скачать книгу бесплатно
Маппыайаптар мааны кыыстара Татыйык түүн таһаҕас тиэйэр массыынаҕа олорсон кэлбитэ. Тиэтэл үлүгэринэн чэйдии охсоот сытар аакка барбыттара. Онон Өлөөнчүк сарсыарда хотонугар муҥутуур эрдэ тахсан барытын бары дьаһайа охсубута. Оҕонньоро Тиит сылгыларын аһатан баран, күүтэ таарыйа, кыбыытын харбыы сырыттаҕына, нөҥүө далтан субу эрэ хотонугар ааһан иһэр Алаапыс ыһыытаан ыҥырбыта.
– Хайа, Тиит, Татыйыккыт кэллэ дуу, суох дуу? Хаайтарда дуо?
– Һэс-суох, доҕор, кэлэн. Бөөлүүн кэлбитэ.
– Ээ, хаайтардаҕа дуу диибин ээ. Оттон Боппуоктар уоллара икки, Мотуруос кыыһа икки, кэлбиттэрэ икки хонно.
– Ээ, олоруҥ, сөмөлүөттэннэхтэрэ дии, дьонноох дьон.
– Оннук хаппыт эбит дуу. Хайа, оҕо төһө бэркэ үөрэммитий?
– Бэрт-бэрт, түөрт да биэс диэн буолла. Эн, Алаапыс, бу үйэҕэ оҕо үөрэҕэр кыһамматах бэйэккэҥ, тоҕо сурастыҥ? – Тиит мууһура сыспыт дьоҕус бытыгын аннынан бэрт дьээбэлээхтик мүчүк гынна.
– Хата хайдах буоллуҥ? Тилэри тиэргэннээх олорон, ама, ыалларым оҕолорун сураспытым буруй буоллаҕай? – дьахтар, өһүргэнэ сыста эрээри, син туттунна.
Ити Тиит, аҕыйах саҥалаах эрээри, эттэҕинэ төрдүттэн тоҕу түөрээччи. Онон киэһэ-сарсыарда эн-мин дэсиһэр дьон эйэлэрин араарбатахтарына сатанар. Алаапыс да аньыыта-харата чугаһынан биллэрэ оччо буоллаҕа-а. Кэргэнэ өлбүтүн кэнниттэн киһиэхэ барытыгар сыҥаланан, Тиити кытта «өҥөҥнүүр» сурахтааҕа да, кэпсэл омуна ини. «Аҥаардас хаалбыты дьон атаҕастаан да араастык саҥарыахтара, эн онно тугуҥ дьыалатай», – диэн Өлөөнчүгүн биирдэ эрэ буойбута. Тыл-өс түргэнник тарҕаммытын курдук сотору уостубута. Кырдьык эрэ, сымыйа эрэ, Алаапыс икки уоллааҕын, соҕотоҕун кыайыа суоҕун билэн, аймахтара куоракка үөрэттэрэбит диэн ылбыттарын аньыыта, оҕолор онтон ыла биллибэттэр. Сураҕа, биирэ Москубаҕа, биирэ эмиэ ханнык эрэ куоракка үөрэнэллэр үһү диэн. Алаапыстан, ким эрэ аһынан, ким эрэ сүрүргээн, ыйыппаттар эбит этэ. Ол иһин, бу да сырыыга дьахтар, ааранан, бэйэтэ дьаарханна быһыылаах, төттөрү хардары ыйытыыттан толлон, туора ойдо, солуурдарын харбаат, хаарын баһына ыстанна…
– Тоойуом, чэ, тур, чэйдиэхпит, – таһыттан ынаҕын аһылыгын иһитин таҥкынаппытынан киирбит Өлөөнчүк кыыһын уһугуннарда.
Татыйык, кэмниэ кэнэҕэс дьиэтигэр кэлбитин итэҕэйбэккэ, сылаас оронугар сытан үөһэ-аллара тыыллаҥнаата, массыынаҕа сахсыллыбытын аахсыбакка, дуоһуйа утуйбутуттан үөрэн ойон турда. Ийэ-аҕа үөрүүтэ үксээтэ. Тугунан да маанылыахтарын билбэт дьонноро, биирдэрэ биир өттүттэн, иккиһэ иккис өттүттэн астарын-үөллэрин сыҥалыы олордулар. Онтон аһара астаран кыыс эмиэ да күллэ:
– Ийээ, эн наар минньигэс өттүн сиэтэ сатыыр эбиккин: сарсыардааҥҥы күөрчэх, дьэдьэннээх тоҥ күөрчэх, барыанньа, бискибиит… Оттон аҕабын көрүүй: бэрэскитэ сиэ, эттэ сиэ, бу тууһаммыт сыа баар, бу хаан, бу ыһаары собо диир. Барытын хайдах биирдэ олорон туруомуй? – кыыстара кычыгырыыр.
Бука бары да ахтыспыттарын таһааран, арааһы кэпсэтэ-кэпсэтэ, хаһааҥҥытааҕар да өр олорон чэйдээтилэр. Уһун өрөбүллээх кыыс тугу гыныаҕын былааннаатылар, барар-кэлэр саҕана буолбакка, бу сырыыга көлөнү эрдэттэн сураһан булунарга болдьостулар.
Инньэ гынан, аҕата этэринии, «хоньокууллаах хотоку» соччо-бачча кулуубунан, киинэнэн үлүһүйэ барбата, наар сынньанна. Ол быыһыгар дьиэтин үрдүн кылбаччы сууйда. Түннүк сабыыларын турута тыытан ылан уларыттылар. Били ааспыт кыһын аҕата киниэхэ анаан быспыт аан дьиэтин көтүрү тардан ылан эркинин оппуохалаатылар, ордугар обуойу сыһыаран дьиэлэрин кэҥэттилэр. Өлөөнчүк кыыһыгар кыһыл саһыл тириититтэн сабыс-саҥа бэргэһэни тиктэ, онно дьүөрэлээн киин лааппыттан кытархайдыҥы саарпыгы атыыластылар.
