banner banner banner
Ийэм кэпсиир… (1 чааһа)
Ийэм кэпсиир… (1 чааһа)
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

Ийэм кэпсиир… (1 чааһа)

скачать книгу бесплатно

Ийэм кэпсиир… (1 чааһа)
Семен Маисов

Дьоҕурдаах эдэр ааптар сэрии ыар сылларыгар төгүрүк тулаайах хаалбыт кыыс оҕо санаатын күүһүнэн, олоххо дьулуурунан, тулуурунан, үтүө дьон көмөтүнэн кыһарҕаннаах дьылы-кэми этэҥҥэ туоруурун баай, хомоҕой уус-уран тылынан кэпсиир

Маисов Семен Семенович

Ийэм кэпсиир…

…Киһи төһөнөн сааһырар, кырдьар да, соччонон оҕо сааһын ахтылҕана күүһүрэн, дьэҥкэрэн иһэр буолар эбит. Мин дьадаҥы, мин кэнэн оҕо сааһым, эдэр сааһым быстах, туҥуй күннэрэ күн аайы, түүн аайы, уубун уйгуурдан, мин дууһабын үүйэ туталлар, олус чаҕылхай, олус кэрэмэн буолан көстөллөр…

Семен Данилов,

саха норуодунай поэта

Төрүттэрим Бүлүү Кыргыдайыгар баар Кэҥэрэччи диэн ааттаах дьоһуннаах эбэ үрдүк өтөҕөр олорбуттара. Эһэм Кэнээрэп Өлөксөй Уйбаанабыс-Хара Өлөксөй уонна Лөкүөрүйэ диэн эбэм, саха ыалын сиэринэн, туспа балаҕан туттан, бур-бур буруо таһаарынан, ынах, сылгы сүөһү ииттэн быр бааччы олохтоох ыаллар этилэр.

Эһэм аах сүүрбэ ордугуна түөрт буолан бииргэ төрөөбүттэрэ эбитэ үһү. Дьэ оччолоох дьон ханна-ханна тарҕанан, ускул-тэскил баран быралгытыйан, сир-сир аайы арҕам-тарҕам ыһыллан, симэлийэн сүппүттэрин билбит суох. Кыыс аймах өттө, биллэн турар, кэргэн тахса-тахса төрөөбүт өтөхтөрүттэн тэлэһийэн туспа сиргэ баран оҕолонон-урууланан, силис-мутук тардынан олохсуйбуттара саарбаҕа суох. Аны, эһэм кэпсииринэн, хас да оҕо бэрт кыраларыгар ыалдьан өлбүттэрэ үһү. Мин өйбөр эһэм ол кэпсэлиттэн кинилэр бииргэ төрөөбүттэриттэн аҕыйах киһи аата-суола быстах-остох, ойдом-сойдом ордон хаалбыт: Соппуруон, Уйбаан Оҕо (тоҕо эрэ «оҕо» диэн эбии хос ааттаан этэллэр эбит), Баһылай Оҕо, Отчут Мэхээлэ, Буйаа (хос аата буолуохтаах, хайаан да таҥараҕа сүрэхтэнэн нууччалыы ааты ылыммыта чуолкай), Тэмпэ Уоһук, Даадалай Ыстапаан…

Мантан ордук эһэм бииргэ төрөөбүттэриттэн биир да киһини, кыыс өттүттэн чороҥ соҕотох ааты-суолу да өйдөөбөппүн.

Ийэбинэн эбэм, Лөкүөрүйэ ийэтэ, Сүүс Мотуруун диэн ааттааҕа эбитэ үһү. Мин төрүү иликпинэ, Кэҥэрэччи күөлүгэр олорор эрдэхтэринэ, өлбүт уонна олорбут өтөҕүн кырдалыгар онно хараллыбыт. Сүүс Мотуруун сыылкаҕа, көскө кэлбит бэһиэччик киһиттэн, тоҥ нууччаттан, оҕоломмут. Онон эбэм арыы саһыл, сырдык хааннаах, ыраас сэбэрэлээх, уһун синньигэс муруннаах, ньолбоҕор сирэйдээх бааһынай эмээхсин этэ. Саҥа, омос көрөр, билбэт дьоммут балаҕаммытыгар киирдэхтэринэ мэлдьи нуучча эмээхсинэ дииллэрэ. Хос эбэм Лөкүөрүйэ кэннэ кэлин оҕоломмотох, кэргэн да тахсыбатах.

Эбэм Лөкүөрүйэ үстэ оҕоломмута үһү. Ийэм – бастакы, кини кэнниттэн уол оҕо төрөөбүтэ балчыр сааһыгар ыалдьан төннүбүт. Үһүс оҕото – таайым Бүөтүр. Кини өссө Нуолур диэн ийэлээх аҕата иҥэрбит таптал ааттааҕа, онон дьон-сэргэ хайа Бүөтүрүн араараары гыннахтарына Нуолур Бүөтүр дииллэрэ.

Ийэм, ийэтин батан, үрдүк уҥуохтаах, сырдык хааннаах, эр дьон эрэ сэргии, кэрэхсии көрөр сэбэрэлээҕэ. Эбэм уот кугас баттахтаах эбит буоллаҕына, ийэм, айбыт аҕатын өттүттэн хаана тардан, такымын ааһар ыас хара долгулдьуйар уһун суһуохтааҕа.

Таайым Бүөтүр саха киһитигэр ортону үрдүнэн көнө уҥуохтаах-арҕастаах, сытыы-хотуу тыллаах-өстөөх, киирбит-тахсыбыт, кэлбит-барбыт, эмиэ нуучча төрүттэрин батан, ыраас хааннаах, хайа да хара үлэни кыайа-хото тутар үлэһит бэрдэ киһи этэ.

Эһэм Өлөксөй сааһыгар холооно суох бэрт чэпчэкитик дугуна үктэнэн сэгэлдьийэ хаампыт, сылбырҕа туттуулаах-хаптыылаах хатыҥыр оҕонньоро. Кэнниттэн саппай уопсан иһэн, эдэр киһини кытары аргыстаһан иһэр курдук сананарым. Бэйэтэ буоллаҕына хайыы-сахха, мин өйдүүрбүнэн, аҕыс уончатыгар чугаһаан сылдьара, түөһүн тылыгар тиийэ сэбирийэн түспүт кыытта маҥан хойуу бытыктааҕа, муннун аннынааҕы бытыга эмиэ биир оннуга, саҥардаҕына айаҕа эрэ оҥоҥноон көстөрө. Кыһын мууһурар эбэтэр аһыырбар-сиирбэр мэһэйдиир диэн тор курдук бытыгын ардыгар быһыччатын кичэйэн сытыылаан баран хорунан тордурҕатара. Ону көрөн ийэм: «Ыы, киһи этэ тардыах…» – диэн саллан саҥа аллайара.

Кэлин, саҥа былаас атаҕар туран эрдэҕинэ, эһэм аах бары дьиэнэн Кэҥэрэччиттэн көстөн ордук ыраах сиргэ баар Тээкиччэ диэн эбэҕэ көһөн кэлэн олохсуйбуттар. Саха дьонун сиэринэн, хара тыалара, күөх боллох иччилээх күөллэрэ тугу дук гынан бэрсэллэринэн, сүнньүнэн булдунан дьарыктанан, онон айахтарын ииттинэн олорбуттара. Эһэм уолун Бүөтүрү кыра эрдэҕиттэн булка батыһыннара сылдьан такайан, таайым булчут ааттааҕа этэ, ордук сааһытынан биллэрэ. Олорор эбэбит Тээкиччэ барахсан лап-лаһыгырас, бэрт эмис бөдөҥ соболооҕо. Оҕонньор кыл илиминэн илимниирэ, мундуга туу, быччыкыга ардьа угара. Күөнэҕин туута диэн бэл мин, оҕо киһи, ылгын чыкыйам сүрэҕэ да баппат быыстаах туспа, анал туулааҕа.

Ылдьыын таҥараттан саҕалаан күөлбүт иһэ кус оҕотунан туолан барара. Хас эмэ ийэ ууһа анды киллэрэн биир кэм хараара усталлара. Моточчу уойбут сара куһа сатала суох элбэҕэ. Бэл түүн тохтоон уоскуйбакка аһаан-сиэн ампаалыктанар, саҥа ньуолах аспыт түүлэрин-өҥнөрүн оҥостон, суунан-тараанан чомпойдонор тыастара-уустара, муут-маат саҥарсар аймалҕаннара төрүт уостан көрбөтө, мэктиэтигэр биир кэм күрүс күрүлгэн курдук күрүлээн, суугунаан иһиллэрэ. Кус кынатыгар уйдарбыт кэмигэр, Бөтүрүөп таҥара ааһыыта, күөл кытылыгар киирэн тыас-уус таһааран үргүттэххэ, били эппиккэ дылы, кырдьык да, халлаан хараҥарар куһа, бэйэ-бэйэлэригэр көҕүспүккэ дылы, хастыы да халыҥ үөрүнэн өрө оргуйан тахсан күөлү тула халҕаһалыы анньан эргийэ көтөллөрө. Оччолоох кус кынатын тыаһа мэктиэтигэр этиҥ этэн эрэрин курдук ньириһийэрэ, эбэ үөһүгэр дьэҥкир ууну салбахтаах атахтарынан хайа тыыран түһэр тыастара оннооҕор ордук омуннуран иһиллэрэ. Таайым «сара охтор ардаҕа» дэммит дохсун ардахтар кэннилэриттэн, кус саарбытын кэннэ, кулгаахтарын ортотуттан уһук өттө эрэ харалаах уонна ханан да хара кылаан сыстыбатах хаар маҥан өҥнөөх Маанчык диэн ытын батыһыннара сылдьан, анаан, дьарык оҥостон кустуура. Чап-чараас гына суоран тиит хаптаһынынан дьаптайбыт чэпчэки, аллаах тыытынан угут уулаах эбэтин өргүөт өрө үтэн үүммүт кутаҥнас куталаах кытылын кыйа сэмээр устара. Маанчык, эһэм кыра эрдэҕиттэн куска үөрэппит буолан уонна ис хааныттан да дьоҕурданан эрдэҕэ, бэрт үтүө кусчут ыт этэ. Кута сиэлэ, таппа кулгааҕа, хойуу от быыһынан сылыпыччыйа сылдьан сараны, кус оҕотун субу-субу тутара. Хас туттаҕын аайы кутуругун эйэҥэлэтэн биллэрэрэ. Бүөтүр «сөп буолла» диэтэҕинэ ытын ыҥыран балаҕаннарыгар тахсаллара. Кус оҕотугар, сара сатыылыыр кэмигэр сааны букатын тыаһаппат этилэр. Тээкиччэ эбэбит барахсан ол курдук тылбыйар кынаттааҕынан, көмүс хатырыктааҕынан өлгөм бултааҕа. Ийэбин эбэтэр эбэбин кытары кыра ыаҕайабын тутан уу баһа үөскэ кииристэхпинэ, далаһа маһын кыйа, от быыһынан саҥа көппүт көҕөн, моонньоҕон, мороду, тыйаах, халба, атын да араас чыркымай-иркимэй оҕолоро, кынаттарыгар эрэнэн, тэһииркээн көппөккө, харахтара хараара чоҕулуйан отой субу аҕай иннибитигэр усталлара.

«Балаҕан эмээхсинэ» дэммит эбэм Лөкүөрүйэ хаһан да бүтэн-оһон биэрбэт дьиэ иирбэ-таарба ис-тас түбүгэр күнүн үтүөтэ баранара. Сүөһүтүн-аһын көрөрө-истэрэ. Хотоммут баайа диэн икки ыанар ынах, борооску, тарбыйах бааллара. Бүөтүр миинэр миҥэ оҥостубут атах тардыстар аттааҕа. Сиэр өҥнөөх Чолоһуйа барахсан сытыары сымнаҕас майгылаах Дьөһөгөй оҕото этэ. Иччитин көрдөр, биллэр эрэ, иҥэрсийэ-иҥэрсийэ, бииргэ аһыы сылдьар үөрүттэн быстан, хаһан да сэлэммэтэх хойуу сиэлин, кутуругун ыспахтаан атын аҕайдык сиэлэн ыһыллаҥхайданан кэлэн имэриттэрэн-томоруттаран барара. Киһи дьиктиргиэх, сотору, «чэ сөп буолла» диэбиттии, кэннин хайыһан көҕүлүн быыһынан көрө-көрө, үөрүгэр төннөрө. Сүүрбэтигэр чугаһаабыт Чолоһуйаны эһэм кэлин сыарҕатыгар эрэ туһанара, кырыйдым, кыаммаппын диэн ыҥыырыгар соччо мииммэт буолбута.

Таайым миэхэ көрдөрөөрү Чолоһуйа сиэлигэр бултаабыт куһун моойдоруттан, дабыдалларыттан баайан, тиһэн салыбыратан аҕалара. «Бу көрүүй, Аана, кустаах да күөлгэ сырыттым ээ. Көтөн иһэн мэктиэтигэр атым сиэлигэр иилистэн хаалаллар…» – диирэ уонна, мин туох диирбин истээри, санньыччы туттан мичээрдээн турара. «Ээ, ымыйанан…» – дии-дии, Чолоһуйа барахсаҥҥа кэлэн, сиэлгэ бааллыбыт кустары сүөрэрим. Миигин ордук атыыр кус дьэрэкээн өҥө-түүтэ абылыыра, умсугутара. Киһи эрэ кэрэхсиэх дьикти сөҕүмэр арыынан-сыанан биспиккэ дылы килэпэччийэр, кустук өҥүн бары толбонун түһэриммит эгэлгэ оһуор-бичик ойуулаах таайым бултаабыт кустарын эргитэ сылдьан көрөн уһуннук олорорум. Төһө да оҕо булдунан оонньуура, булду убахтыыра көҥүллэммэт, аньыы диэтэллэр, дьонум бопсубаттара. Онон бэрт кыра сааспар куһу өҥүнэн-түүтүнэн эндэппэккэ арааран ааттарын аахтара билэр буолбутум, кэлин бөдөҥнөрүнэн, тумсуларын моһуонунан бэл күһүҥҥү судургу өҥнөөх көтөрү отой эндэппэккэ чопчу ааттаталыырым.

Ийэм уонна таайым Бүөтүр үөрэх диэҥҥэ үөрэммэтэхтэрэ. Ийэм саҥа тэриллэн сүһүөҕэр туран эрэр холкуос араас үлэтигэр күүһүн харыстаабакка хачыгырайара. Таайым сылдьан эрэн буукуба хараҕын аттаран ааҕа, суруйа үөрэммитэ. Кини курдук дьону «халлаан үөрэхтээхтэрэ» дииллэрэ. Бэйэтин лаппа кыанар, отчут-масчыт бэрдэ буолан төһүү киһибит кини этэ. «Кэнээрэп Бүөтүр дуо?» дэппит эйэҕэс-сайаҕас майгылаах, сүрэхтээх-бэлэстээх, бүтэн биэрбэт дьиибэ-хообо эгэлгэ кэпсээннээх-ипсээннээх сэргэх сэбэрэлээх уолу дьоно-сэргэтэ сүрдээҕин сөбүлүүллэрэ. Маҥнай Модут нэһилиэгэр сэбиэттээбитэ, онтон 1935 сыллаахха саҥа тэриллибит 42 хаһаайыстыбалаах «Чернышевскай» аатынан холкуоска бэрэссэдээтэлинэн талбыттара.

Сурукка сурулларынан, дьон-сэргэ кэпсииринэн, 1771 сыллаахха Кыргыдай кинээһэ Киргиэлэй Барыыһап, Дьооху кинээһэ Өлөксөй Эрэһиэтинньикэп Дьокуускайтан дьаһаах хомуйуутугар алтан бэчээт ылан кэлбиттэр. Ол кэнниттэн 1776 сыллаахха байаарын уола Дьөгүөр Кыычыкын Бүлүү улууһугар кэлэн сир түҥэппит, ити кэмтэн ылата маҥнай аҕа уустара бэйэлэрэ бас билэр анал сирдэммиттэр (дөкүмүөҥҥэ киирбитинэн), онтон устунан ол быһыллыбыт кэлим сирдэр кэлин холкуостар тэриллибиттэригэр сири-уоту үллэстиигэ улахан суолталаммыттар. Кыргыдай нэһилиэгэ 1808 сыллаахтан 1918 сылга диэри Орто Бүлүү улууһугар киирэр эбит, онтон 1918 сылтан 1929 сылга диэри Мастаах улууһугар сылдьыбыт.

«Чернышевскай» аатынан холкуоһу Илин Кыргыдай, оттон 1933 сыллаахха тэриллибит «Социализм суола» холкуоһу Арҕаа Кыргыдай диэн ааттыыллара. Арҕаа Кыргыдай холкуос бастакы бэрэссэдээтэлинэн Абрамов Николай Игнатьевич (Хамай) диэн киһи үлэлээбитэ. Өссө бу холкуостар тэриллиэхтэрин иннинэ 1931 сыллаахха Кыргыдай нэһилиэгин сиригэр Дьоохуга дьадаҥы уонна орто бааһынайдары түмэн «Түмсүү» диэн тыа хаһаайыстыбатын артыала тэриллибит. Бэрэссэдээтэлинэн Николаев Гаврил Иванович (Хабыычаан) диэн киһи үлэлээбит.

1928 сыллаахха хос эбэм аах олорбут күөллэригэр Кэҥэрэччигэ Уйбаныап баай (Иванов Алексей Иванович) түөрт хостоох ампаар дьиэтигэр Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх Иванов Андрей Иванович диэн учуутал аан маҥнай икки кылаастаах оскуоланы арыйбыт. Түөрт сыл курдугунан ити оскуоланы Туора Күөл диэн сиргэ көһөрбүттэр.

Биһиги олорор күөлбүтүгэр кэлим баҕаналарын туруортаабыттарын үдүк-бадык өйдүүбүн. Өтөхпүт кэннигэр тыаҕа сир хамыыһыйатын дьоно күлсэн-салсан, саҥа-иҥэ бөҕөтө буолан ньамалаһан ааспыттара: маҥан ырбаахылаахтар от-мас быыһынан элэгэлдьиһэллэрэ, сүгэ тыаһа табыргыыра, буруо унаарыйара. Оҕо буолан кыбыстан, барбыттарын кэннэ биирдэ тахсан көрбүппүт, биһиги санаабытыгар, наһаа астык, ыппыт охтуу көбүс-көнө суол соломмут этэ уонна сабыс-саҥа суоруллубут уһуктаах, ойо охсуу олуктаах баҕана кылбайан турара, тимири кытардан сиэрпэ уонна өтүйэ ойуулаах «СССР» диэн суруктаах бэчээт уурбуттара дьэрэлийэрэ.

Тээкиччэ – бэрт улахан эбэ, Адьыҥай диэн атахтаах. Собо хабаҕын курдук бобо тардыбыкка дылы утарыта үтэн киирбит тумус билиилэрдээх. Күөл эргиччи хатыйыы бүтэйинэн иилии-саҕалыы эргитиллибит. Биһиги эбэ хоту эҥээригэр, Дыыкка өтөҕө диэҥҥэ, Дыыкка балаҕаныгар олорбуппут. Сэнэх, үчүгэй тутуулаах дьиэ бэл сүгэнэн суоруу муосталааҕа. Эбэбит барахсантан хараланан, уутун иһэн, отун оттоон, оҥойор айахпытыгар баҕас тото аһаан быр бааччы олохтоох ыал этибит. Эһэм Өлөксөй соччо сааламматах киһи, хата ол оннугар кылы хатан тиргэлээн, кэлин кусчут ыттаныаҕыттан куһу хото бултуура. Кус оҕото сиппит-хоппут кэмигэр наар собо-кус, кус-собо аһылыктаах этибит. Дьэ ол оннугар Бүөтүр, сааһытынан биллибит киһи, саас, күһүн көтөр арааһын, хааһыттан андытыгар, туруйатыгар тиийэ төргүүлэнэн, ырдан кэлэрэ.

Кыһын таайым бултаабата, холкуос бэрэссэдээтэлэ холкуоһун үгүс түбүктээх үлэтиттэн сололоммото. Мэлдьи хараҥаны харахтанан сылдьара, балаҕаныгар хонор хоноһо, сылдьар ыалдьыт кэриэтэ көстөн ааһара. Мин оҕо киһи утуйа сыттахпына ааттаах эрдэ туран онно оҥойбут буолара, ардыгар хастыы эмэ хонукка холкуоһун соругун туруорса куоратынан эҥин тэлэһийэн сүтэрэ. Куораттан миэхэ, хоччоххой кумааҕыга суулаан, араҕас өҥнөөх «сыттык» кэмпиэт диэни таһаарара, ол минньигэһин эриэхсит… Таайым куоракка киирэн баран тахсара күүтүүлээх да этэ. Оҕо киһи санаата судургу, дьоло кыраҕа.

Эһэм кыһыҥҥы өттүгэр холкуоска сээкэйи уһанара, онтутугар көлөһүн күнэ аахсара уонна сүөһүтүн көрөрүн таһынан бултанара. Күһүн кырпай хаар түстэ да, мас көтөрө ырҕаччы уойан халаламмыт кэмигэр, чугаһынааҕы күөллэрин кытыан үүммүт кырдалларыгар хатыйыы тоҥуулаах тэптиргэ туһахтарын сөргүтэн туһахтыыра. Куобахха анаан охсубут буор холумтаннаах сохсолорун баттыга тэптик мастарын сотолоругар эндирдэнэн, сэлиилэрэ сайыннары адыгыраан тураллара. Онтон быстахха атыппыт хаар холумтаннаах сохсолорун сэлиилэрин саас улахан ириэрии иннинэ хомуйан чөкө ууран кэбиһэрэ. Эһэм куруук бэйэтэ эрэ сылдьан ыырданар анал сирдээҕэ. Биир булчут бултуур сиригэр атын булчут мээнэ киирбэтэ. Ордук күһүн, оҕонньоттор этэллэринии, айа кылыыта ооҕуй ситиминии элбээбит кэмигэр билбэт киһиҥ бултуур сиригэр-уотугар хайа түбэһиэх хаамаайылыыр сэрэхтээх. Сорох булчут кыыл-сүөл ороҕор, удьараҕа, тайахха тардыбыт айатын эбиэнин төбөтүгэр хамса чоҕойун биһэр үгэстээх. Ол сүрдээх сүлүһүннээх, оннук эбиэҥҥэ таптарбыт киһиэхэ тута көмө оҥоһуллубатаҕына сүһүрүөн сөп уонна ол ырба тыын сирин, хорук тымырын таарыйдаҕына, доҕоро, аргыһа суох сылдьар булчут өлүөн да сөп.

Эһэм, анаан дьарык оҥостон, талах чааркаанынан бэлиэлээҕи бултуура. Кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ сирэй оһоҕун уотун иннигэр оҥостон олорон эрдэ бэлэмнээбит талаҕынан бэрт кудуххайдык туттан-хаптан, иэҕэн чааркаан оҥосторо. Кэмэ суох элбэх мас чааркаан ампаарга куруук өрө кыстанан сытара.

* * *

Ийэм миигин 1930 сыллаахха кулун тутар 15 күнүгэр оҕоломмут. Саҥа төрөөбүт уу кыһыл оҕону сэттэ хонооппун Балаҕаччыга киллэрэн Покровскай таҥаратын дьиэтигэр Дьаакып аҕабыыт диэҥҥэ кистээн сүрэхтэппиттэр. Аана диэн аат иҥэрбиттэр. Сэбиэскэй былаас уутугар-хаарыгар киирэн, күннээн-күөнэхтээн тэриллэн, урукку эргэ олох «хаалынньаҥ» көстүүлэрин суох оҥорор күннэр-дьыллар сири-сибиири сиксигинэн, бэл биһиги курдук дьаҕа баһа дойду, үөдэн түгэҕэ кырыы сирдэри бүтүннүүтүн хабан эрэр кэмнэрэ этэ.

«Таҥара дьиэтэ бүгүн-сарсын сабыллар, эстэр үһү…» Итинник сурах тарҕанан турдаҕына, тутуу былдьаһан, дьонум сүрэхтэтэ охсон хаалбыттар. Ийэм: «Оҕобун хата кыл мүччү сүрэхтэттим ээ…» – диэн улаханнык үөрбүтэ үһү. Бүөтүр Балаҕаччыга сыарҕалаах атынан эдьиийин Маарыйаны киллэрэ охсон тахсыбыт. Илин Кыргыдайтан, олохсуйан олорор өтөхпүтүттэн, Балаҕаччы сэттэ көс кэриҥэ сир. Суол ортотугар, аара, Кэҥэрэччи күөлүгэр Уйбаныап Өлөксөй Уйбаанабыстаах, дьон ааттыырынан, Өлүөскэлэр диэн ыаллар олороллоро. Өлөксөй төрдө Бүлүү өрүһүн уҥуор баар Тааһаҕар киһитэ.

Сүрэхтээбит ийэм Тээкиччэттэн икки аҥаар көс ыраах Оттоох күөлүгэр олорбут Курчугунаан ойоҕо Балбаара диэн эмээхсин. Мин сүрэхтэммитим кэннэ икки дуу, үс дуу сыл буолан баран өлбүт, онон төрүт өйдөөбөппүн, биһиэхэ кэлэн барара эбитэ үһү. Ийэм миэхэ кэлин: «Сүрэхтээбит ийэ, тоом, бэл төрөппүт ийэтээҕэр ордук чугас буолар баҕайыта», – диирэ. Ону мин, кыра киһи, ол биирдэ да көрбөтөх эмээхсиним күннэтэ алтыһар, сыллаһар, таптаһар, атаахтыыр ийэбинээҕэр хайдах ордук күндү буолуоҕун отой өйдөөбөтүм…

Балаҕаччы таҥаратын дьиэтигэр киирэллэригэр да, тахсалларыгар да ийэм аах аара Өлүөскэлэргэ хоммуттар. Төннөн иһэн хоно сыттахтарына: «Дьону кистээн сүрэхтиир Дьаакып аҕабыыты туппуттар үһү», – диэн Балаҕаччыга эмиэ биһиги курдук оҕо сүрэхтэтэ киирэн баран тахсан иһэр дьон кэпсээн ааспыттар. Өссө: «Эн оҕоҥ барахсаны таҥараҕа тиксэрэн хаалбыккын…» – диэн ийэбин ордугурҕаабыттара үһү.

Ийэм Өлүөскэлэргэ урут хамнаска үлэлии сылдьыбыт. Лаппа сэниэ олохтоох ыаллар этилэр. Өлөксөй кэргэнин Бөдүөрэни кытары син уһуннук олорбуттар эрээри, оҕолоро суоҕа. Бөдүөрэ – Орто Бүлүү сис баайа Уйбаныап баай бастакы ойоҕуттан кыыһа.

Кэҥэрэччиттэн чугас Хочот күөлүгэр эһэм бииргэ төрөөбүт убайа Отчут Мэхээлэ олороро. Өлүөскэлэр оҕо ииттиэхтэрин баҕарар сурахтарын истэн, Мэхээлэ ийэбэр, баҕар, кэргэнэ суох сылдьан оҕолонон, араас санаа киирэн аны оҕотун биэриэ диэн эрдэ мас-таас курдук: «Оҕоҕун дьоҥҥо биэрээйэҕин», – диэн эппит. Ийэм, абаҕатын тылын истэн, мэктиэтигэр өһүргэммитэ үһү. Кэргэнэ суох, сулумах сылдьан оҕолонуу сүрдээх кыбыстыылаах, сааттаах быһыы этэ да, ийэм, сорох дьахталлар курдук, санаа баттыга буолбакка, хата оҕоломмутуттан, кыра киһилэммититтэн үөрэн күнэ-ыйа миигиттэн тахсара.

Ийэм сэрэйбитин курдук, Балаҕаччыттан тахсан истэхтэринэ, Өлөксөй кэргэнэ Бөдүөрэ миигин көрдөөн көрбүт да, ийэм хайдах биэриэй, биэрбэтэх. Өлүөскэлэр бэйэлэрэ эдэрчи, өссө да оҕолонуохтарын сөп ыаллар эбит. Ас-таҥас өттүнэн хаһан да татымсыйбатах дьон. Сөбүлэһэр баар буоллар эрэ, хантан баҕарар оҕо ылан иитэр кыахтаахтара. Аны урукку өттүгэр саха киһитэ улаханнык сэҥээрэн дьарыгырбатах үлэтинэн дьарыктаналлара – оҕуруот олордоллоро. Сүнньүнэн хортуоска уонна хаппыыста. Ийэм Бөдүөрэттэн амсайыыга диэн ааттаан мөһөөччүккэ кутан аҕалбыт хортуоскатын мииҥҥэ кутарбыт, оттон хаппыыстаны ордук кырдьаҕастар төрүт сөбүлээбэттэрэ. «Оту да сиэбит, итини да сиэбит син биир ини», – дэһэллэрэ. Арыт күһүн, хортуоска төрүөҕэ тахсыбыт сылыгар, ийэм, урут хамнаска үлэлээбит киһи, үөрүйэҕинэн Өлүөскэлэргэ баран анаан-минээн хортуоска хостоһоро, оччоҕо обургу кыл хааны толору кутан, оҕус сыарҕатыгар быраҕан тиэйэн лиһигирэтэн кэлэрэ.

Ийэм төһө да аккаастаабытын иһин, Бөдүөрэ «тылым өллө» диэн өһүргэммэтэх. Уйбаныаптар бэйэлэрэ да эйэҕэс-сайаҕас майгылаах буолан уонна биир үксүн киирбит-тахсыбыт киһи кэпсэлин-ипсэлин да истэр баҕаттан кими да чэй иһэрдибэккэ, итии киллэрбэккэ эрэ таһаарбат үтүө үгэстээх ыаллар этилэр.

Балаҕаччыга турбут Покровскай таҥаратын дьиэтин тупсаҕай тутуулаах куупалын үрдүк кириэһэ аттаах да, сатыы да айанньыты бэрт ыраахтан угуйа ыҥырбыкка дылы дьэндэйэн көстөрө эбитэ үһү. Ону саҥа былаас кэлбитигэр Былатыанап диэн харса-хабыра суох киһи тахсан сүгэнэн кэрдибит. Түбэлтэтэ эбитэ дуу, биитэр аньыы-хара хаһан баҕарар иэстэбилэ суох хаалбатын туоһута эбитэ дуу, ол кэрдэ олордоҕуна чиргэл тиит мас олуга ойдон өрө кыырайан тахсан баран саннын хараҕар түспүт. Бэрт кыра дэҥтэн сылтаан Былатыанап сиһинэн моһуогуран ыалдьан, устунан уҥуоҕа ууллан босхоҥноон баҕалыы сыыллан хаалбыт уонна сотору өлбүтэ үһү.

Сэттэ сааспар диэри Тээкиччэ өтөҕөр олорбут сылларым оҕо сааһым саамай дьоллоох кэмнэрэ этилэр. Эбэм, эһэм, ийэм, таайым бары бааллара. Мин ыал оҕото этим.

