banner banner banner
Буолар да эбит
Буолар да эбит
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

Буолар да эбит

скачать книгу бесплатно


– Татыйык, дорообо, – вахта дэнэр туора анньыллыбыт соҕотох остуол туорай маһын ситэри ааһа да илигинэ, бэрт улахан илии кинини харбаан ылла да, тэйиччи, мууһура сатаан баран салапаанынан бүрүллүбүт сөрүүн түннүк диэки, төтөлө суох дэллэриттэ.

Кириил эбит. Чахчы улахан соҕус «дипломат» бартыбыаллаах, арбаҕар хара саһыл тириитэ бэргэһэлээх. Киһи, омос көрөөт, билиэ суох буола уларыйбыт. Кинини эрэ күүппэккэ олорбут кыыс, эмискэ дьонун саныы түстэ. Командировкаҕа диэн кэлэр-барар киһинэн, аны…

– Тыый, туох буолла?! – тоҕо эрэ кыыс ыксаата.

– Буолла… Татыйык буолла… Мин сатамматым диирим дуу…

Хата, дьонуттан дьиксиммитэ ити тыллары кытта симэлийэ оҕуста. Хайдах эрэ һуу гыныахча буолан иһэн, аны, бу илэ бэйэтинэн турар киһи этэҥҥэтин аанньа, туох буолуон сөбүн эргитэн, Татыйык төбөтө араас ыйытыынан соҕотохто туола түстэ.

– Ол аата? Ньуккуҥ дуо?

– Суо-ох… оттон… Ньукку да эмиэ эбит…

– Туох буолла? – Татыйык тугу да өйдөөбөтөҕүн быһаарса сатаата.

– Ким билэр… Баһаалыста, иһит. Мин уһуннук толкуйданным уонна манныкка кэллим. Ньукку да барытын бэркэ өйдүүр. Мин эйигин эрэ таптыыбын. Бүттэ. Онон, тупсуох…

– Ээ? Эмиэ кэргэн кэл диэ! Сибилигин! – Татыйык, түгэни туһанан, бачча тухары тууйуллубута да сыттаҕа, иэстэһэргэ, аахсарга турунна.

– Суох, суох, Татыйык! Мин алҕаспын билинэбин. Халы-мааргытык дьаабыламмыппын бырастыы гыннараары хаста-хаста араастаан толкуйдаабытым буолуой?! Ол гынан баран хорсунум тиийбэтэҕэ, кыбыстыыбын кыайбакка сөптөөх тылы булбатаҕым…

Уол чахчы иһиттэн истиҥник этэрин кыыс таайда. Онтон устунан эмиэ да аһынна, улам өһүргэммит санаатыттан ыраатан барда…

– Татыйык, бырастыы гын, уонна доҕордуу сыһыаммытын төнүннэриэх…

– Оттон… Ньукку?

– Ньукку маныаха сыһыана суох. Мин аралдьыйаары, баҕар, кининэн уоскуйуом, оҕотугар убаныам диэбитим табыллыбата. Эрдэттэн оннук кэпсэтиилээх буолан, айдаана суох араҕыстыбыт. Холбоспотохпут даҕаны ээ…

Татыйык, туох да диэн булбакка, дьиҥнээхтик кыбыттарда. Син биир сүрэҕиттэн сөллөн баран хаалбатах Кириил кини аттыгар турара эмиэ да бэркэ дылы. Эмиэ да, дьикти баҕайытык, өөр да өр кэм ааспытыныы, уол туора баҕайы киһиэхэ маарынныыр.

– Билбэтим, Кириил. Оттон көстөн иһээ ини… – эрэ диэтэ.

Кириил, кыыс үүрбэтэ, онон сөбүлэстэ диэн ити кэпсэтиини бэйэтэ өйдүүрүнэн ылынан үөрдэ-көттө. Дьиэлээн иһэрин, куоракка мунньахха кэлэн баран субу киэһэ төннөн эрэрин быһаарда. Булгуччу суруйуох буолаат, аны, бу ыксалга кыыһы төттөрү аккаастаан туруо диэбиттии, соҕотохто тир гынан хаалла.

