ?с-т??рт то?о?ону биирдэ сыыйа тардан ылла. Дьиэлээх ки?иэхэ эргиллэн туох эрэ диэтэ, то?о?о саайар курдук сутуругунан охсуолаан к?рд?рд?. Л?к?й ?йд??т? гынан баран, ?т?йэтин бэдиктэрэ ханна тиэрпиттэрин булбата. Хата, били таа?ын ?йд?? биэрэн, сэбэргэнэ кэтэ?иттэн ылан уунна. Ыалдьыт нуучча таа?ы м?чч? тута сыста. Со?уйан са?а аллайда. О?ох чанчыгар кэлэн кы?найа-кы?найа кы?астаста. Ытыран, ыара?натан да к?рд?. Л?к?йг? тугу эрэ баллыгырыыр. Онтон бала?ан аанын тэлэйэн туран: «Борис-ка, Бориска!..» – диэн ха?ыытаата. ?с ки?и сырсан тэлэкэчи?эн киирдилэр. Тойонноро тугу эрэ омуннаахтык са?ара-са?ара, таа?ы дьонугар к?рд?рд?, Л?к?й диэки ыйбахтаата. Аны дьонноро со?уйан-?м?рэн турдулар. Эмискэ буолбут бу с?пс?лгэнтэн дьиэлээхтэр дьиксинэн бардылар. О?олор остуол у?угунаа?ы кэтэ?эриин муннугу буллулар. Алааппыйа ха?ас диэки дьалты хааман биэрдэ. А?алара эрэ соччо уолу?уйбатахтыы модьу олоппо?угар аргынньахтаан олорбутун кубулуппата.
– Хантан буллу?, ха?ан?.. – Бориска диэн ы?ырыллыбыт били сахалыы билэр ки?и, сирэйэ-хара?а ?р?к?йб?т, килбэчигэс киэ? харахтарын дьиэличчи к?р?н, Л?к?йг? омуннаахтык ынан кэллэ.
– Бу к???н Сиридикээнтэн.
– Ноо… ханан?
– Иккис оломтон.
– Эн билэ?ин дуо, бу туох таа?ын?
– Суох.
– Оксиэ, дьэ буолла?а. Оттон то?о ылбыккыный? – Бориска бэрки?ээн ыйытта.
– Бээрэ, ону э?иги то?о туо?уластыгыт? Оттон кылабачыйарын и?ин муодар?аан ылбытым, – Л?к?й урут хаста да?аны сэмэлэммит дьыалатыгар аны бу дьон ороо?оору гыммыттарыттан кыйаханан барда.
Алааппыйа ки?итин ити таа?ынан сылтаан туох эрэ буруйга т?бэ?иннэрээри гыннылар дии санаан ыксаан, к?м?скэ?эн к?р?рг? бы?аарынна.
– Ээ, ити ки?ийдэх акаарытыгар тэптэрэн, о?олорун саататаары ?р?с таа?а баранан, хас да к?ст??х сиртэн атыгар ы?ырдан а?албыт мала диэн ити эрэ. Атын тугу да?аны алдьаппатах-кээ?эппэтэх сордоох этэ, – диэтэ.
«Дьахтарым эрэйдээх син с?пк? этээхтээтэ ээ», – дии санаан, Л?к?й ымах гынна. Бориска бэрки?ээбитэ бэрдиттэн к?л??н дуу, с????н дуу билиминэ са?ата суох сонньуйан кэбистэ. Анараа??ылара ки?илэрэ тугу кэпсиирин кэтэспэхтээтилэр, онтон тулуйбакка ыйыталаспытынан бардылар. Бориска кэпсээбитигэр эмиэ биир туспа с????-махтайыы буолла. Тойонноро тугу эрэ эппитигэр икки ки?и та?ырдьа тахсан эр-биир биирдии куулу тутан киирдилэр. Остуолга обургу ыга эриллибит хара сукунаны, икки «Дорообо» чэйи, хас да баайыы сэбирдэх таба?ы, мээрэйи умса уурбут курдук гынан баран, у?уктаах ?с улахан ку?уок саахары уурталаатылар. Тойонноро уолаттар кип-киэ? харахтарынан дьиибэргээн ча?ылы?а олороллорун к?р?н, к?ллэ уонна иккиэннэригэр биирдии ньаалбааннаах кэмпиэти туттартаан кэбистэ. Дьиэлээххэ ту?аайан са?арбытын Бориска тылбаастаан биэрдэ.