скачать книгу бесплатно
– Дьэ, маладьыас ки?игин, до?оор. Бу тааскын миэхэ бэлэхтээ дуу?
– Ыл ээ, – уолчаан ки?и к??ппэтэх т?ргэнинэн чап гыннараат, с??рэн тиийэн, Миитэрэйи кытта кэпсэтэ турар а?атыгар с?р????ннэ.
– Л?г?нт?й, ?ч?гэй уолчааннаах эбиккин. Хойут киниттэн ?ч?гэй к?м?с сонордьута тахсыы?ы, – Бориска атын сиэтэн и?эн, быра?аайда?ан, илиитинэн далбаатаата. Айанньыттар Буйунданы ?р? на?ыл хаамтарыынан ыллык то?ойун, токурун аа?а араастаан ???ллэн субулла турдулар. Л?к?й о?отунаан ти?эх ат б?л?х ??т кэннигэр с?т??р диэри баты?а к?р?н турдулар.
18
Уола?а Солобуйуоп атыы?ыт олбуоругар тохтоотулар. Орто у?уохтаах, халы?, киппэ эрээри т?ргэн хамсаныылаах ки?и Борискалаах Сафейканы, былырыы??ы Шпак ындыы?ыттарын, эндэппэккэ биллэ. ?рт?н к??пп?т курдук э?эрдэлии то?уйда. Бориска Солобуйуопка кинээ?и били?иннэрдэ. Туох соруктаах кэлбиттэрии а?ыйах тылынан кэпсээтэ. Т??лээх сура?ын истэн ха?аайын ??рб?тэ ?т? билиннэ. Кэтит баппа?айдарынан Сиидэр кинээс илиитин бобо тутан туран ибигирэппэхтээтэ. Тугу эрэ т?ргэн ба?айытык са?аран куллугураабытын Бориска тылбаастаан биэрдэ.
– Кинээс тойон, эйигин кытта билси?эрбиттэн олус ??рэбин. Хомойуох и?ин, быйыл Кушнарев атыы?ыт базатын пароходунан Халыма т?рд?гэр к???рб?тэ. Шпак соторутаа?ыта табаарын онно илдьибитэ. Миэхэ кыра табаар баар, онон кэпсэтэн к?р??хп?т?н син. – Дьиэлээх атыы?ыт к?р??эр холооно суох т?ргэн туттунуулаах ки?и буолла. Ындыылары тэ??э к?т?хс?н ампаарытар тастаран кэбистэ. Аттары сарай к?л?гэр баайтарда. Су?аллык тардыллыбыт остуолга чэйгэ ы?ырда.
Киэ?э икки тойо??о тылбаасчытынан Сафейка хаалла. Бориска Миитэрэй билэр ыалыгар барыста. Биэрэги баты?а дэриэбинэ хотугу у?угун диэки хаамыстылар. Муора кырылас таастаах сытыары биэрэккэ, ыа?астаах уулуу, аатын эрэ дьалкылдьыйар. Сииктээх сиккиэр тыал сирэйгэ ибиирбэхтиир. Бысталаммыт сарадах былыттар быыстарынан киэ?ээ??и к?н са?ар?ата ар?аа??ы кэрискэ хайалар кэтэхтэриттэн сандаара са?арар. Киэ? хомону иилии эргийэр хайа со?уруу у?уга тумустуу токуруйан киирэн, намтаан-синньээн муора мэндээрхэй урсунугар уйдаран турардыы тунаархай са?ахха сыыйылла?ас к?л?к буолан дьирбиилэнэн к?ст?р. Бориска кэннин хайы?ан, чуумпурбут муора модун к??н?гэр килбэчийэ оонньуур сарыал ча?ылын, ыраас са?ахха кылдьыы курдук кырыыланан к?ст?р б??р?к хайаны одуула?ан турбахтаата. Онтон киэ?-киэ?ник атыллаталаан, сис туттан холкутук хааман и?эр Миитэрэйи ситэн ылла. У?ук дьиэлэртэн и?ирдьэ со?ус турар ??т б?тэй олбуордаах туруорбах бала?а??а киирдилэр. Ааны а?алларын кытта муннуларыгар буспут балык сыта билиннэ. К?м?л??к о?ох иннигэр улахан ?скэл к?р??нээх, кыырыктыйбыт баттахтаах о?онньор олоппос ?й?н?р?гэр сы?аах баттанан аргынньахтаан олорор. О?ох чанчыгар, сирэйигэр к?р??хтэн ынырык, чэрдийбит баастаах хаты?ыр ки?и сыпсынан чох ытыттаран ылан хамсатын уматта турар. Кэтэ?эриин оро??о сэргэх сэбэрэлээх эдэрчи ки?и кэтэх тардыстан тиэрэ т??эн сытан, дьон киирбиттэригэр со?уйбут курдук тура эккирээтэ. Миитэрэйи билэн мичээрдээбитинэн утары кэллэ. О?онньор эмиэ олоппо?угар хонос гына т?стэ. Ха?ас диэки, со?уруокка кэннигэр, о?олор тугу эрэ былдьа?ан айдаарсаллар. Ону ханна баара к?ст?бэт дьахтар са?ата буойталыыр. Холумта??а улахан т?г?р?к лэппиэскэ тимиргэ ыраахтан хатарылла турар.
Дьиэлээхтэр киирбит дьону кытта сахалыы сиэринэн и?нигэ?э суох хардарыта тыл бырахсан кэпсэтэн-ипсэтэн, сонуннарын ?ллэстибитинэн бардылар. Ыалдьыттар сыгынньахтанан бу ыалга хонордуу о?о?уннулар. Бориска кэпсээнин дьиэлээхтэр сонургуу и?иттилэр. Бодойбо курдук ыраах сиртэн кы?ыл к?м?с к?рд?? кэлбиттэрин олус с?хт?лэр, сэ?ээрдилэр. Бухатыырдыы к?р??нээх дабдыгыраабыт о?онньору са?а ыалдьыт ордук астына к?рд?.
– Мин эдэрбэр киэ? сиринэн тэлэ?ийэн сылдьыбыт ки?ибин. Бэйэбин кыанар, сырыыны-айаны тулуйар эрдэхпинэ Кылааннаах Ньукулайынан аатырарым. Билигин о?онньор буолан б?д?г?рэн олордо?ум. С???? ??рэн, та?а?ас т??эрсэ хаста да?аны Маача?а тиийэн т?нн?б?т?м. Б?л?? куоратыгар тиийэ сылдьыбытым. Кэнники бу Макаардыын куорат атыы?ыттарыгар ындыы?ытынан Охуоскайынан, ?йм?к??н?нэн, Кулуманан сылдьыталаабыппыт. Уруккута Дьокуускай олохтоохторо этибит. Кэлин ти?э?эр бу дойдуга тэбиллэн, манна олохсуйбуппут уонтан тахса сыл буолла, – о?онньор н?кс?чч? туттан туран, атах оро??о утуйар та?а?ын анныгар тугу эрэ ха?ыста.
Холтуунун булан а?алан олоппо?угар т?тт?р? олордо. Холумтан та?ыгар иттэ турар Борискаттан т?б? бы?а?а?ынан ?рд?к, быдан халы?, модороон к?р??нээх эбит. Ыалдьыт о?онньору салла к?рд?. «Сахаларга да?аны к??стээх, б?д?? дьоннор а?ыйа?а суохтар бы?ыылаах» дии санаата.
Кылааннаах билигин да?аны киэбин-та?аатын с?тэрэ илик к?р??нээх. Саа?а а?ыс уон иккитэ ???. Икки?э да?аны ки?и астына к?р?р к?р??нээх, сайа?ас, дьэллэм тыллаах-?ст??х, к?рс?? к?р??нээх ки?и ?кс?н наар сэ?ээрэр, дьонун тэптэрэн кэпсэтиннэрэ олордо. Бу биэс уончалаах, эмиэ сырыыны-айаны элбэ?и к?рс?б?т М??ттээх Макаар диэн ки?и эбит. Уонча сыл устата Кылааннаахтыын бииргэ Халыма, ?йм?к??н аартыктарын тэлбиттэрэ.
Улахан остуолу тула олорон буспут кэтэ балыгы сиэтилэр. Бориска миискэни толору туу?аммыт искэхтэн с?б?лээн сиэмэхтэстэ. Остуол ба?ыгар олорор, сирэйин б??рэ тардан килэриччи оспут баастаах ки?и а?ыырытар айа?ын аанньа атыппат бы?ыылаах. Балыгы илдьи тыытан кыралаан миинигэр булкуйан хамыйа?ынан сиир. Хоно?олор харахтара киниэхэ хатанарын к?р?н, Макаар тыл кыбытта.
– Бу би?иги ыалбыт, уруккута улуу булчут Ли Сюн. Урут баабыр кыыл тардан сэбэрэтин кэбилээбит. Ли, хата, олоруохтаа?ар хоно?олорго м?чч?ргэннээх т?бэлтэлэргиттэн кэпсээ эрэ.
Дьон кэпсээн истээри ах бардылар. Ли к?лб?т?гэр сирэйин тириитэ б?р?тэ тыытан, баа?а ?сс? ордук ынырыктыйан к???ннэ. Кэмниэ-кэнэ?эс у?ун умнастаах таас хамсатыгар табах уурунан ы?ыырынньык уотугар уматынна. С?т?лл?мэхтээн баран, кэ?иэхтээх синньигэс куола?ынан са?аран барда.
