скачать книгу бесплатно
Саамай күндү бэлэх
В. Н. Лукина
Хомуурунньукка узбек уонна таджик норуоттарын остуоруйаларын сахалыы тылбаастара түмүллэн киирдилэр. Остуоруйаларга Орто Азия норуоттарын муудараһа, үйэлээх үгэстэрэ көстөр, куһаҕан күүстэн үтүө санаа көмүскүүрүн, булугас өй, мындыр толкуй, хорсун быһыы быыһыырын туһунан кэпсэнэр.
Кинигэ Саха АССР норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, учуутал, суруналыыс София Матвеевна Охлопкова төрөөбүтэ 100 сылын көрсө тахсар, кыра уонна орто саастаах оскуола оҕолоругар ананар.
Саамай күндү бэлэх
СОФИЯ МАТВЕЕВНА ОХЛОПКОВА
С.М. Охлопкова 1920 с. балаҕан ыйын 28 к. Уус Алдан Өлтөх нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сэттэ кылааһы бүтэрэн, 1940 с. Дьокуускайдааҕы педучилищеҕа үөрэнэ киирэр. 1941 с. сэрии саҕаланыыта салгыы үөрэнэрэ уустугурар. Онон үөрэҕин тохтотон үлэлии барар. Онтон учуутала ыҥырыытынан училищетыгар 1942 с. төннөн, 1943 с. үөрэнэн бүтэрэр уонна Усуйаанаҕа ананар. Манна 1944 с. Николай Михайлович Дарамаевтыын көрсөн, сүбэлэрин холбоон ыал буолбуттара. 1945 с. ыам ыйын 2 к. Кыайыыны көрсө бастакы кыыс оҕоломмуттара. 1946 с. Токо оройуонугар көһөн бараллар. Онно София Матвеевна Чара Токотооҕу оскуолатыгар 1952 с. диэри учууталлыыр, 1952 с. Пединститукка үөрэнэ киирэр. Үс оҕолонон, 1954–1956 сс. Өлүөхүмэ I Нөөрүктээйитигэр саха тылын, литературатын учууталынан, үөрэх чааһын сэбиэдиссэйинэн айымньылаахтык үлэлиир.
Кэлин оскуолалар, совхозтар, нэhилиэктэр историяларын суруйуунан дьарыктаммыта, архыыпка элбэхтик үлэлээбитэ: Өлүөхүмэ улууhун Токо, Хаҥалас улууhун I уонна II Дьөппөн, Уус Алдан улууhун Бэйдиҥэ, Орто Эбэ оскуолаларын, «Токо», «Лена», «Октябрь 50 сыла» совхозтар историяларын суруйан хаалларбыта. «Кыым», «Саха сирэ», «Сахаада», «Кэскил» хаhыаттарга, «Хотугу сулус», «Чолбон», «Далбар Хотун» сурунаалларга элбэх ыстатыйата бэчээттэммитэ. Үс кинигэни таһаартарбыта: иккитэ остуоруйалары тылбаастаан, биирэ «Былыргы өбүгэлэрбит олохторо» диэн саха ыалын, сиэр-туом туhунан кинигэ.
Вера Лукина,
кыыһа
Узбек норуотун остуоруйалара
КАРНАЙДААХ УОЛ
Былыр икки уоллаах дьадаҥы киһи олорбута эбитэ үһү. Өлөр күнэ кэлбитигэр, уолаттарын ыҥыртаан ылан эппит:
– Оокколоруом, сотору эһиги бэйэҕит эрэ хаалыаххыт… Бэйэ-бэйэҕитигэр көмөлөсүһэн, иэдээҥҥэ түбэстэххитинэ өрүһүйсэн, эйэлээхтик олорооруҥ.
Инньэ диэн кэриэһин этэн баран өлбүт. Сотору буолаат, уолаттар кыраттан да мөккүһэн, этиһэн барбыттар.
Арай биирдэ кыра уол түһээбит, ол түһээтэҕинэ, киниэхэ аҕата кэлэн эппит:
– Тоҕойуом, эйигиттэн көрдөһөбүн: туох баарын барытын убайгар биэр – кини оҕолоох-уруулаах, ыал аҕата эбээт. Оттон бэйэҥ мин эргэ карнайбын ылан аан дойду устун айаннаа. Аһыыга-абаҕа ылларбыт да дьоҥҥо, үөрэр-көтөр да дьоҥҥо карнайгынан оонньоо. Оннук сылдьан дьолгун булуоҥ.
Кыра уол ити курдук оҥорбут: туох баарын убайыгар биэрбит уонна бэйэтэ эргэ карнайы ылан айаҥҥа туруммут.
Биир киэһэ улахан хайа хаспаҕар кэлэн хонорго быһаарыммыт. Бу хаспах абааһылар кэлэн тохтуур, кыһыл көмүстэрин, атын сыаналаах малларын аҕалан кистиир сирдэрэ буоларын хантан билиэй.
Арай түүн үөһүн саҕана абааһылар тиийэн кэлбиттэр да ким тугу, хайдах ылбытын туһунан киһиргээн куотуһа-куотуһа кэпсэппиттэр:
– Мин биир ыраахтааҕы кыыһын иирдибитим, – диир маҥнайгы абааһы. – Ол кыыһы эмтээн үтүөрдүбэтиннэр диэн, биир да эмп киниэхэ туһалаабат гына, киһи хараҕар көстүбэт икки абааһыны батыһыннара сылдьыбытым.
– Кини ол ыарыыттан хайдах гынан үтүөрүөн сөп этэй? – диэн иккис абааһы ыйыппыт.
– Арай кини таһыгар эмискэ карнай тыаһаатаҕына, көстүбэт абааһылар куттанан куотуохтар этэ, оччоҕо эрэ үтүөрүөн сөп, – диэн маҥнайгы абааһы эппиэттиир.
Бу кэмҥэ абааһылар баһылыктара кэлэр:
– Һуу-һуу, киһи сыта баар, билэҕит дуо? – диэн хаһыытыыр.
Абааһылар хаспах иһигэр төттөрү-таары сырсыакалаһан, дэлби куттаммыт уолу тутан аҕалаллар.
– Биһиги кинини тырыта-хайыта тыытыахпыт! – диэн абааһылар баһылыктара хаһыытаабыт.
Хата уол өйүн сүтэрэ куттамматах, били карнайын сулбу тардан ылбыт да оонньоон кыйыһыппыт. Абааһылар куттанан, малларын-салларын быраҕан, хаспахтан бырдааттаһан тахсыбыттар да сирэйдэрин хоту тэбинэ турбуттар.
Сарсыарда уол айан суолунан сүөһү бөҕөнү үүрэн иһэр чабааннартан түөрт уон тэбиэни кытары түөрт уон өсүөлү атыыласпыт. Били абааһылар муспут баайдарын ыҥыырдан дьиэтигэр кэлбитэ, убайа санаарҕаан аҕай дьиэтин айаҕар олорор үһү. Быраата ыйыппытыгар, эппит:
– Бырдыбыт быста дьадайан баран, хайдах санааргыам суоҕай?! Оҕолорбут туос аччык олороллор.
– Чэ, санаарҕаама, – диир быраата. – Мин баай бөҕөнү аҕаллым. Оҕолуун-уруулуун барыгыт үйэтигэр тиийиэ!
Аҕалбыт баайын барытын убайыгар биэрэн баран, бэйэтэ карнайын ылан эмиэ айанныы барар. Бырааһынньыктарга, урууларга карнайынан оонньуу-оонньуу кишлактан кишлакка, биир куоракка тиийэн кэлиэр диэри, баран испит. Ити куорат санаа-оноо баттаабыт дьонноох куорат буолан биэрэр. Уол биир ааһан иһэр киһиттэн тоҕо манныгын ыйыппыт, онуоха киһи эппит:
– Биһиги ыраахтааҕыбыт суос-соҕотох кыыстаах. Кини ыалдьыбыта ыраатта: айаҕар тугу да ылбат, кэпсэппэт, күлбэт-үөрбэт. Ол иһин ыраахтааҕы баһылаан олорор сиригэр ырыаны-тойугу, күлүүнү-оонньууну, көрү-нары бобон турар. Ыраахтааҕы кини кыыһын үтүөрдүбүт киһиэхэ баайын аҥаарын биэриэх буолар. Арааһынай биллиилээх эмчиттэр, отоһуттар бөҕө эмтии сатаатылар да, кыайбатылар.
Итини истээт, уол дыбарыаска киирэн ыраахтааҕыга:
– Мин эһиги кыыскытын эмтээн үтүөрдүөм этэ, – диир.
Ыраахтааҕы уолу кыыһа сытар сиригэр киллэрэр. Уол бары тахсалларыгар көрдөһөр уонна карнайынан оонньуур. Кыыһы харабыллыыр көстүбэт абааһылар куттанан сырсан хаалаллар да, кыыс үтүөрэн күлэр-оонньуур буола түһэр.
Ыраахтааҕы үөрэн уолу ыҥыран ылар, баайын аҥаарын биэрэ сатыыр да, уол ылбат. Ол оннугар музыка, ырыа диэни истибэтэхтэрэ ырааппыт куорат олохтоохторугар карнайынан оонньуурга көрдөһөр.
Ыраахтааҕы кыыһа үтүөрбүтүн туһунан сурах бэрт сотору сири-дойдуну тилийэ көтөр. Ыраахтан-чугастан ыраахтааҕы уолаттара кыыһы кэргэн кэпсэтэ кэл да кэл буолбуттар. Оттон кыыс, карнайдаах уолу таптаан, ол дьоҥҥо аккаастаан испит.
– Чыычааҕыам, – диэбит ыраахтааҕы кыыһыгар, – мин кырыйдым, солбуйар уол оҕом суох. Троммун тутар, эйиэхэ холоонноох кэргэн буолар эдэр киһиҥ аатын эт.
– Аҕаа, – диэбит кыыс, – мин бэйэм талан ылыахпын, бас билэр сириҥ эдэр эр дьонун барыларын дыбарыаһым аттынан ааһалларыгар бирикээстэ…
Ыраахтааҕы сөбүлэспит. Кини бирикээһинэн, дыбарыас таһынан үтүөлэр бөҕөлөр ааспыттар да, кыыс биир да киһини талан ылбатах.
– Ким эмэ өссө хаалла дуо? – диэн ыраахтааҕы ыйыппыт.
– Карнайга оонньуур дьадаҥы уолтан ураты бары аастылар, – диэбит харабыл.
Ыраахтааҕы уолу ыҥыртаран ыйыппыт:
– Эн дыбарыас иннинэн тоҕо ааспатыҥ?
Уол эппит:
– Кыыс көрөн турдаҕына, саамай биллиилээх, баай күтүөттэр кэлэн аастылар да, кини бэл олорго аккаастаата. Оттон мин дьадаҥыбын, карнайга оонньооччубун эрэ. Ити ыраахтааҕы уолаттарыгар тэҥнэһэр кыаҕым суох.
Ыраахтааҕы итини истэ да барбакка, дыбарыаска кэлэригэр соруйбут. Уол ыраахтааҕы түннүгүн аннынан ааһан истэҕинэ, кыыс сибэкки быраҕан биэрбит.
Түөрт уон күннээх түүнү быһа ыраахтааҕы кыыһа карнайга оонньуур дьадаҥы уоллуун холбоһор уруулара ньиргийбит. Ол кэнниттэн уоллаах кыыс дьоллоохтук-соргулаахтык бэрт өр олорбуттар.
ХАННЫК ДЬИЭНИ ТОҤСУЙАбЫН?
Былыргы дьыл мындаатыгар кый ыраах кыраайга Холмат диэн ааттаах биир эдэр киһи олорбута үһү. Саллар сааһыгар, үллэр үйэтигэр кишлагыттан харыс сири халбарыйбатах. Арай биирдэ сири-дойдуну, дьону-сэргэни көрүөн баҕарбыт. Матаҕатыгар лэппиэскэ уктан, атын ыҥыырданан, тэрэпиискэ курданан, атын үрдүгэр хардааччы мохсоҕол курдук хап гына түһэр да, тиэргэниттэн тэлэһийэн ыраах айаҥҥа туруммут.
Холмат баран испит, баран испит, барыны бары сэргии көрөр, үөрэр-көтөр: күөх от көҕөрө чэлгийэрин, күн сандаара тыгарын, хаарыс солко халлааҥҥа күөрэгэй көрүлүү ыллыырын, күлгэри ат атаҕын анныттан куотарын, албын саһыллар кып-кыра оҕолорун дьарыйан үрэн ньаҕыйалларын, кобра ыарҕа анныгар кубулунан сытарын.
Унньуктаах уһун суол уһуга көстүбэт. Күн киирэн барбыт. Хонуу куйаар көҕөрүмтүйэ унаарбыт. Сотору хараҥарбыт. Ыраах бөрөлөр улуйбуттар, ырдьыгынаспыттар. Холмат иччитэх куйаарга соҕотоҕун айанныырыттан куттаммыт. Ол истэҕинэ, эмискэ аул курдук уот көстүбүт.
Холмат атын ол уот диэки салайбыт. Чугаһаатаҕын аайы, уот сырдаан, чаҕылыйан испит. Холмат тиийэн кэлбитэ, хонуу ортотугар оттуллубут уокка улахан олгуй оргуйа турар эбит.
– Олорунан кэбис, тукаам, – диэбит кырдьа барбыт дьахтар, оҕонньоро, кыыһа аттыгар олороллор үһү.
– У-бо-ой! – диэбит оҕонньор. – Киһиэхэ атыттан түһэр бокуойда биэр!
– Баҕардар, атыныын да олордун! – диэн кыыс күлбүт.
Эдэр киһи мичээрдээт атыттан түспүт. Остуол тула олорон, олгуйга буһа турар астан ылан аһаабыттар. Аһаан бүтээт, утуйаары олорон, муус маҥан бытыктаах оҕонньортон эдэр киһи ыйыппыт:
– Эһиги миигин олус эйэҕэстик көрүстүгүт, тоҕо саатар ааппын ыйыппатыгыт?
– Дьоҥҥо-сэргэҕэ эйэҕэстик туттунуу сокуона оннук, – диэбит оҕонньор.
– Оҕонньоор, арай мин куһаҕан киһи буолуум?
– Куһаҕан киһи дьадаҥы ыалга тохтообот. Сыт, тоҕойуом, нус бааччы утуй.
Халлаан сырдыыта Холматы атаарбыттар, матаҕатыгар ас уган аара сииригэр өйүөлээбиттэр. Эдэр киһи аккаастаныан санаан баран, үтүө санаалаах дьону хомотуон баҕарбатах.
Күн эмиэ киирбит, хараҥа түүн эмиэ саба бүрүүкээн кэлбит. Бөрөлөр улуйбуттар, ырдьыгынаспыттар. Хонуу куйаарга түүн соҕотоҕун айанныырыттан Холмат куттаммыт. Ол иһэн эмиэ иннигэр уот кылахачыйарын көрбүт. Үөрэ түспүт, атын ол диэки салайа баттаабыт.
Чугаһаан кэлэн көрбүтэ: олбуор баар, аана олуурдаах. Уол ааны тоҥсуйбут, дьиэлээхтэр тахсан ааны аһа охсубатахтар. Тоҥсуйтаран-тоҥсуйтаран баран, дьэ тахсан: «Кимҥиний, хантан иһэҕин, тоҕо ыраах айаҥҥа туруннуҥ?» – диэн ыйыталаспыттар.
– Үтүө дьон, киллэрэн хонноруҥ! – диэн Холмат көрдөспүт-ааттаспыт. – Буутайбын тэллэниэм, ыҥыырбын сыттаныам, матаҕабар өйүөлээхпин.
Дьиэлээхтэр олбуордарын аанын аһан, тэлгэһэҕэ киллэрбиттэр. Плов минньигэс сыта дыргыйар эбит. Дьиэлээхтэр Холматы остуолга ыҥырбатахтар. Сарсыарда эрдэ, халлаан саҥа суһуктуйа сырдыыта, туруоран уолу утаарбыттар, лэппиэскэ тоорохойун да өйүөлээбэтэхтэр.
Хонуу куйаарга күн күндэлэстиир, от көҕөрө чэлгийэр. Үөһэ халлааҥҥа күөрэгэйдэр ыллыыллар. Курупааскы мэник оҕолорун ыҥырар, кобра ыарҕа анныгар сэппэрээк салаата буолан кубулунан сытар. Элбэх дьиктини көрөн, Холмат хомолтотун умнан кэбиспит.
Күн эмиэ киирбит, улам боруоран, устунан хараҥарбыт. Хонуу куйаарга эмиэ бөрөлөр улуйбуттар.
Холмат хабыс-хараҥаҕа улахан дьиэ таһыгар тиийэн кэлбит. Көрбүтэ: дьиэтэ туох да киирбэт бүтэй олбуордаах, халыҥ аана күлүүс хатааһыннаах. Өр да өр тоҥсуйбут да, дьиэлээхтэр кыһамматахтар. Онтон кэмниэ кэнэҕэс:
– Туох абааһыта кэлэн дарбыйдыҥ? – диэн ыйыппыттар.
– Дьиэлээхтэр, хонноро киллэриҥ эрэ!
– Суолга да хонуоҥ!
– Куттанабын, бөрөлөр улуйаллар!
– Бөрөттөн куттанар буоллаххына, дьиэҕэр олоруоҥ этэ.
– Мин буутайбын тэллэниэм, ыҥыырбын сыттаныам…
– Олбуор да таһыгар оннук утуйдаҕыҥ дии! – диэтилэр олбуор иһиттэн.
Эмискэ Холмат эр санаата киирбит: «Баайдарга хонуохтааҕар хонуу куйаарга хоммут ордук», – дии санаабыт.
Уол ыллыы-ыллыы атын туос бөтөрөҥүнэн түһэрэ турбут. Онтон ыраах тырымныы умайар уоту көрбүт…
Былыргы дьыл быдан мындаатыгар унньуктаах уһун айаҥҥа сылдьан Холмат диэн эр бэрдэ түбэһэ сылдьыбыт түбэлтэтэ итинник.
ӨЛБӨТ МЭҤЭ УУТА
Былыыр-былыр икки муостаах Искандер ыраахтааҕы аан дойдуну бүтүннүүтүн сэриилээн ылбыта үһү. Биир походка сылдьан бааһыран өлөрө чугаһаабытын билбит. Искандер саамай бастыҥ эмчиттэрин ыҥыртаран ылан эппит:
– Өлөр күнүм кэллэ, оттон өлүөхпүн баҕарбаппын. Сэриилээн ылбыт дойдуларбар мэлдьи ыраахтааҕылаан, өлбөккө олоруохпун баҕарабын. Үйэбин уһатар эмтэ булуҥ!
Саамай муударай өйдөөхтөрө, биллиилээх эмчиттэр өр толкуйдаан баран, ыраах сир уһугар баар, сир анныттан тыган тахсар өлбөт мэҥэ уутун булларан иһэригэр сүбэлээбиттэр. «Сир анныттан тахсар ууну испит киһи өлбөт үһү», – дэспиттэр.
Искандер ити сүбэни ылынан, наһыылкаҕа тиэйтэрэн саамай быһый саллааттарынан өлбөт мэҥэ уута тахсар сиригэр илтэрбит.
Өлбөт мэҥэ уута тахсар сирэ күлүктээх тымныы ойуур иһинэн сүүрдэр эбит. Хойуу лабаалаах мастар күн уота тыгарыттан хаххалыыллар, хатыылаах, хойуу сэппэрээктэр күүстээх кураан тыала супту үрэриттэн харыстыыллар эбит.
Саллааттар ыраахтааҕыларын өлбөт мэҥэ уута сүүрдэр сирин таһыгар аҕалан хаалларан баран, бэйэлэрэ барбыттар.
Искандер өйдөнөн кэлбит, кыһыл көмүс хомуоһунан өлбөт мэҥэ уутун баспыт, уоһугар тиэрдиэн икки ардыгар иннигэр уҥуох-тирии нүксүгүр оҕонньор баар буола түспүт.
– Тоҕойуом, – диир оҕонньор оргууй аҕай, – өскө эн ити өлбөт мэҥэ уутун иһиэҥ да, өлбөт үөстэниэҥ.
– Оттон мин өлбөт буолуохпун баҕарабын эбээт! – диэн Искандер сөҕөн хаһыытаабыт.
– Ыксаама, тоҕойуом, – диэбит оҕонньор. – Аан бастаан мин тугу этэрбин иһит… Үс тыһыынча сыл анараа өттүгэр сир үрдүн бүтүннүү сэриилээн ылбытым. Аан дойду олоччу мин атаҕым анныгар сытара, ким даҕаны уу хараҕынан утары көрбөт этэ. Оччоҕо мин өлбөккө быһаарыммытым, бары норуоттары уонна судаарыстыбалары баһылыыр баҕалааҕым. Бу мантан өлбөт мэҥэ уутун испитим… Онтон ылата сүүс эрэ сыл ааста, миигин умса кыраатылар. Билигин мин дьоҥҥо чугаһаан ааппын эттэхпинэ, кинилэр мин сирэйбэр силлииллэр, харахпар хаахтыыллар, «халабырдьыт, өлөрүөхсүт» диэн ааттыыллар… Билигин ити эн курдук, мин сир үрдүгэр өһүөнү, өһү-сааһы ыспыппын.
Ити курдук этээт, оҕонньор мэлис гыммыт. Искандер буоллаҕына, санааргыы-санааргыы, өлбөт мэҥэ уутун хабахха куттан ылар, хоонньугар уктар уонна: «Дьиэбэр илдьиҥ», – диэн саллааттарыгар соруйар. Баран иһэн суолга өлөөрү ыксыыр. Саллааттар ыраахтааҕыларын үс кырдьаҕас мас күлүгэр тохтотоллор. Искандер хоонньуттан хабахтаах өлбөт мэҥэ уутун таһаарбыт да, испэккэ эрэ сиргэ тоҕо ыһан кэбиспит.
Сүүһүнэн сыллар сүүрэн ааспыттар, үс кырдьаҕас мас хонуу куйаарга күн бүгүҥҥэ диэри силигилии үүнэн тураллар үһү, онно ааһан иһэр айанньыттар тохтоон сөрүүкээн, сынньанан ааһаллар эбит.
БАХАДЫР УОННА ДОНО
Былыр биир дьадаҥы киһи кэргэниниин олорбуттар. Кинилэр бэрт өйдөөх, амарах, кэрэ дьүһүннээх Бахадыр диэн уол оҕолоохторо үһү.
Уол биир сайыҥҥы куйаас күн суолга ыарахан сүгэһэрдээх кырдьаҕас оҕонньору көрсө биэрбит. Бахадыр оҕонньорго көмөлөһөн, сүгэһэрин дьиэтигэр илдьэн биэрбит. Кырдьаҕас, эдэр киһи амараҕыттан долгуйан, махтанан, хонноҕун аннын хасыһан таастаах биһилэҕи таһааран бэлэхтээбит:
– Эйигин ииппит-үөрэппит төрөппүттэргэр маны биэр!
Бахадыр таастаах биһилэҕи дьиэтигэр аҕалбыт, төрөппүттэрэ маннык күндү бэлэҕи ылан дьиибэргээбиттэр уонна кистээн кэбиспиттэр.
Бахадыр түүн кыайан утуйбатах. Кини оргууй туран таастаах биһилэҕи ылбыт уонна ый сырдыгар көрө олорбут. Эмискэ, сиэркилэҕэ курдук, айгырас садтаах үчүгэйкээн дыбарыаһы көрбүт. Уол болҕойон кыҥастаспыта, арай мас күлүгэр олус кэрэ кыыс олорор эбит. Уол соһуйан таастаах биһилэхтэн хараҕын араарбатах. Кыыс, уол одуулаһарын билбит курдук, өрө көрбүт, мичээрдээбит…
Биир сиргэ үтүө санаалаах, кырдьыгынан быһаарар Аскар диэн ыраахтааҕы олорбут. Кини Доно диэн кэрэчээн кыыстааҕа үһү.
Биирдэ Доно дьылыгырас көнө уҥуохтаах, кэрэ дьүһүннээх уолу түһээбит. Түүлүн ийэтигэр кэпсээбит, онуоха ийэтэ эппит: