скачать книгу бесплатно
Алыһардаах Удаҕан, Анна Дмитриевна Иванова, 1848 с. урукку истиилинэн кулун тутар 19 күнүгэр төрөөбүтүн туоһулуур миэтирикэтэ архыыпка харалла сытара көһүннэ. Аҕата Миитэрэй Иванов, ийэтэ Евдокия Тимофеева (сорох докумуоннарга араспаанньатын Ильина да диэн суруйаллар) диэн ити докумуоҥҥа суруллубут. Аана биһигин ыйаабыт сирэ Сааһаабыт. Сааһаабыт 2-с Лүүчүн Аһахтааччы учаастагын сирэ. Онон биэрэпистэр уот харахха этэ сыталлар эбит.
Мантан аллара В.А. Кондаков ахтыытыттан быһа тутан киллэрэбит: «Аана сүрдээх оттомноох, бөдөҥ-садаҥ киһи буолара кыра эрдэҕиттэн биллэр этэ. Бэрт кэрэ дьүһүннээх кыыс оҕо буола улааппыта. Аанаттан оруобуна 60 сыл балыс Иосиф Тимофеевич кини тас дьүһүнүн ойуулаан суруйтарбыта. Иосиф оҕонньор Аанаттан чугас сиргэ үөскээбит, кинини элбэхтик көрбүт киһи этэ. Аана 87 саастааҕар өлбүтэ докумуон быһыытынан дакаастанар, ол аата Иосиф 27 саастаах туруу эр киһи буолбутун кэннэ. Иосиф Мальцев кырдьыбыт Аана тас дьүһүнүн маннык ойуулаан хаалларбыта: «Улахан толуу көрүҥнээх. Икки миэтэрэ дуу, арыый кыайбат дуу үрдүктээх, онно сөп суон уҥуохтаах, бөдөҥ мүһэлээх харылаах, сүрдээх улахан илиилэрдээх эмээхсин этэ. Кэтит үрдүк сүүстээҕэ, киэҥ арылхай харахтааҕа, үрдүк кырыылаах, биллэ-биллибэт сүһүөхтээх муруннааҕа. Дьүһүнүгэр киһи булар омсото диэн айаҕа киэҥ этэ уонна аллара уоһа тэллэҕэрдиҥи соҕуһа. Эдэригэр бэрт сырдык, ыраас, кэрэ сэбэрэлээх эбит быһыылааҕа. Элбэхтик удаҕаннаабыт буолан, хаана-сиинэ сүрдээҕин дьэбидийбит этэ. Эдэр дьон кыайан кэпсэппэт этибит, ыйыттаҕына эрэ эппиэттиирбит. Кырдьаҕас дьон да бэркэ дьулайа-дьулайа кэпсэтэллэрэ. Тугу эмэ сыыстара, омсолуу иһиттэҕинэ, хараҕын кырыытынан кынчарыйар курдук көрөр идэлээҕэ. Хараҕа киэҥэ да, сытыыта да дьулаана бэрдэ. Аргыый көллөҥнөөн хаамара (кырдьан буолуо. – В.К.), олус дуоспуруннаахтык туттара. Саҥардаҕына тыла-өһө киттиэннээх, саҥата-иҥэтэ наһаа ньиргиэрдээх этэ. Хайдах эрэ көхсүн иһиттэн кирдьигинээн тахсар бөдөҥ куоластааҕа».
Буоккалаах уола Прокопий Прокопьев эмиэ Аананы көрбүт, кэлин, Аана өлөрө үс хонук иннинэ, ийэтин илиитэ көрөр буолбутун эмтэппит киһи, Аана дьүһүнүн: «Кырдьыбытын кэннэ көрбүтүм. Үрдүк, көнө уҥуохтаах, толору эттээх-сииннээх дьахтар кырдьыбыта этэ. Дьэ, арылы дьэргэлгэн киэҥ уоттаах харахтааҕа. Хараҕа, кырдьыбытын да кэннэ, сытыы этэ. Сырдык, ыраас хааннаах, бэрт үчүгэй дьүһүннээх дьахтар кырдьыбыта көстө-биллэ сылдьара», – диэн ойуулаабыта.
Аана оҕо сааһа кыһалҕата суох ааһан, сүрдээх мааны, дьон барыта хараҕа иҥнэр кыыһа буола улааппыта. Сэһэҥҥэ кэпсэнэринэн, Миитэрэйдээх Огдооччуйа ыал улахан оҕолоро буолан атын сирдэринэн тарҕанан олохсуйбуттара. Аана улаатан эрдэҕинэ, быраата Холохоно Ньукулай кыратыгар аҕалара Миитэрэй өлөн, бу дьон тулаайах хаалбыттара. Сотору Аана биллибэт ыарыыга ыалдьан хаалбыт. Огдооччуйа аймаҕыттан Микииппэр кинээстэн, Никифор Николаевтан, көрдөспүт. Никифор Лүүчүҥҥэ 1865–1866, 1875–1876, 1879–1880 сс. кинээстээбитэ, 1851–1854, 1859–1861 сс. Орто Бүлүү улууһугар кулубалаабыта, оттон 1840–1844 сс. быыбарынай кулуба этэ. Дьэ, улахан үлэһит киһи диэтэҕиҥ! Микииппэр эдьиийигэр Огдооччуйаҕа, сиэн балтыгар Аанаҕа элбэхтик көмөлөспүтэ, бэйэтигэр олордубута. Аана удаҕан буолаары ыалдьарын билэн, Огдооччуйалыын сүбэлэһэн баран, Хаарпа ойууну уонна кутуруксутун Уллук Уйбааны кыырдарбыттара. Бастакы түүннэригэр Аллараа дойдуга түһэн кыыра сылдьыбыттар. Онтон бэрт түргэнник төттөрү ойон тахсан, бастакы уонна иккис түүннэригэр Үөһээ дойдуга тоҕус олох тухары кыырбыттар. Үс түүн кыыран баран, Хаарпа ойуун: «Үөһээттэн туттарыылаах удаҕан буолуоҕа. Орто дойдуга эмиэ хабааннаах. Оттон дьэ аллараа дойдуга суох эбит. Онно кыырар анала суох. Биир кыыс оҕо сырыытын сылдьыыһы. Билигин да суолу билэрэ буоллар, иннибитигэр түһэ сылдьыах эбит. Билигин Дохсурума удаҕан диэн ааттанар. Үөһээ дойдуга Иэйэхсиккэ, Айыыһыкка, Күрүө Дьөһөгөйгө, Ала Мылаҥсыҥҥа барыларыгар тиийэр алгыстаныа. Кэлин аата-суола аан дойдуга тарҕаныа, суон сураҕа иһиллиэ», – диэн баран Хаарпа ойуун Аана төбөтүгэр силлии-силлии имэрийбит. Аана ойуун алгыһын үүт түһэрэн иһэрэ эбитэ үһү. Хаарпа салгыы алҕаан-домноон баран: «Оҕом Аана, дьиҥнээх оҕо бэйэҕиттэн кэлэр тускута суох буолаахтыырыҥ буолуо диэн көрүүлэнним», – диэн эппит.
Аана бастакы кэргэнэ А.И. Эверстов суруйарынан, Лүксүгүнтэн Булҕаһа Дьаҕарах кыра уола Акыым Дьөгүөрэ Ньылбай Ыстапаан диэн убайдааҕа ыйыллыбыт. Тыайаҕа ыытыллыбыт биэрэпистэри кытта тэҥнээн көрдөххө, Булҕаһа Дьаҕарах – Булугас-Гаврило Яковлев (1783 с.т.) буолан таҕыста. Кэргэнэ Анна Егорова (1800 с.т.), Степан (1834—10.02.1908 сс.), Егор (1846 с.т.) диэн ааттаах уолаттардаах эбит. Кэлин араспаанньалара Докторовтар диэн буолбут. Архыып докумуона кэрэһилииринэн, Акыым Дьөгүөрэ өлбүтүн кэннэ, 1888 с. урукку истиилинэн тохсунньу 31 күнүгэр Аана Кырыкый киһитигэр Николай Павловка-Сыгынньах ойууҥҥа (1853 с.т.) кэргэн тахсыбыт. Эр киһи 35-тээҕин ыйбыттар, оттон Аананы 37-лээх огдообо диэн тоһоҕолоон бэлиэтээбиттэр. Кинилэри таҥара үлэһитэ Иван Винокуров сиэри-туому толорон бэргэһэлээбит, Иван уонна Спиридон Ивановтар туоһу буолтар. Сыгынньах ойуун иитиллибитинэн толору аата Николай Павлович Борисов. Онон да буолуо, 1927 с. Бороҕон нэһилиэгэр ыытыллыбыт демографическай биэрэпискэ (НА РС(Я). Ф.70. Оп.38. Д.500) Аана араспаанньатын Борисова диэбиттэр. Оччотугар кини толору аата Анна Дмитриевна Борисова диэн буолан тахсар. Ити араспаанньата киниэхэ сыстыбатах, кэлин Павлова диэн сурукка киллэрэр буолбуттар.
Алыһардаах Удаҕан бэйэтиттэн оҕото суох. Икки оҕону ыалтан ылан ииппитэ биллэр. Ииппит кыыһа Даарыйа Кучан олохтооҕор Кылаан Борокуоппайга-Прокопий Прокопьевич Михайловка (1884 с.т.) кэргэн тахсан, 1927 с. биэрэпис (НА РС(Я). Ф.70. Оп.38. Д.221) кэрэһилииринэн, үс оҕолоох: Петр (1914 с.т.), Прокопий (1925 с.т.), Евдокия (1921 с.т.). Кучантан төрүттээх Прокопий Иннокентьевич Саввинов кэпсээбитинэн, Кылаан Борокуоппай оҕолоро Прокопий уонна Евдокия Кэбээйигэ олохсуйбуттар. Ииппит уола Иван Михайлович Борисов аҕата Мэхээт (Мукучу), ийэтэ кимэ биллибэт. Араспаанньатын биэрэн бэйэтин үйэтиппит. И.М. Борисов оҕолоруттан Степан сылгыһыт этэ, кэргэнэ аатырбыт олоҥхоһут Куоҕас Уйбаан кыыһа Дуунньа, уон оҕолоохтор. Иккис уола Иван Иванович – СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ. Үһүс уол Алексей биллиилээх механизатор этэ. Билигин Баҕадьанан, Мукучунан, Дьокуускайынан Борисовтар диэн аҕа ууһа, халыҥ аймах үүнэн-үөскээн, эдьиийбит Аана араспаанньатын халыҥата сылдьаллар. Өссө да үүнүөхтэрэ-сайдыахтара турдаҕа.
Алыһардаах Аана хаһан өлбүтэ чопчу биллибэт. С.С. Ионов суруйбутунан, Кучаҥҥа ииппит кыыһыгар Даарыйаҕа, күтүөтэ Кылаан Борокуоппайга олорон үтүмэн сылларга өлбөт-сүппэт үйэлээх өйдөбүлү хаалларан, 1933 с. саас кулун тутар ыйга өлбүт. Саха сирин киэҥ киэлитигэр аата-суола киэҥник тарҕаммыт, уос номоҕо буолбут Алыһардаах Аана көмүс уҥуоҕа кэргэнин өтөҕүттэн чугас сытар Дьэҥкэ күөл хоту өттүнээҕи тиит, харыйа былааһыктаах лиҥкир тиит тумуһахха оҕонньорун Сыгынньах ойуун, быраатын Холохоно ойуун аттыларыгар сэргэстэһэ хараллан сытар. Мэҥэ тааһыгар хараҥа халлаан күөхтүҥү хара кыраасканан «Здесь покоится инородка Вилюйского улуса Павлова Анна» диэн суруллубут.
Олохтоох үһүйээннэргэ Сыгынньах ойууну ааттаах-суоллаах Нээтийэ ойуунтан тымыр-сыдьаан тардан иһэр диэн кэпсэнэр. Ол төһө оруннаах эбитий? Ити боппуруоска эппиэттээри Нээтийэ Лүүчүҥҥэ олохсуйбут уолун Кюртя (Кортя), Павел Максимов (1758 с.т.) салаатын эридьиэстиибит. Ийэтэ Тыайаттан Сытыкыйа Илбянев кыыһа Татьяна Афанасьева (1713 с.т.) кинини 45 саастааҕар төрөппүт. Павел кэргэнэ Эркя Кысалгина-Агафья эриттэн 13 сыл аҕа, хантан төрүттээҕэ суруллубатах. Архыып докумуоннарын үөрэтии түмүгэр Эркя-Агафья Кэбээйи Левиннэрин ытык өбүгэтэ буолбут Кысалга Бархагаров кыыһа буолара чуолкайданна. Кини туһунан 2012 с. Дьокуускайга тахсыбыт «Лүүчүннэр. Аймахтары анаардахха, уруулары сурастахха» кинигэҕэ киирбит «Лиэбиннэр» диэн ыстатыйаттан билсиэххэ сөп.
Павел Максимовка төннөбүт. Биэс оҕолоохтор: Кэрэмэс Саппырыан (1789 с.т.), Петр (1795 с.т.), Сымнаҕас (1791 с.т.), Дария (1796 с.т.), Татьяна (1800 с.т.).
Кэрэмэс кэргэнэ Елена Павлова (1789 с.т.) биэрэпистэргэ киирбит биир уоллаахтар – Феофан (05.12.1822 с.т.). Иккис уоллара – Федор (05.12.1823 с.т.), миэтирикэтэ көһүннэ эрээри, 1850 с. ыытыллыбыт биэрэпискэ аата киирбэтэх, арааһа эдэр сааһыгар өлбүт бадахтаах. Феофан (Софрон) кэргэнэ Мария Егорова (1823 с.т.), оҕолоро: Иван (1852 с.т.), Иван (1854 с.т.) уонна Ульяна (1844 с.т.). Бу салааны манан муҥурдаан кэбистибит.
Иккис уоллара Петр Павлов Евдокия Павлованы (1801 с.т.) кэргэн ылан үс уолламмыттар: Михаил (09.12.1828 с.т.), Петр (1830 с.т.), Ефим (05.1836 с.т.) Михаил Петрович кэргэнэ Екатерина Григорьева (1830 с.т.), уолаттара – Иван (1852 с.т.), Иван (1853 с.т.).
Михаил Петрович иккис Уйбаанын (1854 с.т.) утумун үөрэтэбит. Кэргэнэ Матрена Николаева (1857 с.т.), оҕолоро: Прокопий (1876 с. т), Федот-Мутумаан (10.07.1892 с.т.), Феодор (15.01.1895 с.т.), Григорий-Мандарааскы (20.06.1899 с.т.). Бу оҕолоруттан Прокопий уонна Феодор оҕолоохторо биллибэт. Федот кэргэнэ Мария Ионова, оҕолоро: Василий (1920 с.т., ууга түһэн өлбүт), Степан (1927 с.т., ыалдьан өлбүт), Мария (Намнар кийииттэрэ, оҕолордоох). Мандарааскы Киргиэлэй кэргэнэ Даарыйа, соҕотох Афанасий диэн уоллаах.
Петр Павловтаах кыанар ыал буолан түөрт уолу: Бүөтүрү (1814–1856 сс.), Феофаны (1830 с.т.), Ньукулайы (1831 с.т.) уонна Дьөгүөрү (1832 с.т.) ииттибиттэр. Саастарынан сэдиптээтэххэ, үс кэнники уол биир ыал оҕолоро быһыылаахтар. Бу оҕолоруттан, нэһилиэккэ 1858 с. ыытыллыбыт биэрэпискэ суруллубутунан, Ньукулай эрэ олоҕун оҥостубут. Кэргэнэ Аана ким кыыһа, хантан төрүттээҕэ ыйыллыбатах. Ньукулай 1854 с. төрөөбүт сүрэхтэнэ илик диэн уоллаах. Бу уол Сыгынньах ойуун-Николай Николаевич Павлов буолара чуолкайданна диэххэ сөп. Аны кинилэр 1897 с. биэрэпискэ 2-с Лүүчүн Хайыҥдатыгар олороллоро ыйыллыбыт. Н.М. Спиридонов суруйарынан, өтөхтөрүн онно баар. Хайыҥдаттан Сыгынньах ойуун өлүөн иннинэ кинилэр Кырыкыйга Нээтийэ өтөҕөр көспүттэр. Туһугар эмиэ дьикти буолла: Николай Павловы Нээтийэ ойуунтан тымыр-сыдьаан тардан иһэр диэн кырдьаҕастар кэпсииллэрэ булкуурдаах буолан таҕыста. Иитиллибитинэн араспаанньата Павлов буолбутун өссө биирдэ тоһоҕолоон бэлиэтиибит.
Манна даҕатан Аана ийэтэ Огдооччуйа кимтэн тымыр-сыдьаан тардарын үөрэтэбит. Кини эһэтэ Беколтя Чокобутов (1720 с.т.) сааһыран баран олоҕун оҥостубут, Желак (Чалак) Омоносов кинээстиир Тыайа буолаһыттан Омонос Чачигын диэн дьикти ааттаах киһи кыыһын Хомолто Омоносованы (1740 с.т.) сүгүннэрэн аҕалбыт. Кинээс балта быһыылаах диэн сабаҕалыахха сөп. Сурукка киирбитинэн биэс оҕоломмуттар. Олортон иккитэ уол: Тортук-Тимофей Гаврилов (1776 с.т.), Неко-Афанасий Васильев (1787 с.т.) уонна үһэ кыыс – Кылчаҕар (1772 с.т., Тыайа Молжос Даилкин кэргэнэ), Оппогор (1774 с.т., Мукучу Күүстээх Көстөкүүн уолун Тигилээн-Василий Жирков кэргэнэ), Кыбчырах (1779 с.т.).
Беколтя Чокобутов оттуур ходуһата Дьөһүөнэҕэ баар эбит. Бу сир аатын билигин билэр киһи баара көстүбэтэ. Муоһай аҕатын ууһун сирэ эбитэ дуу, эбэтэр аата умнуллубута дуу? Тортук-Тимофей Гаврилов кэргэнэ Аана (1779 с.т.) ким кыыһа буоларын биэрэпискэ ыйбатахтар. Оҕолоро: Акулина (1806 с.т.), Авдотья (1807 с.т.), Николай (22.11.1810 с.т.), Авдотья (1811 с.т., Алыһардаах Аана ийэтэ), Федор (1813 с.т.), Анна (09.01.1814 с.т.), Дария (10.06.1821 с.т.), Иван (12.07.1824 с.т.). Кыра Огдооччуйа кэргэнэ Дмитрий Иванов (1815 с.т.), оҕолоро: Алексей (1839 с.т.), Татьяна (1841 с.т.), Тимофей (1842 с.т.), Анна (19.03.1848 с.т.) уонна Иван (1853 с.т.) диэн үөһэ суруйан турабыт.
Аана быраата Тимофей Дмитриевич Иванов Владимир Алексеевич Кондаков хос эһэтэ буолар. Кини Анна Алексеева диэн кыыһы кэргэн ылан, 1876 с. тохсунньу 1 күнүгэр (урукку истиилинэн) кини эбэтин Кэтириинэни төрөппүттэрэ (аҕатынан эбэтин) докумуоннарга сурулла сылдьар. Эһэтэ Иван Николаевич Кондаков-Андалбаһын Уйбаан (01.08.1862 с.т.) Кэтириинэлиин оҕолоро: Михаил-Тэллэмэй, Евдокия (ийэтинэн эбэтин аата), Парасковья (аҕатынан эбэтин аата), Екатерина, Алексей-Дар (09.01.1905 с.т.) – Владимир Алексеевич аҕата.
Эдьиий Аана кыра быраата Холохоно Ньукулай, нэһилиэккэ 1897 с. ыытыллыбыт биэрэпискэ суруллубутунан, Хайыҥдаҕа олороро бэлиэтэммит. Кэргэнэ Анна Никифорова киниттэн 20 сыл аҕата ыйыллыбыт, оҕолоро суох. Кыраайы үөрэтээччи, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Н.М. Спиридонов кэпсээбитинэн, Холохоно 1930 с. диэки кыһын өлбүтүн эдьиийэ Аана Дьэҥкэҕэ кэргэнин Сыгынньах ойуун таһыгар уҥуоҕун туттарбыт.
Аана ийэтинэн чугас аймахтара – Дыыдый удаҕан-Алексеева Мария Васильевна, кини уола Эллээһэп ойуун-Григорьев Григорий Афанасьевич, Аянитовтар, Каратаевтар, Макаровтар, онтон аҕатынан аймахтара – Сымаҕыйаан Аана удаҕан, норуот талааннаах эмчиттэрэ Е.С. Лиханова, Ф.И. Кобякова- Эдьиий Дора, Т.А. Никифорова-Тайаана, 2-с Лүүчүн Егоровтара, Михайловтара, Баҕадьа Афанасьевтара буолаллар.
А.А. Павлов, М.П. Григорьев
Айыы ойууна Тумус Мэхээлэ
Орто Бүлүүгэ тиийэн олохсуйбут, ытык хаҥаластарга үөскээбит, сэбиэскэй былаас кэминээҕи бүтэһик Айыы ойуунун Михаил Захарович Игнатьев-Тумус Мэхээлэ туһунан кэпсээн aahap хайаан да наада. Бастатан туран, Тумус Мэхээлэ кимтэн кииннээх, хантан хааннаах, туох-ханнык майгылаах-сигилилээх, хайдах тас көстүүлээх киһи этэй уонна төрөөбүт сиригэр-уотугар, дьонугар-сэргэтигэр туох үтүөлээҕий диэн боппуруостары кэпсэтэн ааһыаҕыҥ. Манна сыһыаран, кини ойуун быһыытынан туох уратылааҕай, тоҕо кинини Айыы ойууна диэн улаханнык ытыктаан ааттыылларай диэн өйдөбүллэри эмиэ быһаарарга кыһаллыаҕым.
Тумус хаан-уруу буолбакка, иитиллибитинэн төрүтэ Каракан Петриков диэн аатынан нуучча докумуоннарыгар киирбит, 1765 с. төрөөбүт киһи этэ. Сахалыы эттэххэ, Бэтирик уола Хара Хаан диэн буолан тахсар. Бу киһи христианскай сүрэхтэниини ааһан Яков Николаев диэн ааттанар. Оттон дьоҥҥо-сэргэҕэ биллибит аата Дьаакып ойуун диэн. Бүлүүлэр уонна лүүчүттэр ойууну «ойун» дииллэр. Дьаакып улахан эмчит уонна инникини өтө көрөр ойуун этэ. Кини Куба Сиэбит диэн сиргэ Хоту Мундуҥдаҕа үйэтин тухары ыал буолан олорбута, икки уол уонна икки кыыс oҕону төрөппүтэ. Дьаакыптаах барыта сэттэ бииргэ төрөөбүттэр этилэр. Кинилэр бары үтүө-мааны ыал буолбуттара. Дьаакып кэргэнэ Анна Кононова Бастакы Toҕуc аатырбыт күүстээх киһитэ Куонаан Оконнеев кыыһа этэ.
Дьаакып ойуун бэрт сымнаҕас киһи эбит. Былыргы дьон бары кини сымнаҕаһын, кими да кытта иирсибэтэҕин, киһини, сүөһүнү сиэбэтэҕин, алдьаппатаҕын кэпсииллэрэ. Кэлин кини уҥуоҕун ортотуттан дьоһуннаах тиит үүнэн тахсыбыт. Дьаакып, apaaha, Айыы ойууна эбит диэн сабаҕалыахха сөп. Бу боппуруоска кэлин өссө төгүл төннүөхпүт.
Оҕонньор биир уола Сөҕөөмө Бөҕө диэн улахан күүстээх киһи үөскээбит. Apaaha, эһэтин Куонаан Оконеевы баттаҕа диэн буолуон сөп. Сөҕөөмө Бөҕө сүрэхтэнэригэр Игнатий диэн ааттаммыт. Кини 1789 с. төрүөх киһи, аатырбыт Бөҕө Байбалтан тоҕус сыл аҕа. Онон, apaaha, икки күүстээх киһи билсиһэр буолуохтарын сөп. Сөҕөөмө Бөҕө-Игнатий Катерина Васильева диэн кыыһы кэргэн ылбыта. Хомолтото диэн бу дьон оҕоломмотохтор. Дьэ, ол иһин кинилэр Сахаар (Захар) диэн 1825 с. төрөөбүт уол oҕону ииппиттэр. Дьон Захары Быыттыйы-Сэмэн Петров диэн киһини кытта уруулуулар дииллэр эбит. 1858 с. биэрэпискэ Сэмэн Петров, Петр Павлович Телеутов ииттэр уола диэн суруйбуттар. «Телеутов диэн нуучча киһитэ Лүүчүҥҥэ саха дьахтарын ойох ылан Захары уонна Семены төрөппүттэр. Олору үчүгэй ыалларга ииттэрэ биэрбит буолуохтаахтар. Өскөтүн кэргэнэ нуучча дьахтара эбитэ буоллар, оҕолорун ииттэрэ биэрбэт», – диэн чинчийээччи, наука кандидата Марк Петрович Григорьев сылыктааһынын киһи ылынар. Манна биир сүрүн, киһи ылынар бэлиэтинэн бу Захар уонна Семен ыччаттара букатын дьиҥнээх нууччалыы дьүһүннээх бaahынaйдap этилэр диэн кэпсэлгэ хаалбыт.
Игнатий-Сөҕөөмө Бөҕө бу Захары ииттэн оҕо оҥостор. Кэлин кинини Кыдаҥ Сахаар диэн ааттыыллар. Кыдаҥ Сахаар Мария Ивановна Максимова диэн кыыһы кэргэн ылан аҕыс оҕону төрөтөр. Олор ааттара уонна төрөөбүт кэмнэрэ маннык: Николай – төрөөбүт даатата көстүбэтэ, Семен – 1854 с., Егор – 1856 с., Варвара – төрөөбүт даатата көстүбэтэ, Мария – 14.12.1863 с., Михаил – 19.08.1861 с., Василий – 06.04.1864 с., Петр – 15.07.1867 с. Дьэ бу дьонтон атырдьах ыйын 19 күнүгэр 1861 с. төрөөбүт Михаил диэн оҕо кэлин аатырбыт Тумус Мэхээлэ диэн Айыы ойууна буолбута. Оттон муус устар 6 күнүгэр төрөөбүт Василий диэн оҕо эмиэ аатырбыт ойуун буолбута. Кини бэл Улуу Аананы төрөтөн, Суор уолун аҕатыгар, Хахсааттыыр Хара Суоруҥҥа, үтэйбитэ. Кини Сонтуорка ойуун диэн ааттааҕа. Омук төрүттээх буолан бука муруна үрдүк, сонтоҕор эбитэ буолуо. Сонтохо Ньукулай диэн ааттаах киһи Бүлүү Дьөккөнүгэр эмиэ үөскээн, олорон ааспыта.
Итинник чуолкайдаатахха, Тумус Дьаакып ойуунтан да, Сөҕөөмө Бөҕөттөн да утум хаана суох киһи. Кини ийэтэ Лүүчүн дьахтара. Оттон Сөҕөөмөҕө иитиэх oҕo буолар. Тумус Мэхээлэ Лүүчүн кэнники ойууннарыттан туспа ураты миэстэни ылар, анал дьикти Айыы суоллаах улахан ойуун этэ. Кини былыргы ытык өбүгэлэрин Улуу Айыы ойууннарын Лүксүрээни Ойууну, Дуоҕа Боотуру дьиҥнээх утумнааччы, кинилэр үтүө суолларын салҕааччы буолар. Эрдэ этиллибитин курдук, Дьаакып ойуун дьиҥнээх Айыы ойууна буолара саарбаҕа суох. Apaaha, кини идэтин салҕааччы оҕолорун истэригэр баар буолуон сөп. Дьэ ол киһи Тумус Мэхээлэни Айыы ойууна буоларга үөрэппит быһыылаах. Айыы ойууна үөрэнэр, кини уһуйуллубат. Уһуйуу диэн хара эйгэлээх тыл диэн этэ сатаан кэбистим. Ону баара, педагогтарбыт кытта оҕолору уһуйабыт дии сылдьаллар. Өйдөөн кэбиһиҥ: Айыы эйгэлээх барыта үөрэтэр. Холобура, хотой оҕотун үөрэтэр, мохсоҕол оҕолорун үөрэтэр, кус оҕолорун үөрэтэр. Уһуйар диэтэххитинэ ыар аньыылаах өйдөбүл тахсан кэлэр. Оттон абааһы эйгэлээх оҕотун уһуйар. Холобура, суор оҕотун yhyйap, бөрө оҕотун уһуйар уо.д.а.
Эбиитин Мэхээлэ айылҕаттан ураты дьоҕурдаах киһи буолан, Айыы ойууна буоларга бэрт түргэнник үөрэммитэ. Онуоха аптаах-хомуһуннаах, уус-уран тыллааҕа улахан көмө буолбута. Аны билигин хайдах дьүһүннээх-бодолоох киһи этэй диэн кэпсэтиэҕиҥ. Мэхээлэ бэрт улахан, көбүс-көнө уҥуохтаах, күүстээх-уохтаах көрүҥнээх, кэтит сарыннаах, куударалаах хара баттахтаах, сулардыы бытыктаах, киэҥ, дириҥ харахтаах, сырдык, ыраас сэбэрэлээх, эдэригэр бэрт кырасыабай киһи этэ. Кини тас көрүҥүн ойуулаан хаалларбыт сэһэнньиттэр элбэхтэр. Олортон сорохторун кэлин ахтан ааһыахпыт. Ол аата Тумус Мэхээлэ атын омуктан эбии хааннааҕа тас көрүҥэр көстө сылдьара. Кини дьон-сэргэ ытыктыыр киһитэ этэ. Бэрт өйдөөх-санаалаах, эйэҕэс, кыаммакка-кыраҕа, оҕоҕо-дьахтарга, кырдьаҕастарга бэрт үтүө сыһыаннааҕа.
