banner banner banner
Дьолу бэлэхтээ, Сэргэлээх
Дьолу бэлэхтээ, Сэргэлээх
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

Дьолу бэлэхтээ, Сэргэлээх

скачать книгу бесплатно

– Ии, чыычааҕыам! Кэм миигин харыстыы с-сылдьаахтыыгыан? Ч-ч-чэ, биир к-кырыылаах ыстакаанна к-кут. Ону иһэн у-утуйуом.

Хата Сэргэй бүгүн үтүө санаата киирбит киэһэтэ эбит. Ол ыстакаанын кытта төһө уһуннук лэбэйэ олорбута биллибэт, утуйбут этэ.

Тохсунньу ортото бастакы куурустар сыра-хара бөҕөнөн эксээмэҥҥэ киирэллэр. Түөрт эксээмэни этэҥҥэ туттардахтарына, бастакы семестри сабан, олунньу ортотун диэки каникулга барыахтаахтар. Долгутуулаах бастакы эксээмэннэр бу тирээн кэлэллэр.

Саҥа Дьыл өрөбүллэригэр «собуоттанан» хаалбыт Сэргэй иһэн кэлэрэ, буоккалаах кэлэн, дьиэтигэр иһэрэ үксээн барда. Сарсыарда арбы-сарбы туран, балык миинин биитэр оҕурсу кэнсиэрбэ уутун иһээт, үлэтигэр барар. Күн устата чөлүгэр түһэн, киэһэ ама киһи кэлэр эрээри, арыгы ылан кэлэр. Киэһэ аайы «Чэ, бу киэһэнэн бүтүөм, бүтэһигим эрэ», – диэн эрэннэрэр. Сарсыҥҥытыгар эмиэ арыгылаах кэлии, киэһэни супту иһии, түүнүн утуйан биэрбэккэ лэбэйии. Эдьиийэ хайдах тулуйаахтыыра буолла? Сима Сэргэй маннык иһэрин билбэт эбит. Саалаҕа утуйа сытан уһуктан кэллэҕинэ, куукуна уоттаах, Сэргэй тугу эрэ лэбэйэ, кими эрэ саҥара олороро иһиллэр. Ардыгар эдьиийиниин этиһэр, саҥарсар дорҕоонноруттан уһуктар, эдьиийин аһынара сүрдээх. Айаҕалыы сатаан, «бу мин олорорбун сөбүлээбэт буоллаҕа дуу» диэн санаталыыр. Кэлин киниттэн иҥнэрэ, утуйа сатыыр уолга киирэн, лэбэйэрэ элбээтэ.

Биир күн, дьиэтигэр олорон, кэниспиэгин арыйан, бэлэмнэнэ сатыыр да, уутун төрүт хамматах, өйүгэр туох да хатаныа суох. Аан туман үгэннээбит. Уонча хаамыы таһыгар киһини да көрөр уустугурбут. Массыыналар араҕас уоттарын холбоон, аатын эрэ сыылаллар, туормастыыр тыастара киһи куйахатын тыытан, кыычыгырыыр. Сима хаамтар хааман, мантан оптуобус үһүс тохтобулугар баар икки сыл олорбут интэринээтигэр тиийэр. Устудьуоннуоҕуттан манна сылдьа илик эбит. Бүгүн даҕаны манна кэлэр санаата суоҕа, атахтара аҕаллылар. Кэлбиччэ, киирэ сылдьыахха.

Интэринээккэ уларыйыы баара көстүбэт, барыта уруккутунан. Уол көрүдүөргэ хаамыталыыр. Бу дии, кинилэр тапталлаах көмүс ньээкэ уйалара. Арай билигин манна олор диэтиннэр? Үчүгэй да буолуо эбит. Кырдьык, сэбиэдиссэйгэ киирэн, ыйыталаһан көрүмнэ? Евгения Федоровна көмөлөһүө, быстах ханна эрэ кыбытыа дуо? Сима, бэл тиритэн кэлэр, ол эрээри, хорсунун киллэрэн, тоҥсуйан, сэбиэдиссэйгэ киирэр, Евгения Федоровна уурайбыт, кини оннугар нууччалыы эрэ саҥарар сааһыра барбыт саха дьахтара кэлбит. Интэринээт иитээччитэ, устудьуон кэлбитин истэн, утары олоппоско олороругар, хайдах үөрэнэ сылдьарын кэпсииригэр көрдөстө.

Уол хайдах уопсай дьиэҕэ ылыллыбакка эрэйдэммитин, ыалга, аймахтарыгар кыбыллан олорорун, ыала олус кыараҕастарын (күтүөтэ арыгылыырын кэпсээбэтэ), ыал кинини ылан кэбиһэн, бэйэлэрэ да эрэйдэммиттэрин кэпсиир. Түмүгэр, манна, интэринээккэ, кинини быстах кэмҥэ олордор сатаныа дуо диэн ыйытта.

Ити кэмҥэ иитээччи Альбина Михайловна киирдэ.

– Ой, Сима! Какими судьбами? – кини көрсүһүүттэн үөрэн, саҥа аллайар.

– Иитиллээччиҥ, уопсай дьиэҕэ ылыллыбакка, проблемаланан кэлэн олорор. Манна олордуҥ диэн көрдөһөр. Ол хайдах сатаныай, интэринээт – сабыылаах тэрилтэ.

– Даа, манна оҕолору кытта сатаммат. Ол эрээри хайдах эрэ көмөлөһөр суолу көрдүөххэ. Бу Симаҥ үөрэҕэр олус дьоҕурдаах, олус үтүө санаалаах киһи. Хайдах көмөлөһүөххэ сөбүй?

– Университекка көрдөһүү суруйан түһэрэбит дуо, оччоҕо?

– Оннук көрдөһүүнү бары биэрэн эрдэхтэрэ. Миэстэ барыта туолан турдаҕа, баччааҥҥа диэри. Арай биһиги били Евгения Федоровна олорбут каморкатын биэрдэхпитинэ? Күлүүһэ ньээҥкэҕэ баар буолуохтаах.

– Арай бэрэбиэркэ кэлэн, тутан ыллын?

– Бэрэбиэркэ сылдьыбыта дии, сылга иккитэ кэлээччилэрэ суох этэ. Кэллэхтэринэ даҕаны, ити каморканы астаран көрөөччүлэрэ суох. Хаһаайыстыбаннай, хлам хоһо буоллаҕа.

– Чэ, арай оччотугар олордоо инибит. Но эн уопсай дьиэҕэ анньыһа сырыт, быстах кэмҥэ эрэ олордобут.

– Баһыыбаларыҥ! Уопсайга миэстэ көрдүү сылдьабын, олус кэлэ-кэлэ ыйыталаһаммын, ардыгар мөҕүллэбин даҕаны.

– Чэ, ладно, олорон эр. Туолка, Унаарап, бииринэн, арыгы испэккин, иккиһинэн, атын устудьуоннары аҕалбаккын, үсүһүнэн, электроплитка, чаанньык холбоммоккун. Өйдөөтүҥ?

– Өйдөөн-өйдөөн…

– Альбина Михайловна, бу уолу тус эппиэккитигэр ылаҕыт, бэрээдэгин көрөҕүт.

– Эппиэппэр ылабын, Симаны эрэнэбин. Чаанньыгы көҥүллээбэппит дуо? Ханна аһыаҕай?

– Суох-суох! Чэ, бүттүбүт. Ханнык даҕаны электроприбору холбообот, категорически. Ити розеткалар хаһан тардыллыбыттарын, хаһан өрөмүөннэммиттэрин Айбыт Таҥара билэр…

– Үчүгэй. Иһиттиҥ, Сима? Чэ, бардыбыт.

Каморка таһырдьанан ааннаах. Быйыл кыһын киһи киирэ сылдьыбатах, хаара мөлбөй сытар. Ньээҥкэтигэр, тетя Шураҕа киирэн, кэпсэтэ-кэпсэтэ, чэйдээн баран, кочегаркаҕа сүүрэн тиийдэ. Дьээдьэ Афоняттан чох баһар тимир күрдьэҕин уларсан аҕалан, аан иннин хаарын ыраастаата.

Каморканан ааттанар бу кыракый хос сэбиэдиссэй кэбиниэтин кытта быысаһар. Курдат сылдьар ааннаах, онто каморка өттүттэн күрүчүөгүнэн эрэ хатанар эбит. Биир орон, биир кыра остуол, икки олоппос эрэ арыычча батан тураллар. Кыра билиитэ оһохтоох. Ок-сиэ, бу ыт уйатын саҕа хоско Евгения Федоровна барахсан икки сыл олордоҕо! Сааһын тухары үөрэх эйгэтигэр үлэлээбит, оҕо аймах кутун туппут киһи. Оччотугар, проспекка дьэндэһэр ванналаах, туалеттаах таас дьиэлэргэ кимнээх олороллор? Бу куоракка олорор дьиэ тиийбэтэ, бадаҕа, сүрүн кыһалҕа эбит. Оттон кини, табаарыс Унаарап, физмакка киирэн, дьиэтэ-уота суох учуутал буолаары мөхсө сырыттаҕа. Тутуу инженерин үөрэҕэр киирбэккэ, сыыстарбыт дуу? Бу өйдөөтөҕүнэ, тоҕо учуутал үөрэҕин талбытын үчүгэйдик быһаарар кыаҕа суох эбит. Оттон, аҕата учуутал буолан, билэрдии киирдэ ини. Тоҕо эрэ физмакка киирэргэ турунан кэбиспит…

