banner banner banner
Син биир күүтэр эбиппин…
Син биир күүтэр эбиппин…
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

Син биир күүтэр эбиппин…

скачать книгу бесплатно

Итинтэн ааннаан, саас-саа?ынан ?гэргии-сэтэрии, икки «к?ннэрэ тахсан эрэр» баайдаах «хамандыыр» кэпсэппэхтээтилэр. Онтон Б??т?р о?онньор кистиир бы?ыынан эттэ:

– Дьэ, Куолаа, мин эйиэхэ этэр тыллаахпын. Бу би?иги нэ?илиэккэ эрэпкиэм буола сылдьыбыт, уруккута мин хамначчытым, адьас дьи?нээх ба?амыык санаалаах ки?и баар. Ол кини билигин дьиэтигэр кирийэн олорор. Дьи?нээх кумуньуус ки?и диэн кини буолар. Оттон мин т??б?н ?ргээмэхтээбит барахсан – куоласпын да быспыта, биир хонукка сибииккэ?э да олорпута. Тугу барытын баай диэн а?аардас миэхэ т??эрэрэ, араас сарыы мэрэбэдэйдэри, били чуо?ур кур о?успун ?йд??р?? эбитэ буолуо, ол тириитинэн бэртээхэй диэн хаа?ах о?остубуттары барытын ылбыта уонна ?сс? эмээхсиннэри боротокуоллаан турар. Дьэ онон, холобур, мин билигин бырааппын туппучча, бочуоттаах ки?и бы?ыытынан, бу ки?ини к?рд?рг?т ?ч?гэй буолуо этэ, холобур, кутталлаах, ба?амыык ки?и буолуо диэн этэбин. Санаатахха да?аны, ку?а?аннык к?р?ллэригэр ааттаах Уот Субуруускай с?рэ?ин ытар?ата буолуо дуо? Онон, м?чч? харбата илигинэ, далай и?игэр баар эрдэ?инэ, ?р???йэн, холобур, бэйэни биллэрдэр с?п буолуо этэ, – диэн баран, с????н к?л???н?н соттон кэбистэ. Уонна, бэйи, син ?ч?гэйдик этэн та?аардым ээ дии санаан баран эптэ:

– Чэ ити курдук, онон, тойонноотор тойонум, о?олоотор о?ом, бэйэ?ин кытта билсибэтэ?им и?ин, ол боротокуоллана э?иннии сылдьыбыт убайы? ??ннээх-ы?ыырдаах ?т?? тылын сиргэ-буорга хаалларбатаргын ?ч?гэй буолуо этэ, – диэн баран курун м?лт?т?ннэ.

«Хамандыыр»: «К?р, бу о?онньор эрэйдээ?и», – диэх курдук, ымах гынна уонна хаана ыараан, сирэйэ мырбас гынан баран:

– Ким диэти?? – диэн лаппа ыйытта.

Б??т?р о?онньор эмиэ ки?и истибэт гына кулгаа?ар эттэ. Уонна ити ?л?кс?й о?о дьиэлэри-уоттары бэркэ билэр, кинини эмиэ боротокуоллаабыта диэтэ.

«Хамандыыр», о?онньор этэрин истэн кэби?эн баран, киэбирэ таарыйа бэстилиэтин та?ааран сото-сото, сымыйатыгар кэллэ?инэ, ытырыык ыт курдук, сирэйин бырдьы?ыннары тутта-тутта, дьэ кинилэр кыайан-хотон эрэллэрин, Дьокуускайы ылаллара чуга?аабытын, сэп-сэбиргэл ?кс?н, бууска кэлэрин, дьоппуон к?м?л???р?н, о?умуойа кырдьыгы а?ыс гыммыт сэттэтэ сымыйа?а булаан, кырдьык-хордьук кэпсээн барда. Кэлин ти?э?эр тиийэн о?онньортон сиэртибэ к?рд??т?.

Б??т?р о?онньор барытын ??рэ-к?т? и?иттэ. Оттон сиэртибэ?э тиийэн баран, уларыйан курус гына т?стэ. Онтон курун чи?этэ-чи?этэ эттэ:

– Дьэ билигин бу ба?амыыктар сиэннэр табыгастаах тугум да суох. Ол эрээри, б?хс?ннэххэ, син сээкэй тахсар о?онньоробун. Хайа уонна мин тылбын э?иги ылыннаххытына, мин да?аны толкуйданан к?р??м буолла?а дии, – диэтэ, к?лэн к???г?р??-к???г?р??.

О?онньор санаатын ситэн, дьиэтигэр баран и?эн, биир чо?кучах алаас ?рд?гэр турар быыкаайык бала?аны к?р?н баран сиргэ силлээтэ.

– Тууй-сиэ! Бу ыт, бука, мэйиим бы?а?а?а баар эбээт! К?р, бу Доропуун т??к?н? уонна Кири?ээни эмиэ кэпсиэх буолан бараммын умнан бы?а сытыйан и?эбин дии! Т?нн??м дуу, хайа ??дэний?.. Ээ чэ, атым да илистии?и, кэнники дьыала бы?ыытынан о?орторон, суруйтаран киллэриэм, – диэн баран, айаннатан к?пс?тэ турда…

II

Киэ?этигэр кы?ы??ы кылгас к?н эрдэ киирдэ. Сыыйа-баайа им с?тэн, боруоран барда. К?н?с к?рд?хх? ?р? оргуйар туман ?????рэн, хара?а былыт курдук сабардаан, хаайдарбын-к??йдэрбин диэххэ айылаах, ыа?ыра ?тэн кэллэ.

Кыара?ас алаас ?рд?гэр, тыа быы?ыгар, кутуйах илдьи тыыппыт эргэ нэгин курдук быыкаайык тулаайах бала?антан сэдэх со?устук кыым тахса турар этэ.

Ким эрэ бурдук тардар бы?ыылаах – таас тыа?а кыыкырдыыр уонна им-дьим, атын са?а-и?э биллибэт. Онтон дьиэ и?ин ???й?н к?рд?хх?, биир бэрт ырыган, и?иирэ эрэ к?рэ?ниир, к?хс?гэр т??рт сиринэн т??н чэрдээх ки?и, ырбаахытын устан баран, суол аанын чанчыгар бурдук тардан аала турар. Сирэйиттэн-хара?ыттан к?рд?хх?, санаар?аабытыгар с?п ки?и эбит, таа?ын да тыа?а, кини бэйэтин санаатыныы, аргыый а?ай аалар.

Бу бала?ан и?игэр таас тыа?ыттан ураты ки?и кулгаа?а-хара?а и?нэрэ атын туох да баара биллибэт. Таас эрэ тыа?а, аргыый ло?угураан, чочугураан кэлэ-кэлэ, эмиэ аргыый аалан, кыыкырдаан барар.

Арай имик-самык умайа турар уот сырдаан ылбытыгар кы?айан к?рд?хх?, о?ох чанчыгар биир а?ыс-сэттэ саастаах, чачархай баттахтаах о?о мас ат о?орон оччо?о олороро уонна биир чороччу улаатан эрэр кыыс о?о, ?стээх-т??ртээх уолчааны к?т???н баран, ата?ын холумта??а ууран, хоруонан тымтыкка суруйа олороро. О?ото уута кэлбит бы?ыылаа?а: дьаа?ыйан о?о?нуу-о?о?нуу, туой субу-субу уокка турар к??с диэки кылап гына к?р?р этэ. Ийэлэрэ ха?ас оро??о ыарыта сытара. ?т?р буола-буола дири? ынчыга и?иллэрэ.

Дьэ уонна им-дьим, борук-сорук.

Арай таас эрэ тыа?а аргыый аалан кыыкырдыыр, арай Охоноон эрэ санааргыыр этэ. Кини ревком буола сылдьыбыта, онтон сибиэркиирэ эбитэ дуу, эбэтэр дьахтара ыалдьан буолта эбитэ дуу, биитэр баттыгас эмиэ эргийэн, эмиэ хамначчыт буолан, ки?и аатын ылбакка, с?пт??х ?лб?гэ с?кпэккэ, баайдар атахтарыгар ??э, саа?ым тухары о?олордуун, ойохтуун му?у-сору к?р?рб?т кэллэ?э диэн санааргыыра дуу? Дьэ то?о эрэ кини санаатын ыар былыт баттаабытын курдук этэ. Ревком буола сылдьыбытыттан куттана саныыр этэ да, мин туох да?аны ку?а?аны о?орбото?ум, норуот иннигэр сылдьыбытым, тугу тыыталлар ??? диэн бэйэтэ бэйэтин саататара. Ол икки ардыгар, саалаах-саадахтаах бандьыыттары санаата?ына, этэ атый-атый гынара. Кини ол аймахтар бардамнарын, буруйа да суох ки?и хаанын то?оллорун кэрэйбэттэрин билэрэ. «Табаарыстарбар к?р??р кыа?ым суох буолта абатын!» – диэн кини хараастан турбута.

Таас тыа?а д?кс? улам бытааран барбыта. Бу икки ардыгар ?й?гэр туох эрэ сырдык к?л?м гына т?сп?тэ. «Оттон билигин к?рээтэхпинэ? Хайы?ар кэтэн баран, сис устун тус ар?аа, Дьокуускай диэки, т??э турдахпына, дьоммор, кы?ылларга? – диэн, хара?а уоттанан, сирэйэ сырдаан кэллэ. Онтон бала?анын и?игэр турарын ?йд??н кэлэн баран: – Оттон о?олорум, ойо?ум эрэйдээхтэр…» – диэн, эмиэ т?б?т?н санньыччы туттан, таа?ын эмиэ аргыый тардан барда.

Сотору таас тыа?а уурайда.

Били имик-самык умайа турар уот, к?лб?т курдук, чачыгырыы т?стэ. Харахпар сыыс киирдэ диэххэ айылаах, ы?ыырынньык ч?мэчи остуол ?рд?гэр чипчили?нээн кэллэ. Онуоха к?рд?хх?, киэ?ээ а?ылыктарын а?аары олорбуттар. О?олор ??р??лэрэ, к?лс??лэрэ диэн с?рдэммит. Били кыра, ?стээх Т?г?р?к диэн уолчаан: «А?аа, к?й эйэ, бу миэхэ сыа баай», – дии-дии, быыкаайык сыаны к?лэ-к?лэ, ба?ын кы?наччы туттан баран, к??ч?ктээтэ. Онуоха Охоноон: «Чыычаахпын да, ити дь???ннээххэ ??рээхтээ??ин», – диэт, т?б?т?ттэн сыллаан ылла. Бу курдук а?ыы олордохторуна, та?ырдьа эмискэ ыт ?рэн то?о барда. Охоноон, бачча киэ?э туох кэллэ?эй диэн, этэ «дьар» гына т?стэ.

Утаакы буолбата, аан дэлэй со?устук тэлэс гынна уонна тыастаахтык «хап» гына сабылынна да, бэргэ?элэрин куондарыгар к??х та?ас тигиилээх, саалаах ?с ки?и быыкаайык бала?а??а со?отохто тиргиллэ т?ст?лэр. Киириэхситтэртэн биирдэстэрэ: «Та?ын!» – диэн, к?рг?йдээн бирикээстээтэ. Охоноон и?игэр: «Оо, ?л?гэрим эбит», – дии санаата. С?рэ?э быллыгырыы т?стэ, к?р?м??м диэх курдук, биирдэ эрэ хайы?ан к?р?н баран: «Ол ханна?» – диэн ыйытта.

– Ханна буолуой, бырааба?а буолла?а дии, эйигин волревком бэрэссэдээтэлинэн талаары гыналлар, – диэтэ били бирикээстиир киириэхсит.

Онуоха Охоноон хайы?ан к?рб?тэ, били кини сэбиэскэй былаа?ы киртиппитин и?ин боротокуоллаабыт ?л?кс?й? ба?айы дьаабылана турар эбит. Кэлэйбит курдук, т?тт?р? хайы?ан баран, Охоноон:

– Бэйи, саатар а?ылыкпын ситэ а?аты?, – диэтэ.

– Ноо! Майаачылаама да?аны! Урут да а?аабыты?-сиэбити? с?п буолуо! – диэн баран, бандьыыт ыстыык кырыытынан Охоноону ойо?оско о?уста.

Охоноон, кы?ыыта-а?ыыта оргуйан кэллэ гынан баран, нэ?иилэ туттунна. Ситэ а?аабакка турда. Туран: «Сыччыыйдаар, бу эти сиэ?», – диэн, ?л?? этин о?олоругар т??эттэ. Уонна, хара?ын уутун кистээн сотто-сотто, ?с о?отун биирдиитэ сыллаата. Кыра уолчаанын: «Чыычаахпын да», – дии-дии, с?рэ?эр ыга туппахтаан ылла. Онтон ынчыктыы, ытыы сытар ойо?ор: «До?оор, чэ, к?н-хаан кэллэ… быра?аай!» – диэн бырастыыласта…

Киириэхситтэр Охоноону иннилэригэр уктан илдьэ та?ыстылар.

Дьиэ и?э кураанахтанна. ?стээх о?о: «А?аа!» – дии-дии, илиитин ууммутунан ытыы хаалла. Суох, а?ата т?нн?бэтэ, арай тиэрэ кэбиллэн а?а?ас хаалбыт аан устун тымныы туман эрэ ?р? оргуйан киирдэ…

III

Т??н ????н са?ана. Хабыс-хара?а хаайыы хо?о иин и?ин курдук дьиппиэрэн турда. Т?гэх диэки муннугар ки?и ынчыга и?иллэр. Онон саба?алаатахха, биир ки?и нэ?иилэ олоруох курдук буолан и?эн, тайаммыт илиитэ уйбакка, «лис» гына т??эн, эмиэ им-дьим баран хаалла.

Онтон сотору со?ус тыын киллэрэн, истиэнэ?э кэлтэгэйдии нэ?иилэ ?й?н?н олорон, ким бааргын, ?р???й диэххэ айылаахтык, у?уох илиитинэн салгыны харбыалаата. Суох, кими да булбата, арай муннук тымныы чэ?ин харбаан к?рд?. Онтон арыый к?н?н, чэ?нээх эрки??э к?хс?нэн ?й?нн? уонна «хар» гына хаанынан силлээтэ.

– Хара дьайдар!.. Б?т?н Арассыыйаны син биир кыайбакка саатыаххыт ээ. Абам эбит, бу кэриэтин биирдэскитин эмэ анныбар баттаан баран ?лб?т?м буоллар! – диэн баран, б?т?н, сымы?а?ын бы?а ытырда.

Бу олордо?уна эмискэ к?л??с тыа?а халыгырыы т?стэ. Хаайыы тимирдээх хал?ана к?л?р гына а?ылынна, т??рт саалаах ки?и аа??а адаарыстылар.

Та?ырдьа дьиэ ааныгар моойторуктаах хара ыт, то?нохпун даа, ха?ан тахса?ын диэх курдук, муннун хамсата-хамсата, хас киирэр-тахсар ки?ини сытыр?алыы олордо. Кэлин у?угар тиийэн ыксаата бы?ыылаах, б?р??лээх хал?аны тарбаан тардыр?атта. Ол олордо?уна арай эмискэ дьиэ аана тэлэс гына т?стэ уонна биир саалаах ки?и: «Чэт, бу туох ыта булла!» – диэт, ыстыыгынан ?т?р? т?стэ да, сыы?а анньан кэбистэ. Ол да буоллар ыт тахсыбыт дьону, то?о эрэ кулгаа?ын ньылаччы туттан, хара?ын к?лб?т курдук к?р?н, батыста.

Т??н к?т?р тымныыта, хара?ата олус хойдубут, бэл диэтэр сулустар то?он кыччыырга дылы гыммыттар. Халлаан буолла?ына ?рд?к бэйэтэ намтаан, симилиэс курдук дьэбидийэн, ыга баттыахха айылаах буолбут.

Аллара, ?рэх толоонун ортотугар, арыы тыа, баатанан сууламмыт курдук ма?хайан, утуктуу турара.

Били дьон онно бардылар. Тыа са?атыгар баар кыра со?ус ыраа?ыйа?а тохтоотулар. «Тур манна!» – диэн, били Б??т?р о?онньор к?рс?б?т бандьыытын «хамандыыра» бэлэ?э хайдыа?ынан ха?ыытаан то?о барда. Чо?куйа то?мут тыа мастара: «?ук! Бу туохпут кэллэ?!» – диэбиттии, со?уйан са?а аллайарга дылы гыннылар уонна бары ?м??р?сп?т курдук и?иллии-к?р?, ылы-чып бардылар.

Икки илиитэ кэдэрги кэлгиллибит ки?ини улахан тиит аттыгар туруордулар. Кини аттыгар моойторуктаах хара ыт кэлэн, с?рдээх ?ч?гэйдик кылап-халап к?р?-к?р?, олорунан кэбистэ. Ки?и, ытын к?р?н баран, дьэ билигин эрэ ?йд?мм?т курдук, с?рэ?э ыарыйда. Кини хара?ар ?стээх уолчаана к???ннэ, к?л?мн?? турар аламай к?нэ арыллан ааста, кэргэнэ, имии?ит а?ата, табаарыстара, Ленин сырдык мэтириэтэ – барыта хара?ар субу ирбэнньиктийэн кэллилэр… Онтон Охоноон эмискэ:

– Сиэхситтэр, сиэ?! – диэн ха?ыытаата уонна икки хаамыыны утары атыллаата. – Э?игинниктэр быстан хаалбыт акаарыны миигин эрэ сиэххит, оттон сэбиэскэй былаа?ы син биир тиискит хотуо суо?а! Чэй, ыты?, сиэбиккит к?л???мм?н, с?лб?кк?т тириибин, аны и?и? ыраас хааммын!

Охоноон ревком ?л??р? туран ха?ыытаабыт ха?ыыта, ой дуораана буолан, дьыбардаах салгы??а ыраах ку?кунуу турда…

Саа сомуогун тыа?а ла?ыгырыы т?стэ. Ылы-чып, ким да тыына да и?иллибэтэ, оттуун-мастыын кирийэн, алдьархайы к???тэн, чуумпуран турдулар.

Онуоха: «Бу баар!» – диэбиттии, саа тыа?а дэлби ыстанна. Охоноон охтон т?стэ. Ыт, ыйылыы т??эн баран, туора ыстанна. Саа тыа?а, санаар?аабыт курдук, сатыы ойуур ?рд?нэн сатарыйа турда. Ма?ан хаарга хара баттах хамсаабакка харааран сытта…

Дьэ, до?оттоор, с?рдээх т??н ??мм?т эбит!

Т??н т??н курдук, хара?а дьайы?ыран, ынчыктыы дьуо?аран, барыгытын да ыйыстыам этэ диэх курдук, дьиппиэрэ тымныйан, к?л?г?рэ баттыы турбута…

IV

Н???? к?н?гэр арыы тыа ?рд?гэр хара суор, хаа?ыргыы-хаа?ыргыы, к?т?н дапсыйа сырытта.

Киэ?э буолан, от-мас к?л?г?рэн барда. Арыы да тыа им б?тэй этэ. Арай чугас со?ус о?ус сыар?атын тыа?а кыыкырдаан и?илиннэ уонна о?онньор ки?и са?ата аргыый «?ай» диэтэ.

Утаакы буолбата, сылгы ты?а этэрбэстээх, тордох ыстааннаах Чооруос диэн дьаам дьиэни ититэ тутуллан киирбит о?онньор о?у?угар мас тиэйэн кэлэн, били ыраа?ыйа кытыытыгар тохтотто уонна, сирэйин-хара?ын кырыатын соттон баран, а?аар хара?ын хайыы-?йэ?э суор о?он сиэбит до?орун Охоноону одуулуу турда.

– Оо, бу эрэйдээ?им бу сытаахтыыр эбит дии… Тыый, с?р?кэтин ньии… Дьэ у?ун сордоох, ?л?н биэрбэккэбин, арааска да т?бэ?эн эрэбин. Аны бу хаарыаннаах о?обун уматыах сорум ???. Хара дьайдар инньэ диэн кы?айдылар, бэйэбин ?л?р??х буолаллар… Сор да буолар эбит, – диэн баран, Чооруос, ытыы-ытыы, сыар?атыттан ма?ын с??кээтэ.

– Бу эрэйдээхпин хайдах гыныах му?мунуй? – диэн, Чооруос, ыйыппыт курдук, Охоноону к?р?н кэбистэ. Суох, хата Охоноон ?р??-хара к?л???н?н атын дьон дьолугар тохпот, хаа?а?ы, мэрэбэдэйи туппат, баай батталыгар биир тылы утарбат буолан, у?уктубат у?ун уутун утуйбута…

Онтон Чооруос, ?с ма?ы т??эрэн баран, Охоноо??о барда. Хааныгар хам то?мутун нэ?иилэ хо?нордо. Ба?ана курдук хороччу то?мут ки?ини туруору анньан, к?т???н илдьэн, аны ыалдьыа диэх курдук, ма?ын ?рд?гэр аргыый сытыарда уонна, а?аар ?т?л?г?нэн то?о эрэ сирэйин-хара?ын саба ууран баран, ?р???сп?т курдук ма?ын кыстаан, т?ргэнник испиискэ ылан уматта. Лабаххай тыа?а та?ыгыраабытынан барда. Сытыы ты?ырахтаах кыыл тииккэ ыттан эрэрин курдук, мас устатын тухары уот тиэтэйэ-саарайа, бачыгырыы с??рдэ. Утаакы гыммата. «?аай, дьэ оттобор угуннум», – диэх курдук, т?г?р?йэ к?т?н ылла, са?ынньа?ын т??т?н к??дэмчилэттэ, онтон, «дьэ-дьэ» диэххэ айылаах, сирэйин салаан хараары?натта.

Дьэ улам-улам амта?ыйбыт курдук, китиэккии-киэбирэ, сирилээн истэ. К??нэ кытарда, ортото хараарда, кы?ыл хаан то?мут т?б?рэ?ин курдук, ыарахан кыымнаах кыырык т?л?н? к??г?н?? к?тт?. Чооруос, к?р?н туран, этэ саласта, куйахата ытырбахтаата, у?уо?а босхо барда. «Бостуой уматаммын», – дии санаата, дь???нэ уларыйда, б?т?н барда…

Уот к?т?р, илэ-бааччы кыайан-хотон, ?ллэ к?л?мн??, ?рг??? у?уктанан, к??г?н??-к??г?н??, са?ыгырыы-са?ыгырыы, бачыгырыы турда. Ол аайы тыа т?гэх к?л?к хара?ата, улаатан кэлэ-кэлэ, ынчыктыы-ынчыктыы, и?иэттэн кэби?э сытта.

?ук! Дьэ си?нэн со?отохто намтаата. Бы?ыта-хайыта тыытарга дылы гынна, хараарбахтаата, будулуйда уонна ???х хара буруо ?ллэ-л?гл?р?йэ оргучуйан та?ыста.

Онтон к?рд?хх?, харам улам-улам кыччаата, бытарыйда, арай т?б?т?н эрэ у?уо?а харааран сыппахтаата. Онтон уот: «Дьэ б?тэн эрэр», – диэн, холкутуйбут курдук, м?лт??т?, бытаарда, улаханын б?тэрэн, кыратын итигэстэ?эн барда.

Онуоха к?рд?хх?, били т??к?г?р тиит лабаатын хаара ууллан, харах уутун курдук таммалыы турар этэ. Тыам и?э, эмиэ санаар?аабыт, со?уйбут курдук, ылы-чып буолла.

Арай ар?аа э?ээртэн м?л?й??н?нэн ахсааннаах уоттаах сулустар хара ???х буруону курдаттыы ???н эрэр уот оннун, ытыыр курдук, чипчили?нии-чипчили?нии, к?р?н турбуттара…

1927

Сордоох суха

Саас буолан, от-мас тэтэрэ симэнэн, чэлгийэн турда. К?м?с к??мэйдээх к?нд? ырыа?ыт чыычаахтар ?нд?л к??х халлаан к???л к??лэйигэр к??рэйэ к?т? к??гээн б???н? т??эрдилэр.

Туох барыта тилиннэ, ??рдэ. Ийэ сир кэскиллээх чээл сирэм ньуура тубуста, дьэрэкээн та?алай дь???нэ кэйдэ.

Бурдук ы?ыыта буолла.

Хаампый о?онньор уолунуун алаастарын ?рд?нээ?и сонуоктарын тартара к??рэ?нэ?эн тиийэн кэллилэр. О?онньор былыргы дуомунан уот оттон, сыт та?аарда уонна, илин диэки хайы?ан туран, бэргэ?этин устан баран, ботугуруу-ботугуруу, кириэстэнэн сапсынна.

Онтон дьэ сирдэрин тартара киирдилэр.

А?ыйахтык хаамтараат, сухалара ылымына:

– Тукаам, бэйи, тохтоо эрэ, – диэтэ о?онньор. Сэргэ ма?ын хара?атыттан к???рэтэн баран, о?онньор, тапта?ым буолуо диэбиттии, аа-дуо сыы?таан «бар» гыннарда уонна: – Чэ хаамтар, – диэтэ.

Утаакы буолбата, а?ыйахтык хардыылаат, эмиэ:

– Тукаам, бэйи эрэ, тохтот, сухабыт хайдах эрэ ты?ырахтыыр ээ, – диэтэ. О?онньор, торбос ?т?л?г?н илиитигэр ыа?астыы ыйаан баран, буугунуу-буугунуу, токоотун кэлин биттэ?эр уларытан баайан аада?наата. Б?тэрэн баран холкутук: – Чэ бар, – диэн буолла.

Суха сылдьыбыта аата эрэ биллэр-биллибэт гына тырыыпайдатан тахсан, эргитэн, баа?ынайдыы хаамтаран и?эннэр, эмиэ са?а и?илиннэ:

– Бэйи, нохоо, тохтот-тохтот! Ыта?а маспыт т?сп?т!

Онтон ыта?а мастарын булан уктаннар, и?ирдьэ-та?ырдьа дьоодьо?нотон, баран истилэр. Суха аанньа ылбата, аппа сиргэ букатын таах барда. О?онньор, с????н быччы?ыннары тутта-тутта, к???э баарынан баттыы истэ. Эмиэ утаакы буолбата.

– Бэйи, тохтот, бы?ыыта, сыы?ы ытырда, – диэтэ о?онньор. Сыыстарын ыраастанан, эмиэ бардылар.

Иккис эргийиилэрэ буолла, уол о?у?ун тосту эргитэн алтахтатан эрдэ?инэ:

– Нохоо, тохтоо эрэ! – диэн ха?ыы то?о барда. – Аны токообут сы?аа?а тулунна, бар, с?гэни а?ал!

С?гэ а?аланнар, о?орбута буолан баран, эмиэ айаннаатылар.

Са?ардыы хо?нон эрдэхтэринэ:

– Киллэр-киллэр! – диэн о?онньор дьохсооттоото.

Онуоха уол:

– Оттон о?у?ум с?пк? и?эр ээ, – диэтэ.

– Бэйи-бэйи, тохтот-тохтот!.. – о?онньор тиритэ-хорута бы?ыытыйда, батта?ын са?атыттан к?л???нэ саккыраан т?стэ. – Ыраах баайан кэбиспиппит, т???н? эмэ ардайдыы сылдьар, – дии-дии, э?итэ тарпыт курдук туттан-хаптан, ыга-ыгатык тардыалыы-тардыалыы, уларытан баайда уонна бэргэ?этин, т??эн эрдэ?инэ ?р???йб?т курдук, т?ргэнник торбос ?т?л?г?нэн ?р? аста.

– Чэ бар!

Бардылар.

– Киллэр!.. Та?аар-та?аар! Тууй-йиэ! К?р?н хаамтар, мин эйигин ардайдатыма диибин ээ. Хайы ??дэн, сырыыта табыллыбата, до?оор! Туой ты?ырахтаан бы?а сытыйар буолла?а ???. Бэйи эрэ, тохтоо! – диэн, о?онньор сухатын суолун тарыйбахтаан, ыраастаан, кэннинэн состо. О?устара кэннинэн барбакка, биир айдаан турда.

– Сирэйгэ биэр!..

Биир былырыы??ы ардай бы?ыылаах, ?рд?к со?ус м???р??н сир кэлбитигэр суха дири?ник ылла. О?онньор, ?сс? дири?ник ыллын диэбит курдук, туох баар к????нэн баттаан истэ, кы?ыы-аба ыраатта, мэктиэтигэр сыы?а субуруйан т?сп?т?н билбэтэ. Онтон били томтор эмискэ б?тэрин кытта, суха, босхо баран, тумсуттан и?нэн ?р? тэптэ да, о?онньору ыраах, т?б?т?н оройунан э?эн кэбистэ.

– Чэ бэрт да сор, до?оор! К?р с?ннь?б?н бы?а т??э сыстым дии! Сатана сэбэ туох ??дэн буолан хаалла? Урут оттон басты? сэппит аатырар этэ дии. Бу к???н ?р????к уларса сылдьан сырыытын уларытан кээспит эбит буолла?а. Ити тухары ки?и киэнин аанньа ахтыбаттар. Бу маннаа?ы ыта?ата эмиэ т?сп?т эбит дии, бы?ыыта. Бар, нохоо, ыл ол ма?ы а?ал!

– Бу ма?ы дуо?

– Хара?ы? тэстээрэй, эн к?рд?хх?нэ, ити мас дуо? Мутук буолбат дуо?! Ону а?ал диибин эбээт, – дии-дии, с?р?н мас аллараа ?тт?гэр ыта?а о?орон буугунаста, уо?ун элээмэтэ тэллэллибит, к?хс?н туома богдьоллубут. О?устара буолла?ына алаас у?уор с????лэри одуулуу турда. Оттон уол: «Ити туйаарарга ки?и буорунан быра?ан тириэрдиэ дуо?» – дии саныы турда?ына, «Чэ бар!» – диэн са?а и?илиннэ.

Суха сырыыта арыый табылынна, о?онньор эмиэ аа-дьуо сыы?тыыр, холкутук унаарытан «?ай-ай» диир буолла. Бу икки ардыгар ???с эргийиилэригэр сухалара эмиэ ты?ырахтаан, ?р?тэ тэбиэлээн, икки ойо?о?унан оонньоон киирэн барда.

– Бэйи, тохтот! Бу сэппит эмиэ и?игэр киллэрдэ, – диэтэ Хаампый. Били са?а о?орбут ыта?алара т??эн хаалбыт эбит, ону эмиэ кыы?ырса-кыы?ырса, к?рд??н к?рд?лэр да булбатылар. Онтон сылтаан чэйдии та?ыстылар.

О?онньор, чэйэ оргуйуор диэри ыта?атын о?орон баран, сухатын тимирин ыраастаан к?р? туран: «Хайа, бу сээбэспит букатын босхо барбыт эбит дии! – диэн со?уйда. – Ыта?алаатахха сатаныы?ык», – диэн баран, хоо?олдьуйан тиийэн, т???ргэстэн мас хайа охсон а?алан ыта?алаата. «Кытаанахтык киирдэр ?ч?гэй этэ», – дии-дии, ма?ыйа-ма?ыйа саайан дардыр?ата туран к?рд???нэ, сухатын этэрбэ?э холбойон та?ыста. «Бай! Хайа, аны холбойон та?ыста дии!» – диэтэ о?онньор уонна, буугунуу-буугунуу, ыта?атын бы?ан, сухатын оннун ??т?н устун олордон кэби?эн баран отуутугар тиийдэ.

– Бу ас оргуйбут буоллар та?аар эрэ.

Уол уоттан чаанньыгын та?аарда.

Чэйдээн б?тт?лэр.

Эмиэ киирэн хаамтаран хаахынатан бардылар. Д?р?н-д?р?н «?ай-ай» диэн ха?ыытыы-ха?ыытыы, о?онньор баттаан титирэстэ?э истэ.

Тахсаннар эргийдилэр. Уол сатаан сиэппэтэ.

– Киллэр! – диэтэ о?онньор. Онтон, на?аа баран хааланнар: – Та?аар, та?аар! – диэн ха?ыы буола т?сп?т?гэр, уол:

– Эмиэ «та?аар» диигин, эмиэ «киллэр» диигин, – диэтэ.