скачать книгу бесплатно
Жуан кагана хайаларыгар
Уруттаан тиийэ охсон,
Ох саатынан куһуйуон,
Үҥүүнэн өтөрүтэ түһүөн
Баҕаран, суһаллык тэриммитэ.
(Ол кэмҥэ Чибдэбил каган
Саталлаах сэрииһитинэн
Сураҕа киэҥник иһиллэрэ).
«Хамначчыт Жуан хаанынан…»
Хамначчыт Жуан хаанынан
Сааны-саадаҕы хааннаатылар;
Эйэҥкэ Ачурма удаҕан
(Оччолорго эр ойуун суоҕа)
Сэрииһиттэр суолларын
Алгыы охсон атаарда.
Чибдэбил хара быыһык
Саҕынньаҕын иһинэн
Икки хос атыыр тириитэ
Куйаҕын кэтэн кэбистэ.
«Жуан хайатын быыһыгар…»
Жуан хайатын быыһыгар,
Чибдэбил сэриитин тоһуйа,
Жуан каганата утары көрүстэ.
Дьалхааннаах элбэх сэриини
Манна түмпүт эбит этэ.
Кырыктаах кырыыс сирэ
Манан буолуон сөп диэн,
Сабаҕалаабыт курдуктара.
«Хаһан Чибдэбил сэриитэ…»
Хаһан Чибдэбил сэриитэ
Ойууру-тыаны сирэйдэниэҕин
Жуан каганата сэрэйбэтэҕэ.
Кини сэриитин түмэн
Иннигэр куйахтаммыта.
Ол кэмҥэ Чибдэбил сэриитэ
Инники күөҥҥэ дуона суох,
Ол оннугар өстөөх кэтэҕэр
Сүрүн күүһүн илдьэн,
Окко-маска саһыарта.
«Кыргыһыы илдьитэ буолааччы…»
Кыргыһыы илдьитэ буолааччы
Икки өттүттэн тыҥ хатыыта
Барыта ньим барда.
Онуоха бэйэ бодотун көрүнүү,
Өйү-төйү булунуу
Суоһа-суодала тирээтэ,
Өлүү аана аһыллаары турара.
«Дьэ кэллэ… Чибдэбил хаһыыта…»
Дьэ кэллэ… Чибдэбил хаһыыта,
Батыйата күҥҥэ килбэҥнээтэ,
Үҥүүтэ кытта имэҥирдэ.
Ону кытта тэҥҥэ ох саалар
Өстөөххө ыалдьыттаатылар.
Жуан оннооҕор элбэх оҕо
Чибдэбил үрдүгэр кыырайда.
«Инники күөннэр өлөрсөн…»
Инники күөннэр өлөрсөн
Ортолоон эрдэхтэринэ,
Чибдэбил хаһаас сэриилэрэ
Өстөөх кэтэх ойууруттан
Оннооҕор уон алдьархайдаахтык,
Өстөөҕөр саба түһэн,
Аҥаар уһугуттан имиттэ.
«Дьэ манна баара…»
Дьэ манна баара:
Өрө-таҥнары эккирэтиһии,
Үрүө-түрүө сырсыакалаһыы,
Онно бааһыран ынчыктааһын.
Аппа-дьаппа быыһынан
Куотан эрээччи да элбээтэ,
Хойуу ойуур быыһыгар
Саһааччы да үксээтэ.
«Жуан каган тиһэх күүһүн…»
Жуан каган тиһэх күүһүн
Арҕаҕар саба баттаата.
Каган төбөтүн быһа баттаан
Чибдэбил бэлиэ астарда.
Кыайыы-хотуу бэлиэтин
Хааннаах илкэни туруортарда.
Онтон
Баайы-дуолу олоччу талаан,
Хотторбут хамначчыты үүрэн,
Чибдэбил суолун анаан биэрэн,
Кыайбыт аатын иҥэрэн,
Тыаһаан-ууһаан, хаҥкынаан,
Соруйан суос бэринэн
Дойдутугар тиийбитэ.
«Мантан Чибдэбил баһылыктаах…»
Мантан Чибдэбил баһылыктаах
Сяньби сойууһа улахан суостанна:
Оннооҕор тюрк-каганат
Эвэскэннэри өҥөлдьүйбэт,
Тула өттүнээҕи ыаллары
Аны сабдыҥнаабат буоллулар.
Төһө өр маннык буолуоҕун
Ким дьылҕалыах муҥай!
«Чибдэбил син сүгүн олорбот…»
Чибдэбил син сүгүн олорбот,
Наҕыллык кырдьыан баҕарбат:
Тула өттүн көрүнүөн —
Походтары оҥортуон
Санаата кыдьыгыран барар,
Күүһүн-уоҕун түмэр.
«Өр-өтөр тардыллан турбакка…»
Өр-өтөр тардыллан турбакка,
Поход Амары[4 - Амар – Амур өрүс.] таҥнарда.
Бу киэҥ сир иэнигэр
Иччитэх курдук этэ.
Арай
Маньчжурия диэкиттэн кэлэн
Сүөһүлээх оронойдор
Олохсуйбут эбиттэр.
Кинилэр төрдүлэрэ
Эвэскэннэр удьуордара эбит.
Ол иһин Чибдэбил кагана
Бэйэтигэр холбообута
Уонна, тугу да тыыппакка
Төннөн бардар даҕаны,
Бу киэҥ Амар устун
Эвэскэннэри олохсутан,
Бултаах-астаах дойдуну
Баһылаабытынан барбыта.
«Чибдэбил санаата син сиппэт…»
Чибдэбил санаата син сиппэт:
Аны Лами[5 - Лами – сахалыы Лаамы, Охотскай муора.] обургу кытылын
Өҥөйтөлүөн баҕарар;
Маннык сүдү Ламига
Туохтар тоҕуоруйбуттарын,
Ойоҕостоһор ыал буолуон,
Кимнээх баалларын билиэн
Сүрдээҕин баҕарбыта.
«Бу поход айана дохсуна…»
Бу поход айана дохсуна,
Туох баарын тоҕо үктээн
Лами кытылын булбута.
Онно булчут уйгурдар
Биирдии бултана сылдьалларын
Селенга диэки кыйдаабыта.
Ох саа бастакы тыаһа
Эвэскэннэргэ уйгурдар
Үйэлээх өстөрүн тэрийтэ.
«Чибдэбил бэйэтин дохсун күүһүгэр…»
Чибдэбил бэйэтин дохсун күүһүгэр
Бигэ эрэллээх буолан,
Ол уйгур өс-сааһын
Төрүт да билэ сатаабатаҕа.
Кинилэр сирдэрин олоччу,
Баай хара тыаны ботуччу
Баһылаан ахан киирбитэ,
Сырыыта мэнээх хаалбата±а.
«Хас да походтар дьалхааннара…»
Хас да походтар дьалхааннара
Чибдэбил күүһүн ылбыттара.
Бүтэһик походун кэнниттэн
Улаханнык илистибитэ.
Кырдьардыын-ыарыылыын
Кыаҕын былдьатан испитэ.
Каган Чибдэбил бэйэтэ,
Кырдьар кырыыс кэлэн,
Түҥкүрэ кырдьыбыта.
Ол эбиитигэр ыарыыта
Сойууһун салайар кыаҕын
Букатыннаахтык эһэн,
Соҕурууттан, арҕааттан
Суоһуур өстөөх алдьархайтан
Эвэскэн аймаҕы көмүскүүр
Кыаҕын букатын сүтэртэ.
«Оҕолоро алдьархай чугаһын…»