Тээкиччэ күөлүгэр Дыыкка оҕонньор өтөҕөр биэс ыал буолан үс балаҕаҥҥа олорбуппут. Биһиги кэннэ иккис балаҕаҥҥа Мискээйэп Ньукулай (Хахалдьыйа) оҕонньор Огдооччуйа диэн бөкчөҕөр уҥуохтаах эмээхсининээн олорбуттара, улахан уоллара Көстөкүүн, иккис оҕо Элэбэһиэтэ (Кээкээ) диэн кыыс, үһүстэрэ Ыстапаан (Доодоһун) диэн уол. Мискээйэптэр бастакы оҕолорун кэнниттэн Сөдүөрэ (Көйгөөлө) диэн кыыстаммыттарын Огдооччуйа балта Оппуруоһа (Аппаҥалык) диэн дьахтар ииттэ ылбыт, бэйэтэ буоллаҕына Мискээйэптэргэ мэлдьи дьукаах. Онон Сөдүөрэ ийэлээх аҕатыттан, кытта төрөөбүттэриттэн тэйбэтэх кыыс. Ийэтиттэн түһээтин уу кыһыл оҕону Оппуруоһа бүөбэйдээн, көрөн-истэн улаатыннарбыт, ол иһин Сөдүөрэ кинини «ийэм» диирэ.

Өтөхпүтүгэр баар үһүс балаҕаҥҥа эмиэ икки ыал дьукаах олорбуттара. Муттуй Түмэппий диэн оҕонньор элбэх саҥалааҕын иһин Батакаай Өрүүнэ диэн ааттаммыт ойоҕунаан икки кыыстаахтара: Тахтаха уонна Киристиин. Тахтаха миигиттэн биир сыл балыс, Киристиин үс сыл. Дьэкиимэп Ньукулай (Эйэҥ) диэн саас ортолоох киһи Суоппуйа диэн эдэр ойоҕунаан, Маарыйа, Борускуо диэн кыргыттарынаан Муттуйдарга дьукаах этилэр. Маарыйа Муттуй кыыһа Тахтаханы кытары саастыы. Оттон Борускуо (мин түөртээх-биэстээх эрдэхпинэ) отой да саҥа төрөөбүт уу кыһыл оҕо.

Бары сүөһүлээхпит. Биһиги туспа хотонноохпут, оттон ыалларбыт сүөһүлэрэ, иччилэрин курдук, эмиэ икки хотоҥҥо кыттыгас кыстаан кыһыны туорууллара. Биирдии-иккилии эрэ ыанар ынахтаахпыт, үүппүт айахпытыгар син тиийэрэ. Урут бэл уон ыанньыктаах дьиэ кэргэн атах-бытах сүөһү баайдаах ыал ахсааныгар киирсэллэрэ. Кэлин артыаллар тэриллэннэр дьон үксэ сүөһүлэрин холкуоска холбооннор, ордоруммут ынахтарын хас да ыал кыттыһан биир хотоҥҥо кыстатан кыыдааннаах кыһыны туораталлара. Ону да сүөһү ордоруммут өттө. Кэлин ол ынахтара төрөөн, тарбыйахтанан, сорохтор сүөһүлэрэ сыл-хонук аастаҕын аайытын син элбээн, эбиллэн барара.

Ийэбин, ис киирбэх, номоҕон дьүһүннээх дьахтары, хаста да ыйыттаран көрбүттэрин сөбүлэммэтэх. Мин дьүһүммүнэн ийэбэр майгыннаабат этим, арааһата, айбыт аҕабын баппыт быһыылааҕым. Ийэбиттэн аҕам кимий диэн хаһан да ыйытааччым суох. Дьыала-куолу кумааҕытыгар Кэнээрэбэ Аана Бөтүрүөбүнэ диэн сурулларым. Аҕам аатын оннугар ийэм таайым Бүөтүр аатын суруттарбыт.

* * *

Биһиги эҥээр сири-дойдуну кэрийэ сылдьар Дьаҕыһыйа диэн улахан мас ууһа киһи баара. Тээкиччэҕэ дөрүн-дөрүн охсуллан, хонон-өрөөн ааһара. Ийэм көрдөспүтүгэр бэрт нарын оҥоһуулаах, чараас бастаах сүөгэй халбыйар хатыҥ хамыйах оҥорон биэрбитэ. Тутааҕа ойо быһыы ойуулааҕа, оһуордааҕа, төбөтүгэр тоһоҕоҕо ыйаан кэбиһэргэ анаан үүттээҕэ эҥин. Туһугар киирбит-тахсыбыт эрэ хараҕа тута хатанар мааны тэрилэ этэ.

Дьаҕыһыйа уус кэллэҕинэ эмээхситтэр: «Дьэ, тоом, аҕаҥ кэллэ», – диэн дьээбэлииллэр. Ону мин отой сөбүлээбэппин. Дьаҕыһыйа кэллэр эрэ сирэй оһох кэнниттэн, уулаах мас уһаат кэтэҕиттэн тахсыбаппын, тоҕо эрэ абааһы көрөбүн. Дьоммун кытары сээкэйи баллыгыраһа-баллыгыраһа чэй иһэн ньалҕаарыта олорор, күн уота быһа сиэн килэриччи хараарбыт сирэйдээх Дьаҕыһыйаны уһаат кэтэҕиттэн, «барбыт дуу, суох дуу» диэбиттии, быган көрөөт төттөрү түһэбин. Таайым миэхэ анаан оҥорбут дьоҕус олоппоһугар чөкө олорон, эһэм кыһан, кыладыйан биэрбит талах кыыһын өрбөх кырадаһынынан хат-хат ботуччу суулаан, эмиэ да сүөрэн, саҥата-иҥэтэ суох сэмээр оонньуубун. Саҥа төрөөбүт оҕолоох ыалбыт Суоппуйаны үтүктэн, «оҕобун» ньилбэкпэр сытыаран, кэтэҕиттэн өйүү тутан утутаары биэтэҥнэтэбин, өссө муннум анныгар киҥинэйэн ыллыыбын, онтон ыалдьыт баарын тэһэ санаан эмискэ хам барабын: аны ырыабын истэн миэхэ кэлиэ диэбиттии, кулгаах-харах иччитэ буолан иһиллэнэн чөрбөйөн олоробун. Ардыгар оннук саһан, кирийэн бэйэм-бэйэбэр оонньуу олордохпуна, Оппуруоһа эмээхсин киирэр уонна, тугун дьээбэтэ-хообото эбитэ буолла, үгэһинэн, сээкэйи өҥөнө, тиҥсиринэ сылдьан, миигин түбэһэ көрдөҕүнэ, туохха эрэ үөмэн эрэр курдук тумустаах сарыы этэрбэһин төбөтүнэн чөм-чөм дугуна үктэнэн кэлэн, умса нөрүйэн кулгаахпар: «Аҕаҥ кэлэн олорор, остуолга баран бииргэ асаһыаххын…» – диир уонна кырдьык да аатыгар сөп түбэһиэхтии күлэн аппаҥалыыр. Бу түгэҥҥэ мин Оппуруоһаны туохтааҕар да ордук абааһы көрөбүн, сир үрдүгэр киниттэн ордук куһаҕан, бүрэ дьүһүннээх эмээхсин суоҕун курдук саныыбын. Оттон Хахалдьыйа оҕонньордооххо таҕыстахпына, Аппаҥалык эмээхсин миигин илиибиттэн сиэтэн аҕалан остуолга олордон, отонноох минньигэс күөрчэҕинэн күндүлээтэҕинэ аны киниттэн ордук эйэҕэс, үтүө майгылаах эмээхсин сир үрдүгэр суоҕун кэриэтэ буолар. Оппуруоһа миигин дьээбэлээн таптыыр майгылааҕын судургу өйдөөх-санаалаах оҕо киһи хантан билиэхпиний? Онон Мискээйэбэ Огдооччуйа балта миэхэ хайдах сыһыаннаһарыттан көрөн ардыгар Оппуруоһа дэнэр, ардыгар Аппаҥалыктан атыннык ааттаммат.

Биирдэ сайын Дьаҕыһыйа уус ат миинэн кэлэн биһиэхэ икки хас хонно, эрдэ бэлэмнээбит маһынан Мискээйэптэргэ тыы суоран оҥордо. Эмээхситтэр куолуларынан: «Аҕаҥ кэллэ дуу, тоом? Аҕаҥ барда дуу, тоом?» – диэн хаадьылыыллар.

Дьаҕыһыйа хайдах кэлбитэй да, ол курдук сиэр атын үөһэ түһэн сиэллэрэн сэксэлдьитэн хаалла. Күнүс ийэлээх эбэм чугас тыаҕа уокка оттор мас сүгэ таҕыстылар. Эһэм күөлүн үрэҕэр туутун көрө барбыт кэмэ, таайым окко. Балаҕаммар бэйэм соҕотохпун. Бу сырыыга баҕас эмээхситтэр наһаалаатылар, мин Дьаҕыһыйаҕа өстүйбүтүм диэн сүр. Арай адарай оронум үөһэ талах кыыспынан оонньуу олорон, Дьаҕыһыйа били ийэбэр оҥорбут дьэрэкээн оһуордаах хатыҥ хамыйаҕа иһит уурар долбуур анныгар, саамай көстүүлээх сиргэ, кини аҕай буолан кылбайан турарыгар хараҕым хатанна. Уус хамыйаҕа, санаабар, миигин күлүү гынан күлэн бэлтэйэргэ дылы… Мин, талах кыыспын сыттык үөһэ сытыаран «утутан» баран, Муттуйдарга сүүрдүм. Ыалым балаҕаннарын иһэ иччитэх, бэл уу кыһыл оҕолоох Суоппуйа суох, ыалга барбыт быһыылаах, уоннааҕылар түөрэ отторугар ходуһаҕа киирбиттэр. Доҕотторум ханна баалларын билэр киһи мэлдьи түмсэн оонньуур сирбитигэр, оол курдук өтөх саҕатыгар турар хотоҥҥо тэбинним. Сэрэйбитим курдук, Маарыйалаах Тахтаха саҥа сиппит кыһыл уонна араҕас өҥнөөх тиит туорааҕын ыаҕайаларыгар толору тоноон аҕалан бүгэн оонньуу олороллор…

Олорор өтөхпүт бэрт киэҥ өтөх. Бурдук бааһыналаах. Нэчимиэн ыһаллар. Маҥнай кылланан баран кэлин ас кутан саһарчы буһан, күһүнүгэр тиийэн сиккиэр тыалга уу долгунун курдук уҥа-хаҥас хоҥкулдьуйа, нуоҕаҥныы турар бурдугу көрөр олус да астыга, кэрэтэ. Бүтэй үөһээ сиэрдийэтигэр ыттан, икки илиибитин быластыы туттан, долгулдьуйа суугунуур бурдуктан харахпытын араарбакка уһуннук одуулаан туран бэйэбитин күөл үөһүнэн көтөн иһэр хопто курдук сананарбыт. Устунан испит кычыгыланан күлэн саһыгыраабытынан, сүһүөхпүтүн былдьаһан сууллумаары дьирээлэспэхтээн баран, бүтэй тас өттүгэр ыстанан кэбиһэрбит.

Өтөх соҕуруу өттүттэн саҕалаан элбэх киһи уҥуоҕа тыа диэки бачыгыраһан бараллара. Маҥнай утаа куттаммакка киһи уҥуохтарыгар оонньуурбут, кэлин дьоммут бобоннор, куттааннар чугаһаабат да буолбуппут.

Мин Тахтахалаах Маарыйаны балаҕаммар ыҥыран аҕалтаатым уонна туох соруктаахпын, санаалаахпын эттим. Кыргыттарым күлүстүлэр… Били Дьаҕыһыйа оҥорбут хамыйаҕын ыламмын, талкы баһыгар ууран, ойо быһыы оһуордаах тутааҕыттан Тахтахалаахха туттаран баран, адарай орон анныттан таайым мас мастыыр маалгы сүгэтин ылан туох да сээбэҥнээһинэ суох нэлэгэр баһын хаба ортотунан хайа охсон кэбистим.

– Дьэ билигин баҕас Дьаҕыһыйа уус баара кэһэйдиҥ ини… – диэн бэркэ астынным.

– Ыарыйда быһыылаах… – диир Маарыйа.

– Хайа барда ээ… – диир Тахтаха.

Икки аҥыы барбыт, хайдыбыт хамыйаҕы ыламмын, кистээтэҕим аатыран, оһох кэннигэр турар уулаах уһаат хаппаҕын сэгэтэн баран уган кэбистим.

Таска куйаас бөҕөтө, санаабытын сиппит дьон быһыытынан, бэркэ астынан, наҕылыйан, утаппычча ымдаан иһэн киллиргэтэн утахпытын ханнардыбыт. Бу олордохпутуна таска дьон саҥата ньамалаһара иһилиннэ, сүүрэн кэлэн, өндөҥнөһө-өндөҥнөһө, туос түннүгүнэн өҥөҥнөстүбүт. Эбэм эмээхсин ийэбинээн ситии быаҕа амынньыар сүгэн тыа саҕатыттан тахсан иһэллэр… Биһиги бөрүкүтэ суох быһыыны оҥорбуппутун син өйдөөтөхпүт, дьоммут чугаһыы иликтэринэ тыас хомунан таска ойдубут, хотон кэннинэн сылыпыччыһан өтөхпүт кэриитигэр кэлэн биир сонос соҕус эмэх тиити тыал силистэри-буордары лөглөччү түөрэн сиҥнэрбитин кэннигэр тыын быһаҕаһа тыынан, аҕылаһа-аҕылаһа, мас силиһин буора көөрөттөн түннүк курдук чөҥөрүйбүтүнэн кыҥастастыбыт… Эбэм аах кэлэн, сүгэн аҕалбыт амынньыардарын оллоон ыксатыгар быраҕан баран, куйааска буһан, балаҕаннарын иннигэр күлүккэ, сиидэс былааттарынан сүүстэрин көлөһүнүн сотто-сотто, сээкэйи кэпсэтэн чочумча олоро түстүлэр. Онтон ийэм тэлгэһэ ортотугар күн уотугар күлэ-үөрэ килэпэччийэ сандааран турар буолускай сылабаарбытын ылан түгэҕэр хаалбыт уутун ыаҕаска сүөкээн баран балаҕаныгар киирдэ. Эбэм олорбутун курдук олорор, кумаартан, күлүмэнтэн көмүскэнэн былаатынан сапсынар. Сотору балаҕан иһиттэн ийэм таҕыста, икки илиитигэр эр-биир били биһиги хайа охсубут хамыйахпытын туппут. Чарапчылана-чарапчылана, эргиччи олоотоомохтуур. Биһиги тиит силиһин кэтэҕэр эбии ньыкыйан хаптас гынабыт.

Хаһан куруук саһа, кирийэ сылдьыахпыный, куртаҕым курулуйан уонна саатар кумаар үгэннээн түһэн турар кэмэ буолан дьиэбэр киирдэҕим дии. Буруйум иһин сэмэлэнним, өссө ийэбиттэн кыратык таһылынным. Хамыйах да хайа охсуллан Дьаҕыһыйа уус кэлэрэ син биир тохтооботоҕо. Ийэм хатыҥ хамыйаҕы күөскэ уган оргутан сымнатан баран самыы тутан тигэн кэбиспитэ, ыыра барбыт сиигэ отой биллибэтэ, арай хам тигиллибит саба киһи хараҕар тута быраҕыллара да, көстүүтүн буортулуохтааҕар хата оһуор курдук эриэ-дэхситик дьэрэкээннэнэрэ. Сотору чөлүгэр түспүт үүт халбыйар улахан хамыйахпыт «оҕоломмута», сэргэстэһэ өссө ордук тупсаҕай оҥоһуулаах кыра хамыйах ыйаммыта.

* * *

Сайын холкуос булууһуттан сылгы, ынах этин таһааран, көлөһүн күнүн суотугар отчуттарга хараланныннар диэн кыра-кыралаан түҥэтэллэр. Дьэкиимэп Ньукулай кэргэнэ Суоппуйа быстахха-остоххо ыалга бардаҕына, сээкэй соругар таҕыстаҕына оҕотун Борускуону биһиэхэ көрдөрөр. Эдьиийэ Маарыйа, Тахтаха, мин буолан кыра кыыһы сааратабыт. Сылгы саалын эбэтэр ынах кырдырҕас түөһүн сыатын маһы кыһан үчэһэ курдук оҥорон баран туора анньан кыыспытыгар эмнэрэбит. Тииһэ суох уу кыһыл кыыс сыаны кыайан быһа ыстаабат, онон кэҥсигэр барар куттал суох, ол эрэн эмэрин ооккото диэн, саал сыата туох да амтана суох буолуор, кубарыччы барыар диэри супту оборон кэбиһэр. Оннук сытан утуйар, биһиги ол да үрдүнэн кыыспытын соҕотохтуу хаалларан таска тахсан оонньуу барбаппыт, туос биһик төһө да көлбүүрдээҕин иһин тула олорон кумаары кыйдыыбыт… Суоппуйа уһаабат, сотору кэлэр уонна кырбас-кырбас буспут уҥуохтаах ынах этэ аҕалбытыттан бэрсэр. Биһиги икки хотон ыккардыгар үүнэн турар, төргүү мутуктара ынах кэнэҕэскитинэн иилэ быраҕыллан аллара намылыйан илбиргэстэммит куруҥахтар анныларыгар олорон, астына-дуоһуйа уҥуохпутун көмүллүүбүт. Суоппуйа «быыһаммытын» маҥнай утаата түллэригэр тииһэ «туллаҥнаабытын» саайдын диэннэр уҥуох көмүллэппиттэрэ. Биһиги ону үтүктэбит. Оҕо киһи хаһан баҕарар үтүктээйи майгылаах.

Тээкиччэ өтөҕөр кэлбит-барбыт дьон, ыалдьыт-хоноһо үксүн биһиэхэ түһүүлэнэллэрэ. Ыалларбыт бары дьукаахтаахтар, оттон биһиги дьукаахпыт суох уонна балаҕаммыт да кэҥэс. Аны биир үксүн устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах эһэм Өлөксөй, хааһахтан хостоон эрэр курдук, күн эгэлгэ кэпсээнин, сэһэнин да истээрилэр чугас эргиннээҕи дьон ааммытын саппаттара. Эппиккэ дылы, «киһи атахтаах» ыал этибит. Эһэм барахсан улахан уус тыллаах остуоруйаһытын, сэһэнньитин сураһан истэн, бэл улахан үөрэхтээх дьон анаан-минээн аат ааттаан кэлэн хонон-өрөөн, ардыгар хорохоот ыытан ыҥыртаран, эһэм оҕонньор кэпсэлин тылыттан тылыгар түһэрэн сурунан бараллара.

Биир күһүн сыарҕа хаара түспүтүн кэннэ, улуу добдурҕа саҕана, Андрей Александрович Попов диэн киһи санаатаҕына санаата кыайан тиийбэт кый ыраах сиригэр, инньэ Бөтөрбүүр куоракка улахан үөрэҕи бүтэрбит киһи доҕорунаан эһэбин Арҕаа Кыргыдайга «Социализм суола» холкуос киинигэр Бэтигэ ыҥыртаран ылан туома уонча хонугу быһа күн эгэлгэ араас остуоруйаны, сэһэни бары сурунан бартара үһү. Онтун соболоҥор, манньатыгар харчы биэрбиттэринэн сэлиэһинэй (мэлии) бурдук, «Дорообо» чэй, табаах, миэхэ саахымат ойуулаах кыһыл сиристээҥки ырбаахы таҥаһын, собуот күөс атыыласпытын кэлээччи-барааччы дьонунан хаста да ыыппыта, кэлэригэр бэйэтэ эмиэ бэрт чэпчэки, кыра талах туркуга кэһиим диэн соһон аҕалбыта, эбиитин түүнүк курдук дыргыл сыттаах, хачыгыраабыт сабыс-саҥа кумааҕы харчылааҕа, онтун ийэбэр биэрбитэ.

Эһэм сорохторун бэрт эдэр эрдэҕиттэн атас-доҕор оҥостубут дьоннордооҕо. Биир оннук чугастык билсэр киһитинэн сурахха-садьыкка киирбит аатырбыт олоҥхоһут Сэмэн Харатаайап-Ырыа Дыгыйар этэ. Тээкиччэҕэ Ырыа Дыгыйар кэллэ да улахан сэргэхсийии, сүпсүлгэн бөҕөтө буола түһэрэ. Биһиги балаҕаммытыгар хаста да олоҥхолоон турар. Олоҥхо истээри чугас эргиннээҕи дьон сорох сатыы, сорох атынан, сорох оҕуһунан таҥкыччахтатан, туома кыралыын-кыамматтыын кытары түөрэ кэлэллэрэ. Дьэ оччоҕо биһиги өтөх ыамайдарыгар улахан үөрүү буолара, араа-бараа саастаах оҕолорбутун кытары билсиһэн дуоһуйуохпутугар диэри оонньуурбут. Сороҕор өссө отой да олоҥхону истибэккэ наар аҥаардастыы оонньоон эрэ тахсарбыт.

Ырыа Дыгыйар кэннэ уһун кэмҥэ, сааһын тухары чугастык билсибит доҕор-атас дьоно Кулаанап Бэчиэт (Көһөөх), Сөмүйээн Сэмэн, Мыччыы, Бааһынай, Дьөрбө Дьөгүөр диэн кырдьаҕастар бааллара.

Эһэм Өлөксөй барахсан сытыары сымнаҕас, кыраҕа тымтыбат киэҥ көҕүстээх оҕонньор этэ. Түөһүн тылыгар диэри үүнэн сэбирийэн түспүт хаар маҥан бытыгын хоруммутун, бэл сарбыйан да биэрбитин өйдөөбөппүн. Ньилбэгэр көтөхтөрөн олорон, уһун бытыгын сэлии муоһа тарааҕынан эбэтэр ийэм кырыбыайкатынан ньылҕаарыччы тараан, саас-сааһынан араартаан баран өрөр үгэстээҕим. Эһэм сэҥийэтин энньэтэн, бытыгын өрдөрөөрү олорон биэрэрэ. «Абытай, тай!.. Бытыкпын түөрэ быһа тыытта…» – диэн саҥа аллайа-аллайа, күлэн мыттыйара.

Мин, саҥа чороччу улаатан эрэр оҕо, билэ-көрө сатаан, сүүс араас ыйытыгы биирдэ кутан кэбиһэрим. Онуоха эһэм кыра киһи ыаспайа диэн хаһан да мээнэ истэн, кулгааҕын таһынан аһардан кэбиспэтэ, ыйытарбын барытын лоп бааччы, бэйэтин тэҥнээҕин кытта кэпсэтэрдии, оттомноохтук, дьоһуннаахтык, саас-сааһынан, өйбөр түһэрин курдук быһааран, өйдөтөн биэрэрэ. Салгыбата, сорох дьон курдук, ыаспайыҥ бэрт диэн дьалты туттубата, үүрэн ыыппата.

Мин арыт үөйбэтэх-ахтыбатах өттүттэн бэрт дьиибэни, киһи эрэ сонньуйуон курдугу ыйытан эһэбин улаханнык күллэрэрим. Арыый обургу буолбутум кэннэ эһэм ону саната-саната: «Хор, оннук өйдөөх-санаалаах оҕочоос этиҥ…» – диэн хата бэйэбин күллэрэрэ. Тэлгэһэбит ортотугар, тоҕо эбитэ буолла, ортотунан икки сиринэн дьөлөҕөстөөх үрдүк сэргэ дьэндэйэн турбута, ат баайаллара. Мин, ураҕас тутан баран, ол дьөлөҕөстөрүнэн үктэнэн тахсан аҥаар илиибинэн сэргэттэн тутуһан, аҥаарбынан далбаатанан ураҕаһым төбөтүн былыкка тириэрдэ сатыырым. Ампаар иннигэр кыраабыл тииһии олорор эһэм:

– Хайа, тоом, сэрэн… үлтү түһээйэҕин. Тугу далбаатанаҕын? – диирэ.

Сэргэ ортотугар диэри ыттан тураммын, аллара өҥөйөн көрө-көрө, бэйэбин отой кыырай халлааҥҥа тахсыбыт киһи курдук сананарым. Тиритэн-хорутан, көлөһүн-балаһын алла-алла, аны төлө туттан сууллуом диэн кэчэһэн ынчыктыы-ынчыктыы:

– Эһээ, бу ураҕаспар аны биир бачча ураҕаһы салгыыр киһи ити былыкка тиийиэ дуо? – диэн ыйытарым.

Оҕонньор сонньуйан баран устунан күлэрэ.

– Ээ, тиийэн бөҕө буоллаҕа, аны биир итиччэ ураҕаһы салҕаатаххына баҕас былыты таах үүт үрүмэтин курдук буккуйуоҥ…

Мин өс киирбэх түһэн ураҕаспар сэбэһэ быанан эбии синньигэс хаппыт уһун талаҕы кэлгийэбин уонна төттөрү тахсан илиим улук буолуор диэри хайдах да уунаҥныы сатаабытым үрдүнэн ураҕаһым былыкка тиийиэх эрэ быһыыта суоҕа.

Эһэм миэхэ анаан оҥорбут, илиибэр тутан олорон сырыһыннара оонньуур хас да мас аттааҕым. Олор сүппэт, туллубат бэйэлэриттэн буутайдаахтара, ыҥыырдаахтара, холуннаахтара, үүннээхтэрэ: силиктэрэ барыта сиппит, ыл да «миинэн барар» көлөлөр этилэр. Сорох сылгыбын чоҕунан биһэн хараардарым. Саҥа кыһыллыбыт аттарым маҥнай утаа маҥан өҥнөөхтөрө, онтон илииттэн-илиигэ уларсыкка сылдьан, арыы-сыа иҥэн саһаран хаалаллара, ону көрөн эһэм: «Оок, аппыт хайыы-сахха саарыл өҥнөммүт дуу?» – диирэ. Тарбыйахтаах талах ынахтарым, оҕустарым дэлэйэ, ийэм өссө туоһунан таллаҕар кулгаахтардаах сүөһүлэри кырыйара. Эһэм сохсотуттан, тэптиргэтиттэн ылбыт куобаҕын баһын уҥуоҕар сыҥааҕын уҥуоҕун мииннэрэн аттаах киһи гынан оонньуурум, үксүгэр сыҥаах силлэн икки аҥыы баран хаалара, оччоҕуна сабынан баайан чөлүгэр түһэрэрим. Сирэй оһох холумтаныгар бэрт элбэх «аттаах киһи» мэлдьи тупсаҕайдык кэчигирээн тураллара. Эһэм миэхэ өссө хабылык, мээрикээн, күүгүнүүр, өртүбүөй оҥороро, олорунан доҕотторбун кытта олус диэн дуоһуйа оонньуурбут. Оонньуурдарбын эргэ ыаҕаска хаалаан утуйар оронум анныгар ууран турарым.

Ийэм миигин сөп буола-буола улахан чабычахха сылаас уу кутан, ньылбы сыгынньахтаан сууннарара. Бэйэтэ такымын ааһар ыас хара суһуоҕун дьиэҕэ киһи суох кэмигэр солох уутугар оҥостон олорон кыычыгырыар диэри кичэйэн уһуннук суунара. Биир эмит дьүөгэтэ ийэм хоп-хойуу уһун суһуоҕун абылаппыттыы астына көрөн олорон: «Маарыйа, суһуоҕуҥ эчи астыгын, миэнэ да итинник буолбат ээ…» – диэтэҕинэ, ийэм саба сапсыйан кэбиһэрэ. «Инньэ диэмэ… Аньыы. Кырдьаҕастар такымын ааһар уһун суһуохтаах дьахтары дьоло суох дьахтар диэччилэр, дьоло суһуоҕар барар үһү…» – диэн харыс тылынан күөмчүлэнэрэ.

Ийэм бэйэтин лаппа кыанар тэтиэнэх дьахтар этэ. Ол эрэн мин кини күүһүн-уоҕун көрдөрбүтүн билбэппин. Ыалга оҕолору кытта оонньуу сылдьан, дьон: «Бүөтүр эдьиийэ Маарыйа дьэ кытаанах дьахтар, ордук илиитигэр үчүгэй быһыылаах…» – диэн бэйэлэрин ыккардыларыгар кэпсэтэллэрин истэрим. Урут көрбөтөх, харахтаабатах дьонум миигиттэн: «Ким оҕотоҕунуй?» – диэн ыйыталлара. «Ньууньаала Маарыйа кыыһынабын», – диэтэхпинэ, «Ээ, кини кыыһа эбиккин дии…» – диэн баран устунан ийэм туһунан кэпсэтэн бараллара. Ийэм тарбаҕар чахчы да кыахтаах этэ. Хаппыт ынах тириитин сиигирдэн баран маҥнай үрүөҕүнэн үрэрэ, онтон оҥостон олорон эт илиитинэн отой өрбөх курдук ньып-ньылыбырас буолуор диэри имитэн кэбиһэрэ.

Мин өссө төрүөм иннинэ, дьонум Кэҥэрэччи эбэҕэ олорор эрдэхтэринэ, чахчы буолбут биир дьикти түбэлтэни дьон уос номоҕо гынан, сөҕөн-махтайан кэпсэл оҥостоллоро өйбөр-санаабар хаһан да сүппэттии иҥэн хаалбыт. Ол кэпсэл маннык.

Ийэм Хочот күөлүгэр олорор Үөдэй Дьөгүөр диэн таайдааҕа. Дьөгүөр үгүс табалаах сэниэ киһи эбитэ үһү. Түөртүү мастаах боотулу бүтэйэ хас да дьоһуннаах күөлү эргийэрэ.

Күһүөрү сайын эмискэ күүскэ сылыйан, куйааран, устунан харааннаан, саҥа уҕарыах курдук буолан испит кумаар, бырдах хат үгэннээн түспүтүгэр таайа үгэһинэн табатын үөрүн бүтэйин иһигэр хаайбыт. Кырыһынан, ээй көппөҕүнэн түптэлиир эбит.

Үөрүн соҕотох бөрөҕө ыстарбатах, хайа да атыырдарыттан таһыччы бөдөҥ, адаарыйбыт муостаах Үргэл Харата диэн ыас хара өҥнөөх табалааҕа үһү. Аны бу атыыр кэйиигинэн сурахха киирбит атыыр эбит. Барыҥныыры көрдөр эрэ хойуу салаалаах муостарын утары тоһуйбутунан кэлэрэ эбитэ үһү.

Биир үтүө күн ийэм кытара буспут, ууламмыт хаптаҕаһы ыаҕаһыгар толору тоноон баран өтөҕөр төннөн испит. Оччолорго эдэр, баара-суоҕа сүүрбэччэлээх кыыс оҕо эбит. Олорор күөлүгэр кэлбит. Боотулу бүтэй күөлү бэрт киэҥ сиринэн эргийэ барара үһү, ол иһин быһалаары бүтэй иһигэр киирбит. Хойуу сэппэрээктээх ээй сиринэн хааман, күөлгэ тумустаан киирбит арыы талаҕы эргийэ баран, бүтэйин иһин туоруура чугаһаабытын кэннэ арай кэннигэр от-мас барчаланар тыаһа иһиллибит. Эргиллэн көрө түспүтэ, Үргэл Харата хаппыт талахтары тоҕута үктэтэлээн, адаарыйбыт муостарын тоһуйа туппутунан, таныыларын тыаһа тардыргыы-тардыргыы, кинини көрдө-көрбүтүнэн бу иһэр эбит… Ийэм улаханнык уолуйбатаҕа үһү. Ыаҕастаах хаптаҕаһын сиргэ уурбут, туора халбарыс гынан биэрбит да, супту түһэн иһэр табаны муостарыттан лап гына тутан ылбыт. Ити кэннэ үгүс эрэйэ суох этэрбэстээх атаҕын тилэҕинэн табаны кэтэҕиттэн сиргэ умса баттаабыт. Үктээбит күүһүн омунугар таба уһун тоһуйардара (инники муостара) төрдүлэригэр диэри буорга ньимис гыммыттар. Кэйиигинэн аатырбыт Үргэл Харата ол курдук чиҥ сиргэ батары үктэммит муостарын кыайан ылбакка өрө мөхсө хаалбыт. Ийэм ыаҕастаах хаптаҕаһын ылан баран өтөҕөр барбыт. Үөдэй Дьөгүөрү кытта бэрт киэҥ бурдук бааһыналаах улахан өтөххө тус-туһунан буруо таһаарынан олороллоро үһү. Кэлэн таайыгар:

– Атыырыҥ кэйээри гыммытын муоһунан буорга баттаан кэбистим… Баҕар, кыайан ылыа суоҕа, кумаар, бырдах бүтэриэҕэ, баран көрүнээр… – диэбит.

– Тугу-тугу диигин? – диэн Дьөгүөр дьиктиргээбит.

Ийэм элбэх саҥата-иҥэтэ суох, холку, намыын майгылаах кыыс эбитэ үһү, кини хас эппит тыла ыйааһыннааҕа, ылыннарыылааҕа. Таайа ол иһин, үгүһү-элбэҕи ыаһыйаласпакка, абырахтыы олорбут туутун туора уураат тахсан барбыт. Тиийбитэ, табатын атыыра мөхсө сатаан баран сэниэтэ эстэн умса нөрүйэн, «пуус-пуус» тыынан икки агдата көпсөҥнүү турара үһү. Төһө да күһүөрү сайын буоллар ылааҥытыйан, куйааран, хойуу кумаар, бырдах таба ньылбаа түүтүттэн иҥнибэккэ биир кэм хара тордох курдук хараара түһэн сиэн ырааппыттар эбит. Дьөгүөр табатын муоһун хайдах да оруу, тардыалаһа сатаан баран аккаастаммыт. Муос силистээх-мутуктаах сиргэ ол курдук бэрт дьиктитик, чиҥник батары киирбитэ үһү. Дьөгүөр ыксаан, балаҕаныгар төннөн, эрбии ылан кэлэн атыырын муоһун эрбээн араарбыт. Били сэниэтэ эстэн турбут сүүлүргээн эрэр таба, төлө бараат да, боотурҕаан өҥүргэһинэн эриличчи көрө-көрө, эрбэммит муоһун төрдүттэн хаана ыһыллыбытынан киһини сыыһа-халты түһүөлээбит. Үөдэй Дьөгүөр бүтэйэ чугас буолан ол нөҥүө түһэн куоппут.

Дьөгүөр, өтөҕөр кэлээт, үргүлдьү балтыгар ааспыт. Балаҕаҥҥа киирбитэ, ийэм таайа баарыын сарсыарда илимиттэн ылан таһаарбыт икки куоҕаһын үргүү олороро үһү. Биирин хайыы-сах ньылбы тардан ыксатыгар бырахпыт, биирин ортолуу үргээн тордурҕатан эрэр эбит. Кини куоҕаһы куруук эт тарбаҕынан көрүөх бэтэрээ ыккардыгар үргээн кэбиһэрэ.

– Дьэ, балтым Маарыйа, чахчы сэниэлээх, кыанар кыыс эбиккин, ити бэйэлээх атыыры итинник тутарыҥ… – диэн таайа Үөдэй Дьөгүөр улаханнык саллан сөхпүтэ үһү.

* * *

Тээкиччэ эбэ оттонор ходуһата киэҥэ, сорох эҥээрдэринэн хотойон, оҥолох-чоҥолох көрдүгэннэринэн, көлүйэлэринэн ууланан-хаарданан быста-быста, син биир сирэ үрдээн, өлгөм үүнүүлээх күөх сөлөгөй оттоох ходуһалара бэйэ-бэйэлэрин кытары сиэттиһэн күөлү эргийэ бараллара. Чугас эргиннээҕи эбэлэр бары от үрэхтэринэн ситимнэһэллэрэ, саас халаан уута хото киллэрбит кэмигэр хааларыттан тахсан дохсун сүүрүктэнэллэрэ. Уу баҕарахтары бүтүннүүтүн ылара, онтон улам-улам уостан-симэлийэн, ээр-сэмээр тардан, анаан айбыкка, соруйан оҥорбукка дылы, от ыйын ортотун эргин ситэн, бастанан эрэр от, «охсон ылыҥ» диэбиттии, бэйэтэ эрэ олорон хаалара. Сир ийэ барахсан санаатынан, дьаалатынан ол курдук сылын аайы ходуһатын нүөлсүтэн өлгөм үүнүүнү биэрэрэ. Онон кырдьаҕастар Тээкиччэ эбэ бэл былыр хоруллубутун өйдөөбөттөр.

Сылын аайы, үгэс курдук, чопчу Бөтүрүөп таҥара күн холкуос отчуттара ходуһаҕа киирэллэрэ. Ийэм аах балаҕаммыт анныттан саҕалаан уһун манастыыр хайытан охсон бараллара. Аан маҥнай өтөхпүт иһин-таһын, уу баһа киирэр ыллык суолбут икки өттүн, дулҕалаах хордоҕойу эргиччи илэчититтэн кыһыйан хоруйаллара. Оччоҕуна, хадьымал таҕыстаҕына, сүүллээн түспүт хойуу кумаар тарҕанара, тыаллаах, чэлгиэн күн отой да сүтэрэ.

Илин Кыргыдай «Чернышевскай» аатынан холкуоһун бырабылыанньата Тээкиччэттэн икки көстөн ордук ыраах сытар Алаас диэн күөл улахан өтөҕөр баара. Холкуос киинэ сир буолан, ордук элбэх ыал онно түмсэн дьиэ-уот туттан олохтоохтук тэринэн, олохсуйан эрэр кэмнэрэ этэ. Ол эрэн оннооҕор элбэх ыал өссө да алаас-алаас, өтөх-өтөх аайы арҕам-тарҕам ыһыллан, хас эмэ сыл көрөн-истэн, от үрэхтэрин хорон оҥостубут ходуһаларын үрдүттэн оттоноору туспа, чиэски сирдэргэ олороллоро. Алаастан Тээкиччэҕэ кэлэн холкуос отчуттара биир биригээдэ дьон сарсыарда бэрт эрдэттэн үлэлээн, халлааннара туран биэрдэҕинэ сотору бүтэн аны Оччугуй Тээкиччэҕэ көһөллөрө.

Сайыҥҥы өттүгэр таайым Бүөтүр дьиэтигэр көстөрө да ахсааннааҕа, наар Алааска бырабылыанньатыгар, доҕор-атас дьонугар хоноро-өрүүрэ, отчуттарын кэрийэн ыйан-кэрдэн дьаһайан, бэйэтэ эмиэ оттоһон күн солото суоҕа. Холкуос хаһан да бүтэн биэрбэт иирбэ-таарба түбүгэ үгүһэ, ардыгар ыҥыыр атынан сээкэй соругар куоракка (Бүлүүгэ) киирэн тахсара.

Ийэм олорор күөлбүт ходуһата оттонон бүттэҕинэ биригээдэтин дьонунаан Оччугуй Тээкиччэҕэ барсара. Күнүскү өттүгэр дьиэбэр эбэлээх эһэбин кытары хааларым. Кырдьаҕастар хаһан да илии туппайа суох буолбаттара. Мин да балаҕаным иһигэр бүгэн си дьүгээр олорботум, сүрүн үлэм – тыаттан амынньыар сүгүүтэ, уу баһыыта, тарбыйахтары үөскэ сиэтэн киллэрэн туспа кэрчимэргэ хаайан мэччитии, от үргээһинэ, ыаҕаска уу баһан аҕалан атыйахха кутан уулатыы. Ыалым оҕолорун үлэлэрэ эмиэ биир оннук. Оҕолорго бас-көс дьоммут, сааһынан арыый улахаммыт Мискээйэптэр кыыстара Элэбэһиэтэ уонна кини сурдьа Ыстапаан. Элэбэһиэтэлээх убайдара таайбыныын араа-бараа саастаах Көстөкүүн – холкуос суотчута. Бүөтүрү кытта Алааска ардыгар аргыстаһан бараллар-кэлэллэр.

Эһэм отчуттар бүтэн барбыттарын кэннэ, хойут, эбэ уута тартаҕына, күөл кыламанын киирэн охсор. Тарбыйахха бэлэм охсуллубут оту сүгэн үлэбит чэпчиир. Оҕонньор өссө холкуос отчуттарыгар балыктыыр, онтутугар көлөһүн күнүн аахсар. Сыраны-сылбаны быһар күүстээх үлэҕэ сылдьар дьон «харата» суох хайдах да сатамматтар.

Ыалбыт эмээхсин Оппуруоһа эмиэ, чугас эргиннээҕи өтөхтөрү кэрийэн, сыта-тура тыыппалаһан, биирдии-иккилии сыарҕа от оҕотун онно-манна томтотолуур. Онтун күһүн сүөһү хотоҥҥо киирбитин кэннэ, сыарҕа халыйар хаара түһээтин, оҕуһунан тиэйэн аҕалан сиэтэр. Эбии аата эбии, эмээхсин оттообут ото мэнээк барсар.

Мискээйэп Ньукулай сиһинэн ыалдьан оттообот. Хата балыктыыр, ону Харбалаах уонна Күүлэлээх отчуттарыттан күн өрүү-өрүү оҕустаах оҕо кэлэн тиэйэн барар. Мискээйэптэргэ киирдэхпинэ, Хахалдьыйа сирэй оһоҕун иннигэр талах олоппоско аргынньахтаан сиһин угуттуу олорор буолар. Сиһи уокка угуттуур сүрдээх үөрүйэхтээх. Ньукулай оҕонньор көхсө түөрэтэ түөн онно чэринэн чөҥөрүйэ ойууламмытын көрөн салла саныыбын. Эдэригэр бэйэтин харыстаммакка харса суох түһүөлээн эрдэ сорсуйбут киһи диэн кэпсэтэллэрин истэрим.

«Хайа баҕарар үлэни нэмин табан, күүскэр, кыаххар холоон сөбүн көрөн, сатабыллаахтык, судургутутан, ол эрэн туппут илиигин араарбакка үлэлээтэххинэ эрэ үлэҥ үтүө түмүктээх, таһаарыылаах буолар», – диэн эһэм сүбэлиир. Кырдьык да оннук, аҥаардас хара күүһүнэн харса суох хабытайданар көдьүүһэ кыра, эт-сиин алдьанара дөбөҥ, чөлүгэр түһэрэ уустук. Ийэм да, таайым аах да маҥнай окко киирдэхтэринэ, бастакы икки-үс күн олус түһүнэн кэбиспэккэ, эттэрин-сииннэрин үөрэтэн, сөп-сөп тохтоон, сынньанан тыын ыла-ыла охсоллоро. Балаҕаннарыгар тахсан, сойо түһэн баран, биирдии чохоол кыыймыт арыы иһэллэрэ уонна иттэннэри түһэн сыталлара, өссө нуктаан, утуйан ылаллара. Оччоҕуна ол испит арыылара, бэйэлэрэ этэллэринэн, систэрин этин сааһынан бычалыйан тахсан, эттэрэ-сииннэрэ көһүйбэтин курдук сымнатара үһү. Күн аайы эптэр-эбэн үлэлэрин тэтимирдэн, устунан хатан, кииллийэн хаалаллара. Үчүгэй хатарыылаах киһи тыына-быара кылгаабат, тэптиргэ курдук сылдьар. Оннук дьон омурҕантан омурҕан ыккардыгар ууну букатын испэттэр. Омурҕаҥҥа да үчүгэйдик сойон, эттэрин суоһун аһарынан баран биирдэ эрэ утахтаналлара. Оттон тулуура суох киһи сойбут ууну иһиккэ соһо сылдьан харса суох иһэр, устунан сыыстаран уруттуур. Уруттаабыт киһи уҥаайы, ис-иһиттэн сэниэтэ суох, наар тыын ылан сынньаныан, утахтаныан эрэ баҕарар, хара аһы аанньа аһаабат, биир үксүн ол да иһин күүһэ-күдэҕэ эстэр, үлэтин түмүгэ эмиэ ол курдук.

Мин сайын балаҕан ис-тас үлэтигэр түбүгүрэрим, оҕолору кытта оонньуурум таһынан, доҕотторум туохха эмит солото суох буолан тардылыннахтарына, наар эһэбин батыһан саппай уопса сылдьабын. Сээкэй кыраны уһанарын, туу өрөрүн, кыл илим баайарын көрөбүн. Хотоҕоско анаан туос хастыыбыт. Эһэм быһыччатын сытыы төбөтүнэн үөһэ-аллара икки сиринэн иилии суруйан баран, үөһэттэн аллара хайа сотто да, туос бэйэтэ түүрүллэн сиргэ кэлэн түһэр сүрдээх дөбөҥнүк хастанар кэмнээх, ол от ыйын эргэтэ. Тимир күөскэ субу оргуйан тахсыбыт итии ууга хотоҕос буоларынан сөбүн көрөн укпут туоһа хойуостаҥныы-хойуостаҥныы түүрүллэн хаалар, ону ылан икки ытыһынан аҥаардастыы анньан эбии хатайдыыр. Күөлбүт үрэҕин сүүрүгэ саас сир тааһын кыракый күрүлгэннэр анныларыгар, хаһырыаларга мунньан кэбиспитин ыаҕайаҕа хаалаан аҕалан таастыган гынабыт. Киһи сутуругун саҕа, өссө оннооҕор улахан да тааһы үлтү охсон эмиэ туһанабыт. Эһэм, кытыан угун эрийэн, таастыган иитэ оҥорор. Ээйгэ үүммүт мас силиһин хостоон, бысталаан тыырар, онтута ньып-ньылыбырас быа курдук буолар. Ол силиһинэн хомуйан аҕалбыт тааспытын баайан, иитигэр иҥиннэрэн туттаран кэбиһэр.

Эһэм илимин көрөрүгэр сороҕор миигин тыытыгар мэҥэстэр. «Олох хамсаайаҕын, түөрэҥэлээйэҕин…» – диэн сэрэтэр. Кэтит көхсүгэр сиспинэн ыга сыстан чөкөллөн олоробун, оҕонньор өрө эгдэс гына-гына хас эртэҕин аайы чараас тиит эрдии салбахтарын анныттан кыра буруу оҕолоро эргичийэ оонньуу-оонньуу кэннибитигэр хаалалларын одуулаһаммын саатыыбын. Хамсаабакка эрэ сэмээр тарбахтарым төбөтүнэн ууну тыыран чурулатабын… Эһэм чороох маһыгар чуо тиийэн тутан ылан тохтоон, ситим быатын тардан илимнэрин көрбүтүнэн барар. Тээкиччэ эбэбит барахсан өллөөх, эмис, бөдөҥ соболоро кыл илим-ҥэ иилиллэн тахсыбыттарын араартыы-араартыы тыытыгар бырахпыта лаһыгырайа мөхсөллөрүн истэбин. Эһэм эргиллэн эҥил баһын үрдүнэн миигин көрөр, мичээрдээн мыттыйар уонна, үгэһинэн, хас сүүстэ эппитин хатылыыр: «Мөхсөөйөҕүн, түөрэҥэлээйэҕин…» Оҕонньор төһө да сэттэ уонун лаппа аастар тииһэ түөрэтэ баар, ол эрэн букатын элэйэн миилэтин кытары тэҥнэһэн эрэллэрэ. Эһэм сааһыгар тиийбит сорох кырдьаҕастар тиистэрэ барыта түһэн ньамньыһан хаалбыт буолаллар. Лэппиэскэлэрин ууга уган сиигирдэ-сиигирдэ, кыра оҕо курдук эмэн ньомуҥнаталлар.

* * *

Түөрпүн туолан биэспэр үктэммит сайыммар, окко киириэх иннинэ, биир сарсыарда кулгааҕым анньан уһугуннум. Уҥа кулгааҕым иһигэр туох эрэ киирбитин курдук хочугуруур, дьэ уонна, санаабар, биир кэм тохтоло суох кэбийэр да кэбийэр. Оҕолор кулгаахтара анньан дэҥ моһуогураллара, ол иһин мин эмиэ оннук ыарыйдаҕым дии санаатым. Ол күн, дьэ эбэтээ, кулгааҕым төрдө, моонньум, сүнньүм кытары сүүлэ иһэн таҕыста. Ыарыыта диэн сүр, туома мэйиим кытта дырылыырга дылы. Ыарыыбын тулуйбакка ытаатым… Эбэм сыт диир да, сытыахтааҕар буолуох олордубат да, туруорбат да, биир кэм өрө эккирии сырыттым. Ардыгар бэрт кылгас кэмҥэ ыарыыта син мүлүрүйэр, суох, өр-өтөр буолбат, уруккутунааҕар ордук амырыын ыарыы кулгааҕым иһигэр чабырҕаччы кэйиэлээн кэлэр. Тугу да аһаабатым, уһун күнү быһа ытаан хараҕым уута иэдэстэрбэр хам хатта. Ыарыым «тыын ылар» кэмигэр уу оҕото эрэ дьоҕойон иһэ түстүм, ону да бэрт кыраны, хас ыйыртаҕым аайы уҥа кулгааҕым иһэ бүргэһинэн кэйиэлээн эрэр курдук анньыалыыр. Түүн көрбүт харахпын симпэтим, төрүт утуйбатым, дьоммун да утуппатым, этим «умайан», атыйан бөҕөтө, ийэ-хара көлөһүнүм барыта таҕыста, сарсыарданан халтаһаларым кытта дьолточчу иһэн букатын нукаай курдук буолан хааллым, дьүһүн-бодо иэдэйдэ. Эбэм ийэбинээн, кулгааҕым иһин көрөөрү, таска күн сырдыгар таһааран эминньэхпин кыратык да таарыйдахтарына, оо, ыарыыта сүр, ол иһин кэлин чугаһаппат да буоллум. Доҕотторум Тахтахалаах Маарыйа, Ыстапаан, Элэбэһиэтэ эҥин кэлэннэр миигин саатата сатаан аттыбар оонньууллар, балаҕаҥҥа киирэ-тахса сылдьаллар.

Иккис күммүн тугу да аһаабатым, ыалбыт дьахталлара Сөдүөрэлээх: «Кулгааҕа, кулгааҕа анньыбыт…» – дэһэллэр. Күнүскү ыам кэннэ эбэм моойдору, эҥил бастары испит кулгаахпын көннөрү таһыттан сыныйан, сылыктаан көрөн баран: «Кулгаах астаҕына маннык испэт баҕайыта, баҕар, утуйа сыттаҕына туох эмэ киирбитэ буолаарай?..» – диэтэ. Онуоха ийэм өс киирбэх уҥучахха киирэн, дьэҥкирдээн баран таас бытыылкаҕа куппут балыгын сыатын таһааран кыра чохоолго кутан сылытта уонна миигин ороҥҥо сытыаран эрэн луосканан баһан кулгаахпын таарыйбакка эрэ сэмээр кутта. Сылаас балык сыата кулгааҕым иһигэр халыйан киирэрэ биллэр, биир түгэҥҥэ туох эрэ бүллүгүрээтэ, онуоха сүр күүскэ эмиэ тэһэ кэйиэлээн эрэргэ дылы анньыалаан ылла… Айакалыы, айакалыы тураары гыммыппын ийэм аах хам баттаан төттөрү сытыаран кэбистилэр. «Балыгыҥ сыата искэ киирэн үчүгэйдик иҥнин, оччоҕуна ыарыыҥ ааһыа…» – дииллэр. Сотору эһэм күөлүттэн илимнэрин тардан, тымтайыгар ахсааннаах эрээри бэрт бөдөҥ соболору сүгэн таҕыста. Балыгын кытахха кутан баран, миэхэ көрдөрөөрү, оронум ыксатыгар талах олоппоско олорон хатырыктаата. Үөрүйэҕэ диэн сүр, туттарын-хаптарын киһи эрэ көрө сытыан курдук астык. Эһэм араас харахтаах элбэх кыл илимнээх. Сороҕо быччыкыга, сороҕо ортоһуор собоҕо аналлаахтар. Уонна өссө хас да улахан, элгээн соботугар диэн, бөдөҥ харахтаах илимнэрдээх. Дьэ оннук илимнэриттэн ылан биирдэ эмит эбэтигэр киирэн үтэр үгэстээх. Ахсааннаах, аҕыйах эрээри, били, эппиккэ дылы, адаҕа саҕа астык соболор бастакы үппүт түүнүгэр «соһуйан» туталлар. Эһэм илимин биирдэ үтэн собо ылла да, эһэн кэбиһэр.