Мэхээлэ Ирина Иванова диэн кыыһы кэргэн ылан, үс уол оҕону төрөппүтэ. Олору аҕыннахха маннык: Софрон – 01.03.1891 с.т., Алексей – 1892 с.т., Федот – 10.05.1894 с. төрөөбүттэр. Маны таһынан хас да атын дьахтарга оҕолоох диэн биир дойдулаахтара быһаараллара. Холобур, Сис Миитэрэйэ диэн киһи. Бу киһи Киччэҥинэн, Түөрт Уон Арыыларынан бултаан сылдьыбыт. Онон дойдутугар ыытыллар биэрэпистэргэ киирбэтэх. Кэлин дойдутугар кэлэн Тыымпынан, Мундуҥданан, Баҕадьанан олорбут. Николай, Бүөтүр Михайловтар диэн икки уоллааҕа. Тумус Мэхээлэ аатынан уолаттарыгар фамилия биэртэлээбит. Ол аата Миитэрэй аҕатынан Тумус Мэхээлэни билинэр эбит. Иккис, Тумуска күтүрэнэр киһинэн, Сынтаа Дьөгүөр-Егор Алексеевич Иванов эбит. Сынтаа Дьөгүөр Тумус Мэхээлэ Мария Васильеваттан уола эбит. Өссө «Мэхээлэ уола» дэнэр киһинэн Бүлүү Бороҕонугар төрөөн-үөскээн ааспыт Сулар Ойуун-Сулар Ыстапаан буолар. Ол туһунан сээркээн сэһэнньит Иосиф Тимофеевич Мальцев маннык кэпсээбит: «Хаппай кыыһа Ыстапаанньыйа кыыс дьахтар эрдэҕинэ, Бастакы Лүүчүн улахан ойууна Тумус Мэхээлэ оҕо оҥорон турар, ол оҕо кэлин улаатан Ыстапаан-Сулар Ойуун диэн ааттаммыта. Сулар көстөр дьүһүнүнэн Тумус ойуун курдуга дииллэрэ. Тумус Мэхээлэ көстөр дьүһүнүнэн олус улахана, күүстээҕинэн биллэр киһи эбитэ үhү. Баҕадьалар Сулар Ыстапааны «биһиги сиэммит» дииллэрэ. Ыстапаан кэнники кэргэнэ Дьапта Кыыһа диэн этэ, оттон манна Бороҕоҥҥо Биэрэ диэн кыыһа баар. Бастакы кэргэниттэн Ойуунускай-Дарбыдыанап Өлөксөй төрөөбүтэ». Иосиф Тимофеевич Мальцев 2-с Лүүчүнтэн Бүлүү Бороҕонугар көһөн олохсуйбута. Кини ити Сулар Ыстапаанныын саастара кыратык уратылаһар, биир көлүөнэ дьон буолуохтаахтар. Иосиф Тимофеевич Сулар Ыстапааны да, Тумус Мэхээлэни да көрбүт киһи буолуохтааҕын хараҕа суох хаалан, бу дьон тас дьүһүннэрэ майгылаһарын дьон этэринэн эрэ «дииллэрэ» диэн кэпсиир. Онон Айыы ойууна Тумус Мэхээлэ элбэх ыччаттардаах, дириҥ силистээх, Аан Дойдуттан айдарыылаах, Үөһээ Аар Айыылартан анатыылаах, Орто туруу бараан дойдутугар бигэ ыйаахтаах дьиҥнээх Айыы бухатыырын курдук киһи этэ. Ону инники кэпсэлбитигэр быhaapa сатыахпыт.
Мэхээлэ элбэхтик Үөһээ Аар Айыыларга үҥэрэ-сүгүрүйэрэ, Сирдээҕи Үтүө иччилэри, бэйэтин көмөлөһөр күүстэрин Аал уокка айах тутан ыҥырар уонна дьону-сэргэни, Ийэ Айылҕаны эмтиирэ, алгыыра. Ол аата кини былыргы Улуу Айыы ойууннарын курдук үс түһүмэхтээх Алгыһы уонна эмтээһини ыытара. Билигин Саха сиригэр манныгы, бу суруйа олорор киһи, мин эрэ ыытабын. Сотору үөрэнээччилэрим эмиэ ыытар буолуохтара.
Кини Орто Бүлүү улууһун улахан ыһыахтарын, урууларын, түмсүүлэрин, тутууларын алгыыра. Кини бириэмэтигэр киниэхэ тиийэр Алгысчыт cyoҕa. Үтүөкэннээх тас көстүүлээх, бөдөҥ-садаҥ, сүрдээх кырасыабай, дорҕоонноох, сөҥ кэрэ куоластаах, үтүөкэннээх тойуктаах Тумус Мэхээлэ үрүҥ таҥаһы кэтэн, элбэх чуорааннаах, хоболоох дьалбыырын өрө тутан, күннүү төгүрүк дүҥүрүн ылан, бар-дьонун иннигэр тахсан Үөһээ Аар Айыылары ааттаталаан Алгыс алҕаан бардаҕына, оччотооҕу дьон им-дьим баран иһийэн туран истэллэрэ, Ийэ Айылҕа, Аан Дойду барыта кини Алгыһын истэн дуоһуйаары гыммыттыы налыйаллара, Үрүҥ Күн үөһэ ойоро, Үруҥ Аар Тойон үөһэттэн, үрдүктэн көрөрө, уу чуумпу, улуу нуһараҥ Орто Дойдубар сатыылыыра, Айыы күүһэ арылы көмүс сарыал буолан Айыы дьонун бүрүйэрэ, араҥаччылыыр күүс арылыччы сырдыыра, Аламай маҥан Халлааммыттан Аар Айыылар айхаллара кэлэрэ, абырыыр күүстэрэ Алгыһынан кутуллара. Умнулла быһыытыйан эрэр Аар Айыы итэҕэлин үөһэ тардар, үрдүккэ сайыннарар, үтүө тылы этэр кэмигэр кыра, кыыбаҕа ойууннар кыбыччы туттан кылыылара хамсыыр, алгыыр кэмигэр үс хос туос анныгар киирэн cahap киһилэрэ этэ бу Тумус Мэхээлэ. Киниттэн атын ойууннар чаҕыйаллара, сорохторо ытыктыыллара. Дэлэҕэ Улуу Аана-Анна Иванова кини алгыһын истэн баран «үчүгэйдик да алгыыр эбит» диэ дуо?
Орто Бүлүү киинигэр Хампаҕа таҥара дьиэтэ тутуллар буолбута. Улууска Дьөккөн киһитэ Михаил Павлович Протопопов-Тооромос кулубалаан олорон, таҥара дьиэтэ тутуллар миэстэтин булан, ону сахалыы алҕатан туттарарга быһаарыммыта. Хас да ойууну ыҥыран миэстэтин талларан алҕатан көрбүтэ да, табыллыбатаҕа. Дьиэ тутаары, акылаатын түһэрээри хаспыттарыгар барытыгар киһи уҥуоҕа тахсан испитэ. М. Протопопов ыксаан 1-кы Лүүчүҥҥэ Мундуҥда диэн сиргэ олорор Айыы ойуунун Тумус Мэхээлэни-Михаил Захарович Игнатьевы алҕата ыҥырбыта. 1897 с. сайын, Лүүчүнтэн талыллыбыт быыбарынай кулуба Иван Егоров арыаллааһынынан Мэхээлэ таҥара дьиэтин тутуллар миэстэтин уонна акылаата түһүүтүн алгыы Xaмпаҕа кэлбитэ. Кэлэн сири-уоту үчүгэйдик чинчийэн көрбүтэ. Уу aahap кyohaaҕын apҕаа өттүгэр турар үрдүк дьогдьоот сири талбыта. Мэхээлэ 36 сааһыгар, күөгэйэр күнүгэр сылдьар кэмэ этэ.
Айыы ойууна хайдах алгыырын көрөөрү элбэх киһи мустубута, ол иһигэр улуус кулубата М. Протопопов, кыра кулубалар, чугас нэһилиэктэр кинээстэрэ, баайдара, Бүлүү куоратыттан тахсыбыт аҕабыыт. Мэхээлэ дьэ хайдах алгыыбын диэн улахан сулумаасыга түспүтэ. «Мин былыргы Аар Айыыларга үҥэн-сүгүрүйэн көрдөһөн, бу манна нууччалар таҥараларын дьиэтэ тутулуннун диибин дуо? Yҥэр таҥараларым Үрдүкү Аар Айыылар ону сөбүлүүллэр дуо? Хайа, аны ылынымаайаллар?» – диэн элбэх толкуйга түспүтэ. Онтон: «Чэ, оттон нуучча былааһыгар олоробут дии, онон оттон арыый уларытан сахаларга сырдык кэлэр, сүрэхтэнэр дьиэлэрэ тутулларын алгыыбын диэн эттэхпинэ Аар Айыылар кыыһырбат инилэр», – диэн түмүккэ кэлбитэ. Мустубут дьон сүүнэ улахан уҥуохтаах, маҥан таҥастаах, куударалаах баттахтаах, сулардыы бытыктаах, улахан дьалбыыр тутуурдаах, күн курдук төгүрүк дүҥүрдээх, бухатыырдыы киэптээх-таһаалаах Алгысчыты олус дьиктиргии, сөҕө-махтайа көрбүттэрэ. Алгысчыт мустубут дьону кылгастык эҕэрдэлээн баран, илин халлаан диэки хайыһан туран дуорааннаах, сөҥ, күүстээх куолаһынан Үрүҥ Аар Тойоҥҥо Алгыс алҕаабыта. Онтон салгыы бары Аар Айыылары ахтан уһуннук алгыс эппитэ, чороонноох кымыстан алгыс эбир хамыйаҕынан баһан ылан үөһэ диэки ыһан күдээритэлээбитэ. Үөһээ Халлааҥҥа күн саамай үөһэ ойбут кэмэ этэ. Аҕабыыт хараҕа маҥнай сөбүлээбэтэхтии күөх уоттанан кулуба уонна атын саха тойотторун диэки көрүтэлээбитэ. Ол эрээри кулуба, атын мустубут тойоттор сирэйдэрэ-харахтара дьиппиэниттэн толлон саҥата суох турбута, эбиитин саха ойуунун cөҕө-махтайа көрбүтэ, хайдах эрэ кинини аҕабыыт курдук санаабыта.
Тумус Аар Айыыларга алгыһын бүтэрэн, кэрэ күүстээх куолаһынан ырыа ыллаан дьүрүһүппүтэ. Онтон аал уоту алгыы кэлбитэ. Уотун алгыһын бүтэрэн, кэлбит тойоттору батыһыннара сылдьан, саҥа тутуу уһаайбата буолуохтаах сири барытын, тулатынааҕы ойуурдары эмиэ алгыы-алгыы кымыс ыһан күдээриппитэ. Кулуба көрдөһүүтүнэн Айыы ойууна аны мустубут дьону алҕаабыта-силээбитэ. Хаһан да манныгы көрбөтөх дьон олус сөҕөн-махтайан, улаханнык дуоһуйан туран алҕаммыттара.
Биирдэ биир ыалы илэ дэриэтинньик булар. Дьэ сүрдээх дэриэтинньик эбит. Сылы быha сиэтэлээри сордотолообут. Ыаллар элбэх ойууну ыҥыртаран кыырдаран көрбүттэр да, олор туһалаабатахтар. Дэриэтинньик барыларын атахтарынан куоттартаабыт. Элбэхтик Тумус Мэхээлэни көрдөспүттэр. Ону кини: «Айыы ойууна киһи дэриэтинньиги кытта oxcyhaн киртийиэм», – диэн сөбүлэспэтэх. Онтон дэриэтинньик олустаммытыгар, кыайар ойуун көстүбэтэҕэр сөбүлэһэригэр тиийбит. Тумус дьалбыырын, төгүрүк дүҥүрүн ылан ыалга сарсыарда түөртүүр ыам саҕана кэлбит. Кини маҥнай Үөһээ Аар Айыыларга үҥэн-сүгүрүйэн, көрдөһөн, дэриэтинньиги мөлтөтөн үүрэр-кыйдыыр санаалааҕа. Онтон уотун алгыһын ыытан дэриэтинньги букатыннаахтык симэлитэр-сүтэрэр былааннааҕа. Ону баара Мэхээлэ атыттан түһэн тиэргэҥҥэ киирээтин, били баҕайы дьиэҕэ киллэрбэккэ эрэ: «Ааттаах күүстээх Тумус ойуун кэлбиккин, дьэ эрэ, киирсэн көрүөххэ», – диэт үрдүгэр түспүт. Мэхээлэ саатар oxcyhap тэрилэ суох буолан, илэ дэриэтинньиги кытта кыһыл илиитинэн охсуспут. Өр соҕус тэҥ дуолан oxcyhyy буолбут. Aбaahы таҥнары тордуохтаах yhyн тыҥырахтаах тарбахтардаах буолан, Мэхээлэни элбэхтик эчэппит, этин-сиинин иҥиирин бата сыыйа тардыталаан ылан, улаханнык бааһырдар эбит. Дьон Мэхээлэ элбэхтик бааһырбытын көрөн, хотторор буолла диэн улахан санааҕа түспүттэр. Анараа баҕайы эмиэ хайдах эрэ мөлтүүр курдук буолбут. Эмискэ Тумус дэриэтинньиги хам кууһан ылан астыыр дьиэҕэ умайа турар көмүлүөк ohox иһигэр укпут уонна төбөтүн ohox ураатыгар уган баран, хоруоруор диэри тутан турбут. Сотору ohox ураатынан били баҕайы убаҕаһа уокка саккыраан түспүт. Дэриэтинньик ити түгэҥҥэ ураа үрдүнэн хара күдэрик буолан үөһээ субурус гыммыт уонна: «Кыыс уруугут кыптыыйданарын саҕана, уол уруугут ох саанан оонньуурун саҕана бу сиргэ иккиһин көрсүөхпүт», – диэн үөгүлээбит. Онуоха Тумус Мэхээлэ: «Хоппут онно да хотуоҕум, кыайбыт онно да кыайыаҕым! Хатыстаххына хаалдьыгыҥ уҥуоҕун хампы эрийиэҕим, хоолдьуккун хоруо курдук бытарытыаҕым!» – диэн хаһыытаан ньиргиппит.
Тумус киһиэхэ өйөтөн киирэн дьиэ оһоҕун отуннарбыт уонна уот таһыгap олорон Үөһээ Аар Айыылартан көрдөһөн алгыс алҕаабыт. Онтон уокка ас-үөл биэрэ-биэрэ yhyннук ыллаабыт. Aлгыһа, ырыата барыта: «Аны дэриэтинньик эргийбэтин, миигин үрүҥ тыыммын өллөйдөөҥ, хара тыыммын харыһыйыҥ, үтүөрдүҥ! Эппин-хааммын aбaahы дьайыттан ыраастааҥ», – диэн үһү. Онтон дьон көрдөҕүнэ, ойуун былас yhyн тылламмыт. Ол тылынан уот төлөнүн эрийэ охсон ыла-ыла дэриэтинньик тырыта-хайыта сыспыт этин-сиинин саламмыт. Онно этэ-сиинэ ohoн үмүрүччү тардан испит. Дьэ ити курдук күн аҥаара эмтэммит. Кэлин ити дэриэтинньик хайыта сыспыта илиитигэр чэр буолан хаалбыт. Эмтэнэн бүтэн баран суунан, салгынынан ыраастанан букатын чэгиэрэн кэлбит. Кырдьык, итинник дэриэтинньиги кыайбыт, бэйэтэ эмтэнэн үтүөрбүт ойуун баара улаханнык биллибэт. Бу түбэлтэ туһунан сэһэнньиттэр И.С. Иванов, И.Т. Мальцев кэпсээбиттэрэ биирдиҥи ис хоһоонноохтор.
Аны биир дьээбэ. Лүүчүҥҥэ Фоминнар диэн кыанар ыалы көстүбэт киһи буулаабыт. Киһи курдук олорор, аһыыр үhү, оттон бэйэтэ буоллаҕына көстүбэт. Аананы ыҥырбыттарын: «Киһи дии, ону хайдах абааһы диэн кыырыахпыный?» – диэбит. Элбэх ойуун тиийэн кыыран көрбүтүн көстүбэт киһи күлүү-элэк оҥостон ыыталаабыт. Онтон аатырар ойуун Мөлөкө Өлөксөй тиийэн кыырбыт. Ону били көстүбэт киһи: «Ити ыҥыртаабыт абааһыларыҥ ханналарый?» – диэбит. Онуоха Мөлөкө: «Чэ, оччоҕо бу дүҥүрү тутан көр эрэ», – диэбит. Көстүбэт киһи өс киирбэх эһэ охсон ылбыт уонна хаһыытыы түспүт: «Айакка, бу туох ааттаах күүстээх киһигиний?! Дүҥүрүҥ холбун уһулу тардан ылара буолла. Дүҥүргүн ыла оҕус, айакка. Чэ, итэҕэйдим!» Өлөксөй дүҥүрүн ылбыт уонна ыйыппыт: «Бу эн кимҥиний? Тоҕо көстүбэккиний?» Онуоха анараа киһи: «Мин киһибин, абааһы буолбатахпын. Аатым Ньыыкан Арамаанап диэн, улахан үөрэхтээх киһибин. Үөрэх албаһынан көстүбэт буолбутум. Бу ыалтан үс сылынан барыам», – диэн хап-сабар эппиэттээбит. Дьукаахтарын саҥатын дьиэлээхтэр эмиэ истибиттэр. Бу түбэлтэҕэ Тумус Мэхээлэни эмиэ ыҥыра сылдьыбыттар. Онно Тумус эппиэтин миигин кырабар ииппит Сэмэн Уус маннык эппитэ: «Ньыыкан Арамаанап диэн ханнык эрэ баай уола (аатын ааттаабыта, ону мин умнубуппун. – В.К.) соҕуруу олус үөрэнэн, үөрэххэ төбөтүн үлтү сыстаран, эбиитин аптаах кинигэни ааҕан, онтун cыыһа туттан, төннөр суолун умнан көстүбэт киһи буолан хаалбытын кытта oxcyha барбаппын», – диэн быһаччы аккаастаабыт. Сэмэн Уус Тумуһу куруук ахтааччы, сааспынан аҕабын диэччи.
Тумус Мэхээлэ эдэригэр элбэхтик айаннаабыт, балачча элбэх киһини кытта кэпсэппит киһи этэ. Кини бэйэтин дьоҥҥо «Орто Бүлүү ойуунабын» диирэ. Кинини Алгысчыт, эмчит ойуун быһыытынан үрдүктүк сыаналыыллара. Кини анаан-минээн кэлэн былыргы хаҥаластар олорбут сирдэрин Туймаада, Эркээни ыһыахтарын кэрийэн көрбүтэ уонна: «Былыргы хаҥаластар Аар Айыыларга үҥэр-сүгүрүйэр дьиҥнээх ытык ыһыахтара сүппүт эбит. Барыта ньуу-ньаа, нууччалыы тартарыылаах ыһыахтар буолбуттар. Ытык хаҥаластар кыргыллан, сорохторо күрээн, кинилэр олорбут сирдэригэр ойуур тоҥустара киирэн олохсуйбуттар. Кинилэр нууччалары кытта булкуһуулара улахан. Онон былыргы итэҕэлбит төттөрү биһиги эҥээрбитигэр күрэммит хаҥаластартан саҕыллан тахсыан сөп эбит», – диэн түмүк оҥорон төннүбүт.
Мэхээлэ эдэр сылдьан маҥнай кыырарын саҕана кыргыттар, эдэр дьахталлар дьээбэлэһэр эбиттэр. Кинилэр: «Хайдах бачча үчүгэй уол ойууннууруй?» – диэн итэҕэйбэт курдук тутталлара. Кыыра турдаҕына күлэр хайыыр эбиттэр. Оччоҕуна эргичис гынан баран атаҕынан салгыны тэбэр эбит. Сотору кыргыттар сыалдьалара суох буолан хаалбытын билэн соһуйаллара. Сарсыарда туран көрдөхтөрүнэ сыалдьалара өтөх саҕатыгар, тииттэр төбөлөрүгэр ыйанан турар буолаллар үhү. Тумус оннук аптаах-xoмуһуннаах эбит. Кэлин Айыы ойуунун киэбин тутан баран бытархай мэниктээһиннэрин уураппыт.
Мэхээлэ олорбут сирэ – Мундуҥда Танара үрэхтэн чугас, бултуурга-алтыырга табыгастаах сир. Саҥа былаас кини 56 caahыгap кэлбитэ. Саҥа былааһы сөбүлээбэтэҕэ. Кини сорох дьоно сискэ, Түөрт Уон Арыыга диэри бүкпүттэрэ. Дэлэҕэ биир уола Сис Миитэрэйэ дэниэ дуо?
Тумус төһөҕө өлбүтүн туоһулуур докумуону булбатыбыт. Кини Айыы ойууна буолан атын ойууннартан адьас ураты, туспа этэ. Тугу да сиибин-аһыыбын диэн кыырбатаҕа. Ол эрээри киниэхэ куһаҕаны оҥороору сорунар дьон табыллыбат этилэр. Аан Дойдута, Аар Айыылар кинини араҥаччылыыллара тута биллэрэ. Мэхээлэ дьиҥнээх толору үс түһүмэхтээх алгыстары оҥороро. Уокка кыра алгыстары оҥорор, холобур, Байанай, Муҥха алгыстарын оҥорор дьону дьиҥнээх Алгысчыттарынан аахпат, билиммэт этэ. Улуу Анна Павлова кинини ити эҥээргэ соҕотох Алгысчытынан билинэрэ уонна Туоҕа Боотур Алгыстарын салҕааччы быһыытынан, дьиҥнээх Үөһээ Дойду, Айыылыы Эйгэ Алгысчытынан ааттыыра. Тумус Мэхээлэ Аар Айыылары ааттаталаан, анаан-минээн алгыырын сөҕө-махтайа, хайгыы истэрэ.
Мэхээлэ Айыыһыт тардыытын, Айыыһыты атаарыыны, оҕо тардыытын, Эдьэҥ Иэйэхсиккэ алгыһы, Сылгы, Ынах сүөһүлэри тардыыны киһи сөҕүөн курдук үчүгэйдик оҥороро. Кини Орто Бүлүү сирдэригэр ити сиэрдэри-туомнары элбэхтик ыыппыта. Cүөhү тардыытыгар элбэх ыраас кыыс, уол арыалдьыттаах буолууну олус сөбүлүүрэ, оччоҕо ордук көтөҕүллэн ити сиэри-туому толороро. Тумус син биир былыргы аҕа баһылык, Айыы ойууна Туоҕа Боотуртан утумнаах киһи буолар. Орто Бүлүүгэ олохсуйбут хаҥаластарга Аар Айыы итэҕэлэ сүппэтэҕин дакаастаабыт, көрдөрбүт киһинэн буолар. Онон кини үтүө үлэтэ-хамнаһа салҕаныахтаах, былыргы итэҕэлбит – Аар Айыы итэҕэлэ тиллиэхтээх, үтүө алгыстарбыт дьону-сэргэни, Ийэ Айылҕаны эмтээһиҥҥэ, Айыы Сирин ырааһырдарга күүскэ туһаныллыахтаах. Манна сытар – саха норуотун быыһанар күүһэ. Олоҥхоттон саҕалаан былыргыбытын тилиннэрэ сатаан эрэбит. Олоҥхо уус-уран айымньы, фантазия, гипербола доҕуһуоллаах. Билиҥҥи олоҥхо үксэ имитация уонна хатылааһын. Онон, дьиҥэр, итэҕэлтэн уонна Айыы ойууннааһыныттан саҕалааһын саха олоҕор ордук туһалаах буолуох этэ.
Мэхээлэ кэлин эмиэ «сис киһитэ» буолан Киччэҥинэн, Түөрт Уон Арыынан, Харыйалааҕынан сылдьыбыт, булдунан дьарыктаммыт бадахтаах. Саҥа былаас хабараан тутуутуттан-хабыытыттан киэҥ нэлэмэн Сахатын сирин сиригэр-уотугар, ойууругар саһан, кини дэлэгэй булдунан ahaaн-сиэн сылдьыбыт уонна элбэх ыгыыттан-түүрүүттэн быыһаммыт. Ханна да испииһэккэ киирбэтэх, xahaн, ханна олорбутун билигин ким да билбэт. 1920–1930 сс. испииһэктэммит ойууннарга кини аата суох, киирбэтэх. Ити испииһэги оҥорор дьонтон хайдах эрэ дьалты туттаран сылдьыбыт.
Тумус Мэхээлэ былыргы ытык хаҥаластар дьиҥнээх утумнара буолар. Ханнык эрэ салаанан Яков Николаевка-Дьаакып ойууҥҥа тиксибит Айыы ойууннааһынын үөрэҕин Дьаакып ханнык эрэ биир уолуттан ылан, Тумус бэйэтин бириэмэтигэр Орто Бүлүү сиригэр дьиҥнээх улахан Айыы ойууна буола сылдьыбыта, Аар Айыы итэҕэлин тэниппитэ. Ол тэниппит үөрэҕэ былаас уларыйан сүтэр, умнуллар кутталга киирбитэ. Ону хата Бүлүү Дьөккөнүн ытык сэһэнньиттэрэ, ордук иитээччим Сэмэн Уус баар буолан, маны салгыы чөлүгэр түһэрэр, салгыы сайыннарар анал миэхэ чуолкай кэлбитэ. Кэм-кэрдии бэйэтэ эмиэ мин тахсарбар улахан олук, тирэх буолла. Саха норуотун умнуллубут медицинатын чөлүгэр түһэрэн сайыннардым, суоҕу баар оҥордум. Былыргы Аар Айыы итэҕэлин үөрэтэн-чинчийэн баар оҥордум, бу итэҕэлгэ биэс чаастаах кинигэни анаан-минээн суруйдум. Аар Айыы итэҕэлин алгыстарын чөлүгэр түһэрдим. Лүксүрээни, Туоҕа Боотур, Эргис, Махсыын Гоголев, Тумус Мэхээлэ курдук улуу Айыы ойууннара үөскээн-олорон ааспыттара, кинилэр суоллара-иистэрэ, Алгыстара, ис генетическэйдик бэриллэр билиилэрэ, талааннара миэхэ олус улахан көмө буоллулар. Ол иһин Аар Айыы итэҕэлэ, Айыы ойууннааһына, норуот эмтээһинэ миэхэ кэбэҕэстик киирэллэр. Мин эмиэ ытык хаҥаластар ыччаттара буолабын.
Олоххо Үтүө Эйгэ элбэх утарсыыны көрсөн, араас моһоллору туораан улахан ыарахаттары көрсөр. Ол гынан баран били «куһаҕан үчүгэйэ суох буолбат» дииллэринии Үтүө Эйгэ итинтэн сайдар, күүһүрэр. Ити курдук биһиги Аар Айыыбыт итэҕэлэ, норуоппут эмтиир ньымалара хас эмэ сүүһүнэн сылларга араас утарсыылары, суох оҥоро сатааһыны, бобууну, үөҕүүнү, намтатыыны, сымыйалааһыны, холуннарыыны элбэхтик көрүстэ. Ол онтон сүтэ сыһа-сыһа, caп саҕаттан салҕанан, сип саҕаттан силбэнэн тыыннаах хаалла. Тыгын чугас аймахтарын Кыйаарга – Бүлүү сиригэр үүртэлээбитэ олус туһалаах буолан таҕыста. Дьиҥэр, Тыгын итэҕэл, эмтээһин култууратын, киэҥ-куоҥ, дириҥ ытык хаҥаластардыы толкуйдааһыны, хатан хаҥаластар эр хааннарын сүтэримээри дьонун Бүлүү сирдэригэр кыйдаталаабатаҕа буолуохтаах. Эмиэ бу били «куһаҕан эмиэ үчүгэйдээх буолар» диэн өс хоһоонун мындыр этиитэ сөп түбэстэ. Ол гынан баран биир курдук Тыгын хаҥаластары Саха сиригэр тэнитэ сатаабатах буолбатах. Кини биир үтүөтэ диэн иирсибит дьонун, бэл чугас аймахтарын, үүртэлиир эрэ этэ. Кими да өлөрө, өһөрө сатаабатах. Ити дьайыыта ытык хаҥаластар Бүлүү өрүһүн киэҥ сирдэринэн тэнийэн олохсуйалларыгар кыах биэрбит. Ити сирдэргэ ытык хаҥаластар төрүт култууралара, Аар Айыыларын итэҕэлэ, норуот эмтээһинэ, ырыата-тойуга, оһуокайа, олоҥхото киэҥник тарҕыырыгар сүрүн олук буолбут. XVII үйэҕэ Туймаадаҕа, Эркээнигэ буолбут өрө туруулары хам баттааһын кэнниттэн хаҥаласка элбэх киһи кыргыллыбыта, хаҥаластар ыһыллыбыттара. Бу сирдэргэ ытык хаҥаластар сыыйа сүппүттэрэ. Кинилэр оннуларыгар ойуур дьоно, үксэ тоҥустар, киирэн олохсуйбуттара.
Дьэ бу Бүлүү сирдэригэр тарҕаммыт итэҕэл, эмтээһин, былыргы ытык хаҥаластартан тиксибит улуу култуура буолар. Хаҥаластар үрдүк култууралара, кыахтара олоххо биллибитэ үгүс. Олортон аҕыннахха маннык:
1. Итэҕэлгэ уонна эмтээһиҥҥэ Лүксүрээни, Туоҕа Боотур, Махсыын Гоголев, Тумус Мэхээлэ курдук Айыы ойууннара улуу Аар Айыыларга үҥэр-сүгүрүйэр улахан, үс түһүмэхтээх Алгыстара буолан Орто Бүлүүгэ дуораһыйан ааспыта, үүнэр үтүө көлүөнэҕэ ыҥырар сулус буолбута. Улуу Аана эмтиир үрдүк талаана буолан күлүмүрдээбитэ, үтүөҕэ, үрдүккэ үгүс дьону ынырбыта, бастыҥы бааралыппыта, кэрэни кэккэлэппитэ;
2. Күүс-уох, бөҕөстөһүү өттүгэр Чускуона, Куонаан Оконнеев, Бөҕө Байбал, Өлөөчө Бөҕө, Сөҕөөмө Бөҕө, Моруот Ньукулай, Аҥкыр Уйбаан уо.д.а. модун күүстэрэ буолан биллэн ааспыта;
3. Ырыаҕа-тойукка, оһуокайга, олоҥхоҕо Сунтаар, Ньурба хаҥаластарын тойуксуттарын, оһуокайдьыттарын ырыалара-тойуктара буолан дьириһийбиттэрэ. С.А. Зверев кэрэ куолаһа буолан үөһээ өрө куйуһуйбута, араастаан дьырылаабыта, дьирилээбитэ. Аатырбыт Дыгыйар Сэмэн олоҥхото буолан сөхтөрбүтэ, үтүөкэннээх куолаһа кэрэтик дьүрүһүйбүтэ;
4. Халбас харата хапсаҕайга Бөҕө Байбал, Өлөөчө Бөҕө, Дьыалаҕас Уйбаан, Боруорак Уйбаан, Бычырдаан Бөҕө, Буучугурас Бөҕө, Дмитрий Данилов, Владимир Варламов уо.д.а. сытыы хамсааһыннара буолан көстөн ааспыта. Үтүө үгэс билигин да салҕанар;
5. Аҕа Дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ хаҥаластан хааннаах дьон уһулуччу хорсуннук сэриилэспиттэрэ. Кинилэр үтүө, үрдүк ааттарын испииһэгин Сэбиэскэй Сойуус Геройа Н.А. Кондаков хорсун аата саҕалыыр. Маннык үтүө, үчүгэй үгэстэр салҕаныыларын төһөнү баҕарар кэпсии, этэ туруохха сөп. Ол уһуна-киэҥэ бэрт буолуо.
Онон биһигини Үрүҥ Аар Тойон Үөһээттэн, үрдүктэн үтүө хараҕынан көрдүн! Үтүө үгэстэр үтүмэн элбэхтик үүнэр көлүөнэлэргэ салҕанныннар! Аламай маҥан халлааммыттан Айыы Сарыала арылыччы сырдаан кэлэн Айыым сирин сандаартын, араҥаччылаатын, арчылаатын, алҕаатын! Аар Айыы итэҕэлэ Айыым дьонугар анаан-минээн арылыччы сырдаан кэлэн иҥтин!
Ытык хаҥаластар! Ыһыллыбакка, ырааҕынан-киэҥинэн тэнийэн, ыраас үтүө итэҕэлбитин ыпсаран үрдэтиэҕиҥ! Үтүө хаҥаластар! Үксээн, элбээн, үрүҥ күнтэн тардыһан, үтүө дьону түмэҥҥит үрдээн, үксээн иһиҥ! Тойон хаҥаластар! Толкуйгутун үрдэтэн, толуу бэйэлэнэн, толору сөптөөх тылы этэҥҥит, тоҕус кэлэр үйэлэргэ толомон үтүө сыһыыларга тоҕустар тоҕуоруйар кэмнэрин аҕалыҥ! Аар Айыыгыт итэҕэлин аан дойдуга аҕалан тэнитиҥ!
Дом! Дом! Дом! (В.А. Кондаков)
Лүүчүннэр. Өбүгэлэрбит омоон суолларынан. – Дьокуускай: Бичик, 2008
УЛУУ ЭМЧИТ НЬЫЫКАН
Н.А. Васильев-Ньыыкан наука, краеведение уонна публицистика матырыйаалларыгар
Айылҕаттан айдарыылаах, үөһэттэн үөтүүлээх XX үйэ биир бэлиэ киһитэ, саха омук киэн туттуута, саарына буолбут Никон Алексеевич Васильев норуот Улуу эмчитин быһыытынан бүтүн Россия, Сибиир, Саха сирин үрдүнэн киэҥник биллибитэ. Аан айылҕата киниэхэ анаан биэрбит уратытын кэмигэр сөпкө өйдөөн, олох араас эндирдэриттэн сынтарыйбакка, ыар охсууларыттан дьулайбакка, ол талаанын уотун сөҕүрүппэккэ салгыы күөдьүтэн, сайыннаран, дьонун-сэргэтин дьаҥтан-дьаһахтан, өлөр өлүүттэн быыһыырга олоҕун барытын анаабыта.
Ньыыкан ойуун ураты дьоҕурун бэрт эрдэттэн бэлиэтии көрөннөр, оччотооҕу Сэбиэскэй Сойуус, онтон кэлин Россия, Саха сирин биллиилээх дьоно, учуонайдар, историктар, этнографтар, фольклористар, ботаниктар, музыковедтар, кино-, фотодокументалистар, кыраайы үөрэтээччилэр интэриэһиргээн, араас сылларга анаан кэлэн үөрэппит, чинчийбит уонна сурукка-бичиккэ киллэрбит, хаартыскаҕа түһэрбит, киинэҕэ устубут эбиттэр.
Бастакынан, Ньыыкан ойуун, оччолорго сурукка киирбитинэн Никон Поскачин, ааспыт үйэ 20-с сылларыгар ойууннуур кэмнэригэр кини кыырыыларын 1-гы Боотулуу нэһилиэгин 1-кы сүһүөхтээх трудовой оскуолатын учуутала, 20 саастаах эдэр киһи Андрей Александрович Попов сурукка тиһэн, сахалар былыргы итэҕэллэрин Россия наукатын киэҥ эйгэтигэр таһаарбыта. Бу сүдү суолталаах научнай үлэҕэ оччотооҕу Үөдүгэй улууһун Боотулуу, Оноҕоччут уонна Сургуулук нэһилиэктэрин уон ойууннарын отуттан тахса араас суол кыырыыларын суруйан, онтон кэлин тылбаастаан киллэрбитэ. Манна Ньыыкан ойуун үс кыырыыта, «Сылгы кэрэҕэ», «Дүҥүр алгыһа» уонна «Кэрэххэ кыырыы» киирбиттэр.
А.А. Попов 1902 c. сэтинньи 2 күнүгэр Бүлүү уокуругун Үгүлээт нэһилиэгэр баар Благовещенскай таҥаратын дьиэтин аҕабыытын Александр Попов дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Дьокуускайга 2-с сүһүөхтээх оскуоланы бүтэрэн баран Андрей Попов Боотулууга 1919 с. аһыллыбыт оскуолаҕа учууталынан ананан кэлэн, 1922–1925 сс. үлэлээбит. Бу үлэлиир кэмигэр этнографическай матырыйааллары хомуйуунан күүскэ дьарыктаммыт. Бэйэтэ суруйарынан, кыһынын учууталлыыр кэмигэр Боотулууга, онтон сайыҥҥы каникулун кэмигэр 5–6 көстөөх сиргэ баар дойдутугар Үгүлээккэ бара-кэлэ сылдьан, баай этнографическай матырыйаалы хомуйбут. Үгүлээт уонна Боотулуу икки ардыларынан эбэтэр чугастарынан сытар ыаллыы Оноҕоччут, Көтөрдөөх, Сургуулук, 1-кы Үөдүгэй, 1-кы Күүлэт, Ыйылас нэһилиэктэригэр олохтоох саха ойууннарын тылларыгар киллэрэн, кыырдаран, ону сурукка түһэрэн туох да сөҕүмэрдээх улахан үлэни оҥорбута. А.А. Попов бу сүдү научнай үлэтигэр саамай чугас көмөлөһөөччүлэринэн олохтоох дьон, олор истэригэр Боотулуу оскуолатыгар үөрэтэр оҕолоро буолбуттар. Ол курдук кини Захар уонна Евсей Николаевтары, Роман Поскачины, Лука Федотовы уонна Петр Догоровы ааттаталаабыт.
1925 с. Андрей Попову Саха АССР үөрэххэ наркомата Ленинградтааҕы судаарыстыбаннай университет этнографияҕа отделениетыгар салгыы үөрэттэрэ ыыппыт. Андрей Александрович өссө университекка үөрэнэр сылларыгар Петр Великэй аатынан РНА антропология уонна этнография Музейыгар (Кунсткамераҕа) үлэҕэ киирбитэ уонна олоҕун тиһэх сылларыгар диэри бу манна, Сибиир секторыгар, үлэлээбитэ. 1935 с. ССРС НА Квалификационнай хамыыһыйата А.А. Поповка этнография специальноһыгар историческай наука кандидатын учуонай степенин иҥэрбитэ, оттон 1947 с. ВАК Ленинградтааҕы университет этнографияҕа доценын учуонай званиетын биэрбитэ.
Улахан учуонай уһуна суох олоҕун устатыгар научнай интэриэһин Сибиир кыра омуктарын – долгааннар, нганасааннар устуоруйаларын, култуураларын уонна олохторун-дьаһахтарын үөрэтиигэ анаабыта. Элбэх фундаментальнай научнай үлэни бэчээттэппитэ, сорох улахан үлэлэрэ хомуллан, бэлэмнэнэн баран бэчээттэммэккэ хаалбыттара. Сэрии кэмигэр А.А. Попов баҕа өттүнэн блокадаламмыт Ленинградка хаалан, үөрэммит, үлэлээбит Музейыгар Сибиир секциятын салайан салгыы үлэлэппитэ. Андрей Александровиһы наукаҕа киллэрбит сүҥкэн үтүөтүн уонна Ленинград куорат көмүскэлигэр көрдөрбүт хорсун быһыытын учуоттаан сэбиэскэй бырабыыталыстыба «Бочуот знага» уордьанынан уонна «Ленинград оборуонатын иһин» мэтээлинэн наҕараадалаабыта. А.А. Попов үлэтин үгэнигэр сылдьан 1960 с. өлбүтэ.
А.А. Попов ааспыт үйэ 20—30-c cc. Бүлүү уокуругар хомуйбут бэрт элбэх фольклорнай, этнографическай матырыйааллара бэчээттэммэккэ хаалбыттарын, Антропология уонна этнография музейын (Кунсткамера) архыыбыттан саха учуонайдарыттан бастакынан булан, иҥэн-тоҥон үөрэтэн киэҥ эйгэҕэ таһаарбыт киһинэн ССРС НА СО Саха сиринээҕи салаатын Тыл, литература уонна устуоруйа институтун научнай үлэһитэ, биллиилээх фольклорист-учуонай Прокопий Елисеевич Ефремов буолар. П.Е. Ефремов 1933 с (https://sah.wikipedia.org/w/index.php?title=1933_%D1%81%D1%8B%D0%BB&action=edit&redlink=1). бэс ыйын 22 (https://sah.wikipedia.org/wiki/%D0%91%D1%8D%D1%81_%D1%8B%D0%B9%D1%8B%D0%BD_22) күнүгэр эмиэ Бүлүү Үгүлээтигэр төрөөбүтэ, ол эбэтэр Андрей Александрович Попов биир дойдулааҕа буолар. Ону ааһан 1963–1992 сс. Тыл, литература уонна история институтугар олоҥхо салаатын младшай научнай үлэһитинэн, онтон научнай үлэһитинэн үлэлии сылдьан, эмиэ А.А. Попов курдук, долгаан омук фольклорун дириҥник дьаныһан туран үөрэппитэ. Институкка үлэлиир сылларыгар научнай эспэдииссийэлэр үлэлэригэр көхтөөхтүк кыттыбыта, Саха сирин хотугу улуустарын барытын кэриэтэ кэрийбитэ: Анаабыр (https://sah.wikipedia.org/wiki/%D0%90%D0%BD%D0%B0%D0%B0%D0%B1%D1%8B%D1%80_%D1%83%D0%BB%D1%83%D1%83%D2%BB%D0%B0), Өлөөн (https://sah.wikipedia.org/wiki/%D3%A8%D0%BB%D3%A9%D3%A9%D0%BD_%D1%83%D0%BB%D1%83%D1%83%D2%BB%D0%B0), Булуҥ (https://sah.wikipedia.org/wiki/%D0%91%D1%83%D0%BB%D1%83%D2%A5_%D1%83%D0%BB%D1%83%D1%83%D2%BB%D0%B0) оройуоннарыгар, Бүлүү (https://sah.wikipedia.org/wiki/%D0%91%D2%AF%D0%BB%D2%AF%D2%AF_(%D3%A9%D1%80%D2%AF%D1%81)) уонна Халыма (https://sah.wikipedia.org/wiki/%D0%A5%D0%B0%D0%BB%D1%8B%D0%BC%D0%B0_(%D3%A9%D1%80%D2%AF%D1%81)) сүнньүлэригэр сытар оройуоннарга, ону таһынан Красноярскай кыраай (https://sah.wikipedia.org/wiki/%D0%9A%D1%80%D0%B0%D1%81%D0%BD%D0%BE%D1%8F%D1%80%D1%81%D0%BA%D0%B0%D0%B9_%D0%BA%D1%8B%D1%80%D0%B0%D0%B0%D0%B9)Таймыырдааҕы национальнай уокуругар (https://sah.wikipedia.org/wiki/%D0%A2%D0%B0%D0%B9%D0%BC%D1%8B%D1%8B%D1%80) сылдьыталаабыта. Таймыырга түөртэ сылдьыбыта. Ол түмүгэр «Дулгаан олоҥхото» диэн монографияны, «Дулгаан фольклора» кинигэҕэ киирбит матырыйаалы үксүн бэлэмнээн таһаартарбыта.
Бу Антропология уонна этнография музейын (Кунсткамера) архыыбыгар баар Бүлүү ойууннарын туһунан А.А. Попов үлэлэрин булан үөрэтэригэр Прокопий Елисеевич Никон Поскачин (Васильев) үс кыырыытын: «Сылгы кэрэҕин», «Дүҥүр алгыһын» уонна «Кэрэххэ кыырыытын» ордук иҥэн-тоҥон билсибитэ. С.Т. Боескоров суруйарынан, кэлин П.Е. Ефремов Боотулуга уоппускатыгар, эдьиийигэр А.Е. Ефремоваҕа сынньана таарыйа кэлэн, оҕонньорго Түүкээҥҥэ киирэн хонон-өрөөн тахсара (2014).
П.Е. Ефремов саха норуотугар оҥорбут биир сүҥкэннээх үтүөтүнэн 1965 с. Судаарыстыбаннай антирелигиознай издательство архыыбыгар (Москва) саха биллиилээх учуонайа Г.В. Ксенофонтов үгүс сыралаах үлэтин түмүгүн «Эллэйаданы» булбута буолар. 1977 с. бу сүдү суолталаах булумньуну – Г.В. Ксенофонтов (https://sah.wikipedia.org/wiki/%D0%9A%D1%81%D0%B5%D0%BD%D0%BE%D1%84%D0%BE%D0%BD%D1%82%D0%BE%D0%B2_%D0%93%D0%B0%D0%B2%D1%80%D0%B8%D0%BB_%D0%92%D0%B0%D1%81%D0%B8%D0%BB%D1%8C%D0%B5%D0%B2%D0%B8%D1%87) көстүбүт үлэтин – Н.В. Емельяновы кытта бэлэмнээн, Москваҕа бэчээттэппитэ. Прокопий Елисеевич олоҕун тиһэх сылларыгар хоһуун эпоһын уонна хотугу сахалар олоҥхолорун (https://sah.wikipedia.org/wiki/%D0%9E%D0%BB%D0%BE%D2%A5%D1%85%D0%BE) чинчийбитэ. Хомойуох иһин, ол үлэлэрэ сиппэккэ хаалбыттара. Кини 1992 с (https://sah.wikipedia.org/wiki/1992_%D1%81%D1%8B%D0%BB). тохсунньу 20 (https://sah.wikipedia.org/wiki/%D0%A2%D0%BE%D1%85%D1%81%D1%83%D0%BD%D0%BD%D1%8C%D1%83_20) күнүгэр олохтон туораабыта.
Ньыыкан кырдьаҕас уустук эндирдээх олоҕун, кинини бастаан ойуун, онтон эмчит быһыытынан, сахатын дьонун араас ыарахан ыарыылартан, дьаҥтан-дьаһахтан быыһыырга туруоруммут сүдү сыалын-соругун, ону ситиһэргэ өркөн өйүнэн, талба талаанынан айан таһаарбыт араас эмтиир ньымаларын туһунан сиһилии маҥнайгы научнай киэптээх ыстатыйаны философия доктора, профессор Ксенофонт Дмитриевич Уткин суруйан турар (Саха ойууннара, 1993).
Бэйэтэ Ньурба Таркаайытыттан төрүттээх улахан бөлүһүөк учуонай тыыннааҕар Ньыыканы көрсүбэтэҕиттэн улаханнык кэмсинэрэ: «Биһигини бэйэбитин кытары айылҕаттан айдарыылаах эмчит, ойуун киһи тэҥҥэ сылдьыбытын наука, үөрэх өттүттэн сэҥээрбэтэхпит хомолтолоох. Өлбүтэ 15 сыл ааспытын эрэ кэннэ, саҥа өй-санаа ухханыгар олорсон, сүдү, улахан дьоннорбутун туоһулаһан, ыйыталаһан эрэбит…»
Саха биир бөдөҥ бөлүһүөк-учуонайа К.Д. Уткин Ньыыкаҥҥа анаммыт улахан ыстатыйатын маннык дириҥ ис хоһоонноох тылларынан түмүктээбит: «Никон Васильевич Васильев-Ньыыкан ойуун дьиҥнээх бэйэтин талаана ситэ-хото арыллыбакка хаалбыта. Ол эрэн киһи уонна олох сүдү, сүппэт тыллары өтө көрөн эт сүрэҕинэн ылыммыт буолан, киһи олоҕун уһатар соҕотох сокуонунан олорон ааспыта. Ойууннуур да кэмигэр, кэлин отоһут, эмчит да буолан баран, бар дьону дьаҥтан, ыарыыттан быыһыыр туһугар өйүн, сүрэҕин бүтүннүү анаабыта. Элбэх киһи абыраммыта. Олох кэрэ киэлитигэр иккиһин эргиллэр дьылҕа бэлэҕин билэр кыахтаммыттара. Ньыыкан курдук уос номоҕор олорон хаалбыт норуот бүтэй бөлүһүөктэрэ, өйдүүн-сүрэхтиин гуманист дьон кэлэр да кэмҥэ кэпсэлгэ сылдьыахтара».
Никон Алексеевич Васильев ойуун, эмчит быһыытынан төрөөбүт норуотугар оҥорбут сүдү суолталаах үтүөтүн туһунан биллиилээх археолог-историк, сахалыы былыргы итэҕэл, ойууннааһын тиэмэлэригэр элбэх научнай үлэлэрдээх биллиилээх учуонай, историческай наука доктора, профессор Розалия Иннокентьевна Бравина бэйэтин хас да үлэтигэр эмиэ ахтан, суруйан турар. Ол курдук «О шаманских текстах А.А. Попова» (2006), «Шаманы седого Вилюя» (2010) диэн ыстатыйаларыгар уонна быйыл тахсыбыт «Шаманы – избранники небес и духов» (2018) диэн кинигэтигэр Н.А. Васильевы-Ньыыкан Ойууну норуот номоҕор киирбит саха улуу ойууннарын ахсааныгар киллэрэр.
Н.А. Васильев-Ньыыкан кырдьаҕас айылҕаттан бэриллибит мындыр өйдөөх отоһут эмчит буоларын туһунан киниэхэ эмтэнэн үтүөрбүт дьон үгүстүк махтанан этэрин-суруйарын таһынан, ботаника, фитотерапия боппуруостарыгар анал үөрэхтээх специалистар эмиэ үрдүктүк сыаналаан бэйэлэрин научнай үлэлэригэр кытта суруйбуттара.
Саха сирин эмтээх отторун уһун кэмҥэ дириҥник чинчийэн үөрэппит, биллиилээх ботаник-учуонай, Саха университетын проректора Афанасий Акимович Макаров «Растительные лечебные средства Якутской народной медицины» (1974), «Лекарственные растения Якутии» (1980) диэн научнай монографияларыгар: «Здесь использованы многочисленные опросные сведения, собранные нами в 1962–1970 гг., с участием студентов-дипломников биологического отделения биолого-географического факультета Якутского университета, собираются сведения о ботанических средствах народной медицины якутов. Сбор сведений путем опроса местного населения показывает, что в настоящее время в результате коренного улучшения медицинского обслуживания, расширения аптечной сети в районах республики, население полностью забыло знахарство. Народных лекарей, наделенных ореолом искусного врачевателя, почти не осталось. Лишь кое-где сохранились отдельные старожилы, хорошо знающие народные средства и рекомендуемые рецепты (ныне здравствующий Н.А. Васильев из Вилюя, недавно скончавшийся Ф.П. Чашкин из Татты и др.)».
Ньыыкан Саха сирин үүнээйилэрин дьону эмтииригэр туһанар ньымаларын үрдүктүк сыаналаан туран, Афанасий Макаров сорохторун бэйэтин научнай үлэлэригэр киллэртээбитэ. Ол курдук А.А. Макаров «Растительные лечебные средства Якутской народной медицины» монографиятыгар тиит мас (лиственница даурская норуот медицинатыгар былыргыттан араас ыарыыларга туттулларын ыйан туран суруйар: «По сообщению народного врачевателя Н.А. Васильева, сухие, мелко раскрошенные кусочки ветки непрерывно развариваются в течение 2–3 суток, после чего жидкость упаривается. Оставшаяся после этого масса (порошок) используется при головных болях, болях в сердце, энцефалите и параличе, ревматизме, при болезнях почек и печени, а также при раке желудка».
Вы ознакомились с фрагментом книги.
Для бесплатного чтения открыта только часть текста.
Приобретайте полный текст книги у нашего партнера: