banner banner banner
Үйэ кирбиитигэр
Үйэ кирбиитигэр
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

Үйэ кирбиитигэр

скачать книгу бесплатно


Билигин к?н аайы тутууга ?лэлииллэр. Сахалар эмиэ кэлэн к?м?л?h?лл?р. Нууччаларга кэлэн ?лэлиир дьон эт сиэн абыраннылар. Оттон дьиэлэригэр буолла?ына, эти идэhэ ?л?рд?хт?р?нэ эрэ сиэччилэр.

Нууччалар сытыары эркиннээх олорор дьиэ, ампаар туталлар. Сорохтор уhуктаах т?б?л??х, ?рд?к, сонос ба?аналары сири хаhан хороччу туруораллар. Оннук уhуктаах ба?аналары дьиэ тула кэккэлэччи туруоран, киhи кыайан киирбэт хахханы о?ороллор. Ол иhин остуруок диэн ааттанар.

Сахалар икки туруорбах бала?аны тута сылдьаллар. Сорохтор остуруок таhыгар улахан хотонноох бала?аны, кыбыы, дал туталлар. Ха?аактар кыhын уон ына?ы ыатар санаалаахтар. Онно олохтоохтору а?алан ?лэлэтиэхтэрэ. Билигин ол ынахтарын ыалга туруораллар.

?лэ элбэх. С?гэ тыаhа бачыр?ас. Икки саха, тутуллан эрэр дьиэ ?рд?гэр тахсан, ?р?т мастары кэккэлэччи уурталаан ыпсарар. Икки нуучча д?л?? ?рд?гэр сынньана олорор. Биирдэрэ ?рд?к у?уохтаах, кугас бытыктаах. Иккиhэ намыhах, кыра хара бытыктаах.

– Смотри, как мастерит, – диэн улахан у?уохтаа?а са?арар.

– Он же человек, – кырата к?хс?н этитэн баран сиргэ силлиир.

– Он, конечно, человек. Но странный.

– Они тоже думают, наверно, что мы странные.

– Ихнюю душу Христос даже не ведает. Прости, господи. Ведь они не христиане.

– А вот Петрушка крещеный. Он тоже якут.

– Петрушка наш. А этот якут рубанет тебя топором по башке и не подумает, что согрешил.

Кыра муруннаах, кэтит мэлтэгэр эттээх сирэйдээх саха до?оруттан ыйытар:

– Ити нууччалар тугу кэпсэтэллэрэ буолуой?

– Киммилэр, до?оор. Бука, тойоттор к?рб?тт?р?гэр сынньана т?h??ххэ дииллэрэ буолуо. Ити улахан у?уохтаа?а с?рэ?э суох киhи быhыылаах, сотору-сотору сынньанар. Кыратык сы?арыт эрэ, – иккиhэ ?лэлиирин тохтоппокко эрэ са?арар.

* * *

К?h?н буолан с?р??д?йэн, ?лэлииргэ ?ч?гэй буолла. Сахаларга тутуу маhын тыаттан о?устаах сыар?анан сыылларан таhаллар. Сорох маhы мыраан ?рд?ттэн т?hэрэллэр. Элбэх киhи к?рг??м?нэн ?лэлээн, бала?ан ыйын б?т??тэ хас да дьиэни тутан б?тэрдилэр. Са?а дьиэлэри уhуктаах мас кириэппэhинэн эргиттилэр. Аллара к?h?н, ?рд?ттэн олорон ?лэлииллэр.

Петр Бекетов маннык улахан событиены суруйтаран, государга биллэрэргэ сананна. Суруксут кэлэн, суруйаары кумаа?ытын иннигэр ууран, хаас куорсунун т?б?т?н чэрэниилэ?э уган бэлэмнэммитин кэннэ, атамаан, т?тт?р?-таары хаамыталыы сылдьан, тугу суруйуохтаа?ын этэр. Ма?най, ?гэс быhыытынан, государь чыынын-хаанын, аатын, сылы, к?н? суруйтарда.

