banner banner banner
Ийэм кэпсиир… (4 чааһа)
Ийэм кэпсиир… (4 чааһа)
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

Ийэм кэпсиир… (4 чааһа)

скачать книгу бесплатно


Былыыр-былыр, бочугурас күнү-ыйы хаххалыыр, ыадайбыт, сүүнэ улахан көтөр эбитэ үһү. Туох да аһыгар топпокко ыксаан, сутаан өлөрүгэр тиийэн таҥараттан көрдөспүт: «…Ыксал буолла, уҥуохпун-иҥиэхпин кыччатан, эппин-сииммин аҕыйатан ама көтөр гын…» – диэбит. Ону таҥара, алҕас маннык айбыппын эбит диэн, кыһалҕалаах этиитин ылыммыт уонна бочугурас этин көтөр кынаттаах бииһин ууһун аайы, аттаран, түҥэтэн кэбиспит. Ити иһин, тылбыйар кынаттаах, хотоҕой куорсуннаах үксэ, бочугурас этин эбиммиттэрин туоһута – бөтүөннэрин ис балык этэ маҥан өҥнөммүт. Оттон бочугурас бэйэтигэр сөрү-сөп, дьоҕус эттээх-сииннээх, кыраҕа тотон баран күнүн үтүөтүн сынньанар мааны көтөр буолбут…

Күөспүт буһарын кэтэһэ-кэтэһэ сээкэйи, күн арааһын бары ыаһахтаһабыт. Кырдьаҕастар сэһэннэрэ-сэппэннэрэ бүппэтэ сүрдээх, бииртэн-биир араас дьиктини, сонунтан-сонуну, хааһахтан хостоон эрэрдии кэпсииллэрин киһи эрэ сэҥээрэн, болҕойон иһиттэр-истэн олоруох курдук. Маннык, хас киэһэ аайы, күөс буһарын күүтэ-күүтэ наллаан сэһэргэһиилэр – бэйэтэ туох эрэ ураты кэрэ уоскулаҥ туругу, өйгө-санааҕа киһи тылынан сатаан эппэт кэрэ иэйиитин саҕаллар.

Буспут оҕус сымыытын сирэр киһи суох, оҕолуун-улаханныын бары уос-тиис үллэстэн сиибит. Оҕус сымыытын амтана үүт-үкчү кус ньыычаатын курдук, ыстаатахха сып-сымнаҕас, бып-бырдырҕас; туох да хос амтана суох.

* * *

Чугас, ыаллыы сытар холкуостарбытыгар, үлэ боруонугар барбыттар биирдиилээн кэлитэлээн бардылар. Ол нэһилиэккэ – киһи кэлбит, ол холкуоска – хайа эрэ ыаллар үлэҕэ барбыт эһэлэрэ дуу, аҕалара дуу, оҕолоро дуу эргиллибит үһү диэн сурахтар, хонук хонон турдахпыт аайытын да иһиллэтэлиир буоллулар. Арай сэриигэ аттанаачылартан ким эмит биллибитэ билиҥҥитэ өссө да иһиллэ илик.

Үлэ боруонугар барбыттар Дьокуускайтан Бүлүүгэ борохуотунан бииргэ устан кэлэн бараннар – нэһилиэктэрин, холкуостарын аайы тарҕаһаллар… Сорох Бүлүү куоратыгар кэлбит үһү диэн сураҕа иһиллэн баран, туох эрэ сорукка тардыллан уһаан, уччуйан, «киһибит дойдутугар кэлбитэ да, туох буолан сүттэ» диэн дьоно-сэргэтэ дьаарханан эрдэхтэринэ, дьиэтигэр эмискэ көтөн түһэн соһуталыыр, үөрдүтэлиир. Дьон араас, майгы да араас…

Биир үтүө күн мин, Мытыйыс Маарыйата уонна отороох-мотороох кыра уолаттар буолан уус уһанар балаҕаныгар Дарайыы оҕонньор, Сартаанай Өлөксөй уола Дайыылы кытары сээкэйи уһаналларын көрөөрү киирэ-тахса сырыттыбыт. Дарайыы – хатыҥынан ат адаҕата оҥорор. Дайыыл – оҕолор уута суох уматан турбатын хоҥуннарбыт салабаардарын, хорҕолдьуну уулларан иһэрдэн самыыр. Кыра ыамайдар Дарайыы уустан: «Бу тугуй, ити тугуй, тоҕо итиннигий, тоҕо манныгый?..», – диэн үрүт-үөһэ кутан-симэн арааһы бары ыйыт да ыйыт… Оҕонньор оҕолор уһун күнү быһа уһанар балаҕанын аанын саппакка, киирэ-тахса, күн арааһын бары ыаһыйалаан, мээрилээн ыаспайдыылларыттан, хата, салгыах эрэ быһыыта биллибэт. Кини оннугар атын, көһүүн, тоҥкуруун майгылаах киһи эбитэ буоллар, хайа лэбэйтэн салҕан, уһанарбар мэһэйдиигит-тэһэйдиигит диэн киэр үүртэлиэ этэ. Киргиэлэй муннун анныгар киҥинэйэн ыллыы-ыллыы, ээр-сэмээр, улахан киһиэхэ, тэҥнээхтэригэр быһаарар курдук, ымпыктаан-чымпыктаан, барытын орун-оннугар өйдөтөн хоруйдуур. Ити үөрэҕи эрдэ билбит уол хайа эрэ кыра ыамайга аны бэйэтэ дьоһумсуйан ахан быһаарар, кэпсиир, сүбэлиир… Дарайыы, биир эмит күн, кыра ыамайдар оонньууларыгар эбэтэр туохха эмит, үлэҕэ эҥин тутуллан, тардыллан, аралдьыйан кэлбэтэхтэринэ: «Били хотокулар ханна «дьөлө түһэн» сүттүлэр, күн баччатыгар диэри биллибэтилэр…», – диэн улаханнык суохтуур киһи. Оҕонньор кэпсэлэ-ипсэлэ элбэҕэ, майгыта элэккэйэ бэрдин иһин, уһанар балаҕана өрүү да киһилээх, ыалдьыттаах. Оннооҕор саҥа тылланан эрэр, көтөххө сылдьар оҕо: «Бу тугуй?..» – диэн уһанар, туттар тэрилин ыйыттаҕына, Дарайыы: «Дьэ бу тоом – бэрэстээх, бу – эппиэс, бу – сэлэпиискэ, бу – ытарча, бу – суолҕапчы, бу – чүүччү, бу – ыһыы, бу – күөбүл…», – диэн барытын аат ааттаталаан хоруйдаан быһаарар.