– Мин ?р сыл устатыгар кулаа?ай табалары булта?ар идэлэммитим. Эдэр кулаа?ай кытаата илик эттээх муо?а улахан сыана?а турара. Ол сылдьан араас бы?ылааннарга т?бэспитим элбэх. Хаста да?аны э?эни, баабыр кыылы к?рс?тэлээн турабын. ?л? сыспыт т?бэлтэм ?г?с этэ. Олортон бу кэнники к?рс?б?т кыылым маннык кэбилээтэ, – Ли к?р?? диэбиттии тохтоон дьонун диэки мылах гынна, хамсатын оборбохтоото. Уонна кэпсээнин сал?аан барда. – Ол сыл кулаа?ай элбэх этэ. Мин к???н ма?найгы хаар кэнниттэн икки кыылга т?бэ?эн биирдэрин охторон баран, икки?ин баа?ырдан ыыттым. Ма?найгы кыылбын т?ргэнник астаан лаабыстаан кэбистим. А?ыы т??ээт, кыра ?тэ эт ылынан иккис кулаа?айбын суоллаатым. Ыраах сири бардым. Кыылым улаханнык хаанырбыт эрээри, тохтообокко сиэлэ былаастаан хааман бара турбут. Киэ?эрэн барда. Тохтоон, хонорго с?п этэ буолан баран, то?о эрэ миэхэ к?рэхтээх санаа киирэн, ?сс? да?аны хаты?ан туран баты?ан истим. Сотору кыылым суола ?рд?к мырааны та?нары т??эн улахан ?р?с хочотугар киирдэ. Мин ?р?скэ диэри баты?арга сананным. Мырааны та?нары т??эн, сэдэх мастаах маардары туораталаатым. Ол и?эн маар быы?ынаа?ы ойуурга киирбитим, кыылбын баабыр суола батыспыт. Мин саабын бэлэмнэнним. Т??? да дьулайдарбын, урут хаста да баабыры булта?ан турардаахпын. Киэ?ээ??и барыамах т?стэ. Ол да буоллар хонук сирбэр, ?р?с ?рд?гэр тиийэргэ сананным. ?рд?к с?к? оттоох б?л?х-б?л?х талах ойуурдаах к??л ба?ыгар кэлиибэр, баабырым суола ха?ас диэки туораабыт. Кулаа?ай с?к?н? силэйэн у?уоргу тыа?а тахсыбыт. Баабыр ки?и и?эрин биллэ?инэ, туораан чу?нааччы. Саам сомуогун туруоран ытарга бэлэмнэнним. Мас-от аанньа к?ст?бэт буола хара?аран барда. А?ыйахта хардыылаат, баабыр суолун эмиэ к?рд?м. Бу сырыыга кэлэн у?а диэки бы?а охсон туораабыт. Ол курдук с?к? ортотугар киириэхпэр диэри хаста да?аны т?тт?р?-таары аа?ыталаабыт. Мин ыксаатым. Му? саатар с?к? ортотугар киирэн биэрдим. Хайа ?тт?б?ттэн т??эрэ биллибэт. Оттон миэхэ хаххаланарбар туох да мас-от суох. Сатаан бардахха, а?а?ас сир буолан, тыал суугуна тыас ылары мэ?эйдиир. Бу т?гэ??э саба т????хтээ?ин мин эппинэн-хааммынан сэрэйдим. Ону адьыр?ам уода?ыннаах санаатыттан биллим. Миигин муннаран уонна уолутаары суолун хаста да?аны т?тт?р? ?ктээн аа?ыталаабыт. Ты?аа?ын улаатта. Тымныы ууну испит курдук, у?уо?ум сал?алас буолла. Оттон бэйэм тириттим. Бы?ахпын ылан тииспэр ытырдым. Бэркэ сэрэнэн иннибин-кэннибин кэтэнэн с?к?ттэн тахса охсор ба?алаах баран истим. Туораатарбын эрэ тыа са?атыгар тахсан уот оттунар санаалаахпын. Уот ту?унан санаат, с?к?н? уматаары хатаппын ылан эрдэхпинэ, кэннибэр от кэ?иллэр суугунас тыа?а и?илиннэ. Мин эмискэ эргиллэрбэр, атахпын окко эрийэ ?ктээн, тэмтэрийэн тиэрэ баран и?эн к?рб?т?м, кэннибиттэн ойо?олуу со?ус хара к?л?к с?к? быы?ынан к?ст?р халлаан лоскуйун сабардаан ?рд?бэр т??эн эрэр эбит. Сатаатахха т?тт?р? ?тт?б?нэн эргиллэн, кыылым к?л?гэ ха?ас ???с ба?ым ту?аайыытынан буолла. Мин охтон и?эн иэ?иллэн, ку?у к??рэтэр курдук иннинэн со?ус ту?аайан чыыбыспын тардан кэбистим. Алыс иннинэн к?р?н кэбиспиппин, сыыстым бы?ыылаах. Дьэ, ?лл???м диэн санаа т?б?б?р охсуллан ааста. Ол икки ардыгар сирэйим, куйахам биирдэ атый гынан, у?уох алдьанар тыа?а «харк» гына т?стэ, ханна да барбыппын билиминэ хааллым. Биирдэ ?йд?н?н кэлбитим, хабыс-хара?а. Сирэйим, куйахам уотунан а?ыйар. Ха?ас илиим хамсаппат буолбут. Бастаан ханна баарбын, туох буолбуппун билбэтим. Онтон сыыйа барытын ?йд??н кэллим. ?нд?й?н к?рб?т?м, аттыбар хара к?л?к тыыллан сытар. Сыыспатах эбиппин ээ диэн ??рэ санаатым. Онтон сэрэнэн олордум. ?л??р илиибинэн т?б?б?н туттубутум, балай да хаан б?л??хсэн хаалбыт. Сирэйим уонна куйахам уотунан сала?ар. Баабыр т?б?б?н хадьырыйан эрэрин чуолкай ?йд??б?н. Туох эрэ алдьанар тыа?ын истибитим ээ. А?аар харахпын хааным б??лээбитин ыраастанным. Ырбаахым э?эрин хайа тардан ылан сэрэнэн сирэйим, кэтэ?им хаанын соттубута буоллум. Хата, хара?ым дэ?нэммэтэ?иттэн ??рд?м. Сыылан тиийэн, кыылбын бигээн к?рб?т?м, хамсаабат буола к???йэн хаалбыт. Сирийэн к?р??хп?н хара?ата бэрт. Илиим иминэн харбыала?ан саабын буллум. Нэ?иилэ атахпар туран тыа са?атыгар та?ыстым. К??сп?н мунньунан мас, мутук хомуйан уот оттон итинним. Ол т??н? бы?а хара?а?а харбыала?ан мас к?рд??н, уот оттор кы?ал?атыгар т?ст?м. Ол ?рд?нэн олус то?нум. К?н тахсыбытыгар эрэ кыратык нуктуу т??эн ыллым. У?уктубутум, баастарым к????кээн адьас хамсаппаттар. Сирэйим б?р?тэ тыытара с?рдээх. Туран кыылбын баран сырдыкка к?рб?т?м, айа?ын аллаччы атан кэбиспит. Арай сы?аа?ын икки ардыгар тэптиргэ мас угуллубут. Дьиибэргээн харахпын соттумахтаатым. Ол-бу диэки к?р??лээтим. Ким угуон с?б?й? Онтон тутан к?рб?т?м бы?а?ым эбит. Тимирэ к?ст?бэт гына хаан буолбут. У?угунан та?алайыгар батары киирбит. Нэ?иилэ арааран ыллым. Сирийэн к?рб?т?м, буулдьам адьыр?а сы?аа?ын у?уо?ун ?лт? тэбэн, кэтэ?инэн тахсыбыт. Онно ?йд??т?м. Били мин т?б?б?н хадьырыйарыгар, ытыра сылдьыбыт бы?а?ым тэптиргэ буолбут, алдьаммыт сы?аа?а ыллан хаалбыт. Ол тыа?ын истэн а?арбыт эбиппин. Икки иэдэспин, кэтэ?им а?ын а?ыыларынан сиирэ тардыбыт этэ. Онтукаларым бу б??рэ тарда о?оннор, а?ыырбар эрэйдэнэбин. М?хс?р?гэр б?лг?мм?н илдьи охсубут бы?ыылаа?а. У?уо?ум б?т?н буолан, ?ч?гэйдик оспута, – Ли истээччилэрин итэ?эйдилэр дуу, суох дуу диэбиттии эргиччи к?р?тэлээтэ. Ы?ыырынньык симик уотугар сирэйин баастара туо?у буолардыы килэрийэн к???нн?лэр. Истээччилэр дуо?уйбуттуу ?р?тэ тыыммахтаатылар. Хаты?ыр кыра ки?ини с??? к?рд?лэр.
– Кэлин бултуурбун быра?ан балыктыыр пароходтарга поварынан сылдьыбытым. Кырдьан баран, бу дойдуга уолбар кэлбитим биэс-алта сыл буолла, – диэн, санаар?аабыттыы ?р? тыынан кэбистэ.
19
Сарсыарда хоно?олорго анаан э?э этин ыргыччы бу?ардылар. Сэлиэ?инэй лэппиэскэтин ылта?ын тэриэлкэ?э кырбаан кэбистилэр. Остуол а?аар у?угар улахан алтан сылабаары ыадаччы туруордулар.
– Бу тыатаа?ыны быйыл бултаатыгыт дуо? – Миитэрэй сыа быыстарайдаах сымна?ас эт ку?уогун ылан, лэппиэскэ ?рд?гэр чараас чараастык сытыы бы?а?ынан элийэ олордо.
– А?ыйах хонуктаа?ыта кытылтан икки кыылы бултаатыбыт. Саас муора?а балыктаан сии киирээччилэр. Сыл аайы баччаларга би?иги ?р??т?н булта?ааччыбыт. Ити бэ?э?ээ киэ?э Ли э?э ???э ылаары киирэ сылдьыбыта, – Макаар холку намыын куола?ынан сэмээр кэпсии олордо.
– Би?иги сааспытыгар кы?ыл к?м?с ?лэтигэр сыстыбатах дьоммут. Тугу билээхтиэхпитий? Кулума?а к?м?с баарын-суо?ун ту?унан. Ол эрээри э?иги идэтийбит дьон мэлийбит эбиккит. Оттон Л?к?й хантан булбутай? Ама, ол со?отох ку?уогунан б?пп?тэ буолуо дуо? Дьэ, дьиибэ эбит, – Кылааннаах кимиэхэ да ту?аайан эппэккэ, дабдыгырыы олордо.
– С?пк? этэ?ин, итиччэ киэ? дойду биир ку?уок кы?ыл к?м???нэн му?урдаммата?а чахчы. Кини хайаан да баара саарба?а суох. «Суолун», олус бытархай да буоллар, а?ыйа?ы к?рд?б?т. ?лг?мн?к ??скээн сытар сирин таба тайанар кыаллыа суох бы?ыылаах, – Бориска аргыый а?айдык ??сэргээбиттии хоруйдаата. Сыалаах эти сиэн ньал?арыйбыт уо?ун, бытыгын соттумахтаата.
– Кэлэр кы?ын ?лэлиир санаалааххыт дуу? – Макаар сэ?ээрэн ыйытта.
– Эмиэ сордо?он к?р?рб?т буолуо. Бэйэм ба?ам оннук. Ки?им туох диир.
– Буолаахтаамына. Оо, дьэ би?иги дойдубут киэ? сир. Лаппаакынан оймоон, хойгуонан ойутан к?рд??х диэтэххэ, сыар?алаах окко иннэни к?рд??р кэриэтэ буолуо ээ. Манна Охуоскай бириискэлэригэр ?лэлээбиттэрэ ыраатта да, соччо ?н?йбэтилэр бы?ыылаах, – хас да сиринэн ??дэ?иннээх улахан чааскытыгар Кылааннаах бэ?ис т?г?л?н чэй куттарбытын Бориска с??? к?рд?.
– Э?иги дойдугут былаана, хайаларын бы?ыыта ки?ини кэрэхсэтэрэ элбэх. То?о эрэ мин санаам тохтуур. Эрэйдэнэрбин да?аны кэрэйиэ суох курдукпун.