Киэһэ утуйуох иннинэ Татыйыкка бииргэ үөрэммит кыргыттара төлөпүөннүүллэр.
– Ээйиис, кыыспыт былыттаах халлааҥҥа быкпат буолан кэлбиккин дуу? – диэн дьээбэлииллэр.
Ол эрээри Татыйык, дьонун ахтылҕаннарын ханнаран, дьиэтигэр олоруох буолбут былаанын ыспат, кыргыттара да кыыс быһаарыныытын ылыннылар. Онон, хайыахтарай, сонуннарын суһал үлүгэрдик төлөпүөҥҥэ эрэ сибигинэйэллэр.
– Татыйык, Кириил киэһэ аайы таансыга баар ээ, кими эрэ көрдүүр курдук, сааланы кэрийэ көрөөт, тахсан барар. Уонна кэлбэт. Арааската… эйигин суохтуур быһыылаах дуу, – диэн бэйэлэрэ да мунаараллар.
Татыйык саҥарбат. Хомойбута оччо эрээри, кырдьыга баара, эмиэ да наһаа кэлэйбит курдук буолбатах. Кэнники холкуйа быһыытыйан баран санаатаҕына… баҕар, уол кинини төһө чэпчэкитин эҥин билээри албастанан гыммыта буолаарай? Эбэтэр… суос-соруйан, үтэн-анньан көрөрө дуу? Ким билиэ баарай, били түбэлтэ кэнниттэн кинилэр билсибэтэхтэрэ да, көрсүбэтэхтэрэ да…
Сайыны быһа Кириил Татыйыкка суруйбут буоллаҕына, быйыл кыһын биирдэ да, тугу да биллэрбэтэ. Кыыс, сэмээр күүппүтэ даҕаны, мэлигир. Үөрэх кытаанах, мээнэ аралдьыйары сөбүлүө суох курдук. Татыйык күннээҕи түбүктэн ордубат буола сатаан, аһын-таҥаһын быһаарынаат, бибилэтиэкэттэн ордубата… Көстөн иһиэ дии? Ол оннугар үөрэҕэр бэркэ ситистэҕэ. Билигин да тиийэн өссө күүскэ дьарыктаныан саныыр. Дьиҥэр сөбүлүүр бөҕө үөрэҕэ эрээри, араас элбэх сатаан өйдөөбөт да предметтэрэ үгүһэ кыайар. Хайаан барыта кини санаатын хоту буолуой, ол иһин аҥаар кырыытыттан, сирэ-тала сатаабакка, Татыйык дьиҥнээхтик үөрэнэ сатыыр, ис сүрэҕиттэн кыһаллар…
* * *
– Билсиһэн кэбиһиҥ, Марина Петровна, Олег Дмитриевич Тылгыынаптар. Эдэр үлэһиттэр, биирэ – учуутал, иккиһэ – учуонай. Хайа, маамата, хайдах курдук мин маннык астык доҕоттордоох эбиппиний? – куораттыы тартаран саҥарбыт-иҥэрбит үскэл киһи үөрдэ-көттө, тараҕай буолаары гыммыт оройун ытыһынан имэрийэ түһээт, кэтэҕин тарбанна.
Бу Олег бииргэ үлэлиир үөлээннээҕэ Петр Егорович Муннуурап диэн улахан учуонай. Кини төрөөбүт күнүгэр ыҥырыллан ыалдьыттыы кэллилэр. «Маамата» диэбит дьахтара эдэрэ бөҕөккөтө, синньигэһэ биир оннук. Ыксары олорбут кыараҕас ырбаахыта кини ураты хатыҥыр бэйэтин эбии харахха быраҕылыннарар. Олег, итини көрөн, иһигэр олус сөхтө, кини Марината олус чараас, намчы киһи. Оттон бу, сааһын букатын туора киһи сатаан таайыа суох дьахтара, сиэрэ суох хатыҥыр, бүтүннүү уҥуоҕу кытта тириитэ эрэ буолуох айылаах. Ол иһин төбөтө, саатар бүрүчүөскэтэ итинник буоллаҕа ини, саллайан, улахан баҕайы буолан көстөр. Хайдах да гынан, толуу баҕайы Петр Егоровичка дьүөрэтэ суох. Итинник санаатыттан Олег бэйэтэ да соһуйда. «Хаһааҥҥыттан дьахталлары сыныйан, ырыта көрбүт муҥмунуй», – диэн иһигэр кыбыста быһыытыйда, кытарда да быһыылаах. Онтун биллэримээри:
– Баһаалыста, хаһаайкаҕа, эйиэхэ кэмпиэт уонна… бу остуолга анаан ыыһаммыт эти кытта ханньаах, – диэтэ, маны барытын кыайан тутара дуу диэхтии, дьахтар илиитигэр толору ууран биэрдэ.
Кырдьык, онуоха анарааҥҥыта, кини эрэ санаатыгар эбитэ дуу, мэктиэтигэр иҥнэх гына сыста:
– Тыый, тугун өлгөмөй, махталы кытта! Баһаалыста ааһыҥ, күндү ыалдьыттар, – диэтэ, сиэр быһыытынан хардарда уонна кэһиитин нэһиилэ кууһан куукунатын диэки барда.
Марина Олега дьиэлээх дьахтары дьикти баҕайытык чинчийэ көрбүтүн сыыска түһэрбэтэ. Кини, эриттэн ураты, ис санаата таайарынан, «маамата» ыалдьар быһыылааҕын тута сэрэйдэ. Ол эрээри онтун тоҕо кистии сатаабакка, дьон хараҕар «ууран» биэрэ сылдьарын соччо сөбүлүү сыаналаабата. Дьон араас буоллаҕа, улахан учуонай маанылаах кэргэнин өйө-санаата да атын ини диэн элэҥнэтэ санаат, Марина ити туһунан тута умунна, атын ыалдьыттарга аралдьыйда…
Бырааһынньык киэһэтэ бэрт көрдөөхтүк ааһар чинчилээх. Уһаан остуолга олорботулар, үксүн хас эмэ хостоох дьиэҕэ хаама сылдьан сэлэһии, тугу эрэ булан мөккүһүү, оонньоһуу-хаадьылаһыы оргуйан олордо. Маринаҕа сааһыра барбыт ырыган киһи тугу эрэ маарыыттан кэпсиир да кэпсиир. Арааһа көрүдьүөс бөҕө быһыылаах. Сампааннаах бакаалын туппутунан, дэҥ-дуҥ сиэр быһыытынан сыпсырыйан кэбиһэ-кэбиһэ, Марина ол кэпсэли сэҥээрэр курдук. Кини испэтин Олега билэр. Оттон ол киһи, кини быыкаатык да сыпсырыйдар эрэ, элээрэн барар да, бытыылканы остуолтан ойутан аҕалар, дьахтар бакаалын толорон биэрэ сатыыр. Итини Олег иһигэр сөбүлээбэтэ: «Туох да сиэри билиммэт киһи баар эбит дуу… Марина да тоҕо тохтоппот, сэмэлээбэт бэйэккэтэй…» диэн иккиэннэрин сэмэлии саныыр.
– Олег Дмитриевич, баһаалыста миэхэ көмөлөһүөҥ буолаарай, – оргууй сибигинэйэн «маамата» кэлэн көрдөстө.
Кинилэр куукунаҕа аастылар.
– Петр Егорович аска-үөлгэ сыстаҕаһа суох ээ. Мин… олус сылайдым. Онон, ити ыыһаммыт эппитин эбии кырбаабыт киһи дуу диэммин эйигин көрдөһөөрү ыҥырдым, – диэтэ кини уонна сып-сырдыктык мичээрдээн кэбистэ.
– Биллэн турар, Маргарита Алексеевна, сип-сибилигин, – диэт, Олег бинсээгин уста биэрдэ, ырбаахытын бэлэнньиктэрин сүөрэ охсон ньыппарыммытынан барда.
– Можно просто Марго… – дьахтар эмиэ мичээрдээтэ. – Миигин бука бары итинник ааттыыллар, киһи соһуйара суох, – диэтэ.
– Сөп, Марго. Эппитин мин бысталыам эрээри… ханна уурабытый?
– Эппитин… бу манна, – дии-дии, сип-синньигэс, хап-хачаайы Марго, ыскаабын үөһээ өттүгэр тиийэ сатаан, көтөр оҕотунуу даллаҥнаата да, тиийбэтэ. – Олег… Дмитриевич, итиннэ, үөһэ… селедочница баара, ылан кулу эрэ, – диэтэ.
Олег ыскаап үөһээ өттүн арыйбыта иһит-хомуос толору. Ол быыһыттан ньолбуһах быһыылаах, ортотугар сордоҥ ойуулаах дьоҕус тэриэлкэни сулбу тардан таһаарда.
– Сити-сити… маладьыас баҕайыгын дии. Мин Петюнчикпар эттэххэ, сэттэ да наука учуонайа буоллар, букатын булуо суоҕа этэ! – Марго күлбүтэ, аны, лыҥкынаан иһилиннэ.
– Тоҕо… «сэттэний» науката? – мунаарбытын дьайҕардаары Олег ыйытта.
– Һы-мм-м, оттон, Петюнчик бэйэтин тыла ээ, кини төбөтө сэттэ да науканы батарар кыахтаах…
– Ээ! Инньэ диэ! Оннук да буолуо ээ! Петр Егорович олус талааннаах учуонай, чахчы да кини кыайбата диэн суох буолуохтаах, – Олег, туох туһунан этиллибити, дьэ, долоҕойугар тириэрдэн, дьахтар тугу диирин, син өйдөөтө.
– Баар… баар буолбакка? Кылаабынай науканы кини… баһылыыр кыаҕа суох… – Марго харахтара күлүктэннилэр.
Ити икки ардыгар Олег этин сип-синньигэс гына бысталаата, балыкка да ананнар, синньигэс ньолбуһах быһыылааҕын аанньа, хаһаайка ыйбыт тэриэлкэтигэр кэчигирэччи тэлгэттэ.
– Ол ханнык науканый? – илиитин сууна туран кини хардары ыйытта.
– Дьахтары сатаан дьоллуур наука баарын биир да эр киһи билбэ-эт, билэ да сатаабат! Киниэхэ таптыыр науката баар буолла да бүттэҕэ о-ол… – диэт, үрдүк хобулугар холкутук дугунан, тоҕо эрэ бу сырыыга сымса баҕайытык туттан, куукунатыттан тахсан барда.
Баччааҥҥа диэри сэниэтэ суоҕунан унаарыччы кө-рөн, нэһиилэ сибигинэйэ былаастаан саҥарар курдук Марго эмискэ уларыйбытыттан соһуйан Олег, инчэҕэй илиитин куурдаары соттор булбакка, кыраанын таһыгар туран хаалла…
Ити билсиһии бастакы киэһэтэ этэ. Мантан ыла Петр Егорович бырааһынньык аайы уонна олоҕор туох эмиэ бэлиэ түгэн таҕыстар эрэ кинилэри дьиэтигэр ыҥыртыыр буолбута. Ардыгар Олегы бэйэтин эрэ, сороҕор, сөптөөх соҕус түгэҥҥэ диэн сөбүлэстэҕинэ, Марина да кэлсээччи. Ол эрээри учуутал киһиэхэ чуҥкук соҕус кэпсэтиилээх итинник түмсүүлэри кэнникинэн кини сэҥээрбэт-сөбүлээбэт буолан үксүн аккаастанар. Оттон Олег барбата сатаммата, Петр Егоровичтыын кини олус сылаас сыһыаннамматаллар да, бу дьиэ тугунан эрэ кинини угуйар буолан барбыта…
Ол төрүөтэ, арааһа, Марго быһыылааҕа. Олег, хас кэллэҕин аайы, бу боростуой курдук эрээри, ыарыһах уонна олус элбэҕи бэрсиэх айылаах билиилээх дьахтарга убанан испитэ. Туга ыалдьара биллибэт Марго, ардыгар санаарҕабыл саарыстыбатыттан тахсыа суох курдук саппаҕыран көрсөрө. Сороҕор, сууламмыт саал былаатын быыһыттан күн сардаҥата чаҕылыс гыммытыныы, күлүм аллайан көрсөрө.
Итини барытын Олег соһуйа кэтиирэ. Арай Петр Егорович наадыйбата, этиэхтээҕин-кэпсиэхтээҕин ыһа-тоҕо суһаллык дакылааттыы охсоот, кэбиниэтигэр киирэн кирийэн хаалара. Итини Олег эмиэ сатаан өйдөөбөтө, онтуката баара, Петр Егорович ыкса киэһэттэн түүн хойукка диэри, туран көрбөккө, үлэлиир кэмэ эбит. Ол иһин аата-ахсаана биллибэт дакылааттара, монографиялара сурунаалга да, анал литератураҕа да, быыстала суох тиһиллэн истэхтэрэ.
– Петюнчик – фанат. Кинини туох да долгуппат. Кини мин доруобуйабын да улахаҥҥа уурбат буолбатах, таах, тириэрдэн өйдүү илик ээ, – санньыар кууспут Маргота, төрүт да кэргэнин буруйдуур санаата суох, оргууй сыыйан сонньуйар.
– Оттон этиэххин?
– Этиэххин?! Ха-ха! Петя сэттэ наукатын ахсааныгар доруобуйа харыстабыла киирбэт! Ол иһин кини ону өйдүүр кыаҕа суох…
– Марго, эн… эмтэниэххин? Дьоҥҥор этиэххин? Тугуҥ ыалдьарый?
– Һы! Тугум да ыалдьыбат… Дьоммор? Мин дьонум суох. Истиэххин тиэтэйдэххинэ, мин… саха да буолбатахпын.
– Ээ? Эс, ама хайаан…
Марго эмиэ лыҥкыначчы күлэр.
– Уопсайынан маннык, Олег. Эн миэхэ тылгын аҕал. Көмөлөһүөм диэн эрэннэрэҕин? Оччоҕо мин кимиэхэ да маарыннаабат уонна кимиэхэ да быктарбатах остуоруйабын эйиэхэ эрэ анаан кэпсиим…
Кырдьык, мин саха буолбатахпын. Омукпунан, кумааҕыга суруллубутунан, казахпын. Дьиҥэр, ол да саарбах ээ. Биир тылынан, азиат оҕотун булан аҕалан детдомҥа туттарбыттар. Ийэм да, аҕам да кимнээхтэрэ төрүкү биллибэтэҕэ, көрдүүргэ да уустук, хантан тугу булуоххунуй? Онон мин Алма-Атаҕа улааппытым. Оҕо дьиэтэ араастаах. Үчүгэй да баар, соччото да суох. Ол эрээри ону ырыппаппын.
Мин детдом кэнниттэн иис үөрэҕэр үөрэнэ киирбитим. Орто идэлэнэн, үлэһит буолбутум. Дьиҥэр, ити детдоммут училищены кытта дуогабарынан ылбыттара. Мин учуутал эбэтэр быраас буолуохпун баҕарарым. Үөрэхпэр куһаҕана суох этим да, ол хаһан да бастакы миэстэҕэ турбатаҕа. Детдомнар бука барыларын дьылҕата биир кырапаанан кумааҕыга ыйыллыбыт этэ: кыргыттар иискэ, аска сыстыахтаахтара, уолаттар ол-бу тутааччы, силиэсэр, собуот оробуочайа эҥин…
Итинник, кыһамньылаах судаарыстыба аатыттан, сокуон быһаарбытынан дьылҕаланан, үлэлэнэн, тулаайаҕым иһин биэрбит саарбах соҕус хааччыллыылаах уопсайдарыгар олорон, үлэлээн испитим. Онтон, өлүөх быатыгар, эдэр саас романтикатыгар оҕустаран таптаабытым, узбек уолунуун холбоһоору гыммыппытын кини кыахтаах, төрүттээх-уустаах дьоно туорайдаспыттара.
Салгыы… табыллыбатах таптал, ытааһын-соҥооһун, бэйэҕэ тиийинэ сатааһын, онтон сылтаан арыгы, үлэттэн барыы, түбэһиэх доҕоттору кытта итэҕэйсии, дьүөгэлэр таҥнарыылара… Быһата, дьэбэрэҕэ түһүү, атыыланыы, аһыыр туһуттан быстахха, кимиэхэ баҕарар сөбүлэнии, бэйэни сэнэнии, саамай ынырыга, эдэркээн сааска инники олоххо туох баар эрэли барытын сүтэрии…
Ити кэмҥэ эдэр учуонай буолаары сылдьар уол оҕото Петя түбэһэ түһэр. Хайдах диэ. Кини «социологическай опрос» диэнигэр милииссийэни, гостиницалары кытта биллибэтинэн син биир баар бордель-притон курдуктары кэрийтэлиир, чинчийэр түбүктээх. Науката ирдиир буоллаҕа эбээт. Биһигини, ол аата түүҥҥү лыаҕы санатар дьэбэрэ дьарыктаах кыргыттары кытта бүппэт бэсиэдэлэрэ, ырытыһыылара саҕаланар. Кырдьыга даҕаны, ким онуоха сөп диэн сөбүлэниэй, иннинэн буолан дьиҥнээх чахчыны этэн биэриэй? Ити ханна баҕарар хомуллубут-тиһиллибит чинчийиилэр дааннайдара барыта икки өрүттээх, үксэ быһа холуйан, сымыйа! Оттон Петя киэнэ – дьиҥнээх. Тоҕо диэтэр, мин… кинини тугун эрэ сөбүлээн, баҕар, баччаҕа кэлиэм өппүтэ буолуо, биир тылынан баҕа өттүбүнэн көмөлөспүтүм. Кини миэхэ эмиэ көмө буолбута, харчылаабыта, аһаппыта, утуппута, сылаастаабатаҕым өр да буолаахтаабыт сордоох олус да сынньаммытым…
Ити, кини наукатын туһугар бодоруһуубут түмүгэр, мин эрэ-эмискэ сахалыы үөрэтэн барбытым. Казахтыы тылы истэ улааппыт буолан маарыннатан, букатын ыарырҕаппатаҕым. Кини онтон соһуйбута. Олус соһуйбута. Онуоха эрэ кэлэн, мин дьоҕурдаахпын, киһилии эбитим буоллар, мин эмиэ «наукаланыахпын» сөбө хаалбытын, син өйдөөбүтэ ээ. Аһыммыта быһыылааҕа. Уонна оччолорго эдэрэ, чиэһинэйэ сыттаҕа.
Петя оҥорбут үлэтин олус сөхпүттэрэ, үрдүктүк сыаналаабыттара. Тоҕо диэтэххэ, ханна да, ким да, хаһан да булбатах чахчыларын кинилэр иннилэригэр ыраас илиискэ ууран биэрбитэ. Ол мин, тоҕо эрэ ол үлэҕэ кыттыгастаах курдук сананарым туоһута, эрэйдээх-муҥнаах олоҕум суола, сырыым, сорум-муҥум ис хартыыната этэ… Кини миигиттэн элбэҕи билбитэ, ырыппыта, түмүктэри оҥортообута. Ол иһин миэхэ махтанар санаалааҕа өйдөнөр буоллаҕа. Биирдэ ыйыппыттаахпын ээ. Петя, тоҕо бачча өйдөөх уол, ыал буолбаккыный диэн. Онуоха мунаара да барбакка кини олоҕо наука эрэ бас билиитигэр баарын быһаарбыта, онтон атыны сэҥээрбэтин, сыаналаабатын итэҕэппитэ. Ол иһин мин, кини Сахатын сиригэр баран хааллаҕына букатын да буорайарбын билэрим оҕото сыттаҕа, синим биир диэн баран, этии киллэрбитим. Миигин кэргэн ыл, аскын астыам, таҥаскын көрүөм, дьиэҕин дьаһайыам, наада буоллаҕына кэргэни да солбуйуом. Эн миигин манна хаалларыма, атыылаама уонна атаҕастаама эрэ диэн көрдөспүтүм.
Петя икки күн толкуйдаабыта. Онтон икки нэдиэлэ докумуоннарбытын толорбуппут, Алма-Атаҕа саахсаламмыппыт. Манна күһүн буолуута көһөн кэлбиппит. Кыстаабыппыт. Харчыбыт суох буолан ол дьыл мин кыһыҥҥы таҥаһым да суоҕа, онон таһырдьа тахсан дьаарбайарым да кыаллыбатаҕа. Сааһыары, эһэ арҕаҕыттан тахсарыныы, мин дьэ Дьокуускай устун дьаарбайар кыахтаммытым.
Петя үксүн командировкаларга барыталыыра. Мин саҥа олоҕу саҥа сиргэ саҕалаабытым. Били манна кэлиэхпит иннинэ докумуоннары толорбуппут диэбитим дии? Онно миигин саха диэн суруйтарбыппыт, детдом миэтирикэтэ соччо айылаах суолталаах докумуон буолбатаҕын быһыытынан, ааппын эмиэ уларыппыппыт. Онон, чахчы саҥа төрөөбүт киһилии кэлбитим.
Сахалыы билбиппин чиҥэтэн наар кинигэ ааҕан кыстаабытым. Сааһыары олус түргэнник ааҕар буолбутум. Онуоха бэйэм итэҕэйбитим: мин хааммар, туох да диэҥ, үөрэнэр кыах баара, тугу да ааҕыым, барытын бэркэ ылынарым, ыраастык өйдүүрүм. Суот да буоллун, сурук-бичик да буоллун, барыга сыстаҕаһым. Ол иһин Петябын соһуталыырым. Кини ону эмиэ сыаналаабыта. Кэргэним диэн кимиэхэ баҕарар кыбыстыбакка билиһиннэрэр буолбута, тоҕо диэтэххэ, ханнык да боппуруоска, нууччалыы да, сахалыы да иҥнигэһэ суох хардарсар кыахтаахпын…
Петя майгыта олус сымнаҕас, үлэтигэр, кырдьык, олус үлүһүйбүт буолан, тугу-ханныгы быраҕан туран, онон эрэ дьарыктанар. Бэйэтэ эмиэ элбэх аймах-билэ дьоно суох. Кырдьаҕас ииппит аҕаһа былырыын бараахтаабыта. Олус бэрт эмээхсин этэ. Оттон ойоҕос аймахтары кытта соччо алтыспат, онон биһиги кинилэртэн ыраахпыт.
Мин үөрэнэ сатаабатаҕым, эппитим курдук, дьиэни-уоту дьаһайыам диэбиппин толорон, күн бүгүҥҥэ диэри олордоҕум. Оҕолоно сатаан иккитэ куоттарбытым. «Маама» буолар баҕам олус киэптээн, саатар ыарахан буолаат, Петябын «Рита» диэн ыҥырарын тохтотон, «маамата» дэттэрбитим да… табыллыбатахпыт. Онтон аймаммытым. Олус айманар дьахтартан эр киһи саллар ээ, ол да иһин буолуо, сыһыаммыт даҕаны сөрүүдүйбүтэ. Устунан убай-балыс курдукпут. Мин киниттэн тоҕус сыл балыспын.
Аны, туох хааннааҕым эбитэ буолла, санаабар кэриэй эҥин баара дуу… Көстөр дьүһүнүм соччо-бачча уларыйбат, ити аата, кырдьан иһэрбин биллэрбэт туох эрэ хааннаахпын диэн этэбин. Петюнчик баараҕадыйан иһэр, мин кинини, биллэн турар, анаан туран маанылыыбын. Аһын-үөлүн көрөбүн. Дьиҥэр, киһини уотар аһынан күндүлээбэппин эрээри, бэйэтэ этэрин курдук «боруодата» оннук уонна үлэҕэ киэптэппит, кэһиллибит эрэсиимэ, сырыыта-сылбата, турбакка олорон үлэлиир үөрүйэҕэ охсон итинник модьу-таҕа… Сүрэҕэр эрэ оҕустарбатар диэн сэрэнэбин да, хайыаҥ баарай, науката – к ырдьык.
Оттон ыарыы чааһа диэ… Урукку, ситэ илик оҕо сааска марай-сарай сырыы-сылдьыы суола-содула хаалбыт дьүһүнэ да буоллаҕа. Саатар кэмигэр төрөөн испитим, оҕоломмутум буоллар, быыһаныам эбитэ дуу, билбэтим. Дьахтар искэннээх буоллаҕына, бастаан утаа төрүү оҕус дииллэр эбит, оччоҕо ол баҕайы уостан ааһыан сөп үһү. Оттон миигин… итинник эппиттэрэ ыраатта да, кимтэн төрүөмүй? Онно-манна тылланан, ускул-тэскил бардахпына Петябын дьон туох диэй? Кини аатын-суолун алдьатар санаам суох. Петям баар буолан тыыннаах хаалбыппын өйдүүбүн. Оттон алтыһар дьонун көрөн бэркэ билэттиибин, мин эрэйи-кыһалҕаны көрбүт буолан киһи сирэйин-хараҕын олоруутуттан майгытын-сигилитин эндэппэккэ билээччибин. Киһиргээбэппин. Ити мин кырдьыгым…
– Мин, эйигин көрөн олорон, атын омук диэ суохпун… Букатын саха курдуккун. Арай, ханнык эрэ түгэҥҥэ… туттарыҥ-хаптарыҥ атыҥҥа дылы, киһини соһутуох курдук… – Олег итинтэн атыны тугу да булан эппэтэ.
– Омук диэн… киһи өйө-санаата буоллаҕа. Биллэн турар, хас биирдии омук туспалаах. Мин хааммынан да таайабын, сахаҕа маарыннаабаппын. Казахтарга эмиэ соччо сөп түбэспэппин. Ол эрээри үөрэнэр, үөрүйэҕи иҥэринэр диэн баар да, онтуҥ итинтэн арыый атын. Бу омук маннык буолуохтаах диэн чуо быһаарар кыах суох. Саатар оннук баара буоллар мин билиниэм этэ, туох-ханнык омук буоларбын. Хомойуох иһин, ханнык да наука итини кыайбат.
– Ол кырдьык. Киһини тас көрүҥүнэн сыаналыыбыт да, иһигэр туох баарын сатаан сэрэйбэппит. Онуоха тыл эрэ көмөтүнэн быһаарыстахха…
– Мин олоҕум ис араҥатын арыйа илигим. Петя да эппитэ буолуо диэн итэҕэйиэ суоҕа. Бу кини биһикки, кистэлэҥ диэн киксибэтэрбит да, тус кистэлэҥмит буоллаҕа. Онон, ону ыһар сиэргэ баппатын өйдүүр инигин? – Марго Олегы быһа түстэ.
– Биллэн турар, Маргарита Алексеевна, туох диэн эттэҥий…
– Тыый, хайы-үйэ Маргарита Алексеевна буолан хааллым дуу, – Марго эмиэ соһуччу баҕайытык чаҥкыначчы күллэ. – Олег, баарга барытыгар судургутук сыһыаннаһар куолута, тугун Алексеевнатай… Марго, көннөрү Марго диэ да, онон бүтэр…
– Ээх, Марго, сөп. Миэхэ олоҕуҥ туһунан итэҕэйбиккэр махтанабын.
– Маринаҕар эппэт инигин?
– Кэбис, тугун баран…
– Оччотугар сөп. Мин кистэлэҥмин итэҕэйбит олус чугас киһилээхпин диэн эрэнэрбиттэн үөрэбин эрэ. Олег… бырастыы гын дуу… Бүгүн хайдах эрэ сыппаан, ыһыллан ыллым быһыылаах…
– Оннук диэн буолбатах, Марго. Туох эмэ көмө наада буоллаҕына мэлдьи этэр буолаар…
* * *
Былырыын баччаларга Татыйык, төттөрүтүн, куорат диэки үөрэххэ туттарсаары, уочарат бөҕөнү көрсөн, көтөн кэлбитэ. Оттон быйыл кини, дойдутун диэки хардары көтөөрү, Маҥан пуордугар олорор. Ааттаах-суоллаах «Антошкалара» аҕыйах буолан, кэтэсиһии билигин да баар. Пуорка киһи баһаам. Аммалар, таатталар көппүттэрэ ыраатта. Бииргэ үөрэммит кыргыттара күлүм аллайан хайы-үйэ дьиэлэригэр олордохторо. Оттон кини бүгүн хойутуу эрэ көттөҕүнэ үөрүүһү быһыылаах, аны, куолуларынан, көһөрөн кэбиһэн иэдэтэллэрэ дуу. Татыйык үөрэҕин, сааскы сиэссийэтин барытын «биэскэ» туттаран аатыран иһэр.
Кыһын биллибэккэ ааста. Саас дьалхааннаах кэм буоларын, били Кириили кытта үчүгэйдии эрдэхтэринэ, кини кэпсиириттэн да истибит буолан, холкутук көрсүбүтэ. Ыччат көҕө диэн дьикти. Үрүҥ түүн үгэнигэр, кыһалҕа кыччыгый, куорпустар икки ардыларыгар баар ырааһыйаҕа оһуокайдаан тэйбит диэн, хоробуоттуу оонньообут, ол быыһыгар мээчиктээбит да баһаама. Хаһан-хаһан утуйа-тура охсон барытын кыаналларын киһи сөҕөр. Кини итинник сылдьыбыта буоллар, саарбахтыыр ээ, барытын бириэмэтигэр туттарыа эбитэ дуу. Онон, бэйэтэ оҥостубут эрэсиимин кэспэтэҕиттэн биллэ дуоһуйан сылдьар.
Татыйык, хайыһардьыт бэрдэ, университекка киирээт, сүүмэрдэммит хамаандаҕа ылыллан, анал кыраапыгынан дьарыктанар. Онон өрөбүл, сынньалаҥ диэн көрүллүбэккэ кыстаата. Хата, саас, киһи сылайар, наар утуйуон баҕарар кэмигэр онто олус туһалаата, хайыһардьыттары физкультураттан букатын босхолоон, зачеттарын быһа туруордулар. Инньэ гынан паара быыһыгар тыын ылан сынньанан, утуйа түһэн абыранна. Кэмиттэн кэмигэр сорудаҕы толорон испит буолан эксээмэҥҥэ да олус илистэ бэлэмнэммэтэ. Оргууй аҕай, бииргэ олорор Муоккатын кытта кыттыһан, «читалка» диэн ааттыыр, уруок аахтар анал хосторугар бэркэ хорҕойдулар. Кинигэлэрин, тэтэрээттэрин тэлгэтэ сытан, икки өттүттэн тэҥинэн куоталаһа-куоталаһа ааҕаннар, көххө күннээтилэр ээ. Муокка, ааспыкка, кыһыҥҥы сиэссийэтигэр кыһыылаах баҕайы биир «үстээх» бэйэтэ, бу сырыыга барытын «биэскэ» туттаран үөрдэ-көттө, итиэннэ бу сарсыарда Ытык Күөлүгэр көтө турда.
Татыйык биирдэ эмэ быыс буллаҕына… Кириили саныыр. Уол син биир кини төбөтүттэн арахпат. Була сатаан, баҕар суруйаарай диэн, кэлбит суруктары алпаабыт бэрээдэгинэн угар дьааһыктарын хаһан да биэрдэ. Мэлигир. Төттөрүтүн Кириил киниэхэ кыыһырбыт курдук. Ол иһин барытын эргитэ саныыр… Арай тиһэҕэр, тахсаары туран, уолу буруйдаан, хомуруйа саҥарбытын кэмсинэр. Чэ, бэйи, сайын тиийдэхпинэ, баар буоллаҕына кэпсэтиэм диэн бигэтик санаммыта. Муокка да сүбэтэ итиннигэ: «Санаа-оноо буола сылдьыма ээ, утарытынан ыйыталас, бил уонна уоскуй. Онуоха туох улаханнааҕый», – диэбитэ.
Кыыс санаатын ситимин сөмөлүөккэ ыҥырар биллэрии быһан кэбистэ. Татыйыктаах рейстэрэ эбит. Кини кэһиилээх, маллаах-саллаах суумкатын кытта холбукатын харбаата да, киллэрэр ааннарыгар дьулуста. Киһи бөҕө тоҕуоруспут буолан анньыһыы үлүгэрэ. Кыбыс-кыараҕас ааҥҥа илиигэ тутуурдаах табыгаһа да суох баҕайы… Эмискэ били холбукатын кэнниттэн ким эрэ туура тутан ылла. Саҥа аллайыан иннинэ, хата, эргиллэ биэрбитэ, бэркэ билэр киһитэ, Кириил бэтэринээр илэ бэйэтинэн буолла.
– Эн бүгүҥҥүгэ билиэттээххин дуо? – диэн кини, туох да буолбатаҕын курдук, холку баҕайытык ыйытта.
– Ээ… бу рейсинэн көтүөхтээхпин.
– Оччоҕо тоҕо манна турдуҥ, бу билиэтэ суохтар уонна сарсыҥҥылар анньыһа тураллар. Эн ол анараа ааҥҥа бар, – диэтэ уонна кыыс холбукатын кууспутунан утары ааҥҥа ыстанна.
Татыйык, күүппэтэх өттүттэн ыы муннукка санаатын ымыытын көрсө биэрэн саараан да хааллар, Кириил кэнниттэн хап-сабар батыста. Онно, били ааҥҥа, дьон киирэн бүппүт. Билиэттээхтэри аһарар кыыс хотумсуйан, хойутуу сыспыт Татыйыгы сэмэлээтэ, суумкатын, холбукатын холбуу ыйаттаран, иһирдьэ көҥүллээн аһарда. Кириил аан таһыгар туран хаалла.
– Мин, миэстэ баар буоллаҕына көтүөм ини диэбитим да, киһи элбэҕэ салыннарда, – эрэ диэтэ.
Татыйык саҥарбата. Хайдах эрэ тыла-өһө өһүллэн биэрбэтэ. «Чэ, бэйи, антах тиийдэххэ… Итиччэ кэпсэппит киһини кытта билсээ инибин» диэх курдук санаата.
