banner banner banner
Буолар да эбит
Буолар да эбит
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

Буолар да эбит

скачать книгу бесплатно


– Хотуой, ол ойуурга баран уруогу ааҕар куолу дуо? Сотору ыам бырдаҕа да түһээ ини? Эҥин да буолаҥҥын, оттон кумааҕыны уурар остуоллаах хос тугунан куһаҕаннааҕый? Быйыл кыһын анаан туран аҕаҥ быыһаабыт аан дьиэтэ ордук ини? – ийэтэ кыыс бу сырыытын букатын сөбүлээбэт.

– Оттон онно бу чараас тэлгэхпин тэниттим да, сытан эрэн ааҕабын эбээт. – Татыйык имэ кыыһан тугу да истибэт, син биир кырдалын диэки ыстаммыта эрэ баар.

Ийэтэ Өлөөнчүк туох диэхтиэй? Кыыһа, кырдьык, аахтынар буолан эксээмэнигэр хоп курдук истэҕэ. Сыана мыынар санаата суох, баҕа хоту «4» икки, «5» икки кэлэ турарга дылы. Арай, ити ыала Мааһыҥка кыыс эппитэ, Татыйыккын көрө сырыт эрэ, ити бэтэринээр уол олус иҥээҥниир, иннигэр-кэннигэр түһэ сылдьан, аны, били былырыыҥҥы курдук буолаарай диэн сэрэппитэ.

Ол этэрэ оруннаах, кинилэртэн үс олбуор хоту диэки олохтоох Бэрииһэптэр кыыстара Ньукку, оскуолатын субу бүтэрээри сылдьан (ыала Өлүөсэттэн ыарахан буолбутун сатаан кистээбитин көрүҥ эрэ), төрөөн дьонун эрэ буолуо дуо, бүтүн дэриэбинэни соһуппуттаах. «Ама даҕаны… Татыйык наһаа сытыырхайбата ини…» диэн көрбүтүн, Мааһыҥка саҥардыбатаҕа: «Өлөөнө, оттон Ньукку сытыы үһү дуо?! Икки тылы холбообот сэмэй курдуга да… Оттон ити Өлүөсэ обургу үксүн бутуйуон сөбө да, кыыс да тугунан толкуйдаабытай? Буолар буолбутун кэннэ уоллаах кыыһы холбуу сатаан муҥнаммыттара да… хайа баарай? Өлүөсэ билиммэтэ буолбаат?»

Этээччи эттэҕинэ эмиэ да оннук. Ким сытыыта-хотуута билбэт. Ол эрээри Өлөөнчүк кыыһыгар эрэнэрэ оччо ээ. «Бэйэбин баттаҕына баҕас… кытаанах да буолуон сөбө. Чэ, дьылҕата билээ ини» дии саныыр. Хайаан, туохха эрэ күтүрээн, оҕотун ол-бу диэй, ама даҕаны сэрэтэр баҕа баарын иннигэр…

Инньэ гынан Өлөөнчүк Татыйыга күннэтэ талаһар кырдалыгар биирдэ эмэ таарыйан ааһыан санаталыыр. Ол эрээри эмиэ да сүрэ бэрт курдук. Тугу гынаарыбын тиийдим диэй? Биитэр, уоллаах кыыс онно баар да буоллахтарына, тугу диир кыахтааҕый… Онон, олус мунааран, били ыала кыыс этиититтэн эмиэ да мунчааран, быһата булкуллан хаалбыт Өлөөнчүк кыыһын дьылҕатыгар орооспоттуу кытаанахтык санаммыта.

Оттон Татыйык кырдалга тиийэн, олус сөбүлээбит маҥан сото хатыҥнарын быыһыгар куруук тохтуур сирдэммиччэ, оргууй олоро биэрэр уонна түргэн үлүгэрдик бүгүн ааҕа охсуохтаах билиэттэрин хасыһан, кинигэтин эргитэ сылдьан, аахпытынан барар.

Ол сөп. Күн аллара түһээри оҥостуута Кириил кэлиэхтээх. Чугастааҕы сайылыкка көспүт ыанньыксыттарга сорудаҕын тиэрдэн, «оокколорун» көрөттөөн баран, матасыыкылынан сыыйылыннаран манна таарыйыахтаах. Оччоҕо кинилэр олорон эрэн ону-маны, буолары-буолбаты кэпсэтиэхтэрэ. Куоракка үөрэнэ барар эдэр кыыс сылдьыахтаах уонна тумнуохтаах сирдэрин сиһилии сэһэргиир эдэр уол бүппэт кэпсээнэ, көр, оннук, олус умсугутуулаах. Ол иһин Татыйык бүгүҥҥү ирээтин бүтэрэ охсон, киэһээҥҥи хаһаас чааһыгар сололоох тиийэр туһуттан аралдьыйбакка ааҕар, кумааҕыга быыстала суох садаачаларын суоттуур…

Татыйык Кириил бэтэринээри бастаан утаа, били андаатар бэргэһэлээҕин иһин ини, саастаах баҕайы курдук көрбүтэ алҕас этэ. Уол, хайа, баара-суоҕа сүүрбэ түөртээх буоллаҕа, хайаан кырдьаҕас дьон ахсааныгар киирдэҕэй? Онуоха эбии эдэрдии тэбэнэтэ, мэнигэ-тэнигэ сыттаҕа. Ардыгар кыыс, Кириил кинини олус оҕотук курдук көрөн, «оттон биһиги, кырдьаҕастар, итини маннык тойоннуубут» эҥин диэн дьээбэлэнээри гыннаҕына, отой сөбүлээбэт. Өһүргэнэ сыһан үтүктэн ылааччы: «Оннук ээ, эһиги, кырдьа барбыт дьон, этэргит итинтэн ордууһук дуо», – диэн төттөрү элэктээччи. Оччоҕо уол, бу оскуоланы саҥардыы бүтэрээри сылдьар эрээри, оттомноох бөҕө киһи атыннык сыһыаннаһыыны эрэйэрин тута өйдүүр, көннөрүнэр аакка барар.

Кириил куорат туһунан бэркэ кэпсиир. Сэргэлээх уоттара дьиктитин, тоҕо ырыаҕа холбообуттарын, араастаан эргитэн сэһэргиир. Киһи эрэ истэн олоруон курдук. Хас биирдии түгэн бэйэтэ туспа остуоруйалаах. Мэлдьи эдэрдэр сыһыаннарыгар тиийэ турар, онто – таптал кыбытыктаах. Ол эрээри кэпсэлгэ киирбиттэртэн үгүстэрэ табыллыбатахтара, ааһа баран, ардыгар олус хомолтолоохтук түмүктэнэллэрэ кинини долгутар.

– Кириил, ити эн соруйан оҥорон кэпсиигин дуу, эбэтэр кырдьыгы этэҕин дуу? Сэргэлээххэ биир да табыллыбыт олохтоох ыччат суох дуо? Тоҕо барыта, индийскэй киинэ курдук, киһини ытатыах айылааҕый? – Татыйык биирдэ дьиибэргээн ыйыппыта.

– Татыйык, ити барыта биир сыл үһүгэр буолбут үһүө? Номох кэриэтэ, уостан уоска түһэриллэн, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиийэ, кэпсээҥҥэ сылдьара итиччэ. Табыллыбыттар, тапталлара дьолу бэлэхтээбит өттүлэрэ киһини үөрэтэр туохтаахтарый? Бэйэлэрэ бэйэлэригэр, быраабылаҕа баар курдук, таптаһа-таптаһа, ньыдьыраан аҕай олордохторо дии, уу чуумпутук, чэп-чэпчэкитик. Байан-тайан олорбуттара эбитэ үһү, күн бүгүҥҥэ диэри! Итинэн остуоруйабыт бүттэҕэ! Боростуой баҕайы буолбатах дуо? Оттон табыллыбатахтар кистэлэҥнэрин, бүгүн да, ким да таайа илик! Ол иһин олох үөрэтэр: «Тоойуом, акаарычаан, ити кэпсэлгэ киирэ сылдьаайаҕын? Сэрэн!» – диэн. Дуу, эбэтэр, эйиэхэ, бу мин сырам-сылбам баранна, сааһы-сайыны быһа үрүҥү-хараны араараарай диэн үөрэтэн такайа сатаатым, итинтэн туох эмэ хаалбата дуо?

– Хаалан-хаалан! Барытын бэркэ өйдөөтүм эбээт! Тиийээт да, куорпустар устун күүлэйдии ойбоппун, үрүҥ түүнү кэтии уолаттары кытта онно-манна тиийбэппин! Уруокпун ааҕабын! Үөрэххэ киирдэхпинэ таансыны кэмчилиибин: Өктөөп бырааһынньыгар уонна… буо, Саҥа эрэ дьылга сылдьабын! Таак-с, уонна туох этэй? Ээ, мээнэ-мээнэ киинэҕэ барбаппын! Онно «бармалейдар» уонна да атын адьарайдар баар буолуохтарын сөп! – Татыйык кычыгыраччы күлэр.

– Сө-өп! Уруоккун бэркэ өйдөөбүккүн эрээри биири эппэтиҥ: онтон саамай сүрүнэ туох этэй?

– Сүрүнэ даа? Барытын эппит курдукпун дии…

– Эс, бу да киһи! – Кириил, кэлэйбиттии, киэр хайыһар.

– Ээ! Били дьоммуттан кэһии кэллэҕинэ дуо? Ээ, һуох… оччоҕо…

– Оччоҕо тугуй? Чэй эрэ, кытаатыый! Ээ? Пахай! Бу кыыс тугу да өйдөөбөтөх буолбат дуо? Мин? Мин хайыыр этибиний… эт эрэ…

– Аа-а, һэ-һэ-һэ! Ону этэҕин? Ол диэн… Оттон Саҥа дьыл эргин охсулуннаххына, бииргэ киинэлиибит, «Лена» кинотеатрга барабыт. Онно туох баар этэй?

– Бүттэхпит дии… – Кириил, эмиэ кэлэйбит киһи быһыытынан, түҥнэри хайыһар, маарын туура тардан ылан ытырбыт сибэккитин отун, омунугар ини, иҥсэлээхтик ыстыы-ыстыы, сиэбитинэн барар.

– Пахай, ньээм оту сиир баар үһү? Аҕал манна! Дьааттаах! – Татыйык туруорсан көрөн былдьыы сатыырын анарааҥҥыта биэрбэт.

– Чэ, маннык, Татыйык. Мин тоҥон-хатан тиийэрбэр сылаас чэйдээх буолуохтааххын, оччоҕо кэпсэтиэхпит…

– Оттон, арай, оргуйа илик буоллун? – кыыс эмиэ хаадьылыыр.

Устунан кэпсэл атыҥҥа көһөр. Күһүн-саас ыытыллар ат сүүрдүүтүгэр, былаахтаах парааттарга, сыллата ыччат көҕүлүүр мас олордуутугар уонна тутар этэрээттэринэн ыраах айаннарга…

* * *

Туох да киһи уорбалыырыгар төрүөтэ суох бэркэ бодоруспут, доҕордоспут уоллаах кыыс, ууга-уокка түһүөх айылаах, татакалаһар сыһыаннара суоҕа. Татыйык үөрэххэ барарыгар, Кириил, үлэтигэр буолан, атаара кэлбэтэҕэ. Ону, ханна да буоларын курдук, мэлдьи кэтээччи-манааччы, сыыска түһэрбэккэ, бэлиэҕэ ылбыта эрэ баара. Оттон үлэлээх-түбүктээх уол кэлиэ суохтааҕа эрдэттэн биллэрэ ээ. Хайалара да хомноспотоҕо. Инньэ гынан, үлэх быһыытынан, кыыс куораттан «кэллим, уопсайга олохсуйдум» диэн тэлигирээмэлээбитэ эрэ.

Итинтэн салгыы, киһи эрэ үөрэххэ туттарсар буоллаҕа эбээт, туох буолуохтааҕа сэрэйиллэрэ. Туттарыахтаах эксээмэннэргэ консультациялар, бибилэтиэкэлэргэ сылдьан ааҕыы, бэлэмнэнии түбүгэ үксээбитэ. Ол аайы билиҥҥи курдук суотабай сибээс, репетитор эҥин хантан кэлиэй. Билсиһэриҥ эрэ, бэркэ тиэтэйдэххинэ, икки-үс тыллаах тэлигирээмэ сыыһа уонна аҕыс айдаанынан холбонор дуу, холбоммот дуу (сибээстэн эрэ тутулуктаах буолан) төлөпүөнүнэн кэпсэтии. Күн аайы сурук суруйар, тэлигирээмэлиир солуута суохха дылыта, төлөпүөннүөҕү туран, аны Кириил олорор эмээхсинин дьиэтигэр итинник тэрил дуостал суоҕа. Сайыҥҥы үлэһит хонтуораҕа олорбото биллэр, сайылыкка-сыһыыга диэбиккэ дылы, бэтэринээр бүгүн – онно, сарсын – манна. Барыта ырыта санаатахха бэрээдэк кэриэтэ чуолкайа.

Онон, атырдьах ыйын бүтүүтэ, биир үтүө күн, үөрэххэ туттарсан, университекка учуутал үөрэҕэр киирэ охсубут Татыйык, үөрэн-көтөн, дойдутугар тирилэтэн тиийэн кэлбитэ. Алтынньы ыйга диэри дэриэбинэтигэр үлэлээн баран, үөрэх дьыла саҕаланыыта тиийиэхтээҕин истэн, ийэтэ Өлөөнчүк үөрбүтэ. Күһүҥҥү киһи кыстыкка киириэх иннинээҕи наадата кэмэ-кээмэйэ суох буоллаҕа. Онуоха илии-атах буолан көмөлөһүөх оҕо баара санааны эбии көнньүөрдэрэ.

– Ийээ, хортуоппуйу хостуурга Кириил көмөлөһүөх буолбута, ыҥырабын дуо? – Татыйык биир сарсыарда аһыы олорон ыйыппытын аҕата сөбүлээбэтэҕэ.

– Бу тухары син бэйэбит оруур этибит дии. Быйыл да кыанар инибит…

Ити аата аккаас буоларын ийэлээх кыыс өйдөөбүттэрэ. Онон Кириил уол Татыйык күһүҥҥү түбүгэр кыттыспатаҕа.

– Өлөөнчүк, күтүөттүү сатыыр киһини тоҕо чугаһаппаккытый? Син бэрт уол быһыылаах буолбат дуо? – диэн дьахталлар кистии-саба ньамалаһаллар.

– Ээ, мин тугун билиэмий, бэйэлэрэ билиэхтэрэ ини, – диэн, кини кэпсээн омунун тэйитэ сатыыр.

Биир киэһэ Татыйык киинэлээн баран устунан, хараҥарбыт уулуссаны кыйа, Кирииллиин дьаарбайа сырытта. Ону-маны сэһэргэһэн, сайыҥҥы сонуну үллэстэн, күһүҥҥү күлтэйбит ый күлбүтүнэн субу тахсан кэлбитин билбэккэ хааллылар.

– Табаарыс Татыйык, тымныы соҕус киэһэ буолла. Итиитэ киллэриниэх, иһирдьэ киириэх! – Кириил, оруобуна сыанаҕа тахсан аныгыскы ырыаны биллэрэ турар киһилии тутунна, кэлииккэ аанын биир илиитинэн тутан туран, иккиһинэн иһирдьэ ыҥыран нэлэс гыннарда.

– Тыый, эбээ барахсан утуйбута буолуо дии? Уһуктаарай? – кыыс буолуммата.

– Һэ-һэ, эбээ барахсан лотуолуу ойбута эрэ баара. Бэҕэһээ икки чааска кэлбит буоллаҕына, бу түүн бүтэһиктээх киирсии, онон баабыска түөрт эргин биирдэ тиийэн кэлэр кутталлаах, – Кириил күлбүтүгэр мап-маҥан тиистэрэ хараҥаҕа ордук сырдаан кэчигирээтилэр.

– Чэ, оччоҕо, түргэн баҕайытык итии чэйи да иһиэххэ буоллаҕа дии, – диэт, дьиэҕэ дьылыс гыннылар.

Эбээ ыскааба «иҥсэлээҕин», ол иһин бэчиэнньэлээҕин хайгыы-хайгыы, Кириил сылыта охсон итии чэйи кутта. Сайыны сай-суй курдук ситэри билбэккэ, аанньа атааран биэрбэккэ, күһүн кэлиитигэр, нэмин билбэккэ, чараас соҕустук таҥныбыт кыыс чахчы дьагдьайбыта билиннэ. Итии чэйтэн имнэрэ кыыстылар, харахтара чоҕулустулар.

– Татыйык… мин эйиэхэ этэрдээхпин. Бука баһаалыста болҕой, иһит диэн көрдөһөбүн, – уол уларыйан хаалбыт куолаһынан иччилээхтик сибигинэйбититтэн кыыс эмискэ дьиксинэ быһыытыйда.

– Мин… мин эйигин… миэхэ кэргэн кэл диэри гынабын, – диэтэ.

Татыйык мух-мах барда, сатаан өйдүү охсубата:

– Т-тоҕо? – эрэ диэтэ.

– Хайдах «тоҕо»? Оттон дьон курдук… ыал буолбаппыт дуо?

– Саманнык… түргэнник дуо? Сибилигин дуо? – кыыс хайдах эрэ ситэ өйдөөбөтөҕөр оҕустаран буккуллан ылла.

– Э-э, оттон… сибилигин, субу манна, мин эйигин сөбүлүүрүм бэрт ээ… Куоракка бардаргын миигин умнуоҥ…

– Суох-суох, Кириил! Ама, хайаан умнуомуй?!

Кимэн киирэрдии оҥостон, уол бэрт дьиктитик туттан киниэхэ чугаһаары гыммытыгар ыксаан, Татыйык тыл ыһыгынна.

– Оччоҕо… эн эмиэ миигин сөбүлүүр буоллаҕыҥ?

– Э-э… ыһы… оттон… оттон абааһы көрбөппүн ээ!

Эмиэ да ыксаатар даҕаны, хаадьылыыр курдук этээри гыммыта атын баҕайытык тахсыбытыттан кыыс бэйэтэ соһуйда.

– Оччоҕо… туох мөккүөр баарый? Мин эйигин сөбүлүүбүн, эн эмиэ сирбэккин… оччотугар ыал буолуохпутун сөп… ыал буолар буоллахпытына… тапталбытын дакаастыырбыт тоҕо буруй буолуой? – уол эмиэ киниэхэ чугаһаата, ыараабыт илиитин кыыс санныгар уурда.

Татыйык атыҥыраата, сүрэҕэ туох эрэ суостааҕы сэрэйдэ, сиэрэ суох тахсыаҕыттан куоттараары, араастаан мөҕүл-мөҕүл тэбиэлээн, таайтара сатаата.

– Суох-суох! Кириил, хайдах буоллуҥ?! Туох дакаастабыла нааданый?! Тугу-тугу диигиний?!

– Ээ, эйигин таптыыбын диэтим буолбаат? Таптыыр кыыспын ууруурум, кууһарым буруй үһүө?! – диэт, уол бокуойа суох Татыйыгы хам кууһан ылла, ыарыылаах баҕайытык биилиттэн тутта да, уолуйбут кыыс уостарыгар утаппыттыы түстэ…

Мучумаан буолла, Татыйык кутталыттан уонна маннык түргэнник уларыйан хаалбыт табаарыс уола киниттэн тугу эрэйэрин дьэ өйдөөн, титирэстэс буолуор диэри ыгылыйда, араастаан төлө көтө сатаата да, ытарчалыы ылбыт илиилэр кинини ыыппатылар…

– Кириил! Мин хаһыытыам билигин! Күн сарсын үҥсүөм! Кыбыстыам суоҕа, атаҕастаата диэн олохтоох араадьыйанан кытта биллэриэм! – ыксаабыт кыыс дьүүллээн-дьаабылаан тугу диирин өйдөөбөтөр да, туох баарынан, тугу сатыырынан көмүскэнэ сатаата.

Олохтоох араадьыйа диэн бу эргин суостаах соҕус өйдөбүл. Араадьыйа Арамаана диэн аҥаар атаҕынан доҕолоҥ киһи, оннооҕор ол-бу хобу-сиби тиһэн, туһааннаахтары бэртээхэйдик кымньыылыыр биэриилэри таһаартыыра. Сүрэҕэлдьээбиттэри, арыгылаабыттары элэктээн, оннооҕор үөхсэр саҥаларын кытта (хантан хайдах устан ылара буолла, ким да билбэт) бар дьоҥҥо олохтоох араадьыйатынан иһитиннэрэн ууга-уокка түһэртээччи, саакка киллэртээччи.