– Хо?уун, сылайбат с?рэхтээх эр бэртэрэ эбиккит. Кытааты?, санаа?ытын сити?и?. Дьол-соргу тосхойдун. Кы?ыылаах, эдэрим эбитэ буоллар, бэйэм кытта барсан ?лэлэ?иэм этэ.
– ?т?? санаалаах кырдьа?аас, алгыс тылгар, ыраас санаа?ар махтанабын. Дьи?ин эттэххэ, би?иги байан-тайан барар элбэх к?м??? буларбыт биллибэт. Саатар эрэйбитин т?л?т?р кыраны эмэни булларбыт, онту? кэнэ?эс атын дьон утумнаан ?лэлииллэригэр т?р??т буолуо этэ.
Хоно?олор чэйдээт, дьиэлээхтэри кытта быра?аайда?ан, дьонноругар бардылар. Б?л??н кыратык ардаабыт. Халлаан иэдьэгэйди?и са?архай халы? былыттарынан б?р?ллэн, к?л?г?рэн турар. ?сс? да?аны эрдэ. Ыаллар са?ардыы туруталаан эрэллэр. Ханна эрэ с?? куоластаах ыт ?рэн моргуйар. Муораттан сииктээх с?р??н салгын а?ылыйар.
Атыы?ыттар уопсай тылларын булсубуттар бы?ыылаах. Ампаардар ааннара а?а?ас. Табаардарын мэнэйдэ?эн киирэ-тахса сылдьаллар. Сиидэр кинээс с?ргэтэ к?т???лл?б?т. ?гэргиирдии ?р?т-???э ыйыталаста.
– Ок, мин эрэттэрим номнуо кэллилэр. Хайа т??? бэрт ыалга хоннугут? Туту к?нд?лэттигит-маанылаттыгыт? – кэрэхсээбэт эрээри таах ыйытан кэбиспитин кэмсиммиттии, эппиэт к??ппэккэ тутатына дьа?айсыбытынан барда.
– Миитэрээй, кэл эрэ, эн би?иги ындыыларбытын бэлэмниэх. Оттон э?иги эрэттэр, аттаргытын тутуталаа?. Б?г?н т?нн?? этибит.
– Оттон э?иги т??? бэрт ыалга хоннугут? Т??? к?нд?лэттигит? – Бориска сэргэ хаамсан и?эн, кинээ?и ?т?ктэн Сафейкаттан ыйытта.
– К?нд?лээ?ин-маанылаа?ын чаа?а ба?аам. Ха?аайын ?лг?м к?нд? т??лээ?и к?р?н у?уо?а хамсыар диэри ??рб?т. Киэ?э ас, арыгы б???н? тэрийдэ. Т??н ????гэр диэри бы?а кэпсэтэн, торгуйда?ан та?ыстылар. Кинээс да?аны т?б?л??х, киитэрэй ки?и эбит. Арыгыны итирэр гына испэтэ. Кэпсэтиитигэр да?аны ба?ыйтарбата. ?сс? инники ?тт?гэр бииргэ эргиниэх буолан илии тутустулар.
– Сафи, би?иги хайдах былааннанабыт. Хамнаспыт суотугар эбии тэрил, ас-та?ас булунан Сиридикээммитигэр т?нн?н к?р?рб?т дуу? Эн саныаххар хайда?ый?
Сафейка, дьи?инэн, Сиридикээ??э т?нн??н саллар этэ. Былырыын у?ун кы?ыны бы?а биир да?аны ки?ини к?рс?бэккэ иккиэйэ?ин чу?куйан олорбуттарын санаата?ына, с?рэ?э ытырбахтыыр. Ол тухары биирдэ амтаннаах а?ы а?аабакка, аанньа сууммакка-тарааммакка, куруук к??стээх, ыарахан ?лэ?э мискиллэн туох да?аны т?м?г? ситиспэтилэр.
Охотскайга хаалан, кэм дьон-сэргэ ортотугар сылдьан ?лэлэ?эн к?р??ххэ баара. То?о ала-чуо би?иги дьонтон туораан кураанах сири хасы?ыахтаахпытый? Кы?ын ортото быстаран эбэтэр ыалдьан-с?тэн хаалыахха эмиэ с?п. Бы?аас оттон ?л? сыспыттара дии. Дьолго Л?к?й Л?г?нт?й баар буолан быы?аммыттара.
Сафейка толуннар да?аны, дьиксинэр санаатын до?оругар и?итиннэрдэ?инэ сатаныы?ы. Саараабыттыы ол-бу диэки к?р?тэлээтэ. Тирии хортуу?ун ?р? сэгэтэн, тириппит с????н тарбаамахтаата. К??мэйин о?остордуу к?хс?н этиппэхтээтэ. Кэ?иэ?ирбит, симик куола?ынан са?ара истэ.
– Бари, Сиридикээ??э би?иги с?б?н биир сыл эрэйбитин буорга к?мн?б?т дии. Ити иччитэх дойдуга тиийэн быстаран ?л??хп?т. Бы?ааскы т?бэлтэ хатыланыан с?п. Ол аайы куруук Л?к?й Л?г?нт?й к?м?т?гэр эрэнэр сатаммат. Ол кэриэтин дьонноох-сэргэлээх сиргэ, маннаа?ы бириискэлэргэ хаалан кыра да буоллар кэм хамнас аахсан ?лэлээн к?рб?пп?т дуо?
