banner banner banner
Дьолу бэлэхтээ, Сэргэлээх
Дьолу бэлэхтээ, Сэргэлээх
Оценить:
Рейтинг: 0

Полная версия:

Дьолу бэлэхтээ, Сэргэлээх

скачать книгу бесплатно


Сима, тугу эрэ, бэйэни көмүскэнэргэ сөптөөҕү көрдөөн, көрүөлээн элэгэлдьитэр.

– Бэйи тохтооҥ, омуннурумаҥ эрэ, уолаттар. Бастаан киһибитин истиэҕиҥ, – Слава дьонун уоскуталыыр. – Ну, расскажи толком, Виктор, что случилось-то?

…Витя коннайга, кыргыттарга тиийбит, онно үс олохтоох уолаттар бааллара үһү. Кини тиийээтин, кыргыттар преподавателлэрэ, сааһыра барбыт дьахтар тахсан, утуйдубут диэн, тахсыбыт оҕолору иһирдьэ ыҥыртаан киллэрбит. Уолаттары тарҕаһалларыгар эппит. Анараа уолаттар, сылдьымахтаан баран, ханна эрэ элэс гыммыттар. Витя барбакка, коннай таһыгар сылдьыбыт. Сотору Маруся сыбдыйан тахсыбыт. Иккиэн балачча турбуттар. Куустуһуу, уураһыы да баара. Онтон преподаватель тахсан, Ширяева Марияны ыҥыра сатаабыт. Виктордаах, эркиҥҥэ сыстан, биллибэккэ турбуттар. Кыргыттар бары тахсан, көрдөөн, кинилэри булан ылбыттар.

– Ты, чё? Обалдела? Завтра она позвонит и тебя отчислят!

– Пока не поздно, все в дом, марш! – били кинилэри туппут хотумсук кыыс дьаһайбытынан барар.

Кыргыттар, Марусяларын иннилэригэр уктан, киирэн хаалаллар.

Ыаллар утуйбуттар, онон-манан биирдиилээн түннүк уота кылайар. Витя ол уоттарынан сирдэтэн, төннөн иһэн, сөптөөх хайысхатын сүтэрэн кэбиһэр. Биир олбуортан обургу ыт тахсан, сыыһа-халты хабыалаабытыгар, хантан кэлбит түргэнэ буолла, олбуорунан ыттан, кыра хоспох үрдүгэр ойон тахсар. Ыт олустаабытыгар, дьиэттэн дьахтар тахсан, үөхсэ-үөхсэ, хата, ытын баайар.

– Шныряют тут, всю ночь, ироды!

Оннук муна-тэнэ, дэриэбинэ ытын барытын уһугуннаран, дуолан моргуору таһаара сырыттаҕына, хантан кэлбиттэрэ биллибэт, икки уол барыс гына түһэллэр. Кинини бастаан охсон-тэбэн көрөллөр, ол кэннэ, Витя кыайан сөптөөх харданы биэрбэтэҕэр, үөс батааска бэрдэрбэккэ, быһыта сынньан кэбиһэллэр…

Итини барытын, хайдах баарынан Витя кэпсээбэт. Кыргыттарга сылдьыбытын, төннөн истэҕинэ саба түһэн кырбаабыттарын, «хаһыалара биллибэтин» эрэ кэпсиир.

Өйдөрүн-төйдөрүн булунан, сүбэлэһэн көрбүттэрэ, бу түүн ол күлүгээттэри булуо суохтар. Таах дэриэбинэни аймаан, туһата суохха сата баһын тардыахтара. Ол эрээри төрдө-ууһа суох кырбанан хаалар эмиэ сатаммат.

– Сарсыарда сэбиэттэригэр тоҕо сууллан тиийэн, ол кырбаабыт дьону булуҥ диир баҕайыбыт дуу? – диир Слава, толкуйга түһэн.

– Хата, оннук дьаһанар эбиппит. Буруйдаахтары булан, эппиэккэ тарда иликкитинэ, үлэҕэ тахсыбаппыт диибит, – Гена харахтара лаампа уотугар суостаахтык килбэлдьиһэллэр.

– Чэ билигин, киһибитин балыыһаҕа көрдөрөн, ыспараапка ылыаҕыҥ. Баҕар, олохтоохтор бэйэбитигэр баайсан туруохтара, «соҕотох нууччалаахтарын кырбаан баран, биһиэхэ балыйдылар» диэхтэрэ…

– Оннук-оннук, – уолаттар Слава ыллыктаах тылларыттан санаалара көнөн барар.

Аны балыыһалара ханна баарын хайалара да билбэт. Дьукаахтартан бас-көс киһилэрэ, Костя дэнээччи, балыыһаны билэр эбит. Бу киһилиин балачча дьээриктэһэн, Слава аһыллыбатах биир хаа «Приманы» биэрэн, сирдьитинэн илдьэ бараллар.

Хатыылаах ааны дибдийэн астаран, дьуһуурунай сиэстэрэни ойутан туруоран, уолларын эмтэтэллэр. Биэлсэри ыҥыртаран, ыспыраапка суруйтаран ылаллар.

Сарсыарда Слава үөгүлээн, тардыалаан, уолаттары бэрт эрэйинэн туруортуур. Арбы-сарбы көрүҥнээх, сууммута, хомуммута буолан эрдэхтэринэ, Василий Васильевичтара кыырыктыйан эрэр баттахтаах, бады-сады көрүҥнээх нуучча киһитин батыһыннаран киирэр. Бөлүүҥҥү айдааны истибиттэр. Сааһырбыт нуучча сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ эбит. Кэпсэтии түмүгэр уолаттар үлэлии тахсалларын, Телятников сельсовекка барсан, көрдөрүү биэрэрин быһаараллар. Участковай Амматтан иһэр үһү.

Кырдьык, ити күн буруйдаахтары булаллар. Тохсус кылааска үөрэнэр, саастарын ситэ илик уолаттар кырбаабыттар. Кинилэртэн биирдэһэ милииссийэ учуотугар турар, иккиһэ бу буруйунан учуокка ылыллыа үһү. Телятников прокурорга дьыала түһэрэр түбэлтэтигэр, киниэхэ кастет суола баарынан, кастеты туттубуттара дакаастаннаҕына, буруйдаахтар оҕо холуонньатыгар түбэһиэхтэрин сөп. Биирдэһэ, сааһынан балыһа, үс оҕолоох аҥаардас ийэ улахан оҕото. Аҕалара икки сыллааҕыта, итирэн сиргэ охтон, тоҥон өлбүт. Иккис уол, милииссийэ учуотугар турааччы – иһээччи ыал аччыгыйдара.

Үлэ кэнниттэн Славаны туох эрэ мунньаҕар ыҥырдылар. Уолаттар дьиэлэригэр тахсыбыттара, били кыра кырбааччы ийэтэ кэлэн, күүтэ сылдьар. Витяттан «үҥсүмэ, абыраа, баар эрэ уолбун, «сыночекпын» иннин быһыма» диэн, ытыы-ытыы, көрдөһөр. Оттон Витялара «эй – ээх» диэбэт, иэмин-даамын биэрбэт.

– Если бы вашего сыночка так избили, Вы бы простили? – диир Сима, тулуйа сатаан баран.

– Да! Да, я бы простила, – дьахтар бөкүнүк харытынан хараҕын уутун соттор.

– Видите, он в шоке. Ему тяжело. Дайте человеку прийти в себя, собраться с мыслями, – хантан ылан итинник «уу тэстибэтинэн» этэ турарын, Сима бэйэтэ сөҕөр.

– Да, сынок, верно говоришь. Но вы, ребята, простите моего дурака. Простите, – дьахтар тахсан барар.

– Хайа, наа, Сима отой абытай эбиккин дии! – Гена сөҕөн саҥа аллайар.

– Бу киһиҥ, куорат уола ээ, оскуоланы куоракка бүтэрбитэ, – Никандр мүчүк гынар.

– Эт-то кого и-избили? Какую сволочь проучили? – аны биллэ холуочук киһи тэлэкэчийэн киирэр.

Бу киһи олох атыннык туруорсар: дьахтартан атын, куттуур ньыманан киирэр. Дьыаланы суукка биэрдэхтэринэ – бэйэлэрэ кэһэйиэхтэрэ үһү. Мантан бүтүн бараллара да бэрт саарбах (очень сомнительно!). Бу дэриэбинэҕэ киэһэ аайы ким эрэ кими эрэ кырбыыр. Ол аайы үҥсүһэн, сууттаһан испиттэрэ буоллар, бу дэриэбинэ олоччу суох буолуо этэ. Бу дэриэбинэ бүтүн оройуону, сүрэҕэ суох сахалары барыларын даҕаны аһатан олорор. Ону кинилэр, сыыҥтайдар, өйдөөбөттөрө кыһыылаах. Бу бөөхүллэни (Витяны сөмүйэтинэн ыйар) түүннэри бабаларга сүүрбэт гына, өссө тутан биэриэххэ баара. Кини көрдөҕүнэ, ситэ «дьыалайдамматах» боторооску турар. Чэ, ол эрээри, абааһы тыыттын, Парамоныч үтүө киһи. Эр дьоннуу, баран самогон иһиэххэ уонна онон бүтүөххэ.

– Да, да, пропустим по паре чарок и разбежимся. Как настоящие мужики…

Ити «дакылааттыы» турдаҕына, Слава көтөн түһэр:

– Давай, разбежались в самом деле! А то вашего сыночка за решетку запрятаем, а вас отправим на пятнашку!

– Да ну на…, какая пятнашка, – ыалдьыт, үөхсэ-үөхсэ, атахха биллэрэр.

* * *

Оппуохаламмыт буор сыбахтаах самнарыспыт дьиэлэрдээх Покровка дэриэбинэтэ Амма эбэни үрдүк сыыртан өҥөйөн, бэрт кэрэ айылҕалаах сиргэ турар. Өрүһү батыһан олохсуйар үгэстээх нуучча дьоно, ханнык да улахан халаан ылбат, үрдүк хаастаах, олус табыгастаах сири булан олохсуйбуттар. Амма өрүс сүнньүгэр маннык үрдүк сиргэ олохсуйбут биир эмэ дэриэбинэ баара дуу, суоҕа дуу? Олохтоохтор күүскэ иһэллэр диэбиттэрэ даҕаны, мээнэ итирик далбаатана сылдьар дьон көстүбэттэр. Маҕаһыын таһыгар даҕаны итирэн орулаһа сытааччылар көстүбэттэр. Манна бурдук өлгөмүн үүннэрбит, рекорд бөҕөнү олохтообут бурдук үүннэрээччилэр, аатырбыт механизатордар, комбайнердар олороллор, үлэлииллэр. Холобур, Сималаах үлэлиир токтарын биригэдьиирэ, Василий Васильевич Соловьев, Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннаах, Саха Сирин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр киһи. «Амма» сопхуос киинин хонтуоратыгар Бочуот дуоскатыгар бэрт элбэх уордьаннаах, мэтээллээх дьон мэтириэттэрэ ыйанан турар.

Ол быыһыгар, үлэ күөстүү оргуйар Маайыскай нэһилиэгэр хантан кэлбиттэрэ биллибэт, ханна да үлэлээбэт дьиибэ дьон эмиэ көстүтэлииллэр. Холобур, мэлдьи остолобуой эргин иилэҥкэйдэһэр сыгааннар бааллар. Күн иллэҥ дьон диэн дьэ кинилэр. Бэлисэпиэт икки көлөһөтүн холбоон, бэрт саталлаахтык оҥоһуллубут тэлиэскэлээхтэр. Ардыгар биир киһи ат курдук көлүллэн, биир киһи тойон курдук олорон, төбөлөрүнэн аһыыппарбыт дьон курдук кылана-кылана сүүрдэн, уулусса буорун-кумаҕын өрүкүтэллэр. Бу дьон хайдах буолбуттарын олохтоохтортон ыйыттахха, «Ээ, абааһылары, хаартылаан сүүйтэрбит киһилэрэ ат буолан эрэр ини», – дэһэллэр.

Устудьуоннар дьукаахтара бу кэмҥэ тугу үлэлииллэрин дуу, таах сыталларын дуу киһи өйдөөбөт. Остолобуойга аһаабаттар, хата диэххэ дуу, арыгылаабаттар. Уолаттар үлэлии баралларыгар дьиэҕэ хаалаллар, үлэттэн кэлэллэригэр соннук дьиэҕэ бааллар. Үһүөн табахсыттар, аны табахтара быстан хаалар. Слава кинилэргэ күҥҥэ биирдии эрэ сотону бэрсэр. Дьукаахтар киһи көрөрүгэр биир уларыйбат дьарыктаахтар – оргуйа турар үстээх чаанньыкка лоп курдук билиитэ түөртэн биирин бардаран, хоп-хойуу чэйи буруолаппытынан иһэллэр. Бу дьону барыларыттан намыһах уҥуохтаах, сып-сытыынан көрбүт уҥуох сирэйдээх Костя диэн киһи баһылаан сылдьар. Дьонун төрүт саҥардыбат муҥур тойон. Иккис киһилэрэ Васька диэн, бэрт сымнаҕас сэбэрэлээх. Бу киһи элбэх чэйи истэҕинэ, киһи билбэт тылынан кыҥынайан ыллыы сылдьар үгэстэнэр. Үһүс киһилэрэ ортону үрдүнэн уҥуохтаах, толору эттээх-сииннээх, күүстээх да буолуон сөптөөх көрүҥнээх төрөл киһи. Эмиэ Васька диэн эрээри, тойонноро Костя «Дура-лошадь» диэнтэн атыннык ааттаабат. Бу барахсаныҥ – айылҕа атаҕастаабыт киһитэ, алталаах-сэттэлээх оҕо өйө өйдөөх. Ити сылдьан Васькаҥ мээлэ киһи сатаан үтүктүбэт «нүөмэрдээх». Крылов үгэлэригэр пародияны дьиҥнээх артыыс курдук ааҕар. Пародия обургу цензура көҥүллээбэт «кытаанах» тыллардаах, ол тылларын олус тоҕоостоох этиилэргэ кыбытыы тыл курдук туттар. Уонча күпүлүөттээх дойҕохтору нойосуус билэрэ туһунан таабырын: бу киһибит аахпат, суруйбат эбээт. Уолаттар итирик куобах уонна хахай туһунан хоһоону ааҕарыгар көрдөһөллөр. Васька буолунан бэрт: бэйэтин сыанатын бэркэ билэн сылдьар киһи.

– Басню Крылова читает артист художественной речи Василий из Покровки! – дорҕоонноохтук биллэрэн, киһиргэтэн көрөллөр – Васька хата хамсаан да көрбөт.

Биирдэ эмэтэ Слава бэйэтэ көрдөстөҕүнэ, Васька үгэлэрин аахпытынан барар. Ким баһылаан сылдьарын, ким бас бэринээччитин хата киһиҥ эндэппэт. Иккиһинэн, Слава сото табах бэрсэр, ону, «эн миэхэ – мин эйиэхэ» бириинсиби тута сытар эрдьигэн.

Дьукаахтар килиэптээх буолаллар, хантан эрэ курупа, мохоруон буллахтарына, ону буһараллар. Чифири, оргутааччы, курупаны буһарааччы мариец Бааска, мас киллэрэн оһох оттооччулара – хоһоон ааҕар Бааска. Костялара тыла эрэ хамсыыр. Дьиибэ дьукаахтар уолаттарга орооһо, киирэ-тахса сатаабаттар. Сатаспат быһыы таҕыстаҕына үлэ дьоно, уолаттар, дьиэҕэ хаалалларын, кинилэр таһырдьа быраҕыллыахтаахтарын өйдөөн сылдьар дьон. Быһата, дьон ортотугар сылдьан, олох бытархайдарын өйдүүргэ, бэйэни сөпкө туттунарга олох үөрэппит дьоно.

Биир күн эбиэккэ диэри үлэлээтилэр, сарсын атын бааһына бурдуга кэллэҕинэ, үлэ тахсыа үһү. Уонтан тахса күн быыстала суох үлэлээбит уолаттар айылҕаҕа тахсарга быһаарыннылар. Слава токка үлэлиир суоппар уолтан биир уостаах уон алталаах сааны уларсан кэллэ. Түөрт уол уута түһэн дьаратыйбыт, ол оннугар сүүрүгэ күүһүрбүт Амма Эбэни оҥочонон туораан, уҥуоргу мырааҥҥа таҕыстылар. Витялара «киһилии утуйаары» ыыспаларыгар хаалла.

Соҕотох саалаах куобахчыттар бастаан, саалаах киһилэрин ортоку туруоран, саата суохтар икки өттүнэн тараахтыы хааман көрөллөр. Кытыы иһээччилэр куобаҕы көрдөхтөрүнэ, саалаах киһилэригэр сэрэтэ иһиэхтээхтэр, сатанар буоллаҕына күөйэн, күрэтэн биэриэхтээхтэр. Талаҕа хойуута бэрт, куобахтар биирдэ-иккитэ көстөн, элэҥнээн хаалаллар. Балачча уһуннук хааман, сааны тыаһаппакка иһэллэр. Маннык бултаан мэлийииһилэр. Тохтоон сүбэлэһэн, күрэтэн көрөргө быһаарыналлар. Тарбахтаһан, Ньурба Генаҕа тоһуйар дьол тосхойор. Кини, сааны ылаат, аллара тэбинэр. Киһилэрэ тиийэн, оннун булунарын кэтэһэн, талах ойуур ортотугар олорон, сынньаналлар. Талах ойуур ураты сыттаах буолар, онуоха эбии күһүҥҥү чэбдик салгын эбиллибитэ, тыыныахха чэпчэкитэ олус. Балачча кэтэһээт, тараахтаан хаампытынан бараллар, тыанан иһэр киһи бытаан, хонуунан сүүрэр киһи түргэн. Гена сөптөөх сиргэ тиийэн, тахсан тоһуйар ини. «Һу-һу» дэһэ-дэһэ, аргыый хааман истэхтэринэ саа тыаһа доргуйар. Чочумча буолаат, киһилэрэ иккистээн тыаһыыр. «Кэллигиэ-эт» – диэн саҥа дуорайар. Мырааҥҥа тахсар дьиэллигэс суолу булан, Гена тоһуйбут эбит. Бастаан сулбу тэптэрэн, сыыһан ыыппыт, иккис куобах хата олорон биэрбит. Халлаан борук-сорук буолбут, тохтуулларыгар тиийдилэр. Бултуйбут аҕай дьон, үөрэн, күө-дьаа кэпсэтэн, кытылга киирдилэр. Ырааппыттар эбит, өрүһү өрө батан, уһуннук хааман оҥочолоругар тиийдилэр. Халлааннара хараҥарар. Дьиэлэригэр тиийэн чаһыларын көрбүттэрэ: хойутаабыттар, остолобуой сабыллыбыт. Ким мас киллэрэн, ким оһох оттон, икки киһи куобах сүлэн, бултарын буһараллар. Остолобуой аһыгар хал буоллахха, куобах-куобах барахсан этэ, миинниин дыргыйан, бу минньигэһин, үчүгэйин!

– Биһиги дьукаахтарбыт уонна били сыгааннар даҕаны тоҕо бурдукка үлэлээбэттэрэ буолуой? – диир Сима, буут уҥуоҕун силиитин оборо-оборо.

– Тоҕотун сотору билиэҥ, ыксаама, – Слава таайтарыылаахтык хоруйдуур.

Лоп курдук 25 күн үлэлээн, бүтэһик күн эрдэлээн бүтэн, хамнастарын аахса сопхуос хонтуоратыгар тиийдилэр. Хамнастарын 115-тии солкуобайы ааҕан биэрдилэр. Остолобуойга бэйэлэрин харчыларыгар аһаабыттара. Сарсыарда сопхуос таһаҕас массыынатынан Солобуодаҕа киллэрэр, онно миэстэ сакаастаммыт, бырайыастарын устудьуоннар бэйэлэрэ төлөөн айанныахтара үһү.

– Хайа, Сима өйдөөтүҥ дуо, дьукаахтарыҥ тоҕо үлэлээбэттэрин? Устудьуон туохха туһалааҕын уонна практика диэн тоҕо баарын дьолоҕойдоотуҥ дуо?

– Өйдөөтүм быһыылаах.

– Ол эрээри, ити дьон, таах сытыахтааҕар бачча да хамнаска үлэлиэхтэрин, – диир Гена.

– Ити дьонуҥ таптаабыттарынан сылдьа, ботуччу эрэ хамнаска хамсана үөрэммит урдустар буоллахтара, – Ника үгэһинэн бөлүһүөктүүр.

– Хамсаан эрэллэрин көрбөтүм, таах хамнаһа суох сытыах кэриэтэ, кыра да буоллар, кэм хамнас иһин үлэлээбит ордук ини?

* * *

Университет саҥа үөрэнэр куорпуһа, түөрт этээстээх таас дьиэ быйыл күһүн үлэҕэ киирдэ. Куорат үрдүнэн саамай улахан, аныгылыы тутуулаах сүүнэ уораҕай. Физмат факультет бу өй-билии үтүөкэн дыбарыаһын үһүс этээһигэр дойдуланан үлэлиэ үһү. Сима үһүс этээскэ чэпчэкитик элээрэн тахсан, баатыман кумааҕыга харандааһынан суруллубут араспысаанньаларын көрүөлүүр. Бастакы лиэксийэ «высшая алгебра» диэн предмеккэ, 402-с аудиторияҕа буолуохтаах, Семенов диэн преподаватель ааҕыахтаах. Устудьуон быһыытынан бастакы уруога, ээ, лиэксийэтэ, ону Семенов диэн дьоһуннаах араспаанньалаах преподаватель ааҕар! Сима үөрэн, долгуйан, тиритэн кэлэр. Уол аудиториятын көрдүү, төрдүс этээскэ тэбинэр. Көрүдүөргэ үөрүүнэн-дьолунан мичилиҥнээбит, сорохторо бэрт боччумнаахтык туттубут уолаттар-кыргыттар хаамсаллар.

Дьэ, университет үөрэҕэ, устудьуон олоҕо саҕаланнаҕа…

Киччэччи кырыллыбыт баттахтаах, бэйэтигэр сөрү-сөп толору эттээх, бэрт номоҕон сэбэрэлээх киһи киирэн, лоп бааччы саҥаран, кэпсээн барар. Хата киһи ситэн сурунан иһииһик уонна өйдөнөр эбит. Бу лиэксийэҕэ матрица, минор, матрица рангата диэн букатын саҥа өйдөбүллэри билэр.

Аны иккис паараҕа, матлогика диэн предмеккэ үөрэнээри, оҕолору батыһан иһэр.

Үөрэниэххэ, үүнүөххэ
Үчүгэй да дойду,
Үчүгэй да дойду —
Өлүөнэ эбэккэм…

Тыый, ыллыы иһэр дуу? Ээ, суох, иһигэр ыллыыр… суох-суох, дууһата ыллыы иһэр эбит.

Быйыл, кини үөрэххэ киирэр сылыгар, бу бэйэкээннээх үтүөкэн куорпус, Дьокуускай куоракка тутулла илик аныгылыы дьиэ, куорат эрэ дуо, Саха Сирин үрдүнэн бастыҥ тутуу үлэҕэ киирдэ.

Түөрт паара кэнниттэн, бастакы куурустар үһүс этээскэ батысыһан киирэллэр. Уопсай дьиэҕэ ылыллыбыттар испииһэктэрэ тахсыбыт. Сима, бу киэһэ уопсайга көһөн киирэрдии сананан, бэйэтин аатын көрүөлээн, булбата. Бүтэһик хаалан, сирийэн көрдүү сатыыр да, кини аата суох. Суруллубатах. Бу туох эрэ алҕас. Хайдах уопсайа суох?

Быһаартара охсуох киһилии, секретариакка сүүрэн тиийдэ. Онно сааһыра барбыт ачыкылаах нуучча дьахтара олорор.

– Испииһэпкэ аатыҥ суруллубатах буоллаҕына, уопсайга ылбатах эбиттэр, – дьахтар ачыкытын үрдүнэн көрөн кэбиһэр.

– Оччоҕо? Хайдах буолабын?

– Билбэтим. Студпрофком быһаарар. Кинилэртэн ыйыттаҕыҥ дии.

Сима студпрофкому ыйдаран тиийдэ. Онто хатааһыннаах. Хас да күн кэтэһэн-манаһан студпрофкомугар дьэ киирэр. Хара бараан быллаллыбыт сирэйдээх, ачыкылаах кыра киһи дьоһумсуйан олорор.

– Эн кыанар төрөппүттэрдээх устудьуон эбиккин. Уонна баран, хайдах бастакы куурустан тута уопсай дьиэнэн хааччыйтарыаҥый? – остуол тойоно тииһэ ыалдьыбыт киһи курдук, иэдэһин мырдыҥнатар.

– Бастакы кууруска даҕаны ханна эрэ олороммун үөрэннэхпинэ, үөһээ кууруска тахсыам этэ дии. Миэхэ уопсай дьиэ биэрдэххитинэ сатанар!

– Вот-вот, ханна эрэ олорон үөрэн, уопсайа суох тулуйан бастакы куурустаргын бүтэр уонна кэлээр. Эбиитин, өрүс уҥуор чугас улуустан сылдьаҕын, суох-суох! Уопсайга быйыл сананыма даҕаны.

– Чугас оройуонтан, Арыылаахтан сылдьан үөрэнэбин дуо, оччоҕо?!

– Унаарап! Этиһэ кэлбитиҥ дуо, манна?! Тахса тур! – киһитэ аһыҥа курдук кып-кыһыл буолар.

– Киһи кыһалҕатын өйдөөбөт, студпрофкомҥа сөбө суох салайааччы эбиккин.

– Туох диигин? Мин эйигин оннугун булларыам! – остуоллаах тойон турар.

* * *

Биир күн Унаарабы декаҥҥа ыҥыраллар. Маҥхайбыт баттахтаах, нүксүччү туттубут, наҕыллык саҥарбыт декан Афанасьев уолу чинчилиирдии көрбөхтүүр. Профкомҥа киирэн тоҕо «куруубайдаабытын» ыйыталаһар. Бука бары биир сорукка, үөрэх-сайдыы туһугар мөхсө сылдьан, бэйэ-бэйэҕэ хадьардаспакка, ытыктабыллаахтык сыһыаннаһар ордугун этэн, кыратык сэмэлиир. Уопсай дьиэлэргэ кырдьык, миэстэ букатын тиийбэтин, киниэхэ да хаһан эмэ миэстэ биэриэхтээхтэрин быһаарар. Ол инниттэн билигин ханна эрэ кыбыллан үөрэнэригэр, тулуйарыгар сүбэлиир. Тиһэҕэр, билигин ханна дьиэлэнэн олорорун ыйытар.

– Ити ийэҥ бииргэ төрөөбүт балтыгар, үс улахан киһи, үс кыра оҕо үс хостоох дьиэҕэ. Кытаат, Унаарап, устудьуоннар үөрэх туһугар, итиннээҕэр ыарахаттары тулуйаллар. Бачча күүстээхтик, 19 баллынан киирэн бараҥҥын, бастакы моһоллоргун тулуйар буоллаҕыҥ. Миэстэ таҕыстаҕына, ыла сатыахпыт. Ыйытыы баар дуо?

Иэдэстэрэ итий-итий гыналларын билэ, Унаарап декан хоһуттан тахсар. Кини, уолҕамчы эбээт! Куруубайдаһа, этиһэ сылдьар, саат!

Уолаттар «деканакка мөҕүллүбүт» уолу, ыйыталаһа көрсөллөр. Студпрофкомҥа хадаардаһан, кыратык сэмэлэммитин истэн турбут үһүс куурус уола, төттөрүтүн, студпрофкомнары мөҕүттэр:

– Ээ, ол, студпрофком бэрэссэдээтэлэ Абырыырап диэн дьаабы киһи. Этиһэ түспүт киһитин тута деканакка үҥсэр, миэстэ баар да буоллаҕына, суһаллык ол миэстэҕэ киллэрэ охсубат адьынаттаах, студент бөҕөтүн эрэйдээбит аҕай киһи. Физматы икки сыллааҕыта бүтэрбитэ да, физматтары төрүт аймаҕыргаабат, хатыйа сатыыр дииллэр. Ол иһин физматтар кинини «абыраабат Абырыырап» диэн ааттыыллар…

Арай бөлүөхсэн турар устудьуоннар туохтан эрэ үөрэн, саҥа аллайаллара иһиллэр. Билбиттэрэ: бүгүн истипиэндьийэ биэрэллэр үһү, ыстаарыһа түөрт чааска ректораттан ылыахтаах. Саамай үөрүүлээҕэ, истипиэндьийэ 49 буолбут! Ааспыт сылга 35 эбитэ үһү, онон итиччэ харчыга суоттана сылдьыбыттара быдан улааппыт. Мөһөөх аҥаарын биир солкуобайынан кыайбат, баһаам харчы! Кини кыра кылаастарга үөрэнэригэр оскуола остуораһын хамнаһа 30 эрэ солкуобай дииллэрэ, оттон холкуостаах хамнаһа, дохуоттан тутулуктаах буолан, букатын кыра үһү. Оттон кинилэр истипиэндьийэлэрэ хамнас саҕа! Дьэ, үчүгэй да буолсу.

* * *

Сима эдьиийин аахха олорон эрэригэр тиийдэ, ол туһунан дьонугар эттэ. Оттон эдьиийэ тута сөбүлэстэ.

– Эн тута уопсайга ылыллыам диэбитиҥ дуо? Уопсай биэриэхтэригэр диэри манна төһө баҕарар олор, дьыбаан иллэҥ, – диэн кэбистэ.

Истипиэндьийэлээх уол аһыырыгар ыйга отут солкуобайы биэрэр, чэппиэр киэһэ бодобуос кэллэҕинэ уу таһан, буочуканы толорор. Биир толору буочука нэдиэлэ устатыгар арыычча тиийэр. Лермонтов аатынан уулусса икки этээстээх мас дьиэлэрэ маһынан оттуллар оһохторунан тураллар. Маһы дьиэлээх Сэргэйдиин ким иллэҥнээҕинэн хайытан кыстыыллар. Сарсыарда чаас аҥаарын курдук хааман, үөрэҕэр тиийэр, киэһэтин оптуобустанар. Сима, оҕолорго олус бэрт буолан, дьиэлээхтэргэ билиҥҥитэ сөбүлэтэн олорор. Онон, төһө даҕаны уопсай дьиэҕэ ылыллыбатар, санаатын түһэрбэккэ, үөрэнэ сырытта. Үөрэнэрин таһынан нэдиэлэҕэ үстэ бокс сиэксийэтигэр сылдьар. Кини баар бөлөҕүгэр үгүстэрэ бастакы куурустар дьарыктаналлар. Биир сыл сылдьаат, быраҕааччы элбэх буолар үһү. Билигин даҕаны аҕыйаан эрэллэр, күһүн, бастаан букатын биэс уончалар этэ. Үөрэхтэрин бүтэриэхтэригэр диэри бэрт аҕыйахтара, кыахтаахтара эрэ хаалан, өрөспүүбүлүкэҕэ миэстэлэһэр боксердар тахсаллар эбит.

Күн солото суох сырыттахха кэм кэрдии аллаах ат сэлиитинэн айанныыр диэн, сөпкө да эппиттэр. Биирдэ өйдөөбүттэрэ Саҥа Дьыллара бу тиийэн кэлбит. Сима, кэтэ сылдьыбыт халтаҥ соно, бэйэтэ да кыччаан, тайтайан эрэр таҥас, тымныыны туппат буолбута. Хата били Покровкаҕа үлэлээбит хамнаһынан истээх сон, сылаас бачыыҥка ылыммыта. Онон, тымныыны «кэл» диир киһи сылдьар. Биирдэ үөрэҕиттэн кэлбитэ, обургу мөһөөччүк күүтэн сытар. Дьоно куораччытынан ыыппыттар. Мөһөөччүгүн аспыта: сабыс саҥа таба тыһа унтуу, унтуу иһигэр ийэтэ тикпит истээх үтүлүгэ уонна сурук бааллар. Унтууну кэтэн көрбүтэ, икки наскынан сөрү-сөп. Хараҥа халлаан күөҕэ тастаах үтүлүктэрэ илиигэ лып курдуктар, сон сиэбэр уган биэрэргэ табыгастаах таҥас буолууһук. Бу үтүлүктэртэн дьиэтин сыта, ийэтин сылаас тыына кэлэргэ дылы. Аны дьэ суругу ааҕар. Арыылаах дьоно этэҥҥэ олороллор, биир сыбаайба буолбут. Ийэтэ дьиэ иһигэр тура сылдьар, аһын астыыр эбит. «Син хаккыҥнаан сылдьабын» – диэхтээбит. Салгыы, эдьиийин аахха дьиэ үлэтигэр көмөлөһүөхтээҕин, ыалдьыт-хоноһо курдук сылдьыа суохтааҕын суруйбут. Итиэннэ, киэһэ хараҥаҕа күлүгээттэртэн сэрэнэн сылдьарыгар, саарбах хампаанньаларга холбоспотугар баҕарарын эппит. Ийэтэ барахсан… Сөпкө даҕаны суруйаахтаабыт.

* * *

Бүгүн факультет Саҥа дьыла. Сима болдьоммут кэмҥэ тиийбитэ, аҕыйах киһи кэлэн хаамса сылдьаллар. Аллара фойеҕа бэрт дьадаҥы киэргэллээх, убаҕас лабаалаах харыйа турар. Уон саҕана, киһи элбээбитигэр музыка холбоотулар. Сорохтор үҥкүүгэ киирэн, шейкэлээн күөгэлдьиһэллэр, үгүстэр таах хаамсаллар, аалыҥнаһаллар. Тымныы оҕонньор Хаарчааналыын киирэн, бэрт кылгастык эҕэрдэ тылларын ордоотоот, үҥкүүһүттэргэ киирэн сылдьа түһэллэр уонна баран хаалаллар. Маскарааттаахтар, кимнээхтэрэ буолла, уонча киһи киирэн үҥкүүһүттэри эргийбэхтээн, дьээбэлэнэ түһээт, эмиэ элэс гыналлар. Биэс сүүстэн тахса устудьуоннаах факультет Саҥа дьыла диэтэххэ, астыга суох. Оо, Арыылаах аҕыс кылаастаах оскуолатыгар дьиктилээхэй даҕаны Саҥа дьыллар буолаллар этэ! Маскараат оҥостуу, быыстапкаҕа уруһуйдааһын, уһаныы, оонньууларга бэлэмнэнии, хас да күннээх оскуоланы киэргэтии түбүктэрэ сүрэхтэн сүппэт үтүө даҕаны өйдөбүллэри хаалларбыттар эбит! Арыылаахха Дьөгүөрэ диэн аһара көхтөөх холкуостаах ыччат баар. Ол кини Саҥа дьыл аайы киһи үөйбэтэх маскарааттарын оҥостон, оҕолору үөрдэр, улахан дьону сөхтөрөр үгэстээҕэ. «Бөтүүк иһэ-эр!» – диэн хаһыытыыллар. Арай, бөтүүк диэҕи ааһа улахан, киһи диэҕи бөтүүк, сүүрэн сохсороҥноон аҕай тахсар. Аны, хаһыытаан ыыра барар, адьас бөтүүк хаһыыта! Кыракыйдар, «тыыйбыан» дэһэн, улахаттарга сөрүөстэллэр. Дьэ, күлүү-үөрүү, сөҕүү-махтайыы бөҕөтө буолар. Шлангаҕа оҕо үрэр оонньуурун холбоон, бэрт уустук, бөтүүк хаһыытын үкчү түһэрэр тэрили оҥостубут эбит. Ол Дьөгүөрэ быйыл туох маскарааты оҥосто сылдьарын ким да билбэт. «Айка, быйыл тохтуубун. Соло да суох», – дии сылдьар сураҕа иһиллэр. Ол сылдьан, хара харах көрбөтүнэн, хаптаҕай кулгаах истибэтинэн дьикти маскараат оҥостон кэлэн, үөрүүнү, сөҕүүнү бэлэхтиирэ. Сима Тымныы оҕонньортон үс бэлэҕи тутара. Уопсай кэһиинэн ааттанар биир суу кэмпиэт, бирээнньик, уруһуйун иһин быыстапка жюритыттан бириис, үчүгэй үөрэҕин уонна холобурга турар майгытын иһин бириэмийэ тутан үөрэрэ-көтөрө. Саргылаах Саҥа дьыл салаллаахтаан кэлэрэ кэтэһиилээх да буолара… Саҥа дьыл диэн оҕо саас оонньуута, умнуллубат үөрүүтэ эбит. Ол кэм ааһан, улахан киһи буолан, бу боп-боростуойдук Саҥа дьыллыы турдаҕа. Кырдьык, устудьуоннар диэн улахан дьон буоллахтара. Итиэннэ, биэс сүүс киһини бу зачет, эксээмэҥҥэ киирэр туһугар мөхсүү саҕана ким көҕүлүөй, тэрийиэй? Ол эрээри, Сима үөрэҕин бүтэрдэҕинэ, учууталлаатаҕына, оҕолорго умнуллубат, кэрэ Саҥа дьыллары тэрийсиэҕэ. Хайаатар даҕаны!

Сима, сылдьа сатаан баран, таҥаһын ылан, бүтэһик оптуобуска сүүрэр.

Дьиэтигэр кэлбитэ, дьоно утуйа иликтэр. Баччаҕа утуйар этилэрэ… Һок, «биллэр сыт» кэлэр. Хостон дьиэлээх хаһаайын Сэргэй лэппэрдэтэлээн тахсар.

– Хайа, устудьуон уол, төһө бэрт дьуолкаҕа сылдьан к-кэллиҥ? – Кини муннун биир кэм өрө сыҥар, кыра саһархай харахтара сүүрэлиир курдуктар.

– Наһаа буолбатах, хайдах эрэ, сууххай баҕайы курдук.

– Ээ-э, сууххай диэн ол тугу этэҕин, доҕоор? Университет дьуолката буолан баран, хайдах оннугуй, сууххай диигиний? – Күтүөт, холуочуйдаҕына үгүһү-элбэҕи лэбэйэн барар үгэстээҕин Сима быйыл биллэ.

Итирик киһини кытта тыл аахсан туһата суох. Мөккүһэн кэбистэҕинэ бу түүн утуйбаттар.

– Хайа, тоҕо к-кэпсэппэккин, туохтан өһүргэнниҥ? Хата, доҕоор, биир эмэ кыыһы атаарбатыҥ дуо?

– Ээ, суох, атаарбатым.

– Пахай! Мөлтөх киһи эбиккин. Э-эн сааскар б-биһиги, э-эн сааскар…

– Оо, ол билиҥҥэттэн атаарсыа дуо? Биэс сыл уһун, аналлааҕын көрсүөҕэ. Хата, утуйуоҕуҥ эрэ, биһиги. Оҕолору уһугуннараары гынныгыт, – куукунаттан эдьиийэ тахсан кэлэр.

– Ээ? Ээ, чэ, утуйан-утуйан. Хата, били аспыт бүтэн хаалла дии. Туох эмэ баар дуо, сыччыы?

– Оо, дьэ, баарын баар да, сарсыарда төбөҥ ыалдьаарай?

– Эс, ыалдьыбат. Т-тоҕо ыалдьыаҕай? Кут.

– Зверовка ээ, онтуҥ. Тымныйдахха туттуллуо диэн ууран сытыарбытым. Булкуйдаххына сарсыарда төбөҥ ыалдьаарай диэн этэбин.