banner banner banner
Төлкө
Төлкө
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

Төлкө

скачать книгу бесплатно


Ийэтэ, сүрэҕэ тулуппакка, оҕотун кытта сөбүлэһэ охсоро:

– Оҕом сөпкө этэр… Оҕобун сөбүлээбэт киһитигэр биэрэн ыытыам суоҕа…

Хас уол кэлэн ыйыттардаҕын ахсын, дьэ, ити курдук буолар этэ. Сэмэн Уйбаанабыс улам санааҕа ылларан барбыта. Суох, кыыстаах кэргэнин кыайа туттаҕына сатаныыһы. Туох аатай, наһаа көҥүллэринэн баран эрэллэр. Ол эрээри кини, төһө да ити курдук быһаарыммытын иһин, соҕотох кыыһын ытаппытынан-соҥоппутунан күүһүнэн эргэ биэрэн ыытара ыарахан суол этэ.

Икки сыл иһинэн чугас улуустардааҕы баайдар, атыыһыттар, кулубалар уолаттара бары Маайаҕа сирдэрэн, саакка киирэн төннүтэлээбиттэрэ. Кэнникинэн ыраах Өлүөхүмэ уонна Дьокуускай уокуруктарыттан баайдар уолаттара кэлитэлээбиттэрэ да, кыыс сүрэҕэ сөбүлүүр уолун кыайан булбатаҕа, эмиэ аҥаардастыы сирэн ыыталыыр эрэ аатыгар олорбута.

Харатаайап кулуба кыыһа сириксэнин дьахталлар, эмээхситтэр араастаан үгэргииллэрэ, сиилииллэрэ-одуулууллара. Ол барыта Маайа дьонун кулгаахтарыгар тиийэрэ, иһиллэрэ.

– Ылдьаана, ити эн иитииҥ «үтүөтэ». Аны оҕобут эргэ барымына, кыыһынан олорон кырдьара буолуо, – диэн Сэмэн Уйбаанабыс кэргэнин, игиинэн аалар курдук, биир кэм хомуруйан тахсара.

– Мин оҕобор, Маайаҕа: «Эргэ тахсыма», – диир үһүбүн дуо?

– Сиэр-майгы быһыытынан, эн биһикки сөбүлүүр дьоммут оҕото ыйыттардаҕына, күүспүтүнэн да биэрэр кыахтаахпыт… Онуоха куруутун эн мэһэй буолар үгэстээххин. Көр, онтуҥ «үтүөтэ» ити баар!

– Оҕобут сөбүлээбэт буолтун кэннэ, хайдах күүһүлүөхпүтүй?

– Чаабырҕаан түһэҥҥин, былыр күүһүнэн да эргэ бэриллибит кыргыттар кимнээҕэр үчүгэйдик олорор буолаллара. Кыыс эр киһини кытта биир ороҥҥо сытан туруон эрэ иннинэ сиримтиэ-талымтыа буолааччы…

О, оннук буолбатах! Ылдьаана истэрэ даҕаны, көрөрө даҕаны: төһөлөөх эдэркээн бэйэлээхтэр, таптаабат киһилэригэр дьонноро күүстэринэн биэрбиттэриттэн сылтаан моҥнон, ууга түһэн өлөллөрөй?!.

Аҕыйах сыллааҕыта Кэччээлэр кыыстара Өрүүнэ өлбүтэ. Ол кыыс барахсаны дьоно, баай ыалы кытта уруулаһар баҕатыгар, таптыыр уолуттан арааран, күүстэринэн эргэ биэрбиттэрэ. Кыыс үс ый устата эрэ буолуохсуту кытта бииргэ хоонньоспокко сылдьан баран, моҥнон өлбүтэ. Ийэтэ хара сордоох билигин киһини-сүөһүнү таба көрбөт буола харааччы иирэн сылдьаахтыыр. Оттон былыргы үйэҕэ өлбүт Суоһалдьыйа Толбонноох туһунан күн бүгүнүгэр диэри хайдахтаах ынырык кэпсээни кэпсииллэрий! Сахаҕа үөскээбэтэх кырасыабай кыыс төрөөн баран, киһилии олоҕу олорбокко, оҕо-уруу хаалларбакка кэхтибитэ үһү.

– Мин оҕом Суоһалдьыйа Толбонноох курдук дуу, Кэччээ Өрүүнэтин курдук дуу буолбутун көрүөхпүн баҕарбаппын, – диэн Ылдьаана, хараҕын уутугар бөтө-бөтө, кэргэнигэр таайтара соҕус этэрэ.

– Оннуктан биһигини таҥара быыһаатын… – Сэмэн Уйбаанабыс, син эмиэ ытырыктата санаан, саҥа аллайара.

Бу кэпсэтии кэнниттэн Маайа эргэ тахсарын туһунан дьоно өр соҕус тугу да саҥарбакка сылдьыбыттара. Маайа ол курдук олорон сүүрбэ үс сааһын туолбута, уруккутунааҕар өссө ордук төлөһүйбүтэ.

Биир күн Тааһаҕар кинээһин кэргэнэ Алааппыйа эмээхсин, күүлэйдии кэлэ сылдьан Маайаны көрөн олорон, Ылдьаанаҕа эппитэ:

– Биһиги да Маайабыт аатырдар Суоһалдьыйа Толбонноохторуттан итэҕэһэ суох үчүгэй дьүһүннээх кыыс буолбут дии.

– Аньыы даҕаны, Алааппыйа, бэйэҥ бэйэҕинэн тугуҥ саҥатай? – диэн Ылдьаана сапсыйан кэбиспитэ.

Маайа ол кэнниттэн Суоһалдьыйа Толбонноох диэн кимин, кини аатын ааттыыры тоҕо аньыыргыылларын ыйыталаһа сатаан кэбиспитэ да, ийэтэ тугу да кэпсээбэтэҕэ. Ол иһин дьиктиргээн, Маайа Сүөкүлэ кыыстан ыйыппыта. Сүөкүлэ ол Суоһалдьыйа Толбонноох туһунан элбэҕи билэр эбит этэ. Кини, ким да истибэтинэн, бэрт сэрэҕинэн Маайаҕа бу курдук сэһэргээбитэ:

– Былыр Үөһээ Боотулу нэһилиэгэр Суоһалдьыйа Толбонноох диэн кэпсээҥҥэ киирбит кырасыабай кыыс баара эбитэ үһү. Кыыс дьоно син сэнэх, орто баай соҕус ыал эбиттэр. Уһук Уйбаан диэн кыра эрдэҕиттэн кинилэргэ үлэлиир биир хамначчыттаахтар эбит. Кыыстара, Суоһалдьыйа Толбонноох, ол уолу таптаан, төһө да баай-мааны ыал оҕолоро ыйыттара сатаабыттарын үрдүнэн, эргэ тахсыбатах, сирэр эрэ аакка олорбут.

Арай биирдэ Сунтаар улууһунааҕы Хочо нэһилиэгиттэн баай киһи уолунаан кыыс көрө кэлбиттэр. Ол уол ыйыттарбытыгар туох диирин истээри, ийэлээх аҕата кыыстарын хаппахчытыгар киирбиттэр. Суоһалдьыйа Толбонноох бу кэлбит дьону халыыма ыараханынан чаҕытарга санаммыт.

– Баайдарынан алыс өҥнөр дьон кэлбиттэр, – диэбит Суоһалдьыйа Толбонноох дьоно ыйыппыттарыгар. – Оччо баай буоллахтарына, аны уон хонугунан хоонньоһуннара уолларын аҕаллыннар.

– Хайа, чыычаахпыт оҕото-о, ол аата сөбүлүүр буоллаҕыҥ дии?! – диэн кыыс дьоно үөрэ түспүттэр.

– Аҥаардастыы мин сирэ олорор эрэ ааттаахпын. Билигин бэйэлэрэ сөбүлэһиэхтэрэ суоҕа.