Бориска до?орун ис санаатын бэйэтэ да?аны б?тэйдии сэрэйэр этэ. Онон ити этиини со?уйа истибэтэ.
– Сафи, эн этэргин олус ?йд??б?н. С?пк? этэ?ин, кырдьык, ма?найгы сыллаах эрэйбит тиллибэтэ. Ол эрээри мин эрэлбин с?тэрэ иликпин. Былырыын би?иги кураанах сиргэ хаспыппыт. Быйыл атын сиргэ к?рд??хп?т. Хайа уонна оттон Туора салаа?а уонча ииммит кума?ын сууйуохпут этэ дии. Хайа дьолбутун онтон булаайабытый?
Балачча са?ата суох истилэр. Бориска до?орун диэки чинчилээбит хара?ынан к?р?н ылла. Долгуйбуттуу хара, хойуу бытыгын мускуммахтаата. Уулаах аппаны баты?а ??мм?т б?лк?й талахтар кэннилэригэр к??х алыыга аттара а?ыы сылдьаллара к???ннэ. Сафейка кэрискэ хайалар ?рд?лэринэн са?ахха тунаарар бору?уй былыттар диэки санаар?аабыттыы к?р?н кэбистэ.
– Эн курдук к??скэ эрэнэрим буоллар, мин да?аны т?нн?рг? саарыам суо?а этэ. Туора салаабыт эмиэ былырыы??ыбыт курдук а?ыйах кыырпа?ынан му?урданаарай? Уонна мин ки?итэ-с????тэ суох сиргэ у?уннук тулуйан сылдьыа суохпун.
– Санаа?ын а?а?астык эппити? ?ч?гэй. Миигин да?аны чу?куйбат диэтэ?и? дуу? Сафи, эн би?икки сааспыт тухары к?м?с ?лэ?иттэрэбит. К?м?сч?ттэр хайаан да?аны эрэл сулустаах буолуохтаахтар. Би?иги сулуспут – Халыма. Манна хааллахпытына саллаакка ылыахтарын с?п. Сэриигэ баран ?л??хп?т кэриэтин, бэйэбит ??тээммитигэр б?гэн олорбуппут ордук буолаарай? Наадыйдахтарына би?игини киэ? тай?аттан к?рд??н ыллынар ээ.
Сафейка са?ата суох умса к?р?н истэ. Кырдьык да?аны, кини сэрии ту?унан букатын умнан кэбиспит эбит. Мантан саллаакка кэбэ?эстик ылыахтарын с?п. Кини эмиэ Бориска курдук сэриигэ баран сэймэктэниэн ба?арбат. Сафейка сыыйа т?б?т?н ?р? к?т???н, до?орун диэки сэмэйдик мичилийэн ылбытыгар, сирэйэ сырдыы т??эргэ дылы гынна.
Бориска махтаммыттыы кинини санныттан куу?ан ылла.
20
Халыма кылгас сайынын оройо. От ?лэтин ?гэнэ. Борискалаах Сафи Миитэрэйи кытта Балыгычаан т?рд?гэр биир отууга хоно сылдьан оттууллар. Быйыл сааскы ?тт? ардахтаах буолан, от ??н??тэ ?лг?м. Уонча хонук и?игэр ?с с??счэкэ бугулу туруордулар. Бориска ыстаанын та?ынан т??эрбит кы?ыл ырбаахытын уолугун нэлэккэйдэнэн, к?н?т?к хоноччу тутта сылдьан, кырыытынан кыара?ас-кыара?астык хааман «битийэн» охсор. Сафейка Миитэрэйи ?т?ктэн, умса т??эн имиллэ?нээн бытааннык барар. ????н дь?кк??рдээхтик илиилэрин араарбакка ?лэлииллэр.
Уолаттар тойонноро санаа хоту табыгастаахтык эргинэн кэлэн, бэркэ к?ннь??рэн сылдьар. А?ыс акка ы?ырдан та?аарбыт табаарынан эргинэн, к?н аайы дьиэтин та?ыгар дьон б??? то?уоруйар. Кы?ыны бы?а чэйэ, таба?а суох муунтуйбут дьон хабала?а киирэллэрин кэрэйбэттэр, иэс ылан бараллар.
Борискалаах хамнастарын аахсан, биир куул бурдугу, балайда чэй, табах, саахар, сэп-сэбиргэл, быа-ту?ах, та?ас ылынан, биир акка ы?ырдан, сор?отун миинэр аттарыгар т?рг??лээн та?аарбыттара. Сэйимчээнтэн тута т?нн??р? санаммыттарын, кинээс хаайан туран к?рд?сп?тэ.
– Дьэ, ол Сиридикээн буора ханна да куотуо суо?а. К???н сир ириитэ хаспыккыт ордук буолуо?а. Билигин миэхэ окко ?лэлэ?эн бары?. ?ч?гэйдик ?лэлээтэххитинэ борооскулаах ына?ы биэриэм. Оччо?о ба?ар Сэйимчээ??э хаалан ойохто ылан ыал буолу?. Кыргыттары да булан биэриэм, – диэн барыны бары биэриэх буолан арахсыбакка хаайбыта.
Дьон били кы?ын хостообут кумахтарын сууйан, т?м?г?н билэ охсор ба?алаахтар этэ да, тойон тылын ылымматахха, ол кэлин иэстэбиллээх буолара чахчы. Хайыахтарай, буор аата буор, тойон этэринии к?????э диэри к??тэригэр тиийэр, онон хааларга с?б?лэспиттэрэ.
