скачать книгу бесплатно
– Оттон кыра уолаттара хайдах дьон буолуу?улар?
– Чабыыдалаах Эттээни уу ньуулдьа?ай о?олор. С??рбэлэрин да туола иликтэрэ буолуо. Ыбаах да эдэрэ бэрт. К??стэринэн биир да а?аларыгар тиийэр ки?и суох дииллэр. Б?дь?к? Б??? бэйэтин лаппа кыанар да, олус дьиппиэн, а?ыйах са?алаах ки?и.
– Онон нууччаларга б?к бэринэн олоробут дуу? – Мымах дьиэлээх ки?ини утары к?р?р.
– Ньим бааччы олорбуппут ордук буолуо диибин мин.
– Дьон айманар. Олус ыган-т??рэн бардахтарына, бука, туох эрэ буолара буолуо. Онноо?ор кутуйах, ?ктээтэххэ, «чыып» диир…
Са?ата суох истэн олорбут дьиэлээх хотун Мыла?ныыр тыл кыбытар:
– К?т?рдэр дь???ннэриттэн да?аны ки?и этэ тардар, куттанар. Муннулара улахана, аны бытык ???э бытык буолан. Харахтара муус курдук. Адьас абаа?ы уолун курдуктар.
– Кырдьык, сахаттан атын сирэйдээх-харахтаах дьон, – Мымах дьахтары к?р?н ылар. – Билэллэрэ, сатыыллара да с?рдээх. Уу аалынан ?р?скэ усталларыгар, та?а?ы тиирэ тардан тыалга о?устараллар эбит. Ол ааллара икки ?тт?нэн ?ст?? эрдии?иттээх. Инньэ гынан, ууга т?ргэнник усталлар.
– Ол и?ин онно-манна тиийэн эрдэхтэрэ, – ?й?к чороонноох кымы?ын ылан и?эр.
* * *
Атырдьах ыйа. Бэс ыйыгар ардаан, быйыл от ??н??тэ ?ч?гэй. Окко киирбит кэннэ, былыт кэлэ-кэлэ ардах т??эн, с?г?н оттотумаары гынна диэбиттэрэ, хата, кэнники бэркэ курааннаан абыраата. Быйыл от ??н??тэ ?ч?гэй буолан, дьон абыраныы?ылар. Ходу?а хойуу ото кыра да сиккиэргэ к??гэлдьийэ долгуйарын саха ки?итэ ??рэ к?р?р. ?? дьылга саха оло?о тупсар. С???? этэ??э кыстыыр. Ардахтаах дьылга к??л уута туолан, балыга элбиир. Дьада?ы ыал у?ун кы?ыны туоруур с?р?н а?ылыктара диэн балык буолааччы. Сайыны бы?а туулаан балык сииллэр, ха?ааналлар.
Саттаар уол токур хотуурун с?гэн, ыа?астаах ымдаанын тутан, инитин уончалаах уолу ?р??б?н? баты?ыннаран, оттуур сиригэр кэллэ. ?й??лэрин ыа?астаах ымдааны, хаппахтаах улахан тууйаска угуллубут ??л?лл?б?т мундуну сынньанар сирдэригэр а?алан, талах к?л?гэр уурдулар. Ходу?аларын отун оттоон, бугуллаан б?тэрэн эрэллэр. С?рэхтээх ки?и оту оттуур. Ол-бу кытах, хоннох, к??л кытыыта э?ин элбэх. ?лэ?э туруохтарын иннинэ олоро т?ст?лэр. К?н да у?ун.
Саттаар хотуурун биитин сытыылаан, кыра а?аанынан сотуолуур. ?р??б? к?т?н кэлэн от быы?ыгар т?сп?т ?г?р??н? ма?ынан быра?аары тула к?р??лээтэ. Туран, хаппыт синньигэс тала?ы то?утаары б?к баттыыр, тулла?натар. Ма?ын то?утан, быра?аары, аргыый ??мэн хаамар. Тула к?р??л??р. Сотору ?г?р??, «чаарт» диэн са?араат, ойо?о?уттан к?т?н тахсар. Ону кэнниттэн быра?ан хаалар. Убайа туран, бэ?э?ээ охсубут хадьымалын та?ыгар кэлэн, охсубутунан барда. Токур хотуурун т?б?т?н ?рд?нэн эргитэн, хаптас гынаат, охсон «куус» гыннарар. Сытыы хотуурга бы?а охсуллубут от тэлгэнэ т??эр. От охсуута – илистиилээх, сылаалаах ?лэ. С??рбэччэ хаамыы сири охсон баран, сынньана таарыйа тохтоон, эмиэ сытыыланна. Чараас тимирдээх хотуур к?н уотун тэйитэн килбэс гынна.
Саттаар улаатан, к????рэн, ?лэни кыайа-хото тутан ?лэлиир буолбут. Бэйэтин т??? да ситэ илик о?о ки?и курдук сананан, сыппа?ын, килбигин и?ин, кыргыттары бэлиэтии, талымастыы к?р?р саа?ыгар сылдьар. Кини хайа да кыыстаа?ар Ну?нууру с?б?л??р. Ол кыыс улаатан, эмиийэ тэрэччи тэбэн, т?л???йэн, тупсан хаалбытын, маанытык та?нар буолбутун кэрэхсии к?рб?тэ. Ааспыт к???н му?ха?а сылдьан, бэйэтигэр с?р?-с?п бэдэр са?ынньахтаах, тии? бэргэ?элээх, таба ты?а этэрбэстээх, тэп-тэтэркэй имнээх, ?ч?гэй дь???ннээх мааны кыы?ы к?р?н, бэйэтин т??тэ саралаабыт эргэ таба са?ынньа?ыттан, уба?а тириитэ бэргэ?этиттэн, ынах этэрбэ?иттэн кыбыстыбыта. Урут ха?ан да оннук буолбат этэ. Кини эрэ ку?а?ан та?астаах буолбатах. Онтон кы?ын ыччаттар мустан би?илэх куту?а оонньуулларыгар, ол кыыстыын кэккэлэ?э буолан хаалбыттара. Кыыс кэмчиэрийбэккэ к?лэн-салан, Саттаары кытта кэпсэппитэ. Хайдах эрэ с?б?л??р курдук туттара.
Кыыс а?ата Аамылаан с??рбэччэ с????лээх, атыыр ??рдээх сэниэ ки?и. Ол и?ин Ну?нуур куруук маанытык та?нар. Дь???н?нэн да?аны кыргыттартан эрэ ордуктара. Оттон Саттаар а?ата Тордуох – дьада?ы ки?и. ?с эрэ ынахтаахтар. Айахтарын нэ?иилэ ииттинэн олорор ыал. Онон сайын мундуга туулаан, балык ха?ааннахтарына эрэ, у?ун кы?ыны аччыктаабакка кыстыыр дьон. Биир аттаахтар, к?л?нэр о?устаахтар.
Отчуттар ма?найгы омур?аннарыгар та?ыстылар. К?н ???э ойон куйаарда. Атырдьах ыйыгар ??н-к?й??р намтыыр да, билигин да?аны бырдах баар. Итии да?аны. С?р??н ымдааннарын кэмчилииллэр. А?ыйахта ыймахтаан бараннар, мундуларын сиэтилэр. Сойбут б?д?? мунду – ?ч?гэй а?ылык. Сэниэ ыал отчуттара окко кымы?ы а?алан и?ээччилэр. Кинилэргэ хантан кымыс кэлиэй. Саттаар бу олорон, эмиэ Ну?нууру санаан кэллэ. Кинини т??? да с?б?лээбитин и?ин, ха?ан эрэ дьиэбэр с?г?ннэрэн а?алыам дии санаабат. А?ата Аамылаан биэриэ суо?а. Биир эмэ баай уола кэлэн кэргэн кэпсэтэр ини. Киниэхэ тэ?э суох кыыс. ?н?р кыыс дь??гэтиниин и?эллэрин ыраахтан к?р?н билэн баран, кыбыстан, к?ст?мээри, суолтан туораан, суон тиит кэннигэр саспыта. Эргэ торбос сонуттан кыбыстыбыта. Кыргыттар кинини к?рб?кк? ааспыттара. Атын кыргыттартан кыбыстыбат ээ. Оттон Ну?нууру к?рд? да ханна да барыан билбэт.
– Убаай, нууччалар диэн абаа?ылар дуо? – ?р??б? эмискэ ыйытан, Саттаар саныыр санаатын ситимин быста.
– Суох. Нуучча диэн туора омук ки?итэ.
– Оттон сирэйдэрэ т??лээх ??? дии.
– Ким инньэ диирий?
– Маппай уол.
– Т?? буолбатах, бытык. Хойуу бытыктаахтар.
– Оттон сорохторун хара?а к??х ??? дии. Муннулара буолла?ына на?аа улахан. Харахтара то?о к????й?
– Ону мин билиэм дуо! Чэ, туруох. Б?г?н эрдэ б?т??хп?т.
?р??б? эрдэ охсуллубут оту икки салаалаах атырдьа?ынан ха?ыйан мунньар. Саттаар охсуллуохтаах отун охсон б?тэрэн, уол муспут субуутун бугуллаата. Б?г?н эрдэ б?тэн дьиэлээтилэр. Баран и?эннэр эргиллэн, чи?ии илик улахан к??х бугуллары к?р?лл?р. ?лэ т?м?г?н эргиллэн к?р?р ?ч?гэй буолааччы.
* * *
Тордуох туу ?р?р идэлээх. ??hэ ?с мастаах кыраада?а тыырыллан бэлэмнэммит уhун синньигэс туу мастара ууруллан намылыспыттар. Арыттаах туу маhын ?р?н баайарга сутука быаны мас силиhинэн о?орор. Уhун к?н? суон силиhи т??рэн ылан, сииктээх умуhахха ууран ыаннарар. Онтон хатырыгын суллаан, хайыталаан, тыырар. Быhах ?нч???нэн кыhыйан уутун ыгар. Ол аата эллиир. Эллээтэ?инэ, силис маhа сымныыр. Эллэммит силис т?h? ба?арар ?р сытыан с?п. Туттарыгар ууга сымнатан баран, ?кт??-?кт?? тардыалаан имитэр. Оччо?о быа быанан буолар.
Дьиэлээх дьахтар Сэлгээнэй киэhээ??и аhылыктарын бэлэмниир. К??рчэххэ унньуула
суурадаhынын кута-кута ытыйар.
– Оккун охсон б?тэрди? дуо? – Тордуох аhаары сибиэ?э кэлэр.
– Б?тэрэн. Аны биир к?н баран мустахпытына, мунньуубут да б?тэрэ буолуо, – Саттаар к??рчэхтэн баhан сиир.
– Мымах баай илдьиттээбит. Быйыл хайаан да?аны киис булдугар тахсан бултуур ?h?б?т. Аттаах, ыттаах ыаллары барыларын соруйбут. Нууччаларга биэрээри киис тириитин хомуйаллар ?h?, – Тордуох уолугар сонунун кэпсиир.
– Ол мин кииhи тугунан ?л?р?б?н? Ох саам суох дии, – Саттаар ох саа о?орторуон ба?арар. Идэлээх о?онньоттор ох сааны тамыйахтаах ынахха о?орооччулар.
– Ыт кииhи, тии?и тииккэ таhаарда?ына, чаачар саанан да ?л?р?р ба?айыта. Мин айа к?хс?нэн улахан чаачар саа о?оруом. Бу уол оонньуур саата кыра буолуо.
– Мин эмиэ барсыам, – ?р??б? ыйыппыттыы а?атын диэки к?р?р.
– Хайа та?аскынан барсаары гына?ын. Убайы? хаар т?стэ?инэ, кыhы??ы тымныыга барыа?а, – диэн Тордуох буойа са?арар. – Ыппыт кииhи ?р?? дуо?
– Мо?отойу, тии?и тииккэ таhаарда?ына ?рэр. Кииhи да ?р???э, – Саттаар ??рэттэн ыймахтыыр.
– Ма?най сонордуурга ??рэт. Киис са?а суолун к?рд?хх?нэ, ону батыhыннар. Биирдэ к?р?н тииккэ таhаарды? да, ??рэниэ?э. Булчут ыт ?йд??х, сотору ??рэнэр.
– Хайа тыа?а бултуубун? Кэ?кэмэ ?рэх диэки барабын дуо?
– Кэ?кэмэ бэтэрээ тыатыгар эhэ? ??тээнэ баар. Сотору тахсан, ат сиир отун оттуохпут. Мымах аны сыл аайы бултатара буолуо. Нууччалар бу дойдуга букатын олохсуйа кэлбиттэр быhыылаах дииллэр.
– Миэхэ хаhан ох саа о?орторо?ун?
– Байдахпытына. Быйыл куобах элбиэх курдук. Идэhэ?э о?ус ти?эhэни тутуннахпытына, дьылы туоруохпут. Тыhы ти?эhэбит этэ??э буолла?ына, эhиил ынах буолуо. Оччо?о кырдьа?ас ына?ы биэрэн, эйиэхэ ох саа о?орторуо этибит.
* * *
Петр Бекетов ат хомуйан, дьонун ?кс?н акка олордор буолла. Уон ?ч?гэй ы?ыырдаах аты Л?г?й тойон ыыппыта. Уон аты ?й?ктэн атыыласпыттара. Уонна онтон-мантан биирдии-иккилии аты хомуйбуттара. Ха?аактар бэйэлэрэ да?аны акка сыста?ас дьон. Бала?ан ыйыгар тэринэн, о?остон, сирдьиттээх, или??и улуустары кэрийэ бардылар. Илин э?ээргэ ыал элбэх дииллэр. Онон суоллаах-иистээх буолан ?ч?гэй эбит.
Т???л?гэ тиийбиттэригэр, олохтоохтор, бэрт сыппахтык да буоллар, утарыластылар. Олору эрэйэ суох бэриннэрдилэр. Дьаhаах т?л??ргэ тылларын ыллылар. Эмиэ дьон аатын кумаа?ыга суруйдулар. Бахсыга, Сыла??а тиийбиттэригэр эмиэ утарыластылар. Сорохторо куттанан, тыа?а т?ст?лэр. Утарыласпыт дьону бэриннэрэн, эмиэ дьон аатын суруйдулар. Дьа?аах т?л??н с?пт??х сэниэ ыал а?а баhылыгын аатын суруйаллар. Икки ат оххо таптаран бааhырбытын атын атынан уларыттылар.
Хатылы ууhун улуу баайа Аан ??чэй ыар ыалдьыттар дьиэтигэр чугаhаабыттарыгар, утары тахсан, кэрэмэс саhыл тириитин т??h?гэр туора тутан с?г?р?йэн к?р?стэ. Маанылаан, аhатан хоннордо. Туох да эгилэ-бугула суох дьаhаах т?hээнин т?л??х буолла.
Нууччалар, ханна да хоммуттарын иhин, харабыллаах хоноллор. Сааларын-сэптэрин чугас уураллар. Та?ара сэрэ?и таптыыр. Олохтоох туора биис тойонун астаах-??ллээх остуола, эйэ?эс мичээрэ албын буолуон с?п.
Этэ??э утуйан турдулар. Дьон ааттарын ыйыта-ыйыта суруйбуттарыгар, ??чэй баай «то?о суруйа?ыт» диэтэ. Дьиибэргиир, куттанар быhыылаах. Петр Бекетов ?ч?гэйдик к?рс?б?кк?т иhин диэн дьиэлээх хоту??а алтан хочулуокка о?уруо кутан биэрдэ.
Суол ыйдаран, Иэгэдэй а?атын ууhугар бардылар. Кыра аймахтарга сылдьыбаттар. Тиэтэйэллэр. Сахалар олус киэ? сиринэн ыhыллан олороллор эбит.
Иэгэдэй а?а ууhун баhылыга Модьукаан нууччалары эмиэ ?ч?гэйдик к?р?стэ. Кини Модьукааны сааhырбыт киhи диэтэххэ, б?д???н-сада?ын, бухатыыр к?р??нээ?ин с???-ытыктыы к?рд?. Саха?а да б?д??, улахан киhи баар эбит.
Аны Таатта ?рэх с?ннь?гэр олорор Баатылы ууhугар барыахтаахтар. Элбэх киhилээх улахан а?а ууhа дииллэр. Иэгэдэй а?атын ууhуттан чугас, быысаhа олороллор эбит.
Модьукаантан ол дьон туhунан ыйыталастылар. Ону а?а баhылыктара Дьинтиис баай кырдьан олорор, Но?ой Боотур баhылыыр буолуохтаах диир. Мин а?ай дэммит, ?рд?нэн ?р?? чыычаа?ы к?т?ппэт киhи ?h?.
Нууччалар баатылылар ордууларыгар чугаhаан эрдэхтэринэ, туох да сэбэ-сэбиргэлэ суох ?с аттаах киhи к?р?стэ. Тылбаастатан истибиттэрэ, «мантан олох бары?» дииллэр эбит.