Били пуорка көрсүһүүттэн эрэх-турах буолбут, өйдөһүөх айылаах кэпсэтиигэ суоттаммыт кыыс табыллыбатаҕа. Дойдутугар кэлбитин нөҥүө күнүгэр истибитэ, Кириил Ньуккуну кытта ыкса билсибит, субу ыал буолаары сылдьаллар, өссө Ньукку оҕотун бэйэтин аннынан суруйтарыа үһү диэн араас кэпсэл үллэҥнээбитэ кини кулгааҕар тута тиийбитэ. Ол да буоллар, ыһыах саҕана көрсүөм диэн ити күнү күүттэ да этэ. Ханна баарый, түһүлгэҕэ Кириил чахчы Ньуккуну кытта, оҕону көтөхсөн, бииргэ сылдьалларын көрөөт, буккуһартан, ыйыталаһартан бэйэтэ аккаастаммыта, чугаһыы да барбатаҕа.
Сайыны быһа итинтэн мунчаарбыт кыыс санаатаҕын аайы кистээн ытыыр идэлэннэ. Арааһа, кини Кириили таптаабыт эбит. Ардыгар, ол абатыгар, таах даҕаны сонно тута, былырыын этээтин кытта кэргэн барбаккабын, хоонньоспутум буоллар атыҥҥа барыа суох этэ диэн ылыталыыра. Ол эрээри, били Муоккатыныы: «Акаарыгын дуо?! Оннук ыал буолар баар үһү?» – диэн төбөтүн иһигэр ким эрэ саба саҥарар. Санаатаҕын аайы сүөм түһэр, тугу эрэ албыннаппыт, ханан эрэ атаҕастаммыт курдук буолан ылар, онон, наһаа да кураанахсыйда… «Оччоҕо… оччоҕо буоллаҕына, мин кини туһунан букатын саныам суоҕа, кини бэтэринээрин саҕа үөрэниэм ини, өссө салгыы барыам, кини баар сиригэр букатын кэлиэм суоҕа», абарбыт кыһыытыгар, кыра оҕолуу, түбэһиэх, иһигэр куттуу саныыр. Баар буола сылдьыбыт дуу, букатын сиппэтэх дуу «маҥнайгы тапталым» диэн бигэтик итэҕэйбит сыһыанын сойутарга быһаарынар…
Татыйык «таптал таарымтатыгар» табыллан, ити да буоллар, ытыы-ытыы сыппатаҕа. Син балачча күүстээх толкуйдаах эбит ээ. Өйдөөх-төйдөөх кыыс үөрэҕинэн үлүһүйбүтэ, сүрүн соругуттан араҕар былаана суоҕа. Билбитэ эрэ университета, олорор уопсайа, мэлдьи сылдьар, күнү күннүктээн мэлийэн хаалар бибилэтиэкэтэ, итиэннэ икки нэдиэлэҕэ биирдэ охсуллан ааһар ырааҕынан аймаҕа оҕонньор. Дьоно такайыыларынан кырдьаҕаска тиийэн туругун, аһын-үөлүн быһаарсар, дьиэтин сууйан-тараан биэрэр. Итинник түбүктээх кыыс хайыһарын бырахпатаҕа. Дьоҕус күрэхтэргэ киллэртиир буолбуттара эрээри, Татыйык дьаныһан туран дьарыктамматын сэмэлии сатаан баран тохтообуттара. Үөрэҕин ордорбут кыыһы эмиэ даҕаны туох диэхтэрэ баарай?
Саҥа дьыл барахсан сыллата кэлэрин аанньа, син биир саҥаттан саҥа тугу эрэ эрэннэрэр тыыннаах эбээт. Онуоха эбии, итиннэ-манна сарыкынайар, күннэтэ табыллыбыт-табыллыбатах сыһыаннарын кэпсээн үллэҥнэтэн олорор, омун-төлөн кыргыттар барахсаттар, тиһэҕэр, хаһан да тиксибэтэх кэрэлэригэр талаһаллара баа буолуо дуо? Ону сиидэлээн эрэ иһиттэххинэ сүрэҕиҥ бүтүн хаалыахтаах. Сорохтор киэннэрэ баҕас чахчы дууһа хаһыылаах, киһи бэйэтин кымаахтаныар диэри кыһыылаах, аһынаргыттан айгыраан-айманан хаалыах айылаах.
Биир оннук, устудьуон өйдөбүлүнэн, сиэрэй соҕус тымныы киэһэ, Саҥа дьыл буолара уон эрэ хонук хаалбытын кэннэ, Татыйыгы аллараа этээскэ, уопсай дьиэҕэ боруоппуһунан аһарар аналлаах сиргэ, ол аата боростуойдук вахтаҕа, ким эрэ ыҥырар диэн буолла. Бачча тухары киэһэ хойут киниэхэ ким да кэлбэтин билээччилэр, соһуйан, кини диэки ыйытардыы көрдүлэр.
– Айыы чэ! Кыыспыт кистэлэҥ табаарыстаах эбит буолбат дуо? Аллара биир астык баҕайы уол оҕото кэлбит! Көр, доҕор, сабачча улахан «дипломаттаах», сэлээппэтэ эрэ суох, арааската… тойон быһыылаах! – дии-дии, кирилиэһинэн утары тахсан иһэр, биир кууруска үөрэнэр, билсэр кыргыттара күлэн-оонньоон аастылар.
Бэһис мэндиэмэнтэн хаһан айгыстан түһүөр диэри Татыйык мунаара истэ эрээри, хайалара буолуон сөбүн таайбата… Сатана кыргыттара дьээбэлэрэ бөҕө, сүгүн этиэхтээҕэр күлэллэр өссө, сэлээппэлээхтэр ээ, бу тымныыга баран…