Туох да диэ, Татыйык туманнаах тымныы күннэргэ тоҥор диэни билиэ суох имнэрэ итиинэн илгийэллэр. Тэтэрэн олорор кыыс сирэйэ-хараҕа сырдаабытын көрөн, кини сүрэҕэр били сөҕүрүйэ сыспыт уота төттөрү күүдэпчилэнэн эрэрин кыргыттар сэмээр кэтииллэр. Сэрэнэн-сэрбэнэн сороҕор: «Оргууй эрэ, уоскуй», – диэн буойа-хаайа сатыыр буоллулар. Кыыстара, ордук сурук кэллэҕинэ, наһаалыыр: ыллаан да ылар, үҥкүүлээн да тэйэр. Бу тухары саамай боччумнаахтара, Татыйыктара, сорох ардыгар сиэрэ суох барыахча иһилим-таһылым үөрүүтүн, хомотумаары, көрөн эрэ кэбиһэллэр.

– Татыйык, эмиэ талахха олорор чыычаах курдук чуопчааран түһэҥҥин, уоскуй эрэ, – утуйаары сытар Муокка, мэһэйдэтэн, дьүөгэтин дьарыйар.

Суох, Татыйык ону истибэт. Кыргыттарын остуол тула мунньан олорон тугу эрэ бүппэккэ сибигинэһэр, ол аайы анарааҥҥылара күлэн кычыгыраһаллар.

Саҥа дьыллааҕы өрөбүл элбэх сонуну аҕалбыта. Дойдутугар этэҥҥэ сынньанан, эдэр кыыс сиэринэн эбии тупсан-төлөһүйэн, онуоха эбии чахчы таптал кутаатыгар буһан-хатан, Татыйык көтө сылдьар кэриэтэ буолбута. Үөрэҕин да кыайара, дьыалатын да куоһарара кимиэхэ баҕарар холобур буолбута.

Саас, лаппа сылыйыыта, биир күн эмиэ Кириил тиийэн кэлбитэ. Эдэрдэр киинэлээн, куорат устун дьаарбайан кэлиилэригэр, Татыйык илиитигэр тэп-тэтэркэй тюльпан дьөрбөтө тутуурдааҕа. Оруобуна оннук иэдэстэригэр сибэккитин сыһыары туппута уонна турар сириттэн сыҕарыйбакка эрэ:

– Кыргыттар! Мин Кириилгэ кэргэн барар буоллум! Кини миэхэ бүгүн дьиҥнээхтик таптыырын эттэ уонна холбоһуох диэн көрдөстө! – диэтэ уонна омунугар турар сиригэр өрүтэ ыстаҥалаан ылла.

– Ону эн аккаастаабатыҥ! – кыргыттара, салгыы сиһилии кэпсэтиннэрээри, тэптэрэн биэрдилэр.

– Суох! Сайын сыбаайбалыах буоллубут! Бука бары тиийэҕит, миэхэ?

Кыргыттар, сибэккилэр, үөрүү-көтүү, омун-төлөн… Ити барыта эдэр саас диэн өйдөбүлүнэн быһаарыллан эрдэҕэ.

* * *

Петр Егорович биир ыйга, Алма-Атаҕа лиэксийэ ааҕарынан сибээстээн, командировкаҕа барбыта. Барарыгар Маргобар көмө буолаар диэн Олегы соруспута. Онон кини күннэтэ кэриэтэ манна таарыйар. Ол аайы мааны Марго араас дьикти бүлүүдэлэринэн күндүлээн Олегы соһутар. Биирдэ эмэ Мариналыын кэлиэхпит диирин хотун дьиэлээх сөбүлээбэт.

Ыһыах саҕана Олег эмиэ соҕотох хаалбыта. Кэргэнэ тыаҕа, үөрэтэр оҕолорун илдьэ, экспедицияҕа тахсыбыттара. Онон, букатын холку киһи, Марго кэпсээннэрин истэн, ардыгар муҥун ытыырын аһынан уоскута сатаан, лаппа хойутуур идэлэннэ.

Биир оннук киэһэ, туох быһа имнэммитэ буоллар, Олег эр киһитэ өттөҕө дуу, талыы-талба тыллаах-өстөөх Марго барахсан соҕотохсуйбут саҥатын сүмэтигэр туймаарыйан, тимир ньиэрбэтин өҕүллүбэт кылларын сылаастык илгийэр иэйиинэн булгурутан… тугу да уһуну-киэҥи ырыыппалыыр кыаҕа суох, имэҥҥэ бас бэриммитэ, имигэс сип-синньигэс биили сэрэнэн имэрийбитэ, таалалыыр таҕылга, букатыннаахтык ылларбыттыы, бэлэм баҕайытык… бэринэн кэбиспитэ. Бу аата таҥнарыы диэн санаа кини төбөтүгэр ити түгэҥҥэ тоҕо эрэ охсуллан ааспатаҕа. Сыччах ыгыллыбыт хаанын эргиирин тиэтэтэ охсубутуттан эмискэ кылгаабыт тыынын дириҥник уһуутаан кэҥэппэхтии, тыҥатын муҥунан баҕа курдук салгыны эҕирийтэлии сатыы, туохха түбэспитин туһунан толкуйдуур туругуттан тахсан, талбаара таалбыта…

Аттыгар оргууй үөһэ тыынаталыыр Марго барахсан синньигэс тарбахтарынан Олег модун киппэ түөһүн тырыыҥкайдаан оонньуу сыппыта, сылаас таммах хараҕын уута эр киһи сыгынньах ойоҕоһун устун тыккыраабытын саҥардыы уоскуйан эрэр Олег тириитин таһынан биллэ быһыылааҕа…

– Олежка, мин Петябыттан атын кими да кытта… – диэн иһэн Маргоша сыҥсырыйан барбыта, уһун кыламаннарынан хараҕын сапсынаат, синим биир диэбиттии, ыга симэн чуумпуран, иһиллээмэхтии иһийбитэ.

– Саҥарба, Марго… ким да буруйа суох…

– Эн… Маринаны эмиэ таҥнардыҥ буолбаат? Мин буруйбунан, мин соҕотохсуйан өйбүн сүүйтэрбиппиттэн…

– Мдэ-э… кыһалҕа буолбакка, киһи ордук-хос кыһалҕаны бэйэтинэн булар дииллэрэ бу буоллаҕа…

– Кэмсинэҕин?

– Суох, Марго… ити туһунан ыйытыма… Маныаха биричиинэлэр бааллар… элбэхтэр…

Олег, саҥата-иҥэтэ суох хомунан тахсан барбыта. Ити ыһыах сарсыарда этэ. Дьон-сэргэ бары сыһыыга-хонууга сынньана бараары саҥардыы дьиэлэриттэн тахсан эрэллэрэ. Оттон Олег кураанах уораҕайыгар тиийэн, түннүктэрин сабыытын, сайыҥҥы күн уотуттан саспыттыы дуу, субу кэргэнин таҥнаран кэлбититтэн сааппыттыы дуу, сабыта биэрбитэ, саҥата суох сыттыгынан төбөтүн саптан балачча сыппыта. Сотору төлөпүөн тырылаабыта. Сэрэйбитэ, быһыыта, Марго этэ. Аны Марина буолаарай? Олег саараабыта эрээри, ыла сорумматаҕа…

Ити Олег олох олорбутун тухары аан бастакы аньыыга-хараҕа тиксиитэ, тырымныыр дьахтар, тыгыалас хаанынан оонньоон, тумнарар сыттаах уччутар угаайытыгар киириитэ этэ. Кэнники, өйүн-төйүн булан баран эргитэ санаатаҕына, быстах санаа диэҕи эмиэ да атын этэ. Барыта сөп-сөбүнэн, сыыйа-баайа итиниэхэ булгу тиийэрдии, эрдэттэн таҥыллан-оҥоһуллан да испитэ баара.

Икки өттүттэн кэтэсиһии, ити түгэни түргэтэтии баара курдук. Маннык айылаах үлүһүйүүнү, ойоҕостон көрө сылдьан, Петр Егорович да, Марина да, хайаан таба таайбатах муҥнарай?! Эбэтэр, таайдаллар даҕаны, көрбөтөҕө-билбэтэҕэ буоларга туох төрүөттээхтэрэ буолуой? Марго этэринэн, өскө Петр Егорович билбит да буоллаҕына, кинини дьахтар курдук таптаабатын быһыытынан, саатар эрэ диэҕин сөбүгэр дылы. Дуогабарынан, уопсай сөбүлэҥинэн олороллор быһыылаах буолбаат? Убай-балыс сыһыаҥҥа киирбит дьон хардарыта тулуйсан эрдэхтэрэ дуу?

Оттон Марина? Бука Олег кинини таҥнарбытын сөбүлүө суохтааҕа буолуо ээ… Ол эрээри кини, кэнники сылларга, кэргэн киһи кэлэригэр-барарыгар наадыйбатыттан сылыктаатахха, итиниэхэ биричиинэ буолуох курдук эмиэ туох эрэ баарга дылы… Дуу, бэйэтэ туһунан атын сиргэ олохтооҕо дуу?!

Итиниэхэ маарынныыр араас санаа эргийэ-урбайа, киирэ-тахса кини төбөтүгэр элэҥниириттэн илистэ быһыытыйбыт Олег, саҥа аллайбытынан, олоро биэрдэ:

– Тууй-сиэ! Арааска бары тиийэн… Үчүгэйим бэрт ээ. Бэйэм буруйдаах олорон, аны, Маринабын онно-манна күтүрээтэхпин көр… – диэн сэмэлэнэ оҕуста, туран чаанньыгын оргута уурда…

Эмиэ төлөпүөн тырылаата. Саарыы түһэн баран, Олег баран иһиттэ. Марина эбит.

– Олег, мин сарсыҥҥынан бүтэбин. Эн уоппускаҥ хайастай?

– Ээ, оттон бу, манан бүттүм да курдук… Өрөбүл кэнниттэн бирикээс тахсыа диэбиттэрэ…

– Оччоҕо… оччоҕо мин мантан оҕолорбун ыыталыам этэ. Эн бу эргин сынньана түспэккин дуо? Сайылыы тахсыахха хайдаҕый?

– Бэрт этэ, бэрт буолумуна, Марина! Итиччэтигэр мин хомунуом уонна күн сарсын тиийиим, хайдаҕый?

– Тыый, оттон наһаа бэрт буолсу! Кытаат, хомуна охсоор, таарыччы ыскааптан мин саһархай сарапааммын уктаар эрэ…

Кэргэнэ эрийбитин, туохтан эрэ быыһанар суола кэмниэ кэнэҕэс дьэ арыллыбытын курдук, истэ үөрдэ. Хайдах эрэ эрдийдэ, төбөтө дьэҥкэрдэ. Бу быыллаах-чааннаах куораттан, бу, эрэ-эмискэ ааҥнаабыт кыһалҕаттан, сип-сибилигин ыраата эрэ охсор санаа кинини бу сырыыга тиэтэттэ. «Айыкка, уоппускаламматах ыраатта, тыаҕа тахсыахха, көй салгыҥҥа, сүүрүктээх ууга… баран ыраастаныахха, сайҕаныахха, таарыччы өйү-санааны сааһыланыахха…» диэн киксэрэр кэриэтэ чабырҕайа кэйиэлээтэ, оломо оонньоото…

* * *

Татыйык сааскы сиэссийэтин эрдэ бүтэрэн, бэс ыйын саҥатыгар дойдутугар тиийэн кэлбитэ. Инньэ гынан, сүбэ быһыытынан, этиллибитин курдук оруобуна сиэссийэ бүтүүтэ, ыһыах саҕана, кыргыттара эксээмэннэрин бүтэрэн кэлиилэрэ диэн быһа холоон, сыа сиир сыбаайбаны сыа-сым курдук тутан тэрийэн кэбиспиттэрэ. Кэргэн тахсар кыыс мааны былаачыйатын, хоһун кыргыттарыныын куоракка сылдьан, мунньах бөҕөнөн, элбэхтэн талан ылбыттара. Атынын, ол фататын, бэрчээккитин уонна үүт маҥан түүппүлэтин Кириил ыаллыы дэриэбинэҕэ тахса сылдьан атыылаһан аҕалан бэлэхтээбитэ.

Саҥа ыал буолбут дьон Маппыайаптарга олохсуйбуттара. Тиит, эдэрдэргэ анаан, туспа дьиэни тутабын диэн сыбаайба ыалдьыттарыгар иһитиннэрэн соһуппута. Татыйык бииргэ үөрэнэр дьүөгэ кыргыттара, бука бары атын оройуон оҕолоро, сонун сиргэ астыктык сынньанан, сөҕөн-үөрэн дойдулаабыттара. Ол эмиэ саныахха олус үчүгэйэ, барыта этэҥҥэ, үөрүү-көтүү аргыстааҕа санаа хоту этэ.

Сыбаайбалаабыт Кириил күһүөрү анаан ылыахтаах уоппускатыгар, күтүөт аатырбыт бэлиэтигэр кынна оҕонньорго кинилэргэ тутуохтаах дьиэтин маһын охторсор санаалаах. Ити кэмҥэ Татыйык үөрэҕэр барыахтаах. Кинини Кириил итэҕэйэрэ сыттаҕа. Куорат эргин охсулуннаҕына таарыйыа буоллаҕа. Татыйык, хайы-үйэ төрдүс сылын туйгуннук үөрэнэр киһи, үөрэҕин быспата ордук буоллаҕа. Бүтүүтүн саҕана сабыс-саҥа дьиэ дьэндэйэ тутуллан тахсыа. Дьэ, оччоҕо, эдэрдэр ыал быһыытынан бииргэ олорон быр курдук буола түһүөхтээхтэр. Онуоха-маныаха диэри, онон, күтүөт Кириил соҕотох уол кэриэтэ Маппыайаптарга мааныланара чуолкай.

Оттон Саабынаба буолбут Татыйык күһүн, үөрэҕэр тиийээт, балыыһаламмыт сураҕа иһиллибитэ. Суох, ыалдьан буолбатах, кэргэннээх кыыс сиэринэн, көрдөрүнээри. Онтун түмүгүн сонно дьонугар биллэрэн соһутан турар. Аны саас кинилэр, Саввинов дуу, Саввинова дуу дэтэр кыраланалларын быраас бигэргэппит.

Кириил үөрүүтүттэн кини тэҥэ киһи суох үһү. Өлөөнчүк тугу да саҥарбат, сэмээр кэтиир эрэ, сүрэҕэр-быарыгар оҕото этэҥҥэ эрэ буоларын күүтэрэ биллэр. Тиит оҕонньор, эчикийэ түргэнин үлүгэрин диэн, алҕаска саҥа аллайан кэбиһэн, эмээхсиниттэн дьарыллыбыта эмиэ иһиллибитэ.

Оттон Татыйык, ыаллара Алаапыстаах Биэрэ, куолуларынан, хотоннорун айаҕар туран тугу куолулуулларын санаатыгар оҥорон көрөн мичээрдиир, саҥа таһааран күлэн да ылар. Биир тылынан, дэриэбинэ уу-нуурал олоҕун, бу үлүгэр кыстыкка киирэр айдаан үгэнигэр Саабынаптар диэн саҥа ыал оҕо күүтэллэрин туһунан сурахтара, бука, кыратык сэргэхсиппит буолуохтаах. Бүттүүн, кыараҕас сир бары дьоно-сэргэтэ манна булгу сыһыаннаахтарын, кыттыгастаахтарын курдук кэлиэхтээх кыра киһи төрөөһүнэ, туһугар, улахан эппиэтинэс буолаары гыммытын Татыйык өйдөөн, иһигэр кистээн үөрбүтэ. Букатын баара биллибэккэ, ханна эрэ ийэ киэлитигэр көстүбэттии, саһа-иҥэ сытар кырачаан киһитигэр туһаайан мичээрдээбитэ уонна сэрэнэн-сэрэнэн иһин түгэҕин имэриммитэ. Кириил төһө эрэ үөрдэ, сибилигин манна, кэргэнин аттыгар, баара буоллар, туох диэн күллэртиэ биллибэтэ.

– Чыычаах курдук киһичээн, биһиги иккиэн үөрэниэхтээхпит. Булгуччу, олус үчүгэйдик уонна… эрдэттэн эрдэ бүтэн иһэрбит буоллар… – диэн төрүүр кэмин суоттаан, Татыйык тута онуоха диэри туолуохтаах былааннарын оҥостубутунан барбыта…

* * *

Олег хаһан да Маринатын кытта маннык наһаа тапсан, тыл быһаҕаһыттан тута өйдөһөн, тугу да гынар түбүктэрэ суох, астыктык сынньаммытын өтөрүнэн өйдөөбөт. Наар үлэтин, ол иннигэр үөрэҕин айдаанынан сиэттэрбит буолан, күн сиригэр онтон ордук уоппуска, сынньалаҥ диэн баарын ситэ өйдөөбөккө сылдьыбыт эбит. Тоҕо эрэ баччааҥҥа диэри уоппускаҕа кытта үлэлээтэххэ туох эмэ ситиһиллэр диэнинэн салайтарбыт.

Оттон быйыл сайын, ханнык да уоппускатааҕар уратыта диэн, чугастааҕы тыаҕа сайылаабыттара буолар. Чахчы сайылаатылар. Аймахтара сайылыкка буоланнар, дьээбэҕэ буолуо ини, кинилэри туһунан дьиэлээбиттэрэ, титииги кытта, арааран биэрэн, туспа сүөһүлээбиттэрэ. Онон, Тылгыынаптар титииктэрэ диэн ааттанан икки ньирэйдээх икки ынаҕы сай устата ыан, үүтүн-сүөгэйин бэйэлэрэ астаан-үөллээн, урут хаһан да дьарыктамматахтарынан дьарыктанан, бэйэлэрэ да астына соһуйдулар, биллэ сэргэхсийдилэр.

Олег бэртээхэй бостуук, киэһэ-сарсыарда сорук оҥостон сүөһүлэрин үүртэлиир-аҕалталыыр. Инньэ гынан аттынааҕы учаастактары, сир аатын-бэлиэтин барытын ааҕа биллэ. Ону сэргэ өр гыммат, ыамҥа кэлбит ынахтары көрүөх бэтэрээ өттүгэр этэртиир. Бэлэм эмиийи тардыалаан, быыгыначчы үүтү ыаччы – Марина. Сэппэрээтэри эрийээччи – Олег. Былыргы ыарахан баҕайы тутаахтаах эрээри, дьэ, астыырын оҕоккотун көрүөҥ этэ. Сэниэлээх киһи эрийэн дыыгынаттар эрэ, өлгөм илгэ икки салаа сарадаҕынан иһиттэрин толорбутунан барар. Ыам быыһыгар аттынааҕы солооһуҥҥа тахсан дьэдьэннииллэр. Быйылгы курааҥҥа умайан да хааллар, син, көрдөөтөххө, кыраны булуохха сөп эбит. Онтуларын үгэххэ уган куоракка киирэллэригэр хаһаана сыталлар. Сотору кыһыл хаптаҕас буһан, көҥүс кытыытыгар хойуутук үүммүт бөлкөйдөрү биир да суох гына үргээтилэр. Ыраата барбакка, дьиэ таһыттан битэмиин бөҕөтүн хоторбут дьон үөрүүлэрэ кэмнээх буолуо дуо?

– Мантан күһүөрү сугун, моонньоҕон ситиэ, отон да баар буолуо. Оҕолор, эһиги сир астаан баран бараа инигит? – барыларыттан аҕа саастаах Балбаара эмээхсин ыйытар.

– Балбаара, баар-суох учуонайбытын эмиэ тоҕо оҕо диэтиҥ? Сотору, ачыкытын тааһа өссө арыый халыҥаатаҕына, оҕонньор буолуо дии? – дьээбэлээн, ыанньыксыттар күлэллэр.

– Ээ, туох хаппыт да диэҥ! Эдэрдэр буолбат дуо? Миэхэ холоотоххо, барыгыт да бэҕэһээҥҥи бэдинээскилэр! – Балбаара иннин биэрбэт.

– Уоппуска быйыл уһун-уһун, толору манна сынньанабыт, эбээ, – Марина быһаарар. – Сир астыыр сыл аайы кыаллыбат, быйыл баҕас, саатар хааман дьаарбайа таарыйа, кэрийбэхтиир инибит.

Олег онуоха сөбүлэһэр. Чахчы маннык сынньалаҥ барыттан бары аралдьытара дьикти. Бу санаатахха, устудьуоннарга чуҥкук соҕустук тиийэр лиэксийэлэри ааҕан кэҕийбиттээҕэр, сороҕор баҕас, саманнык, эт-хаан илистэрин курдук күүскэ үлэлээбит киһи баар ини. Куорат киһитэ курсуйар диэн маны этэн эрдэхтэрэ: билбитиҥ эрэ – дьиэҥ, тиийбитиҥ эрэ – үлэҥ, айаннаабытыҥ эрэ – оптуобус, кэпсэппитиҥ эрэ – устудьуон. Ол иһин, ол-бу араас буолан, оо, кэбис, буолар да эбит…

