скачать книгу бесплатно
1937 с. ахсынньытыгар таайым быыбардааччыларын кытта көрсө Ытык Күөлгэ тахсыбыта. Бу инниттэн кэпсэтии баар буолан, миигин Боробултан көрсүһүү буолар дьиэтигэр аҕалбыттара. Миитин бүтэрин кытта кэтэҕинэн сыанаҕа өрө сүүрэн тахсан көрсүбүтүм. Мин иннибэр кыра уҥуохтаах, сырдык мичээрдээх, маҥан ыраас сэбэрэлээх, наһаа эйэҕэс киһи көрсө түспүтэ. Кып-кыра тулаайах аймаҕар сонно тута болҕомтотун ууран, түспүт хоһугар илдьэ тахсан, өр истиҥник кэпсэппитэ. Мин онно кини тулаайах аймахтарыгар дьиҥ ис сүрэҕиттэн кыһалларын билбитим. Аара Чөркөөххө балтыгар Маринаҕа сылдьан, Чурапчыга табаарыстарыгар хонон, Төҥүлүгэ балыксыт оҕонньорго сылдьан, Дьокуускайга тиийбиппит. Мин тиийэрбэр, бэйэтин оҕолоруттан ураты, эмиэ киниэхэ иитиллэр тулаайах бырааттара Василий Никитич уонна Дьулустаан бааллара.
Таайым наһаа оҕомсоҕо, биһиэхэ барыбытыгр тапталлаах аҕа этэ. Сотору арахсалларын билбит курдук, кыргыттара Саргылаана уонна Сардаана илиитин да ититэр бокуой биэрбэккэ, икки өттүгэр ытарҕа буола түһэллэрэ. Хас киэһэ аайы аһылык иннинэ соло булан кэпсэтэн-ипсэтэн, сээкэйинэн аралдьытан, тэҥҥэ оонньоон-күлэн ылара. Үөрэнэр оҕолортон үөрэхпитин ыйыталаһара, ирдиирэ, ол иһин хайаан да ааҕа, толоро сатыырбыт. Арыт барыбытын түмэн, патефон ыллатан иһитиннэрэрэ, сэргэхситэн ылара. Платон наһаа истиҥ, ытыктабыллаах ыал аҕата этэ. Ол курдук, баарыгар аһыы да олорон, иллэҥ да кэмҥэ бары кыратыттан улаханыгар тиийэ, кинини тула түмсэрбитин өйдүүбүн. Кини болҕомтолоохтук киһини бэйэтигэр тардан кэпсэтэрэ-ипсэтэрэ. Үлэ кэнниттэн үгүс киһи мустан, бары уһуннук кэпсэтэн үөрэн-көтөн бараллара.
Мин наһаа үтүө майгылаах ыалга иитиллэн абыраныым, хомойуох иһин, уһаабатаҕа… Кыргыттара Саргылаана, Сардаана алталаах-үстээх саастарыттан тулаайах хаалан эрэйдэнэр, «норуот өстөөҕүн» кыргыттара аатыран сирэйгэ-харахха анньыллар, үөрэхтэн матар ыар олохторо саҕаламмыта. Таайым: «Паша, балтыларгын куруук көрөр-истэр буолаар», – диэбитин уулуссаттан сэрэтэр буоллаҕа дии саныырым, кэлин санаатахха дириҥ ис хоһоонноох сэрэтии сүбэ эбит…
Таайым тапталлаах кэргэнэ, оҕолорун ийэтэ – Акулина Николаевна хаһан да, кимиэхэ да кыыһырбат, наһаа үчүгэй майгылааҕа. Эмискэ тиксэн хаалбыт ыар олоҕун кимиэхэ да соҥнообот этэ. Саҥаһым кэлин дойдутугар Чурапчыга тахсан аймахтара, оҕону иитэр тэрилтэ көмөлөрүнэн, ыарыһах бэйэтэ үлэлээн, оҕолорун киһи оҥортообута. Мин тэҥҥэ тулаайах хаалан, оҕотук буолан кыайан көмөлөспөтөҕүм. Кэлин Чурапчыга педучилищеҕа үөрэнэ сылдьан, Сардаананы Чөркөөххө аҕалан аймах-билэ дьоннорун кытта билиһиннэрбитим, сырытыннарбытым. Мин олохпор кимиэхэ, туохха да тэҥнэспэт сырдык сарыал, истиҥ иэйии көстөн ааспыт хомолтолоох өлүү былдьаабыт күндү аймаҕым туһунан кылгас көрсүһүү өйдөбүлэ итинник…»
Иккиһин тулаайахсыйан хаалбыт кыыс кэлин дьылҕата хайдах буолбутай?
Айманан, үрүө-тараа тарҕаһаннар, Паша дойдутугар тахсан, үтүө дьон көмөлөрүнэн Ытык Күөл орто оскуолатын 1943 с. бүтэрбитэ. Учууталлар куурустарын баран, Игидэй оскуолатыгар учууталынан, онтон Уолба детдомугар иитээччинэн үлэлээбитэ… 1950 с. кэргэн тахсан, кэргэнэ эрдэ өлөн, 4 оҕону төрөтөн-иитэн бэйэтэ атахтарыгар туруорда, эбэ буолла. Оҕолорун дьон оҥортоото.
1993 с.
А.Н. Борисова-Ойунская
Биһиги аҕабыт
Ойуунускайга мин үһүс кэргэнэ этим. Платон бастакы кэргэнэ – Сүөкүччэ – Фекла Алексеевна Сокольникова. Кини Костя Сокольниковы кытта бииргэ төрөөбүт дьахтар эбитэ үһү. Сокольниковтар уонна Платон аҕата Хоочугур Өлөксөй аах Тааттаҕа биир алаас иһигэр олорбуттар. Сайылыктара Көөдөккө, быһата, тэлгэһэлэрэ биир. Кыстыктарын буруота көстүһэ турар. Сүөкүччэлээх Платону дьоно оҕо эрдэхтэриттэн холбооттуох буолан үөскэппиттэрэ дэһэллэр. Ол гынан баран, Платон ол былыргы үгэһи тутуспатах буолуохтаах, кини оннуга суох киһи этэ. Дьүһүннээх кэрэтэ, уҥуохтаах көнөтө, майгытынан-сигилитинэн даҕаны бар дьоҥҥо сирдэрбэтэх кыыһы – Сүөкүччэтин Платон, кырдьык, күүскэ таптаабытын итэҕэйэбин. Таптаабыт да буолан, аймахтара икки өттүттэн сөбүлээбэттэрин үрдүнэн, кэргэн ылбыт эбит. Сокольниковтар этэллэрэ үһү: «Ама, биһиги оҕобут дьадаҥы Хоочугур уолугар кэргэн барыах бэйэтэ дуо?». Оттон Платон дьоно: «Уолбут ыарыһах, сөтөл буолан өлөөрү сылдьар кыыһы ойох ылан эрэр», – дэспиттэр. Эдэрдэр икки өттүттэн таптаспыттар. Ол эрээри Сүөкүччэ: «Ыарыһаҕым бэрт, эн дьолгун алдьатар кыаҕым суох», – диэн хас да сыл буолумматах. Платон ону этэрэ үһү: «Бу аан дойдуга таптал баар туохтааҕар да күүстээх. Сүөкүччээ, мин итии тапталым эйигин хайаан да үтүөрдүөҕэ. Холбоһуох, ыал буолуох, буруо таһаарыах». Платон «Доҕорбор Сүөкүччэҕэ», «Куоттарбыт кутурҕана» диэн хоһооннорун аахпыттар бу этиллибиттэри кытта сөбүлэһиэхтэрэ.
Платоннаах Сүөкүччэ балтараа сылтан эрэ ордук бииргэ олорбуттар. 1921 с. ахсынньыга Сүөкүччэтин Тааттаттан сүгүннэрэн, куоракка киллэрбит, онтон 1923 с. от ыйыгар соҕуруу эмкэ илпит. Сүөкүччэ онтон кыайан эргиллибэтэх: 1923 с. от ыйын 14 күнүгэр Ишим уонна Тюмень икки ардыларыгар тимир суолга өлбүт. Кини уҥуоҕа Тюмеҥҥэ сытар буолуохтаах.
1925 с. ахсынньы 10 күнүгэр Платон иккис кэргэнин кытта саахсаланар. Иккис кэргэнэ – Татьяна Дмитриевна Александрова. Татьяна Дмитриевнаны мин билэбин, өлүөр-сөлүөр эрдэҕинэ, саха дьахтарыгар эмиэ толуу үчүгэй дьахтар этэ. Татьяна Дмитриевна төрдө-ууһа Мэҥэ Хаҥалас диэки, Нөөрүктээйи нэһилиэгин (Павловскай) кыыһа. Кини бастаан аатырбыт кыһыл бартыһааҥҥа Георгий Осипович Петровка (Халлааскыга) кэргэн тахсыбыт эбит. Халлааскы кэлин Алдаҥҥа баран хаалбыт, онно тиийэн баран, «кэл» диэн ыҥырбытын Татьяна Дмитриевна барбатах. Кини онтон Дьокуускайга киирбит, сотору оччотооҕу Таатта оройуонугар дьахталлар ортолоругар үлэһитинэн ананан тахсыбыт. Ол сырыттаҕына тиийэн, Платон Чөркөөхтөн булар уонна кэргэннэнэр.
Платоннуун биһиги 1930 с. сэтинньи 6 күнүгэр холбоспуппут. Онтон ыла син ыал аатын ылан, кини былаҕайга былдьаныар диэри сэттэ сылтан ордук бэрт үчүгэйдик бииргэ олорбуппут.
Ол туһунан кэпсиэм иннинэ кылгастык бэйэм туспунан билиһиннэрээри гынабын. Мин 1906 с. бэс ыйын 8 күнүгэр төрөөбүтүм. Төрөөбүт сирим – Чурапчы. Чурапчы уруккута саҥа дэриэбинэ, билигин интернат-оскуола диэн ааттанар, ити Чурапчы күөлүн хотугулуу-арҕаа өттүгэр. Онтон тус хоту диэки үс километр холобурдааҕы бардахха, Бэттиэмэлээх диэн алааска тиийэҕин. Аҕам Николай Петрович Борисов олоҕо онно этэ. Ийэм – Евдокия Андреевна Саввина, аныгы дьон өйдөрүгэр дөбөҥнүк түһэринэн эттэхпинэ, С.А. Саввин-Күлүүк уол Күн Дьирибинэ аҕата Афанасий Андреевич Саввины кытта бииргэ төрөөбүт дьахтар эбит.
Ийэлээх аҕата иккиэн эрдэ өлөн хаалбыттара. Ийэм өлөрүгэр таайбын, Күн Дьирибинэ аҕатын, ыҥыран ылан кэриэһин эппит: «Кыыспын эн көр-харай, уолгар ханыылаан иит, киһи-хара оҥор», – диэн. Онон мин таайым аахха, А.А. Саввиҥҥа, иитиллибитим. Таайым оччолорго Чурапчы балыыһатыгар П.Н. Сокольников луохтуурга үлэлиирэ. Балыыһа хаһаайыстыбатын дьаһайара, аныгы сиэстэрэлэр курдук эмтииргэ, араас операцияларга көмөлөһөр этэ. Кини бас билэр алта аттааҕа, хортуоппуйу уонна араас оҕуруот астарын таптаан үүннэрэр дьарыктааҕа. Атын сүөһүтэ-аһа суоҕа. Онон оҕуруоту кытта булкуһан, араас үүнээйилэри бэрийэн улааппытым.
1917 с. Чурапчы оскуолатыгар үөрэнэ киирбитим. Оччолорго уон биирдээх кыысчаан этим. Хас да сыл үөрэммитим кэннэ, Саха сиригэр гражданскай сэрии турбута. Устунан мин да, атыттар да үөрэммэккэ хаалбыппыт.
1923 с. таайым аах миигин, уон алталаах кыыһы, «син биир үөрэммэт оҕо буолла, эрдэ сылла оннун буллун» диэн, Алексей Дмитриевич Федоров диэн киһиэхэ эргэ биэрэн кэбиспиттэрэ. Федоровтыын алта сыл олорбутум, ол кэннэ арахсан хаалбытым. Арахсыым төрдө көннөрү дьиэ-кэргэн иһинээҕи иирээнтэн буолбатах, эмиэ олох туһуттан этэ диэхпин баҕарабын. Мин бастакы кэргэним, А.Д. Федоров, эдэригэр мэник-тэник соҕус киһи этэ, кэлин өйдөммүтэ, өссө партийнай үлэһит буолбута.
Эрбиттэн арахсаат да, общественнай үлэҕэ төбөм оройунан түһэбин. Эмиэ да оччотооҕу кооперацияҕа, эмиэ да остолобуойга үлэлиибин, тыа сиринээҕи политическай-маассабай үлэҕэ күүһүм кыайарынан кыттабын.
1929 с. олунньу 17 күнүттэн кулун тутар 4 күнүгэр диэри, ый аҥаарын устата, Сэбиэттэр Бүтүн Саха сиринээҕи алтыс съезтэрэ үлэлиир, аны онно Чурапчы оройуонуттан соҕотох делегатынан кыттабын.
Куоракка билэрим-көрөрүм суоҕа, дойдум дьонугар Митрофан Кампеевтаахха түһэбин. Убайым Степан Саввин эмиэ онно олороро. Кампеевтар олорбут дьиэлэрэ билигин онно да суох, саҥа таас типография тутуллубут. Композитор Адам Скрябин ийэтин дьиэтэ дэһэллэрэ, обургу соҕус мас дьиэ этэ. Бу дьиэҕэ үгүс дьукаах бииргэ олороллоро, Платон Алексеевичтаах эмиэ. Платон Алексеевиһы кытта утарыта көрсөн манна кэпсэппитим, манна билсибитим. Оччолорго кини иккис кэргэнэ Татьяна Дмитриевна баара, наһаа ыарытыйара.
Съезд үлэтигэр кыттыбытым. Төһө да сүүрбэччэбин аастарбын, былыргы килбик тыа кыыһа буоллаҕым. Итиэннэ куорат аата куорат, муммут кус оҕотун курдук эбиппин. Аны Ойуунускайтан толлорум диэн биир өлүү. Ойуунускай мин көрөрбөр хамыһаар. Киһим ону ол диэбэт, бииргэ батыһыннара сылдьар. Сарсыарда съезпитигэр аргыстаһан барабыт, киэһэ дьиэбитигэр бииргэ төннөбүт. Күнүс тугу да булан аһаабакка сылдьар киһини: «Кэл, ас баар, бииргэ аһыах», – диэн аны аһатар. Биэсэлкэттэн соммун ыла охсон биэрэр, кэтээн туран таҥыннарар. Симиттэрим иһин хайыахпыный, аҕа саастаах киһи, хамыһаар тылын истэрбэр тиийэбин. Улахан тойон буолан баран, наһаа да көнө, судургу киһи диэн испэр сөҕөбүн эрэ. Кэлин дьиҥнээхтик билсиһиибитигэр, баҕар, бу көрсүһүү эмиэ суолталаммыта эбитэ буолуо.
Ойуунускайы аан бастаан 1920 с. Чурапчыга көрбүтүм. Ойуунускай дойдутугар Тааттаҕа баран иһэн, Чурапчыга тохтообута, чугас эргиннээҕи олоҥхоһуттары мунньан олоҥхолоппута. Биһиги, хас да кыыс уонна уол буолан, олоҥхо истэ, Ойуунускайы көрө барбыппыт. Аҕабыыт дьиэтин киэҥ саалатыгар киһи бөҕө мустубут этэ. Улаҕа биһиги билэр киһибит Эрилик Эристиин олорор. Кини аттыгар сырдык ыраас сэбэрэлээх, байыаннай таҥастаах, куругар бэстилиэттээх киһи ачыкыта чаҕылыйар. Оҕолор: «Ойуунускай. Ойуунускай ол олорор», – дэһэ-дэһэ үтүрүйсэллэр. Ол икки ардыгар биһиги дьон, анньыалаһыы-үтүрүһүү күүһүрдэ быһыылаах, уокка оттор мас кыстаабыттарын сууллардыбыт, мас тыаһа өрө лиһигирээтэ. Дьон барыта биһиги диэки эргилиннэ. Ойуунускай эмиэ. Ойуунускай онтон Эрилик Эристииҥҥэ тугу эрэ эттэ. Эрилик саҥата дуорайда: «Оҕолоор, бу диэки кэлиҥ, манна миэстэ элбэх». Уолаттарбыт олоҥхо истэ хааллылар, оттон биһиги, кыргыттар, таһырдьаны булбуппутугар үөрүстүбүт. Дьэ, хаһан эрэ кутталбыттан атахпынан куоппут киһибин кытта сэргэстэһэ хаампытым, кэпсэппитим хайдах эрэ дьикти этэ. Дьылҕа оҥоһуута диэҥ дуо ону? Суох, оччолорго биһиги икки ардыбытыгар киһи санаатын тутара туох да суоҕа.
Съезтэн төннөөт, общественнай олоххо өссө күүскэ кыттабын. Оччолорго актыбыыс дьахталлар бары биир пуорма таҥастаахпыт. Хара дьууппа, үрүҥ куопта, кыһыл былаат, лэппээһиннээх баттах. Итиэннэ түөспүтүгэр Ленин оҕо эрдэҕинээҕитэ ойууламмыт значогун анньынабыт…
Күһүнүгэр элбэх оҕону, ол иһигэр миигин, оройуон салалтата Иркутскайга дуу, Читаҕа дуу үөрэххэ ыытарга быһаарар. Мин баҕарбыт баҕам туолар буолла диэн үөрүү бөҕө. Ол эрээри, дойдубуттан наһаа ыраатыыһыкпын диэн испэр дьулахаччыйабын. Ити сырыттахпына, кэлин А.Ф. Бояров кэргэнэ буолбут Маршинкевич диэн врач дьахтар миигин кутугунатар: «Ээ, онно барыма, ырааҕа бэрт. Хата, эмчит үөрэҕэр Дьокуускайга медтехникумҥа киир, ол быдан ордук буолуоҕа».
Мин ити сүбэни ылынан куораттыыбын. Үөрэнэ. Бу сырыыга эмиэ, атын ханна барыахпыный, Кампеевтарга түһэбин, кинилэргэ дьиэлэнэбин. Платон арбы-сарбы соҕус этэ. Кэргэнэ Татьяна Дмитриевна бу сайын өлбүт.
Мин ЯФАШ-ка үөрэнэбин. Платон кинигэ издательствотыгар дириэктэрдиир. Арай Платон киэһэ үлэтиттэн кэлэн аһаатар, сарсыарда оронуттан турдар эрэ, наар биһигини кытта тыл бырахсар, дьээбэлэнэр идэлэнэр. Арыт наһаа найааннаннаҕына куотан хаалабыт, хата, ону булбута эрэ баар буолар. Арыт уруок ааҕа олордохпуна, кэккэлэһэн кэбиһэр: «Көрдөр эрэ, туга ааҕаҕын?» Биһиги ити курдук улам бодоруһан, бэйэ дьоно буолан истибит. Ол эрээри мин син биир салларым-дьулайарым сүрдээх.
Биирдэ, ити билиҥҥи Ленин проспегар куорат поликлиникатын аттыгар, бадаҕа, Национальностар кулууптара диэн баара, онно туох эрэ мунньах буолбутугар бардыбыт. Платон эмиэ барда. Саала тымныы баҕайы эбит, мин маркизет солко куопталааҕым, дэлби тоҥнум. Платон ону көрө түстэ: «Тоҥнуҥ дуу?» «Ычча, бу дойдугут тымныыта бэрт эбит дии», – өс киирбэх хардарабын. Платон ойон турда, биэсэлкэттэн сонун элэстэтэн аҕалла уонна санныбар бүрүннэри бырахта. Киһи эрэ буоллар, мин бу сырыыга бырдаҥалаабатым, сон сылааһыгар таттаран уонна «бу туох амарах киһитэй» диэн, нам-бааччы олордум. Кэпсэттибит. Мунньах кэнниттэн аргыстаһан дьиэбитигэр кэллибит.
Хонуктар аа-дьуо ааһан истилэр.
Биирдэ, сарсыарда, ороммун хомуйа сылдьан, сыттыгым анныттан бүк тутуллубут суругу булан ыллым. Арыйа баттаатым – Платон суруга эбит. Наһаа сааттым, наһаа кыбыһынным. Ол да буоллар санаам батарбата, кистээн аахтым. «Мин эйигин сөбүлүүбүн, эн биһикки билсиэх», – диэбит.
Урут да сэрэйэ саныырым, кэм туох эмэ санаалаах киһи буолан, ыксалаһар быһыылаах диэн. Уһун күнү быһа сурукпун сыымайдаан таҕыстым. Ол да буоллар, туох да диэн кыайан быһаарымматым. Платон оччолорго отут сэттэлээҕэ, мин сүүрбэ үһүм. Онон, бастакытынан, кырытыннара саныыбын. Иккиһинэн, бэйэтэ ыарыһах, урут икки кэргэнэ өлбүт киһи диибин. Кэргэнэ өлбүт эр киһини да, дьахтары да күлүктээхтик көрөр идэ хаһан баҕарар баар дьыала этэ буоллаҕа. Аны бу киһини кытта билсистэхпинэ, били таласпыт үөрэҕим хайдах буолуой диэн биир муучу.
Киэһэ аһаан бүтэн баран, хоспор киирэн соҕотоҕун олордохпуна, Платон көтөн түстэ. Мичээрдээбит. «Хайа, аахтыҥ дуо?» – диэтэ, онтон аттыбар олорунан кэбистэ. – «Ааҕан». – «Туох диэтиҥ?» Мин өс-саҕа буолан: «Ол туох диэх үһүбүнүй?» – диэтим. Ити итинэн ааста.
Онтон биирдэ, эмиэ соҕотоҕун олордохпуна, Платон киирэн кэллэ уонна эттэ: «Эн, арааһа, кыбыстаҕын, бэйэҕин бэйэҥ кыайан быһаарыммаккын быһыылаах. Мин адьас кырдьыкпын этэбин. Уонна эйигин тиэтэппэппин, эн үөрэххэр мэһэйдиэхпин баҕарбаппын. Хата, көмөлөһөөрү гынабын. Мин аны сайын соҕуруу үөрэнэ барабын. Онуоха диэри быйылгы үөрэххин бүтэр, ол кэнниттэн биһиги күһүөрү холбоһуох тустаахпыт. Итини үчүгэйдик сыта-тура толкуйдаа». Мин эмиэ туох да диэн быһаарыммаппын.
Ол да буоллар, улам бодоруһан, сыстыһан истибит. Киинэҕэ бииргэ сылдьабыт, арыт маҕаһыыннарга барабыт. Арыт Күөх Хонууга киирэн дьаарбайабыт, пистолетынан сыал ытабыт. Платон брауниннааҕа. Кини миигин ытарга үөрэтэр.
Биирдэ Платон эттэ: «Ээ, туох ааттаах баҕайытай! Икки өттүттэн мэһэйдэтэрбит туох да суох, холбоһуох». Мин: «Ким билэр…» – диэнинэн аһарынабын. Платон ону истибэт: «Киэһэ үлэбиттэн кэлэрбэр, мин дьиэбэр баар буолаар».
Наһаа мунаардым, дьүөгэбэр, Адамов милиционер кэргэнигэр, Наташаҕа таҕыстым. Наташа сүрдээх хорсун, уруккута бартыһаан дьахтар этэ. Наташа өрө күлүбүрүү түстэ: «Тыый! Олус бэрт буоллаҕа дии. Холбос, холбос! Платон Алексеевич – наһаа үчүгэй киһи. Дьолгун мүччү түһүмэ. Үөрэххэр да көмөлөһүө». Киэһэ Платон эмиэ көтөн түстэ: «Хайа, эмиэ суоххун дуу?»
Итинтэн биир хонук ааста дуу, икки хонук дуу, сыттыгым анныттан сурук, күлүүс тылын уонна элбэх баҕайы харчыны булан ыллым. Платон: «Наташаҕа таҕыс, көмөлөһүннэр, киэһэ аста астааҥ», – диэбит. Наташа оччону истэн баран, куорат маҕаһыыннарын ылан кэбистэ. Оһох отунна, астаан-үөллээн сырылатта-бырылатта. Бэйэтэ миигин туох иһин ыыппат: «Платон сибилигин кэлиэ, тохтоо-тохтоо».
Ити курдук бутулла олордохпуна, Платон көтөн түстэ. Үөрбүт, чаҕылыҥнаабыт: «Дорооболоруҥ!» – диэтэ. Онтон бокуойа суох саба түһэн уураан-сыллаан барда. Ол икки ардыгар Наташабыт аһа остуолга тардыллан бэлэм буола охсубут.
Сыбаайбабыт манан бүттэ. Ити 1930 сыл сэтинньи 6 күнүгэр этэ.
Платоннуун биһиги сэттэ сыл биир ый 23 хонук устатыгар бииргэ олорбуппут. Мин эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сиппит-хоппут, олох уонна охсуһуу итиитин-буһуутун билбит-көрбүт киһиэхэ кэлбитим. Икки кэргэн тухары дьиэ-уот, күннээҕи олох-дьаһах боппуруостарыгар даҕаны ким баҕарар чопчу сүрүннэниэхтээх кэмэ ини ити. Онон даҕаны, биһиги олус эйэлээхтик, наһаа тапсан олорбуппут. Платону мин дьиэҕэ-уокка «паапа» диэн ыҥырааччы этим, оттон кини миигин үксүн «тооруом» диэччи этэ, кыргыттара «паапа» да «паапа».
Көрө түһүүгэ, Платон уҥуоҕунан кыра киһи этэ. Дьон ол да иһин Ойуунускай кыратын, хатыҥырын урут бэлиэтээн этээччилэр. Ити гынан баран, эр киһитэ да өтөн эрдэҕэ, миигиннээҕэр өндөс курдуга. Оттон миигин саха дьахтарыгар эдэрбэр-сэнэхпэр оччо наһаа кыра диэбэттэрэ ини. Платон уһун суптугур сэҥийэтэ, имнэрин уҥуохтара дэбдэгэрдэрэ хатыҥыр киһи дииллэригэр көмөлөһөн эрдэҕэ. Дьиҥэр, кини наһаа оннук дьарамай киһи буолбатах этэ, сыгынньахтаннаҕына бэйэтигэр сөп толору эттээх-сииннээх, уҥуохтара ханан да биллибэт, сөп киппэ буолара. Уоруйах эттээх-сииннээх киһи баар буолааччы дэһэллэр, бука, оннук киһи эбитэ буолуо.
Платон ийэтэ Дьэбдьиэй кугастыйан көстөр баттахтаах, саһархайдыҥы сырдык харахтаах, үрүҥ туртаҕар субалаах ыраас дьахтар эбитэ үһү. Платон ийэтиттэн үгүһү ылбыт эбит, кини эмиэ сырдык, ыраас эттээх-сииннээх киһи этэ, оҕо эрдэҕинэ эрбэһин курдук кугас баттахтааҕа үһү, ол кэлин хараарбыт. Аҕатын арай уҥуоҕун, быһыытын-таһаатын баппыт.
Киһи ордук бэлиэтиирэ – харахтара. Ис-иһиттэн сырдаан көстөр кугастыҥы харахтааҕа. Кырыытынан көрдөххө, мэктиэтигэр сандааран, чаҕылыйан олорорго дылыта. Оччо сытыы, оччо ыраас буолара харахтара. Ол гынан баран, ачыкыта суох аахпат да, суруйбат да этэ, көннөрүтүгэр да куруук ачыкыланара.
Доруобайа эбитэ буоллар, бука, бэйэтин бараалаахтарыгар соччо баттаппат, сөпкө кыанар киһи дэтиэх эбитэ буолуо. Дьиэтигэр даҕаны, онно-манна сырыттаҕына даҕаны, наар дьону кытта тустар, өрө хачымахтаһар, кылыйа-ыстаҥалыы сатыыр идэлээҕэ. Онно үксүгэр кыайарыттан, уолаттары дөбөҥнүк айыка дэтэриттэн сылыктаатахха, син кытаанахтык тутар-хабар быһыылааҕа. Миигин даҕаны дьээбэлэнэн туттаҕына-хаптаҕына, илиитэ биир кэм кытаҕас курдук буолааччы. Аны үҥкүүлээн тэлээрэрин көрүөҥ этэ. Платон үҥкүүнү олус таптыыра. Оччоҕо кини атаҕын тыаһын истиэм диэн санаама даҕаны, оччо чэпчэкитик дэгэһийэр буолара. Онон, Платону букатын быста ырбыт, нэһиилэ сакыҥныыр киһи буолуо дии саныыллара алҕас.
Олус үчүгэй майгылаах, саҥардар эрэ хайаан да ырааҕынан эҥсэн, олохтоохтук эргитэн кэпсэтэр, наһаа чэнчис-чэбэр киһи этэ кини. Биирдэ дьоҥҥо кыыһырбытын, биирдэ дьону кытта улаханнык саҥарсыбытын, эбэтэр киһини өһүргэтэр-хомотор гына тылласпытын өйдөөбөппүн. Күлэ түһэ-түһэ, дьээбэлээхтик саҥаран-иҥэрэн бардаҕына, кими да сүргэтин көтөҕөөччү. Эбэтэр бэйэтэ ис-иһиттэн тэһитэ кэйэн мэниктээн кэлээччи. Дьээбэлэнээри гыммыта ала-бэлиэ буолар. Ойон турар, тыыллаҥныыр, төттөрү-таары хаамыталыыр. Онтон: «Ээй-чэ!» – диэт, ороҥҥо эбэтэр дьыбааҥҥа умса сөрөөн түһэрэр, хайаан да күллэрэн-үөрдэн тэйэр. Тоҕо итиннигин, мин кэлин билбитим. Үйэтин-сааһын тухары наар олорор үлэлээх, куруутун мунньахтаан, арааһы санаан-толкуйдаан тахсар киһи кыратык аралдьыйа түһүөн, этин-сиинин имитиэн син баҕарар буоллаҕа. «Ок-сиэ, сылайдым даҕаны, көхсүм саалынна даҕаны. Чэ, кыратык тустуохха эрэ», – диэччи оччоҕо. Ол кэнниттэн хамсаннаҕына-имсэннэҕинэ, арыый чэпчээн эрдэҕэ.
Платон дьиэтигэр-уотугар хайдах эрэ расписаниелаах курдук туттара-хаптара, үлэлиир-хамсыыр, сынньанар кэмэ анал буолара. Сарсыарда чэйдээт, үлэтигэр барар. Күнүс дьиэтигэр эбиэттии кэлбэт, бутерброд оҥотторон, өйүө илдьэ барар. Аҕабыт киэһэ үлэтиттэн бүтэн кэлэрин бары кэтэһэрбит. Сылааска, саас-сайын кыргыттарын илдьэ таһырдьа кэтэһэбин. Кыһын таһыттан киирэр ааҥҥа тоһуйабыт. «Оо, паапа кэллэ!» – дэһии, өрө сахсыныы буолар. Үрдүгэр түһэн таҥаһын сыгынньахтыыбыт, биир-биир ыйаталыыбыт. Платон сонно оҕолорун сыллаан-уураан баран, бэйэтин хоһугар ааһар. Онно киирэн, чаас аҥаарын кэриҥэ оронугар сытар, сынньанар. Туох эмэ сонуннаах буоллаҕына, бу сытан онтун кэпсиир. Аа-дьуо табахтыыр. Онтон дьэ суунар-тараанар. Саха ыалын быһыытынан, киэһэ эт буһарабыт, остуол тула олорон бары эппитин сиибит, мииммитин иһэбит. Бу кэнниттэн Платон кыргыттарын кытта бадьыыстаһар: көтөҕөр, сүгэр, кинигэ ааҕар, остуоруйалыыр. Арыт муостаҕа сөһүргэстиир, ат буолар, кыргыттара паапаларын миинэн кэбиһэллэр. Чаас кэриҥэ саалабытын түөрэ сүргэйэллэр.
Онтон хоноһо, ыалдьыт суох буоллаҕына, таһырдьа тахсан хаамсабыт. Арыт театрга барабыт. Хоноһо, ыалдьыт баар буоллаҕына, кинилэри кытта сэлэһэр, олоҥхолотор, остуоруйалатар.
Платон киэһэ кыргыттарын бэйэтэ сыгынньахтаан, бэйэтэ сууйан-тараан утутар. Хайаан да бэйэтэ утутарын сөбүлүүр. Кыргыттарыгар: «Чэ, утуйуҥ дуу, оттон паапа үлэлиэ, паапа үлэлиирин мэһэйдээмэҥ. Сөп дуо?» – диир. Анарааҥҥылара ол курдук үөрэнэн хаалбыттар, аҕалара сытыарда да, им-дьим бараллар, сотору утуйан муннулара сурдурҕаабытынан барар.
Мантан киэһэ дьиэ уу-чуумпу. Мин иһит хомуйабын, сээкэйи бэрийэбин, киһим сарсын кэтэр таҥаһын-сабын ыраастыыбын, өтүүктүүбүн, уруок ааҕабын. Оттон Платон үлэтэ-хамнаһа дьэ киирэр. Кини түүн үс чаас саҕана биирдэ утуйар. Онуоха диэри быһа суруйар-ааҕар. Ити курдук киэһэ аайы.
Төһөлөөх дьулууруй уонна тулууруй бу! Айарга, бэйэтин норуотугар үйэлээҕи-туһалааҕы, кэрэни, үчүгэйи биэрэргэ төһөлөөх кыһамньы, баҕарыы баар буолан, бачча үлэлиирэ буолла?
Биирдэ эмэтэ көрдөххө, кини айымньытын хас тылын, хас этиитин хат-хат чочуйар, көннөрөр, улам тупсаран иһэр идэлээҕэ. Арыт миигин ыҥыран ылара: «Тооруом, кэл эрэ манна. Иһит эрэ хайдаҕый?» Платон ол кэннэ айымньытыттан тугу эмэ ааҕан биэрэрэ. Үчүгэйдик ааҕар. Куолаһын эҥин араастаан уларыта-уларыта, артыыстардыы. «Хайа, хайдаҕый?» – диэн ыйытар. «Бэрт дии. Арай бу тылы атыннык эттэргин…» – «Эһээ? Ханныгы?!» Саҥа истибит тылын суруйа охсор, онтон эмиэ ааҕар: «Эс, сатаныа суох», – диир, эбэтэр: «Арааһа, син да буолсу дии, быһыыта», – диэт, сөбүлээбитин айымньытыгар киллэрэр.
Сорох ардыгар кини үлэтиттэн кэлээт, хоһугар киирэн эрдэттэн ыла үлэлээччи. Бука, туох эмэ ыксалга-тиэтэлгэ, эбэтэр айыаҕа-суруйуоҕа ыган кэллэҕинэ буолара эбитэ буолуо ээ, ол. Оччоҕо биһиги туспа хоско тахсан биэрэбит. «Паапа үлэлиир, айдаарсымаҥ», – диэн оҕолорбун буойа сатыыбын. Хата, быыс-арыт булан, кыргыттара тиийбиттэрэ, сэлээннэнэн туран, тобугар көтөхтөрбүттэрэ эрэ баар буолар. Нэһиилэ араараҕын оччоҕо кинилэри аҕаларыттан. Көр, оннооҕор онно биир тылы эппэт, наар оҕолорун таптаан ымманыйа, араастаан баллыгырыы олорор буолааччы.
Платон бэйэтэ да ис-иһиттэн наһаа оҕомсох киһи этэ. Мин киниттэн түөртэ оҕоломмутум, онтон билигин Москваҕа оҕоломмут икки бастакыларым эрэ бааллар. Саргылаана 1931 с. балаҕан ыйын 16, Сардаана 1934 с. балаҕан ыйын 6 күнүгэр төрөөбүттэрэ. Оттон Октябрина алта ыйдааҕар, Платон Тааттаҕа быыбардааччылары кытта көрсүһэ сырыттаҕына, өлбүтэ. Оттон кыра кыыһын Платониданы төрүт да көрөөхтөөбөтөҕө, хаайыллыбытын кэннэ төрөөбүтэ уонна биирин туолуутугар өлбүтэ.
Үс кыыһыгар – Саргылаанаҕа, Сардаанаҕа, Октябринаҕа бэйэтэ аат булан ааттаабыта. Оҕолонорбун кытта, төһө да солото-билэтэ суох буоллар, родилкаҕа тиийэн кэлбитэ эрэ баар буолар уонна сурук оҕото ыытааччы: «Эҕэрдэлиибин Саргылаананан…» эбэтэр «Сардаананан», «Октябринанан» – диэн. Төрдүс кыыспар бэйэм аат биэрбитим, баара эбитэ буоллар, бу да сырыыга эмиэ ким эрэ диэн бэйэтэ ааттыах киһи эбитэ буолуо.
Платон оҕолоругар тапталын дириҥ төрүтүн кини «Татыйык ыллыыра», «Бу уоттаах бакаалы» диэн хоһооннорун аахпыттар даҕаны толору өйдүөхтэрин сөп дии саныыбын.
Мин оҕом – Лаанык кыыс,
Күндү кыыс, көмүс кыыс,
Туллукчаан,
Туораахчаан…
Аҥардас бу аҕыйах тылларга, Саргылаанатыгар анаабыт хоһоонун тылларыгар, төһөлөөх истиҥ, минньигэс таптал, сүрэҕи-быары сылаанньытар намчы-нарын нуурал баарый! Эбэтэр:
Удьуорбут уһуоҕа,
Уруйдуу туруоҕа…
Биир өлөн сүтүөҕэ,
Биир үөскээн төрүөҕэ… —
диэтэҕэ үһү иккис хоһоонугар. 1936 с., үһүс кыыспыт төрөөбүтүгэр, суруйбут бу хоһоонун драматизма, дириҥ бөлүһүөктүү көрүүтэ, олоххо кырдьыга киһини сөхтөрөр. Бу биир эрэ олоҕу, тус биир олох кыараҕас эйгэтин быдан баһыйар.
Арыт мин быыһаныым кэнниттэн этэрим: «Эмиэ кыыс!» Платон оччоҕо буойара: «Кэбис, инньэ диэмэ. Кыыс буоллун, уол буоллун – иккиэн биһиэннэрэ, биһиги оҕолорбут. Хойут кыыспыт уолу аҕалыаҕа, оттон кыыһа суохтарга уоллара кыыһы биэриэҕэ. Оччоҕо итэҕэс син биир ситэр буолбат дуо? Уонна биһиэхэ онтон ордук туох нааданый?» – диэн.
Платон оҕону олус таптыырын итинэн эрэ быһаарыахха сатаммат. Дьааҥыга бандьыыттар тоһуурдарыгар түбэһэн өлбүт Никита Слепцов уолун Васяны, бииргэ төрөөбүт Иван Слепцов уолун Дьулустааны, төгүрүк тулаайах хаалбыт Паша Аянитованы иитэ ылаттаабыта. Ол оҕолору бэйэтэ төрөппүттэриттэн итэҕэстик туппат этэ, син биир тэҥник маанылыыра, болҕойоро. Олоҕун тиһэх күннэригэр кини наар оҕолорго тугу эмэ суолталааҕы айдарбын диэн тыллааҕа. Оҕолорго анаан хас да кэпсээннэри, остуоруйалары суруйда быһыылааҕа. Кэлин хас да тэтэрээттээҕэ, онно наар: «Оҕолорго анаммыт айымньыларым бааллар, соҕурууттан кэлэн баран салгыам, ситэриэм», – диирэ.
Холбоспуппут, Саргылаанабыт төрүөн иннинэ, Платон миэхэ сотору-сотору этэр: «Чурапчыга тахсан, бэйэҥ оҕоҕун киллэр. Оҕо ийэтин аттыгар сылдьыахтаах». Хаста да аккаастанан баран, олус хаайара бэрдиттэн, Чурапчылаабытым. Онтон урукку кэргэммиттэн төрөппүт бэйэм кыыспын Машаны, тыллаах-өстөөх бүтүн киһини, аҕалбытым. Платон орон, утуйар таҥас атыыласпыт, оонньуур бөҕөнү муспут. Оттон кэмпиэтэ, бэчиэнньэтэ баһаам. Оҕом кэлээт, сылайбыта бэрт буолан, утуйан хаалбыта. Киэһэлик Платон көтөн түһэр, үөрбүт аҕай: «Кэллигит дуу? Хайа, оҕобут? Ханна баарый?» – «Утуйа сытар. Кыратык сыта түстүн, уһугуннарыма», – диибин. Суох, киһим истибэт, таҥаһын устаат, илиилэрин ириэрэн тиэтэйэ-саарайа мускунаат, хаһааҥҥыттан эрэ арахсан олус ахтыбыт оҕолоох киһилии баллыгырыы-баллыгырыы, кыысчааны сулбу тардан ылар, «чуу» дии-дии, саба түһэн уураабытынан-сыллаабытынан барар. Кыысчааным, бастаан соһуйан өрө көрө түһээт, сонно сыста түһэр: «Паапа!» Платон син биир бэйэтэ төрөппүтүн курдук таратара, таптыыра.
Биһиги онон, мунньан-тараан сэттэ оҕолоох ыал буолбуппут. Эттэххэ дөбөҥ бу. Хайа оҕону таптаабат, оҕону сөбүлээбэт киһи бачча элбэх оҕону иитиэ үһү?
«Олоҕун үгүс өттүгэр бөдөҥ салайар дуоһунастарга, бар дьон дириҥ ытыктабылыгар сылдьыбыт, аҥаардастыы «Ойуунускай дуо?» дэппит киһи ол балаһыанньатынан туһанар этэ дуо?» – диэн ыйытааччылар эмиэ баар буолуохтарын сөп. Саха норуотун тапталлаах уола, коммунист П.А. Ойуунускай бу да өттүнэн курустаал таастыы ыраас киһи этэ диэн быһаччы этэбин.
Биһиги ордук өр олорбут дьиэбит урукку Ворошилов уулуссатын 14-дэ, ити билигин музей буолбут дьиэ. Билигин көрдөхпүнэ, олус да бэрт дьиэ эбит, оҥорбуттара-тупсарбыттара бэрдикэтин! Оччолорго ити тулатыгар бадараан уонна чалбах халыйбыт, наһаа тымныы, наһаа сииктээх дьиэ этэ. Сайын буора-сыыһа, кыһын тымныыта-чэҥэ. Ыксаан арыт тыл көтөҕөрүм: «Тоҥон өлөрбүтүгэр тиийдибит, оҥотторо-өрөмүөннэтэ түспэккин эбээт», – диэн. Платон оччоҕо күлэр-салар: «Маннык дыбарыаска олорон эмиэ тугуҥ тылай? Итии буолбат дуо? Олус итии дьиэ доруобуйаҕа куһаҕан буолааччы». Арыт этэр: «Хайдах эмэ гынан олоро сатыахха, дьон биһигиннээҕэр куһаҕан усулуобуйаҕа олороллорун көрбөккүн дуо?»
Бу кэнниттэн эбии өрө баран, өссө тугу этиэххиний? Ол да буоллар, биллиилээх поэкка Сергей Степанович Васильевка махтаммыппын хаһан да умнуом суоҕа. Биирдэ, адьас ыксаабыт кэммитигэр, кини дьиэбитин өрөмүөннэтэн абыраабыта. Сергей Степанович оччолорго куорат Сэбиэтин исполкомугар бэрэссэдээтэллиирэ. Кини биһиги дьиэтээҕи усулуобуйабытын хантан билээхтээбитэ эбитэ буолла? Платон бэйэтэ көрдөһө барбатаҕа чахчы, бука, биһиэхэ сылдьар дьоннортон хайалара эрэ тыл тириэртэҕэ.
Дьиэбитигэр киһи таба көрөр мала-сала суох ыалбыт. Баар-суох миэбэлбит сыыһа ити билигин музейыгар турар. Кинигэ ыскаабын соҕуруу барарыгар М.К. Аммосов бэлэхтээбит этэ. Суругун остуола. Хас да венскэй иэҕии олоппостордоохпут. Иһит ыскааба – буфет баара, ол ханна-ханна тиийбитин өйдөөбөппүн. Итиэннэ Сүөкүччэ кэриэһэ диэн биир кыра көбүөрдээҕэ. Мантан ордук малбыт-салбыт суоҕа, аҕабыт була-тала да сатаабат этэ.
Таҥнар таҥаһыттан биир хара көстүүмнээҕин өйдүүбүн. Хаһан булуммут көстүүмэ эбитэ буолла, мин кэлиэм инниттэн баара. Уопсайынан, Платон ураты чэнчис-чэбэр киһи этэ. Кини ол соҕотох көстүүмүн, икки-үс ырбаахытын хаһан да киртиппэт, хараардыбат этэ, куруутун тэп курдук тутта-оҥосто сылдьаахтыыра. Ааттаах табахсыт этэ да, бэл диэтэр ону да биллэрбэтэ, барытын бэйэтэ хомуйара, алҕаска бөппүрүөскэ күлэ саккыраабытын, испиискэ тоһоҕоһо, бөппүрүөскэ төрдүгэһэ остуолга, муостаҕа түспүтүн, саараама, көрүөҥ суоҕа. Киниэнэ туттар мала барыта бэрээдэктээх, анал-анал уурар миэстэлээх буолааччы. Оннооҕор күнүс суоҕар кинигэтиттэн ылан ааҕан баран, алҕаска лииһин бүк туттахпына, киэһэ кэлэн, ол лиис бүк тутуллубута биллибэт буолуор диэри имэрийэ, көннөрө олорооччу. «Тооруом, маннык гыммат буол, кинигэ лииһин бүк туппат куолу», – диэччи ол кэннэ. Түүнү быһа суруксуттаабыт кумааҕытыттан сылайан, уута кэлэн: «Чэ, бэйи, сарсыарда хомуйуом», – диэн, остуолугар биир лииһи хаалларбытын өйдөөбөппүн. Үлэлээн бүтээт, остуолун бэрээдэктээн, орун оннугар түһэрэн кэбиһээччи. Суох, ити бириинчигэ буолбатах, ити кини үөрэммит үгэһэ, өйүн-санаатын бэрээдэгэ этэ. Кини, бэйэтин бэйэтэ харана, бэйэтин бэйэтэ көрүнэ ол курдук үөрэнэн хаалбыт. Бириинчигэ эбитэ буоллар, бас билэрдии да миэхэ кыҥкыйдыа, саҥарыа эбитэ ини. Саараама, оннук түгэн биһиги олохпутугар суоҕа.
«Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан» диэн 1917 с. биир хоһоонугар суруйан турардаах. Бу строкалары ааҕан баран сорохтор саныахтарын сөп: «Ок-сиэ, Ойуунускайдара диэн, быһыыта, олус да дойдумсах киһи эбит, «Таатта оҕотобун» дэнэн түһэн». Дьиҥэр, бу хоһоон норуот улуу ырыаһыт уолун дьиҥнээх өйдүүр өйүн, саныыр санаатын этэр диир сатаммат. Платон Ойуунускай бу боппуруоска сыһыанын дьиҥнээхтик билиэҕи баҕарар буоллахха, «Син-биир буолбаат?!» диэн кини М.К. Аммосовка анаабыт айымньытын үчүгэйдик сыныйан ааҕар сөп.
Төрөөбүт ийэ буор сирбитигэр
Төннөн өлбөтөхпүтүн даа! – диэммин
Хомойорбун билбэппин
Хоргутарбын көрбөппүн…
Дьэ, бу баар Ойуунускай олоххо көрүүлэрин дьиҥнээх саҕыллыыта. Итиэннэ кинини «өтөхтөөҕүмсүйбүт», «алааһымсыйбыт» диэн хайдах этиэххиний? Платон дойдум диэн өрөспүүбүлүкэтин, Сэбиэскэй дойдутун бүтүннүүтүн ааттыыра, дьиҥнээх большевик, интернационалист быһыытынан арбааһыннаахтык, киэҥник көрөрө.
Төрөөбүт оройуонун, өтөҕүн саныыр эбит да буоллаҕына, «сиргэ түспүт сэрэбиэй, окко түспүт оҥоһуу» быһыытынан, биирдэ эмэтэ сыл баһыгар-атаҕар, ордук саас от-мас тиллиитин саҕана, быктарара эбитэ дуу? Кини оччоҕо оннооҕор миигин, кыһыл оҕолоох дьахтары, кутугунатара: «Бардыбыт, тооруом, бардыбыт, тугу гына дьиэҕэ хаайтара олордохпутуй?» Хайыахпыный, сорох ардыгар барсабын. Барсан да, мин чугас ыалга хонобун, Платоннаах бэйэлэрэ саалана бараллар. Оттон сайын сир астыы соһор, мыраан кэтэҕэр тахсан сугуннуубут. Дьэ, бу кэмнэргэ төрөөбүт алааһын, кустаабыт-балыктаабыт ууларын ахтан ааһааччы этэ.
Дойдулаахпын диэн оччо-бачча барбытын-кэлбитин, тиэстибитин да өйдөөбөппүн. Мин билэрбэр, депутат буоларыгар эрэ быыбардааччыларын кытта көрсө, Тааттаҕа биирдэ тахса сылдьыбыта. Онно эмиэ барыс диэбитин, Октябрина диэн кыыспыт ыалдьар буолан барсыбатаҕым.
Кини арай биир бэлиэ тыллааҕа: ол ийэ таптала. «Ийэм Дьэбдьэкиэй уҥуоҕар» диэн хоһооно поэт дьиҥ чахчы дууһатыттан суруллубут хоһоон, дьиҥнээх олоххо баар суол. Ийэтин наһаа ахтара, туой Октябринатын: «Эбэтин курдук кыыс, Тэттэкиэй-Моттокуой», – диэн таптыыра.
Платон саамай таптыыр, саамай харыстыыр мала диэн саата. Икки уостаах үс биһилэхтээх «зауэрдаах» этэ – ол.
…Уохтаах уот курбуула,
Уһуутуур уһун турба,
Сатарыта оонньуур
Саа саара саабыйар,
Саам барахсан дорообо! —
дии-дии, хааҕа угуллан баран оронун үрдүнэн көхөҕө ыйанан турар сааны ороон, түннүк сырдыгар кыһайан иһин кыҥаан көрөрө, тас лааҕын сууйа-сото, имэрийэ-томоруйа олороро бу баарга дылы. «Оо, паапа кустуу бараары гыммыт», – дэһэбит биһиги оччоҕо. Кыс хаар ортото ханна туох куһа буоллаҕай? Таах, дьээбэбитигэр. Паапа мүчүк гынар: «Эдэр-сэнэх эрдэххэ, кустаныллара, доҕор». Онтон тэптэрэн, аны хаһан эрэ хайдах бултаабытын, төһөнү тэлэ тэптэрбитин кэпсээн-ипсээн күппээллиир. Саабытын, ол кэпсээн бүттэҕинэ эрэ, төттөрү уурабыт.
Суруксуттуур тэриэбэтэ да көннөрү прибордар буолаллара. Литературнай үлэтэ-хамнаһа сүүрбэ сыла туолуутугар кимнээх эрэ бэлэхтээбит прибордарын остуолуттан араарбат буолара.
Кырдьыгын ыллахха, үп-ас, харчы да өттүнэн дэлэй-былас барбатах ыал этибит. Син уонча кэргэммит, ол үрдүгэр ыалдьыт-хоноһо, тыаттан киирээччилэр дьиэлэнээччилэр. Соҕотох киһи хамнаһа онтон төһөтүгэр тук буолуоҕай? Суруйара-суруйара да, мин билэрбэр, боччумнаан гонорар ылбытын өйдөөбөппүн. Үгүс өттүгэр урут суруйбутун хаттаан эллиир, үрүт үрдүгэр көннөрөр, тупсарар быһыылааҕа. Олоҥхотун хат-хат устара, итиэннэ «Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куону» оҥороро-суруйара. Кэпсээннэриттэн «Дойду оҕото Дорогуунап Ньукулайы» балачча өр үлэлэһэн бүтэрбитэ. Итиэннэ үгүс хоһооннору-ырыалары, кыра кэпсээннэриттэн «Омуннаах оҕону», «Өйдөөх оҕону», «Оҕо куйуурдуу турарын», «Сүрэҕи» уо.д.а. суруйталаабыта. Өссө төгүл этэбин: Платон айымньытын наһаа кичэйэн таҥастыыра, бүтэрэ-оһоро охсорго дьулуспат буолара. Этэн көрө-көрө, саҥаран көрө-көрө, аахтахха ханан да иҥнигэһэ суох үөрэ-дьүөрэ, утум-ситим, уу сүүрүгүн курдук тахса турар гына суруйар буолара. Бука, ол үгүс сыраны, үгүс бириэмэни ылара эбитэ буолуо. Итиэннэ Платон бэйэтигэр уонна айымньыларыгар наһаа дьэбирдик сыһыаннаһар, аныгы тылынан эттэххэ, бэйэтигэр үрдүк көрдөбүллээхтик сыһыаннаһар киһи этэ. Москваҕа айымньыларын сэттэ томнаах хомуурунньуга тахсыахтаах этэ, ону санаатаҕына, арай онно этэр буолара: «Тооруом, сотору үчүгэй буолуохпут, сотору элбэх да элбэх гонорары ылыахпыт». Ханна баарый, онтукатыгар кыайан тиийбэтэҕэ.
Арыт иккиэйэх эрэ олорор буоллахпытына, ырааҕы-киэҥи саныырдыы чуумпуран олорон, тэһэ астарбыт курдук, ыраланар буолаахтыыра: «Тооруом, мин хойут наука доктора буолуом, онуоха диэри үлэлиэм да үлэлиэм! Көр эрэ, ити билигин мин институтум улахан төрүттээх-силистээх тэрилтэ: мантан сэдиптэнэн хойут өрөспүүбүлүкэбитигэр Наукалар академияларын филиала аһыллыаҕа, үгүс да үгүс да учуонайдар үөскүөхтэрэ». Туохтан уонна тоҕо миэхэ итилэри этэрин билбэтим. Бэйэтин кытта бэйэтэ кэпсэтэрэ, ис санаатын таһыгар таһаарара эбитэ дуу, эбэтэр оччотооҕу олох хобдоҕуттан миигин арылдьыта – алы гына сатыыра дуу? Туох билиэ баарай!
«Тооруом, тэһийбэккин дуу? Оччоҕо Өссүөнтэйдээххэ бара сырыт ээ». «Ээ, хайа муҥун, тура-тура биир ыалы салгытан!» – мин төттөрүлэһэбин. Кырдьык да, сотору-сотору бара сылдьар ыалбыт диэн Авксентий Егоровичтаах буолаллара, кинилэр тустарынан кэпсэтиибит ити. «Чэ, оччоҕо киэһэ театрга бараар, мин уолаттарга этиэҕим». Киэһэ институтугар бииргэ үлэлиир уолаттарыттан ким эрэ тиийэн кэлэр, миигин театрга илдьэ барар. «Доҕоор, хотуммун соҕотохтуу ыытымаар эрэ, дьиэтигэр аҕалан биэрээр», – дии хаалар Платон арыалдьыппар.
Платон табаҕы тардара, оттон арыгыны төрүт сөбүлээбэт, бэйэтэ испэт этэ. Ол оннугар дьону хайаан да ыалдьыттааччы. Ким эмэ кэллэҕинэ: «Тооруом, хайа, туохтаахпыт-эмэлээхпит дуо?» – диэбитинэн барааччы.
Платон хаһан даҕаны «ол киһи маннык, бу киһи маннык» диэн кэпсии-ипсии, сиилии сылдьарын ончу истибэт этим. Кини киһини ол-бу диири адьас өлөрдүү абааһы көрөрө. Ол да буоллар, кырдьаҕастартан Өксөкүлээх Өлөксөйү, Алампа Софроновы айаҕыттан түһэрбэт буолара. Олоҥхотун, остуоруйатын суруйарыгар Өксөкүлээх уобарастарыттан үгүстүк туһанара. «Бээ эрэ, Өксөкүлээх обургу туох диир эбитий?» – дии олорооччу. Алампа Софронов биһиэхэ сылдьара, өлбүтүгэр Платон наһаа хараастыбыта. Платон олоҕор өлүүнү-сүтүүнү үгүстүк көрсүбүт киһи. Бэйэҕит да санааҥ көрүҥ, икки кэргэнин көмөр, балта Маня, инитэ Иван Слепцов, тастыҥ аймахтара Василий Слепцов уонна Местниковтар ийэлэрэ, ииппит кыыспыт Паша Аянитова ийэтэ, бэйэбит кыыспыт Октябрина өлөллөр. Үгүстэрэ мин баарбар. Платон онуоха аһыы аһыйан аймаммытын, ытаабытын-соҥообутун биирдэ да көрбөтөҕүм. Көннөрү саҥатыттан-иҥэтиттэн матааччы, санньыйааччы. Кистэнэрэ-баттанара бэрдэ оччо эбитэ дуу? Онтон эрэ ордук Алампа өлбүтүгэр наһаа буорайбыта, Алампаны бэйэтэ сүүрэн-көтөн уҥуох туппута, литературнай нэһилиэстибэтин уонна рукопистарын сонно сылааһыгар институт архыыбыгар туттарбыта. Мин ону сөбүлүүрүттэн-таптыырыттан эбитэ буолуо дии саныыбын.
Г.В. Ксенофонтовы, Н.Д. Неустроевы эмиэ сыаналыыра, А.Д. Неустроеваҕа ураты суолта биэрэрэ.
Эдэрдэртэн сөбүлүүрэ үгүс этэ. Ол эрээри, саамай таптыыра А.Е. Мординов диэри гынабын. «Киһи тахсар киһитэ», – диэччи кини туһунан. Амма Аччыгыйа, Күннүк Уурастыырап сотору-сотору сылдьар буолаллара. Тугу кэпсэтэллэрин, хайы үксү, өйдөөбөппүн. Ол эрээри Күннүк Уурастыырап кэллэр эрэ, сэһэн-сэппэн элбиирэ, олоҥхо дуорайара оһуоба буолааччы. Бииргэ үлэлээччилэрин П.П. Барашковы, Н.М. Заболоцкайы, Н.Н. Павловы сотору-сотору ахтар буолара, анарааҥҥылара да биһиэхэ үгүстүк сылдьаллара. Уопсайынан, ыалдьыт сылдьар, хоноһо хонор ыала этибит биһиги. Суруйааччылар, артыыстар, учуонайдар, революционердар, бартыһааннар, тус доҕотторо, тыа дьоно – ыалдьыт-хоноһо үгүс этэ. Эдэрдэр, литератураҕа саҥа холонооччулар, эмиэ үгүстүк сылдьаллара. Платон кинилэри кытта син биир тэҥнээхтэрин курдук болҕойон кэпсэтэр, сүбэлиир-амалыыр идэлээҕэ. «Па, эйигиттэн туох да тахсыа суох», – диэн кими эмэ быһа-бааччы этэн хомоппутун өйдөөбөппүн, наар өйдөтө-быһаара, үөрэтэ-такайа сатааччы.
Москваҕа олорор кэммитигэр Саха сириттэн төрүттээх революционердар, партийнай-советскай деятеллэр, байыаннайдар үгүстүк сылдьар да, ыҥыран сырытыннарар да этилэр. Кинилэртэн Феликс Кону, Клавдия Кирсанованы, Иван Строду, Емельян Ярославскайы уонна да атыттары өйдүүбүн. Строд Москваҕа бастаан тиийэн, дьиэтэ суох эрэйдэнэ сырыттахпытына, олус абыраан турардаах. Кимин хантан билиэхпитий, биир кып-кыһыл нуучча утуйар таҥаспыт, чымадааммыт сыыһын туох да кэпсэтиитэ суох харбаан ылаттаат, этириэс эппитэ баара: «Чэ, бардыбыт, биһиэхэ бардыбыт. Суох, суох, аккаас ылыллыбат». Ол киһим Строд эбит, оччолорго Новомир биэстээх-алталаах оҕо этэ. Аҕыйах хонукка да буоллар, Стродтаахха наһаа үчүгэйдик олорбуппут, Иван Яковлевич Платоммун кыһыл оҕолуу ньилбэгэр өрө көтөхпүтэ, оччо өрө тутара.
Биирдэ аҕабыт үлэтиттэн кэлэн баран, утуйар хоһуттан тахсыбата. Мин тугун билиэхпиний, «киһим сылайдаҕа, аччыктаатаҕа» дии-дии, куолубунан ас бэлэмнии, остуол тарда сырыттым.
Ас тардылынна, оттон Платон остуолга суох. «Паапаа!» Эппиэт син биир суох. Сүрэҕим мөҕүстэ, хоско ыстанан киирдим. Киһим дэлби кубарыйбыт, таҥастыын-саптыын ороҥҥо сытар. Кини хаһан да маннык буолбат этэ, наһаа уолуйдум. «Тыый, ыалдьыбыккын дуу, паапа?» «Ээ, суох, ыалдьыбатым», – аат харата хардарда. Итиэннэ үөһэ тыынан кэбистэ. Түргэн үлүгэрдик төбөтүн тутан көрдүм. Сөрүүҥҥэ дылы. «Паапа, чэйдиэххэ ээ, оҕолорбут кэтэһэн олороллор». Платон аргыый аҕай турда, суунар сиргэ сакыҥнаан тиийэн, илиитин суунна. Нэһиилэ ыстакаан аҥаара чэйи истэ, онтон ордук тугу да аһаабата. Эмиэ хоһугар киирдэ.
Мин муодарҕаатым, батыһан киирдим. Киһим эмиэ оронугар сытыммыт. Олоппоһу чугаһатыммыт, онно табаҕын күллүүр иһитин уонна бүтүн хаа бөппүрүөскэни ууруммут уонна туох да бокуойа суох табахтаан бурҕат да бурҕат. «Бэйи, бу эн туох буоллуҥ? Үлэҕитигэр туох үлүгэр таҕыста дуу?» – «Ээ, суох, бэйэм». Хайдах да моһуогурбут, ыалдьыбыт быһыылаах дии санаан, эмиэ этин тутан көрөбүн: этэ сып-сылаас. «Паапа, ыалдьыбыккын дии. Тугуҥ ыарыйда?» – «Суох, ыалдьыбаппын».
Киһибиттэн итинтэн ордугу тугу да ыган ылбатым. Кини табахтыырын син биир тохтоппот. Онтон өйдөөн көрбүтүм, арай киһим хараҕа саатын диэки. Мин дьэ иэдэйдим: «Тыый, туох үлүгэрэ буоллаҕай?» – диибин испэр.
Платон онтон оргууй аҕай турда уонна Максим араамалаах хаартыскатын истиэнэттэн ылла. Эргим-ургум тутта, остуолун холбуйатын аһан, хаартысканы онно уган кэбистэ.
«Хайа, Максимы тоҕо ыллыҥ?» – соһуйан ыйыттым. Били сааны одуулаһар диэн куттаммытым, Максимы көрө сытар эбит, ону бутуйбуппун. «Ээ, дьыала куһаҕан», – диэтэ, онтон эмиэ сытта. Өр саҥата суох сытта, онтон аргыый аҕай эттэ: «Максимы ылбыттар…» – «Тыый, ол хайдах?» – «Оттон хаайбыттар, бүгүн мунньахха эттилэр…»
Бу түүн иккиэн утуйбатыбыт. Платон утуйбат. Бииргэм эргичиҥнии, үөһэ тыына сытар буолтун кэннэ, эгэ, мин утуйуох үһүбүн дуо? Дьиксинэрим бэрт, туой киһибин кэтиир курдукпун.
Аны кэлэн өйдөөтөххө, Платон доҕорун Максимы туппуттарыттан наһаа хараастыбыт, наһаа санаарҕаабыт эбит. Итиэннэ оччотооҕу быһыыны-майгыны, тутууру-хабыыры истэ-билэ да сылдьаахтаатаҕа. Ол түгэннэргэ иһигэр тугу өйдөөбүтүн-санаабытын билбит суох, бука, элбэҕи уонна арааһы өрө-таҥнары сыымайдаабыт буолуохтаах…
1983 с.