
Полная версия:
Төлкө
Кыргыттар айдаара, аймана түһэллэр. Сүөкүлэ сэбиргэнэттэн чороччу хаппыт ынах сындааһынын ылан тырыта тыытар, сыгынньах ньилбэгэр синньигэс утахтары хата охсор.
– Чэйиҥ, бүлүүсэҕэ сылаас уута кутан аҕалыҥ!
Хамначчыт кыргыттар, бүлүүсэҕэ сылаас ууну кутан, көмүлүөк оһох иннигэр турар остуолга аҕалан уураллар. Сүөкүлэ, тугу эрэ уоһун иһигэр ботугуруу-ботугуруу, иҥиир утахтары бүлүүсэлээх сылаас ууга түһэртиир.
Иҥиир сап утахтара, сылаас ууга илийэн, бүлүүсэ түгэҕэр тимирэллэр. Сүөкүлэ оһох уотун сылааһыттан, бүлүүһэлээх итии ууну кытта бадьыыстаһарыттан сирэйэ кытара буһар. Кини бүлүүсэлээх уутун дьалкыҥната-дьалкыҥната утахтарын одуулаһар. Туох буолуоҕун көрө-билэ охсоору, кыргыттар төбөлөрө бүлүүсэ үрдүгэр үмүөрүһэр.
Хатыллыбыт иҥиир сап утахтара, сылаас ууга улам сиигирэн, синньигэс төбөлөрүттэн саҕалаан өһүллэн, үөһэ-аллара түллэҥнэһэн бараллар.
Бу бүлүүсэҕэ сытар икки утахтан биирдэстэрэ Маайа кута, иккиһэ кэргэн кэпсэтэ кэлэн олорор Дьаакыбылап кулуба уолун кута буолуохтаахтарын кыргыттар бары билэллэр. Ол гынан баран хайата Маайа кута, хайата уол кута буоларын Сүөкүлэ бэйэтэ эрэ билэр.
Уҥа диэки сытааччы сап утаҕа аан бастаан хамсыыр, хатыыта өһүллэн куймаҥныыр, эриллэҥниир.
– Сүөкүлээ, ити уҥа диэкитэ хайаларай? – диэн кыргыттар ыйыталлар.
– Ити биһиги Маайабытын көрө, кэргэн кэпсэтэ кэлэн олорор уол.
– Ок-сиэ, обургу хамсанан-имсэнэн, түллэҥнээн, сытыы уол кэлбит быһыылаах… Көрүҥ, көрүҥ! Маайабытыгар чугаһаата дии…
– Маайа тэйдэ!.. Тэйдэ!.. Ити аата эмиэ сирдэҕэ дуу?.. Эргэ тахсыбат кыыс буолаары гынна. Көрүҥүтүүй! Көр, уол батыһан эрэр… Ситиэхчэ буолла!
Ити курдук көрө туран, арыт эмискэ ах бараллар, онтон эмиэ, өрүһүспүт курдук, бары бииргэ күйгүөрэ түһэллэр:
– Сүөкүлээ, уолбут ити туох буолла? Тоҕо төттөрү түллэҥнээн барда?.. Көрүҥ-көрүҥ! Аны Маайабыт уолу батыста буолбат дуо?.. Маайа, ити хайдаҕый?
– Кэтэһэ түстүн, мин кинини батыспатах баҕайым ини, – диир Маайа, бу сэрэбиэйи бэрт болҕомтолоохтук көрөн туран.
Өһүллэн бүтэн эрэр утахтар, аат эрэ харата хамсаан, бэйэ-бэйэлэригэр чугасаһаллар.
– Көрүҥүтүүй! Холбоһон эрэллэр дии… Сүөкүлээ, бүлүүсэҕин хамсатан биэр. Аны Маайабыт уолу үрдүнэн ааһаары гынна дии!
Ити курдук аймана, айдаара олордохторуна, тас аан аһылынна. Хотуннара Ылдьаана эмээхсин киирэн кэллэ. Оһох симиктик умайар буолан уонна кыргыттар хаххалааннар, ийэтэ кыыһын таба көрбөтө:
– Хотуойдаар, Маайаны көрдүгүт дуо?
– Ийээ, мин манна баарбын, – диир Маайа.
– Бачча өр манна тугу гына олороҕунуй? Дьиэҕэр таҕыс!
– Ийэкээ, сип-сибилигин тахсыам. Ити туох ыалдьыттара дуу, хоноһолоро дуу кэллилэр?
– Дьиэҕэр таҕыс, кимнээх кэлбиттэрин бэйэҥ көрүөҥ!
– Ийээ, сип-сибилигин тахсыам, – дии-дии Маайа икки чанчыгын баттаҕын өрө имэринэр, синньигэс биилин ааһа түспүт ыас хара суһуохтарын өрүүлээх төбөлөрө өһүллүбүтүн оҥостон барар. Хотуннара тахсарын кытта кыргыттар эмиэ бүлүүсэлэрин үрдүгэр төбөлөрө үмүөрүһэ түһэр. Көрбүттэрэ: иҥиир утахтара, хамсаабат буола өһүллэн баран, хайыы-үйэҕэ сойон хаалбыт ууга бэйэ-бэйэлэрин туора түһэн сыталлар эбит.
– Хайа, ити аата туох буолууһуктарый? – диэн кыргыттар Сүөкүлэттэн ыйыталлар.
– Ким билэр. Ити хотуммут Ылдьаана киирэн аралдьытан кээһэн, туох буоларын көрдөрбөтө дии.
Кэтириис, хоруорбут хардаҕас төҥүргэстэрин үөттүрэҕинэн холботолоон баран, эбии хардаҕастары уурбутугар балаҕан иһэ сырдыы түстэ.
– Э-э, иккистиэҕиҥ, – диэтэ ким эрэ саҥата.
– Чэйиҥ!.. Кэтириис, маны тоҕон, чаанньыктан сылаас уута кутан аҕал, – Сүөкүлэ, иккистээн сэрэбиэйдээри, эмиэ иҥиир утахтары хатаары оҥостор.
Маайа, саҥа сэрэбиэй тугунан бүтэрин көрөөрү, саараан турбахтаан баран:
– Кэбис, хойутаатахпына ийэм мөҥүө, – диэт, кырса тыһа истээх сонун санныгар иилиммитинэн тахсан барар.
Маайа хаппахчытыгар ааһан иһэн хараҕын кырыытынан көрбүтэ: сүүрбэтиттэн тахсыбыт бадахтаах, сылластыгас уостаах, эһэ арҕаһын түүтүн курдук, өрө тура сылдьар баттахтаах, маҥан малтаҕар сирэйдээх, сукуна-солко таҥастаах эдэр киһи, «мин дуо» диэбиттии, тиэрэ түһэн чынайан олорор. Кини аҕата күрэҥсийэн көстөр бытыктаах, тимир-тамыр курдук көрбүт аҕамсыйа баран эрэр киһи эбит. Кинилэр, холку бэйэлээхтик туттан, дьиэлээх тойону кытта кэпсэтэ олороллоро.
Ааҥҥа Маайа көстөрүн кытта, уол акаары баҕайытык ымас гынна, «сэгэрим бу баар эбиккин!» диэбиттии, тонолуппакка одууласта.
Киэһэ дьиэлээхтэр, остуол тардан, хоноһолорун күндүлүүллэр-маанылыыллар.
Маайа, аһыы олорон, эдэр киһини үчүгэйдик сирийэ көрөр. Хоноһо уол, оҕонньоттор кэпсэтэллэрин истэ-истэ, туох да солуута суохтук күлэн, сылластыгас уостара ымайаллар. Аһыылларын устата кыараҕас соҕус ыйаастыгас хараҕын Маайаттан араарбат. Арыт, кыыс сирэйин супту көрөн олорон, тугу эрэ этээри гыммыт курдук, уоһун чорбоҥнотор.
«Быһыыта, далай ааргы эрэйдээх», – дии саныыр Маайа уонна уол ити туттарыттан-хаптарыттан хайдах эрэ күлүөх санаата кэлэн, мичик аллайан ылар. Ол ахсын хоноһо уол үөрэн ымайар, бөдөҥ саһархай тиистэрэ килэҥнэһэллэр.
Харатаайап кулуба улахан дьиэтин түннүктэрэ түүн хойукка диэри чүмэчи уотунан сандаараллар. Икки улуус кулубалара, атах тэпсэн олорон, бэрт үгүһү эргитэн сэһэргэһэллэр. Кинилэр бу киэһээҥҥи кэпсэтиилэрин үксэ соҕурууттан көскө кэлэр «судаарыскайдар» тустарынан буолла. Хас сыллата аайы көскө кэлэр дьон ахсааннара үксээн, элбээн иһэр. Улуус кулубаларыгар ол бэрт элбэх түбүгү, кутталы үөскэтэр. Дьаакыбылап кулуба аҕыйах сыллааҕыта Боотурускай улууска Петр Алексеев диэн судаарыскайы Сиидэрэп диэн кинээс доҕорунаан Абараамаптыын өлөрбүттэрин туһунан кэпсээтэ.
– Маҥнай сүттэҕин утаата ол судаарыскайы күрээтэҕэ диэн сылдьыбыттар. Күһүн хаар түспүтүн кэннэ, дьэ, өлүгүн булбуттар.
– Аньыы даҕаны, – Харатаайап кириэстэнэр.
– Онтон сылтаан Боотуруускай улуус кулубатын Оруоһун тойону, быыбарынай кулубаны Арамаан Балсакыабы дуоһунастарыттан устар курдуктар үһү.
– Дьэ үлүгэр эбит. Ити туох ааттааҕын, атын сир баранан, биһиги улуустарбытыгар кинилэри ыыталлара буолуой? – диэн Харатаайап кулуба, кэнэн муҥутаан, уйатыгар уу киирэр, куттанар.
Түүн ортото лаппа ааспытын кэннэ хоноһолоругар ортоку хоско орон оҥортоон биэрэллэр.
Маайа киэһэни быһа туох да саҥата суох Дьаакыбылап кулуба сэһэнин истэн олорон учууталын Аркадий Романович Эховы санаан кэлбитэ:
«Билигин кини ханна буолуой? Хайа улуус түгэҕэр үүрбүттэрэ буолуой? Кими эмэ үөрэтэрэ дуу, суоҕа дуу? Оо, баччааҥҥа диэри манна олорон үөрэппитэ буоллар, билигин төһө эрэ билиилэммит буолуом этэ!»
Маайа тоҕо эрэ этин сааһа аһыллан, уута көтөн, бэрт өр оронугар эргийэ, мөхсө сытан баран, сарсыарданан нэһиилэ утуйда.
Нөҥүө күнүгэр хойутаан турдулар. Хоноһолор тиэтэйэр быһыылара биллибэт. Бэрт наҕыллар. Маайа аҕата да үлэтигэр барбата. Кини хоноһолоруттан тугу эрэ көһүтэр курдук көрөр-истэр.
Күнүскү чэйи иһэллэр. Маайа, чэйдээн бүтэн, хаппахчытыгар киирбитин кэннэ икки оҕонньор, кыыс сөбүлэнэр буоллаҕына, эдэрдэри холбуурга быһаарсаллар. Ол эрээри Харатаайап кулуба бу уолу иһигэр киллэрбэт, кинини баай киһи оҕото, кулуба уола эрэ диэн Маайаны биэрэргэ быһаарынар. Ылдьаана буоллаҕына, хоноһолоро тутталларын-хапталларын көрө-көрө: «Оҕом бу дьоҥҥо эрэ барбатар ханнык этэ», – дии саныы сырытта.
Үгэс быһыытынан, аҕалаах ийэ, уол ыйыттарарын кэпсии уонна сөбүлэһэҕин дуо диэн ыйыта, кыыстарын хаппахчытыгар киирэллэр. Хос иһигэр Дьаакыбылап кулуба уолунаан иккиэйэҕин хаалаллар.
– Нохоо, бу ыал кыыстарын сөбүлүү көрдүҥ дуо? – диэн оҕонньор уолуттан ыйытар.
– Көрөн, – диэн баран уол дьиэ өһүөтүн одуулаһан мэлээриҥнии олордо.
– Сөбүлүүгүн дуо диэн ыйытабын ээ?! – аҕата сибигинэйэ былаан бардьыгыныыр.
– Сөбүлээн.
Кырдьыга, Дьаакыбылап кулуба, улахамсык, киэбиримсэх муҥутаан, мин уолбун кыыс сириэ диэбэт этэ. Хата, уолум кыыһы сирэн кэбиһиэ диэн сэрэнэрэ. Билигин уола сөбүлүүрүн истэн, хайа сах сыбаайба буолара быһаарыллыбытын курдук санаата.
Өр соҕус буолан баран, Сэмэн Уйбаанабыс, кыыһын хаппахчытыттан хайдах эрэ арбы-сарбы туттан, хоноһолорун сирэйин таба көрбөт буолан таҕыста. Кыыс сирбитэ көстөн турарын үрдүнэн, Дьаакыбылап кулуба, бэйэтин үтүө аатыгар-сураҕар эрэммитэ оччо буолан, кыыс туох диэбитин чопчу истээри, ороҥҥо тиэрэ түһэн чынайан олордо.
– Дьэ, оҕоҕут туох диэтэ?
– Мин бэйэм чааһым эһигини, төһө да тэҥнээхтэрим диэн, сөбүлээбитим иһин…
Дьаакыбылап кулуба хорос гына көнө түстэ, сирэйэ эмискэ дьэбин уоһунна. Ол эрээри билигин да: «Мин оҕобун ама сирбит үһүө?» – дии санаан итэҕэйбэккэ холку соҕустук ыйытта:
– Сөбүлээтэ ини?
– Этэбин ээ, мин төһө да уруулуу буолуохпутун баҕарбытым иһин, кыыспыт буолбат, – Харатаайап «кыыһым сирдэ» диэҕин тыла тахсыбата. Оо, кыыһа «сөбүлүүбүн» диэбитэ буоллар, төһө эрэ үөрэн-көтөн өрөһөлөнөр этэ!
Дьаакыбылап кулуба, кыыс кини уолун сирбитин истэн, ойон туран таҥаһын үрдүгэр түстэ. Уола Сүөдэркэ туох-ханнык буолбутун билигин даҕаны кыайан ситэ өйдөөбөккө мэлээриҥнии олордо. Аҕата, таҥаһын таҥнан хачымахтаһа-хачымахтаһа, уолун хатыылаах баҕайытык кынчарыйда уонна күргүйдүүр былаастаахтык:
– Таҥын!.. Барыах!.. Сирдэрэн баран, тугу кэтэһэн олороҕунуй? – диэтэ.
Дьиэлээх тойон, кыыһа уолу сирбититтэн кыйаханан, кыбыстан, тугу да этиэн булумуна:
– Оҕонньор, ити курдук өһүргэнэриҥ сыыһа: кыыс уолу сирэрэ да, сөбүлүүрэ да ханна барыай, баар суол, – диэн си буолуохтааҕар тыл кыбытта.
Анарааҥҥыта, кыыһыран, өһөх курдук кытарбыт хараҕынан өтөрү көрөн кэбистэ:
– Мин оҕобун, улуус бастыҥ ыалын оҕотун, сирдэрэн бараҥҥын, бэрт киһи, кыыскын ньадараал уолугар биэрэр инигин. Аны сирэ-тала олорон, ыал хамначчытын батыһар дуу?.. – диэн хомуруйа-хомуруйа, уолун батыһыннаран, дьиэттэн тахсан барда.
Дьаакыбылаптаах тэлгэһэттэн аттанааттарын кытта, Маайа хамначчыт кыргыттарга таҕыста. Кыргыттар кини киирэрин кытта:
– Уруу буолбат буолла дуу? – диэн ыйыталаһа тоһуйдулар.
– Суох.
– Мин барыһыайбынан… уонна түүлбүнэн буоллаҕына… – Сүөкүлэ кыыс Маайа диэки эмиэ да тиэхэлээхтик, эмиэ да кыбыстыбыттыы кылап гына көрдө. Кини, быһыыта, «кэргэннэниэхтээххин» диэри гынан иһэн ситэ саҥарбата.
– Ээ-э, Сүөкүлэ, эн барыһыайыҥ диэн туохха да наадата суох эбит, – диир ынахтарын уулата тахсаары таҥна турбут Кэтириис кыыс. – Истэҕин дуо, Маайа, бэҕэһээ киэһэ Сүөкүлэ иккиһин барыһыайдаан баран: «Маайа эргэ тахсар буолла», – диэн тойоннообута ээ.
– Биир ыйыттарыыларыгар сөбүлэспэтим. Аны иккистээн кэлэллэр үһүө, – дии-дии Маайа саһыгыраччы күллэ.
III
Харатаайап кыыһыгар сирдэрэн, саакка киирэн төннүбүттэрин Дьаакыбылап кулуба уолунаан Сүөдэркэлиин кимиэхэ да биллэрбэккэ, ылы-чып кистээн кэбиспиттэрэ. Кинилэр ханна баран кэлбиттэрин дойдуларыгар ким да билбэтэҕэ. Арай хамначчыттар эрэ: «Тойоммут уолунаан кыыс кэпсэтэ бара сырыттылар быһыылаах», – диэн сэрэйэллэрэ.
Кыһын ааһар, Өлүөнэ өрүс кытылын хаара хараарар, мууһа хобордуур. Кус-хаас кэлэр, от-мас тиллэр. Өр-өтөр буолбат, өрүс эстэн, мууһун үлтү кумалаан үөһэ-аллара түһэртээн, намыһах арыылары үрдүлэринэн таһыйтаан, кыдьымаҕын уһаарар.
Мутукча тыллыыта, ньургуһун сибэккилэниитэ, сааскы Ньукуолун күн Дьаакыбылап кулуба бурдугун ыһыытын саҕалаата. Хамначчыт дьоно уонтан тахса хонук устата мас суханан сир хорутан, барамньылатан, сирэйдиин-харахтыын хара буор буолан, тойоннорун бур-дугун ыһан бүтэрдилэр. Бурдук ыһыытын кэнниттэн аны эмиэ биир түбүктээх үлэ – ходуһатын күрүөлэрин абырахтааһына, тутуута кэллэ. Тойонноро, урукку дьылларга холоотоххо, быдан киҥнэммит, наһаа киэбирэр, байарыгар-тайарыгар да олус кыһанар буолбут. Быйыл сайын урут хаһан да хотуур түспэтэх сирдэрин талахтарын кэртэрдэ, оттотто. Урут хам-түм көстөр бэйэтэ, быйыл хамначчыттара оттуулларын, үлэлииллэрин хас күннэтэ аайы киирэн көрөн тахсар.
Төһө да үлэтэ-түбүгэ элбээтэр, Дьаакыбылап кулуба Харатаайап кулуба кыыһыгар кыыһырбыта ааһыах быһыыта суоҕа, уолун сирдэрбитин санаатар эрэ олус абаран-сатаран кэлэрэ: «Ама да кини маҥанын, тыһы кырынаас курдук тырыбынаабыт харахтааҕын иһин, мин оҕобун Сүөдэркэни сирбит буола-буола!..» Били тураах: «Мин оҕом саары чаккылаах», – диэбит дииллэрин курдук, Дьаакыбылап кулуба уолун Сүөдэркэни, төһө да сатабыла суох томороон ньуурдааҕын иһин, «ама, кыыс сириэх уола буолуо дуо?» дии саныыра. Кырдьыга, кини уолун дьүһүнүгэр буолбакка, бэйэтин аатыгар, баайыгар, кулуба солотугар ордук эрэнэрэ: «Оҕобут сирэйэ мөлтөһүөр да буоллун, оттон баайбыт, кулубабыт баар буолбат дуо! Баайтан, кулуба солотуттан ордук саха киһитигэр туох баарый?»
Сайын, арай биирдэ, от үлэтин үгэнин саҕана Дьаакыбылап кулуба Сүөдэр диэн хамначчыт уолун таба көрөн: «Көр, бу адьарайыҥ баара сирэйинэн нарын, уҥуоҕунан көнө быһыылаах эбит ээ», – дии санаабыта. Бу уол уон иккитин туола илигинэ дьоно өлбүттэрэ. Сүүрбэччэ сүөһүлээх, сэнэх соҕустук олорбут ыал баайын сиэри, Дьаакыбылап кулуба Сүөдэри иитэ ылабын диэн ааттаан ылбыта.
Бэйэтэ төрөппүт оҕолоох баай ыал иитиэх ылбыт оҕото кулут буолар үгэстээх. Ол үгэс Сүөдэр эрэйдээҕи эмиэ тумнубатаҕа. Кини санныгар кэтэр таҥаһа суох, буорга-сыыска булкуллан, хамначчыттар балаҕаннарыгар улааппыта. Дьүдьэйэн өлүөх уолу, хата, Сөдүөччүйэ эмээхсин аһынан, көрөн-харайан, эргэ таҥаһыттан, нэк суорҕан илдьиркэйиттэн таҥас тигэн, дьон атаҕастыырыттан, сынньарыттан көмүскэһэн, уон алтатыгар тиэрдибитэ.
Биирдэ кыһын сүөһүнү уулата сылдьан, тиҥэһэ кунаны миинэн ойбоҥҥо сүүрдэн киирэн иһэрин тойоно Дьаакыбылап кулуба көрсөн, Сүөдэри ат тараахтаах кымньыытынан таһыйбыта. Онтон абаран, уол Киллэм дэриэбинэтигэр Лэгиэнтэй атыыһыттаахха күрээн киирбитэ.
Лэгиэнтэй диэн саха атыыһыта. Кини кэргэнинээн хас да оҕону көмөн, ытыстарын соттон олороллоро. Бу оҕото суох ыал Сүөдэри, олус баттаабакка-атаҕастаабакка, үлэһит оҥостубуттара. Лэгиэнтэй атыыһыт хас куораттаатаҕын аайы уолу илдьэ киирэрэ. Сүөдэр ол сылдьан, кыратык да буоллар, нууччалыы кэпсэтэр, ахсааны бэлиэтиир буола үөрэммитэ.
Дьаакыбылап кулуба маҥнай утаа кыра уол күрээбитин соччо кумаардаабатаҕа, сылгылаппатаҕа даҕаны. Ол курдук үс сыл кэриҥэ ааспыта. Арай биирдэ кини, куораттан тахсан иһэн, Лэгиэнтэй атыыһыттаахха таарыйбыта. Манна кини били «иитиэх уолун» Сүөдэри көрбүтэ. Бу кэмҥэ Сүөдэр балай да улааппыт, төлөһүйэн эрэр уон тоҕустаах уолан киһи этэ. Дьаакыбылап кулуба: «Үлэһит бэрдин куоттарбыппын», – дии санаан, Лэгиэнтэй атыыһыты суутунан куттаан, «иитиэх уолун» дьиэтигэр илдьэ барбыта. Онтон ыла Сүөдэргэ «Сылгыһыт Сүөдэр» диэн хос аат иҥмитэ.
Күһүн үлэ бүппүтүн кэннэ, кыстык хаар саҥа түһэн намылыта турдаҕына, Дьаакыбылап кулуба били сайын от үлэтигэр бэлиэтии көрбүтүн өйдөөн, киһи ыытан, Сүөдэри ыҥыртарда.
Тойоно ыҥыртарбытын кэннэ тэҥнэһиэ дуо, Сылгыһыт Сүөдэр, куттанан кирик-хорук туттан, тойонун аах дьиэлэригэр барда. «Тойонум туох буруйу оҥорбуппар ыҥырдаҕай?» – диэн уол бу күннэргэ тугу оҥорбутун, тугу үлэлээбитин барытын ырытан, эргитэн көрдө да, туох да буруйу оҥорбутун кыайан булбата.
Тойоно аах олорор мааны, улахан дьиэлэригэр урут сылдьа илик буолан, Сүөдэр, чаҕыйан, симиттэн, аан таһыгар тэпсэҥнии турда. Дьиэни көрөөччү, сотооччу-сууйааччы хамначчыт кыргыттар, хамначчыт уол киирэн турарын көрөн, тойонноругар эттилэр. Дьаакыбылап кулуба айгыстан аан хоско тахсар.
– Кэллим, – диэн Сылгыһыт Сүөдэр симик баҕайытык саҥарар.
– Кэлбиккин көрөбүн, – диэн баран тойоно, били Лэгиэнтэй атыыһыт атыылаһар сүөһүтүн эргийэ сылдьан көрөрүн курдук, уолу баһыттан атаҕар диэри өрө-таҥнары көрө-көрө эргийэр. Онтон туох да саҥата суох кэннинэн тэйэн, кэтэҕириин ороҥҥо тиийэн олорор.
«Бу тойон хайдах-хайдах буолар баҕайытай?» – дии саныы-саныы, Сылгыһыт Сүөдэр Дьаакыбылап кулуба хас хамсааһынын ааҕа көрө турар.
– Бэттэх кэл! – Дьаакыбылап сөмүйэтин эймэҥнэтэн ыҥырар.
Сылгыһыт Сүөдэр хайдах эрэ ойоҕоһунан хааман чугаһыыр. «Сырбатаары гыннаҕына таһырдьа ыстаныам», – дии санаан, хараҕын кырыытынан аан диэки көрүтэлиир.
– Таҥаскын уһул!
«Бу тоҕо таҥаспын сыгынньахтатар баҕайыный? Аны, били оҕо эрдэҕинээҕим курдук, ат тараахтаах кымньыытынан таһыйаары гынар бэйэтэ дуу?» Суох, тойоно илиитигэр кымньыы да, нагаайка да тутан олороро биллибэт. Сирэйиттэн-хараҕыттан да көрдөххө, кырбаары гыммыт быһыыта көстүбэт. Ол эрээри «таҥаскын уһул!» диэн соруйбута олус дьикти. Сылгыһыт Сүөдэр, өр соҕус саараан турбахтаан баран, кугас кулун тириитэ сонун устан сиргэ бырахта. Өҥө көстүбэт буола киртийбит сиидэс ырбаахынан эрэ хаалла. Дьаакыбылап кулуба хамначчытын кирдээх ырбаахытын, хас эмэ сиринэн абырахтаах торбос тириитэ ыстаанын сиргэммит курдук көрүтэлээтэ.
– Хотуйдаар, Сүөдэркэ истээх сонун аҕалыҥ эрэ!
Дьиэ көрөөччү кыыс, Сүөдэркэ хара саһыл тыһа истээх сукуна сонун түгэх хостон таһааран, ханна да гыныан булумуна, туора көтөҕөн турда.
– Тойоон, бу сону ылан кэтэн көр! – диэн Дьаакы-былап соруйда.
– Ол тоҕо кэтэбиний? – Сылгыһыт Сүөдэр, мааны таҥастан куттаммыт курдук, кэннинэн чинэрийдэ.
– Чэ-чэ, иэх-дьуох буолума, ылан кэт!
Сылгыһыт Сүөдэр, бэркэ диэн толло-толло, соҥҥо илиитин уунна. Тойонун уолун мааны сонун, буобура саҕатыттан ылан, синэ биир диэбиттии, хап-сабар санныгар быраҕынна, кэттэ.
– Тимэхтэн! – тойоно уолу эргийэ хаама сылдьан көрдө. Уолун соно Сылгыһыт Сүөдэргэ, ананан тигиллибитин курдук, сөрү-сөп эбит.
– Хааман көр эрэ!
Сылгыһыт Сүөдэр хааман көрдөрөр. Тойоно хайдах эрэ айа кылыытын кыҥаан эрэрдии кыҥастаһар. Хара саһыл тыһа истээх сон Сылгыһыт Сүөдэр этин бэрт сымнаҕастык, сылаастык кууһарга дылы. Кини бу сону устубата буоллар, кыһыҥҥы тымныыны билбэккэ аһарыа эбит. Уол санна, этэ ол сымнаҕаска, сылааска үөрэнэн эрдэҕинэ, Дьаакыбылап:
– Чэ, уһул! – диир.
Сылгыһыт Сүөдэр сону уһулар, ону Дьаакыбылап кулуба ылан хамначчыт кыыһыгар биэрэр:
– Мэ, хотук, маны таһырдьа таһааран, тэбээн баран, салгылата ыйаан эбис!
Сылгыһыт Сүөдэр кулун тириитэ сонун кэтэн, тойоно уолун мааны сонун тоҕо кэтэрдэн көрө сылдьыбытын таайа сатыы-сатыы, аан диэки баран эрдэҕинэ:
– Тохтоо, нойоон!.. Киир эрэ манна. Мин эйигин кытта кэпсэтэр наадалаахпын, – диэн кулуба кэтэх хоско ыҥыран киллэрэр.
Сылгыһыт Сүөдэр бу кэтэх хоско хаһан да үктэнэн көрө илигэ. Хос иһигэр бэрт элбэх мааны таҥастар ыйанан тураллар. Өстүөкүлэ таас ааннаах ыскаапка бэрт элбэх көмүс иһиттэр көстөллөр.
– Сүөдээр, миигин үчүгэйдик өйдөөн иһит, – Дьаакыбылап кулуба тоҕо эрэ уорба баҕайы намыын куолаһынан, тэҥнээх тэҥнээҕин кытта кэпсэтэн эрэрин курдук, саҥаран барар. – Эн мин ииппит оҕом буолаҕын. Эйигин кырдьар сааспар, өлөр үйэбэр биирдэ эмэ туһаныам, көмөлөһүннэриэм этэ диэн ылбытым. Дьэ, эн көмөҕөр наадыйар күнүм кэллэ. Ол иһин бу эйигин ыҥыттардым…
Сылгыһыт Сүөдэр, туох да диэн булбакка, тойоно кини диэки арыы ньалҕархайдык көрүтэлиирин, сирэйдиин-харахтыын сымнаабытын, сырдаабытын дьиибэргии саныы турда.
– Эн, оҕом Сүөдэр, баҕар, баттаммыттаах-атаҕастаммыттаах буолуоҥ, ону барытын умун. Дьиэ кэргэн иһигэр эҥин араас баар буолар куолута. Эн билигин улааттыҥ, онон мин биир сорудахпын хайаан да толоруо диэн бүк эрэнэн кэпсэтэбин, – диэн Дьаакыбылап кулуба, хараҕын быһа симэ-симэ, минньигэс-минньигэстик аргыый аҕай саҥаран намылытар.
Урут мөҥүүттэн, хаһыыттан ураты саҥаны истибэтэх Сылгыһыт Сүөдэр сордоох тойонун сымнаҕас тылыттан-өһүттэн сыа курдук ууллан хаалла. Кини урут атаҕастаммытын-баттаммытын, таһыллыбытын барытын умнарга дылы буолла. Тойоно итиччэ киһилээхпин диэн ааттаһар, көрдөһөр буолтун кэннэ, кини тугу соруйарын барытын толоруох санааланна уонна туох сорудаҕы толоруохтааҕын билэ, истэ охсоору:
– Тугу? – диэн ыйытта.
– Миигин кырдьар сааспар, өлөр үйэбэр биир кыыс оҕо эриэн ыт элэгэ, күөрт ыт күлүүтэ оҥордо, тоойуом… – диэтэ ытыахча буолбут, уйадыйбыт хараҕынан Сүөдэр диэки көрө-көрө Дьаакыбылап кулуба.
– Кыыс да-аа?! – диэн Сылгыһыт Сүөдэр соһуйа түстэ. Кини кыыс эрэ туһунан истиэм дии санаабакка турбута, туох эрэ үлэни соруйаары гынар буоллаҕа дии санаабыта.
– Кыыс, тоойуом, кыыс.
Сылгыһыт Сүөдэр туох да диэн булбата. Кини санаатыгар, Дьаакыбылап кулуба курдук тойону хайа да бэйэлээх кыыс атаҕастыан сатаммакка дылы.
– Ол ханна баар кыыһый?
– Орто Бүлүү кулубатын кыыһа, сэгэриэм… Кини, тыһы кырынаас курдук ньыламан маҥан сирэйигэр ымсыырдан, үс улуус үтүөлэрин оҕолорун барыларын саакка киллэртээтэ…
Сылгыһыт Сүөдэр өссө тугу да өйдөөбөт: ол ханна эрэ баар Бүлүү уокуругар олорор кыыс үс улуус үтүөлэрин оҕолорун сиритэлээбитигэр Дьаакыбылап кулуба тугун кыһалҕатай? Дьикти. Итини киниэхэ тойоно тоҕо кэпсиирий? «Аны күлүү гынара итэҕэс эбит буоллаҕа», – диэн Сүөдэр иһигэр абара саныыр.
Дьаакыбылап кулуба уол «тэһииркээбитин» тэһэ көрө охсор:
– Суох, тоойуом, мин эйигин элэктээн да, күлүү да оҥостон итини эппэппин… Эн даҕаны киһиттэн туоххунан итэҕэскиний?
«Э-э, бии, былырыын Сүөдэркэлиин онно баран сирдэрэн кэлбит эбит буоллахтара», – диэн Сүөдэр сэрэйэр. Ол гынан баран кини онно туох көмөлөөх буолуон сөбүй?
Атаҕастаммытын санаан дьэбин уостан олорор кулуба сирэйэ хайдах эрэ сымныырга, хараҕар мичээр охсулларга дылы буолар:
– Эйигин, тоойуом, төрөппүт оҕом курдук саныыбын… Ол кыыс мин Сүөдэркэбин сирэйэ модороонун сирбитин иһин, хайа, эйигин сирбэтэх баҕайыта ини… Тоойуом, эн баран кинини кэргэн кэпсэтэн кэлэриҥ буоллар…
«Ол да иһин, күлүү оҥосто олорор эбит», – диэн Сүөдэр иһигэр эмиэ абатыйан кэлэр:
– Бу миигин күлүү оҥостон тугу туһанаргыт эбитэ буолла?
– Кэбис, тоойуом, инньэ эрэ диэмэ. Мин эйигин төһө да төрөппөтөҕүм иһин, ииппиппинэн эйиэхэ аҕаҥ буолабын… Аҕаҥ биир соругун толордоххуна сатанар. Ол биһиги сахалар үгэспитигэр да баар суол. Оҕом сирэйгинэн нарын, уҥуоххунан көнө, көрүҥҥүнэн үчүгэй эбиккин. Эн ол кыыстан туоххунан да итэҕэһэ суоххун… Кини кулуба кыыһа, оттон эн мин оҕом буоллаҕыҥ… Биһиги эмиэ кулубаларбыт!
Сүөдэр, урут хаһан да истиэм эрэ диэбэтэҕин истэн, улаханнык соһуйар. Тугу да булан эппэккэ, айахха киирбиччэ:
– Хаһан миэхэ эргэ тахсыан, – диэн эрэ кэбиһэр. – Таҥас-сап да мөлтөх.
– Субу дьүһүммүнэн барыам диэтэҕиҥ дуу? Суунуоҥ-тарааныаҥ, мааны таҥаһы таҥныаҥ.
Сүөдэр саҥата суох кэтэҕин тарбанар. Тылыгар киллэрэн эрэриттэн үөрэн тойоно, үөннээх баҕайытык мичээрдии-мичээрдии, эмиэ саҥаран сыыбырҕатар:
– Баай ыал, улуус кулубатын күтүөтэ буолар ааттыын да астык, үчүгэй буолбат дуо? Ити мин оҕобун, эйигин, киһи буолаарай диэн, кэскилгин оҥоро сатаан, тэрийэбин. Эн дьонуҥ баайдара миэхэ баар. Сокуон быһыытынан, эн хайа күн кэргэн ылаҕын да, ол баай олоччу эн бас билиигэр бэриллэр. Ол Харатаайап кулуба кыыһа эйигин сириэ суоҕа диэн эрэнэбин ээ.
Баай ыал хара батталыттан быыһаныан Сылгыһыт Сүөдэр сордоох олус баҕарар. Кини санаатыгар, бу Дьаакыбылап кулуба барыта оруннааҕы этэргэ дылы. Кини кэргэн кэпсэттэҕинэ, ыал буоллаҕына дьонун аах баайдарын, баҕар, биэриэ даҕаны. Оо, оччоҕо төһө эрэ үчүгэй буолар этэ. Кини, үөрбүтүн омунугар, сип-сибилигин да барыах курдук сананна уонна тырыттыбыт кирдээх таҥаһын, от-мас тиэйиитигэр бааһырбыт, тымныыттан, инчэҕэйтэн хатырбыт тарбахтарын көрдө. Суох, киниэхэ, маннык илиилээх-атахтаах, маннык таҥастаах-саптаах киһиэхэ, хайа баай ыал кыыһа кэргэн кэлиэ баарай!.. Оо, кэргэн ылан, бу баҕайылартан арахпыт киһи! Уол ити санаатын тойоно бэрт үчүгэйдик өтө билэн олорор.
– Дьэ, тоойуом, баччааҥҥа диэри үлэлээтиҥ… Билигин сынньан! Манна биһигини кытта бииргэ олоруоҥ. Таҥаскын уларытыахпыт, оҥоруохпут. Мин, ити эйигин оҕо эрдэххиттэн манна, бэйэбин кытта, олордуохпун саныы-саныы, үлэни-хамнаһы билбэтэ куһаҕан буолуо диэн сырытыннарбытым… Ону баалаама, хойут бэйэҥ миэхэ махтана сылдьыаҥ…
Бу күнтэн ыла Сүөдэр тойонун аах мааны дьиэлэригэр син биир кинилэр кэргэннэрин, оҕолорун курдук олордо. Күн тура-тура иистэнньэҥ дьахталлар таҥас тигэллэригэр мээрэйдэтэн, тула эргийэн тахсар.
Маҥнай утаа кулуба мааны дьиэтигэр тэһийбэккэ, Сүөдэр хамначчыттар балаҕаннарыгар куотаары дураһыйталаан сылдьыбыта. Тугу да үлэлээбэккэ таах олороруттан тыына-быара ыгыллара. Онуоха эбии, дьиэлээх тойонтон ураты ким да кинини кытта кэпсэппэт этэ, дьиэлээхтэр бары кинини олус абааһы көрөр быһыылаахтара. Хотуна Огдооччуйа, мааны уол Сүөдэркэ кинини кытта биир остуолга олорон аһаабат этилэр. Тойонугар уонна киниэхэ хамначчыт кыргыттар туспа аҕалаллара. Кини бу дьиэҕэ киириэҕиттэн бу ыал биирдэ да күлэн-оонньоон, киһилии кэпсэтэн эрэллэрин истибэтэҕэ. Тугу эмэни кэпсэтэр да наадалаах буоллахтарына, хайдах эрэ үгэ, хаһыы, этиһии былаастаан саҥарсаллара.
Биирдэ кинини кытта урут бииргэ олорбут, үлэлээбит хамначчыт уолаттара көрсөннөр:
– Сүөдэр, тойон оҕото буоллуҥ дуу? Төһө бэркэ олороҕунуй? – диэн ыйыппыттара.
Онуоха Сүөдэр:
– Тойотторбут киһи ымсыырбат олохтоох дьоно эбиттэр… Ыыспаҕа да буоллар, эһигини кытта олорорбун олус ахтабын, – диэн хардарбыта.
Сүөдэр тойонун дьиэтиттэн таҕыстар эрэ, кини туһунан кэпсэтии, мөккүһүү, этиһии, ардырҕаһыы күөдьүйэрэ. Ол этиһиини Огдооччуйа эмээхсин саҕалыыра:
– Оҕонньор, иирбиккин!.. Ити хамначчыт илиэһэйгин бэйэҥ төрөппүт оҕоҕунааҕар ордук маанылыыгын! Кини тугунан эйигин ити курдук абылаата?