скачать книгу бесплатно
Буолар да эбит
Евдокия Семеновна Иринцеева
Олох оонньуута, оттомо, оҥкула, охсуута, оломо, оҥоһуута, олоруута, ойуута, оһуора, омуна… оо, олуһун! Биир тылынан буолбакка, быһалыы эттэххэ: буолар да эбит!
Иринцеева-Огдо Евдокия Семеновна
Буолар да эбит…
Сэһэн
Буолар да эбит…
– Ээ, дьэ… ким билэр, доҕор, хайдах-хайдах эбитэ буоллар, – «ээх» диэҕинээҕэр «эй» дииригэр чугаһаабыт, харааччы бутуллан хаалбыт эдэрчи дьахтар иэмин-дьаамын биэрбэт.
Кини туохтан эрэ, бэйэтин туһугар олус улахан суолталаахтан, саарыыра таһыттан көстөр. Арыый атын түгэн сатыылаабыта эбитэ буоллар, экчи «ээх» диир кэриҥнээх. Ол эрээри туох баар баҕатын, ыраҕа дьулуһуутун, туохтан эрэ сылтаан, санаатын күүрүүтүнэн, собус-соруйан, өйүнэн иилии кууһан, тас дьоҥҥо иһитиннэрбэттии кыһанан, хара күүһүнэн хаайбыта эмиэ сэрэйиллэр. Онон, субу маннык туруктаах олорон, өскүөрүтүн, «эй» дииригэр ордук судургу быһыылаах… Итинтиҥ эмиэ, дьиҥ иһигэр, букатын баҕарбат быһыылаах. Ол иһин үчүгэйкээн сэбэрэтигэр кыра оҕолуу муммут, эдэр кыыстыы бутуллубут, саастаах дьахтардыы саараабыт быһыыта субу көстөр…
Улуу Москуба барахсан кэнники сылларга тупсубут, баараҕадыйбыт даҕаны. Эчи, килэйэн-халайан киһи сүрүн баттыах айылаах. Хата, хардыы ахсын киһини аралдьытар астаах-үөллээх, туустаах-тумалаах, итии киллэрэ таарыйа, олорон уоскуйа түһэр сири бэркэ да толкуйдаабыттар. Оннооҕор маҕаһыыҥҥа, пуорка эргиччи эрэстэрээн диэтэҕиҥ.
Кэнники сылларга аан дойдуну аймаабыт, оҕо аймаҕы угуйбут аҕай «Макдональдстан» хаалсыан баҕарбатах аны «Му-Му»-лар, «Крошка-картошка»-лар, «Ели-пили»-ни кытта оннооҕор «Елки-палки» диэннэр эмиэ дэлэйбиттэр. Дьэ, чахчы да суһаллык аһата охсор соруктаах «комбинат быстрого приготовления» диэх курдук. Киһи да күлүөх, Татыйык Титовна оҕо эрдэҕинэ «соҕуруу ханна эрэ «Фанта» диэн дьикти утах баар үһү, лимонад буолбатах, сап-саһархай апельсинтан ыгыллыбыт сүмэһин уонна быыгынас күүгэннээх, онтуҥ киһи тылын аһытыар диэри көөнньүбүт буолар» диэн, киин сиргэ сылдьыбыт, биирдэ эмэ соһуйа амсайбыт оҕолор омуннаах кэпсээннэрин остуоруйа курдук истээччилэрэ.
Сайдыыбыт диибит да… дьиҥэр итиниэхэ туох ураты толкуйа баар үһүө, аныгы олох ирдэбилэ, кими эрэ үтүктүү, харчыны хамнатар албас биир көрүҥэ, бэтэрэнэн иэҕэтэн эттэххэ, били «Фанта»-лыы, күүгэн курдук үллүбүт кэмэ ини. Сынньатар аатыран солкуобайгын суйдаан ылыы диэн бу ээ. Мантыҥ билигин биир тылынан аныгылыы сиэр диэн быһаарыллар. Ким да онтон соһуйбат, мээнэ сөхпөт, буолуохтаах буолбутун курдук.
Онон оннук сиэрдээх сиргэ, «Шоколадница» кафеҕа, Татыйык Титовна, аргыһын ыраах айаҥҥа Америкаҕа атаараары, сөмөлүөтү күүтэ таарыйа, хойуу үүттээх чэйи сыыйбыта син балачча буолла. Кини «аргыһым» диэн арааран, соруйан ааттыыр. Тоҕото эбитэ буолла, дьиҥ искэ киирдэххэ, «аргыһа» олус да… санаа хоту, киһи эрэ иэйиэх, эрэниэх, сүрэҕинэн-быарынан ылларыах-бигэниэх киһитэ эбээт… Оттон Татыйык Титовна ол туһунан саныырыттан тоҕо эрэ куруук туттунар, хайдах эрэ бэйэтиттэн бэйэтэ көҥүүргэ дылы.
Кинилэр икки хонуктааҕыта Дьокуускайтан көтөн кэлбиттэрэ. Тиэтэл үлүгэринэн тиһэх докумуоннарын ситиһэн, итэҕэс-быһаҕас кэһиини, кыра үлэҕи-сакааһы ситэринэн баран, киһи оҕолоругар Америкалаан эрэр. Оттон Татыйык икки күнү быһа суруйбут суругун дьэ бүтэрдэ быһыылаах, маҥан кэмбиэргэ халыҥ соҕус айымньытын бүк тутан уган, ыга силимнээн кэбистэ.
– Чэ, оҕом оттон… өйдүүр ини дуу. Бэйэҥ да сыта-тура кэпсиэҥ, наллаан быһаарыаҥ буоллаҕа дии. Күтүөт хайдаҕын эн сыанаҕыттан эрэ истэргэ тиийэбин, онон, кытаат, алтыс, билсис. Оҕобун… атаҕастаабатар эрэ. Сиэн уолу көрбүт киһи-и, – диэн кини кыра киһини санаан ылан манньыйан, сып-сырдыктык мичээрдээн ылла, мэктиэтигэр уйадыйа сыста.
– Татыйык… билэн-билэн, барытын эн эппитиҥ курдук гыныам. Оттон уонна сибээс диэн баар дии, киэһэ-сарсыарда кэпсэтэ туруохпут. Биир көрдөһүүлээхпин… мин эйиэхэ этэрим биир: кэллим да холбоһобут. Утарыма, бу сырыыга баҕас, бука баһаалыста, аккаастаама… – эр киһи, бэйэтин сааһыгар дьүөрэтэ суох сымса туттуулааҕа көстөр, түргэн баҕайытык дьахтары илиититтэн ылан, ытыһын көхсүн хатыылаах сылаас иэдэһигэр даҕайда.
Хайдах-хайдаҕый, эмиэ да биир уопсай оҕолооххо дылылар эрээри, эмиэ да ыалга маарыннаабат дьикти сыһыаннаах дьахтардаах эр киһи итинник син балачча олорбуттара. Ол тухары туох эрэ олус дуоспуруннааҕы быһаарсаллара туораттан харахха быраҕыллара. Чэпчэки күлүү-салыы, ыла-биэрэ эйэргэһии, хараҕынан оонньоһон, тырымнаһан ылыы диэн суоҕа. Татыйык Титовна мунчаарбыт харахтарыгар «аргыһа» тугу эрэ маарыҥҥыттан туруорсар быһаарыныылаах тылын тамаҕын эбии холбоотоххо, сахалыы билбэт да киһи сэрэйиэх курдуга: бу дьон ыпсыах баҕайы сыһыаннарын туох эрэ саарбахтааһын күлүгэ буолбакка, сэрэнэр дуу, тардынар дуу быа, субу быстан хаалыах көстүбэт чараас утаҕа, ситии хатыллыбыт үрүҥ-хара кылыныы ситимнииргэ дылыта…
* * *
Саас саамай үгэнэ. Чаҕылыйан күн да күн. Ып-ыраас сыа хаар бөдөҥ баҕайы кыырпахтара киһи хараҕын саатырдыах айылаах чаҕылыһаллар. Итинтэн-мантан кылапачыһан субу тэлиллибит хайыһар суолун устун кыһалҕата суох дайа сыыйылыннарыаҕы мэһэйдиир курдуктар. Хаарыаны, Натааһа курдук хара ачыкылаах киһи, бука, бу аайы кыһаллыа суоҕа буолуо да. Ону баара, ыал соҕотох кыыһыгар баҕарбыта барыта баар, Натааһаҕа куоракка үөрэнэр убайа өссө кыһын салгын ачыкыта диэн, балта былырыын хайыһардаан аатырбытын билэр буолан, кэһиитин ыыппыт. Бэҕэһээ оскуолаҕа аҕалбытын бары уларса сылдьан кэтэн көрбүттэрэ наһаа да астыга. Таһырдьа тахсаат, симириктии оонньуоҥ баара, хайдах көрбүккүнэн, чарапчылана оонньообокко, оннооҕор ити сып-сытыытык тэһэ тыгар күнү кытта, холкутук утары көрүөххэ сөбө. Ымсыыран да диэн. Онон, бу дэриэбинэҕэ Натааһа ачыкытын сонуна сити киэһэ иһиллибитэ эрэ баара.
Татыйык ол эрээри ымсыырбат. Таах, өскө итинник чээкэ маҕаһыыҥҥа баара буоллар, ону да кыалыннаҕына, син ылыахха да сөбө ини диэн холоон саныыр быһыыта. Кинилэр кылаастара уоллуун-кыыстыын бука бары хайыһардыыллар. Ким иллэҥнээҕинэн. Татыйык Бааликкалыын мэлдьи аргыстаһан барааччылара да, ол кыыс бүгүн ынахтарын уулатар сорудахтаммыт. Ол аата киэһэлик эрэ босхолонуо. Оччоҕо Куруунньалыын барыам дии санаабыта эмиэ табыллыбата, кини быраата уол тумуулаан биэлсэргэ ыстаммыт этэ.
Хайыай, Татыйык ол иһин бүгүн соҕотох. Субу диэкинэн хайыһар суолун бэҕэһээ эбии тэлбиттэр быһыылаах, өссө да чиҥии илик буолан хайыһарын төбөтө сотору-сотору сыа хаары ыһан күдээритэр. Оттон суола, сымнаҕаһа бэрт буолан, сатаан халыппат, санаатыгар ытыра сытар курдук, атаҕын ыларыгар ыарахан соҕус. «Саатар мааһын таппатахпын ээ, сатыыр биир эмэ уолга сотторбокко…» диэх курдук, ол-бу араас санаатын туора илгэтэлээн, кыыс оргууй аҕай тэбэн-тэйэн истэ.
Бэҕэһээҥҥи суолунан барбатаҕын Татыйык кэмсинэ сыста. Ол эргин халыып курдук чигди тыраасса халыһытан бэрдэ ээ, торуосканан анньымматахха да хайыһар барахсан бэйэтэ сырылыыра. «Хаалыкпын сүтэрди-им», – диэн ытаары оҥостубут кырачаан уолчааны уоскутан, иллэрээ күн син тэйиччи баран көрдөөбүтэ ээ. Онто баара киһитэ, сэрэйбит сэрэх, сыыртан түһэ оонньуу сылдьан бэйэтэ тэйиччи туора анньыбытын умнан муҥнаммыт этэ. Кыыс өр гымматаҕа, биэрэстэ кэриҥэ уһуннаах сири аҕыйах мүнүүтэнэн эргийэн кэлэн аччыгый атаһы араллаантан абыраабыта. Мэрбэҥниирэ чугаһаабыт, бүтүннүү хаар буолбутун ааһан, илийэн хаалбыт үтүлүгүнэн сирэйин ньуххана сатыы турар уолу түргэнник уоскуппута. Онуоха анарааҥҥыта: «Хайа-ы! Эн бачыыҥка хайыһардаах эбиккин буотта? Ол иһин түргэн баҕайытык сырыттыҥ дуо? Оттон миэнэ… быа дии», – хайдах эрэ мыыммыттыы, хаатыҥкатыгар кэппит хайыһарын диэки сөбүлээбэтэхтии көрбөхтүүр кыра киһини кыыс сэмэлээбитэ. «Баанньыска, киһи барыта быа хайыһартан саҕалыыр. Мин сороҕор эмиэ урукку быабын кэтэбин ээ. Улаханнаах эбит. Үчүгэйдик сүүрэр буоллаххына эн да бачыыҥканы кэтиэҥ дии. Оттон билигин, хата, уһуннук оонньуургар атаҕыҥ тоҥмот буолбат дуо?» – эдьиий киһилии быһааран биэрбитэ. «Ээ, Татыйы-ык, биллим, биллим!» – уол күнтэн сааппыт хараҕын симириктээн, хантайан туран киниэхэ туһаайбыта. – Ити былырыын чөмпүйүөҥкэлээбиккэр биэрбит хайыһардара даа? Астык баҕайы ойуулаах эбит буолба-ат?!»
Сатана уола баара, дьыала ойуутугар үһүө-ө? Ону баара, Татыйык бу, бэйэлээх бэйэтэ, икки сыллааҕыта атыыласпыт хайыһарынан сылдьар. Сөбүлүүрэ бэрт, үөрэммитэ да оччо. Оттон саҥа хайыһар син саҥа курдук, моһуоктардаах. Бачыыҥката кэҥэс курдук, ыйааһына эмиэ ыарахан соҕус, үчүгэйдик дьаһайан маастаатахха эрэ барыах айылаах. Биир тылынан саҥа көлөнү сыһытар наада. Тостубатар эрэ, бу эргэтэ баҕас ордукка дылы. Субу күрэхтэһии буолаары турар. Онуоха диэри саҥа хайыһарга үөрэниэ биллибэт…
– Кыысчаан, бу суолунан бардахпына, хас килэмиэтирдээххэ тиийэбиний?
«Килимиэтир» буолан… биһиги биэрэстэ диибит, бу хантан кэлбит, нууччатымсыйбыт киһитэй» диэх санаа киниэхэ охсуллан ааста.
– Биэстээх суола ити, ол үстээх сытар, оттон бу – иккилээх, – кыыс саҥа хоту быһааран баран эргиллибитэ, хаһан да харахтаабатах эдэр киһитэ, андаатар бэргэһэтин ханньары уурунан, кинини одуулаан, ойоҕос диэки тэйиччи нэлэйэн-хотойон турар эбит.
– Оттон оччоҕо эн хастаахха баран иһэҕиний? – киһитэ салгыы ыйытааччы буолла.
– Мин? Мин… мин бастаан биирдээххэ, онтон биэстээххэ барыам… – киһитэ тоҕо ону туоһуласпытын мунаардар да кыыс хап-сабар хардарда.
– Оччотугар мин эмиэ эйигин кытта бастаан биир килимиэтири сүүрүүм ээ, туох баарый. Көҥүллүүгүн дуо? – күлэ мичээрбит уол тиистэрэ кэчигириир.
«Хайалара буоллаҕай, абытайбын да, бачча сылааска, чараас бэргэһэтэ суох буоллаҕа дуу» тоҕо эрэ итинник санаатар даҕаны, Татыйык таһыгар тугу да таһаарбата, оргууй аҕай сыыйылыннары тэбэн истэ. Уол эмиэ саҥата суох кэнниттэн тэйиччи соҕус сырылыыра иһиллэр.
– Кыысчаан, хайа, сүрдээҕин сүүрэр эбиккин дии?
Итиниэхэ кыыс хайдах хардарыан билбэтэ. «Ээх» диэтэххэ киһиргиир курдук буолууһук.»Суох» диэтэххэ эмиэ сатабыла суох. Кини бэркэ сүүрэрин билбэт киһи манна суох. Оччотугар оонньоһор кэриэтэ тахсыыһык. Онон Татыйык бу да сырыыга, айылааҕын, саҥарыа суохпун диэн биири санаата.
– Ээй… тоҕо саҥарбаккыный? Саатар ааккын билбэт эбиппин буолбат дуо? – тугу эрэ булгу эрэйэрдии, эдэр киһи арахсан биэрбэтэ.
Субу ситэн кэлбэтэ эмиэ дьикти, Татыйык, дьиҥэр, аа-дьуо иһэр ээ. Кэнниттэн иһэр киһи баар диэн быйылгы эрчиллиитин эһэр санаата суох. Икки кэриҥэ биэрэстэни наллаан эргийэн баран, биир күдьүс күүскэ түһүнэн, биэһи куоһардаҕына бүгүн уолдьаһыахтаах этэ. Ону баара бу билбэт эдэр киһитэ кинини аралдьытыыһы дуу, үөдэн дуу…
– Кыысчаан, мин Кирилл диэммин. Оттон эн? Мин манна бэтэринээри солбуйа кэлбитим да, букатын хаал диэн соруйсуу бөҕөлөр. Сопхуос маннааҕы отделениетыгар үлэлиибин, хонтуораҕа. Ол эрээри олоруом дуо? – эдэр киһи күлэр. – Мин килийиэннэрим, саҥа төрөөбүт ньирэйдэр, былырыыҥҥы торбостор уонна сыһыыга сылдьар сылгылар «бараҥҥын, салгынна сиэ» диэн ыыппыттара диэтэхпинэ хайдаҕый?
– Бэрт дии, үлэлиир туох куһаҕаннаах буолуой? Дуу, устудьуоннууруҥ ордук этэ дуу? – кыыс аат-харата хардарар.
– Ээ-э! Ааккын эт, оччоҕо биирдэ ыйытыккар хардарыам! – Кирилл күлэрэ тохтообот.
Үрдүк сыыр кэллэ. Манан, кыратык дабайа түһэн баран, аллара диэки анньыннахха, олус бэркэ халыһытан тиийэн ол көстөр бөлкөй талахтарга биирдэ баар буолуохха сөп эбит. Итинник санаат, кыыс соҕотохто киҥис гынан, илиитин устатынан, торуоскатын уһунунан, анньынан кэбистэ. Кыһын-сайын билбэт сирэ буолуо дуо, быһа холуйан даҕаны, бэркэ таайар буоллаҕа. Кирилл дэнээччи кэннигэр хаалла. Соһуйда даҕаны быһыылаах, улахан хайыһардьыта суох киһи, онуоха эбии бу дойдуну билбэт буоллаҕына, бастаан хайыһардыырга баҕас тардынара сөп буоллаҕа.
Татыйык, кырдьык, астына сырылаата. Били бөлкөйүн оннооҕор ааһа түстэ, арааһа күүскэ соҕус анньыммыт ээ.
– Оо-о! Һу-у-һуу! Хайа, бу тугуй?! – диэн ыһыы хоту хайыспыта баара, эдэр киһи, илиилиин-атахтыын, хаалыктыын-торуоскалыын, аҕыс буолан адаарыйбытынан, сыыр ортотугар сууллан аҕай эрэр.
Татыйык, итини бытаардыллыбыт киинэ курдук алларааттан көрөн туран, уол дэҥнэммэтэҕин таайа билэн, ис-иһиттэн тэбэнэттээхтик күллэ. Охтубут киһи, орохтон оронон тахсар кыра кыылы санатан, биир кэм хаары ыһыахтаан өрө күдээриттэ, омунугар илиитин-атаҕын нэһиилэ көрдөөн булла быһыылаах. Туораттан көмөтө суох хайдах даҕаны бэйэтэ сатаан тура охсуо суоҕун сэрэйэн, кыыс кини диэки төттөрү эргилиннэ.
– Кириил, тоҕо, сыыр ортотугар буола-буола, оҕуттуҥ?
– Ээ, сатана баара, хаалыкпын, арааһа, мас төрдүгэр кыбыттым дуу, сах дуу… Соҕотохто тиэрэ тардан түһэрдэ буолбат дуо? – диэн, кырдьыгын таһаарына сатаата, тураары букунайда, тайахтарын көрдөөтө.
– Аҕал илиигин, көмөлөһүүм эрэ, – кыыс уҥа илиитин уунна.
– Саатар эн ааккын эппэккэҕин… Туох аанньалаах настарыйыанньалаах буолан төкүнүйдэ диэтэххиний? – тэбэнэр икки, торуоскатын кэтэр икки булумахтаныы быыһыгар, устунан күлсүү буолла.
– Аатым Татыйык диэн. Эйигин хаарга булкуйаары эппэтэхпин үһү дуо? – кыыс эмиэ күллэ.
– Соҕордук, Татыйык. Сүрдээҕин сүүрэр эбиккин. Чыычаах көтөрүнүү. Эккирэтэн да туһа суох. Онон, мантан ыла сатаабат киһини үөрэтэргэр, таарыччы эрчийэргэр тиийэҕин. Кыыс оҕо аһыныгас дииллэр да, эн куота бараҥҥын атаҕастаатыҥ ээ, быһыыта! Охтуо суох киһи оҕуттум, хаарга булкуллан чучунаа буола сыстым…
Икки билсибэт дьон итинтэн атын тугу кэпсэтиэхтэрэ этэй? Биллэн турар, ону-маны, буолуо-хаалыа суоҕу буоллаҕа. Ол да буоллар, онуоха буруйдаах оҕо саас, эдэр саас. Дуона да суохтан үөтэлээҕи үөтэрэр үчүгэй да саас.
Итинник, биир билсиһии саҕаланнаҕа ити. Киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах аҕай диигит эрээри, дьиҥ иһигэр хайдаҕа буоллар? Дьылҕа барахсан араастаан да мускуйар. Талбытынан тугу эрэ сыымайдыыр, сирдэрэр-талларар. Баҕар, суолталааҕы оҥорторуо, эбэтэр наадата суоҕу кытта соҥнуо эбээт. Ким билиэй, ону? Хантан таайан, эрдэттэн билэн, ким урууллуой? Суох. Дьылҕа бэйэтэ эрэ билэр, баҕар, үтүө хараҕынан имнэнээрэй. Оттон баҕар, букатын да уордайан туруо, туора-маары ыһаттыа. Ол эмиэ кини илиитин иһигэр.
Татыйыктаах Кириил ити күнтэн ыла иккиэн бииргэ хайыһардыыр буолбуттара. Татыйык оскуолатын быйыл бүтэриэхтээх. Уол былырыын, үөрэҕин кэнниттэн, атын сиргэ ананан тиийбит эрээри, миэстэтэ суох буолан, биир кыһыны быһа ыалдьыбыт зоотехнигы солбуйбут. Онтон быйыл манна көһөрбүттэр. Бэйэтэ, бэтэринээр буолуоҕун кыратыттан ыраламмыт киһи, баҕа санаата дьэ туолан, били эппитин курдук, ньирэйдэрин-торбосторун астына бодьуустаһан, бу сири бэркэ сөбүлээн кыстаабыт.
– Татыйык, оттон кыһыны быһа мин эйигин хайдах көрбөтөҕүм буолуой? – диир кини.
– Оттон мин улахан дьон киинэтигэр-таансытыгар, кулуупка эҥин мээнэ сылдьыбаппын буоллаҕа дии. Уонна ханна көрсүөхпүт этэй? – кыыс күлэр.
– Оо, хайыһардыы кэлбэтэҕим буоллар… эйигин букатын да билбэккэ куоттарыах эбиппин дии?
– Ханна?
– Оттон… сайын куораттаан хаалыаҥ этэ да, алҕас устунан онно хаалыаҥ дии…
– Билигин да куораттыыр санаалаахпын, баҕар, устунан хаалыам даҕаны… – Татыйык, уол тугу диирин истээри, үтэн-анньан көрөр.
– Оо, оччоҕо… – Кириил сирэйин, субу ытаары гынардыы, саба туттар. – Оччоҕо, оокколорум барахсаттар…
– Кимнээх… – Татыйык соһуйар. – Кимнээҕий, оҕолоруҥ?
– Тулаайах хаалаахтыыр буоллахтара… – уол саба туттубут сирэйиттэн илиилэрин араарбат, кэтит саннылара ыгдаҥнаан киирэн бараллар.
– Тыый… – кыыс уоска бэрдэрбиттии ах барар, туох да диэн булбат.
– Һа-һа-һа! Һэ-һэ-һэ! Хата, кырдьыктанныҥ буолбаат?
– Ээ?! Оттон… кимнээҕий ол, оҕолоруҥ диэн? – кып-кыһыл буола охсубут кыыс, ыйытардыы, кинини одуулуур.
– Ха-ха-ха! Оокколорум диэн биллэллэр буоллаҕа эбээт! Ньирэйдэрим-торбосторум, доҕоор! Эйигин эккирэтэн, куораттаан хааллахпына, тулаайахсыйыахтара суоҕа дуо?
– Улаатыахтара буоллаҕа дии! Бэйэлэрэ туспа хотоннонуохтара, киэҥ далланыахтара! Эйиэхэ, бэтэринээргэ, наадыйан да бэрт! – Татыйык, дьээбэ-хообо уолу тугунан эмэ иэстэһээри, хардарса сатыыр.
Кыыс, кыһыытыттан, кинини күлүү гыммыт уолу быһа кымаахтаары эккирэтэр да, бу хайыһара суох сырсыыга, анарааҥҥыта ситтэрэн да бэрт, арааската атах быһыйа баалаабатах уол оҕото ээ!
Сир ортотуттан аны хайыһардьыт буолан турбут уол оҕото ыраах тыа сирин чуҥкук олоҕор дьүөрэтэ суох сылаас иэйиигэ куустарбыта. Сааскы ылааҥы күн киниэхэ олус сэмэй, сэргэх, ып-ыраас харахтарынан мичээрдии көрбүт кэрэчээн Татыйыгы билиһиннэрбитэ.
Кыыс, уурбут-туппут курдук бэйэтэ, улахан хайыһардьыт. Оҕолуу холку-нарын, туох да ухханыгар умньана илик дуоспуруннаах кыыс киниттэн быдан аҕа уол өйүн сүүйбүтэ быһыылаах. Куоракка үөрэнэр сылларыгар таптал арааһын туораттан истэн да, чугастык көрө да сылдьыбыт уол, аны, бэйэтэ да этинэн-тириитинэн син билбитэ сыттаҕа, «таптал диэн кыыллара бу ээ» диэн этиэн сөбө курдуга. Ол иһин, талаһан туран, күннэтэ хайыһардаабытын түмүгэр, этин-хаанын быйыл баҕас биллэ чэбдигирдибитэ. Туох да үөнэ суох толкуйдаах үчүгэйкээн кыыс оҕону үлтү хаадьылаан күнүн үтүөтүн атаарара үгэскэ кубулуйа сыспыта. Татыйык өһүргэһэ суоҕа, ис киирбэҕэ, тук курдуга кини, чахчыта даҕаны, соҕотохсуйбут кутун туппута.
– Татыйык, ити быһаар эрэ миэхэ, «Таптаатыҥ да тайахтаахха да тахсыаҥ» диэн тугу этэллэрий, ээ?
– Оттон… оттон таптаатаххына доҕолоҥ да буоллун, хараҕа суох да буоллун, биир тылынан инбэлиит да буоллун, син биир, аһынаҥҥын да кэргэннэһиэҥ диэн дии! Хайдах билбэккиний?
Букатын атыны санаан, эмиэ инники сыыйылыннаран иһэр кыыс хаһыытаан кэриэтэ кэннигэр лаппа хаалбыт уолга быһаарар.
– Айыбы-ын! Оччотугар мин, икки торуоскалаахпын да, эйигин ситиэм суох, ол аата мөлтөхпүн, ол аата миигин аһыныахха наада… уонна…
– Туох диигиний, Кириил?
– Ээ, һуох-һуох… торуоскам да көмөлөспөт эбит, сиппэт эбиппин дииби-ин… Айа! Мин төнүннүм!
– Ээйиис! Оттон ким тыла этэй: «Бүгүн баҕас, биэһи баҕас, таах тыал курдук ааһаа инибин», – диэн?!
– Оттон… эн аһыммаккын буолбат дуо…
– Тылыгар турбат торбос тойоно, бэлэм бэтэринээр баар үһү. Ким буолуой? – кыыс кычыгыраччы күлэр.
– Мин, мин… Татыйыгы сатаан сиппэтэх Саабынап Кириил диэммин! Уордайдым! Уонна бардым!
Кыыс, кырдьыктанан, кэннин хайыһаары тохтоотун кытта, уол субу сырылаан кэлэн кэнниттэн кууһа түһэр, ол омунугар иккиэн халыҥ үллүктээх сымнаҕас хаарга тиэрэ баран түһэллэр. Хараҥаран эрэр сааскы халлааҥҥа онон-манан сулустар чоҕулуспуттар.
– Ып-ыраас салгыны агдакаҥ муҥунан эҕирийдэххинэ эрэ, чэбдик диэн тугун, хос быһаарыыта суох, тыҥаҕынан билэр эбиккин дии?
– Эн ону эмиэ билбэт этим диэ? – Татыйык, эмиэ бөлөһүөктээри гыммыт Кириили күлэр.
– Хантан билиэмий? Биһиги эргин, быһата мин дойдубар уонна үлэлээбит сирбэр эмиэ, маннык ыраас, кылбаа маҥан хаар суох. Маннык хайыһар суох. Маннык халлаан суох. Маннык сулус суох. Маннык… кэрэ кыыс эмиэ суох!
Эмиэ хаадьылаары гынна диэн Татыйык эргиллэ биэрэр, ойон туран хаарын тэбэнэр уонна халыып суолга киирээт, анньынан кэбиһэр. Оттон уол ити өссө сэрэнэрин быһыыта ээ, наһаа хото дьээбэлээбэт. Кыыс барахсан, саҥа улаатан, өссө да ыыра кэҥии илик киһи, кини араастаан мускуйарын, ону-маны туойарын барытын хантан таайа өйдүөй? Оо, онтунан кытта кэрэ ээ, кини!
* * *
Марина кэргэнин олус таптыыр. Олег, институкка бииргэ үөрэниэхтэриттэн, барыларыттан бастыҥнара этэ. Ол иһин аспирантураҕа ыытаннар, билигин Москубаҕа иккис сылларын олордохторо. Быстах кэмҥэ, бу эргин олохсуйбут саха ыалын сиэринэн, университеттан чугас соҕус, үрдүүк-үрдүк дьиэ уон биирис мэндиэмэнигэр биир хоһу куортамнаабыттара. Хаһаайкалара олус сайаҕас нуучча эмээхсинэ. Саха сириттэн кэлэр-барар аймахтары уонна кинилэр билэр дьонноро кытта таарыйан ааһалларын сэмэлээбэт, төттөрүтүн, куруук үөрэ-көтө көрсөн эдэрдэри долгутар.
Олег быйыл көмүскүүрэ буоллар дойдулуох этилэр. Ыал буолбуттара хайы-үйэ алта сыл буолла эрээри, арай, оҕолоро суох быһыылаах. Барыах иннинэ көрдөрүнэн көрбүт киһи диэн санаа Маринаны үүйэ-хаайа тутар буолла. Кини, дьиҥэр, кистэлэҥ санаатыгар, манна Олег үөрэнэр кэмигэр оҕолонон хаалбыттара буоллар, москвич дуу, москвичка дуу дэниэхтээх кыраланыахтаах этилэр. Ону баара, табыллыбата бадахтаах…
Кинилэр олус эрдэ, иккис кууруска киирээт, баара-суоҕа уон аҕыс-тоҕус саастарыгар ыал буолбуттара. Дьонноро икки өттүттэн олус эрдэ, ситэри үөрэниҥ, оҕолонон-урууланан аны үөрэхтэн матыаххыт диэн матыыптаан соччо сөбүлээбэтэхтэрэ. Онтулара ханна баарый? Ити ээ, олох арааһа диэн. Марина бастаан утаа, кырдьык, ийэтэ кыйахаммытын хоту, аны хат буолуом диэн олус сэрэнэрэ, харыстанар ньыманан үлүһүйбүтэ. Онтон бу кэнники үс сыл устата, тугу-ханныгы быраҕан, аҥаардастыы кэтэһэ сатаата да мэлигир. Биирдэ эрэ быраастанан көрбүттээх, манна кэллэҕин утаа. Луохтуур дьахтар барыта этэҥҥэ, оҕолонуоҥ диэн үөрдүбүтэ. Ол этии кэнникинэн уорбаланыах да курдук буолла. «Барыта этэҥҥэ» буоллаҕына… тоҕо табыллыбата буолуой?
Биирдэ күнүс, үлэтиттэн кэлэн, хайдах эрэ санаата оонньоон, хараастан аҕай олордоҕуна, хаһаайка эмээхсинэ киирэн кэлбитэ. Валентина Павловна барахсан үтүөкэн киһи буоллаҕа, кыыһы аһынан бэйэтин олоҕун түөрэ кэпсээн биэрбитэ.
Сэрииттэн быстах кэлэ сылдьар эпписиэр киһи, өлбүт доҕорун сорудаҕынан сурук тиэрдээри, кинилэр олбуордарыгар кэлэн мунан турдаҕына Валя түбэһэ кэлбит. Ыгым, ыксаллаах кэм да буоллар, эдэр саас диэн баар, син биир сылаас сыһыаҥҥа наадыйар, аналлаахтары силбиир уонна олоххо тардыһыыны күүһүрдэр буоллаҕа. Связистка кыыс ис-иһиттэн бу уолу сөбүлээн, фроҥҥа көрдөһөн барар, киниэхэ тиийэ сатыыр. Сэрии устатын тухары таптыы охсубут Ванятын көрдөбүлүн мучумааныгар түһээхтиир.
Тиһэҕэр, быһа түһэн эттэххэ, Валя сүрэҕэр иитиэхтээбит тапталын көрсүбүт. Буолаары буолан олус соһуччу, Чехословакияҕа тиийэн. Госпитальга соторутааҕыта илдьибит роталарын хамандыырын икки кыыс буолан ирдии тиийбиттэрэ, биир палаата ааныгар кини Ванята субу турар үһү!
Онон, сэрии бүтээтин кытта холбоспуттар. Таптал күүһүнэн диир бу сырыыга сымыйа. Кыыс күүһүнэн. Ваня, туура, күнү көрөн туран, буолуммата үһү. Онуоха киниэхэ сүрэҕинэн-быарынан аҥаардастыы таласпыт кыыс ээҕин этэн, элэ-была тыла баранан, тиһэҕэр, оннооҕор хара күүһүнэн андаҕайан баран, киниэхэ кэргэн тахсыбыт. Ол, син биир, таптал. Ол – олоҕун тухары кэмсиммэтэх сиэртибэтэ.
Валя барахсан госпитальга булбут Ванятын күн аайы көрсө кэлэрэ үһү. Уол буоллаҕына, бастаан үөрэн-көтөн баран, эмискэ умуллан-уостан, кыыска сыһыана букатын сойон, оннооҕор хаҕыһаан, тымныйан барбыт. Туох айылаах буоллаҕай диэн таайа сатаабыт, кыыс устунан бырааһыгар кытта тиийэ сылдьыбыт. Онтон дьиҥ кырдьыгы истибитэ, Ваня хаһан да оҕолонор кыаҕа суох, араанньыта, бааһырыыта оннук улахан, ол эр киһиэхэ олус улахан охсуу диэн эмтээбит бырааһа аһаҕастык эппит. Бука, бу кыыс солуута суох буолбатаҕын көрдөҕө. Иэдээн дьылҕаламмыты кини быыһыаҕар саарбахтаабатах буолан эттэҕэ диэн, Валентина Павловна кэнники сэрэйэр эрэ. Кыыс муҥнаах чаас эрэ кэриҥэ ытаабыт. Ол кэнниттэн Ванятыгар булгуччу кэргэн барарга, хаһан да оҕолонор туһунан саныа суох буоларга бэйэтигэр андаҕайар. Онтун үйэтин тухары тутуспут.
– Сэгэриэм, таҥара көрөн турар, Ванечкабар биирдэ да оҕоҕо ымсыырарбын биллэрбэтэҕим уонна атыны ылан ииттиэх диэн саҥа таһаарбатаҕым. Дьиҥэр, сэрии кэнниттэн тулаайах эрэ дэлэй этэ буоллаҕа, иитиэх да кыах баара. Төһөлөөх сүрэҕим ытырбахтаабыта буолуой? Ити биһиги икки ардыбытыгар хаһан даҕаны таарыллыбатах, таарыллыа даҕаны суохтаах, сабыылаах кэпсэтии этэ. Ол иһин Ванечка бааһын таарыйар кыаҕым суоҕа. Сэгэрим, өлөрүгэр эрэ эппитэ, мин туспар олоххун сиэртибэлээтиҥ, ол эрээри таптатар уонна таптыыр дьолу билбиппинэн дьоллоох буоллаҕым. Сэрии да буоллун, буруйдаах да, буруйа да суох буол, күн сиригэр киһи тыыныгар туруу булгу иэстэбиллээҕин, бааһыраат, өйдөөбүтүм, ол иһин ыччата суох хаалыахтаах дьылҕабын кытта сөпсөспүтүм диэхтээбитэ. Кини таҥараны олус итэҕэйэрэ, сэрии, өлөрсүү-кыдыйсыы суоҕа буоллар атыннык олоруохтаахпыт айгыраатаҕа. Ити кэм-кэрдиис уратыта, сэриини саҕалааччылар – биирдэр, симэлитээччилэр – атыттар, симэлийээччилэр – үһүстэр, сиэртибэлэнээччилэр – төрдүстэр… Итинник бара турар… Иэдээн. Сэрии эрэ буолбатар.
Валентина Павловна барахсан ол да иһин оҕото-уруута суох сааһын моҥообут. Оттон майгыта олус үчүгэйэ, аһаҕаһа, аһыныгаһа бэйэтин киэнэ. Үксүгэр, төрөөбөтөх-ууһаабатах дьахтар түтүө-татаа соҕус, киҥнэнэр дииллэрэ киниэхэ ханан да сыһыана суоҕа.
Онон, кини Маринаны уоскуппута, олох араас өрүтүн сатыырынан быһаара сатаабыта. Ол да буоллар, кыыс муҥатыйара тохтооботоҕо. «Павловна эрэйдээх усулуобуйата атын, биричиинэтэ биллэр буоллаҕа. Оттон биһиэнэ?» – диэн, саатар ханнык эмэ, харданы ирдиир ыйытык аны кини сүрэҕин кэбийэр идэлэммитэ…
Марина хаста да Олегы баран иккиэн көрдөрүнүөх диэбитин, кини мэлдьи бокуойа суох. Кыыс, чугастааҕы оскуолаҕа куруһуок ыытар буолан, үксүн син бириэмэлээх, оттон уол күнү-күннүктээн дьарыктанар икки, үөрэнэр икки. Онон, арааһа, быраастанарбыт, бэрэбиэркэлэнэрбит тохтоору гынна диэн эрэлэ симэлийбитэ, кинини долгуппута ыраатта.
– Маринка, чэ эрэ, хайыыбытый? Аныгы нэдиэлэҕэ уочараттаан көрөрбүт дуу? Мин босхолоннум, оруобуна биэс күннээх сынньалаҥ буолаары гынна, – диэн биир чэппиэр киэһэ Олег үөрэн-көтөн кэлбитэ.
– Чэ, бэрт эбит, хата, ордубут күннэргэ чугас ханна эмэ экскурсиялаабаппыт дуо? – кыыс эмиэ үөрэ түспүтэ.
Көрдөрүнүү түмүгэ сүрдээх судургу этэ: барыта э-тэҥ-ҥэ! Ол аата киһи долгуйарыгар туох да төрүөт суох. Этэҥҥэ буоллахха, иннилэригэр бүтүн олох кинилэри күүтэр! Чахчы улахан үөрүүнү бу быһаарыы аҕалбыта. Ол долгунугар оҕустаран, күннээҕи сүгэһэртэн босхолонон, бэркэ чэпчээбиттии санаммыт эдэр дьон тугу киһилиэхтэрэй? Марина сыл түмүгүнэн куруһуога хайҕаммыта, Москуба дьоно олус сэҥээрбиттэрэ. Оттон Олег, диссертациятын чаҕылхайдык көмүскээн, салгыы чинчийэр үлэҕэ мэктиэлэммитэ.
Киһи барахсан – санаатынан ээ. Дьокуускайга кэлэн, иккиэн үлэ үөһүгэр түспүттэрэ. Марина эмиэ оскуолаҕа барбыта, Олег университекка киирбитэ. Сылтан сыл булгу туох эрэ сырдыгы, ырааһы, сонуну аҕалыахтааҕар эрэл улахана эбээт. Ол эрээри ол да эрэл өлбөөрөн барбыта, иккиэннэрин туох эрэ көстүбэт сабыдыал тууйара. Сарсыарда иккиэн бииргэ тураллара, сиирэ-халты чэйдии охсоллоро, киэһэтин эмиэ иккиэн утары олорон кумааҕыларын бэрийэн, тэлэбиисэрдэрин көрөн баран… утуйар аакка бараллара. Маннык олох итэҕэстээх, иккиэ бэйэҥ хал буолар кэмиҥ тыҥаан кэлэрэ куһаҕана бэрдэ. Арай, манна кырачаан баара буоллар дуу? Бокуойа суох буолуоҕу, ол төрүөтүнэн кыра киһи буолуон олус да баҕараллара тоҕо эрэ кыаллыбата сүрэ…
* * *
Сааскы халаан уута угуттаан ааспыт кырдалыгар сибэкки бөҕө чэлгийэ үүммүт. Маннык мааны сири-уоту баччааҥҥа диэри өйдөөн көрбөтөх эдэр кыыс күнү күннүктээн хатыҥнаах чараҥтан арахпат.