– Того же году сентября в двадцать пятый день по государеву цареву, – диэн баран Бекетов суруксут суруйан б?тэрэрин кэтэhэ т?hэр. Онтон салгыы этэр: – Цареву и великого князя Михаила Федоровича всея Руси, указу поставил я, Петрушка, с казаками… Нет, не пиши с казаками. Пиши с служивыми людьми. Написал? Дальше так. С служивыми людьми на Лене реке острог. Острог для государева величества в дальней окраине и для государева ясачного сбору. Написал?

– Да, – суруксут суруйан б?тэрэн баран этэр.

– Так пиши. Ясачного сбору и для приезду якутских людей. А преж того на Лене реке и в якольской земле государева острогу не бывало нигде. Написал?

– Да.

– А поставил государева новый острожок я, Петрушка, против якуцкого князца Мымакова улуса и меж иными, – диэн баран суруксут суруйан б?тэрэрин кэтэhэн тохтуу т?hэр. – Многими улусами среди всей якуцкой земли.

Суруксут суруйан б?тэрбитин кэннэ аахтаран истэр.

– Хорошо. Еще пиши – и отныне, вся Якуцкая земля считаю государевай землей Российской. И все. Дай подпишу, – Бекетов суруксут суруйбут суругар илии баттаан баран, кииhи кытаахтаабыт хотой ойуулаах бэчээтин ууран бигэргэттэ.

* * *

Са?а остуруок тутуллубут малааhыныгар хоhо суох киэ? истээх, ортотугар тулааhын ба?аналаах саамай улахан дьиэлэригэр мустан аhаатылар. Быраага к??ннь?р?н истилэр.

Сахалар малааhы??а атын кыра бала?а??а муhуннулар. Нуучча арыгытын истилэр, килиэбин сиэтилэр. Нууччалар хас да саха кыы?ын, дьахтарын тутан а?аланнар, ясырь диэн ааттаан олордоллор. Ол дьахталлар астарын астыыллар уонна т????? ойох буолаллар.

– Бу бурдук астара ?ч?гэй ас эбит, – хара бытыктаах улахан саха киhитэ тутан олорор килиэбин к?рб?хт??р.

– Биhиэхэ дьэ киhи астынар гына амсаттылар. Бэйэлэрэ к?н аайы сииллэр ?h?, – Хачарба диэн ааттаах кыра у?уохтаах киhи килиэби айа?ар уган ыстыыр.

– Нууччалар бодорустахха судургу эбиттэр. Дьон дьон курдуктар, – ?h?с киhи са?ата иhиллэр.

– Хата, кимнээ?эр ?ч?гэйдик аhаталлар. Мин Сымыhах баайга дьиэ туппутум. Онно ?лэhиттэрин кур сыhык этинэн, хара иhинэн аhатара. Ону да?аны тото-хана сиэппэт, – Хара Бытык миинтэн баhан сыпсырыйар.

– Нууччалар талаан а?албыт сылгыларын этинэн аhаталлар, – кытыыга олорор киhи са?ата иhиллэр.

– Туох да диэбит иhин, нууччалар – ?ч?гэй дьон, – ?h?с киhи к?м?скэhэр. – Ити акаары дьон нууччалары утарсаллар. Ох саалаах эрэ эрээри, тимир саалаах дьону кытта охсуhан ?л?лл?р. Хаhан кинилэри кыайаары. Нууччалар киис тириитин к?рд??ллэр. Ону биэрэ-биэрэ олордуннар ээ, хам бааччы. Оччо?о тыытыа суох этилэр.

– До?оттоор, бу олорон, мин биири санаан кэллим. Ону кэпсиибин дуо? – Хара Бытык дьонун эргиччи к?р?р.

– Кэпсээ.

– ?н?р тыа?а икки нууччаны кытта мас кэрдэ та?ыстым. Онно, арай, тииккэ мо?отой чыбыгыраан та?ыста. Биhиги т?hэрээри, тула туран маhынан быра?аттаатыбыт. Онно мин хамсаабакка туран, соруйан, сиргэ т?hэн с??рб?т мо?отойу куоттаран кэбистим.

– То?о?

– Эмискэ санаатым – бу атын омуктар кэлэн, маспытын кэрдэн, кыылбытын-с??лб?т?н ?л?р?н эрдэхтэрэ диэн. К?р, мо?отойу кытары харыhыйдым ээ. Киhи оннук буолар эбит…

Бары са?ата суох санаа?а т?ст?лэр.

* * *

Промысловиктар ыраах тиийэн бултаары, биир кочанан аллара диэки устубуттара. Алдан ?р?с т?рд?гэр тиийэн, кыра ??тээн дьиэ туттан, кыстаан олорон бултуур санаалаахтар. А?ыйах киhи чугас эргин сылдьан бултуур. Оттон ха?аактар тутууга ?лэлииллэр. Остуруок тутуута билигин да?аны ситэрэ ыраах. Сорох дьиэлэргэ орон да, оhох да о?оhулла илик.

Хаар т?сп?т?н кэннэ, сахалар от-мас тиэйиитигэр ?лэлээтилэр. Сорохтор дьиэбит ?лэтэ хаалла диэн к???ллэтэн бардылар. Остуруок иhигэр тутуллубут саха бала?аныгар ясырь дьахталлар олороллор. Иккис саха бала?ана аманаакка ананан тутуллубута. Онно киис тириитин а?алартан аккаастаммыт а?а ууhун баhылыгын эбэтэр харыhыктаах киhилэрин а?алан хаайан сытыарыахтаахтар. Д?кс? «съезжая изба» диэн ааттанар, саха тойотторун к?рс?р э?ин улахан бала?ан тутуллуохтаах.

Алтынньы – албын ый. Т?h? да хаар т?сп?т?н иhин, ичигэс буолар. К?н кэм да уhун. Хаар чараас буолан, булка хаамарга ?ч?гэй. Бу кэм?э булт элбиир. Улааппыт, сиппит кыыл о?ото мэнээктээн, чараас хаарга суола-ииhэ дэлэйэр. Ону к?р?-к?р? кэлии ки?и к?нд? т??лээх элбэх дойдута эбит дии саныыр. Баайы-дуолу сомсон ыларга ымсыы, о?уруктаах санаата к??h?рэр. Саха баайдара элбэх т??лээхтээх эрээрилэр соруйан кистииллэр дэhэллэр.

Сэтинньи ый ??ннэ. Хаар халы?аан, к?н кылгаан, халлаан тымныйан барда. Киис тириитэ эрдэ ситэр. То?о эрэ биир да киис тириитин а?ала иликтэр. Ол эрээри билигин эрдэ. Булчуттар тыаттан киирэ иликтэрэ буолуо. Ахсынньы ый ??ннэ?инэ а?алыахтара.

Ый ортотун диэки ?й?к баай ыыппыт киhитэ биэс уон кииhи а?алан туттарда. Онтон сотору Мымах баай кэлэн, т??рт уон киис тириитин биэрдэ. Бекетов кинини ?ч?гэйдик к?р?стэ. Ол эрээри «элбэх дьонноох эрээригин кыраны а?албыккын» диэтэ.

Ахсынньы са?атыгар Л?г?й тойон т??рт уон кииhи а?алла. Билигин кииhи к?рг??м?нэн а?алыахтаах этилэр да, мэлигир. Олох мэлитээри гыннылар дуу диэбиттэрин кэннэ, били дьаhаах т?л??х буолан анда?айбыт Мэ?эттэн Босхо? Боруохал отут кииhи а?алла. Улахан а?а ууhун аатыттан диэтэххэ а?ыйах.

Ахсынньы б?т??тэ онтон-мантан кэлитэлээтилэр да, с??рбэччэлии, бэл, уоннуу эрэ киис тириитин а?алан туттардылар. Холобур, Н??р?ктээйи тойоно Чыппа Кэрэмэй уон икки эрэ киис тириитин ыыппыт. Но?ой боотуртан с??рбэ киис тириитэ кэллэ. Арай Хатылы баайа Аан ??чэй алта уон киис тириитин ыыппыт.

Тохсунньу ый ортотугар диэри кэтэстилэр да, икки эрэ киhи кэлэн барда. Халы? ха?аластар мэлиттилэр. Кинилэртэн ?й?к эрэ ыыппыта. Дыгын уолаттара биллибэтилэр.

Петр Бекетов десятниктары, пятидесятниктары, сааhырбыт ха?аактары кытары с?бэлэhэргэ быhаарынна. Маннык быhыы сал?анан барда?ына, хайдах да табыллыа суох. Саха бала?аныгар киирэн, остуол тула олордулар.

– Казаки, вы видели, иноземцы дурны и не послушны, – диэн Бекетов этиитин са?алаата. – Слишком мало ясака привезли. От иных совсем нет. Что будем делать? Как привести их под великую государева руку?

Ха?аактар бэйэ-бэйэлэрин к?рс?н са?ата суох олордулар. Ким са?алыырын кэтэhэллэр быhыылаах. Онтон Тимофей диэн сааhырбыт ха?аак:

– Аны сайын со?урууттан дьон эбии кэлэллэрин кэтэhиэххэ, – диэн эттэ.

Бекетов с?б?лэспэтэх курдук баhын хамсатан баран, этэр:

– Не горазд ты, Тимофей Петрович, говорит. У меня сумненья есть, что придет много людей. Якутскую орду можно малыми силами покорить.

– Истинно так, – Василий диэн ха?аак ?нд?х гынар. – Их только жестокими приступами можно смирять. Детей и жен полон взять, дома их жечь. Чтобы иноземцы слышали государеву грозу и боялись, и государев ясак привозили. Только так. Других слов они не понимают.

– Надо идти со всеми своими людьми в улус и громить, – эдэр Осип Галкин сутуругунан остуолу охсор. Кини – Иван Галкин быраата.

– Да, смирять можно только войною. Но небольшим разореньем, чтобы ясачной казне ущерба не было, – диэн Бекетов кэпсэтиини т?м?кт??р.

Биир улууhу баран урусхаллаатахпытына, атыттар истэннэр утарылаhыахтара суо?а, д?кс? дьаhаах а?алыахтара диэн т?м?ккэ кэллилэр. Онтон хайа улууска барары быhаардылар. Оччо ыраа?а эбэтэр олус чугаhа суох сир буолуохтаах диэтилэр. Биир ха?аак Д?пс???э барарга этии киллэрдэ. Иван Галки??а д?пс?ннэр улахан утарсыыны о?орбуттара. Быйыл буолла?ына дьаhаа?ы а?албатылар. Сэрэппэккэ эрэ урусхаллыыр сатамньыта суох буолуо, ма?най алта-сэттэ ха?аагы ыытан кэпсэтиннэрэн к?р?рг? диэн этии киирбитигэр с?б?лэстилэр.

* * *

Олунньу ыйга били ааспыт сайын ?р?с ??hээ ?тт?гэр кыстыы барбыт дьон табыллыбакка эргиллэн кэллилэр. То?устартан дьаhаах хомуйан, бултаан кыстыахпыт дии санаан барбыттара. Кыстаан олордохторуна, то?устар кэлэн саба т?сп?ттэр. Онно нэhиилэ к?м?скэнэн, аманаакка тутуллубут икки киhини босхолоон ыыппыттар. Ол эрэ кэнниттэн сэриилээбит то?устар барбыттар. Ытыалаhыыга баhылыктара Иван Колмогоров оххо табыллан ?лб?т. ?кс?лэрэ бааhырбыт. Онон т?нн??h?б?т диэбиттэр. Эйэлээх то?устар баар буоланнар, сахалар олорор сирдэригэр диэри табанан т?hэрбиттэр.

Сахаларга кэлэн биэс аты атыыласпыттар. Манна биир аты сэттэ киис тириитигэр ылаллара. Онно буолла?ына уоннуу киискэ атыыласпыттар. Нэhиилэ тыыннаах эргиллэн кэлбиттэригэр ??р??.

Кулун тутар ыйга улахан тымныы уларыйан, к?н?с к?н уоттанан, салгын арыый сылыйар. К?н уhаата, онон бохуокка барарга с?п буолла. Сырыыга-айа??а, араллаа??а ??рэммит, дьиэлэригэр сытан тэhийбэтэх ха?аактар Д?пс???э барар буолбуттарыгар ??р??нэн хомуннулар. Ма?най сэттэ киhилээх б?л?х айа??а турда. Биир тылбаасчыты илдьэ бардылар. Сарсы??ытыгар Бекетов с?р?н к??hэ хо?унна.

Ма?найгы б?л?х д?пс?ннэр ордууларыгар чугаhаабытын кэннэ, айан суолун кытыытыгар олорор ыал таhыттан киhи тахсан, ы?ыырдаах ат ?рд?гэр т?hэн, тиэтэлинэн с??рд?б?т?н к?рд?лэр. Ол аата утарылаhар сибикилэрэ билиннэ. К?нн?р? иhэллэр диэн этэ барда дуу?

Ма?найгы б?л?х тиийбитигэр ордууга олох чугаhаппакка, кэпсэппэккэ да?аны, о?унан ытыалаан т?тт?р? кыйдаатылар. Онон табыллыбакка, ыалга т?нн?н, с?р?н к??стэрэ кэлэрин кэтэстилэр.

Бекетов этэрээтэ кэлэн, ыалга хонон, сынньанан баран, ордууга тиийэргэ быhаардылар. Дьиэ?э баппакка сорохтор алаас у?уор к?ст?р ыалга тиийэн хоннулар.

Дьиэлээхтэр этэллэринэн, ордууга элбэх киhи мустубут ?h?. Атын сиртэн баатырдары эмиэ а?албыттар. Тула балбаа?ынан э?ин б???рг?т?? о?остуммуттар. Онон утарылаhарга санаммыт дьону сарсын тиийэн сэриилииргэ диэн быhаардылар.

Сарсыныгар туран, аhаан-сиэн баран, туох эрэ булка барар курдук о?остон, ордууга бардылар. Тиийэн, тыа са?атыгар тохтоон, аттарын тииккэ баайталаатылар.

Д?пс?ннэр ордуулара диэн бала?ан, ол таhыгар эмиэ улахан хотонноох бала?ан, хоспох, сарай баар. Онон б?тэр. Ордууну тула балбаа?ынан, мууhунан, чигди хаарынан, мас ураhаны к?т?рэн э?ин буом-хахха о?орбуттар.

Айан суолунан элбэх аттаах дьон кэлэн тохтообуттарын к?р?н, олохтоохтор, к?м?скэнэргэ бэлэмнэнэн, дьиэттэн с??рэн тахсаллара к?ст?р. Саба т??ээччилэр тэрэгэр с?гэлэрэ килбэ?ниирин, тимир саалара хоро?нуурун к?р?р буолуохтаахтар. Ха?аактар бойобуой с?гэлэрэ биилээх тэрэгэрин уhуна биир хаамыы. Тимирэ чараас буолан чэпчэки. Уhун мас уктаах. Кылгас батастаах дьону сууhарарга олус табыгастаах.

Нууччалар куйа?ынан хаххаланан, о?унан ытыалыылларыгар кыhаммакка чугаhаан, тар?ана тэнийэн, буом?а ыкса кэлэннэр, уhун уктаах с?гэлэрин, кылыстарын кылба?наппытынан бардылар. Баатырдар батыйаларынан охсуhан к?рд?лэр да, баhыйтараллара билиннэ. Онно-манна охтуталаатылар. Ха?аактар хары хапсыhыытыгар кыайа-хото туттулар. Хаhыылара да салытыннарда. Улахан сэриигэ охсуhа ??рэммэтэх баатырдар, хас да киhилэрэ охтубутун к?р?н, дьиэ?э куоттулар. Киирээт, ааннарын иhиттэн олуйан кэбистилэр.

Нууччалартан биир да киhи охтубата. А?ыйах киhи бааhырбыт. Кинилэри ырбаахы курдук кэтиллэр иилэ?эс тимир куйахтара, щиттэрэ абырыыр. Буом иhигэр киирэн, икки дьиэни т?г?р?йд?лэр.

Ма?найгы дьиэ аанын то?суйан к?рд?лэр. Аспаттар. Онтон аан хал?анын с?гэнэн охсуолаан л??с?йэллэрин кытта, дьиэ иhигэр о?о ытыыра, дьахтар сарылыыра иhилиннэ. Тирии б?р??h?ннээх хаптаhын хал?аны ?р гымматылар, сотору то?ута-хайыта охсуолаан а?аттылар.

Аhа?ас аанынан тимир саа уоhа быгаат, с?рдээх улахан тыас дэлби барбытыгар, сахалар бары уолуйан хааллылар. Сонно тута куйахтаах ха?аактар буорах буруотун быыhынан, дьиэ?э к?т?н т?hэн, батыйа туппут баатырдары с?гэ хапта?айынан самнарыта биэртэлээн охтордулар.

Биир эмээхсин ?м?рэн, ытыhын таhыйа-таhыйа бабыгыраабытын, тиэрэ анньан кэбистилэр. Сорох эдэр баатырдар с?рдээх улахан тыас дэлби баран, дьиэ иhигэр буруо бур?ас гыммытыгар, илиилэрэ-атахтара кыайан хамсаабат буолуор диэри уолуйдулар. Эр дьону барыларын дьиэ ортотугар умса сытыартаатылар. Туох да ?л?гэрдээх ый-хай буолла.

Аны иккис хотонноох бала?аны ылаллара хаалла. Дьиэ, хотон ааннарын эмиэ иhиттэн олунан кэбиспиттэр. Ха?аактар эргийэн, тула турдулар.

Ааны то?суйдулар. Петр Бекетов ма?найгы дьиэни, сааны тыаhатан, д?б??н?к ылбыттарын кэннэ, иккис дьиэ дьоно т?ргэнник бэриниэхтэрэ дии санаабыта. Эмиэ с?г?н бэриммэт, утарылаhар дьон буоллулар.

– Ломайте! – Бекетов абара санаата.

Хал?аны то?ута-хайыта сыспыттарыгар, иhирдьэ эмиэ аймал?ан буолла. Сотору киирэр аан а?ас гынна. Кытыы хаптаhын хайдан, тостон баран ситэ арахсыбакка и?нэн турарын ылан туора быра?аары илиитин ууммут ха?аак, хардьыгынаабытынан охтон т?hэн иhэн, тиэрэ эргилиннэ. Уолугун ??т?нэн ох батары сааллан курдаттыы тахсыбыт. Хоройо сылдьар.

– Тащите сена! – диэн Бекетов дьаhал биэрэр.

Кыбыыттан оту к?т???н а?ала-а?ала аанынан иhирдьэ симтилэр. Иhирдьэттэн оту т?тт?р? быра?а сатыыллар. К?м?скэнээччилэр дьиэ иhиттэн муус т?нн?ктэри тиэрэ анньан а?ас гыннаран, оту аhа?аhынан таhырдьа быра?аттаатылар. Ону ха?аактар т?тт?р? симэллэр. Иhирдьэ о?о ытыыра, дьон айманар са?ата с?рдэннэ. Сорох ха?аактар кыбыыттан от эбии к?т???н а?алаллар. Ону биир ха?аак атырдьа?ынан анньан ылан, аhа?ас аанынан иhирдьэ быра?аттыыр, симэр.

– Огня! Через дверь пусть убегают. Не трогайте, – Бекетов ким куотар куоттун дии саныыр.

Иккис дьиэттэн чабыча?ы хайыта тыытан, уматан баран а?алан иhирдьэ быра?аллар. Сонно тута дьиэ иhигэр уот умайан сандаарыс гынар. Иhирдьэ тилигирэhии, сары-ору б??? буолла. Ким эрэ т?нн?г?нэн тахсаары т?б?т? быган иhэн, сууллан иhирдьэ тимис гынна. Дьон уоттан тэскилээн, дьиэттэн хото??о киирэр кыара?ас аа??а б?л??хсэн симилиннилэр, тэпсистилэр да быhыылаах. Дьиэ аhа?ас аанынан та?аhа умайбыт киhи ойон тахсан хаарга ??к?р?йдэ. Биир ха?аак бэргэhэтин устан уот т?л?н?н умуруораары сабыта охсуолаата.

Иhирдьэ дьон кыланара, буруо?а тумнастан тыын былдьа?ан хардьыгыныыллара иhиллэр. Ити икки ардыгар уот т?л?н? аанынан, т?нн?ктэринэн кытары кыыhан та?ыста. Хото??о уот, буруо киирэн с??h?лэр оруластылар. Онтон дьон са?ата ньим барда. Хотон аанынан а?ыйах киhи куотан, то?о эрэ бары тыа диэки с??рд?лэр. Биир киhи буруону э?ирийэн, хотон аанынан тахсан иhэн о?унна. Ону таhырдьа соhон таhаардылар.

Уот сэтэрэн, ?р? к??дэпчилэнэн, хара буруону кытта, ?р?? паар ??hэ хоройон та?ыста. Барыта б?ттэ…

Бары хомунан, аттарын диэки хааман суол устун субурустулар. ?лб?т ха?аагы сахалар ы?ыырдаах аттарыгар туора ууран, баайан илтилэр. Остуруок таhыгар илдьэн христианскай абыычайынан к?м??хтэрэ.

Сахалары уодьуганнаан, сыалларын ситиспит курдуктар да, кыайыы-хотуу, ?р?г?й ??р??тэ суох. Кулгаахтарыгар о?олор ытаhыылара, дьахталлар сарылааhыннара, ?л?н эрээчччилэр хоhооно суох улуйар са?алара иhиллэргэ дылы. Киhи кэлэйиэн курдук дьаабыта буолла. Ма?найгы дьиэ?э баар бэриммит сахалары тыыннаах хаалларбыттара кэлин кэмсиммит санааларын у?арыппат. Аттарыгар тиийэн, сирэй-сирэйдэрин к?рс?бэккэ, миинэн, салайан суолга киллэрдилэр.

Суол устун субуhа айаннаан, биир ыалга тиийэн хоноору тохтоотулар. Сорохтор ааhа бардылар. Ыал дьиэтэ кыара?ас. Элбэх аты аhатан хоннорор отторо да кэмчи.

Киэhэ аhыы олорон сааhырбыт ха?аак Тимофей Бекетовы сэмэлиирдии са?арар:

– Душу свою осквернили, Петр. Дом сожгли с людьми. Там же были женщины и дети…

– А что поделаешь. Так получилось. Якуты сами виноваты. Ерофея убили, – Бекетов аргыый са?арар.

– Они тоже люди. Когда им плохо – плачут, когда весело – смеются. В священной книге сказано, все люди – братья.

– До бога высоко, до царя далеко, – диэн биир ха?аак эппитигэр, ким да?аны к?х-нэм буолбата.

– Мне также их жаль, – Бекетов ким-хайа иннинэ кини эппиэттиэхтээ?ин билэр. – Я убил сто иноземцев, чтобы сохранить жизнь тысячам. Чтобы служивых людей не побивали и ясак платили. Только жестокими приступами их можно смирять.

– Так оно конечно так, – Тимофей эмиэ да с?б?лэhэр. – Но как-то другими методами. Не так жестоко.

– А как? Научи.

– Не знаю. Но я привык воевать с воином, а не с бабами и детьми.

– Они прятались у своих баб и убили казака.

– Убили, потому что мы начали ломать дверь.

– Ладно. Не будем об этом говорить. Царский наказ велит непослушных смирять войною. Покорение иноземцев никогда не бывает без жертвы.

– Как бы их от государева руку прочь не отгонять.