Читать книгу Саха фольклора (А. С. Тимофеева) онлайн бесплатно на Bookz (3-ая страница книги)
bannerbanner
Саха фольклора
Саха фольклора
Оценить:
Саха фольклора

5

Полная версия:

Саха фольклора

Окко киирэр алгыс

Эбэ хотун иччитэИлки-талкы эмээхсин,Улуу хотуур иччитэУлуу Уһаанньал оҕонньор,Аан дойду иччититтэнКөрдөһө киирэн,Аҕыс сүһүөхтээхЧокуур күөх оккуттан,Уолан тиийбэт уйгугуттан,Кэһэн тиийбэт кэскилгиттэнТииһэн аһыы түһээрибин,Хоройор муостаахпын,Уһун сиэллээхСыһыы муҥунан сылгыбынИитэр-харайар наадатыгарКиирэн турабын,Охсон киирэн бараарыКөрдөһө турабын.Аан дайды айылҕатыттанТииһинэн аһыы түһээрибин.Аан дойдум иччилэрэ,Аһааҥ, таҥныҥ!Ахтаах арыынанАһатан-сиэтэн,Уунан тиийбэт уйгугуттан,Бука диэҥҥин,Биэрээр диэммин көрдөһөбүн.Д.М. Семенов. 1946 с.[6, 26–27 с.]

Ыһыахха дойду иччитин алҕааһын

Сэттэ сиксиктээхСир ийэ иччитэ,Ситимэхтээх сэһэннээх,Сирэдэһиннээх тыллаахАйбыт Айыыһыппыт,Иэйбит Иэйэхсиппит,Сир ийэ иччитэ!Аспыт үрдүгэр,Айылгыбыт бастыҥарАхтан-санаанАһатан эрэбит,Аал уотунанАйахтаан аһатабыт.Көмүрүө чоҕунан остуоллаан,Күөх уотунан күөмэйдээнКүндүлүүбүт.Уруй, уруй, уруй!Айхал!Кэччэрийбэт кэскилбитинТэрийэргэр,Уларыйбат уйгубутунОлохтуургарУруй, уруй, уруй!Ыраах да буолларгын чугаһаа,Суох да буолларгын баар буол!Н.С. Семенова тылыттанПавлов суруйбут. 1945 с.[19, 3–4 с.]

Куоҕас суор икки

Бэрт былыр куоҕас суор курдук хап-хара эбитэ үһү. Куоҕастаах суор, атын көтөрдөр эриэннэригэр ымсыыран, бэйэ-бэйэлэрин өҥнөрүн кырааскалаан, ойуулаан биэрээри оҥостубуттар. Суор куоҕаһы араас дьэрэкээн ойуулаан, оһуордаан биэрбит. Куоҕас өрүскэ киирэн дьүһүнүн көрүнэн баран, суору ойуулуон баҕарбакка, ууга умсан хаалбыт. Суор албыннаппытын өйдөөн, куоҕас самыытын ыыра охсон кэбиспит. Онон суор уруккутун курдук харата харатынан хаалбыта, оттон куоҕас, эриэн түүлээх буолан баран, самыыта хаптаччы оһон, атаҕа тиэрэ буолбута үһү.

[13, 131 c.]

Кэҕэ уйа туттубат буолбута

Таҥара ыйааҕын быһыытынан, бу дойдуга көтөр кынаттаах Былаҕачыанньыйап иннинэ уйа туттуо, сымыыт баттыа суохтаах эбит.

Былыр кэҕэ уйа туттан, уон икки сымыыты сымыыттыыра уонна сайыны быһа ыллаан тахсара эбитэ үһү. Оччотооҕуга кини таҥара ыйааҕын кэһэ илик эбит.

Биир сыл кэҕэ наһаа эрдэ кэлбит. Харалдьык саҥардыы тахсан эрдэҕинэ уйа оҥостон, сымыыт баттаан сыттаҕына, Былаҕачыанньыйап таҥара кэлбит. Кэҕэ    сымыыттаабытын көрөн, тахсан халлааҥҥа улахан таҥараҕа тыллаабыт. Таҥаралар мунньахтаан уураах таһаарбыттар: «Бу Былаҕачыанньыйап диэн чыычаах уйа туттубат таҥарата буолуохтаах этэ. Бу таҥара кэлэр күнүгэр кэҕэ уйа туттан, сымыыт баттаан сыппыт. Ол буруйун иннигэр кини аны уйа диэни билбэтин, иккиэйэх эрэ сымыыты атын чыычаах уйатыгар сымыыттаан биэрэр буоллун, сааскы Ньукуолунтан Бөтүрүөпкэ эрэ диэри саҥарар буоллун, онтон атын кэмҥэ тыла кэтэҕинэн чороччу тартын».

Ол курдук ыксыыбын диэн кэҕэ уйатыттан, элбэх оҕотуттан маппыта үһү. Сылгы, ынах чыычааҕар сымыыттаан биэрэр буолбут. Бөтүрүөптэн ыла кэҕэ этэрэ уурайбыт.

[9, 71 c.]

Саһылы кытта сыаҥаан

Саһыл сыаҥаанныын ыаллаһа олорбуттар, биирдэрэ – тыаҕа, биирдэрэ – ууга.

Сыаҥаан:

– Мин саһылы кытта сырсыам,– диир.

Саһыл:

– Мин да сырсыам,– диир.

Кыыллар сууттара туран:

– Сырсыҥ ээ, – диир.

Дьэ сырсаллар, биирдэрэ – уунан, биирдэрэ – тыанан. Сүүрэн-сүүрэн, күөлү эргийэн иһэн, саһыл дьэ үөгүлүүр:

– Сыаҥаан, ханна бааргыный?

Иннигэр тумуһахха сыаҥаан:

– Ооп,– диир.

Саһыл эмиэ сүүрэр. Сүүрбэлээн иһэн эмиэ үөгүлүүр:

– Сыаҥаан, ханнаҕыный?

Иннигэр тумуһахха:

– Ооп, – диир.

Саһыл сылайан, тутайар ирээтэ буолар. Өлүмээри арыычча иһэн, олорон хорос гына түһэр.

– Сыаҥаан! – диир.

Эмиэ иннигэр тумуһахха:

– Ооп, – диир.

Онтон дьэ саһыл: «Сыаҥаан түөкүннүрэр», – диэн суукка үҥсэ барар. Бу үҥсүбүтүгэр, суут бил балыкка: «Дьоҥҥун мус!» – диир.

Бил ыҥырыытынан, тумулга сордоҥ хаар, сыаҥаан хаар, алыһардар эҥин мустубуттар. Сууттарыгар: «Дьэ мунньуһуннубут»,– дииллэр.

Саһылы көрбүттэрэ, эт да, сиин да суох, тутайан уҥуоҕу кытта тириитэ илбэспит (оччо буолуор диэри бэйэтэ да тоҕо сырсыбыта эбитэ буолла?).

Сууттара туран:

– Саһыл кырдьык этэрэ буолуо ээ? – диир, онтон: – Баччалаах балыктан биир эмэ билэрэ буолаарай? – диир.

Сордоҥ туран:

– Мин саҥарыахпын көҥүллээҥ,– диир.

– Чэ, саҥар, – диэн буолар.

– Сыаҥаан сырсыан иннинэ сыаҥааттары тумуһахха олордубута, ол гынан баран, бэйэтэ сыппыта.

– Оччоҕо сууттуохха, – дииллэр.

Бары сыаҥааны сууттуурга куоластыыллар. Дьэ таһыйан имитэллэр. Таһыйан имиппиттэригэр сыаҥаан кутуруга хаптаччы барар, баһын эрэ диэки этэ хаалар. Сыаҥаан:

– Кэнэҕэски үйэҕэ киһи-сүөһү үөскээтэҕинэ, миигиттэн сиир эти хантан да булуохтара суоҕа. Тугу аһыахтарай дьон, тугу туһаныахтарай?

Сууттара саҥарар-уураахтыыр:

– Сыаҥаан сөпкө этэр. Бил, эн эттээххин, эн быарыҥ эмиэ үчүгэй, сыа-арыы буолан тахсар, – диир суут.– Онон эн быаргын сыаҥааҥҥа биэриэх тустааххын, ол гынан баран, сыаҥаан быарын ылыахтааххын.

Суут эппитин кэннэ, олоруохтара дуо, атастаспыттар.

Дьэ онтон бэттэх сыаҥаан саллаҕар бастаммыт, улахан быардаммыт.

[9, 39–40 c.]

Саһыл бөрө дьукаахтаспыттара

Хаһан эрэ саһыллаах бөрө кыттыһан аһыыллар эбит. Кыһын аһыылларын сайын мунньаллар. Биир саас ыаҕас хайаҕы таптайан хаһааммыттар. Ол хаһааммыттарын «олох өлөөрү гыннахха сиэхпит» диэн ончу сиэбэттэр.

Саһыл туран биирдэ бөрөҕө:

– Бөрөкөөс, ээ бөрөкөөс! Хайахпытыттан киллэрэн сиэбэппит ээт, – диир.

Бөрө улаханнык:

– Оок, – диир. – Билиҥҥиттэн хайах сии олороору гынныҥ дуо? Бөҕү-саҕы сиэн олорон эрдэхпит дии.

Итинтэн саһыл турар-олорор, киирэр-тахсар. Эмиэ этэр:

– Оҕонньоор, мин ыалга бараары гынным эбээт.

– Ол хайа ыалга бараҕын? – диир бөрө.

– Ээ, ханна ыраатыамый? Хара Хааннаахха тахсаа инибин.

– Кэһиигин аҕалаар эрэ, – диир бөрө.

Саһыл сырбас гынан хаалар. Дьэ тахсар да оҥкучаҕар киирэр. Хаппаҕын саралаан хайаҕын дэлби сиир, минньигэһиргэтэн сии олорон, үрүт сигэтигэр тиийэ сиэн кэбиһэр.

– Тыый, бу баҕайы өлөрүөҕэ, ордук кыайдым дуу, – диир.

Муннугар-уоһугар, илиитигэр-атаҕар сыстыбыт хайаҕы ньиккэйэн-ньиккэйэн, куурусса сымыытын саҕа биир тооромос хайаҕы кэһиилэнэр. Оргууй аҕайдык ньылбыҥнаан киирэн кэлэр.

– ¤ы-һыы, номнуо кэллиҥ дуу? – диир бөрө.

– Ээ, кэлиминэ. Хайа үөдэҥҥэ барыахпыный?

– Хайа, ыалыҥ тугу гынан эрэллэр?

– Ээ, ыалбар үөрүү-көтүү бөҕө.

– Ол ким үөрбүт, туохтан?

– Улахан кийииттэрэ оҕоломмут, ол ородьуунатыгар сырыттым.

– Тугу аһаатыгыт онно?

– Хаҥас диэки хайах сиэтибит, уот кытыытыгар оһоҕос сиэтибит, суол ааныгар суорат сиэтибит, биллэриккэ миин испиттэр, уҥа диэки баар дьон улааны сиэбиттэр, сатанах төрдүгэр олорон саламаат сиэтилэр.

– Оо, тугун элбэҕэй? Хайа, оттон кэһиигин аҕаллыҥ дуу?

– Ээ, ол аахтахха элбэҕин иһин, бэрт дуона суох тиксэр. Бу быыкаайык хайах сыыһа аҕаллым, маны хабан көрөөхтөө! – кэһиитин дуомун ылан талыр гыннарар. Бөрө хап гыннаран кэбиһэр.

Үс-түөрт хонукка аччыктаан иэгэлдьиһэ-иэгэлдьиһэ олороллор. Аһаабыт-сиэбит киһи саһыл кэм сэниэлээх, туран уот оттор хайыыр. Биирдэстэрэ түүрүллэн, муннун кутуругун төрдүгэр анньыбытынан сытар. Саһыл эмиэ бөрөтүгэр этэр:

– Оҕонньоор, Хара Хааннаахха бара сылдьыбаккын ээ?

– Ээ, барбаппын. Хара Хаан ыта сиэн кэбиһээ ини миигин.

– Чэ, оччоҕо мин барарым дуу?

– Ээх, чэ бар. Кэһиигин аҕалаар, кэһиитэ суох кэлээйэҕин.

– Ээх сөп! – диир саһыл. Тахсар да сырбас гынан хаалар.

Баран эмиэ оҥкучаҕар киирэр, саар ыаҕаһын иһигэр дьылыс гына түһэр. Дьэ хайаҕын сиэн барар. Алын сигэтигэр диэри сиэн-сиэн кэбиһэр. Туолан, тотон баран, муннуттан-уоһуттан, илиититтэн-атаҕыттан кыһыйан-кыһыйан, биэстээх оҕо сутуругун саҕа хайаҕы мөкүнүтэн кэһиилэнэн кэлэр.

– Хайа, тукаам, тоҕо өр буоллуҥ? – диир бөрө.

– Малааһыҥҥа сырыттым.

– Ол туох малааһынай?

– Орто кийиит оҕоломмут.

– Кими төрөппүтүй?

– Уол үһү.

Сити курдук, кэпсэтэ-кэпсэтэ, эмиэ уон-сүүрбэ хонук устатыгар сылдьаллар.

Саһыл этэр:

– Бөрөкөллөй, туох эрэйин көрөбүт? Хайахпытын сиэххэ эрэ, —диир.

– Бэлиэр хайах сиэри гынныҥ дуо? Тохтуу түс.

Саһыл эмиэ киирдэ-таҕыста, ньылаҕалдьыйда, тэһийбэтэ:

– Оҕонньоор, – диир, – ыалбытыгар Хара Хааннаахха бара сылдьыбаккын дуу, тоҕо биирдэ даҕаны бара сылдьыбаккын?

– Ээй, хайа, мин бардахпына, «үрүҥ-хара түүлээхпитин үргүтэ кэллэ» диэн ыттарын барытын үрдэрээ ини.

– Чэ, оччоҕо эмиэ мин барыым, сөп дуу? – диир.

Саһыл тахсар да оҥкучаҕар көтөн түһэр. Хайаҕын барытын сиэн-сиэн кэбиһэр. Саар ыаҕас сиксигин эҥинин кыһыйан, буорга-сыыска бытарыйбытын хомуйан, торбос үтүлүк эрбэҕин саҕа тооромос хайаҕы хонноҕун анныгар кыбытан киллэрэр. Ити кэлбитигэр бөрөтө:

– Оо, өр да буоллуҥ, – диир.

– Бэстилиэннэй баалга түбэстим ээ дьэ, – диир.

Конец ознакомительного фрагмента.

Текст предоставлен ООО «Литрес».

Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на Литрес.

Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.

Вы ознакомились с фрагментом книги.

Для бесплатного чтения открыта только часть текста.

Приобретайте полный текст книги у нашего партнера:


Полная версия книги
bannerbanner