скачать книгу бесплатно
– Хайа, Кеша, биһиги Биэттэбит собото хайдах эбитий, – диэтим киһим үөрэ-көтө аһыы олорорун көрөн.
– Үчүгэй собо эбит, тугу да эппит иһин. Ол эрээри биһиги Ньидьилибит собото туохха холонуой?! Бу балык суоҕар – балык, собо суоҕар – собо буоллаҕа, – диэтэ Ньидьили оҕото.
– Саатар, аһаан бүтэн баран сириэххин. «Балык суоҕар баҕа да балык» диэччилэр. Эн онно холуйдуҥ дии, быһыыта? Ньидьили собото бөдөҥ эрэ буолар. Минньигэһинэн, миининэн кыра күөллэр соболоро ордук. Көтөр этиттэн хайа да бэйэлээх хаастааҕар, кубатааҕар, андытааҕар – чөккөй, мороду этэ минньигэс буолар, – диэн Тамара куолулаан турда.
– Итиннэ бэринэбин. Мин кыргыттары кытта хаһан да мөккүһээччим суох. Кинилэр ас амтанын, суолтатын хайаабытыҥ да иһин, биһигиннээҕэр, эр дьоннооҕор, ордук билэллэр. Тамара сөпкө этэр, – диэн Кешабыт санаабатах өттүттэн тиэрэ эргийдэ. Бары күлсэн, биһиги, өрүс уҥуордааҕылар, Тамараҕа махтана түстүбүт.
– Мин кыра эрдэхпинэ үүттэн, үүт үрүмэтиттэн араас аһы астыыллара минньигэс да буолар этэ. Билигин ону умнубуттар, оҥорботтор. Ким да онно кыһаллыбат быһыылаах, – диэтэ Тамара.
…Хомус тыаһын истэ олоробун. Ити биһиги хомуспут – сахалар хомустара тыаһыыр. Итини Москваттан биэрэллэр. Мин тоҕо эрэ өрдөөҥҥүтэ собо сиэбит, саха таҥаһын, культуратын, искусствотын туһунан кэпсэтиспит киэһэбин өйдүү түстүм. Доҕотторум бииртэн биир көстөн кэллилэр. «Үүт үрүмэтин сиэбит киһи» диэн баран Тамара төбөтүн кыҥнары быраҕан олороро, тугу эрэ толкуйдуура бу баар.
АБЫРАЛЛААХ ҮҮТ
Сарсын омук литературатын туттарабын. Күнү быһа библиотекаҕа олорон таҕыстым. Учебнигынан, конспегынан син аахтым. Биирдэ санаатахха, эргийэн көрдөххө билбэт курдукпун. Миигин кытта кэккэлэһэ олорон күнү быһа историяны аахпыт Тамара барда. Мин сарсын туттарар буоламмын, күммүн толору туһанар санаалаахпын.
Өргө диэри аахтым. Барытын хат бэрийэн, бэрэбиэркэлэнэн көрдүм. Сөпкө дылы. Үчүгэйдик аһыахха, сынньаныахха наада. Сиэппэр уон биэс солкуобайдаахпын (оччолорго харчы уларыйа илигэ). Хата, тото-хана аһыыр кыах баар. Таһырдьа тахсан киэһээҥҥи куорат туманнаах тымныы уулуссатын көрбөхтөөтүм. Аан туманы ортотунан автобустар аа-дьуо усталлар. Куорат уу анныгар олорор курдук. Үчүгэйдик аһыы охсон ааһаары, мин рестораҥҥа бардым. Киирээппин кытта Агит утары көрүстэ. Саҥа хара көстүүмүн эҥэрин саба тута сылдьар, сирэйэ-хараҕа турбут. Туох буолбутун өйдөөбөккө турдахпына:
– Суолас көстүүммүн хайа тардан кэбистэ. Мин бүгүн кинини кытта аахсарым буолуо, – диэн Агит кимиэхэ эрэ саанна. Ол икки ардыгар кини өлөр табаарыһа, типографияҕа үлэлиир, ампаалыктаммыт улахан уол, саалаттан сулбу ойон тахсан Агиты кууһа түстэ.
– Сарсын аахсыахпыт. Өйдөннөҕүнэ төлүө, – диэн Агиты кыһыытын-аһыытын мүлүрүттэ. – Миэхэ барыах. Бүгүн миэхэ хон. Сээкэйи кэпсэтиэхпит, – дии-дии таҥнар сиргэ илдьэ барда. Мин тугун-ханныгын оччо өйдөөбөккө, Агит кими кытта иирсибитин билбэккэ, аһыыр саалаҕа киирдим. Муннук остуолга Агит атаһа Артем холуочук соҕус олорор. Миигин көрөөт, өрө сүүрэн кэллэ. Дэллэритэн илдьэн аттыгар олорто. Артем тыаҕа олорор, үлэлиир. Кини киирдэр эрэ биһиэхэ түһээччи. Онон мин кинини үчүгэйдик билэбин.
– Туох буоллугут, – диибин Артемҥа.
– Ээ, Агит акаары. Миигин кырбаары тииһэр. Ону кытта тардыалаһа сылдьаммын тимэҕиттэн иҥиннэрэн көстүүмүн алдьаттым. Хайа кэбирээбит баҕайы эбитэй. Биһиги бүтэн олоробут. Дыиэбитигэр барыах. Онно да ас элбэх. Биһиги атыыласпыппыт, – диэтэ тура-тура Артем. Хайыахпыный, барсарга тиийдим.
Хоспутугар ким да суох эбит. Кыыс Өлүөсэ ханна эрэ барбыт. Артем киирээт да, Агит тумбатыттан икки бытыылка ханньааҕы сулбу ойутан ылла. Онтон атын, быһыы да аҥаара килиэп, суох. Утары хос кыргыттарыттан тахсан килиэп ыллым, куукунаттан чэй таһаардым. Ыал ыалынан буола түстүбүт. Дьадаҥы астаах, күндү арыгылаах остуолбутугар уун-утарыта олордубут. Аччык киһи бастакы ыстакааны иһээт, хараҕым ирим-дьирим буола түстэ. Сүргэм көтөҕүлүннэ. Омук литературата эрэ, сатана эрэ умнулунна. Агит ордуоһун, акаарытын кэпсэтэн, чэ, быһаччы эттэххэ, кинини «сокуускалаан» бэрт үчүгэйдик истибит, аһаатыбыт…
Сарсыарда төбөм ыаҕастаах уу курдук. Барым барыта ыалдьар. Экзамеммын саныы түстүм. Бастакынан киирэр былааннааҕым, ол хаалбыт. Нэһиилэ турдум. Уу истим. Дьэ доҕоор, хотуо бөҕөнү хотуолаатым. Уунан, кубус-кураанаҕынан. Кыаллыа суох буолан төттөрү сыттым. Артем миигин угуйан көрөн баран барда. Агит кэлбэтэ. Ол икки ардыгар утуйан хаалбыппын. Киһи тардыалаабытыгар биирдэ уһугуннум. Бииргэ үөрэнэр уолум Степа киирэн турар.
– Уон икки ааста. Тур, доҕор, баран туттар. Оҕо аҕыйаабыт этэ, – диир. Өссө улаханнык ыалдьыбыппын.
Нэһиилэ туран сууннум. Аһыыр кэлиэ дуо? Салгын сиэри таһырдьа таҕыстым. Остолобуой иннигэр Тамара уун-утары көрүстэ.
– Хайа, ыарыйдыҥ дуу, тугуй? – диэтэ.
– Ыарыйдым. Гриптээтим быһыылаах, – диэтим сирэйбин буорга анньан, олох сымыйалаан. Сааппытым иһин туох кэлиэй, буолар буолтун кэннэ. – Үүт иһиэм этэ. Эһиги үүттээххит дуо?
– Баар, кэл, киириэх. Экзамеҥҥын туттардыҥ дуо?
– Бу баран иһэр дьүһүнүм.
– Кыаллыа суох буоллаҕына, хойут туттар. Билигин дьиэбэр тахсан сыт. Мин врач ыҥырыам, – диэтэ Тамара барахсан…
Үүт иһэн арыый холкуйдум. Тымныы салгынынан дьэгдьиччи тыынан, санаабар, арыый чэпчээн туттара тиийдим. Биир кыыс хаалбыт. Оҕолор миигин күүтэн ыксыы аҕай тураллар эбит. Киирэн билиэт ыллым. Дьолго, билэр билиэтим. Бэлэмнэммэккэ, быһа кафедраҕа баран кэпсээн киирэн бардым. Омук литературатын учуутала олус эйэҕэс быыкайкаан нуучча дьахтара мин сирэйбин-харахпын одуулаһар. Мин кыбыстабын. Түннүк диэки, дьиэ үрдүн диэки көрө-көрө тугу билэрбин кэпсиибин. Үксү кэпсэппэккэ тохтотто.
– Ыалдьаҕын дуо? – диэн олус истиҥник, эрэллээхтик көрөн олорон ыйытта.
– Хайдах эрэ куһаҕаммын, – диэтим онуоха мин. Өссө икки боппуруоһу, олох кыра боппуруостары биэрдэ. Мин уһата соҕус эппиэттээтим.
– Бар, сынньан. Врачка көрдөр, – диэбитинэн зачеткабын уунна.
Сиргэ тимириэхтии кыбыһынным. Олоххо дьон эрэлинэн туһанан наһаалаан кэбиһэртэн ордук ыар буруй баарын билбэппин. Доҕор, таптыыр киһин абыраллаах үүтэ, эрэнэр, үчүгэйгэ үөрэтэр учууталыҥ истиҥ сыһыана туохха да тэҥнэммэттэр. Ону эн албынныыгын. Сидьиҥ быһыы… Ол иһин тугу эмэни түктэрини оҥордохпуна, киһини хомоттохпуна, мин омук литературатын экзаменын, онно кэбилэммиппин саныы түһэбин.
Хаһан да кыраҕа таптыыр доҕоргун албыннаама, киниэхэ тугу барытын кырдьыгынан эт. Оччоҕо эн дууһаҥ сырдык, ыраас буолуоҕа. Ыраас дууһалаах сылдьартан ордук улуу дьол суох.
КӨРСҮБЭТЭХ КҮННЭРИМ
Мин кинини көрбөтөх, көрсүбэтэх күннэрим ахсааннаахтар. Ол да буоллар икки илиим тарбаҕар тоһута тутан, үөр сүөһүнү ааҕар курдук «биир, икки» диэн лаһырҕаччы ааҕан биэрэр кыаҕым суох. Тамара күнүс илэ, түүн түүл кэрэтэ буолан мин аттыбар сылдьар.
Иккис курска үөрэнэ сылдьан саас дэлби ырбытым, сылайбытым. Ол иһин студпрофкомтан путевка ылан, Тамарабын кытта сүүстэ, баҕар, ордукта да буолуо, быраһаайдаһан, биир да экзамены туттарбакка, барытын күһүҥҥүгэ логлу көһөрөн кэбиһэн баран соҕуруу итии муораҕа сынньана барбытым. Кырдьык, онно сылдьан биллэ көммүтүм, төлөһүйбүтүм. Хара муора күнэ, халлаана, дьикти чэпчэки күөхтүҥү уута сүргэбин көтөхпүтэ. Ырыам уонна ыра санаам кыталыга – таптыыр да таптыыр Тамарам сүрэ-кута, тыыннаах мичээрэ, нарына-намчыта миигин кытта этэ эбээт. Ол иһин үгүс түбүктээх утуйбатах түүннэр, аанньа аһаабатах күннэр умнуллубуттара.
Күһүн дойдубунан эргийэн тиийбитим. Үөрэх саҕаламмыта. Эмиэ көр-нар, үөрүү-көтүү. Тамара олус тупсубут этэ. Биһиги истиҥник көрсүспүппүт. Мин сааскы түөрт экзамеммыттан үһүн утуу-субуу туттарбытым. Сүрэх ыллыырга дылыта. Үчүгэйэ. Төрдүс экзамеммын Милентий Ильич оҕонньорго туттарыахтааҕым, билэр буолан эрэх-турах этим.
– Экзамен туттара кэллим, – диэн баран мин Милентий Ильичкэ декан суругун ууран биэрдим. Оҕонньорум хараҕын үп-үрүҥүнэн тиэрэ көрөн таһаарда. Декан суругуттан уоту көрбүт киһи курдук кэннинэн тэйиэккэлээтэ. Онтон ньамайыаҕынан ньамайан, айаҕын олус тупсаҕайдык, тардыллыбыт айа сиһин курдук дьиктитик ырбайан, эҕэлээхтик күлэ түһээт:
– Мин эйиэхэ туруоран турабын, – диэтэ.
– Тугу? Мин туттара иликпин ээ…
– Оннук эбит дии. Тойон эн туттара иликкин. Мин быһаас эйиэхэ, көр бу, – тэтэрээтин тэнитэ-тэнитэ үөрдэ-көттө, – единицаны туруорбутум. Аанньа ахтан, киһини киһи диэбэккэ, туттарбакка барбытын иһин, – диэн этэн бүтэрээт, оҕонньор хараҕын араастаан көрө-көрө, эппэҥнии турда.
– Мин туттарбатахпар биричиинэлээхпин…
– Ол эн биричиинэҥ ахсааҥҥа киирбэт. Туппаппын, онон бүтэр. Эн уһуллан бүтэн тураҕын. Сарсын үөрэнэ кэлимэ, – диэт, оҕонньор эргийэн да көрбөккө, додоһуйа турда. Мин наһаа абардым. Ити күн мин Тамараҕа барбатым. Хайа сирэйбинэн кинини көрсүөхпүнүй?! Куота көтө сырыттым. Сарсыҥҥытыгар декантан өссө сурук ылан Милентий Ильич олорор дьиэтигэр тиийдим. Оҕонньор бэҕэһээҥҥитин курдук буолбата, үөрэ-көтө көрүстэ. Тугу эрэ, бэрт дуона суоҕу кэпсээтэ. Үлэлиир хоһугар ыҥыран киллэрэн, сымнаҕас кириэһилэҕэ олорто, хоһун устун тугу эрэ толкуйдуурдуу хаамыталаата. Мин күүтэн олоробун. Оҕонньорум тугу да саҥарбакка, хомуллубакка сытар оронугар тиийэн сытынан кэбистэ, улаҕа хайыста.
– Милентий Ильич, – диэтим мин аат харата, эрэлбин сүтэрбит киһи быһыытынан.
Оҕонньорум эргиллэн да көрбөккө улаҕа хайыспытахайыспытынан сытан:
– Тоҕус тоһоҕону астым. Хас тоһоҕону астым, – диэн ыйытан саайда.
– Тоҕуһу аспыт буоллаххына, тоҕус буоллаҕа дии… Итини миигиттэн тоҕо ыйыттыҥ? – диэтим.
– Единица! Өссө төгүл единица! Бар, тахса тур. Туппаппын! – диэбитинэн оҕонньорум өрө бурҕаллан туран кэллэ. Остуолга сытар зачеткабын харбаан ылаат, илии баттаан, единицаны туруоран кэбистэ. Буттэҕим ол.
Дьэ дьиҥнээхтик моһуогурдум. Тамарабар единицалаах зачеткабын көрдөрүөм, университеттан үүрүллэн эрэрбин этиэм баара дуу. Суох. Наар киниттэн куота, саһа сырыттым. Хас күн ахсын Милентий Ильич хара ньоҕой быһыытын декаҥҥа үҥсэбин. Сынньанан абыранабын диэн, дьэ сындааһыннанан таҕыстым. Оҕонньорум иннин биэрбэт. «Үөрэниэн баҕарбатаҕа, кэмигэр туттарбатаҕа, үөрэммэтин. Бардын. Ордугун, билбэт», – диэн кэлиилии кэбэр. Ол икки ардыгар биһиэхэ биир Вася диэн чалыгыраабыт, бэлэм айахтаах киһи баара Тамараҕа мин мөлтөхпүн, куһаҕаммын хостоон, үөрэхпэр ситиспэппин, Милентий Ильич үүрэн эрэрин кэпсээн биэрбит. Мин дьыалам декантан ректорга тиийдэ. Ректор комиссия оҥорорго эттэ. Дьэ, үөһэ тыынным. Ол эрээри үөннээх оҕонньор тугу эрэ билбэппин ыйытан үөрүө диэн сэрэҕэдийэбин. Комиссияҕа деканы кытта икки киһи киирсибиттэр. Оҕонньорум миигиттэн күн көрөрүн, саха саныырын олоччу ыйытар. Ону декан программаҕа чугаһаттаран иһэр. Эппиэти холкутук, толору биэрэ сатыыбын. Ону оҕонньор ылыммат. Саарбахтыыр. Хат-хат лэбэттэрэр. Сыыһа үктэтээри оҥостор. Туох да омуна-төлөнө суох отут икки боппуруоһу ыйыппытын кэннэ декан:
– Чэ, сөп буолуо. Тохтотуохха, – диэтэ. Оҕонньор онно да сөпсөспөтө. Ону декан күүһүнэн тохтотто. Мин таҕыстым. Бэрт өр мөккүстүлэр. Комиссия түөрдү, оҕонньор үһү туруорбуттар. Зачеткам, туттарбытым кэннэ икки хонон баран, староста кыыһынан эргийэн кэллэ. Эмиэ хараҕым сырдыы түстэ. Ол эрээри наһаа илистибит, сылайбыт этим. Дууһам тугунан эрэ – наһаа нарынынан, кэрэнэн дуу, наһаа модунунан дуу, модороонунан дуу – итэҕэһэ. Дьолум тыһыынча гыммыт хаһын эрэ, үөрүүм ыллыыр ымыытын ким эрэ оҕуурдаан тутан илдьэ барбыт этэ. Киһиэхэ ыардык, ньүдьү балайдык сыһыаннаһыы итиннигэ. Арааһа, мин онуоха дылы дьиҥнээх хомолтону билэ илигим эбитэ буолуо. Бар дьоҥҥо сырдык, кэрэ, ыраас эрэ баарын курдук үчүгэйдик, уйула суохтук саныыр бэйэм, атын буола охсубут этим. Мин сүрэхпэр, дууһабар уйа туттубут, дьиэтийбит туох баар кэрэни ким эрэ тымныы, хараҥа илиитэ тэһитэ тутуталаан кэбиспитэ. Икки ыйтан ордук куота сылдьыбыт, күн үрдүгэр баар туох баар кэрэ иҥмит Тамарата бэл туох эрэ уратылаахтык көстүбүтэ. Мин санаабар, кини миигин тургута, чуҥнуу көрөрө. Ол эрээри харахтара эйэҕэстэрэ. Муҥу көрбүт, киниттэн эрэ куота көппүт икки ыйбын өйдөөбүтэ, миигин уоскуппута.
