banner banner banner
Хаһан да хойут буолбатах
Хаһан да хойут буолбатах
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

Хаһан да хойут буолбатах

скачать книгу бесплатно

Мин айыллыбыт эбиппин
Үтүө дойдум сырдык аатын
Үрдүктүк өрө тутаммын
Дорҕоонноохтук ааттатаары.
Мин айыллыбыт эбиппин
Бүгүрү үлэһит төрүтүм
Удьуор утумун салҕааммын
Үйэлэри нөҥүөлээри.
Бу сиргэ кэлбит аналбын,
Ытык иэспин умнубаппын,
Олоххо улуу тапталбын,
Дьолбун дьоннуун үллэстэбин.
Баламаттык сананна диэн
Сиилии-сэмэлии санаамаҥ,
Баҕа санаам дэлэгэйин,
Эһиги өйдөөҥ, баалаамаҥ.
Барбытым кэннэ оҕолорум
Барытын ситэриэхтэрэ,
Ол ону салҕаан, сиэннэрим,
Кэнэҕэс, чиҥэтиэхтэрэ…

    2018 с. ыам ыйа
    Дьокуускай

Курус аргыһым

Устан ааһар олоҕум
Санньыар-курус аргыһа:
Эргиллибэт дойдубар
Ааһан биэрбэт ахтылҕан.
Тоҕо миигин ыыппаккын,
Арахсаҥҥын барбаккын,
Туман буолан суураллан
Симэлийэ сүппэккин?
Көтөр-сүүрэр уйалаах,
Таптыыр-ахтар ыырдардаах,
Быстан-ойдон сылдьыбат,
Төннөн кэлэр түөлбэлээх.
Арай миэхэ сулуһум
Барар суолбун муннарда,
Ыйан биэрбэт дойдубун
Хантан хайдах буларбын.

1967 сыллаахха, 50 сыл анараа өттүгэр, үтүө-мааны дойдум, Чуона нэһилиэгин сирэ-уота, Бүлүү быһыта тутуллан, ууга тимирдиллибитэ. Биир дойдулаахтарым күүс өттүнэн дойдуларыттан көһөрүллүбүттэрэ, дьиэтэ-уота, төрөөбүт дойдута суох сир-халлаан икки ардыгар хаалбыттара. Бу хоһооммун биир дойдулаахтарбар аныыбын.

    2017 с. бэс ыйа
    Сүлдьүкээр

Ол кытылга…

Өрүллэр сүүрүккэ уйдаран
Аартыктаах айаммар барбытым,
Будулҕан тумаҥҥа куустаран
Сайыһа хаалбыта кытылым.
Ол сүүрүк дьылҕа диэн ааттанар,
Олоҕум өрүһүн таҥнарар —
Күн сирин мин көрбүт күммүттэн
Айаным биэтэгэр диэритин.
Хаалларбыт кытылым ыҥырар
Ханна да түгэнэн тиийдэрбин,
Түһээммин көрөбүн, бэл түүлбэр
Сулустаах халлааҥҥа көрдүүбүн.
Ол сырдык кытылга хаалбыта
Талаҕы ат гынан оонньообут,
Сайылык түптэтэ амтаннаах
Сэрбэйбит оҕочоон саастарым.
Ол сылаас кытылга баар этэ
Күлүм күн сыдьаайар сырама,
Туохха да тэҥнэспэт кэрэтэ,
Ийэкэм иһирэх таптала.
Ол үрдүк кытылга билбитим
Үтүө дьон амарах сыһыанын,
Сэнэбил тыллартан ардыгар
Мин санаам күүһүрэн кэлэрин.
Ол күндү кытылга барыта
Аан бастаан олохпор буолбута:
Бастакы уураһыы иэйиитэ,
Бастакы Байанай бэлэҕэ.
Ол ыраах кытылга тыллара
Кэрэчээн ньургуһун саас аайы,
Хас сайын дьиэрэҥкэй тэбэрэ
Сардаана сибэкки кырдалга.
Ол төрүт кытылбар биир күһүн
Тиийиэҕим айантан сылайан,
Аал уоппун оттуоҕум алҕааммын
Аҕалбыт сүүрүкпэр махтанан.

    2018 с. алтынньы
    Дьокуускай

Кэлбит күнү уруйдааҥ!

Күммүт бүгүн эрдэлээн
Күлүмүрдүү күөрэйдэ,
Көрсө түһээт, эҕэрдэлээн
Күлэн-үөрэн мичийдэ.
Түннүктэри арыйан
Сырдыгынан сыдьаайда,
Сардаҥата таарыйан
Сыллаталаан ымайда.
Бары туруҥ уһуктан,
Кэлбит күнү уруйдааҥ!
Үтүө күнү Дьылҕа Хаан
Бэлэхтээтэ биһиэхэ!
Бэҕэһээ уонна бүгүн
Хатыламмат кэрэлэр.
Сарсын өссө ордук күн
Эрэнэбит кэлиэҕэр…

    2017 с. бэс ыйа
    Мииринэй

Сахам тылын таптыыбын

Сахам тылын таптыыбын:
Сэттэ өҥнөөх кустуга
Күндүл халлаан күөнүгэр
Күлүмүрдүү оонньуурун.
Сахам тылын таптыыбын:
Хоһуун булчут өбүгэм
Сыыспат бэргэн ытыытын
Санатарын сэргиибин.
Сахам тылын таптыыбын:
Хоту дойдум кэриэтэ
Хостоотоххо хороммот
Барҕа баайын сөҕөбүн.
Сахам тылын таптыыбын:
Сындалыйбыт сүрэхпин
Саамал кымыс утахтыы
Сөрүүкэтэн киирэрин…

    2017 с. от ыйа
    Дьокуускай

Хотой курдук көтүттэрбиэн…

Түөрт эркиҥҥэ хаайтараммын
Кутум-сүрүн туоххаһыйда,
Күлүм күҥҥэ тардыһаммын
Көҥүл киэбим курастыйда.
Ооҕуй оҕус илимигэр
Санааларым иилистэллэр,
Түүннээх күнүс киирсиитигэр
Сирдээх халлаан силбэһэллэр.
Чөҥөрө чүөмпэ түгэҕин
Бүччүм толкуй уйа гынар,
Халлаан халыҥ хаттыктарын
Халҕаннара хатаналлар.
Төлө көтөн тахсаары
Өйүм-санаам быыппастар…
Хоһуйар хоһуун санааларбын
Хотой курдук көтүттэрбиэн!

    2018 с. бэс ыйа
    Дьокуускай

Тулаайах сэбирдэх

Тулаайах, туллубут сэбирдэх
Түннүгүм анныгар кыстаабыт,
Тоҥ сиргэ, тоҥуу хаар үллүктээх,
Тымныыны тулуйан туораабыт.
Чысхааннаах түүннэргэ түүлүгэр
Сиккиэртэн чэлгийэ тэлимниир,
Сылаас тыал илгийэр тыыныгар,
Сарыалга сууланан дьиримниир.
Сандал саас кэлэрин кэтэһэн
Дьылҕатын ыйааҕын умнубут,
Иккиһин тыллыаҕар эрэнэн
Тугу да атыны билиммэт.
Күүтүүлээх күндүл саас дьэ кэлэр,
Күн уота сыдьаайа сылытар,
Сүүрээннэр чырылыы сүүрэллэр,
Эниэни таҥнары сырсаллар.
Сүүрүктүүн дагдаҥныы устуһан
Сэбирдэх ырааттар ыраатар,
Туманнаах сарсыарда суураллан
Хаарыаннаах эрэлэ умуллар.
Хараара кырдьыбыт сэбирдэх
Хатыҥы курустук одуулуур,
Кинилиин үүт-үкчү көрүҥнээх
Күөх нуолур сэбирдэх суугунуур…

    2018 с. бэс ыйа
    Дьокуускай

Хоноһобун эрэ дуо?

Халлаан бэлиэр киэһэрэн
Хараҥалыын куустуспут,
Күммүт улам кээрэнэн
Кыыһар саҕах боруорбут.
Өйдөөбөккө хаалбыппын
Кэмим хайдах ааспытын…
Бүппэт курдук санааммын
Сиппэтэҕим баһаамын!
Чүмэчибин уматтым —
Симик уота кыламныыр,
Көмүс күндү күннэрим
Таммах буолан тохтоллор.