Мин Мытыйыс Маарыйатын кытта Дайыылга илииатах буолан, уол салабаар турбатын иһэрдэригэр көмөлөһө сырыттахпытына, иккис кылааһы бүтэрбит Намыынап Миитээ, сыбаҕа хастаммыт балаҕан эркинин быыһынан кылатан көрө-көрө:

– Ок-сиэ, Тамаарабыт тоҕо сүрэй, ойон-тэбэн түһэн сүүрэн иһэрэ… – диэтэ. Сонно тута балаҕан халҕана тэлэллэ түһээтин кытта Уйбаныаба Тамара тыын быһаҕаһа тыынан киирээт:

– Харатыыннаах Сөдүөрэ кэлбиттэр!!. – диэн сонунун тута кэпсии оҕуста.

Уйбаныаба Сөдүөрэ уонна Сэмиэнэбэ Харатыана – «Свердлов» холкуос чилиэттэрэ, сүүрбэлэриттэн эрэ тахсыбыт эдэр кыргыттар. Мин кинилэри үчүгэйдик билбэппин, маҥнай Быркылаахха кэлэн баран, элэкис көрөттөөбүтүм, онон айах атан кэпсэппэтэх дьонум, көннөрү көрөн эрэ билэттиибин. Сөдүөрэлээх биһиги өссө Мундулуҥдаҕа олордохпутуна үлэ боруонугар ыҥырыгынан барбыттара. Дьэ олор, сэрии бүтэн, Сангаарга таас чох хостооһунугар сылдьан баран, дойдуларыгар төннөн, эргиллэн кэлбиттэр.

Холкуоспут кыргыттара кэлбит сурахтарын истэн балаҕан иһигэр сүпсүгүрэ сылдьыбыт дьон, кыралыын-улаханныын бары, үөрэн сэк гына түстүбүт. «Сонун истииһикпит» дэһии буолла.

– Дьэ үчүгэй сураҕы аҕаллыҥ… Урут, Кутууһап болхобуодьас Нөпөлүйүөн сэриитин урусхаллыырын саҕана, үтүө сонуну, илдьити аҕалбыт киһини ытыс үрдүгэр түһэрэн улаханнык маанылыыра, бэл анал мэтээл биэрэрэ үһү, эйиэхэ эмиэ мэтээл биэриэххэ баар эбит да, оннук үчүгэйбит суоҕа бэрт, арай, «хатырык уордьан» биэрэн көрөрбүт дуу, – Дайыыл күтүр улахан алтан салабаарын эргичиҥнэтэ олорон, Тамаараны дьээбэлиир. Соло буллар эрэ наар кинигэни доҕор оҥостор, хаһыаты хасыһан тахсар Дайыыл уол – кимтэн эрэ истибитин дуу, аахпытын дуу тэһэ санаан, онно тэҥнээн, Тамараны хайгыыр.

…Айдаҥ кыргыттара кэлбиттэрин нөҥүө күнүгэр, куораттан боломуочунай дьахтар тахсыбытыгар аргыстаһан, бырабылыанньаҕа, Өксөөҥҥө бардыбыт. Баһылайдаах халтаама маһа кэрдэ, хас да хоно сиргэ бараннар, боломуочунай биһиэхэ түстэ. Куорат дьахтара бирээнньик, кэмпиэт, лапса кэһиилээх.

Куораттан тахсыбыт киһи хайаан да бурдук ас, минньигэс эҥин кэһиилэнэр үгэстээх. Лапса туох эрэ күндү, сонун ас курдук көрүллэр. Тээкиччэҕэ олорор эрдэхпитинэ таайым Бүөтүр куораттан таһаарбыт лапсатын күөскэ уган буһарбыппытын тастан киирэн олорор хайа эрэ эмээхсиҥҥэ дуу, оҕонньорго дуу кутан биэрдэхпитинэ, «собо тарыҥар дылы туох абааһы аһай» дэһэллэрэ, онтон сии үөрэнэн баран аны хайа тылынан хайгыахтарын булбаттара…

Бырабылыанньаҕа: Өксөөн, суотчут Тыккыр Маарыйа, сылгы биригэдьиирэ Эпириэмэп Сөдүөт, кулууп остуораһа Баһылаайаба Маарыйа бааллар уонна оскуола оҕолоро, кыра ыамайдар киирэллэр-тахсаллар…

Боломуочунай дьахтар сонно тута Өксөөнү кытары туох эрэ дьыаланы-куолуну ырытыһан, араас суот-отчуот кумааҕыларын хасыһан сээкэйи баллыгыраспытынан бардылар.

Мин эркиҥҥэ сааллан турар, бөдөҥ буукубаларынан, кыһыл өҥүнэн суруллубут «Бука бары кыайыы иһин!..» диэн суруктаах, сүгэ, балта, атырдьах, кыраабыл тутуурдаах дьахтардаах эр киһи – күн тахсан эрэр саҕаҕын, угуйар ырааҕы супту одуулаабытынан, бэрт сэргэхтик туттан-хаптан, эрчимнээхтик, кимиилээхтик хааман-сиимэн сайгылдьытан иһэллэрэ уруһуйдаммыт былакаатын өрө мыҥаан көрө турдахпына, тастан, били бэҕэһээ кэлбит Уйбаныаба Сөдүөрэ Буолкаба Киристиинэни кытары киирэн кэллилэр.

Бырабылыанньа дьиэ иһигэр олорбут дьон бука бары Сөдүөрэни тула-мала көтүү буоллулар. Боломуочунай дьахтар эр киһилии модорооннук илии тутуһан илигирэтэн дорооболосто.

– Этэҥҥэ өтөххүтүгэр эргиллэн кэлбиккитинэн эҕэрдэлиибин. Хайа, оттон били дьүөгэҥ Харатыана? Икки буолан кэлбит сурахтааххыт дии?..

– Кини да манна кэлиэҕэ… Кэлиэхтээх… Уруккубут курдук ыанньыксыттыыр санаалаахпыт, иккиэн да…

– Хайа, ол субу күн бэҕэһээ кэлээт да дуо, сынньаммакка? – диир холкуос бэрэссэдээтэлэ Өксөөн.