Биллэн турар, Бекетов онно с?б?лэспэтэ. ?ск?т?н т?н?ннэхтэринэ, ону истэннэр, ким да?аны дьаhаах т?л?? суо?а. Оччо?о олох сатамматтар.
Петр Бекетов суос бэринэ таарыйа «тойо??утугар тиийэн эти?, сэриигэ бэлэмнэнниннэр» диэн илдьиттээтэ. Кини сахалар охторуттан то?уур куйа?ынан хаххаланыахпыт, бэйэлэрин ?рэр тимир саанан ытан дьулатыахпыт диэн б?к эрэнэр. Ха?аактар адьас эдэр саастарыттан сэриилэhэ ??рэммит дьон. Онон син биир тулутуохпут суо?а диэн санаалара б???х.
Ол эрээри Баатылы ууhун дьоно олус дьаныардаахтык утарыластылар. К?н? быhа быыстала суох барбыт кыргы?ыыга уонтан тахса киhилэрин охторбуттарын кэннэ, дьэ бэринэн, тобуктуу т?hэн, илиилэрин ?р? ууннулар. Сорохторо тыа?а куоттулар. Но?ой Боотур т?г?р?йб?ттэрин кэннэ, икки баатыры кытта м?чч? т?hэн тыа?а куотта.
Нууччалартан икки киhи ?лл?. Уонча киhи бааhырда. Иилэ?эс тимир куйахтаах, охтон хаххаланар щиттээх буоланнар, элбэх с?т?к тахсыбата. Ха?аактары бэриннэрэн баран, сэриигэ кыттыбыт дьону барыларын умса сытыартаан, ?с хос тирии кымньыыларынан таhыйдылар. Дьинтиис о?онньору бэйэтин эмиэ таhыйан сордоотулар. Кэhэлтэ буоллун.
Петр Бекетов санаата т?стэ. Сир аайы маннык буолла?ына куhа?ан буолсу. Туох да бэрээдэккэ, дьаhаах т?л??ргэ ??рэммэтэх дьиикэй сахалары хайдах к?нн?рт??р? Утарыласпыт дьо??о сымнаан биэрэр эбэтэр ча?ыйбыты, куттаммыты биллэрэр олох табыллыбат. Оччо?о ким да?аны дьаhаа?ы т?л?? суо?а. Бачча ыраах сиргэ бэрт эрэйинэн кэлэн баран, дьиикэй омуктары государь кытаанах илиитигэр киллэрдэххэ табыллар. Киллэриэм диэн к??стээх санааны ылынан кэллэ?э дии. Мантан т?нн??h?лэр. Икки а?ыы хайдыhан, атын улуустарынан барыахтаах этилэр. Киhитэ а?ыйах. Со?урууттан дьон эбии кэлэллэрэ буоллар…
Бэриммит сахаларга иин хастаран, ?лб?т табаарыстарын к?мт?лэр. ?рд?лэригэр кириэс туруордулар. Т?нн?лл?р?гэр, олохтоохтору «утарыластыгыт, икки киhибитин ?л?рд?г?т» диэн буруйдаан, хонууга мэччийэ сылдьар с??h?лэрин к?рб?ттэрин барытын хомуйан, ??рэн илтилэр. Биир атыыр ??р?н эмиэ холбоотулар. Бааhырбыт аттарын са?анан уларыттылар.
* * *
Амма ?р?с киэ? хочотугар Болугур ууhун а?а баhылыга Боло К??лэкээн о?онньор улахан уолун Хомуоhу кытта олорор. Орто уолун Омоллоон боотур дьиэтэ-уота кинилэртэн чугас баар. Улахан хаhыы иhиллэр сирэ.
О?онньор дьиэтигэр олордо?уна, таhыттан кулут уол киирэн, илинтэн аттаах киhи кэллэ диэн биллэрдэ. Ону «ортоку сэргэ?э т?hэри?» диэн дьаhайда.
Аан аhыллан т??h?гэр, санныгар куйахтаах баатыр киhи киирэн с?г?р?йэр.
– Н?р??н н?рг?й!
– Н?р??н н?рг?й! Бу хайа дьуортугунуй? Хантан кэлли?? – диэн К??лэкээн ыйытар.
– Баатылы ууhа Дьинтиис баай уола Но?ой боотур ыытта. Киэ? киэлитигэр киллэрдин, тиэтэйэн иhэбин диир, – киирбит киhи аа??а туран этэр.
– Дьинтиис баай уолугар ааным аhа?ас, – диэт, К??лэкээн дьиэлээх дьахталларга ас бэлэмнииргэ соруйар.
Сотору с??рбэттэн тахса аттаах, кураахтаах саалаах, куйахтаах дьон кэлэннэр, тиэргэн иhэ туола т?hэр. Но?ой боотур дьиэ?э киирэр. Хардарыта э?эрдэлэhэллэр.
– Олорон т?спэтийэр кыах суох. Нууччалар кэлэннэр с??h?б?т?н ??рд?лэр. Ону эккирэтэн иhэбин. Эн ?т?? ааккар ??э-с?ктэ кэллим. К?м?л?с, – Но?ой кэлбит соругун быhаччы этэр.
– ??рд?лэр даа? Оттон эн бэйэлээх к?р?н тура??ын хайдах былдьатты??
– Иhэр сурахтарын истэммин и?эhэм быатын кылгатан
к?рс?б?т?м. ?рэр тимир сааларынан то?ута ытыалаан кыайдылар. Басты? баатырдарбын ?л?рд?лэр. Кэлэн иhэммин Таатта ?рэх с?ннь?гэр олорор Нарыкаа??а уонна Кумаhа?а сылдьаммын басты? баатырдарын ыллым. Эйиэхэ эрэнэн кэллим. К?м?л?h?? диэн. С??h? ??рэр дьон айаннара бытаан буолуо.
– Оо, с?р?н! Т?h? с??h?н? ??рд?лэр?
– Элбэ?и. Атыыр ??р?н эмиэ холбоотулар.
– Бу ата?астаатахтарын к?р?? эрэ. Нохойдоор, Омоллоону ы?ыры?. Баатырдары мунньу?. Чэ, т?ргэнник, – диэт, са?ата суох истэн олорбут Хомуос туран кэлэр.
Кэлбит дьон, аhаан бараннар, ыраах айа??а барыахтарын иннинэ утуйан ыллылар. Омоллоон баатырдарын ы?ыртаан, сарсыарда халлаан сырдыыта айа??а турдулар. Барыта т??рт уонча киhи суолга киирэн субуhан, айаннатан дьигиhиттилэр. Уонча солбук аты сэтиилэнэн бардылар.
Омоллоон боотур дор?оонноох аата, дьоhун сура?а аатырбыта ?р буолла. Ат б???, кус быhый, б?д??-сада? киhи. Уон сааhыттан кыргыс ??рэ?эр ??рэммитэ. О?оттон эрэ улахан у?уохтаах, быhый, бэргэн буолан хай?алга сылдьыбыта. Бухатыырдар тустарынан элбэх кэпсээни истэн улааппыта. Кини эмиэ бухатыыр буолан аар-саарга аатырыан ба?арара. Ким да утары к?рб?т буолан, эдэригэр кыра тэппини истибэт, ?h?ргэс, хадаар майгылаа?а. Ону дьоно улаатан, ?йд?нн???нэ, к?н?? диэн м?хп?т, мээнэ сэмэлээбэт этилэр. Улаатан силгэтэ ситтэ?инэ, а?а ууhун к?м?ск??, ара?аччылыа диэн эрэнэ саныыр ыччаттара диэн кини этэ.
Биирдэ Т???л? баайа Быйа? ойуун кэлэн ыалдьыттаабыта. Боло К??лэкээн ытык ыалдьыт кэлбитигэр, байтаhын биэни ?л?рт?рб?тэ. Онно Быйа? ойуун, уол аhамньытын с???н, «бу уол мо?уhа бэрт эбит, Боруку Омоллоон диэн ааттыахха с?п эбит» диэбитэ. Уол ону ?h?ргэнэ истибитэ. Ити итинэн ааспыта.
Онтон ?с сыл буолан баран, Быйа? ойуун дьиэтигэр олорон, уохтаах кымыстан с?????эр о?устаран, дьиэ таhыгар тахсан с?р??к?? олордо?уна, эмискэ быыра ох кэлэн быарыгар батары т?сп?тэ. Быйа? и?иир ситиитин таттаран, ?р? титирэстии т?hээт, ?й ылан: «Бу хайа ?ст????м кэлэн ?л?рд???» – диэн хаhыытаабыта. Онуоха тыа диэкиттэн: «Боруку Омоллоон кэллим!» – диэн хаhыы иhиллибит. Быйа? уолаттарыгар: «Болугур ууhугар сылдьан, орой мэник уолу оонньоон Боруку Омоллоон диэн ааттаабытым, бука, кини кэлэн ?л?рд??? буолуо, ситиhи?», – диэн баран тыына быстыбыт.
Омоллоон ыар буруйу о?орон баран Б?л??гэ к?рээбитэ. Быйа? аймахтара, т??рт уонча киhини тардан, Болугурга кэлбиттэрэ. Омоллоону к?рд??н баран булбакка, ?с ситиhэн, Боло К??лэкээн кыра уолун Чааппара диэн то?устаах о?ону ?л?р?н, сэптэрин хааннаан баран т?нн?б?ттэрэ. Оттон Омоллоон Б?л??гэ тиийэн са?ан ?с сыл олорон баран эргиллибитэ.
Оттон Хомуос эмиэ кыргыс ??рэхтээх да, майгытынан к?рс??. К??h?нэн бэйэтин уйуттар диэбит киhилэрэ. Ол эрээри бэрдимсийэ сатаабат, к?нн?р? урууга, ыhыахха эрэ тустар. Ханна да барбат-кэлбэт. С??h?т?н-аhын ?ч?гэйдик к?р?р, ?лэhит киhи. К??лэкээн эдэр ойо?уттан т?р?пп?т ?h?с уола Чоху уончалаах эрэ о?о.
Ха?аактар, с??h? хаамыытынан айанныыр буоланнар, бытааннар. Эккирэтээччилэр ыаллартан сураhан, ханна тиийбиттэрин билэ истилэр.
Ха?аактар Чаачыгый диэн сиргэ кэлэн хоммуттар. Аара олорор о?онньор бу сарсыарда туран барбыттара, ырааппатахтара буолуо диэтэ. Ону истэн, Т???л? диэн киэ? алааска тиийэн хоно сыттахтарына, т??н саба т?hэргэ быhаардылар.
Аны тиэтэйбэккэ, тохтоон утуйа-утуйа, бытааннык айаннаатылар. Т???л? киэ? алааhын илин са?атыгар кэлиилэригэр, у?ун сиппэрэ? ардах т?hэн барда. Ох саа кирсэ ардахха сытыйда?ына, сымнаан, уунан, ыраа?ы кыайан тэппэт буолар. Онон куhа?ан буолсу. Ха?аактар чокуурунан эстэр тимир саалара ардахха эмиэ моhуогуруу?у.
Хара?арбытын кэннэ, к??тэ т?hэн баран, аттаах дьон хайдыhан, киэ? алаас икки ?тт?нэн субуhан бардылар. Алаас иhигэр элбэх с??h? ыhылла тар?анан мэччийэ сылдьар. С??h?лэри анараа ?тт?лэринэн эргийэн, са?ата суох хомуйан, илин диэки ??рд?лэр, ол кэм?э ха?аактар харабыллара айдааны тарта.
Ардах к??h?рэн, та?аhы сытытта. Сарыы сонноро тымныынан хаарыйар. Хабыс-хара?а. К?h???? ардах силбигэ куhа?ан. Киhини то?орор.
С??h?н? ??рэн киэ? алаас илин ?тт?гэр чугаhаан эрдэхтэринэ, ха?аактар аттаах сэриилэрэ боруора харааран ситэн кэллилэр.
Омоллоон, и?эhэтигэр туран, ынан кэлбит нуучча атын батыйатынан баска сырбатар. Ат, чугурус гынаат, т?б?т?н хойуолла?натта. Иккис ха?аак атын эмиэ т?б??? биэрэн буксутта. Баатырдар охсуhан, кылыс тыаhа бачыр?ас буолла. Сахалар, охсуhа-охсуhа, с??h?н? кытта чугуйаллар. Нууччалар, охсуhан иhэннэр, бэйэлэрин тылларынан хаhыытаhан тохтоотулар. Бекетов сахалар, ба?ар, соруйан чугуйбуттара буолуо, тыа са?атыгар илдьэн, элбэх буолан эргийэн саба т?h??хтэрэ диэн сэрэхэдийдэ. Хара?а?а т?h? да сэрииhит киhи хорсун санаата м?лт??р.
Баатырдар, ха?аактар чугуйбуттарын билэн, ?ргэн ыhыллыбыт с??h?лэри хомуйан суолга киллэрдилэр.
* * *
Петр Бекетов ??рэн иhэр с??h?т?н былдьатан кэлэн баран, Мэ?э баайын Босхо? Боруохалы баран бо?утуннарар санаалаах. Ааспыкка онно тахсан тэриллиилээх утарсыыны к?рс?н, улахан ордууларыгар тиийбэккэ т?нн?б?ттэрэ. Ол куhа?ан. Таатта ?рэ?эр олорор сахалар, ба?ар, ону истэннэр улахан утарсыыны о?орбуттара буолуо. Саатар, хоннохторун анныгар баар чугас улууhу самнардахтарына сатанар. Бу дойдуга таах таалалыы кэлбэтэхтэрэ.
?с хонукка сынньанан баран, эмиэ о?остон-тэринэн бохуокка бардылар. Урут сылдьыбыт сирдэрэ буолан, суолун-ииhин билэллэр. Т??н утуйа сыттахтарына тиийэн саба т?hэр былааннаахтар.
Босхо? Боруохал баатырдарын мунньан баран, туох да харабыла-тойо суох утуйа сыттахтарына, эмискэ ыт ?рэрин кытта, дьиэлэрин сарт
т?нн?гэ эhиллээт, с?рдээх улахан тыас дэлби барбытыгар соhуйан уhугуннулар. Сонно тута аан тэлэйэ бараат, ха?аактар улахан тэрэгэр с?гэлэрин туппутунан к?т?н т?сп?ттэригэр, уолуйан хаалбыт баатырдар утарсыыны о?орботулар да?аны.
Оhоххо от, туос быра?ыллан умайан сырдаабыт дьиэ?э, ха?аактар баатырдар сааларын-сэптэрин суйдаан, ?лт? к?б??лээн таhырдьа таhааран сиргэ умса сытыардылар. Оттон иккис кыра дьиэ?э утуйбут баатырдар с?г?н бэриммэккэ охсуhуу буолла. Ол эрээри кинилэр да уhаабатылар. Тимир сааны тыаhатан, уолутан, сотору бэриннэрдилэр. Биир киhи орон анныгар киирэн саспытын ата?ыттан соhон таhаардылар. Хаhыы-ыhыы, к?рг?йдээhин, тыас-уус, о?о ытааhына, дьахталлар сарылаhыылара, олоппос т??нэри тэбиллиитэ э?ин, к??дэл-таhаа б??? буолла. Бэриммит эр дьону барыларын таhырдьа таhаартаан кэккэлэччи сиргэ сытыартаан баран кымньыынан таhыйдылар. «Аны утарыластаххытына ?л?рт??хп?т» диэн Петрушканан этиттэрдилэр. Босхо? Боруохалы бэйэтин эмиэ таhыйдылар. Эбиитигэр «дьаhаа?ы т?л??хп?т» диэн тылларын ыллылар.
Утарыласпыт дьо??о кымньыы хайаан да наада. Сымнаан биэрдэхтэринэ, ким да?аны дьаhаах т?л?? суо?а. Д?кс? бастарын быhыахтара. Ханна ба?арар, хаhан ба?арар к??стээх уонна баламат буоллаххына ытыктыыллар, куттаналлар. К??с ?тт?нэн к?hэйии хайаан да?аны баар буолла?ына табыллыах курдук буолан иhэр.
* * *
Петр Бекетов Иван Колмогоров диэн десятник баhылыктаах биэс ха?аагы кытта промысловиктары ?р?с ??hээ ?тт?гэр ыытта. Онно тиийэн бэлэм симиэбийэ?э кыстаан олорон, то?устартан дьаhаах хомуйуохтара, бултуохтара.
Дьыл ыраатта. Бекетов мантан к?h?н ханна да аралдьыйбакка, остуруок тутуутугар ?лэлиир санаалаах. Дьонун барытын ?лэ?э туруорда. Тымныы т?hэ илигинэ са?а дьиэ?э к?ст?хт?р?нэ табыллар. Остуруок тутуллара хайаан да наада. Сахалар, ба?ар, т?мсэн кэлэн саба т?h??хтэрэ.
Бу дойду элбэх балыктаах, бултаах дойду эбит. А?ыйах киhи ?р?скэ киирэн му?халаан, сибиэhэй балыгы сииллэр. ?ксэ к?стэх, алыhар, сордо? кэлэр.