– Хайдах?.. Сөбүлээн, оттон, ыйыттарар буоллахтара дии, – дэһэллэр дьоно.

– Тахсаҥҥыт этиҥ, уолларын миигин кытта хоонньоһуннара аҕалалларыгар, бэйэлэрин сэргэлэриттэн биһиги сэргэбитигэр диэри аттарын уҥа илин атаҕа үктэннэҕин аайы биирдии үрүҥ көмүс манньыаты ууран истиннэр. Ону сөбүлээбэт, ыарырҕатар буоллахтарына, биитэр онуоха үптэрэ-харчылара тиийбэт буоллаҕына, чэпчэки сыаналаах кыыһы кэргэн кэпсэттиннэр.

Дьоно тахсан, уоллаах киһиэхэ кыыстара туох диэбитин барытын кэпсээн биэрэллэр. Суоһалдьыйа Толбонноох бу дьон сөбүлэһиэхтэрэ суоҕа, олус ыарахан диэхтэрэ диэн бөҕөтүк сананан, кинилэр туох дииллэрин таалан, иһиллээн олорбут.

Маҥнай утаа уоллаах киһи, дөйбүт дуу, харбыт дуу курдук, бэрт өр туох да саҥа таһаарбатах. Уолун көрбүтэ, уола: «Сөбүлэс», – диэн көрдөһөрдүү туттар-хаптар, көрөр-истэр эбит. Ол курдук өр соҕус олорбохтоон баран, уоллаах киһи көхсүн этиппит:

– Ол аата ыал устун барар дьон буоллахпыт дии… Эттэҕэ баҕас ыараханын.

– Оҕобут бэйэтэ быспыт сыаната… Биһиги тугун билиэхпитий?.. – диир Суоһалдьыйа Толбонноох аҕата.

– Бэйи, тохтуу түһүҥ. Биһиги оҕобунаан тахсан сүбэлэһэн киириэхпит.

Суоһалдьыйа Толбонноох уйатыгар уу киирэр. Кини аҕыйах хонуктааҕыта Уһук Уйбааҥҥа тылын биэрэн турардааҕа: «Өллөхпүтүнэ эрэ арахсыахпыт!» – диэн андаҕайсыбыттара. Өскөтө ити дьон сөбүлэстэхтэринэ, дьэ иэдээн… Хайдах буолуох бэйэтэй?..

Утаакы соҕус буолан баран, оҕотугар кэргэн кэпсэтэ кэлбит киһи киирэр, көхсүн этитэр, кэтэҕин тарбанар. «Ыарахан» диэри гынар буоллаҕа», – дии санаан Суоһалдьыйа Толбонноох үөһэ тыынан ылар. Уоллаах киһи дьэ бэркэ диэн ыараан, оҥостон олорон эппит:

– Төһө да сыанаҕыт ыараханын иһин, мин оҕом таптыы көрбүтэ оччо… Быстыахпыт дуо, баайбытын барытын да манньыат оҥорон туран, сөпсөһөргө тиийэбит…

Суоһалдьыйа Толбонноох сүрэҕэ тохтуурга, хараҕа хараҥарарга дылы буолбут, төбөтүн хам туттан, оронугар умса түспүт.

Онтон кыыстаах уолу хоонньоһуннартыыр үлэхтээх күннэрэ дьэ бу тиийэн кэлэр. Кыыс дьонуттан икки кураанах бэрэмэдэй төргүүлээх дьон Сунтаар улууһугар, Хочо нэһилиэгэр бараллар. Кинилэр ат хас олугун аайы биирдии манньыаты ааҕан ылан иһиэхтээхтэрэ. Баҕар, биир эмэ манньыат тиийиэ суоҕа, оччоҕо кыккыраччы аккаастыам диэн Суоһалдьыйа Толбонноох иһигэр эрэнэ саныыра. Ат олугун аахса, кини тапталлааҕа Уһук Уйбаан барсыбыта. Кини, биир олугу алҕаһыан кэриэтэ, баһа быстыа! Уһун суол устатын тухары, анараа дьон манньыаттара бүттэр ханнык диэн, сордоох кэтэспитин эриэхсит! Суох, манньыаттара бүтүөх бэйэлээх буолуо дуо?! – Суоһалдьыйа Толбонноох дьиэтин сэргэтигэр тиийэ лоп-бааччы ууран биэрэллэр. Уһук Уйбаан ыксаан, тэлгэһэ иһигэр киирбиттэрин кэннэ, ат сиргэнэн туора ойбутугар алта үктэли аахсаары айдаарар. Ойох ыла кэлбит уол, бу киһи Суоһалдьыйа Толбоннооххо туох эрэ истиҥ сыһыаннааҕын өйдөөн, куһаҕан баҕайытык көрбөхтөөн баран, сиэбиттэн биир ытыс манньыаты таһааран:

– Мэ, ылан абыран! – диэн баран Уһук Уйбаан сирэйигэр ыһар.

Бу самаан сайын барахсан саамай үгэнэ, от-мас сэбирдэҕэ-мутукчата ситэн, сэлиик ат сиэлин курдук, намылыйан турар кэмэ эбит. Уруу-оонньуу буоларын дьон истэ охсубуттар, чугастааҕылар сатыы, ыраах олорооччулар аттанан-атыырданан тоҕуоруспуттар.

Икки баайтаһын ынаҕы, үс кур оҕуһу өлөрөн, ыһыах-уруу тэрийбиттэр. Онно бүтүн икки Боотулу дьоно, үс улуус үтүөлэрэ мустан аһаабыттар-сиэбиттэр, үҥкүүлээбиттэр, оонньообуттар.

Үгэс быһыытынан, кыыстаах уолга сөрүүн хоско орон оҥорон биэрбиттэр.

Көр-нар күнүстэри-түүннэри үргүлдьү буолбут. Ырыаһыттар ыллаабыттар, олоҥхоһуттар олоҥхолообуттар. Ол көр-нар ортотугар, түүн оройо лаппа ааспытын кэннэ, күтүөт уол тахсан үҥкүүлүү сылдьар дьоҥҥо кэлэр. Үҥкүүлэһэр киһилии, дьону кытта сиэттиһэр. Үҥкүү тылын этэ сылдьар киһиэхэ: «Бэйи, эн тохтоо эрэ, мин дойдубар-сирбэр эрдэхпинэ үҥкүү тылын этэр буоларым», – диир. Саатар эрэ буоллаҕа дии! Күтүөт киһи тыла төһө ууһун, куолаһа төһө чуорун истээри, урууга мустубут дьон барыта түһүлгэҕэ тоҕуоруһаллар. Түөлбэ күөл саҕа түһүлгэ кэҥээн тэнийэр. Күтүөт киһи куолаһын оҥостон, икки-үс хаамыыга саҥата суох хоҥкулдьуйан баран, дьэ, маннык диэн саҕалаабыт:

Чэйиҥ эрэ, оҕолоор!
Күтүөт уолу көрөөрү,
Көрдөөх ырыатын истээри,
Күтүр киэҥ сири,
Күөхтүүрүгэ кырыһы
Күрүөлүү хаама сылдьаҕыт.
Чэйиҥ эрэ, кыргыттаар!
Аҕаскытын-балыскытын
Атын сиргэ арааран илдьээри,
Туспа сиргэ туура тардан бараары,
Туора улуустан кэлбит
Тойон күтүөт киһигит
Тойук туойан эрэрин
Тобулан-өйдөөн истиҥ.
Аҕастаатар аҕаскыт,
Балтылаатар балтыгыт
Суоһалдьыйа Толбонноох
Сураҕырбыт аатыгар
Суҥхатыйан кэлэммин,
Тойоннуура аҕам,
Тото-хана аһаабакка,
Тоҕус төгүрүк сыл муспут
Туох баар баайын
Тоҕо кутан тураммын,
Хотун ойох оҥостон
Хоонньугар сыппытым…

