banner banner banner
Ийэм кэпсиир… (4 чааһа)
Ийэм кэпсиир… (4 чааһа)
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

Ийэм кэпсиир… (4 чааһа)

скачать книгу бесплатно

– Ыа!.. Бу да киһи доҕор!.. Саатын сүкпүтүнэн утуйан турар!.. Итиччэ элбэх, хара баһаан куһу эмиэ ыппакка хаалла…

– Дьэ бу-буоллаҕа… Тыас таһаарбатах… Мө-мөлтөх булчут, са-сааһыт эбит, итинник буоллаҕына са-саатын тутуохха ба-баар эбит!.. – дии-дии Баһыычаан, Лэгэй саатын, тирбэҕэ быатыттан, былдьаан ылыахтыы холустук тардыалыыр. Кыра уол баар-суох сэбиттэн ытыс соттон мэлийэр күнэ-дьыла ыган тиийэн кэлбититтэн ыксаан, сүгүн, үтүөнэн биэримээри чиккэччи тэбинэн дьирээлэһэр.

– Баһыычаа-ан! Оҕоҕун бадьыыстаама! – аа-дьуо кутаны кыйа устан дэйбэҥнэтэн иһэн куоласпын сонотон ыһыытыыбын.

– Ой-ол!.. Иһэллэй!.. – Биэрэ уонча сорсо тыйааҕы кытары дьиэрэҥнэр күөлү кыйа көтөн илигирэһэн, сэмээр иэҕиллэн биһиги диэки хайысхаланан эрэллэрин көрөн, кырачаан сөмүйэтин оҕотунан ыйа-ыйа атын аҕай саҥа аллайа түһэр.

– Ээ оҕом үчүгэй оҕо. Биир эмит куһу күөрэтиэхпин сааҕын убайгар уларыс, сө-өп… Оҕом үчүгэй оҕо… Хайдах кыһыл ытыспынан бултуохпунуй… Күөнэх үөллэхпитинэ ордук сыалааҕын бэрсиэм… Киэһэ күөрчэхтээх лэппиэскэ эҥин сиэхпии-ит… Чэ уларыс… Сибилигин ытан баран биэриэм… – диэн Чоойун инититтэн, ньуолбар тылынан, мас саатын төлө ыһыгыннарар.

Чоойун кырдьык-хордьук, элэ-была тылын барытын этэн, араастаан албаһыран көрдөһөр саҥатын истэн сонньуйабын, устунан күлэбин.

Саа уларсыбыт уол кустар үөһүнэн түһүөхчэ-түспэккэ, тайаара көтөн ааһан эрдэхтэринэ: «Букх!.. Букх!..», – диэн ытыалыыр. – Биир кус ити түстэ! Биир ол хойобуун баран иһэн эмиэ түстэ!.. Икки кустанныбыт!.. Дьоро киэһэ буолла!.. – дии-дии, өрө эккирии-эккирии хаһыытыыр.

– Оргууй нохоо!.. – диэн уолу буойабын.

– Биир кус бу сы-сытар, – Баһыычаан доҕорун Чоойуну кытта «кустуу үөрүйэх» киһи «өлөн түспүт куһу» дулҕа быыһыттан, кырдьык-хордьук курдук ылбыта буолан тэлэкэчийэр.

– Хайна баайый?.. – Биэрэ Баһыычаантан ыйытар.

– Миэхэ көрдөрүүй… – аны Лэгэй кус көрөөрү, убайын илиитин-атаҕын манаһар.

Биэрэ арыый обургу киһи, убайдара дьээбэлэнэллэрин дьэ өйдөөн, тиэрэ-маары тылласпытыттан бэйэтэ да сонньуйар, сатамньыта суох саҥарбытыттан саата быһыытыйан кыбыстар, устунан энньэччи мичээрдээн бэллэҕэр иэдэстээх сирэйин сыыһа ньэлтэйэр.

– Бу с-сытар дии!.. – Баһыычаан дулҕа быыһыттан оттоох бадарааны ороон таһаарар. – Сиигин дуо?..

Лэгэй баһын быһа илгистэр. Ол эрэн, кыра киһи барахсан билигин да бу мучумааннаныы тугун-ханныгын ситэ өйдөөбөккө өссө да тула-мала мэлээриҥниир.

Чоойуннаах Баһыычаан – Лэгэйдээх Биэрэни көрө-көрө күлүс да күлүс.

Биэрэ, саата да суох эрээри, көтөр кынаттааҕы күөрэтэн бултуулларын урут көрбүт буолан, баҕар ол иһин, «өйө бааллан» тыллаһыан сөп. Саас, туллук халыҥнык үөрдээбит кэмигэр, сылбырҕа, түргэн туттуулаах бөдөҥ уолаттар, сылгы далын иһигэр баар, моойторук олуктаах ампаар эркинигэр саһан туран, кыра ыамайдарынан үөр туллугу көтүттэрэн баран, үрдүлэринэн отой субу, үрүҥ былыттыы халҕаһалыы анньан ааһан эрэр көтөрдөрү, үөл титиригинэн оҥостубут эпчиргэлэринэн быраҕан бултааччылар. Биир быраҕыыга өссө дэҥнэтэн хаһы да күөрэтэн түһэрээччилэр. Уолаттар сылгы далын иһигэр турар ампаары «дурдабыт» диэн ааттыыллар. Ол эрэн сэниэтэ суох ыамайдарга итинник бултуур ньыма кыаллыбат. Баһыычааннаах доҕор оҥостон Сахаарканы уонна Сартаанай Өлөксөй уолун Дайыылы саппай уопсан батыһаллара.

Кыра уолаттар – баартаах дьон. Үнүрүүн тэбэр көтөр Чоойуннаахха биир атыыр мородуну тэбэн биэрэн турар. Сотору саараары сылдьар, өҥө-түүтэ илбиргэстэммит мороду эмиһэ сүрдээх этэ. Эбэм оҕолор бултарын, булумньуларын дьоҕус иһиккэ, анаан-минээн, мииннээн-тойдоон буһарбыта.

Илимҥэ ардыгар куоҕас, кыпчыгыр атах туотаайы, кураанах, үөл кус кытта иҥнэр. Ону сыа-сым курдук тутан таһааран буһаран сиэн кээһэбит…

Дьүөгэм, Хаһырыа Маарыйа түүрэ эрийбит кыл хаатын кыбыммытынан кырдал үөһэттэн дьиэрэҥкэйдээн кэлэн оҕолору кытары сээкэйи дьээбэлэһэн кэпсэтэ түһээт, мин тууларбын көрөн бүтэн кытылга тиксибиппин көрөн утары кэллэ. Оҕолор кини тула үөмэхтэһэн төһө балыктаахпын көрөөрү далаһаҕа муһуннулар.

– Хайа Аана балыгыҥ? – Хаһырыа ыйытар.

– Киэһэ сиир баар.

– Киэһэ эрэ сиир дуо?.. – дьүөгэм күлэр.

Далаһа устун тыыбын тутааҕыттан сыһан тирилэтэн тахсан кырыс сиргэ үктэнээппин, оҕолор бары саба түһэн биттэҕиттэн ылсан көмөлөстүлэр. Тууга күөнэх киирбитин көрөн, үөрэн-көтөн өрүтэ өндөҥкөлөһөн дьэргэҥнэстилэр.

– Настаа хайдаҕый, ама дуо?

– Кэминэн, – диир Маарыйа. – Таһырдьа таһаартаран уһун күнү быһа олорор.

– Иистэнэр ини, си-дьүгээр, синньэ олорботоҕо буолуо.

– Иистэнэр… Эйигин сылдьыбатаҕа ыраатта, тоҕо кэлбэт диир.

– Бара сылдьыам этэ…

– Эн бу, бүтэн таҕыстыҥ?

– Бүтэн.

– Илимнэргин көрбөтүҥ дуо?

– Баарыын Баһылай тардыбыта.

Мин испэр Хаһырыа балтын Настааны саныыбын, үлэҕэ үтүрүйтэрэн, кырдьыга да, билсибэтэҕим ыраатта, кэтэстэҕэ. Ханна да барбат-кэлбэт босхоҥ киһиэхэ тастан киһи киирэрэ, көх-нэм, саҥа-иҥэ буолан санаатын аралдьытара, бэйи, улахан суол. Настаа муҥнаах илиитинэн анньынан тобугунан «хааман» дуомнанар.

– Лэкээрэй эмээхсиннээх ынахтара оту сиэн өлбүт, истибитиҥ?

– Һуох… Хаһан?..

– Бэҕэһээ… Мундулуҥда диэки барыыга, итиннээҕи дүбдүргэнэҕэ охтон иһэ сараччы үллэн баран, өлөн өҥүргэһинэн көрөн тыыллыы тэбэн сытарын булан Сэксэкэ сүлэн, этин тиэйэн аҕалбыт. Этэ үчүгэй үһү. Лэкээрэй сүөһүтэ куһаҕан буола сылдьыа дуо, хотуй.

– Ол иһин да, Чарапчы Маарпа: «Сүөһүм сүттэ, көрбүккүт дуо…», – диэн бэҕэһээ киэһэ биһиэхэ киирэн оҕолортон ыйыталаһан ааспыта. Бэлиэ сүөһү: сүүһүгэр туруору ый туоһахталаах, хара саадьаҕай Айдаҥҥа кини эрэ ини…

– Лэкээрэй эмээхсин эттэ ыллыннар диэн илдьиттээбит этэ. Эһигиннэн таарыйан кэллим да, эбэҥ дьиэҕэ суох, ханна эрэ хаампыт быһыылаах.

– Оччоҕо онно тиэтэйдэхпит дии.

– Иккиэн аргыстаһыах. Аҕам үөскэ икки илимнээх, киирэн эр-биир көрүөххэ уонна бииргэ барыахпыт.

– Чэ, оччоҕо инньэ гыныахха.

Мин арыый обургу киһиэхэ Чоойуҥҥа тымтайдаах балыгы сүктэрэн, оҕолору дьиэлэригэр утаардым…

Халлаан бырдаҕын сүүллээн түһэрээри харааннаан турар, күнүстэри чуумпу. Эбэ үөһэ эрэ биллэр-биллибэт үрүмэтийэ кыынньар. Кытыыга, уу үрдүнэн халтарыыстар, тыас иһиллэнэрдии тохтоон тура түһэ-түһэ, уҥа-хаҥас сүүрэкэлэһэллэр. Тыаллаах-куустаах күн кинилэри көрбөккүн. Күөл иэнэ балык сэмсиириттэн кыракый иилэринэн ирбинньиктэнэ оонньуур. Тэмэлдьигэттэр хара чуумпу ууга кэлэн түһэ-түһэ, эрчимнээхтик сардьыгынаһан ыла-ыла, өрө көтөн тахсаллар. От саҕатыгар, дулҕа үөһэ салгылыы олорор кустар суунан чомпооттонон ууну талаанырдаллар…

Былыттаах, ип-ичигэс луҥку күннэр, түүннэр тураннар балык илимҥэ хото тутар. Онно-манна хоптолор кылбаҥнаһаллар. Кыптыый тыыраахылар күөл саҕатыгар «тыкаах-тыкаах» саҥарса-саҥарса, салгыҥҥа уйдаран сытыы тумустаах төбөлөрүн умса нөрүтэн биир сиргэ тэлибирэһэ-тэлибирэһэ харса суох супту түһэн балык ыаматын бултаһаллар. Ардыгар кынаттарын хомунан хойуостанан түһэн иһэн, эгдэс гынан өрүһүнэ охсоот, эмиэ биир сиргэ туран илигирэһэллэр… Бу кэмҥэ ийэ көтөр үксэ, айылҕатын сиэринэн, сымыыт баттаан иһийэр…

Маарыйаны кытары «суола суох сур соноҕоспутугар» чөкө олорон, аа-дьуо, ээр-сэмээр тэлбиҥнэһэ устан күөлбүт үөһүгэр киирэбит. Эбэбит арыыта ыраах, тэйиччи үллэн көстөр. Ол үрдүнэн, арыыга уйалаах тыыраахылар, чөкчөҥөлөр «аны сымыыт баттыы сытар сэгэрдэрбитин аймыахтара» диэбиттии, сорук оҥостон кэлэн үрдүбүтүгэр саантыыллар, эргийэ, элиэтии көтөллөр, саба түһүөхтүү кынаттарын тыаһатан төттөрү-таары сурулууллар… Онно-манна кураҕаччылар кылыһахтаах саҥалара кылыгырайар…

Сорох көтөр, ордук чыычаах аймаҕа, уйатын өҥөйдөххө, сымыытын тыыттахха, ардыгар, салыйан быраҕан кэбиһэр, онон иччилээх уйаҕа мээнэ чугаһыыр сатаммат.