К?н?ск? омур?ан буолан отчуттар ?рэх ?рд?гэр ойуччу турар отууларын диэки хаамыстылар. Ча?ылхай к?н уотунан сырайар. Кыра да салгына суох б?тэй куйаас б?р??кээтэ. Бориска этэ к?йм?ст?н суунаары бы?а ?рэххэ киирдэ. ?рэх т?рд?гэр тумустаан турар эмпэрэ таа?ы эргийэ хаамта. Бокуойа суох сототун ортотугар диэри ууга киирэн ыраас, тымныы уунан дуо?уйуор диэри, тыбыыра-тыбыыра суунан булумахтанна. Кытыыга тахсан ырбаахытын э?эринэн сирэйин сотто туран, хара?ын кырыытынан эмпэрэ тэллэ?эр кыстана сытар хара?а ??н??х туох эрэ ойуулаах чараас билиигэ таастары дьиибэргии к?рд?. Биир обургу чараас ку?уогу сулбу тардан ылла. Таас ?рд?гэр элбэх ба?айы кулахыттан эрэ обургу туох эрэ ??ннэрэ лагла?ай курдук, ?р?т ?рд?лэригэр кэлимсэ таа?ыран хаалбыттар. Дьи?нээх муора?а ??ск??р, хаалаах ??ннэр курдук дьураалаахтар, тумустаахтар. Барыта чуолкай ба?айы ырылыччы к?ст? сылдьаллар. То?о дьиибэтэй? Атын таастары ылан к?рб?тэ, эмиэ биир ?кч? элбэх ??ннээхтэр. Бориска урут манныгы к?р? илигэ да, сорох таастарга ??ннэр баар буолалларын бириискэ?э сылдьан истэрэ. Ол былыргы муора олохтоохторун уу т?гэ?эр с???н хаалбыт тобохторо муора к?сп?т?н кэннэ хас эмэ уонунан, с????нэн м?л?й??н сыллар усталарыгар сир анныгар улахан дири??э к?м?ллэн таа?ыран хаалаллар ???. Ону кэлин ?р?с уута хайа охсон суурайан, сир ?рд?гэр тахсар дииллэрэ. Оннук ??ннэр хайа кэм?э ??ск?? сылдьыбыттарынан сылыктаан, сири ??рэтэр аналлаах ??рэхтээх дьон ол таастар саастарын бы?аараллар ???. С??рбэттэн тахса сыллаа?ыта Черскэй диэн ??рэхтээх ки?и Халыма устун кэлэн ааспытын ту?унан Сэйимчээн олохтоохторо кэпсээбиттэрин санаан кэллэ. Ол ки?и бука маннык таастары эмиэ булбута эбитэ буолуо. Бориска хас да?аны ку?уок таа?ы ылан дьонугар к?рд?р? илдьэ барда. Миитэрэй чаанньык оргута охсубут. Сафейка отуу к?л?гэр а?ын бэлэмнии сылдьар.
– К?р?? эрэ, мин тугу булбуппун, – Бориска сэрэнэн таастарын дьонун иннигэр кэккэлэтэ уурда.
– Бу туохтарый, ??ннэр дуу? Хайдах маннык таа?ыран хаалбыттара буолуой? – Сафейка таастарын ылан, олбу-солбу чинчийэ олордо. Миитэрэй куттаммыт киэ? харахтарынан Борисканы уорбалаабыттыы к?р?тэлээтэ.
– Тыый, бу таастары хантан ыллы??
– ?рэх т?рд?нээ?и эмпэрэ анныттан. Туохха миигин уорбалааты?, Миитэрээй?
– Оттон бу кы?ын Тысхаан ойуун таа?ырдыбыт ??ннэрэ ?кч? манныктар этэ дии.
– Тугу, тугу са?ара?ын, Миитэрээй? Ки?и ?йд??р гына кэпсиэххин, – Бориска со?уйан ?р?к?йэ т?стэ.
– Ээ… бу кы?ын Сэйимчээ??э биир ки?и таарымталанан ыалдьыбыта. Ону ойуун эмтээбитэ.
– Но, хайдах эмтээбитэй? – Сафейка сэргэ?элээн ыйытта.
Миитэрэй аны ким эмэ истиэ диэбиттии эргим-ургум к?р?ннэ. Сибигинэйэ былаастаан аргыый кэпсээн барда. Кини хара?ар кы?ы??ы хара?а киэ?э кыракый бала?ан и?игэр, лыык курдук мустубут дьон ортотугар Тысхаан ойуун кыыран дьу??лэнэ турара бу баардыы к???ннэ. Кэтэ?эриин оро??о ыары?ах ки?и у?уутаан кэби?э-кэби?э, м?хс?н ?р? эргичи?нии сытар. Кыыран б?тэригэр ойуун ?рд?гэр саба барыйан туран абаа?ыларын ы?ыран ал?аан, к?рд???н баран чыпчырына-чыпчырына былаайа?ынан д???р?н то?суйбутугар, и?иттэн таас т??эн кэлбитэ. Ол таа?ы ??рэн-к?т?н ыары?ахха ???л?тэн к?рд?р?-к?рд?р?, кэ?иэхтээх с?? куола?ынан кутуран ордоотуу, биир сиргэ бэдьэ?нии, битийэ турбута.
Дьэ, нохойдоон,
Тостубат тоно?остоох,
Тэстибэт ??стээх,
?лб?т о?о?уулаах,
У?ун ?йэлээх
Уол о?о
Одьунаа?а эбиккин.
К?р бу!
