скачать книгу бесплатно
Кэм кэрэ?иттэрэ
Валерий Луковцев
Бу са?а кинигэ?э били??и бириэмэ бэлиэ, би?ирэмнээх дьоно араас эйгэттэн хабыллан сырдатыллаллар. Ааптар бэйэтин кэмин уонна урукку уустук, дьалхааннаах, бы?ылааннаах сахтарга олорон, ?лэлээн ааспыт интэлигиэнсийэ бэрэстэбиитэллэринэн сирэйдээн, ха?ан да?аны уларыйбат мэ?э сыаннастары, омук, бар дьон ту?угар ?лэни ?р? тутан, устуоруйа уруоктарын умнубат буоларга угуйар.
Аа?ааччы киэ? ара?атыгар ананар.
В данной книге освещаются яркие личности из разных сфер деятельности. Автор через представителей интеллигенции своего времени, а также прошлых непростых лет, живших и работавших в чрезвычайно сложное время и участвоваших в событиях, которые повлияли на будущее республики. Поднимает проблемы вечных ценностей, призывая читателя быть внимательным к урокам истории, трудиться во благо своего народа.
Предназначается для широкого круга читателей.
Луковцев, Валерий Николаевич
Кэм кэрэ?иттэрэ: уус-уран уочаркалар, ойуулаа?ыннар, ахтыылар, публицистика, интервьюлар, сы?ыарыылар
УРАТЫ ДЬ???ЙЭР НЬЫМАЛААХ
Бу са?а кинигэ ааптарын Валерий Николаевич Луковцев-Дьурустааны мин отучча сыл устата билэбин. Кини бэйэтин ба?а ?тт?нэн, утарсарбын кэрэйбэккэ, миигинэ суох, «Би?иги, сахалар…», «Сказ о народе саха» диэн кинигэлэрбин презентациялаа?ыны тэрийэн, оччотоо?у ты?аа?ыннаах сы?ыа??а к?м?скэспититтэн ыла ордук бодору?ан, алты?ан, бииргэ ?лэлэ?эн кэллибит. Уларыта тутуу, саха государственно?ын суолун тобулуу, сомо?оло?уу уонна атаанна?ыы, ?йд???? уонна ?с????, туруорсуу уонна чугуйуу, эрэнии уонна кэлэйии, сити?ии уонна хотторуу – барыта баара бу уустук будул?аннаах кэмнэргэ.
Ааспыт 30 сылы би?иги айдыбыт, туттубут: сити?иитин уонна хотторуутун тэ??э ?ллэстэбит. Политика аам-даам тумана саба т??эрин А. Борисов «Хаарыан хампа к??х кытылым» диэн театральнай айымньыта эрдэттэн сэрэтэн, би?иги кэлэр кэскил ту?угар кы?аллыахтаахпытын к?рд?рб?тэ. Саха интэлигиэнсийэтэ театральнай искусствоны сайыннарар ара?ата суолдьут сулус буолбут суолтатын ы?ыктыбакка сылдьар буолан, норуотун ис чи?ин б???рг?т?р, са?а к?л??нэ ыччаттарга духовнай ?йд?б?л, н??л кырыс буолар.
Маны сэргэ ХХ ?йэ иккис а?аарыгар сахалыы т?р?т ?йд??х, санаалаах, дьо?ун майгылаах, саха оло?ун ис тыыныгар иитиллибит б?д?? суруйааччыларбыт сабыдыаллара ?йэлэр кирбиилэригэр т?р?т тутулбутун туура туттарбатахтара. Семен уонна Софрон Даниловтар, Далан, Болот Боотур, Моисей Ефимов, Иван Гоголев, Тумарча уонна литература кириитиктэрэ, чинчийээччилэрэ Василий Протодьяконов, Эрчимэн – саха са?атын к????рдэн, дьулу?уутун, кы?ал?атын дири?ник э?сэн ырытан, государственнай та?ымнаах ?йд?б?ллэргэ та?аарбыттара.
Ити быы?ык кэм?э саха ча?ылхай учуонайдара В.П. Ларионов, А.И. Кузьмин, М.К. Гаврилова, И.А. Аргунов, З.А. Корнилова, В.Р. Дарбасов, о.д.а. олох-дьа?ах бутууруттан, политическай бы?ыы-майгы ухханыттан ыл?аан, саха ыччатын харыстыы сатаабыттара, суолун-ии?ин ыйбыттара. Улугурбут политическэй система итэ?эстэрин-бы?а?астарын бы?аарарга Михаил Иванов-Багдарыын С?лбэ, Егор Алексеев, Уйбаан Федосеев-Доосо, Далан, Георгий Борисов, Уйбаан Ушницкай, Уйбаан Николаев, Дмитрий Кустуров ???л?р? улахан. Ааспытын иннигэр аны санаатахха, кимэн да киирсиилэр бааллара. «Саха омугу» тэрийбит Владимир Тимофеевич Николаев саха к???л санаата к?н?р?гэр элбэх сыратын биэрбитэ. Бу кэм?э культура, журналистика уонна ??рэх эйгэтэ саха ту?а, дьыл?ата диэн инники к????э тахсыбыта. Уйбаан Шамаев, Егор Жирков, Николай Максимов, Дьурантай, Тэрис, Уххан, Дабыл, Уйбаан Бурцев, Хомус Уйбаан, О?уохай Уйбаан, Ба?ылай Парников, Кыталык Ба?ылай, элбэх учууталлар суураллыбат суоллары тэлбиттэрэ, саха сахатынан кэрэ диэн ис туругу б???рг?пп?ттэрэ. Политическэй эйгэ?э аан бастаан к???л ?тт?нэн холонуу са?аламмыта. Бастаан айыл?аны харыстаа?ын ?тт?нэн киирсэн, онно тирэнэн, араас холбо?уктар ??скээн барбыттара. Ол ту?унан сырдатар «К?л??нэ ситимэ быстыбатын, ?гэс сал?анарын ту?угар» (2009 с.) кинигэ?э элбэх матырыйаал киирбитэ.
Итинник ?р? к??р??лээх, будул?ан буур?а курдук тула ытылла турар кэм?э М.Е. Николаев курдук государственнай уонна сахалыы тускуллаах ба?ылыгы талан та?аараммыт, нуучча уонна саха ньургуннара В.М. Власов уонна К.Е. Иванов, бастаан Аан Дархаммытыгар кынат дайыыта буоланнар, турууласпыппыт. Дьэ, кырдьык, саха дьолугар т?р??б?т ки?и диэн саныыбыт. Кини политикатын биир уратытынан буолар этэ: са?а к?л??нэ интэлигиэнсийэни иитэн та?аарар ту?уттан ыччат общественнай хамсаа?ыннарын бы?аччы к???лээ?ин уонна ?й????н.
Ол и?ин «Эдэр саас», «Эдэр интеллигенция» ыччат уопсастыбаннай тэрилтэлэрэ бы?аччы Президе??э туруорсууларын тиэрдэр, государственнай та?ымнаах ?йг?-санаа?а иитиллибиттэрэ. Оччотоо?у 25–30 саастаах ыччаттарга тирэнэн, би?иги Сахабыт ?р?сп??б?л?кэтин суверенитетын б???рг?т??, сайдыы историческай хардыыта сити?иллибитэ. Уонна билигин ол ыччаттартан санааларынан, дьыалаларынан с??мэрдэнэн, норуот т?с-бас, сис дьонун та?ымыгар ситтилэр-хоттулар, бэйэлэрэ иитээччи, у?уйааччы, салайааччы буоллулар. Олортон биирдэстэрэ Саха ?р?сп??б?л?кэтин демократическай акылаатын тутуспут, сахалыы сайдыылаах ?й-санаа, бы?ыы-майгы олохсуйарыгар т?л?нн??хт?к туруула?ар интэлигиэнсийэ биир бэлиэ бэрэстэбиитэлэ, кырдьыгы-сымыйаны, ?т??н?-м?к?н? эндэппэккэ араарар уонна ону к??н?гэр т??эрэн дор?оонноохтук бы?аарар ураты дьо?урдаах, сытыы, муударай ?йд??х-к?р??лээх. ылыннарыылаах тыллаах, халба?наабат майгылаах до?орбут Валерий Николаевич Луковцев.
Дьэ ханнык дьон быы?ык кэм тургутуутун бодолорун, дьо?уннарын с?тэрбэккэ, дьэ ордук к????рэн, ситэн-хотон, хатарыллан ытыктанар, ыйар-кэрдэр суолталаах та?ым?а тахсаллар эбитий? Дьурустаан холобуругар к?рд?хх?, аан бастаан т?р?т сахалыы эйгэ?э-тыы??а иитиллэн, онно идэтийэн, норуотун дьыл?атын ийэтин ??т?ттэн и?эринэн улаатыахха наада эбит. Валерий Николаевич эдэригэр да?аны уол?амчы, охсу?уук позициялаах буолбатах этэ, тугу да бы?а-хото эппэт, на?аалаабат, нэмин буларга, иллээх бы?аарыыны, майгыны туту?а сатыыр. Бэрт бэрээдэктээх, номо?он, оттомноох да буоллар, и?игэр к??стээх, иитиилээх буора?ы мунньуммут, ??ннэрбит эбит. Бас-к?с интэлигиэнсийэ сабыдыалыгар иитиллэн история кэрэ?итэ, норуоппут харысхала, ис дьи?инэн, суоба?ын кырдьыгынан олорор, айар ки?и. Олох чахчыларын тылынан-дьыаланан к????рдэн, историческай суолталаах факт, событие гынар катализатор оруоллаах. Бэйэтэ бы?аччы политическай акциялары тэрийэр, сити?эр, к???л ту?угар туруула?ар хорсун саха саарына. С?пт??х ирдэбилгэ ту?аайыллан, саха к???л?н, т?птээх оло?ун, кэскиллээх сайдыытын ту?угар сытыы б?р?? буолан са?ылынна, политиканы уонна историяны алты?ыннарар суруналыыстыка?а биир бэлиэ к?ст??нэн буолла.
Кини айар-суруйар идэтин ситиитин-хотуутун суолун биэтэктэрин та?аарбыт кинигэлэрэ ча?ылхайдык туо?улууллар: 36 саа?ыгар, саха эр ки?итэ ситэр-хотор кэрдии?игэр, «Балыырдаах 1986 сыл» диэн докумуоннарга оло?урбут политическай публицистиката тахсыбыта. Бу кинигэ 1928 сыллаах Киин Комитет батталлаах уураа?ын ылыммат к?л??нэ ??мм?т?н к?рд?рб?тэ. Онтон а?а дойду сэриитин кэмигэр сут-кураан содулугар ыалдьан, хоргуйан ?лб?ттэр сордорун-му?нарын арыйан, ?т?? ааттарын тилиннэрбитэ, биир дойдулаахтарын иннигэр ыар буруйдаах муус с?рэхтээх салайааччылары норуот, история дь??л?гэр та?аарбыта. «Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат» диэн, Кыайыы ?б?л??йдэригэр с?п т?бэ?иннэрэн, 2001, 2006 уонна 2019 сылларга та?аарбыт кинигэлэрэ архивнай докумуоннарга, дьон тыыннаах кэрэ?элиир кэпсээннэригэр тирэ?ирбит историческай чахчылары арыйар политическай сытыы публицистика, историческай чинчийии, анаарыы холобурдара буоллулар.
Оттон «Кэм кэрдии уонна ки?и» (2007 с.), «К?л??нэ ситимэ быстыбатын, утум сал?анарын ту?угар» (2009 с.) уонна «Норуот кыа?а – к?м??л к???э» (2014 с.) диэн кинигэлэриттэн Валерий Николаевич ураты айар ньымалаа?ын, сыалла?ын-соруктаа?ын, кини курдук атын ким да суо?ун билиммиппит. Ол кини уратыта туохха к?ст?р?й?
Олох тирээн турар уонна уларыйбат соруктарын к?рд?р?р, ырытар, дакаастыыр, сити?эр суолларын-иистэрин тобулуунан дьарыктанар дьоннору сырдатар, кинилэр ?лэлэрин, айымньыларын ыл?аан, с??мэрдээн, т?мэн, са?а турукка та?ааран, биир кэлим дь???й??, историческай документальнай айымньы гынан о?орон та?аарар модун, ситимниир, тобулар интеллектаах, дь?кк??рдээх, дьулуурдаах, т?л?нн??х с?рэхтээх, айар дьо?урдаах. Кини исти?ник э?сэр, дири?ник хорутар, ымпыгар-чымпыгар киирэр масштабтаах анализтыыр уонна синтезтыыр ?йд??х, ону хомо?ой, сытыы сахалыы тылга т??эрэр кыахтаах.
Маннык айыл?а дэлэгэй бэлэ?ин, о?оруутун, аналын сатаан сайыннарбыт ки?и, би?иги ??лээннээхпит, бэйэтин кэмин тыын боппуруостарын, били??и олох тыгыалас тымырын, бириэмэ бэлиэ дьонун ?й?н-санаатын, соругун сурукка т??эрэн аа?ааччы киэ? эйгэтигэр били?иннэрэр. Кэлин чинчийээччилэр матырыйаал о?остоллоругар анаан сорук о?остон ?лэлиир. Ол быы?ыгар бэйэтэ с?рэ?э с?б?л??р, умсугуйар дьарыгынан уус-уран тылбааска ылсы?ар. Сэбиэскэй литература классига Чингиз Айтматов аатырбыт сэ?энин, талааннаах суруйааччылар Андрей Геласимов, Владислав Авдеев, Виктория Габышева б?д?? айымньыларын саха аа?ааччытыгар тириэртэ. Уопсастыбаннай ?лэ?э син биир кытты?ар, т?р??б?т дойду, бар дьон ту?угар уопсай дьыала?а бэйэтин сэмэй кылаатын киллэрсэр.
Ол и?ин би?иги Валерий Луковцев-Дьурустааны ?рд?кт?к сыаналыыбыт, махтанабыт уонна у?ун айымньылаах оло?у ба?арабыт.
Ульяна Алексеевна Винокурова,
социология билимин дуоктара,
РАЕН академига
I Т???МЭХ
САХА ОМУК ?ЙЭЛЭР КИРБИИЛЭРИГЭР[1 - Ааптар В.Н. Луковцев «К?л??нэ ситимэ быстыбатын, ?гэс сал?анарын ту?угар» (2009) кинигэтигэр киирии тыл.]
Былдьа?ыктаах кэмнэр хас ?йэ аайы саха омук ту?угар м?чч?р?йбэт т??рэх т??эрэр ыгым т?гэннэри ??скэтэллэр. Олох уларыйыытын ис дуорааныттан «к?н-хаан к??эйэр, к??э?э быстар кы?ал?ата тирээн кэллэ?инэ», дьыл?а хаан тургутуутун ?б?гэлэр тыыннарынан ис тыыннаммыт, «?рг?с кылааны ?р? ??ннэрэн… хатан тимир халтарыйар, ыстаал тимир сынтарыйар ыйылла?ас санааны ылынан, арайбакка-чачайбакка, м?лт??б?кк?-ахсаабакка… биири эрэ бигэтик саныыр…» туруу дьон к??ннэринэн к?рс?лл?р.
Саха омук историятын сурукка-бичиккэ киирбит ?р?ттэрин саа?ылаан, ?лб?т-с?ппэт стратегиятын ????н таба тутан сыыйан араарар буоллахха – бу ?й?нэн инникини ?т? к?р? сатаа?ын, онно арыллар са?ахтарга ч?л туруктаах тиийэргэ дьулу?уу. Онон ааспыт кэмнээ?эр, били??и т?гэннээ?эр кэскил быдан суолталанар. Ол да и?ин к?рб??чч?лэр, ичээннэр, инникигэ дьулу?ааччылар – саха с?г?р?йэр, ытыктыыр дьоно буолаллар. Кэлэри баардыы гынарга дьулу?уу – саха менталитетын уратыта. «Ыраламмыты? ытыскар т????» диэн ?йг?р о?орон к?р?н дьулуспуту? эрчимнээх санаа бата?а буолан, илэ тиийэн кэлэр кыахтаах диэн итэ?эллээхпит. Онон ыччат, эдэр ки?и иннин бы?а этэр сэттээх-сэлээннээх. Ыччаты сырдыкка, ?т???э, кэрэ?э у?уйар ыралаах норуот педагогиката чочуллубута. Омук кэскилин ту?угар сырдык ыралаах туруула?ыы с?ппэт-оспот туруктаах. Би?иги да к?л??нэбит ыччат, эдэр уонна орто саастаах дьоно, интеллигенцията орто туруу бараан дойдуга к?дь???э суох к?лдь?н к??рээн буолбата. Ол биир туо?утунан бу к?н сирин к?р?н эрэр дьо?уннаах кинигэ буолар.
Бу кинигэ?э ти?иллибит докумуоннар, ыстатыйалар элбэ?и санаталлар, ?йг?-санаа?а былдьа?ыктаах кэммит ис туругун тилиннэрэллэр. Т?ргэнник да?аны барыта м?л?р?йэр, тумул н????ттэн б?тэ?итик и?иллэр ой дуораанын ньиргиэрин курдук буолар эбит. Кинигэ?э суруллубут чахчылар барылара биир ти?иккэ мунньулланнар, биир кэлим к?ст?? буолан историческай суолталаах кимиилээхтик киирсибит оччотоо?у интеллигенция ааспыт ?йэлэргэ турууласпыт саха саарыннарын к??ннэригэр ойууламмыт. Орто, эдэр к?л??нэ дьон далаа?ыннаах туруула?ыытыгар, бэйэтин дьо?унун тууратын тутарыгар, ?б?гэ тыынынан салайтарыытыгар кини ааспыт к?л??нэлэр дьи? кырдьыктарын буларга, ону ?йэтитэргэ дьулуспута. История кырдьыгын хасы?ан буларга бэлэмнээх буолан, уларыта тутуу арыйбыт аанын ?сс? тэлэччи а?ан, саха историятын ир суолун ирдээбитэ, то? суолун тордообута. Халы? идеологическай к?мн?хт?н т?р?т дьоннорбут ааттарын-суолларын ыраастаан, кинилэр ?т?? ааттарын, туруорсубут идеяларын били??и кэм?э сирдиир, салайар суолталаабыттара. Ол т?м?гэр эрэллээх тирэх ??скээбитэ. Саха историята саха саарыннарын олоххо дьулуурдара быстыбаттык сал?анарыттан турара ча?ылхайдык к?ст?б?тэ. К???лгэ, сомо?оло?ууга, бэйэни салайыныыга дьулу?уу – саха историятын интеллектуальнай традициятын ис туурата, умнуллубат-?сп?т эрчимэ. Ону утумнаан, ону сал?аан, саха са?а к?л??нэлэрэ ?йэлэр кирбиилэрин дабайаллар уонна кэлэр к?л??нэ?э кэриэс туттараллар. Оннук суолталаах бу кинигэ ис хо?оонугар тыктаран би?иги кэммит эдэр уонна орто саастаах интеллигенцията туохха ордук дьулу?ан, тугу кыайан к??н туттарын, тугу сиппэккэ хом санаалаа?ын кылгастык сыныйан к?р??ххэ. Олох ы?ырар-угуйар к?ст??тэ, итэ?э?э-бы?а?а?а, ?т??тэ-м?к?тэ т?гэ?э биллибэт. Оттон ки?и да, б?т?н омук да ычата кэмнээх-кээмэйдээх гына айыллыбыт, онон сирдээ?и олох отуорун хайа да бэйэлээх атыйахтаах уулуу дьалкытар анала суо?а абырыыр. Барыта с?тэр-о?ор, к?нн?р?ллэр буолан, сиргэ олох сал?анар кыахтаах гына айыллыбыт. Онон кэлэр кэскил хас к?л??нэ аайы са?аттан тыргыллар.
Саха сиригэр са?а олох са?аламмыта быйыл с??рбэ сылын туолар. Бу историческай биэтэги Саха сувереннай ?р?сп??б?л?кэтин т?р?ттээбит Михаил Ефимович Николаев Саха АССР Верховнай Советын Президиумун Председателинэн талыллыбыт к?н?ттэн аа?абыт. Бу с??рбэ сыл устата саха к???лгэ, сомо?оло?ууга уонна бэйэни салайыныыга дьулуспут дьулу?уута хайа да ?йэлэрдээ?эр ордук сытыытык турбута, туолбута уонна билигин саба баттанар куттала суо?аата.
С??рбэ сыллаа?ыта социалистическай лаа?ыр ы?ыллан, ки?и аймах геополитическай дьыл?ата тосту уларыйбыта. Улуу Советскай Союз араас ньыманан холбообут тутула ?рэллэн, биэс уонча са?а государство ??скээн, омуктар нация бы?ыытынан сайдар, уйаннара-хатаннара тургутуллар суолугар ?ктэммиттэрэ. Сорохтор ?сс? эбии бытарыйан, атыттар сэрии уотугар киирэн биэрэн, угаайылаах сабыдыалга т?бэ?эн т??рэхтэрэ т??нэстэн, эрдиитэ суох тыы курдук, ытылла сылдьаллар. Били??э диэри чахчы к?н?р-сайдар суолу туппут социалистическай лаа?ыртан босхоломмут биир да омук, нация суох. Политологтар этэллэринэн, ?сс? да ситэри арахсыы, ??мм?т ?йэ ирдэбиллэригэр дь??рэлээх омуктар-нациялар аныгылыы тутуллара ??ск??-сайда иликтэр. К??с ?тт?нэн сир ресурсаларын ?ллэстии баарын тухары, ки?и, омук бэйэтин дьо?унун харыстыыр, туруорсар кыа?а суо?ун тухары ки?и аймах сайдыыта харгыстана туруо?а. Оттон Россия бу сайдыы суолун т?рд?н да тута илик. Онон би?игини ?сс? да у?ун унньуктаах айан к??тэр. Хайа да к?л??нэ дьаныардаах турунуулардаах, бы?аарыылаах талыыттан м?чч? т???? суо?а. Олох хамсыыра ха?ан ба?арар икки сирэйдээх, онтон сырдык ?тт?н талар тустаахтарга тирээбит кэмигэр уустук буолар.
Сир планетатын оло?ун кэрдиис кэмнэрин уратыларыттан ки?и аймах оло?о бы?аччы тутулуктаах. Би?иги, Хотугу полюс чуга?ыгар ирбэт то? муустаах сиргэ олохсуйбут омуктар, айыл?а туругун хаамыытынан салайтарабыт. Ты?ыынчанан сылга бэйэ ис кыа?ар тирэнэн олох олорор ньымалары тобула сатаабыппыт. Онтон кэли??и ?йэлэргэ сабардыыр государство тутулугар олорор ньыма?а ??рэнэ сатыыбыт.
Ааспыт кэмнэр кэрискэлэрин сыыйа-баайа ырыттахха, саха сити?иилээхтик, кимиилээхтик туруула?ара, бэйэтин кыа?ын эбэн и?эрэ ырылыччы к?ст?р. Дьыл?а хаан тургутууларыгар ?лб?т ??скэ ?йэлэри у?уордуур дала?а быра?арга ?рк?н ?йд??х, эрдээх санаалаах, о?уруктаах ньымалары сатабыллаахтык айар к??н туттар салайааччылардаах буоламмыт, быста-быста сал?аммыт эбиппит. Ханнык да кэм?э «кэмэ оннук» диэн саптан кэбиспэккэ, дьон-норуот ту?а диэн туруула?ар бас-к?с дьоннордоох буоламмыт, хайа да омуктаа?ар киэ? сири сабардаан, т?р?т омук уратытын барытын ботуччу тутан олордохпут.
Сэ?эн Ардьакыап, К?л?мн??р, Платон Ойуунускай, Максим Аммосов, Исидор Барахов, Илья Винокуров, Михаил Николаев чахчы да саха ?р?? тыынын ?р???лтэтэ, суон тулаа?ын буолбут дьон. Ол с?р?н дакаастабылынан кинилэр саха омугу бытаныыттан, ?л??ттэн-с?т??ттэн, сааттан-сууттан быы?аабыттара буолар. Кинилэргэ тосхойбут былаас боломуочуйаларын норуоттарын ту?угар ту?аайан, ?рд?к? былаас дьа?алтатын т?р??б?т норуоттарын к?м?скээ?и?э хайы?ыннаран, ?л?р ?л??, кэхтии ма?алайыттан к?м?скээн ылбыттара. Кинилэр саха салалтатын с?р?н ньымаларын чочуйбуттара. Ол эйэлээх уонна туруорсуулаах стратегия, норуот ту?атыгар былаа?ы ?лэлэтии, дьон кы?ал?атын бы?аарыы, ба?ылык тус ытык иэ?э диэн уонна кэлэр кэскилгэ олук охсон хаалларыы курдук киэ? дири? стратегияны туту?ан хоннохтоохтук-хорутуулаахтык дьа?аныы. Маннык эрэ хайысхалаах былаас дьон итэ?элинэн к????рэр, с?ппэт-оспот суола эндирдээх олох хайысхатын ыйар. Ол да и?ин эдэр к?л??нэ олох к??н?гэр эрчимнээхтик киирэригэр суолдьут сулус курдук инники к?л??нэлэр к??н туттубут дарханнарын ааттарын тилиннэрэн, кинилэр идеяларын, стратегияларын туту?ар. Ааспыт с??рбэ сыл былдьа?ыктаах кэмигэр саха дьонун, ыччатын чулуулара «Саха омук», «Саха кэскилэ» хамсаа?ыннары сэргэ «Эдэр саас», Эдэр интеллигенция т?мс??тэ, «Тобул», «Т?гэн», «Т?мэн» курдук ыччат араас ара?аларын т?мэр, сайыннарар, к???л??р тэрилтэлэри т?мэннэр, уларыта тутуу ирдэбиллэригэр олорон биэрбэтэхтэрэ. Ыччат тэрилтэлэрин да ааттара чопчу тирээн кэлбит т?гэ??э сайдыы суолун тобуларга эдэр саас ?йд??н-с?рэхтиин к??рб?т?н, туруммутун туо?улууллар. Ол са?ана ?с араас суол арыллыбыта: бастакыта – к?н?р к???л? к?рд??н к??? т??эн ?р? туруу, бас батарынан баламаттык бар?арарга дьулу?уу; икки?э – олох орто с??р?г?н туту?ан, салгыбакка-салпакка дьулуурдаахтык ?кс?й?н и?ии; ?с??э – олох долгуннарыгар саба о?устарбакка хаптайан биэрэн бас бэринии. Билигин с??рбэ сыл т?м?ктэригэр урукку социалистическай лаа?ыр государстволарын олохтоохторо бары сыанабыл бы?аллар. Барыларыгар да бу кэрчик кэм?э олохторун уйгута тупсубата, советскай цивилизация тутулла сатаабыт киэбиттэн тахсыбакка олороллор. Арай Илин Германия, Польша, Прибалтика ?р?сп??б?л?кэлэрэ эрэ Ар?аа Европа цивилизациятыгар былыргыттан тарды?ыылаах буоланнар, с?т?ктээх курдук санамматтар. Саха дьоно, хас да ?йэ?э бэйэлэрин салайынар киэптэрин былдьаппыт буоланнар, тута толугур со?отох хаалар кыахтара хайдах да суох этэ. Онон М.Е. Николаев ба?ылыктаах са?а былаас хайысхатын саха эдэр интеллигенцията ?й??н, к??с-к?м? буолан, саха бар?атын т??рэ?ин т??эриигэ туруммута. Бу олох орто ????н туту?ууну талыы – саха ыччата сиппит-хоппут лидердэрдээ?ин туо?ута. Онуоха ыччаты т?мэр анал государственнай орган – Ыччат министерствота тэриллэн, онно государственнай да ыйыылары, гражданскай да инициативалары сатаан дь??рэлиир В.П. Ноговицын ?лэлээн, анал ыччат политикатын концепциятын айан, олоххо киллэрэн, са?а саха государствотын тутарга дьулу?ар тыыннаах, сыаллаах-соруктаах ыччаты сайыннарыыга ту?аайыллыбыта улахан сабыдыалламмыта. Маны сэргэ ыччат аныгылыы билиилээх-к?р??лээх, идэлээх буолла?ына, б??? тирэхтэниэ?э диэн анал департамент тэриллэн хас эмэ уонунан ты?ыынча ыччат киэ? эйгэ?э тахсан, кэскиллээх идэлэргэ ??рэнэллэригэр ?й?б?л о?о?уллан ыччаты кинилэр тустарыгар ту?алаах былаас т?р?ттэммитигэр итэ?эппитэ. Ала?а дьиэ кэскилин тэринэн, о?о-уруу т?р?т?н ыал буолар ыччакка анал кредиттэр к?р?ллэннэр, Саха сирин киэ? киэлитигэр са?а дьиэлэр сандаарыспыттара. Ити барыта эдэр ыччат тэрилтэлэрэ уонна былаас дь??рэлээхтик, итэ?эйсэн ?лэлээбиттэрин ?т?? т?м?гэ. Ол сылларга саха омук кытыы сиргэ хаалыылаах та?ым?а хааллыбыт киэбиттэн эмискэ бэйэни государство та?ымынан салайынар кыа?а суо?а. Онон суверенитет бастакы уон сыла ки?и ис капиталын мунньунууга ту?аайыллыбыта саамай с?пт??х социальнай политика хайысхата эбит диэн билигин эрэллээхтик т?м?кт??ххэ с?п. Ити кэм?э саха омук тыын ылан, сиппэтэ?ин ситэрэ сатыырыгар кыах бэриллибитэ. Ол гынан баран, государствоны салайыыга эргиччи бэлэмнээх буолуу кылгас историческай кэм?э сити?иллибэтэ эмиэ ча?ылхайдык к???ннэ. Ол би?иэхэ эрэ буолбатах, Россия бары а?ыйах ахсааннаах баттаммыт омуктарыгар эрэ буолбатах, бэл Илин Европа омуктара эмиэ у?уннук ыарыыланан, кыахтарын сайыннаран к?н?р суолга ?ктэниэх кэри?нээхтэр. Били??и туругунан экономикалара сатарыйан, дьонноро ы?ыллан, сорохторо туспа государство да аатын былдьатыах курдуктар. Ол гынан баран, ки?и бэрки?иэх, социологическай чинчийиилэр к?рд?р?лл?р?нэн, 44 европейскай омуктартан биир да омук ситиспит суверенитеттарын кирбиититтэн аккаастанар санаата суох, социалистическай лаа?ырга т?нн?р? ыраламмат. Оччотугар ССРС ы?ыллыытын а?ыйар к??стэр а?ыйахтар, ?сс? ситэритин ити арахсыы билигин да ситэ б?тэ илик диэн саба?алыыллар. Улахан цивилизациялар киирсиилэригэр Россия бэйэтэ сиппит-хоппут цивилизация бы?ыытынан бэйэтин к?м?скэнэр уонна ?м?р? тардар кыа?а ы?ылла?ас. Урукку ?тт?гэр киэбин та?ынан тар?ана сатаабыта эмтэрийэн, дьи?нээх т?р?т сирдэрин сайдар кыахтарын хааччыйбакка, ис ньыгылын м?лт?т?р. Оннук политическай тутул ки?и, омук харысхаллаах буолуутун хааччыйбат.
Политическай тутул итинник м?лт????нэ ??мм?т ?йэ?э с??кэн экологическай уларыйыылары кытта дь??рэлэ?эр чинчилэннэ. ?ск?т?н хас да кэли??и ?йэ?э сир экологията улаханнык уларыйбакка, омуктар ??скээбит сирдэригэр государство тэринэн олоро сатаабыт буоллахтарына, балысхан экологическай уларыйыылар с????нэн м?л?й??н дьону атыйахтаах уулуу аймаан, сы?айан, Сибиир диэки к???рг? к??эйиэхтэрин с?п. Оннук т?бэлтэтигэр Россия государство бы?ыытынан туруула?ан хаалара уустук. Оччотугар саха омук тар?аммыт сиригэр-уотугар элбэх араас дьон то?уору?уо. Онон атын айыл?а, бы?ыы-майгы, сы?ыан, тутул олохтонуо. Оннук тутулга дь??рэлээх са?а стратегияны, ?й?-санааны и?эриммит к?л??нэни бэлэмниир сыал-сорук субу тирээн кэллэ. Онон ааспыт былдьа?ыктаах с??рбэ сыл бэйэтэ туспа кирбии, быы?ык кэм?э бэлэмнэнии бы?ыытынан сыаналаныан с?п. Бу быы?ык кэм?э саха омук туох-ханнык уларыйыыларга бэлэмнээх буолара эрэйиллэрий, ирдэниллэрий? Манна мин сэттэ араас ирдэбилгэ бол?омтону тардыам этэ.
Бастакы ирдэбил – айыл?а уларыйыыта. Били??и кэрчик экологическай кэми глобальнай сылыйыы кэмэ диэн анал ??рэхтээхтэр дакаастыыллар. Хотугу эргимтэ?э олорооччулар ону тулалыыр эйгэлэрэ уларыйыытын кэтээн к?р?н бигэргэтэллэр, кэрэ?илииллэр. Ити айыл?а уларыйыытын саамай сэрэхтээх к?ст??т?нэн Сир магнитнай полюстара хамсаа?ыннара буолар дииллэр. Ол олус к????рдэ?инэ муус ууллан, сир-дойду иэнэ тосту уларыйыа, оччо?о олохпут эйгэтэ эмиэ тосту уларыйарыгар бэлэмнээх буоллахпытына сатанар. Ол эбэтэр айыл?а ??рэ?ин дири?ник ба?ылаа?ыны уонна айыл?аттан бы?аччы тутулуктаах дьарыктары солбуйар атын ииттинэр дьо?урдары, тэрилтэлэри сайыннарыахха наада буолар. Саха бэйэтин «айыл?а тыынынан тыынан олоробун» диир ?йд?б?л?н дьи?нээх ис хо?ооно дьэ онно арыллыа. Атын сиртэн кы?арыллан к???н кэлбит дьон би?иги айыл?абыт уратытын билбэт, сатаан туттубат буолуохтара. Оччотугар би?иги, олохтоох омуктар буоларбыт бы?ыытынан, дьи?нээх ха?аайыттар курдук дьа?анар туруктаах к?рс??хтээхпит.
Иккис ирдэбил – цивилизациялар хоту диэки сы?арыйыыларыгар уонна харсы?ыыларыгар бэлэмнээх буолуу. Бу урукку ?тт?гэр би?иги к?рс?бэтэх ?л?гэрбит. Былыыр-былыр кытай, монгол омуктар цивилизацияларын кытта алты?ан ааспыт буолуохтаахпыт. Онтон европейскай цивилизация нууччалыы к?р??э православиенан к??н т?стэммитигэр буккуллубуппут. Билигин Россия?а исламскай цивилизация быгыалаан эрэр, глобальнай диэн ааттанар американскай цивилизация сабыдыала к????рэн и?эр. Онуоха тилэх батта?а улуу Кытайга охтуу эмиэ сыллата сэтэрэн и?эр. Онон цивилизациялар араас к?р??нэрэ би?иги тиэргэммит и?игэр киирэн ?й-с?рэх м?кк??р?н к??дь?ттэр к??дь?тэллэр. Би?иги бэйэбитин ханнык да цивилизациялаах курдук чуолкайдык санаммаппыт, ол т?м?гэр барытыгар тардыала?а олорон ?йб?т?н с??йтэрэн, бэйэ дьо?унун ы?ыктар куттал тирээтэ. Дьи?инэн би?иги, Хотугу эргимтэ олохтоохторо, бэйэбит айбыт, тута сылдьар цивилизациялаахпыт – ол арктическай цивилизация. Ситэри эттэххэ, циркумполярнай, ол эбэтэр Хотугу эргимтэ тула тар?аммыт цивилизация ураты к?р??э. Ону туту?а сатаан сахалар элбэх эрэйи да, сэмэни да ылыналлар, тулууру да к?рд?р?лл?р. Дьи?эр, ис-и?игэр киирдэххэ, бу да кинигэ?э ти?иллибит докумуоннар ?й-санаа харсы?ыытыгар, хотугу цивилизация уонна атын цивилизациялар к??нтэ?иилэригэр саха дьоно бэйэлэрэ туту?ар цивилизацияларын к?м?ск??р дь?кк??рдэрин кэрэ?илииллэр. Иччилээн ??скээбит т?р??б?т т?р?т ?б?гэ сир кыа?ынан ?лб?гэ?э тиксии, ты?ыынчанан сылларга чочуллубут олох отуорун туту?уу, омук дьо?унун с?ннь?н – тылын, кут тууратын туту?уу, инникигэ кэскили торумнаа?ын – бу барыта т?р?т хотугу цивилизацияны к?м?скээ?ин, кини эрэ маннык айыл?а?а, сиргэ-уокка табыгастаа?ын дакаастаа?ын. Маннык ?й?-санааны ситэри ?йд??б?кк?л?р, татым ычалаахтар омугумсуйууга, былааска ?тт?й??гэ сыбыы сатаан, хаарыаннаах дьоммут сырдык тыыннарыгар турбуттара. Дьи?инэн, Сир оло?ун хаамыытынан к?рд?хх?, бу ки?и аймах олорор эйгэтин харыстаа?ын, айыл?а туругун алдьаныытын ?м?р?т?? буолар. Оттон государстволар баар да буолуохтара, суох да буолуохтара, кинилэр омук историятынаа?ар быдан кылгас дьыл?алаахтар. Онон саха омук бэйэтин олорор Хотугу эргимтэтин айыл?атын харыстааччыта, ха?аайына диэн сайдыы кэскилин ис тыынын бы?ыытынан ?йд?б?лэ бу кэли??и с??рбэ сылга чуолкайдык ?йд?н?р буолла. Ону кэрэ?илиир докумуоннар бу кинигэ?э элбэхтэр.
???с ирдэбил – ки?и аймах а?а?ас аартыгар ?ктэнии. ?кс?к?лээх эппитинии, Хотугу муус бай?ал хоонньугар хор?ойо сыппыт дьокуут омук с??рбэ биирис ?йэ?э аан дойду аартыктара балысханнык арыллыбыт ухханнарыгар кииристэ. Урут оло?хо?о эрэ аан дойдуну курдуу эргийэ сылдьыбыт бэйэтэ илэ сири-дойдуну оройунан к?т?тэ сылдьар буолла. Бэл о?ох холумтаныттан арахпатах саха дьахталлара тимир к?л?н? миинэннэр аан дойдуну анаарар к??стээх-кыахтаах буоллулар. Маннык а?а?ас эйгэ?э ?ктэнии омук туругар дьайар ?т??тэ да, м?к?тэ да биллэн эрэр. Ыччаты билигин патриоттар уонна глобалистар диэн икки б?л?хх? араарыахха с?п. Патриоттар Саха сиригэр олохсуйар ба?алаахтар, оттон глобалистар ханна кыалларынан быдан барыстаах, сымна?ас айыл?алаах государстволарга сыстан олохсуйарга ба?араллар. Урукку к?л??нэ ыччаттар иннилэригэр маннык талыы тирээн турбат этэ. Му? кэ?ээтэ?инэ, Советскай Союз сабардамынан тар?аналлара. Оттон аныгы ыччат т???н?н сайдыылаах да, соччонон дойдуларыгар батан олорбот, аан дойду киэ? киэлитинэн тар?анар кыахтаналлар. Онон т?р??б?т дойдуга тапталы, бэйэ норуотугар ту?алаах буолар санааны иитэн та?аарар анал сыал-сорук турда. Онуоха биир ту?алаах матырыйаалынан бу уларыйыы м?чч?ргэннээх кэмнэригэр туруула?ан м?хс?б?т саха ыччаттарын талыыларын ту?унан кэпсиир кинигэ буолара саарба?а суох.
Т?рд?с ирдэбил тас эйгэ уларыйыытыгар ки?и ис кыа?а дь??рэлэ?иитигэр туруоруллар. Ол эбэтэр аныгы кэм тэтимэ олус к??скэ уларыйда, киирбит-тахсыбыт, турбут-олорбут, иилэ хабан ылан туттан-хаптан и?эр ки?и сити?иилээх буолар ?йэтэ ??скээтэ. Былыргы курдук сыта-тура толкуйдаан, араастаан эридьиэстээн, атах тэпсэн олорон бы?аарсар кэм ааста. Онуоха дь??рэлээх ээл-дээл, му?кук, сыылба сырыылаах, бытаан айаннаах майгы эмиэ хааларыгар тиийэр. Т?ргэн-тар?ан туттуулаах, элбэх дьарыгы тэ??э тутар, ?г?с ки?ини кытта алты?ар, ула?а санаатын булкуттарбат ис чи?нээх ки?и табыллар бириэмэтэ буолла. Онуоха дь??рэлээн аныгы саха о?ото хамсаныыта, ?йд??р-толкуйдуур тэтимэ быдан т?ргэтээбитин психологтар бэлиэтииллэр.
Маны сэргэ аныгы тэтимнээх, к?рэс былдьа?ыылаах олох ки?и эт-хаан ?тт?нэн чиргэл буоларыгар кытаанах ирдэбиллэри туруорар. Ара? ки?и со?уллан хаалар. Онон сайдыылаах диэн ааттанар государстволарга о?ону кыра эрдэ?иттэн чиргэл буоларыгар, эдэр ыччат спордунан к??скэ дьарыктанарыгар ураты бол?омтону уураллар, ку?а?ан дьаллыктартан харыстыыллар. Оттон к??н к?рс??хтэрэ, былдьа?ыахтара-атахта?ыахтара диэбит омуктарын ыччаттарын ку?а?ан дьаллыкка сутуйа сатыыллар, быртах дьарыктарга сы?ыараллар. Ол курдук, би?иэхэ, Россия?а да, Саха сиригэр да, к?л??нэни к?л??нэнэн ара?, содур, бэйэни кыайан салайынар кыа?а суох турукка киллэрэргэ бу с??рбэ сылга к??скэ туруммуттара. Онуоха киин былааспыт таах олорон биэрбитин т?м?гэр ол ыччаппыт кэскилигэр ыар содулланна. Билигин т?р?пп?ттэр, дьон са?а ?йд?н?н, пиибэ, арыгы, наркотик, проституция, криминал, араас быдьар бы?ыы тас к?ст??т?н харах халтарыйар угаайытыттан дьэ босхолонуох, утарсыах курдук буолан эрэллэр. Ыччаты ыччат угуйар. Онон дьо?ун сиэрдээх-майгылаах, туруула?ар кыахтаах ыччат дьону ?р? тутан, би?ирэмнээх холобур буолалларын сити?эр сорук турда.
Бэ?ис ирдэбил оло?у анаарар к?р?? уларыйыытыгар сытар. Ол эбэтэр ки?и оло?о диэн ки?киниир киэ? куйаар эйгэтиттэн ситим тарпыт кут сайдыыта буолар диэн т?р?т ?йб?т?н-билиибитин са?алыы сайыннарыы. Материалистыы мас курдук судургутук оло?у анаарыы т?м?гэр ки?и оло?ун ураты кистэлэ? анала суураллар, суолтата намтыыр, бэйэни салайынар кыа?а кыа?ыланар. Оттон т?р?т сахалыы ?йд?б?ллэринэн ырыттахха, ки?и ис кыа?а – бараммат к?нд? бар?а. Ону тута сылдьар буолан саха ыччата барытыгар дьо?урдаах, атын омуктар ыччаттарыгар к??н?н т??эн биэрбэт. Оннук к????гэр к????, кыа?ар кыа?ы, эрчимигэр эрчими эбинэр буолан, саха ыччата оччугуйтан да улаханы ??скэтэр, та?аарар кэскиллээх. Онон «кыра-хара омукпут» диэн бэйэни сэнэнииттэн тардыныахха, ыччаппыт кэскилин та?нарымыахха. Суорун Омоллоон саханы «куттас омук» диэн эппит да буолла?ына, кини, араа?а, т?р?т кыа?ын батталга киэптэтэн, хас репрессия аайы к???рээн, алаа?ыгар б?гэн ордубут дьонун а?ынан эппитэ буолуо. Куттас, кутуйах хороонун кэ?этэр омук маннык ?с м?л?й??н квадратнай километр тухары тайаан сытар сири иччилээн, олох-дьа?ах тэринэн иитиллэн олоруо суох этэ. Би?иги курдук ахсааннаах уонна онуоха дь??рэтэ суох киэ? сирдээх омук б?т?н аан дойду ?рд?нэн суох. Айыл?ата тыйы?ын этэ да барыллыбат. Онон си?нэриилээх, сэнээ?иннээх сы?ыа??а киирэн биэрэр ончу сатаммат. Хата, т?тт?р?т?н, дьэ эбии сэтэрэн, дьэ эбии кэ?ээн кимиилээхтик киирсэн и?иллиэхтээх. Ол курдук саха интеллигенцията быы?ык кэмнэргэ туруорсуулаах буолара. Бу кинигэ эмиэ ол кэрэ?итинэн буолар.
Алтыс ирдэбил Одун хаан о?о?уутун, Чы?ыс хаан ыйаа?ын туту?уу к?рэ?эр к?ст?р. Ол эбэтэр омук бы?ыытынан бэйэ бодотун, аналын туту?ар кыахпытын тургутуу. Этиллибитин курдук, а?а?ас эйгэ?э тар?анан хаалыахха с?п, олорор сирбитигэр элбэх дьон аа?наан кэлиэхтэрин с?п, иинэ?эс, му?кук ыччаттанан кэрэгэй кэскиллэниэххэ с?п. Бу барыта Одун хаан о?о?уутун, Чы?ыс хаан ыйаа?ын ситэри ?йд??б?кк? та?нарбыт содулугар арыллар ?л?? ма?алайдара. Ки?и аймах к?н сирин дьоллоох иччитэ буолан айыллыбыт аналлаах. Ол тэ?э саха омукка ананыллыбыт кыталыктаах кырдаллардаах хотугу дойду туругун ту?угар сахалар ?рд?к эппиэтинэ?и с?гэллэр. Ол да и?ин айыл?а харыстабылын дьаны?ан туруула?абыт, саамай ыалдьар, сомо?оло?ор чопчубут онно иитиллэр. Айыл?а ч?л туругуттан сиэттэрэн олохпут уйгута, дьыл?абыт о?о?уута т??рэх тэбэр. Онон суверенитет диэн угуйуулаах к???л туруга айыл?аны харыстаа?ынтан са?аламмыта уонна кииннэммитэ. Иитиллэр ийэ эйгэбитин та?нарбатахпытына, Иэйэхсиппит кэлэйиэ суо?а, Айыы?ыппыт арчылыы сылдьыа. Оччо?о кэхтии, иинии ыар тыына би?игини тумнуо. Айыл?а тыынынан тыыннанан хас биирдиибит ?йэтэ у?уо, омук кэскилэ кэтириэ.
Сэттис ирдэбил – ба?ылыыр былаас уларыйыыларыгар туруула?ыы. Ки?и аймах историятын анааран к?рд?хх?, т???л??х элбэх государстволар ??скээбиттэрэй уонна сууллубуттарай? Оттон кыахтаах омуктар са?а хаан эбинэн, ааттарын салгыы салайан, ?сс? к????рэн и?эр буолар эбиттэр. Саха да саха ааттаммыта т?? былыргыттан. Хаста да дь???н кубулуйан, олох стратегиятын уларытан, бу с??рбэ биирис ?йэ?э ?ктэннэхпит уонна салгыы сайдыы стратегиятын тобулабыт. Билигин Россия учуонайдара саханы пассионарнай омук диэн билинэллэр. Саха стратегиятын биир уратытынан ба?ылыыр былааска сыстан, онтон кыах ыларга дьулу?уу буолар. Онтон сибикилээтэххэ, былаас да, государство да араастык уларыйдахтарына, са?а кыах ??ск??р?гэр эрэл баар. Ха?ан ба?арар араас уларыйыыларга омук ч?мч?к?л?р? ?с а?ыы хайдаллар: уруккуну туту?ааччылар, уруккуну утарсааччылар уонна орто с??р?г? туту?ааччылар. Саха ортону ордорор, ол с?ннь?н була сатыыр м?кк??р к?рэ?эр сыы?а-халты да туттунуон с?п. Ба?ылыыр, тастан со?номмут былааска т?р?л?мм?т о?ус курдук сиэтиллэр майгы-сигили би?иэхэ олохсуйбатах. Ол да и?ин ис к???ллээх буолан, баччалаах киэ?, тыйыс сиргэ тар?анан, туспа буруо та?ааран ураты омук аатын ылан олордохпут. Оттон кэлэн и?эр далаа?ыннаах уларыйыыларга быы?ык кэм?э мунньуммут уопуппутун ымпыктаан-чымпыктаан ырытан, сыы?атын-халтытын ыл?аан, туруула?ар ньымалары чопчулуох тустаахпыт. Оннук сыалы-соругу туруоран, бу кинигэни кэлэр кэрдиис к?л??нэ ыччатыгар уунабыт.
Кэнэ?э?ин-кэнэ?эс ки?и аймах омугунан буолбакка, ?й-санаа, майгы-сигили кылааннаахтарынан салайтарар кэмнэрэ ??н???э. Оччо?о эрэ сирдээ?и олох силигилиир кыахтаныа?а. Онно дьо?уннаах дуо?унастарга, иилиир-са?алыыр т?м?к бы?аарыылары ылынар тэриллиилэргэ саха ыччата к??н?нэн кыттарыгар эрэллээхпин. То?о диэтэххэ, би?иги курдук айыл?а эриирдээх ирдэбилин этигэр-хааныгар и?эрэн, эйэ?эс, сайа?ас, ньыгыл уйул?аламмыт омук суох. Би?иги курдук к???л ту?а диэн то?ортон-хатартан толлубатах омук суох. Би?иги курдук а?а?ас киэ??э тарды?ар, аан дойду та?ымынан ?т??н?, сырдыгы, кэрэни ыраланар омук суох. Би?иги курдук быста-быста сал?анарга ??р?йэх буолбут, ба?ылыыр омуктар быыстарыгар бэйэ бодотун ?йэлэри курдаттаан ы?ыктыбатах омук суох. Би?иги курдук Киэ? Куйаар та?аратыгар с?г?р?йэр, айыл?а?а дь??рэлээх ки?и аймах ки?илии майгытын ??скэппит итэ?элин та?нарбатах омук суох. Онон би?иги ис турукпут ыраас, аньыы, сэт-сэлээн мунньуллубатах, ол аата айыл?аттан да, ки?и аймахтан да иэстэбил т?р??тэ суох. Хата ки?и аймах алгыстаах ?т??н? к??тэр эрэл санаата тус хоту ту?аайыллар. Ол аата, би?иэхэ, сахаларга, хотугу дойду хо?уун, дьо?ун олохтоохторугар.
?б?гэ ?гэ?инэн, ?лб?т с?бэни омук бэйэтэ эрэ сити?эр. Туораттан кэлэн абыраабыт, ?р? тардыбыт суох. Ар?ааттан-со?урууттан ?рэр хахсаат тыал астар ту?а биллибэт. Онон хотугу муора хонно?ор хор?ойбут саха омук дьыл?ата былыргыттан быйылгыга да, кэнэ?эски да ?тт?гэр иитэн та?аарбыт сайдам са?а к?л??нэтиттэн, ??нэр ыччатыттан тутулуктаах. Иитиллибит – иэстээх.
У.А. Винокурова,
«К?л??нэ ситимэ быстыбатын,
утум быстыбатын ту?угар» кинигэ (2009)
киирии тылыттан
САХА НЬУРГУНА ДЬ?Г??Р СУРКУОП
Туругу, соругу атыннык к?р?????
Саха ?р?сп??б?л?кэтин с??с сылын кэрдии?э б?тт??н дойду уустук ?йэтин – ?ксэ будул?аннаах, атаанна?ыылаах, алдьатыылаах А?а дойдуну к?м?ск??р сэриилээх, ол кэннэ ???ээ ?кс?й??лээх, онтон былаас эстиилээх, та?нары т????лээх, кэли??и кэм?э са?аттан ?н?йэ сатаа?ыннаах иннэ-кэннэ биллибэт кэмигэр т?бэстэ.
Бу били??и кэм уратыта – Арассыыйабыт инники к?р??тэ чопчута суох, сайдыы суолугар киирбиппит к?ст?бэт. Ол да буоллар, Сахабыт Сиригэр ?р?сп??б?л?кэлээх омук хайаан да кэскили к?р??лээх, сыаллаах-соруктаах буоларбыт эрэйиллэр.
Баар бала?ыанньаны анааран, кы?ал?аны аа?ар-суоттуур хара?ынан к?р?н, с?бэни т?мэн, уопсай ?йд?б?л ??скэттэхпитинэ – иннибит диэки эрэллээхтик хамсаныахпыт.
Салгыы тус бэйэм санаабын, толкуйдаан та?аарбыт тобулбун дьон-сэргэ бол?омтотугар ту?аайабын.
Сир баайын хостоо?унугар – харыстабыллаах сы?ыаны
Саха сиригэр сир баайын хостооччулар тулалыыр айыл?а?а хоромньута, олохтоохторго охсуута суох ?лэлиэхтээхтэр. Би?иэхэ ?лэлиир аан дойдуттан капитал кыттыгастаах корпорациялартан холбо?уктаах омуктар ылыммыт экология?а стандартарын туту?ан ?лэлииллэрин ирдиир кэммит кэллэ.
Б?л?? уутун киртийиитэ, Саха сирин ар?аа ?тт?н экологията аан дойдуга б?д??н?р?нэн биллэр аламаас уонна нефть-газ корпорацияларын айыл?а?а сы?ыаннарыттан тутулуктаах. Кинилэр уонна чох корпорацията, кы?ыл, ?р?? к?м???, сурьманы, тимир таа?ын хостуур улахан хампаанньалар бары цивилизациялаах дойдулар та?ымнарынан экология ирдэбилин туту?ууга ыраас барыыстарыттан уон быры?ыан кэри?ин, онтон да ?рд?г? ту?аайыах тустаахтар.
Олохтоох былаас, эко-актыбыыстар уонна уопсастыбанньыктар ?йд??хт?к уонна сатабыллаахтык иннилэригэр тирээн турар соругунан экология нуормаларын уонна сир баайын хостоо?у??а харыстабыллаах сы?ыан ирдэбилин туруорсаллара с?пт??х.
Хотугу сир экономикатын са?а к?р??э ??ск??хтээх
Би?иги Сахабыт сирин уратыта – аан дойдуга б?д???нэн биллэр алмаас, нефть, газ, чох корпорациялара баар да буоллаллар, бу к?м?с хостоо?уна ?р? к?пп?с гыммыт кэмэ да кэллэр, бэйэтэ олохтоох бырамыысыланна?а суох кэриэтэ олороругар буолар. Олохтоох бырамыысыланнас б?т?н министиэристибэтэ баар буола сылдьыбыт сэбиэскэй кэмин санаан кэлэр то?оостоох буолла.
Урбааны кэ?этэри уонна са?а о?орон та?аарыыны ??скэтэри к???л??р дьа?аллар ситэ к?дь???э суохтар. Тутуу индустрията к?рд?р?н туран м?лт??т?. Алдан, онноо?ор Нерюнгри олохтоох о?орон та?аарар тэрилтэлэрэ ситэ кыа?ыран испэттэр. АЛРОСА салайар аппараата Мирнэйтэн Новосибирскайга дьи?э, с?б? суохтук к???р?лл????ттэн Мирнэй, Удачнай, Айхал куораттар алмаас корпорациятыгар ?лэлээбэт атын олохтоохторо быра?ыллан хааллылар. Киин куораппытыгар – Дьокуускайга ??нэн и?эр ?лэ?ит ыччат бэйэтин дохуот киллэринэр дьарыгын тэринэрин к???л??р толкуйдары тобулуохтаахпыт. Ону тобулан ?лэ миэстэтин, са?а дохуоттаах дьарык к?р??нэрин элбиирин сити?иллиэхтээх.
Олохтоох бырамыысыланнас, урбаан, бэйэ о?орон та?аарыыта кыа?ын ыларыгар усулуобуйа, ?й?б?л суо?ун тэ?э.
Сир баайын хостуур улахан хампаанньалар о?орон та?аарыылара кэ?ээн, барыыстара быдан б?д????н и?эр. Ону тэ?э кинилэр салалталара олохтоох дьонтон тэйэн и?эр.
Т??? да са?а бас билээччилээх, са?а салалталаах буолбуттарын и?ин, хас биирдии б?д?? корпорациялары, улахан хампаанньалары Саха сирин дьонугар-сэргэтигэр сирэйдэринэн хайы?ыннарар сыалы-соругу туруорунуо?у?.
Би?иги сирбитигэр а?ардас АЛРОСА эрэ баар буолбатах. «Транснефть», «Газпром», «Сургутнефтегаз» курдук аан дойду ырыынагар тарбахха баттанааччылар эмиэ бааллар. Чо?у хостооччулар эмиэ аан дойдуга тахсыылаахтар. К?нд? таа?ы, к?м??? хостооччулар сэбиэскэй кэмнээ?и к?рд?р??н? а?ардылар, барыстара ба?аам – к?м?л???р иэстээхтэр. Бары Саха сирин сайдыытыгар кытты?ар кыахтаахтар.
Б?тт??н Арассыыйа Т?р?т Сокуонугар баар «Сир итиэннэ сир баайа ту?ааннаах т?р?т омуктар олохторун-дьа?ахтарын тупсарарга тирэх бы?ыытынан туттуллуохтаах» диэн с?р?н бала?ыанньа ?лэлиэх тустаах.
Онно би?иги былааспыт кы?алларын, уопсастыбаннас кытты?арын, ирдиирин эрэйэр кэм ??скээтэ.
Тыа сирэ – омукпут дьыл?ата
Саха дьонун уонна хотугу омуктар т?р?т дьарыктарын, ?б?гэ сиригэр бырааппытын к?р?р, бултаа?ын уонна балыктаа?ын ту?унан сокуоннары ?й????н уонна анал программалар к????рэллэрин сити?эр сорук турар.
Бу хайысха?а судаарыстыба бэлиитикэтин са?ардыыга ураты суолтаны орто саастаах дьону, ?б?гэлэрин уонна т?р?пп?ттэрин дьарыгын салгыыр эдэр ыаллары, ынах, сылгы, таба иитэр дьону ?й??????э ууруллуохтаах.
??нэн и?эр ?лэ?ит ыччат ?б?гэтин сирин-уотун харыстаан илдьэ хаалыахтаах, тыа ха?аайыстыбатынан уонна булдунан дьарыктанар учаастагы, нэ?илиэстибэ бы?ыытынан кэлэр сири бэйэтин ?й?н-с?рэ?ин ууран туран ба?ылыырга дьулу?уохтаах. Саха сирин ?рд?нэн сиртэн уонна ойууртан, ол и?игэр сир баайдаах хайалартан бы?а астаран ыларга бэриллибит кыа?ы тахсан и?эр к?л??нэ ту?аныах тустаах.
Аныгы кэм ирдэбилигэр с?п т?бэ?эр оло?у-дьа?а?ы тэринэр уонна тыа сиригэр сайдыыны а?алар ту?уттан дьо?ус тэрилтэлэри, олохтоох тутуу индустриятын базаларын тэрийэр с?пт??х (бэйэтигэр бетону уонна бетон блоктары о?орон та?аарар тэриллээх; бытарытар уонна араарар тэриллээх кумах уонна щебень таас ылар карьердаах). Оччо?о улахан кыамталаах массыыналаах олохтоох дьо??о эбии ?лэ ??ск???э. Бу саас-сайын эмискэ тутуу матырыйаалыгар, бурууска, эрбэммит маска сыана икки т?г?л, онтон тахса ?рдээн, са?а дьиэ тутуутун ороскуота а?ара барда. Кэтэх ыал дьиэтин буруу?ун ма?ынан тутуохтаа?ар, таастан туттара ордук чэпчэки буолан эрэр.
Чугас, тэйиччи да?аны баар хайабыт таа?ын та?астаан та?аарар технологияны ба?ылыыр кэскиллээ?ин ?йд?????, хамсаныа?ы?. Манна Алдан э?эр ??скээн, тахсан сытар диопсид уонна дунит боруодалары, улуустарга баар атын таастары ту?а?а та?ааран, ?йэлээх, сылаа?ы ?ч?гэйдик тутар тутуу матырыйаалларын бэйэбит о?орору сити?иэ?и?.
Цивилизация хаалынньа?ыттан тахсары сити?иэххэ
Би?иги сайдыылаах олох та?ымыттан (цивилизацияттан) хаалан и?эрбитин кыбыстыбакка эрэ билинэр кэммит кэллэ. Дьокуускай куорат 17-с кыбаарталыгар онон-манан туалеттар та?ырдьа тураллара – цивилизация би?иэхэ суо?ун к?рд?р?р.
Улуус кииннэригэр, дэриэбинэлэргэ т??? дьиэ?э сылаас туалет суох да – оччонон цивилизация суох.
Икки этээстээх мас дьиэлэргэ электричество тардыытын туруга м?лт???ттэн ба?аардар буолаллара цивилизация ирдэбилигэр с?п т?бэспэт.
Киин куоракка уулусса кытыытынан ардах уутун а?арар канализация суо?а аныгы кэм та?ымыгар тахса иликпитин туо?улуур.
Уулусса аайы таас тротуардаах буолары итиэннэ бадараан, быыл куоракка, улуус кииннэригэр суох буоларын сити?эр сорук туруохтаах.
Би?иги бу хаалыыбытын кистии-саба сылдьыбаппыт ордук. Баары баарынан аахсан, аа?ан-суоттаан онтон хайдах тахсары толкуйдуох-тобулуох тустаахпыт.
Цивилизация хаалынньа?ыттан тахсыы – били??и кэм ирдэбилэ. Бу – былаас бары ара?атын иннигэр турар аныгы ирдэбил.
Куорат уонна улуустар б?ддь??ттэрэ аа?ан и?эр сыллаа?ы ороскуоту толуйарга аналлаахтар. Кэскиллээх былааннар ?б?лээ?иннэрин манна к?рд?р?р к?ч?мэ?эй, кыаллыбат тэ?э.
Онон бу улахан кы?ал?а?а сытыы бол?омтону тардан, дойду киин былаа?ын кытты?ыннаран, кинини кытта Дьокуускай уонна атын куораттар мас кыбаарталларын са?ардан тутуу федеральнай тус соруктаах программатын о?орон-чочуйан олоххо киллэрэри сити?иэххэ.
Республика 100 сылын кэрдиис кэмин кэннэ цивилизация хаалынньа?ыттан уон сыл и?инэн букатыннаахтык тахсар дьо?ун соругу туруорунар с?пт??х.
Сайдыы суолун туту?уу – быы?анар ньыма
Мин сайдыы ту?унан толкуйдуо?у?, сайдыы ту?угар хамнаныа?ы? диэн ы?ырабын.
Сайдыы бэлиитикэтин бигэргэтэр, урбаан уонна производство са?а к?р??нэрэ ??ск??ллэрин ба?арыа?ы?. Арассыыйа олохтоохторо бары судаарыстыба экономика?а уонна бырамыысалыннаска бэлиитикэтэ ха?ан са?а ис хо?ооннонорун кэтэ?эр.
Би?иги бары дойдубут сайдыы киэ? суолугар эрэллээхтик киириэн итиэннэ са?а технологияларга оло?урбут олох-дьа?ах, уопсастыба тутулугар к??? к?т?н тахсыан ба?арабыт. Саха сирин олохтоохторо о?орон та?аарыы дьо?ус тэрилтэлэрин ??скэтиинэн уонна бэйэ дохуоттаах дьарыгын кэ?этиинэн хайаан да дьарыктанарбыт ирдэнэр. Мин к?р??бэр, мантан салгыы кэм?э Саха сирин орто саастаах хас ???с олохтоо?о, хас иккис эдэр ки?итэ дохуот киллэрэр бэйэ дьарыгын булуммут, о?остубут буолуохтаах.
Са?а ?йэ – са?а технологиялары ба?ылаа?ын, онуоха оло?урбут са?аны о?орон та?ааран ырыынакка эргинии кэмэ. Са?алыы к?р??лээх урбаанньыттар уонна к???л тыыннаах, дьо?урдаах эдэр дьоммут хорсун санааларынан Саха сирэ Азиатскай-Тихоокеанскай ырыынакка тахсар ураты суолларын тобулуохтара диэн эрэнэбин. Онно Саха сирин минералларын уонна хайатын боруодаларын ту?а?а та?аарыы тирэх буолуо?а. Холобур, уокка умайбат тутуу матырыйааллар уонна техническэй суолталаах бородууксуйалар.
Би?иги суол арахсыытыгар турабыт.
Эбэтэр иннибит диэки хардыылыыр бэйэбит ыллыктарбытын булан, киэ? сайдар суолга тахсыахпыт, эбэтэр хаалынньа? буолуу уонна дьадайыы би?игини э?иэ.
Ийэ тыл, т?р?т култуура – баар буолуубут мэктиэтэ
Дойдубут т?р?т омуктарын тыллара уонна култууралара – би?иги Арассыыйабыт чэлгийэр тыына, харысхаллаах баайа буолар.
Кинилэри барыбыт б?тт??мм?т баайын бы?ыытынан харыстаа?ын, сайыннарыы уонна омуктар култуураларын дь??рэлэ?иннэрии – норуоттар бэйэ-бэйэлэрин ?йд????лэрин уонна Арассыыйа биир сомо?о буолуутун мэктиэтэ диибин.
Би?иги 2009 с. «??рэ?ирии ту?унан» федеральнай сокуо??а киирбит уларыйыылар содулларын умнубаппыт. Ол уларыйыыларга с?п т?бэ?иннэрии диэн ааттаан республика сокуонуттан национальнай-региональнай компонент ту?унан ыстатыйаны суох гынаары ыгыы-т??р?? буолбута. Онно бастаан Ил Т?мэ??э би?иги саха норуотугар, хотугу омуктарга тыын суолталаах сокуоммут с?ннь?н туруула?ан к?м?скээбиппит. Федеральнай сокуону о?орооччуларга кытта сабыдыаллаабыппыт.
2018 сыл саа?ыгар Ил Т?мэн 5-с ы?ырыылаах мунньа?ын дьокутааттара мин ??рэнэр тылы талыыга к???л?, т?р??б?т тылы ??рэтэр бы?ыыны-майгыны хааччыйар тэрээ?ини б?р?к?рээттии быраабыла?а хаайан хааччахтыыры, ??рэх тылын талар быраабы оскуола та?ымыгар эрэ киллэрэргэ сорунууну Т?р?т Сокуо??а оло?уран утарбыппын ?й??б?ттэрэ.
Ил Т?мэн ити к??стээх бы?аарыытын салгыы Госдума?а туруула?ыннара миигин ыыппыта. Ол т?м?гэр ??рэнэр тылы талыы к???л?н уонна республикалар судаарыстыбаннай тылларын та?ымын т??эрии сатамматын ту?унан би?иги туруорсуубут ?й?мм?тэ уонна аахсыллыбыта.
Били??и кэм?э аны у?уйаан саастаах, бэ?ис-алтыс кылааска тиийэ саха о?ото т?р??б?т тылыттан к?рг??м?нэн тэйэн эрэр. Бу ааннаабыт кы?ал?а элбэх ыалы, нэ?илиэк аайы дьону долгутар.
Манна са?а дьа?аллар наадалар. Т?р??б?т тылы сыыппара эйгэтигэр то?о анньан киллэрии су?аллык ?б?лэниэх тустаах о?о аймах компьютергэ, т?л?п????э ийэ тылынан аа?ар, оонньуур, к?р?р кыа?ын уталыппакка, салгыы бириэмэни с?тэрбэккэ хааччыйыахтаахпыт. Ону о?орор, айар, олоххо киллэрэр дьо?урдаах дьон ?лэлэрэ бы?аччы уонна киэ?ник ?б?лэнэрин сити?ии – бу тыын суолталаах сорук буолар.
Доруобуйа харыстабылыгар, социальнай бэлиитикэ?э ураты бол?омтону