Онон, кыыс эттэр эрэ, сыыска түһэрбэтигэр саарбах суох. Ол Кириил төбөтүгэр Татыйык ытыырынааҕар түргэнник тиийдэ, таах, оройго охсубуттуу, оломо суох уолу ойутан туруорда. Онон Татыйык, быыһанарын быатыгар, саамай сөпкө «араадьыйаланан», кэлии уолу Кириили чаҕытта. Арааһа, уоҕун таһаарда быһыылааҕа, сотору уоскуйа быһыытыйбыт уол, хомойон-хоргутан ытыы олорор Татыйыгы санныттан сымнаҕастык тутта уонна:

– Бырастыы гын… Мин туох да куһаҕаны оҥорор санаам суоҕа… Алҕаска… итинник тахсан хаалла… – диэтэ уонна, үгүс саҥата суох, уларсык хоһугар киирэн хаалла.

Татыйык олорбохтоото уонна абаккатыттан:

– Эн ол иһин бэркэ үөрэппиккин дии, уолаттары кытта киинэлээмэ, кинилэри кытта ханна да кииримэ диэн. Ол аата уол эрэ бары маннык быһыыланар буоллаҕа, киирбит кыыһы атаҕастаан ыытар… Ити бэйэтин этэрэ буолуо дии санаабатаҕым. Доҕорум дии санаабытым баара, баара-суоҕа… хоонньоһор эрэ баҕалаах киһи эбиккин! – диэн иһэн, ситэри саҥарар кыаҕа суох, ытаата, тахсан барда.

Кириил хоско киирбитин курдук биллибэтэ. Кэлииккэҕэ тиийиэр диэри Татыйык уолу, баҕар эккирэтэн тахсан кэлээрэй диэн, күүттэ быһыылаах. Онтон өссө төгүл бырастыы гыннарыа, оччоҕо, кырдьык алҕаһаабыта буолуон эмиэ сөп, бырастыы гыныам диэбитэ да… Кириил тахсыбата, эккирэппэтэ, уоскуппата. Абаккатыгар уоһун быһа ытырбытынан, кыыс, ытыы-ытыы, дьиэлээтэ…

Ити толоос быһыы кыыһы чахчы хомоппута. Ол да гыннар, санаатыгар Кириил алҕаска итинник дьүһүн кубулуйбута буолуо диэн холкуйа сатыыр. Биир өттүттэн өйүнэн бэркэ өйдүүргэ дылы, кини кыыһы атаҕастаары эрдэттэн оҥостубута сэрэйиллэр. Табыгастаах кэм диэн, угаайытыгар угаары, дьиэтигэр киллэрдэҕэ. Онтон кэлин этиэхтээҕэ буолуо: киирбит кыыс бэйэтэ эмиэ буруйдаах буоллаҕа дии. Сөбүлэспитэ. Оо, ама, сүрүн, Кириил оннук гынаары гыммыта буолуо дуо? Эс, суох ини? Бастаан утаа сөбүлүүбүн диэх курдук этэрэ дии… Ол эрээри ити албына, албаһа буолуон эмиэ сөп эбит. Оччотугар доҕордуу сыһыаммыт итинэн бүттэҕэ. Эчи хобдоҕун, астыга суоҕун, таптал диэн баар эрэ буоллаҕына уйан-нарын, харыстабыллаах сыһыан үөскүө ини. Ону баара, Татыйык кинини таптыыр дуо? Оттон Кириил кинини кырдьык таптаабыта буолуо дуо? Тоҕо эрэ… ол туһунан улахан долгуйуута суох этии… туоһу буолбат кутталлааҕа эбээт…

* * *

– Уважаемая Марина Петровна! Мы, Ваши дети, Ваши родители, поздравляем с Днем Учителя! – Марина кылааска киирээтин кытта чэчик эгэлгэтин туппут кырачааннарын кытта төрөппүт кэмитиэтэ утары хааман кэллилэр.

Бүгүн – Учуутал күнэ. Оскуолаҕа сарсыардаттан сүүрүү-көтүү, ааны аһан киирээккин кытта сибэкки дыр сыта муннуга саба биэрэр буолбут. Ханнык да күннээҕэр маанымсыйбыт учууталлар дьоһуннаахай сэбэрэлэрин сэгэйбит мичээрдэрэ киэргэппит. Бу ураты күн хас биирдии учууталга олус истиҥ баҕа санаа арааһа этиллэрэ сүрэҕи сылааһынан илгийэн үөрдэр. Онон, үөрэтэр оҕолоруттан көтөх муҥунан бэлэхтээх Марина дьиэтигэр диэри, барбах эрэ, таксинан айаннаан иһэр.

Маарыын ити «мы – Ваши дети» диэбиттэригэр уйадыйа сыста ээ. Эмискэ соһуччута да бэрт, арай, кырдьык, билигин дьиэтигэр тиийэн, аанын аһаатын кытта кимнээх эрэ сүүрэн кэлэн: «Мы – Ваши дети», – диир буоллуннар? Оо, оччоҕо хайдахтаах курдук дьоллонуо эбитэй? Ону баара… бүгүҥҥүтэ, киниэхэ «маама» диэбитинэн сүүрэн кэлиэх, кимэ да суох…

Билигин бэркэ диэн билэр баҕайыта, дьиэтигэр кэлиэ, ааныгар тиийэн күлүүһүн хостонуо, бэйэтэ арыйыа, итиэннэ хабыс-хараҥа холлороон курдук аан дьиэҕэ муннунан кэтиллиэ. Икки хардыыны хаҥас диэки атыллаат, илиитин иминэн көрдөөн уотун уматыа, кууһа сылдьар чэчиктэрин аан таһынааҕы туумбаҕа быстах ууруо, атаҕын устуо… «Ийээ, сылайдыҥ дуо, таапачыкаҥ бу баар, аҕал эрэ атаххын…» – диэн, ким даҕаны кини атаҕын үрдүгэр түспэтин эмиэ билэр.

Итинник, куруук ыарыылаахтык дууһатын эмэр санаатыттан сылайа быһыытыйан, самнан даҕаны диэх, Марина Петровна хараҕа ууланна, кистии-саба, таксист көрбөтөр ханнык диэн, массыына үрдүн кэрийэ көрдө, симириктээн аһара сатаата…

Олег үлэтиттэн хойутуу кэлээччи. Сөп ээ, эдэр сааһыгар учуонай буолбут киһи бастакынан өрө тутара – үлэтэ. Иккиһинэн эбитэ дуу, үсүһүнэн эбитэ дуу, кэргэнэ, дьиэтэ-уота… Ол эрээри, кинилэр кыра киһилээхтэрэ, оҕолоохторо буоллар, Олег маннык уһуннук тардыллыбата чахчы. Бука, син ханнык эмэ үүт-хайаҕас көстөн дьиэҕэ-уокка туох эмэ көмөлөөх, кыттыгастаах буолуох этэ. Онто баара, кини бэйэтэ кыра оҕо курдук Маринаҕа бүөбэйдэтэр. Аһын-таҥаһын дьаһайтарбыта эрэ баарай, киинэлиири, тыйаатырдыыры кытта бэйэтэ быһаарар буолбута ыраатта-а…

Ардыгар Марина, дьахтар буоллаҕа эбээт, арааһы эргитэ санаан элэҥнэтэн ааһар. Дьүөгэлэр даҕаны, онуоха сөптөөх төрүөтү быраҕан, харса-хабыра суохтук кигэллэрэ сыттаҕа.

– Дьүөгэ-э, тугу гынаары дуу, гынымаары дуу туймаарыйан, туналыйан баран олороҕунуй?! Эн эрэ маннык кыһалҕалаах үһүгүн? Аньыыга киириэххин?! Биир эмэ оҕолоох киһини булан хоонньоһон холонон көрүөххүн?

– Аньыы даҕаны… Олегпар… ол кэнниттэн туох диэмий?

– Ээйиис, оттон быраастар бэйэлэрэ эппиттэр буолбат дуо? Иккиэн оҕолонор кыахтааххыт диэн? Ити кэннэ туох нааданый өссө? Оҕо кэлбитэ туох куһаҕаннааҕый? Эр киһи, сэгэриэм, син биир билбэт, кини ньүдьү-балай, ким баҕарар оҕотун ытыран аҕалан: «Бу, нохоо, эйиэнэ! Иит, аһат!» – диэтэргин, тук курдук сүүрүө! Ити кэм-кэрдиис көрдөрбүт, эҥин бэйэлээҕи итэҕэппит бэйэккэтэ! Историяҕа да биллэр суол буолбаат?!

– Аньыытын баҕаһын, кэби-ис!

– Аньыырҕаатаххына, аны, ытааҥҥын ыйылаама, сөп диэ?! Ханнык баҕарар түгэҥҥэ быһаарыллыбат кыһалҕа диэн суох! Соҕотохто биир курдук сананыахха уонна тиһэҕэр тиийэ киирсиэххэ эрэ наада! Олох диэн, оһуора эрэ кэллэҕэй, онто-манта ордук элбэх ини, син биир сэриигэ курдук…

– Онтон атыннык быһаарыллыбата, эчикийэ, хомолтотун…

– Эмиэ ытаата, хомойдоргун, хараҕыҥ уутунан суунан, сып-сылаастык олордоҕуҥ эбээт! Киһи сүбэтин ылыммат аатаҕын, тоҕо ыйытаҕыный?!

Дьүөгэ тыла итинник тимир-тамыр. Биир өттүттэн ыллахха эмиэ да сөп. Марина ытаабыта да ыраатта, ытаммыта да балачча буолла. Ол иһин кэнники кэмҥэ үҥсэргиириттэн хал буолан… арааһы саныыр. Сүбэ быһыытынан, Олегтыын арахсаллара дуу… Баҕар, кинилэр сөп түбэспэттэрэ буолуо суоҕа дуо? Оччотугар эдэр-сэнэх эрдэххэ арахсан, кини да, Олег да оҕолонуо, олохторо да суолталана охсуо этэ буоллаҕа эбээт. Итинник санаа кииртэлиир да, кини хайдах да тыла тахсан Олегар эппэт. Тапталларын уота-төлөнө оҕоҕо ымсыы күүһүгэр баһыйтаран, сөҕүрүйэ быһыытыйар быһыылаах. Тоҕо эрэ итинник түмүккэ кэлбит Марина, бара сатаан, үүт-хайаҕас көрдүүр баҕаттан, саатар Олег ханна эмэ аралдьыйан, биир эмэ дьахтарга оҕоломмот да буолан дэтэлиир. Оччотугар кини тоҕо кыыһыраахтыай, төттөрүтүн, үөрүө этэ уонна үчүгэй баҕайытык тэрийэн ыытыа эбитэ буолуо. Оттон бэйэтэ? Оттон… бэйэтэ буоллаҕына… сырыынньа тугу эмэ тобула сатыа эбитэ ини…

Ол иһин үлэтиттэн мэлдьи хойутуур Олег хаһан да сэмэлэммэт. Сэмээр аны, баҕар, тардыллан, улдьааран, биир эмэ түгэҥҥэ аралдьыйан… оҕолонор кэскиллээххэ тиксээрэй дуу диэн кэтэбилгэ сылдьаахтыырын эр киһи үтүөтэ хантан сэрэйээхтиэй?

Оттон Олег атыннык саныыр. Хайдах, кини да киһи дии, тоҕо саныа суохтааҕый? Дьахталлар бэйэмсэхтэр ээ. Бэйэлэрин эрэ айдааннара. Кинилэр эрэ сүрэхтээх-быардаах курдуктар эрээри, алҕаһыыгыт, кэрэчээнэлэр. Кини да эр киһи элээмэтэ этэ дии. Оҕото суох буолар, онтон өссө ыара-ыарахана, букатын да ыччата суох хаалыы диэн хайдахтаах да эр киһи киэбигэр барсыбат. Иэдээн. Ойоҕостон ылан ииттии кинини киэргэппэт. Быраастар этэллэринэн, кинилэр Мариналыын иккиэн төрүүр-ууһуур кыахтаах дьон. Өйдөөтүгүт, ууһуур диэбиттэрэ! Оччоҕо тоҕо оҕоломмотторо буолуой?

Үнүргү сырыытыгар Москубатааҕы микробиолог доҕоро Ленинградка сылдьан билиһиннэрбит гинеколог профессора эппитэ оруннаах: киһи баҕатыттан тутулуга суох, эт-хаан өттүнэн тапсыбата диэн эмиэ баар. Ону кытта ити боппуруоһу ыарыылаахтык туруорунар түгэҥҥэ өйгө-санааҕа, ол аата психикаҕа эмиэ атын харгыс баар буолар. Наһаа оҕоҕо баҕарар, ону олус эрэйэ күннэтэ күүтүү – өй-санаа, син биир ханнык эмэ кэмҥэ туох да диэ, айгырааһыныгар тиэрдэр. Оччотугар наука тугу сүбэлиирий диэ? Сөбүлэҥ быһыытынан кэргэнниилэр арахсыахтаахтар. Эбэтэр, бастаан утаа оҕону ылан ииттиниэхтээхтэр. Оччоҕо мэйиигэр, эккэр-сииҥҥэр уоскуйуу-налыйыы бэлиэтэ булгу биллэр, устунан, дьэ, оҕолонуохха сөп буолар. Ардыгар, туох кистэлэй, ол да көмөлөспөт.

Олег Дмитриевич атыны иитэртэн туттунар. Эмиэ ол табаарыс микробиолог этэринэн, хаан баар, эн иитиигэр-үөрэтиигэр төрдүттэн бэриммэт кутталлаах. Оччотугар ылыахтаах оҕоҥ аймаҕын-уруутун, чэгиэнин-өлүөрүн эрдэттэн сиһилии хасыһан билиэххин наада. Оттон быраҕыллыбыт аата быраҕыллыбыт, ол эрэйдээх туох хааннааҕын, ким этэн биэрэн, хантан билиэҥий? Ити барытыгар – бэлэм эппиэт. Өскүөрүтүн ылбатаҕыҥ ордук буолан тахсар. Хаарты тахсыытын курдук: баҕар табыллыаҥ, баҕар алдьаныаҥ.

Олег Дмитриевич итини барытын Маринатыгар эппэт. Кини уйана бэрт. Уйулҕата олус чараас. Оҕо туһунан кыраны даҕаны кыайан тулуйан истибэт. Оскуолаҕа кыра оҕолору кытта бодьуустаһар ааттаах, булгу кими эмэ аһынан, оннооҕор сэмэлээбититтэн кэмсинэн, дьиэтигэр кэллэр эрэ, ытыыр киһи буоллаҕа. Олег кинини олус таптаан кэргэн ылбыта да, кэнники сылларга ордук аһынарыттан ордубат. Өскө кини бэйэтэ кыайан оҕолообот буоллаҕына, ол туһуттан Марината эрэйи көрөн эрдэҕэ. Оттон Марина сатаан төрөөбөт түгэнигэр, арахсан хааллахтарына, эрэйи көрөөччү эмиэ дьахтар буолуо дии. Онон, тус олох бары кыһалҕата кыттыһан, ханна баран, тугу гынан бу айылаах санааттан-онооттон босхолонуон билбэтэх учуонай төбөтүгэр үлэнэн үлүһүйүү түбүгэ эрэ буолбакка, араас «таракаан» барыта баарын ким билээхтиэй…

* * *

Бастакы куурус устудьуоҥката Татыйык Матвеева кыһыҥҥы сиэссийэтин, ол аата сыл аҥаара үөрэммит билиитин дакаастаһар эксээмэҥҥэ бары предметтэрин бэркэ туттартаан дойдулаата. Өлөөнчүк кыыһа баҕа хоту, дуоспуруннаах быһыытын ыһыктыбакка, этэҥҥэ үөрэҕин түмүктээн, дьиэтигэр айаннаан иһэрин истэн үөрүү бөҕө.

– Оҕонньо-ор, кытаат, били бу күһүҥҥү идэһэбититтэн ууруммут бууппутуттан киллэриэх. Эттээн-астаан, көп өттүн эрийэн бэрэскилиэх, кэтилиэттиэх, – диэн дьаһайбыта ыраатта.

Онон, Маппыайаптар ыалга түбүк элбээтэ.

– Татыйык оҕо үтэ гынан илдьэ барарыгар бэрэски-кэтилиэт буспута, туома, нэдиэлэ буолла! Кыыс буоллаҕына билигин да кэлэ илик, аара хаайтарбатаҕына, бу киэһэ эргин биллэрэ буолуо, – ыаллара дьахталлар, хотоннорун аттынааҕы оттоох кыбыыга саһан туран, сэһэннэрин үллэстэллэр.

Биирдэрэ Биэрэ диэн, эдэрчи эрээри, былаатын куруук тууна баанарын иһин кинини киһи бары эмээхсин курдук көрөр. Иккиһэ – Алаапыс. Аа-дьуо саҥалаах, аны туран оннук курдук, көрдөххө бытаан туттунуулаах эрээри, алыс таһаарыылаах, хотуулаах үлэһит. Уҥуоҕа үрдүк, бэйэтэ хатыҥыр буолан, хайдах эрэ Алаапыс диэн аатыгар дьүөрэлии баҕайы быһыылаах. Быһата, дьон Уһун Алаапыс диэччилэр. Ону билбэт дьон, бу эҥээргэ саҥа кэлбиттэр куруук муодарҕааччылар. «Оччоҕо кыра дуу, кылгас дуу Алаапыс диэн кими этэҕитий», – диэн ыйытааччылар. Кыһын чугас кэлэр-барар сырыы аччыыр, дьиэ таһынан от-мас үлэтэ сайыҥҥы курдук буолбатах. Тымныы буолан ырааппаккын, тыаҕа отоҥҥо, ходуһаҕа оттуу сылдьарыҥ курдук, санаатыҥ да аа-дьуо сэлэспэккин. Ол иһин, хаар түстэ да, утуйбут айылҕалыы, сонун-нуомас эргийэрэ, тылтан тылга тиийэрэ биллэ бытаарар. Итинник үлүгэр кэмчилэнэр кэмигэр, дуона да суох сонун, сонун буоллаҕа эбээт!

– Хотуой, оттон кыыспыт били бэтэринээрэ баар ини?

– Ээ, ханна барыай? Эдэр киһи туора-маары туттара баһаам ини. Үнүр кыргыттар норуодунай тыйаатыр аһыллыытыгар сылдьан көрбүттэрэ, хата, били Ньуккуну кытта, ыбылы куустуһа-куустуһа, үҥкүүлүүр сурахтааҕа…

Бэйи эрэ бэйи… «Ыбылы» диир буоллахтарына, ол аата туох эрэ баар эбит ээ, мээнэҕэ тоҕо «ибили-ыбылы» диэхтэрэй?! Дьахталлартан биирдэригэр дьиктиргиир сибики билиннэ…

– Ньуккуну даа?! Бэйи, онтубут оҕото?

– Ханна барыай, сыттаҕа-олордоҕо дии, дьиэ киһитэ оҕо барахсан. Тэрилтэтэ суох, ийэтэ Ньукку үлэ да, үөрэх да суох…

– Эн, Алаапыс, тоҕо ити кыыһы кырыктаах баҕайытык кэпсиигиний? Үчүгэй баҕайы кыыс буолбат дуо, быһа мытырыйан? Көссүөтэ, сэмэйэ. Киһи эрэ алҕас оҕолонор ини, оҕо кыыс албыннаттаҕа дии. Өлүөсэ уол сыыла сылдьан сыарҕа быатын быһар. Хата, сураҕа, эн сиэн балтыгыныын ыаллаһаары гыммыт дииллэрэ кырдьык дуо?

– Ээ, оттон оннук ини. Инньэ дииллэр даҕаны, ол эдэрдэр сырыыларын ким аахтаҕай… Ньукку да, оттон… син сөбүлүү көрбүт буолан сөбүлэҥинэн оҕолонно ини, ким билиэ баарай. Наар аанньа эр киһи икки, уол оҕо икки аҥаардастыы сэмэлэннэҕэй, – Алаапыс тоҕо кыыска «таала кырыыланара» билиннэ.

– Тыый, хата диэ, аймахтаһаары гыннылар дииллэрэ оруннаах эбит буоллаҕа. Хата, оттон бэрт, сыа сиир саҕана бары кэри-куру умнуллаа ини, доҕор, – ыала Биэрэ бүгүҥҥү кэпсэтии бүппүтүн биллэрэн, тардыбыт отун түүтэхтээн барда.

Дьахталлар ити сэлэһэр айдааннарыгар буолан, анараа диэкинэн Өлөөнчүк кыбыытыгар тахсыбытын өйдөөн көрбөтөхтөрө. Халыҥ таҥастаах киһи бу тымныыга тугу түптээн истиэй, кыҥастаһыай, туһааннаах үлэтигэр тиэтэл муҥунан түһүнэн кэбистэҕэ эбээт.