скачать книгу бесплатно
– Дьиҥинэн ити эмээхсиним эрэ ол ыарыыга уорбаланар ээ. Оҕолор, кэбис, таҥара көмөтүнэн билиҥҥитэ этэҥҥэлэр. Бэйэм да муус өлүөр сылдьабын, онно баҕас саарбах суох, бэйэбин билинэр буоллаҕым.
– Таска кэтэһэн олорор оҕолор сордоохтор көһүттэхтэрэ. Маарпаҥ бэйэтэ дьиэҕэ киирэр кыахтаах дуо? – эһэм балаҕан иһинээҕи тыҥааһыны, кэчэһиини биирдэ төлөрүтэн кэбиһэр. Буолумуна, хаһан баҕарар дьиэлээх эр киһи тыла быһаарыылаах суолталанар.
– Тыый, бэл сүөһүтүн-аһын көрүнэр-истинэр киһи ээ…
– Чэ оччоҕо киллэр… киллэртээ… – диир эһэм.
– Оо, дьэ бэрт эбит… Мин сип-сибилигин, – диэт, Мэхээлэ Хообуйап, үүс бэргэһэтин төбөтүгэр уурунаат, таһырдьа дьөгдьөрүс гынан хаалар.
– Оҕонньор, хата бэркэ быһаарынныҥ, кэчэһэн нэһиилэ турдум, – диир эбэм.
– Холдьоҕон кэбиһэр сүрэ бэрт, санаам буолбата.
– Оннук-оннук… – ийэм тута сөбүлэһэ охсор.
Эбэм кыра алтан күөскэ укпут куобаҕын этин уулары-хаардары улахан күөс иһитигэр таҥнары тутан сүөкээн кэбиһэр. Эбии миинниир уонна кэлин сиирбитигэр анаан таска тоҥоро таһаараары бэлэмнээбит икки куобаҕын этин угар, сирэй оһоҕун уотун үөттүрэҕинэн булкуйан күөдьүтэ түһэн баран үрүт-үөһэ хардаҕас быраҕаттыыр.
Таһараа ыалларбыт, Муттуйдар уонна Мискээйэптэр, Хообуйаптары батан таһаарбыттарын киһи эмиэ биир курдук санаан көрдөҕүнэ баалаабат даҕаны. Араҥ ыарыыны сорох дьон сүрдээх сыстыганнаах ыарыы курдук саныыллара. Ол кырдьыга-сымыйата биллибэтэ. Араҥ ыарыылааҕы төһө эмэ уһуннук көрөн-истэн, бүөбэйдээн, кыстык угун саҕа балаҕаҥҥа бииргэ олорбут дьон кимнээҕэр өлүөр, чэгиэн сылдьаллара эбитэ үһү.
Кырдьаҕастар кэпсэтэллэриттэн иһиттэххэ, кэлин араҥ ыарыы өссө сэдэхсийбит. Маҥнай үөдүйэрин саҕанааҕы курдук буолбатах дэһэллэр. Урут да оннук айылаах, «хара буоспа» курдук, алааһы алааһынан, өтөҕү өтөҕүнэн илэ абааһы кэриэтэ тилийэ көтө сылдьан ыалы-ыалынан имири сотон ааспатах ыарыы. Оннооҕор бэл буоспа, дьиэ дьонун бүтүннүү охторон баран, киһи эрэ дьиктиргиэх, элэтэ биир киһини ордорон «уот оттооччу» гынан хаалларара дэһэллэр. Эһэм Өлөксөй бэрт өрдөөҕүтэ «хара буоспаҕа» ыалдьан баран өрүттүбүтэ үһү. Сирэйигэр сүүтүк тоҥуутун курдук олорон хаалбыт эбирдэрэ ол ынырык ыарыыга хаптара сылдьыбытын туоһулууллар. Инитэ Отчут Мэхээлэ эмиэ эһэм курдук «буоспалаабыт сирэйдээҕэ». Дьон киэнэ талыыта, чэгиэнэ эрэ ити ыарыыны тулуйан, ордон хаалаллара.
Урут, араҥ ыарыы элбии сылдьыбыт кэмигэр, Бүлүү уокуругун үс улууһугар дьон ордук ыалдьаллара эбитэ үһү. Тоҕо, туохтан эбитэ буолла, биһиги эҥээр, Мастаах эбэ ыксатыгар олорооччулар ордук элбэхтик араҥынан моһуогуралларын туһунан кэпсииллэр.
Маҥнай Хообуйаптар оҕолоро бэйэ-бэйэлэрин батыаккалаһан, кинилэр кэннилэриттэн аҕалара, бүтэһиккэ ийэлэрэ Тыытыгынай Маарпа сүүһүн аннынан сургуччу көрөн киирдэ. Тас таҥастарын сыгынньахтанан аан ыксатынааҕы адарай ороҥҥо кэккэлэстилэр. Оҕолор отой туох да буолбатах сэргэх сирэйдээхтэр-харахтаахтар. Мин, элбэх киһи биирдэ тоҕо анньан киирбититтэн симиттэн, кыбыстан, соҕоруокка кэтэҕэр түһэн сэмээр быган көрөбүн… Маарпалаах Мэхээлэ араа-бараа саастаах, биэс уоннарын эрэ ааһан эрэр дьон. Улахан оҕолоро Даарыйа саҥа эт тутан эрэр, курбуһах курдук көнө, дьылыгырас уҥуохтаах эдэр кыыс, уоннааҕылар уолаттар: Сүөдэр, Ньукулай, Бииктэр диэннэр. Кыралара Бииктэр, миигиттэн улахан уол, сиһинэн ыалдьар эбит, бөрү-бөкчөгөр. Оҕо аата, бүдүгүрэ кырдьыбыт киһи курдук, умса нөрүйэ сылдьара мин көрөрбөр хайдах эрэ олуона баҕайы курдук.
Ыаллар кыыстара Даарыйа үс үөс гына кэтэҕэр мөлбөччү өрүммүт суһуоҕун биир кэм туппахтыыр, эрийэр, мускуйар. Кэккэлэһэ олорор инилэрэ Бииктэрдээх Ньукулай ынах этэрбэстээх атахтарын биэтэҥнэтэ хамсатан тэбиэлэнэ оонньуулларын имнэнэн буойталыыр. Отой туох да ыарыы сыстыбатах дьоно тута биллэр.
Тыытыгынай Маарпа саҥата-иҥэтэ чөллөркөй, туттара-хаптара тэтиэнэх аата, ыалдьара дьүһүнүгэр көстөр. Куттаммыттыы, сүүһүн аннынан көрөр-истэр, туохтан эрэ дьааххаммыттыы туттар.
Күөс буһуор диэри дьоммут сээкэйи сэһэргэстилэр. Эһэм Мэхээлэлиин тахсан аттары сыбыдахтаан, от тэлгэтэн аһаталаан киирдилэр.
Хообуйаптар ийэлэрэ ыалдьыбыта хас да сыл буолбут эбит. Өссө эрдэ хайа эрэ хоноһо дуу, ыалдьыт дуу Тыытыгынай Маарпа араҥ ыарыынан ыалдьыбыт үһү диэбитин истэн турабын. Оттон араҥ туһунан миэхэ Мискээйэптэр кыыстара, бииргэ оонньуур доҕорум Элэбэһиэтэ кэпсээбититтэн билэбин. Туора Күөлгэ оскуолаҕа сырыттаҕына киниэхэ эмиэ хайа эрэ улахан кылаас оҕото кэпсээбит. Кэпсэл буолан баран киэргэтиитэ, сэһэн буолан баран ситэриитэ, остуоруйа аата омуна суох буолбат. Онно кэпсэнэринэн, араҥ ыарыынан ыалдьыбыт киһи этэ-сиинэ онон-манан мэҥ курдук харааран тахсара үһү. Ыарыы киһи илиитин уонна атаҕын тарбаҕынан киирбит буоллаҕына, тарбахтара сүһүөхтэринэн быстан түһүтэлиирэ, сирэйин булбут буоллаҕына, мунна, уоһа сытыйан, куобах уоһун курдук силлэн, тиистэрэ килэйэн баран устунан ууллан тохторо эбитэ. Араҥ ыарыыга ыалдьыбыт киһи, дьиктитэ диэн, төһө да этэ-сиинэ ол айылаах сытыйан, туруттан түстэр, көрүөхтэн сүөргүтүк кэбилэннэр, этин ыарыытын билбэтэ үһү. Элэбэһиэтэ кэпсииринэн, оннук ыалдьыбыт киһи маҥнай аҥаар илиитэ, онтон иккис илиитэ туллара, онтон аҥаар атаҕа, аны биирэ… Дьэ ол эрэ кэннэ бүтэһигэр төбөтө быстан төкүнүйдэҕинэ эрэ, ол сору-муҥу көрбүт сордоох биирдэ өлөрө, күн сириттэн күрэнэрэ, энэлгэннээх эрэйиттэн арахсара. Туох да диэбит иһин ынырык кэпсэл. Мин доҕорум Элэбэһиэтэ аны ким эмит истиэ диэн, тула-мала көрө-көрө, бэл кулгаахпар саба түһэ-түһэ сибигинэйэн кэпсээбитин санаан, ис-испиттэн чахчы куттанан кэлэбин. Тыый, араҥнара аны миэхэ сыстаарай диэбиттии, Тыытыгынай Маарпаттан харахпын араарбаппын. Ол эрэн Маарпа дьүһүнэ-бодото Элэбэһиэтэ кэпсээнигэр тугунан да төрүт майгыннаабат, арай сирэй оһох тунаархай сырдыгар сирэйин тириитэ бүтүннүүтэ эбир курдук хараарар, баҕар, куттаммыт санаабар, ордук омуннанан көстөн харахпын баайан эрдэҕэ. Араҥ дьикти ыарыы. Дэҥ-дэҥ кэлээччи-барааччы ыалдьыттан, хоноһоттон иһиттэхпитинэ, онно-манна, алаас-алаас аайы арҕам-тарҕам ыһыллан олорор дьонтон биир эмит киһи эмискэ ити ыарыынан ыалдьыбыта иһиллэр. Кимтэн, туохтан сыстыбыта төрүт биллибэт. Луохтуур тахсан ол киһи чахчы араҥ ыарыынан моһуогурбутун биллэр эрэ, аны дьону сутуйуо, чэгиэн дьоҥҥо сыһыарыа диэн тута Бүлүүгэ киллэрэн, куорат таһыгар баар анал холуонньаҕа угаллар. Онтулара бэйэтэ хаайыы кэриэтэ үһү, ким да кэлэрэ-барара, киирэрэ-тахсара көҥүллэммэтэ.