– Борохуотунан кэлэн иһэн сөптөөҕүн сынньанныбыт, Быркылаахпын аҕынным ахан, сүөһүлэрбин кытта бодьуустаһарбын суохтаан да биэрдим ээ, күн сарсыҥҥаттан урукку бэйэм сүөһүлэрбин тутабын… Өксөөн кэпсэтиибитин өйдүүр инигин… эргиллэн кэллим да, туох диэбиппиний… Маҥааһым, Туллукчаанам, Дыабаҥкаһым этэҥҥэ турдулар ини?.. Билигин ким кинилэри тутан көрө-истэ сылдьарый?.. – Сөдүөрэ үлэ боруонугар ыҥырыгынан барыан иннинэ буостуктуу сылдьыбыт үүттээх ынахтарын туоһулаһар. Кыыс төрөөбүт төрүт буор сирин, өтөҕүн, дьонун-сэргэтин олус диэн ахтан кэлбитэ тылыгар-өһүгэр, туттарыгар-хаптарыгар кытта дьэҥкэтик көстөр; сирэйэ-хараҕа турбута, сэргэхсийбитэ сүрдээх.

– Сүөһүлэриҥ барахсаттар бары этэҥҥэлэр, билигин Чарапчы Маарпа ыы сылдьар, – Өксөөн хоруйдуу охсор. – Чэ бээ, ол сүөһүлэр буоллуннар, сүөһү көрүүтэ-истиитэ ханна да куотуо суоҕа, били, этэргэ дылы «үлэ куобах буолан куруҥ тыаҕа куоппат», хата, эн кэпсээ, туох-хайдах сылдьан кэллиҥ?.. Дьүһүҥҥүн-бодоҕун көрдөххө, – Өксөөн, Сөдүөрэни тургуппуттуу баһыттан атаҕар диэри сирийэ одуулаһар, – кэбис, таас чох ыарахан үлэтигэр сылдьыбыт кыыс оҕо киһи диэтэххэ, улаханнык уларыйбатаххын, бэйэҥ-бэйэҕинэн, кэбис доҕор…

– Холкуос сүөһүтэ күөххэ тот үктэнэн эрэр. Кэтэхтэргэ да үөһүрэн хабырыммыт сүөһү иһиллибэт… Дьэ, кэпсээ эрэ, хайдах сиргэ-уокка тиийэн-түгэнэн, үлэлээн-хамсаан кэллиҥ, истиэҕи, – Тыккыр Маарыйа бөрүөтүн, чэрэниилэтин сыҕайан баран, үрүҥэр таһаара олорбут биэдэмэһин остуолун кытыытыгар туора уура-уура, сонун истээри, эбии сэргэхсийэ түһэр.

– Оннук-оннук, хаһан ол хас тахсар күн бары түгэнин туһанаары, – сылгы биригэдьиирэ Сөдүөт оҕонньор, бороҥ өҥнөөх эргэ хортууһун куондарыттан тутан субу туллан түһүөх айылаах кэтэҕэр илдьэн сыһыары уурар, ыксары тардан бааммыт ииччики этэрбэстэрдээх атахтарын киэҥник ахчаччы үктээн, талах олоппоһун көннөрөн, олоҕун өссө үчүгэйдик булунан олорон кэпсэл истэрдии эгэ-дьэгэ буолар. Оҕолор төттөрү-таары киирэн-тахсан хаатыйалаабыт ньаалаҕайдара дыыгынаһа көтөллөрүн бэйэтигэр чугаһатымаары, үрүҥ кыл дэйбииринэн салгыны туора-маары хаһыйбахтаан ылбахтыыр.

Сайын да буоллар киэҥ ампаар дьиэ иһэ уһуннук оттуллубакка турдаҕына, хаҕыстык, үргүөр үргүйэрин кэриэтэ уорааннанар, сөрүүдүйэр, ол кыһыҥҥы кураанах тымныытааҕар өссө ордук киһи этин-сааһын устун курдары охсон киирэргэ дылы. Тоҥуй киһи сонно тута этин куорсуна быдьыгыраан дьигиһийэн ылар. Остуорас бырабылыанньа дьиэтин сирэй оһоҕун өтөр-өтөр, күнүттэн көрөн, ордук өһүөн ардахтаах, тыаллаах-куустаах, сытыган күҥҥэ мэлдьи оттор.

Сөдүөрэ – уота сөҕүрүйэн чоҕо эрэ хаалан баран кыһыл төлөннөрүнэн күөдьүйбэхтии сытар сирэй оһох иннигэр дүлүҥ олоппоско олорон, ыксаабакка сыыйа-баайа сэһэргиир. Биһиги бары – кулгаах-харах иччитэ буолан, биир да тылы сыыска түһэрбэккэ бэркэ диэн сэргээн истэбит. Ордук боломуочунай дьахтар барыны-бары, хос-хос ыйытан чуолкайдыыр, үүт-үкчү олоҥхоһуту сэҥээрэ олорор киһилии, кэпсэл хайдах тахсарыттан көрөн: «Дьэ буоллаҕа… Тыый!.. Ол иһин… Һы!..», – диэн сэҥээрэр. Сөдүөрэ, куораттан тахсыбыт билбэт дьахтара баарын иһин, ымпыктаан-чымпыктаан, хайа ыҥырыллан барыахтарыттан саҕалаан кэпсиир:

– 1943 сыллаахха оройуонтан үлэ боруонугар бараҕыт диэн бэбиэскэ туттарбыттара. Биһиги холкуостан, «Свердловтан» – Сэмиэнэбэ Харатыана, Намыынаба Маарыйа, Сэмиэнэбэ Кэтириинэ, икки оҕолоох дьахтар уонна мин буолан Бүлүүгэ хамыыһыйаҕа киирбиппит. Буолкап Сэмэн оҕонньор киллэрбитэ… Куоракка биһигини Гурьев диэн быраас көрбүтэ уонна: «Мастаахтар буоллаххытына доруобай буолуоххут…», – диэбитэ. Ытыспытын кытта көрбүтэ… Биһиги сыыллыбатахпыт… Дьэ ол курдук… Таһырдьа таһааран устуруойдаппыттара уонна сорохтору – суол үлэтигэр, сорохтору – Буухта-Тиксиигэ, атыттары – Сангаарга шахтаҕа ыыппыттара. Кэтириинэ уонна Маарыйа төннүбүттэрэ. Мин уонна Харытыана буолан «Пропагандист» борохуотунан Сангаарга тиийбиппит. Биһиги эҥээртэн, «Калинин» холкуостан – Бөтүрүөбэ Балбаара, Кыргыдайтан – Ыстапаанаба Огдооччуйа бааллар этэ…