Хай?ахтаах хара быаргар
Хам хатанан
Хара хаа??ын
Харса суох уулаабыт
Хара куйукта ??ннэри
Биири да ордорбокко
Суптурута оборон,
Ыл?аан ыламмын,
Ха?ан да?аны тиллибэт
Хара бэлиэ буоллунар диэммин
Сымара тааска
Хам симэн
Таа?ырдан кэбистим.
Онтон дьон диэки эргиллэн иччитэ суох дьэ?кир харахтарынан ????ннээбиттии диэличчи к?р?тэлээт, салгыы са?аран барбыта.
Бу таа?ы
Хаардаах уулаах
Ха?ыл ?рэх
Халыан элбэх
Хара таа?ын
Халы? дьаптал?атыгар
Ха?ан эмэ
К?р?р буоллаххытына
Халты хаамаары?,
Харбаан ыллаххытына
Хаттаан эргийиэ.
Ону оройдоо?, одууласпат буолу?,
Толкуйдаа?, туппат буолу?, –
диэн э?силгэннээхтик энэлийэн, суостаахтык суо?ур?анан олорор дьону ?т?р?тэ к?р?тэлээт, ??ннээх таа?ы к?рд?р?-к?рд?р?, эргиччи хаамыталаабыта.
– Ол таа?а ??нн??н-к?рдьэ?элиин ?кч? бу балар курдук этэ. Эн бостуой бу таастары ылбыккын, – Миитэрэй кыайан к?нн?р?лл?бэт ыар ал?ас тахсыбытыттан хараастан нэ?иилэ са?арда. – ?сс? ким бу таа?ы илиитигэр ылбыт, тарбахтара такыччы тардыа, ??ннэрэ тиллэн бэйэтигэр к????, – диэн эппитэ.
Борискалаах Сафейка бэрки?ээбиттэрэ бэрдиттэн туох да диэн этиэхтэрин булбакка, бэйэ-бэйэлэрин к?рс?н кэбистилэр. Са?ата суох а?ыы олордулар. Миитэрэй айа?ар туох да ку?уогун ылбакка кытыйалаах чэйин б?л???э курдук ?с тарба?ын ?рд?гэр к??рэччи тутан, биир сири тобулу к?р?н олорон, тугу эрэ саныырдыы, чараас уостарынан чаастатык сыпсырыйбахтыыр.
– Тууй-сиэ, с?рдээх да киитэрэй о?онньор эбит. Бу албыннаата?а с?р?н! Булугас ?й?н и?ин мин кинини ?сс? ытыктыах курдукпун, – Сафейка с???н икки ньилбэгин тыастаахтык охсунна. К?хс?н этитэн, са?а аллайда. Бориска с?б?лэ?эн са?ата суох м?ч??нээн ылла, т?б?т?н кэ?и?нэттэ. Онтон сонньуйбуттуу эбэн эттэ.
– Ойуун ?й?нээ?эр дьон хара?ата, кэнэнэ ки?ини с?хт?р?р. Ону таба ту?анан талбытынан албыннаан, дьа?айан эрдэ?э дии.
– Бээрэ, э?иги тугу-тугу са?ара?ыт? Ким тугу албыннаабытын этэ?ит? Хайа мээнэ тылла?аргыт сэттээх-сэлээннээх буолаарай? Эчи, куттаммаккыт да?аны бэрдэ, – дьоно ити ?л?гэрдээх улахан аньыыны о?орон баран, ?сс? элэктээх кэпсэтиилэриттэн Миитэрэй кыйаханыах курдук буолан барда. Сафейка тугу эрэ этээри ?р? хонойон эрдэ?инэ, Бориска саба сапсыйан кэбистэ. Бэркэ дуоспуруннанан Миитэрэйи утары к?р?н олорон, хас тылын барытын ыара?натан, са?аран барда.
– Миитэрээй, бу айыл?а бэйэтэ айбыт таастара. Былыр ха?ан эрэ олус ?рд????тэ бу би?иги олорор сирбитигэр муора ??ск?? сылдьыбыт буолуохтаах. Кэлин кини к?сп?т?н кэннэ т?гэ?эр с???н хаалбыт ??ннэр ?г?с м?л?й??н?нэн сыллар усталарыгар таа?ыран хаалбыттар. Маннык ??ннээх таастар атын сирдэргэ эмиэ бааллар, онон бу ??ннэргэ э?иги ойуу??ут туох да сы?ыана суох. Кини ол таа?ы сиртэн булан баран, ону э?иги билбэккитинэн ту?анан, бэйэтин дьыалатыгар туттубут.
– Ама, хайдах оннук буолуой, с?рэ бэрт дии?
– Чахчыта оннук, Миитэрээй. Ойуун эппитинэн буолла?ына, мин бу таастары булан, илиибинэн тутан а?албыт ки?и, тарбахтарым такырыйыа этилэр. Эбэтэр бу ??ннэр тиллэн миэхэ к????хтээхтэр этэ. Ханна баарый, бу таа?ырбыттара таа?ырбытынан сылдьаллар дии, – Бориска кыайан туттумуна к?л?м аллайда.
– Бээрэ, ол эмтээбит ки?итэ ?т??рб?тэ дуо?
– ?т??рэн. Билигин олох, харахтан сыы?ы ылбыт курдук, чэгиэн бэйэлээхтик сыддьар. Ойуу??а махтанара с?рдээх.
Вы ознакомились с фрагментом книги.
Для бесплатного чтения открыта только часть текста.
Приобретайте полный текст книги у нашего партнера: