Читать книгу Саха фольклора (А. С. Тимофеева) онлайн бесплатно на Bookz (2-ая страница книги)
bannerbanner
Саха фольклора
Саха фольклора
Оценить:
Саха фольклора

5

Полная версия:

Саха фольклора

Көс ыта көҥөс.

Көхсүгэр оноҕостоох, муннугар сыттаах.

Кулгааҕа-хараҕа кэҥээбит киһи.

Кулгаах ырааҕы истэр, харах чугаһы көрөр.

Kумах мэйии, хоҥхо бас.

Куттас үйэтигэр сүүстэ өлөр.

Куһаҕан киһи кулгааҕа кутуругун төрдүгэр.

Куттамсахха турбут барыта тойон.

Куттас бэйэтин күлүгүттэн куттанар.

Кутуругун быһа кыбына сылдьар.

Күн киһитэ көмүскэс, Айыы киһитэ аһыныгас.

Күөх көппө, күөх сүрэх.

Күөх оту тосту үктээбэт киһи.

Күөххэ көппүт, бэлэмҥэ бэрт.

Кырдьан баран кылыыһыт буолбукка дылы.

Кэччэгэйтэн кэлтэгэй хамыйахтаах баһар.

Салаҥ киһиэхэ хара тыа маһа ытыыр.

Санаалаах татыма, өйдөөх мөлтөҕө.

Саһыл курдук ньылаҥнас, ыт курдук ырдырҕас.

Сатаабат сата баһын тардар, өйдөөбөт үөдэни хаһар.

Саха сахатынан кэрэ.

Сиик хоту сигилилээх, салгын хоту санаалаах.

Сиикэйи аһаабат, силгэни сиэбэт.

Сир быта киһи.

Сириксэн силлибиккэ түбэһэр.

Содур киһи сонумсах.

Сокуона сутуругар, ыйааҕа ытыһыгар.

Сонуну солбуйбут, саҥаны сахсыйбыт.

Сууллубут таҥас курдук киһи.

Сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх.

Сүүһүгэр түптүрдээх, хараҕар хаппардаах.

Сыа хаары быспат, уу долгуратын хамнаппат, күөх оту тосту үктээбэт киһи.

Сымыйанан эппэтэҕинэ, иһэ ыалдьар.

Сымыйаччы кэрэһиттээх, түөкүн хонуктаах.

Сытар ынаҕы туруорбат киһи.

Сыылла сылдьан сыарҕа быатын быhар.

Сэнээбиккиттэн сэттэҕин ылыаҥ.

Таас сүрэх.

Таас ытыс, хаппыт тарбах.

Талыы собо курдук дьон.

Тииһимэ тиҥэһэ, тыыныма тыһаҕас, болҕой борооску.

Тимир илии, кытаҕас ытыс.

Тимир тириитин кэппит.

Топпутун тобуга уйбат.

Туппутун ыһыктыбат, көрбүтүн чыпчылыйбат.

Түөкүн киһи үс күлүктээх.

Тыал хоту сылдьар киһи.

Тэбэр сүрэхтээх, тардар тымырдаах, оонньуур хааннаах киһи.

Уот курдук киһи.

Уохтаах буору сиэмэ сөбүлүүр, үтүө киһини дьон сөбүлүүр.

Устан барар уу киһитэ, ааһан барар айан киһитэ буолбатах.

«Уу» диэбитэ – хаар, «хаар» диэбитэ – уу.

Үрүҥү хара диир киһи.

Үс күлүктээх киһи.

Үс өргөстөөх, аҕыс кырыылаах киһи.

Үтүө ат биир кымньыылаах, үтүө киһи биир тыллаах.

Үтүө киһи үөлэһэ кыымнаах, өтөҕө төҥүргэстээх.

Үтүө киһи хараҕа үс.

Үчүгэй киһи суола сырдык, куһаҕан киһи суола хаpaҥa.

Үчүгэй майгыҥ – көтөр кынатыҥ.

Хаахыныыр мас охтон биэрбэт.

Хагдаҥ оттоох сиргэ олоруо суох күтүр.

Харыйаны таҥнары соспут курдук.

Хаһынара хараҕа, оҥосторо уоһа.

Ыал киллэрбэт, ыт үрбэт буолбут.

Эмэһэтигэр чох кыбыллыбыт.

Эриэн ыт элэгэ, күөт ыт күлүүтэ буолбут.

Тыл-өс

Ааттаспыт аалы көтөҕөр.

Ааттаһар да ахсааннаах, көрдөһөр да күттүөннээх.

Аҕыйах тыл минньигэс, элбэх тыл сымсах.

Аҕыйахта саҥарыаҥ – аҕыйахта сыыһыаҥ.

Алгыс баһа сыалаах, кырыыс баһа хааннаах.

Алгыска оннооҕор абааһы ахсыыр.

Аһаҕас айах, бэлэм бэлэс.

Атыттар алгыстарынан, чугастар тойуктарынан буолла.

Биир тыл минньигэс, биэс тыл сымсах.

Дьадаҥы киһи остуоруйаһыт буолар.

Иэгэйэр икки атахтаах бары тыллаах.

Кини айаҕыттан көмүс тохтуо суоҕа.

Киһи айаҕын саба туппаккын.

Киһи кэпсэтэн, сылгы кистэһэн, ынах маҥыраһан билсэр.

Киһи тыла дуҕаҕа баайыллыбыт чуораан буолбатах.

Киһи тыла иччилээх.

Киһи тыла – ох.

Киһи тыла сэттээх, киһи тыла сүлүһүннээх.

Киһи тыла уоттааҕар абытай.

Куһаҕан буолан баран, сымыйа буолбат.

Кырыыс баһа хааннаах, алгыс баһа арыылаах.

Кыһыл тыл – байҕалы оломнуур.

Кэриэс кэс тыл.

Кэскиллээх кэс тыл.

Лоп гынна да догобуор, эттиҥ да этириэс.

Мөлтөх киһи мөккүөнньүт буоларыгар дылы.

Олоҥхо төрдө – олоххо.

Омук тойуга, өһүк номоҕо буолбут.

Оруо маһы ортотунан тыллаах.

Ох-батыйа тыл.

Өс хоһооно – өбүгэ номоҕо.

Саҥа дорҕоонноох, өс хоһооно киэргэллээх.

Саҥарара саахардаах, кэпсииригэ кэмпиэттээх, үөрэтиигэ үрүмэлээх.

Саҥарыаҥ иннинэ санаан көр.

Саҥарыахтан салаҥ, кэпсиэхтэн кэрэгэй.

Саҥарыма – бит гын.

Сарсыарда – сахсаан, киэһэ кэпсээн буолбут.

Соҕотох тыл – сокуон, аҥаардас тыл – ачастаат, биир тыл – бирисээгэ.

Солуута суох саҥарааччы сонуна уу-хаар буолааччы.

Сыҥааҕыҥ сыаланнын, айаҕыҥ арыыланнын.

Тоҥтон толлубакка тосторунан туойар, ириэнэхтэн иҥнибэккэ илдьиритэ этэр.

Тыл дьыалаттан арахсыбат.

Тыл сүһүөҕэ суох.

Тыл тыалга быраҕыллыбат.

Тыл уҥуоҕа суох.

Тыл хаалыан кэриэтин тыһыынча бардын.

Тыллаах эппитин, кырыыстаах кыраабытын курдук.

Тылтан тыл тахсар, саҥаттан саҥа тахсар.

Тыҥатын күүгэнэ баранна.

Тыһы кылы тыыра этэр уус тыллаах киһи.

Устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах.

Уу тэстибэтинэн саҥарар киһи.

Үтүө ат кымньыыта биир, үтүө киһи тыла биир.

Үтүө оҕус биир дьүккүөрдээх, үтүө киһи биир тыллаах.

Үтүө тыл дьол буолар.

Үтүө тылтан ким да тахсыбат.

Үүннээх-ыҥыырдаах үтүө тыл.

Халлааны улаҕатынан дойҕохтоох, сири сиксигинэн сэһэннээх Сээркээн Сэһэн.

Хоммут уоһа хоҥунна, өрөөбүт уоһа өһүлүннэ.

Хоруо курдук этэр.

Хотон иччитигэр дылы хоһоонноох.

Ырыа курдук ыпсар, тойук курдук тупсар.

Элбэх сырыылаах атаҕа кирдээх, элбэх саҥалаах айаҕа кирдээх.

Эппит тыллааҕар эппэтэх тыл ордук.

Эр киһи тыла биир.

Этиллибит тыл иһиллибэт буолбат.

Этэр тыл эҕэлээх, саҥарар тыл салалталаах.

Олох-дьаһах, кэм-кэрдии

Аан дойду аппатын-томторун дэхсилиэҥ суоҕа.

Ааспыт төннүбэт.

Балык ыамнаах, киһи күннээх.

Барыам диэн маскын бараама.

Былыргыны былыт саппыт, ааспыты ардах сууйбут.

Дьадайан баран баайгын кэпсээмэ, кырдьан баран күүскүн кэпсээмэ.

Иннин тымтыктанан көрбүт суох.

Киһи аан дойдуга биирдэ төрүүр.

Киһи буолабын дуу, кии буолабын дуу?

Киһи үйэтэ аттаах киһи түннүгүнэн элэс гынан ааһарын курдук.

Кур бэйэм кубулуйумуна олоробун, эргэ бэйэм элэйиминэ олоробун.

Куһаҕаннаах үчүгэй куустуспутунан сылдьаллар.

Күн-дьыл атастаһар, олох уларыйар.

Күн-дьыл көмүстээҕэр күндү.

Күн-дьыл устар, олох кэминэн тупсар.

Күн-дьыл эҥин-эҥин.

Күҥҥэр күл, ыйгар ытаа.

Күөскүн эрдэттэн өрүнүмэ.

Күүттэххэ күн-дьыл уһунун.

Кырдьаҕастан алгыһын ыл.

Кырдьаҕастан ыйытыма, сылдьыбыттан ыйыт.

Кырдьаҕаһы матаҕаҕа хаалаан сылдьан сүбэлэт.

Кырдьар кырыыс муҥа, сорсуйар сор муҥа.

Мутугунан быраҕар муҥур үйэ.

Ойуоккалыы оонньуур оҕо сааспыт аастаҕа.

Oлоҕо олох буолбата.

Олох олоруу ыраас хонууну туорааһын буолбатах.

Олох – оҕо оонньуута буолбатах.

Онуоха диэри үрүҥ тураах хара, хара тураах үрүҥ буолуо.

Оһох кэннигэр сыппыт уот таһыгар кэлиэҕэ.

Өлүү өллөйдөөх, алдьархай абырахтаах, сут сулуулаах.

Өрүс долгуннаах, олох очурдаах.

Өтөх иинэ оспот.

Саллар сааһым, үллэр үйэм.

Силиһэ суох мас үүммэт.

Сүөһү биир түүтүнэн сылдьыбат, киһи биир олоҕунан олорбот.

Сүөһү – төрөөтөҕүнэ ас, өллөҕүнэ ас, киһи – төрөөтөҕүнэ ночоот, өллөҕүнэ ночоот.

Сыл диэн хонук.

Сыл-хонук барытын эмтиир.

Сыта-тура толкуйдаа.

Тиэтэйбит сыарҕа сыыр анныгар хаалар, тиэтэйбэтэх сыарҕа сыыр үрдүгэр тахсар.

Тиэтэйиэҥ да бытаарыаҥ.

Төрүү илик оҕоҕо биһик оҥостубукка дылы.

Туох барыта кэмнээх.

Туох да барыта туомнаах.

Туох даҕаны ортотунан тоҕоостоох.

Түөһэйэн, чөҥөчөгү үрбүт.

Тыыннаах дьон тэбэр сүрэхтээх, саныыр санаалаах буолаллар.

Улуу дойду оспуостаах, аан дойду аартыктаах, күөх далай оломноох, хара тыа ыллыктаах.

Үйэ уһун да, олох кылгас.

Үөһэттэн хаар бөҕө баттаан, анныбыттан ханным сааҕа аста: кырдьар кырыыс, сорсуйар сор.

Үрүҥ күн сырдыга баҕалаах.

Үс туман түһүөр диэри.

Үтүөттэн үтүгэн буора төрүүр.

Хойутаан баран хобо тиктибит диэбиккэ дылы.

Чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр.

Ый-күн алтыһыытын курдук, биирдэ эрэ көрсүһэн араҕыстахпыт.

Эдэр саас, күөгэйэр күн.

Эдэрбин диэн эрэнимэ, кырдьаҕаспын диэн түүнүмэ.

Эн өллөххүнэ, сир сиринэн, дойду дойдунан хаалыа.

Эргэ эстибит, саҥа сандаарбыт.

[11], [13, 123–127 с.]

Тыллаах буолар чабырҕах

Иирбэ-таарба эриллэҕэс,Истээн-тастаан бүгүллэҕэс,Тоҕус төгүл тоһуттаҕас,Токур-бокур олуллаҕасТыллаах буолар чабырҕах.Чабырҕахсыт тыла сымса,Чабырҕахсыт тыла сытыы,Чабырҕахсыт тыла ыраас,Чабырҕахсыт тыына уһунБуолуох тустаах, атастаар.[14, 35 с.]

Мэник уол туһунан чабырҕах

Oҕo киһиОнно-маннаОлой-чолойОонньоохолуурКилбиэн сандаарКүнэ киирэн,Киэһэ буолан,Кини киһиКүлүк сиргэКүлэр-салар,Көҥүл баранКөтөр, ойор,Көтүөккэлиир,Көрүлээхтиир,Сырбан татайСылдьар сиринСыттаах курдукСыымайдаахтыыр.«Сыыһар» диэниСытаан билбэт«Сытыы» уолбутСыһыгырыыСыспарыйар.Ханна киниХаадьах гынар —Хатан-чаҕаанХаһыы буолар.Оотой-тоотойОҕолоруОхсуталаанОрулатар,Ийэ этэр —Иннин ылбат,Аҕа буойар —Абыраабат.Дьүдьэх таҥас,Дьүһүн-бодо,Дьэбэ сирэй,Дьэллик киһиДьиэгэнийэр.[4, 26–27 с.]

Кыыс чабырҕаҕа

Ааман-ньааман,Архан гиэнэ,Хоптон гиэнэ,Хочору-бичэри,Көнтөс көҕөнө,Көдьүнү мaҕaнa,Эмэчэн-чэҥэчэн.Эптэл-тэптэлБытырыыстаах быалаах,Хаҥырастаах хамнатардаах,Олороро оһуордаах,Симэнэр симэхтээх,Таҥнар таҥастаах,Чaҕapдaax,Талбардаах талах олох мастаах,Xaҥырҕастаах хаппахчылаах,Сэттэ быт тириитэ бүрүөһүннээх,Ньыха ньыхаарыскай кыыс,Былыты быһа сүүрбүтБырдьа эриэн oҕycтaax,Халлааны хайа сүүрбүтХара caaдьаҕай ынахтаах,Сыҥ-сыҥ боросуунOҕонньор aҕaлaax,Күрбэй татайКүтүөттээхКүн хара кыыс буолабын!С.И. Боло суруйуутуттан[13, 269 c.]

Киһиргэс киһи

Тахсар сардаҥаныДоруобунан кыҥаабытДьорҕоот төрүттээх,Олох долгунугарОлорсон ыраатаргаОройдообут бэйэлээх;Аан дойдунуApҕapa анаараарыАчыкы харахтаммыт,Кый дойдунуКымаардары билээриКырдьык-хордьук хамсаммыт;Биллэрик оронтонБыкпатах эрээри,Билиилээххэ холунар,Дьону үтүктэн ойоҕостонДьоһуннана-дьоһуннанаДуона суохха чоргуйар;Кириитикпин дэнэнКирсэ быстыбыт,Ырыаһыппын диэнЫыс ыспараанньалаах,Хайҕал, аат-суол түүллээх,Ханнык эмэ кэмнээх;Тиритэн-тиритэнTиpэҕэ элэйэр,Тиэргэнин иһигэрTэллэҕэ тэлээрэрКиһиргэс, көтөр-түүКиһи баара үһү.[4, 25 c.]

Билбит-көрбүт

(Дьүлэй Бүөкээн чабырҕаҕыттан быһа тардыы)

Кынаттаах кырасыабайынКыталыктан ордукКырасыабай куоластаахКыылы көрбөтөҕүм.Хотоҕойдоох боһомотуттанКубаттан ордукКуорсуннаах толуутунЧопчу көрбөтөҕүм.Тыҥырахтаах кырдьаҕаһаБар дьаҕылтан ордукБаһаам улаханТыҥырахтаах көтөрүБыыһаан көрбөтөҕүм.Хабан ылар хаадыатХапсаҕай айахтаах,Туораабыты тоҕо тардарТорҕон бөрөттөн ордукДохсун ороскуоттаах кыылыДуол билбэппин.Ардай аһыылаахтан,Куһаҕан киҥнээхтэнХагдаҥ эһэттэн ордукХардааччы кыылы харахтаабатаҕым.Кынаттаах кытыгыраһаКырбыйтан ордукКытыгырас кыылыКыайан билбэтэҕим.Сиппитин сиир сигилилээх,Туппутун тоҥсуйар удьуордаах,МорускуойунанМохсоҕолтон ордукМодун кыылыБулан көрбөтөҕүм.Боһомо бултанУлуу буур тайахтан ордукБотуччу булдуБулан көрбөтөҕүм.Кынаттаах кыратыттанӨлөҥ хабдьытыттан ордукКыра көтөрүКыайан көрбөтөҕүм.Сынтарыйбат тумустаахтанКиргилтэн ордукСыппаабат тумустааҕыСытаан билбэппин.Сытыы тиистээхтэнКуобахтан ордукСыппаабат тиистээхСылайбат сыҥааҕыСыаналыы саныыбын.П.Д. Кузьмин суруйуутуттан. 1939 с. [4, 21 c.]

Дьиэ сүөһүтүн туһунан

Туйахайа,Тобукуйа,Бэрбээкэйэ,Сүһүөхэйэ,Сотокойо,Уллуката,Самыыкайа,Саарыкайа,Тоноҕоһо,Сиэликэйэ,Көҕүлүкэйэ,Кулгаахайа,Харахайа,Муннукайа,Тииһикэйэ,Тылыкайа,Куолайыга,Сүрэхэйэ,Сүлүүкэйэ,Ханныкайа,Быарыкайа,Бүөрүкэйэ,Кутуруга!Г.У. Эргис суруйуутуттан[4, 17 c.]

Сирдэр-дойдулар тустарынан

Былыргыга да,Билигин даМодун оҥоһуутунанМоскуобаттан ордукМуҥутуур куорат баарынӨйдүөн-дьүүллээнИстибэтэҕим.ДьулааннаахУһун хонуутаТупсубут,КэҥкэмэлээхКиэҥ хонуутаСиппитАлта үөстээхӨлүөнэ өрүстэнОрдукХотугу дойдугаУлуу үрэҕиӨйдүөн-дьүүллээнКөрбөтөҕүм.Кырылас кыдьымахтаах,Кыһыл кумах кытыылаах,Кылырыйар чысхааннаах,Кыыппах таас кыһарҕаннаах,Күөх тиит көмүөллээх,Сиик туман сипсиэрдээх,Өҥнөөх сарыы үктэллээх,Аарыгар халҕаһалаах,Аан туман аргыардаахХоту сир yhyгapАллантан ордукУлуу үрэҕиӨйдүөн-дьүүллээнКөрбөтөҕүм.Эскэх тыйЭҕии кутуругаЭҕэрдэстээх,Ороһу кулунУйуллаахКутуругаУруйдаах,ЧахчырҕалаахКулунСаппайдаахКутуругаДьаралыктаах,БаараҕайАтыыр оҕусЛиҥкинэччиМөҥүрүөбүт,Баараҕай атыырБарылаччыКистээбитТамалҕаннаахТалахтаахТаатта алаастанОрдук алааһыӨйдүөн-дьүүллээнКөрбөтөҕүм.Бороҕон улууһугарБүлтэччи көстүүтүнэнӨксөкү кыыл курдукУтарыта дьохсооттоһоОлорорИкки таҥара дьиэлээхМүрү эбэттэн ордукҮтүө сириӨйдүөн-дьүүллээнКөрбөтөҕүм.Мэҥэ улууһугарТөгүрүччү көстүүтүнэнТөҥүлүттэн ордук күөлүӨйдүөн-дьүүллээнКөрбөтөҕүм.Чараҥнаах сиртэн эрэҮс көс усталаахМэндэҥэ чараҥынКурдук чараҥыӨйдүөн-дьүүллээнКөрбөтөҕүм.Сыһыыттан эрэАмма умнаһыгар баарСаһыл СыһыыттанОрдук алааһыӨйдүөн-дьүүллээнКөрбөтөҕүм.Үрдүктэн эрэАҕыс биэрэстэ үрдүктээхДьааҥы хайатын курдукТаас хайа баарынӨйдүөн-дьүүллээнКөрбөтөҕүм.[1, 126–128 с.]

Чабырҕах

Этиһиик Элиэнэ,Этиһэр идэҕинЭмтэнэн кэбис,Эрэмньилээхтик үлэлээ,Эйэлээхтик олор.Хобуоччу Хобороос,Хобулуур идэҕин,Куһаҕан быһыыгынХолдьоҕон кэбис,Көхтөөхтүк үлэлээ,Көрсүөтүк сырыт.[14, 43 с.]

Былыргы чабырҕахтар

IЭтэҕэ-тэтэҕэ,Иэрэҥ-дьиэрэҥ,Холкуй-илкий,Кубулуҥ-дьибилиҥ,Бадыа-бүдүө,Балаҕан дархан,Оонньуур баҕана,Орулуур дохсун,Дарҕана кээдэн,Тардар сыарҕа,Чуо-чуо чолбон,Эрэгэйэ дьэргэн,Уодаҕана дорҕоон,Хоочугур-уучугур,Куобаҕым куттаҕа,Моҕотойум буута,Тииҥим тиҥилэҕэ,Көҕүллээҕим көхсө,Чымырын-маарын,Оллоон букуЛас-лас-лас.IIИэрэҥ-дьиэрэҥ,Элэкээт-тэлэкээт,Хаадьын-харгыа,Доҕуруй дохсун,Дорбоо удаҕан,Аххан наарай,Буурай-сиэрэй,Куллур-халлыр,Миэрэй-маарай,Микитэ-махата,Устунан-кэстинэнУранай-тэрэнэй,Сордоҥ ойуу,Сотото бэйбэс,Хатыы-ситии,Хараҕа эрилис,Хаххан сахсас,Эрэмээт-тэрэмээт,Элэгэй-нэлэс,Этэн-тыынанТыҥ-тыҥ-тыҥ.IIIКыптый буута,Кыталык түөһэ,Кыдама төрдө,Кылыйа сүүрүк,Кылар харах,Ыaҕac ымдаан,Чабычах алаадьы,Кытах хоргун,Кырбас этим,Тымтай балыгым,Кыпчыгыр ӨлөксөйКык-кыр түөрэх.[14, 42 с.]

Чабырҕах

(Биир тыынынан сылгыны хоһуйуу)

Тиис хамнатарДьэллик элэмэс,Уос хамнатарУһун улаан,Мурун хамнатарМускулла буулуур,Иэдэс хамнатарЭргиэлимэ элэмэс,Харах хамнатарХалыан хара,Kөҕүл хамнатарКөндөрү көгөччөр,Кэтэх хамнатарКэптэли кэрэ,Сиэл хамнатарСиксиллимэ сиэр,Apҕac хамнатарАдырыын apaҕac,Хаппар хамнатарХаамыылаах хара,Сүһүөх хамнатарСүрдээхэй сүүрүк,Туйах хамнатарТуллук тypaҕac,Бас хамнатарМаанылаах маҥан,Таныы хамнатарТалыы дьаҕыл,Уҥуох хамнатарУлуу дьоруо!Г.У. Эргис суруйуутуттан[13, 271 c.]

Урууга уот оттор алгыс

Алгыстаах аал уотумАналлаах иччитэ,Алаас сыһыыАҥаар быһаҕаһын курдукАраҥас маҥан дьаарбаҥнаах,Суоһана турарСуорба хайа быһаҕаһынкурдукСуостуганнаах суостаахСуо хаан оһох дукдалаах,Алталаах атыыр сылгыАлын чөмчөкөтүн курдукАла хааҥсаар хататтаах,Ханчааһын тый быарынкурдукХатан тэбиэр эстэриилээх,Хаардаах бугул саҕаХардаҥ от саҕалаах,Түүтэх от курдукТүү иһигэй кыалаах,Буруо уоллаах,Кыым кыыстаахКыырык төбө,Бырдьа бытык,Хатан суоһуйа,Хаан чаҕаан,Көмүс ураанньык,Күөнэ көҕөччөр,Алтан баһырҕасАан Уххан Тойон эһэм,Тулуу бараан тойоноТуора чанчыкТуораххай бахсы,Иэримэ дьиэ иччитэЭрбэгэй баттахИэрэгэй бахсы,Хотон уорук иччитэХолбуу баттахХотой бахсы,Тиэргэн иччитэТэриир баттахТиэрэгэй бахсы,Туспа үрэхТуҥуй ыччатаТус бэйэбитигэрТуһааннаах кэргэнБуола кэллэ,Атын алаасАла ыччат оҕотоАнал бэйэбитигэрАналлаах оҕоБуола кэллэ,Тас өттүбүтүттэнТаас уллуҥах киирдэ диэҥҥитТаһарахсытаСаныыр буолаайаҕыт,Туора өттүбүтүттэнТуос уллуҥах киирдэ диэҥҥитТуоххаһыйа саныыр буолаайаҕыт.Саха киһиСалаллар саргытынан,Урааҥхай сахаУтумнаһар оҥоруутунанАлтан сэргэни анньа,Аал уоту айгыһыннара,Алаһа дьиэни ахталыта,Үрүҥ дьиэни үрэччилии,Хара дьиэни хараччылыы,Иэримэ дьиэни иччилии,Улаан түптэни олохсута,Сатыы бүкээҕи саайа,Тоҕой сэлэни тиирэ,Таалай тиэргэни тарҕата,Төлкөлөөх түһүлгэни төрүттүү,Алгыстаах араҕас чэчири анньаАттанан кэлбитАлгыстаах күнэ буолла.Күн Эбэлэрим,Күүккэйэ көрүмэҥ дээ!Айыы Эдьиийдэрим,Атыҥырыы санаамаҥ дээ!Дьонноһо кэлбит оҕоҕутунДьоллоох хонноххутугарХорҕотуҥ,Кэргэннэһэ кэлбит киһигитинКэскиллээх киэлигитигэрКиллэриҥ.Абааһы аймаҕа айарАлбастаах суолун аҕалымаҥ,Көстүбэт улууһа көбүтэрКөргүн суолун көрдөрүмэҥ,Аан дойдуАлбастаах санаалааҕынанАтаҕастатымаҥ,Күн сиринКөлдьүн сүрэхтээҕинэнКүөмчүлэтимэҥ,Аймах чаҕал буола кэлбитАча ыччат оҕоҕутунАһаныылаах оҕо гынанОлохтотон иитиҥ,Дьонноһо кэлбитДьуондьаҕай ыччаккытынДьоһуннаах оҕо гынанДьоллоохтук оҕолооҥ,Атаархаспат ааккытыгарАлгыстаах аһатыы,Күнүүлэспэт күндү.Уруй-айхал!Уруй-айхал!Уруй-айхал!П.И. Сергеев тылыттан Л.У. Сергеев суруйбут. 1915 с.[17, 3–8 с.]

Кыыс сүктэн барарыгар аҕатын алгыһа

Бүгүҥҥү үс өргөстөөх үрүҥ күнүмҮүнэн, үөскээн тахсан турдаҕына,Дьоллоох олоххутун томторго туойарҮтүө күнүм буолла!Соргулаах олоххутунАйхаллыыр кэмим буолла!Аал уоту оттор, алтан сэргэни анньарАлаһа дьиэни айгыһыннарар кэмҥитигэрУҥа диэки хонноххут анныгарТоҕус ордоо дугуйУолаттарда уктунаарыҥ!Хаҥас диэки хонноххут анныгарСэттэ кындыа кылысКыргыттарда кыбынаарыҥ!Түөрт саханы төлкөлөөбүт,Үс саханы үөскэппитҮрүҥ Айыы Тойон оҕонньорҮөр хабдьы курдук үрүҥ туҥуй тыынынанКүрүөлүү түһэрэн олортун!Аттаах үтэтэ, сатыы тайаҕа буолаарыҥ!Ааспыты аһатаарыҥ,Тоҥмуту ириэрээриҥ!Тутайбыты салҕаарыҥ,Доҕолоҥ сүһүөҕүн уута буолаарыҥ![17, 9–10 с.]

Дьиэ тусаһатын алгыһа

Аал уотум тэрилэ,Киирэр дьиэм тэрилэ,Абыраллаах Айыы Тойонаҕам анаабыта,Ньирэйгин ньиккирэт,балчыргын барҕат,Үрүөлээххин үөрдээ,көҕөннөөххүн көччүт,Хаһалааххын харыһый,Холоҥсолоох хотонум тэрилэ,Дьаардаах тиэргэним тэрилэ,Абыраллаах Айыы Тойон аҕамАнаабытынан оҥоһуннум.Айбыт Айыыһытым,Ииппит Иэйэхситим,Абыраа! Былаҕайга былдьатыма,Дэлэгэйгэ диэлитимэ,Суон сүлдьүгэскин төлөрүтүмэ,Халыҥ халҕаҥҥын халбарытыма.Ииппит Иэйэхситтэрим,Айбыт Айыыһыттарым,Ойуулаах от-мас иччитэ,Үүт таас бэйэлээх,Үүт күөл олохтоохҮрүҥ Айыы Тойон аҕамылгын уола,Тоҕус сылы мэлдьисидьиҥ-босхоҥБуолан сыппытКүөрэ Дабаан Дархан,Кыыра Бырдьа,Маҥкы Батас,Кындыс Кымньыы,Хахай Саҥыйах,Бэдэр Бэргэһэ,Байба Дьилбэх,Аал уот эһэм!Орто дайдыга тоҕус тордуулаахСырайдаах курдук үөрдэриччилэриттэнКөмүскүү, аһына тур.Адьарайтан аһын,Былаҕайга былдьатыма,дэлэгэйгэ диэлитимэ.Үйэлээх сааһым тухарыбаай байаммын,Тот тотоммун, сүөһү ииттэммин,Оҕо төрөтөммүн, киһиолоҕун олороммун,Олордорбун диэммин оҥоһуннум.Айыы Тойон аҕам, сырдыктыыҥҥын түһэр —Мин дьиэм тусаһатыгар![6, 11–13 с.]

Сэргэ алгыһа

Тоҕус уостаахАар баҕах сэргэм иччитэ,Үс булас, булас быһаҕаһаХатыҥ мас торуоскалаахСэргэ иччитэМотой Тойон эһэм оҕонньор,Эйигиттэн көрдөһөрүм да күннээх,Ааттаһарым да ахсааннаах!Быстан-быстан была буолбут,Тохтон-тохтон тобох буолбут,Баранан-баранан барахсанбуолбут,Кэҥсиги кэтэспит,Муҥсукка моҥолдьуйбут,Туох сахтан туорхаһыйан сылдьарТокур уҥуохтаах туун тулаайахбэйэмТүөрт сүһүөхпүнэн сүгүрэйдэнэнКөрдөһөр кэм-кэрдиим,Бото-болдьоҕум буолла.Үөһээ дайдыга үс хаттыгастаахҮөлэт маҥан халлаанҮрүт кырыытыгарҮөскээн-төрүөн олорорҮүс тыһа үргүлдьүлээх,Үкэр куйаас тыыннаах,Үрүҥ туорум былыт олбохтоох,……………………………...........Быттыккар быркылатан,Хойоҥноох хонноххорхорҕотон,Көмнөхтөөх баай харыйа саҕаКөй чаҕылҕан тыыммытынБэйэҕэр эрчийэн,Орто мыраан дайдыгаОһол өлүү улааттаҕына,Харкырыыр хабдьы саҕаАйыы сириэһининэн урсуннаан,Кэлбиттэри кэбэлитэҥҥин,Күтүрдэри күрэтэҥҥин,Дьоллоох тиэргэммитигэртохтотума,Киэргэллээх тиэргэммитигэркиллэримэ!Г.М. Васильев суруйуутуттан. 1944 с.[6, 14–16 с.]

Тиэргэн алгыһа

(Тиэргэн ортотугар уот оттуллар,кытыйаҕа суорат кутуллар уонна тула ыһыллар.)Үрүҥ тунах, үрүҥ тунах, үрүҥ тунах,Ас үрдэ, ас үрдэ, ас үрдэ!Үрүҥ тунах, үрүҥ тунах, үрүҥ тунах!Илгэ-быйаҥ эҥээрдээхЭдьэн Иэйэхсит эбэбит,Эн ааккын ааттаанИһэгэй тиэргэн эрэмэҕин иннигэрКөрдөһөр күммүт буолла!Ыыраахтааҕы ыырыма,Тумустааҕы туурума,Суон сүлдьүгэскин төлөрүтүмэ,Халыҥ халҕаҥҥын халбарытыма,Көмүс уйаҕын көлбөҕүрдүмэ,Томторуктааххын туоратыма,Мүһэлээххин мүччүрүтүмэ,Суҥнаах ытыстан,Соргулаах иэдэстэн,Төлкөлөөх түөрэхтэн,Төлөккөй төрүөхтэн!Уруй, үрүҥ илгэ!Уруй, үрүҥ илгэ!Уруй, үрүҥ илгэ!А.А. Акимова тылыттанП.Т. Степанов суруйбут. 1945 с.[6, 17–18 с.]

Аан дойду иччитин алгыһа

Аҕыс иилээх-саҕалаах,Атааннаах-мөҥүөннээхАйгыр-силикАан Ийэ дойдум,Тоҕус иилээх-саҕалаахТорҕо томоон дойдум,Локуора от үктэллээх,Алтан от дьайыҥнаах,Аҕыс салаалаахАча күөх от таманнаахИринньэхпин ииппит эбэм,Истэн туолаһыйа турМин этэр тылбын.Балчыр бэйэм барҕарбытымАлтан-таман хонуугар,Араҕас арыыгарТаалалаан үөскээбитим,Үрдүк үтүө хонуугарҮүт үрүмэ үрдүгэрҮҥкүрүйэн үөскээбитим.Сыалыһар быара буоланСыламньыйан кулу,Үс киис тириитэ буоланМөлбөйөн кулу.Иэримэ дьиэниТэринээри саныыбын.Аан дойдубар:Дойдум иччитэ,Үстэ иэнигий!Тойон сэргэниТутаары оҥостобун,Алтан сэргэниАнньаары оҥостобун.Аан дойдум иччитэ,Алҕастыы санаама,Аныгытын даҕаныАтааргыыр буолаайаҕын.Көрдөһөр күлтүөннээх,Ааттаһар ахсааннаах,Хоолдьуктаах бэйэмХоҥкуйан туран,Сөһүргэстээх бэйэмСүгүрүйэн туран,Өттүктээх бэйэмҮҥэ-сүктэ турабын.Сыта-тура сыаналаа,Олоро-тура толкуйдаа.Кэлин өттүбэр кэбирэ суох,Илин өттүбэр ибирэ суох.Аан дойдум иччитэБэдэр саҥыйахНэлэмэн хотун эдьиийим,Көмүстээх нуолур отҮктэллээх,Күөх от олбохтоох,Сэбирдэхтээх от дэйбиирдээхНэлэмэн хотун эдьиийим,Албаннаах бэйэмАаттаһа турабын,Көнтөрүк бэйэмКөрдөһө турабын.Сиэл баайабын,Дэлбиргэ ыйыыбын,Ахтаах арыынанАйах тутан эрэбин,Үрүҥ толоҕунанКүөмэй көтөҕөн эрэбин.Көрдөһөр күлтүөннээх,Ааттаһар ахсааннаах.Эбэлэрим иччилэрэ,Бука барыгыт,Бүрү-бүттүүнДэри-дэхсиБэттэх буолуҥ!Улаан убаһам уйгутунан,Кытыт сылгым кымыһынанАйах тутанАаттаһар күнүм буолла,Чороон айаҕыТосхойор күнүм буолла.Биир тылбын биһирээҥ,Икки тылбын иһиллээҥ,Үс тылбын өйдөөҥ.Бука барыгытыгарҮҥэ-сүктэСүгүрүйэр күнүм буолла.Арҕааттан кэлэрАлдьархайдаах санаалаахАбааһы улууһугарАлтан сүрдьүгэскитинАраарар буолаайаҕыт,Үөһэттэн түһэрҮлүгэрдээх улууһугарҮс үрүҥ көмүс сүрдьүгэскитинТөлөрүтэр буолаайаҕыт.Ымсыыран-ымсыыран,Баҕаран-баҕаранКөрдөһө турабын.Бука барыгыт —Ойуулаах отум иччитэ,Дьарҕаалаах маһым иччитэ,Атаххытыгар аҕысБокулуону уураммынАаттаһа турабын.Тобуккутугар тоҕусБокулуону уураммынҮҥэ-сүктэ турабынАаттаан тураммын.Ааттаһар ахсааннаах,Көрдөһөр күлтүөннээх.Иитэр сүөһүбүнКүрүөлээрэй диэммин,Төрөтөр оҕобунУйалаарай диэмминЭбэлэрим иччилэриттэнКөрдөһө-ааттаһа турабын.Эриэн ытЭлэгэ гынымаҥ,Күөт ытКүлүүтэ гынымаҥ,Тэҥнээхпэр сэтэлэтимэҥ,Сүбэ-соргу айахтааҥ,Дьолло-соргута тосхойуҥ,Аал уотунан айахтаныҥ,Күн уотунан күөмэйдэниҥ,Бука барыгыт мунньаҕынанБары аһаабыт-сиэбитбуоллаххытына,Түөрэх быраҕан көрүөм…Алтаннаах сүрэхпинАрҕаспар ууруҥ,Төптөөх сүрэхпинТүөспэр олордуҥ.Уруй-уруй,Бүрү-бүттүүнДэри-дэхсиАһаан-сиэн тарҕаһыҥ!И.А. Шадрин тылыттанФ.Ф. Попов суруйбут. 1937 с.[6, 19–25 с.]

Булт алгыһа

Аал уот иччитэ, аһаа-сиэ!Тыа иччитэ Байанай, аһаа!Байанай иччитэБаттах сарын,Барыылаах баатыр,Байам-сайам тутуу,Кыа хаан үктэллээх,Көп сөгөлөөн түүлээх олохтоохКурадай Бэргэн Кураҕаччы Сүүрүк,Тыа иччитэ сэттэ ини-бии дьон,Эһигиттэн дьол-саргыКөрдөһөн эрэбин.Элиэҕэ эргитэн, тоҥууга торутан,Хаҥылгын сымнатан,Тартыккын чычааһырдан,Хара тыам иччитэ, харайаҥҥын,Күөх тыа иччитэ, күөйэҥҥин,Хорой кыыл хонуктааҥҥын,Үөҥэс кыыл үтэлээҥҥин,Өргөстөөх үтүө буургунанүөрдэҥҥин,Тоҕус ойдох туоллан буурунантосхойоҥҥун,Ардай аһыылааҕыҥХардааччытынан айаҥҥын,Күөх тииҥҥинэн күөтүлээҥҥин,Кыһыл саһылынанкымньыылааҥҥын,Буурай кэрэмэһинэнмоонньохтооҥҥун,Хара саһылынан хардыылааҥҥынСырытыннаран аҕал![2, 14–15 с.]

Балыксыт алгыһа

Унаар-тунаар хочолоохКиэҥ мичээр эбэккэм,Балыксыт оҕонньорСарт тымтайын сыыһынСахсаччы сүгэн туранКөрдөһөбүн эйигиттэн.Күндү күлүм уулаахКүөх далайым иччитэДьэбэрэ тэллэх,Бырыы сыттык,Көппөх суорҕан,Туона баайТойон оҕонньор,Тоҕус уон чороох туубарЛоһуор собо барахсаныТолору уган кулу даа!Сэттэ уон тэрээх илиммэрТэрэкэнэ быччыыккынТиһэ баттаан кулу ини!Киэҥ мичээр эбэккэм,Ииттэххинэ эн иитиэҥ!Күөх далай иччитэ,Аһаттаххына эн аһатыаҥ!Көрдөһөбүн![2, 16–17 с.]Уот алгыһаАар холумтан иччитэ,Күл тэллэх,Көмөр суорҕан,Бырдьа бытык,Кыырыл төбө,Көмүс ураанньыкНохсол Тойон эһэм,Дьыыйалаах быттыккар,Дьоллоох хонноххор хорҕот!Тымныы тыыннааҕыХатан хараҕыҥ уотунанТаһырдьа дьалкыт!Итии тыыннааххынИһирдьэ охсун![6, 42 с.]
bannerbanner