banner banner banner
Саамай күндү бэлэх
Саамай күндү бэлэх
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

Саамай күндү бэлэх

скачать книгу бесплатно

– Тоҕойуом, ол түүл эрэ, сотору умнуоҥ.

Кыыс умнан биэрбэтэх. Хас киэһэ аайы утуйаары сытан: «Оо, били уол аны биирдэ түүлбэр киирбэт ээ», – дии саныыр буолбут.

Бахадыр ол түүнтэн ылата дууһата долгуйбут, соҕотох эрэ буоллар таастаах биһилэҕин мэлдьи көрөр идэлэммит. Төрөппүттэригэр биирдэ эппит:

– Мин аны улааттым, аныаха диэри төрөөбүт түөлбэбиттэн ураты ханна да сылдьа иликпин. Сири-дойдуну көрүөхпүн, миигин ыытыҥ.

– Ол ханна бараҕын? – диэн төрөппүттэрэ дьиктиргээбиттэр.

Бахадыр ыраах хайалар диэки ыйбыт уонна:

– Онно, баҕар, силигилии үүммүт садтаах кэрэ дыбарыас баара буолуо…

Төрөппүттэрэ ити тылтан дьиибэргээбиттэр да, утарса барбатахтар. Атаараары туран аҕата дьиэтиттэн сытыы саабыланы таһаарбыт уонна, уолугар биэрэ-биэрэ, эппит:

– Бу саабыланы ыл, аҕатыттан уола ылыахтаах. Манан биһиги аҕаларбыт, эһэлэрбит көҥүл иһин, кырдьык туһугар охсуһууга көмүскэнэр этилэр.

Итинник этэн, аҕата уолун алҕаан ыраах айаҥҥа атаарбыт.

Ол кэмІэ Доно кыыс кэрэ дьүһүнүнэн сураҕырбыт, кэпсээн бөҕө сир аайы тарҕаммыт. Ыаллыы олорор хаан сүрэҕэ суох, ситэн эрэр акаары уоллааҕа үһү. Ол хаан, ыраахтааҕы бас билэн олорор сирин баһылаары, кини кыыһын уолугар кэргэн ылан биэрэргэ санаммыт.

Доно суорумньуһуттар кэлбиттэрин истэн баран: «Хаан акаары уолугар кэргэн барбаппын», – диэн булгуччу аккаастаан ыыппыт…

Бахадыр өр дуу, өтөр дуу айаннаабыт, онтон арай биир сарсыарда үрдүк хайа тэллэҕэр турар баай куоракка тиийэн кэлбит. Кини куоракка киирэн биллэрээччи киһи саҥатын истибит, биллэрээччи этэр эбит: «Истиҥ, күндү, үтүө дьон! Истиҥ бары уонна тугу да истибэтэхпит диэмээйэҕит! Ыалбыт хаан биһиэхэ сэриинэн түстэ! Бары чиэһинэй уонна кырдьык туһугар охсуһар дьон, куораккыт көмүскэлигэр туруҥ!»

Бахадыр, ыраахтааҕы сэриитигэр киирсэн, саба түспүт хаан аармыйатын утары сэриилэһэ барбыт. Уоттаах сэрии хабыр хапсыһыытыгар элбэх буойуннар уонна бухатыырдар тыыннарын биэрбиттэр. Өстөөх төттөрү охсуллубут. Ыраахтааҕы кыайан-хотон куоратыгар төннүбүт. Кини охсуһууга харса суох киирсэн кинини сөхтөрбүт эдэр сэрииһити булан дыбарыаска аҕалалларыгар соруйбут.

– Эй, бухатыыр, эн кимҥиний, хантан сылдьаҕын, хайаларын уола буолаҕын? – диэн ыйыппыт ыраахтааҕы Бахадыртан. – Эн хоодуоттук кииристиҥ уонна кыайан-хотон таҕыстыҥ. Билигин тугу баҕараргын барытын көрдөө!

Уол кистээбэккэ ыраахтааҕыга санаатын барытын кэпсээбит. Ыраахтааҕы кыыһын ыҥыртарбыт. Бахадыр уонна Доно көрсүһэ түһээт, үөрүүлэригэр буолан, дөйөн хаалбыттар.

Ыраахтааҕы дыбарыаһыгар үөрүүлээх уруу түөрт уон күннээх түүн тэбэн туран ньиргийбит. Түөрт уонус күннэригэр ыаллыы хаан ыраахтааҕыга эйэлэһэр, тупсар курдук тиийэн кэлбит. Кини чааскылаах күндү арыгыга дьаат кутан баран, ыраахтааҕы иһэригэр көрдөспүт.

Ыраахтааҕы иһээри гыммытын Бахадыр тохтоппут уонна ыалдьыкка эппит:

– Күндүлүүр киһи бастаан бэйэтэ амсайар баҕайыта.

Ыалдьыт хаан арыгыны, испэккэ эрэ, көбүөргэ тоҕо ыспыт. Ол эрэ кэнниттэн ыраахтааҕы ыалдьытын санаатын өйдөөн уордайбыт. Ыраахтааҕы ыалдьыта буолан, кинини өлөртөрбөтөх. Ол оннугар үүрэн таһаарарга уонна куоракка хаһан да киллэрбэккэ сорудахтаабыт.

– Хайҕаллаах эдэр киһи, эн харса суох сэрииһиккин, ону таһынан өссө муударай сүбэһит эбиккин, – диэбит Бахадырга ыраахтааҕы. – Ол иһин мин эйигин бэйэм сүрүн көмөлөһөөччүбүнэн аныыбын.

Бахадыр, ыраахтааҕы сүрүн көмөлөһөөччүтэ буолаат, муударай өйүнэн, чиэһинэйинэн уонна кырдьыгы көрөрүнэн норуокка аатырбыт.

УУЛААХ ҮС КУПСУУН

Бэрт өрдөөҕүтэ биир дойдуга сүрдээх иҥсэлээх уонна акаары шах баһылаан олорбут. Байан истэҕин аайы, өссө байыан баҕарар эбит. Норуота быста дьадайбыт, оттон баһылык иҥсэтэ-обото өссө күүһүрэн испит. Дьоно аһылыга суох буолбуттар, баһылыктара буоллаҕына өссө хайдах гынан байыан саныыр.

Толкуйдаан-толкуйдаан баран, дьэ маннык тобулан таһаарбыт: «Кырдьаҕас дьон тоҕо мин судаарыстыбабар олороллоруй? Кырдьар диэн – кырыыс. Кинилэр үлэлиир кыахтара суох, оттон ас көрдүүллэр. Кырдьаҕастары мин дойдубуттан үүрүөххэ баар, оччоҕо эрэ миэхэ өлгөм баай-талым тиксиэ», – диэн быһаарбыт. Ылбыт да кырдьаҕас дьону барыларын судаарыстыбатын бүтэһик сирин бэлиэтиир таас анараа өттүгэр кураайы сиргэ үүрдэрбит.

Бу дойдуга биир үтүө киһи олорбута үһү. Туохха да иҥсэрбэт, кыһыл көмүһү да муспат. Кини муударай уонна үтүө санаалаах улуу оҕонньор аҕалаах эбит. Аҕата уолун бэйэтин курдук гына ииппит.

Үтүө киһи аҕатын бу судаарыстыбаттан утаарар күннэрэ тирээбит. Кини, улахан санааҕа түстэр да, иҥсэлээх баһылык дьаһалын утарар кыаҕа суох эбит. Аҕата оҕонньор уолугар: «Кырдьар диэн кырыыс дииллэрэ кырдьык эбит», – диэбит. Барбыттар өр дуу, өтөр дуу айаннаан, таас сытар сиригэр тиийэн кэлбиттэр. Кинилэр олоруохтаах сирдэрэ ити таастан ылата саҕаланара үһү. Уол аҕатыныын ол тааска олорбуттар.

– Аҕаа, – диэн үтүө киһи ыйыппыт, – эн билигин туох туһунан санаатыҥ?

– Тоҕойуом, мин санаатым: кэлин шах уола шаҕы бэйэтин бу тааска аҕаллаҕына, туох диэҕэй акаары баһылык?

– Тугу диэҕэй, аҕаа?

– Кини кырдьар диэн үөрүү диэҕин хойутаабыт буолуоҕа…

Үтүө киһи турбут, аҕата турарыгар көмөлөспүт, дьиэлэрин диэки барбыттар: «Шах биллэҕинэ кэргэттэрбитин өлөртүө», – диэн оҕонньор куттаммыт.

– Биһиги эйигин саһыарыахпыт, аҕаа, – диэбит уола. – Харабыллар эрэ көрбөтөллөр, шах билиэ суоҕа.

Ол курдук олорбуттар, аҕаларын шах хамначчыттара билбэт гына кистээбиттэр. Арай иҥсэлээх, акаары шах баһылыктаах дойдуга уот кураан түспүт. Сирдэрэ хайыта хаппыт, кубарыйа куурбут, кыыл-сүөл барбыт, көтөр-сүүрэр күрэммит.

Шах, утатан өлөрүм буолуо диэн, дьэ куттаммыт. «Уута көрдөөҥ, уу булбут киһиэхэ төбөтүн оройугар диэри кыһыл көмүһү кутан биэриэм», – диэн дьоҥҥо биллэрбит. Ким да ууну кыайан булбатах, ити кистэлэҥин кырдьаҕас маастардар эрэ билэр буолуохтаахтар үһү. Оттон шах судаарыстыбатыгар биир да кырдьаҕас хаалбатах.

Үтүө киһи аҕатыгар кэлэн:

– Хайыыбыт? – диэбит. – Шаҕы аһыммаппын, дьону аһынабын, өлөллөрүгэр тиийдилэр.

– Бар, тоҕойуом, шахха «мин ууну булуом» диэ, – диэн аҕата сүбэлээбит.

– Ону хайдах булуохпунуй?! – диэн үтүө киһи соһуйбут.

– Мин үөрэтиэм эбээт, тоҕойуом.

Үтүө киһи аҕата сүбэлээбитин оҥорбут. Шахха тиийэн: «Ууну булуом этэ», – диэбит.

– Көрдөө, баҕараргын барытын биэриэм! – диэн шах үөрэ түспүт. – Оттон мин уута суох олорбутум үс хонно.

Үтүө киһи шах көньүүһүнэтиттэн саамай сүүрүк аты ылбыт да хонууга сүүрдэн киирбит. Көрбүтэ: биир чыычаах хайа диэки көтө турбут. Кини ол чыычааҕы батыһа сүүрдүбүт. Тыаллааҕар түргэнник сүүрдүбүт да, ата илистибэтэх, бүдүрүйэн да көрбөтөх.

Чыычааҕы кыайан ситиэ суоҕун үтүө киһи өйдөөбүт, ити кэмҥэ чыычааҕа били улахан тааска олоро түспүт. Үтүө киһи саһан хаалбыт, арай көрдөҕүнэ, чыычаахтар кэлэ-кэлэ ити тааска түһүтэлээбиттэр да тоҥсуйбутунан барбыттар.

Үтүө киһи шахха кэлэн эппит:

– Хайаттан үрүйэ сүүрдэр эбит, уута тымныы, дьэп-дьэҥкир. Ол гынан баран сири аннынан сүүрдэр, сир үрдүнэн сүүрдүөн, улахан таас мэһэйдиир. Ол тааһы халбарыттардахха, үрүйэ көбүс-көнөтүк куоракка сүүрдүүһү.

Үс күннээх түүн үлэлээн, үрүйэҕэ суол хорбуттар, уу хотоол устун сүүрдүбүтүгэр, шах үтүө киһини ыҥырбыт.

Бастаан шах үтүө киһиэхэ кыһыл көмүһү төбөтүн оройугар диэри кутарга быһаарбыт, онтон онтукатын уларытан: «Куулга кутан төһөнү сүгэн илдьэринэн биэриэххэ», – дии санаабыт, онтон бэргэһэтигэр эрэ кутан ыларыгар эппит. Ол да харчытын олус харыһыйбыт, онтон үтүө киһиэхэ кыһыл көмүстэн төһөнү ытыһан эрэ ыларыгар эппит.

– Эн кыһыл көмүһүҥ миэхэ наадата суох, – диэбит үтүө киһи.

Шах дьиибэргээбит. Кини кыһыл көмүскэ наадыйбат киһини аан бастаан көрбүт. Аны кини кыһыл көмүстээҕэр сыаналааҕы ылаары гынара буолаарай диэн куттаммыт.

– Оччоҕо туох нааданый? – диэн хаһыытаабыт.

Үтүө киһи аҕатын туһунан кэпсээбит уонна аҕата сүбэлээн ууну булбутун эппит.

– Аҕа баһылык, биһиги кырдьаҕастарбыт биһиги судаарыстыбабытыгар биһигини кытта бииргэ олороллоругар көҥүллээ, – диэн үтүө киһи көрдөспүт.

Акаары шах өйдүү сатаабыт, өйдүү сатаабыт, төһө өйдүү сатыыр да, соччонон иҥсэтэ эбиллэн испит. Кини үтүө киһи көрдөһүүтүгэр аккаастаары гынан эрдэҕинэ, хамначчыттара утуйар сиригэр толору уулаах үс купсууну киллэрэн иһэллэрин көрбүт. Шах тугун барытын умна охсубут, уу үрдүгэр түспүт. Бастаан кыһыл көмүс купсуунтан, онтон үрүҥ көмүс купсуунтан, онтон алтан купсуунтан испит. Ол курдук иһэ хайа барыар диэри испит.

Иҥсэ кэбистэрбит шах оннугар дьон саҥа баһылыгынан кини эдэр уолун, киниэхэ чугас көмөлөһөөччүнэн үтүө киһини уонна кини аҕатын талбыттар. Эдэр шах бу оҕонньор курдук мындыр өйдөөх, кини уолун курдук үтүө майгылаах буола улааппыт. Эдэр киһи иҥсэ кэбистэрбэтин, акаары быһыы туохха тиэрдэрин умнубатын диэн, шах кэнниттэн толору уулаах алтан, үрүҥ көмүс, кыһыл көмүс үс купсууну батыһыннара сылдьар буолбуттар.

СААМАЙ КҮНДҮ БЭЛЭХ

Былыр биир атыыһыт олорбута эбитэ үһү. Кини үс кыыстаах эбит. Атыыһыт бииргэ ыраах дойдуларга эргинэ бараары тэриммит. Кыргыттарын ыҥыртаан эппит:

– Чыычаахтарыам, ыраата барар буоллум. Эһиэхэ тугу бэлэх аҕалабын?

– Миэхэ чөмчүүк таастаах күндү сапта аҕалаар! – диэбит улахан кыыс.

– Оттон миэхэ, – диэбит орто кыыс, – саамай кыраһыабай солко ырбаахы таҥаһына!

Атыыһыт куччугуй кыыһыттан ыйыппыт:

– Оттон эн ханнык бэлэҕи ылыаххын баҕараҕын?

Онуоха кыра кыыһа хоруйдаабыт:

– Аҕаа, мин тугу да ирдээбэппин. Эн бэйэҥ эрэ тыыннаах эргилин, доруобай буол. Миэхэ бэлэх аҕалыаххын баҕарар буоллаххына, ол дойдуларга сылдьан сиэбит лэппиэскэҥ хоруотун мунньан аҕалаар.

Атыыһыт дьиктиргээбит да, утарса барбатах.

Ыраах дойдуларга өр сылдьыбыт. Эргинэн бүтэн баран кыргыттарыгар сыаналаах күндү бэлэх бөҕөнү атыыласпыт, дойдутугар айаннаабыт.

Дьиэтигэр кыргыттара аҕалара кэлэрин кэтэһии бөҕөнү кэтэспиттэр. Аҕалара дьэ этэҥҥэ тиийэн кэлбит, улахан кыргыттарыгар ыарахан сыаналаах бэлэхтэри түҥэтэлээбит. Оттон кыра кыыһыгар лэппиэскэ хоруотун мунньан аҕалбыт.

– Мин эн көрдөһүүгүн толордум, тоҕойуом, – диэбит атыыһыт, – ол гынан баран маннык бэлэҕи биэрэрбиттэн кыбыстабын даҕаны.

Кыыһа тугу да саҥарбатах, саамай таптыыр ытын ыҥырбыт, ыт сүүрэн кэлбитигэр, лэппиэскэ хоруотун сыттаппыт. Ыт сыттаан көрөөт туора хаампыт. Онуоха кыра кыыһа аҕатыгар эппит:


Вы ознакомились с фрагментом книги.
Для бесплатного чтения открыта только часть текста.
Приобретайте полный текст книги у нашего партнера:
Полная версия книги
(всего 10 форматов)