banner banner banner
Хаһан да хойут буолбатах
Хаһан да хойут буолбатах
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

Хаһан да хойут буолбатах

скачать книгу бесплатно

Айыы сирин үрдүгэр
Бүппэт суоҕун билэбит,
Арай ону мэлдьэһэр
Сүрэх отой ылыммат.
Ама, маннык түргэнник
Олох эмиэ ааһыа дуо?
Ама, маннык кэрэҕэ
Хоноһобут эрэ дуо?

    2017 с. балаҕан ыйа
    Сүлдьүкээр

Кэлиҥ, миэхэ ыалдьыттааҥ

Кэлиҥ, миэхэ ыалдьыттааҥ,
Нуурал киэһэ, соһуччу.
«Соргу дугуй!» – үөрбүччэ,
Уруйдуоҕум доргуччу.
Кэлиҥ, миэхэ ыалдьыттааҥ,
Сырдык мичээр сэтиилээх,
Кэрэ кэпсээн кэһиилээх,
Сылаас сыһыан аргыстаах.
Кэлиҥ, миэхэ ыалдьыттааҥ,
Остуол тардан көрсүөҕүм,
Чороон иһит туруоруом,
Кымыс кутан күндүлүөм.
Оччоҕуна дьолунан
Аал уотум сыдьаайыа,
Үтүө дьоннуун алтыһан
Санаам күннүү сандаарыа.

    2018 с. бэс ыйа
    Дьокуускай

Көрбүт курдукпун…

Баҕар хаҥыл санаабар,
Биитэр чуумпу түүллэрбэр
Дьолуо халлаан оройун
Ыттан көрбүт курдукпун.
Онтон булан ылбыппын
Оҕо сааһым ыратын,
Остуоруйа дойдутун
Оргуһуохтаах кыысчаанын.
Куйаар уота умайар,
Олох күөстүү оргуйар,
Көмүс сиэллээх былыттар
Иҥэрсийэ усталлар.
Сулус буолбут дьылҕалар
Күлүмүрдүү тыгаллар,
Сууллан түспүт сулустар
Симэлийэ сүтэллэр.
Сирдээх халлаан силбэһэр
Дьикти-дьиибэ кэмигэр
Дьолуо халлаан оройун
Ыттан көрбүт эбиппин.

    2018 с. бэс ыйа
    Дьокуускай

Дамокл батаһа

Дамокл батаһа
Кылынан баайыллан
Өһүөҕэ ыйаммыт,
Түһүөхчэ түспэккэ,
Кылаана кылбаҥнаан
Биэтэҥниир үрдүккэ.
Биир күлүм түгэҥҥэ
Быа быһа барыаҕа,
Кыраҕы харабыл
Батары түһээри
Хаанымсах көтөрдүү
Аллараа сурулуо.
Хас биирдии бэйэбит
Күннэри-түүннэри,
Олохпут устата
Кыл быаҕа ыйаммыт
Дамокл батаһын
Анныгар сылдьабыт.
Билигин санныбар
Сэбирдэх таммалыыр,
Күөх халлаан суһумун
Көрөммүн дьоллоохпун,
Дамокл батаһын
Таһыччы умнабын…

    2018 с. ыам ыйа
    Дьокуускай

Өлүүнү кыайбыттар

Бүгүн, Улуу Кыайыы күнүгэр
Өрөгөй ырыата эҥсиллэр.
Өлбүттэр, тыыннаахтар тахсаллар,
Кырыыстаах сэриини санатар,
Кырдьыгы бар дьоҥҥо тириэрдэр
«Өлүүнү кыайбыт полк» айанныыр.
Иһэллэр, сыллары нөҥүөлээн,
Адьырҕа сиэмэҕин сиҥнэрбит,
Аан дойду көҥүлүн быыһаабыт
Буойуннар чиҥ-чиҥник үктээннэр.
Албан аат кустугар сууламмыт
Өлүүнү билиммэт буойуннар.
Хаамаллар, илииттэн сиэттиһэн
Аарыма кырдьаҕас эдэрдиин,
Кырачаан кэнчээри сиэннэрдиин.
Сир түөһэ өрүтэ түллэҥниир,
Сүрэхтэр биир тэҥник тэбэллэр,
Хаартыска былаахтыы күөрэҥниир.
Хаартыска ахсыттан көрөллөр,
Кэм-кэрдии хаттыгын курдаттаан,
Харахтар, мөлүйүөн харахтар.
Аан дойду дьалхааннаах туонатын —
Куоһаныы, дьиксинии, сэрэнии
Кыымнара саҕыллар курдуктар…
Кэлэр күн кэскилин айабыт,
Эйэлээх олоҕу тутабыт.
Өскөтүн уотунан уһуурар
Өстөөхпүт күүһүнэн өттөйүө,
Оччоҕо бар дьонун туһугар
«Өлүүнү кыайбыт полк» турунуо…

    2018 с. ыам ыйа
    Дьокуускай

Кэлиэҕиҥ эн мичээр кэһиилээх

Сайыҥҥы үүт тураан киэһэҕэ
Кытылга дьаарбайа киириэҕим,
Саймаархай уу нуурал чуумпуга
Сүрэҕим иэйиитин истиэҕим.
Ол ааспыт сыллары санатан,
Тунал ый толбоно симэхтээх,
Былаатыҥ ыраахтан кылбаҥнаан,
Кэлиэҕиҥ эн мичээр кэһиилээх.
Оччоҕо, мин үөрбүт санаабар,
Күөрэгэй ырыата чугдаарыа,
Тулабар, күн буолан сырдатар,
Сардаана сибэкки сандаарыа.
Дьол кыыма бүччүмҥэ саҕыллан
Кутаалыы кытыаста умайыа,
Куйаартан, чыпчыҥныы чаҕыллан,
Көй сулус эҕэрдэ ыытыаҕа.
Бу талба нуһараҥ киэһэҕэ
Бэлэхтиэм эйиэхэ хоһоону,
Сүрэхпит биир тэҥник тэбиэҕэ
Дьол, үөрүү тэтимэр холбоһон…

    2018 с. ыам ыйа
    Дьокуускай

Халлааны туос сатыы дабайан

Кып-кыра оҕочоос кэмнэрбэр
Саҕахха тиийиэхпин саныырым,
Көҕөрөр сис хайа кэтэҕэр
Бу турар курдуга саҕаҕым.
Халлааны туос сатыы дабайан
Көй сулус быыһынан хаамаары,
Киэҥ куйаар киэлитин кэрийэн
Тулаайах ый кыыһын көрсөөрү.
Сир, халлаан ыпсыытын арыйан
Ыксыырым дьиктини билээри,
Олоҥхо кэпсээбит дьиктитин
Ол онно дуоһуйа көрөөрү.
Улаатан истэҕим аайытын
Саҕаҕым ырааттар ыраатар,
Алгыстаах аартыгым арыллан
Айаным ыырдара кэҥииллэр.
Сир, халлаан силбэһэр сиксигэр
Билигин да тиийэ иликпин —
Ол санаам дьулуһар, талаһар
Оҕочоон саастарым саҕаҕар…

    2017 с. ахсынньы
    Дьокуускай

Өрөгөй ырыата ылланнын

Суруйар идэлээх буоламмыт
Инники кэккэҕэ хаамабыт,
Сыдьаайар сырдыгы ыһаммыт
Омукпут тапталын ылабыт.
Айар кут абыгар сыстаммыт
Ахсым ат көнтөһүн тутабыт,
Уран тыл дэгэтин сырсаммыт
Утуйар уубутун умнабыт.
Оҕолуу омуммут ааспатын,
Оонньоотун сүүс араас өҥүнэн,
Эдэрдии иэйиибит саспатын
Сааһырыы күлүгүн бүрүнэн.
Өркөн өй сүрэхтиин өйдөһөн
Өрөгөй ырыата ылланнын,
Үйэлэр быыстарын өҥөйөн
Ааппытын кэлэр кэм аҕыннын.
Уйаҕас чап-чараас дууһабыт
Кэрэни, тапталы дьүһүйдүн!
Сүрэхпит чэрдийбит баастара
Бар дьоммут туһугар нүөлүйдүн!