Күтүөт киһилэрэ, Суоһалдьыйа Толбоннооҕу кыыс диэн хоонньоспута дьахтар буолбутун хоһуйан, үҥкүү тыла оҥорон туойан барбыт. Маҥнай утаа дьон, өйдөөбөккө, кини тылын үтүктэн ыллаһан иһэннэр, кэлин дьэ өйдөөн биирдии-биирдии, онтон бөлөх-бөлөх үҥкүү түһүлгэтиттэн тахсан, тарҕаһан барбыттар. Ол икки ардыгар тус арҕааттан хара былыт өрүкүйэн тахсыбыт. Этиҥ эппит, сыыһы-буору өрө ытыйан, сүр күүстээх тыал түспүт. Чугас дьиэлээхтэр дьиэлэригэр тэскилээбиттэр, ыраахтан сылдьааччылар дьиэҕэ киирэн хорҕойбуттар. Дьон сирэйдэрин таба көрсүбэт буола сааппыттар.

Ол тыал, этиҥ ортотугар, Суоһалдьыйа Толбонноох ыҥыртарар диэн, Уһук Уйбааны көрдүү сатаабыттар да, хантан да булбатахтар. Сотору халлаан хайа барарга дылы буолбут. Этиҥнээх ардах, ыаҕастаах ууну таҥнары сүөкээн эрэр курдук, куккураччы кутан барбыт. Суоһалдьыйа Толбонноох сытар хоһун түннүгүн утары турар чаллах тииккэ этиҥ сааллыбыт. Кыыс, часкыйа түһээт, таһырдьа ыстаммыт. Ону ким да өйдөөн көрбөтөх. Ардах астыбытын кэннэ, сүтүктээн, көрдүү тахсыбыттар. Суоһалдьыйа Толбонноох, дьиэтин аттыгар тиит мутугар ыйанан, өлөн хаалбытын булбуттар. Күтүөт киһи кыыһы хоһуйан үҥкүү тылын эппитин кэмсинэн, үс хонук устата Суоһалдьыйа Толбонноох өлүгүттэн арахпакка, ытыы-ытыы төбөтүгэр күлү таптаммыта үһү. Онтон…

Онтон, кыыһы көмөр күннэригэр, кыыс моҥнон өлбүт маһын мутугар аны күтүөт уол бэйэтэ ыйанан өлөр.

Ити аймалҕаннаах, кутурҕаннаах уруу буолбута тоҕус сыл ааспытын кэннэ, сир анныттан күөрэйбит курдук, эмискэ Уһук Уйбаан баар буола түһэр. Кини Суоһалдьыйа Толбонноох дьонун аах дьиэлэригэр киирэр. Суол киһитигэр чэй сылытан иһэрдэллэр.

– Бачча өр ханна сылдьан баран көһүннүҥ? – диэн хаар маҥан баттахтаммыт Суоһалдьыйа Толбонноох аҕата оҕонньор ыйытар.

– Ээ-э, бэрт ыраах, киэҥ сиринэн тэлэһийэн сырыттым. Истэргит буолуо Өлүөнэ өрүс баһыгар кыһыл көмүс көстүбүтүн. Ол кыһыл көмүстээх тайҕаҕа баран үлэлээн баран, бу эргиллэн таҕыстым.

– Оннук ыраах дойдуга хайдах-туох сырыттыҥ?

– Хайдах сылдьыбыппын кэпсээтэрбин уһун буолуо этэ. Эҥин арааһы көрдүм, санаабатахпар түбэһитэлээн сырыттым. Бэйэм да бэккиһиибин, ол дойдуттан хайдах тыыннаах эргиллибитим буолла?! Дьэ эһиги бу диэки хайдах-туох олорор буолаҕытый? Суоһалдьыйа кэргэнинээн төһө бэркэ олороллоруй? Хас оҕолоохторуй? – диэн Уһук Уйбаан, хайдах эрэ өрүһүспүт курдук, үрүт-үөһэ ыйыталаһар.

Суоһалдьыйа ийэтэ эмээхсин бу ааспыт тоҕус сыл устата куурбатах хараҕын уута эмиэ таммалаан барар. Аҕата оҕонньор куһаахан буолар. Уһук Уйбаан, ону көрөөт, сирэйдиин-харахтыын уларыйа түһэр.

– Миигиттэн тугу да кистээмэҥ!.. Сүрэҕим чопчутун курдук саныырым… Сэгэрим, Суоһалдьыйа… куһаҕан буолбута дуо?

– Ыйанан… – диэн иһэн аҕата оҕонньор бобуллан ах барар.

– Хаһан?.. Төһө өр буолла?.. Ханна? – Уһук Уйбаан, иирбит киһи курдук, хаһыытаан ыйытар.

Суоһалдьыйа Толбонноох ийэтэ кэлэн Уһук Уйбаан төбөтүн кууһан туран сыллыы-сыллыы:

– Тоойуом, буолуох буолтун кэннэ, хайыахпытый?.. Оҕолорум барахсаттар үчүгэйдик да санаһаахтыыргыт… – диир уонна уйа-кэйэ суох ытаан барар.

– Өр буолла… Сонно, бастакы түүннэригэр… Эйигин көрдөтөн көрө сылдьыбыта. Ханна баран хаалбыт бэйэҥ буолла, – диир кыыс аҕата оҕонньор.

– О-о-о! – диэн ытыыр икки улуйар икки ардынан саҥа аллайаат, Уһук Уйбаан сирэйин саба туттубутунан бүк түһэр, санна титирэстиир. Дьиэлээхтэр уоскута сатыыллар. Киһилэрэ өр баҕайы тыын быһаҕаһынан тыына сытар. Киэһэлик соҕус арыый холкутуйбут курдук буолар. Биир хомуос тымныы ымдааны иһэр.

– Сэгэрбин, Суоһалдьыйаны, өлөрүгэр мин… – диэн хайдах эрэ түҥ-таҥ саҥаран барар.

– Киһибит тугу-тугу саҥаран барда? Арааһа, өйө хамнаата, – диэн дьиэлээхтэр улаханнык дьиксинэллэр.

– Истиэххитин баҕарар буоллаххытына, ситэ истиҥ!.. Сэгэрбин Суоһалдьыйа Толбоннооҕу өлөрбүттэр эһиги бааргыт! Харчы иһин, от хаата – сүөһү иһин, кини биһикки тапталбытын, олохпутун алдьаппыккыт… «өллөхпүтүнэ биирдэ арахсыахпыт» дэһэрбит, – диэт Уһук Уйбаан, өлө куттаммыт ыал халҕаннарын хайа быраҕан, тахсан барар. Уонна… ол ыал дьиэлэрин аттыгар ыйанан өлөр. Ону нөҥүө сарсыардатыгар булан, Суоһалдьыйа Толбонноох көмүллэ сытар уҥуоҕун кытта сэргэстэһиннэрэ көмпүттэрэ үһү… Дьэ, онтон Суоһалдьыйа, күтүөт уонна Уһук Уйбаан үөр буолбуттар үһү диэн кэпсииллэрэ.

Маайа, бу сэһэни истэ олорон, хаста да куйахата ытырбахтаан, этин сааһа аһыллан тымныйталыы сырытта.

* * *

Сүөһүнү хотоҥҥо киллэрэ тахса сылдьыбыт кыргыттар балаҕаннарыгар тымныы туманын кытта улахан солуну илдьэ киирдилэр.

Харатаайап кулубалаахха илиҥҥи Нам улууһун кулубата Дьаакыбылап кырдьаҕас уолунаан кэлэн, хоноһо буолан күөнтээн олороллор үһү.

Маайа били Суоһалдьыйа Толбонноох туһунан Сүөкүлэ кыыс сэһэнин куруутун өйдүү сылдьар буолан:

– Үчүгэй, сунтаардар буолбатахтар эбит, – дии-дии күлэн лыһыгыратар.

II

Ол дьон Дьокуускай уокуругун курдук ыраах сиртэн, бука, кыра сорукка кэлбэтэхтэрэ буолуо диэн кыргыттар хоп-сип хобугунаһан бараллар.

Сүөкүлэ кыыс, мындырын мындыр, Маайа сирэйэ-хараҕа кубулуйбутун бэлиэтии көрө охсор:

– Маайабыт иҥин хаана тоҕо эрэ олус кэйбит. Эргэ тахсар, биһигиттэн барар кыыс буолла быһыылаах.

– Э-эс. Тоҕо эмиэ таҕыстамый?!

– Чэйиҥ эрэ, кыргыттаар, иҥиир сап утаҕынан сэрэбиэйдээн билиэҕиҥ, – диэтэ Сүөкүлэ.

Кыргыттар айдаара, аймана түһэллэр. Сүөкүлэ сэбиргэнэттэн чороччу хаппыт ынах сындааһынын ылан тырыта тыытар, сыгынньах ньилбэгэр синньигэс утахтары хата охсор.

– Чэйиҥ, бүлүүсэҕэ сылаас уута кутан аҕалыҥ!

Хамначчыт кыргыттар, бүлүүсэҕэ сылаас ууну кутан, көмүлүөк оһох иннигэр турар остуолга аҕалан уураллар. Сүөкүлэ, тугу эрэ уоһун иһигэр ботугуруу-ботугуруу, иҥиир утахтары бүлүүсэлээх сылаас ууга түһэртиир.

Иҥиир сап утахтара, сылаас ууга илийэн, бүлүүсэ түгэҕэр тимирэллэр. Сүөкүлэ оһох уотун сылааһыттан, бүлүүһэлээх итии ууну кытта бадьыыстаһарыттан сирэйэ кытара буһар. Кини бүлүүсэлээх уутун дьалкыҥната-дьалкыҥната утахтарын одуулаһар. Туох буолуоҕун көрө-билэ охсоору, кыргыттар төбөлөрө бүлүүсэ үрдүгэр үмүөрүһэр.

Хатыллыбыт иҥиир сап утахтара, сылаас ууга улам сиигирэн, синньигэс төбөлөрүттэн саҕалаан өһүллэн, үөһэ-аллара түллэҥнэһэн бараллар.

Бу бүлүүсэҕэ сытар икки утахтан биирдэстэрэ Маайа кута, иккиһэ кэргэн кэпсэтэ кэлэн олорор Дьаакыбылап кулуба уолун кута буолуохтаахтарын кыргыттар бары билэллэр. Ол гынан баран хайата Маайа кута, хайата уол кута буоларын Сүөкүлэ бэйэтэ эрэ билэр.

Уҥа диэки сытааччы сап утаҕа аан бастаан хамсыыр, хатыыта өһүллэн куймаҥныыр, эриллэҥниир.

– Сүөкүлээ, ити уҥа диэкитэ хайаларай? – диэн кыргыттар ыйыталлар.

– Ити биһиги Маайабытын көрө, кэргэн кэпсэтэ кэлэн олорор уол.

– Ок-сиэ, обургу хамсанан-имсэнэн, түллэҥнээн, сытыы уол кэлбит быһыылаах… Көрүҥ, көрүҥ! Маайабытыгар чугаһаата дии…

– Маайа тэйдэ!.. Тэйдэ!.. Ити аата эмиэ сирдэҕэ дуу?.. Эргэ тахсыбат кыыс буолаары гынна. Көрүҥүтүүй! Көр, уол батыһан эрэр… Ситиэхчэ буолла!

Ити курдук көрө туран, арыт эмискэ ах бараллар, онтон эмиэ, өрүһүспүт курдук, бары бииргэ күйгүөрэ түһэллэр:

– Сүөкүлээ, уолбут ити туох буолла? Тоҕо төттөрү түллэҥнээн барда?.. Көрүҥ-көрүҥ! Аны Маайабыт уолу батыста буолбат дуо?.. Маайа, ити хайдаҕый?

– Кэтэһэ түстүн, мин кинини батыспатах баҕайым ини, – диир Маайа, бу сэрэбиэйи бэрт болҕомтолоохтук көрөн туран.