banner banner banner
Платон Ламутскай. Нимкакич
Платон Ламутскай. Нимкакич
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

Платон Ламутскай. Нимкакич

скачать книгу бесплатно

Оҕолоро алдьархай чугаһын
Бэркэ дьиксинэ көөртөрө:
Каган оннугар баһылык,
Сяньби сойууһу иилиир,
Хоһуун оннугар хоһуун,
Норуотун бииргэ түмэр
Эрэллээх тойон наадата.
Ону Чибдэбил аҕа аныыр
Киэҥ-дэлэй былаастааҕа.

«Бу иирсээн дириҥэ суох…»

Бу иирсээн дириҥэ суох,
Киэҥ айгыр улаҕата суох
Мөккүөн дуола буолуоҕун
Өйиндьэ туора түстэ,
Сяньби сойууһун үрэйээри сорунна.
Оччотооҕу дьиикэй дьон
Санаалара улахан хабыра
Маннааҕы иирсээҥҥэ тиэртэ.
Ол хайдах силистэммитин
Мин манна кэпсиим.
Сөрөгэ:
Аҕа баһылыкпыт,
Кырыйда диэн атаҕастаабаппын,
Быһыы-майгы күһэйдэ.
Эн истэн сэргии түс эрэ.
Биһи эмиэ соторунан
Жуаннар кэптэрин кэтиэхпит.
Ол иһин эрдэтинэ,
Эн оннугар бу сойууһу
Убайбыт баһылыыра
Төһө-хачча буолуо этэй?
Биһи хайдах буолабытый?
Хайдах көмүскэнэбитий?
Ону тобулар уолдьаста.
Кырдьаҕас Чибдэбил тойон
Халтаһатын тордуоҕунан
Өрө тардан атытта.
Уота өспөт хараҕынан
Сөрөгэни көрөн ылла.
Кэһиэхтээх куолаһынан
Саҥаран киирэн барда,
Тохтуу-тохтуу онолуйда.
Чибдэбил:
Сөбү этэҕин.
Барыта бүттэ манан.
Солуни убайыҥ арай
Соргулаах суолу тобулуо.
Сөрөгэ:
Күн аҕа баһылыкпыт,
Эн тугу тобуларгын,
Бырааттыылар биһи барыбыт
Күүтэбит туох дииргин.
Чибдэбил:
Истиэп иэнэ кыараабыт,
Бултуур да сир былдьаһыктаах.
Онон убайдаргын ыҥыр,
Сүбэлэһэр кэм да ыгым.
Кырдьан эмиэ буорайдым,
Бүтэр тиһэх күн тилиннэ.
Оо, хаарыан тэрийбит сойууһум
Үрэллиэх муҥа буолуо дуо?!

«Итинник сорудах кэнниттэн…»

Итинник сорудах кэнниттэн
Олоруох бокуой кэлиэ дуо?!
Уучах кыыл тыынынан
Сүүрдэн эргийэ оҕустулар.
Уолаттар кэлэ охсоннор
Аҕаларын тула олордулар.
Кэһиилээх матаҕа тутан
Аҕаларыгар үҥүлүттүлэр.
Уонна кини тылын күүтэн
Аҥаһан аххан олордулар.

«Чибдэбил…»

Чибдэбил:
Оҕолоруом, мин сотору
Үөһээ дойдуга барабын.
Холболоон бараҥҥыт ону
Үс тииккэ араҥастаарыҥ.
Бөҕө гына оҥорооруҥ,
Хараллар иэспин толорооруҥ!

«Бары да хоп курдук…»

Бары да хоп курдук:
Хараллар иэскин толоруохпут.
Биһигиттэн бардаххына
Хайдах ыал буоларбытын
Инникитин ыйыах этиҥ!

«Чибдэбил…»

Чибдэбил:
Сяньби сойууһу тэрийэн
Аймахтары бииргэ түмтүбүт.
Ол үрдүнэн сорохторбут
Ыраах куотан барбыттара,
Нанахайдаах күрэммиттэрэ.
Кинилэри ситтэххитинэ
Урууларбыт дии санаарыҥ!
Ол оннугар Тюрк-каганат
Улаханнык кыаҕырда.
Кэннибититтэн кэнэйдээн
Сүгүн олордоро суох!
Дьэ, уолум Ньөлбуни нохоо,
Каган оннугар каган
Билиҥҥиттэн буолуоҥ буоллаҕа.
Итини бары истиҥ,
Барыгыт бас бэриниҥ!
Солуни:
Каган оннугар каган
Ньөлбуни буолара сөбө.
Оччоҕо сойууһу араҥаччылыыр,
Олоҕу инники түмэр
Баһылык оннугар тойон,
Аҕа анаммыта эскэн!
Өйиндьэ:
Күн аҕа баһылыкпыт,
Олоҕум салҕаннын диэммин
Үлүгэрбит өҥөйөөтүн
Үтүө, төрүт аҕабыттан
Өрүһүйэр суолу тобул диэн
Каган үс-бараа күлүккэр
Сүгүрүйбүтүм баара.
Дьэ, алаатыка, оҕолоор,
Олохпутун өрүһүйүө диэн,
Күнү-дьылы күөнтүөҕэ диэн,
Өй-санаа бүгүҥҥүлээҕин,
Дьаһалынан сарсыҥҥылааҕын
Булан-булан ордороҥҥун
Хаарыан күнү өһө±үрдэн,
Түҥнэри төлкөлөөтөҕүҥ!
Олорбуппут эрэ сыччах
Буолуо суоҕа дуо, аҕаа?
Ньөлбуни:
Харыс иннин көрбөккө
Кыччаҕар тугу диирий?
Улуу үрэхтэн уларыйан,
Туспа дойдуга тиийэн
Каган буолаары тиистэ дуо?
Хомуруйбут иэстэлгэр,
Ити баламат тылгар
Батас оонньуутун ыҥырдыаҥ?
Ээххин этитиэхпин санаан,
Быраатым диэммин тохтоотум.
Ньүдьү-балай эйигиттэн
Ас тахсыан көрбөппүн ээ.
Өйиндьэ:
Каган буолан өйүүргүн,
Түскэн олоҕу тускулуоххун
Ончу көрбөт буолуохпут,
Иҥсэҥ адьас кыайыа эбээт!
Сирэйбин кэрчиктэнэрбин
Отой туохха да уурбаппын.
Миэхэ суох үһү дуо батыйа?
Толлуо диигин дуо, адьарай?
Чибдэбил:
Мин аҕа курдук аҕаҕыт
Тиһэх тылбын этэбин:
Аны күөн көрсөн эрэҕит дуо?
Мин түмүк тылым маннык:
Иирсээҥҥитин көннөстүҥ!
Иирсээннээх эрилкэй мас курдук
Дьоҥҥо абааһы көрдөрүмэҥ!
Ону истибэт буолларгыт,
Өбүгэ дьүүлүн ылыаххыт.
Ньөлбуни:
Иирээни тардар килчэгэр
Тылын ылан көннөрдүн.
Үөҕүллүбүт мин буруйбун
Тугу да билбэккэ олордум.
Быраат убайы ытыктаабакка
Көмүрүө курдук эппитигэр
Ити күтүр иннин ылыҥ,
Өбүгэ дьүүлүн көрдөрүҥ!
Өйиндьэ:
Ньөлбуни күтүргэ
Баһылатыам эрэ суоҕа!
Өбүгэ дьүүлүнэн кыраныам,
Аҕаа, миигин күүһүлээмэ!
Чибдэбил:
Дьэ, уолум, эн иһит эрэ,
Биир силискэ үүммүт
Түөрт мас бииргэ эмэҕирэр.
Ону эрдэ араартаатахха,
Сонно үргүлдьү өлөр-хатар
Диэн ыччакка этиллэр.
Өбүгэ дьүүлэ кытаанах,
Күүһүлэниэхтээҕэр үүрүллүөҥ!
Ону өйдүүгүн дуо, адьарай?
Өйиндьэ:
Дьэ бу кынчарҕан кэнники
Сири кыаратар ини.
Ох саа кыырайан тиийбэт
Сиригэр дьүгэлийбит ордук.