Кэккэлэһэ устан иһэн Хаһырыа сонунун кэпсиир:

– Ээ, өстүбэһи да, Аана, бэҕэһээ Арҕаа Кыргыдайтан, «Сэссэлииһим Суола» холкуостан Хамай Ньукулай диэн киһи, аҕабын билэр эбит, биһиэхэ киирэн чэйдээн ааспыта… Эн Кыргыдайгын дии, билэҕин дуо Хамай Ньукулай диэни?.. Бээ эрэ, ким эрэ диэбиттэрэ… Ээ, Абыраамап… Абыраамап Ньукулай диэн.

– Билэбин… Дьэ, ол тугу кэпсиир?..

– Ол буоллаҕына бэрт үчүгэй сонуннаах…

– Дьэ…

– Уйбаныаптар, Мычыраах оҕонньордоох диэни билэҕин?

– Һуох… Мычыраах оҕонньордоох диэннэр бааларын… сурахтарын эрэ истээччибин. Олор туох буолбуттар?

– Бэйи, тохтоо… иһит… Ол Мычыраах оҕонньордоох муҥнаахтар сэриигэ барбыт уоллара өлбүтүн туһунан быйыл кыһын «хара сурук» кэлбит эбит…

– Быйыл кыһын даа?

– Э-ээ…

– Ол, үтүө сонуҥҥа туох сыһыаннааҕый?

– Бэйи, тохтоо… иһит… Ол уолларыттан ураты Мычыраахтар биир кыыстаахтар үһү.

– Дьэ…

– Бу, кыайыы буолбутун кэннэ, ол «хара сурук» кэлбит уолларыттан, аны туран сурук тигинээн кэлбит… Бэйэтэ суруйбут суруга. Киһилэрэ – өлбөтөх, тыыннаах үһү…

– Тыый!.. Кырдьык үчүгэй сонун эбит…

– Оннук…

– Дьоно эрэйдээхтэр төһө эрэ үөрээхтээтилэр.

– Ээ дьэ…

– Ол хаһааҥҥы суруга эбитэй?

– Кыайыы эрэ буолуон иннинэ суруйбут суруга үһү.

– Оччоҕо оттон, сотору кэлииһи дии…

– Кэлиминэ…

– Туох буолан, тыыннаах киһини өлбүт диэн «хара сурук» ыыппыт бэйэлэрэй?

– Алҕас таҕыстаҕа. Элбэххэ туох суоҕа баарай. Ити айылаах үтүмэн үгүс өлүүгэ-сүтүүгэ… Баҕар сураҕа суох сүтэ сылдьан баран көстүбүтэ буолуо…

– Буолуо…

– Чэ, кэллэҕинэ, бэйэтэ кэпсээтэҕинэ, сурах хоту да, истиэхпит…

Сыаннан-арыыннан аҕаабыкка дылы килэбэчиспит, ып-ыраас түүлээх-өҥнөөх амах андылара (тыһыларыттан арахсыбыт атыыр андылар, төннүү андылара) бэрт намыһаҕынан күөл ортотунан көтөн сулукуччуһан ааспыттарын батыһа көрөбүт.

– Тоҕо үчүгэйкээннэрэй, – Хаһырыа үөл кустары кэрэхсээн кыҥастаһар.

– Биир илимиҥ чорооҕо ол турар дуо? – Миитэрэй оҕонньор илим тарда сылдьарын түбэһэ көрөрүм, ол иһин таайаммын ыйытабын.

– Ээ, ол турар. Эн итини көр, мин ол кута тумуһаҕын анараа өттүнээҕини тардыам, – диэт Хаһырыа тиит эрдиитинэн эрчимнээхтик күүскэ-күүскэ эрдинэн, тыытын кэннэ тимирдьиҥнээн, уҥа-хаҥас садьыаланан иннибэр киирэн куота, тэйэ устар…

Сэмээр сыбдыйа устан кэлэн, чороох мастан туттан тохтуубун, саппай ситими аргыый тардан илими өндөппүтүнэн барабын. Сүрдээх киэҥ харахтаах илим эбит, собоҕо аналлаах, онон көрүүтэ судургу, аҕыйах эрээри, били этэргэ дылы, «адаҕа саҕа» соболор туппуттар. Ситими тардан уһуннахха мөхсөн тэлбиҥнэһэллэрэ киһи илиитигэр лаппа биллэр… Сүүрбэччэ собону араардым. Ыыс араҕас өрөҕөлөөх, бөп-бөдөҥ, астык соболор тыым иннигэр кутулла сытан лаапчааннарынан лаһыйан сүгүллэхтэнэллэр.

Хаһырыа Маарыйа араарбыт балыгын субу-субу тыытын иһигэр ньылбы тутарыттан сылыктаатахха, кыараҕас харахтаах илими тардар быһыылаах. Миигиттэн тэйиччи. Сэрэйдэххэ, арааһата, элбэх быччыкы туппут.

Халлаан былыта ордук эбии хаттыгастана-хаттыгастана ыаһыран кэллэ. Бырдах сүүллээн хойунна, тыала суох буолан, бэл күөл үөһүгэр дэлэйдэ… Туох барыта тыаһы иһиллээбиттии күөгэйэ, хоҥкуйа нусхайан турда… Дьэ бу аата – хараан күннэр. Оол курдук, эбэ арыытыгар, уу кытыытыттан хойуутук үүнэн тахсыбыт иирэ талахтар, будьуруйа бөлүөхсэн, түптэ буруотунуу тунаҕыран көстөллөр.

Тыыраахылар, тоҕо эрэ, кыырай халлааҥҥа тахсан тэлиэс-былаас көппүттэрин дьиктиргээн, хантас гынан өйдөөн көртүм – ооҕуй ситимигэр ыйаастан көтөн ахан эрэр эбит. Бу обургулар ону итигэстээн сиэри, биир кэм бөлүөхсэ-бөлүөхсэ үрдүк мэҥэ халлааҥҥа эргийэн элиэтэспиттэр.

Маарыйа биэтэк чорооҕор чугаһаабыт, илимин тардан бүтэн эрэр, туттан-хаптан элэстэнии мааны. Мин киниэхэ тиийэн көмөм да суох буолсу, ол иһин ээр-сэмээр, дьүөгэбин кэтэһэ таарыйа, үөскэ туотаайылар умсаахтыы сылдьалларыгар, төһө чугаһаталлар эбит диэн, көтөрдөр диэки хайысхаланабын. Хас эртэҕим аайы эрдиим чараас салбаҕа кыра буруу оҕотун эрилитэ эргитэр…

Кэтэхтэригэр уһун көҕүллээх туотаайылар маҥнай утаа тыылаах киһи иһэрин соччо ахсарбакка умсаахтаһа сылдьан баран, лаппа чугаһаабыппар, сэрэхэдийэн бары бөлүөхсэ түһээт – үрэх уутугар, сүүрүк хоту үөл дүлүҥү үтэн кээспиттии сундулуйа уһуннулар. Мин көтөрдөрү көтүтүмээри сырса барбатым, эрдиим аҥаар салбаҕын ууга бүтүннүү батары уган аҥаардастыы хойуостан эрчимнээхтик эргийээт, төттөрү иэҕиллэн, чорооҕун чиҥэтэ анньа олорор дьүөгэбэр уһуннум… Бу иһэн үтүө сонуну истэн, санаам көтөҕүллүбүччэ, иһирэх иэйии киирбиччэ, эбэбит барахсаҥҥа чэгиэн-чэбдик, өлүөр бэйэлээх балыктыы сылдьарбытыттан дуоһуйан, өйбөр туох көтөн түспүтүн, ырыа аҥардаах сэмээр таспар таһааран хоһуйабын:

…Нэлэһийбит Эбэбэр
Күөлүм ийэ уутунан
Аргыый аҕай, сэмээркээн
Тыынан устан иһэбин
Эрдэн истэх аайытын
Эрдиим чараас салбаҕа
Эрилитэ эргитэр
Кыра буруу оҕотун
Ону көрөн одуулаан
Оҕо киһи саатыыбын,
Дьикти, кэрэ көстүүттэн
Испэр күлэн ылабын
Чороох маспар чуо тиийэн
Тутан ылан тохтуубун,
Ситим быабын тардаммын
Илимнэрбин көрөбүн
Тэлибирээн тахсыбыт
Өллөөх эмис соболор
Тыыбар түһэн тыаһыыллар,
Лаһыгырыы мөхсөллөр
Эбэм өлгөм бэлэҕин,
Боллох иччим өлүүтүн
Баһаан элбэх балыгы
Бултаан дьиэбэр тахсабын…

…Хаһырыа Маарыйа илим тардар кэмигэр бырдахтан быыһанаары бобуонньуктуу бааммыт сачыын былаатын сүөрэн, сирэйин-хараҕын соттон ньуххаммахтыыр, ол олорон, мин оргууй ыллыырбын истэн, тохтоон, таалан иһиллиир, мичээрдээн тэбис-тэҥ үрүҥ тииһэ кэчигириир, дьээбэрдэҕинэ буолар үгэһинэн сирэйин сөллөччү туттан уҥа-хаҥас турулус-ирилис көрбөхтүүр. Мин сонньуйабын…

– Дьэ-дьэ… киһи истэрин курдук ыллаа эрэ, бэттэх кэлэҥҥин. Тылыҥ тамаҕын кыайан, сатаан истибэтим ээ… – дии-дии Хаһырыа аҥаар кулгааҕын сөмүйэтинэн тардан таллата-таллата үөнүрэн саҥарар. Дьүөгэм барахсан иһигэр аһы туппат эҥээрэ суох киһи. Санаабыта барыта таска. Оннооҕор тыҥалааҕы тыыннарбат уот айах тыллаах Хаалаан Кэтириини уун утары көрөн олорон: «Киэҥ Хаалаан, айыы таанаан быстан, ойдон түспүт…» – диэн айахтатыа дуо. Анараа киһи хос аатыттан өлөрдүү өһүргэнэр, кыра да тэппини көрбөт хадьар дьахтар бэйэтэ Хаһырыаны кытары букатын аахса барбат. Кыыс эҕэтин истибэтэх курдук туттар…

Сэрэйбитим курдук Хаһырыа тарпыт илимин хараҕа ортоһуор быччыкыга, чэркэҕэ аналлаах эбит, бэрт элбэх туппут. Илимэ соччо уһуна суох буолан өссө кэм түргэнник көрөн бүппүт. Аргыый устан, күө-дьаа сээкэйи кэпсэтэ-кэпсэтэ, өтөхпүт аннынан кытылга тиксэн, тыыларбытын түҥнэртээн, бэйэ-бэйэлэригэр өйөннөртөөн кэбистибит.

– Иһит эрэ Маарыйа… – иккиэн таалан турабыт… Бырдах дыыгыныыра биир кэм күйгүөрэн иһиллэр. Мутукча-итикчэ быыһа, тыа иһэ түөрэтэ ньаалаҕай тойуга… – Ити аата үөнүҥ-көйүүрүҥ түспүт, сарсыҥҥаттан, өйүүҥҥэттэн хара былыт курдук устуоҕа…

– Соччо элбэҕэ суохтар да, ханна көтө сылдьан ити айылаах дыыгынаһаллара буолуой?.. Дьоҕойон халлаантан хара тыаҕа түһэр «саҥалара» дуу, туох дуу?..

Ыллык суолу ойоҕолуу кыымаайы (көйүк) үөрэ кыынньар. Саба оҕустахха ыһылла түһэллэр онтон эмиэ хат холбоһон, оннуларын булан эймэҥнэспитинэн бараллар…