«Бог весь знает, когда они установлены» аатырбыт розетка, выключатель, хос соҕотох лаампатын патрона сабыс-саҥалар, электропроводка эмиэ отой саһарбатах, соторутааҕыта тардыллыбыт. Евгения Федоровна олорбут хоһо маннык кыратын кинилэр билбэт этилэрэ, биирдэ эмэтэ киэһэ төлөпүөҥҥэ киирдэххэ, бу хос диэкиттэн ыһаарыламмыт луук, хортуоска сыта кэлээччи. Уол сэбиэдиссэйин кытта аан бастаан хайдах билсибиттэрин санаан, сонньуйар.

Күһүн, интэринээккэ киирэллэригэр ылаттаабыт сэбиэдиссэй барбыт, саҥа сэбиэдиссэй кэлбит үһү диэн иһиллэр. Ол уруккулара быстах биир ый солбуйбут эбит. Кыырыктыйан эрэр будьурҕай баттахтаах, киэҥ арылхай харахтаах саҥа сэбиэдиссэй Евгения Федоровна бастаан олус кытаанах педагог курдук көстүбүтэ.

Биир киэһэ оскуолаттан олус аччыктаан кэлэн, (иккис сменаҕа үөрэнэллэр) туһунан дьиэлээх остолобуойдарыгар тэбинэллэр. Ас биэрэр ааннара сабыылаах. Аһыллыахтаах кэмэ балачча ааспыт, тоҕо эрэ аспаттар.

– Аһыҥ-аһыҥ, хойутаатыгыт!

– Умираем с голоду! – уолаттар ааны тоҥсуйан лабыгыраталлар.

Иһирдьэттэн харда мэлигир.

– Аһыҥ диибит дии! – Сима ааны тэбэн «лүҥ» гыннарбытын өйдөөбөккө да хаалар.

Дьэ, иһирдьэ айдааран турбаттар дуо! «Тэптигит» – хайаҕаһынан көрөн турбуттар эбит. Биир дьуһуурунай кыыс, аспакка, аан бүтэй этиһэ турар. Ол кэмҥэ балачча кыыһырбыт сэбиэдиссэй киирэн кэлэр. Иккис кыыс анараа, таһыттан киирэр аанынан сүүрэн тахсан, сэбиэдиссэйгэ үҥсүбүт эбит. Куорат интэринээтэ икки этээстээх икки мас дьиэлээх: кыргыттар уонна уолаттар куорпустара. Манна нуучча, саха итиэннэ араас омук оҕолоро олороллор. Иккис нүөмэрдээх оскуолаҕа аһыллыбыт физика-ахсаан кылаас оҕолоро, оройуонтан кэлбиттэр бу интэринээккэ ылыллыбыттар. Сима көрдөҕүнэ, нууччалар олус айдааннаахтар, этиһииктэр, аны бу хобуоччу эбиттэр…

Сэбиэдиссэй, үрдүкү кылаас оҕолоро бэрээдэккэ, култуураҕа холобур буолуохтаахтарын, кыралары көрө истэ-сылдьыахтаахтарын оннугар, подача аанын атахтарынан тэбиэлии сылдьаллара сиэргэ баппатын этэн туран, ким тэппитин ыйытар.

Мөҕүллэ турар түөрт уол сирэй-сирэйдэрин көрсөллөр.

– Мин… – Сима күөмэйэ хатан хаалбыкка дылы.

– Эн, эн кимҥиний?

– Унаарап Симабын.

– Подача аанын атаххынан тэптиҥ? Биһиги эйигин интэринээттэн таһааран кэбиһиэхпит.

– Тэптэ дуу, оҕуста дуу?

– Биһиги бары тоҥсуйбуппут, – дии охсор табаарыһа Ваня.

– Суох, ону ыйыппаппын. Унаарап охсубута дуу, тэппитэ дуу?

– Ну, стукнул, кулаком… – Ваня иэдэстэрэ кытарар.

– Унаарап, тэптиҥ дуу, оҕустуҥ дуу?

– Тэппитим… – Сима олох буорайан турар.

Дьэ, хаарыаннаах интэринээтиттэн көттө быһыылаах. Саат.

– Унаров, эйиигин кытта туһунан кэпсэтиллиэ. Аһылык кэнниттэн миэхэ киириэҥ, онно кэпсэтиэхпит! – сэбиэдиссэй тимирдийэн хаалбыт саҥата иһиллэр.

Ас биэрэр аанын дьэ аспыттара. Сэбиэдиссэй куукунаҕа киирэн, остолобуой тоҕо чаас аҥаарыттан ордук хойутаан аһыллыбытын ыйыталаһан эрэрэ иһиллэр.

Сима, аһара аччыктаан, астара охсоору ааны атаҕынан тэппит киһи, айаҕар ас киирбэт. Куһаҕаннык да быһыыланна. Чэ, үүрүллэр буолла. Манна ханна олорон үөрэниэй? Дойдутугар саккыраан тахсарыгар тиийэр. «Унаараптар уоллара, куоракка баппакка үүрүллэн тахсыбыт үһү. Тотон өлөн араас буолан эрдэҕэ», – диэхтэрэ. Саатыан…

– Доо, Сима, наһаа санаарҕаама, доо. Устуохтара суоҕа. Оннооҕор буолуохха сороҕор устааччылара суох, – Ванята уоскута сытыыр.

Кини бу дойду олохтооҕо, интэринээккэ бэһис кылаастан олорор.

Остолобуой тоҕо хойутаан аһылынна? Бүгүҥҥү дьуһуурунайдар, Лезнев уонна Скобенко диэн оройколор, дьуһуурустубаларын умнан кэбиһэн, «футбол тэбэ» ойон хаалбыттар. Повар тётя Феня отто кэлбитэ – мас ньымаа. Иллэҥ уолаттары булларан, мас хайыттаран, киллэртэрэн оттуор диэри бириэмэ баран, астара хойутаан буспут.

Буруйдаах уол сэбиэдиссэй иннигэр самнан турар. Ол эппиэтинэһэ суох Лезневтар, Скобенколар уһуллуохтара суоҕа, кинилэр буруйдара диэхтээн, умнан, дьалбааран хаалан, дьуһуурунайдаабатахтар. Алҕас. Оттон кини подача аанын тэппитэ алҕас хайдах алҕаһаан буолуой? Кини бэйэтэ буруйдаах. Быраһаай, интэринээт…

– Аскытыгар тотоҕут дуо? – Сэбиэдиссэй сымнаан хаалбыт куолаһынан ыйытар.

– Һым, сороҕор, тренировка күнүгэр тотооччубут суох. Ээ, дьиҥинэн, тотобут, үчүгэй.

– Чэ, тахсыаххын син, – Евгения Федоровна тоҕо эрэ үөһэ тыыммыта иһиллэр.

Сима, этэргэ дылы, «харалаан хантайан тахсыбыта». Элбэх киһи ортотугар сылдьарга, куорат олоҕор түргэнник үөрэммитэ. Иккис сылыгар, онуска үөрэнэригэр кинини «Евгения Федоровна мааны оҕото» дииллэрин истэрэ. Кырдьыга, сэбиэдиссэй кими даҕаны ойуччу тутан маанылаабата. Арай сорох киэһэ ити аан нөҥүө кэбиниэккэ истиҥник кэпсэтэр буолаллара. Евгения Федоровна ханна эрэ ыраах, Красноярскай кыраай хоту уһугар, Дьэһиэй диэн сиргэ төрөөбүт. Онно сахалар олороллор, паспордарыгар дьонуҥ «саха» диэн суруйтараллар, Саха сирин сахаларын «эһиги саха буолбаккыт, дьокуут киһилэргит» дииллэр үһү. Үөрэххэ олус баҕалаах кыысчаан, эмиэ маннык интэринээттэринэн олорон, орто оскуоланы бүтэрбит. Бастаан, кыра сылдьан, дьонун ахтан ытыыра үһү, үөрэххэ баҕа баһыйбыт. Дойдутугар ааҕар балаҕаҥҥа улахан дьону үөрэтэ сылдьан, күрээн кэриэтэ, Томскайга тиийэн, учуутал институтугар үөрэнэр. Ол сырыттаҕына, сэрии саҕаланан, үөрэхтэрэ төлөбүрдэнэр. Хайыаҕай, үөрэҕиттэн тохтоон, хас да сыл учууталлыыр. Сэрии кэнниттэн үөрэҕин салҕаан, үрдүк үөрэхтэнэр. Аны, хоту дойду аҕыйах ахсааннаах норуоттарыгар көрүллэр чэпчэтиилэринэн туһамматах. «Саха диэн кимий? Ээ, якуткаҕын дуо, якуттар чэпчэтиинэн туһанааччы категориятыгар киирбэттэр», – дииллэр эбит. Хайдах үөрэммитин, улуу куораттар Москва, Ленинград тустарынан кэпсиирэ. Бэйэтин тус олоҕун төрүт кэпсээбэтэ. Оҕолордоох дуу, кинилэр ханна олороллор? Ким да билбэт.


Вы ознакомились с фрагментом книги.
Для бесплатного чтения открыта только часть текста.
Приобретайте полный текст книги у нашего партнера:
Полная версия книги
(всего 10 форматов)