Таас чох хостооһунугар симиэнэнэн сылдьабыт, уон хоно-хоно түүҥҥүттэн күнүскүгэ көһөрөллөр. Сарсыарда аҕыс чаастан киэһэ тоҕус чааска диэри үлэлиибит… Маҥнай утаа икки сүүс кыраам килиэп, буочукаҕа дьэбин буолан хаалбыт оргуйбут уу баар буолара. Мииҥҥэ хаппыыста сэбирдэҕин кутан буһараллара, ким да испэт этэ, испит ыалдьара – хаһан урут итинник аһаабыппыт кэлиэй. Онтон, киһи туохха барытыгар үөрэнэр үгэһинэн, кэлин син үөрэммиппит. Төһө да сүрэхпитигэр астардарбыт сиирбит… Тугу сиэххиний… Үҥсүһэн хаартачыканан, толуонунан аһыыр буолбуппут…

«Пятилетка» диэн сүүрбэ биэс баарсаны соһор борохуот кэллэҕинэ чохпутун онно куруустуубут. Барыта – алта саахта үлэлиир. Олорор, утуйар дьиэбит куһаҕана сүрдээх, элбэх буолан бараак-бараак аайы симсэ сытаҕын. Татардар, нууччалар, бииннэр уонна да атын омуктар буолан олорбуппут. Араас кус-хаас тойуктаах киһи барыта баар…

Оһол, эчэйии мэлдьи да тахсара, шахта тутуута ирдэбилгэ төрүт сөп түбэспэтэ. Салайааччыбыт, биригэдьиирбит Ысдаанап диэн нуучча киһитэ, начаанньыкпыт Суонсап диэн омук киһитэ уонна сахалартан аҥаар хараҕа суох Устуручукуоп диэн солбуйааччы баар…

Биирдэ сыыһа туттан охтоммун тыранаспартыарга таас чоҕу кытта күрдьэхпиниин барсан истэхпинэ, боруоданы ыраастыыр нуучча оҕолоро тутан ылтара. Кинилэр суохтара буоллар Өлүөнэ өрүскэ барыам эбитэ буолуо… Ыт буола сыыһан турабын… Биир ыал дьон чоххо баттатан өлбүттэрэ, иккиэн Ыстахаанабыстар этилэр. Биир Үөһээ Бүлүү кыыһа, үрдүнэн богуон ааһан шахта иһигэр үлтү ныһыллан хаалаахтаабыта, биэс богуон ааспыт этэ…

…Ыам ыйын тохсус күнүгэр, биир чэмэлкэй күн, барыбытын таһааран устуруойдатан, Элиэнньин ойуулаах, сулустаах сытыы кыһыл былаах туттаран баран: «Кыайыы буолла!!.», – диэтилэр. Үөрүү бөҕөтө, бэйэ-бэйэбитин куустуһа-куустуһа сыллаһыы, эҕэрдэлэһии эҥин туһунан оттон тугу этиэҥ баарай. Салалта: «Ким дьиэтигэр барааччы барыҥ, хаалааччы хаалыҥ», – диэбитэ эрээри, испииһэк быһыытынан ыытаннар, биһиги өссө да сүүрбэччэ хонукка үлэлээн баран: Сэмиэнэбэ Харатыана, Бөтүрүөбэ Балбаара, Ыстапаанаба Огдооччуйа буолан «ЯЦИК» борохуотунан кэлбиппит…

Кыайыы кэннэ, үтүө кэмнэр кэлбиттэрин айхаллаабыттыы – үчүгэй, чэмэлкэй да күннэр турбуттара. Борохуотунан устан иһэн көрдөххө – Өлүөнэ, Бүлүү эбэлэр барахсаттар, сайыҥҥы ситэ, силигилии тыллан эрэр айылҕалара: эҥин-эгэлгэ оттоох-мастаах тайҕалара, хайалара, араас алардара, сыһыылара, хочолоро, оо, эчи кэрэлэрин баҕаһын… Мырааннар кэннилэригэр эҥэйэн, сырдаан көстөр сонун сирдэр умсугута угуйан ыҥыраллара аат астыгын… Халлааҥҥа дьулугуруу харбаспыт бочур тыалаах тоҕойдор, эмиэ да өрө үллүбүт – кумах, таас хоҥорой тумуллар бииртэн-биир кэлэн иһэллэр… Уу чуумпу сып-сылаас күннэр, үрүҥ түүннэр сатыылааннар киһи искэ бүгэн олоруох да буолбатаҕа. Наар таска, айылҕаны одуулаһан айаннаабыппыт… Дойдубутугар эргиллэр үөрүүбүтүттэн дөкүмүөн эҥин диэни дьыалайдаабакка олордубут да кэлбиппит… Бүлүүгэ, хата, Буолкап Сэмэннээх бурдук ыла сылдьалларыгар уолдьах түбэһэн сатыылаан, эмиэ да акка табалаһан өтөхпүтүн дьэ бу буллубут… Оо, туспа сирдэринэн уһун кэмҥэ тэлэһийэн сырыттахха, төрөөбүт өтөх ахтылҕаннаах да буолар эбит ээ. Бэл салгынныын, сирдиин-уоттуун чыҥха атын, ураты кэрэ…

Кэлэрбитигэр – саҥа, сэттис шахта үлэҕэ киирэн хаалбыта. Бииргэ үлэлээбит дьоммуттан ордук тапсан, ыкса доҕордоһон, дьүөгэлэһэн, бу Балаҕаччыттан Ыстапаанаба Огдооччуйаны, Бүлүүттэн Бөтүрүөбэ Балбаараны, Сангаартан Харатаайаба Өкүлүүнэни кытта сылдьыбытым…

– Таас чох хостооһуна, кырдьык да, сыраны ылар, киһини ычахтатар ыарахан үлэ дииллэр. Кирэ-хоҕо, таҥас-сап да дьүүлэ-дьаабыта көстүбэт буолар ини? – Киристиинэ бэйэтиттэн эрэ арыый аҕа саастаах Сөдүөрэттэн түөргүлэһэн ыйыталаһар.

– Уу, тугу этиэҥ баарай, сирэйиҥ-хараҕыҥ, били олоҥхоҕо кэпсэнэр абааһы кыыһа Аллараа дойдуттан илэ бэйэтинэн орҕостон тахсан иһэрин курдук буолар. Дьүөгэ кыргыттарыҥ муннулара, дьабадьылара, харахтарын кылдьыыта түөрэтэ хап-хара буолан сүөдэҥнээн тахсан кэллэхтэринэ, дьүһүннэрэ уларыйан хаалан, маҥнай утаа «хайаларай» диэн атыҥырыы көрөн өссө билбэккин. Аһыыр аһылыкпыт аанньата суоҕуттан, үлэ ыараханыттан, сылаатыттан, нэһиилэ да сырыттарбыт бэйэ-бэйэбитин көрсө-көрсө күлсэ сытааччыбыт… – Сөдүөрэ шахтаҕа сылдьыбытын, өйүгэр бу баардыы санаан сонньуйан ылар.

Өксөөн суруксуттуур остуолугар сыҥаах баттанан олорон:

– Эдэр кыргыттар хайдахтаах да ыараханы тулуйан сырыттаххыт… Дьэ ол күлсэр-салсар буолаҥҥыт күүскүтүгэр күүс эбиллэн, санааҕытын дьэгдьитэн этэҥҥэ кыайыы өрөгөйдөөх күнүгэр тиийдэххит. Инникитин үтүө кэлэригэр эрэллээх, күүһүн харыстаабакка онно талаһар, сэргэх санаалаах-оноолоох киһи сап да саҕаттан салҕанан, санаа абырыыр алыбар куустаран, били, этэргэ дылы «инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатын» да буоллар, буом кэмнэри тулуйан туораан, дьулуспут дьулуһуутугар хайаан да тиийэр. Киһи муҥнаах сыччах эрэл санаанан эрэ олох олорор уонна тугунан да буолбатах.

– Дьэ ити баҕас уот харахха эттиҥ, – Сөдүөт оҕонньор Өксөөн тылыгар сөбүлэһэн кэҕиҥниир.

– Оннук, – диир Тыккыр Маарыйа.

Сөдүөрэ кэпсэлин истэ-истэ, билэ-көрө охсуох санаа батарбакка, сээкэйи бары сыныйан ыйыталаһабыт. Кыыс ол аайы ыксаабакка, омуннурбакка кэпсии-ипсии олорор.

Мин испэр, эмиэ араас санаалар бииртэн-биир киирэллэр. Бэрт аҕыйах сыллаахха диэри, сүүрбэччэлээх дьону отой муҥутуурдук сиппит-хоппут дьон курдук көрүллээччи. Дьиҥинэн, бу – таас чох хостооһунугар, эн-мин дэһэн бииргэ алтыспыт элбэх доҕотторо өлөллөрүн-сүтэллэрин илэ хараҕынан көрөн, үлэ кытаанаҕар сылдьан кэлбит эдэр кыыс Сөдүөрэ, миигиттэн баара-суоҕа биэс-алта эрэ сыл аҕа. Мин эмиэ аҕыйах сылынан кини сааһа саастаныам. Сөдүөрэ кэпсииринэн, уон алталаах-сэттэлээх кыргыттар кытта бааллар үһү. Эдэр, оҕо да дьон үлэлээбиттэр.

Ардыгар саҥа-иҥэ намыраатаҕына, дьиэ иһигэр хаатыйаламмыт бырдахтар дыыгынаһаллара кэҥээн, хойдон иһиллэр. Туруйа кумаардара бэрт мөдөөннүк төттөрү-таары тэйгэһэ көтөллөр. Тойон ыҥырыа сырдыгы былдьаһан бырабылыанньа дьиэ кылбаччы сотуллубут таас түннүгэр «топ-топ» охсулла-охсулла лоҥкунуур…

– Дьэ, үлүгэр да элбэх киһи сырдык тыына быһынна… Айабыы-ын!.. Киһи киһини ити айылаах сэймэктиирэ диэн… – Сөдүөт ииччики этэрбэһин сототун имэринэ-имэринэ сөҕөн чыпчырынан ылар.

– Дойду үрдүнэн хоргуйан өлбүт да дьон ахсаанын барытын түмэр киһи, дьэ элбэх буолуо этэ ээ, – Тыккыр Маарыйа кэпсэтиигэ кыттар. – Сорох холкуостарга киһи сөҕүөн курдук… Биһиги эҥээргэ, Төрдүс Тоҕус нэһилиэгэр, ордук үгүс киһи «Калиниҥҥа» өлбүт, сүүрбэ үс… сүүрбэ үс этэ буолбат дуо?.. – Маарыйа Өксөөнтөн чуолкайдаары ыйытар.

– Оннук, – диэн Өксөөн биир тылынан хоруйдуур.

– Ону хантан билэҕитий?.. Киһи өлбүтэ оттон чып кистэлэҥ курдук буолааччы дии, – Баһылаайаба Маарыйа Өксөөн диэки ыйыппыттыы көрөр.

– Киһи өлбүтэ биллэр буоллаҕа, хайдах бүтүн киһи өлбүтэ биллиэ суоҕай, – диир эдьиийим.

Өксөөн Төрдүс Тоҕус уонна Иккис Тоҕус нэһилиэктэрин холкуостарын бэрэссэдээтэллэрин, биригэдьиирдэрин барыларын сирэй көрөн, кэпсэтэн-ипсэтэн билэттиир. Хас холкуос аайы, ыкса билэр, доҕор-атас дьоннордоох. Холкуостар нэһилиэнньэлэрин ахсаана да улахан элбэҕэ суох. Ордук элбэх киһилээх Калинин аатынан холкуос – балтараа сүүсчэ. Сэрии кэмигэр ким хайдах өлбүтэ барыта чуолкай биллэр, ону кэмигэр ыйыталаһан биллиҥ да бүтэр. Өксөөн икки нэһилиэк үс холкуоһун дьонун-сэргэтин олоҕун-дьаһаҕын өрүү истэ-билэ сылдьар, сураһан сурунар, бэлиэтэнэр үгэстээх, онтун барытын чөкө мунньан уурунан иһэр…

Кэпсэтэ олордохпутуна тастан, Буолкап Бүөтүр уолу кытта «Молотов» холкуоһуттан, атынан сорукка кэлэ сылдьар Испирдиэн Халаачыкап диэн уол киирэн кэллилэр. Дьиҥинэн Испирдиэннээх уруккута Жданов аатынан холкуос сиригэр-уотугар олороллор, ол эрэн икки холкуос холбоһуохтарыттан «Молотов» холкуос дьоно дэнэр буолан тураллар. Сээкэй сонуну истэн, биһигини кытары кыратык олоро түстүлэр. Мин Испирдиэни элэкис, биирдэ эмит көрөөччүбүн, быстах, аҕыйах тылынан бырахсан эрэ кэпсэппит уолум…

Өксөөн Испирдиэҥҥэ туһаайан:

– Хайа Испирдиэн, Өрүүнэ эмээхсин эрэйдээх хайдаҕый, ама ырата дуо? – диэн ыйытар.

– Оттон сылдьаахтыыр…

– Муҥнаах… – диир Өксөөн уонна куорат дьахтарыгар туһаайан: – Бу, били, үс ини-бии Ньукулаайаптар аҕастарын уола, – диэн билиһиннэрэр.

Уйбаныаба Сөдүөрэ, Испирдиэни көрө-көрө, өрө тыынан ылар:

– Саатар биирдэрэ эргилибэт да буолан, – диир.

Испирдиэн ийэтин сурустара: Ньукулай, Ылдьаа, Дэниис – түөрэ бары сэрии толоонугар «хаалбыт» дьон.

Боломуочунай дьахтар:

– Билигин туох-хайдах олороҕутуй? Убайдаргыттан барыларыттан «хара сурук» кэлтэ дуо, сураҕа суох сүппүт баар дуо? – диэн уолтан ыйытар. Испирдиэн сэттэ кылаас үөрэхтээх чобуо уол, сиппит-хоппут улахан киһилии лоп бааччы хоруйдуур: убайдара хаһан, ханна үлэлии сылдьан бэбиэскэ тутан барбыттарын, хас суруйбут суруктарын ис хоһоонугар тиийэ барытын чуолкай өйдүүр, билэр эбит.

Биһиги Ньукулаайаптар олохторун үчүгэйдик билбэппит, атын холкуос дьоно буоллахтара.

Куорат дьахтара сэргээн ыйыталаһарын иһин, Испирдиэн онно хардаран ханна сайылыктанан, кыстыктанан олорбуттарын кытта сиһилии кэпсиир.

– Иккис Тоҕус нэһилиэгин, Жданов аатынан холкуос сиригэр, кэлин онтон Муолатап аатынан холкуос буоллахпыт дии, Хонтой күөлтэн Дьөгүөр билиитинэн Хочот диэн үс түөлбэлээх сүрдээх улахан күөлгэ киириигэ Ортоку Ардьаҕар диэн киэҥ өтөх баар. Урут сайыҥҥы өттүгэр онно сайылаан, кыһынын Аанартан Хочокко түһэр үрэх киириитигэр Тумуллаҕас өтөҕөр кыстаан олорбуттара. Эбэм Өрүүнэ, эһэм Борокуоппай алта оҕону төрөппүттэриттэн үһэ кыыс, үһэ уол… Эһэм сэрии иннинэ, эрдэ өлбүтэ… Эбэм олус иистэнньэҥ, имииһит, быаһыт – ыалга ыҥырыкка сылдьааччы…

Убайдарым бары да үлэһит ахан дьон этилэр. Наар үлэҕэ-хамнаска үтүрүттэрэн дьиэлэригэр-уоттарыгар көстөөччүлэрэ да суохтар, онно эбии мин кыһын оскуолаҕа үөрэнээрибин сайыҥҥы эрэ өттүгэр кинилэрдиин алтыһааччыбын, ону да быстах, кэлэ-бара. Этэргэ дылы «хонор хоноһо, сылдьар ыалдьыт» курдук буолбут дьон этилэр…

Улахан убайым Ньукулай (Кыһыччаан), үүт-маас, тыһыынча тоҕус сүүс сыллааҕы төрүөх, кыра үөрэхтээх: ааҕара, ханнык эмэтик син суруйара. Биир сайын Иккис Тоҕус сэбиэтин бэрэстээтэлин солбуйа эҥин сылдьыбыта. Сүрдээх байанайдаах булчут этэ. Кыһын табанан, тоҕо оччо ыраах тэлэһийэллэрэ эбитэ буолла, ырааҕырҕаабаттара да бэрт эбит ээ, инньэ Дьааҥыга тиийэ баран бултуура. Абаҕата Сэмэн оҕонньор курдук маһы эрэ хаамтарбат олус уус. Ити Балаҕаччыга баар биһиги үөрэнэр оскуолабытын тутуспута. Сай аайы оройуоҥҥа киирэн үлэлээччи. Дьон эрэ барыта, убайым Кыһыччаан хачыма сыарҕаны оҥорорун олус сөҕөн-махтайан көрөөччүлэр… Ити, Хочот эбэ Аанар атаҕын өтөҕө Кыһыччаан өтөҕө диэн ааттанар буолан эрэр. Ампаарыгар уһанар сээкэй мала-сала: адалҕата, арбыйата, чүүччүтэ, күөбүлэ, иэттэрэ билигин да тураллар. Бэрэстээҕин бэйэтэ оҥосторо, киирбит-тахсыбыт дьон, убайым оҥорбут мас бэрэстээҕэ – маһы ытыртарарга хатыҥынан оҥоһуллубут эрэдэһиннээҕин олус сөҕөллөрө.

– Убайыҥ Ньукулай кэргэннээх этэ дуо? – диир куорат дьахтара сэмээр.

– Чыычаайы кыыһын Сэмиэнэбэ Маарыйаны кытта холбоһон олоро сылдьыбыттара.

– Оҕоломмуттара дуу?

– Биир оҕоломмуттара төннүбүтэ, – Испирдиэн сүүһүгэр олорбут бырдаҕы ытыһынан «тэс» гына охсон баран салгыы кэпсиир: – Ньукулай түөрт уон иккигэ, бэс ыйыгар барбыта, сэриигэ. Түөрт уон үскэ, атырдьах ыйыгар өлбүтэ. Кини, түөрт уон икки сыллаахха, сэтинньи сэттис күнүгэр суруйбут элэтэ эрэ соҕотох суруга баар. Онно: «Доруобуйам орто, үөрэххэ баарбын. Табаахта, сиир аспыттан куобах этинэ уонна холкуостан ылан арыыта баһыылкалааҥ…», – диэн суруйбут этэ. Ону таһынан инитин туоһуласпыт уонна сурукпун Барыыһап Сөдүөккэ ааҕан иһитиннэрээриҥ диэн көрдөспүт. Бииргэ аттаммыт дьоммуттан Барыыһаптар уонна Кыргыдайтан икки уол буолан сылдьабыт диэбит этэ…

Иккис убайым Ылдьаа (Ньоочур) алта кылаас үөрэхтээҕэ. Биир сайын сэбиэккэ сэкирэтээрдээбитэ, куоракка киирэн хас да тэрилтэҕэ, араас үлэҕэ үлэлээбитэ. Аарымыйаҕа бэбиэскэ тутан барыан иннинэ оҕо дьиэтигэр суотчуттаабыта. Убайа Ньукулай курдук бултааччы, эмиэ да уһанааччы. Байааҥҥа оонньуура уонна хаартыскаҕа түһэрэрэ. Байаана билигин Кыргыдайга, абаҕалара Сэмэн оҕонньорго турар. Ылдьаа тустан хотторбутун, сырсан киһиттэн куоттарбытын өйдөөбөппүн. Убайым кус быһый, ат бөҕө буолааччы… Доҕор-атас дэлэй, билсии-көрсүү да баһаан аҕай киһитэ этэ, ордук Басхардыырап Лэгэнтэй диэн учуутал уолу кытта ыкса доҕордоспута…

– Ылдьаа хас сыл балыһый, Ньукулайтан? – Сөдүөт, уол кэпсэлин бэркэ сэргээн истэн олорон ыйытар.

– Ылдьаа – уон түөрт сыллааҕы төрүөх… Уон түөрт сыл балыс… Түөрт уон бииргэ, балаҕан ыйыгар барбыта уонна нөҥүө сылыгар, олунньу уон түөрт күнүгэр өлбүтүн туһунан «хара сурук» кэлбитэ. Онно этиллэринэн кинини Курскай уобалас Беленихскэй оройуонугар Шелоково дэриэбинэҕэ харайбыттар… Ылдьаа кинигэ баайдаах киһи этэ, мунньубут кинигэлэрэ элбэҕэ, ол эрээри сороҕун дьон уларса-уларса умуннаран эҥин дьоҕуһаппыттар…

Тыккыр Маарыйа, Испирдиэн саҥатын истэн:

– «Николаев Илья» диэн илии баттааһыннаах биир кинигэ, Мытыйыс Маарыйатыгар баара дии, мин былырыын «ааҕар хоско» сытарын көрөн уларса сылдьыбытым, – диир.

– Ханнык, ким диэн ааттаах кинигэний?

– Панин «Жизнь на льду» диэн отут аҕыс сыллаахха таһаартарбыт диниэбинньик кинигэтэ.

– Ол Ылдьаа киэнэ, киниэхэ ити кинигэ баарын чуолкай билэбин… – дии охсор Испирдиэн, онтон тохтуу түһэн баран, аны кыра убайын туһунан кэпсиир: – Аччыгый уол Дэниис – сүүрбэ үс сыллааҕы. Саҥа эт тутан, модьу-таҕа, киппэ көрүҥнэнэн эрэрэ… Уон аҕыһын туолаат да сонно тута, түөрт уон иккигэ аттаммыта, сыл эрэ курдугунан «хара сурук» кэлбитэ. Харьковскай уобалас Миролюбовка дэриэбинэтигэр көмүллүбүт… Дэниис сэрии хонуутугар сылдьан суруйбут суруктара бааллар. Ордук элбэхтик дьонугар кини суруйбута. Суруйар кумааҕы суох диэн, ол-бу араас сууга эриэ дэхси буочарынан дьэрэлиппит буолара. Сорох суруктара муммут быһыылаахтара. Үһүс суруга кэлбитигэр аахпыппыт «бу сэттиһим» диэбит этэ… Онно, Дьоппуон кыраныыссатын чугаһыттан, «Хоронор» диэн ыстаансыйаттан боруоҥҥа аттанным диэбитэ. Суругун тохтуу-тохтуу, өр буола-буола салгыы эбэн суруйар быһыылааҕа… Ыалдьан Салатуев диэн куоракка хаалбытын, моонньо испитин түөрт сиринэн хайыппыттара билигин үчүгэй буолан эрэрин ахтыбыта… Хас суругун аайы: «Гармошкабын уонна саабын адьас ханна да гынымаҥ…», – диэн көрдөспүт буолара… Убайдарым барахсаттар… ити курдук күөгэйэр күннэригэр сылдьан бары өлөөхтөөн хаалаахтаатылар…

– Дьэ алдьархай… Борокуоппайдаах Өрүүнэ эмээхсин уолаттара үһүөн суорума суолланнахтара ол, оо саатар биирдэрэ эмит эргиллэн кэлбэт да буолан, саатар киһи да сэмнэҕэ буолан, – Сөдүөрэ уол кэпсээнин истэн харааста быһыытыйар.

– Этимэ даҕаны, – диир Тыккыр Маарыйа. – Аҕалара Борокуоппай оҕонньор эрдэ өлөн, ити айылаах алдьархайы истибэккэ бараахтаатаҕа, ордук ыарахана тыыннаах хаалааччыга, Өрүүнэ эмээхсин сордооххо тигистэҕэ.

– Ыарахан… – Өксөөн өрө тыынан ылар, остуолугар сытар баачахай курдук суруктаах кумааҕы муннуга бүк барбытын көннөрө-көннөрө симиктик саҥарар.

Боломуочунай дьахтар көхсүн этитэн баран:

– Оттон, эмээхсин кыргыттара хайдах олороллор, этэҥҥэлэр дуо? – диэн ыйытар.

Уол хоруйдуон иннинэ Өксөөн:

– Ээ, кыргыттар ыал дьон, оҕолонон-урууланан ырааттылар, бэҕэһээҥҥэ диэри сии-кырбас сылдьыбыт ыамайдар хайыы-сахха улаатан олордохторо бу дии, – дии-дии сэҥийэтин мылах гынан Испирдиэни ыйар…

Сотору, аны бэҕэһээ Сөдүөрэни кытары кэлбит Сэмиэнэбэ Харытыана, күн сарсыҥҥыттан ыанньыксыттыы барарын кэпсэтээри киирэн кэлэн, аны кини үрдүгэр түһэн, сээкэйи үрүт-үөһэ ыйыталаһан, эмиэ күө-дьаа баллыгыраспытынан барабыт.

* * *

– Тукаам, Аана… – эбэм таҕаан үөһэ турар, аһа буһан болдугуруур хомноох хобордооҕун ытарчаннан эргитэн биэрэр, – Тыккаайыҥ атын сөрүөтүн илдьэн биэрээр эрэ. Оҕонньор күн солото суох быһыылаах, арааһата, – диэн миигин соруйар…

Бырдах, биир кэм, үөһэттэн ойдон түспүт хара былыттыы устар. Халлаан барбатах балык миининии саҕахтары холбооттообут кэлимсэ былыттаах, ип-ичигэс иһирик самыыр түһэ-түһэ астар: ардыгар күөл уҥуоргута көстүбэт буола тунаҕыран кэлэр, онтон ээр-сэмээр хат дьэҥкэрэн, бары-барыта ордук ырааһырбыкка, дьэгдьийбиккэ дылы сырдыы, сэргэхсийэ түһэр… Сүүйэн ылбыттыы дьэп-дьэҥкир чэбдик салгыны көбдөҕүҥ муҥунан толору тыыннаххына, мэктиэтигэр, мэйииҥ эргийэргэ дылы… Эбээ эмээхсин этэринии, бу аата – илгэ, уйгу, быйаҥ ардаҕа түһэр…

Иэппэт ынах курдук ылбат-биэрбэт ыккардынан сылаас ардах түспүтэ хас да хонно. Кырдьыга да, от-мас бу кэми эрэ күүтэн, кэтэһэн турбуттуу эбии ситэн-хотон, мэктиэтигэр, туох да омуна суох, хамсыы-хамсыы силигилии сириэдийэн тыллан таҕыста. Бэл оҕолор үлтү тэпсибит тэлгэһэлэрин иһэ: хаас кэйиҥэтинэн, ымыйаҕынан, таҥара кийиитинэн, чуораан отунан, күрдьүгэс күрүөтүнэн ситэри симэннэ.

Өтөхпүт тумустаан киирбит хатыҥ чараҥын анна түөрэтэ, инньэ күөл кутатыгар диэри, баҕа батаһын күөх чэчигинэн киэркэйдэ.

Дөрүн-дөрүн сөп-сөрүүн сиккиэр тыал эбэ диэкиттэн үрэн сирилэттэҕинэ, күөл кэриитигэр суораты ыһан кэбиспиккэ дылы хойуутук үүммүт үрүҥ сибэккилээх сугун абаҕатын хабархай сыта сайа охсор… Ийэ айылҕа күрүс ардахха илийэн, көөнньөн сүмэһиннэммит минньигэс дыргыл сытынан тунуйан, сири-дойдуну түөрэтин сабардаан кэбиспит; туох барыта дьэгдьийбит, суунан-тараанан ырааһырбыт, сэргэхсийбит…

Ардах түһэр диэн чыычаахтар ырыалара-тойуктара астыбатах, хата ордук эбии тэбиэһирэн араастаан дьирилэспиккэ-дьүрүлэспиккэ, чубугураспыкка-чыбыгыраспыкка дылылар…

Маҥаас сылгы чыычааҕа тэмэлдьигэни туора ытыран баран, боотулу бүтэй тоһоҕотугар олорон бэрт сэргэхтик тула-мала көрүөлэнэ-көрүөлэнэ уһун кутуругун тэйбэҥнэтэр, онтон эмискэ олорбут сириттэн сүр чэпчэкитик тэбинэн кээһээт, кынаттарын кумуччу туттан салгыҥҥа уйдаран өрө эгдэс гына-гына, холкуос биэлэрэ хааллан турар далларын иһигэр турар моойторук олуктаах ампаар чарапчытыгар чөкөс гына олоро түһэр уонна сонно тута, «аны ким эмит көрүө» диэбиттии, чуолҕан устун искэ киирэн хаалар. Кини эмиэ тыынар тыыннаах, тэбэр сүрэхтээх буолан, хайыы-сахха тэспит оҕолорун аһатаары күн солото суох сүпсүгүрэр, көтөр-дайар…

Сайын кэлэн ырааппытын да иһин, тыа иһигэр, ханна эрэ күөл үрэҕин ээйигэр лоокуут чөкчөҥө: «Чуу-йуут, чуу-йуут, чуу-йуут…», – диирэ иһиллэр, аны аныаха диэри сааскы омуннаах, сэргэх саҥатын тохтоппотох…

Хайа эрэ тыҥырахтаах көтөртөн оҕолорун харыһыйан, Айдаҥ көлүйэтин кутаҥныы сытар кутатын үрдүнэн хас да кураҕаччы, саҥа-иҥэ бөҕөтө буола-буола, илигирэйэ көтөллөр.

Төһө да сиик курдук тунааран, салгын оонньоотоҕун аайы араастаан иэҕэҥнээн-куоҕаҥнаан биллэр-биллибэт иһирик самыыр түһэ турдар, үөһэ, үрдүк мэҥэ халлааҥҥа күөрэгэй саҥата үчүгэйкээн аҕайдык дьурулуура иһиллэр… Мин иһиттэхпинэ биир сиргэ тэлибирэйэ туран туойар… «Ити ханна ыллыыр…» диэн өрө хантайан көрө сатыыбын да көстүбэт… Биир кэм тохтоло суох дьирилиир, дьурулуур… Араас дьэрэкээн чэчигинэн симэммит чыыбаайы оттоох хонуу ортотугар туран, сүнньүм көһүйүөр диэри таба көрө сатыыбын да, күөрэгэй хараҕым далыгар киирэн көстүөх эрэ быһыыта суох. Саҥата эрэ иһиллэр. Биир кэм дьирилиир да дьирилиир, дьурулуур да дьурулуур…

Айдаҥ өтөҕүн иччитэ буолбут кырдьаҕас суор Куорсуна Суох доҕорун кытта, саҥа тэтимирэн, сатамньыта суохтук сарапаайдана көтөн эрэр оҕолорунуун мэлииһэ ампаарын үрдүгэр кэчигирэспиттэр. Куорсуна Суох – кэннэ уһаабыт, иннэ кылгаабыт сорсуйан эрэр көтөр эрэйдээх илбиргэстэнэн-салбырҕастанан түһэн ала бэлиэ. Ол эрэн билигин да кини аҕай буолан киэмсийбиттии, кырыылаах түөһүн мөтөтөн, сарымтыбыт кынаттарын даллах-даллах гыннаран ууннары тарда-тарда, ардахха илийбит өҥүн-түүтүн оҥостуммахтыыр, онтута үүт-үкчү, саҥа көччөх гынан көтүппүт оҕолоругар, арааһы бары ыйан-кэрдэн көрдөрө-көрдөрө сүбэлии-амалыы, тамахтарыгар силлии, уһуйа, такайа олорор аҕа баһылыкка майгынныыр. Оҕолоро ол аайы барытыгар, өс хоту сөбүлэһэн, самыырга сиигирэн ньыкыйбыт төбөлөрүн хоҥкуҥнатан сөбүлэһэргэ дылылар…

Арыылаах эбэ барахсан сааскы халаан уутуттан эбии нэлэйэн-хотойон киэлитинэн томтойо туолан, төрүү-ууһуу сытар араас көтөрүн-сүүрэрин киччим хонноҕор-быттыгар кистээн, саһыаран – алтан күөскэ кыынньыбыт үүт үрүмэтинии тунаҕыран көстөр, биллэр-биллибэт эриэ дэхси эрэһэлэрин ирбинньиктэтэ оонньотон, улаҕата биллибэт үрдүк мэҥэ халлааны киэҥ ньууругар күлүк түһэрэн лүҥкүрдэн уратытык дьоһумсуйбукка дылы.

Эбэ тиит арыытын кытылыгар үүммүт хатыҥнар умнастара, сөтүөлүү киирэн иһэр кыргыттар сотолорунуу кылбаһаллар, кинилэр үрдүлэринэн кырылас кырдалга, үйэ-саас тухары үүммүт баараҕадыйбыт аарыма тииттэр, өлгөм лабаалаах хойуу күөх мутукчалара, көҕөрө сатаан баран, мэктиэтигэр хараара ыаһыран көстөллөр…