скачать книгу бесплатно
Тыын былдьа?ыгар
Егор Картузов
??тээн ???йээннэрэ
Кинигэ?э Саха сирин араас улуу?ун чулуу булчуттара уонна биллиилээх тустууктар Герман Контоев, Петр Бурцев, Владимир Кириллин уо.д.а. ?б?гэлэрбититтэн хаалбыт ?т?? ?гэ?и, сиэри-туому туту?ан, тулалыыр эйгэни харыстаан, айыл?а таайыллыбатах кистэлэ?ин, дьиктитин да к?рс?н, бы?ылааннаах, м?чч?ргэннээх т?бэлтэлэр, ойуур адьыр?аларын кытта ты?аа?ыннаах к??н к?рс??лэрэ, кии эбэтэр ки?и буолар кыл т?гэннэрэ, тыын былдьа?ыга сытыытык, арылхайдык ойууланна.
Егор Картузов
Тыын былдьа?ыгар
КИИРИИ ТЫЛ
Би?иги ?б?гэлэрбит былыр-былыргыттан ?т?? дьон эбит. Т?р??б?т-??скээбит аар айыл?аларын харахтарын харатын курдук харыстыыллара. Сиргэ-уокка сиэри-туому туту?аллара, бэйэ-бэйэлэригэр харыстабыллаахтык сы?ыанна?аллара. Сахалар ?рк?н ?йд??х, сылайбат сындаа?ыннаах дьон буолан, бу томороон тымныыга силис-мутук тардан, ??нэн-чэчирээн, сайдан-сириэдийэн олордохпут. Бы?ый атахтаах б?р?н? туут хайы?арынан ситэн бултуур сындалыйбат сындаа?ыннаах дьон эбиттэр. Оннук ситэн бултуулларын итэ?эйбэт этим да, Сунтаар сорсуннаах булчуттарын ту?унан кинигэ суруйа сылдьан б?р?н? сиппит Аппырыкаан Миитэрэйэби к?рс?н, атах тэпсэн олорон, кэпсэтэн итэ?эйбитим.
?б?гэлэрбит ?рк?н ?йд??х дьон буолан, ньуолбар сэрэх са?ылы айа кылыытын эстэрэн, маалтаар оно?о?унан с?ннь?н тосту т??эрэн, сымара таас курдук ?р? с?г?лл?б?т аакка киирбит суостаах-суодаллаах ардьай ана?астаах адьыр?аны а?аардас тайыынан ар?ахха киирэн бултууллара. Дьэ оннук хорсун санаалаах, эр с?рэхтээх дьон этэ.
Сахалар мындыр буолан айаны, тыатаа?ы сохсотун, тиргэни, чааркааны, кыра кыылларга сохсолору айдахтара уонна сатабыллаахтык ту?аннахтара. Дьэ ити сатабылбыт, сылайбат сындаа?ыммыт, ?рк?н ?йб?т, эр с?рэхпит барыта холбо?он, аан дойдуга биллэбит. Омук хайда?а аан дойду араас к?рэхтэ?иитигэр к?ст?р эбит. Тустууктарбыт ?б?гэлэриттэн бэриллибит булчут хааннаах буолан, сири сиксигинэн ар?аран, кыайыы-хотуу к?т?лл??х эргийэн кэлэллэр. Ол курдук, икки олимпиада уонна аан дойду ч?мп?й??ннэрдээхпит. Билигин норуоту ахсаанынан буолбакка, чулуу дьонунан сыаналыыллара биллэр.
Ол эрээри билигин о?олор айыл?аттан тэйэн м?лт?? бы?ыытыйдылар. К?мп??тэргэ, тэлэбиисэргэ хам хатанан олорор буоллулар. Кыра саастаах о?олорбут сатаан сахалыы са?арбакка, тэлэбиисэргэ к?ст?р дьон, кыыл са?атын ?т?ктэллэр. Дьиэ?э-уокка т?р?пп?ттэр сахалыы сайа?астык кэпсэппэккэ, о?олор ийэ тылларын, ийэ ?йд?р?н эмиэ с?тэрдилэр. Мин Б?л?? Л?к?ч??н?гэр сырыттахпына биир о?о, кыыллар са?аларын ?т?ктэ-?т?ктэ, нууччалыы са?ара сатаахтаабыта. Бу о?о нуучча диэни илэ к?рб?т?х, тэлэбиисэр о?ото. Хомойуох и?ин маннык о?о элбэх. Тыа?а да олорор дьон нууччалыы са?араллар. Тыл ?лл???нэ – норуот ?л?р.
Мин ити к?ст??н? утаран, улуустары кэрийэн, кырдьа?ас булчуттары к?рс?н, атах тэпсэн олорон, кинилэр сылдьыбыт бы?ылааннаах сырыыларын, тылларын-?ст?р?н уу?ун-уранын, булт сиэрин-туомун, ?гэстэрин хомуйан суруйан эрэбин. Булт тыла – саха тылын с??гэйэ-с?мэтэ.
Билигин тылбытын-?сп?т?н умнан мо?уогуруох курдук буоллубут. Аны уолаттарбыт эр ки?илии иитиллибэт буолан, кыыс курдук сара?наабыт, сыбыахайдаан хаамар уол элбээн и?эр. У?уйаантан са?алаан дьиэ?э, оскуола?а тиийэ дьахтар иитэр-??рэтэр. Уол о?ону хайдах дьи?нээх эр ки?и гына иитиэй? Дьахтар эр ки?и ?лэтин сатаабат, булду-алды билбэт. Кини кыыс о?ону к?н к?бэй ийэ буоларга бэлэмниир.
Кыыс о?о айыл?аттан к?рс??-сэмэй буолан кы?амньылаах, онон ??рэ?и ылла. Эр дьон тыа?а сопхуостар эстэннэр ?лэтэ суох хаалбыта. Онон сорох ыалга эр дьон дьыбаан киэргэлэ буолла, санаата т??эн а?ыы утахха убанна. Сорох дэриэбинэлэргэ сарсыардаа??ы сахсаан, киэ?ээ??и кэпсэл арыгы эрэ тула эргийэр буолла. Ким, ханна т???н? испитэ. Арыгы?ыты ?р? тутуунан, а?ыммыта, м?хп?тэ буолуунан к?н б?тэр. Сорох эр дьон у?уктаат, хантан арыгы булан и?эбит диэн сыаллаахтар-соруктаахтар. Куоракка да?аны итинник дьон а?ыйа?а суох.
Дьи?инэн, сахалар а?ыйах сыллаа?ыттан бэттэх, сопхуос буолан баран, арыгыны элбэхтик испиппит. Билигин тэрээ?ин барыта арыгылаах, а?ыы ута?ы испэтэххэ табыллыа суох курдукпут. А?ыйах сыл и?игэр дьон санаата уларыйар эбит. Аны билигин наркотик диэн адьарай а?а тиийэн кэллэ. Бу саха норуотун улаханнык эмсэ?элэтэр дьаат буулаата. Арыгыга, наркотикка эдэр ыччат убанар т?рд?н, т?р??т?н билиэххэ уонна туоратыахха. Эдэр дьон к???л босхо баран, олус иллэ? буолан, кытаанахтык ыга тутар а?а суох буолан, ку?а?ан дьаллыкка ылларда. Мин тус санаабар арыгыттан быы?анар суол ?лэ, спорт, айыл?а уонна булт буолар. О?о т?б?т?н и?игэр арыгы, наркотик диэн ?йд?б?л суох буолуохтаах. О?о кыратыттан булка, спорка убаныахтаах. Аар айыл?ата дьарыга суох сатаммат турукка киириэхтээх, к?н солото суох сылдьыахтаах. Ити мин этэр итэ?эстэрим баар кы?ал?а, ону билинэн к?нн?р?н??х тустаахпыт. Билигин эдэр ыччат ?ксэ спорка олус к?хт??х буолан и?эрэ биллэр. Спортивнай саалалар киэ? уора?айдарыгар сарсыардаа??ыттан киэ?ээ??э диэри ыччат толору мустан дьарыктанар. Арыгыны и?эр, таба?ы тардар ыччаттары омнуолуу к?р?лл?р.
Мин оскуола?а ??рэммит кылааспыттан ылан к?рд?хх?, улуу тириэньэрбит Миитэрэй Б?т?р??б?с Куоркун уонна тустуу к?м?т?нэн, чулуу дьон иитиллэн тахсыбыттара. Холобур: биир атаспыт бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан ?лэлээбитэ, ?с милииссийэ полковнига, ?т??лээх тутааччылар, ?т??лээх тириэньэрдэр бааллар. Дьэ бу спорт иитэр-??рэтэр ча?ылхай холобура буолбатах дуо? Б?т?р??б?с ?лэлииргэ ??рэппитэ.
Уол о?о уон т??рт саа?ыгар диэри сатабыл, эт-сиин, к??с-к?дэх, ?й-санаа ?тт?нэн саастаахтарыттан хаалсыа суохтаах. Тугу да?аны сатаабат, м?лт?х, унньу-санньы т?сп?т уолу о?олор ата?астыыллар. Уол о?ону а?ата кыра эрдэ?иттэн баты?ыннара сылдьан сиэргэ-туом?а, булт ?гэстэригэр ??рэтиэхтээх. Ол сорох ыалга кыаллыбат. Хомойуох и?ин а?аардас ийэлэр бааллар, ыал а?ата да барыта булка, сиргэ-уокка сылдьыбат. Онон бу кинигэбин уол о?о иитиитигэр к?м?л??х буоллун диэн суруйдум. Ба?ар биир эмэ уол аа?ан баран, дьи?нээх эр ки?и буолла?ына, кинигэм сыалын ситтэ дии саныам этэ.
Бу кинигэ?э уонтан лаппа тахса булчут араас мо?олу туораан, ?л?-?л? тиллэн, м?чч?-хаччы туттаран, эр санаалаах дьон буолан, ?л?р ?л??ттэн быы?аммыттара сурулунна. Аан дойду ааттаахтарын уонна тыа боростуой дьонун оло?у к?р??лэрэ, сиэрдэрэ-майгылара, уол о?о ыксаллаах, ?л?р-тиллэр м?кк??р?гэр хайдах бэйэ бодотун тардынан, ?л?р ?л??н? кытта туруула?ыахтаа?а ойууланна. Ха?ан ба?арар атах анныттан алдьархай ада?ыйыан с?п, онно бэлэм буолуохтаахпыт. Кураанах куолутаа?ар, тус мин санаабар, дьи? олохтон ылыллыбыт кэпсээннэр, о?о с?рэ?эр-быарыгар, ?й?гэр-санаатыгар тиийимтиэ буолаллар. Ыал а?ата эрэ барыта бултаабат, онон кинигэ?э баар умсул?аннаах кэпсээннэри аа?ан, уол о?ону к?лдь?н, ээл-дээл бы?ыыттан, арыгыттан тэйитэн ч?л олоххо сы?ыарда?ына, саха дьоно дьолбут буолуо этэ.
К?нд? аа?ааччы, сынньала??ар умсул?аннаах кэпсээннэри аа?аргар с?бэлиибин, дьоллоох-соргулаах буол!
Ааптар
Ма?найгы т???мэх
Олохпор ?йд??н хаалбыт т?гэннэрим
Ма?найгы булт
Ханнык да ки?иэхэ о?о саа?а ордук к?нд?, исти? буолар эбит. Кыра сырыттахха буолбут сырдык ча?ылхай т?гэн ?йг?р с???н хаалар. Миэхэ, саа?ыран эрэр ки?иэхэ, ойор-тэбэр о?о саа?ым дьикти т?гэннэрэ сотору-сотору харахпар к?ст?н кэлэллэр. ?йб?р одо?-додо? с???н хаалбыты сурукка ти?эргэ холоннум, онон э?иги исти?, мин кэпсиим.
Кыра сылдьан с?рдээх мэник-тэник, биир сиргэ т?птээн-таптаан олорбот о?о ???б?н. Т??ртээх-биэстээх бэдик ынах этэрбэстээх уонна Кочубей курдук бэргэ?элээх этим. Кочубей диэн киинэ?э к?ст?р ?р??нэри кытта сэриилэспит ?р?? папаахалаах кы?ыл хамандыыр. Онтон миэнэ ма?ан каракуль бэргэ?э этэ. Торбос тириитэ ботуо?калаа?ым, онно «бултуур тэрилбин»: арагаайканы уонна бадараанынан о?о?уллубут, о?оххо хатарыллыбыт буулдьаны уктарым. Маннык та?нан-симэнэн, хорсун кы?ыл хамандыырыныы сананан, тэлгэ?эм и?игэр мас аты миинэн с??р да с??р буоларым. Былыргы ынах этэрбэс барахсан, быата эрэ с?лл?бэтэр, с??рэргэ чэпчэкитэ с?рдээх буолара. Убайдарым мо?отойдуу баралларыгар куруук кыра диэн хааллараллара, онуоха ытыы-ытыы эккирэтэрим. Улаатан борбуйбун к?т?хп?т?м да кэннэ, ыраах бултуу баралларыгар хаалларар этилэр. Хаалар с?р?н сылта?ым: т??рт ки?и «ИЖ-56» диэн к?л??ск?т? суох матасыыкылга баппаппыт.
Арай биирдэ, биэс саастаахпар, киэ?э мас аппын миинэн тэлгэ?э и?игэр с??рэн элээрэ сырыттахпына, а?ам ы?ыран ылан: «Сарсын бултуу барыахпыт», – диэтэ.
Аны бэрээдэги кэстэхпинэ сарсын илдьиэхтэрэ суо?а диэн боччумурдум. Бэл, аны куота барыахтара диэн сээбэ?нээн утуйбатым.
Сарсыарда эрдэ эбэбин кытта тэ??э турдум. Торбо?ун этэттэрэригэр1 к?м?л?ст?м, о?кучахтан к??рчэх ??т?н та?аардым, илии-атах буоллум. ?лэ-хамнас, бэрээдэк б???т?б?н, «барсар инибин» диэн испэр эрэл санаалаахпын. Убайдарым ийэбитин кытта кирпииччэ ?кт??хтээхтэр, ол и?ин эдьиийбин Маайы?ы илдьэ барар буоллубут.
Б????лэктэн чугас, урут би?иги дьоммут олорбут Мээндийэ диэн сайылыктарыгар тирилэтэн тиийдибит. К??х сайын сатыылаан турар кэмэ буолан, Эбэбит барахсан тупсубут а?ай. Алаас была?ын тухары сибэкки, к?р??ххэ эриэккэс, кэрэмэн кэрэ. Халлаа??а к??рэгэй ыллаан дьирибиниир, с??рэр-к?т?р араа?а манна мустубут. А?аардас салгыныттан, отун-ма?ын сытыттан-сымарыттан туймаарыах курдукпун, тулам чап-ча?ылхай, сып-сырдык. Мин ыллыах-туойуох санаам кэлэр эрээри, а?абыттан саллан «мык» да диэбэппин.
Би?иги матасыыкылбытын сайылыкка хаалларан, ыллык устун тыа?а та?ыстыбыт. Оту-ма?ы то?уппакка са?ата суох ?р хаамтыбыт, мин умайар уот куйааска дэлби утаттым, тама?ым хатта уонна кумаар да сиэн кэ?эттэ. Кэлэр сырыыга илдьэ кэлиэ суо?а диэн а?абар кы?кыйдаабаппын. Дьэ кэмниэ кэнэ?эс, кэтэ?эн кэлтэгэй буолтум кэннэ, сэндэ?э тыа к???ннэ.
Бары д??дэ2 кытыытыгар б?кч?чч? туттан, тыа?а-уу?а суох ч?м-ч?м ?ктэнэн ??мэн киирдибит. Д??дэ ортотугар биир улахан кус хороллон олорор. А?ам ол эрэ куска кы?аммат. Мин ку?у к?рб?т диэн ыйан к?рд?рд?м, ки?им сапсыйан кэбистэ. Синньигэс билии н???? иккис д??дэ баар эбит, онно ??мэн суксуру?ан тиийдибит. А?ам тохтоон, д??дэ кутуругун халампаа?ынан кы?астаста.
Эмискэ к?р? т?сп?т?м: уу кытыытыгар улахан ньолбойбут т?б?л??х, таллайбыт кулгаахтаах кугас ынах сытар. ??нтэн-к?й??ртэн к?м?скэнэн даллайбыт кулгаа?ынан сапсынар.
А?абын са?ата суох ойо?оско астым уонна: «А?аа, ынах сытар», – диибин. «Бачча ыраах хайаларын ына?а кэллэ?эй, араа?а, ыалбыт Настааччыйа ына?а буолла?а дуу» дии саныыбын.
Онуоха а?ам сибигинэйэн: «Тайах, айдаарыма», – диэтэ уонна оройго о?уста.
Биир уостаах отут икки халыыбырдаах саатынан ?р со?ус ыксаабакка кы?аан баран ытан хабылыннарда, онтон тута с?р??н, икки?ин ытта. Кыылбыт б?д?р?йэ-б?д?р?йэ туран кэллэ.
Мин куотар буолла дии санаатым уонна: «Барда-а-а! Ыт-ыт!» – диэн ха?ыы б???т? т??эрдим.
Онуоха а?ам холку ба?айытык: «Ууга о?унна?ына, хайдах хостуохпутуй?» – диэтэ.
Мин икки д??дэ билиитинэн тайах диэки хатыс ууннаран туос б?т?р???нэн т???нэн кэбистим. Арай с??рэн элээрэн тиийбитим, кыылым ойуур быы?ынан миигин утары бу турар эбит. Хааннаах хара?ынан халыччы к?рб?т, дагдаллан улахана да с?рдээх, харах да харах, кулгаах да кулгаах, т?б? да т?б?. Мин к?рб?т?хп?н к?р?н, ??йбэтэхпэр т?бэ?эн, сарылаат, т?тт?р? с??рд?м. Эмискэ, ычык быы?ынан ыллык устун с??рэн марайан и?эн а?ам т????гэр кэтиллэ т?ст?м.
????н тайахха тиийбиппит – кыылбыт охтубут, а?ам сааны уунан баран: «Баай Байанай биэрдэ, сал?аан с??скэ ыт», – диэтэ.
Мин саа эстэригэр санныбын к??скэ анньыа диэн уонна тайахтан дьулайан, куттанан ыппатым. Онуоха эдьиийим сааны ылан ытан бур?ас гыннарда.
Ол сыл эдьиийим алын с????х оскуолатын б?тэрэн, Хатылыга ??рэнэ барбыта. Онно тиийбитигэр Дь?г??ссэ тайах бултаабыт кыы?а бэ?ис кылааска ??рэнэ кэлбит диэбиттэр. Ол курдук эдьиийим Маайыс са?а оскуола?а ма?най булчутунан биллэн, онтон дуобаттаан, о?олорго Арассыыйа хамаандатыгар киирэн, Сойууска тиийэ к?рэхтэ?э сылдьыбыта.
Ити ма?найгы булдум кэннэ оруобуна ?йэ а?аара ааста. Кы?ал?ата суох о?о саа?ым биир ча?ылхай т?гэнэ ?йб?р сотору-сотору эргийэн кэлэр, ол и?ин бу кэпсээни суруйдум. Би?иги ийэлээх а?абыт дьоллоох о?о саа?ы бэлэхтээбиттэрэ, онон махталым му?ура суох.
Куобахха ту?ахтаа?ын
Мин оскуола?а киирэ иликпинэ, убайдарбын кытта сарсыарда эрдэ турар этим. Кинилэр оскуола?а барбыттарын кэннэ, маспын, мууспун киллэрэн, ынахтарбын уулаты?ан, ?лэни-хамна?ы ?м?р?т??эн баран у?анарым.
Сэрии сэбин ту?унан халы? кинигэ баара, онтон ?т?ктэн бэстилиэт о?орорум. С?рэ?элдьээтэхпинэ, сылайдахпына эбэм оронугар олорон, кини хотонтон киирэрин кэтэ?э таарыйа, утуйан буккураан хааларым.
Соро?ор ыалларбытыгар аймахпыт уолга С?р??скэ?э, эбэтэ Даайа эмээхсин хото??о та?ыста?ына, до?ор буоларым. Оонньуу сылдьан сотору-сотору ойон кэлэн илин т?нн?г?нэн дьиэм о?о?ун буруотун кэтиирим. Эбэм хотонуттан киирэн о?о?ун отунна?ына, кы?ы??ы дьыбардаах сарсыарда буруота халлаа??а ?р? тыргыйан тахсара дьикти ?ч?гэй к?ст?? этэ. Даайа эмээхсин хотонтон киирдэ да, мин та?аспын сыы?а-халты кэтээт, дьиэбэр ыстанарым.
Билигин кы?ын дойдубар дьыбардаах сарсыарда о?охтор буруоларын кэтээн к?р?б?н да, эбэм о?о?ун буруотун курдук кэрэ, ки?и с?рэ?иттэн-быарыттан с?ппэт кэрэ к?ст??н? к?р? иликпин. То?о оннуга эбитэ буолла? О?о барыны кэрэтитэн к?р?р?ттэн эбитэ дуу?
Биирдэ кы?ын а?ам Тараа?ка ?т???р куобахха ту?ахтаа диэтэ. Тараа?ка ?т??? диэн би?иги дьиэбититтэн к?ст?н турар тыаны этэллэр. Мин, бултуу барар ки?и бы?ыытынан, айгыстыы б??? буоллум. Эбэм та?аспын-саппын к?р?н, то?мот гына та?ыннарда. Эбэм Ылдьаана у?уо?унан кыра эрээри, т?ргэн-тар?ан туттунуулаах, элбэх кэпсээннээх-ипсээннээх эмээхсин этэ. Кини эдэригэр Таатта улуу?ун Дь?лэй нэ?илиэгиттэн с?ктэн кэлбитэ ???.
Мин ?р гыныам дуо, к?ст?н турар сиргэ начаас ойон тиийдим. Куобах суола б???, т?тт?р?-таары барбыттара-кэлбиттэрэ элбэх. (Тараа?ка ?т???р хайа да дьылга куобах баар буолааччы). С?б?л?? к?рб?т сирбэр ту?ахтарбын баайталаан истим. Син бодьууста?ан уонча ту?а?ы ииттим. К?н аайы ?лэбин-хамнаспын ?м?р?тэн баран ту?ахпын к?р? ыстанабын. Киэ?э утуйаары сытан хас куобах и?нибитэ буолуой диэн толкуйдуубун, куобах ту?ахха и?нэн олорорун т?б?б?р о?орон к?р?б?н. Онноо?ор биир улахан да улахан муус ма?ан куобах и?нэн олорорун т??ээн к?рд?м. Дьэ хас да хонукка мэлийэн кураана?ы куустум, ма?найгы омунум-т?л?н?м аа?ан, санаам т??эн барда.
А?ам биир к?н барыста, ту?ахтарбын к?р?н баран: «Маннык иитэн куоба?ы ?йэ?эр ылыа? суо?а», – диэн со?утта уонна ту?ахпын са?алыы иитэн, к?нн?р?н биэрдэ. Сарсыныгар тиийбитим ойуур быы?ыгар биир куобах хаары ха?ар курдук м?хс?р. Мин ма?най куобах хаары ха?ан а?ыы олорор диэх курдук санаатым, онтон ?йд??н-дь??ллээн, сыныйан к?рб?т?м: ту?ахха и?нэн м?хс?р эбит. Куобахпын туппутунан дьиэбэр к?т?н т?ст?м. Эбэм олус ??рдэ, уотун а?атта, миигин ал?аата.
Ол кэмтэн ыла ?йэ а?аарын устата эбэм алгы?ынан, а?ам с?бэтинэн сыл аайы ту?ахтыыбын. Куобах суох да?аны дьылыгар Баай Байанай кыратык ?л??лээччи. К??????, кы?ы??ы чэбдик салгы??а к???л с??рэ-к?т? сылдьан бултууртан, сир-дойду кэрэтин к?р?рт?н ордук туох баар буолуой.
А?ыма?а
?рд?к ??рэ?и б?тэрэн баран Горнай улуу?угар А?ыма?а учууталынан ?лэлии сырыттым. Сандал саас эргийэн, саха эр дьонугар саамай к??т??лээх – кус кэмэ тиийэн кэлбитэ. Мин уруокпун б?тэрэн баран, эбиэттэн киэ?э Чэкээ ?рэ?ин кэрийэбин. Саас эрдэ, к??лгэ уу тахса илигинэ, ?рэххэ кус мустар. ?рэх кытыытыгар кыра ууга дурда туттубутум. Киэ?э дьиэм диэки т?нн?н и?эн, онно хонон аа?абын. Сарсыарда уруокпун биэрээт, к?н?с кустуу ыстанабын. Оччолорго эдэрбин, бултуур ба?а ба?аам.
Дьэ биир к?н куолубунан ?лэлээн баран, ?рэ?и кэрийэн, Чэкээ муостатыгар тиийдим. Манна ?рэх кэ?иир сирэ, ?с кыра к?л?ччэлээх. Мин ???ээ сыыр быарыгар сынньана олордум. Арай элбэх кынат ку?угураан тыа?аата. ?рд?к мэ?э халлааны ?р? хантайан к?рб?т?м: отучча кус ортоку ууга т??эн барылаата. Мин аргыый а?айдык ??мэн киирдим. На?аа сымна?ас кустар эбит. Барыта чыркымайдар. Арай от быы?ыттан атыыр судьу т?б?т? к???ннэ, ону хаптаччы ыттым. Онтон ты?ыта дайан тахсыбытын охтордум.
Салгыы баран истим. Биир атыыр чыркымай иннибиттэн к?т?н тахсан ?рэх то?ойугар тиийэн т?стэ. Аргыый хааман киирдим. Арай к?рб?т?м: атын чыркымайдар хоро?он а?ай олороллор эбит. Ма?най хаастар дуу дии санаатым, ?р толкуйдуу барбакка, биир чуга?ын ыттым. К?т?рд?р?м ?рэх то?ойун эргийэ дайдылар. Мин, ботуруон укта-укта, бы?а с??рд?м. К????? ???с гыммытым, хайа сах аа?ан эрэллэр эбит. Кэнники ку?у ыттым – умса кэлэн т?стэ. Онтон инникини ыттым – тиэрэ кэлэн т?стэ. Ылан к?рб?т?м: хаас са?а кустар. Мин «туох кустара буолла?ай?» диэн толкуй б????? т?ст?м. Онтон улуннар бы?ыылаах диэн сэрэйэ санаатым.
Муоста?а тиийэн баран, т?нн?н кэлэн дурдабар хоннум. К?л?ччэм кыра ба?айы да, кэлбит кус бы?а ааспат. К?н тахсыыта кэлэллэр. К?н сарда?атын утары к?рд?хх?, халба атыыра т???э са?аран бастаан и?эр буолар. Эбэтэр чааппара к???нн?р барахсаттар т??лэрэ-??н?р? кэрэтин. Мородулар, чыркымайдар астыктарын. Хайа булчут маннык кэрэ к?ст??ттэн долгуйан нохтолоох тойон с?рэ?э к??скэ тэбиэ, хай?ахтаах хара быара хамсыа суо?ай. К?л?ччэм кыра буолан, халлаан сырдаабытын кэннэ кэллэхтэринэ, туох баар кэрэ ??н?р?-дь???ннэрэ бу баар курдук дьэрэлийэн к?ст?р. Ууга т??эллэригэр кынаттарын араастаан хамсаталлара этиэхтэн эриэккэс. Аны кынаттарын тыа?а дьикти кэрэ дор?оон буолан и?иллэр. Айыл?а барахса??а сынньанан, ол саас олус ?ч?гэйдик бултаабытым.
?ллэ?ик
Хайахсыкка ?лэлии сылдьабын. Учуутал к?н?гэр ?р??т?б?т. ?р?б?л? ту?анан, матасыыкылынан дойдубар тиийдим. Ийэм «убайдары? Нуучча ?рэ?ин ба?ын ??тээнигэр бааллар» диэбитигэр, ?л хабаат, онно ыстаннардым.
??тээ??э киэ?э тиийдим, дьонум ??рэ к?р?ст?лэр. Убайдарым, аба?ам, таайым Мэхээлэ уонна а?ам булка ??рэппит ки?итэ ?нд?р?й бааллар. ?нд?р?й турбут-олорбут, к??стээх-уохтаах, ата?ынан лаппа кыанар ки?и этэ. (Билигин уола Тимка улахан булчут).
Киэ?э а?аан баран утуйдубут. Сарсыарда у?уктубуппут – аба?абыт ?л?к?й чэйин оргуппут, а?ын тардыбыт. Би?иги ??тээн та?ыгар остуолга олордохпутуна, о?онньорбут аал уотун арыылаах алаадьынан айах тутта, онтон ньыкырыйан кэлэн остуолга олордо. А?ыы олорон т??лб?т?н ыйыппытыгар ким да са?арбата. Онтон ?л?кс?й т??лбэр ?лг?мн?к бултуохпутун мэ?эйдээтилэр диэтэ. Имири-хомуру а?аан баран, икки а?ыы хайды?ан, хаама бардыбыт.
Син балайда хаампыппытын кэннэ ыттар тайа?ы туруордулар. Сотору со?ус буолаат, саа тыа?а тас-тас гынна. Би?иги саа тыа?ын диэки туос б?т?р???нэн т???нэн кэбистибит. Тиийбиппит, биир эдэр ки?и кыра тайа?ы охторбут. Билистибит. Дьоммут таатталар эбит. Иккиэлэр, биир эдэр уонна саа?ыра барбыт о?онньор. ??рэ-к?т? астыы сырыттахпытына, ыттар ?рд?лэр. Кыра убайым Куока уонна Таатта кырдьа?а?а онно бардылар. Би?иги булпутун астаан баран, дьоммутугар тиийдибит. Ыттар ?рэ сырыттахтарына, убайым урут кэлэн, ты?ы тайа?ы охторбут. Булпутун астаан баран а?аатыбыт. Ол олорон кырдьа?аспыт хайдах ?ллэстэрбитин ту?унан тыл к?т?хт?.
Саастаах ки?ибит ?нд?р?й кырдьа?аска бэйэтэ бы?аарарыгар к?рд?ст?. Кырдьа?ас: «Э?иги ыттаргыт туруорбут тайахтарын с??рдэн и?эн ытыалаан кыра тайа?ы би?иги охтордубут. Оттон э?иги ыттаргыт бууру эккирэтэн, ты?ы тайа?ы ?рс?бэтилэр. Би?иги ыттарбыт ?рэ сырыттахтарына, э?иги ки?игит охтордо. Онон хара тыа суруллубатах ?гэ?инэн маннык: э?иги ыттаргыт ?рс?бэтилэр, онон би?иги э?иэхэ бэйэбит к?р?н эт бэрсэбит, онтон ?рс?б?ттэрэ эбитэ буоллар, т?б? тыыран, а?аарда?ыахпыт этэ», – диэтэ.
Би?иги, эдэр дьон, хомойон с??м т?ст?б?т, урукку о?о дьон сиэринэн, м?кк?спэтибит. Мин «а?аарда?арбыт буолуо» дии санаатым. Онтон о?онньор сирэйбитин-харахпытын к?р?н баран эттэ: «А?а?ыт Дь?г??ссэ бэрт ыллыктаах ки?и этэ, уолаттара бары бултуулларын к?р?н ??рд?м. Онон эдэр дьону санааларын к?т???н, ты?ы тайах к?хс?н а?аарын уонна кыра тайах а?аарын биэрэбит. Эдэр дьон этэ??э сылдьан бултаа?-алтаа?», – диэн ал?аата.
Би?иги ??рэн-к?т?н, булпутун суол кытыытыгар кистээн баран, ??тээммит диэки т???нн?б?т.
Сорохтор сарсыарда туран тайах этин тиэйиэхтээхтэр, онон ?нд?р?й би?иги хаамар буоллубут. ?нд?р?йд??н ?р хаамтыбыт, туох да суол-иис суох. Сотору Сылгы Салайар ?р?йэтин уута кэлиэхтээ?ин, онно чэйдиэхтээхпитин ту?унан эттэ. Мин ол ууну кэтэ?эбин, аччыктаатым.
Арай ол и?эн к?рб?т?м: ?р?йэ у?уор, 300—350 хаамыылаах сиргэ, биир буур тайах утуктуу турар. Айыл?а м?чч?р?йбэт сокуонунан, хаанын тэнитээри, тапталлаа?ын к?рд??н т??н? бы?а хааман баран, ?лт? сылайан, ?р?йэ кындаатыгар сынньана турар эбит. Кыратык ??мт?б?т, ыар?а б?тэн, ыраас сиргэ кэлэн тохтоотубут. Ыар?а мэ?эйдээн, ыттар тайа?ы билбэттэр. Хата дьоммут туох буолан б?кч???-б?кч??? ??мт?лэр диэбиттии дьиктиргии к?р?лл?р-истэллэр. Сааларбытын маска ууран ытыалаан тибиргэттибит. Уончата ыппыппытын кэннэ, кыылбыт с??рдэ. Илин холун со?о сылдьар. Ону к?р?н ??рд?м уонна тайах диэки буутум быстарынан ойдум. Дул?аттан б?д?р?йэ-б?д?р?йэ, ?р?йэни с??рэн туораатым. Ыттар урут тиийэн ойуурга киллэрэн тохтоттулар. Кинилэри ??рэтээри, кыратык ?рдэрэ т??эн баран охтордум.
Дьэ манна буолла ?р?г?й, ??р?? кылаана. Баай Байанайбытын уот оттон арыылаах килиэбинэн к?нд?лээтибит. Тайахпытын астаан, быарын ?тэн, холкутуйан а?аатыбыт.
Киэ?элик борук-сорукка Бассынаай ??тээнигэр тиийбиппит, дьоммут кутаа аттыгар а?аары сабдыгыра?а сылдьаллар. Бултаан сылайан истэххэ, бииргэ бултуур дьону? кулу?уннарын уотун халлаа??а харба?ар кыымнара кэрэ к?ст?? буолан с?рэ?и ?р?к?тэр, быары сылаанньытар. Бултаабыппытын к?р?н дьоммут ??рэн харахтара ча?ылыста. ?л хаба т??ээт, хайдах бултаабыппытын кэпсээтибит.
Онно кырдьа?аспыт ?л?кс?й: «Бэ?э?ээ Таатта булчута ал?аан, б?г?н бултуйбуккут», – диэн ??ртэ. Алгыс ба?а сыалаах диэн итини этэн эрдэхтэрэ.
Амма?а
Хайахсыкка учууталлыы сылдьан, к?????? у?ун ?р?б?лгэ ?лэбиттэн к???ллэтэн, аар айыл?а маанылаан айбыт кэрэ кыыс Амма?а бултуу бардым. Дьэримиэй ??рэ-к?т? к?р?стэ.
Дьэримиэй диэн саар-тэгил у?уохтаах, бэйэтин кыанар ки?и, и?иттэр истэ олоруох элбэх кэпсээннээх, устар ууну сомо?олуур, хомо?ой тыллаах эр бэрдэ. У?ун т??н? бы?а ата?ым кэпсээнин истэн Соморсу??а хоннум. Сарсыарда ты? хатыыта туран икки атынан айаннаатыбыт.
Амма Эбэ?э тиийбиппит – у?уоргу кытыыта ?сс? да?аны то?мокко с??р?г?рдэ турара. Ки?им с??рдэн кэллэ да, с??р?ктээх ууну ?рд?нэн ойутта, у?уор тиийэн т????лэригэр ата халтарыйан ууга бар гынна. Хата эр бэрдэ, кыанар ки?и буолан, атыттан арахсан муус ?рд?гэр ??к?р?йдэ. Уу чычаас буолан, муус анныгар барбатылар. Онтон мин аппын кэстэрэн туораттым.
Ки?ибэр: «Та?а?ы? сиигирдэ, онон т?нн??ххэ», – диибин.
Онуоха: «Булчут то?уохтаах-хатыахтаах, оччо?о эрэ булду бултуугун. Т??рэх ?ч?гэй, б?г?н бултуохпут», – диэн хардарда.
У?уор биэрэккэ уот оттон та?аспытын кыратык куурдубута буоллубут. Амма Эбэ?э т??эр Хаты? ?рэ?и ?р? тахсан бардыбыт. Са?а киис суола ааспытын к?р?н, ыппыт ол устун ойдо. Арай сотору хайа ?рд?гэр ?рэн баргыйда. Аттарбытын сиэтэн, хайаны ?р? с??рэн тахсыбыппыт: ыппыт саарба бэрийэр бэрдин улахан баай тииккэ та?аарбыт. Айыл?а мааныылаах кыыла барахсан мутуктан-мутукка ыста?алыы сылдьара. К?р??хтэн кэрэ бы?ыы-та?аа, т??-??, сытыы сирэй-харах. Баай Байанай биэрбитин бултаан баран, салгыы айаннаатыбыт.
Амма хайатын ?рд?нэн хаамтардыбыт. Дьэримиэй киис суолун ирдээн, миигиттэн арахсан, ту?унан барда. Салгына минньигэ?э, сибиэ?эйэ, ??нээйитэ, ото-ма?а кэрэтэ мин с?рэхпин с??йдэ. Айыл?а абыла?ар ылларан, бултуу сылдьарбын да умнан бардым.
Арай к?рб?т?м: аллараа хайа анныгар икки тайах турар. Аппыттан аргыый т??эн маска баайдым. Ыксаабакка холкутук кы?аан иккитэ ыттым да, та?ы-бы?а сыы?ан кэбистим. Кыылларым онуоха талах кэннигэр аргыыйдык киирэн хааллылар.
Мин тайахтарга чуга?аары, саабын ииттэ-ииттэ т?ргэн хаамыынан хайаттан т??эн истим. Тайахтар суохтар. Талахтан тахсалларын кэтиибин. ?йд??н к?рб?т?м, биир б?лк?й талах кэннигэр тураллар эбит. Маннык чуга?атыахтара диэбэтэх ки?и, со?уйан, саабын эмискэ ?р? к?т???рб?н кытта, тайахтар ыстанан кэбистилэр. Ма?найгы ойууларыгар куобахтаан бачыр?аттылар, и?эхтэрэ ыраахха тиийэ бырда?алаан олордо. У?а диэки ыстаммыты ытан саайдым. Онуоха эргиллэ т?стэ да, миэхэ утары с??рдэ. Мин тамайа сиэлэн эрэр иккис тайа?ы ыттым.
Ма?найгы, утары с??рэн кэлэн чугас, с??рбэччэ хаамыы сиргэ, хорус гынна. Долгуйан, ботуруоммун м?чч?-хаччы уган, кыылбын кы?ааппын кытта тайах кэннигэр ыппыт с??рэн кэллэ. Ыты дэ?нээтэххэ аана суох алдьархай, иитэ суох иэдээн буолар, онон ыппатым. Тайа?ым ыты к?р?н эргилиннэ да?аны, ?рэ?и туораан, ?р?йэни ?р? батан бара турда. Тайах кэнниттэн Дьэримиэй ытын кытта с??рэн бур?атта.
Мин ма?найгы ыппыт тайахпын суоллаабытым ырааппакка охтубут этэ. Тайах и?ин хостоон баран, хайа ?рд?гэр тахсан аппын ыллым. Битигирэтэн ки?ибэр тиийбитим, Дьэримиэй анараа тайа?ы охторон сытыарара. Ата?ым уоскуйан то?о хойутаабыппын туо?уласта, онуоха тайах астыы сылдьыбыппын кэпсээбиппэр со?уйда да, ??рдэ да.
Кыылбытын астаан баран ата?ым эттэ: «Бу си?инэн Эбэ?э бы?а т????ххэ». С??счэкэ хардыыны барарбытын кытта билигин эрэ ааспыт киис суолун к?рд?б?т. ?р буолбата, ыппыт ?рэн то?о барда. Тиийбиппит – кии?и сытар тиит к??д?й?гэр хаайбыт эбит. С?гэнэн хайа?ас о?орон кыылбытын ыллыбыт. Сотору хара?аран барда, онон ?рэххэ киирэн суол устун дьиэлээтибит.
Баай барыылаах Байанай наарын о?орон оннук к?нд?лээн со?утан да, ??рдэн да турардаах. А?ыйах да хонукка буоллар, кэрэ кыыс Амма Эбэ барахсан дуо?уйа сынньатан, астына бултатан турар. Кэлин Дьэримиэй дойдутугар, Хатарчыма ??тээнигэр бултаан турабын, ол ту?унан туспа кэпсээн.
Т?гэнэ?э
Би?иги биир саас Горнай улуу?ун Т?гэнэ ?рэ?эр Кыайыы к?н?ттэн Ньукуолу??а диэри кустаабыппыт. Баай Байанай мичик гынан, кус б???н? ?лг?мн?к бултаан, сарсыныгар айаннаары тото-хана а?аан баран, утуйаары сыттыбыт.
Ол сытан сылгы?ыт Бииктэртэн: «Дьэ бу олорор дьиэ? аартык айа?а эбит, айан суолунан т???л??х ки?и аа?ара буолуой. Туох эмэ ки?и ?й?гэр хаалар т?бэлтэ буолбута дуо?» – диэн ыйыппытым.
Бииктэр, улахан курбуу курдук у?ун хара бараан саа?ыран эрэр ки?и, оронуттан туран о?о?ун иннигэр тиийэн талах олоппоско олорон эрэ табах ууруммута уонна оргууй тарда-тарда кэпсээнин ыраа?ынан э?сэн са?алаабыта…
«Т?гэнэ Эбэ – мин би?икпин ыйаабыт т?р?т сирим. Бу Эбэ?э саас кус са?ата ки?ини утуппат буолара. Мин саас кус кэлиитэ, ити э?иги сыппыт к?л?ччэ?итигэр, ууну атах сыгынньах кэ?э сылдьан куска тиргэлиирим, к??нэххэ туу угарым. Дьэ, кырдьык, бу суолунан араас дьон аа?ар.
Биирдэ ?гэспинэн сылгыбын к?р? сырыттым. Мантан тэйиччи со?ус к??л ?рд?гэр быра?ыллыбыт ??тээн баар. Ол ??тээн та?ыгар чэйдээри тохтоотум. Арай До?ор диэн ытым ырдьыгыныы-ырдьыгыныы ??тээ??э ойон тиийдэ. Эргэ, быра?ыллыбыт ??тээн аана суох этэ. Ытым боруокка туран ?рэн то?о барда. Мин туох ааттаа?ы ?рдэ диэн со?уйдум. Дьиксинэн саабын бэлэм туттум уонна дьаархана-дьаархана аргыый ??тээни ???йд?м. Арай, до?оор, к?р? т?сп?т?м: кугас батта?а арбайан, сирэйин саба т?сп?т дьахтар умса туттан наара орон сы?а?атыттан тайанан олорор эбит. Т?б?м оройуттан ата?ым тилэ?эр диэри тымныы с??рээн дьырылаата. Куйахам ?м?р?тэ тутта, этэллэригэр дылы, батта?ым турда. К?рб?пп?н итэ?эйбэккэ таалан, мах бэрдэрэн турдум. Ма?най абаа?ы дии санаатым. К?н?стэри хайдах илэ барда?ай диэн дьиктиргээтим. Ити санааттан ты?аабыт ньиэрбэм уоскуйан, туос амабар т?ст?м. Со?уйбутум-?м?рб?т?м аа?ан, ?йд??н-дь??ллээн к?рб?т?м: нуучча дьахтара эрэйдээх умса туттан олорор эбит. У?уох-тирии буолуор диэри ырбыт, батта?а сирэйин саба т?сп?т, ыт да ?рэригэр кы?аммат турукка киирбит. Дьэ онтон, Саха сирин к??ллэрин ??рэтэр учуонай дьахтар муммут диэбиттэрин ?йд??т?м. Онон, дьахтарым сибиэн буолбата?ын сэрэйэн, уоскуйдум. Куттанан, саллан, дьахтарбын сэрэнэн таарыйдым. Ма?най миигин буспатах балык миинин курдук мээнэнэн к?рд?, онтон са?а у?уктубут ки?илии тобулу одуулаата. Ол кэннэ эмискэ ?йд?н?н сарылыы т??ээт, миигин кууста уонна кыра о?олуу ытаан то?о барда. Хам куу?ан олорон, ытыырын быы?ыгар ?р?т-?рд?гэр эттэ: «Муммутум ый а?аара буолла, б?г?н бэйэбэр санана олорбутум, эйигин миэхэ та?ара ыыппыт». Дьахтарым ытаан уоскуйбутун кэннэ аппар олордон, бэйэм сиэтэн, т?л?п??н быыскатыгар кэлэн, Бэрдьигэстээххэ эрийдибит.
Чаас а?аара буолбата, кинини к?рд?? сылдьар дьон б?рт?л??т?нэн кэлэн ылан барбыттара. Дьахтарым махтанан б???, т?л?п??н?н н??мэрин биэрбитэ да?аны, ?рэх ба?ыгар олорон, хантан эрийиэхпиний. Дьэ итинник, биирдэ муммут ки?ини быы?аан турардаахпын.
Иккис т?бэлтэ. Биирдэ к???н, Бокуруоп са?ана, ма?найгы хаар т????тэ, ?гэспинэн эмиэ сылгы к?рд?? сырыттым. Т?гэнэ ?рэх халдьаайытынан хаамтаран и?эн ытым ?рб?т?гэр к?рб?т?м: улахан у?уохтаах, сирэйэ бар т?? буолбут нуучча о?онньоро д?л?? ?рд?гэр акыллан олорор эбит. О?онньор кэпсииринэн, Дьокуускайтан Ма?аныга суол о?о?уутугар ?лэлиир кыыстаах к?т??т?гэр баран и?эн муммут. Мин эмиэ аппар олордон суолга киллэрдим. Ол са?ана урут манан ?ч?гэй кутуу суол суо?а, к???н-саас хаайтарыы б??? буолара. Дьиэбэр хонноро ы?ыра сатаабыппын, кэмчиэрийэн с?б?лэспэтэ. С?б?лэспэт ки?ини хайдах дьиэбэр к??сп?нэн со?уохпунуй, онон кыра ?тэлээхпин биэрдим, суолун ыйдым. Ки?им до?оло?нуу-до?оло?нуу суол устун бара турда. Хас да хонон баран ки?и с?ттэ диэн айдаан б??? буолбута. Милииссийэлэр хаста да?аны т?хт?р?йэн кэлэн миигиттэн ыйыппыттара. Дьэ итинник айманан кы?ыммыт ааспыта.
Биирдэ, саас хаардаахха, улахан массыыналаах эдэр нуучча уола кэллэ. Эдэр суоппар о?онньор к?т??тэ эбит. Миигиттэн о?онньор ту?унан ыйытта, мин барытын ыраас мууска тиэрэ ууран си?илии кэпсээтим. О?онньор к?т??тэ т??л т??ээбитин кэпсээтэ: «Т??ээтэхпинэ массыынабынан айаннаан и?эбин. Арай суол кытыытыттан хаар анныттан о?онньор туран кэллэ уонна манна баарбын диэтэ. Мин ол сири к?рд?? сылдьабын».
О?онньор «хаар анныттан турбут» сиригэр эргэ пилорама баара. Бу эргин сири билэр б??? буолла?ым. Уолу илдьэн ол сири к?рд?рд?м. Ки?им олус ??рдэ, оруобуна бу сири т??ээн к?рб?т?м диэтэ. Ол сир суолтан туора со?ус этэ. Кини илэ к?рб?т?х сирин хайдах т??ээбитэ буолла, дьэ дьикти. О?онньор к?т??тэ кэлин, хаар уулунна?ына, к?рд??х буолан барбыта».
Бииктэр икки муммут дьон ту?унан кэпсээнин итинник т?м?ктээбитэ. На?аа уутугар-хаарыгар киирэн кэпсээн, дуу?абыт кылын таарыйан, ороммутугар эргийэ-урбайа утуйбакка сыттыбыт. Миигин ордук иккис кэпсээнэ долгутта.
Сарсыарда эрдэ Бииктэр сылгытын а?ата барда. Би?иги чэй оргуйарын кэтэ?э сыттыбыт. ?йб?ттэн бэ?э?ээ Бииктэр кэпсээбит ата?а суох о?онньоро тахсан биэрбэт. Дьонум эмиэ ол о?онньору саныы сыталлар бы?ыылаах. Саныы сыппыт санаам ситимин бы?ан, эмискэ ааны то?суйан тобугураттылар. Би?иги бары о?онньору санаан сирдиргии т?ст?б?т. Мин дьээбэлэнэн: «Эдик, ааны ас эрэ, били до?оло? о?онньор кэллэ», – диэтим. Испэр Бииктэр дьээбэлэнэр дии саныыбын. Эдик ааны а?а баттаата уонна со?уйан ?р? ха?ыытыы т?стэ. К?рб?пп?т – бэ?э?ээ Бииктэр ойуулаабыт о?онньоро кэлэн турар: сирэйэ бар т??, а?аар ата?а до?оло?нуур. Бэ?э?ээ??и кэпсээн уххана аа?а илик буолан, би?иги бары тэ?инэн ха?ыытаспытынан оронтон ойон турдубут. Нууччабыт би?игиннээ?эр ордук куттанна, туох буолан ки?ини к?р??т ха?ыытастылар диэтэ?э. Онтон уоскуйан билбиппит, ?л??нэ ?р?с ба?ыттан устар аалынан кэлэн баран, Мииринэйгэ аа?ан и?эр ки?и эбит. Ыалдьыппытын тото а?атан, ?й??лээн, суолун ыйан атаардыбыт.
Бачча хаайтарыы кэмигэр хантан кэлэн, ханна барар ки?и буолуой? Дьикти ки?и кэлэн ааспыта. Айан суолун аарыгырар аартыктарынан хас дьон аа?арын тойон та?ара бэйэтэ эрэ билэн эрдэ?э.
Дьэ итинник, Т?гэнэ Эбэ?э ?лг?мн?к бултаан Бииктэр сэргэх кэпсээннэрин истэн турабыт. Кини кэпсээнин ?р кэм с???рд?н илдьэ сылдьан баран суруйарга холоннум.
К???нн?р
Сандал саас у?уннук к??ттэрэн тиийэн кэллэ. Саха дьоно булт ма?а?ыыныгар ууттан тахсар илим хото?о?унуу субурустулар. Саатар, к??х экра??а Сайа «Кэпсиэ» биэриитигэр сааскы булт ту?унан кэпсээн, дьону эбии к??ртээтэ. Ха?аайкалар харчыларын т??? да?аны хары?ыйдаллар, эр дьон ботуруон, та?ас-сап, ас-??л б??? ыллылар.
Мин биир ?т?? к?н «Бэргэн» ма?а?ыынтан, атаспыттан Сэргэйтэн, ботуруон атыыла?ан Горнайга бултуу барарга бэлэмнэнним.
Арай т??л т??ээн т??к?л?йд?м: бултуу сылдьабын, ньалыар уулаах хотоолго турабын. Ол турдахпына до?оор, эмискэ к??стээх кынат тыа?а ?р? ку?угураата. Халлаан диэки хантайан к?рб?т?м: алта-сэттэ к???н ?рд?к мэ?э халлаантан кынаттарын араастаан хамсата-хамсата, миигин к?рб?т?нэн т??эн и?эллэр эбит. Кынаттарын тыа?а с?рдээх, халлаан хайдар алдьархайа. Мин хамсаабакка сотом ортотунан ууга турабын, к?рб?тт?р дии саныыбын. Ыкса кэннибэр ууга т??эр тыастара ?р? барылаата. Мин саабын да устар кыа?ым суох, к?т?н хаалыахтара диэн куттанабын. Саабын с?кп?т?нэн кэннибинэн ыстанаат, кустар ?рд?лэригэр саба т?ст?м. Онуоха к??стээх кынаттарынан к?хс?б?н ла?ыйдылар. Кустарым ?рд?лэригэр сытан эрэ икки к???н моонньутун булгу эрийдим. Онтон ??рэн а?ай у?угуннум.