Мин Тамараны көрсүбэтэх, саҥатын истибэтэх муҥнаах күннэрим, эһиэхэ бу кэпсээни ааҕар даҕаны, аахпат даҕаны эдэр дьоҥҥо тиксибэтин. Сүрэххитигэр сөҥмүт, дууһаҕытыгар туппут туох баар кэрэҕит өлүөхтээҕэр үөскүү, улаата турдун.
СЫБААЙБАҔА
Студеннарга сыбаайба көҕүтүспүт курдук саас, үөрэх бүтэрин саҕана, буолааччы. Биир ый иһигэр уонча сыбаайбаҕа сылдьыахха сөп. Мин бу бүгүн көрө олорор хаартыскаларым оччолорго олус да күндү этилэр. Эдэр дьон күүстээх тапталларын түмүгэ, олоххо көтөн тахсыы кынаттаах хараҥаччылара, кэлин төрүөхтээх оҕолор ымыылара, бүтэһигэр саҥа ыал бастакы аал уоттара бу кинилэр, сыбаайбаҕа, көргө ыҥырар хаартыскалара.
Холбоһор дьон хаартыскаларын кытта Лена эбэ хотун сырдык үөһэ, тахсан эрэр саҥа күн, ыраах көстөр хайалар – саныыр санааҥ чыпчааллара, саха титиригэ – уолан киһи уобараһыгар, эдэр хатыҥ – кыыс оҕо буолан ойууланаллар бу хаартыскаларга. Манна сөҕүмэр элбэх өй, сүрэх – эдэр киһи саныыр санаата, дьулуһар дьулуура түмүллэр.
Тамара биһиги Ганялаах сыбаайбаларыгар ыҥырыллыбыппыт. Мин тугу кистиэмий, Тамара ыҥырыллыбыт сураҕын истээт, атаҕым сири билбэт буола үөрбүтүм. Сыбаайбалар остолобуойга субуота, эбэтэр өрөбүл күн буолааччылар. Ганя миигин кытта үөрэнэрэ. Олус үчүгэй куоластаах, күүстээх-уохтаах тустуук уол этэ. Кини билигин суох. Олус кылгас олоҕу олорбута. Чэ, бэйэ, ону кини олоҕун саамай үөрүүлээх түгэнин, сыбаайбатын, кэнниттэн кэпсиэхпит.
Сыбаайба күнэ тиийэн кэлбитэ. Биһиги курсунан туох эрэ бэлэҕи, радиоланы дуу, кыыска иистэнэр массыынаны дуу ылбыппыт. Студеннар бэлэхпит онтон ордук буолар кыаҕа суоҕа. Ол да үгүс түбүгүнэн көстөрө. Сыбаайба буолуон аҕай иннинэ мин Тамараны көрсүбүтүм. Бараары аҕай сылдьара. Ол икки ардыгар миигин уонна хас да уолаттары уруттатан, сыбаайба буолуохтаах остолобуойугар, туох эрэ наадаҕа, кэпсэтиигэ ыытан кэбистилэр. Барыта үчүгэй этэ. Мин Тамараҕа уонна бэйэбэр миэстэ ыллым. Атын кыыһы кытта олорор санаам суоҕа. Ол иһин хара маҥнайгыттан Тамараҕа миэстэ ыллым. «Күөскүн эрдэттэн өрүнүмэ», «Ыстаабыккын эрэнимэ, ыйыстыбыккын эрэн» диэн бэртээхэй өс хоһоонноро бааллар. Мин куба тириитин оннугар кулун тириитин тутан хааллым. Күүттүм-күүттүм да, Тамара кэлбэтэ. Тоҕо? Ким да билбэт.
Сыбаайба саҕаланан барда. Көр-нар күөстүү оргуйда. Мин хомолтобун, үөрүүм үрүҥ көмүс бакаалын мүччү тутан кэбиспиппин ким да көрбөт. Тамараҕа ылбыт миэстэбэр мүлүрүҥнээбит Федя олорор. Кини олус улаатымсык. Киһиттэн оппотоҕун иһин, дьону тэҥнээбэт киһи. Саатар, элэккэй биир эмэ атаһым түбэспитэ буоллун. Федя аан бастаан саҥа кэлбит тураах тиит баһыгар түһэн баран чэмчээриҥниирин тэҥэ кыайан аһаабакка, испэккэ тылбыҥнаата. Киэҥ дьаллаҕар айаҕын араастаан тутунна, чыычаах оҕотун айаҕын курдук оҥоннотто. Икки-үс үрүүмкэ кэнниттэн күрдьүккэ түспүт тураахтыы остуолга, аска сапсылынна. Көрө олорон, бэйэм да киҥим-наарым холлубут киһи, сиргэ силлиибин. Федя ону таба көрдө.
– Эн миигин сөбүлээбэккин быһыылаах. Тоҕо чыпчырынаҕын? Биитэр олус улаатан олоробун дуу?
– Федя, аһаан ис. Тугу улаатыамый?! Эйигин сөбүлээбэтэхпинэ кими сөбүлүөмүй! – диибин. Испэр сирэйин эттиэхпин баҕарабын. Ыксаатахпына, ким да буоллун, охсон тэйэрим. Эгэ, бу итирэн эрэр Федяны тулутуом дуо? Ол эрээри доҕорбун Ганяны саныыбын. Кини сыбаайбатыгар мин иирсиэ, охсуһуо суохтаахпын. Доҕорум хара көстүүмнээх, маҥан ырбаахылаах, хара хаалтыстаах. Туус маҥан таҥастаах кыыһын кытта кэккэлэһэ будьурхай куударата өрүкүйэр. Мин кулгаахпар кынаттаах тыал иһиирбэхтиир. Дьикти дойдулар харахпар көстөллөр. Кытаанахтык туттабын. Саала дьигис гынаат, сырдаан кэлэр. Суох, итирбэтэхпин. Өйдөөхпүн. Доҕотторум, мин оҕолорум көрүлүүллэр. Уоллаах кыыһы итиитик, имэҥнээхтик уураһалларыгар көбүтэн хаһыытаһаллар.
Туругурдун бу түгэн, уоттаах уураһыы!
Тохтобул. Вальс долгутуулаах музыкатыгар көтөхтөрөн пааралар, тэҥнээх эдэр дьон үҥкүүлээн усталлар. Мин эмиэ ханнык эрэ кыыһы кытта үҥкүүлүүбүн. Атахтарым көтөн иһэр курдуктар. Тугу эрэ кэпсэтэбит, күлсэбит. Ол эрээри мин таһым эрэ күлэрэ. Үҥкүү бүппүтэ. Мин сөрүүкүү дьиэ айаҕар тахсабын. Уолаттар сөрүүкүү, табахтыы тураллар. Били миигин кытта бииргэ үөрэнэр, түргэн саҥалаах, хоп-сип хаата Вася баар буола түспүтэ. Миигин көрөөт, мичик аллайбыта.
– Тамара кэлбэтэ дуу? Москваттан кэлэн иһэр, урут оскуолаҕа бииргэ үөрэммит табаарыһын көрсө порка киирбит сурахтааҕа.
– Ону эн кимтэн иһиттиҥ?
– Бэйэтиттэн истибитим. Такси күүтэн турарын көрсөн ааспытым. Онно туох баарый? Тоҕо оҕус курдук буугунаатыҥ?
Мин кыһыйыы бөҕөнү кыһыйдым, утарытынан туох да буруйа суох Васяҕа. «Кини хобуоччу, сымыйаччы. Тамара кэлбэтэҕиттэн мин дьоло суох сылдьарбын көрөн үөрэр. Мин Тамарабын «уоллаах, уолун көрсө порка барбыт» диэн холуннарар. Иһим ыдьырыччы буһан хаалла. Ол эрээри туттуннум. Дьиэни эргийэ бардым. Уоскуйдум. «Доҕор, атас кэмнээх буолуо дуо, сырыттын» диэн иһиллэр гына бэйэм бэйэбэр ботугураатым.
Киирэн салгыы аһаан бардыбыт. Федя чэпчээбитэ ааспыкка дылы, боччумурбут.
– Хаһан сыбаайбалыыгын? Тамараҥ барбыт дуу?
– Баран. Онно үөрдүҥ дуо, чиччик! – диэтим мин уун-утары эргиллэ түһээт, хаҕыстык.
– Үөрэн. Бу эн Тамараҕа тэҥнээ,ххин дуо? Мин эбитим буоллар, син да этэ, – дии-дии хайдыбыт мас курдук кыычыгыраан, наһаа үөннээхтик, сэттээхтик күллэ.
– Мэ, бу баар чиччик! – диэт, Федя сирэйин тоҕо дайбаан таһаардым. Остуол оҕутта, иһит кырылыы түстэ. Дьон өрө сүгүллэн турдулар…
Кэмсиммитим иһин хайыамый, доҕорум Ганя суос- соҕотох үөрүүлээх күнүн мин буорту оҥорбутум. Ганя өстүйбэтэҕэ. Олус доҕордуу этибит. «Кини суох» диэн этэн турабыт. Билигин күн-дьыл ааспытын кэннэ санаатахпына, хаһан да өспөт буруйу оҥорбут эбиппин.
Ганя олох доруобай сылдьан, Алдан өрүскэ моторкаҕа түөрэ бырахтаран өлбүтэ. Үс оҕо аҕата этэ.
Бу хаартыскалар буолбатахтар, биирдии дьон олохторо. Салҕанар, умайар уоттаахтар. Онно даҕаны сыбаайбалар буолуохтара!
ТУРУЙАЛАР ААҺАЛЛАР
Сотору хаар ууллуо, чалбахтар үөскүөхтэрэ, тырытыалар сүүрүөхтэрэ. Тамара биһиги сааскы халлааны таптыы, умсугуйа көрө турабыт. «Көтөр кынаттаах киһи» былыр уос номоҕо буолара, билигин ол хайдах эрэ, оччо уратыланан иһиллибэт. Биһиги аргыстарбыт, Сир космическай аргыстара, сири эргийэ көппүттэрэ ыраатта. Оннооҕор кинилэри халлаан түүн илэ хараххынан көрүөххүн сөп. Өтөр киһи көтүө. Биһиги итинник санаалаах, ону кэпсэтэ-кэпсэтэ Сайсары күөл биэрэгин кэрийэ хаамсан иһэбит. Күн үрдэ сырдык даҕаны. Киһи көҥүл, эдэр, чэгиэн. Мин Тамара уһун синньигэс тарбахтардаах нарын, сып-сылаас илиитин тутабын. Кини күлэ-күлэ куоттарар.
Ол миэхэ өссө ордук үчүгэй.
…Корпуспутугар кэлиибитигэр дьиэбит иһэ тигинээн, эймэнэн олорор. Ким барыта үөрбүт, сэргэхсийбит.
– Киһи көппүт космоска, советскай киһи!
– Юрий Алексеевич Гагарин.
– Ураа, кыайдыбыт. Космоһы биһиги – советскай дьон астыбыт.
– Космос үйэтэ саҕаланна. Гагарин биһиэнэ!
Ити күнү киһи барыта умнубат. Туох барыта сырдык, кэрэ. Тамара биһиги аан бастаан ыга куустустубут. Үөрүүбүт муҥура суох. Гагарин түһээтин кытта, үлэбит бүппүт дьоннуу, дьиэ-дьиэбитигэр, хос-хоспутугар тэбиннибит. Тоҕо эрэ оннук буолла. Ким барыта дьиэтигэр тардыста.
Бу бүгүн мин үрдүбүнэн туруйалар көтөн ааһан эрэллэр. Үгэстэринэн ыһыытаан лоҥкунаталлар. Мин саҥата суох турабын. Ол сааһы, биһиги Тамаралыын Сайсарыга дьаарбайбыт сааспытын, саныыбын. Билигин кини ыраах. Мин уонна туруйалар эрэ баарбыт. Гагарин эмиэ суох. Кини оҥорбут үтүөтэ-өҥөтө уонна хас биирдии сүрэххэ иҥэн хаалбыт дьикти мичээрэ бүтүн аан дойду дьонун сүрэхтэригэр баар. Ол саас элбэх уол оҕо кини аатынан ааттаммыта. Онно сир үрдүгэр сарсыҥҥы Гагариннар элбэхтэр.
Туруйалар, мин эдэр сааһым ырыаһыт көтөрдөрө, толуу бэйэлээх дьоһун кыыллар, мин эһигини олус сэргии, таптыы көрөбүн. Эһиги миэхэ муҥура суох үөрүүнү, эдэр саас этиллибэтэх түгэннэрин эргитэҕит. Сырдык сабарай кынаттаргыт саҕах кирбиилэригэр тиийэн сүтүөхтэригэр диэри, мин харахпар тэһитэ кэйии сүүтүк ойуута ойуулаах от күөҕэ чараас сиидэс ырбаахы буолан көстөҕүт. Мин сурулла илик хоһооннорум, кэпсэнэ илик кэпсээннэрим эһиги, туруйалар, буолаҕыт.
Уу-чуумпуга бигэнэ сытар ийэ сири кытта мин эһиги ырыаҕытыттан хас саас аайы тиллиэҕим, сир ийэ сибэккитин туппутунан эһигини көрсө саҕахтарга сардаҥа кынаттанан көтүөҕүм.
Оо, эһиги, ааһар туруйалар, саас ахсын Туймаадабар тохтоон, эргийэн ааһар буолуҥ!
ХАТЫҤНАР
Хатыҥнар барахсаттар үүнэн наҥнаһан туралларын көрдөхпүнэ сырдыы, сылаанньыйа түһэбин. Кинилэр мастар буолбатахтар – аанньаллар. Оо, биһиги алаастарбыт хатыҥнара наҥнаһан, лабаа лабааланан, сэбирдэх сэбирдэхтэнэн ситэн, айгыстан, аарыгыран турдахтарына, ама, туох ааттаах киһитэ долгуйуо, үөрүө суоҕай?! Сиртэн тиийэ сэбирдэхтээх биһиги хатыҥнарбыт аар наҥнаһын ийэлэрбитин, кинилэр уһуун-уһун суһуохтарын, онтон кыры-кылбайар туостаах, симиттибиккэ дылы оргууй аҕай сибигинэһэ турар кыыс хатыҥнар – эдэркээн оҕолорбутун, биһиги тапталларбытын санаталлар.
Туймаадаҕа хатыҥ аҕыйах. Ол эрээри баайдар, баараҕайдар. Мин учууталлар сынньанар дьиэлэригэр олордохпуна, Тамаралыын Чочур Мыраан тэллэҕинээҕи эдэр хатыҥнарга тыынан быһа эрдинэн таҕыстыбыт. Киирэн эрэр күн тиһэх саһарҕата күөл уҥуордааҕы бэстэр төбөлөрүн уматар. Биһигини күн көрбөт. Кини мыраан үрдүгэр түспүт. Ол да буоллар мыраан тэллэҕэ ип-итиинэн тыынар. Үрдүбүтүгэр чэгиэн, эдэр хатыҥнар биллэ-биллибэттик сибигинэһэ, хойуу кэтит сэбирдэхтээх лабааларынан дэйбиирдэнэн сөрүүкүү сатыы тураллар. Олус үчүгэй. Сир күөх. Бу күөх уһуга суох бара турар. Кини туох баар сылайбыккын-элэйбиккин бэйэҕиттэн кыйдыыр, эккин-хааҥҥын дьикти күүһүнэн сайа охсор. Оччоҕо эмиэ эрчимирэн кэлэбин. Күөх уратыта, күүһэ онно.
– Тамара, хатыҥ ырыатын истэҕин дуо? Хатыҥнар тугу ыллыыллар? – диибин арылы хара үчүгэйкээн харахтары көрө-көрөбүн.
– Оо, кинилэр ырыалара элбэх. Ону сатаан истэр өйдүүр киһи бу сири дьиҥнээхтик таптыахтаах. Кини дууһата ыраас буолуохтаах, – диир онуоха кыыһым. Мин кини этиитин олус долгуйа, умсугуйа иһиттим. Ол кэннэ алааспын, кини хатыҥ чараҥын саныы түстүм. Оҕо сырыттахпына, ийэм биир бэртээхэй кэпсээни кэпсээбитэ. Ону Тамараҕа кэпсээн киирэн бардым.
– Сэрии бастакы сааһа этэ. Биһиги арыычча, өлбөтү эрэ үрдүнэн хара сиргэ үктэммиппит. Ийэм биллэ кырдьыбыта. Илиилэрэ-атахтара иһэр буолбута. Мин ийэбинээн дьиэбититтэн биэс биэрэстэлээх сиргэ олорор Баһылай оҕонньор диэн балыксыт оҕонньорго ыам мундута бэриһиннэрэ бардыбыт. Кэлбиттэн-барбыттан: «Наара мундута тахсыбыт, Баһылай оҕонньор сиэн эрэр үһү» диэн истэбит. Ол иһин бүк эрэнэн, ийэм былыр сүктэн тахсыбыт, кыыс оҕо сылдьан кыллаан, таҥалайдаан, кутуйах хаамыытынан киэргэтэн тикпит сүөгэйин ыаҕыйатын тоҥолохтонон иһэбит. Ыаҕыйа эмиэ кырдьыбыт. Эргэрбит, элэйбит. Кини эмиэ суту билбит көрүҥнээх, куурбута-хаппыта сүрдээх. Куп-кубаҕай дьүһүннээх. Оҕонньордоох биһигини үчүгэйдик көрүстүлэр. Хатыҥ үөстээх чэй истибит. Балык сиэтибит. Ыаҕыйабытын толору Наара эмис мундутун бэриһиннэрдибит. Тахсаары турдахпытына Баһылай оҕонньор: «Ньукуункалаах иэдэйэн олордохторо буолуо. Балыкта кэлэн ылан бардын» диэн илдьиттээтэ. Кэтит сүүһүн көлөһүнүн кырдьыбыт эрээри, модьу-таҕа илиитин ытыһынан соттон кэбистэ. Тоҕо эрэ субу-субу өрө тыынар. Аны санаатахха, тулаайах хаалбыт дьонун-сэргэтин аһынан айманар эбит. Ол саас элбэх киһи аччыктаабыта. Ону суос-соҕотох Баһылай оҕонньор мундута өрүһүйбүтэ.
Биһиги аһаан-сиэн, күүс ылан, быһаччы эттэххэ, ат мииммит курдук буолан дьиэлээн испиппит. Сиэбит балыкпыт, сотору буолаат, сүһүөхпүтүгэр охсубута. Аччык киһи тоттоҕуна оннук буолаахтыыр эбит этэ. Наара сыырын иккитэ сынньанан тахсыбыппыт. Ийэм буоллун даҕаны, бу мин, уончалаах оҕо, алаас сыырын иккитэ сынньанан тахсарым төһөлөөх күүс өһүллүбүтүттэн, дьүдьэйииттэн буолта буолуой?! Бэрт өр айаннаан алааспытыгар Саарбалаахха тиийэн кэлбиппит. Биһиги алааспыт дьикти үчүгэй алаас. Көбүс-көнө саһыл хонуулааҕа. Ону аһыҥа сиэн буорунан көрдөрбүтэ. Быйыл саас эмиэ көҕөрөөхтөөбүт. Ортотугар хатыҥ чараҥнаах. Сыырын анныгар киирэн тохтоотубут. Дьэ, онуоха ийэм хатыҥ чараҥы көрөн олорон, бэйэтэ тикпит бэртээхэй туос ыаҕыйатын кылларын кырдьыбыт илиитин тарбахтарынан имэрийэ-имэрийэ, аа-дьуо кэпсээн барда.
– Былыыр-былыр биһиги алааспыт аата атын эбит. Биир аар саарга аатырбыт баай кыыһа, удаҕан дьахтар, сүктэн тахсан иһэн ити хатыҥ чараҥ оннугар, саһыл хонууга, сурдун таттаран тохтообут. Киниэхэ олохтоохтор хантан эрэ саарба тириитин булан олбох уурбуттар. Дьахтар олус үөрбүт. Киэһэ оонньуу бөҕөнү оонньоппут, ас бөҕөну аһаппыт. Дьон бэркэ дуоһуйбуттар. Өрөөн баран бараары туран: «Төрүүр оҕо төлкөлөнөр, иитэр сүөһү күрүөлэнэр, өрүү алла турар астаах, көҕөрө турар күөхтээх, сандаархай күннээх Саарбалаах буоллун бу улуу алаас», – диэбит. Ол кэннэ баттаҕыттан ат тарааҕы ылан: «Айгырыы хамсыыр аар хатыҥ буол. Ыһыах эйиэхэ ыһылыннын, көр эйиэхэ көрүлэннин!» – диэн баран сурдун оннугар батары анньан кэбиспит. Ол тарааҕы онтон ким да ылбатах. Сарсыныгар кэлэн көрбүттэрэ тараах суох үһү. Ол курдук ааспыт. Эһиилиттэн кини тарааҕа хаалбыт сиригэр хатыҥ чараҥ – бу биһиги хатыҥ чараҥмыт үүммүт. Бу кэнникигэ диэри улуус-улуус ыһыаҕа манна, бу хатыҥ чараҥ тэллэҕэр буолара. Эн ити хатыҥ чараҥы мээнэ алдьаппат буол. Бэйэтэ даҕаны бу кэнники сылларга ииннэ-хатта. Кини буолан тулуһан турар, – диэбитэ.
Мин онтон ыла алааһым хатыҥ чараҥын атыннык көрөр буолтум. Түүн түһээн ол толуу дьахтары, үтүө санаалаах хотун хааны, көрөрүм. Кини хатыҥнар тастарыгар үүт кэрэ аттаах сылдьар буолар. Ол ат сиэл кутуруга хатыҥ лабаатын курдук буолара. Дьахтар дьикти ыраас харахтааҕа, уһун суһуохтааҕа. Мин кинини сороҕор үүт кэрэ атын хатыҥ сэбирдэҕэ сиэлин имэрийэ-имэрийэ ытыы олорорун көрөрүм. Ол кэннэ хатыҥ чараҥмын санаабытынан уһуктарым. Сайыҥҥы күн тахсыыта сытар хоспохпуттан атах сыгынньаҕын тахсан, сарсыардааҥҥы сииги кэспитинэн, ытыы олорор үүт кэрэ аттаах дьахтары көрөөрү, хатыҥ чараҥҥа тиийэрим. Кини суох буолара. Мин сэбирдэх уутунан дуоһуйуохпар дылы суунарым.
– Дьикти буолар ээ, кырдьык. Миигин дьонум «хатыҥы алдьаппат буол» диэччилэр. Бу барахсаттар иччилээхтэрэ буолуо дуо? Суох ини. Көннөрү кэрэтин иһин харыстыыллар, – диэбитинэн Тамара олоро түспүтэ. Кини нарын илиилэрэ, суһуоҕа хойуу сэбирдэхтээх хатыҥ лабаата буолан көстүбүтэ. Мин соһуйбутум. Харахпын быһыта симмэхтээн ылбытым. Тамара бэйэтэ-бэйэтинэн сырдык туостаах эдэр хатыҥ анныгар өссө тупсан-кэрэтийэн, хатыҥы кытта хатыҥ, сири кытта сир буолан олороро.
Быйыл саас Саарбалаахха сырыттым. Мааны бэйэлээх хатыҥ чараҥым уостан бүппүт. Бэрт аҕыйах, ону даҕаны тостубут хатыҥнар хаалбыттар. Мин онно буруйдаахпын. Тамараны маҥнай таптыы көрдөҕүм сайын дойдубар тахса сылдьан, алааһым биир маанылаах хатыҥар «Тома» диэн быһаҕынан тэһэ быһан суруйбутум. Ол хатыҥ эрдэ хагдарыйбат этэ. Билигин төҥүргэһэ эрэ турар. Ийэм тылын, үүт кэрэ аттаах дьахтар хараҕын уутун умнубут этим.
Хатыҥнар, сахам хатыҥнара, эһигини ааһар тыал да тумнан аастын. Дьон дьолугар, куурары-хатары билбэккэ, лабааҕытын намылытан, сэбирдэххитин силигирэтэн өрүү үүнэ туруҥ! «Кинилэр ырыалара элбэх. Ону сатаан истэр, өйдүүр киһи бу сири дьиҥнээхтик таптыахтаах» диэн Тамара саамай сөпкө эппитэ.
АРДАХ ТҮҺЭР
Сааскы Сэргэлээх кэрэ да буоллаҕа. Күнү быһа күөрэгэй ыллыыр. Кэҕэ этэр. Биһиги күөх мутукча дэйбиирдээх аа-дьуо хаамсан иһэбит. Бырдах олус элбэх. Бүгүн бэйэтэ да харааннаабыт быһыылаах. Тамара сыгынньах сотолорун тула эргийэллэр. Ону ол диэбэккэ күөх тыаҕа дьикти дыргыл сытынан тыына сылдьабыт. Кини сарсын дойдулуур. Мин эмиэ дойдубар тахсабын. Быйылгы курдук үтүө, саас сайына да үчүгэй буолара эрэбил. Онон оттуом. Ийэм икки ынахтаах. Онно от наада. Былыт намыһаҕынан устар. Ардах түһээри аҕай турар. Биһиги тиэтэйбэккэ хаамсан иһэбит.
Бэстэр ардаҕы күүтэн, маҥнайгы ичигэс ардаҕы күүтэн, ордук итииргээбит курдуктар. Кинилэри бырдах эмиэ сиир быһыылаах, тоҕо эрэ лабааларынан дэйбиирдэнэн ылаллар. Ол икки ардыгар ардах таммалаабытынан барда. Биһиги биир бэс анныгар хоройдубут. Ардах күүһүрдэ. Тула эймэҥнэһэр бырдахтар ах бардылар. Туох барыта иһийдэ. Чыычаахтар эмиэ биһигини үтүктэн бэс лабаатыгар, от быыһыгар састылар быһыылаах, ылы-чып бардылар. Кэҕэ эмиэ тохтоото.
Мин бэс анныгар турабын. Дириҥ да дириҥ хара сылаас харахтары көрөбүн. Кинилэр мин харахпар кэҥээн, улаатан кэллилэр. Көлүйэ күөл буола түстүлэр. Бу айылаах ыраастарын, дириҥнэрин. Сып-сылаастар. Манна күн дьиктитик көрөр эбит. Сүрдээх элбэх буолан көстөр. Ол гына-гына улаатан, төгүрүйэн кэлэр. Кубалар усталлар. Ол кубалар ураты ыраастар, кыраһыабайдар. Кинилэр түүлэрин-өҥнөрүн ыраастаналларын, оҥостоллорун көрөбүн. Ол ахсын дууһам уйулҕата ырыа буолан, улам-улам симэлийэн, аччаан иһэр. Ол ырыаны хайа эрэ нарын куоластаах кыыс ыллыыр. Куолаһа олус кэрэ, синньигэс. Мин урут хаһан эрэ истибитим бу куолаһы. Көлүйэ ортотугар кып-кыһыл, чааскыны өрө туппут курдук, сибэкки умайа олорор. Тула сүрдээх үчүгэй сырдыгы ыһар. Киһи көрдөр-көрүөх айылаах. Мин улам онно чугаһаан истим, онтукам сүрэх буолан хаалла. Кини тэбэр да тэбэр, ол ахсын сып-сырдык күн сардаҥата сүүрүгүрэр. Мин «бу Тамара сүрэҕэ, кини эрэ сүрэҕэ маннык ыраас, ортотугар уоттаах буолуохтаах» дии саныыбын.
– Ардах хойунна. Хайыыбыт, – диэбит саҥаттан өйдөнөн кэллим. Мин хараҕым иннигэр Тамара харахтара эдэр саас дьикти тэбэнэтинэн умайаллар. Кыламанын устун ардах уута сүүрэн түһэн чопчуласпыта көрүөхтэн кэрэтик ибигириир. Сүрэҕим тыаһа биир кэм бип-биллиргэс. Сибилигин сулбу ойон тахсан көтөн хаалыах айылаах. Биһиги арыый бөдөҥ бэскэ сырыстыбыт. Манна ардах арыый ама эбит. Уоспар сылаас тыын биллэр. Ол кини, мин Тамарам, тыына. Уостара, чап-чараас, тэп-тэтэркэй уостара, олох субу тураллар. Баттаҕын сыта муннубар дыргыйар. Мин санаабын аралдьытан, ардаҕы одуулуубун. Бэс анныгар туран көрдөххө, ардах үрүҥ сылгы сиэлин курдук таҥнары сыыйыллан олорор. Хас биирдии чопчу силимнэһэн биир утах буолан хаалтара олус үчүгэй. Көннөрү уу буолбатах, көмүс уу тохтор. Быйаҥ барахсан үүт кэрэ сылгы сиэлэ буолан таҥнары суккуллар.
– Хайа, хайыыбыт? Ардах бүгүн ааһыа суох, – диэн Тамара ботугуруур.
– Түстэр түстүн. Тура түһүөх. Бэс анныгар туран ардаҕы көрөр үчүгэй, – диибин кэтэхпинэн сүүрэн түһэр ууттан куотуна-куотуна. Өр турбуппут. Ардах бастакы күүһэ ааһан, дьэ холкутугар түһэн, наҕылыйан, түһэрэ биллибэт буолан илибирээн олорор буолбута.