banner banner banner
Хаһан да хойут буолбатах
Хаһан да хойут буолбатах
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

Хаһан да хойут буолбатах

скачать книгу бесплатно

Хаһан да хойут буолбатах
Михаил Егорович Иванов

Төрүт буор ахтылҕана, олорон кэлбит кэм үрдүк мындаатыттан туланы, бэйэни анаарыы, олоххо бэйэ аналын ырытан, ырыҥалаан көрүү, айылҕа араас, соһуччу да, күннэтэ хатыланар да көстүүлэрэ, кырдьары билиммэт эдэр сүрэххэ саҕыллар санаалар – поэт Михаил Иванов-Чуона Мэхээлэ хоһооннорун сүрүн тиэмэлэрэ. Кини айымньылара уу сахалыы холкулар, дьоһуннаахтар, ол эрээри ааҕааччыны күннээҕи олохтон көтүтэн илдьэ барар ураты тыыннаахтар, туспа тэтимнээхтэр.

В стихах Михаила Иванова-Чуона Мэхээлэ слышатся отголоски беззаботного детства и чудесной молодости, когда радовался каждому новому дню. Также поэт размышляет о предназначении человека в этой жизни, о виражах и поворотах, об испытаниях и искушениях, уготованных нам судьбой.

Михаил Егорович Иванов

Хаһан да хойут буолбатах… : хоһооннор

Хаһан да хойут буолбатах

Сураһаллар соһуйбуттуу
билэр дьонум миигиттэн:
«Тоҕо бу сааһыран бараҥҥын
хоһоон суруйар буоллуҥ эн?»
Бэйэм да билбэппин —
төһө тыыппалаах
хоһоонньуппун…
Арай биири мин билэбин —
Хаһан да хойут буолбатах!
Мин хоһоон суруйабын —
Таптал кэрэтин
хоһуйуохпун баҕараммын,
Төрүт дойдум туһунан
киэн тутта кэпсээри,
Сахалыы уран тыл
оһуорунан
Айгыр-силик айылҕа
эриэккэһин ойуулаары.
Мин хоһоон суруйабын —
Күн күбэй ийэбэр анааммын,
Кини үлэни
өрө туппут олоҕун,
Сырдыгынан сыдьаайар
мааны майгытын,
Үтүөнү эрэ түстүүр
сырдык санаатын.
Истиҥ, иһирэх тылынан
Баараҕай
махталбын
этээри.
Мин хоһоон суруйабын —
Хаһан да ылламматах ырыа
Куйаарга
лыҥкыныы
кыырайар
Көмүс тылларын булаары,
Сүрэҕим кутаата,
уйулҕам иэйиитэ
Доллоһута ыллаатыннар диэн…
Мин хоһоон суруйабын —
Суруйабын кырдьыгынан,
Туоххаһыйар толкуйдарбын,
ситиспэтэх ыраларбын,
Көннөрүөхтээх алҕастарбын,
төннөрүөхтээх иэстэрбин,
Туохтан мин хомойорбун,
ытыырбын, үөрэрбин…
Мин хоһоон суруйабын —
Таптыырга,
айарга,
ыллыырга
Хаһан да хойут буолбатах!
Мин хоһоон суруйабын —
Олоҕу уруйдуур-айхаллыыр
Хаһан да хойут буолбатах!
Мин хоһоон суруйабын…

    2019 с. бэс ыйа
    Дьокуускай

1 түһүмэх.

Олоруохха, айыахха, ыллыахха…

Хотугу сулуһум

Ханна да сылдьаммын,
Ханнык да халлаантан
Суохтааммын көрдүүбүн
Хотугу сулуспун.
Хотугу сулуһум
Үөһэттэн мичээрдиир,
Тапталлаах мин дойдум
Сыдьаайын бэлэхтиир.
Хотугу сулуһум,
Эйигин көрөммүн
Тус хоту кыраайым
Илдьитин тутабын.
Үөрүүбүн үллэстэн
Чаҕылла сырдыыгын,
Мунаарар кэмнэрбэр
Эн суолдьут буолаҕын.
Хотугу сулуһум,
Эйигин көрдөрбүн,
Ыраах да сылдьаммын
Дойдубар чугаспын.

Бэҕэһээҥҥи мууһунан

Бэҕэһээҥҥи мууһунан
Киһи туоруур өрүһү,
Куттанарын да умнан
Сарсыҥҥыны көрсөөрү…
Олох, өлүү быыһынан
Барар кини сэрэнэ,
Сытыы быһах биитинэн
Хааман иһэр кэриэтэ.
Киһи көҥүл майгыта
Хааччахтартан иҥнибэт,
Хаҥыл, хорсун санаата
Күөмчүлүүрү билиммэт.
Уҥуор көстөр кытылга
Тиийэр баҕа кэнэйдиир,
Хотолдьуйар чэҥ мууска
Атах суола кэккэлиир.
Бэҕэһээҥҥи мууһунан
Киһи туоруур өрүһү,
Сэрэх, бигиир хардыынан,
Саҥа хаамар оҕолуу…

    2019 с. сэтинньи
    Дьокуускай

Хаартыска альбома

Саһарбыт хаартыска альбомун
Илиибэр тутаммын турабын —
Ким эрэ олорбут олоҕун
Кэлэр кэм дьүүлүгэр хаалларбыт.
Кырачаан сып-сырдык мичээрэ,
Оскуола оҕотун үөрүүтэ,
Дьолунан угуттуур сыбаайба,
Кырдьаҕас сылайбыт мөссүөнэ…
Бу курдук, лиистэн лиис арыллан
Көрбөтөх дьоммунуун билсистим,
Олох диэн охсуулаах суолунан
Аарыктаах айаҥҥа сылдьыстым.
Хаартыска угуллар альбома
Албыны билиммэт кэрэһит,
Кэпсиэҕэ кэнэҕэс, саараама,
Сүүс да сыл ааспытын билиммэт.
Тоҕотун билбэппин, санаабар,
Хаартыска толору альбомун
Күөҕүнэн чэлгийэ долгуйар
Суугунас чараҥҥа холуубун.
Кураанах лиистэрдээх альбому
Куйаастан, өксүөнтэн суйдаммыт
Дьулаакыр лабаалаах хаппыт мас
Кэриэтэ ардыгар көрөбүн.
Саһарбыт сэбирдэх көҕөрөн
Хатыҥы иккиһин чэлгиппэт,
Дьэрэкээн хаартыска угаҥҥын
Олоххун иккиһин таҥмаккын.

    2018 с. муус уста
    Дьокуускай

Айанньыт кубалар

Саас ахсын эргиллэн кэлэллэр
Кубалар кый ыраах кыраайтан,
Элиэтии дайаллар кинилэр
Эҥсиллэр уу кырсын кырыйа.
Көрдүүллэр маанылаах көтөрдөр
Көҥүл да толуйбат сүтүгүн,
Уу дириҥ түгэҕэр көрөллөр
Кэрэ кэм кэхтибит күлүгүн.
Көстөллөр суорума суолламмыт
Төрөөбүт-үөскээбит сирдэрэ,
Ахтылҕан санааҕа сууламмыт
Умсаахтыы оонньообут күөллэрэ.
Ол онтон, хатаннык кыланаат,
Халлааҥҥа күөрэйэн тахсаллар,
Көй салгын күөнүгэр кылбаҥнаан
Хайаны эргийэ көтөллөр.
Кырдьаҕас Туой Хайа хараастан
Аастыйбыт төбөтүн хоҥкутар,
Аар хатыҥ суугунас лабаатын
Атааран алгыырдыы далбаатыыр.
Киэһээҥҥи саһарҕа кутуллан
Уу ньуура кытара дьиримниир,
Кыыс Чуона далайтан дагдайан
Сайыһан одуулуу хаалаахтыыр.
Кубалар курустук сапсынан
Киэҥ далай үрдүнэн көттүлэр,
Санньыйбыт сарыалга куустаран
Саҕахха киирэннэр сүттүлэр…

    2018 с. муус устар
    Дьокуускай

Мин айыллыбыт эбиппин…

Мин айыллыбыт эбиппин
Бу сиргэ хоһоон айаары,
Сытыы чаҕаан тылларынан
Кырдьыгы эрэ туойаары.