banner banner banner
Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан
Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан

скачать книгу бесплатно


С.П. Ойунская

Аҕам сырдык аата

Ойуунускай эт-хаан төрөппүт оҕолоро иккиэ этибит. Саргылаана 1991 с. олохтон туораабыта. Эдьиийбин Саргылаананы аҕатын хаартыската диэн ааттыыллара. Билбэт дьон эмискэ көрөн соһуйар этилэр: «Тыый, бу кыыс Ойуунускайга дылы буолан түһэн», – дииллэрэ. Онон мин көрөн, наар аҕам тыыннааҕын оҥорон көрөр этим. Майгытынан эмиэ эдьиийим майгынныыра үһү. Сүрдээх туруору, кыра да дьиэги тулуйбат киһи этэ. Наһаа көнө, кырдьыксыт.

Аҕабын субу диэн утары сирэйин өйдөөбөппүн. Көхсүнэн олорорун наһаа өйдүүбүн. Кэтэҕин… Баттаҕын… Тараах ойуулаах көстүүмүн… Уруучука тутан олорор буолара.

Кэргэним – оскуолаҕа бииргэ үөрэммит табаарыһым Сергей Петрович Соловьев Москваҕа тыа хаһаайыстыбатын механизациялааһын уонна электрофикациялааһын институтн бүтэрбитэ. Техническэй наука кандидата, билигин тыа хаһаайыстыбатын институтугар конструкторскай бюро директорынан үлэлиир.

Улахан уолбут – Платон. Эһэтин аатынан. Төрүүрүгэр аат тала барбатахпыт. Ыал буоларбыт саҕана уол оҕо төрөөтөҕүнэ, хайаан даҕаны эһэтин аатынан буолуохтаах диэн кырдьаҕастар сүбэлээбиттэрэ. Улахан кыыһым – Мария, эбэтин, кэргэним ийэтин аатынан. Аччыгый кыыһым мин ийэм Акулина аатынан – Лина. Уолум манна СГУ-ну бүтэрбитэ. Идэтинэн – историк, археологиянан дьарыктанар. Институкка бииргэ үлэлиибит. Кэргэннээх. Сардаана Платоновна диэн кыракый кыыстаах. Улахан кыыс Мария университекка ассистент-преподаватель. СГУ-га нуучча тылыгар үөрэммитэ, МГУ-га үс сыл үөрэнэн аспирантураны бүтэрбитэ.

Аччыгый кыыһым Лина Михайлова омук тылын бүтэрбитэ. Кэргэнэ – юрист. Платон диэн уоллаахтар. Онон, Ойуунускай ситимэ салҕанар.

Оҕолорго «бу эһэлэрин курдук ээ» диэн хайаларыгар да тугу да бэлиэтии көрбөппүн. Биһиги кэргэмминээн оҕолорбутугар биир буруйдаахпыт. Оччотооҕу олох сүүрээнин сиэринэн төрөөбүт тылларын мөлтөхтүк билэллэр. Улаатан баран биһигини буруйдууллар, бэйэлэрэ билэргэ кыһалла-мүһэллэ сатыыллар. Эһэлэрин аата кинилэргэ улахан моральнай баттык, эппиэтинэс. Онон, эһэбитигэр, кини аатыгар күлүк түһэрбэтэх киһи диэн санаанан улааппыт дьон. Бэйэлэрэ сүрдээх сэмэйдэр. Мин сааһым тухары кинилэргэ аҕам аатын үрдүктүк тутан ииппитим: туох кылах гынар да, кырыйан, мунньан, альбом бөҕөнү оҥортообутум.

Аҕабын соччо өйдөөбөппүн, үстээх оҕо хааллаҕым, ийэм, эдьиийдэрим кэпсээннэринэн өйдүүр курдукпун. Үдүк-бадык уонна тоҕо эрэ көхсүн көрөбүн – эриэн дьураа көстүүмнээх аҕам остуолга нөрүйэн, төбөтүн кыратык кыҥнатан суруйа дуу, ааҕа дуу олорорун. Ардыгар кини төттөрү-таары хаамарын эккирэтэн сэрбэкэчийэрбин саныыбын. Уонна туман иһиттэн курдук аһыы олорорбут көстөр, аҕам ытыһыгар кэмпиэт уурар, онтун үрэрин кытта кэмпиэт мэлис гынан хааларын олус сөҕөрүм… Кабинет аанын аргыый сэгэтэн үс сирэй былтаҥнаан аҕабытын көрөбүт, аллара – мин, ортоку – Лаана, үөһэ – Муся. Аҕабыт бөппүрүөскэтин ыллаҕына: «Паапа бүттэ!» – диэн сүүрэн тиийэн, киниэхэ хатана түһэрбит. Аҕабыт остуоруйалыырын наһаа сөбүлүүрбүт. Иллэҥсийдэр эрэ, мин тобугар, эдьиийдэрим кириэһилэ икки өттүгэр олорунан кэбиһэрбит. Аҕам сирэйин араастаан тутта-тутта, саҥатын уларыта-уларыта кэпсиир. Биһиги күлсэбит, арыт куттанан ытаары гынабыт… Сороҕор кириэһилэ тиэрэ түһэн сыарҕа буолар, тустан-мөхсөн, сүрдээх көрдөөхтүк оонньуур буоларбыт… Аҕам, омос көрдөххө, суостаах курдук эрээри, эмиэ аламаҕай хаһаайын, ыалдьыкка үөрүнньэҥэ…

Эдьиийим Лаана аҕатын көрсөн турар. Эдьиийим аҕабыт тыыннааҕын көрбүт, сүрэх баастаах буолан, хаһан да, ханна да кини туһунан кэпсээбэт этэ. Долгуйан, куолаһа титирэстээн кыайан кэпсээбэт буолан хаалара. Оттон үс кыыс үһүөн мустан олордохпутуна кэпсиирэ. Биһиги аҕабыт төрөөбүт, өлбүт күннэригэр кэриэстэбил күннэрин оҥорон кэпсэтэр этибит… Ийэбитин кытта НКВД-га тиийэн, билиҥҥи Дзержинскай уулуссатыгар араас мөһөөччүктээх, суумкалаах дьон хаайыыга сытар аймахтарын, доҕотторун көрсөөрү, субуруһан тураллара өйбөр үдүк-бадык көстөн ааһар. Күнү күннээн кэтэһэн баран, аҕабытын кыайан көрсүбэккэ төннүбүппүт…

Үөрэхпин бүтэриэхпиттэн, ол аата 1962 с., харыс халбарыйбакка институппар үлэлиибин. Аҕам институт директора эрдэҕиттэн А.Е. Кулаковскайга, А.И. Софроновка, Н.Д. Неустроевка уо.д.а. анал архыып фондалара тэриллибиттэр. Оттон аҕам кырдьыга тахсыбыта ыраатта да, баччааҥҥа диэри анал фонда суох. Дьэ, билигин бөлөх тэриллэн, Ойуунускай нэһилиэстибэтин хомуйабыт, ол бөлөҕү салайабын. Университекка анал кууруһу ааҕабын, фольклорга үлэлиибин. Соторутааҕыта Санкт Петербурга «Якутские народные загадки. Специфика жанра» диэн монографиям тахсыбыт. Иллэҥ кэммэр кыралаан хоһоон, оҕолорго кэпсээннэри суруйарга холонобун.

Аҕам үс томнаах кинигэтэ тахсара, ити иһигэр «Русско-якутский термино-орфографический словарь» диэн үлэтэ бэчээттэнэрэ үөрүүлээх. Кини научнай үлэлэрэ, суруйсуулара (холобур, М.К. Аммосов архыыбыттан 20-чэ суруга көһүннэ), учуутал семинариятыгар үөрэнэр кэмнээҕи докумуоннара, араас суруйуулара уо.д.а. ааҕааччыларга биллибэттэр, ол бар дьоҥҥо тиийдэр. Уонна биир ыра санаам – аҕам «Ньургун Боотура», нууччалыы тахсыбытын курдук, ойуулаах-бичиктээх, өҥнөөх дьүһүннэнэн үчүгэй кумааҕыга туспа кинигэнэн сахалыы бэчээттэнэрэ буоллар диэн.

Аҕам туох ханнык иннинэ – суруйааччы уонна учуонай. Политикаҕа, салайар үлэҕэ тардыспат этэ. Институт директора эрдэҕинэ, Певзнякка уонна Окоемовка суруга баар, онно кэнники икки сылга литератураҕа, наукаҕа тугу да үлэлиир кыах, бириэмэ адьас булбатым, онон туох да дуоһунаһа суох көннөрү үлэһит оҥоруҥ диэн көрдөспүт. Аҕам кырдьыар диэри олорбута буоллар, төрөөбүт литературатыгар, наукаҕа олус улахан суолу хаалларыахтааҕар саарбаҕалаабаппын. Москваттан дойдутугар төннөн, 1935–1936 сс. дьоҕус да, обургу да кэпсээннэри үлүмнэһэн суруйбутуттан сылыктаатахха, кини, арааһа, улахан прозаическай айымньыга бэлэмнэнэн испит. «Оҕо куйуурдуу турарынан» толкуйдаатахха, ол, баҕар, автобиографическай да хабааннаах буолуон сөбө. Наукаҕа – саха норуотун кэскилигэр, урукку төрүттэри быһаарыыга, тылга, төрөөбүт культурабытыгар, фольклорбутугар, үгэстэрбитигэр уо.д.а.

Ол эрээри кинини политикаттан хайдах да туора туппаккын. Ойуунускай уһулуччулаах общественнай деятель. Кини М.К. Аммосовы кытта кииҥҥэ туруулаһан туран, Саха сиригэр автономияны ылары ситиспиттэрэ. 70 сыл устата Саха Автономнай Республикатыгар олордохпут дии.

    1994 с.

2 баһа. ОЙУУНУСКАЙ ДОҔОТТОРО

В.Б. Окорокова

Ойуунускай уонна Аммосов

Сахаларга ураты иэйиилээх таптал туһунан номоҕунан Алампа Дуунньатыгар таптала буолар. Оттон күүстээх, бэриниилээх доҕордоһуу туһунан П.А. Ойуунускай уонна М.К. Аммосов олохторун тухары доҕордоһуулара сэһэҥҥэ сылдьар. Бойобуой сорудаҕы толороору арахсалларыгар, Ойуунускай Аммосовка хаартыскатын бэлэхтиир уонна суруйар: «Доҕорум Максим! Биһиги доҕордоһуубут бу бэлиэтин сүтэрбэккэ илдьэ сырыт… Икки сыл устатыгар эн биһикки хайдах эйэлээхтик олорбуппутун, революция күннэригэр хайдах күүркэйэн күүскэ үлэлээбиппитин өйдүү-саныы сырыт. Эн Платонуҥ. 12.05.1917 с.».

Платон Ойуунускай уонна Максим Аммосов Дьокуускайга устудьуоннуур сылларыттан билсэн, доҕордоһон барбыттара. Кинилэр төрөөбүт норуоттарын дьолун иһин охсуһааччылар, саҥа олоҕу тутааччылар буолан, бииргэ үлэлээбиттэрэ-хамнаабыттара. Ону кытта кинилэр бэйэ-бэйэлэрин бэркэ өйдөһөр дьон этилэр: олоххо көрүүлэрэ да, норуот духуобунай баайыгар сыһыаннара да барыта сөп түбэһэрэ.

В. Давыдова маннык ахтар: «Кинилэр куруук бииргэ сылдьаллара, биир ыалга, билиҥҥи Каландаришвили уулуссатыгар олорбуттара». Оттон Б.Б. Альперович маннык кэпсиир: «Эдэрдэртэн Платон Алексеевич Максим Кировичтыын ырааҕынан ордук чорбойор дьон этилэр – ордук дириҥник, киэҥник ырыталларынан, лоп-бааччы, хомоҕойдук да кэпсииллэринэн. Салайааччыларбыт уонна үөрэнээччилэр бу икки табаарыстарбытын улаханнык ытыктыырбыт. Биһиги, эдэр дьон, кинилэри ордугургаан: «Хаарыаны, кинилэр таһымнарын ситиспит киһи!» – диэн ымсыырарбыт. Платон Алексеевич политическай даҕаны, уус-уран даҕаны литератураны бэркэ умсугуйан ааҕар, үөрэтэр быһыылааҕа, нууччалыы иҥнигэһэ суох, хомоҕойдук саҥарара. Литературнай тылга, уобарастаан этиигэ улахан дьоҕурдааҕа соччоттон ала-чуо көстөрө. Куруһуок кыттыылаахтара бары РСДРП кэккэтигэр ылыллыбыт кэммититтэн ыла араас общественнай-политическай сорудахтарга, эппиэттээх мунньахтарга үгүстүк сылдьарбыт. Сорохпут куорат үөрэнээччилэрин, үлэһиттэрин, саллааттарын ортотугар, сорохпут улуустарга, нэһилиэктэргэ тахсан маассабай-агитационнай уонна тэрийэр үлэни ыытара, «Социал-демократ» диэн Саха сиригэр маҥнайгы большевистскай хаһыаты таһаарсан, нэһилиэнньэҕэ тарҕатыһарбыт. Маныаха ситиһиилээхтик Платон уонна Максим сылдьыбыт буолаллар. Агитационнай, тэрийэр-салайар үлэҕэ кинилэр улахан талааннаахтара онно чахчы биллибитэ».

Ыарахан кэмнэригэр бэркэ өйөһөллөр эбит. 1917 с. күһүнүгэр Ойуунускай үөрэнэ баран иһэн, «Якут» диэн Глотовтар борохуоттарыгар Киренскэйгэ туох баар таһаҕаһын, харчытын уордаран ылбыт, онуоха доҕоро Максим сүүрэн-көтөн үп хомуйан ыыппыт.

Максимныын үгүстүк суруйсууларыгар ыра санааларын үллэстэр эбиттэр. Ойуунускай эрдэттэн айар үлэҕэ тардыстар буолан, саха литературатын, норуот айымньытын өлбөт-сүппэт суолталарын туһунан санаатын доҕоругар суруйар. Максим доҕорун уус тылын сөҕөр, талааныгар эрдэттэн сүгүрүйэр эбит. Ол иһин айылҕа кэрэ хартыынатын көрөн баран, Максим маннык саҥа аллайбытын доҕотторо ахталлар: «Ок-сиэ, кэрэ да хартыына! Саамай сөптөөх тоҕооско көһүннэ ээ… – уонна, туохтан эрэ хомойбуттуу, өрө тыынна, – саха поэзиятыгар биир туйгун хоһоон айыллыаҕа дьэ бу таах хааллаҕа…» «Ол хайдах?» – Дора Жиркова, Максимы ситэри этитээри быһыылааҕа, өйдөөбөтөхтүү тутунна. «Платон манна суох диэн хомойобун. Куоракка кини оннугар мин хаалбытым буоллар…» Аҕа табаарыстарбыт Саха сириттэн барбыттарын туһананнар, эсердэр, федералистар, меньшевиктар ону-маны оҥоруохтара диэн сэрэҥкэдийэн, Платон Алексеевичтаах хаһыа да буоланнар, куоракка хаалбыттара. Максим ол иһин ити курдук эппитэ.

Д.П. Лазарев ахтыыта: «Саха АССР автономиятын ылбыта 15 сыла туолбутун 1937 с. от ыйын саҥатыгар Дьокуускайга да уонна Москватааҕы да, Ленинградтааҕы землячестволарга да биир кэмҥэ киэҥник бэлиэтээбиттэрэ. Ол Москватааҕы бастакы улахан көрсүһүүгэ автономнай өрөспүүбүлүкэлэр представителлэрэ, Саха сирин Москваҕа, Ленинградка уо.д.а. куораттарга үөрэнэр устудьуоннара, урукку политсыылынайдар, Саха сирин Москваҕа баар үлэһиттэрэ уо.д.а. сылдьыбыттара. Бу улахан үөрүүлээх мунньахха Ем. Ярославскай, М.К. Аммосов уо.д.а. табаарыстар уоттаах-төлөннөөх, сүлүһүннээх сытыы тыллары эппиттэрэ. Ем. Ярославскай Саха сиригэр революция туругурарыгар тирэх буолбут, көмөлөспүт дьоннор бу бааллар диэн М.К. Аммосовтаах, П.А. Слепцовтаах диэки ыйа-ыйа, ордук истиҥ, амарах тылынан ахтан тыл эппитэ.

М.К. Аммосов кыра соҕус уҥуохтаах буолан баран, кырдьык даҕаны, чуор куоластаах этэ. Кини тыл этэрин хаста да истибитим. Хаһан даҕаны суруллубуту аахпат буолара. Уһун соҕустук, тыынын ыла-ыла, субуруччу хааһахтан хостообут курдук сүрдээх чуолкайдык ыраастык нууччалыы этэрэ, араас түгэннэри даҕатан сүлүһүннээх тыллары эттэҕинэ, киһи этин сааһынан киирэрэ, онон болҕомтону ордук тардара. Платон Алексеевич сахалыы уустуктаан-ураннаан этэринэн ордук курдук буолара Максим Кировичтааҕар. Сынньалаҥҥа Максим Кирович кадриль үҥкүүнү С. Васильев кэргэнин кытта үчүгэйдик үҥкүүлээн сөхтөрбүтэ».

Амма Аччыгыйа доҕордуулар тустарынан маннык ахтыбыт: «Саха дьонуттан Ойуунускай Максим Кирович Аммосовы уһулуччу таптыыр быһыылааҕа, эмискэччи өйдүү түһэн, сүр эйэҕэстик ахтыталаан ааһар буолара… Биирдэ саалана сылдьаммыт Сугун күөл кытыытыгар чэйдии олордохпутуна, эмиэ туох да ситимэ суох, кини Аммосовы өйдөөн тугу эрэ саҥарбыта. Онуоха мин ыйыппытым:

– Максим Кирович туох эмэ итэҕэстээх этэ дуо?..

– Һы! Киһи буолан баран, итэҕэһэ ханна барыай, доҕор?! Холобура буоллаҕына… Туох итэҕэстээх киһи эбитэ буолла… Чэ, холобура, кини, Максим, араас саҥаттан саҥа уураахтар бырайыактарын оҥортуу охсоро үксэ бэрт буолара. Саҥардыы ылыммыт уураахпыт (оччотооҕу биһиги муҥнаах суолбутугар-ииспитигэр) бар дьоҥҥо ситэ тарҕана илигинэ, Максим саҥа уураах бырайыагын суруйа охсон аҕалар… Чэ, итинтэн атын итэҕэстээҕин өйдөөбөтүм ээ. Мэлдьи сыыстан-буортан өрө тэйэ, үөрэ-көтө, үлэлии-хамныы сылдьар киһи…»

Платон Алексеевич кэргэнэ А.Н. Борисова маннык ахтыбыт: «П.А. Ойуунускай үгүс ахсааннаах доҕотторун туһунан кэпсиир буолан баран, Максимы – Максим Аммосовы көтүтэр сатаммат.

Максимы мин биирдэ эрэ көрбүтүм. Оттон билиитин эрдэттэн билэрим. Платон Максимы ахтыбакка аһарбыт күнэ, бука, суох эбитэ буолуо, оччо таптыыра, оччо сөбүлүүрэ кини бу дьикти киһини. Максим хаартыската Платон оронун үрдүгэр таастаах араамаҕа, саатын аннынан, ыйанан турар буолааччы. Ким да ону тыыппат, устубат, арай сөп-сөбүгэр быылын сотобут, ыраастыыбыт уонна оннугар төттөрү ыйыыбыт.

Өрө лаһыгыраан, өрө бачыгыраан, көстөр дьүһүннүүн, саҥарар саҥалыын ураты киһи этэ Максим. Уҥуоҕунан Платоннааҕар өндөс, куҥа-тааһа да быдан халыҥ, өрө тарааммыт ньалҕаархай баттахтаах, тырымнас сытыы харахтардаах киһи Саргылаананы, кыһыл оҕону, таптаан өрө-таҥнары сахсыйарын ас астыы сылдьан көрбүтүм. Максим Москваҕа туох эрэ мунньахха кэлэ сылдьар быһыылааҕа, наһаа тиэтэйэрэ, чэйдээт, баран хаалбыта. Тугу кэпсэппиттэрин истибэтэҕим…»

    2013 с.

Ю.И. Васильев

Чугас доҕордуу этилэр

(П.А. Ойуунускай уонна И.Н. Барахов)

Дьокуускайга үөрэнэ сылдьан, 1917 с. эдэр П. Ойуунускай, М. Аммосов, С. Васильев, И. Барахов уо.д.а. бассабыыктар баартыйаларыгар киирбиттэрэ. Күһүн кинилэр Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ кыайыытын күүрүүлээхтик көрсүбүттэрэ. В.С. Петров бу туһунан: «И. Барахов и другие молодые большевики М. Аммосов, С. Васильев, П. Слепцов, А. Попов принимали самое активное участие в деятельности первых Советов, профсоюзов, предпринимали агитпоездки по улусам и др.», – диэн суруйбута. 1918 с. үгүс революционердар, олор истэригэр П. Ойуунускай уонна И. Барахов, Саха сирин тас өттүгэр көскө ыытыллыбыттара. Ойуунускай сыылкаҕа бойобуой доҕорун Исидор докумуонунан сылдьыбытын туһунан ахтыытыгар суруйбута.

П.А. Ойуунускай уонна И.Н. Барахов Саха автономнай өрөспүүбүлүкэтин тэрийиигэ сүҥкэн улахан уонна быһаарыылаах кылааты киллэрбиттэрэ… Бу боппуруоһу П.А. Ойуунускай уонна И.Н. Барахов 1921 с. Москваҕа ыытыллыбыт РК(б)П Х съеһигэр анаан туруорбуттара. Съезкэ И.Н. Барахов быһаарыылаах куоластаах, П.А. Ойуунускай сүбэ куоластаах делегаттарынан талыллыбыттара. Кинилэр бу историческай суолталаах мунньах аһыллыытыгар В.И. Ленини көрбүттэрэ, кини дакылаатын истибиттэрэ… Ойуунускай суруйбута: «Национальнай боппуруос туһунан большевик партия политикатын билээт, автономия ылар санааны ылынныбыт Барахов биһикки». Съезтэн төннөн иһэн, Омскайга муус устар 9 күнүгэр Ойуунускай, Барахов уонна Агеев автономия туһунан боппуруоһу туруорбуттара. Партия Сиббюрота Барахов, Ойуунускай автономия туһунан бырайыактарын дьүүллэспитэ, ол гынан баран, улахан хайдыһыы буолан, бу боппуруоһу РК(б)П Комитетын көрүүтүгэр ыытарга быһаарыы ылыллыбыта. 1922 с. муус устар 27 күнүгэр САССР тэрийии туһунан уураах ылыллыбыта.

Каландаришвили тоһуурга түбэһэн өлүүтэ балаһыанньаны ыараппыта. Ол да буоллар, элбэх үлэ кэнниттэн кулун тутар 18 к. Сиббюро бигэргэтиитинэн губбюро саҥа президиума талыллыбыта, онно секретарынан И. Барахов, чилиэннэринэн С. Широких-Полянскай, П. Ойуунускай уонна В. Бертин талыллыбыттара. Ити курдук, И. Барахов уонна П. Ойуунускай Саха сирин биир саамай ыарахан, уустук уонна тыҥааһыннаах кэмигэр сөптөөх быһаарыыны ылынан, төрөөбүт норуоттарын сэрии-уот, маассабайдык өлөрүү-өһөрүү иэдээниттэн быыһаабыттара. Кинилэр хаһаайыстыбаны чөлүгэр түһэриигэ уонна сайыннарыыга, үрүҥнэргэ кыттыспыт саха дьонун амнистиялыырга, национальнай интеллигенцияны кытта бииргэ үлэлииргэ улахан болҕомтолорун уурбуттара. П.А. Ойуунускай В.В. Никифоров-Күлүмнүүрү Саха сиригэр ыҥырыы норуокка сүҥкэн суолталаах буолуоҕун ыйбыта. Кини этиитин М.К. Аммосов уонна И.Н. Барахов өйөөбүттэрэ. Ойуунускай уонна Барахов саха тыла, суруга-бичигэ, науката сайдарын туһугар сыралаахтык, сүбэлэһэн, биир өйүнэн-санаанан үлэлээбиттэрэ. 1925 с. алтынньытыгар И.Н. Барахов аатыгар кини Баку куоракка ыытыллыахтаах Бүтүн Союзтааҕы бастакы Тюркологическай съезкэ кыттыыны ыларыгар анаан, Ойуунускай илии баттааһыннаах мандат бэриллибитэ. 1928 с. Исидор Барахов Москваҕа барбытын да кэннэ, кини Ойуунускайдыын сибээстэрэ быстыбатаҕа. Хомойуох иһин, П.А. Ойуунускай уонна И.Н. Барахов дьылҕалара эмиэ биир буолбута. 1938 с. саҕаланыытыгар кинилэр иккиэн, олоҕо суох буруйданан, репрессияҕа түбэспиттэрэ. 1938 с. от ыйын 15 күнүгэр аһыллыбыт Уобаластааҕы ХII партийнай конференцияҕа кинилэри таҥнарааччыларынан, норуот өстөөхтөрүнэн биллэрбиттэрэ.

Ити курдук, П.А. Ойуунускай уонна И.Н. Барахов олохторун бүүс-бүтүннүүтүн тапталлаах төрөөбүт норуоттарын туһугар толук уурбуттара…

    2003 с.

Н.Н. Павлов-Тыаһыт

Ойуунускайдаах

Платон Алексеевич туһунан атыттартан ордук тугу кэпсиэмий? Кини араатардыырын истэрим. Кини дакылаата да поэзия буолар диэччилэр. Бу этии олохтоох курдук иһиллэр буолан баран, дьиҥэ ырааҕынан итэҕэс, онон сыыһа.

1925 с. сааһыары кыһын. Ойуунускайы кытта Арҕаа Хаҥаласка, Өктөм быраабатыгар тахсыһар буоллум. Кини улуус дьахталларын мунньаҕар дакылаат оҥоруохтаах.

Платон Алексеевич Полковой, билиҥҥи Герой Попов аатынан уулуссаҕа Хампыайаптарга олороро. Бэйэтэ айаҥҥа кэтэр саҥыйаҕа даҕаны, тулууба даҕаны суох буолан биэрдэ. Уларсан, олус улахан эргэ тулуубу кэттэ. Киһи күлүөх киһитэ буолан хаалла: атаҕа да, сирэйэ да көстүбэт. Оххуоттаах сыарҕаҕа оту халыҥнык тэлгээбиттэригэр батары түһэн олордо.

Куолаҕайынан өрүскэ киирдибит. Күһүҥҥү бириистэн үөһэ оччолорго киэҥ этэ. Хойуу, бөдөҥ кыдьымах быыһынан, иҥнэл-таҥнал түһэн, бэрт бытааннык айанныыбыт. Кини муоһалыыр, мин атаҕым тоҥоро бэрт буолан, үксүн сүүрэбин, аппыт даҕаны аатын эрэ көппөҥнүүр.

Табаҕаҕа дьаам дьиэни аппыт бэйэтэ булларда. Аты мин ыйыллары баайбытым, ону Платон көрөн баран, саҥата суох кэлэн, көннөрөн, туомтаан баайда.

– Төһө тоҥнуҥ, доҕоор? – диэтэ. Кэпсэттэхпит ити.

Дьаамнаах бааһынайдар үөрэ көрүстүлэр. Эдэрчи дьахтар сылабаар үрдүгэр түстэ. Сотору буолаат, эр дьон, оҕо аймах ааны саппат буоллулар. Ойуунускайы ким көрүөн баҕарбат буолуой? Дьаамнаах киһилиин бэрт кыратык кэпсэттилэр. Дьиэлээх киһи толлор быһыылаах.

Платон Алексеевич бэйэтэ, омос көрдөххө, тоҥкурууннуҥу этэ. Биир оҕонньор киирдэ, үөрсүү буолла: билсэр дьон эбит. Аҕыйахтык да буоллар, бэрт истиҥник кэпсэттилэр…

Чэйдээн бүтэрбитигэр улахан туомускай аты көлүйбүттэр.

– Нохоо! – диэтэ дьаамсык. – Сүүрдээйэҕин. Бэйэтэ да хоннохтоох барахсан. Баҕадьылар! – Ити куорат дьаамсыктарын мөҕөр. – Аанньа да аты Былатыаҥҥа биэрбэттэр. Аты сойутаар, үчүгэйдик аһаттараар. Сарсыарда эбиэстэ биэрээр, бастыҥаҕа баайдым. Өрүскэ киириигэ боротуокаҕа уулатаар: итинтиҥ ырааһы эрэ уулуур, – Платоҥҥа илиитин уунна.

– Алексеевич, этэҥҥэ айаннаа.

Миэхэ сибис гынна: «Тоҥороойоҕун. Утары салгыннаах…»

Сотору Өктөм быраабатыгар тиҥинэтэн тиийдибит. Биһигини ким да көрсүбэтэ. Утуйар таҥастарбытын, тулууппутун кыра халааҥкаҕа сырайа уурдубут. Ким да кэлбэтэ. Платон отой кыһаллыбат итиниэхэ.

Платоннуун кэнсэлээрийэ улахан остуолларыгар хоонньоһон утуйдубут. Сурдурҕаан, куһаҕаннык тыынар эбит этэ. Улахан тымныы дьиэ эбит. Таҥаспытын эр-биир түүрэн, баайан, таһааран, сыарҕабытыгар уурдубут. Халлаан саҥардыы сырдаан эрэр. Үрдүк күрдьүктээх киэҥ тэлгэһэҕэ хаамса түстүбүт.

– Үчүгэйдик утуйдуҥ дуо, доҕоор? – диэтэ. Мин хайдах эрэ эр ылан: «Ити тоҕо киһилии көрсүбэттэрэ буолуой, сылаас дьиэҕэ-уокка?» – диэтим. Киһим хараҕа дьиибэлээхтик күллэ. Мин диэки көрөн турбахтаан баран: «Дьоҥҥун бэйэҥ билэҕин», – диэтэ. Дьиэҕэ киирэ оҕустубут.

Бастаан дьахталлар мунньахтара буолла. Эҥин араас өҥнөөх былааттаах дьахталлар, соннорун устубакка, бырааба уһун, кэҥэс саалатыгар, тоҥ хаптаһын олоххо симсэ лөглөһөн олороллор. Аҕыйах аҕай эр дьон учууталлар, исполком үлэһиттэрэ, судьуйа, комсомолецтар, чугас ыаллар тиһигэ быстыбат кэриэтэ биирдиилээн кэлэн истилэр.

Платон тыл этэрин, дакылааттыырын, араатардыырын истэрим. 1924 с. Сэбиэттэр съезтэригэр түмүк тылыгар Н. Субуруускайы уонна К. Сокольниковы мөхпүтүн сөхпүтүм. Ол дьон туохха эрэ киирэн биэрдилэр быһыылааҕа. Отой оҕо курдук дьарыйан кэбиспитэ. Тымтар. Ол съезкэ оччотооҕу юстиция норуодунай хамыһаара И.Д. Емельянов дакылаатыгар В.Н. Леонтьев халыымы ууратары сөбүлээбэккэ улахан тылы эппитэ. Леонтьев этиитин туһунан комфракцияҕа кэпсэтии буолбута. Платон онно, бииринэн, Леонтьевы нөҥүөһүлээн, күлүү-элэк курдук характеристикалаабыта, иккиһинэн, сүбэлээбитэ.

Бу сырыыга Платон Алексеевич дьахталларга дакылаата дьиҥнээх поэзия этэ. Кини кумааҕыта-тойо суох, бастаан намыыннык этэн истэ, онтон улам күөдьүйэн барда. Уобарастаах этиилэр тахсан иһэллэр.

Манна таарыйтаран, Аммосов уонна Ойуунускай араатардыылларыгар туох-туох туспалаахтарын этиэҕи баҕарыллар. Платон бастаан истээччи сүрэҕэр киирэрэ, ол кэнниттэн, онуоха олоҕуран, истээччи өйүн баһыйара. Оттон Аммосов хара маҥнайгыттан истээччи өйүн, санаатын хам ылааччы этэ. Оттон мөккүһэн, тыл охсуһуннарарга Платон эмиэ атыннаах курдуга. Кини тус бэйэтин тылынан-өһүнэн, өйүнэн-санаатынан баһыйан, утарылаһааччытын чаҕытар идэлээҕэ. Аммосовка итинник ньыма суоҕа. Платон Алексеевич утарылаһааччытын нөҥүөһүлүүр буолара, онон сүрүн баттаан кэбиһэрэ. Туой утарылаһааччытыгар этиитин тосхолун, таайтаран иһэн ситэрбэккэ, ханнан хаалара: «Буоллаҕа ини, буоллаҕа ини!» Бу өй-санаа атааката этэ. Манан эмиэ доҕоруттан атыннааҕа.

Платон Алексеевич кэлэр көлүөнэҕэ, оччотооҕу ыччакка бүтүннүүтүгэр олус үчүгэйдик, сылаастык сыһыаннаһара. Ыччаты өйүү, кини сыыһаларын-алҕастарын көннөрө сатыы сылдьара. 1931 с. күһүөрү элбэх ыччат (соҕуруу үөрэнээччилэр, үөрэххэ саҥа киирээччилэр) борохуотунан соҕуруу бараары, Ленаны өксөйөн иһэбит. Уус-Кукка диэри сүүрбэччэ хонон айаннаатыбыт. Уус-Кукка урукку борохуотунан кэлбит көстөр, үөрэнээччилэр тобохторо баар эбит. Биһиги элбэхпит – үксэ устудьуоннар, саҥа үөрэнэ барааччылар. Манна хас хонон, хайдах уочараттаан барар – ыар боппуруос. Бөһүөлэккэ хара килиэп, хортуоппуй атыыланар. Эт, үүт атыыта суох. Микиитэ Слепцов биһикки биир эмис аты атыыластыбыт. Бааһынайбыт атыытын тута аҕалыҥ диир. Платон Алексеевич мэктиэлээн, сарсыҥҥа диэри, үп хомуйуохха диэри, иэс ыһыгынна. Өрүс биэрэгин хадьыр тааһыгар аты өлөрдүбүт, астаатыбыт, этин кырбастаан хаптарга ыйаан, сүүсчэкэ гына үллэһиннибит. Платоннаахха үһүөлэр диэн үс өлүүнү анаабыппытын, иккини эрэ ыллылар, оҕобут кыра диэн. Мин мөҕүлүннүм. «Куһаҕан киһи» үһүбүн. «Подхалим» диэтэҕэ дии, мин наһаа кыбыһынным.

Күннэтэ биирдии оҥочону аттарга состорон өксөтөллөр. Платоннаах саамай тиһэх барбыттара, кэргэнэ кыыһырарын үрдүнэн, «эһиги уочараккыт кэллэ» диэн көрдөһөрбүт үрдүнэн. «Оҕолор бара оҕустуннар, оҕолор үптэрэ суох», – диирэ. Барыҥ диэн таах мээнэ хаайдахха, кыыһырар.

Мин куоракка үөрэнэр, үлэлиир буоламмын, Ойуунускайдаах көлүөнэлэрин син кыратык баттаспыт эбиппин. 1924 с. Манньыаттаах Уолун сайыымпатыгар, Сэргэлээххэ, Былчаҕар Уола диэн киһиэхэ, балаҕаҥҥа сайылаабытым, сулууспалаах этим. Биһиги олорор олбуорбут иһигэр күөх кырааскалаах хоруобуйалаах, улахан соҕус дьиэҕэ – Платон, ол илин өттүгэр намыһах дьиэҕэ Иван Николаевич Винокуров, онтон арҕаалыы Костя Сокольников, оттон биһиги балаҕаммыт таһыгар ытыс саҕа соҕотох түннүктээх, оһоҕо суох кыараҕас хороҕор дьиэҕэ Горбунова диэн улахан үлэҕэ сылдьар секретарь кыыс олороллоро. Ол дьиэҕэ уонна Платоҥҥа баскыһыанньаҕа Аммосов Раятынаан тахсар быһыылаахтара. Аммосов киэһэ-сарсыарда тимир атынан тырылатар. Оччотооҕу Сэргэлээҕи үс төгүл велосипедынан эргийэрэ, олус түргэнник тэбэрэ. Миигин Винокуров уонна Сокольников билэллэрэ, билсэрбит да диэххэ сөп. Арыт Костя «Баабылап» диэн кыҥсыйан ыҥыран, тэлиэгэтигэр олордоро. Биир суукка – Наркомпросздравсобеска үлэлиирбит. Аммосов даҕаны, Ойуунускай даҕаны биһигини Павлов, Слепцов, Говоров диэн ыҥыраллар, арай биир уолу – Степановы Илюша дииллэр. Субуота киэһэ, арыт баскыһыанньа киэһэ даҕаны биһигини кытта кэлэн, маарка оонньууллар. Кинилэртэн саамай бэртэрэ сүүрэринэн даҕаны, доруопканы охсорунан даҕаны, хабарынан даҕаны, гуттаперча мээчигинэн табарынан даҕаны Аммосов этэ. Кини таппыт сирэ кытаран тахсар, иһэр даҕаны буолара. Сүүрэн кэдэрийэр, күлэр-салар. Олус көҕүйэн, уһуннук оонньуур. Кини саамай «бултаһар» киһитэ Костя Сокольников. Костя сүүрэн ыдалыйар. Мээчиги даҕаны хаппат, туттаҕына даҕаны мүччү ыһыктан кэбиһэр. Элбэхтик табыллар эрээри кэһэйбэт, өсөһө бэрт: «Бэйикэй, биирдэ эмэ», – диэн кыҥсыйар. Биһиги уолаттар кинини соччо «бултаспаппыт» да, син табабыт, кыратык сэрэнэн, Аммосовы бултаһа сатыыбыт, үксүн таптарбат. Биһигини арыт-арыт кэһэтэлиир. Платон Алексеевич эмиэ олус көхтөөх, биһиги кинини күүскэ сүүрдүөхпүтүн баҕарбаппыт даа, сүүрэн арахсар. Ким да кинини бырахпат, быраҕар да түбэлтэҕэ «сыыһан кэбиһэбит». Ыарыһаҕын билэбит. Иван Николаевич мааркаҕа кыттыбат. Биһиги кинини харыстыа суох этибит, доҕорбут буоллаҕа дии. Бу элэккэй, улаатымсыйбат убайдарбытын күндүтүк саныырбыт, кинилэр суохтарына оонньуубут тахсыбат этэ. Биһиги оонньуу сырыттахпытына, аттыбытынан, уолаттарын илдьэ, Иннокентий Говоров сөтүөлүү чынайан ааһааччы. Барыбытын кынчарыйан ааһарга дылы. «Бу дьон бу уолаттары кытта… Оок-сиэ!» – диир быһыылаах. «Уроняют авторитет». Оннооҕор тохтоон көрө түспэт. Платоннаах киниэхэ кыһаллыбаттар, кинини билэллэрэ бэрт буоллаҕа. Ити Говоров үтүө киһи, бэрт үлэһит, революционер этэ. Киһи-киһи тус-туспа майгылаах-сигилилээх эбээт.

Биир түбэлтэни өйдөөн хаалбыппын. Киэһэлик мааркалыы сылдьабыт. Сэргэлээххэ, чочуобуна (билигин маҕаһыын) арҕаа хотоолугар, билигин да баар көлүйэ хотугу кытыытынан, сөтүөлүүр күөл үрдүнэн икки-үс балаҕан уонна Москвиннар хаарбах сайыымкалара бааллара. Онон оонньуурга бүөм.

Ол оонньуу сылдьан, Максим Кирович олус үрдүк доруопканы хабаары, кэннинэн чинэрийэн иһэн, ынах сааҕар олоро түстэ. Биһиги сырсан тиийдибит. Хаар маҥан бүрүүкэтин кэннин сутуйбут. Платонунаан сиэттиһэн, сөтүөлүүр сиргэ киирдилэр. Чочумча буолан баран, биһиги уора-көстө киирэн көрдүбүт. Ыстааны икки өттүттэн тутан сайҕаан, сууйа тураллар эбит. Маайкаларын устубуттар. Кинилэр доҕордоһууларын ымпыгын-чымпыгын сиһилии истибэт этибит, ол эрээри доҕордуулара буолуо дии саныырбыт. Бары коммунистар барылара доҕордуу буоллахтара дии. Итини, курданалларынан ууга киирэн, маҥан ыстааны икки өттүттэн тиирэ тардан, сууйа турар икки киһини сип-сибилигин да илэ-бааччы көрөр курдукпун.

Үөрэхпин бүтэрэн, тыаҕа үлэҕэ бараммын, Ойуунускай доҕотторун хараҕым далыттан сүтэрэн кэбиспитим. Арай 1937 с. бэттэх, куоракка икки сыл үлэҕэ хааламмын, Платон Алексеевиһы чаастатык көрөр буолтум. Москваттан кэлэрбин кытта кини миигин саҥа тэриллибит Тыл уонна история институтугар үлэҕэ ылбыта.

Кини дьиэтигэр элбэх эдэр дьон сылдьара, онуоха олус үөрэрэ. Ыалдьытымсах ыал этэ. Уһуннук кэпсэтиигэ хаадьылаһарын ордороро. Сэбиэскэй олох кэлбэтэҕэ буоллар, ким туох киһи буолуо этэй диэн тиэмэҕэ оонньуу-элэк былаастаан ыаһахтыырын өйдүүбүн. Бэйэтин аатырар олоҥхоһут буолуом этэ диирэ. Ырыаһыт эбэтэр поэт буолуом этэ диэбэт этэ хаһан даҕаны. Биирдэ биир доҕорун туһунан эппитэ: «Үҥсүүк-харсыык (дьээбэтинньик) киһи, улуус суруксута буолуоҥ этэ». Миигин куолуһут аҥаардаах, «кыра үөрэхтээх, судураай, хаартыһыт – арыгыһыт Хаҥалас буолуоҥ этэ», – диэбитэ. Кими даҕаны эбэтэр тойон, эбэтэр баттыгастаах баай, эбэтэр кинээс-кулуба буолуоҥ диэбэт этэ. Тоҕо эрэ барыбытын: «Кыра үөрэхтээх буолуоххут этэ», – диирэ. Кини баайдыы санаалаах ыччаты кытта сатаан доҕордоспото чахчы.

Амма Аччыгыйа, Уурастыырап, Күн Дьирибинэ, Абаҕыыныскай, С. Ефремов сылдьалларын үрдүнэн, литература туһунан, саха литературатын туһунан даҕаны тугу эппитин өйдөөбөппүн. Ити туһунан кэпсэппэт этэ. Кулаковскайы олус үрдүктүк тутара биллэрэ. Алампаны өлөрүгэр ыарыылаабыта, көмсүбүтэ биллэр. Мин санаабар, Алампа Софроновы кини бэрт өр араҥаччылаан сылдьыбыта. Оттон Софронов кини тылын кэспэтэҕэ, кини тылыттан тахсыбатаҕа биллэр.

Тустаан ханнык классигы ааҕарын билбэппин, ол туһунан биир да тылы быктарбат этэ. Арай биирдэ, куобахтаан эрдэ киирэн баран, Гете «Фауһа» остуолга арылла сытарын миэхэ ыйа-ыйа эппитэ: «Дьэ, бу – суруйааччы да суруйааччы!» – диэн. Бу айымньыны бөлүүн эмиэ аахпыта эбитэ буолуо, ол арылла сытарыттан күһэйтэрэн ити тыллары ыһыгыннаҕа. Улахан суруйааччы тууһурбут классиктаах буолааччы. Холобур, Суорун Шекспир, Шиллер драмаларын куруутун илдьэ сылдьар буолара, доҕорум Николай Егорович кэпсэтиигэ Горькай уонна Чехов туһунан ахтыстахха, кыыла турааччы. Бу икки суруйааччы даҕаны тугу ааҕалларын биллэриэхтэрэ суоҕа. Бука, ити кинилэргэ кистэлэҥнэрэ, таптыыр кыыстарын кэриэтэ эбитэ буолуо…

Ол тиэмэҕэ маны, манныгы суруйан эрэбин, эбэтэр суруйуоҕум, суруйарым буолуо диэбэт этэ Платон Алексеевич. Суорун, Амма Аччыгыйа эмиэ итинниктэр. Үтүө холобур.

    1973 с.

А.В. Хоноехова

Олус истиҥник санаһаллара

Мин П.А. Ойуунускайы аан бастаан А.Д. Неустроевалаахха сылдьан көрбүтүм. Оччолорго мин педтехникумҥа үөрэнэрим. Анна Денисовна Тыл уонна литература институтугар үлэлиирэ. Онон, Ойуунускайы кытта биир дойдулаахтар, биир идэлээхтэр быһыытынан чугастык билсэллэрэ, дьиэ кэргэнинэн ыкса доҕордоһоллоро. Ойуунускай биһиги техникуммутугар кэлэн, устудьуоннарга лекция ааҕар. Бу кэмҥэ «Якутизация и коренизация Якутии» диэн политика сытыытык турда. Дьокуускайга үлэлиир атын омук дьоно саха тылын хайаан да билиэхтээхтэр диэн буолла. Комсомольскай тэрилтэ бюротунан комсомолецтары ити үлэҕэ анаатылар. Миигин пригород диэки анаабыттарын, ыраах диэн аккаастанным. Чугас анаатаххытына үлэлиэм диэн эрэннэрдим. Биир үтүө күн Анна Денисовна: «Эйигин Ойуунускай ыҥыттарбыт, барар үһүгүн», – диэн илдьит тириэртэ. Платон Алексеевич «нууччалары үөрэтэртэн тоҕо аккаастанаҕын» диэн ыйыппытыгар санаабын эттим. Бу иннинэ Таатта устудьуоннарын мунньан, лекция аахпыт этэ. Таатталары саха тылын үөрэтиигэ туһаммыта. Мин электростанция рабочайдарын үөрэтэр буоллум. Дьонум үөрэхтэригэр кыһамньылаахтар. Ааҕан сордоноллор. Сахалыы хоһоон, ырыа үөрэтэбин. Субуотаҕа ырыа ыллыыбыт. Ити курдук 1930–1931 үөрэх дьыла бүттэ. Үөрэппит дьоммор ааҕа, суруйа үөрэннилэр диэн дастабырыанньа туттартаатым. Ойуунускай саха тылын өрө туппута, кэлин санаатахпына, эрдэлээбит эбит. 1936–1937 сс. Конституцияны дьүүллэһии комиссиятыгар миигин чилиэнинэн талбыттара. Комиссия мунньахтарыгар бырайыагы дьүүллэһиигэ Ойуунускай көхтөөхтүк кыттара, санаатын толлубакка аһаҕастык этэрэ. Ол кэнниттэн оройуоннарбытынан Конституцияны дьүүллэһэ тарҕастыбыт. Иккиһин 1937 с. саас түмүстүбүт. Нэһилиэнньэ санаатын түмэн тириэртибит. Конституцияны дьүүллэһии олус көхтөөх, мөккүөрдээх этэ. Ордук Алдан делегацията мөккүөрү тарта. Биир түгэни өйдүүбүн. Ойуунускай буряттары холобур оҥостон, «Конституция Сахатской Республики» диэн ааттыырга этии киллэрдэ. Мин кинини өйөөн тыл эттим. Оройуон делегаттара бииргэ олоробут. Кыыспыт бэркэ эттэ диэн хайҕаатылар. Фекла Лопатиналыын бииргэ сылдьабыт. Күнүскү сынньалаҥы биллэрбиттэригэр, Ойуунускай биһигини көрсөн: «Кыргыттар, ханна эбиэттии бараҕыт?» – диэн ыйыппытыгар: «Анна Денисовнаҕа барабыт», – диэн хоруйдаатым. Онон легковой массыынаҕа олорсон, дьоммутугар тиийдибит. Үөрдүбүт аҕай. Өр баҕайы мөккүһэн, дьүүллэһэн баран, Конституцияны ылынныбыт. Дойдубар тахсыам иннинэ Анна Денисовна Ойуунускайдааҕы ыҥырбыт. Кэргэнинээн, икки кыыһынаан кэллилэр. Онно «Өкүүчэ» диэн хоһоонун аахта.

Ойуунускай Тааттаҕа ССРС депутата буолан баран, кэлэ сылдьыбыта. Оччолорго Уолбаҕа учууталлыырым. Ойуунускайы кытта көрсүһүү Ытык Күөлгэ култуура дьиэтигэр буолбута. Ойуунускай тылын-өһүн истэн, ийэтэ Байаҕантайтан төрүттээҕин иһин, «биһигини таайдарым диэн уруурҕаата» диэн уолбалар үөрбүттэрэ. Биирдэ, Дьокуускайга киирэ сырыттахпына, Анна Денисовна Ойуунускайбыт сессияттан кэлбэтэ диэн кэпсээбитэ.

Ойуунускай оҕону да, оҕонньору да кытта тапсара. Кини дьону бэйэтигэр тардар боростуой майгылааҕа-сигилилээҕэ. Саха саарынын П.А. Ойуунускайы кытта көрсүһүүлэрбин олус истиҥник саныыбын.

    2003 с.

С.С. Саввин

Умнуллубат күннэр

Мин Платон Алексеевич Ойуунускайы бэйэтин уонна кини төрөппүттэрин, бырааттарын, балтыларын, атын да аймахтарын тус бэйэм бэрт кыра эрдэхпиттэн үчүгэйдик билэбин диэн этэр кыахтаахпын. Мин аҕам Сергей Саввич, кини балта Матрена Слепцова – аатырбыт капитан Афанасий Богатырев бастакы кэргэнэ, Платон Алексеевиһы чугастык билэллэрэ. Платон Слепцов куоракка үөрэниэҕиттэн ылата Матрена уонна Афанасий Богатыревтар күндү ыалдьыттара уонна хоноһолоро буолара. Аҕам кыһын ахсын куоракка киирэн, Афанасий Богатыревтаахха олорон үлэлиирэ. Кини дойдутугар эргиллэн таҕыстаҕына, Платон Слепцов туһунан бэрт кэрэхсэбиллээхтик кэпсиирин өйдүүбүн. Аҕам киниттэн истибит көрдөөх-нардаах кэпсээннэрин уонна остуоруйаларын уоһуттан түһэрбэт буолара. Кини куораттан тахсыбыт киэһэтигэр биһиги дьиэбит үөлэһиттэн түүн хойукка диэри хойуу кыым көтөрө. Көмүлүөк сырдыгар олорон, аҕам кэпсээнин дуоһуйа истэрбит. Мин аан бастаан Платон Слепцову маннык көрсөн турардаахпын. Даайа Кытыла диэн бэрт кэрэ көстүүлээх Амма өрүс биэрэгэр биһиги Оһоҕостооххо олорбуппут. Мин дьоммун кытта ыаллыы Платон Слепцов убайа Никита олороро. 1915 с. сайыныгар Платон Слепцов ыҥыыр атынан соҕотоҕун куораттан тахсан иһэрэ. Кини биһиэхэ сылдьан, чэйдээн ааспыта. Аҕабын кытта бэрт элбэҕи кэпсэппиттэрэ. Онно мин аҕам аттыгар олорон уруккуттан истэр киһибин бэркэ сыныйан одууласпытым. Платон аа-дьуо кэпсиирэ. Тыла-өһө сүрдээх ылыннарыылаах быһыылааҕын өйдүүбүн. Ардыгар, кэпсии олорон, дьээбэлээхтик күлэн ылара. «Бу үөрэниэх оҕону пансиоҥҥа туттарбакка сылдьар эбиккит, – Платон миигин төбөбүттэн имэрийэ-имэрийэ аҕабар эппитэ, – Афанасий Богатыревтаахха киллэриэх этиҥ. Күтүөтэ соҕотох кыннын үөрэттэриэҕэ. Сиэнэ Данил уолу кытта бииргэ сылдьан үөрэниэх этилэр», – «Оҕобун үөрэттэрэр санаа баар». Аҕам миигин үөрэттэрэр санаалааҕын истибит ыалдьыппыт үөрэ-көтө түспүтэ: «Сергей, үөрэн, кытаат, ыччаттар бары үөрэхтээх буолаллара наада, – Платон бэрт эйэҕэстик мичээрдээн ылбыта. – Аҕаҥ, хата, ону өйдүүр киһи эбит».

Сити сайын мин кинини үгүстүк көрбүтүм. Бу бэрт сайаҕас, элбэҕи билэр-көрөр, оҕону кытта оҕо, кырдьаҕаһы кытта кырдьаҕас, аламаҕай эдэр киһи сайылык оҕолорун бэйэтин тула биллибэтинэн-көстүбэтинэн түмэ тардыбыта. Амма эбэ хотун кылбаһыйар сүүрүгэр көтөхтөрбүт күн уота сандаара оонньуур кэмигэр сөтүөлүү киирэрэ. Биһиги кыра оҕолор, куораттан сылдьар киһини көрөөрү, биэрэккэ мустарбыт. Кини өрүс үөһүгэр тиийэ бэрт сыыдамнык харбаан киирэрин умсугуйа көрөрбүт. Биир сайыҥҥы күнү умнубаттык өйдүүбүн. Биһиги үгэспитинэн сарсыарда эрдэ биэрэккэ киирбиппит. Платон эмиэ биэрэк үрдүгэр киирэн олороро. Кини муннун анныгар ыллыы-ыллыы суруйара. Бу санаатахха, кини хоһоон суруйар быһыылааҕа. Кумаар элбэҕэ. Онон биһиги түптэ оҥорбуппут. Ол түптэ аттыгар олорон, кини балачча өр суруйбута. «Хайа оҕолоор, эһигиттэн хайаҕыт абааһыны итэҕэйэрий?» – «Сорохпут итэҕэйэрэ буолуо», – «Чуолаан, кимий?».

Биһиги сирэй-сирэйбитин көрсөн кэбиспиппит. Платон күлэ түһэн баран, биһиэхэ абааһы суоҕун, таҥараны итэҕэйии ньүдьү балайын туһунан оҥостон олорон кэпсээбитэ. Аҕабыыттар, ойууттар уонна баайдар дьадаҥы киһини көлөһүннүүр сыалтан ситинник итэҕэли тарҕаталларын, албынныылларын кини кэпсээниттэн билбиппит. Сити уһун кэпсэтии этэ. Биһиги түптэни быыстала суох оҥорбуппут. Платон күн ахсын биһиэхэ сонунтан сонун остуоруйалары кэпсиирэ. Мин онно аан бастаан «Улуу Кудаҥса», «Соломуон», «Дойду иччитэ» уо.д.а. остуоруйалары олус умсугуйан истибитим. Кини элбэх кинигэни ааҕара. Кинигэ аахпат кэмигэр бөлкөй талах кэтэҕэр олорон, өөр-өр суруйара. Платон эмискэ ойон турара уонна биэрэк устун сүүрэн элэстэнэрэ. Билигин санаатахпына, кини быһый быһыылааҕа. Сүүрэн кэлэн баран, эмиэ аахпытынан эбэтэр суруйбутунан барара. Ити биһиги сөтүөлүүр кытылбыт уҥуоргу өттүгэр Тэйэр Хайа ыраахтан дьэндэйэн көстөрө. Платон Слепцов ити хайа туһунан бэрт кэрэхсэбиллээҕи кэпсиирин өйдүүбүн. «Оҕолоор, ити хайаҕыт үрдүттэн ойууттар Чочур Мурааҥҥа тиийэ ыстанан кэбиһэбит диэн кыырааччылар, – кини ойууттары элэктээн итинник кэпсиирэ. – Киэҥ хардыылаах ойууттар диэбэккит дуо? Айылҕа үтүө-кэрэ сирин бэл дьадаҥы дьону албынныылларыгар туһана сатыыллар. Ол курдук кинилэр сирэйэ-хараҕа суох быһыыланаллар». Биһиги төрөппүттэрбит, аймахтарбыт уонна чугастааҕы ыалларбыт сэллик ыарыыттан ыалдьан өлөн-сүтэн, эстэн эрэр кэмнэрэ этэ. Онон биһиги диэки ойуун, удаҕан уонна аҕабыыттар өрүүтүн тиэстэллэрэ. Былыр-былыргыттан Тэрээки Арыыта диэн тыа бөдөҥ салаалаах тииттэригэр кэрэх бөҕөнү ыйыыллара. Платон Слепцов ити ойууттары күлэ-оонньуу кэриэтэ элэктээн саралаабытын кэнниттэн мин кыра оҕолору мунньа сылдьан, ойууттары күлүү-элэк оҥосторум. Ол сайын үгүс кэрэхтэри суох оҥорбуппут. Сүгэлээх сылдьан, кэрэхтээх аатырбыт тииттэри кэрдэрбит. Платон Слепцов сынньалаҥар үксүн кырдьаҕас дьону кытта кэпсэтэрэ. Онно мин өйдүүрбүнэн, ойууттар, удаҕаттар тойуктарын үөрэтэр быһыылааҕа. Аҕабын кытта оҥостон олорон, олох-дьаһах туһунан үгүстүк кэпсэтэллэрэ. Сити сайын оҕо аймахха биллибэккэ ааспыта. Мин нөҥүө сылыгар пансиоҥҥа ылыллан, үөрэнэ киирбитим. Онно сылдьан, кинини көрүөхпүн олус баҕарарым. Куораттан тахсыбыт дьоннортон Платон Слепцов туһунан үгүстүк ыйыталаһар буолбутум. Куораттан сиэним Данил Богатырев Аммаҕа сайылыы тахсыбыта. Кини миигиттэн икки сыл аҕа этэ. Данил куоракка үөрэнэр саха ыччаттарыттан ордук Платону чорботон кэпсиирэ. «Платон түүннэри кистэлэҥ мунньахтарга сылдьар, – Данил утуйаары сытан сэһэргиир. – Мин олус ытыктыыбын. Оннооҕор дьээдьэм Афанасий Богатырев кини тылыттан-өһүттэн тахсыбат буолла. Платон биһиэхэ үгүстүк сылдьар». Аҕам Данил кэпсээнин олус сэргээн истибитэ. Сити киэһэ түүн хойукка диэри күө-дьаа кэпсэппиппит. «Эн, Сергей, баайдарга бэдэрээккэ үлэлээҥҥин көлөһүҥҥүн тоҕоҕун, – диэн Данил аҕабын мөҕөрө. – Эһиги бэйэҕит олоххутун оҥостуох тустааххыт». Аҕам уонна ийэм кини сэмэтин ылыммыт курдук туттубуттара. Ол эрээри оччотооҕу кыһалҕалаах олоххо баайдарга хамсыырга эрэ тиийэллэрэ. 1917 с. кыһыныттан ыла Платон Слепцову ыраахтааҕы батталлаах былааһын Дьокуускайга суулларыыга уонна сэбиэскэй былааһы туругурдууга биир активнай охсуһааччы быһыытынан сөҕөн-махтайан кэпсииллэрэ. Оннооҕор үөрэнэр оҕолор уостарыттан түһэрбэт буолбуттара. Революция өстөөхтөрө уонна колчаковецтар былааһы быстах былдьаабыт бириэмэлэригэр Платон Слепцову дойдутугар тахсан истэҕинэ, Чурапчыттан туппут уонна хаайбыт сурахтарын сири-буору аннынан истибиппит. Кэнники көскө ыыппыт сурахтара иһиллибитэ. Сайын дьоммун кытта оттуу сырыттахпына, Таатта биир бөдөҥ баайа быыпсай кулуба Нээстээр Слепцов оҕонньор: «Хоочугур уола Платон соҕурууттан кэлбит кыһыл этэрээтин кытта Якутскайга күөрэс гына түспүт үһү, – диэн өһүөннээхтик көрө-көрө отчуттарга кэпсээбитэ. – Бэрт элбэх үтүө дьону революция өстөөхтөрө дэтэн өлөртөрөн уонна баайдарын халатан эрэр дииллэр». Мин итини тириим таһынан истибитим. Быыпсай саҥа айаҕа аһыллан кэпсээн эрдэҕинэ чобуо баҕайытык: «Эн Платону тоҕо сымыйанан холуннара сылдьаҕыный?» – диэбитим. Оҕонньор сирэйэ уһуу түспүтэ. Аҕам диэки көрө-көрө: «Бу уолуҥ түөкүн буолсу, – диэн бардьыгынаабыта. – Уолгун буойдаххына сатаныыһы». Кулуба атын миинэн түргэнник тэскилээбитэ.

Мин Платон Алексеевич Ойуунускай тус бэйэтэ тэрийбит уонна кыттыыны ылбыт икки улахан ыһыаҕар сылдьыбытым. Маҥнайгы ыһыах 1920 с. бэс ыйыгар Тохтобул диэн улахан алааска буолбута. Чурапчы, Амма уонна Өймөкөөн улуустарын ревкомнарын представителлэрэ кэлэннэр эҕэрдэ тылы эппиттэрэ. Платон Алексеевич Советскай Россия ис-тас олоҕун политикатын туһунан кэрэхсэбиллээх дакылааты оҥорбута. Кини дакылаатын бүтүүтүгэр Саха губерниятын уонна улуустар уочараттаах соруктарын тустарынан иҥэн-тоҥон кэпсээбитэ. Ыһыахха олус элбэх киһи мустубута. Ыччаттар бэрт элбэх этибит. Мин быыс булан Платон Алексеевиһы көрсөн кэпсэппитим. Чычымах церковнай-приходской оскуолатын бүтэрбитим туһунан үөрэ-көтө истибитэ. «Дьэ, маладьыаскын, – Платон Алексеевич бэркэ астынан эппитэ. – Салгыы үөрэниэххин наада». Аҕабын кытта үгэһинэн бэрт өр үөрэ-көтө кэпсэппитэ. Бу санаатахха, кинини кытта кэпсэтиэх баҕалаах киһи элбэх быһыылааҕа. Таатта, Чурапчы интеллигенцията уонна кыаммат-түгэммэт дьадаҥы дьоно бары кини тула үмүөрүһэллэрэ. Бэл баайдар тоҥхоҥнос буолбут этилэр. Хаһан да абааһы көрбөтөх курдук уруйдуу-айхаллыы сатыыллара. Бу ыһыахха аан бастаан «Интернационалы» уонна «Марсельезаны» сахалыы ыллаабыппыт. Түһүлгэҕэ оонньуу-көр бөҕө тардыллыбыта. Харах ыларын тухары элбэх плакаттар көстөллөрө. Хас да үрдүк ааркалар кыһыл былаахтарынан, лозуннарынан киэргэтиллэн, киһини барытын ыраахтан угуйа кыыһаллара. Ыһыах ис хоһооно саҥа былаас туругурарын иһин туһуламмыт буолан, дьону-сэргэни улаханнык үмүрү тардыбыта. Платон Алексеевич 1920–1921 үөрэх дьылыгар Тааттаҕа тахсан ревкомнар мунньахтарын оҥорбута. Чычымах церковнай-приходской оскуолатын бүтэрбиттэртэн мин, Николай Егорович Мординов, Николай Майданов Чөркөөх пансионугар ылыллан үөрэнэ сылдьар этибит. Үөһэ ахтан аһарбытым курдук, 1924 с. Платон Алексеевич Ойуунускай кыттыбыт иккис ыһыаҕар эмиэ сылдьар дьолго тиксибитим. Бу сырыыга Чөркөөххө улахан түмсүүлээх ыһыах буолбута. Платон Алексеевич доҕорунаан Иван Николаевич Винокуровтыын оччотооҕуга куораттан эмиэ атынан тахсыбыттара. Билигин өйдөөтөхпүнэ, Ойуунускай байыаннай таҥастаах этэ. Ыһыахха эмиэ сүүһүнэн дьон мустубуттара. Платон Алексеевич улаханнык көтөҕүллэн туран эйэлээх социалистическай олоҕу тутуу саҕаламмытын кэпсээбитэ. Бу ыһыахха учительница Вера Давыдова салалталаах улахан ырыа-тойук буолбута. Учуутал элбэх ыччаттары, аныгылыы санаалаах кыргыттары уонна дьахталлары мунньан революционнай ырыалары ыһыахха ыллаппытын иһин Платон Алексеевич Ойуунускайтан улахан махталы ылбыта. Платон Алексеевич ити киэһэ Табаахырап олоҥхоһуту булларан кылгастык олоҥхолоппут сурахтааҕа. Сарсыныгар оскуола оҕолорун ыҥыран ылан, күөх кырыска олорон эрэн сэһэргэспитэ. Кини онно ыччаттар балайда үөрэнэн эрэллэрин, араас идэлээх дьоннор тахсыахтарын туһунан мичээрдии-мичээрдии кэпсээн-ипсээн, советскай-партийнай үлэһиттэр балайда үөскээн тахсан иһэллэрин бэлиэтээбитэ. «Дьэ, уолаттар, биһиги кыайыыбыт ситиннэ буолар, – Платон Алексеевич биһигини эргиччи көрбүтэ. – Ол эрээри культурнай революция саҥа саҕаланан эрэ эрэр. Билигин улахан мэһэй суох буолла. Өстөөхтөрү эстибит. Онон социалистическай олоҕу тутарга эһиги иннигитигэр киэҥ суол арылынна. Билигин үөрэниэххэ наада. Эһиги бэйэҕит билэргит курдук соҕотох Тааттаҕа урукку олох хараҥатыгар тэптэрэн төһөлөөх элбэх талааннаах дьон өлбүттэрэ буолуой. Табаахырап, Егоров курдук улахан олоҥхоһуттар, Ньорулла уола Уйбаан, Өлөксөй Бырдылин курдук көрдөөх-нардаах, илбистээх, уус-уран тыллаах дьоннор үөрэхтээхтэрэ эбитэ буоллар, хайдахтаах курдук суруйааччылар, поэттар уонна артистар буолуох этилэрий?» Бу ахтыллыбыт ыһыахха Буор Булгунньах диэн алааска Анемподист Софронов «Манчаары» диэн драматын туруоран оонньообуттара. Манчаары оруолун Михаил Слепцов, Чоочо баайы Трифон Кулаковскай, иккиэн олохтоох, кыра үөрэхтээх дьоннор киһини итэҕэтэр гына оонньообуттарыттан Платон Алексеевич санаата ордук көнньүөрбүт этэ. Платон Алексеевич сити сырыытыгар миигин куоракка киирэн үөрэнэрбэр сүбэлээбитэ.

Москваҕа БРКСК Президиумун иһинээҕи урукку сэбиэскэй тутуу кууруһугар үөрэнэ сылдьаммын Платон Алексеевиһы үгүстүк көрсөрүм. Көрсүһэ түстэрбит эрэ өрөспүүбүлүкэ уонна төрөөбүт оройуоммут сонуннарын хардары-таары кэпсэтэрбит. Москваҕа тиийбит маҥнайгы күннэрбэр П.А. Ойуунускайга Чурапчы, Таатта уонна Байаҕантай улуустара биир оройуон буолан, бастакы оройуоннааҕы съезд ыытыллыбытын, онно туох мөккүөрдэрэ буолбуттарын сиһилии сэһэргээбитим. Платон Алексеевич бэркэ сэҥээрэн истибитэ. Кини оройуоннар наһаа бөдөҥ-киэҥ буолбуттарын сөбүлээбэтэҕэ. Чурапчылар ити съезкэ арахсан туспа оройуон буолбуттарын саамай сөбүнэн аахпыта. «Эн Чурапчылар күтүөттэрэ буолаҥҥын сөбүлээтиҥ дуу?» – диэн оонньуу-күлэ эппитим. «Доҕоор, оонньоон саҥардыҥ ини, – Платон Алексеевич боччумнаахтык хардарбыта. – Улуустары холбоон, оройуоннары тэрийии биир улахан үлэ буолар».

Платон Алексеевич аспирантураҕа үөрэнэ сылдьар кэмигэр иллэҥ бириэмэтэ суох буолара. «Аспирантураҕа партийнай ячейка секретара буолан үлэм-хамнаһым сүрдээх, өрүүтүн солото суохпун, дьиэбэр хонукпар эрэ кэлэбин», – диэн кэпсиирэ. Кини кэргэттэринээн «Якутпредставительство» дьиэтин аллараа подвальнай этээһигэр олороро. Өрүү ыалдьыттарын күлэ-үөрэ көрсөрө. Чэй иһэ-иһэ кэпсэтэрин сөбүлүүр буолара. Мин кинилэргэ сылдьар кэммэр Платон Алексеевич суруйа-үлэлии олороругар куруутун түбэһэрим. Дьоннорун мэһэйдээмээри ардыгар көрүдүөргэ тахсан кэпсэтэрбит. Кини табахсыта суох этэ. Ол эрээри ити көрүдүөргэ уһуннук туран кэпсэтэр кэмнэргэ табах тардыһар буолара. Биирдэ миигин Саха сиригэр сыылкаҕа сылдьыбыт политсыылынайдар обществоларын кулуубугар илдьэ барда. Онно Максим Кирович Аммосов «Саха сирин экономикатын сайдар кэскиллэрин тустарынан» диэн тиэмэҕэ дакылаат оҥорбута. Ону мустубут дьон бары бэркэ хайҕаабыттара. Дакылаат бүппүтүн кэннэ үгүстэр баһыыбалыы-баһыыбалыы Максим Кировиһы куус да куус буолбуттара. Ити икки ардыгар Платон Алексеевиһы көрө охсоннор эмиэ үөрэ-көтө айхаллаабыттара. 1932 с. Закавказскай федерация 10 сыла туолбут юбилейнай мунньаҕар ыҥырыы билиэти кууруспуттан ылан, сылдьан турардаахпын. Платон Алексеевич эмиэ кэлбит этэ. Онно кини Серго Орджоникидзены, Емельян Ярославскайы кытта сэргэ хаамса сылдьан, күө-дьаа кэпсэтэрин, үөрэрин-көтөрүн көрбүтүм. Кэнники үөрэҕи бүтэрэн кэлэн баран, төлөннөөх революционер, уһулуччу талааннаах салайааччы уонна суруйааччы Платон Алексеевич Ойуунускайы кытта үгүстүк көрсүспүтүм. Ол умнуллубат күннэри бүгүн долгуйа ахтабын.

    1963 с.

С.И. Прокопьев

Эр санаалааҕын өйдүүбүн

П.А. Ойуунускай туһунан бэйэм өйдүүр түбэлтэлэрбин кэпсиим.

Мин Дьокуускайга 1907 с. народнай училищены бүтэрэн баран, урукку Таатта оройуонугар Чөркөөх оскуолатыгар учууталлыы тахсыбытым. 3–4 кылаастарга литератураны үөрэппитим. Оччолорго Платон Алексеевиһы биллиилээх революционер уонна саха сэбиэскэй литературатын төрүттээччи киһи тахсыаҕа диэн ким даҕаны санаабатаҕа буолуо. Инньэ гынан кинини оһуоба бэлиэтии көрбөт этибит. Ол эрээри, маннык икки түбэлтэ мин өйбөр билинҥэ диэри хатана сылдьар. Кини литература уруогар атын оҕолортон уһулуччу этэ, сүрдээҕин иҥэн-тоҥон, кичэйэн ааҕара, өйдөөбүтүн кэҥэтэн-уһатан кэпсиирэ. 1910 с. Л.Н. Толстой өлбүтүн истэн баран, бадаҕа сэтинньигэ эбитэ дуу, эбэтэр ахсынньыга дуу, үрдүкү кылаас оҕолоругар мин ол туһунан ахтыы оҥорбутум. Мин сэһэммин Платон олус сэргээн, сүргэтэ көтөҕүллэн истибитэ. Кини тыл көрдөөбүтэ. Мин ону көҥүллээбитим. Платон Л.Н. Толстой туһунан, кини айымньыларыгар үрдүк сыанабылы биэрэн, улаханнык ытыктаан, улахан суруйууларын тус-туһунан ырытан кэпсээбитэ. Итини мин сөҕө-махтайа, сүрдээҕин сөбүлүү истибиппин билигин даҕаны бу баар курдук өйдүүбүн.


Вы ознакомились с фрагментом книги.
Для бесплатного чтения открыта только часть текста.
Приобретайте полный текст книги у нашего партнера:
Полная версия книги
(всего 10 форматов)