Олег ыһыахтааҕы түүнүн, дөрүн-дөрүн, санаан кэлэн кэмсиннэр да, хайыай? Буолбут буоллаҕа… Ол иһин Маринатын сатыырынан маанылыыр, сынньата түһээри барытыгар инники түһэ сатыыр…

Оттон Марина кэргэнин ити болҕомтотун кинилэр оҕо эрдэхтэриттэн тапталларын иэйиитэ өссө да сөҕүрүйбэтэҕэр балыйар. Мааныланан таалалыыр, сылаас сыһыаҥҥа астына сөтүөлүүр, туохха эмэ уорбалыыр-күтүрүүр туруктан туура ыраах…

* * *

Марго Петюнчига Алма-Ататтан кэлбитэ хас да нэдиэлэ буолла. Эдэр үөлээннээҕэ уоппускатыгар тыалаан хаалан, кини Маргота соҕотоҕун даачатыгар тахсан олорбут. Син мээнэ дьаһаммыт. Арай, сибэккилэригэр уутун кутарын сылааргыыр буолан, Петр Егорович кэлиэҕиттэн бэйэтэ, лиэйкэтин туппутунан, от-мас быыһынан элэгэлдьийэр.

– Петюнчик, оттон арай… оҕо ииттэ ыллахпытына?

– Эмиэ солуута суох буолла… Марго, түксү, хаһан, эн уонна мин ханнык эрэ быыкаа оҕону улаатыннарабыт?! Оннооҕор устудьуоннар тугу да өйдөөбөттөр. Оттон кыра оҕону… боже упаси! Ытыаҕа, ыалдьыаҕа, түүн көрүөххэ, күнүс олоруохха… Оччоҕо хайдах үлэлиибин?

– Мин бэйэм көрүөм дии…

– Бэйэҥ хантан кыайыаххыный, Марго? Ыалдьабын диигин буолбат дуо?

– Оттон арай… бэйэбит оҕолоннохпутуна? Петюнчик?!

– Марго! Хватит, бүттэхпит ол дии… Бэйэ оҕото эбэһээт сиэртибэни эрэйэр… Ол эбэтэр, оҕо дуу, карьера дуу, иккиттэн биирэ буолар. Хайдах да иккиэн тэҥҥэ дьүөрэлэспэттэр!

– Оттон… кими эмэ соруһан, ньээньэ эҥин буллахха?

– Оннук ээ! Ньээньэҥ оҕолообута эн оҕоҥ буолуо үһүө? Уопсайынан, Марго, биһиги сааһырдыбыт… Баҕар урукку сырыыга табыллыбыта буоллар, өссө син даҕаны этэ. Оттон билигин, сааспыт барда, мин кырыйдым, эн эмиэ… сотору сааһырыаҥ. Уопсайынан, мин эйиэхэ, өйдөөх дьахтарга, өрүү этэбин буолбат дуо: эн биһикки ааттарбыт өлбөт үйэлээх кинигэлэрбитигэр эрэ хаалыахтара! Ыраатыма, уһаама-кэҥээмэ! Суруй, тоойуом, саҕалаа эн кинигэтэ! Ол буолуо, эн, кумааҕы баарын тухары, ол аата киһи аймах эстибэтин тухары, өлбөт тыыннаах – аатыҥ-суолуҥ…

– Ким билэр…

– Марго, Маргоша, эйигин ааҕыахтара, олус ааҕыахтара! Оннооҕор мин сэҥээрбитим буолбаат?!

– Петя! Петюнчик! Мин олохпун дьоҥҥо ууран биэрэн кэпсиэхпин баҕарбаппын!

– «Мораль» диэн баар, сэгэриэм! «Мораль» эйигин көмүскүө, ыраастыа, тиһэҕэр тиийэн, итэҕэтиэ, чэпчиэҥ!

– Суох, Петюнчик, мин билбиппин эн наукаҥ ырыппыта да сөп. Түксү. Син биир, этинэн-хаанынан тус бэйэ билбитин суруйуу уратылаах, дьон ортотугар сааппакка, күүскүнэн сыгынньахтаныы кэриэтэ, сэрэйиллэр дьыала. Мин оннук үйэтийиэхпин баҕарбаппын…

– Сэгээр, оттон бэйэҥ ааккынан буолбакка…

– Петя! Өйдөөх киһи эрээригин, эн миигин үйэ-саас тухары сиилээһиҥҥэ, күлүү-элэк оҥостуутугар ууран биэрээри, онон ааппын ааттатаары соруһаҕын дуо? Оччоҕуна быыһаан ылбытыҥ, манна аҕалбытыҥ ол эрэ туһуттан дуо?! Миигин билэҕин, суруйдахпына кырдьыктан туораабаппын, атыннык сатаабаппын син сэрэйэн эрдэҕиҥ! Тоҕо аһыммаккыный, эн? – Марго куолаһа уохтаммыта, устунан титирэстээбитэ.

Петр Егорович, дьэ, өйдөммүттүү, түргэн үлүгэрдик сүүрэн тиийэн кэргэнин кууһан ылбыта, кыра оҕолуу төбөтүттэн имэрийбитэ уонна кулгааҕар сибигинэйбитэ:

– Суох-суох, уоскуй, тоойуом… Акаары учуонайгын баалаама дуу? Суруйума-суруйума… Букатын ханна да быктарыма, мин эрэ билиэм, онтубун бэйэбин кытта илдьэ барыам. Истэҕин, Маргоша, икки атахтаах миигиттэн истиэ диэн саараама даҕаны, сөп?

– Сөп, Петенька, эн эппитиҥ курдук буоллун… Биһиэхэ ким да, туох да наадата суох…

* * *

Олег Дмитриевич Маринатыныын атырдьах ыйын бүтүүтэ эрэ куоракка кэлбиттэрэ. Дьиэни-уоту сууйан-тараан бүтээт, Марина оскуолатыгар үлэлии ойбута. Оттон Олег Дмитриевич күһүҥҥүлээх уонна атын сиртэн көһөн кэлбит устудьуоннарга эбии көмөҕө туруорбуттарын быһыытынан, эмиэ оргууй үлэтигэр тахсыбыта.

Күн солото суох үлэ-үөрэх сылын кэрдиис кэмэ саҕаланнаҕа ити. Күннээҕи түбүктэн ордуу суох. Тылгыынаптар эмиэ урукку хааларыгар киирэн киэһэ эрэ чэйгэ дьүүллээн көрсүһэр аакка бардылар. Ону даҕаны Марина ыксыыра сүрдээх, сарсыҥҥы уруогар булгу тугу эмэ эбии булан, сонун соҕустук ыытар баҕалаах буолан, хаһыаты-сурунаалы хасыһара үксэ бөҕөтө.

Олег тэлэбиисэрин көрөрө эмиэ аччаата. Сотору, солбукка диэн, эбии лиэксийэҕэ туруораннар, күн солото суох барда. Бүгүн Петр Егорович дьиэтигэр ыҥырбытыгар барбата. Марина, кулгааҕын уһугунан ону истэн, дьиибэргээтэ.

– Олег, Петр Егоровичка иккис сырыыгын аккаастаатыҥ дии, тоҕо?

– Ээй, бокуойум суох, доҕор. Саҥа бөлөххө лиэксийэ диэтилэр. Петр Егоровичка бардахпына, бу киэһэм быраһаай буоллаҕа дии…

Итинник, сиирэ-халты аһарынан абыранна. Тоҕо эрэ аны Муннуураптары тумнар санаалаах. Сүрүкэйэ да бэрдин өйдүүр, аккаастыырга табыгаһа суоҕун эмиэ. Ол да буоллар, хайыыр да кыах суох. Марго… мантан инньэ тохтуохтаах. Оттон, тиийэ турар буоллахха, ити быһыы өссө дириҥиир кутталлаах…

* * *

Татыйык ыараханын, билиҥҥитэ, үөрэнэр сиригэр, кыргыттара эҥин билбэттэр. Кыыс көҥөс, этэр да санаата суох. Саҥа дьыл эргин, иһэ биллэ улааттаҕына эрэ, билинэр санаалаах.

Ааспыкка, алтынньы бүтүүтүгэр Кириил кэлэн барбыта. Онно барыларын холбуу тутан, «Север» эрэстэрээҥҥэ илдьибитигэр кыргыттара үөрэн бөҕөлөр. Кириил хаста да кистэлэҥнэрин онно этээри гыммытын Татыйык тохтоппута, сатамматын өйдөппүтэ. Уол ону утарбатаҕа.