скачать книгу бесплатно
Ааптар
Бастакы чаа?а
Мас ат
Каунас ар?аа сайдыылаах дойдулары кытары ыксала?а сытар Литва биир улахан куората. ???э халлаа??а харбаспыт очуостар ??рбэлэригэр майгынныыр килэйбит-халайбыт дьиэлэр быыстарынан, сыыйыта тардан кэбиспит курдук ыраас уулуссаларынан, араас дьэрэкээн ??н?р?нэн оонньуу, быыстала суох массыыналар элэгэлдьи?эллэр. Уулусса икки ?тт?нэн аата-ахсаана биллибэт ?г?с дьон хал?а?алыы анньан аалы?на?аллар. Улахан куорат биир кэм ?р? ньиргийэн олорор.
Ньукуус алта уонун аастар да бэйэтин саа?ыгар сэнэх к?р??нээх. Дэлэ?э да бачча ыраах дойдунан тэлэ?ийиэ дуо. Улахан уола Дь?г??ссэ, министиэристибэ салайааччыта, а?атыгар «алта уон биэс сааскын туоларгынан» диэн путевка булан биэрбитэ. Онон, дьэ, т?р??б?т т?р?т нэ?илиэгиттэн Хайахсытыттан тэйэн, бу кый ыраах, ха?ан да харахтаабатах дойдутугар туристическай б?л??? кытары ?ктэннэ?э.
Хаты? чара?ынан симэммит алаастардаах Чурапчы чуумпу нэ?илиэгиттэн кэлбит ки?иэхэ, аарыма куорат биир к?р?с куугунуур тыа?а, ??р?йэ?э суох кырдьа?ас ки?и т?б?т?н куу-хаа гыныах курдук.
Хата, б?г?н куорат та?ыгар бэрт чуумпу, а?а?ас халлаан аннынаа?ы музей-паарка?а оптуобу?унан экскурсия?а илтилэр. Биир хоройбут курбуу курдук у?ун уолчаан нууччалыы олутта?астык Литва норуотун историятын кэпсии, к?рд?р? истэ. Онтон Ньукуу?у кытары кэлбит хас да саха дьонун диэки бэрт исти?ник к?р?н ылаат: «Э?иэхэ, саха дьонугар, биир улахан сюрпризтаахпын», – диэт, биир кэ?эс ыраа?ыйа?а сирдээн илтэ. Арай Ньукуустаах иннилэригэр к?п-к??х сибэккилээх ыраа?ыйа?а саха бала?ана, аана аhыллан, турар эбит. Ону к?р?н, со?уйбут туристарга хайы?ан, уол:
– А?а Дойдуну к?м?ск??р улуу сэрии сылларыгар литовецтары, Рокшинскай, Каунасскай уонна да элбэх оройуоннартан депортациялаан, ыраах хоту балык булдугар к?ск? ыыппыттара. Онно кинилэри ?л?йэр ?л??ттэн саха дьоно, бала?ан туттарга ??рэтэн, к?м?л???н быы?аабыттар. Ол махталын бэлиэтин, дьон-сэргэ к?рд?н-и?иттин диэн, бу ?йд?б?ннь?к памятнигы туппуттара», – диэн кылгастык кэпсээтэ.
Ити тыллар Ньукуус дуу?атын ула?атыгар ырыых-ыраах б?гэн кистэммит баа?ын саралыы тардарга дылы гыммыттара, с?рэ?э ?р? м???л гына т?сп?тэ. Хайдах эрэ д?й??рэн хаалбыта, хара?а хара?арталаабыта. Ону к?р?н экскурсовод уол ыксаабыт сирэйдээх-харахтаах:
– Что с вами, дедушка? – диэт, ?й??н илдьэн, ыскамыайка?а олорто. – Успокойся, дедушка, подыши свежим воздухом.
Ити тыллар ханна эрэ ыраах и?иллэр курдуктар. Ньукуус сал?алас илиитинэн сиэбиттэн таба?ын та?ааран уматтан, омуннаахтык э?ирийбэхтээтэ. «Тыый, бу бачча ыраах омук сиригэр кэлэн баран, бэйи кэбис», – диэн, бэйэтин уоскутуна сатаата. ?й?-санаата сыыйа дьэ?кэрэн, чочумча бала?аны одуулаан олордо…
– Саха бала?ана, бу тыhыынчанан к??? у?уордаан то?о манна кэлэн со?уоран тура?ын? Туох кистэлэ?э эн н?hэр к?р???эр саhарый? Эбэтэр эн, оччотоо?у сэрии ыар сылларын, уонунан тыhыынча туох да буруйа суох дьон, хоту дойду муустаах, буур?алаах киэ? уора?айын тымныы тыынын э?ирийэн, ыар-чымаан дьыл?аланан, хоргуйан, ?л?йэн, ?h?н эрэр санааларын, сап ута?а буолан, т?р??б?т т??лбэлэригэр т?нн?бэттии т??нэри т?лк?л?н?н, оол дойду ирбэт, муус кудулу бай?алын то? буоругар, ?йэ-саас тухары кистэммит литовец, финн уонна саха дьонун кырамталарын туоhута буолан, оччотоо?у сыыhа ылыныллыбыт к?л?мэх дьаhаллар, норуокка т?hэрбит хара мэ?нэрин ыар илдьитэ буолан тура?ын дуу? – диэн уо?ун и?игэр ботугураабыта.
Онтон оргууй бала?аны сыныйан к?рд?: бадарааннаах то? кырыс т??р?ллэн ылан, оччотоо?у курдук тымныыттан харыстыыр сыбах оннугар сабыта ууруллубут. Бу эрэйдээхтэр, бачча ?л?гэр сылаас, ??, к?п-к??х дойдуттан туох ааттаах улахан буруйун-сэмэтин о?орон, ол тус хоту кыраман ыраах дойдуга умса анньылыннахтарай?
Ньукуус таба?ын умулуннаран, аа-дьуо туран, бала?ан диэки хардыылаата, а?а?ас аанынан и?ирдьэ тимир буочука а?аарынан о?о?уллубут о?ох, ыйанан турар илимнэр к???нн?лэр. Тыый, олох ?кч? о?орбуттар. Арай бала?ан боруогун атыллаан и?эн, биир к?рэ?сийбит баттахтаах, санньыарбыт сирэйдээх кини бараллаата эмээхсин ботугуруу-ботугуруу илиитигэр тугу эрэ имэрийэ турарын хара?ын кырыытынан к?р?н а?арда. Тыый, ити ханна эрэ к?рб?т ата дии, мас ат оонньуур. Та?ыттан киирбит саа?ырбыт ки?и кини тутан турар о?о?угун одуула?арыттан дьиктиргээн, эмээхсин т?б?т?н ?р? к?т?хт?. Ньукуус онно эрэ наадыйбакка ат ата?ын одуулаата. Инники ха?ас ата?а этэ. Били кини убайа С??дэр сэриигэ барыан а?ай иннинэ о?орон, быраатыгар Туллукка бэлэхтээбит ата. Ньукуус бу аты исти?ник тутан турар ки?и кимий диэбиттии ?р? к?р?н та?аарда. Ха?ан эрэ к?рб?т харахтара кинини исти?ник мичээрдии к?р?лл?р. Онтон олутта?астык, ха?аа??ы эрэ финнэр дуу, литовецтар дуу са?аларын санатан, сахалыы: «Ньикуус… Бу эн дуо? Ньикуус, билбэти? дуу? Бу мин, Далябын…»
Ньукуус хара?ар Сталин мэтириэтин анныгар сурук суруйа олорор быраата Туллук, кырачаан сэрбэллибит балта К?ннэй, та?ынаа?ы литовец ыалларын чачархай баттахтаах кыысчаана Даля к?ст?н аастылар.
Ити со?уччу буолбут к?рс???? кэнниттэн Ньукуус санаторийга кэлэн киэ?ээ??и аhылыгын а?аан баран, уута кэлэн биэрбэккэ, ?р утуйбакка эрэйдэммитэ. Ол о?о ту?уй саа?ыгар к?рс?б?т амырыын сыллара, кэм-кэрдии чэрдиппэт, ааспат, арахпат дьар?а баастара кини эмэ?ирбит с?рэ?ин бобута туппахтыыллара…
Атаарыы
Хаар ууллан, сир ийэ к??т??лээх к??х кырыс ньээкэ ото бытыгырыырын кэтэспиттии, сааскы киэ?э нусхайа и?ийбит. Алаас илин ба?ыгар дьиэлэр к?ст?лл?р. Бу Чурапчы оройуонун со?уруу ?тт?гэр Мэ?эни кытары ыксала?а сытар Хайахсыт нэ?илиэгин «Т?мс??», «Буденнай», «Крупская», «Пушкин» уонна «Социализм суола» холкуостар т??лбэлээн олорор сирдэрэ. О?охтор ??лэстэриттэн к??х буруо оргууй ???э сыыйыллар. То?о эрэ тиэргэ??э о?о-уруу са?ата ча?аарыйбат, сандал саа?ы уруйдуур к??рэгэй тойуга дьурулаабат. Туох эрэ к?ст?бэт ыарахан тыын б?р??кээн, Хайахсыт ?рд?нэн сабардаабыкка дылы. Ол саас ньиэмэс халабырдьыттара Сэбиэскэй Сойууска т??к?нн?? саба т?сп?ттэрин биир сыла туолара чуга?аан турара.
Ньукуус дьоно, «Т?мс??» диэн холкуоска холбо?он, Майыы Арыылаа?ар олороллоро. Оччолорго Ньукуус уон ?стээх-т??ртээх, чороччу улаатан эрэр уол этэ. Быраата Туллук оскуола?а киириэхтээ?э. Балта К?ннэй ?стээ?э-т??ртээ?э, эдьиийэ Аанчык оскуоланы туйгуннук б?тэрэн, ол сайын ??рэххэ туттарса куораттыахтаа?а. Убайа С??дэр, с??рбэтин ааспыт эр бэрдэ, сааскы т?б?ктээх ?лэ кэннинээ?и киэ?элэргэ сытыы саха бы?а?ынан мончуук т?б?т?н кы?ара. С??дэр кэргэнэ номо?он, кэрэ сэбэрэлээх К??рэгэй о?о к??тэрэ, ол да буоллар хотуна ?р??нэлиин холкуоска ыанньыксыттыыра. А?ата Ба?ылай, биэс уонун ааспыт а?амсыйа барбыт ки?и, о?ох кытыытыгар табахтыы олорон, уола сатабыллаахтык туттарын сэмээр к?р?н олороро. Э?этэ Л?г?нт?й кэтэ?эриин оро??о ыраа?ы тугу эрэ толкуйдуурдуу мунчаарбыт сирэйдээх кэтэх тардыстан сытара. Ийэтэ ?р??нэ К?ннэй этэрбэ?ин уллу?ун абырахтыыра. Бары са?ата суох, арбы-сарбы буолбут к?р??нээхтэрэ. Арай с?п-с?п К?ннэйдээх Туллук ону-маны ыйытала?ан ча?аарыhаллара:
– Убаай, убаай, бу о?орон испит ат оонньуургун ситэр эрэ, Ньукуус эйигин сотору ыраах ханна эрэ барар диэбитэ дии.
Туллук долбууртан ат оонньуурун ылан, С??дэргэ а?алан уунна.
– Ок, бырааппар ситэрэн б??? буолла?а дии, Хата, Туллук, мэ, бу мончууктары илдьэн итиннэ о?ох кэннигэр та?ан, саа?ылыы уурталаан кэбис, э?э? Л?г?нт?й кэлин ситэриэ?э.
Инньэ диэт, аты ылан, кы?ан кылба?натан барда. Ньукуус бырааттаах балтын кытары, о?ох уотугар килбэ?ниир сытыы бы?ычча, хаты? мастан элийитэ бы?ар биититтэн оонньуур мас ат ?сс? тупса?ай к?р??нэнэн чочулларын астына к?р?н турдулар. Туллук, ордук улахан дуо?уйууну ылан, астына кэтэстэ. С??дэр о?о?угун б?тэрэн, кыра мааны быраатын с????ттэн с?р сымна?астык сыллаан ылаат :
– Туллук, мин барбытым кэннэ бу аккынан дьо??ор отто-маста тиэйсэн к?м?л????р эрэ, до?оор, – дии-дии, аты кэтэ?эн ч?р?лл?н турар быраатыгар Туллукка туттарда.
– С?п, с?п. – Туллук ??р??т?ттэн ?р?тэ ыста?алаан ылла. – Мин бу атынан Ыстаалы??а ыалдыттыы ойутуом.
Дьиэлээхтэр С??дэр, к??стээх ?лэ быы?ыгар ха?ан быыс булан, итиччэ сиэдэрэй ат оонньууру о?орбутун с???, хайгыы к?рд?лэр.
Халлаан киэ?эрэн, хара?ара бы?ыытыйда. Ар?аа кытара киирэн эрэр к?н ???х кы?ыл кылдьыытын кырыйа ???ээнэн ??р туруйа турууктуу дайан эрэрин к?р?н, Ньукуус С??дэрдээ?и та?ырда ы?ырда. С??дэрдээх К??рэгэй тахсан, дьиэ ?ктэлигэр куусту?ан туран, са?ата суох туруйалары одууластылар. Ньукуус:
– Барахсаттар, ыраахтан ыран-быстан, хантан эрэ и?ээхтээтилэр? Дьо?куудай эбэ?э т??эн, сынньанан аа?аллара буолуо, намтаан эрэллэр.
– Араа?а ар?ааттан тэргэн сэрии д?рб??н?ттэн, уот кутаа суо?уттан к?рэнэн, дойдуларын ахтыл?анын туойа турууктаан эргилиннэхтэрэ, – К??рэгэй оргууй ботугураата. Чочумча са?ата суох, борук-сорукка далбаата?ар ??р туруйалары харахтарын далыттан с?т??р диэри одуулаан турдулар. Аанчык тахсан, дьонун киэ?ээ??и чэйгэ ы?ырда. Бары дьиэ?э киирэн, миэстэлэрин булуталаан, ибири-сибири чэйдээтилэр, онтон оннуларын булунан, утуйардыы о?о?уннулар. Арай ийэлэрэ ?р??нэ эдэр кийиитин К??рэгэйи кытары кыра?ыын лаампа уотугар С??дэр сарсы??ы айаныгар ?й?? бэлэмнээн та?а?ын-сабын бэрийдилэр. Сотору б?тэн, кыра?ыын уота умуллан, дьиэ и?игэр т?лэй т??н б?р??кээбитэ.
Быыс кэннигэр К??рэгэй С??дэрин, оо, ха?ан да ыыппатарбын диэбиттии, ыксары куу?ан сытар.
– С??дэр, би?иги хайдах буолабыт? Л?г?нт?й быйыл сайын ?сс? улахан кураан сатыылыа диир. Эн сарсын аармыйа?а бара?ын, сэгэриэм, туох-туох буолар, – оргууй хара?ын уута халыйан кэлбитин С??дэр сэрэнэн сото-сото:
– К??рэгэй, до?оччуок, дойдубун, дьоммун к?м?ск??р ытык иэ?им буолла?а дии. К?р??р, сотору эргиллэн кэлиэ?им, дьоллоохтук олоруохпут, о?о б???т?н т?р?т??хп?т. Би?иги да алааспытыгар ?? дьыллар кэлиэхтэрэ, – С??дэр К??рэгэйин с?р сымна?астык куу?ан, уураан ылла. К??рэгэй арыый уоскуйа бы?ыытыйан, сэгэрин кулгаа?ар сыста т??эн:
– До?оор, ыл, бигээн к?р эрэ, эн уураабыккар хайдах эрэ бэрт дьиктитик м?хс?н ылла, а?атын са?атын истээхтиир бы?ыылаах, – диэн сипсийдэ. Онуоха С??дэр к??стээх ?лэттэн чэрдийбит модьу ыты?ынан К??рэгэйин и?ин оргууй имэрийэн к?рд?, онтон исти?ник мичээрдээт:
– Тыый, хамсыыр дии. К??рэгэй, олох харыстана сырыт, то?оойоххунуй-хатаайаххыный. Этэ??э буолар ини.
– Сэгэриэм, эн эрэ этэ??э буол, сура?а олус с?рдээх, суостаах сэрии дииллэр дии. Би?иги, манна тыылга хаалар дьон, этэ??э буолуохпут…
Тапталлаахтар т?лэй бараан, арахсар б?тэ?ик хараастыылаах т??ннэрин аймаабакка, харыстаан, кэлэри, кэрэни эрэ ыралана, хойукка диэри ботур-ботур кэпсэтэ сыппыттара.
Оттон Туллук С??дэр бэлэхтээбит атын бобо куу?ан сытан, тугу эрэ, о?о саас дьоллоох т?гэннэрин т??л?гэр к?р?н, минньигэстик мичээрдээн, са?а та?ааран к?лэн ылан баран, салгыы утуйан, муннун тыа?а буккураабытынан барбыта.
Ыам ыйын 15 к?нэ ??мм?тэ. ???э к?н уотуттан кубарыйбыт былаахтаах холкуос кэнсилээрийэтин дьиэтин иннигэр дьон-сэргэ атаарыы миитинигэр мустубуттара. Б?г?н Хайахсыт нэ?илиэгин то?ус чулуу ыччаттара иккис хомуурга бэбиэскэ тутан, ар?аа фро??а аттанаары, ботуо?каларын с?гэн, стройдаан тураллар. Бары ли?кинэ?эн, талбыт курдук к??гэйэр к?ннэригэр сылдьар туруу эр бэртэрэ. Кинилэр дьиппиэрбит сирэйдэригэр булгуруйбат кытаанах санаа к?ст?р?. Нэ?илиэк олохтоохторо саха дьонун сиэринэн ыччаттарын харыстаан, а?ара аймаммакка, кыана туттан турбуттара. Оройуонтан тахсыбыт байыаннай та?астаах ки?и уонна нэ?илиэк бэрэссэдээтэлэ Уйбаан Б?т?р??б?с мустан турар дьо??о сэрии ты?аа?ыннаах сводкатыттан и?итиннэрии о?ордулар. Онтон байыаннай та?астаах ки?и эмискэ: «Равняйс! Смирно!» – диэн хамаандалаан сатарытта уонна полевой суумкатыттан испии?эги та?ааран, биир-биир ааттаталаан субурутта:
– Илларионов Николай!
– Баарбын!
– Марков Илья!
– Баарбын!
– Софронов Дмитрий!
– Баарбын!
– Решетников Егор!
– Баарбын!
– Кондратьев Николай!
– Баарбын!
– Прокопьев Федот!
– Баарбын!
– Барашков Василий!
– Баарбын!
– Протодьяконов Федор!
– Баарбын!
– Флегонтов Игнат!
– Баарбын!
Итини барытын чуумпуран истэн турбут ийэлэр, эдэр кыргыттар, о?олор долгуйан суугуна?а т?ст?лэр. Байыаннай та?астаах киhи:
– Аттаргытыгар! – диэн хамаанда биэрээтин кытары атаарааччылар, то?о сууллан, уолаттар диэки былдьастылар.
Ньукуустаах Туллук С??дэргэ с??рэн тиийдилэр. С??- дэр Ньукуус илиитин эрчимнээхтик ыга тутаат:
– Ньукуус, быраатым эрэ буолларгын, са?аскын олох харыстаан, к?р?-истэ сылдьаар, – диэт, Туллугу, Ньукуу?у т?б?л?р?ттэн имэрийтэлээн ылаттаабыта.
?р??нэ уолун оргууй н?р?чч? тардан с??h?ттэн с?р сахалыы сыллаан ылан баран, ытамньыйарын кыатана сатаата. С??дэр К??рэгэйин, аргыый кууhан ылан, иэдэ?иттэн сыллаата. К??рэгэй о?о к??тэ сылдьар буолан, уйар?аабытын кыатаммакка са?а та?ааран ытаан, хара?ын уута сарт т?стэ. Ба?ылай уолун кэтит дара?ар санныттан куу?ан ылла, Л?г?нт?й кырдьа?ас сиэнин с????ттэн сыллаат: «Саалаахтан самныма, охтоохтон охтума», – диэн алгыы хаалла. Ити атаарыы аймал?анын бы?а баттаан, байыаннай та?астаах ки?и ч?лл?рк?й куола?ынан ?сс? ордук саталаахтык:
– Аттаргытыга-ар! – диэн ха?ыытаан бытарытта.
– С??дээр! С??дэриэм! – К??рэгэй бу тапталлаах кэргэнин, сэгэрин сэрии уот-кутаа толоонугар, ба?ар, б?тэ?иктээхтик атааран эрэрин аччыгыйкаан к??т??лээх ки?ичээниниин курдаттыы сэрэйэн, с?рэхтэрэ толугуруу м?хп?тэ. Аанчыктаах ?р??нэ хараа?ынналлар да туттунан, кийииттэрин уоскута сатаабыттара. Ити аймал?антан уйу?уйбут аттар кистээн дьири?итэллэрэ, ки?и этин саа?ын атытан, дьон-сэргэ уйул?атын ордук долгуппута. Сэриигэ барааччылар аттарын миинитэлии охсон, уунан туолбут харахтарын кистии туттан, тус ар?аа сиэллэрэ турбуттара. Аттар туйахтарын анныттан тура? буор ?р? к?дээрийэн, ???э халлаа??а харбаспыта. Хаалааччылар бу ыарахан к?ннэргэ баар суох эрэнэр, инники к????э сылдьар ыччат дьоннорун сайы?а, аймана, Дьо?куудай арыы тыа кэтэ?эр киирэн с?т??хтэригэр диэри далбаатыы турбуттара.
Сэрии, оо, аан дойдуну атыйахтаах уулуу ?лт? ытыйбыт уода?ыннаах, хара кырыыстаах сэрии, бу саха чулуу ыччаттарын уот-кутаа холоруккар ?лт? ытыйан, т???л?р?н-т???л?р?н т?р??б?т т?р?т т??лбэлэригэр т?н?ннэрэри? буолла…
Уот
Бэс ыйын са?ата ??мм?тэ. Олох бэйэтин хаамыытынан сал?анан, устан испитэ. Кураан дьыл сатыылаан, сотору-сотору улахан уот турара. Инньэ гынан холкуостаахтар кыанар ?тт?лэрэ уонна улахан о?олор ойуурга тахсан уоту умуруорууга сыралара-сылбалара баранара. Киэ?э хойут дэлби та?астара хоруо, к?л буолан, таныылара, бэлэстэрэ уот а?ыйан т?нн?лл?р?. К?н ыыс-быдаан буруо быы?ынан кып-кы?ыл т?г?р?к тэриэлкэ курдук буолан к?ст?р?.
Биир оннук к?н Ньукуустаах хас да буолан Улахан ?т?х си?игэр турбут уоту умуруорар сорудахтаах айаннарыгар туруннулар. К?н?ск? омур?ан са?ана ыыс-быдаан буруо, уот суо?а к??к?йэн онто да суох куйаас к?н? ?сс? ититэн, суостаахтык куугунуу, та?ыргыы к?р?стэ. Уот, кы?ыл мо?ой ??н курдук, тииттэргэ ?р? эриллэ?нээн, хара хоруо?а кубулутан, чачыгырыы к?лэргэ-??рэргэ дылыта. Ньукуустаах уоту к??йэ, а?ыйах мастаах сирдэри талан, ханааба ха?ан, титириктэри охтортоон, тиритэ-хорута сырыттылар. Yлэлэрин ?гэнигэр аралдыйан, халлаан тыалырбытын ?йд??б?кк? хааллылар. Уот, ?лг?м а?ылыктаах сис тыатын быы?ыы сатыыр дьо??о уордайбыттыы, умайа сылдьар мас лабааларынан кыыдамнаан, халлаа??а ?р? куугунуу к??дэпчилэнэр итии суо?а Ньукуустаа?ы сабыта биэртэлээтэ.
Ба?ылай онно эрэ ?й ыла охсон, «барыа?ы?, куоту?» диэн ха?ыытаан эрдэ?инэ, с??нэ мас т?б?т? уот т??тэх курдук ку?уурбутунан Ньукуус аттыгар кэлэн т?стэ. Уот итии т?л?н?, ы?ылла т?сп?т кы?ыл кыымнара уол сирэйин салаамахтаан ылбыттара. Бары уоттан куотан, иннилэрин хоту т???нэн кэбиспиттэрэ. Оттон уот ???ээнэн мастан маска ыста?алаан, кинилэри икки ?тт?лэриттэн к??йэрдии, а?ы?астаах к?т?р кыыл курдук эккирэтэн, биир кэм к??дэпчилэнэн, ?р? у?ууран бу ситэн кэлбитэ.
«Тыый! Уокка тыыннаахтыы былдьанар буоллубут буолбаат!» диэн санаа барыларын ??йэ-хаайа туппута. Иэдээн! Уот иннилэрин к??йэ, бы?а т?сп?тэ. Ньукуус ыыс быдаан буруо быы?ыгар инники с??рэн и?эн, ыксалыгар к?рб?кк?, силистэн и?нэн умса баран, сирэйинэн тымныы ууга бар гына т?сп?тэ. Онтон ?йд?н?н, буруоттан чачайан с?т?лл?-с?т?лл?, дьонун ы?ыртаан ха?ыытаабыта. Дьоно б?т??хтэ?эн, буруолуу сылдьар та?астаах сырсан кэлээттэрин кытта:
– Ууга! Ууга киири?! Сыта охсу?! – диэн ха?ыытаталаан, сорохторун, уолуйан иннилэрин хоту уокка с??рэн эрдэхтэринэ ууга т??нэри тардыталаабыта. Оттон уот тилэх батта?ан, ойуур кыра ыраа?ыйатын сэтиэнэ?эр кэлэн буорах курдук к?л?м гынан, к?хс?лэрин салаамахтаталаабыта. Дьон, т?б?л?р?н хам туттан баран, тымныы ууга умса т?сп?ттэрэ. «Булдун» м?чч? тутан абарбыт уот мо?ой, ?рд?лэринэн балайда умайа сылдьар мас лабааларын тамнааттаан, ?р? куугунаан, улуйбахтыырга дылы гынан, ыыс быдаан буруо, к?л-хоруо олбохтонон, салгыы бара турбута. Ньукуустаах уот суо?а аа?аатын кытары, тобуктарыгар диэри ууга олоро биэрэн, тыын ылан, с?т?лл?н б?т??хтэспиттэрэ, умайан буруолуу сылдьар к?хс?лэрин уунан сабыта ы?ыспыттара. Бу кинилэр дьоллоругар ?р?? тыыннарын ?лл?йд??б?т, ойуур хотоолугар уолбакка ордон хаалбыт, бала?ан оннун са?а маар уутугар махтана санаатылар. Оттон м?чч? туттаран, бэйэлэрин былдьыы сыспыт уот, а?ы?астаах кыыллыы кытыастан, алаас сыырын та?нары салаан киирэн, уу кытыытынаа?ы халы? хому?у к??дэпчилэтэн, ???э халлаа??а ?р? у?уурар ынырык к?ст??тэ барыларын уйул?аларын хамсаппыта.
Дьо?куудай эбэ
Ба?аардар кэлин син хаптайыталаан, сотору окко киирии са?аламмыта. Дьо?куудай эбэ ?рд?нэн уот куйаас сатыылаабыта. Бугуллаах окко хап-хара гына а?ы?алар саба т?hэн олороллоро. Ки?и ходу?а?а киирэн хаамта?ына, икки ?тт? ?п-?ллэ?нэс а?ы?а. Хор, онноо?ор а?ы?а т?ст?н диэн алаастар са?аларынан ха?ыллыбыт миэтэрэнэн дири?нээх у?ун ханаабаларга толору симиллэн, бараныахтаа?ар ?сс? сытайан элбиир курдуктара. Туох баар сэрбэйэри барытын тимир тиистэринэн тугу да ордорбокко тиниктээбиттэрэ. Алаастан алааска хара былыт буолан, сырдьыгыныы к?т?лл?р?. Аны онно эбиискэ буолан, кугас дь???ннээх т??лээх ??н, тииттэр мутукчаларын сиэн, к??х ойуур эмиэ дьулаан к?р??нэммитэ. Бу сир-ийэ ?рд?нэн сатыылаабыт ыар к?ннэр кытаанах санааны, тулууру, олоххо дьулууру эрэйэллэрэ. Оттон Чурапчы дьоно-сэргэтэ ити иэдээни туоруурга, кыанардыын-кыамматтыын бары к????н т?мэн, эрдээхтик охсу?ара.
Дьо?куудай алаа?ын уолан эрэр уутун кытыытын отун а?ы?аттан былдьа?ан, окко эрдэлээн киирбиттэрэ. Оттоон да диэн, курааннаабыт алаас уолбатын отун ба?а-ата?а биллэрэ. Л?г?нт?й, Баhылай, Ньукуус уонна хас да отчут, от харбааччы Аанчык уонна Даайыс оллоонноругар омур?анныы тахсыбыттара. К?л?ккэ с?р??кээри, кэмчи ?тэлэрин тэлгэтэн, чэйдии олорунан кэбистилэр. Л?г?нт?й кырдьа?ас, итии чэйин ыйырбахтыы олорон:
– Бу маннык кураан т??рт уон сыллаа?ыта т?hэн турар, к?р, онно син быстан хаалбакка ?р?h?мм?пп?т ээ. Оччолорго ?лэни кыайар дьон баар б??? буолла?а дии, хата, бу билигин, ити аат сэриитэ буолан, т???? к???э суох хаалан, бу саба б?р??кээбит сара?ын ??нэ саранча а?ылыга буолаары гынныбыт дии.
Баhылай сылбархай чэйин сыпсырыйан ылаат:
– Уот сут, уот кураан диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ. Аны баhаар б??? турар, барыта наар аанньа бараары гынныбыт. Бу кы?ын Ала?арга дьон сутаан, хоргуйан ?лб?ттэригэр, куораттан хамыы?ыйа тахса сылдыбыт сурахтаа?а.
– Бурдук лимиитин а?ара аччаппыттара, арыый эбэллэрэ буоллар итинник иэдээн тахсыа суох этэ буолла?а дии, – диэн, Аанчык ол сордоохтору а?ынан тыл кыбытта.
– Дьэ, туох-туох буолан и?эр, бу барыта сэрии сэтэ-сэлээнэ буолла?а буолуо, – диэн бы?аарда Л?г?нт?й кырдьа?ас.
Ньукуус харытынан тириппит с????н сотто-сотто:
– Сут буолла да наар кураан, от мас барыта кэхтэр. Оо, ?ч?гэй а?айдык эти?нээх ардах да т?спэт ээ, уонча хонуктаах, оччо?о барыта орун-оннугар т?h?? этэ. От, бурдук да ??н?? этэ, дьон да хоргуйуо суо?а этэ. Саатар ити кэлэн т????х, бу кэлэн т????х буолан, эти?нээн ли?игирээн баран ?рэллэн, симэлийэн хаалар ээ, тыал т??эн, уоту эрэ к??дь?тэн биэрэр. Кы?ыыта диэн онно баар.
Л?г?нт?й сиэнин диэки к?р?н ылла, к?хс?н этитэн баран:
– Ааспыт ?йэ алта уонус сылларыгар «халы? хаар», онтон «муус мотуок» дьылларын кэнниттэн, то?ус сыллаах иэдээннээх «кучу сут» буолан турар. Ол то?ус сыллаах кучу сут б?тэ?ик сылыгар мин т?р??б?т?м ???. Онон кырдьа?астар о?о эрдэхпинэ, Куччугуй кучу диэн таптаан ааттыыллара. Онтон ыла сэттэ уонча хаарбын уулларан кэллэ?им.
Эдэрдэр Л?г?нт?й кэпсээнин сэргээн ону-маны ыйытала?ан эрдэхтэринэ, уот сиэн хараарбыт куула тыатыттан аттаах киhи кинилэр диэки хаамтаран иhэрэ к???ннэ. Баhылай таба?ын умуруоран баран:
– Бай, бачча ?лэ ?гэнигэр киммит атынан кэрийэ сырытта?ай?
– Хонуу биригэдьиирэ Миитэрээс дии, – диэн кыра?ы харахтаах Ньукуус бы?аара о?уста.
– Туохха истэ?эй? – диэн, дьиктиргээбит сирэйдээх кэтэ?эн олордулар.
Аттаах киhи сотору хаамтаран битигирэтэн кэлэн, атыттан т??эн, ??н?н к?р?? то?о?отугар иилэ бырахта. Тымныы уу к?рд??н ылан ыйырбахтаат:
– Табаарыстар, ?й??н Нам оройуонун Арбын сиригэр, Нуотара ?рэ?эр оттуу киирэр ???г?т. Уон икки киhиттэн биригээдэ тэриллэр ?h?. Онон Баhылай салайааччынан, Ньукулай, Л?г?нт?й, Ньукуус, Аанчык, Даайа, ?лэни кыайар дьон тахсан тэринниннэр, тэйиччи сир диэн Уйбаан Б?т?р??б?с дьа?ал ыытта. Манна Сиидэркэ кырдьа?ас биригээдэтэ тахсан ситэри оттуур ???, – диэн илдьитин биир тыынынан то?о тэбээн кэбистэ уонна, сорукпун толордум диэбиттии атын миинэн, салгыы битигирэтэ турбута.
Онон Ньукуустаах омур?ан кэнниттэн отторун т???н ч?к?т?н баран, отууларыгар тахсан хомунан, хотуурдарын, атырдьахтарын с?гэн дьиэлэригэр бардылар.
Дэриэбинэ и?игэр ыт охсор ки?и суох. Билигин кыралыын-улаханныын бары от, хонуу ?лэтигэр т?б?г?рэ сырыттахтара. Арай хонтуора а?а?ас аанынан и?ирдьэ с?п-с?п суот тыа?а та?ыргыыра, кумаа?ы хачыгырыыра и?иллэр. Хонтуора и?игэр холкуос бэрэссэдээтэлэ Уйбаан Б?т?р??б?с уонна суотчут эрэ бааллара. Сотору та?ырдьа ат туйа?ын тыа?а и?иллибитэ, чочумча буолан баран наары?ынай киирэн дорооболо?он баран, оройуонтан а?албыт бакыатын ууммута. Уйбаан Б?т?р??б?с ылан, сэрэнэн со?ус туттан, сургуустаах бакыаты хачыгыратан а?ан, аа?а олорон:
– Бурдук лимиитин улаатыннарар туhунан сурукпутугар эмиэ аккаас кэлбит, – диэтэ.
– Ол туох диэн?
– Уобалас ?рд?нэн сэрии ыарахан балаhыанньатыгар оло?уран, бурдук саппааhа а?ыйаабытынан.
– Дьэ, буолар да эбит. – Бары ах баран сирэй-сирэйдэрин к?рс?н кэбистилэр. – Сэрии, билигин ханна барытыгар ыарахан, тулуйарбытыгар эрэ тиийэбит.
– Хайдах эмит тулуспут ки?и, дьон-сэргэ аччыктаан эрэр, – диэн Уйбаан Б?т?р??б?с, санаа?а ылларан олорон, са?а аллайда.
– Бу кыстык, манан буолла?ына, ыарахан кыстык буолара буолуо.
– Бэйи, ол гынан баран Арбы??а от ??н??тэ ?ч?гэй дииллэр, били??и туругунан барда?ына, кыстык оппутун булунар кыахтаахпыт, онон санааны на?аа т??эрэр сатаммат, – диэн Уйбаан Б?т?р??б?с кытаанахтык кэпсэтиини т?м?ктээбитэ.
Тойон Арыы
Тойон Арыы, ааттыын да Тойон Арыы дэнэр, арыы талахтардаах, киэ? нэлэ?испит хочолордоох, к?м?стээх Алдан Элиэнэ эбэ хоту??а т??эр Нам оройуонун Арбынын сирэ. ?р?с арыытын ??н??лээх ходу?атыгар ыраах к??х буруо тунаарыйа сыыйыллар. Бу Хайахсыт Т?мс?? холкуо?уттан Ба?ылай биригээдэтэ кэлэн, к??рээннээх ?лэ ????гэр ?лг?м ??н??н? сомсон ?лэлии сылдьар. Отууга Л?г?нт?й хотуур таптайан чапчыйар тыа?а ыраахтан и?иллэр. Отуу уота барахсан к?лэн-??рэн чачыгыраччы умайар, оллоо??о к?н?ск? омур?ан чэйэ оргуйаары сыыгыныыр. Отчуттар балайда киэ? сири чэрчилээн, охсон тэлэкэлээбиттэр. Ыраах бугуллар бачыгыраабыттара к?р??ххэ астык. Ньукуус к?л?h?н буолбут с????н соттоот, а?ата Ба?ылай кэнниттэн тэ??э т?с?hэн, дайбаан даллаахтаан истэ. Оо, бу курдук ??н??лээх сиргэ ки?и илиитэ-ата?а тахсан, оттуурга ?ч?гэй да ба?айы. О?о?уулаах хотуур тыа?а биир кэм «куус»-«куус» гына тыа?аан, охсуллубут от бэйэтэ кыра субуу курдук буолан, Ньукуус ха?ас ?тт?гэр хаалан истэ. Оо, арай сэрии буолбатах буоллун, убайа С??дэрдиин т??? эрэ сири тэлэкэлээбит буолуохтара этэ. Ньукуус иннигэр ??мм?т оту, ньиэмэс саллааттарын курдук саныы-саныы, э?этэ Л?г?нт?й сатабыллаахтык таптайбыт буускап хотуурунан ?лг?мн?к ??мм?т хойуу оту т?рд?ттэн халбыйа дайбаан, биир кэмник хардыылаан, хотуулаахтык дь?кк?йэн истэ. Арай эмискэ аттынаа?ы к?л?йэ?э элиэ кынатын тыа?а сирилээн аллара т??эн эрэрин к?р?н тохтуу биэрдэ. Элиэ дэгиэ ты?ырахтарын сарбатан, тугу эрэ ылаары к?л?йэ ?рд?гэр чуга?аан истэ?инэ, ийэ чыккымай мээтиргээбитинэн элиэ?э кэтиллэрдии утары к?т?н та?ыста. Элиэ со?уччу к?рс????ттэн куйбах гынан а?аран биэрээт, т?тт?р? ?р? ханарыйан, ???э к?т?н та?ыста. Ийэ кус барахсан, кутталларыттан хомус быы?ыгар ?рэл гыммыт о?олорун ы?ыртаан, мээтиргии-мээтиргии, к?л?ччэ?э т?тт?р? т???нэн кэбистэ. От ыйын ортото, кус о?ото балайда улааппыт кэмэ этэ. Бу уот кураан, сут к?т?р айма?ар эмиэ дьайан, оро?улаан, сутурук эрэ са?а буолаахтаатахтара. Дэгиэ ты?ырах а?ылыга буола сыспыт кус о?олоро, ?р?? тыыннарын ?лл?йд??б?т ийэлэригэр махтаммыттыы, тула ?м??р??эн, бары хомус быы?ыгар киирэн с?тэн хааллылар. Кутта?ас ки?ини «кус с?рэх» дииллэр да?аны, ийэ кус о?отун к?м?скэлигэр эрдээх бы?ыытын Ньукуус с??? санаата.
Оттон ???э туох да буолбата?ын курдук тэлээрэ дайар элиэни ?ст??х, ньиэмэс дьарапылааныгар холуу к?р?н, убайа С??дэр улахан сэриилэ?эр бууска диэн тэргэнинэн сууллары ытыан санаталаан, хотуурун дуускатын ыгыта туппахтаата.