скачать книгу бесплатно
– Дьэ бу собону сиэтэххинэ, ыарыыҥ ааһыаҕа, – диир эһэм уонна күлэн мыттыйар. Кэтит ытыһыгар баппакка ньылбырыйыа диэн хайыытыттан иилэн олорбут соботун, киһи эрэ дьиктиргиэх, тыҥыраҕынан хатырыктыыр, арай үөстүүрүгэр эрэ этэрбэһин оһуттан ылбыт быһыччатынан балыгын уҥа өттүнэн хайыытын аннынан быһа сотон, сөмүйэтин уган очоҕоһун субуйан, чопчу үөһүн ылан баран чабычахха тыган кэбиһэр. Эһэм барахсан эбэтиттэн таһаарбыт адаҕа саҕа эмис соботун тыла, ыыс араҕас өрөҕөлөөх хаһата минньигэһэ сүрдээх… Ыалдьан сыппатаҕым эбитэ буоллар, оҕонньор бачча куйааска дэлэҕэ да соботун дьиэ иһигэр хатырыктыа, астыа суохтааҕа. Миигин аралдьытаары, алы гынаары ыксабар олорон түбүгүрэр эһэбин көрө сытан устунан нухарыйан, нуктаан барабын…
Балык сыата кутуллубутун кэннэ кулгааҕым анньара тохтоото, ол эрэн син биир ыалдьар. Киэһэ били эһэм таһаарбыт бөдөҥ соботун буһарбыттарын сиэтим, үүт курдук өҥнөөх, хоргуннаах минньигэс миини астыныахпар диэри истим уонна уҥуоҕум ууллан хас да күн аанньа утуйбатах киһи, биир үксүн уум да мунньуллан, сурда суох утуйан хааллым.
Сарсыарда күн тэмтэйэ ойбутун кэннэ биирдэ уһугуннум, киэһэ сытарбар өлүөр кулгаахпынан сыппыт бэйэм, түүн мөхсөн, ыалдьар кулгаахтаах өттүбүнэн эргийэн хаалбыппын. Дьиэҕэ ким да суох. Арай өйдөөбүтүм, кулгааҕым ыарыыта ааһан хаалбыт, кыратык нүөлүйэр эрэ.
Мин бэркэ диэн үөрдүм, сүргэм көтөҕүллэ түстэ. Суорҕаммын эрчимнээхтик хаһыйан киэр илгээт, ороммор олоро биэрдим, уҥа-хаҥас иҥнэйбэхтээтим, кулгааҕым эминньэҕин тутан сэмээр тардан көрдүм, уруккутун курдук улахан ыарыы суох. Таҥнан хачыгырайа олордохпуна, тастан ийэм киирдэ.
– Хайа, тоом, уһуннук да утуйдуҥ, кулгааҕыҥ хайдаҕый? – диэн ыйыта оҕуста.
– Отой да ыалдьыбат… – оҕо киһи сиэринэн, төһө да кыратык нүөлүйэн ыарыйдар, омуннуран хардарабын.
– Оо, оннук эрэ буоллун, кулгаах ыарыыта сэрэхтээх ээ, – дии-дии, ийэм ыксабар кэлэн олорон кулгаахпын көрөр.
– Эминньэхпин тардан көрүүй…
– Кырдьык дуо? Оттон бэҕэһээ таарыттарбат да этиҥ дии, – ийэм итэҕэйбэтэхтии туттар. Онтон мин үөрэн-көтөн сэгэччи мичээрдээн олорор дьүһүммүттэн бэйэтэ эмиэ сэргэхсийэн, бэркэ сэрэнэн кулгааҕым иһин көрөн иһэн чинэс гына түһэр: – Олор бу курдук, хамсаама, мин сип-сибилигин… – дии-дии, халадаай ырбаахытын сиэптэрин хастымахтыыр, онтон утуйар оронун үрдүгэр долбуурга турар иистэнэр холбукатыттан искэҕин ылан төттөрү кэлэн сэмээр кулгаахпын даҕайар. – Ыалдьыбат дуо? – диэн ыйытар.
– Суох…
Оргууй сыыйа тардан ийэм тугу эрэ таһаарар.
– Көрүүй бу, тоом…
Мин эргиллэн көрбүтүм, ийэм искэҕин төбөтүгэр уһуу-уһуу дэлби күлтэйэн хаалбыт хап-хара көйүүрү кыбытан олорор.
– Бу киирэн сордообут дии… – сирэйин мырдыччы тутта-тутта, миигин уонна көйүүрү көрбөхтүүр.
– Өлбүт?..
– Өлөн… Балык сыата куппатахпыт буоллар, оо… – ийэм кириэстэнэн ылар. – Мин кулгааҕа анньан ыалдьан эрдэҕэ диибин ээ, иҥэн-хаһан көйүүр киирбитэ буолуо диэм дуо?
– Утуйа сыттахпына киирдэҕэ дии?..
– Утуйа сыттаххына бөҕө буоллаҕа уонна сүүрэ сырыттаххына киириэ дуо? – ийэм иэдээн тахса сыспытыттан саллан, үөн киирэ сылдьыбытын билбэтэхтэрин бэркиһээн бэл чыпчырынан ылар.
Сотору эбэм тыаттан сэбэһэ быанан хаппыт мас сүгэн аҕалар, эһэм үөстэн тахсар, аны Алаастан таайым Көстөкүүннүүн акка мэҥэстэн тиийэн кэлэллэр. Бырабылыанньаҕа кэлии-барыы үгүс сирэ. Бэйэлэрэ да бэрт сэргэх, элбэх саҥалаах-иҥэлээх дьон сонуннара, кэпсэллэрэ дэлэгэй.
Балык сыата кутуллан кулгаахпыттан көйүүр тахсыбытын кэннэ били сордообут ыарыы, харахтан сыыһы ылбыт кэриэтэ, ааһан хаалбыта, ол эрэн ити түгэнтэн ылата мин уҥа кулгаахпынан букатын истибэт буолбутум. Сыттыкпар хаҥас кулгаахпынан сыттахпына, киһи дьиэҕэ киирэрин-тахсарын, кыра тыаһы-ууһу билбэтим.
* * *
Күһүн бурдук хомуура бүппүтүн кэннэ, тылбыйар кынаттаах үөрэ халҕаһалыы анньан соҕуруу айанныырын саҕана, балаҕан ыйын ортотун диэки ыалбыт Мискээйэптэр оҕолоро Элэбэһиэтэлээх Ыстапаан Арҕаа Кыргыдайга, Туора Күөл оскуолатыгар үөрэнэ бардахтарына маҥнай утаа чуҥкук курдук буолар. Араа-бараа саастаах, миигиттэн биир сыл балыс Муттуйдар кыыстара Тахтахалыын, Дьэкиимэптэр кыыстара Маарыйалыын хаалабын. Атын оҕолор кыралар, киһи тэҥҥэ оонньообот уу ньамаан дьоно. Ол эрэн сотору орун-оннубутугар түһэн, син нэммитин тапсабыт, балаҕантан балаҕан ыккардыгар сүүрэкэлэһэбит. Эт тоҥор буолбутун кэннэ өтөхпүт ыаллара биир-биир идэһэлэнэллэр. Борооскуну, саас кытараабыт сүөһүнү эҥин тутталлар. Саха киһитин үгэһинэн, дьоммут хардары-таары бэйэ-бэйэлэригэр «амсайыыга» диэн хайаан да бэрсиһэллэр. Сүөһү тиэрэ көппүт күннэригэр биһиги, оҕолор, үтэһэ, тымтык төбөтүгэр итир иилэн уокка саллан сиибит, сыата ууллан кыһыл чоххо таммалаан сырдьыгыныы-сардьыгыныы буспут итир минньигэһэ сүрдээх. Миитэрэйэп таҥара саҕанааҕы күһүҥҥү идэһэ дьоро киэһэлэрэ үтүө да буолаллара. Күн биллэ кылгаан балаҕан иһэ эрдэ хараҥарара. Ийэлээх эбэбин кытта хотоҥҥо тахсыһан, ынах ыылларыгар тымтык тутарым, туһугар сылаалаах үлэ. Биир тымтык умайан бүтүөн иннинэ атыны уматан солбуйуллар. Эһэм тымтыкка диэн тыырбыт маһа кирээдэҕэ өрөһөлүү кыстанан турара. Ол эрэн кэлин ийэм аах ыһыырынньык уматар буолбуттара. Арыгы бытыылкатыгар кыраһыын кутан баран, чаалбааны эрийэн, ол быыһынан өрбөҕү субуйан таһааран битииллээн уматаллара. Буруолаах-тараалаах эрээри, ынах сааҕын бэллэйдээн киирэн тымтык тутан, утуктаан сөллөйөн турар курдук буолуо баара дуо, бэрт албас көстөн оҕолору абыраабыта. Ыһыырынньык тордоҕо сүрдээх – хотонтон таҕыстаххына, муннуҥ үүтэ, кытыыта хап-хара буолар, киһи күлүөн курдук. Туора-маары туур-таар сыыҥтаатаххына хара ньоҕой кэлэн түһэр.
Кыһыҥҥы кылгас күн илин саҕах көппөйбүт көмнөҕүнэн бүрүллүбүт тыатын кэтэҕиттэн дьоҕойон аатыгар эрэ, «бу дьоннор бааллар дуу, суохтар дуу» диэбиттии, быган көрө түһээт, төттөрү мэлис гынан хаалар борук-сорук хараҥа күннэригэр, уһун киэһэлэригэр сирэй оһох иннигэр түмсэн олорон күннээҕи ииспэрэй-тааспарай үлэ түбүгүттэн саҕалаан, ардыгар табылыннаҕына, олоҥхотугар тиийэ онолуйар уус тыллаах хоноһолоннохпутуна, онон саараан күн уһуна биллибэтэ. Ону кытта эһэм барахсан сэһэнэ-сэппэнэ хаһан бүппүтэ баарай. Таайым Алаастан кэллэҕинэ холкуос олоҕун-дьаһаҕын туһунан биир туспа ураты сонун.
Эһэм араас эгэлгэ кэрээбэт кэпсэлин истээри, Илин Кыргыдайтан Мэнээх Миитэрэй диэн икки хараҕа суох киһи кэлэн хас эмэ хонукка хонон-өрөөн ааһар үгэстээҕэ. Түөрт уонун да туола илик эдэр киһи этэ. Биһиэхэ кэллэҕинэ си дьүгээр сыппата, бэйэтиттэн араарбакка илдьэ сылдьар чохороон сүгэтинэн мас мастаан батырҕатара, онтун көтөҕөн киллэрэн, сирэй оһох кэннин толору кыстыыра. Биирдэ сылдьыбыт да сирин сүрдээҕин билэрэ, өйдүүрэ. Билбэт киһи харахтаах киһи диэх курдуга. Мэнээх Миитэрэй өссө оҥостон олорон собо хатырыктыыра, үөһүн тарбаҕын сүрэҕин иминэн булан биири да тэспэккэ ыраастыыра.
Урут дьонум аах Хондуһа диэн көлүйэлээх, Арыы Тиит диэн үрдүк кырдаллаах Хочот күөлүн Кубаҕай Хоспох диэн өтөҕөр олордохторуна, таайым биир сайын чөчүөккэни кытта оонньуу сылдьыбыта үһү. Бүөтүр кэпсииринэн, дьоно үлэлэригэр барбыттарын кэннэ бэйэтин кытта эмдэй-сэмдэй уҥуохтаах, дулҕа сиэлин курдук намылыйбыт чачархай баттахтаах оҕо оһох состуогун анныгар кыра хайаҕас оҕото баарыттан лэкээриҥнээн тахсан кэлэр эбит. Бүөтүр чөчүөккэни үтүктэн ол хайаҕас устун киирэ сатыыра да, этэрбэстээх аҥаар атаҕын төбөтө эрэ батара үһү.
Таайым, урут чөчүөккэни хаһан да көрбөтөх оҕо, дьонноруттан хаалсыбакка эдьиийин кытта ходуһаҕа окко киирсэр эбитэ. Күһүөрү сайын, кус оҕото кынатыгар уйдарбытын кэннэ, биир күн балаҕаныгар соҕотоҕун хаалбыт. Дьоно тахсан мэнээк барбатын диэн дүлүҥ маһынан таһыттан баттатан кэбиспиттэр. Күнүс түннүк анныгар турар остуолга ийэтэ аах бэлэмнээн хаалларбыт астарын аһаан, суорат сиэн мотуйа олордоҕуна кэннигэр оҕо күлэн чачыгырыыр саҥата иһиллибит, онуоха эргиллэн көрбүтэ, оһох холумтанын үөһэ кыыһа да, уола да биллибэт оҕо лаҕыай буола хатырбыт тахтайбыт атахтарынан тэбиэлэнэ олороро үһү… Ити күнтэн ыла Бүөтүр, дьоно отторугар бардаллар эрэ, уһун күнү быһа чөчүөккэлиин бэркэ тапсан оонньуур үгэстэммит. «Дьүһүнэ эмиэ да улахан киһиэхэ, эмиэ да оҕоҕо маарынныыра…» – диэн кэпсиирэ. Тобугун ааһар, киртийэн өҥө көстүбэт буолбут, тырыттыбыт ырбаахылааҕа эрэ үһү. Үтэһэҕэ үөлүллүбүт быччыкы курдук, эмиэ да ойуун эмэгэтигэр майгынныыр оонньуурдардааҕа, онтуларын состуок анныттан куруук бэйэтин кытта илдьэ тахсара, киирэригэр хонноҕун анныгар кыбынан төттөрү илдьэ барара үһү. Чөчүөккэ таайым талах сүөһүлэриттэн сырыы аайы куруук биир оҕуһу талан, ордук сөбүлээн оонньуур эбит.
Бүөтүр дьоно хаалларбыт аһылыктарын холумтан анныттан тахсыбыт оҕоҕо биэрэн аһатара үһү. Бэйэтэ буоллаҕына чөчүөккэ биэрбит лэппиэскэҕэ майгынныыр аһын сиир эбит. Кыра эрдэҕинэ иринньэх, борбуйун көтөҕөн да баран аһаах оҕо эмискэ этэ-сиинэ эбии уостан, ыран-дьүдьэйэн барбыт. Биир күн таайым оонньуу сылдьан адарай орон анныгар турбут, тимир куустарыы курдаах дьааһыгы арыйан чөчүөккэҕэ ийэтин саҥа тиктибит халадаай ырбаахытын тэнитэн көрдөрбүт. Онуоха чөчүөккэ улаханнык сэҥээрбэтэх, хата тоһоҕоҕо тимир кыптыый буутуттан иилиллэн турарын ылан ырбаахы байбарытын түөрэтин салама курдук эргиччи кырыйан кэбиспит. Иккиэн иэрийэ сыһыахтарыгар диэри күлүс да күлүс буолбуттар…
Эбэм Лөкүөрүйэ уола олус хотторбутун көрөн уйатыгар уу киирбит. Киһи дьиктиргиэх, ирээт анаан хаалларбыт астарын барытын аһыыр эбит, бэл диэтэр үгэххэ сойута ууруллубут чабычахтаах үүттэрин үрдүн халбыйан сиир дьарыктаммыт уолларын мөхпөтөхтөр. Эһэм аах Хочот күөлүгэр олороллорун саҕана оччолорго Көтүппэт диэн ыттаахтара эбитэ үһү. Сарсыарда ходуһаҕа киирсэн баран, киэһэ тахсалларыгар иннилэригэр куота кэлэн, балаҕан халҕанын тарбыыр үгэстээх эбит. Көтүппэт ынах тириитэ бүрүөһүннээх хаптаһын халҕаны тарбаатаҕына, чөчүөккэ сиппииртэн биир талаҕы сыыйан ылан, киитэ хоҥнон атыгыраабыт эркин быыһынан анньыалаан ыты дьээбэлиирэ үһү. Оттон дьон саҥата ньамалаһарын иһиттэр, киһи чугаһаабыт сибикитин биллэр эрэ: «Миигин кытта оонньообуккун отой кимиэхэ да кэпсээйэҕин, этээйэҕин, оччоҕуна сарсын эмиэ оонньуохпут…» – диэт, оонньуурдарын хонноҕун анныгар кыбынаат, состуок быыһынан бэрт холкутук киирэн, сүтэн-симэлийэн хаалара. «Көтүппэти тоҕо дьээбэлиигиний?» – диэн таайым ыйытар эбит. Онуоха чөчүөккэ: «Ыт тугу да көрбүтүн иһин кэпсиир тыла суох…» – диирэ үһү.
«Чөчүөккэттэн отой куттамматым, ыалбыт оҕото киирэрин курдук саныырым уонна сүрдээҕин тапсан оонньуурбут. Ардах түһэн эһэм аах отторугар барбакка өрөөтөхтөрүнэ чөчүөккэ тахсыбата, оччоҕо суохтуурум…» – диэн кэпсиирэ таайым. Бүөтүр ардыгар холумтан анныттан тахсар хаһан да көрбөтөх оҕотун кытта оонньуурун дьонугар кэпсиэх санаата кэлэн айаҕын аттар эрэ, тыла булдьуйан, букатын эппэт кэлэҕэй буолан хаалара үһү.
Күһүн, от үлэтэ бүппүтүн кэннэ, хас эмэ хонуктаах иэппэт ынах курдук кэлэ-кэлэ түспүт ардах астыбытыгар, биир күн Лөкүөрүйэ икки көстөн ордук ыраах баар Нарыйачаан күөлүгэр олорор, көрсүспэтэхтэрэ ырааппыт чугас дьүөгэтигэр тымтакаҕа сиикэй арыы оҕото кэһиилэнэн дьаарбайа, бэйэтэ этэринии, «туйаҕын сойутта», сөргүйэ, сэргэхсийэ диэн барбыт. Ол иннинэ өссө, маанымсыйаары, таҥас хаалыыр дьааһыгын арыйан саҥа тиктибит ырбаахытын хостообута байбарыта түөрэтэ биир да бүттэтэ суох гына кыптыыйынан сарыпыай-ирипиэй курдук быһыта кырыллыбытын көрөн уолун сэмэлээбит.
Лөкүөрүйэ киһи этин-сиинин дьагдьатар, курас тыаллаах күн буолан уолугар халыҥ суккун сонун кэтэрдэн, биир үксүн олус хотторо ырбыт-дьүдьэйбит уолун Нарыйачаан күөлүгэр олорор Доҕойко ойууҥҥа көрдөрөөрү бэйэтин кытта илдьэ сиэтэн барбыт. Өлөксөй от үлэтин кэннэ Кэҥэрэччигэ көһөн кыстыахтаах саҥа балаҕаннарын ситэрээри онно үрдүттэн хоно-өрүү сылдьара эбитэ үһү. Таайым хас кэлбит-барбыт киһиэхэ киэн тутта көрдөрөр, икки өттүнэн киэҥ сиэптэрдээх суккун сонугар аҕата кыһан-кыладыйан оҥорбут талах ынахтарын, оҕустарын уктан барбыт. Аара тохтоон сынньанар, үссэнэ түһэн ылар кэмнэригэр сүөһүлэринэн оонньуур эбит.
Өтөхтөрүттэн сарсыарда бэрт эрдэ хоҥнубут дьон күнүс сөпкө соҕус Нарыйачаан эбэҕэ Бөдүөрэлээх диэн ыалга тиийбиттэрэ, түөрэ бары дьиэнэн, сүөһүлүүн-майдыын кыстыктарыгар, көстөн ордуктаах сиргэ, көһөн күккүрээн хаалбыттар. Бөдүөрэлээх биир өтөххө олорбут ыаллара Доҕойко ойуун ойоҕунаан бааллара. Атын ыал курдук ханна да көспөккө, сайыннары-кыһыннары наар Нарыйачааҥҥа сүөһү ииттэн, оттоон-мастаан олороллоро эбитэ үһү. Доҕойко былаайахтанан, дүҥүрдэнэн кыырарын таһынан оту-маһы хомуйан отоһуттуур, өссө уҥуох тутар үтүө дьарыктаах кырдьаҕас эбит. Дьиэлээх эмээхсин үөрэ-көтө көрсөн, ас тардан остуолга ыҥырбытыгар, сээкэйи кэпсэтэн баллыгыраһа-баллыгыраһа күө бааччы чэйдээбиттэр. Доҕойколоох икки кыыстаахтара ситэн-хотон, эргэ тахсан туспа сиргэ, туһунан өтөххө бэйэлэрэ буруо таһаарынан, оҕолонон-урууланан, эмээхсиннээх оҕонньор балаҕаннарыгар бэйэлэрэ эрэ эбиттэрэ.
Бүөтүр аһаан баран били сиэбигэр уктан аҕалбыт талах сүөһүлэринэн состуок аттыгар олорон сэмээр, бэрт көрсүөтүк, ийэтэ аах кэпсэтэллэригэр мэһэйдэспэккэ оонньуу олорбут. Ол ыккардыгар Доҕойко эбэтин үрэҕэр баран ардьатын көрө охсон кэлбит. Тымтайга кутан аҕалбыт соботун чабычахха сүөкээн баран, сирэй оһох ыксатыгар киниэхэ көхсүнэн буолан бэйэтэ-бэйэтигэр тыаһа-сыма суох оонньуу олорор Бүөтүргэ туһаайан:
– Хайа, тоом, тугунан оонньуугунуй? – диэн ыйыппыт.
– Эһэм оҥорбут талах оҕустарынан, ынахтарынан, – диэбит Бүөтүр.
– Оок-сиэ, Өлөксөй эһэҥ, уус муҥутаан, кини диэтэх киһи тутан-хабан кыспыта, кыладыйбыта тупсаҕай ынахтаах, оҕустаах урааҥхай буолуохтааххын, ыл көрдөр эрэ биир бэркин, – Доҕойко уол аттыгар кэлбит.
– Бу баар бастыҥ оҕуһум… – диэт, таайым көхсүн хатырыга оҥо быһыы дьэрэкээн ойуулаах талах оҕуһун ууммут.
Доҕойко өс киирбэх оҕуһу көрөөрү хаба тардан ылбыт да, сонно өмүрэн төлө тутаат, ньилбэгин охсуна-охсуна, атын аҕайдык татыахайдана түспүт.
– Оо, бабат-татат, атын киһи оонньуура!.. Оо, бабат-татат, атын оҕо оонньуура!.. – дии-дии, саннын байаатыгар тиийэр аас маҥан баттахтаах оҕонньор, бэрт чэпчэкитик өрө ыстана-ыстана, бэдьэҥэлээбит, тарбахтарын сараччы тутта-тутта, ыстаҥалаабыт.
Ону көрөн Бүөтүр, иттэннэри кэлэн түһэ-түһэ, буор муостаҕа төкүнүйэ сылдьан, быара кэйэн, тыынын кыайан ылбакка иэрийэ сыһыар диэри күл да күл буолбут… Ийэтэ кэлэн өрө көтөҕөн, илгиэлээн нэһиилэ тыын киллэрбит.
– Бу да киһи эҥин-иктэ буолан, хата оҕону иэритэн бопторо сыста… – диэн дьиэлээх эмээхсин кырдьаҕаһы сэмэлээбит.
Уола уоскуйбутун кэннэ Лөкүөрүйэ:
– Оҕом сайын олох быста ыран, дьүдьэйэн хаалаахтаата, туга ыалдьан моһуоктуура биллибэт… Баҕар, көрүөҥ буолаарай да диэммин аҕаллым ээ… – аат ааттаан кэлбит сүрүн соругун дьэ эппит.
Доҕойко өмүрбүтүн аһара сатаан өрө эппэҥнээн олоро түһэн баран:
– Уу, туома… от охсон тахсыбыт киһитээҕэр ордук илиһинним, бэйэм да кырдьан, мөлтөөн-ахсаан, аны өмүрэр мээрик буолан эрэбин… – диэбит. Онтон туран таайбар кэлэн, төбөтүн имэрийэ-имэрийэ, таптаан ымманыйбыт. – Хата өмүрдэн өлөрө сыстыҥ… – дии-дии, күлбүт.
– Кырдьаҕас, туох дии саныыгыный? Оҕобун көр-иһит эрэ, – Лөкүөрүйэ ойуун иэйбит дьүһүнүттэн эр ылан санаатын хат эппит.
Доҕойко ойуун сибилигин аҕай өрө көтө-көтө мэнэрийэн уйуһуйа сылдьыбыт дьүһүнэ сүтэн, туох да буолбатаҕын курдук дүлүҥ олоппоско олорон соботун хатырыктыы-хатырыктыы:
– Ээ, ити киһи төрүт туга да ыалдьыбат. Дьиэ иччитин кытта мэниктээн аһыырын-сиирин да умнубут. Дьиэ иччитэ бэрт бор буолар баҕайыта, аһын ол тойооскуга аҥаардастыы аһатан «ырдаҕа-быһыннаҕа». Кини аһа диэхтээн таах уу судураан буоллаҕа. Чэ туох да буолуо суоҕа, хата ырааһырдаҕа… – диэн киһи эмиэ да өйдүүр, эмиэ да ылбычча өйдөөбөт тылынан саҥарбыт.
– Тыый!.. Ол иһин даҕаны… – диэн эбэм улаханнык үөрбүтэ үһү.
Үөрэрэ эмиэ төрүөттээҕэ. Чөчүөккэ киһиэхэ хаһан да куһаҕаны аҕалбата, хата төттөрүтүн дьиэҕэ кыра абааһылары киллэрбэтэ үһү, арай итэҕэһэ диэн таҥаһы кырыйан кэбиһэр адьынаттаах эбит. Чөчүөккэ үксүгэр ааһар ыалдьыт, хонор хоноһо кэриэтэ кыра оҕолору кытта хантан да кэлбитэ биллибэккэ эмискэ баар буолан оонньуу-оонньуу, эмиэ хайдах күөрэйбитэй да ол курдук ханна да барбыта биллибэккэ сүтэн хаалара эбитэ үһү.
Ардыгар биир эмит ыалга тохтоон «уйаланар», оччоҕуна ол ыалга дьиэ иччитин быһыытынан дөрүн-дөрүн баарын биллэрэр уонна дьиэлээхтэри быстах-остох кыра ыарыыттан араҥаччылыыр диэн кэпсииллэрэ. Оҕолору кытта оонньууругар чөчүөккэ куруук бас-көс буолара уонна хаһан да кыыһырсыбата, бииргэ оонньуур оҕотун санаатын сүрдээҕин табара үһү. Ол иһин чөчүөккэлиин оонньообут оҕо дьиэтигэр соҕотоҕун хаала сатыыр үгэстээх эбит. Дэлэҕэ да дьиэтиттэн ханна да барыан баҕарбат оҕону: «Чөчүөккэни кытта оонньоору хаалаҕын дуо?» – диэн тыл дэгэтэ оҥостуохтара дуо? «Чөчүөккэни кытта дьоллоох оҕо оонньуур» диэн кэпсэл эмиэ баар. Дьиэ иччититтэн ураты өссө үгэх иччитэ диэн кыра кыыс оҕо буолан көстөр, үүт уурар уҥучахха сүөһү түүтүнэн уйа туттар, улахан дьонтон туох да сүрдээҕин куттанар туспа иччи баара үһү. Үгэх иччитэ хотоҥҥо тарбыйах абааһытын киллэрбэтэ. Сүөһүлэрин төрүөҕэ тахсар, үтүө туруктаах сүөһүлээх ыаллары: «Хотонноро иччилээх ыаллар», – дииллэрэ. Эбэм аах анаан-минээн, аат ааттаан хотон иччитин аһатар үгэстээхтэрэ. Саас ынах төрөөтөҕүнэ ыаҕайаҕа ыабыт уоһахтарыттан хамыйаҕынан баһа-баһа хотон түөрт эркинигэр ыһаллара, аал уоттарын иччитин хайаан да айах тутан аһаталлара, үрүҥ илгэлэриттэн баһан ылан балаҕан өһүөтүгэр эмиэ ибирдэтэ ыһыахтыыллара.
Тарбыйах абааһыта чөчүөккэҕэ, үгэх иччитигэр майгынныыр эрээри, үтүө иччи буолбатах – абааһы. Аһаҕас харахтаах эбэтэр түүллээх-биттээх дьон кэпсииллэринэн, тарбыйах абааһыта уот кугас баттахтаах, кыһыл ырбаахылаах, тыаһа суох саннын титирэстэтэн күлбүт дьүдьэх дьүһүннээх кыыс оҕо буолара эбитэ үһү. Түүн хотонтон сыбдыйан тахсан утуйа сытар дьону бадьыыстыыр кыыбаҕалааҕа, дьиибэлээбит киһитэ улаханнык баттатан, ыһыытаан-хаһыытаан, ийэ хара көлөһүнэ сарт түһэн тиритэн-хорутан, кута көтө сыһан уһуктара, онуоха эбии мөлтөх уйулҕалаах буоллаҕына өссө хас эмэ хонукка тумуу-сөтөл, быстах ыарыы киирбитин курдук ыалдьара. Тарбыйах абааһыта мииммит ньирэйэ кэннин кыаммакка, баҕалыы сынан хаалан, мэҥирээн-мэҥирээн баран өлөрө. Итинник абааһы буулаабыт ыала ойуун ыҥыран аҕалан үүрдэрэллэрэ, үтэйтэрэллэрэ. Сорох ыал атын сиргэ көһөн баралларыгар түөрэ бары балаҕаннарыттан, тэлгэһэлэриттэн кэннилэринэн хааман, суолларын муннаран тахсан бараллара үһү, оччоҕо абааһы батыспата. Тарбыйах абааһыта мииммит ньирэйэ хайаан да өлөрө. Ол эрэн урут Кэҥэрэччигэ олорбут Обуйук Уйбаан диэн оҕонньор этиҥ түһэн тырыыҥкалаабыт маһынан кэннин кыаммакка өлөөрү титирэстии сытар ньирэй сиһин ботугуруу-ботугуруу таһыйдаҕына, тарбыйах ардыгар туран өрүттэн, үтүөрэн хаалара үһү. Онон Обуйук Уйбаан ыҥырыкка сылдьар, туһугар эмиэ дьикти айылгылаах, дьарыктаах оҕонньор этэ диэн кэпсииллэрэ.
Чөчүөккэ төһө да үтүө иччи буоллар, Лөкүөрүйэ уолун Доҕойко ойууҥҥа көрдөрүөҕүттэн балаҕаныгар соҕотохтуу хаалларбакка бэйэтин кытта илдьэ, батыһыннара сылдьар буолбут. Урут бэл сайын ыалдьан сытан хаалар аһаах уола ол чөчүөккэни кытта оонньообут сайыныгар, төһө да ырдар, дьүдьэйдэр, киһи эрэ дьиктиргиэх, муннугар тумуу да киирбэтэҕэ эбитэ үһү. Эдьиийин Маарыйаны кытта хааллаҕына чөчүөккэ состуогун анныттан төрүт тахсыбата.
Ардыгар сорох ыал саҥа дьиэ-уот туттан көһөн бардахтарына, чөчүөккэ көспүт ыал өтөҕөр хаалан хаалара үһү. Ону өтөх иччитэ диэн ааттыыллара. Соҕотоҕун холумтан үөһэ тахсан күлү буккуйа олорор буолара уонна өтөххө кэлбит оҕону кытта эмиэ бэркэ тапсан оонньуура диэн кэпсииллэр. Кырдьаҕастар сэһэннэрин-сэппэннэрин иһиттэххэ, чөчүөккэ отой ураты айылгылаах, төрүөтэх түстэммит куттарын-сүрдэрин кутугунаппатах, аймаабатах, чөл туруктаах ыалга эрэ олохсуйар, тастан киирэр саҥаны, сонуну төрүт сөбүлээбэт уонна оннук ыалтан букатын баран, көһөн хаалар дииллэр.
* * *
Тээкиччэҕэ тэлгэһэбитигэр турар ампаар иннигэр сандалы остуол сирэйинээҕэр эрэ арыый дьоҕус маҥан өҥнөөх, дьоһуннаах хаптаҕай таас сытара. Өрдөөҕүтэ Уйбаныап баай мэлииһэ тааһа гынаары Түҥ өрүстэн таһаартарбыт. Ампаар иннигэр ол тааска олорон сэһэргэһэр, кэпсэтэр үгэстээхпит. Улахан дьон дьээбэрэннэр көтөҕөн көрөөччүлэр да, дьоҕойон анныгар салгын эрэ киллэрэллэрэ, ону да кыахтаахтара. Уйбаныап баайы саҥа былаас дьоно кулаак гынан куолаһын быһан, баайын-дуолун уоппустаан ылбыттар, мэлииһэ гыныахтаах тааһа ол курдук биһиги тиэргэммитигэр сыппытынан хаалбыт. Кыһын хаар үрдүнэн саба тибэн кэбиһэрэ, саас хаар уулуннаҕына сэмээр быган тахсара. Сайын өҥүрүк куйааска киһи олорботун курдук итийэрэ. Мискээйэптэр аҕалара Хахалдьыйа Ньукулай сайын эһэм ааҕы кытта тиэргэн кырыс сиригэр олорон сээкэйи ыаһахтаһар кэмнэригэр күн сыралҕаныттан итийбит тааска тиэрэ түһэн сытан, үгэһинэн, сиһин угуттуура. «Аам, тоҕо бэрдэй… аам, тоҕо баҕас астыгай, итиитэй, суоһай…» – дии-дии, иһэ көстөн нанайа сытар оҕонньору көрөн, эбэм Лөкүөрүйэ уоһун үмүрүтэн сонньуйара. «Кыра оҕоҕо дылы бу да оҕонньору…» – диэн күлэрэ.
Биэстээхпэр күһүн күөл мууһа туран күрэх муҥхата саҕаланан ийэм аҕатын инитэ Отчут Мэхээлэ дьону түмэн муҥхалаабытыгар хас эмэ хонукка хоно-өрүү барбытын кэннэ титириир ыарыынан ыалдьыбытым. Дьэ ыарыы да ыарыы… Амырыын ыарыы… Ис-испиттэн тоҥон, силиим кытта бөһүйбүккэ дылы сананан, туох да тохтоло суох дьигиһийэн, бабыгырыы-бабыгырыы, мэктиэтигэр тииһим тыаһа лаһыгырыы-лаһыгырыы, титирээ да титирээ. Эбэлээх эһэм хайдах да үллүйэ, хат-хат хаттыгастаан суулуу сатаабыттарын үрдүнэн, санаабар, тула өттүбүттэн аргыар аргыйарын курдук. Бэрт уһуннук ол курдук титирии сытан баран үллүгүм да халыҥыттан этим-сииним ирэн тиритэбин, баһым ыарыыта диэн, сиигинэн хайа барыах курдук. Уһун күнү быһа тохтоло суох биир кэм титирээн, сыраны-сылбаны быһар улахан илистиилээх үлэни үлэлээбит киһилии, сэниэ, күүс букатын эстэр. Титириир ыарыы, киһи дьиктиргиэх, «өрөбүллээх» буолар. Биир күн титирээ да титирээ, нөҥүө күнүгэр кэм аматыйа, «тыын ыла» түһэҕин, онтон ол нөҥүө күнүгэр эмиэ хат титирээн бараҕын. Эбэлээх эһэм соҕотох сиэннэрин, миигин бүөбэйдээн, солбуһа-солбуһа, аттыбыттан арахсыбаттар. Ыалдьыбытым хаһыс да күнүгэр эмиэ бэргээн титирээн дьигиһитэ сыттахпына, таайым Алаастан кэлэригэр баартыктаах биир иһит тыыннаах испиир аҕалла уонна онтутун иһиккэ кутан уулаан, сылытан баран миигин ньилбэгэр көтөҕөн олорон, икки омурпун хам тутан айахпын атытан иһэртэ. Испиир аһыыта диэн сүр, чачайа-чачайа син ыйыстабын. Өс киирбэх этим-сииним дырылыы-дырылыы сылыйан, сымнаан, титириирбиттэн да сылайбытым бэрдиттэн, улук курдук ууллубукка дылы буолан, устунан сылаам таайан утуйан хаалбытым.
Ити курдук таайым «эминэн» хас да күн эмтэммитим. Эбэм сылыйбыт испиир ордугунан түөспүн, көхсүбүн түөрэтин эргитэ сылдьан биһэн, умунуохтаан дэлби имэрийэрэ, илбийэрэ. Ийэм муҥхаттан кэлиэн иннинэ сотору үтүөрдүм. Таайым испиирэ туһалаата эрэ, бэйэтэ ааһыах кэмэ кэлэн ааста эрэ, билбит суох.
Оҕо киһи буолан, ыалдьарбар уостубут этим-сииним сотору чөлүгэр түһэн, эмиэ ыалым оҕолорун кытта сүүрэкэлээбитинэн бардым. Өссө эһэм көтөрүн туһаҕын, сохсотун көрөрүгэр саппай уопсан батыһа сылдьар үгэстэнним. Оҕонньор олорор эбэтин эргийэ, кытыан үүммүт үрдүк кырдалларыгар, хаптаҕас, моонньоҕон өнөрдөөн өрө анньыбыт сиксиктэрдээх өтөхтөргө бэрт өртөн хатыйыы тоҥуу охсон туһахтыыра. Мин чугас эргин эрэ сылдьарыгар батыһабын. Сохсото, туһаҕа үксэ эбэ уҥуоргу эҥээригэр. Биһиги өтөхпүтүттэн чугас Ньалыбыдах өтөҕө диэн баара, онтон айан суола тахсар, ону Күүлэлээх аартыга диэн ааттыыллара уонна кырдьык да ол сайыҥҥы өттүгэр от саба үүнэн көстөр-көстүбэт орҕочуйан барар айан суола Күүлэлээх диэн көлүйэ күөлгэ тиийэрэ. Күүлэлээх аартыгын ээйигэр сайын окко киирэр саҕана сир аһыттан саамай эрдэ ситэн буһааччылара болбукта саһарчы буһан, уулана ньолҕойон турарын тотуохпутугар диэри сиирбит. Буспут ыыс араҕас болбукта көпсөркөй муохтаах, мэлдьи бырдьыгыныы сытар сииктээх, күлүүкүбэлээх маар иэнин биир гына, араҕас өҥнөөх дьэрэкээн былааты тиирэ тарпыт курдук, мэктиэтигэр тунаҕыран көстөрө. Минньигэс болбуктаҕа топпут оҕолор Ньалыбыдах өтөҕөр үүммүт, киһи эрбэҕин саҕа талах курдук суон умнастаах, кытара буспут, айаҕы аһытар, тииһи кыйырдар хаптаҕаһы сии, ылгыы да соруммаппыт. Арай хотуур ортотун саҕана, Иккис Ыспааһап таҥара эргин, өтөх моонньоҕоно хараара бустаҕына ыаҕайаҕа тоноон аҕаларбыт, ону ийэбит аах күөрчэххэ холбуу ытыйдахтарына кэмигэр онтон ордук минньигэс ас суоҕун кэриэтэ буолара. Ньалыбыдах өтөҕүн тулатыгар моонньоҕон арыт сайын олус да өнөрдөөн үүнэрэ. Хойуу аһа хараара буһан баран угун бүк тардан сиргэ сыста хоҥкуйара, ону сэмээр, оргууйкаан өрө өндөтөн анныгар былааппытын тэлгиирбит уонна угун илигирэччи сахсыйарбыт, оччоҕо буспут моонньоҕон бэйэтэ туллан былааппытыгар тобугураччы түһэрэ. Сир аһыгар үлүһүйэн, салгыы өтөхтөн тахсар ыллык суол устун Күүлэлээх диэки барбахтаһан иһэн төннөрбүт. Ол эмиэ төрүөттээҕэ. Дьоммут биһигини мээнэ баран уччуйан аны мунуохтара диэн сэрэхэдийэллэрэ. «Быйыл Күүлэлээх эһэтэ арҕаҕыттан хас да оҕону батыһыннаран тахсыбыт, бэйдиэ бараайаҕыт эрэ…» – дэһэллэрэ. Уонна, кырдьыга да, Күүлэлээххэ эрэ буолуо дуо, дьиэбит таһыгар ойуурдааҕы оҕонньор мэлдьи суол таһаарара, Тээкиччэ эбэҕэ киирэн хас сай аайы хайа эрэ киһи хараҕын далыгар көстөн баарын биллэрэрэ.
Дыыкка өтөҕүттэн Ньалыбыдах өтөҕө көстүбэтэ, үөскэ үтэн киирбит тумус тыа мэһэйдиирэ. Тумул тыа өттө, урут өрдөөҕүтэ улахан уот тура сылдьыбытын быһыттаабыттарыттан саҕаланан, отой ыраахха диэри тайыыр ыт мунна баппат ычыкыннааҕа. Күөл кэриитэ сыллата эбэ оттонор ходуһатыгар үттэр үтэн, киирдэр киирэн иһэр хойуу үөттэринэн, иирэ талахтарынан биир кэм будьуруйа үүнэн турара. Саас үнүгэстэрэ тыллыбыт кэмигэр кэрии үөттэрэ түптэ буруотун курдук тараадыйа, тунаҕыра сыыйыллан көстөллөрө. Кыһын хаар халыҥаан, талахтар лабааларын көмнөх сабырыччы баттаабытын кэриини кыйа сылдьар куобахтар кэбийэллэрэ. Онтулара кэлин, хаар ууллубутун кэннэ көрдөххө, отой үөһэ кылбайан турар буолаллара.
* * *
Эһэм миэхэ анаан Ньалыбыдах өтөҕүн бэтэрээ өттүнээҕи күөл кэриитигэр үүммүт хахыйахтар, талахтар анныларыгар хас да саҥа сохсону охсубутун күннэтэ көрөбүн. Оҕонньор: «Дьэ маны эн куруук көрө сылдьаҕын…» – диэбитин иһин үлэ оҥостон кэрийэбин. Балаҕаммыттан чугас буолан судургу. Маҥнай утаа эһэбиниин өс киирбэх хас да куобах баттаппытын ыллыбыт, онтон кэлин мэлийэн хаалла, суоллуун сүттэ. Куруук, өссө күҥҥэ хаста да баран кэлэбин да, сохсолорум өрө өндөһөн турар буолаллар… Хата хабдьылар сэлии иһинэн-таһынан киирбит-тахсыбыт суоллара дьэрэлийэр, ол эрэн тоҕо эрэ кылыыны таарыйан, элбэрээги төлөрүтэн сохсону эспэт көтөрдөр. Бэйэм соҕотоҕун сылдьан куобах ылыахпын наһаа баҕарабын да, биирдэ да табыллыбаппын, наар кураанаҕы кууһабын. Кэлин дьоммор эппэккэ эрэ эһэм суолун омоонунан Тээкиччэ эбэбин кыйа сохсо көрүтэлии бара сырыттым. Икки-үс сохсону көрөөт төннөбүн, санаабар, сүрдээх ыраах баран кэлбит курдук сананабын.
Биир күн сарсыарда эһэм оҕуһунан от тиэйэ барбытын кэннэ мин ыалбыт оҕолоругар тахсыбыта буолан баран эмиэ сохсо көрө тэбинним. Бу сырыыга баҕас «ыраата түһэр» санаалаахпын. Хаар халыҥаан, эһэм көтөрүн туһаҕын хаардыы сатаан баран кэлин эһэн кэбиһэн, аҥаардас сохсолоро эрэ хаалан тураллар. Күн бэҕэһээ көрөн баран төннүбүт икки сохсобун аастым, син уһуннук хаамтым, өссө хас да сохсону көрдүм. Салгыы бардым, күөл кэриитин быыһынан Тээкиччэ эбэ оол курдук элэгэлдьийэр. Сээкэйи саныы-саныы харбыалаһан иһэн көрбүтүм, арай биир сохсо эстэн, тирээбил маһа кыырайан тиийэн хаарга туруору түспүт. Сүүрэн тэлэмээттэнэн тиийбитим, баттык мас анныгар туох да суох… Сохсом бэйэтэ туран эрэ, тыал-куус хамсатан дуу, хайаан дуу, элбэрээгэ төлөрүйбүт. «Салгыы барбыт киһи дуу, суох дуу…» – дии санаан саараан тура түстүм. Оннооҕор урут эһэбин кытта барсан иһэн, бултуйдахпытына, ботуоҥкабар биир куобаҕы уган сүгэн баран мантан төннөрүм, ол иһин толкуйданным. Күөл соҕуруу эҥээрин үрэҕэ син чугас, онно үрэҕи туоруох иннинэ эһэм быйыл саҥа охсубут үөл баттыктаах сохсото баар. «Чэ ону көрөн баран хайаан да төннүөм», – дии санаат, эмиэ тэбинэн кэбистим. Били эстибит сохсом тирээбил маһын баттык үөһэ чөкө уурдум. Бэйэм сохсону өрө көтөҕөн туруорар кыаҕа суох киһибин.
Өр-өтөр гымматым, үрэх чугаһынааҕы лиҥкинэспит бөдөҥ тииттэрдээх кырдал саалынан өрө мэҥийэн кэлэн үрэҕи өҥөс гынным. Үрдүк кырдал эмискэ намтаан түһэр, үөһэттэн бары-барыта курдат, сэндэҥэрэн көстөргө дылы. Саҥа өрө үтэн үүнэн эрэр хойуу талахтар истэригэр сохсо иитэргэ анаабыт курдук кыра ырааһыйа оҕото баарыгар эһэм ииппит буор холумтаннаах сохсото эстэн бурҕайбыт. Тирээбил маһа көстүбэт, ханна эрэ хаар иһигэр чөм түспүт быһыылаах. Оччону көрбүт киһи кырдал үөһэттэн аллара сүүрүүнэн түстүм. Дьэ эбэтээ, биир туус маҥан куобах сохсоҕо баттатан, хайыы-сахха тоҥон тортойон сытар. Бастакы омуммар куобаҕым кэлин аҥаар атаҕа быга сытарыттан тутан тардыалаан көрдүм. Онтон өй ылан, туорай маһы өрө тардан, икки баттык маһы өндөтө сатаатым. Эһэм баттыктарын төбөлөрүн сүгэнэн хайа охсон баран туорайын онно кыбытар үгэстээх. Көтөҕөн мадьыктаһа сатаатым да, кыаллыбата. Булпуттан көрө матар киһи буолаары гынным. Били дьиэбэр куобах сүгэн тиийэн дьоммун үөрдэр санаалааҕым туолбатыгар тиийдэ. Куобаҕым таска быкпыт атаҕын имэрийэ-имэрийэ, хайдах ылбыт киһиний диэн, чохчойон олорон толкуйдаатым. Онтон сохсо үөһэ тахсан өрө көтө-көтө эккирээтим, ити кэннэ түһэн эмиэ туорайбыттан көтөхтүм. Бу сырыыга баттык мастар хоҥноннор, ханнык эмэ дьоҕойон өрө өндөттүм. Баара-суоҕа биэс саастаах кыыс оҕо итинтэн ордук күүс-уох да суох киһитэбин. Саатар субу аҕай титириир ыарыынан ыалдьа сылдьыбыт буоламмын, сыра-сылба, сэниэ диэн мэлигир.
Эһэм ардыгар, дэҥ сохсотуттан саһыл, кырса ылара. Кырса мэнээктээбит дьылыгар үрэҕи бата төттөрү-таары сыбыытыыр үгэстээх, ол тиҥсиринэ сылдьан сохсоҕо түбэстэҕинэ, иһигэр өссө мэҥиэлээх буоллаҕына, хайаан да киирэр. Саһыл курдук сэрэхэдийэн, үксүгэр тула чээччэйэн, ииктээн-саахтаан баран баран хаалбат. Ол иһин эһэм Өлөксөй бу үрэх үрдүнээҕи, бэйэтэ этэринии, «байанайдаах сохсотун» баттык маһын өрүү үөл маһынан саҥардан, солбуйан биэрэн иһэрэ.
Баттык маспын син өндөтөбүн, оттон куобахпын ылар кыаҕым суох. Аҥаар илиибинэн көтөҕөн туран, биир илиибинэн булпун ылаары ууннум да, кыайбаппын. Дьэ аба, кыһыы сүрдээх. Эмиэ тыын ылан сынньана түстүм. Онтон ити курдук эмэх чоҥочох хаартан чоройон турарын түөрэ тэбэн аҕалан сохсом айаҕын тиҥсиритэ уурдум. Туох баар күүспүнэн баттык маспын өрө көтөҕөн өндөтөн баран били чоҥочохпун сохсо айаҕын иһигэр тэптим. Баттыкпын ыыттым, онтум өрө өндөйөн хаалла. Куобахпын тардан көрбүтүм, хам сыстыбыт. Харса суохпар түһэн, буор холумтаҥҥа анньыллыбыт икки сэлиини төрдүлэринэн тоһуттум. Сэлии маһынан хаһан, үтэн-анньан, түөрэн булпун хоҥуннаран ыллым да, дьоммор көрдөрө охсоору өтөҕүм диэки торҕо көтүүнэн, «оҕолоох суордуу» түстүм… Балаҕаммар кэлбитим, эһэм тиэйэн аҕалбыт отун кыбыыга сүөкээн баран, субу аҕай киирэн чэй иһэн бурулата олорор, ийэлээх эбэм эмиэ бааллар. Куобах тутан киирбиппин көрөннөр дьонум соһуйдулар.
– Хайа, тоом, Ньалыбыдаҕыҥ өтөҕүттэн ыллыҥ дуо? – диэн эһэм ыйыта оҕуста.
– Һуох, эбэбит соҕуруу үрэҕинээҕи… эн сохсоҕуттан…
– Хантан даа? Ол оччо ыраах бара сырыттыҥ дуо? Тыый, оттон биһиги таһараа ыалга оонньуу олордоҕо диибит дии… – ийэм итэҕэйбэтэхтии туттар.
– Ханнык сохсоттон ыллым диэтиҥ? – эһэм хат нэмийэн ыйытар.
– Били, били… үрэх үрдүнээҕи, эн бурдук мэҥиэлээх куулгун ыйаабыт үөттээх сохсоҕуттан.
– Оок-сиэ, дьэ кырдьык ыраах тиийэ сылдьыбыккын дии. Ол бэйэлээх үөл баттыктаах сохсону хайдах өндөтөөхтөөтүҥ?..
Мин аҥаар илиибэр куобахпын, аҥаарбар тоһуппут сэлиим маһын тутан кэлбиппинэн дьоһуннаах аҕайдык туттан, бултаан кэлбит киһи быһыытынан, холумтан иннигэр туран сылгы тыһа этэрбэстэрбин эр-биир сэрэнэн топ-топ тоҥсуйан тэбэнэбин. Эһэм ону көрөн:
– Оок, бу киһи сэлиитин тоһутан ылбыт, дэлэҕэ булдун хааллара сылдьыа дуо? Дьэ булчут киһи диэн итинник, – дии-дии, хата хайгыыр.
Мин онно эрэ сэлии маһын илдьэ кэлбиппин өйдөөн, үтэһэ курдук үөтү кыс мас үөһэ быраҕабын. Атын оҕонньор эбитэ буоллар, сэлии маһын тоһуппуккун диэн мөҕүө этэ. Кэлин эһэм куобахпын сохсо анныттан ыларбар эмэх төҥүргэһи баттык мас анныгар кыбыппыппын көрөн: «Бу барахсан албаһын көрүөҥ этэ, ити да толкуйтан тахсар…» – дии-дии, күлбүтэ. Урут өтөхпүт таһынааҕы сохсоҕо куобах баттаппытын көрдөхпүнэ сүүрүүнэн кэлэн дьоммор этэрим. Ийэм эбэтэр эбэм сонно тута мин кэннибиттэн саппай уопсан баран, «күүстээх» дьон быһыытынан, сохсо баттыгын көтөҕөллөрө, мин хаптаччы баттаппыт куобаҕы сохсо айаҕынан тардан ыларым, арыт хам сыстыбыт буоллаҕына ону да хоҥнорор туһугар үлэлээҕэ. Сорох куобах түөрт атаҕын сэлии быыһынан сараччы тэбэн өллөҕүнэ ордук уустугурара.
Эһэм Ньалыбыдах өтөҕүн таһыгар охсубут сохсолорун баттык маһын мин күүспэр холоон чэпчэки гынара. Ол оннугар икки баттык маһын ортотугар эбии үөл мас ууран биэрэрэ, оччоҕуна куобах киирэн эспит сохсотугар кэллэхпинэ аан бастаан ол ортоку маһы ылан туспа уурарым, дьэ уонна чэпчээбитин кэннэ үрдүгэр тахсан эккирээн хоҥнорон баран көтөҕөрүм, кэлин өссө, отой да албаһыран, булпун туорай маһы тирээбил атаҕын маһыгар ууран баран ыксаабакка хоҥнорорум. Тирээбил маһа модьута уонна түөрт сиринэн «уостааҕа», онон туорай мас төлө барбата. Чэпчэки баттыктаах сохсо булда собуур дииллэрэ кырдьык. Ардыгар сэлии маһын үлтү кэбийэн тахсан да барар.
* * *
Титириир ыарыынан ыалдьа сылдьыбыт кыһыммар, ахсынньы аам-даам тымныыта түркүннээн түһэн турдаҕына, биир киэһэ дьиэҕэ аһатан баран чэпчэтиннин диэн таска таһаарбыт ыппыт Маанчык, маҥнай Мискээйэптэр уонна Муттуйдар ыттара үрбүттэрин кэннэ, кинилэргэ көҕүйэн, үрэн маргыйда… Ыт үрэрэ туһугар улахан сэргэхсийии. Нэк буолбут куобах бэргэһэбин, эһэм халтаҥ сонун санныбар иилинээт, таска ойон таҕыстым. Оол курдук Мискээйэптэр тэлгэһэлэрин таһыгар икки сыарҕалаах ат турар. Күн бүтэ кылгаан, борук-сорук буолан да аанньа көстүбэт, сыарҕаҕа дьоннор олороллор быһыылаах, моһуоннара эрэ барыҥныыр. Кэннибиттэн ийэм тахсан хантайа-хантайа көрө сатаата да, кимнээх кэлбиттэрин эмиэ билбэтэ. Тымныыта сүр, далга, кыбыыга от тэлгэтэ сылдьалларын курдук тымныы тыына суугунуур, биир кэм сааҕыныы сахсыллар, балаҕаммыт кэннинээҕи ойуурга үөл мутук тоһута ыстанан тыһыргыыр. Уоспун үмүрүччү туттан баран силлээтэхпинэ астык аҕайдык «чууп» гынар. Оҕо киһи ол тыаһын истээри чигдигэ силлээмэхтээн син тура түстүм. Хата бэргэһэлээх буоламмын кулгааҕым эминньэҕэ «тыс-тыс» тыаһаабат. Муттуйдар кыыстара Тахтаха кулгааҕын үлүтэн кэбиһэн дьиэттэн тахсыбат. Хараарыар диэри үлүйбүт кулгаахтара үүт-үкчү хоруорбут алаадьы курдуктар.
Чэпчэтиммит ыппытын батыһыннаран, балаҕаммытыгар төттөрү киирэн хааллыбыт.
– Хайа кимнээҕий бачча хойут хараҥаны харахтаммыт?.. – эһэм, сирэй оһох иннигэр дүлүҥ олоппоско олорон, мас чааркааныттан бүгүн ылан кэлбит бэлиэлээҕин сүлэ-сүлэ, ыйытар. Бэлиэлээх субатыгар хаан олорбутун уоһунан дэлби оборон ыла-ыла силлээн, ханан да чэлкэх тура сылдьыбатаҕын курдук туртатан кэбиһэр.
– Хахалдьыйаларга икки сыарҕалаах ат кэлэн турар, – диир ийэм.
Кимнээх, туох дьон буолуохтарын таайа сатыыбыт.
Маанчык холумтан ыксатыгар анал олбоҕор сытан сыа тилэҕин саланар. Эбэм хаҥас диэки хонук аһылыкпытын буһараары куобах эттиир, хол-буут арааран хастыы тардыталыыр. Мин уҥа диэки, килэпэччийэ ньалҕарыйбыт муус түннүк анныгар, аһыыр остуолбутугар куобах кулгааҕын кэбийэ-кэбийэ, өртүбүөй эргитэн тирилэтэбин да, санаам барыта ити таһараа ыалга кэлбит аттаах дьоҥҥо.
Бу курдук олоро түспүппүт кэннэ таска аттар туйахтарын тыаһа тоҥ чигдини чуучугур-чаачыгыр үүттээн кэлэр тыастара иһилиннэ, сыарҕалар бэтириэстэрэ сырыластылар. Маанчык, өндөс гынаат, «мук-мук-мук» диэбитин эһэм буойда. Ыппыт ити кэннэ аны дьон киирбитин да иһин кыһаллыбат.
Ити ыккардыгар киһи кэлэн аан иннигэр иһиллэнэр курдук тохтоон тура түстэ, онтон күрэҥ ынах тириитэ бүрүөһүннээх муус чомпой буолбут халҕаны хаачыгыр гына аһан, хойуу туманы өрүкүтэн, киирэн кэллэ. Тууна бааммыт тииҥ кутуруга моойторуга бүтүннүү хаар кырыа буолбут хойутаабыт айанньыты өйдөөн көрбүппүт, Тээкиччэттэн икки көстөн ордуктаах Хочуолу күөлүгэр балаҕаннаах Хообуйап Мэхээлэ эбит. Дьэ онуоха эрэ биһиги сэрэйдибит, кимнээх бачча киэһэ ханна ааһан, баран иһэллэрин. Мэхээлэ ойоҕо Тыытыгынай Маарпа диэн биэс уонуттан эрэ тахсыбыт дьахтар араҥ ыарыынан ыалдьыбыт үһү диэни истэн олорорбут. Хообуйаптар бука бары дьиэнэн куораттаан иһэллэр эбит.
Биһиги эҥээр холкуостары кэрийэн ыалдьыбыт дьону көрөн-истэн эмтиир суос-соҕотох Тилийэ диэн биэлсэр баара. Ол киһи Мэхээлэ кэргэнэ бэрт дьиктитик ыалдьыбытын уорбалаан, куораттан луохтуур ыҥырбыта тахсан Тыытыгынай Маарпаны көрөөт да, сонно тута хайаан да бары дьиэнэн, оҕолуун-улаханныын Бүлүүгэ киирэллэригэр модьуйбут.
– Ычча-оо!.. Дьиэлээхтэр, туох кэпсээннээххит?.. – Мэхээлэ саҥа тигиллибит куондардаах үүс бэргэһэтин устан, хонноҕун анныгар кыбынан туран, бэркэ диэн долгуйбут, титирэстээбит куолаһынан ыйытар.
Хообуйап киһи хараҕын таба көрбөт, биир кэм сүүрэкэлии сылдьар харалаах харахтардаах киһи. Атын кэм эбитэ буоллар, урукку үгэспинэн, күлүө эбиппин да, дьонум бары оттомуран олорор дьүһүннээхтэрин иһин туттунабын. Мэхээлэ урут биһиэхэ дэҥ-дуҥ охсуллан сылдьан, ардыгар хонон да ааһара. Саҥа үүс бэргэһэтин, арааһата, куораттаан иһэр киһи буолан маанымсыйан кэппит быһыылаах, урут итинник бэргэһэлээҕин тоҕо эрэ көрбөтүм.
– Улахан туох да сонун суох… Эһиги бу куоракка айаннаахтаан иһэҕит дуу? – эһэм, бэлиэлээҕин киэбигэр тиирэн мас тоһоҕону тумсугар саайа-саайа, хардары ыйытар.
– Маарпам моһуогуран хаалан, бу оттон модьуйбуттара бэрдин иһин баран иһэбит. Үргүлдьү «Сибиэрдэлэп» холкуоһугар ааһыахпыт этэ да, ырааҕа бэрт ээ. Сарсыардаттан да хоҥнубут иһин ол биэс көс сири киһим, баҕар, тулуйуо суоҕа. Аны саатар сытайбыт курдук тымныы да сэтэрбитэ сүр… Оҕолор да иэдэйиэхтэрэ… Маарпа ыарыытыттан куттаналлара, саллаллара да бэрт…
– Оо, дьэ иэдэйээхтээбит сордоохторгут, – эбэм кыһалҕалаахтары аһынар.
– Оҕолор муҥнаахтар таска олордохторо бу тымныыга, – ийэм куобах тыһын имитэ олорбутун туора ууран баран, дириҥ толкуйга түспүт киһилии, сүүһүн мырдыһыннаран дьиэ иһинээҕилэри эргиччи көрүтэлиир.
Мэхээлэ биир кэм хонноҕун анныгар кыбынан турар бэргэһэтин убахтыыр.
– Чэ тугун уһатан-кэҥэтэн… Баҕар, хонноруоххут буолаарай диэн ыйыта киирдим, таһараа ыаллар отой чугаһаппатылар. Эһиги хайыыгыт?..
Дьонум хардары-таары, «эн туох диигиний?» диэбиттии, сирэй-сирэйдэрин көрсөллөр. Хообуйап, аккаастаары, батан таһаараары гыннылар дии санаан, синигэр түстэ быһыылаах.
– Саатар хотоҥҥутугар хонноруо суоххут этэ дуо… биир түүн? – диир.
– Эс, бу да киһи, дьону хотоҥҥо хоннорор диэн сүрэ да бэрт ини, – эһэм киэбигэр тиирбит бэлиэлээҕин сэбэргэнэ быыһыгар анньар.
Ийэм дьонун сирэйдэрин хардары-таары, түргэн-түргэнник сиидэс былааттаах баһын хамсатан, көрбөхтүүр:
– Хайдах аны да бүтүн үс көстөн ордук сири бачча хойутаан баран салгыы барыаххытый? Оҕолор тоҥон сөп да буоллулар ини бу тымныыга…
Мэхээлэ сирэйэ-хараҕа сэргэхсийэ түһэр: